Оҕону үлэлииргэ үөрэтии (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан).

ОҔОНУ ҮЛЭЛИИРГЭ ҮӨРЭТИИ

Дьокуускай 2024

Автор бу үлэтин элбэх оҕолоох ийэтигэр, үйэтин тухары доярканан үлэлээбит Сивцева Матрена Алексеевна сырдык кэриэһигэр аныыр уонна кыра эрдэҕиттэн үлэлииргэ үөрэппитигэр улахан махталын тириэрдэр.

АННОТАЦИЯ

Саха дьоно оҕону үлэлииргэ кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ оҥорон ииттэххэ, ол аата ийэ кутугар үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ, онтон улаатан истэҕинэ үөрэттэххэ эрэ үлэни табан, сатабыллаахтык үлэлиирэ ситиһиллэрин туһаналлар.

Үлэлии үөрэнии диэн бэйэтэ тугунан да кыайан кэмнэммэт баай буолар. Үлэлии үөрэммит оҕо улааттаҕына бэйэтэ үлэни булан үлэлээн байыыны ситиһэр кыахтанар.

Бары ааҕааччыларга ананар.

Народ саха детей с малых лет учать работать.

ААН ТЫЛ

Омугу үлэ эрэ, буолан баран кыайыылаах, атыттары баһыйар үлэ сайыннарар. Атын бииргэ олорор омуктар батыһар, үөрэнэр үлэлэрин баһылааһын сайдыыны, эбиллэн иһиини аҕалар. Үлэ эти-сиини дьа-рыктыырынан, эрчийэринэн куруук үлэлии сылдьар киһи этэ-сиинэ бөҕө буоларынан кыайа-хото үлэлээн аймахтарын, омугу сайыннарар уонна кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн ахсааннарын элбэтэр кыахтанар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр мөлтөөбүт үлэ хаачыстыбатын билигин ырыынак олоҕо сыыйа тупсаран иһэрэ биллэр. Дьон бары байыыны ситиһиэхтэрин олуһун баҕаралларын ырыынак кэмэ туһанан үлэ бастаан иһэрин, сайдарын үөскэтэр. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтиигэ ылсыһаллара аныгы, ырыынак олоҕор ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Дьон ханнык баҕарар үөрэҕи үчүгэй диэн ааттаан ылыналлара аан бастаан куһаҕан, сатамматах холобурдары билэллэриттэн уонна ол куһаҕаннары кыайан, туоратан иһэллэриттэн саҕаланан сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэр. Кэккэлэһэ олохтоох ыаллартан биир ыал арыгыга ылларан үлэлэрэ мөлтөөтөҕүнэ, бэйэлэрэ эһиннэхтэринэ арыгыны аһара испэт буолуу үчүгэйэ чуолкайдык дакаастанан тахсан атыттарга биллэриттэн, атын ыаллар оҕолорун улаатан истэҕинэ арыгыны аһара испэккэ үөрэтэллэрэ күүһүрэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүтэ этэрин истэрэ, толороро элбэх. Ол иһин куһаҕан холобурдары эрдэттэн биллэрэн, олору оҥорботугар үөрэттэххэ уонна хайдах туоратары быһааран биэрдэххэ үчүгэйи оҥорор кыаҕа улаатар. Ол курдук, куһаҕан үлэһит хамнаһа аҕыйаҕа эрэйи элбэтэриттэн оҕо үчүгэйдик үлэлииргэ кыһанара үөскүүр, оннук баҕа санааны иҥэринэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр туох эмэ үлэни бэйэтигэр оҥотторон ииппэтэххэ, үөрэппэтэххэ, үлэлииргэ үгэстэри үөскэтэн биэрбэтэххэ, төрөппүттэрин бэлэмнэригэр олорор санаата улаатан истэҕинэ өссө эбиллэн биэрэн иһэриттэн, бэйэмсэҕэ улаатан аһара баран хаалар. Бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕону сахалар атаах оҕо диэн туспа арааран ааттыыллар.

Саха дьоно оҕону үлэлииргэ кыра эрдэҕинэ ииттэххэ, ол аата туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ үөрэтэргэ аналлаах үгэстэри ийэ кутугар иҥэрэн биэрдэххэ баҕа санаата үөскүүр, онтон улаатан истэҕинэ кыайар үлэлэриттэн саҕалаан бары үлэлэри үлэлииргэ үөрэттэххэ эрэ үлэни табан, сатабыллаахтык үлэлиирэ ситиһиллэрин туһаналлар.

Үлэлии үөрэнии эрэйдээх, табан, сатаан хамсанарга оҕо өр кэмҥэ үөрэнэр. Хамсаныы буор куту үөскэтиннэххэ эрэ табылларынан уһуннук үөрэннэххэ, элбэхтик хамсаннахха, бу хамсаныы үөрүйэххэ кубулуйан эти-сиини бэйэтигэр сөп түбэһэр буоларга уларытарыттан кэлэр көлүөнэлэргэ утумнааһын нөҥүө бэриллэр кыахтанар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута иитиллэр кэмиттэн үлэлииргэ үгэстэри үөскэтинэн иҥэриннэҕинэ, онтон салгыы үлэлииргэ үөрэннэҕинэ эрэ улаатыар диэри сатаан, табан, нэмин билэн хамсаныыны баһылыыр кыахтанар. Үлэлии үөрэнии диэн бэйэтэ тугунан да кыайан кэмнэммэт сыаналаах баай буолар. Үлэһит, бэйэтэ элбэх баайа суох киһи оҕолорун кыһанан, сатабыллаахтык үлэлииргэ үөрэттэҕинэ олус элбэх баайы иҥэрэн биэрэрин билиэ этэ. Улааппыт оҕолоро кыайа-хото үлэлээннэр бэйэлэрэ баайы оҥорон мунньунар кыахтаналларын үлэҕэ үөрэтии үөскэтэн биэрэр. Кыра эрдэҕиттэн бытархай, көмө үлэлэртэн саҕалаан, туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэммэтэх оҕо улаатан баран үлэлии үөрэнэрэ олус эрэйдээх. Ол курдук, үлэ табыллан, сатанан биэрбэтиттэн бүтүүтүгэр тириэрдии эрэйи элбэтэн иһэриттэн, улахан тулуур баара туһалыыр. Элбэхтик үлэлээтэххэ, үлэ эрэйин тулуйа үөрэннэххэ эрэ тулуур улаатара ситиһиллэр. Тулуура аҕыйах оҕо кыраны да оҥороругар табан, сатаан оҥорбокко эрэйдэнэрэ үксээн, санаата түһэрэ элбии-риттэн, үлэлиири букатын даҕаны быраҕыан сөп.

Киһи хаһан баҕарар бэйэтэ оҥорбутун атыттартан быдан үрдүктүк сыаналыыр. Тугу оҥорбутун барытын “үчүгэй” диэн сыаналыан, оннук ылыныан сөбө хаһан баҕарар улаатар. Ону тэҥэ, тугу эмэ оҥоруу баҕа санаа туолуутун, олоххо киириитин үөскэтэн киһи дьоллоноругар тириэртэҕинэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларан иһэр. Оҥоруллубут үлэттэн кэлэр дьолу билии киһиэхэ үгэһи сонно үөскэтэн кэбиһиэн сөп. Ол курдук, киһи дьолломмут түгэннэрин букатын кэриэтэ умнубат. Бу умнуллубат өйдөбүллэр киһи үлэһит буолуутун үөскэтэллэр. Үлэттэн баай үөскээн тахсар. Баай мунньуллан истэҕинэ туспа өйү-санааны үөскэтэр. Бэлэм баайы хантан эрэ булан ылыы киһи өйүгэр-санаатыгар бэлэмҥэ үөрэниитин үөскэтэн кэбиһэрэ бэйэтэ оҥорор, тутар, үлэлиир кыаҕын кыччатарын тэҥэ, оҕолорун өйүн-санаатын бэлэмҥэ үөрэнии өттүгэр улаханнык уларытыан сөп.

Оҕону үлэлииргэ үөрэтии биллэр уратылаах. Ону сахалар билэллэр уонна “Туһа киһитэ” диэн аналлаах үөрэҕи үөскэтэн туһаналлар. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ, баҕа санаата үөскүүрүттэн улаатан баран бэйэтэ үлэлии үөрэнэрэ кыаллар. Кыра эрдэҕинэ атаахтыы, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕо улаатан истэҕинэ атаахтыыра, бэйэмсэҕэ өссө эбиллэринэн, улахан киһи тылынан этэрин толорон үлэлии үөрэнэрэ кыаллымыан да сөп. Оҕо атаҕар турар буолаат элбэхтик хамсанар, барар-кэлэр. Бу кылгас кэми көтүтэн кэбиспэккэ, таба туһанан үлэлииргэ көмөлөһөр үгэстэри туһа киһитэ оҥорон иҥэрэн биэрии туһалааҕын сахалар билэллэр. Ол иһин оҕону үлэҕэ кыра эрдэҕинэ үөрэтэргэ аналлаах “Туһа киһитэ” диэн үөрэҕи оҥорон туһана сылдьаллар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар ууруллар бу үгэстэр үлэһит буоларын төрүттүүллэр. Бу үгэстэр көмөлөрүнэн оҕо ыарахан диэн ааттанар үлэни да үлэлиир кыахтанар. Ону тэҥэ, “Оҕом улаатан иһэр” диэн өйдөбүлү иҥэрэн биэрдэххэ үлэни кыайар кыаҕа өссө улаатар.

Бу оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ туһалаах сүбэлэри кыра эрдэҕиттэн араас үлэлэри үлэлии үөрэммит, кыра бырааттарын, балыстарын көрүүгэ элбэхтик көмөлөспүт уонна бэйэтэ кыанар кэмигэр уустук үлэлэри ситиһиилээхтик үлэлээбит киһи, Иван Иванович Каженкин - Уйбаан Хааһах түмэн суруйда.

Автор эрдэтээҕи үлэлэрин Национальнай библиотека сайтыттан, абонеменыттан, Сахалыы Википедийэттэн уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп. Бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт билэр дьонугар автор истиҥ махталын тириэрдэр.

ИЙЭ ҮӨРЭҔЭ

Ийэ оҕону көрөр-истэр, аһатар диэн этии оҕо этин-сиинин эрэ көрдөбүллэрин билинэринэн улахан итэҕэстээх. Бу итэҕэһи сахалар былыр үйэҕэ быһааран, оҕо этэ-сиинэ улаатарыгар өссө өйө-санаата сайдыытын эбэн биэрэн, ийэ кута үөскээһинэ диэн кыра эрдэҕинэ үгэстэргэ үөрэниитин ааттаабыттар. Ону тэҥэ, үлэлииргэ үгэстэри, бу ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ ыарахан диэн ааттанар да үлэни кыайар кыахтанарын быһаарбыттар.

Ийэ кут диэн киһи төрүт өйө-санаата оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэтэ оҥотторор үчүгэй быһыыларыттан хомуллан үчүгэй үгэстэри үөскэппитэ иҥэн хааллаҕына үчүгэй иитиилээх буола улаатара кыаллар. Ол курдук, оҕо аан бастакы билбит билиилэрэ өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан киирэн иҥэн үгэстэри сонно үөскэтэн иһэллэриттэн умнуллубат өйдөбүллэргэ кубулуйаннар ийэ кутугар мунньуллаллар. Ол иһин аан бастаан үчүгэй быһыылары оҥотторон үчүгэй быһыылаах буоларын ситиһэллэр. Улааппыт да киһи ийэ кута бары оҥорор быһыыларын салайа, көннөрөн биэрэ сылдьар. Ол иһин ийэ кут төрүт кут диэн ааттанар. Киһи тугу оҥороро барыта ийэ кутун салайыытынан, ыйан биэриитинэн оҥоруллар. Ол аата кыра эрдэҕинэ ийэтэ этэрин истэ, толоро үөрэммит оҕо улаатан да баран кини этэрин истэрэ, толороро суох буолан хаалбат.

Оҕо ийэ кута ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан 5 сааһыгар диэри күүскэ сайдар, онтон салгыы умнубат буолуута үөскээн салгын кута сайдан барарыттан үөрэҕи баһылыыра кыаллар. Ийэ кут бэлэм үгэстэринэн иитиллэр, онтон салгын кут үөрэнэн, ол аата оҥорон көрөн боруобалаан билиини иҥэринэр. Ийэ кут иитиллэрэ диэн кыра эрдэҕинэ бэлэм билиилэри, үгэстэри маннык оҥор диэн бэйэтигэр оҥотторо үөрэтэн, иҥэрэн биэрии ааттанар. Үчүгэй быһыылары оҥот-торо үөрэтэн кэбистэххэ, оннук үчүгэй үгэстэр үөскээн иҥэллэриттэн үчүгэй, киһилии быһыылаах оҕо буола улаатар кыахтанар.

Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ, улаатан истэҕинэ, ити үгэстэрэ баҕа санаа буолан көмөлөһөллөрүттэн үлэҕэ үөрэнэр, баһылыыр кыаҕа улаатар.

Оҕо ийэ кутун иитиитэ айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Үчүгэй, киһилии быһыыга иитиллибит оҕо.

2. Аһара атаахтык иитиллэн, бэйэмсэҕэ улаатан хаалбыт оҕо куһаҕан иитиилээх диэн ааттанар.

Ийэ оҕотун кыра, кыаммат эрдэҕиттэн көрөрө-истэрэ элбэҕиттэн атаахтатан кэбиһэрин бэйэтэ да билбэккэ хаалыан сөп. Ол иһин оҕону аһара атаахтатан кэбиспэт туһугар сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин этиилэрин билэн туһана сылдьыы эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Оҕону үлэҕэ аҕа үөрэтиитэ ийэ үөрэҕиттэн хойутаан кэлэр. Ол курдук, кыра оҕо кыайар үлэлэрэ дьиэ иһигэр бааллар уонна олору ийэтэ дьаһайарыттан оҕону урутаан ийэ кутун иитэр кыахтанар. Бу үлэлэртэн саҕалаан туһа киһитэ буолбут оҕо улаатан иһэн үлэлии үөрэнэрэ түргэтиир. Дьону аһата оонньооһунтан саҕаланан баран ыал буолуу үгэстэригэр тиийэ ийэтэ үөрэтэр кыахтаах.

Өй-санаа, таҥара үөрэҕин туһата диэни киһи сааһырдаҕына, олоҕун үгүс өттүн олордоҕуна эрэ билэр. Ол иһин оҕону иитии, үөрэтии улахан киһи салайыытынан ыытыллара эрэ табыллар. Эдэр ийэ оҕону көрөргө-истэргэ ийэтин көмөтүнэн туһаннаҕына, этэн, көрдөрөн биэрэрин тутустаҕына эрэ табатык ыытар, атаахтатан кэбиспэт кыахтанар. Бу быһаарыы кыыс оҕо эдэр эрдэҕинэ эргэ баран оҕолоноро уонна олоххо уопутурбут төрөппүттэрэ көмөлөһөр кыах-тарын туһанара ордук табылларын биллэрэр.

Омук сайдыыта оҕону хайдах иитэртэн уонна үөрэтэртэн туту-луктанан кэлэр. Кыра эрдэҕиттэн көйгө буолан үлэҕэ үөрэммит оҕо улаатан баран кыайа-хото үлэлээтэҕинэ эрэ, омук тупсууну, сай-дыыны ситиһэрэ кыаллар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтии улахан туһалаах суолталанар.

Үлэҕэ үөрэнии оҕоҕо олус эрэйдээх, элбэх бириэмэни ылар үөрэх буолар. Оҕо бэйэтин өйө киирдэҕинэ, салгын кута сайдан бардаҕына бэйэтигэр үчүгэйи, сынньалаҥы оҥосто сатыыра, этэ-сиинэ улаатан иһэрин курдук эмиэ улаатарыттан эрдэттэн харыстаннахха, туһа киһитэ оҥордоххо эрэ, үлэҕэ үөрэтии кыаллар дьыала буолар. Ол иһин үлэһит сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэриини тутуһаллар.

Оҕо икки атаҕар туран хаамар кэмиттэн саҕалаан үлэҕэ үөрэнэрэ эрэйиллэр. Аан маҥнай туһа киһитэ буолан таапачыка аҕаларыттан, оонньуурдарын хомуйарыттан үлэҕэ үөрэниитэ саҕаланар, оннук үгэстэри үөскэтинэр. Бу оҥорор быһыылара үгэс буолан иҥэн хааллахтарына үлэни бэйэтэ булан үлэлиир, атыттарга көмөлөһөр, ону-маны ыскайдаабат, киһилии быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанарын тэҥэ, үлэлиириттэн тулуура эмиэ улаатар. Дьиэ иһинээҕи үлэлэр ыарахана суох, чэпчэки диэн ааттанар үлэлэргэ киирсэллэр. Ол иһин оҕо олору хаамар буолаат оҥоро үөрэнэр кыахтанар. Аныгы үйэҕэ үөрэҕи “үчүгэй” диэн сымыйанан этэн арбааһынтан оҕону кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, үлэлэтэ үөрэтии хаалан сылдьарыттан, бэлэмҥэ үөрэнэн хааларыттан үлэлиэхтэрин букатын баҕарбат эдэрдэр улаатан тахсаннар, таах хаамса сылдьар бичтэр элбээн хааллылар. Эдэр ийэлэр оҕо үлэҕэ үөрэнэр кэмигэр атаахтата, оонньото сылдьалларыттан, туһалаах үгэстэргэ үөрэппэккэ хаалаллар уонна бу кэми аһаран кэбиһэн бараннар, оҕобут үлэлиэн баҕарбат диэн кырдьык санааргыыллар.

Улааттаҕына “үөрэхтээх” киһи буолуо диэн сыыһа, тиэтэйэр санааттан уонна оҕо өйө-санаата, буор кута хамсаныылары элбэхтик оҥороруттан сайдан иһиитин билбэттэн оҕо ийэ кута, үгэстэрэ үөскүүр кэмин аһаран кэбиһии, аҥардастыы оонньото эрэ сатааһын сайдан сылдьара үлэҕэ үөрэтиини хаалларан сылдьар.

Манна кэлэн тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут “айыыларын үөрэҕин” улахан сыыһатын арыйдахха табыллар. Кинилэр оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн таһы-быһа сымыйанан, була сатаан этэннэр ийэлэр оҕолорун өйдөрө-санаалара таба суолунан сайдыытыгар, ийэ кута иитиллэригэр, үчүгэй, туһалаах үгэстэрэ үөскээһинигэр кыһам- маттарын үөскэтэн саха дьонугар улахан куһаҕаны оҥороллор.

Ырыынак кэмигэр киһи үлэлиирэ эрэйиллэриттэн, бу быһыы, оҕону бэлэмҥэ үөрэтии салҕанан бара турара, аны табыллыбат буолла. Сахалар үлэни кыайа-хото үлэлээн сайдалларын туһугар элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” тохтоттоххо эрэ табыллар буолла. Ийэ оҕону үлэҕэ үөрэтэрэ дьиэ үлэлэригэр көмөлөһүннэрэ үөрэтэриттэн саҕаланар, ол иһин ордук тиийимтиэ уонна бу үлэлэр хаһан да бүппэттэриттэн тутулуктанан оҕону үлэҕэ, сүрэхтээх буолууга ийэ үөрэтэр күүһэ улаханын биллэрэллэр. Ону-маны аҕалан биэрэн көмөлөһөн оҕо үлэлииргэ үгэстэри үөскэтинэрин тэҥэ, туһалаах хамсаныылары оҥоро үөрэнэрэ ордук табыллар.

Урукку кэмҥэ элбэх оҕолоох ыаллар ийэлэрэ үгүс араас таҥаһы тигэрэ. Ийэбэр көмөлөһө сатаан иистэнэр массыына тутааҕын кыайар буолуохпуттан ыла, таҥас тигиллэн бүтүөр диэри эрийэн биэрэн ийэбин сынньалаҥнык тигэрин оҥоро сатыыр этим. Ону тэҥэ, күн аайы буһарыллар лэппиэскэни вилканан дьөлүтэ кэйэн араастаан ойуулаан биэриини үлэ оҥостон куруук оҥорорум.

Ийэм үлэҕэ үөрэтэрин тэҥэ, ааҕарга, суруйарга, остуол араас оонньууларыгар, дуобакка, саахымакка үөрэппитэ олоҕум аргыстара буолан билигин да туһалыы сылдьаллар. Хаарты хараҕын оҕо ааҕа үөрэниитэ ахсааны суоттууругар үөрэтэр күүстээх.

Дьиэ үлэтэ хаһан да бүппэтинэн, хас аһылык буоллар эрэ саҥаттан хатыланан иһэллэриттэн оҕону үөрэтиигэ ордук туһалаахтар. Ыал аһылыкка ыытар ороскуоттара хамнастарын улахан өттүн ылар. Ол иһин оҕону экономияҕа үөрэтиигэ, бу үлэ ордук табыллар.

Аһыыр аһылыгы бэлэмнээһин диэн кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин үтүктэн, батыһан үөрэнэн баһылыыр, үгэс оҥостунар аналлаах үлэтэ буолар. Ону-маны сиэнэри булан-талан, сылытан, буһаран ыал аһылыга бэлэмнэнэр. Дьиэтигэр ас бэлэмниир дьахтар ыалга төһө экономияны оҥорорун ким да чуолкай ааҕа илик эрээри, улахан барыстааҕын бары билэллэр. Ол курдук, аһылыгы бэлэмнээһин диэн элбэх үлэттэн, кыһаныыттан табыллан тахсарын бэйэлэрэ бэлэмниир дьон билэллэр уонна онно эбэн хас киһи тугу сөбүлээн аһыылларын билэн бэлэмнээһин, бу үлэ туспа уустугун быһаарар.

Аһылыгы буһаран бэлэмниир дьахтар ыалга элбэх барыһы киллэрэр. Арааһынай чэпчэки сыаналаах бородуукталартан талан эбэтэр бэйэ үүннэрэр үүнээйилэриттэн иҥэмтэлээх аһылыгы бэлэм-нээтэххэ аһылыкка экономия өссө улаатар кыахтанар.

Аһааһын диэн эмиэ үлэ. Оҕо ньуосканы илиитигэр тутарыттан аһааһын үлэтин баһылааһына саҕаланар. Манна аан маҥнай ньуос-каны хайа илиитигэр туттаран кэбиһиллэр даҕаны, ол илиитэ элбэх-тик хамсыыра үөскээн урутаан туһалыырга эрчиллэн хаалар.

Уҥа илии, уҥа өрүт диэн эр дьон үлэлииргэ туттар өрүттэрэ. Үгүс үлэ тэриллэрэ уҥа өттүнэн туттунарга табыллаллар. Хаҥас өрүт диэн дьахталлар өрүттэрэ. Кэлин кэмҥэ дьахталлар баһыйаллара улаатан уонна оҕолору кыра эрдэхтэринэ үлэҕэ үөрэтии хаалан сылдьарыттан, туох эрэ уратыны оҥорор курдук сананаллара, солумсахтара улаап-пытыттан, хаҥастарынан туттар эдэрдэр элбээтилэр.

Куруускаттан ууну иһии диэн оҕо улаатан иһэн кыайар үлэтэ буолар. Ол курдук, ууну тохпокко эрэ иһити иҥнэри тутары тэҥэ, сыпсырыйан ууну иһии үлэ уустугун биллэрэр. Тоҕо-хоро түһэн баран оҕо, бу үлэни кыайарга, сатыырга үөрэнэр.

Аһыыр иһити, туттуллар тэриллэри остуолга уурталааһынтан ыаллар аһааһыҥҥа бэлэмнэниилэрэ саҕаланар. “Бордуону остуолга сатаан уурбаппын”, - диир оҕо үлэлиэн баҕарбатын биллэрэн кэбиһэр. Бу үлэҕэ оҕо көмөлөһө үөрэнэрэ таас иһиттэри сэрэхтээхтик тутар буолуутун улаатыннарар. Иһити сэрэнэн тутары баһылаатар эрэ оҕо оҥорор көмөтө улаханнык эбиллэр.

Дьиэҕэ быыл хаһан баҕарар баар буола турар. Оҕоҕо саамай табыллар үлэнэн быыл сотуута буолар. Аныгы да үйэҕэ дьиэ иһигэр быыл көтөрө аҕыйаабат. Быыл сотуута диэн хаһан да бүппэт үлэни оҕо оҥорорго үөрэннэҕинэ сүрэхтээх буолуута улаатар.

Муоста сотуута, сууйуута уустук үлэ эрээри, бу үлэни оҕо сатыырга үөрэннэҕинэ табыллар. Муостаны бэйэтэ сотор, ыраастыыр оҕо онон-манан киртитэн, ньамайдаан кэбиһэриттэн туттунарга үөрэнэрэ улааппытын кэннэ ордук улахан туһаны оҥорор.

Оонньууру хомуйуу, дьаарыстаан ууруу хас оонньооһун кэннит-тэн тиийэн кэлэн иһэрэ оҕоҕо эрэйи үөскэтэрэ аһара ыскайдыырын, быраҕаттаан кэбиһэрин тохтоторун тэҥэ, тулуурга үөрэтэр күүстэнэр.

Ийэ үөрэҕэр оҕо ыраастык туттунара, таҥаһын киртиппэтэ, бэйэтин көрүнэрэ, суунара-тараанара барыта киирсэр. Бу киэҥ үөрэҕи ийэ оҕотугар иҥэрэн биэрэрэ олоҕор улахан туһаны оҥорорунан хайаан да эрэйиллэр үөрэххэ киирсэр.

Оҕону саҥа саҥарар буолан эрдэҕинэ ийэтэ сахалыы саҥарда үөрэтэр кыаҕа улахан. Ийэтэ хайдах саҥарарын үтүктэн, батыһан оҕо сахалыы саҥарарга үөрэнэр күүстэнэр. Бэйэтэ сахалыы саҥарар ийэ оҕотун кытта сахалыы кэпсэттэҕинэ, саха тылын дорҕоонноро оҕо өйүгэр-санаатыгар дьайыыларыттан сахалыы саҥарар кыахтанар. Ол курдук, оҕо аан бастакы үөрэнэр ньымата үтүктүү буолар.

Омук тыла дьахталлартан быһаччы тутулуктаах диэн дакаастабыл оҕо өйүгэр-санаатыгар ийэтин үөрэҕэ ордук тиийэриттэн уонна тус-туспа дорҕооннор дьайыыларын уратыларын үөрэтииттэн үөскээбит.

Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ атын омук тылын туһаныы өйүн-санаатын куһаҕан өттүгэр уларытар. “Маа” диэн ынах маҥырыыр, баарын биллэрэр дорҕооно. “Мама” диэн тыл оҕо өйүн-санаатын бэйэтин баарын биллэриигэ элбэхтик туһанарын үөскэтэр. Ол иһин бу тыл оҕо атаахтыырыгар туһанарыгар ордук табыллар.

Ийэ оҕотун кытта элбэхтик кэпсэтэрэ, үлэни оҥорууга соруйан, үөрэтэн иһэрэ эрэйиллэр. Төрөөбүт тылынан элбэхтик кэпсэтии онно ордук табыллар. Саха тыла иччилээх диэн этиллэр. Ол аата хас биирдии саха тылыгар өй-санаа иҥэн сылдьар. Оҕо ийэтин ийэ диэн ааттаан ыҥырар буоллаҕына, үрдүктүк сыаналыыра, ытыктыыра үөскээн олохсуйар. Оҕо өйө-санаата сайдарыгар ийэ диэн тыл суолтата, дорҕооннорун дьайыыта олус улаханнык туһалыыр.

Оҕону элбэхтик соруйдахха, үлэни хайдах оҥорору кэпсээтэххэ, быһаардахха, көрдөрөн биэрдэххэ, хос-хос оҥорорун хайҕаан биэрэн ситистэххэ эрэ үлэҕэ үөрэтии, үгэһи үөскэтии кыаллар. Сайдыылаах, киэҥ билиилээх ийэлэр төрөппүттэрин көмөлөрүнэн оҕолорун үлэҕэ үөрэтэр, туһалаах үгэстэргэ иитэр, үөрэтэр кыахтара улахан. Ол курдук, кыыс оҕо ийэтиттэн олох үгэстэригэр үтүктэн, батыһан үөрэнэрэ ордук табыллар. Бу табыллыы омук олоҕун үгэстэрэ дьахталларыттан улахан тутулуктаахтарын үөскэппит.

Ийэ оҕотугар туруорар көрдөбүлэ үрдүк, этэр тылын иһитиннэрэр буоллаҕына, оҕо ийэтин баҕа санаатын киһитигэр Ийэ таҥаратыгар кубулутуон сөп. Ийэ оччоҕуна табыллар, оҕото бары баҕа санааларын толоро сылдьарыттан үөрүүтэ улаатан дьоллоноро элбиир кыахтанар.

Ийэ кут диэн оҕо кыра эрдэҕиттэн үгэстэртэн үөскээн иһэр төрүт өйө-санаата буолар. Ийэ оҕотун төрүт өйүн-санаатын сайыннарар, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрэн ийэ кутун иитэн биэрэрэ оҕо салгыы олоҕор улахан туһаны оҥорор. Оҕону үлэҕэ үөрэтии диэн оҕону туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэринэн иитииттэн саҕаланарынан эмиэ ийэ оҕотугар тириэрдэр тутаах үөрэҕэр киирсэр. (1,70).

Ийэ оҕо төрүт өйүн-санаатын үөскэтэн, ийэ кутун иитэр. Бу быһаарыы кэнниттэн тыл үөрэхтээхтэрэ оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн албыннарын арыйыы ордук табыллар. Бу ыар албынтан аныгы ийэлэр оҕолорун иитиигэ кыһамматтара үөскээн, атаахтатан кэбиһэллэрэ элбээтэ. “Айыы үөрэҕэ” диэн албын үөрэхтэн саха дьоно босхолоноллоро ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Онон оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата, ийэ кута үгэстэринэн иитиллиитэ, сайдыыта, дьиэ иһинээҕи чэпчэки үлэҕэ үөрэниитэ, туһа киһитэ буолуута барыта ийэтиттэн тутулуктанар.

АҔА ҮӨРЭҔЭ

Оҕо киһи буолан олоҕун олороро, үлэни үлэлиирэ, сыыһа-халты туттубата барыта тулууруттан, өһөс, туттунар санаатын күүһүттэн тутулуктанар. Сахалар оҕону 7 сааһыттан ыла улахан оҕо диэн ааты иҥэрэллэр. Бу кэмтэн ыла аҕа тулуурга, туттунар күүстээх буола-рыгар, ыарахан диэн ааттанар үлэлэргэ үөрэтиини саҕалыыр.

Аҕа үөрэҕэ диэн оҕону тулуурга, туттунар күүстээх буолууга уонна сыыһа-халты туттубакка бары үлэлэри табан үлэлииргэ иитии, үөрэтии буолар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн оҕону үөрэтиигэ аналлаах өс хоһооно аҕа үөрэҕин туһатын биллэрэр.

Аҕа диэн тыл төрөппүтү биллэрэрин таһынан, олоххо, үлэҕэ улахан уопуттааҕы аҕа киһини биллэрэр суолтата оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ улахан туһаны оҥорор. Ол курдук, оҕо бэйэтин баһыйар, элбэх уопуттаах киһини үтүктэр санаата хаһан баҕарар улахан буолар. Билигин нууччалары үтүктэн “па-па” диэн куһаҕан, сирэр дорҕоонноох тылынан ааттанар аҕа оҕону үлэҕэ үөрэтэр күүһэ букатын да суох буолан хааларын тэҥэ, бэйэтин санаата түһэрэ элбиир.

Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ ийэ уонна аҕа биир санааланыылара уонна ону оҕолоругар биирдик этэн тириэрдэллэрэ эрэйиллэр. Хайалара эрэ атыны туойара, туспатык этэрэ оҕо үлэҕэ үөрэнэрин атахтыан, мөлтөтүөн сөп. Үлэ ыарахан, эрэйдээх, ол иһин ийэ аһара аһынан айманара табыллыбат. Оҕо аһыннара үөрэнэн хааллаҕына үлэ ыараханын тулуйбакка үлэлии үөрэнэрэ кыаллымыан сөп. Үлэ ыараханнарын тулуйдаҕына эрэ оҕо үлэлии үөрэнэрэ табыллар.

Оҕо кыра да үлэҕэ үөрэниитэ илиини, таҥаһы киртитиини хаһан баҕарар оҥорор. Бу эбиискэ кэлэр үлэни ийэ, ол-бу диэн сирэн саҥарбакка, тулуйара эрэйиллэр. Оҕо ийэтигэр көмөлөһө сатаан таҥаһын киртиппэккэ кыһаннаҕына үлэҕэ үөрэнэрэ атахтаныан сөп. Таҥас арааһа элбэҕиттэн аналлаах фартуктар, үлэ таҥаһа туттул-ларыттан, бу өйдөспөт буолуу суох буолара ситиһиллэр.

Тымныыга сылдьан таһырдьаттан киирбит оҕону “Хата тоҥмо-тох” диэн хайҕааһын оҕо тулуурун улаатыннарар. “Маны кыайар буоллаҕа” диэн киһиргэтии, санаатын көтөҕүү, кыратык хайҕаан биэрии үлэҕэ үөрэтии кэмигэр туттуллаллара эрэйиллэр.

Оҕо арыыйда улааппытын кэнниттэн аҕа оҕону үлэҕэ үөрэтэр кэмэ кэлэр. Бары уустук, ыарахан уонна дьиэ таһынааҕы үлэлэри оҕоҕо бэйэтэ үлэлии сылдьар киһи, аҕа үөрэтэрэ табыллар.

Сахалар оҕону 7 сааһыттан улахан киһиэхэ киллэрэллэр. Бу кэмтэн ыла оҕо тулуурдаах буолууга үөрэнэрэ, ол аата аҕа үөрэҕэ саҕаланар. Тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорого, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга үөрэннэҕинэ оҕо киһи буолууну баһылыыр, киһилии быһыыланар кыахтанар. Олус былыргы кэмнэртэн сахалар оҕо киһи буолуу үөрэҕин ситиһэрин быһаараннар таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыылары оҥоро үөрэниитэ өйө-санаата маннык уларыйарын үөскэтэр:

1. Киһилии быһыылаах оҕо. Оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорууну баһылааһына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанара киһи буолуу үөрэҕин ситиһэригэр тириэрдэр.

2. Атаахтыы сылдьыбыт, киһилии быһыыта суох оҕо. Маннык быһыылаах оҕо бэйэмсэх, бэйэтигэр эрэ үчүгэйи оҥорор санаата улаатарыттан тугу; үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥороро биллибэт уратыланан хаалар, үгүстүк сыыһа-халты туттунуон сөбө улаатар.

Киһи буолуу үөрэҕэ диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин тутаах көрдөбүлэ буолар. Олус былыргы кэмнэргэ бу үөрэҕи баһылаан бастакы киһи таҥараны – Үрүҥ Аар тойон таҥараны үөскэппиттэр.

Киһи буолууну ситиһии диэн оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдан ситиһиэхтээх таһыма, олоҕор бэлиэтэнэр кэмэ буолар. Бары төрөппүттэр бу үөрэҕи туһанан оҕолоро киһилии быһыылаах, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорун ситистэхтэринэ оҕолоро улаатан киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыахтанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорору баһылаатаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ араа-ран таба туһанары ситистэҕинэ өйө-санаата киһи буолууга тиийэрин быһаарар. Ол аата киһи буолуу диэн оҕо улаатан иһэн ситиһэр бэлиэ таһыма буолар. Бу бэлиэ кэм оҕо улаатан эргэ таҕыстаҕына эбэтэр ойох ыллаҕына ситиһиллибитэ чуолкайдык быһаарыллар.

Аҕа үөрэҕэр оҕо сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэниитэ киирсэр. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигиттэн, тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан үгүстүк сыыһа-халты туттунан куһаҕаны элбэтэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһан оҕону киһи быһыылаах буолууга ииттэххэ, үөрэттэххэ көрсүө, сэмэй майгыланан туохха барытыгар сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр. Бу быһаарыыны оҕолорун харыстыыр, көмүскүүр төрөппүттэр бары туһаныахтара этэ. Ол аата оҕону харыстааһын, көмүскээһин диэн тугу барытын киһи курдук оҥороругар үөрэтии, киһи быһыытын тутуһуннарыы буолар.

Оҕо бэрээдэги тутуһа үөрэнэригэр аҕатын оруола ордук үрдүк. Аҕа оҕотугар туруорар көрдөбүлэ улааттаҕына уонна бэйэтэ түһэн биэрбэтэҕинэ оҕо аҕатын, баҕа санаатын киһитигэр Аҕа таҥаратыгар кубулутуон сөп. Ол аата, оҕо баҕа санаата аҕатын курдук буолуу диэки салалыннаҕына оҕо аҕатын курдук буолара, араас, ыарахан да үлэни баһылыыра ситиһиллэр кыахтанар.

Аҕата батыһыннара сылдьан кыайар үлэлэриттэн саҕалаан үөрэтэ сырыттаҕына оҕо үлэни эрдэлээн баһылыыр кыаҕа улаатар. Чааһынай дьиэлээх дьон оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ элбэх барыстаналлар, дьиэ таһыгар араас үлэ элбэҕэ онно туһалыыр. Ол иһин элбэх оҕолоох саха ыаллара чааһынай, туспа турар дьиэҕэ олохсуйалларын ордороллор. Туспа турар дьиэҕэ оҕо таһырдьа сылдьан үлэлииргэ үөрэнэр үлэтэ элбиирэ улахан туһаны оҥорор. Оонньуу түһэн ылары кытта хардары-таары дьүөрэлээн үлэлииргэ үөрэтии ордук табыллар. Ол аата үлэлии түһэн баран оонньооһун, онтон оонньуу түһэн баран үлэлииргэ үөрэтиини салҕааһын оҕоҕо ордук тиийимтиэ буолар.

Дьиэ таһынааҕы үлэлэртэн оҕоҕо ордук табылларынан кыһыҥҥы кэмҥэ хаар күрдьүүтэ буолар. Оҕо күрдьэҕи кыайан соһор, хамсатар кэмиттэн хаар күрдьэ үөрэнэр кыахтанар. Күрдьүгү ханна оҥорору аҕата көрдөрөн биэрдэҕинэ, бу үлэ саҕаланыан сөп. Саас күрдьүк хаарынан арааһы; хаар киһини, дьиэни, кириэппэһи оҥоро оон-ньооһун оҕоҕо ордук таттарыылаах. Уолаттар чиҥээбит хаарынан бырахса оонньуулларын өссө сөбүлүүллэр.

Кыра оҕо тулуура өссө үөскээн, сайда илигинэн уһуннук үлэлиири кыайбат. Ол иһин уларыйан, солбуйсан биэрэр үлэ оҕоҕо улахан интэриэһи үөскэтэн иһэр. Хас сырыы аайы хаары уларыта сылдьан күрдүөххэ сөп. Бу сырыыга күрдьүгү атын сиргэ да оҥоруохха сөбө уларыйыыны эмиэ киллэрэр. Олбуор тахсар ааныгар, туалекка барар суоллары күрдьэҕинэн судургутук батыһа анньан ыраастаан баран хаарын туора быраҕан кэбиһиэххэ эмиэ сөп. Аҕа оҕону тулуурга, дьулуурга үөрэтэрэ ордук табыллар. Үлэҕэ улахан уопуттаах аҕа оҕотун батыһыннара сылдьан, бэйэтэ үлэлээн көрдөрөн биэрэн иһиитэ үөрэтиини түргэтэтэр. Ону тэҥэ, оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ оҕо аҕатын аҕа диэн ааттаан ыҥырара улахан туһалаах.

Сахалар оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ былыргы кэмнэртэн үөскэтэн өс хоһооннорун туһана сылдьаллар:

- “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҕо тулуу-рун, өсөһүн улаатыннардаҕына төрөппүттэрин туохха барытыгар баһыйан сайдыыны, тупсууну омугар аҕалар кыахтанарын биллэрэр. Бу өс хоһооно саханы үөскэппитин, ыарахан олохтоох хотугу кыраайы баһылыыр кыаҕы эр дьоҥҥо биэрбитин билиниэхпит этэ.

- “Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарар” диэн өс хоһооно оҕо аҕатын суолун ситэн баран өссө туйаҕын хатарарын, ол аата өссө кытаанах оҥорорун, тупсарарын ыйан биэрэр. Тимир уустара сахалар хатарыы тимири өссө кытаатыннарарын билэн, бу өс хоһоонугар туһаммыттар. Оҕо аҕатыттан хайаан да ордуохтааҕын, оччоҕуна эрэ сайдыыны аҕалар аналын толорорун, бу өс хоһооно быһаарар.

- “Оҕо – киһи дьоло, эрэлэ” диэн өс хоһооно оҕо төрөппүтүн инникигэ эрэлин, онтон үлэни кыайдаҕына, ситиһиини оҥорорун билэн дьоллоох буоларын хааччыйар аналлааҕын биллэрэр.

- “Уол оҕо, саадаҕын үстэ ыйаан баран киһи буолар” диэн өс хоһооно киһи буолуу үөрэҕин баһылааһын уустугун, ыараханын, эрэйдээҕин, уһун кэми ыларын быһаарар. (2,73).

Туһалаах, табыллыбыт хамсаныылары оҥоруу бэйэтэ уустук үлэ, элбэхтик, дьарыктаннахха кыаллар. Бу үлэ уустугун, боростуой да хамсаныыны таба оҥоруу эрэйдээҕин араас үҥкүүгэ үөрэнээччилэр билэллэр. Оҕо сатаан, табан хамсанан үлэлиири баһылыы илигиттэн сыыһа-халты туттунара, табан хамсаммата элбэҕиттэн үлэни оҥорон бүтэрэрэ уһаан хааларын тэҥэ, хаачыстыбата мөлтөх буолар.

Сахалар “Үлэ ыарахан” диэн этэллэр. Ыараханы көтөҕөлөөһүн кырдьык ыарахан. Элбэхтик дьарыктаммыт киһи ыараханы эрэй- дэммэккэ эрэ көтөҕөлүөн сөп. Үлэ барыта аналлаах дьарыктаах буолууну эрэйэр. Үлэлээһин бу ыараханын аҕа бэйэтэ үлэлээн билэ-риттэн оҕону үөрэтэр, дьарыктыыр күүһэ улаатар.

Аҕа үөрэҕэр оҕо спордунан, зарядканан дьарыктанара киирсэр. Бу дьарыктар ханнык эрэ ыараханы, эрэйдэниини үөскэтэн оҕо тулуурун улаатыннаран ордук улахан туһаны оҥороллор.

Оҕону үлэҕэ үөрэтии көрсүө, сэмэй буоларын ирдиир. Туохха барытыгар нэмин билэн, сэрэхтээхтик туттунуу эрэ үлэни кыайарга тириэрдэр. Бу олоххо туһалаах быһаарыыны тутуһан сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону көрсүө, сэмэй буоларга иитэр, үөрэтэр.

Үлэ оҥоро охсору кытта табыллыбата, сатаммата элбэҕиттэн бүтүүтүгэр тириэрдэргэ хос-хос оҥоруу ыараханын тулуйдахха эрэ кыаллар кыахтанарыттан оҕоттон улахан тулууру эрэйэр. Ыраахтан биэдэрэнэн ууну баһан иһэн тоҕо түһэрэн кэбистэххэ, хос баран баһан кэлии эрэйэ тиийэн кэлэрэ өһөс санааны улаатыннаран туһалыыр. Ыараханы тулуйа үөрэнии, бу ыарахаҥҥа тэҥнээх ыгааһыны тулуй-дахха эрэ кыаллар. Ол иһин оҕону үлэҕэ кытаанах көрдөбүллээх, элбэх уопуттаах, билиилээх аҕа эрэ үөрэтэрэ табыллар.

Атын омуктартан киирэр тыллары дорҕооннорун дьайыыларын таба быһааран туһаныы эрэйиллэр. Аҕаны “па-па” диэн куһаҕан дорҕооннордоох омук тылынан уларытан ааттааһын оҕону үөрэтэр күүһүн, үлэҕэ уопута элбэҕин, бэйэтигэр ытыктабылын суох оҥоро-руттан аныгы оҕолор үлэҕэ үөрэнэллэрэ быста аҕыйаан сылдьар.

Онон оҕону бэйэтэ үлэлээн-хамсаан улахан уопуттаммыт аҕа диэн ааттаах киһи сонно оҥорон, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэр кыах-таннаҕына уустук, ыарахан үлэҕэ үөрэтэрэ туһаны аҕалар.

ОҔО АЛБЫННЫЫР

Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрөр-истэр төрөппүттэр оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин уратыларын билбэттэриттэн албыҥҥа киирэн биэрэллэрэ элбэх. Ол албын диэн ханна баарын буллахха киирэн биэрии тохтотуллуон сөп.

Кыра оҕо көрдүүр үчүгэйин сонно оҥорон биэрэн истэххэ үөрэн иһэрэ эбиллэриттэн тугу көрдөөбүтүн барытын иллэҥ төрөппүттэрэ оҥоро охсон иһэллэриттэн бэлэмҥэ үөрэнэн, оннук үгэстэнэн, бэйэмсэх буолан хаалара албыҥҥа киирэн биэрииттэн үөскүүр.

Оҕо тугу көрдөөбүтүн барытын төрөппүтэ була охсон биэрэн иһиитэ, оҕоҕо бэйэтигэр соннук үгэһи үөскэтэн кэбиһэрэ атаахтатан иитиигэ тиэрдэн, бэлэмҥэ үөрэниитигэр тириэрдэр. Бу албыҥҥа киирэн биэрбэт туһугар оҕо тугу эмэ көрдөөтөҕүнэ сонно була охсон биэрэн испэккэ, тохтото түһэн, кэтэһиннэрэ үөрэтэн, бэйэтин баҕа санаатын үөскэппитин кэнниттэн биирдэ биэрдэххэ, кэлин ол үөскээбит баҕа санаатын бэйэтэ толорор кыахтаныан сөп.

Айылҕа төрүт тутулуга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэриттэн оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үгэстэри үөскэтиниитэ, сайдыыта икки өрүттэнэр:

1. Оҕо бары баҕатын төрөппүттэрэ толоро охсон биэрэн иһиилэрэ бэлэмҥэ үөрэнэн хааларыгар тириэрдэр. Атаахтык иитиллэн, бэлэмҥэ үөрэнэн бэйэмсэх буолбут оҕо - атаах оҕо диэн ааттанар.

2. Оҕо улаатан истэҕинэ тугу кыайарын барытын бэйэтэ оҥорорун ситиһии үлэни үлэлииргэ үөрэтэртэн үөскээн тахсар. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэммит, тулуура улахан оҕо – көйгө оҕо диэн ааттанарын мантан инньэ куһаҕаннык истибэт буолуохпут этэ.

Өй-санаа сайдыытын бу икки уратылара дьон олохторо көнүү-түттэн улахан тутулуктаахтар. Ол курдук, баай эбиллэн иһиитэ оҕону атаахтатыыны улаатыннаран кэбиһэр. Ону тэҥэ, сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорууттан бары атеистарга кубулуйаннар, оҕо өйө-санаата сайдыыта этиттэн-сииниттэн эмиэ тутулуктааҕын умнан, аҥардастыы үөрэҕи ылыыны эрэ ситиһиннэрэ сатааһынынан муҥурдаммыттара атаахтатыыга тириэрдибитэ.

Киһи үйэтэ уһуна суох. Кэлэр көлүөнэлэри кэмин хойутаппакка эрэ үөскэтэн истэххэ олох салҕанан иһэрэ ситиһиллэр. Ыал буолуу сыалын кылгастык быһаардахха; оҕону төрөтүүгэ, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ уонна иитиигэ, үөрэтиигэ аан бастаан аналланар. Ол иһин ыал буолар кыыс оҕо ыраас кыыһынан буолара ирдэнэр. Оҕо иитиититтэн уонна үлэҕэ үөрэтиититтэн омук сайдыыны ситиһиитэ тутулуктааҕыттан этэ-сиинэ бөҕө, өйө-санаата, буор кута сайдыылаах оҕону төрөтүүнү ыал буолуу үйэлээх үгэстэрэ хааччыйаллар.

Оҕону “үөрэхтээх эрэ буол” диэн этэн, үөрэҕи эрэ ситиһиннэрэ сатааһын оҕо атаахтык иитиллэрин үөскэтэр. Ону тэҥэ, “коммунизм” кэлиэ диэн салайар былаастар була сатаан сымыйалааһыннара, барыта босхо буолуо диэн атеист буолбут үлэһиттэри албыҥҥа киллэриилэрэ төрөппүттэр оҕону үлэҕэ кыһанан үөрэтэллэрин бырахтарбыта. Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэйэ бэрдиттэн төрөппүтүн албыҥҥа киллэрэр. Аныгы үйэҕэ дьахтар биир эмэ оҕолоох буолуута уонна иллэҥ кэмэ элбээһинэ оҕо албыныгар киирэн биэрэрин, атаахтатыыга тириэрдэн кэбиһэрин аһара улаатыннарар. Кыра оҕо үчүгэйэ бэрдиттэн тугу баҕарбытын, көрдөөбүтүн иллэҥ ийэтэ оҥоро охсон биэрэн иһэриттэн атаахтык иитиллэрэ, бэлэмҥэ үөрэнэрэ саҕаланар.

Оҕо кэтэһиилээх оҕо буолара көрүүтүн-истиитин тупсаран атаах-тык иитиллиитигэр тириэрдиэн сөп. Төрөппүттэр өй-санаа сайдыытын билбэттэрэ оҕо мааныланан атаахтыырыгар туһаны оҥорор. Ийэ, аҕа сөбүлүүр санааларынан куустаран улааппыт оҕо майгына сымнаҕас, аһыныгас, киһилии буолара элбиэн сөбүн тэҥэ, аһара барбата, атаахтатыыга тиийэн хаалбата эрэйиллэр. Үлэҕэ үөрэтии араас көрдөбүллэри кытаатыннаран биэрэри ирдииринэн оҕо атаахтыырын аҕыйатар, өйө-санаата аһара барарын тохтоторго туһалыыр.

Сахалар үөрэхтэринэн оҕону иитии икки өрүккэ арахсар:

1. Атаах оҕо. Аһара бэлэмҥэ үөрэммит оҕо атаах буолар.

2. Көйгө оҕо. Үлэлии үөрэнии оҕону көйгө буолууга тириэрдэр.

Оҕону иитии бу икки өрүттэриттэн хайаларын да диэки халыйбакка, икки ардыларынан, ортотунан тутуһан баран истэҕинэ таба суолунан барара, атаахтатыыга тириэрдэн кэбиспэтэ ситиһиллэр. Ол аата төрөппүт оҕотун сөбүгэр атаахтатан ыла-ыла көйгө оҥорон үлэҕэ үөрэттэҕинэ иитии таба суолунан барарын хааччыйар.

Оҕо улаатан истэҕинэ үчүгэйэ эбиллэн иһэр. Киһини таба көрөр буоллаҕына үөрэргэ үөрэтиэххэ сөп. Үөрүнньэҥ оҕо майгына сым-наҕас буолар. Ийэтэ үөрбүтүн көрөн оҕото үтүктэн үөрэргэ үөрэнэр. Онтон оҕото үөрбүтүн көрөн төрөппүт өссө улаханнык үөрэр.

Ийэ оҕотун үөрдээри аһара кыһанара оҕото улаатан истэҕинэ атаахтатыыга тириэрдиэн сөп. Ыраас таҥаһы кэтэртэххэ оҕо үөрэр, аһаатаҕына, тоттоҕуна үөрэрэ эбиллэр. Оҕоҕо үчүгэйи оҥорон биэрдэххэ үөрэрэ эбиллэрэ атаахтатыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Бу үөрүү эбиллэн иһэрэ төрөппүтү албыҥҥа киллэрэр, оҕотугар куруук үчүгэйи оҥорон биэрэргэ кыһанара эбиллэр.

Кыра эрдэҕинэ оҕо наһаа үчүгэй, улаатан сүүрэн, саҥаран бардаҕына үчүгэйэ өссө улаатар. Төрөппүттэр булан-талан араас оонньуурдарынан, таҥастарынан көмөллөрүттэн, тугунан оонньуоҕун, тугу таҥныаҕын билбэккэ буккулла сылдьара билигин элбээтэ.

Оҕо үчүгэйэ бэрдинэн төрөппүттэрин албынныыр, өйө-санаата сайдан, үгэстэрэ үөскээн истэхтэринэ бэйэтигэр үчүгэйи оҥоттороро элбээн иһиэн баҕарар санаата улаатан иһэр. Ол аата бэйэтигэр үчүгэйи оҥотторорго үгэстэнэн хааллаҕына, атаахтыыра улаатан бэлэмҥэ үөрэммит киһиэхэ кубулуйан хаалыан сөп.

Ийэтэ оҥорор бары үчүгэйигэр оҕо үөрэнэн иһэр, олору үгэс оҥостунар. Бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыы диэн бэйэмсэх буолууга тириэрдэр куһаҕан үгэскэ киирсэр. Үөскээбит куһаҕан үгэс уларыйара уустук, атын үчүгэй үгэһи үөскэтэн уларыттахха, солбуйдахха эрэ кыаллыан сөп. Ол иһин куруук оннук үчүгэйэ кэлэ турарыгар баҕарар санаата үөскүүрэ атаахтыырын улаатыннаран кэбиһэр.

Оҕо улаатан истэҕинэ, 7 сааһын ааһан эрдэҕинэ иитии, үөрэтии хайысхата уларыйан тугу барытын бэйэтэ оҥорорун ситиһии эрэйиллэр. Бу кэмҥэ оҕону иитии, үөрэтии уларыйбатаҕына, кыра оҕотун курдук төрөппүттэр бэлэмнэрэ салҕанан баран истэҕинэ, оҕону атаахтатыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Тугу баҕарбытын барытын төрөппүттэрэ толорон иһэллэригэр үөрэнэн, ону үгэс оҥостунан кэбистэҕинэ бэйэмсэҕэ аһара улаатан хаалыан сөп.

Оҕо сэттэ сааһыттан улахан киһи өйө-санаата киириитэ, салгын кута сайдыыта саҕаланар. Бу кэмҥэ “Мин бэйэм” диэн санаата улаатан тугу кыайарын бэйэтэ оҥоро үөрэнэрэ ирдэнэр. Ол аата тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго, сыыһа-халты туттубакка, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран оҥорор быһыыга туһанарга үөрэнэн истэҕинэ табыллар кэмэ кэлэр.

Оҕо иитиитэ, үөрэтиитэ, бу кэмнэн тосту уларыйар, тугу барытын бэйэтэ оҥоро үөрэнэрэ ирдэнэрэ тиийэн кэлэр. Ол иһин сахалар оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэллэр уонна бэрээдэккэ, этэр тылы истэргэ үөрэтэллэр. Бу кыра эрдэҕинэ үөскээбит үгэстэрэ ийэ кутугар иҥэн баҕа санааны үөскэтэллэр уонна оҕо улаатан бэйэтэ тугу эмэ туһалааҕы оҥорор кэмигэр үлэлии үөрэнэригэр көмөлөһөллөр. Биир оҕо иитиитэ ордук эрэйдээх. Ол эрэйэ диэн төрөппүттэр маанылаан, атаахтатан кэбиһэллэригэр саһан сылдьар. “Биир оҕо атаах буолар” диэн этии төрөппүттэр олохторуттан быһаччы тутулуктаах уонна баайдар эбэтэр үлэһиттэр оҕону иитэр уратыларын быһаарар. Ол иһин биир оҕону иитии уратыларын төрөппүттэр биллэхтэринэ, сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин тутустахтарына эрэ, улаа-тан истэҕинэ киһи буолууну ситиһиннэрэр кыахтаналлар.

Киһи буолуу, киһилии майгыланыы диэн бэйэтэ туспа, эрэйдэнэн ситиһиллэр үөрэх буолар. Бу үөрэх сахалыы таҥара үөрэҕэр киирсэр. Оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук таба оҥорор буолууну баһылаатаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араара үөрэннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр. Атаахтык иитиллибит оҕо улааттаҕына киһилии майгына аҕыйаҕыттан аан маҥнай төрөппүттэрэ эрэйдэнэллэрин билиэ этилэр. Ол иһин оҕо иитиитигэр кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн кыһаналлара эрэйиллэр.

Аныгы төрөппүттэр олохторо тупсубутунан туһанан уонна киһи өйө-санаата сайдан иһиитин уратыларын билбэттэриттэн үчүгэй баҕайы кыра оҕо албыныгар киирэн биэрэн атаахтатан кэбиһэллэрэ элбээн хаалла. Арай сахалыы Кут-сүр, таҥара үөрэҕин туттустахха, өй-санаа үөрэҕэ оҕо улаатан истэҕинэ уларыйар кэмнэрин биллэххэ эрэ оҕо иитиитэ табыллар, киһилии суолунан барар кыахтанар.

Онон кыра оҕо үчүгэй баҕайытык көрөн-истэн, үөрэн-көтөн бэлэмҥэ үөрэнэр албыныгар төрөппүт киирэн биэрбэтэ эрэйиллэр.

ТУҺА КИҺИТЭ

Сахалар “Үлэ ыарахан” диэн этэллэр. Үлэҕэ үөрэнии оҕо сатаан, табан туттуна үөрэнэ илигиттэн сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн өссө эрэйдэри үөскэтэр. Оҕо кыра буолан ол эрэйдэри кыайан тулуй-бакка үлэҕэ үөрэнэрин сөбүлээбэт буолуута үөскүөн сөп.

Үлэ эрэйдээҕиттэн, сатанан, табыллан испэтиттэн оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ сөбүлээбити биллэрии, кыратык хайҕааһын, манньаны туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Маҥнайгы үлэни оҥоруу табылыннар да, табыллыбатар да оҕо санаатын көтөҕөн биэрии салгыы үөрэнэн иһэригэр тугу эмэ оҥороругар улаханнык туһалыыр.

Оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ үлэ оҥорору кытта табылла, сатана охсубат диэн быһаарыыны тутуһуу эрэйиллэр. Ол аата оҕо аан маҥнай оҥорбута табыллыбата улахан санаарҕабылы үөскэтэрэ суох буолара ситиһиллэр. Үлэни оҥоруу киһи буор кута сайдыбытыттан, хамсаныыны хайдах оҥороруттан улаханнык тутулуктанар. Элбэхтик хос-хос хатылаан оҥордоххо хамсаныы тупсан иһэрэ ситиһиллэриттэн табыллара, сатанара кыалларын оҕо билэрэ туһалыыр Өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт сахалар оҕо өйө-санаата үөскүүр кэмин арааран билэннэр, ийэ кута иитиллэр, үгэстэрэ үөскүүр кэмин аһаран кэбиспэккэ таба туһанан, үлэҕэ үөрэтиини кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ оҥорон саҕалыыллар. Бу кэмҥэ үөскээбит үлэлииргэ үгэһэ баҕа санааны үөскэтэн оҕону үлэһит оҥорорун туһаналлар. Оҕо үлэҕэ үөрэниитэ туһа киһитэ буолан ийэ кута үлэлииргэ үгэстэринэн иитиллэриттэн саҕаланар. Ол курдук, атаҕар туран хаамаат даҕаны, барар-кэлэр санаата улаатан ону-маны таскайдыыр, илдьэр, аҕалар баҕа санаата үөскүүр. Бу кэмҥэ тугу эмэ аҕалбытын төрөппүтэ хайгыыр, сөбүлүүр буоллаҕына үөрүүтэ өссө улаатан, дьолу билэригэр тириэрдэрин таһынан үлэлииргэ үгэһэ олохсуйар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үөскүүр кэмэ үлэлииргэ үөрэнэр баҕа санаатын үөскэтэрин сахалар таба туһаналлар уонна туһа киһитэ буолуу диэн ааттыыллар. Саҥа хаампыт оҕо сылдьар ыыра кэҥээн иһэриттэн уонна ону-маны тутан таскайдыырыттан, кэлэриттэн-барарыттан үлэлииргэ үгэһи үөскэтинэрэ бу кэмтэн ыла саҕаланар. Бары төрөппүттэр бу кылгас кэми аһаран кэбиспэккэ оҕону туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ, хамсаныылары оҥорорго үөрэтиэхтэрэ этэ.

Саҥа хаампыт оҕо сылдьар сирэ кэҥээн ийэ кута үөскүүрэ түргэтиир. Бу кэм биллэр уратытынан оҕо хаамара эбиллэн ону-маны таскайдыыра киирэрэ үлэлииргэ үгэһи үөскэтэн олохсутар. Ол курдук, бу кэмҥэ оҕо үлэлии үөрэннэҕинэ ийэ кута үлэлииргэ үгэстэри иҥэринэрэ баҕа санааны үөскэтэн кэбиһэр. Төрөппүттэр оҕолоругар үлэлииргэ үгэһи иҥэрэн биэрдэхтэринэ үлэһит буолар кыаҕа улаатар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит үгэһэ үлэлииргэ үөрэнэригэр, үлэ ыараханын тулуйан кыайарыгар көмөлөһөр.

Бэйэлэрэ үлэһит төрөппүттэр үлэлии сылдьалларын оҕо көрөн-истэн, үтүктэн үлэлииргэ үгэстэри иҥэринэр кыаҕа улаатара үлэҕэ үөрэнэригэр көмөлөһөр. Бу көмө баарын үлэһит дьон оҕолоро үлэһит буола улаатара бигэргэтэр. Үлэлии сылдьар төрөппүт оҕону батыһын-нара сылдьан үтүгүннэрэн үлэҕэ үөрэтэрэ ордук табыллар.

Үлэлииргэ үөрэтиигэ оҕону соруйан иһии туһалыыр. Оҕо тугу оҥорору билбэтиттэн, кыайан быһаарбатыттан аан маҥнай соруйууну толоро үөрэнэрэ туһалыыр, хаамары баһылаатаҕына төрөппүт этэрин истэн, ону толорор кыаҕа улаатар. Төрөппүт оҕону элбэхтик соруйан истэҕинэ оҕо кыра да үлэни оҥорон иһэрэ элбээн үөрэнэрэ түргэтиир. “Маны илдьэн биэр”, “Ону аҕал” диэн соруйуулар үлэлииргэ үөрэтэл-лэр, оннук үгэстэри оҕо ийэ кутугар иҥэрэллэр. Соруйан иһии оҕо улахан киһи этэрин таба истэн толороругар үөрэтэрэ этэр тылы истэр, соннук толорор буоларыгар үөрэтэр күүстээх.

Соруйуу быыһыгар үлэни хайдах оҥордоххо ордук табылларын, сатанарын кэпсээн, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэн истэххэ үөрэтии өссө табыллар. Итини тэҥэ, оҥоруллар үлэ табылларыттан, сатана-рыттан тутулуга суох кыратык хайҕаан биэрдэххэ оҕо көмөлөһөн иһэрэ улаатарын туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Тугу эмэ соруйуу оҕо төрөппүт этэр тылын истэригэр, соннук толороругар тириэрдэн үгэһи үөскэтэн иҥэрэр. Бу үөскээбит үгэс оҕо төрөппүтүн этэрин улаатан да баран сыаналыырыгар уонна толоро-ругар тириэрдэр. Аныгы төрөппүттэр оҕобут улаатан истэҕинэ этэр тылбытын истибэт, толорбот буолан иһэр диэн санааргыыллар. Кинилэр сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин билбэттэриттэн, оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр атаахтата сылдьаллара, ити уларыйыынан биллэн тахсар. Ол курдук, атаах оҕо бэйэтин баҕа санааларын урутаан оҥоро сатыырыттан төрөппүттэрин этэллэрин истибэтэ улаатан иһэр.

Үлэҕэ үөрэнии эрэйдээх, сыыһа-халты туттунары суох оҥордоххо эрэ табыллар уонна уһун кэми ылар. Ол иһин оҕо санаатын көтөҕөн биэрэн иһии, үлэҕэ үөрэнэрин күүһүрдэриттэн хайҕааһыны кытта туттуллара ордук, ону тэҥэ, кыра манньа эмиэ туһалыыр.

Оҕо бэйэтэ тугу оҥорбутуттан үөрэрэ, сатаабытыттан дьоллоноро үлэни оҥорон иһэрин элбэтэр. Үлэлии үөрэнии оҕо тугу оҥорбутуттан санаата көтөҕүллүүтүн, үөрэрин, дьолу билиитин үөскэттэҕинэ умнуллубат өйдөбүллэри хаалларан салгыы үлэлииригэр көмөлөһөр.

Атаахтыы улааппыт оҕо улаатан, өйө эбиллэн истэҕинэ бэйэтигэр үчүгэйи оҥорор санаата улаатан иһэриттэн, сынньалаҥнык сылдьарын ордороруттан, үлэни эрэйдэнии курдук саныыра олохсуйан хаалар. Бу сынньалаҥнык, төрөппүттэр көрүүлэригэр-истиилэригэр сылдьарга үөрэнэн хаалбыт, олохсуйбут өйө-санаата, үгэһэ оҕо үлэҕэ үөрэнэрин тэҥэ, улаатан баран үлэлиирин мэһэйдии сылдьар.

Элбэхтик олоро, оонньуу үөрэммит оҕо, ол быһыыта үгэс буолан хааларынан куруук онто салҕана турарыгар баҕарарыттан, уларытыан баҕарбат санаата үөскээн олохсуйар. Оҕолорун атаахтатар, бэлэмҥэ сырытыннарар төрөппүттэр улаатан истэҕинэ тугу эмэ оҥороро букатын аҕыйаан иһэрин бэлиэтииллэр. Үлэ, даача эҥин туһунан санаттахха сынньанар, күүлэйдиир эрэ сир туһунан саныахтарын сөп.

Өй-санаа үгэстэринэн салаллар. Ол аата саҥа, туһалаах үгэс үөскээн киһини салайыыны бэйэтигэр ылыннаҕына эрэ урукку үгэс уларыйар, саҥанан солбуллан хаалар кыахтанар. Атаахтыы, бэлэмҥэ сылдьыбыт оҕоҕо оннук үгэстэр үөскээн хаалалларыттан саҥа үгэһи үөскэтинэн үлэлии үөрэнэрэ уустугуран хаалар.

Бэлэмҥэ үөрэнэн бэйэмсэҕэ улааппыт оҕо бэйэтин туһугар үлэлиирэ киириэн сөп эрээри, уһуннук барбат уратыланар. Ол курдук, атаах оҕо тулуура суоҕуттан, чэпчэки да үлэни кыайара улаханнык уустугурар уонна түмүгэр тириэрдэрэ саарбахтардаах буолан тахсар.

Кыра эрдэҕинэ үлэлиир үгэстэргэ үөрэммэтэх оҕону ыган-хаайан үлэҕэ үөрэтии улахан эрэйдэри үөскэтиэн сөп. Үлэ элбэх ыарахан-наах, сыыһа-халты буолан хаалара, табыллыбата элбэх, олору оҕо тулуйа үөрэннэҕинэ эрэ үлэлии үөрэнэр кыахтанар. Оҕо үлэни эрэйдэниинэн аахтаҕына үөрэнэрин букатын быраҕыан сөп.

Туһа киһитэ буолуу үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн оҕоҕо үлэлииргэ баҕа санааны үөскэтэр. Үлэлииргэ баҕа санаалаах оҕо сүрэхтээх оҕоҕо кубулуйар, ханнык баҕарар үлэҕэ үөрэнэр кыаҕа улаатар.

Аныгы кэмҥэ араас тиэхиникэ, массыына оонньуурдар дэлэйии-лэрэ оҕо кыра эрдэҕиттэн бу тэриллэринэн оонньоон, туһаныыны баһылаан үгэс оҥостон кэбиһэригэр тириэрдэрэ үлэлииргэ түргэнник үөрэнэригэр туһаны оҥорор. Массыыналарынан оонньуу үөрэммит оҕо суоппар идэтин баһылыыр кыаҕа чахчы улаатар.

Онон оҕо кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолара үлэлииргэ үгэстэри үөскэтэн улааттаҕына туһалыыр. Бу үөскээбит үгэһин дьайыытыттан оҕо улаатан баран үлэһит киһи буолары ситиһэрэ кыаллар.

ОҔОНУ ҮЛЭЛИИРГЭ ҮӨРЭТИИ

Үлэни оҥоруу уустук, эрэйи үөскэтэр. Оҕо үлэлии үөрэнэригэр кыра да буоллар баҕа санаа баар буоллаҕына үлэҕэ үөрэнэрэ чэпчиир, бэйэтэ кыһанара улаатар, ол иһин уустук да үлэни баһылыыр. Бу олус туһалаах баҕа санааны үгэскэ кубулутан, оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон төрөппүттэрэ үгэһи иҥэрэн биэрдэхтэринэ, оҕо үлэһит буола улаатар кыахтанар.

Баҕа санаа киһини хамсатар, тугу эмэ оҥотторор. Оҕо бу үлэлииргэ баҕа санааны үөскэтинэр, ийэ кута иитиллэр кэмин аһаран кэбистэххэ, атаахтата сырыттахха, оҕо баҕа санаата бэйэтин туһугар үлэлиирэ үөскээн, бэйэмсэҕэ сайдан чэпчэкини, бэйэтигэр туһалааҕы эккирэтэргэ үөрэнэн хааллаҕына, үлэлииргэ үөрэнэрэ баҕа санаатыгар сөп түбэспэккэ эрэйдэниигэ тэҥнэнэн хаалыан сөп.

Оҕо өйө-санаата сайдан иһэригэр маннык ураты үөскүүрүн сахалар билэн “Туһа киһитэ” диэн аналлаах үөрэҕи айаннар оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр туһана сылдьаллар. Бу кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөскээбит баҕа санаатын күүһүнэн үлэһит, хамсаныылары оҥорор үлэни сөбүлүүр буола улаатара кыаллар. Ханнык баҕарар үлэни оҥорор хамсаныылары олус сэрэхтээхтик оҥордоххо эрэ тугу эмэ табатык, сатаан оҥорууга тириэрдэллэр. Ол иһин үлэһит сахалар "Нэмин билэн туттунуу" диэн үөрэҕи үөскэтэн туһана сылдьаллар. Бу үөрэх үлэни нэмин билэн үлэлээтэххэ, табан хамсаннахха, сыыһа-халты туттубатахха эрэ кыалларын, сатанарын быһаарар. Ол иһин оҕо үлэҕэ аан бастаан атын улахан уопуттаах аҕа киһи көмөтүнэн туһанан үөрэтиллэрэ эрэ туһаны, үлэҕэ үөрэниини аҕаларын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Бэйэтэ үлэни сатаабат, сүрэҕэ суох, дьадаҥы киһи оҕону үлэҕэ үөрэтэр кыаҕа кыра буолар.

Оҕону үлэлииргэ үөрэтиини төрөппүттэр эрэ табан, сатаан оҥорор кыахтаахтар. Үлэҕэ үөрэнии ыарахан оҕоҕо эрэйдэри үөскэтэр. Ол курдук, бэйэлэрэ үлэһит, илиилэрин араарбакка куруук үлэлии сылдьар төрөппүттэр оҕолорун батыһыннара сылдьан үтүгүннэрэн үөрэтэллэрэ оҕоҕо ордук тиийимтиэтин туһаналларын тэҥэ, кыра, тулууру, туттунар күүһү үөскэтэргэ туһалыыр баттааһыны, ыгааһыны оҥорон биэрэр кыахтара улахана көмөлөһөр. Үлэҕэ үөрэнии эрэйдээх, уһун кэми ылыан сөп. Ол иһин кыра да буоллар, бу үөскүүр эрэйигэр тэҥнэһэр ыгааһыннаах буоллаҕына эрэ табыллар. Ийэ аһыныгас, харыстыыр санаата элбэҕиттэн оҕону бэйэтэ сатыыр үлэлэригэр эрэ үөрэтэр кыахтанар, дьиэ таһынааҕы үлэлэр хайдах табыгастаахтык, нэмин билэн үлэлэннэхтэринэ ордук табыл-лалларын, сатаналларын билбэтиттэн оҕону, ол үлэлэргэ үөрэтэр кыаҕа кыччыыр. Үлэлииргэ үөрэниигэ бэйэни аһынар санаа, атаах-тааһын аҕыйаатаҕына табыллар. Ол иһин үлэ уратыларын, ыарахан-нарын хайдах кыччатары улахан уопуттаах киһи, аҕа этэн, көрдөрөн биэрэрэ оҕо үлэлии үөрэнэригэр хайаан да эрэйиллэр.

“Үлэ ыарахан” диэн сахалар мээнэҕэ эппэттэр. Уһун үйэлэргэ араас үлэни үлэлээн чахчы ыараханын, эрэйдээҕин билэллэр. Оҕону үлэҕэ көрдөбүлэ арыычча кытаанах аҕа үөрэтэрэ ордук табыллар. Ол курдук, үлэ уустуктарын, эрэйдэрин бэйэтэ билэриттэн үлэни хайдах үлэлииргэ көмөлөһөр кыаҕа улаатара улаханнык туһалыыр.

Үлэлииргэ үөрэнии аан бастаан үөрэтииттэн саҕаланара табыллар. Ол курдук, элбэх уопуттаах, бэйэтэ кыра эрдэҕиттэн элбэхтик үлэлээ-бит улахан киһи, аҕа аан маҥнай көрдөрөн, хайдах үлэлиири үтүгүннэрэн, билиһиннэрэн биэрбитин кэнниттэн, оҕо ону бэйэтэ үтүктэн үлэлииргэ үөрэнэрэ эрэйэ суох ситиһиллэр кыахтанар.

Оҕону үлэлииргэ үөрэтии икки өрүттэнэн тахсар:

1. Үөрэтии диэн атын, улахан уопуттаах киһи оҕону батыһын-наран, көрдөрөн биэрэн баран, “Мин курдук оҥор” диэн этэн үтүгүн-нэрэн оҥотторон баран өссө хатылаан чиҥэтэн биэрэрэ ааттанар.

2. Үөрэнии диэн оҕо бэйэтин өйүнэн-санаатынан салайынан үлэҕэ үөрэнэрин этэллэр. Ол аата оҕо өйө-санаата, салгын кута сайын-наҕына, тулуура, дьулуура улааттаҕына бэйэтэ таба быһаарынан, баҕа санаатын үөскэтинэн баран үлэни оҥорууга үөрэнэр кыахтанар.

Үлэ хамсаныылара уустуктар, өй-санаа үөрүйэхтэри үөскэтэн, эти-сиини онно сөп түбэһэр гына уларыттаҕына эрэ таба хамсаныы-лары оҥоруу кыаллар, ол иһин үлэлииргэ өр кэмҥэ үөрэниллэр. Бары хамсаныылары барыларын нэмин билэн хамсаннахха эрэ үлэни табатык оҥоруу кыаллар. Ол курдук, хамсаныы күүһэ тиийбэт да буолбакка, өссө аһара барбакка, бу үлэни оҥорууга сөп түбэһэрэ хайаан да ирдэнэр. Аһара барар күүстээх уонна түргэн хамсаныылар үлэҕэ куһаҕаны оҥороллоро элбээн хаалыан сөбүттэн сахалар харыстанан “Нэми билэн туттунуу” диэн үөрэҕи айан туһаналлар.

“Сыыдам хамсаныылаах” диэтэхтэринэ түргэн эрээри, табатык, үлэҕэ сөп түбэһэр сыыдам хамсаныыны оҥоруу этиллэр. Хамсаныы күүһэ үлэни оҥорууга сөп түбэһиитэ нэми тутуһууну үөскэтэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ этин-сиинин табан хамсатара кыаллыбатыттан уонна өйө-санаата ситэ сайда илигиттэн үлэҕэ бэйэтэ үөрэнэрэ кыаллыбат, ол иһин оҕону үлэҕэ үөрэттэххэ эрэ табыллар.

Оҕо үлэҕэ үөрэтиллэр. Ол аата улахан уопуттаах, сатаан, табан үлэлииргэ үөрэммит киһи, аҕа көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэриитин үтүктэн оҕо үлэлииргэ үөрэнэрэ кыаллар. Бу быһаарыы сахалыы таҥара үөрэҕин киһи быһыыта диэн хааччаҕын үөскэппит. Ол курдук, оҕо тугу барытын, үлэни эмиэ аан бастаан улахан киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэннэҕинэ сыыһа-халты, аһара туттунара суох буолар уонна киһи быһыылаах буолууну ситиһэр кыахтанар. Тугу эмэ туһалааҕы оҥорбутуттан оҕо үөрэрин, дьоллонорун үөскэппит төрөппүт оҕото үлэһит буола улаатар кыахтанар. Ол курдук, дьолу билии үгэһи түргэнник үөскэтэриттэн өр кэмҥэ умнуллан хаалбат.

Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ туттар тэрил оҕоҕо анаан оҥоруллубута улахан оруолу ылар. Аҕа оҕотугар анаан туттар тэрили оҥорон эбэтэр булан биэрдэҕинэ үлэҕэ үөрэтэр күүһэ биллэрдик улаатар. Оҕо бу туттар тэрили баһылыырга уонна табан туһанарга баҕа санаата үөскээтэҕинэ үлэҕэ үөрэниини кыайар кыахтанар. Аҕа диэн тыл оҕону үлэҕэ үөрэтэригэр улахан уопуттааҕы, аҕа саастааҕы биллэрэр суолтата улахан туһаны оҥорор. Ол курдук, оҕо бэйэтинээҕэр ордук уопуттааҕы, билиитэ-көрүүтэ элбэҕи батыһар, үтүктэр баҕа санаала-нарыттан үөрэҕи баһылааһына ситиһиилэнэрэ кыаллар.

Үлэ таҥнар таҥаһы киртитэр. Үлэҕэ үөрэтиигэ оҕо таҥна сылдьар таҥаһа улахан оруолу ылар. Таҥнар таҥас айылҕа кэмигэр уонна оҥоруллар үлэҕэ сөп түбэһэр буолара табыллар. Оҕо элбэхтик хамсанарыттан тиритэн, сылайан иһэрэ элбэҕиттэн үөрэтэр киһи кэтии сылдьара эрэйиллэр. Үлэлии сылдьан тиритиитэ туга эрэ ула-ханнык табыллыбатын, сөп түбэспэтин биллэрэр. Онно аан маҥнай таҥаһын көрүллэр, элбэх буоллаҕына көҕүрэтэн биэриэххэ сөп.

Оҕону тымныыга илдьэ сылдьарга, аны тоҥмотун тэҥэ, тиритэрин кэтээн көрүү эрэйиллэр. Тымныы кэмҥэ оҕо тиритэрэ ордук куһаҕан. Тиритии кэнниттэн тоҥуу, онтон тымныйыы тиийэн кэлиэн сөбүттэн үлэҕэ үөрэтэр киһи сэрэннэҕинэ, куруук кэтии, көрө сырыттаҕына үлэни оҥоруулара табыллар. Улахан тымныы кэмҥэ сыарҕаҕа олорон уһуннук айаннааһын оҕо тоҥоругар тириэрдэрэ. Урукку кэмҥэ тоҥмут оҕону “Кыратык сүүрэ, хаама түс” диэн этэллэрэ, сыарҕаттан түһэрэн хаамтараллара ордук туһалаах буолара. Көрө, кэтии сылдьан сылыйбыта биллэрин кытта сыарҕаҕа эмиэ олордон сынньаталлара.

Үлэ былыр-былыргыттан эрэйдээх диэн ааҕыллар. Сахалар бу уратыны оҕо иитиитигэр туһаналларын көйгө оҕо диэн ааттанар оҕо иккис өрүтэ баара биллэрэр. Көйгө оҕо диэн кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэммит, тулуура улааппыт оҕо ааттанар. Үлэһит дьон оҕолоро үлэҕэ кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн көйгө оҕо буола иитиллэллэрэ улааппыттарын кэнниттэн туһалааҕа биллэн тахсар. Үлэлии үөрэм-мит, тулуура, дьулуура эбиллибит оҕо улааттаҕына бэйэтэ үлэлээн, булан-талан байыыны ситиһэр кыаҕа биллэрдик улаатар.

Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ сахалар “Оҕо атаҕа – ыт атаҕа” диэн этиини туһаналлар. Бу этии оҕо элбэхтик уонна түргэнник хамса-ныылары оҥорор кыахтааҕын быһаарар. Кыра эрдэҕинэ оҕо туһа киһитэ буолан ону-маны аҕалан биэрэриттэн, көмөлөһөрүттэн үөрэҕи ылынан үлэһит буола улаатар кыахтанар, бэйэтэ тугу туһалаабы-тыттан үөрэрэ үлэлииргэ үөрэҕи ылынан иһэрин түргэтэтэр. (3,50).

“Үлэ эрэйдээх” диэн этиллэр. Ол иһин оҕо үлэлии үөрэнэригэр, тугу эмэ туһалааҕы оҥордоҕуна санаатын көтөҕөн хайҕанара, кыра манньа да ылара эрэйиллэр. Үлэни оҥоруу ыараханыттан, кыаллан, табыллан испэтиттэн оҕо саллан, санаата түһэн хааллаҕына үөрэнэрэ аҕыйаан, сөбүлээбэтэ улаатан хаалыан сөп. Оҕо үлэҕэ үөрэнэригэр үтүктэр, батыһар киһитэ баар буоллаҕына табыллар. Бэйэлэрэ үлэһит төрөппүттэр оҕолорун батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэтэр кыахтара элбиир. Ол иһин үлэһит төрөппүттэр оҕолоро үлэһит буола улаатал-лара эбиискэ эрэйэ суох ситиһиллэр.

Улахан да киһи саҥа үлэни аан бастаан үлэлииригэр, бу үлэ уратыларыгар үөрэтиллэрэ хайаан да ирдэнэр. Ол курдук, хас биирдии үлэҕэ сэрэхтээх буолуу көрдөбүллэрин тутуһа сылдьыы эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Биир сыыһа-халты туттунуу оҥоруллан эрэр үлэни буортулуурун тэҥэ, араас дэҥ, оһол тахсан хаалыан сөп.

Баай киһи илиитинэн тутан-хабан тугу эмэ оҥороро аҕыйаҕыттан бэйэтин сыыһа-халты туттуммат курдук санаата олохсуйан хаалыан сөп. Тыл үөрэхтээхтэрэ кумааҕыны эрэ бэрийэллэриттэн, уруучуканан эрэ суруйалларыттан бэйэлэрин “үчүгэй” курдук сананыылара аһара улаатан сыыһаны-халтыны, куһаҕаны оҥорбот курдук сананар буолан хаалбыттар. Ол иһин киһи оҥорор быһыыта оҥоруллубутун кэнниттэн икки аҥы арахсан, икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын билбэт буолан хаалбыттар. Икки өрүттээх өйдөбүллээх айыы диэн куһаҕана элбэх тылы “үчүгэй” эрэ оҥоро сатыыллара, киһи өйө-санаата, оҥорор быһыыта бэйэтэ икки өрүттэнэн тахсарыгар сөп түбэспэт, ол аата саха дьонун барыларын албынныы сылдьаллар.

Айыы диэн тыл бары өйдөбүллэрэ манныктар:

1. Үчүгэй, туһалаах саҥаны айыыны оҥоруу. Олоххо сайдыыны киллэрии туһалааҕы, барыһы киллэрэр саҥаны айыыны оҥордоххо эрэ табыллар, ол иһин үрүҥ айыы диэн ааттанар.

2. Куһаҕаны, туһата суоҕу, буортулааҕы айыы, хара айыыны оҥоруу буолан тахсан умнуллар, быраҕыллар дьылҕаланар.

3. Атыттар билбэт, оҥорбот быһыыларын, уратыны, саҥаны айыыны оҥоро сатааһын табыллыбакка, сатаммакка хаалара элбээн тахсан быраҕыллан иһэриттэн куһаҕаны оҥорууну үксэтэн кэбиһэр.

4. Киһи айыыны, уратыны “үчүгэй буолуо” диэн сыыһа, быстах санаатыттан оҥоро охсубута куһаҕан буолан тахсара элбиир.

5. Айыыны, уратыны, дьон өссө билбэттэрин оҥоро сатаан тиэтэйииттэн, ыксааһынтан сыыһа-халты туттунуу элбээн үчүгэй да буолуон сөбүн куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһии үөскээһинэ.

6. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара этиттэн-сииниттэн туспа баран Үөһээ дойдуга айыы буолан сылдьаллара уонна тыыннаах киһи өйүн-санаатын угуйаллара, ыҥыраллара куһаҕан дьайыытыттан бэйэтин үйэтин кылгатан кэбиһэригэр тириэрдиэхтэрин сөп.

Бу элбэх өйдөбүллэртэн айыы диэн тыл биир эрэ үчүгэйдээҕэ арыллар, онтон атыттара бары куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр, олору элбэтэллэр. Ол иһин айыы диэн тыл куһаҕан өйдөбүллээх тыл буолар уонна оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туттуллара хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Бу туһалаах хааччаҕы билэн үөрэх министерствота “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны хайаан да тохтоторо эрэйиллэр.

Киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсал-лара хаһан да суох буолбаттар. Ол курдук, үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар киһи барыта тугу сөбүлүүрүттэн эбэтэр сөбүлээбэ-титтэн тутулуктанан үөскээн иһэллэрэ хаһан да уларыйбат. Аныгы төрөппүттэр үөрэҕи “үчүгэй” диэн аһара арбааннар, оҕо улаатан иһэн үлэҕэ уонна бэрээдэккэ үөрэнэр кэмин суох оҥорон кэбистилэр. Ол курдук, оҕо улаатан эрдэҕинэ үөрэҕинэн; ааҕыынан, суруйуунан уонна уруһуйунан дьарыктааннар, олору эрэ соҥнооннор, оҕолор бэрээдэккэ уонна үлэлии үөрэнэллэрэ хаалан сылдьар. Оҕо үлэҕэ үөрэнэр кэмэ атаҕар туран хаамар кэмиттэн саҕаланан, туһа киһитэ буолан ийэ кутугар үлэлииргэ үгэстэри иҥэринэр, онтон улаатан истэҕинэ араас үлэлэри үлэлииргэ үөрэтиллэр.

Сэбиэскэй былаас саҕана дьону барыларын үрдүк үөрэхтээһин диэн сымыйа этиини тутуһаннар үөрэҕи аһара ыытан кэбиспиттэрэ. “Сүөһү көрөөччү буолуоҥ” диэн үөрэҕи кыайбатах оҕону хомуруйуу баар буола сылдьыбыта бэйэлэрин үчүгэйдик сананар эдэрдэр тыа сирин үлэлэрин быраҕалларын үөскэппитэ.

Билигин ырыынак кэмигэр үлэ эрэ сайдыыны, тупсууну аҕалара быһаарыллыбытын кэннэ, үөрэҕи өрө тута сатааһын өссө да хаала илик. Кыайа-хото үлэлээччилэр элбэх барыһы ылаллара биллибитин да кэнниттэн, дьон сынньалаҥнык сылдьарга баҕа санаалара улаха-ныттан чэпчэки үлэни көрдүүллэрин аҕыйата иликтэр.

Оҕо үлэлииргэ баҕа санаатын хам баттаабакка эрэ үлэҕэ үөрэтии төрөппүт бэйэтэ оҥорон көрдөрдөҕүнэ, үтүгүннэрэн биэрдэҕинэ эрэ кыаллар. Бу уустук үлэни олоххо улахан уопуттаах киһи табатык ыытар кыахтанар. Ол иһин бэйэлэрэ үлэһит төрөппүттэр оҕолоро үлэни сөбүлүүллэрэ уонна эрдэлээн баһылыыллара ситиһиллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар оҕону үлэҕэ үөрэтии сөп түбэһэринэн икки өрүттэнэр:

1. Оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр кэмигэр “Туһа киһитэ” оҥорон үлэлииргэ үгэстэри уонна баҕа санааны иҥэрэн биэрии туһалыыр.

2. Улаатан иһэр оҕо салгын кута сайдан иһэринэн бэйэтэ өйүнэн-санаатынан ылынан үлэлии үөрэниитэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанара салҕанан баран истэҕинэ табыллар.

Үлэҕэ үөрэнии бу икки өрүттэриттэн сымыйанан үөрэтэр арҕааҥҥы үөрэхтэри батыһа, үтүктэ сатааһынтан оҕону туһа киһитэ оҥоруу уонна ийэ кутун иитии хаалан сылдьар. Ол иһин оҕолор үлэлииргэ үгэстэрэ, баҕа санаалара суох буола улаатан хаалаллар.

Оҕону үлэҕэ үөрэтии диэн элбэх баайы биэриигэ тэҥнэнэр уһун кэмнээх үлэ буолар. Элбэх оҕолоох үлэһит ыаллар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэллэриттэн бэйэлэрэ улааттахтарына үлэни кыайа-хото үлэлээн баайы үөскэтинэр, мунньунар кыахтаналлар.

Онон оҕону үлэлииргэ үөрэтии диэн эрэйдээх, кыра эрдэҕиттэн уһуннук дьарыктаннахха эрэ кыаллар ыарахан үлэ буолар.

ҮЛЭ уонна ҮӨРЭХ

Дьон былыр-былыргыттан элбэхтик хамсанан илиилэринэн элбэх-тик үлэлээн, тутан-хабан ону-маны туһалааҕы, саҥаны айыыны оҥорон олохторугар сайдыыны, тупсууну киллэрэн иһэллэр.

“Үлэ - киһини айбыта” диэн этии киһи сайдыытыгар үлэ ылбыт улахан оруолун, өйө-санаата этигэр-сиинигэр үөскүүрүн быһаарар. Үлэни оҥоруу киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын тэҥҥэ сайыннарарынан үөрүйэхтэри, буор куту үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэн иһэринэн, уһун үйэлэргэ туһалаах сайдыыны ситиһиигэ тириэрдибит. Үлэни оҥоруу эрчийэр хамсаныыларыттан дьон бэйэлэрэ тупсан испиттэрин тэҥэ, үлэни баһылаан өйдөрө-санаалара сайдыыны ситиһэрэ кыаллыбыт.

Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөрэх өйү-санааны сайынна-рара түргэнэ быһаарыллан, аны үөрэх бастаан иһэр диэн халыйыы үөскээн сылдьар. Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр үөрэх аҕалар туһа-тын быһаараннар сир аайы таҥара дьиэлэригэр оскуолалар аһыллан баҕалаах оҕолору талан үөрэтэн испиттэрэ. Бу үөрэххэ кыанар, баай ыаллар оҕолорун ылаллара уонна биир эмэ талааннаах оҕону үлэһит-тэртэн талан ылан үөрэтэллэрэ. Ол иһин үөрэҕи баһылааһын таба суолунан, сайдыыны ситиһиини туһанар дьонунан тарҕанан испитэ.

Сэбиэскэй былаас быстар дьадаҥыларга, үлэһиттэргэ саҥа олоххо туһалаах баҕа санаалары үөскэтээри, үөрэҕи “үчүгэй” диэн этэн киэҥник тарҕаппыта дьон сайдыыны ситиһэр баҕа санааларыгар сөп түбэһэн, бары орто үөрэҕи баһылаабыттара. Бу кыайыыны ситиһии кэнниттэн аһара бараннар киһи барыта үрдүк үөрэхтээх буолуохтаах диэн ыҥырыыны тарҕатан саҥа албыны киллэрбиттэрэ. Бэйэтэ сайдыыта суох дойдуга элбэх үрдүк үөрэхтээх киһи үлэлиир үлэтэ суоҕуттан кэлин, бу албын арыллан тахсан салайааччылар сымыйа-лара биллэн “перестройка” хамсааһына былааһы уларыппыта.

Үлэ уонна үөрэх киһи сайдыыны ситиһэн иһиитин икки өрүттэрэ буоланнар киһиэхэ икки өрүттээх уратылары оҥороллор. Бу уратылар төһө сыаналаахтара, ол аата туһалаахтара кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах бэриллэн иһэллэриттэн быһаарыллар:

1. Үлэ. Киһи хамсаныылары оҥоруута этин-сиинин эрчийэн, дьарыктаан үөрүйэхтэри үөскэтинэриттэн этин-сиинин кытта буор кутун холбуу сайыннарыыны үлэлээтэҕинэ ситиһэр. Үлэ эти-сиини аан бастаан эрчийэр, онтон хамсаныылары оҥорууттан өй-санаа үөрүйэх буолуута, буор кут үөскээн мунньуллар. Эт-сиин үчүгэй уонна куһаҕан уратылара барылара удьуордааһын, онтон буор кут утумнааһын көмөтүнэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэр. Ол аата кэлэр көлүөнэлэргэ үлэ киһиэхэ оҥорор сайдыыта, тупсуута быһаччы бэриллэн иһэриттэн дьон сайдыыны ситиһиилэрэ түргэтиирэ үлэни оҥорууттан ордук улахан тутулуктааҕа быһаарыллар.

2. Үөрэх. Араас үөрэҕи баһылаан, билиилэри иҥэринэн өйү-санааны, салгын куту сайыннарыыны үөрэх оҥорор. Үөрэх-билии элбэхтэ хатыланан үгэстэри, онтон салгыы үөрүйэхтэри, буор куту үөскэтэрэ олус уһун, биир киһи үйэтиттэн элбэх кэми ылар. Үөрүйэх-тэртэн үөскүүр буор кут эти-сиини бэйэтигэр сөп түбэһэр буола уларыттаҕына эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ эти-сиини кытта бэриллэр кыахтанар. Буор кут диэн эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өй-санаа кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ утумнааһын диэн ааттанар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорууттан ханнык да итэҕэллэрэ суох буолбут, атеистарга кубулуйан хаалбыт дьону албын “коммунизмы” итэҕэйэргэ күһэйээри үөрэҕи киэҥник тарҕаппыттара. Ону баара төһө эрэ кэминэн үөрэхтэммит, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон, “коммунизм” албынын, сымыйатын син арыйаннар, сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ.

Аныгы үйэҕэ сэбиэскэй былаас тобохторо элбэхтэриттэн үөрэх эрэ дьону сайыннарыа диэн сыыһа санаа үөскээбититтэн бары үөрэҕи ситиһэ сатааһыннара сайдан сылдьар. Ол эрээри, дьон тус-туспа араҥаларыгар бэйэлэрэ үлэлиир үлэлэригэр сөп түбэһэр таһымнаах үөрэх өйдөрүгэр-санааларыгар эрэйиллэрин билиннэххэ табыллар. Ол курдук дворниктарга, араас элбэх харабылларга уонна былыргы быһаарыынан хара үлэһиттэр диэн ааттанааччыларга, атын эбиискэ үлэнэн дьарыктаммат буоллахтарына, оннук элбэх үөрэх туһата да суоҕа, эрэйиллибэтэ да быһаарыллан тахсар.

Үөрэх биир эрэ киһи үйэтигэр тиийэр. Ол курдук, үөрэх салгын куту үөскэтэринэн киһи өллөҕүнэ үс хонугунан көтөн, ыһыллан хаалар. Ийэ кут үгэстэртэн үөскүүрүнэн өлүү кэнниттэн тоҕус хонугунан үрэллэрэ, ыһыллара, айыы буолара тиийэн кэлэр. Киһи кэлэр көлүөнэлэригэр хамсаныылартан үөскүүр буор кутун уонна араас үөрүйэхтэрин биэрэр. Үлэ буор куту үөскэтэн тарҕатарынан киһи сайдыыны ситиһэригэр умнуллан хаалбат туһаны оҥорор.

Киһи үөрэммит үөрэҕэ аҕалар барыһынан бэйэтэ эрэ туһанар, чэпчэки, харчылаах үлэни булан барыс киллэриниэн, сынньалаҥнык сылдьыан сөп. Сынньалаҥнык, күүлэйдии сылдьар, үгүстүк олорор төрөппүтүн көрөн оҕото сүрэҕэ суох буола улаатара, хамсаныылары оҥорбото, этин-сиинин эрчийбэтэ мөлтөөһүнү үөскэтэн, бу аймахтары сотору эстиигэ тириэрдиэн сөп. Ол аата үөрэх кэлэр көлүөнэлэр эттэрин-сииннэрин мөлтөтөн иһэрэ быһаарыллар. Үөрэх үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кыайан кубулуйбакка хааллаҕына, эти-сиини кыайан уларыппатаҕына, буор куту үөскэппэтэҕинэ кэлэр көлүөнэлэргэ кыайан бэриллибэккэ умнуллан, ыһыллан хаалар. Ону тэҥэ, үөрэх киһи өллөҕүнэ көтөн, арахсан, ыһыллан хааларыттан кэлэр көлүөнэлэргэ кыайан тиийбэккэ биир киһи үйэтинэн быстан иһэр. Бу быһаарыы киһи өллөҕүнэ салгын кута үс хонугунан көтөрүнэн, ыһыллан хааларынан чуолкайданар. Үөрэхтэммит киһи сынньалаҥнык сылдьара, чэпчэки үлэни үлэлиирэ оҕотун үлэҕэ сүрэҕэ суох оҥорор. Оҕото төрөппүтүн көрөн, үтүктэн үөрэнэригэр төттөрү хайысхалаах, куһаҕан үөрэҕи биэрэр. Элбэхтик дьыбааҥҥа сытар киһи оҕото өссө үгүстүк сытарга үөрэнэн хааларыттан үлэни сөбүлээбэтэ үөскээн хаалыан сөп.

Сахалар үлэни олус былыргы кэмнэртэн баһылаабыттарынан “Нэми билэн туттунуу” диэн аналлаах үөрэҕи олоххо киллэрэн үлэлииргэ үөрэтиигэ туһаналлар. Үлэ хамсаныылара нэмин билэн, сэрэхтээхтик оҥоруллар буоланнар улахан үөрүйэҕи ирдииллэр. Биир сыыһа-халты туттунуу киһи төһө эмэ элбэҕи оҥорбутун барытын буортулаан кэбиһиэн сөп. Ол курдук, буор хаһаары күрдьэх угун тоһутан кэбистэххэ, оҥороору сылдьар үлэ өр кэмҥэ атахтаныан сөп.

Эти-сиини дьарыктааһын бэйэтэ элбэх үлэттэн ситиһиллэр. Киһи сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ эрчиллэрэ уонна буор кута сайдан иһэрэ төрөтөр оҕолоро сайдыылаах буолан төрүүллэрин үөскэтэр. Эр киһи үйэтин тухары оҕо оҥорор кыахтааҕа омук сайдыытыгар, буор кута тупсарыгар ылар оруола улаханын дакаастабыла буолар.

Эр киһи сайдыылаах этин-сиинин уонна буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэринэн омугу эр киһи аан бастаан сайыннарар. Күүстээх, кыахтаах эр киһи ыраас кыыһы ойох ыллаҕына эрэ удьуора уонна утума кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэрин ситиһэр кыахтанар.

Киһи үлэттэн этэ-сиинэ уонна буор кута сайдарынан үлэ киһи сайдыыны ситиһэригэр туһата үөрэхтээҕэр биллэр улахан. Омугу үлэ эрэ сайыннарар диэн этии итинэн дакаастанар. Ол аата үлэ киһиэхэ этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, буор кута сайдыытын үөскэтэринэн бэйэтэ сайдыыны ситиһэрин үөскэтэн биэрэр. Үөрэх биэрбит билии-тинэн туһанан киһи эти-сиинин эрчийиитэ, дьарыктааһына, үөрүйэх-тэри үөскэтиниитэ хамсаныылары оҥорорун тупсаран иһиитэ сайдыыны ситиһии таба суолунан баран иһэрин биллэрэр уонна икки өрүттээх буолууну быһаарар. Ол аата үөрэх буолбакка, эт-сиин хамсаныылары оҥороро тупсара киһи сайдарын үөскэтэр.

Оҕоҕо аан бастаан этэ-сиинэ уонна буор кута сайдан барар, хамсаныылары оҥорон этин-сиинин эрчийэн биир сааһыгар атаҕар туран хаамары ситиһэр. Бу ситиһии улахан суолтатынан оҕо улахан киһи курдук буолууну баһылааһына саҕаланыыта, икки атаҕар туран хаамарыттан саҕаланар. (1,24).

Саха дьоно үлэһиттэр, уустар, бары уус төрүттээхтэр, ол аата сайдыылаах буор куттаахтар. Омугу үлэһиттэр сайыннаралларыттан саха омуга олус уһун үйэни ситиһэр кыаҕа салҕанан иһэр.

Онон омук дьоно сайдыыларыгар үлэ ылар оруола үөрэхтээҕэр ордук улаханын билиннэххэ, оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэттэххэ сайдыыны ситиһиини оҥороро кыаллар кыахтанар.

СЫЫҺА-ХАЛТЫ ТУТТУБАТ БУОЛУУГА ҮӨРЭТИИ

Киһи “Сыыһа туттунуом суоҕа” диэн быһа этинэн кэбиһэрэ табыллыбат, сыыһа туттунуу хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөп. “Быһа этинии” диэн эрдэттэн тугу эрэ үчүгэйи оҥоруом диэн этинэн кэбиһии кэнниттэн, ол быһыы табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэрэ ааттанар. “От сумы и от тюрьмы не зарекайся” диэн өс хоһооно дьадайыы уонна түрмэҕэ түбэһии хаһан баҕарар тиийэн кэлиэхтэрин сөбүттэн, киһи үчүгэйи эрэ оҥоруом диэн улаханнык этинэрэ олоххо табыллыбата элбэҕин биллэрэр.

Үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу эрэйдээх, элбэх үлэни, бириэмэни уонна сыыһа-халты туттубаты эрэйэр. Ол иһин сахалар эдэрдэр саҥаны айыыны оҥороллоругар “Кэс тыл” диэн үгэһи туһаналлар. Бу үгэһи туһаныы кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи этэн, ыйан биэриитин туһанан оҥоруллар саҥаны айыы табыллан, туһалаах, үрүҥ айыы буолан тахсан үчүгэйи аҕаларын туһаныыны биллэрэр.

Дьон бары тугу үчүгэй диэбиттэрин оҥоро, элбэтэ сатыыллар, ол иһин үчүгэй аһара үксээн иһэрэ өйгө-санааҕа халыйыыны үөскэтэрэ тиийэн кэлиэн сөп. Үчүгэй дии санаабыты барытын оҥоро сатааһын табыллыбакка, сатаммакка хаалыыта куһаҕаҥҥа кубулуйарыгар тиийэн хаалара киһи сыыһа-халты туттунуутуттан ордук эбиллэр.

Киһи олоҕор сыыһа-халты туттунан кэбиһии олус улахан куһаҕан оруолу ылар. Ол курдук, үчүгэй баҕайытык олорор киһи биирдэ сыыһа туттунан куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэрэ уонна онтон сылтанан олоҕо алдьанара элбэхтик бэлиэтэнэр. Оҕо сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ ордук элбэх. Сатаан тута-хаба үөрэнэ, нэмин билэн туттунууну баһылыы илигиттэн сыыһа туттунан кэбиһиэн сөп. Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһана, киһи буолууну баһылыан иннинэ сыыһаны оҥороро өссө элбэх буолар. Ол иһин оҕо сыыһа-халты туттубута үгүстүк бырастыы буоларын таһынан, табыллыбакка, сатаммакка куһаҕаҥҥа кубулуйан хааллаҕына, ситэн үөрэппэтэх төрөппүттэрэ эппиэттииллэрэ туттуллар.

Киһи буолууну ситиһии диэн оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорууну баһылааһына ааттанар. Үлэҕэ үөрэнии сыыһа-халты туттунууну аҕыйатан киһилии быһыылары оҥорууга тириэрдэн оҕо өйө-санаата түргэнник сайдарын ситиһиини үөскэтэр.

Оҕо таба туттунарга үөрэнэрэ олус уһун кэми ылар. Өр кэмҥэ үлэлэһэн, тоҕон-хорон, ньамайдаан ньуосканан аһыырга үөрэнэр. Ньуосканы аан маҥнай уҥа илиитигэр туттаран биэрдэххэ, ол илиитэ урутаан хамсыырга үөрэнэн хааларыттан, үлэлииригэр бу илиитэ баһылыыр оруолу ылара ситиһиллэр.

Оҕо хаһан баҕарар сыыһа туттунуон сөп. Ол иһин оҕо диэн ааттанар. Атаҕар туран хааман бардар эрэ тугу барытын тутан көрөрө саҕаланар. Итии чаанньыгы тоҕо тардынан итиигэ буһар оҕолор бааллар. Ол иһин сахалар оҕо итии тэрили тыыппатын туһугар аналлаах “Хаарытан үөрэтии” диэн үөрэҕи туһаналлар. Бу үөрэх кэһэйииттэн, ыарыыны билииттэн эт-сиин түргэнник үөрэх ылынарын туһанар. Ол иһин оҕо тарбаҕын төбөтүн итии тэрилгэ кыратык хаарытан, кэһэтэн, ыарыыны биллэрэн үөрэтиллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ кэһэйбититтэн, үгэс сонно үөскүүрүттэн, сэрэҕэ улаатарыттан билбэт тэриллэрин мээнэ тыыта сылдьара аҕыйыыра сыыһа туттунарыттан харысхала буолан олоҕун устата туһалыыр.

Оҕо үлэҕэ үөрэнэр, туһа киһитэ буолар кэмэ атаҕар туран хаамар, кэлэр-барар сирэ кэҥиир кэмиттэн саҕаланар. Аныгы үйэҕэ оҕо үлэҕэ үөрэнэр кэмин букатын быраҕан туох эрэ оонньуурдарынан, үөрэҕинэн эрэ дьарыктыы сылдьаллара улахан сыыһа. Оҕо үлэҕэ соччо сыһыамаҕа суох буоларын тэҥэ, улаатан баран үөрэнэрэ эрэйи, муҥу үөскэтэр. Үөрэх оҕо элбэхтик олорорун үөскэтэн хамсаныылары аҕыйахтык оҥороругар тириэрдэн сүрэҕэ суох буоларын үөскэтиэн сөп. Ол иһин оҕолор үлэни, хамсанары сөбүлээбэттэрэ үөскээн тарҕаммыта чэпчэки үлэни көрдүү сатыылларыттан биллэр.

Үлэҕэ үөрэнии сэрэхтээх буолууну улаатыннарар, тугу барытын нэмин билэн туһанарга үөрэтэр. Кыратык да сыыһа-халты туттунан кэбистэххэ үлэ табыллыбат, сатаммат, ону тэҥэ, куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалыан сөп. Бу быһаарыы оҕо биилээх тэриллэринэн туһаныыга үөрэнэригэр ордук улаатан, сэрэнэрин улаатыннаран биэрэр. Таба туттунарга үөрэнии диэни киһи уһун кэмҥэ элбэхтик хамсанан ситиһэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буол диэн үөрэҕэ оҕону, киһини сыыһа-халты туттунан кэбиһэриттэн харыс-тыыр, көмүскүүр аналлаах. Ыксаабат, тиэтэйбэт, киһиргээбэт буолуу, хас биирдии оҥорор быһыыны эрдэттэн дириҥник ырытан быһаа-рыыны ылыныы көрсүө, сэмэй киһи куруук оҥоро сылдьар быһыыта буолан сыыһа-халты туттубатыгар тириэрдэр.

Киһиргэс буолуу сыыһа-халты туттунары элбэтэр. Сахалар киһир-гэс буолууну сөбүлээбэттэр, таҥара үөрэҕэр киллэрэн аналлаах бобууну оҥороллор. Киһиргээһин оҥорор быһыыны таба сыаналаа-баты үөскэтэн сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбэх. Оҕо киһиргиирэ киирдэҕинэ оҥорор быһыытын атыннык сыаналаан кэбиһэн сыыһа-халты туттунара үөскүөн сөп. Онтон киһиргииргэ үөрэнэн хааллаҕына киһиргэс диэн ааттанар уонна улаатан баран арыгыга ылларара түргэтиэн сөп. Ол курдук, арыгы киһи санаатын көтөҕөрүнэн, күүс эбэн биэрэринэн киһиргииргэ ордук табылларынан, элбэхтик иһэн арыгыга ылларыан сөбө куһаҕаҥҥа тириэрдэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ киһиргэтэн үөрэтии улахан сыыһа. Сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэр “Киһиргээмэ” диэн этии баар. Бу этии оҕо киһиргиириттэн сыыһа-халты туттунара киирэн кэлиэн сөбүттэн харыстыыр аналлаах. Үлэлиир киһи уҥа илиитинэн туттунара ордук. Ол курдук, бары үлэ тэриллэрэ уҥа илиинэн туһанарга аналлаахтар. Ону тэҥэ, уҥа өрүт эр дьон өрүттэригэр былыр-былыргыттан киирсэр. Дьон икки аҥы арахсыыларыгар уҥа өрүт элбэх олоххо туһалаах уларыйыылары киллэрэринэн эр дьон үлэни баһылаан иһэллэрин биллэрэр. Хаҥас өрүт дьахталлар өрүттэрэ. Бу өрүт олоххо урут үөскээбит үгэстэри тутуһарынан саҥа уларыйыылар киириилэрин бытаардар. Билигин хаҥас илиилэринэн туһанар дьон элбээһиннэрэ дьахталлар баһылыыр кэмнэрэ кэлэн турарын чуолкайдыырын тэҥэ, оҕону кыра эрдэҕинэ үлэҕэ үөрэтии хаалан сылдьарын уонна тупсарыылары, табан хамсаныылары киллэрии аҕыйаабытын биллэрэр.

Киһи сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ улахан эрэйдэргэ тириэр-дэриттэн сахалар аналлаах Улуу Тойон таҥара үөрэҕин айаннар көмүскэнэ, харыстана сылдьаллар. Ол курдук, сыыһа-халты туттунуу киһи ыарыыланан кэһэйэрин үөскэтэриттэн “Кэһэйэн үөрэнии” диэн аналлаах үөрэҕи оҥорон туһаналлар. (4,77).

Киһи бэйэтигэр туһалааҕы оҥосторун хаһан баҕарар үчүгэй диэн сыаналыыр. Ол иһин киһи тугу оҥорбутун үчүгэй диэн ааттаан дьоллоноро үөскээбит. Үчүгэй буолуо диэн оҥоро сатаабыт быһыы табыллыбакка, сатаммакка хааллаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйарын үлэһит, оҥорор, тутар дьон чуолкайдык билэллэр. Ол иһин айыы диэн киһи уратыны, атыттар билбэттэрин, оҥорботторун оҥорорун биллэрэр тылы икки өрүттээҕинэн өйдүүллэр уонна оннук туһана сылдьаллар. Киһи үчүгэй айыыны оҥорорун тэҥэ, куһаҕан айыыны эмиэ оҥорон кэбиһэрин үлэһиттэр таба арааран туһаналлар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ айыы диэн тылы “үчүгэй” эрэ оҥоро сатыыллара сахалыы өй-санаа үөрэҕин букатын билбэттэрин биллэрэр. Ол курдук, киһи үчүгэй эбэтэр куһаҕан айыыны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да суох буолбатын, бу нууччалыы үөрэхтэнэн хаалан, кинилэри үтүктэ сатыыр дьон билбэттэр уонна сымыйанан этэн, саҥа, “аньыы” диэн тылы булан саха дьонугар киллэрэ сатаан албынныы сылдьалларын тохтотор кэм тиийэн кэллэ.

Оҕо улаатан иһэн бэйэтэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи тутуһан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарыгар сахалыы таҥара үөрэҕэ аан бастаан дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын биллэрэн үөрэтэрэ ордук тиийимтиэ. Ол курдук, “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэх оҕо дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах содулу үөскэтэр куһаҕан быһыыларын билэн оҥорбот буолууга үөрэннэҕинэ үчүгэйи оҥороро элбиирин таҥара үөрэҕэ тутуһар. Киһи сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэнэрэ киһи буолуу үөрэҕин сүрүн көрдөбүлэ буолар. Көрсүө, сэмэй киһи сыыһа-халты туттунара биллэрдик аҕыйыырын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Ол курдук, ыксаабакка, тиэтэйбэккэ, киһиргээбэккэ эрэ үчүгэйдик ырытан толкуйдаан баран тугу эмэ оҥордоххо, оҥорор быһыы сыыһа-халты буолан хаалара суох буолан үчүгэйи элбэтэрэ ситиһиллэр. Тугу барытын нэмин билэн туһанарга оҕо өр кэмҥэ үөрэнэр. Үлэ хамсаныылара барылара нэмин билэн хамсаннахха эрэ табыллаллар, сыыһа-халты буолан хаалыылара аҕыйыыр. Ол иһин сахалар “Нэмин билэн туттунуу” диэн аналлаах үөрэҕи олохтоон туһаналлар. (5,36).

Холуон туттунуулаах, холус хамсаныылаах диэн сахалар буор кута сайдыыта суоҕуттан табан хамсаммат, сыыһа-халты туттунара элбэх киһини этэллэр. Арыгы киһи өйүгэр-санаатыгар дьайарын, оҥорор быһыытын, хамсанарын улаханнык уларытарын сахалар быһааран арыгы испит киһини холуочук диэн ааттыыллар. Бары хамсаныылары имигэстик, табатык оҥорууга уһун кэмҥэ кыһанан үөрэнии, утумнаахтык дьарыктаныы уонна оҥорор быһыыларга сэрэхтээх буолуу улаатыыта холуон туттунууну, холус хамсаныыны тупсарыан, буор куту сайыннарыан сөп.

Онон сыыһа-халты туттубат буолууга оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ үлэҕэ үөрэниини эрдэлээн баһылыыр кыахтанар.

ҮРҮҤҮ, ХАРАНЫ АРААРЫЫ

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн, таба арааран олоҕор туһанарыгар көмөлөһөр. Ол иһин оҕо бэйэтин өйүн-санаатын сайыннарарга анаан “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн аналлаах үөрэҕи оҥорон туһанар. Үрүҥ диэн үчүгэйи ааттыыр буоллахтарына, хара диэн куһаҕаны этэллэр. Бу үөрэх билиҥҥи аата үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы диэн ааттанан оҕолору үөрэтиигэ туттулуннаҕына табыллар.

Дьон бары бэйэлэригэр туһалааҕы талан ылан үчүгэй диэн ааттыылларыттан, атын киһи үчүгэй диэбитэ атыттарга эмиэ “үчүгэй” буолара бэрт аҕыйах. Ордук баайдар “үчүгэй” дииллэрэ үлэһиттэргэ элбэхтик сөп түбэспэт. Ол курдук, улахан баай киһи Канарскай арыыларга тиийэн сынньаннаҕына, сөтүөлээтэҕинэ үчүгэй буолла диирэ элбэхтэргэ кыаллыбат, ыра санаа эрэ буолан хаалыан сөп.

Билигин бары салайааччылар, депутаттар үрдүк хамнастанан улахан баайдарга кубулуйаннар дьадаҥы үлэһиттэри кытта биир тылы булуналлара уустугуран сылдьар. Үчүгэй диэн ааттанааччы хас киһиэхэ барыларыгар тус-туһунан буоларыттан дьоҥҥо барыларыгар биир “үчүгэйи” ситиһии кыаллара аһара ыраах. Хас киһи барыта тугу үчүгэй дииллэрэ тус-туһунан буолара уустуктары үөскэтэр. Ол иһин элбэхтэр тугу үчүгэй диэн этэллэрин булан ылыы туһалааҕы таба арыйар уонна ону ситиһиэххэ сөбүн быһаарар. (6,44).

Үлэһиттэр элбэх ахсааннаахтар, ол иһин үлэһиттэр үчүгэй диэн этэллэрэ элбэхтэргэ сөп түбэһэн, үчүгэй буолан тахсарын ситиһии, олоххо киллэрии эрэйиллэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ - үлэһиттэр үөрэхтэрэ, эр дьон сайдыыны баһылааһыннарын үөскэтэринэн аныгы, ырыынак олоҕор атыттардааҕар ордук сөп түбэһэр.

Дьон “үчүгэйгэ” баҕарар, ону оҥорор санааларын таба туһанары албыннааччылар ситистэхтэринэ улаханнык туһаныахтарын сөп. Ыраахтааҕы баар кэмигэр баайдар аһара байаннар, онтон үлэһиттэр бары дьадайбыттарын кэнниттэн революция буолан салайар былаас уларыйбыта. Ол кэнниттэн большевиктар үлэһит дьону атеистарга кубулутан баран хаһан да кэлбэт “коммунизмынан”, бары-барыта босхо буолуо диэн “үчүгэй” албыннааһыны туһананнар ордук күүскэ үлэлииллэрин ситиспиттэрэ. Маҥнайгы пятилеткалар кэмнэригэр сайдыы биллэр хамсааһыннарын ситиһии, промышленность сайдыыта кыаллыбыта. Бу быһаарыы “Албын аалы хамсатар” диэн сахалар өс хоһооннорун тутаах дакаастабылынан буолар. Ол курдук, дьадаҥы дьон албын “коммунизмы” тута, аҕала сатаан элбэхтик күүскэ үлэлээннэр, дойду сайдыыны ситиһэрэ кыаллыбыта.

Албын хаһан баҕарар арыллар. Ону “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат” диэн өс хоһооно биллэрэр. “Коммунизм” албына дьон бары үөрэхтэммиттэрин кэнниттэн биирдэ биллэн, арыллан, бу былаас эйэлээхтик эстибитэ. Саҥа ырыынак туту-луктарын туһанар салайар былаас олоххо киирбитэ.

Сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн үрүҥү, хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан арааран билбэт атеистар, аны тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар оҥорбут “айыы үөрэҕэ” диэн секталарын албыныгар киирэн сылдьаллар. Ол албын дьон элбэхтик саҥаны айыыны оҥоро охсоннор сайдыыны олус түргэнник ситиһэ сатыыр баҕа санааларын туһаныыга олоҕурар. Ону баара биир эмэ саҥаны айыы табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны, үчүгэйи аҕалар, онтон атыттара бары табыллыбаккалар, сатаммак-калар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ол иһин “айыы үөрэҕэ” диэн секта эдэрдэр элбэх куһаҕан быһыылары оҥороллоругар тириэртэ.

Тыл үөрэхтээхтэрэ нууччалар “грех” диэн тылларын быһаччы үтүктэн сахаларга суох “аньыы” диэн тылы булбуттарын туһананнар былыргыттан икки өрүттээх өйдөбүллээх айыы диэн тылбытын алдьата, өйдөбүлүн икки аҥы араара, икки тыл оҥоро сатыыллар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ үчүгэй диэн ааттанар элбэҕэ бэрдиттэн уонна хас киһи аайы тус-туспаларыттан киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанарыгар анаан “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи туһанан оҕолору иитэр, үөрэтэр. Үрүҥү, сырдыгы, үчүгэйдик көстөрү дьон үчүгэй дииллэриттэн үрүҥ дьүһүн үчүгэй өйдөбүллэммит, онтон хара, хараҥа киһи үчүгэйдик көрбө-түттэн куһаҕаҥҥа кубулуйан сылдьар. Бу айылҕаттан тутулуктаах былыргы өйдөбүллэр киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ сырдык, сылаас үчүгэйин, онтон хара, хараҥа куһаҕанын билинииттэн үөскээ-биттэр уонна бу тутулук улаханыттан хаһан да уларыйбаттар. Киһи оҥорор быһыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэллэриттэн икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллар. Ол иһин айыы диэн тыл икки өрүттээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах өйдөбүлэ киһи уратыны, урут суоҕу, саҥаны айыыны оҥорорун уонна ол айыыны оҥорбутун кэнниттэн икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарар. Киһи бэйэтэ оҥорбутун үгүстүк үчүгэй диэн билинэринэн саҥаны айыыны оҥоруу хайдаҕын атыттар быһаараллара табыллар.

Айыы диэн тыл киһи оҥорор ураты быһыытын, саҥаны айыыны оҥоруутун биллэрэр. Киһи үчүгэй айыыны оҥоробун диэн санаатыт-тан оҥоро охсубут быһыыта “үчүгэй” кыайан буолбакка хаалан, куһаҕаҥҥа кубулуйара быдан элбэх. Ол иһин айыы диэн тыл икки; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээх. Бу ураты үөскээн тахсарын сахалар “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонунан быһаараллар. Ону тэҥэ, күн тыган сырдык, сылаас буолан ааспытын кэнниттэн түүн хараҥа, тымныы тиийэн кэлэрэ, үчүгэй уонна куһаҕан олоххо дьиҥнээхтик солбуйсан биэрэллэрин биллэрэр.

Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигиттэн тугу сөбүлээбитин “үчүгэй” диэн быһааран кэбиһиэн сөбүттэн куһаҕаны да оҥорор кыаҕа улаатан хаалар. Ону тэҥэ, сыыһа-халты туттунан үчүгэй буолуон да сөбүн куһаҕаҥҥа кубулутара тиийэн кэлэрэ быдан элбэх. Дьон уһун үйэлэргэ үчүгэй диир быһыыларын олус элбэхтик оҥороннор үчүгэй быһыылар лаппа үксээбиттэр, ахсааннара кыайан ааҕыллыбат буола элбээбиттэр. Киһи оҥорор быһыылара билигин даҕаны эбиллэ туралларыттан үчүгэйи булан быһаарыы уустугурар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ үчүгэйи куһаҕантан туспа арааран билии киһиэхэ уустуктары үөскэтэрин билинэр уонна дьон куһаҕан быһыы-лары оҥороллорун олус былыргы кэмнэртэн хааччахтыы, суох оҥоро сатыырыттан, олор ахсааннара биллэр аҕыйах. Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга оҕо аан бастаан быдан аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын урутаан биллэҕинэ уонна олору оҥорботоҕуна, үчүгэй быһыылары оҥорор кыаҕа эбиллэрин таҥара үөрэҕэ туһанар. Бу үөрэх оҕону үөрэтиигэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн дьон бары билэр куһаҕан быһыыларын оҥорума диэн этиини туһанан үчүгэй быһыылары оҥорууну элбэтэргэ туттуллар.

Былыргы кэмнэртэн сахалыы таҥара үөрэҕэр бу, тоҕус эрэ ахсааннаах куһаҕан быһыылар сурулла сылдьаллар. (7,59). Оҕо аан бастаан аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны арааран биллэҕинэ уонна бэйэтэ ону итэҕэйдэҕинэ, ол куһаҕаннары оҥорбот буолара үөскээн олох-суйарыттан үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир.

Сайдыы үтүктүүттэн түргэнник киирэрэ ситиһиллэр. Ол иһин тугу үтүктэри чуолкайдаан билии эрэйиллэр. Дьон тугу үтүктэллэрин баһын-атаҕын билбэккэлэр эрэ үтүктэллэрэ элбээн хаалара өй-санаа халыйыытыгар тириэрдэр. Бары албыннааччылар “үчүгэй” диэн бу баар, маны үтүгүн диэн өйө-санаата ситэ сайдыбатах, атеист буолан хаалбыт киһини албынныыллара билигин да табылларын “айыы үөрэҕэ” диэн албын үөрэх баара биллэрэр.

Атеистар диэн киһи өйө-санаата баһылаан салайарын билиммэт, эти-сиини, материализмы бастатан иһэр дьон ааттаналлар. Бу өйдөрө-санаалара ситэ сайдыбатах, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини билиммэт дьон албыҥҥа киирэн биэрэллэрэ элбэҕин хаһан да кэлбэт “коммунизмы” өр кэмҥэ тута сатаабыттара биллэрэр.

Бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны таба арааран туһаммат киһи атыттар албыннаан этиилэригэр киирэн биэрэр кыаҕа улаатан хаалар. Ол курдук, “айыы үөрэҕин” албыныгар сэбиэскэй былаас тобохторо, атеистар билигин киирэн биэрэн сылдьаллар. Тыл үөрэхтээхтэрэ бу куһаҕан, бу “аньыы” диэбиттэрин үтүктэ, батыһа сатыылларыттан албыҥҥа киирэ сылдьаллара дакаастанар.

Үтүктүү кэмнээх-кэрдиилээх буолара табыллар. Барыны-бары, ким эрэ бу “үчүгэй” диэбитин үтүктэ сатааһын табыллыбат, албыҥҥа киллэрэн кэбиһиэн сөп. Тыл үөрэхтээхтэрэ “үчүгэйи” айыы диэн, онтон куһаҕаны “аньыы” диэн араара сатыыллара бэйэлэригэр эрэ үчүгэйи оҥорон диктатураны үөскэтэр баҕа санааларыгар сөп түбэһэр. Ол иһин киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэн баран атыттар этэллэрин үтүктэрэ табыллар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи туһанан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарарга үөрэтэригэр айылҕа тутулуктарын туһанар. Ол курдук, үрүҥ, сырдык киһиэхэ үчүгэйи аҕалара, онтон хара, хараҥа киһи куһаҕаннык көрөрүн үөскэтэн сылдьар ыырын кыаратара хаһан да уларыйбакка эрэ дьайаллар.

Оҕо өйө-санаата сайыннаҕына бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанара кыаллар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо аан бастаан аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэрин ирдиирэ онно туһалыыр. Бу куһаҕаннары оҕо билэн оҥорбот буоллаҕына, киһи буолууну ситиһэр, үчүгэй майгыланар кыахтанар. “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ тоҕус эрэ ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕо билэн оҥорбот кэмэ кэллэҕинэ киһи буолууну ситиһэр кыахтанарын биллэрэр.

Дьон уһун үйэлэр тухары үчүгэй быһыылары олус элбэҕи оҥороннор, олор олус элбээбиттэр, киһи ахсааннарын да кыайан аахпат кэмэ кэлбит. Ол иһин оҕону үөрэтиигэ сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны оҥорууну бобуулары туһанара табатык уонна судургутук өйдөнөр.

Таҥара үөрэҕин бу бобууларыттан уратыны барытын сэрэхтээх буолууну туһанан оҥоруохха сөп. Бу быһаарыы “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Итини тэҥэ, “Бобуута суоҕу оҥоруохха сөп” диэн үөрэҕи үөскэппит. Аҕыйах ахсааннаах содулу үөскэтэр куһаҕан быһыылар сахалыы таҥара үөрэҕэр киирэн бобуллар буоланнар чуолкайдык биллэллэр. Ол иһин бары бобуута суохтар үчүгэй кыайан буолбатахтарына, сөбүгэр соҕус буолан тахсалларыттан куһаҕаны оҥорууга тириэрдибэттэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ олох уопутуттан билиилэри ылынан сайдыбытынан уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун тутуһарынан дьон өйө-санаата сайдарыгар, тупсарыгар атын таҥара үөрэхтэринээҕэр ордук сөп түбэһэр.

Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн киһи оҥорор быһыыларыттан куһаҕаннарын эрдэлээн, урутаан биллэҕинэ, олору оҥорбот буолуута үөскээн, үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин сахалар таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

ҮЛЭНИ ОҤОРУУ УРАТЫЛАРА

Үлэни оҥоруу улахан эрэйдээх, ыараханнаах, элбэхтик табатык хамсаныылары оҥорууну ирдиириттэн тулуурдаах буолууну киһиттэн эрэйэр. Үлэ хайдах оҥорууттан улаханнык тутулуктанарыттан тосту уларыйан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан икки өрүттэнэн тахсар биллэр уратылаах. Үлэни оҥоруу бу тутаах уратытын үлэһит дьон бары билэллэр, онтон атыттар тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр.

Киһи үлэни үчүгэйдик, хаачыстыбалаахтык оҥорууга олус уһун кэмнэргэ үөрэммитин сахаларга “Сата таас” диэн таҥараҕа тэҥнээх таас баар буола сылдьыбыта биллэрэр. Сата тааһы туһаныы үлэни сатаан оҥорууну үөскэтэн, үчүгэй үлэһиттэр буор куттара сайдыытын ситиһэннэр сатабыллаах дьон сахаларга элбээбиттэр.

Киһи хамсаныылары хайдах; үчүгэйдик эбэтэр куһаҕаннык оҥороро өйө-санаата, буор кута төһө сайдыылааҕыттан, туһалаах үөрүйэхтэргэ төһө үөрэммититтэн тутулуктанар. Ол иһин ханнык баҕарар үлэни оҥорууга киһи буор кутун суолтата улаатан тахсарын сайдыыны ситиһиититтэн уларыйан, тупсан иһэрэ биллэрэр.

Дьон буор куттарын сайдыыта маннык көрүҥнэргэ арахсаллар:

1. Муҥнаах. Оҕо саҥа сайдан эрэр буор кута.

2. Муҥкук. Оҕо оҥорор быһыыта табыллыбатыттан, сатамма-тыттан тупсаран биэрэригэр сэрэнэрэ улаатан хаалан кыайан оҥоруон да сөптөөҕүн табан оҥорбото элбиирин быһаарар.

3. Дьадаҥы. Үлэни оҥорорго баҕа санаата суох буолуу ааттанар.

4. Үлэһит. Үлэни табатык, сөп түбэһэринэн оҥорор киһи.

5. Дьоҕурдаах. Үлэҕэ тупсарыылары киллэрэр кыахтаах буолуу.

6. Сатабыллаах. Сатаан оҥорбутун табан туһанар киһи.

7. Талааннаах. Тугу оҥорбутун барытын атыттар үтүктэр, батыһар киһилэрэ талааннаах диэн буолар.

Буор кут дьадаҥыттан талааннаах диэҥҥэ диэри сайдыыта уһун кэми ылар. Хас да көлүөнэлэр усталарыгар күүскэ үлэлээччилэр буор куттара сайдан талааннаах диэҥҥэ тиийэр. Ол иһин үлэһиттэр сайдыбыт буор куттарын харыстыыллара уонна кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн салгыы сайыннаран иһэллэрэ эрэйиллэр. Элбэхтик үлэлээн сайдыылаах буор куту үөскэтэр, кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэр эр дьон омугу сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэллэр. Үлэни оҥоруллан бүппүтүн кэнниттэн көрөн-истэн сыаналааһын, төһө табыллыбытын, хайдах хаачыстыбалаахтык оҥоруллубутун быһаарыы туттуллар. Дьоҕурдаах, сатабыллаах киһи оҥорбут үлэтин хаачыстыбата атыттартан үрдүк, тупсаҕай көрүҥнээх буолар. Борос-туой да үлэни оҥорууттан, бу уратыны көрөн быһаарыахха сөп. Урукку кэмнэргэ хотоҥҥо саах күрдьэр күрдьэҕи ыал аайы маһынан, хаптаһынтан суоран, устуруустаан оҥороллоро. Хас да киһи оҥорбут күрдьэхтэриттэн дьоҕурдаах, сатабыллаах уус киһи оҥорбутун чопчу булан ылыахха сөп. Бу күрдьэх чарааһа, кэтитэ, чэпчэкитэ, тутааҕа табыллыбыта тутан көрдөххө сонно биллэр. Ону тэҥэ, хас биирдии ыанньыксыт ынах ыырыгар олорор талах олоппоһуттан сатабыллаах киһи оҥорбутун сонно быһаарар кыах баар буолар.

Үлэни оҥорууга тупсууну ситиспиппит бэлиэтинэн хаачыстыба диэн үлэни сыаналыырга туттуллар тыл нууччалартан киирэн саха тупсаҕай, табыллыбыт, сатаммыт, үчүгэйдик оҥоруллубут диэн элбэх быһаарыыларын солбуйан саха тылыгар киирэн оннун булуммут.

Үлэ хайдах оҥоруллубутуттан тутулуктанан улаханнык уратыла-нан тахсарын быһаарыы хас да көрүҥҥэ арахсарын чуолкайдыыр. Бу үлэни оҥоруу тус-туспа көрүҥнэрэ саха тылынан этиллэн сылдьаллар:

1. Табыллыбатах үлэ. Куһаҕаннык, халы-мааргытык үлэлэммит үлэ диэн сыаналыахха сөп, таах хаалара быһаарыллар. Арай тупсаран, көннөрөн биэрдэххэ эрэ туох эмэ туһалаах тахсыан сөп.

2. Дьалаҕайдык оҥоруллубут үлэ. Буоллар эрэ диэн оҥоруу үлэ хаачыстыбата мөлтүүрүгэр тириэрдэр. Сүрэҕэ суох, үлэлиэн баҕарбат, сүрэҕэлдьиир дьадаҥы киһи оҥорбут үлэтэ үгүстүк табыллыбакка, сатаммакка хаалан эрэйдиирэ ону биллэрэр.

3. Сөбүгэр соҕустук оҥоруллубут үлэ. Үлэһит, сүрэхтээх киһи оҥорбут үлэтэ табыллар эрээри, үксүгэр ортотук сыаналанар.

4. Дьоҕурдаах киһи оҥорбут үлэтэ хаачыстыбалаахтык оҥорул-лубут үлэ буолар. Дьоҕур диэн буор кут сайдыылааҕын, араас хамса-ныылары оҥоруу тупсубутун биллэрэр тыл. Бу киһи оҥорбут үлэтэ табыллан, тупсан хаачыстыбата үрдээн тахсар.

5. Сатабыллаах киһи оҥорбут үлэтэ үчүгэй хаачыстыбалаах буоларын тэҥэ, атыттар сөбүлүү көрөр, үтүктэр үлэлэрэ буолар. Сатабыл диэн тыл буор кут өссө сайдыбытын биллэрэр суолталаах.

6. Талааннаах киһи ханнык баҕарар үлэни оҥорбутун бары сөбүлээн көрөллөр, үтүктэ сатыыллара үөскүүр. Талааннаах диэн хамсаныылары оҥороро үрдүк таһымҥа тахсыбыт буор кут ааттанар.

Үлэҕэ табыллыы, сатаныы диэн ааттанан хайдах оҥоруллубутун, үчүгэй көрүҥүн быһаарыы хаһан баҕарар туттуллар. Хаачыстыба диэн нуучча тылыттан киирии тыл үлэ хайдах оҥоруллубутун холбуу быһааран табыллыбыт, тупсаҕай, сатаммыт диэн тыллары холбуу ылан өйдөтөр курдук эрээри, суолталарын буккуйар.

Үлэни хаачыстыбалаахтык оҥорор туһугар киһиэхэ сайдыылаах буор кут; дьоҕур, сатабыл уонна талаан диэн бааллара эрэйиллэр. Киһи уһуннук үлэлээн-хамсаан маҥнай дьоҕуру, онтон сатабылы үөскэтинэр уонна ол кэнниттэн талааны сайыннарыан сөп. Дьоҕур диэн буор кут үөрүйэх буолбутун биллэрэр уонна элбэхтик үлэлииртэн, хамсаныылары оҥоро үөрэнэртэн үөскээн, туһалаах үөрүйэхтэри үөскэтэн киһи үлэ уустук хамсаныыларын табатык, сыысхала суох оҥороругар тириэрдэр өй-санаа буолар.

Дьоҕурдаах диэн үлэ хамсаныыларын табан, нэмин билэн оҥорорго үөрэммит, соннук үөрүйэхтэри үөскэтиммит, буор кута сайдыбыт киһи буолара үлэни хайдах оҥороруттан сыаналанан биллэр. Бу киһи оҥорбут үлэтэ табыллан үрдүктүк сыаналанар.

Сатабыл диэн үлэни табан оҥоруу сахаларга олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин “Сата таас” диэн таҥараҕа тэҥнэнэр таас баара биллэрэр. Ол курдук, үлэни сатабыллаахтык оҥорор киһи оҥорбута атыттартан уратыланан, тупсан тахсарын, бу тыл биһиэхэ тириэрдэр.

Сатабыл диэн өй-санаа, буор кут сайдыылааҕын, хамсаныылары оҥоруута тупсаҕайын, түргэнин, табылларын биллэрэр тыл. Саха дьоно бары сатабыллаах уустар, тутааччылар буолаллар.

“Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн өс хоһооно сатабыл баар киһитэ оҥорон таһаарбыта үрдүктүк сыаналанан атыыга баран элбэх барыһы киллэрэрин биллэрэр. Ол аата үлэни сатабыллаах дьон атыттар батыһар, үтүктэр үлэлэрин оҥороннор сайыннаран иһэллэр.

Оҥоруллубут үлэ хаачыстыбата киһи бэйэтин буор кута төһө сайдыбытыттан быһаччы тутулуктанар. Буор кут өссө сайдыыта талаан диэн ааттанар. Талааннаах буолууну аҕыйах киһи ситиһэр үөрүйэҕэ буолар. Үлэнэн олус элбэхтик, хас да көлүөнэлэр усталарыгар дьарыктаныы буор кут өссө сайдыытын үөскэтэн сатабыллаах, талааннаах буолууга тириэрдэр. Төрүттэригэр улахан ырыаһыт, уус киһи баар буоллаҕына сайдыылаах буор кута кэлэр көлүөнэлэригэр бэрилиннэҕинэ талааннаах ырыаһыт, сатабыллаах уус үөскээн тахсыан сөп. Ол барыта буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ утумнаан салгыы бэриллэн иһэриттэн тутулуктанар.

Дьоҕур, сатабыл уонна талаан диэн буор кут сайдыыны ситиһэн иһэр үөрүйэхтэрэ киһиэхэ өбүгэлэртэн бэриллэн иһэр эт-сиин туһалаах хамсаныылары табатык оҥорорун үөскэтэр үөрүйэхтэр буолаллар уонна үлэни оҥоруу хаачыстыбатын үөскэтэллэр.

Киһи буор кута хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдан үрдүк таһымы ситиһиигэ тириэрдэрэ эти-сиини уларытарыттан, бэйэтигэр сөп түбэһэр оҥороруттан тутулуктанар. Ол иһин киһи сайдыылаах буор кута оҕолоругар бэриллэн иһэрин биллэрэр “Уус оҕото – уус буолар” диэн этиини сахалар үөскэтэн туһаналлар.

Ыраахтааҕы былааһын саҕана дьахталлар улаханнык баттанан олорбуттара диэн быһааран сэбиэскэй былаас кэмигэр эргэ тахсал-ларыгар элбэх көҥүлү биэрбиттэрэ. Дьахталлар көҥүллэринэн баран, ыал буолууга бэйэлэрэ эр киһини талан ылан эргэ тахсар кыахтам-мыттара. Көҥүллэринэн барбыт дьахталлар өйдөрө-санаалара аһара баран “Таптаабыт тайахтааҕы батыһар” диэн өс хоһоонун тутуһан элбэх минньигэс, ньуолбар саҥалаах, уу-хаар тыллаах албынньыт-тарга, дьадаҥыларга эргэ тахсаннар, олору өссө элбэппиттэрэ.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө туппутуттан үгүстэр ыал буолан элбэх оҕоломмуттара. Бу элбэх оҕолор төрөппүттэриттэн дьадаҥы буор куту ылынаннар үлэлиэхтэрин баҕарбаттарыттан, үлэни сирэллэрэ үөскээбититтэн кэлин, бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Онно эбии үөрэхтээһини өрө тутуу, арбааһын үлэни кыайбаттар бары үөрэҕи эккирэтэллэрин үөскэтэн тыа сириттэн эдэрдэр барыылара үксээбитэ. Бары дьадаҥы, үлэни кыайбат буор куттаахтар үөрэҕи, араас суруйуу үлэлэрин элбэҕи баһылаабыттара.

“Дьахтар кулгааҕынан таптыыр” диэн өс хоһооно табатын дьахталлар эргэ тахсалларыгар аан бастаан ханнык эр киһини талан ылалларыттан быһаарыахха сөп. Элбэх уу-хаар тыллаах, албынньыт, бэлэмҥэ олоруохтарын баҕалаах эр дьон ханнык баҕарар дьахтары тылларыгар киллэрэн кэргэн ылар кыахтаммыттара.

Көрсүө, сэмэй, үлэни кыайар, аҕыйах саҥалаах, чиэһинэй эр дьону көҥүллэринэн барбыт дьахталлар букатын бырахпыттара. Элбэх саҥалаахтар, албынньыттар аан бастаан билсиһиигэ биллэрдик ордоллорунан туһанан дьахталлары тала сылдьар кыахтаммыттара. Бу быһыы билигин аһара баран дьахтарга урутаан түһээччилэр лаппа баһыйаннар биир да ыраас кыыһы ордорбот кэмнэрэ кэлэн турар. Уһуннук үөрэнэр оскуоланы эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэл-лэриттэн эр дьон буор куттара буккуллара уонна араас эмтэммэт ыарыылаах, кыайан саҥарбат, хамсаммат оҕолор төрүүллэрэ элбээтэ.

Омук сайдыыны ситиһэригэр элбэх күүстээх, кыахтаах, үлэни кыайар эр дьон тириэрдэллэр. Онтон күүстээх, кыахтаах эр киһини утумнуур буор куттаах оҕону ыраас кыыс оҕо эрэ төрөтөр кыахтаах. Ол барыта дьахтар иһигэр эр киһи буор кута буккуллан хаалбатаҕына эрэ оҕотугар бэриллэр кыахтанарынан быһаарыллар.

Эр киһи үйэтин тухары үлэлиириттэн буор кута сайдан иһэр. Араас туһалаах үөрүйэхтэрэ сааһыран истэҕинэ эбиллэн иһэллэр. Бу үтүө хаачыстыбаларын эр киһи ыраас кыыһы эрэ ойох ыллаҕына эбэтэр бэйэтин дьахтара кэлэр көлүөнэлэригэр тириэрдэр кыахтанара ыал буолуу үгэстэригэр киирэн туттулла сылдьар. Сатабыллаах үлэһиттэр сайдыылаах буор куттарын харыстыыллара сахаларга ыал буолуу үгэстэрин туһана сылдьалларыттан биллэр. Атын киһиттэн оҕолоох дьахтар саҥа кэргэҥҥэ таҕыстаҕына иккис оҕотуттан салгыы оҕолоро эр киһини утумнуур буолуохтарын сөп.

Оҕо оҥорбут үлэтэ аан бастаан элбэхтик табыллыбакка эрэйдиир, үгүстүк хатылаатахха, хос-хос оҥордоххо эрэ туох эмэ туһалаах үлэ тахсар. Ол иһин бүтэриллибит үлэ эрэ табатык сыаналанар. Хас да уустук үлэни саҕалаан баран кыайан бүтүүтүгэр тириэрдибэккэ барыларын быраҕаттаан кэбиһэр оҕолор билигин элбээтилэр. Саҥаттан саҥаҕа көтүөккэлээн иһии солумсах буолууттан, араас саҥаны билэн иһииттэн үөскүүр куһаҕан майгы буолар. Сэбиэскэй былаас тобохторо; суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайлар саха тылыгар оҥорор куһаҕаннара эбиллэн иһэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсаҕы үөскэтэр тылы “сонун” диэн солумсаҕы кистиир, сахаларга суох тылга уларытан саха дьонун барыларын солумсахтарга кубулута сатыыллар. Ол курдук, саҥаны элбэҕи билии солун диэн тылынан этиллэн солумсах буолууну үөскэтэрин “сонун” диэн этэннэр кистииллэриттэн солумсахтар элбээн хааллылар. Үлэһит, көрсүө, сэмэй сахалар тыл үөрэхтээхтэрин бу албыннарыгар киирэн биэрбэтэхтэринэ, солун диэн тылы урукку оннугар түһэрэн туһаннахтарына эрэ өй-санаа дьайыыта табыллан солумсахтар аҕыйыыллара ситиһиллэр кыахтанар.

Үөрэҕи ситиһэ сатааһын солумсах буолууну улаатыннаран урукку кэмҥэ үөскээбит үгэстэри хаалларарга тириэрдэр. Тыа сириттэн дьон куоракка көһүүлэрэ элбээһинэ солумсахтара улааппытын биллэрэр. Ханнык эрэ туһата да суох үөрэҕи солумсахтара киирэн эккирэтэ сатыыллар уонна кэнники син билэн атын үлэҕэ көһөллөр. Үлэлии үөрэнии диэн бэйэтэ улахан баайы иҥэринии буолар. Сатабыллаахтык үлэлии үөрэммит киһи хаһан баҕарар таһаарыы-лаахтык үлэлээн барыһы киллэринэр кыаҕа хаалан хаалбат.

Онон үлэни хаачыстыбалаахтык, сатабыллаахтык оҥоруу диэн оҕо буор кутун сайдыытыттан тутулуктанар уонна өр кэмҥэ тулуурдаахтык үлэлээн ситиһэр улахан кыайыыта буолар.

ДЬИЭ ТАҺЫНААҔЫ ҮЛЭЛЭР

Оҕо таһырдьа сылдьарын сөбүлүүр, дьиэттэн таһырдьа тахсыыта улахан үөрүүнү аҕалар. Дьиэ таһыгар оонньууру тэҥэ, араас кыра үлэлэртэн саҕалаан үлэлии үөрэнии ордук улахан туһаны оҥорор. Туспа турар олбуордаах дьиэҕэ олорор элбэх оҕолордоох ыаллар улаатан иһэр оҕолорун үлэҕэ үөрэтиигэ улаханнык барыстаналлар. Ол курдук, туспа турар дьиэҕэ араас дьиэ таһынааҕы үлэлэрэ элбэҕиттэн оҕолор үлэлии үөрэнэр кыахтара улаатан биэрэр.

Куорат ыаллара араас үлэлэргэ оҕону даачаҕа да үөрэтиэхтэрин сөп. Оҕо каникулун кэмигэр манна ордук табыллар. Үлэҕэ үөрэниитэ дьиэ иһиттэн кыра эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн саҕаланарын мин быһааран төрөппүттэргэ тириэрдэбин. Урукку оһоҕу маһынан оттунар кэм саҕана мас кыстааһына диэн оҕо күн аайы оҥорор үлэтигэр киирсэриттэн атын кимҥэ да найылаабакка эрэ оҥоро сылдьарыгар тириэрдэрэ. Күн аайы хатыланан иһэр үлэ оҕону биир үлэни кэмигэр оҥорон иһэригэр үөрэтэр күүһэ улахан этэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ биирдиилээн хардаҕаһынан таһан үлэлиирэ табылларыттан кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтиигэ, бу үлэ ордук табыллар. Улаатан, күүһүрэн истэҕинэ хас да хардаҕаһы көтөҕөр кыахтаннаҕына, бэйэтин билинэрэ үөскээн үлэҕэ үөрэнэр кыаҕын улаатыннарар. “Оҕом күүһүрэн иһэр” диэн хайҕаан биэрии оҕо үлэҕэ үөрэнэр күүһүн эбэн биэрэринэн улахан туһаны оҥорор. Уокка оттор маһы салааскаҕа тиэйэн соһуу үлэлиири тэҥэ, оонньоон ылыыны киллэрэн биэрэр кыаҕы үөскэтэр. Салааска кураанахтаннаҕына кыра киһи олорсон хатааһылыы түһүөн сөп. Үлэҕэ үөрэнии диэн соннук үгэстэри, онтон өссө элбэхтик дьарыктанан үөрүйэҕи үөскэтинии ааттанар. Үлэ оонньууну кытта дьүөрэлэстэҕинэ оҕо интэриэһэ улаатан үлэҕэ үөрэнэрэ түргэтиир.

Оҕо улаатан истэҕинэ мас эрбээһинэ, хайытыыта эбиллэн биэрэн иһэринэн, бу үлэ оҕо сайдарыгар, күүһэ, дьоҕура эбиллэригэр улахан туһалаах. Итини тэҥэ, оҕо үлэлээн дьонугар көмөлөһөр кыаҕа эбиллэн иһэрин үлэҕэ үөрэнэрэ быһаарара ордук суолталаах. Дьиэ таһынааҕы үлэҕэ кыһыҥҥы кэмҥэ элбэхтик түһэр хаары күрдьүү киирсэр. Бу үлэ оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ ордук табыллар. Ол курдук, оҕо фантазията элбэҕиттэн хаары араастаан күрдьүөн, атын сиргэ күрдьүгү оҥоруон, үлэтин уларытыан сөп. Хаптаһын кырыыһа хаарын саас эрдэ түһэрэн, куурдан кэбиһии уһун үйэлэнэрин үөскэтэр. Ол иһин кырыыһаттан хаары түһэрии үлэтэ тиийэн кэлэр. Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ үлэ уонна оонньуу хардарыта солбуйсан биэрэллэрэ интэриэһин тардан үөрэнэр күүһүн улаатыннаран биэрэр. Үөһээттэн саҥа түспүт хаарга ыстана оонньооһун оҕоҕо төһө да табылларын иһин, хаар сотору кэминэн тоҥон, кытаатан хааларын билэн, сэрэттэххэ табыллар.

Кырыыһаттан түспүт хаар хонон баран кытааттаҕына, чиҥээтэ-ҕинэ эрбиинэн бысталаан баран дьаарыстыы ууран араас дьиэлэри, кириэппэстэри тутарга, хаар киһини оҥоро, хаарынан сэриилэһэ оонньуурга ордук табыллар кэмэ кэлэр. Куорат олбуордаах ыаллара, уулуссаларга кумах куталларыттан уонна асфальт ууралларыттан үрдээн иһэллэриттэн, саас ууга ыллараллара тиийэн кэлэрэ хаары таһыы диэн үлэни үөскэтэн сылдьар. Ыаллар олбуордарын иһиттэн хаары барытын уулуссаҕа таһан ыраастаан кэбистэхтэринэ, олбуор-дарын иһэ эрдэ, халлаан сылыйдар эрэ куурара ситиһиллэр.

Муус киллэриитэ диэн ааттанар үлэҕэ дьиэ таһыгар муус ыраастааһына, сөбүгэр, оҕо кыайар гына кырбаныыта, көтөҕөн дьиэҕэ киллэриитэ холбуу киирсэ сылдьаллар. Мууһу ыраастыырга кыра сүгэнэн туһаннахха табылларынан оҕо эрдэттэн сүгэнэн сатаан тутта үөрэниитэ, сэрэхтээх буолуута ирдэнэр. Ыраастаммыт мууһу аны сөбүгэр, ол аата көтөҕөн кыайар гына кырбастааһын эрэйиллэр. Сүгэни иҥнэри тутан аһыытынан кыра-кыратык икки өттүттэн хардары-таары охсуолаан оҥхой оҥоруллар, онтон сүгэни көнөтүк тутан баран охсууну күүһүрдэн биэрдэххэ, муус онон алдьанар. Кырбаммыт мууһу салааскаҕа ууран соһон дьиэ ааныгар аҕалан баран көтөҕөн дьиэҕэ киллэрэн аналлаах муус уулларар иһиккэ угуллар. Манна мууһу өссө кыралааһын эрэйиллэр. Онно аналлаах муус анньар диэн уһуктаах тимир тэрил туттуллар.

Сайыҥҥы кэмҥэ дьиэ таһынааҕы оҕуруот бары үлэлэригэр оҕо кыттыһар кыаҕа улаатар. Буор таһыыта, үүнээйилэргэ уу кутуута, сыыс оту ыраастааһын барыта оҕо кыайар үлэлэригэр киирсэллэр. Ийэтэ салайан биэрэринэн үүнээйини олордууну кытта баһылыан сөп. Оҕо бу үлэҕэ кыттыһара айылҕаны кытта биир ситимниир, үүнээйи үүнэн тахсан ас биэрэрин көрдөҕүнэ кыһанар санаата улаатар.

Оҕо улааппытын кэннэ күөлтэн муус ылыыта диэн үлэҕэ сылдьар кыахтанар. Тахсыбыт мууһу кыайар өттүттэн кытыыга диэри анньан таһаарыыга оҕо кыттыһара табыллар. Баҕыыр эбэтэр анньыы уһугунан иҥиннэрэн баран мууһу анньан илдьии ордук табыллар. Биирдэ эмэ сүгэ аһыытынан иҥиннэрэн баран илдьиэххэ сөп. Мууһу хоҥуннарарга атаҕынан тэбэн хамсатыы туһалыыр. Мууһу туруоран дьаарыстааһын ыарахан үлэ. Уута сүүрбүтүн кэнниттэн анньыынан аллараанан анньан өндөтөн баран илиинэн тутан өрө тардан туруоруллар. Онтон икки өттүттэн тутан иҥнэҥнэтэн, халбаҥнатан, хаамтаран сыҕарытан атыттарга сыһыаран биэриэххэ сөп.

Бу үлэлэргэ оҕону үөрэтиини улахан уопуттаах киһи, аҕа баһылыыра, салайара табыллар. Ол курдук, оҕо аҕата этэрин истэри-нэн, үлэни оҥоруу уратыларын этиллибитин курдук толорорунан бэйэтэ баһылаабыт үлэлэригэр оҕону үөрэтэр уонна сыыһа-халты туттубатын үөскэтэр кыаҕа улаатарын туһанара табыллар.

Онон дьиэ таһынааҕы күн аайы кэриэтэ хатыланан иһэр үлэлэртэн саҕалаан оҕону үлэҕэ үөрэтии ордук туһалаах.

ОТ ҮЛЭЛЭРИГЭР ҮӨРЭТИИ

Сахалар киэҥ сири-дойдуну баһылыылларыгар нууччалар кэлэн көмөлөспүттэрин таба сыаналааһын эрэйиллэр. Кинилэр быһаччы көмөлөрүнэн хоту сирдэргэ олохтоох атын омуктары үтүрүйэн, сыҕарытан киэҥ сирдэри баһылыыллара кыаллыбыт.

Сир сахалар сүрүн баайдара буолар. Ол иһин сири оҥоруу, сиртэн барыһы ылыы үлэлэрэ бастакы миэстэҕэ турар буоллулар. Оҕо улаатан истэҕинэ бары үлэлэри баһылыыр санаата улаатан, эбиллэн иһэр. От охсуута ыарахан үлэҕэ киирсэр. Оту күнү быһа охсуу бэйэтэ ыараханын иһин, хотууру оҥостуу, таптайыы өссө ыарахан, дьоҕур-даах, сатабыллаах киһи кыайар, уустук үлэтигэр киирсэллэр. Хотууру кыайан оҥостубат, сатаан үчүгэйдик таптайбат, сытыылаабат киһи үчүгэй от охсооччу буолара кыаллымыан сөп. Аҕа уол оҕотугар кыра хотууру анаан оҥорон биэрдэҕинэ киниттэн үчүгэй киһи суох буолар. Үлэлиир тэрили оҕоҕо оҥорон биэрии үлэлииргэ баҕа санаатын үөскэтэн, үлэни оҥорууну кыайар кыаҕын улаатыннарар.

Оҕо от охсоругар икки харыс уһуннаах хотуур табыллар. Аҕата сытыылаан биэрэн истэҕинэ обургу да оҕо оту охсуон сөп. Үһүс кылааһы бүтэрэн бараммын аҕабын кытта уу отун охсуунан дьарыктанан от охсуутун үлэтин саҕалаабытым.

Хотууру таптайыы диэн ыараханын тэҥэ, уустук үлэ, чахчы дьоҕурдаахтар эрэ кыайаллар. От охсооччулар биригээдэлэригэр үлэлии сылдьан хотууру үчүгэйдик таптайары баһылаабытым олус туһалаабыта. Үчүгэйдик тапталлыбыт хотуур биитэ тыҥырах көхсү-нэн сыыйа тартахха долгуннурар, ханан да быстыбатах буолар. Биитин хататынан көннөрөн биэрэн истэххэ сытыыта оннугар түһэн иһэриттэн уһуннук сытыылаабакка эрэ оту охсуохха сөп. Үчүгэй хотууру өр кэмҥэ харыстаан илдьэ сылдьаллар. Хотууру кыһанан күн аайы таптайа сырыттахха сайын устата биитин кэтитэ биллэрдик көҕүрээбэт, ол иһин хотуур уһун үйэлэнэрэ ситиһиллэр.

От үлэтэ хотуурунан охсууттан саҕаланан баран көлөнөн оту оҕустарыыга тиийиэн сөп. Көлөнөн от оҕустарыыта ат көлөнү көрүүгэ-истиигэ тириэрдэринэн уратылара элбиир. Манна эмиэ хотуур сытыылааһына, оҥостуута эбиллэн биэрэринэн үлэ уусту-гурар. Оҕо кыра эрдэҕинэ кыайар үлэлэриттэн саҕалаан үлэлии үөрэнэрэ эрэйиллэр. Тыа сирин тутаах үлэлэриттэн оҕо үлэлии үөрэнэр үлэтигэр от мунньуута киирсэр. Охсуллан куурбут оту кытыытыттан саҕалаан иһирдьэ диэки кыраабылынан хомуйа тардан, субууну оҥорууну саҕалааһыны обургу оҕо кыайар кыахтаах. Сатабыллаах төрөппүт оҕоҕо сөп түбэһэр кыра кыраабылы оҥорон биэрдэҕинэ үлэҕэ үөрэтии улаханнык табыллар. Үлэлиир тэрил сөп түбэһиитэ үлэҕэ үөрэтиини түргэтэтэрин тэҥэ, кыра үлэһит санаатын көтөҕөрө, тупсарара, үлэлиир баҕа санаатын улаатыннарара ордук туһалаах. Уол оҕо улаатан иһэн кыраабылын оҥосто, түспүт тиистэрин уларыта үөрэнэр кыахтанар. Кыраабыл уга киһи илиитигэр сүүрэлииринэн ханнык да саккааҕа суох буоллаҕына сатанар. Кыра устурууһунан анньан тэҥнээн баран шкурканан аалан кылааккайдаан биэрдэххэ чахчы табыллар. Хадьымал тэҥэ суоҕуттан үгүстүк кыраабыл тииһэ тостор, сороҕор түһэн хаалар. От мунньуу-тугар бэлэмнэниигэ кыраабыл тииһэ буоларга аналлаах хаппыт талахтары быһан эрдэттэн бэлэмнэнэ сылдьыыны уопуттаах аҕа оҥорон кэбиһэрэ туһалыыр. Сөп түбэһэр суоннаах хаппыт талаҕы хатырыгын быһаҕынан ыраастаан, уһунун кээмэйдээн кыра саппаас-таах гына быһан баран сиһигэр тутуллар өттүн кыратык суптурута кыһан баран үүтүгэр уган сэрэнэн саайыллар. Сиһиттэн быган тахсыбыт өттүн эрбиинэн быһар ордук. Онтон быһах уһугунан хайа анньан баран ытаһа саайыллар. Ытаһаны кытаанах мастан кыһан оҥоруллар уонна кыраабыл сиһигэр туора түбэһиннэрэн сэрэнэн саайыллар, оччоҕуна сис маһа хайа баран хаалбат. Саҥа оҥоруллубут тииһи атыттарга тэҥнээн, суптуччу соҕус кыһан баран быһан бэриллэр. Тиэхиникэнэн оту мунньууга ат көлөтүн мунньара эмиэ киирсэр. Атынан от мустарыы боростуой тиэхиникэни баһылааһыны тэҥэ, аты көрүүгэ-истиигэ үөрэтэн туһалыыр. Урукку кэмҥэ оту кэбиһиигэ көлөнөн оту таһыы элбэхтик туттуллара. Оҕо от кэбиһиитигэр чэпчэки үлэлэриттэн саҕалаан кыттыһара табыллар. Онно аан бастаан оту тэпсии киирсэр. Сайыҥҥы улахан куйаас күҥҥэ от тэпсиитин эрэйэ биллэр. Сороҕор кыра да тыал үрбэт күнэ үүннэҕинэ от кэбиһээччигэ үчүгэйин иһин, от тэпсээччигэ абытай итии буолар. Оҕо утатара элбэҕиттэн сотору-сотору оту кэбиһээччи көмөтүнэн ууну иһэ сылдьара туһалыыр.

Көлөнөн оту кэбиһиигэ оҕус сиэтиитэ уонна бугул түгэҕин харбааһын диэн обургу оҕолор кыайар үлэлэрэ баар этэ. Икки оҕуһунан угаайылары тиэйэн тастахха от кэбиһиитэ тохтоло суох баран иһэр кыахтанар. От угуута диэн сыарҕаҕа бугуллары тиэйии ааттанар. Сыарҕаны сыһыары тартаран баран атырдьаҕынан бугулу түгэҕиттэн баһан сыарҕа үрдүгэр тиэрэ анньан тиэйиллэр. Үчүгэйдик сааһылаан оҥоруллубут бугултан аҕыйах от хаалыан сөп. Аан бастаан сыарҕа кэннигэр, онтон иннигэр бугуллары тиэрэ анньан ууруллар. Үһүс бугулу, ол бугуллар икки ардыларынан, үөһээ ууран батта-тыллар. Бугул угааччы уонна харбааччы көмөлөөн тиэйдэхтэринэ үһүс бугул ыһыллыбакка тиэллиэн сөп. Кылгас өтүүнэн ортоку бугулунан баттатан хам баайан кэбиһэллэр. Бугул түгэҕин харбааччы түргэнник хамсанан угаайылаах сыарҕа бара илигинэ харбаабыт отун сыарҕаҕа уура охсон биэрэн истэҕинэ бугул угааччыттан хаалан хаалбата ситиһиллэр. Күөллэр кыйыалара туруору баҕайы халдьаайы курдук буолааччылар, онно угаайыны туруору киллэрдэххэ эбэтэр таһаардахха эрэ табыллар. Сыарҕалаах угаайы иҥнэригэ түһэн оҕуннаҕына бугул ыһыллан хааларынан элбэх эбии үлэ тахсарыттан сэрэнии эрэ быыһыыр. Оҕус сиэтээччи угаайылаах отун аҕалан кэбиһиилээх от аттыгар тартаран баран өтүүтүн сүөрэн бэлэмнээ-битин кэбиһээччи тиэрэ анньан охторон сүөкүүр.

От үлэтин саамай түмүгэ оту кэбиһэн дьэндэтии буолар. Кэбиһиллибит от чиҥиириттэн улаханнык намтыырын иһин, төһө кыайалларынан үрдүк гына кэбиһэ сатыыллар. От кэбиһиитигэр үс суол уһуннаах уктаах атырдьахтары солбуйа сылдьан туһаналлар. От түгэхтиир диэн кылгас уктаах атырдьах ааттанар, от түгэҕин оҥорууга туттуллар. Онтон ортолуур диэн арыыйда уһун уктаах атырдьаҕынан туһанан оту түһүгэр диэри үрдэтиэххэ сөп. Бу атырдьаҕынан оту тиийэн уурбат буоллахха кыдама диэн өссө уһун уктаах атырдьаҕы туһанан от түһүн лаппа үрдэтэн таһаарыллар.

Онон бэйэлэрэ чааһынай хаһаайыстыбалаах ыалларга от үлэтэ тутаах үлэҕэ киирсэринэн уонна улаатан эрэр оҕону үлэлииргэ үөрэтиигэ улахан барыһы биэрэрин туһана сылдьаллар.

АЙЫЛҔАҔА СЫЛДЬЫЫ

Оҕо айылҕаҕа бэйэтигэр; тыаҕа, хонууга, күөлгэ сылдьарын сөбүлүүр. “Киһи – Айылҕа оҕото” диэн этиини айылҕаҕа сырыттахха таба өйдөөһүн уонна кэрэтигэр кыттыһан ылыы кыаллар. Элбэх сибэккилэрдээх хонууттан оҕо араас сибэккилэри талан хомуйуута уонна кыра букет оҥоруута умнуллубат өйдөбүлү үөскэтэр.

Айылҕаҕа сылдьыы отуу уотун оттубатахха улаханнык итэҕэс-тийэр. Кураан кэмҥэ, от үлэтигэр отуу уотун оттуу улахан сэрэхтээх буолууну ирдиир үлэ көрүҥэ буолар. Хас биирдии отуу уотун оттуу саҥаны айыы буолан тахсарынан аналлаах сири булан уот оннун бэлэмнээһинтэн уонна сэрэҕи улаатыннарыыттан саҕаланара табыл-лар. Тыал хантан үрэрин, төһө күүстээҕин быһаарыы аан бастаан эрэйиллэр. Быстах, биирдэ оттуллар отуу уотун тыал үрэр өттүн талан күөл кытыытыгар бадарааҥҥа уматыахха сөп.

Уоту сатаан уматан туһаныыттан саҥаны айыыны оҥоруу уратыта арыллар. Айыыны оҥорууга сахалар “Кэс тыл” диэн кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи этиитин хайаан да туһанары ирдииллэр. Тиэтэйэн, ыксаан хонууга умата охсубут уоттан өрт уота барыан сөп. Дьон куруук кэриэтэ сылдьар сирдэригэр отуу онно диэн ааттанар аналлаах сир баар буолар. Бу аналлаах уот оттунар сири оҥорбут-тарын ыраастаан баран туһаныахха сөп. Саҥа сиргэ уот отторго сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһуу хайаан да эрэйиллэр. Тыа сирэ хаһан баҕарар лаҥхалаах буоларынан уоту уматарга сэрэхтээх буолуу ордук улааттаҕына табыллар. Дьон уһун үйэлэргэ элбэх уоту оттоннор сэрэхтээх буолуу аналлаах быраабылаларын оҥорон туһаналлар. Бу быраабылалары үөрэтэн, тутуһа сырыттахха алҕаска уоту ыытан кэбиһии суох буолар кыахтанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр оҥорон, олоххо киллэрбит үөрэхтэрэ буолар уонна киһини сыыһа-халты туттунартан харыстыыр аналлаах.. Ол иһин киһи өйө-санаата аһара баран хааларыттан сиэри тутуһары ирдиир уонна сыыһа-халты туттунарыттан харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума диэн этэн үөрэтиини туһанар. Оҕо улаатан иһэн “Айыыны оҥорума” диэн таҥара үөрэҕин тутуһа сылдьара ирдэнэр көрдөбүл буоларын уоту оттууттан булан ылыахха сөп. Араас күүскэ умайар убаҕастары уоту оттууга туһаныы бэйэтэ айыыны оҥоруу буолан хааларынан улахан сэрэҕи, бу убаҕастар хайдах умайалларын эрдэттэн үөрэтэри, билэри эрэйэллэр. Хас уоту оттуу бэйэтэ айыыны, ураты быһыыны оҥоруу буолан тахсар. Онно эбии уоту оттууга айыыны, ол аата туох эрэ өссө уратыны, дьон оҥорботторун оҥорон туһана сатааһын үөскээтэҕинэ, уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуспат буолууга тириэр-дэриттэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтии сыыһа туттунууттан киһини харыстыыр анала быһаарыллан тахсар. Уот оттор сири күрдьэҕинэн хаһан кырыһын арааран ылан тула кыйыалыы ууран баран хаһыллыбыт сиргэ обургу мастары кэккэлии ууруллар уонна икки ардыларыгар саҕаһаны ууран уматыллар. Саҕаһа умайдаҕына кыра мас сыыстарын үрдүгэр уурталаан биэриллэр. Уот күөдьүйэн истэҕинэ арыыйда улахан мастары туора кэккэлэтэн салгыы умайа-рыгар анаан ууруллар. Уот умайан күөдьүйдэҕинэ уулаах биэдэрэни дуу, чаанньыгы дуу уот үрдүгэр аналлаах көлөҕө ыйыы ууран бэриллэр. Биэдэрэлээх ууну түргэнник оргутарга анаан обургу мастарынан тулалыы ууран биэрии улаханнык туһалыыр.

Уулаах биэдэрэни дуу, чаанньыгы дуу оргутаары уот үрдүгэр тутарга аналлаах көлө диэн ыйааһыннаах соҕус уһун мас туттуллар. Икки ачаахтаах мутуктары ылан тэптэрэн, атахтаан туруоруохха сөп. Айылҕаҕа сылдьарга уоту сэрэхтээхтик туһаныы быраабылаларын билии, таба туһаныы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол иһин оскуолаҕа оҕолору барыларын айылҕаҕа сылдьыы үөрэҕэр үөрэтэн баран, экзамены тутуу билигин ирдэнэр кэмэ кэллэ.

Сайын устата окко үлэлии сылдьан үлэһиттэр күөл уутун оргутан иһэллэр. Ууну оргутуу диэн араас кирдэртэн, кыра үөннэртэн ыраастааһын биир тутаах көрүҥэ буолар. Ол иһин ууну оргуйдаҕына тоҕо тэптэриини туһанан араас кирин ыраастыыллар. Күөллэр уулара бары тус-туспа амтаннаахтар. Сааһырбыт дьон ол амтаннары арааран билэллэриттэн үрэх күөллэриттэн эбэтэр тыа күөллэрин ууларыттан баһан иһэргэ кыһаналлар. Куйаас кэмҥэ уолан эрэр күөлтэн уу баһан туһанарга эрдэттэн дириҥ умуһах хаһан биэрии туһалыыр. Уу онно мунньустан өр туран сөҥөн дьэҥкэрбитин, ырааһырбытын кэнниттэн иһиккэ баһан таһааран оргутан баран иһиллэр. Иһэр уу амтанын тупсарыыга чэй улахан туһалаах. Хойуу гына кутан биэрдэххэ чэй амтана уу амтанын баһыйан биллибэт оҥорор. Оҕо айылҕаҕа сылдьара араас кыра үөннэри, кыыллары көрөрө бэйэтэ улаханын, күүһэ-уоҕа элбэҕин билинэн айылҕаны, кыралары харыстыыр санаатын улаатыннарар. Үүнэн турар мастар мутуктарын да тоһутуу үүнэр кыахтарын аҕыйатарын оҕо биллэҕинэ, алдьаппат, буортулаабат уонна харыстыыр санаата улаатар. Ол курдук, саҥа үүнэн эрэр хахыйаҕы токурутан кэбистэххэ, кэлин кыайан көммөккө токурунан хаалара айылҕаны харыстааһыҥҥа сөп түбэспэт.

Тыа сирин дьонугар сир астарын хомуйуу сүрүн үлэлэригэр киирсэринэн оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ ордук табыллар. Кыра эрдэҕинэ дьэдьэни хомуйан айаҕар да сиэтэҕинэ, хамсыы-имсии сылдьыбыта эбиллэн туһата улаатар. Оҥоойук диэн кыра иһиккэ оҕо отону толору хомуйдаҕына үлэни оҥорууга аан бастакы ситиһиитэ буолар. “Отонноотоххо оҥоойук туолар” диэн өс хоһооно отону хомуйуу үлэтэ элбэҕин, эрэйдээҕин биллэрэрин тэҥэ, үлэни оҥоруу тугунан түмүктэнэрэ илэ көстөр уонна үөрүүнү аҕалан умнуллубат буолар.

Бырдах сиирин тулуйарга үөрэнии урукку кэмнэргэ айылҕаҕа сылдьыыга тутаах көрдөбүл буолара, оҕо тулуура улааттаҕына бырдах сиирин тулуйар кыахтанарын биллэрэрэ. Билигин араас бырдах эмтэрэ элбээбиттэрэ оҕо айылҕаҕа сылдьарын элбэттилэр эрээри, тулуурга үөрэнэрин суох оҥордулар. Бырдах сиирин тулуйбат оҕолор элбээн иһэллэрэ аныгы дьон тулуурдара, туттунар күүстэрэ улаханнык мөлтөөн иһэрин биллэрэр бэлиэ буолар.

Онон айылҕаҕа сылдьыы сэрэхтээх буолууну улаатыннарарын тэҥэ, тулуурга үөрэтэр күүһэ оҕоҕо ордук туһалыыр.

БУЛТУУРГА ҮӨРЭТИИ

Оҕо аҕата булчут буоллаҕына бултуурга үөрэнэр баҕа санаата кыра эрдэҕиттэн үөскүүр. Аҕата тугу эрэ бултаан аҕалбыт үөрүүтэ оҕоҕо үгэһи үөскэтэн бултуурга баҕа санаатын улаатыннарар.

Саха дьоно былыргы үйэлэртэн бултаан аһыылларыттан араас үгэстэр үөскээн өйдөрүгэр-санааларыгар иҥмиттэр. Булт диэн киһи сииригэр аналлаах айылҕаҕа үөскүүр, улаатар көтөрдөр уонна кыыллар ааттаналлар. Булчут киһи айылҕаны харыстыыр санаата атыттартан улахан буолар. Ол курдук, айылҕаны харыстаатахха, онно үөскүүр кыыллары, көтөрдөрү үргүппэтэххэ, үүрбэтэххэ эрэ булт буолар көтөрдөр, кыыллар төрүүр-ууһуур, улаатар уонна элбиир кыахтаналлар. Атын сиэммэт тыҥырахтаах көтөрдөрү, кыра кыыл-лары булчуттар тыыппаттар, үүрэн тэйитэн кэбиһэллэр.

Бултааһын араастара элбэхтэр. Тыаҕа, булт баар сиригэр олорор ыаллар оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн араас булду бултааһыҥҥа иитиллэр, үөрэнэр кыахтаналлар. Аҕата батыһыннара сылдьан көрдөрөн биэрэн, үтүгүннэрэн бултуурга үөрэттэҕинэ бултааһын араас ньымаларын уола баһылыыр кыаҕа улаатар. Булт араастара барылара тус-туспа ньыманы туһанан бултаналларын оҕо улаатан истэҕинэ арааран билэргэ үөрэтиллэр.

Мунду балык элбэх күөлгэ баар. Күөгүгэ элбэхтик хабар балык. Оҕо бултуурга үөрэнэрэ күөгүлээһинтэн саҕаланара ордук табыллар. Күөгүнү сэрэнэн тутуннахха эрэ сатанар, оҕо тарбаҕар хатанан хааллаҕына улахан эрэйинэн арахсыан сөп. Күөгүлээһиҥҥэ үөрэтиини оскуолаҕа үөрэнэр кэмтэн ыла саҕалыахха сөп. Күөгүлээһин оҕону тулуурдаах буолууга үөрэтэр күүһэ улахан. Ол курдук, хаһан балык кэлэн хабарын кэтэһии бэйэтэ тулуурга үөрэтэр күүстээх. Ону тэҥэ, күөл кытыытын хойуу бырдаҕа саба түһэрэ тулуурдаах буолуу өссө улаатан биэрэригэр көмөлөһөр. Мунду балык чиэрбэҕэ ордук хабаач-чы. Күөгүлүүргэ бэлэмнэниигэ чиэрбэни хомуйан мунньуу улахан үлэлээх. Чиэрбэ үөскүүр хонуута бэрт аҕыйах буолар. Эрдэттэн хомуйан инчэҕэй буордаах иһиккэ уган бэлэмнээтэххэ табыллар.

Урукку кэмҥэ дьон араас туулары оҥостон туулааһыны киэҥник туһаналлар эбит. Аныгы кэмҥэ уу 5 лиитирэлээх бааҥкатын түгэҕин быһан кыра бытыылканы туу сүрэҕин курдук кырыйан сыһыардахха уонна алаадьы эбэтэр килиэп хаҕын бытархайын кутан баран балыктаах күөлгэ уктахха мунду элбэхтик киирээччи.

Сайыҥҥы кэмҥэ кыра муҥханан аҕыйах буолан балыктыахха сөп. Улахан муҥха күһүн муус тоҥмутун кэннэ буолар. Элбэх буолан кыттыһан муҥхалыыллар. Муҥханы муус аннынан уһун үтүмэҕи ойбонтон ойбоҥҥо диэри сүүрдэн тардаллар.

Нырыылааһын диэн аналлаах үлэни оҥорон балыгы улахан муҥхаҕа үүрэллэр. Муҥха кынаттарын кытта тэҥҥэ барсан иһэр нырыыһыттар күөл киэҥ иэнин хабарга туһалыыллар. Оҕолор нырыыга сылдьаллар. Муҥха хаамыытын кытта тэҥнээн анньыынан кэккэлэччи кыра ойбоннору алларан биэрэллэр. Кыра ойбоҥҥо мутук төрдүгэстээх маһынан анньыалаан тыаһы таһааран балыгы муҥхаҕа үүрэллэр. Муҥханы кытта тэҥҥэ барсан кэккэлэһэ эрээккэ алларыллыбыт ойбоннорго көһөн биэрэн иһэллэр.

Куобахтыырга үөрэнии туһаҕы иитииттэн саҕаланар. Аҕата көрдөрөн биэрбитин үтүктэн оҕо туһаҕы иитэргэ үөрэнэр. Элбэх иллэҥ кэмнээх оҕо бэйэтэ туһахтары кэрийэн көрөргө үөрэнэр кыахтаах. Туһаҕы иитэргэ аналлаах мээрэйдэри туһаныллар. Туһах төгүрүгэ биир чиэппэр, онтон сиртэн үрдүгэ суор холото буолар, ол аата эрбэҕи чороччу тутан баран туруору тутан мээрэйдээһин ааттанар. Туһах куобах сылдьар ороҕор туруоруллар. Быстах туһаҕы ханнык эрэ чугас турар маска баайыахха сөп. Маннык иитиллибит туһаҕы халлаан сылаас кэмигэр күн аайы көрүү табыллар. Хандаа туһаҕа диэн куобах иҥнибитин кэннэ өрө тардан кэбиһэр, титириктэринэн оҥоруллар аналлаах тэрил буолар. Туһахтан ураты атын тэриллэрин барытын сонно миэстэтигэр булан оҥоруохха сөп. Саха киһитэ барыта булчут хааннаах. Уол аҕата кустуурун, бултуурун үтүктэн булчут буолар баҕа санааны кыра эрдэҕиттэн үөскэтинэр. Үтүктэр киһитэ суох уол улаатан баран бэйэтэ баҕаран туран үөрэниэн сөп эрээри, бултааһын бары ымпыгар-чымпыгар өр эрэйдэнэн эбэтэр атын ким эмэ көмөтүнэн үөрэнэригэр тиийэр.

Булка сааланыы диэн улаатан иһэр уол биир баҕа санаата буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн сааны сэрэхтээхтик туһана үөрэннэҕинэ үйэтин тухары сэрэнэрэ хаалан хаалбат. Манна бултууртан атын кэмҥэ сааҕа ботуруону угуллубат уонна туһата ааһарын кытта ылан кэбиһиллэр диэн үөрэҕи туһаныы эрэйиллэр. Ону тэҥэ, саа уоһун киһи эбэтэр сүөһүлэр эҥин диэки хаһан да туһаайыллыбат диэн үөрэҕи куруук туһана сылдьыы сыыһа-халты туттунууттан харыстыыр аналлаах.

Бултуурга сэрэхтээх буолуу үөрэҕэ олус киэҥ уонна айылҕаны харыстааһыны үгэс оҥостунууну кытта быһаччы сибээстэнэр. Оҕо улаатан иһэн бултуурга баҕа санаатын толороору сэрэхтээх буолуу үөрэҕин баһылыыр уонна түргэнник үгэс оҥостунар кыаҕа элбиир.

Онон оҕо булчут аҕатын үтүктэн, көрдөрөн биэрэрин туһанан бултуурга үөрэниини кыра эрдэҕиттэн баһылыыр кыахтанар.

ДЬИЭ КЫЫЛЛАРЫН, КӨТӨРДӨРҮН КӨРӨРГӨ ҮӨРЭТИИ

Элбэх оҕолоох ыаллар чааһынай хаһаайыстыба оҕо иитиитигэр, үлэҕэ үөрэтиигэ улахан туһалааҕын билэллэр, бары кыахтара баарынан тэринэ сатыыллар. Оҕо ыраас, натуральнай аһылыгы; эти, сымыыты сиэн, үүтү иһэн улааттаҕына ордук бөҕө эттээх-сииннээх буола улаатарын аналлаах үөрэхтээхтэр дакаастыыллар. Бу ыаллар чааһынай хаһаайыстыбаларын табан тэриннэхтэринэ уонна кыайа-хото үлэлээтэхтэринэ аһыыр аһылыктарыгар элбэх барыһы киллэриниэхтэрин сөп. Оҕо улаатарыгар саамай туһалаах аһылыктары; эти, үүтү уонна сымыыты дьиэ кыыллара, көтөрдөрө биэрэллэрин туһанар кыахтаналлар. Оҕо улаатан истэҕинэ иллэҥ кэмэ элбиир. Аныгы үйэҕэ бу иллэҥ кэми компьютер, телефон оонньуу-ларынан атаарыы үөскээн сылдьар. Бу элбэхтик олорон эрэ дьарык-танарга аналлаах үөрэхтэр оҕо этэ-сиинэ, буор кута сайдыытыгар сөп түбэспэттэринэн хамсаныылары оҥорорго сүрэҕэ суох буолан хаала-рыгар тириэрдэн кэбиһэн куһаҕаны үөскэтиэхтэрин сөп. Оскуола үөрэҕиттэн ураты иллэҥ диэн ааттанар кэмигэр оҕо үлэлии үөрэнэрэ, этин-сиинин эрчийэрэ эрэйиллэр. Ол курдук, кыра да үлэни оҥорорго өр кэмҥэ үөрэннэххэ, үөрүйэҕи үөскэтиннэххэ эрэ сатаан табатык оҥоруу кыалларыттан үлэҕэ үөрэнии уһаан тахсар.

Үлэҕэ үөрэнии эрэйдээх, уһун кэми ыларыттан төрөппүттэртэн бэриллэн иһэр буор кут үөрүйэхтэрэ оҕо үлэһит буоларыгар олус улахан туһалаахтар. Бу туһалаах үөрүйэхтэр үлэһит, дьоҕур, сатабыл, талаан диэн ааттаналлар уонна төрүүр оҕо уус, үлэһит буола улаатыытыгар эр киһиэхэ хайаан да баар буолуулара эрэйиллэр. Ол иһин сахалар ыал буолуу аналлаах үгэстэрин үөскэтэн эр киһини таба талан ылыыны туһаналлара таптал диэн тыл баарыттан биллэр.

Уус, үлэһит төрүттээх оҕолор араас үлэлэри түргэнник баһылыыр, нэмин билэн туттуна үөрэнэр кыахтара атыттартан биллэр улахан. Бу уратыны сахалар былыр үйэҕэ быһааран эдэрдэр ыал буолуохтарын иннинэ төрүччү үөрэҕин туһанан сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылалларыгар сүбэлииллэр.

Чааһынай хаһаайыстыбаны тэринии элбэх үлэлээх. Барытын биирдэ буолбакка тус-туспа чаастарынан тэриниэххэ сөп. Тыа сиригэр дьиэ таһыгар ынах сүөһүнү, чооскуну иитии киэҥник тарҕаммыт дьарык буолар. Хотон тутуутугар, күрүөнү, хаһааны оҥостууга оҕо улаатан иһэн көмөлөһөр кыаҕа улаатар. Төрөппүттэрэ хайдах дьиэ кыылларыгар сыһыаннаһаллар даҕаны оҕолоро оннук сыһыаннаһар буола улаатар. “Сүөһү көрөөччү буолуоҥ” диэн оҕону хомуруйуу сүөһүнү көрүү үлэтиттэн букатын тэйитэн кэбиһиэн сөп. Төрөппүт тугу саҥарарын, оҥорорун оҕото истэ, үтүктэ сылдьарын билэн саҥарар тылыгар сэрэхтээх буолара эрэйиллэр.

Оҕо дьиэ кыылларыгар, көтөрдөрүгэр сыһыана аһыныгас буолуутун үөскэтэллэр. Ол курдук, бу кыыллар, көтөрдөр киһиттэн тутулуктара улаханын оҕо билэ улааттаҕына аһынар санаата сайдарыттан көрө-истэр кыаҕа биллэрдик улаатар. Аһыыр кэмнэригэр аһаабакка хааллахтарына аччыктаан эрэйдэнэллэрин оҕо көрдөҕүнэ, биллэҕинэ аһылыктарын көтүппэккэ кыһанара үөскүүр.

“Кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах” диэн өс хоһооно оҕо үлэҕэ үөрэнэригэр туһалыыр кыаҕа улахан. Ол курдук, ханнык эрэ кыһалҕа кыһарыйара оҕо үлэҕэ үөрэниитин улаханнык түргэтэтэр уонна хаачыстыбатын тупсарар кыахтанар. Кыыллары, көтөрдөрү көрүү-истии үлэтэ бириэмэни тутуһа сырыттахха эрэ табыллар. Бу кыһалҕа кыһарыйарыттан оҕо туохха барытыгар бириэмэни тутуһа сылдьара үөскээн олохсуйан үйэтин тухары туһалыыр. Тыа сирин ыаллара бары кэриэтэ чааһынай хаһаайыстыбалаахтар. Оҕо улаатан иһэн бары үлэлэргэ кыттыһан, көмөлөһөр кыаҕа элбиир. Нэмин билэн оҕону соруйан, тугу оҥорору көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэн истэххэ кыайар үлэлэрин барытын бэйэтэ оҥоруон сөп.

Оҕо улаатарыгар туһалааҕынан эт, үүт аһылыктар буолаллар. Бу эт, үүт аһылыктар дьиэ кыылларыттан кэлэллэр, кэтэх хаһаайыстыба туһатын биллэрэллэр уонна ыалга барыһы киллэрэллэр. Саха дьоно уһун үйэлэр тухары таба, ынах, сылгы сүөһүнү иитэн, көлө, аһылык оҥостон туһана сылдьаллар. Ынах хомуйуута, торбостору манааһын барыта оҕо кыайар үлэтигэр киирсэллэр. Бу үлэлэр оҕону үлэ кэмиттэн хойутаабакка эрэ оҥорулларыгар үөрэтэллэрэ ордук туһалаах. Ол курдук, ыам кэмин хойутаппакка эрэ ынаҕы хомуйан аҕаллахха эрэ табылларынан ынаҕы хомуйуу үлэтэ эрдэттэн саҕаланарын тутуһа сылдьарга үөрэтэр. Оҕо бэйэтин курдук кыраны торбоһу, кулунчугу ордук сөбүлүүр. Торбос көрүүтүн аһатыытын, уулатыытын оҕо бэйэтэ үлэ оҥостон дьарыктана сылдьыан сөп.

Куурусса сымыыты уонна эти биэрэр. Аһатыыны, көрүүнү-истиини, сымыыты хомуйууну оҕо бэйэтэ ылынан үлэ оҥостон кэбиһиэн сөп. Чооскуттан сыа уонна эт кэлэр. Сайын эбиискэ аһылыгар күөх оту үргээн аҕалан сиэтии оҕо кыайар үлэтэ буолар.

Куруолуктан эти уонна тириини ылан туһаналлар. Бу кыыллар аһылыктара боростуойунан оҕо бэйэтэ көрөр, аһатар кыахтанар. Оҕо улаатан иһэн дьиэ кыылларын уонна көтөрдөрүн көрүүгэ биллэр көмөнү оҥорор кыаҕа эмиэ улаатарын тэҥэ, туһата эбиллэн иһэр. Бу дьиэ кыыллара ыалга туох туһалаахтарын, төһө барыһы биэрэллэрин улаатан иһэр оҕо биллэҕинэ өйдөөн-санаан туран көмөлөһөр.

Эрдэттэн кыыллар, көтөрдөр аһылыктарын бэлэмнээһин оҕо тугу оҥоруохтааҕын, өссө оҥоруон инниттэн сыаналыырын сайыннарар. “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиини сахалар олохторугар туһана сылдьаллар. Киһиэхэ хаһан баҕарар туһааннаах бириэмэни тутуһан сылдьыы эрэйиллэр, туох барыта кэмигэр оҥоруллара табыллар. Аналлаах кэмигэр кыыллары, көтөрдөрү көрүү-истии аһатыы оҕо бириэмэни тутуһарын, туохха да хойутаан мэлийэн хаалбатын үөскэтэринэн олоҕор туһаны оҥорор.

Чааһынай хаһаайыстыба үлэтэ хаһан да бүппэт, күн аайы саҥаттан саҕаланан иһэр үлэлэр буоланнар бэрээдэккэ үөрэтэллэр. Ол иһин хаһаайыстыба үлэтэ оҕо кыайа-хото, таһаарыылаахтык үлэлиири ситиһэ сатыыр санаатын үөскэтэр уонна сайыннарар. Оҕо улаатан, кыанар буолан иһэн үлэни тупсаран түргэтэтэр, төрөппүттэригэр көмөлөһөр санаатын үөскэтэринэн улахан туһаны оҥорор.

Куорат дьиэтигэр олорор ыттар уонна куоскалар кэмигэр аһата, ыраастыы сылдьартан ураты туох да барыһы биэрбэттэр эрээри, оҕо майгынын тупсарарга, кыралары аһынарга үөрэтэргэ көмөлөөхтөр. Ону тэҥэ, киһи туттар быһыыта, майгына кыыллартан улахан уратылааҕын оҕо эрдэттэн билэригэр көмөлөһөллөр. Ол курдук, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһар сахалар киһи майгына “Ыт курдук” буолууга тиийэн, кыыллар майгыларыгар төннөн хааларын сахалар сөбүлээбэттэр. Куһаҕан, кыыһыран иһэр майгы уратытын ыкка тэҥнииллэр.

Оҕо бэйэтин кыыллартан туспатык туттарын, өйө-санаата уратытын, салгын кута түргэнник сайдарын билинэрэ киһи буолууну ситиһэригэр улаханнык туһалыыр. Кыбыстар, саатар майгы диэн кыылларга аҕыйаҕын, суоҕун билэннэр, улахан уратыларын, киһи буолалларын кыра эрдэхтэриттэн билинэллэрэ үөскүүр.

Саха дьоно оҕолорун олоххо туох баарынан; сымыйалаабакка, албыннаабакка эрэ үөрэтэллэр. Араас кыыллары, көтөрдөрү киһи курдук быһыылаан көрдөрөр араас мультфильмнар оҕону иитиигэ сымыйалааһыны, албыннааһыны киллэрэн өйүн-санаатын сайдыы-тын, кыыллартан уратытын билинэрин мэһэйдииллэрин тэҥэ, саатар, кыбыстар майгыларын суох оҥорон кэбиһиэхтэрин сөп. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыылга тэҥнээн кэбиһэрин мультфильмнар үөскэтэллэринэн киһи буолууну ситиһэр өйүн-санаатын буккуйаллар.

Оҕо кыыллартан уратытын билинэ сырыттаҕына өйө-санаата сайдан, киһи буолууну ситиһэр кыаҕа улаатар. Мультфильмнар оҕо өйө-санаата сайдыытыгар халыйыыны, оҥорор быһыыларыгар кыыл курдук сааппат, кыбыстыбат буолууну киллэрэн кэбиһэллэриттэн оҕолор көрбөтөхтөрүнэ даҕаны итэҕэстийбэттэр.

Онон дьиэ кыылларын, көтөрдөрүн көрүү-истии, аһатыы оҕо майгынын тупсарар, сымнатар, аһынар, харыстыыр санаатын үөскэ-тэрин тэҥэ, ыалга барыһы киллэрэр салаалар буоланнар, үлэ барыһы биэрэрин билиигэ, туһаныыга үөрэтэллэр.

ООННЬУУРДАРЫ ОҤОРУУ

Оҕо ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕалаан 5 сааһыгар диэри ийэ кута үгэстэртэн үөскээн сайдар уонна мунньуллан иһэр. Бу кэми сахалар оҕо ийэ кута иитиллэр кэмэ диэн арааран ааттыыллар. Ол аата бэлэм, үчүгэйдэрэ биллэр быһыылары оҥотторон, олору үгэскэ кубулутан иҥэрэн биэрии, бу кэмҥэ ситиһиллэрэ туһалаах. Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр ийэтин оруола олус улахан. Бу кэмҥэ үөскээбит үгэстэрэ үлэлии, ону-маны оҥоро үөрэнэригэр баҕа санааҕа кубулуйан тирэх буолан туһалыыллар. Бу кэмҥэ оҕо тугунан оонньообутун үгэс оҥостунан хааларыттан, улаатан баран, бу үлэлэри сөбүлүүрэ үөскээн бэйэтэ олорунан дьарыктаныан сөп. Оонньуур оҕо өйүгэр-санаатыгар дьайыытын сахалар үөрэппит-тэрэ быданнаабыт. Ыаллаах буола оонньоон улаатар оҕо элбэх оҕолоох буолара биллэр. Аттаах буола оонньуур оҕо, бу кыыллары сөбүлүүрэ улаатан сылгыһыт буолуон сөп. Мас ынахтарынан сөбүлээн оонньуур оҕо сүөһү үлэтин сөбүлүүрэ үөскүүр. Ол иһин аналлаах үлэҕэ үөрэтэргэ туһалыыр оонньуурдары оҥорон биэрэн оҕо ийэ кутун иитэн биэриини сахалар туһаналлар.

Ийэ оҕотун кыра эрдэҕиттэн кыайар үлэтиттэн саҕалаан үлэҕэ үөрэтэрэ, соннук үгэстэри иҥэрэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕо бу үөрэммит үгэстэрэ улааппытын кэннэ ханнык үлэһит буоларын төрүттүүллэрин билэн салайан биэрии, бу кэмҥэ табыллар.

Киһи бэйэтэ тугу оҥорбутун, туппутун хаһан баҕарар үрдүктүк сыаналыыр, үчүгэйдик саныыр. Туох оҥорбутун барытын "үчүгэй" диэн сыаналыан сөп. Ол иһин оҕо үлэҕэ үөрэнэрэ аан маҥнай араас оонньуурдары оҥорууттан саҕаланара ордук табыллар. Оҕо бэйэтэ оҥорбут оонньуурунан ордук кыһанан, уһуннук оонньуура биллэр. Лиис кумааҕынан самолет оҥорон көтүтүү оҕоҕо улахан интэ-риэһи үөскэтэр. Улахан, элбэх уопуттаах киһи аан маҥнай бэйэтэ оҥорон, көрдөрөн биэрбитин үтүктэн оҥордоҕуна ханнык баҕарар үлэҕэ үөрэнэрэ түргэтиир. Аан маҥнайгы оҥоруу соччо табыллыбатар даҕаны элбэхтэ хатылаатаҕына, хамсаныылары оҥороро тупсан табыллара кэлэр. Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ төрөппүт бэйэтэ оҥорон биэрэн истэҕинэ, оҕото үлэлии үөрэнэрин хааччахтаан кэбиһиэн сөп.

Кыраны да үлэлии үөрэнии эрэйдээх, Оҕо тугу эмэ кыраны да оҥордоҕуна сөбүлээһин, хайҕааһын хайаан да эрэйиллэр. Төрөппүт сөбүлээбэт, сирэр саҥата бэйэтэ быһаарынан тугу эмэ оҥоро, тута үөрэниитин букатын да тохтотон, хаалларан кэбиһиэн сөп.

Кумааҕынан кыра тыыны оҥорон ууга уһуннаран көрүү кэнниттэн төһөнү уйарын билэ сатааһын салгыы үөскүөн сөп. Бу саҥаны билэ сатааһын, боруобалаан көрүү оҕоҕо улахан интэриэһи, баҕа санааны үөскэтэр. Саҥаны оҥорон көрүү оҕо билэ-көрө сатааһына өссө сайдыытын үөскэтэн иһэрин үчүгэй өттүгэр салайан биэрии эрэйиллэр. Кумааҕы тыыны оҥорон уһуннаран боруобалаан көрөн баран аны мас тыыны оҥорууга көһүөххэ сөп. Хаптаһынынан оҥоруллар кыра болуот онно сөп түбэһэр, баарыстаан биэрдэххэ өссө табыллар. Араас бэргэһэлэри кумааҕынан оҥорон кэтии күн уотуттан харыстыырын тэҥэ, тас көрүҥ үчүгэйин быһаара сатааһыны үөскэтэн үчүгэй диэни билэргэ улаханнык туһалыыр. Элбэх улахан, кыра кумааҕы кубиктары оҥорон дьаарыстыы уурталааһын тута үөрэнэргэ туһата улаатар. Кэлин кумааҕы кубиктары мас кубиктарынан сол-буйан ону-маны тутарга үөрэтиини саҕалыахха сөп.

Кыптыыйынан тутта үөрэниигэ араас дьүһүннээх кумааҕыны кырыйан елка оонньуурдарын, араас цепочкалары оҥоруу табыллар. Ону тэҥэ, араас кыыллары кырыйан оҥорон оонньуохха сөп. Ийэтэ көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрдэҕинэ кыыс оҕо араас таҥас сыыста-рынан орон таҥастарын тэҥэ, кокуукканы эмиэ оҥоруон сөп. Кыыс оҕо араас таҥас сыыстарынан оҥорбут кыра кокууккатын олус харыстыыр, көтөҕө, илдьэ сылдьарын тэҥэ, ороҥҥо утута уурарын умнубакка оҕону хайдах көрөргө кыра эрдэҕиттэн үөрэнэрэ табыллар.

Улаатан иһэр оҕо бэйэтигэр сөптөөх дьиэ туттунарын сөбүлүүр. Хос ханнык эмэ муннугар олоппоһунан кыйыалаан, таҥаһынан бүрүйэн кыра дьиэни оҥостунан кэбиһиэн сөп. Бу оҥостубута араас, отуу да курдук буолара киниэхэ сөп түбэһэр. Кыыс оҕо бу дьиэтигэр араас кыра малын-салын, иһитин-хомуоһун мунньунан өр оонньуу сылдьыан сөп. Кыра кокууккаларын мунньан бэйэтэ оҥорбутуттан үөрүүнү билэрин тэҥэ, ороннорун оҥорон утуталыыр кыахтанар.

Уол маһы эрбиири баһылаатаҕына хабылыгы, хаамысканы оҥо-рон оонньуурга үөрэннэҕинэ сымсата эбиллэр, илиитинэн түргэнник хамсаныылары оҥорору баһылыыр. Мас оонньууру оҥоруу муҥура суох элбэх. Араас бэстилиэттэри, автоматтары оҥосто сатааһына уус буоларын төрүттүөн сөп. Уол улаатан иһэригэр сөп түбэһэр оон-ньуурдары бэйэтэ оҥостунар кыахтаах. Мас ынахтан саҕалаан ох сааҕа диэри оҕо бэйэтэ оҥосторо уһана үөрэнэригэр көмөлөһөр.

Оҕо бэйэтэ тугу оҥорбутун атыттартан ордук сыаналыыр, үчүгэй диэн саныыра үөскүүр. Бу бэйэтэ оҥорбутуттан астынар санаата оҕо улааттаҕына бэйэтэ оҥоро, тута үөрэнэригэр тирэх буолар.

Онон оҕо оонньуурдары оҥосто үөрэниитэ бэйэтэ үлэлээн туох эмэ туһалааҕы оҥороругар тириэрдэн тугу эмэ оҥорбутуттан үөрэрин, дьоллонорун үөскэтэрэ үлэлиир кыаҕын улаатыннарар.

УҺАНАРГА ҮӨРЭТИИ

Саха дьоно бары кэриэтэ былыргы өбүгэлэриттэн бэриллибит уус төрүттээхтэр. Уус төрүт баарыттан оҕо уһанарга дьоҕура, сыһыамаҕа, сатабыла дьарыктанан истэҕинэ эбиллэн иһэрэ үөскүүр.

Оонньуурдары оҥосто үөрэнииттэн оҕо уһанарга үөрэнэрэ саҕала-нар. Сөптөөх суоннаах талахтан быһан ынахтары, торбостору оҥоруу аан маҥнай соччо табыллыбатаҕын да иһин бэйэ оҥорбута буолан үчүгэйдик сыаналанар уонна уһуннук оонньонор. Талах ынаҕы араас эриэн гына дьүһүннээһин оҕо уһанар дьоҕурун улаатыннарар.

Туох эмэ тэрил угун, тутааҕын оҥорууну оҕо улаатан иһэн ситиһэр кыахтанар. Дьиэ таһыгар үлэҕэ элбэхтик туттуллар тэриллэ-ринэн хаар күрдьэр уонна буор хаһар күрдьэхтэр буолаллар. Күрдьэх угугар сөп түбэһэр суоннаах хатыҥ маһы тыаттан кэрдэн, сөп буолар уһунунан быһан, мутугун ыраастаан, туоһун эриэннээн баран күлүккэ ууран хатарыллар. Хаппытын кэннэ туоһун ыраастаан баран устурууһунан тэҥнээн, кылааккайдаан бэриллэр. Бэлэмнэммит угу күрдьэххэ олордууга кэдэгэрин үөһээ тутан күрдьэххэ кэтэрдиллэр, ыга саайыллар уонна кыра тоһоҕонон туттарыллар. Уктаммыт күрдьэҕи илиигэ ыллахха эргийэ сылдьыбата эрэйиллэр.

Өтүйэ эбэтэр сүгэ уга ытаһата босхо бардаҕына, халкыҥнаа-таҕына тутта, охсуолуу турдахха туллан хаалыан сөп. Охсон истэххэ өтүйэ дуу, сүгэ дуу көтөн хааллахтарына дэҥи, оһолу оҥоруохтарын сөп. Ол иһин итилэринэн туттуох инниттэн ытаһалара хайдаҕын бэрэбиэркэлээн көрүүнү оҥоро сылдьыы ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Сахалыы остуол оонньуулара уол уһанар, оҥорор санаатын эрдэттэн уһугуннараллар. Хабылык оонньууру оҥостууга мас тырыыҥкалаан бэлэмнээһин элбэх үлэттэн, сытыы тэриллэринэн туһана үөрэнии кэнниттэн биирдэ кыаллар. Хаамыска оҥостуу эрбиири лаппа баһылаатахха уонна сытыы быһаҕынан сатаан тутта үөрэннэххэ эрэ табыллар. Ол курдук, эрбии саккааҕын сытыы быһаҕынан эрэ кылбаччы ыраастааһын кыаллар.

Уол уһана үөрэнэригэр ханнык эрэ умсугутар тэрили оҥосто үөрэнэрэ ордук туһалаах. Киинэҕэ көрөн бэстилиэти, автоматы сөбүлээтэҕинэ олору оҥосто сатыыра киирэн кэлиэн сөп. Ону тэҥэ, бу тэриллэр уолаттар оонньуулларыгар туттар сүрүн тэриллэрэ буолан оҥосто сатыыллара интэриэстэрин улаатыннарар.

Хаптаһынтан эрбээн бэстилиэт оҥостуу улахан уустуктардаах. Угун эрбииргэ хайа баран арахсан хаалан элбэхтик хомоторо. Ону эрдэттэн, эрбиэх инниттэн уга ханан буоларын уруһуйдаан бэлиэтээн баран боробулуоханы кытардан үүттэнэр уонна тоһоҕо саайан бөҕөргөтүү кэнниттэн эрбээтэххэ, син хайдыбакка хаалыан сөп. Кыһын тымныы улааттаҕына бытарҕан диэн ааттанар. Маннык тымныыга кыра чыычаахтар син-биир сылдьаллар. Оҕолор чыычааҕы кыһын тымныы кэмҥэ аһыналлара ордук киирэр. Хайдах тымныыны тулуйалларын, тоҥон хаалбаттарын сөҕө көрөн улааталлар. Ол иһин чыычаахтарга туһаны оҥорон, көмөлөһөн аһыыр сир уонна уйа оҥорон биэрэргэ кыһанар санаалара киирэр. Ханнык эрэ фанера куһуоччугун булан, кыра мастарынан оҥорон араамалаан баран сылдьар сирдэригэр ыйаатахха уонна ас кутан биэрдэххэ кэлэн аһаабытынан бараллар. Оҕо чыычаахха тымныыны тулуйарыгар көмө оҥорбутуттан үөрүүтэ кэмэ суох улаатар.

Көтө сылдьар чыычааҕы көрүү киһиэхэ үөрүүнү аҕалар, көҥүл баарын курдук сымыйа өйдөбүлү биэрэр. Дьиҥнээҕэр тиийдэххэ чыычаах олоҕо олус ыарахан. Сыыһа туттардаҕына атыттар, сиэмэх-тэр тутан ылан сиэн кэбиһиэхтэрин сөп. Чыычаахха бэйэтигэр аналлаах уйата атын сиэмэхтэртэн харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Онно киирэ охсон саһан, эккирэтээччиттэн быыһаныан сөп. Оҕо чыычаахха суоһуур кутталлары биллэҕинэ аһынар санаата киирэн уйа оҥорон биэриигэ кыһанан ылсыһыан сөп. Ону тэҥэ, кыралары аһынар, көмүскүүр санаата онтон улаатар.

Тоһоҕону өтүйэнэн саайыы сэрэнэн уонна табатык оҕустахха эрэ кыаллар. Тарбаҕы охсон кэбиһии ыарыыта улаханыттан оҕо саллан хаалыан сөп. Ол иһин элбэхтик тоһоҕону, ону-маны саайан таба охсорго үөрэнии эрэйиллэр. Өтүйэнэн туһана үөрэниигэ токуруйан хаалбыт тоһоҕолору көннөрүү үлэтэ ордук табыллар. Урукку кэмҥэ тыаҕа тоһоҕо аҕыйаҕар араас дьааһыктар тоһоҕолорун тууран, көннө-рөн туһаныы баара. Бу элбэхтик охсуолуур үлэни баһылаатаҕына оҕо тарбаҕын охсунара аҕыйыырыттан өтүйэнэн таба охсорго, охсуу күүһүн таба туһанарга үөрэнэрэ биллэрдик түргэтиир.

Уол улаатан уһаныыны баһылааһынын бигэргэтэр үлэнэн сүгэ угун оҥоруута буолар. Анаан хатарыллыбыт, көнө саастаах, аҥардыы хайытыллыбыт хатыҥ мастан сүгэ уга оҥоруллар. Сүгэ туохха аналлааҕыттан угун уһуна быһаарыллар. Мас кэрдиитигэр туттуллар сүгэ уга, мас суорар сүгэ угунааҕар арыыйда уһун буолар. Улаханнык далайан күүскэ охсорго аналланар. Мас суорарга, уһанарга аһара күүскэ охсуолааһын туһата суоҕуттан сүгэ угун кылгаталлар.

Сүгэ укка хайдах тутулларыттан көрөн оҥоруу икки араастанар:

1. Угун тимиригэр ыга гына уган баран инниттэн ытаһалаан кэбиһии элбэхтик туттуллар. Сүгэ угун ытаһатын куруук көрө сылдьыы уонна халкыҥнаатаҕына чиҥэтэн биэрии эрэйиллэр.

2. Угу үчүгэйдик кыһан бэлэмнээн баран баһымньы угун курдук инниттэн ыга уган кэбиһиллэр уонна чиҥэтэ саайыллар. Маннык уктааһыҥҥа ытаһа диэн туттуллубат, сүгэ инниттэн ыгатык угулларыттан угуттан түһэн хаалбата судургутук ситиһиллэр.

Тутууга үлэлии сылдьан Попов Никифор диэн улахан уопуттаах кырдьаҕас тутааччыттан, бу ньыма туһунан билбитим уонна бэйэм оҥостон туһана сылдьыбытым. Ытаһата суоҕуттан босхо баран хаалбат. Ол курдук, мас куруук ыанан, уостан иһэриттэн сотору кэминэн босхо баран хаалыан сөп. Уктаах сүгэни киһи илиитигэр ыллаҕына ыйааһына тэҥ уонна эргийэ сылдьыбат буолара эрэйиллэр.

Оҕо уһаныыны баһылаабытын бэлиэтинэн туттар тэриллэр уктарын, тутаахтарын оҥорууну сатыырга үөрэниитэ буолар. Ону тэҥэ, араас долбуурдары оҥорон кыра малларын ууруон сөп.

Олоххо бэлэмнээх буолуу диэн оҕо уһана, оҥоро үөрэниитэ ааттанар. Олох устата тугу эмэ оҥоруу диэн үлэ киһиттэн ирдэнэн кэлиэн сөбүн эрдэттэн билэн, оҕо улаатан иһэн уһанары баһылаан кэлэн иһэр олоҕор бэлэмнэнэрэ эрэйиллэр.

Онон уол оҕо уһана үөрэнэрэ диэн саҥа саҕаланан эрэр олоҕор бэлэмнэнэрэ уонна үлэни баһылыырыгар оҥостунар баайа буолар.

ҮЛЭҔЭ СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ

Ханнык баҕарар илиинэн үлэлэнэр бары үлэлэр бэйэлэригэр аналлаах сэрэхтээх буолууну тутуһа сылдьары ирдииллэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэригэр аан бастаан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын үөрэтэрэ, билэрэ эрэйиллэр.

Оҕо оҥорор бастакы ситиһиитинэн ханна эрэ үөһээ ыттан тахсыыны кыайыыта буолар. Аан бастаан дьыбааҥҥа, онтон ороҥҥо ыттан тахсыыта улахан ситиһиини оҥоруутун үөскэтэн үөрүүнү аҕалар. Онтон салгыы олоппоско салҕанан остуолга тахсыыны баһылыыр кэмэ тиийэн кэлэр. Бу ситиһиини оҥороругар көмөлөһөн, көрдөрөн биэрэн сэрэнэргэ үөрэтэн биэрии хайаан да эрэйиллэр.

Үлэһиттэр хаһан баҕарар үөһээ ытталлар. Туох эрэ үрдүгэр тахсан үлэлээһин хаһан баҕарар баар буола турар. Манна кырыыһаттан хаар күрдьүүтүн үлэтэ ордук сэрэхтээх. Кырыыһаҕа сылдьарга страховка быалаах сылдьыы ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр.

2016 сыллаахха балаҕан ыйын 10 күнүгэр Мирнэй куоракка 197 квартиралаах дьиэ тутуутугар бетон кирилиэс көтөҕөр кыраантан төлө түһэн икки киһини, биригэдьиири уонна сварщигы өлөрбүтэ. Бу ыар быһыы үлэҕэ сэрэхтээх буолууну тутуспаттан тахсыбыт.

Кэнники кэмҥэ араас үөрэхтээхтэр элбээһиннэриттэн кумааҕыны суруйар, бэрийэр уонна компьютер үлэһиттэрэ биллэ үксээннэр үлэҕэ сэрэхтээх буолуу көрдөбүллэрэ хаалбыт, оҕону үөрэтиигэ туттуллубат курдук буолан сылдьаллар. Үлэҕэ сэрэхтээх буолуу диэн киһи буолуу үөрэҕин тутаах салаата буолар. Киһи буолуу үөрэҕин үлэһиттэр арыйбыттар уонна туһана сылдьаллар. Ол иһин үлэһиттэр көрсүө, сэмэй буолуу сыыһа-халты туттунууну аҕыйатарын билэннэр оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ кыра эрдэҕиттэн туһаналлар.

Ханнык баҕарар үлэ бэйэтигэр сөп түбэһэр сэрэхтээх буолууну ирдиирэ туох тэриллэр туттуллалларыттан көрөн уларыйан биэрэл-лэрин туһаныы эрэйиллэр. Биһиги ол иһин аан бастаан үлэҕэ ханнык тэриллэри туһанартан хайдах сэрэнэри үөрэтиэхпит:

1. Уһуктаах, биилээх тэриллэринэн туһаныы.

2. Электрическэй уотунан үлэлиир тэриллэри туһаныыга сэрэнии.

3. Араас тиэхиникэлэри сэрэхтээхтик туһаныы.

Бу туттуллар тэриллэртэн сэрэхтээх буолуу уратылара уларыйан иһэллэрин арыыйда дириҥэтэн ырытыахпыт:

1. Дьиэҕэ саамай туттуллар уһуктаах тэриллэринэн иннэ, кып-тыый уонна быһах буолаллар. Иннэни оҕо таба тутар буоллар эрэ боруобалаан көрүөн сөп. Уһугунан кыратык тарбаҕын дьөлө анньан кэһэтэн үөрэтэн биэрдэххэ иннэттэн сэрэнэрэ улаатар. Ону-маны кырыйа үөрэтиигэ оҕоҕо кыптыый туох кутталлааҕын, кумааҕыны тутар тарбаҕы быһан кэбиһиэн сөбүн биллэрии эрэйиллэр. Оҕо кумааҕыны быһарыгар, ас бэлэмнии үөрэнэригэр быһаҕы хайаан да туһанар. Быһаҕы угуттан эрэ тутулларын, уһугуттан уонна биититтэн хайаан да сэрэниллэрин, тарбаҕынан сотуллубатын өйдөтөн биэрэ сылдьыы туһалыыр. Ол курдук, оҕо тугу истибитин үгэс оҥостунуор диэри элбэхтэ хатылаатахха, этэ сырыттахха табылларыттан сахалар “Сүүстэ этии” диэн үөрэҕи туһана сылдьаллар. Киһиэхэ быһаҕы биэрэргэ тутааҕынан уунан бэриллэр, ол барыта атын киһи быһаҕы ыларыгар биититтэн тутан кэбиһиэн сөбүттэн харыстыырга аналланар. Быһах биитин тыытыллыбат, тарбаҕынан сотуллубат, тылынан салаабакка эрэ тугунан эмэ атынынан олус сэрэхтээхтик соторго уонна сууйарга оҕо улаатан иһэн үөрэнэрэ туһалыыр. Быһаҕынан тугу эмэ быһарга ону тутар илиини ордук сэрэниллэр. Остуол сирэйин быһыта сотон кэбиспэт туһугар аналлаах хаптаһыны ууран туһаныллар. Тарбах кыратык быһыллан хаан тахсыыта оҕону сэрэхтээх буолууга түргэнник үөрэтэр.

Биилээх тэриллэргэ сүгэ уонна эрбии эмиэ киирсэллэр. Оҕо улаатан иһэн сүгэнэн тутта үөрэнэр буоллаҕына, эрбиини туттарга кыра эрдэҕиттэн үөрэниэн сөп. Эрбии биитэ ордук улахан сэрэхтээх буолууну ирдиир, ол курдук эрбээн эрдэххэ туора халтарыйан ойоҕоһунан баран хаалара тутар илиини эчэтиэн сөп.

2. Аныгы дьиэ электрическэй уота суох табыллыбат. Оҕону кыра эрдэҕиттэн электрическэй уот розеткатыттан уонна проводтан сэрэхтээх буолууга үөрэтии эрэйиллэр. Тугу да розетка үүтүгэр укпат буоларыгар анаан эрдэттэн үөрэтиллэр, элбэхтэ этэн такайыллар.

Оҕону электрическэй уот проводтарын барыларын тыыппат буол диэн үөрэтии туһалаах. Ол барыта холбонон турар проводтар туоктаах буолуохтарын сөбүттэн сэрэтэн оҥоруллар быһыы буолар. Электрическэй уоту туһаныыга ордук сэрэхтээҕинэн вилканы розет-каҕа угуу буолар. Вилканы тутуллар сириттэн эрэ тутан розеткаҕа угуллар уонна тууран ыларга эмиэ онтон туттахха эрэ табыллар. Проводтан тутан тардыы букатын бобуллар, быстан, изоляцията алдьанан хаалыан сөбө ордук кутталы үөскэтэр. Биир розеткаҕа аһара элбэх ититэр тэриллэри холбооботоххо табыллар. Бу быһыы ханнык эрэ холбонууга, проводка туок нагрузката аһара элбээн хаалыыта үөскүүрүттэн харыстаныы буолан туһалыыр.

3. Дьиэҕэ араас тиэхиникэ элбэх. Өтүүктэн саҕалаан холодиль-никка диэри тэриллэр бары ыалларга бааллар. Дьиэни ититэр тэриллэри, өтүүк итийэр сирдэрин тарбаҕынан таарыйарыттан оҕо сэрэнэригэр анаан тарбаҕын төбөтүн кыратык хаарытан үөрэтии туһалыыр. Аналлаах тутааҕыттан эрэ тутуу итиигэ сиэппэти хааччыйарын эрдэттэн билэрэ эрэйиллэр. Ону тэҥэ, розеткаҕа холбонор проводын эрийэн кэбиспэккэ кыһаннахха табыллар. Пылесос бэйэтэ улахан куттала суох тэрилгэ киирсэр эрээри, соһулла сылдьар провода сэрэхтээх буолууну, тардыалаабаты уонна эрийбэти ирдиир.

Онон бары үлэлэргэ барыларыгар, дьиэ иһинээҕи үлэлэргэ эмиэ сэрэхтээх буолуу аналлаах үөрэҕин оҕо улаатан истэҕинэ үөрэтэн биэрэн иһии таба туһанарыгар тириэрдэр.

ХОЙУТААБАТ БУОЛУУГА ҮӨРЭТИИ

Билигин киһи ханна баҕарар сылдьара, тугу оҥороро барыта чаһынан кэмнэнэр буолбута ыраатта. Бириэмэни таба туһанарга оҕону кыра эрдэҕиттэн “Хойутуу сылдьар куһаҕан” диэн этэн үөрэтиллэр. Оҕо хойутууртан хомолто кэлэрин биллэҕинэ үөрэнэрэ түргэтиир. Улахан суолталаахтан хойутаан хаалбыт оҕо туохтан эмэ баҕара-рыттан матара, мэлийэрэ ордук туһаны оҥорор.

Режими кыра эрдэҕиттэн тутуһа үөрэммит, киэһэ утуйар кэмиттэн хойутаабакка эрэ утуйар оҕо сарсыарда сөпкө турары ыарырҕаппат. Төрөппүт көрдөбүлэ кытаатан оҕотун кыра эрдэҕиттэн режими, бэрээдэги тутуһуннара үөрэттэҕинэ этиллибит бириэмэни тутуһарга үөрэнэрин ситиһэр кыаҕа улаатар. Режими тутуһа үөрэнии оҕоҕо үгэс буолан иҥнэҕинэ олоҕун устата тутуһа сылдьара үөскээн олохсуйар.

Оҕо улаатан иһэн саамай кыайбата, эрэйдэнэрэ утуйан туруу буолар. Сарсыарда туран детсадка хомунан барыыта оҕо болдьоммут кэмтэн хойутаабатыгар үөрэтэр сүрүн дьарыга буолар. Манна кэлэн төрөппүттэр үлэлэригэр ыксыылларыттан бытааннык таҥнар оҕону бэйэлэрэ таҥыннара охсон биэрэллэрэ бэлэмҥэ үөрэниитин үөскэтиэн сөбүттэн биирдэ эмэтэ, үөрэтэргэ аналлаах буолуо этэ. Оҕо бэйэтэ таҥна үөрэнэрэ тугу барытын бэйэтэ оҥоро үөрэнэригэр туһалыыр. Ол иһин төрөппүттэр кыһанан, арыычча эрдэлээн туран аналлаах бириэмэ биэрэн бэйэтэ таҥнарын ситиһэллэрэ ыксаабакка, тиэтэй-бэккэ эрэ үлэлииргэ үөрэнэригэр туһалыыр көрдөбүл буолар.

Оҕо бириэмэни сатаан туһанарга кыра эрдэҕиттэн үөрэнэрэ чаһыны үөрэтииттэн саҕаланар. Сарсыарда, күнүс, киэһэ, түүн диэн быһаарыылары билэрин тэҥэ, сотору, тохтуу түһэн баран, кэлин диэн улахан дьон куруук туттар өйдөбүллэрин баһылыыр кыахтанар. Билигин туох барыта чаһынан кэмнэнэр. Оҕо чаһыны үөрэтэн биллэҕинэ бириэмэни чаһынан кэмнээн туһанара саҕаланар. Ол курдук, киһи тугу эмэ оҥороро ханнык эрэ бириэмэни ыларын арааран билии хойутаабат буолууга үөрэниигэ улаханнык туһалыыр. Ханна эмэ барыыга бэлэмнэниигэ таҥныы, хомунуу, айаннааһын уһуна барыта холбуу киирэллэрин билии, төһө бириэмэни ылалларын суоттааһын уонна туһана сылдьыы хаһан баҕарар ирдэнэр.

Төрөппүт ханна да хойутаабата оҕотугар холобур буолан кини эмиэ хойутаабакка, туох эмэ быһыыны оҥороругар эрдэттэн бэлэмнэ-нэргэ үөрэнэн хаалара олоҕор улаханнык туһалыыр. Аныгы үйэҕэ туох барыта бириэмэнэн кэмнэнэр. Бириэмэни сатаан туһанарга үөрэнии эрдэттэн былаанныыры тутустахха табылларынан уустук-тары үөскэтэр. Холобурга, ханна эрэ, этиллибит бириэмэҕэ тиийиэх-тээх буоллахха, хаһан хомунан дьиэттэн тахсары, айанныыры ааҕан, суоттаан билии уонна ону холбоон туһаныы эрэйиллэр. Ханна эмэ айаннааһын төһө бириэмэни ылара эрдэттэн боруобалаан көрдөххө эрэ чуолкайданан биллэр. Ол курдук, суолга кими эмэ көрсүһэ түһүү, эбэтэр араас көһүппэтэх мэһэйдэр тахсыылара айаны атахтыахтарын сөбүн аахса сырыттахха хойутааһын суох буолуон сөп.

Бириэмэни таба туһаныы утуйан туруохтан ыла саҕаланар. Ол курдук, эдэр киһи хойутаан утуйарынан сарсыарда кэмигэр туруута хаһан баҕарар ыараханы үөскэтэр. Бу ыараханы тулуйуу, утуйан турууга хойутаабат буолуу, бэйэ кыаҕынан уһуктан турарга үөрэнии улаатан эрэр оҕоттон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар. Тугу эмэ оҥоруон баҕа санаалаах киһи утуйан туруу ыараханын холкутук тулуйар кыахтанар. Ол иһин оҕоҕо үчүгэйи оҥорууга ыҥырар баҕа санаалары иҥэрэн биэрии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр.

Сарсыарда уһуктан турууга киһини уһугуннарар аналлаах араас тэриллэр билигин олус элбээтилэр. Олору сатаан туһаныы уонна уһуктан турарга баҕа санаа баара эрэ киһиттэн эрэйиллэр. Киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата сайдан, күүһүрэн этин-сиинин утуйа, сылаанньыйа сытар баҕатын кыайарыттан бэйэтэ уһуктан турар кыахтанар. Өссө сааһыран истэҕинэ ону-маны оҥорор, ситэрэр санаата элбиириттэн эрдэлээн уһуктара киирэн иһэр.

Киһи олоҕун дьону кытта алтыһан атаарар, араас көрсүһүүлэргэ сылдьар. Элбэхтэр болдьоммут бириэмэҕэ кэлиэ диэн кэтэһэллэр. Ыйыллыбыт кэмтэн хойутааһын киһи киһиэхэ эбэтэр атыттарга, үлэҕэ сыһыана хайдаҕын көрдөрөр тутаах бэлиэ буолар.

Киһини кэтэһии элбэх араастаах:

1. Үөрэххэ, үлэҕэ аналлаах кэмҥэ кэтэһэллэриттэн киһи хойу-таабат буолууга кыһанара эрэйиллэр. Аныгы телефон үйэтигэр үөрэххэ, үлэҕэ хойутууру эрдэттэн этэн биллэрэн кэбиһиэххэ сөп.

2. Ыалдьыттыы кэлии. Ыалга болдьоммут кэм иннинэ кэлэн хаалыы ситэ бэлэмнэнэ, хомуна илик буоллахтарына, кыбыстыылаах балаһыанньаҕа киллэриэн сөп, онтон ыалдьыттыы кэлиигэ хойутаан хаалыы дьиэлээхтэри аанньа ахтыбат, бэйэҕэ тэҥнээбэт буолууну биллэрэрин тэҥэ, улаатымсыйыы бэлиэтэ буолар.

3. Көрсүһүүгэ тиийии. Урукку кэмҥэ дьахталлар көрсүһүүгэ хойутаан кэлиэхтэрин сөп диэн санаа туттуллара. Билигин бэйэлэрин үрдүктүк сананар дьахталлар хойутуулларын сөбүлээбэттэр.

4. Театрга, кэнсиэргэ сылдьыы. Хойутаан кэлбит киһи үчүгэй миэстэтиттэн матан хаалыан сөп. Ол курдук, кэмигэр дьон кэлбэ-тэхтэринэ, ол миэстэни атыттар ылан кэбиһэр кыахтаналлар. Хойутаабыт киһи айдааны таһаара сылдьара сиэрэ суох быһыы буоларынан антраагы кэтэһэригэр тиийиэн сөп.

Киһи бириэмэтин сатаан аттаран туһамматаҕына барыттан барыга хойутаан иһиэн сөп. Манна хойутуур киһи үчүгэйтэн матан хаалара улахан суолталанар. “Хойутаабыт чыычаах хараҕын хастар, эрдэлээ-бит чыычаах тумсун соттор” диэн өс хоһооно оҕону ханна да хойутаабат буолууга үөрэтэргэ көмөлөһөр суолталаах.

Психологтар хойутааһын уратыларыттан киһи киһиэхэ сыһыанын билиэххэ сөп дииллэр. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар үс тус-туспа көрүҥ баар буолуон сөп:

а. Атын киһини бэйэҕэ бэриннэрии, аанньа ахтыбат буолуу.

б. Бэйэ атын киһиэхэ бас бэриниитэ, быһаарынар кыаҕа суоҕа.

в. Киһи киһиэхэ тэҥнээх сыһыана.

Биллэр биричиинэтэ суох уонна бырастыы гыннарбакка эрэ олус өр кэтэһиннэрэр киһи уратытын, кыаҕын уонна күүһүн көрдөрө сатыыр буолуон сөп. Итини тэҥэ, кэтэһиннэрэр киһи кэтэһээччилэри аанньа ахтыбатын, бэйэтигэр тэҥнээбэтин, сыаналаабатын биллэрэр.

Куорат иһигэр киһи киһини кэтэһиитэ 10 эбэтэр 15 мүнүүтэттэн ордубат буоллаҕына, олохсуйбут нуормаҕа сөп түбэһэр диэн ааҕыллыан сөп. Ол барыта массыынанан айаннааһын уларыйан иһэр уратыларыттан ордук тутулуктанар. Бэйэтин итэҕэйэр, бириэмэни табан туһанан салайынан сылдьар уонна атыттары тэҥнээхтик сыаналыыр киһи болдьоммут бириэмэттэн хойутаамыан сөп.

Онон оҕону хойутаабат буолууга үөрэтэригэр төрөппүт бэйэтин туттуна сылдьар холобура ордук улахан туһаны оҥорор.

ОҔО ҮЛЭҔЭ СЫҺЫАНА

Омугу үлэ эрэ сайыннарар диэн этиини табатык өйдөөн туһанар кэм кэллэ. Элбэх омуктар биир сиргэ мунньустан олорор кэмнэригэр үлэни кыайар, таһаарыылаахтык үлэлээччилэр сайдан, ахсааннара эбиллэн тахсаннар, атыттары баһылыыр оруолу ылаллар.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ, оннук үгэстэннэҕинэ эрэ үлэни сайыннарар, тупсарар кыахтанар. Кини үлэҕэ сыһыаныттан, сөбүлүүрүттэн күүскэ, кыайа-хото сатабыл-лаахтык үлэлиириттэн омукка сайдыы, тупсуу кэлэрэ ситиһиллэр.

Эт-сиин киһи тутаах чааһа. Эт-сиин сайдан, тупсан иһиититтэн омук үйэтин уһуна тутулуктанар. Омугу үлэ эрэ сайыннарар диэн этии үлэттэн киһи этэ-сиинэ тупсарыттан, өйө-санаата эбиллэриттэн үөскээн тахсар өйдөбүл буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэ-риттэн үлэҕэ сыһыана, сөбүлүүрэ үөскээн олохсуйар.

Оҕо үлэҕэ үөрэнэригэр төрөппүттэриттэн ылыммыт сайдыылаах буор кутун дьайыыта биллэн барар. Бэйэтэ үчүгэй үлэһит киһи оҕото кини курдук үлэһит буола улаатарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран Кут-сүр үөрэҕэр киллэрбиттэр. Ол барыта эр киһи үйэтин тухары үлэлээн, хамсаан үөскэтинэр буор кутун үөрүйэхтэрэ утумнаан оҕотугар бэриллэн иһэриттэн тутулуктанар.

Сахалыы ыал буолуу үгэстэрэ эр киһи сайдыылаах буор кутун оҕолоругар биэрэрин ситиһиигэ аналлаахтар. Ол иһин ыал буолууга эр киһини таба талан ылыыны бастакынан оҥороллор. Таптал диэн тыл таба тал диэн тыллартан холбонон үөскээбит уонна ыал буолууга эр киһини таба талан ылыыны биллэрэр суолталаах.

Ыалы кыыс оҕо тэрийэр. Сахалыы ыал буолуу үгэстэригэр эргэ тахсар ыраас кыыс энньэтин бэлэмнээн баран кэлэн ыйыталаһар эр дьону таба талан ылар кыахтанар. Бу талан ылыыттан төрүүр оҕо сайдыылаах буор куттаах буолара быһаччы тутулуктанар.

Дьахтар эдэриттэн элбэхтик төрөөтөҕүнэ үлэлээбэккэ уһуннук олорор кыахтанар уонна 35 сааһыгар тиийдэҕинэ төрөөн бүтэриттэн буор кутун сайдыытыгар улахан суолтаны биэрбэттэр. Төрүүр оҕо буор кутун сайдыыта эр киһи үлэһититтэн уонна үөскэтиммит буор кутуттан улахан тутулуктаах. Кэнники кэмҥэ үлэни кыайбат, дьахтар курдук уолаттар төрүүллэрэ уонна ыарыһах, кыайан хамсаммат оҕолор элбээһиннэрэ эр киһи буор кутун эдэр дьахталлар элбэх эр дьону кытта эргэ тахсыахтарын иннинэ сылдьыһаннар истэригэр буккуйан кэбиһэллэриттэн тутулуктанар. Оҕо кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолан үлэлииргэ үгэстэри үөскэтинэн ийэ кутугар иҥэриммитэ туһалыырыттан үлэни сөбүлүүрэ үөскээн үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар. Аныгы төрөппүттэр оҕолорун “Үөрэхтээх эрэ буол” диэн этэн үөрэтэллэрэ оҕолоро үлэни сөбүлээбэт буолан хааларын үөскэтэр. Ол курдук, үөрэҕи “үчүгэй” диэн арбааһын үлэни куһаҕаҥҥа түһэрэн кэбиһэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиинэн быһаарыллар. Ону тэҥэ, “Хотон үлэһитэ буолуоҥ” диэн хомуруйар, үлэни куһаҕаҥҥа түһэрэр этии үөрэҕи кыайарыгар бары күүһүн уурарын ситиһэригэр туһалаабытын да иһин, сүөһү үлэтин сирэрин, сөбүлээбэтин үөскэтэн кэбиһэр.

Оҕо үлэҕэ сыһыана төрөппүттэриттэн бэриллэр буор кутуттан тутулуктанарын сахалар Кут-сүр үөрэхтэригэр маннык быһаараллар:

1. Муҥнаах диэн оҕо саҥа сайдан иһэр буор кута ааттанар.

2. Муҥкук диэн оҥоро сатыыра табыллан испэтиттэн уратыны, саҥаны оҥорору ыарырҕатар буолууну быһаарар.

3. Дьадаҥы өйдөөх-санаалаах диэн хамсаныылары оҥорорун сөбүлээбэтиттэн сүрэҕэ суох диэн ааттанар киһи буолар.

4. Үлэһит диэн, ол аата үлэлииргэ сүрэхтээх, тугу эмэ оҥоро, тупсара сатыырга баҕа санаалаах, куруук үлэлии сылдьар киһиэхэ төрөппүттэриттэн бэриллэр буор кутун дьайыыта баарын быһаарар.

5. Дьоҕурдаах диэн ханнык баҕарар үлэни табатык оҥорор киһи ааттанар, кини өссө үлэҕэ тупсарыылары киллэриэн сөп.

6. Сатабыллаах диэн киһи тугу оҥорбута барыта табыллан, сатанан иһэрин уонна атыттар ылан туһаналларын иһин этэллэр.

7. Талааннаах диэн буор кута үрдүк сайдыылааҕыттан тугу барытын үчүгэйдик, дьон сөбүлүүллэрин, батыһалларын, үтүктэллэрин курдук оҥорор киһи ааттанар.

Бу быһаарыылар киһи буор кута сайдан истэҕинэ үлэни оҥорор кыаҕа эбиллэн иһэрин чуолкайдаан биэрэллэр. Буор кут диэн араас хамсаныылары оҥорортон хас биирдии быччыҥҥа үөскээн иһэр өй-санаа буолар. Бу өй-санаа элбэхтэ хатыланан үөрүйэҕи үөскэттэҕинэ киһи быччыҥын бэйэтэ санаатын хоту хамсыырын ситиһэрэ кыаллар. Атаахтыы, мааныланан улааппыт оҕо бэйэмсэх санаата улаатан хааларыттан үлэҕэ сыһыана тоҥкуруун, тугу да туһалааҕы кыайан оҥорбот буола улаатар. Элбэхтик быччыҥнарын хамсаппатыттан, олоро хамсаныыны оҥорууга дьоҕурдарын сүтэрэн иһэллэриттэн сааһыран истэҕинэ сүрэҕэ суоҕа эбиллэн барар.

Атаахтык иитиллибит оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин бэлэмнэригэр үөрэнэн хаалан үлэни сөбүлээбэтэ, кыайбата өйүгэр-санаатыгар куһаҕан үгэстэри үөскэтэн кэбиһэринэн быһаарыллар:

- Бэйэмсэҕэ улаатарыттан бэйэтигэр үчүгэйи, сынньалаҥы оҥостор баҕа санаата үөскээн аһара барарыттан үлэни, ыараханы сөбүлээбэт майгына олохсуйан хаалар.

- Барыта бэлэмҥэ үөрэнэриттэн хамсаныыларга, үлэлииргэ баҕа санаата суох буола улаатарыттан сүрэҕэ суохха кубулуйар.

- Нэс диэн ааттанар, хамсаныылары нэһиилэ, ыараханнык оҥорор, куһаҕан, бытаан үлэһит буола улаатан хаалар.

- Сыылба киһи диэн нэһиилэ сүөдэҥнээн хамсаныылары эрэйинэн оҥороруттан дуоннааҕы оҥорбот үлэһит буолар.

- Дьадаҥы диэн нэһиилэ үлэлээбитэ буолар, оҥорбута соччо табыллыбат, атын киһи этэрин толоро сатыыра элбэх киһи ааттанар.

Эт-сиин араас хамсаныылары оҥороруттан, онно өй-санаа үөскээн мунньуллан үөрүйэхтэри үөскэтэн иһэр. Үлэни оҥоруу киһи хамсаныылары хайдах оҥороруттан быһаччы тутулуктанарын сахалар быһааран, бу өйү-санааны Кут-сүр үөрэҕэр буор кут диэн ааттаан киллэрбиттэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин билэллэр.

Дьон бары тус-туспалар, элбэх үчүгэйдээхтэр уонна аҕыйах да буоллар куһаҕаннаахтар. Дьону кытта сыһыаҥҥа куһаҕаннарын умнан, хаалларан, үчүгэйдэрин бастатан иһии сыһыан табылларын үөскэтэр. Дьон туһунан саныырга куһаҕаннарын умнубакка бастатан истэххэ үчүгэй, эйэлээх сыһыан кыайан үөскээмиэн сөп. Ол иһин куһаҕан санаалары мунньубакка ыраастана сылдьыы эрэйиллэр.

Киһи хаһан баҕарар кыра да буоллар сыыһаны, куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин бу оҥоруллубут сыыһаны, куһаҕаны булан көннөрө сылдьыы эрэйиллэр. Куһаҕан санаа умнуллар, хаалар кыахтаах, онтон оҥоруллубут куһаҕан быһыыны көннөрдөххө, тупсар-дахха эрэ ханнык эмэ содулу үөскэтэн кэбиһэрэ суох буолар.

“Дьон саҥатын иһит” диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ этэр. Бу этиилэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугар сөп түбэһэннэр икки өрүттэнэн тахсан иһэллэр. “Дьон этэринэн сылдьыма” диэн этии, аны албыҥҥа киирэн биэримэ диэн суолталаах. Бу этии дьон атын киһиэхэ анаан этэллэригэр бэйэлэригэр туһалааҕы, үчүгэйи оҥорору, барыһы биэрэри этэллэрин биллэрэр. Ол этиллибит үчүгэй атыттарга туһалаах, барыһы аҕалар буолумуон сөп.

Киһи дьон санаатын иһигэр олоҕун олорор. Ол иһин дьон санаалара, тугу этэллэрэ киһиэхэ санаатын нөҥүө дьайа сылдьаллар. Сахалар “Быһа этии” диэн үөрэхтэрин нууччалар салгыы сайыннаран, тупсаран “На чужом горе счастья не построишь” диэн өс хоһоонун оҥорон туһана сылдьаллар. Бу өс хоһооно атын киһи хомолтото дьайыытыттан дьолу билии кыаллымыан сөбүн биллэрэр.

Онон оҕо үлэҕэ сыһыана атын дьону кытта сыһыаны үөскэтэн таһаарарынан сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһа сырыттахха табыллар.

ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ – ҮЛЭҺИТТЭР ҮӨРЭХТЭРЭ

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи өйө-санаата сайдыытыгар биллэр туһаны оҥороруттан уһун үйэлэргэ дьоҥҥо туһалыы сылдьар уонна Аан дойду үрдүгэр барытыгар кэриэтэ тарҕаммыт. Таҥара үөрэҕин тутуһар көрсүө, сэмэй киһи кыайа-хото үлэлиириттэн, сыыһа-халты туттубатыттан аймахтар уонна омук сайдан иһиилэрэ ситиһиллэр.

Киһи төһө да үчүгэйбин диэн сананнар биир сыыһа туттунуута куһаҕаҥҥа тириэрдэн кэбиһэрэ тахса турар. Таҥара үөрэҕэ диэн олох үөрэҕиттэн сайдан тахсыбыт үөрэх буолар. Ол иһин киһини сыыһа-халты туттунума диэн үөрэтэрэ улахан туһаны оҥорор.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ Кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан сайдан тахсыбыта киһи буор кута үлэттэн, хамсаныылартан сайдан иһэринэн быһаарыллар. Үлэттэн киһи быччыҥнара хамсыыллар, сайдаллар. Ол хамсаабыттарыттан үөскээн тахсан иһэр өй-санаа элбэхтэ хатыланан үөрүйэхтэри үөскэттэҕинэ буор кукка уларыйар уонна киһи санааты-нан ол быччыҥын хамсатар кыахтанар, ону тэҥэ, имигэс, таба, түргэн, кыахтаах хамсаныылары оҥорор дьоҕурун үөскэтэр.

Ханнык баҕарар төрөппүт оҕото маарынныыр буолан төрүөҕүн баҕарар. Ол иһин оҕо аҕата буолуохтаах сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылыыны эргэ барар кыргыттар оҥордохторуна табыллар. Кыыс энньэтин мунньунан баран кэлэн көрөр, ыйытар уолаттартан сайдыылаах буор куттааҕы талан ыларын ыал буолуу үгэстэрэ уонна төрөппүттэрин сүбэлэрэ хааччыйаллар. Бу туһалаах үгэстэри сэбиэскэй былааска хаалларан сылдьыбыттарын билигин, саха омук сайдыыны ситиһии кэмигэр салаллыбытын кэнниттэн көннөрүү, хаттаан туһаҕа киллэрии эрэйиллэр. Уолаттар бары кыыс курдук буоллулар диэн этиини мин ырытан көрөр кыахтанан “Ыал буолуу үгэстэрэ” диэн үлэбэр суруйан киллэрбитим. (8,22).

Бу үлэҕэ кылгастык киллэрэн хамсаныылартан үөскүүр буор кут киһи үлэни табатык, сатабыллаахтык оҥорор кыаҕын үөскэтэрин ырыттым. Итини тэҥэ, буор кут диэн өй-санаа үөрүйэх буолууга кубулуйан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитин быһаардым.

Аныгы үйэҕэ үөрэҕи билии көмөтүнэн оҕону төһө баҕарар сайыннарыахха сөп диэн сымыйа этии баар буолла. Бу этии сыыһата үөрэх киһи салгын кутун эрэ үөскэтэринэн уонна биир киһи үйэтигэр тиийэринэн буор кутун кыайан сайыннарбатынан дакаастанар. Эр киһи сайдыылаах, сатабыллаах буор кута оҕоҕо бэрилиннэҕинэ эрэ оҕо этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сайдыылаах буолан төрүүрэ ситиһиллэр. Ол иһин таҥара үөрэҕэ киһи үлэлээн, элбэхтик хамсанан буор кутун сайыннарарын быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Таҥара диэн киһи бэйэтэ үчүгэйгэ баҕарар баҕа санаатын үгэс оҥостубута ааттанар. Ол баҕа санаатын үгэскэ кубулутан ситиһэ сатааһына уонна ону ситиһэрэ таҥара үөрэҕин туһатын үөскэтэр.

Дьон баҕа санаалара элбэҕин курдук таҥаралар эмиэ элбэхтэр. Ол курдук, дьон өйө-санаата сайдан, тупсан истэҕинэ саҥа таҥаралар үөскээн эргэ, хаалбыт таҥаралары солбуйан испиттэр. Сахалар элбэх таҥараларын сайдан иһиилэрин бэрээдэгинэн дьаарыстыы туттахха олус былыргы кэмнэртэн саха дьонун өйдөрө-санаалара сайдыбыт суола уонна олохторугар тугу ситиспиттэрэ арыллан тахсар.

Билигин Киһи таҥара үөрэҕин сыалынан дьону үчүгэй майгылаах буолууга иитии, үөрэтии буолар. Ол курдук, куһаҕан майгылаах дьон билигин да бааллар, элбэхтэр уонна куһаҕан майгыларын кистии, биллэрбэт буола сатыылларыттан булан ылыы уустугурар.

Куһаҕан майгы диэн былыргы кэмнэртэн ордон хаалбыт кыыллыы майгы тобохторо буолаллар. Бу майгы тобохторун тупса-рыы, киһилии майгыга кубулутуу сахалыы Киһи таҥара үөрэҕин сүрүн сыала буолар. Саха дьоно бу үөрэҕи былыргы кэмнэртэн тутуһа сылдьалларын киһилии киһи буолууну ситиһэ сатыыллара биллэрэр.

Сахалар Киһи таҥара үөрэхтэрэ оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун үчүгэй майгылаах буолууга ииттэххэ, үчүгэй майгылаах буола улаатарын ситиһии кыалларын биллэрэр. Итини тэҥэ, көрсүө, сэмэй буолуу үлэни кыайыыга тириэрдэрин быһааран дьону көрсүө, сэмэй буолууга таҥара үөрэҕэ иитэр, үөрэтэр.

Көрсүө, сэмэй киһи тулуура элбэҕиттэн, киһиргиирэ, дэбдэйэрэ суоҕуттан уонна сыыһа-халты туттубатыттан үлэни кыайар, сайыннарар кыаҕа атыттардааҕар улаатан тахсар. Ону тэҥэ, аймахтары уонна омугу көрсүө, сэмэй дьон элбэх оҕолонон ахсааннара элбииригэр тириэрдэллэр. Ол курдук, көрсүө, сэмэй киһи ыал олоҕун эрэйдэрин тулуйарынан уонна оҕону иитэр, үлэҕэ үөрэтэр кыаҕа элбэҕиттэн аймахтар ахсааннара үксээһинин ситиһэр. Билигин туттулла сылдьар сахалар итэҕэллэринэн Киһи таҥара үөрэҕэ буолар уонна оҕону улаатан истэҕинэ киһи буолууга үөрэтэр. Саха дьоно бэйэлэрэ да билбэттэринэн, бу үөрэҕи оҕо иитиитигэр туһана сылдьалларын “Тугу барытын мин оҥорорум курдук оҥор” диэн этэн үөрэтэллэриттэн биллэн тахсар. Төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн, батыһыннаран оҕотун үөрэтэрин сахалар тутуһаллар. Бу үөрэх оҕону, киһини харыстыыр, көмүскүүр аналлаах уонна киһи буолууну түргэнник ситиһэригэр тириэрдэр үөрэх буолар.

Оҕо улаатан иһэн ол-буну, ону-маны булан оҥоро сатыыра элбээн хаалар. Бу кэмҥэ киһи билбэтин, оҥорботун, саҥаны айыыны оҥоро сатыыра табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаҥҥа кубулуйара элбиир. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн киһи билбэтин, оҥорботун улаатан иһэр оҕо оҥоро сатыыра эбиллэн куһаҕаны оҥоруу диэки халыйан хааларыттан тохтоторго анаан ити хааччахтааһыны туһанар. Бу хааччах оҕо сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥорорун аҕыйатарга аналланар.

Киһи ордук элбэхтик өйө-санаата аһара барарыттан сыыһа тут-тунан куһаҕаны оҥоро охсон кэбиһэн эрэйдэнэр. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи аһара барар өйүн-санаатын сиэри, киһи быһыытын тутуһуннаран хааччахтаан аһара барарын тохтотон туһаны оҥорор.

Итэҕэл үөрэҕэ өй-санаа үөрэҕинэн буоларынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Таҥара үөрэҕэ. Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын салайар, саҥа туһалаах үгэстэри үөскэтэн биэрэр өрүтэ итинник ааттанар.

2. Үрүҥ айыы итэҕэлэ. Былыргылар, инники олорон ааспыт көлүөнэлэр билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан аныгы олоххо туһаныыны тутуһар өрүтэ буолар. (9,28).

Итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын быс-пакка эрэ, тэҥҥэ кэриэтэ сайдан истэхтэринэ туруктаах өй-санаа үөскүүр. Хайалара эрэ аһара баран хаалыыта, атынын аһара баһы-йыыта омук өйүгэр-санаатыгар куһаҕан дьайыыны оҥорон икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрин үөскэтиэн сөп:

1. Таҥара үөрэҕэ аһара барыыта омук атын сайдыылаах омугу үтүктэрэ улаатан бэйэтэ уларыйан атын, саҥа омугу үөскэтиэн сөп.

2. Үрүҥ айыы өрүтэ аһара бардаҕына, омук атыттартан хаалан, туоратыллан, сайдыыны ситиспэт кэмэ кэлиэн сөп.

Итэҕэл үөрэҕин бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулук-тарын сүтэрбэккэ эрэ иккиэн тэҥҥэ туһалыы сылдьаллара өй-санаа туруктаахтык, икки өрүтүн тутуһан сайдан иһэрин үөскэтэр. Билигин биһиэхэ элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” бастаан хаалбытынан ыаллар мааны, биир эмэ оҕолорун сыыһа үөрэтэн, атаахтатыыга, бас-баттах барыыга уонна айыыны оҥотторо сатаан сыыһа-халты тутту-нууга тириэрдэн кэбиһэллэрэ элбээн сылдьар. Бу саҥаны айыыны оҥоро сатыыллара элбээбит эдэрдэргэ сэрии ордук сөп түбэһэр.

Олоххо сахалыы таҥара үөрэҕин тутустахха оҕолору иитэр, үөрэтэр төрөппүттэр көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэннэр сыыһа-халты туттуналлара аҕыйыыр уонна кыайа-хото үлэлээн үлэни сайыннарар, олохторун киһи быһыылаахтык олорор кыахтаналлар.

Онон көрсүө, сэмэй буол диэн этэн үөрэтэн сахалыы таҥара үөрэҕэ дьон үлэни кыайалларын, сатыылларын үөскэтэр уонна сыыһа-халты туттуналларын аҕыйатан омугу сайдыыга тириэрдэр.

АЙЫЫНЫ ОҤОРУУ

Оҕо өйө-санаата айыыны оҥорууттан уонна олору туһаныыттан сайдан иһэр. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута үөскүүр кэмигэр айыыны оҥоруута өйүгэр-санаатыгар сонно үгэһи үөскэтэн, ийэ кутугар ууруллан хаалар. Ол иһин, бу кэмҥэ оҕо иитиитигэр аан бастаан үчүгэй быһыылары оҥотторуу, оннук үгэстэри иҥэрии туһата улаатар диэн сахалыы Кут-сүр үөрэҕэ быһааран төрөппүттэргэ тириэрдэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр, өйө-санаата олохсуйар кэмигэр үгэстэргэ үөрэтии икки өрүттэнэр:

1. Үчүгэй быһыылары оҥотторон үчүгэй үгэстэрдээх буоларын ситиһии үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарыгар тириэрдэр.

2. Оҕо куһаҕан быһыыны оҥорон кэбистэҕинэ, ол быһыыта үгэс буолан ийэ кутугар эмиэ ууруллар. Куһаҕан быһыылаах киһи буола улаатан хаалыан сөбүттэн төрөппүттэр ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан быһыылары оҥорорун тохтотоллор.

Бу кэмҥэ оҕо тугу саҥаны билбитэ барыта үгэс буолан ийэ кутун үөскэтэн, сайыннаран иһэр. Ийэ кут диэн киһи төрүт өйө-санаата, хаһан баҕарар киһи тугу оҥороругар барытыгар дьайыыта тиийэ сылдьар. Бу кут иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри иҥэриммит оҕо үлэһит буола улаатар кыахтанар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ, 5 сааһыгар диэри ийэ кута сайдар. Ийэ кут киһиэхэ өйү үөскэтэр. Өй диэн ийэ кут өйүн-санаатын, үгэстэргэ үөрэммитин быһаарар тыл. Бары кыылларга, көтөрдөргө, киһиэхэ ийэ куттара, өйдөрө баарыттан уонна тугу барытын элбэхтик хатылаан оҥороллоруттан сайдар, саҥа үгэстэргэ үөрэнэннэр сыыйа, бытааннык да буоллар өйдөрө эбиллэн иһэр.

Өй-санаа диэн холбуу этии киһиэхэ ийэ кутун тэҥэ, санаа диэн этиллэн салгын кута сайдарын быһааран биэрии буолар. Бу тыллар сахалар олус былыргы кэмнэртэн киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэн олохторугар туһаналларын биллэрэллэр.

Ай диэн саха төрүт тыла. Бу тыл киһиэхэ эрэ салгын кута сайдарын быһаарар ураты суолталаах. Ол курдук, атын кыылларга, көтөрдөргө салгын куттара кыайан сайдыбат, өйдөрө-санаалара сайдыыта олус бытаан, дьонтон быдан улаханнык хаалан иһэр.

Ай диэн тыл киһи санаатын быһаарар. (10,23). Ол иһин үчүгэйэ уонна куһаҕана кыайан араарыллыбат уратылаах. Арай сахалар таҥараларын үөрэҕэ Кут-сүр үөрэҕин туһанан санаа хайдах үгэскэ уларыйарын билэриттэн, тутуһарыттан “Куһаҕаны санаама” диэн үөрэтэр. Ол аата куһаҕан санааны элбэхтик саныы сылдьан үгэскэ кубулутан кэбистэххэ, киһи бэйэтэ ол куһаҕан санаатын оҥорон кэбиһэрэ тиийэн кэлиэн, ордук улахан куһаҕаны үөскэтиэн сөбүттэн таҥара үөрэҕэ харыстыыра, бу этииттэн биллэр.

Саныыр санаа туохтан да иҥнибэт, тугунан да тутуллубат, туохха да хааттарбат, санаабыт сиргэ сонно тиийэн иһэр. Ол иһин санаа атын, киһи этэ-сиинэ кыайан тулуйан сылдьыбат Анараа дойдутугар сылдьар диэн быһаарыыны сахалар туһаналлар.

Илэ диэн сахалар өй-санаа Орто дойдуга сылдьарын, киһиэхэ биллэрин ааттыыллар. Киһи саныыр санаатын оҥорон туох эмэ быһыыга тириэртэҕинэ, санаа илэҕэ кубулуйар, атыттар көрөр, билэр уонна үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн арааран сыаналыыр кыахтаналлар.

Оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар сыаналаан быһаараллара табыллар. Ол курдук, киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын “үчүгэй” диэн сыаналыыра хаһан баҕарар элбэх. Ол иһин бу оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар, элбэхтэр сыаналыыллара таба буолан тахсар. Киһи оҥорбут быһыытын, айыытын үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу хойутаан, бу быһыы оҥоруллубутун кэнниттэн биирдэ биллэн, чуолкайданан тахсара өй-санаа үөрэҕэр уустуктары, хойутааһыны үөскэтэн иһэр.

Санааны элбэхтик ырытан, сыаналаан, атыттарга тэҥнээн көрүү айар диэн тылынан этиллэр. Ол аата санаа оҥорор быһыыга өссө кубулуйа илигинэ элбэхтик, ырытыы, быһаарыы туһаны оҥорууну элбэтэргэ аналланар уонна айар диэн тылынан этиллэр.

Ай уонна ар диэн тыллартан холбонон айар диэн тыл үөскээбит. Ар диэн ырдьыгыныыры, бэйэҕэ чугаһаппаты, тэйитэри биллэрэр кыыллартан тутулуктанар майгыны быһаарар тыл. Бу тыл киһи ураты, саҥаны айар санаатын атыттартан харыстыырын, кистиирин биллэ-рэрэ ордук суолталаах. Саха киһитэ ону оҥоруом, маны оҥоруом диэн эрдэттэн кэпсэнэ сылдьыбата, ону дакаастыыр.

Суруйааччы ону-маны, буолары-буолбаты кумааҕыга суруйбута саҥаны айыыны оҥоруу буолбатах, саҥаны айыыга бэлэмнэнии эрэ буолар, ол иһин айар эбэтэр айымньы диэн тылларынан этиллэрэ табыллар. Тоҕо диэтэххэ, кумааҕыга ону-маны суруйуу ханнык да быһыыны үөскэппэт, ол иһин кыайан саҥаны айыы буолбат.

Сахаларга суруйааччы үлэтин биллэрэр айымньы диэн аналлаах тыл баар. Ай уонна ымньаа диэн тыллартан холбонон үөскээбит айымньы диэн тыл, бу суруйар үлэҕэ кыра, ымньанар эрэ курдук саҥаны айа сатааһын баарын биллэрэр.

Ону-маны айар санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, ким да билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыта буолан хааллаҕына айыы диэн саҥаны айыыны биллэрэр тыл үөскүүр. Ай диэн тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ айыы диэн тылы үөскэтэр уонна бу оҥорбут ураты быһыыбыт куһаҕан буолан тахсара элбэҕин, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүн, ол аата, бу тыл куһаҕан суолталааҕын “ыы” диэн ытааһын дорҕооннорун дьайыытынан ыйан биэрэр.

Биир эмэ киһи саҥаны айыыны оҥорбута табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор. Ол иһин туһалаах айыыны оҥорбуттар учуонай буолаллар, араас сертификаттары, патеннары ылаллар. Онтон атыттар, элбэхтэр оҥоро сатыыр саҥаны айыылара барылара кэриэтэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэн иһэллэр.

Элбэх саҥаны айыыны оҥоро сатааһын үөскээтэҕинэ үгүс куһаҕан быһыылар оҥоруллан тахсаллар. Ол курдук айыыны, уратыны, дьон өссө билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу табыллыбата, сатаммата ордук элбээн хаалар, онтон табыллыбатах, сатамматах саҥаны айыы-лар куһаҕаны элбэтэллэр, ону тэҥэ, аһара баран хааллахтарына букатын даҕаны алдьатыыга тириэрдэн кэбиһиэхтэрин сөп.

Тиэтэйии, ыксааһын, киһиргээһин дьайыылара саҥаны айыыны оҥорууга ордук улаатан тахсар уратылаахтар. Майгы бу уратылара аһара баран хааллахтарына атыттары баһыйа, урутуу сатааһыны үөскэтэн киһи сыыһа-халты туттунарын элбэтэн кэбиһэллэр.

Саҥаны айыы киһи өйүгэр-санаатыгар уратыны үөскэтэр, ол иһин умнуллубат өйдөбүлгэ, үгэскэ кубулуйан хаалар. Киһи айыыны, уратыны оҥорбутун хаһан да умнубат. Ол иһин айыы диэн өй-санаа атыттарга маарыннаабатынан үрэллэн, ыһыллан хаалбакка өр сыл-дьара айыы буолуу диэн өлбүттэр өйдөрүн-санааларын үөскэппит.

Айыы диэн киһи билбэт буолан оҥорбот ураты быһыыта ааттанар. Онтон киһи билэр, оҥорор быһыылара барылара киһи быһыыта диэн араарыллан ааттаналлар уонна сыыһа-халты буолбаттар. Ол иһин саха дьоно киһи быһыылаахтык олохторун олороллор, элбэх оҕолорун киһи буолууга, киһилии быһыыланарга иитэллэр, үөрэтэллэр.

Айыыны оҥоруу диэн олохсуйбут үгэстэртэн туорааһын, бэрээдэги, быраабылалары тутуспат буолуу, сиэри таһынан барыы ааттанар. Суоппар суол быраабылатын тутуспакка айаннааһына саҥаны айыыны оҥоруу буолан иһэр. Ол курдук, суол уратылара саҥалыы уларыйан иһэллэрэ саҥаны, урут суоҕу үөскэтэллэр. Эдэрдэр саҥаны айыыны оҥоро сатыыллара элбээһинэ, көҥүллэринэн барыы-лара массыына абаарыйалара үксүүрүгэр тириэрдэр.

Элбэх олоххо туһалаах саҥаны айыыны оҥорууттан омукка сайдыы, тупсуу кэлэр. Бары сайдыыны ситиһэ охсоорулар ыксаабыт санааларыгар элбэх саҥаны айыыны оҥоро охсон сайдыыны урутаан ситиһиэхтэрин баҕараллар. Бу баҕа санаа төһө да үчүгэйин иһин, туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрии улахан уустуктары үөскэтэрин таһынан табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэн кэбиһэр. Биир эмэ киһи оҥорбут саҥаны айыыта табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор. Дьоҥҥо туһалаах саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрии олус уустук, элбэх билииттэн, үлэттэн, эрэйтэн ситиһиллэр дьыала. Ол иһин учуонайдар, араас патены, сертификаттары ылбыттар отой аҕыйахтар.

Дьон бары саҥаны айан олоххо киллэрэллэрэ кыаллыбат дьыала. Ол курдук, үгүс саҥаны айыылар табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэриттэн, сотору бары-барыта куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалыан сөп. Биир эмэ саҥаны айыы дьоҥҥо туһалааҕы оҥорон сайдыыны аҕаларын таба арааран туһаныы эрэйиллэр.

Куһаҕаны оҥорор дьон суох буола иликтэр. Ону тэҥэ, дьон тугу сөбүлээбэттэрин, сирбиттэрин куһаҕан диэн ааттаан иһэллэриттэн куһаҕан кыайан суох буолбат. Сорохтар анаан-минээн куһаҕан буоллун диэн саҥаны айыыны оҥороллоро тохтообот. Сайдыылаах диэн ааттанар дойдулар олус улахан атомнай буомбалары оҥостон, элбэҕи хаһаанан бараннар, билигин кэлэн, бу буомбалара эстэн хааллахтарына ханна саһан, бу ынырык кутталтан куоталларын, саһан быыһаналларын толкуйдуу сатыы сылдьаллар.

Сахалар саҥаны айыыны оҥорууга “Кэс тыл” диэн этиини туһана сылдьаллар. Ол курдук, кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи уруккуну кэһиини, саҥаны айыыны маннык оҥор диэн эдэр киһиэхэ этэр тыла “Кэс тыл” диэн ааттанар. Бу этэн, ыйан биэриини туһанан оҥоруллар саҥаны айыы табыллан, сыыһа-халты буолбакка олоххо туһаны аҕалар кыахтанарын туһаналлар.

Олох үөрэҕиттэн үөскээбит сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэр. (11,24-28). Бу үөрэх оҕо билбэтигэр тэптэрэн куһаҕаны оҥорон кэбиһэриттэн оҕону харыстыыр, көмүскүүр аналлааҕын таҥара үөрэҕэ туһанан оҕолору харыстыырын төрөппүттэр таба өйдүүллэрэ эрэйиллэр. Онон оҕо туһалаах, үчүгэйи оҥорор саҥаны айыыта биир эмэ буолуон, онтон куһаҕан айыылары элбэҕи оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн харыстанан сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэри туһанан оҕолору үөрэтэр.

ҮЧҮГЭЙТЭН ҮЧҮГЭЙ

Киһи бэйэтигэр туһалааҕы оҥорору, үчүгэйдик көстөрү үчүгэй диэн быһаарар. Ол иһин үчүгэйи оҥостуна сатыыра элбиир. Дьон өйө-санаата бэйэлэригэр үчүгэйи оҥорууларыттан сайдар, тупсар.

Оҕо улаатан өйө киирэн истэҕинэ бэйэтигэр үчүгэйи оҥотторор баҕа санаата эмиэ улаатан иһэр. Төрөппүттэрэ оҕо баҕатын барытын тук курдук толорон истэхтэринэ оннукка үөрэнэн, үгэс оҥостунан иһэрэ бэйэмсэх санаатын улаатыннаран атаах буоларыгар тириэрдэр.

Омугу үлэ сайыннарар диэн этии оҕону иитииттэн, үлэҕэ үөрэ-тииттэн тутулуктанан үөскээбит. Кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит оҕо улаатан өссө күүскэ үлэлээтэҕинэ омук сайдыыны ситиһэр кыахтанар. Үлэлии үөрэнии оҕо тулуурун улаатыннарарын таһынан, сатаан, табан, нэмин билэн туттунарын үөскэтэр.

Былыр-былыргыттан дьон өйдөрө-санаалара, үлэни оҥоруулара сайдыыта биллэр тыллары үөскэтэн испиттэр. Дьон аан маҥнайгы оҥоруулара барылара кэриэтэ халы-мааргы, куһаҕаны эрэ үрдүнэн буолар эбиттэр, онтон салгыы үлэни оҥоруулара сыыйа-баайа сайдан, тупсан испиттэрэ саха тылыгар киирэн иҥэн сылдьаллар. Өй-санаа салгыы сайдан иһиитэ киһи оҥорор быһыыларын өссө тупсаран иһэллэриттэн саҥа тыллар үөскээннэр олоххо киирбиттэр: - Дьалаҕайдык оҥоруу. Дьадаҥы буор куттаах, үлэлииргэ, хамса-ныылары оҥорууга үөрэммэтэх, сатаабат киһи оҥорбута эбэтэр кыһа-нан оҥоруллубатах, халы-мааргы үлэ итинник ааттанар.

- Сөптөөхтүк оҥоруу. Киһи оҥорор быһыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга сөп түбэһэллэриттэн үчүгэй уонна куһа-ҕан буолан тахсалларыттан, бу икки өрүттэр икки ардыларынан оҥорор быһыы сөп түбэһиитэ сөптөөхтүк оҥорууну үөскэппит.

- Таба оҥоруу. Киһи өйө-санаата сайдан, эбиллэн истэҕинэ оҥорор быһыыта эмиэ тупсан, табыллан иһэрин ситиспит. Киһиэхэ тугу барытын таба оҥоро сатыыр баҕа санаата үөскээн уонна табатык оҥорор буолууну ситиһэн, таба диэн тыл таҥараҕа кубулуйбут.

- Тупсаҕайдык оҥоруу. Табыллыбыт оҥоруу өссө көрүҥэ тупсуута сайдыы кэлэн иһэрин биллэрэн тупсаҕай диэн ааттаммыт. Дьоҕурдаах киһи оҥорбут үлэтэ тупсаҕай буолара ситиһиллэр.

- Сатаан оҥоруу. Тугу барытын сатаан, сатабыллаахтык оҥор-доххо өссө тупсаҕай көрүҥнэнэрэ ситиһиллэр. “Сата таас” диэн үлэни сатаан оҥорууга көмөлөһөр таас баар буола сылдьыбыта биллэр. Бу сата таас көмөтүнэн дьоҥҥо сатабыллаах буолуу баҕа санаата үөскээбит, үлэһит ыаллар кыайа-хото үлэлээннэр баайдара эбиллэн иһэриттэн сатабыллаах буолууну ситиһэр кыахтаммыттар.

- Атыттар сөбүлүү көрөр, батыһар, үтүктэр үлэлэрин талааннаах дьон оҥороллор. Элбэх талааннаах дьон оҥорор үлэлэрин туһалаах сабыдыаллара омукка сайдыыны ситиһиини аҕалаллар.

- Тугу барытын үчүгэйдик оҥорор баҕа санаа дьоҥҥо салгыы үөскээһиниттэн үчүгэй киһи таҥара, Христос үөскээбит.

“Киһи үчүгэйгэ дөбөҥнүк үөрэнэр” диэн этии сахаларга баар. Үчүгэйгэ ордук түргэнник эт-сиин үөрэнэр. Тото-хана аһааһын, сытан сынньаныы киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар быһаччы дьайар үчүгэйдэр буоланнар өссө түргэнник үөрэнэргэ тириэрдэллэр.

Оҕоҕо “үчүгэй” буола, үчүгэйи оҥоро сатааһын аһара элбээһинэ атаахтатыыга тириэрдэн кэбиһэриттэн куһаҕаны үөскэтэр. Оҕо ол үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэн хаалан үгэс оҥостунан кэбистэҕинэ бэйэмсэх санаата улаатан “миэхэ эрэ наада” диэҥҥэ тиийдэҕинэ, атын дьоҥҥо үчүгэйи оҥороро суох буоларын тэҥэ, тулуура суоҕа улаатар. “Добрыми намерениями вымощена дорога в ад” диэн нууччалыы өс хоһооно киһи үчүгэйи оҥостуна сатааһына аһара бардаҕына улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэрин ыйан биэрэр суолталаах.

Айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэр төрүт тутулугун сахалар билэн тутуһа сылдьаллар. Бу тутулук киһи хаһан баҕарар үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларыгар үөскээн тахсар тэҥнэһиини тутуһа сырыттаҕына табылларын ирдиир. Аан бастаан куһаҕаны арааран билбэккэ эрэ, аҥардастыы “үчүгэйи” эккирэтэ сатааһын аҥар өттүгэр халыйыыны таһааран, үчүгэйи аһара ыытан кэбиһэриттэн, икки өрүттэр солбуйсуулара тиийэн кэлэрэ хамсааһыны үөскэтэр.

Киһи өйө-санаата аһара баран иһэр уратылаах. Ол уратыны быһаарыыга киһи үчүгэйтэн өссө үчүгэйгэ дьулуһуутун ылыы ордук табыллар. Киһи субу оҥорбутунан астынар санаата сотору ааһар, өссө үчүгэйдик оҥоруон баҕата киирэн кэлэр. Бу баҕа санаа киһини өссө тупсаран үчүгэйдик оҥоро сатыырыгар тириэрдэр.

Өй-санаа аһара баран иһэрэ киһи саҥаны айыыны оҥорон олоҕун тупсаран иһэрин үөскэтэринэн, сайдыыны аҕаларынан туһаны оҥорор, ол эрээри, саҥаны айыыны оҥоруу барыта үчүгэйи, сай-дыыны аҕалыа диэн быһаччы этии табыллыбат, киһини аны албыҥҥа киллэрэр. Ол курдук, киһи тугу уратыны, саҥаны айыыны оҥорбута барыта үчүгэйи оҥорууга тириэрдибэт. Саҥаны айыы куһаҕан буолан тахсара киһи сыыһа-халты туттунара элбээһиниттэн эбиллэн биэрэр уратылаах. Ону тэҥэ, куһаҕаны айыыны анаан-минээн, эрдэттэн бэлэмнэнэн оҥорооччулар эмиэ суох буола иликтэр.

- Үчүгэй салгыы сайдыыта үчүгэйтэн үчүгэй баар буоларыгар тириэрдибит. Киһи үчүгэйтэн үчүгэйи баҕара санаан иһэриттэн үчүгэйтэн үчүгэй диэбитин оҥорон иһэр кэмэ тиийэн кэлэр.

Үчүгэйтэн үчүгэй киһи өйүгэр-санаатыгар баҕа санааны үөскэтэн, ыҥырар, угуйар күүстэнэн киһи саҥаттан-саҥаны, урут суоҕу оҥорон иһэрин үөскэтэн сайдыыны аҕаларыгар көмөлөһөр эрээри, аһара барбата эрэйиллэр. Олоххо аһара барыы хаһан да табыллыбат. “Улахантан улахан” диэн көҥүллэринэн барбыт дьахталлар баҕа санаалара өйдөрө-санаалара киһи быһыытыттан аһара барбытын бэлиэтиир. Улаханы боруобалаан көрбүт дьахтар өссө улаханы боруобалыыр санаата улаатан хаалара, ити этиини үөскэппит уонна аһара бардаҕына ыал олоҕун алдьатыыга тириэрдиэн сөп.

- Билигин үчүгэйтэн үчүгэй кэлбитин кэннэ өссө сайдыы кэлэн кэрэ буолуу кэлиэҕэ диэн сыыһа санаа дьоҥҥо баар буолла. Киһиэхэ кэрэ буолуу кэлиитэ кэхтиигэ тириэрдэрэ саха тылынан этиллэ сылдьарын туһаннахха табыллар. Ол курдук, кэрэ кэнниттэн кэлэр кэрэх диэн тыл уларыйбат турук тиийэн кэлиитин биллэрэр.

Дьоҥҥо билигин уларыйбат турук кэлэн иһиитин араас кыра, улахан пааматынньыктары оҥоруулара элбээбитэ илэ көрдөрөр. Туох үчүгэй, ураты баарын бэлиэтээн оҥорон үйэлэргэ хааллара сатааһын үөскээһинэ улахан пааматынньыгы оҥорууга тириэрдэр.

Кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьар. Онтон үлэни оҥоруу атын омуктартан хааллаҕына омук эстэр, симэлийэр кэмэ кэлэр. Ону тэҥэ, кэрэ буолуу киһи улахамсыйарын өссө улаатыннаран өйүн-санаатын алдьатар өттүгэр улаханнык халытар. (6,114).

Кэрээнтэн тахсыы диэн кэрэ киһи оҥорор олус куһаҕан быһыыта ааттанар. Бэйэлэрин олус “үчүгэйдэринэн” ааҕыммыт немец фашис-тара Аан дойду иккис сэриитигэр кэрээннэриттэн тахсаннар атын омуктарга улахан куһаҕаннары оҥорбуттара кэрээнтэн тахсыы диэн өй-санаа уларыйыыта чахчы баарын биллэрэр.

Уһун үйэлээх саха дьоно өй-санаа итинник эргийэн биэрэр кэмнэрин үөрэтэн билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕин сахалар билэн олохторугар туһана сылдьаллар. Ону тэҥэ, үчүгэй уонна куһаҕан кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, солбуйсан биэрэллэриттэн, бу тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ киһи өйүн-санаатын харыстыыр аналлаах, ол аата аҥар өттүн диэки аһара барыыны суох оҥорон халыйан хааларын тохтотор.

“Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно олох уопутунан дакаастанна. Билигин сааһырбыт дьон өй-санаа эргийэн биэрэрин билэннэр өйдөрө-санаалара ордук сайынна. Ол курдук, сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар “үчүгэй” диэн аатта-наллара, бары дьадаҥы төрүттэринэн арбаналлара, онтон баайдар куһаҕан этилэр. Ону баара ырыынак олоҕо кэлэн барыта түҥнэри эргийдэ, үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэриилэрэ үөскээтэ. Аны баайдар үчүгэй буоллулар, дьадаҥылар уруккуттан биллэр куһаҕанна-рыгар төттөрү түстүлэр. Өй-санаа бу эргийэн, солбуйсан биэриитэ айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлүнэн табатык быһаарылларын тутуһар сахалар, бу уларыйыыга улаханнык оҕустарбатылар.

Дьон баҕа санаата үчүгэйгэ, баайга тардыһарынан ырыынак олоҕо өй-санаа сайдыытыттан үөскүүр баҕа санааны толорууга дьулуһууга ордук сөп түбэһэр. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ оҥорон үлэни үлэлииргэ үөрэтии эрэйиллэр кэмэ кэллэ.

Онон билигин ырыынак кэмигэр күүскэ үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунуу, байыыны ситиһии кэмэ кэлбитэ элбэхтэр баҕа санааларыгар сөп түбэһэриттэн үлэ сайдыыта саҕаланна.

ОҔО АЙЫЫНЫ ОҤОРОРО КУҺАҔАНЫ ЭЛБЭТЭР

Айыыны оҥоруу диэн атыттар өссө билбэт, ол иһин оҥорбот ураты быһыыларын оҥоруу ааттанар. Саҥаны айыыны оҥоруу диэн хайдах буолан тахсара биллибэтиттэн олус улахан сэрэхтээх буолуу эрдэттэн ирдэнэрин оҕо билбэккэ тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан ону-маны булан, өйүгэр туох киирэн кэлбитин оҥоро сатыыра элбээтэҕинэ сыыһа-халты туттунара үксээн хаалыан сөп.

Улаатан эрэр оҕолор араас ураты быһыылары, саҥаны айыыны оҥороллоро элбээтэ. Уол оскуолаҕа быһахтаах кэлэн бииргэ үөрэнэр уолун бааһырдыбыта, хаһан да оҥоро илик быһыытын, саҥаны айыыны оҥорбута. Бу оҥоруллубут быһыы уол өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан баран олус куһаҕана барыларыгар биллибитэ.

2021 сыллаахха онус кылааска үөрэнэр уол учуутала мөхпүтүн иһин ааҥҥа кэтэһэн туран муннун тосту охсон кэбиспитэ. Ханна да иһиллибэтэх, ким да оҥорон көрө илик ураты быһыытын, саҥаны айыыны, бу уол оҥорбута. Ол курдук, айыы диэн ким да билбэт, ол иһин оҥоро илик ураты быһыытын оҥоруу буоларынан хайдах; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолан тахсара биллибэт быһыыга киир-сэринэн ордук улаханнык сэрэнэри эрэйэр.

Саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана, бу быһыы оҥоруллубутун кэнниттэн эрэ чуолкайдык быһаарыллара табыллар. Ол курдук, киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын “үчүгэй” диэн быһаарара элбэҕиттэн, бу оҥоруллубут быһыы хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу атыттар эрэ билэн, сыаналаан баран табатык быһаарар кыахтаналлар.

Уолаттар оҥорбут ураты, ким да оҥоро илик быһыыларын бары өттүттэн сыаналаан, ырытан көрдөххө олус куһаҕан, сиэри, киһи быһыытын таһынан барар быһыылар буолаллара быһаарыллан тахсар. Ол иһин бу саҥаны айыылар куһаҕан, хара айыы буолан хаалаллар.

Киһи оҥорор быһыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэннэр икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллар. Ол иһин айыы диэн киһи оҥорор ураты быһыыта икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ хаһан да уларыйбат.

Тыл үөрэхтээхтэрэ киһи оҥорор быһыытын уратыларын букатын билбэттэриттэн айыы диэн тылы “үчүгэй” эрэ оҥоро сатыыллара улахан сыыһа, итэҕэл, өй-санаа үөрэҕин улаханнык халытыы буолар. Бу сыыһаларын саптынаарылар нууччалары үтүктэн “грех” диэн тылы быһаччы тылбаастаан “аньыы” диэн саҥа тылы оҥорон саха тылыгар киллэрэ сатыыллара сахалыы өй-санаа үөрэҕин уратыларын кырдьык билбэттэрин биллэрэр. “Аньыы” диэн тыл сахаларга суох тыл буолар уонна өйү-санааны быһаарыыга “й” диэн хамсааһыны үөскэтэр дор-ҕооно суоҕуттан букатын сөп түбэспэт. Арай бу тыл “нь” дорҕооно саҥарары сымнатан, минньитэн, ньаамыргыыры үөскэтэн киһини албыҥҥа киирэн биэриигэ тириэрдиэн сөп.

“Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн үөрэҕи оҕолору үөрэтиигэ тарҕата сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ, бу уолаттар оҥорбут олус куһаҕан саҥаны айыыларын саҕалааччыларга, күөртээн биэрээччилэргэ киир-сэллэрин билиэххэ сөп буолла. Ол курдук, кинилэр этэллэрин үтүктэн уолаттар айыыны, ким да оҥорбот быһыытын оҥорбуттара куһаҕан, хара айыы буолан тахсыбытыгар, кигэн биэрээччилэргэ киирсэннэр эппиэти тэҥҥэ сүгэллэрин төрөппүттэр ирдиэхтэрэ этэ.

Дьон бары айыыны, уратыны оҥоруохтарын баҕара саныыллар. Үчүгэй, дьоҥҥо туһаны аҕалар айыыны оҥоруу олус элбэх үлэлээх, уһун кэми ылар уустук үлэ буолар, онтон куһаҕан айыыны оҥоруу судургу, улахан эрэйэ суох дөбөҥнүк оҥоруллар быһыыга киирсэр. Ол иһин саҥа сайдан иһэр оҕо куһаҕан айыыны элбэхтик оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэри тутуһан харыстыы, көмүскүү сатыырын тэҥэ, сыыһа-халты туттунан кэбиһэрин тохтотор.

Төрөппүттэр сахалыы таҥара үөрэҕин билэн, олоххо туһалаах көрдөбүллэрин тутуһа үөрэннэхтэринэ оҕо иитиитэ көнөн, атаах-татыы диэки халыйбыта тохтуо этэ. Бары төрөппүттэр оҕолоругар үчүгэйи баҕарар санаалара аһара барарыттан, маанылаан, атаахтатан кэбиһэн бэйэмсэх оҥороллоруттан сыыһа-халты туттунара киирэрэ, быстах быһыыга түбэһэрэ элбээн хаалар.

Хантан эрэ тимир туруупка булан уол пугач бэстилиэти оҥорун-наҕына олус улахан саҥаны айыыны оҥорор. Онтон бу бэстилиэтинэн сыал ытан көрөн боруобалааһын айыыны оҥоруу куһаҕанын, олус улахан сэрэхтээҕин арыйан таһаарар. Буорах эстэрин күүһүттэн туруупка хайа баран хаалыыта айыыны оҥоруу содулун үөскэтэр, ол аата кэһэйии кэлиэн сөп. “Хата улаханнык дэҥнэммэтэҕэр үөрүү” диэн этиигэ сөп түбэһэр быһыы үөскээн тахсар. Булчут төрөппүттэрдээх оҕо хордуон ботуруоҥҥа буорах кутан баран быыһынан ыга бүөлээн баран ойоҕоһунан үүттээн, онно испиискэ атахтарын кэккэлэччи баайан граната оҥоруннаҕына, сыы-һа-халты туттунан тугу эмэ тоҕо тэптэриэн, дэҥнэнэн да хаалыан сөп.

Үөһээ ыттыы диэн оҕо саҥаны айыыны оҥоруутун үөскэтэр олус сэрэхтээх быһыы буолар. Оҕо кыаҕа баарынан үөһээ ыттарын сөбүлүүр. Олоппос ууран баран, онон салҕанан остуолга ыттаары охтон хаалыы диэҥҥэ оҕо барыта кэриэтэ түбэһэр куһаҕан быһыыта буолар. Үөһээттэн охтубут оҕо төбөтүн дэҥниирэ, доргутара, бу саҥаны айыыны оҥоро сатааһын куһаҕана, содула буолар.

Туох билбэтин оҥоруута барыта оҕоҕо саҥаны айыы буолан иһэриттэн ордук таттарыылаах, угуйуулаах буолар. Испиискэнэн оҕо оонньуура улахан алдьархайы таһаарыан сөбүн бары билэллэр. Ол иһин испиискэни кистии, бобо-хаайа сатыыллар. Ол эрээри, оҕо ол бобууну туораары бэйэтэ уоту умата сатааһына табыллыбакка хаалыан сөп. Оҕону уопуттаах киһи көрөн-истэн испиискэни сатаан уматарга, уоттан сэрэнэргэ эрдэттэн үөрэтэрэ туһалаах буолуо этэ.

Саҥа улаатан иһэр оҕо табаах булан тартаҕына саҥаны айыыны оҥорор. Урут оҥорботоҕун оҥоруута саҥаны айыы буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар күүскэ иҥэн хаалар. Өссө элбэхтик хатылаан оҥордоҕуна табаахха ылларан хаалара эрэйи элбэтиэн сөп.

Табаах тарда үөрэммит оҕо хантан эрэ харчы булан табааҕын буллаҕына эрэ табыллара уустуктары үөскэтэр. Төрөппүттэрин албыннаан аһылыкка, киинэҕэ диэн ааттаан биэрбит харчыларын табаахха эргитэригэр эбэтэр онтун-мантын атыылыырыгар, сымыйа-лыы, албынныы сылдьарга үөрэнэригэр тиийэн хаалыан сөп.

Пиибэ, арыгы иһиитэ диэн улаатан иһэр оҕо хайаан да боруобалаан көрөр быһыылара буолаллар. Аан бастаан арыгыны иһиитэ айыыны оҥоруу буолан оҕо өйүгэр-санаатыгар күүскэ хатанар. Элбэхтэ боруобалыы сылдьан үөрэнэн хааллаҕына эдэр арыгыһыкка кубулуйара төрөппүттэргэ эрэйи үөскэтэр. Төрөппүттэр баар суох эрэллэрэ, баҕа санааларын толоруохтаах киһилэрэ арыгыһыт буолан хааллаҕына, бу ыаллар салгыы олохторо алдьаныан сөп. Аны өйгө-санааҕа өссө ыарахан дьайыылаах наркотик тарҕанан эрэр. Бу наркотик тарҕаныыта “айыы үчүгэй” диэн тыл үөрэхтээхтэрэ, үөрэх министерствота сыыһа үөрэҕи тарҕаталларыттан ордук кэҥээн, эдэрдэр сутуллан иһэллэр, кинилэр айыыны оҥорор, боруобалыыр санаалара элбэҕиттэн биирдэ эмэ айыыны оҥорон боруобалыы оонньуу сылдьан наркоман буолан хаалыахтарын сөп.

Оҕо улаатан истэҕинэ “айыы үчүгэй” диэн сыыһа үөрэх угуйар дьайыытыттан туох эрэ айыыны оҥорорго дьулуһар. Манна кыахтаах массыынанан күүлэйдээһин эмиэ киирсэр. Ол курдук, правата суох массыынаны ыытыы айыыны оҥоруу буоларынан оҕо төрөппүттэрин массыыналарын ылан ыыта сылдьан абаарыйаҕа түбэһиэн сөп.

Билигин Саха сиригэр оҕолор бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээн сылдьар. Ол барыта тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут “айыы үөрэҕин” сыыһатыттан, эдэрдэр өйдөрүн-санааларын халытарыттан улахан тутулуктаах. Киһи оҥорбот быһыытын, айыыны оҥоро сатааннар бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээтэ. Ону тэҥэ, “айыы үчүгэй” диэн оҕолору сыыһа үөрэтии айыылар өйдөрүн-санааларын дьайыытыгар киирэн биэрэллэрин үөскэтэр. Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара буоланнар айыы “үчүгэй” диэн элбэхтик, улаханнык саҥарааччы эдэрдэри ыҥырар, угуйар кыахтара улаатан хаалар.

Эдэр кыргыттар “айыы үөрэҕин” куһаҕан дьайыытыттан улаата түстэллэр эрэ биир кыайар айыыларын оҥоро охсоннор кыыстарын харыстаабаттар. Эдэр дьахтар иһигэр эр дьон буор куттара буккуллан хааларыттан кыайан саҥарбат, хамсаммат оҕолор төрүүллэрэ элбээтэ, ону тэҥэ, күүстээх уонна сылбырҕа уолаттар суохтарыттан көҥүл тустууга биллэр кыайыылар кэлбэтэхтэрэ ыраатта.

Оҕо сайдан иһэр өйө-санаата аһара барарыттан харыстааһын эрэйиллэр. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтии оҕо буолар-буолбат айыыны оҥорор санаатын аҕыйатан өйө-санаата аһара барарыттан харыстыыр аналлааҕын туһаныы эрэйиллэр.

Улаатан иһэр оҕо өйө-санаата этиттэн-сииниттэн хойутаан сайдан иһэр. Ол иһин ситэ билбэтиттэн уонна үчүгэй буолуо диэн санаата элбэҕиттэн оҥоро охсубута табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэн кэбиһэриттэн сахалар сэрэтэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр. Оҕо улаатан киһи буолууну ситиһэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран баран оҥорор саҥаны айыылара табыллан, сатанан үчүгэйи элбэтэллэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.

“Оҕо диэн оҕо”, сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ элбэх. Ол иһин оҕо диэн ааттанар. Аан бастаан киһи буолуу үөрэҕин баһылыырын сахалыы таҥара үөрэҕэ ирдиир. Ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууну баһылаатаҕына киһи буолууну ситиһэн олоҕун салгыы киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

Оҕо саҥаны айыыны оҥороругар “Кэс тыл” диэн аналлаах үөрэҕи тутуһан олоххо элбэх уопуттаах киһи этэрин истэн толороро эрэйиллэр. Кэһиини киллэрэн оҥоруллар саҥаны айыы сыыһа-халты буолан хаалара аҕыйаҕыттан туһаны аҕалар кыахтанар.

Онон оҕо өйө-санаата сайдан, киһи буолууну баһылаан баран саҥаны айыыны оҥороро үчүгэйи, туһалааҕы элбэтиэн сөп.

СИЭР диэн ӨЙ-САНАА ХААЧЧАҔА

Айылҕаттан айыллан салгын кута сайдарынан киһи өйө-санаата хаһан баҕарар аһара барар аналлаах. Ол аһара барыы ай диэн тылынан этиллэн салгын куту үөскэтэр. Киһи ону-маны барытын баҕара саныан сөп. Ол иһин киһи баҕа санаата икки аҥы арахсар:

1. Киһилии баҕа санаа. Бу баҕа санаа өссө туһалаах диэн ааттанар, ол аата бу баҕа санааны толордоххо олоххо туһаны аҕалыы кыаллар. Туһалаах баҕа санаа туолуута киһи дьолу билэрин үөскэтэр.

2. Ыра санаа. Киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот баҕа санаалара ыра санаалар диэн ааттаналлар. Бу санаалар киһини аралдьытарга, албынныырга эрэ аналлаахтар уонна өй-санаа аһара барыыларын үөскэтэллэриттэн, аны харыстаныы эрэйиллэр.

Киһи аһара барар өйүн-санаатын хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрдэҕинэ эрэ олоҕо табыллар, сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын тэҥэ, киһи быһыытын тутуһан олоҕун киһи быһыы-лаахтык уһуннук, атыттары кытта эйэлээхтик олорор кыахтанар. Сахалар өй-санаа аһара барар ити уратытын былыр үйэҕэ үөрэтэн билэннэр сиэр диэн аналлаах өйү-санааны табан хааччахтааһыны олохтоон киһи оҥорор быһыытын тутуһары үөскэппиттэр. Киһи урут оҥоруллубут үчүгэйгэ тириэрдибит быһыыны тутуһа сырыттаҕына сиэри тутуһар уонна үчүгэй быһыыны хатылаан оҥорор кыахтанар.

Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Ол иһин сиэри тутуһуу диэн үчүгэйгэ тириэрдибит санааны туһанан саҥа оҥорор быһыыны уруккуну хатылаан, өссө тупсаран оҥорон үчүгэйи элбэтэн тарҕатыы ааттанар.

Санаа киһи оҥорор быһыытын салайар, сирдээн биэрэр. Ол аата сиэр киһи оҥорор быһыытын өссө оҥоруон инниттэн көннөрөн биэрэр, үчүгэйи оҥоруу диэки салайар кыахтанар. Сиэр диэн хааччах улахан туһатынан киһи оҥорор быһыытын өссө оҥоруон инниттэн үчүгэйин, куһаҕанын арааран көннөрөн, тупсаран биэрэригэр буолар.

Киһи оҥорор быһыылара уонна саҥаны айыылара оҥорон кэбис-питин кэнниттэн атыттар билэн, көрөн, үөрэтэн баран ханнык быһаарыыны ылыналларыттан тутулуктанан үчүгэйдэрэ эбэтэр куһа-ҕаннара арыллан биллэр уратылаахтар. Ханнык да быһыы эбэтэр саҥаны айыы оҥоруллуон иннинэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллыбат, хайдах буолан тахсара оҥорортон улаханнык туту-луктанан хаалар. Ону тэҥэ, санаа Анараа дойдуга сылдьарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан таба быһаарыллыбат. “Санаа диэн санаа буоллаҕа” диэн этэн сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ ону билинэр. Сиэр киһи оҥорор үчүгэй быһыыларыттан, олох уопутуттан үөскээн сайдан киһи быһыыта диэн киһи оҥорор быһыытын хааччаҕын үөскэппит. Ол аата ханнык эрэ оҥоруллубут быһыы үчүгэйи үөскэт-тэҕинэ, үчүгэйгэ тириэртэҕинэ, ол быһыыны хатылаан оҥорууга тириэрдибит санаа үчүгэй, сиэри тутуһар санаа буолар уонна киһи бу оҥорор быһыыта үчүгэй буолара ситиһиллэр кыахтанар.

“Киһини санаата салайар” диэн этиини сахалар туһаналлар. Ол иһин санаа аһара барарын тохтоторго сиэр диэн хааччаҕы үөскэтэн олоххо киллэрбиттэр. “Куһаҕан санааны санаама” диэн үөрэх сиэри тутуһууну үөскэтэр. Ол курдук, куһаҕан санаа элбэхтэ хатыланан, кэлин үгэскэ кубулуйан хааллаҕына, киһи бэйэтэ ону оҥорон кэбиһэрэ тиийэн кэлэн улахан куһаҕаны үөскэтиэн сөбүттэн сиэри тутуһа сылдьыы оҥорор быһыы үчүгэй буоларын хааччыйар аналлаах.

Төрөппүт оҕотун сайдан иһэр өйүн-санаатын харыстыырга кыһанара эрэйиллэр. Оҕо өйүн-санаатын харыстааһын диэн аһара барар өйү-санааны сиэри тутуһан аһара ыыппат буолуу ааттанар. Оҕолорун харыстыыр төрөппүттэр кыра эрдэҕиттэн сиэри тутуһа сылдьарга үөрэтэллэрэ сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ бары араас үрдүк үөрэхтэри баһылаабыт дьон. Үөрэхтээх дьон сыыһаларын биллэхтэринэ өйдөнүөхтэрэ, сиэри тутуһуохтара, киһилии быһыыланыахтара, сыыһаларын көннөрүөх-тэрэ диэн санаа урут баар этэ. Ол иһин 2006 сыллаахха “Айыы үөрэҕин алҕастара” диэн ыстатыйаны бары ааҕар “Чолбон” сурунаалларыгар бэчээттэппитим. Онно бу сымыйа үөрэх элбэх сыыһалардааҕын, итэҕэл үөрэҕэ кыайан буолбатын, ол иһин секта буоларын арыйан, бэчээккэ таһааран дьоҥҥо тириэрдибитим. (12,70).

Өй-санаа, итэҕэл үөрэҕэр улахан сыыһа баара арыллан бэчээккэ тахсыбытын кэнниттэн үөрэхтээх, билиилээх дьон сыыһаларын көннөрүөхтэрэ диэн албын санааҕа киирэн сылдьыбыт эбиппин. Кыайан көммөт дьон эбиттэр. Арай саҥа тэриллибит “Тэтим” араа-дьыйаҕа “айыы буолуҥ” диэн алгыс этэн дьону ыҥыралларын син тохтото сылдьыбыттара эрээри, 2022 сыллаахха сайын эмиэ саҕалаан баран кыһын кэлэн эмиэ тохтоттулар.

Биир эмэ оҕо айыыны оҥорон бэйэтигэр тиийинэрин бу дьон бэйэлэригэр ылымматтар. Билигин ыар айыыны оҥорон, антисептиги иһэн кэбиһэн 8 киһи өлбүтүн кэннэ айыыны оҥоруу куһаҕаҥҥа тириэрдэрин туһунан тугу эмэ өйдөрүгэр түһэрэллэр дуу, суох дуу? Бу кэмҥэ саҥаны айыыны оҥорон улахан атомнай буомбалары сайдыылаах диэн ааттанар дойдулар элбэҕи оҥостон бараннар, ол буомбалара эстэн хааллаҕына ханна куотан саһалларын билбэккэ эрэйдэнэ сылдьалларын үөрэхтээх дьон син билиэхтэрэ этэ.

Айыыны оҥоруу диэн сиэри таһынан барар, дьон билбэт, ол иһин оҥорбот ураты, саҥа быһыылара буолар. Ону оҥоруу улахан сэрэх-тээх буолууну эрэйэр. Элбэх саҥаны айыыны оҥоро сатааһынтан биир эмэ эрэ табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥороро биллэр. Ол аата сайдыыны аҕалар туһалаах саҥаны айыы диэн биир эмэ буолан хаалар. Онтон атын оҥорулла сатыыр айыылар бары кэриэтэ сатаммаккалар, табыллыбаккалар куһаҕаны элбэтэллэрин үлэһит, бэйэлэрэ оҥорор, тутар дьон билэллэр. Бу айыыны оҥоруу уратытын дьон бары билэн тутуһа сылдьаллара ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Итини таһынан, куһаҕан айыыны анаан-минээн өссө куһаҕан буоллун диэн оҥорор дьон эмиэ бааллар. Бу куһаҕан дьон хаһан суох буолаллара кыайан быһаарыллан биллибэт. Ол курдук, дьон тугу сирбиттэрин, сөбүлээбэтэхтэрин куһаҕан диэн ааттаан кэбиһэллэрэ хаһан да суох буолбат, баар буола турар.

“Айыы үчүгэй” диэн этэннэр тыл үөрэхтээхтэрэ сиэри тутуспат-тарын тэҥэ, атыттары тутуһумаҥ диэн ыҥыраллар, эдэрдэри айыыны оҥорон сиэри таһынан барарга үөрэтэллэр. Саха дьоно “Сиэри тутуһа сырыт” диэн этиилэрин тыл үөрэхтээхтэрэ бэйэлэрэ тутуспаттар уонна ол тутуспаттарын дьоҥҥо барыларыгар тарҕата сатыыллар.

Сахалыы олох сиэрин тутуспат, киһи быһыытын таһынан барарга ыҥырар тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар була сатаан оҥорбут “айыы үөрэҕэ” диэн секталарын тохтотор кэм буолла.

Итэҕэл үөрэҕэ ханнык да онтон-мантан булуута, эбиниитэ суох буолара табыллар. Ол курдук, сахалар таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕин баһылаабыттара хас да тыһыынча сыллар буолбуттара өйтөн-санааттан туттулуктаах тыллар элбэхтэриттэн биллэр.

Киһи оҥорор быһыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн икки аҥы арахсаллара хаһан да уларыйбат. Киһи оҥорор быһыытыттан көрөн, арааран ханнык өйдөөх-санаалаах киһи буолара быһаарыллар:

1. Үчүгэй быһыылары оҥорор киһи үчүгэй быһыылаах диэн ааттанар. Дьон бары үчүгэй диэн ааттыыр быһыыларын оҥоро сатыылларыттан үчүгэй быһыылар олус элбээбиттэр.

2. Куһаҕан быһыылары оҥорор киһи куһаҕан быһыылаах буолан хаалыан сөп. Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан истэҕинэ куһаҕан быһыылар аҕыйаан иһэллэр эрээри, суох буолар кыахтара суох. Ол курдук, дьон тугу сирбиттэрин, сөбүлээбэтэхтэрин куһаҕан диэн ааттыыллара хаһан да симэлийэн хаалбат.

Бу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии, сөбүлэһии өрүтэ үөскээн тахсан иһэр. Бу үһүс өрүт үөскээн тахсарын сахалар быһаараннар “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэппиттэр уонна бэйэлэрэ сөптөөх быһыыны оҥороллорун, үһүс өрүтү үөскэтэн тутуһалларын биллэрэн Орто дойдуга олоробут диэн этинэллэр.

Онон киһи өйө-санаата аһара барара элбэҕиттэн анаан-минээн сиэр диэн ааттаах хааччахтаах буоларын сахалыы таҥара үөрэҕэ үөскэтэн дьону киһи быһыытын тутуһарга үөрэтэр.

КУҺАҔАН САНААЛАРТАН ЫРААСТАНЫЫ

Киһи араас санаалара элбэхтэрин таһынан, ону-маны барытын саныы сылдьара кыайан бобуллар кыаҕа суох. Санаа үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана, бу диэн араарыллан биллибэтиттэн киһи бэйэтин олоҕун уопутунан туһанан тэҥнээн көрөн уонна оҥорор быһыылара хайдах буолан тахсалларынан эрэ, олору арааран быһаарар кыахтанар.

Ханнык эрэ биир санааны элбэхтик саныы сырыттахха күүһүрэр уонна умнуллубат буолууга, баҕа санааҕа уларыйар, киһи ол баҕа санаатын өссө элбэхтэ хатылаан үгэскэ кубулутуон сөп. Бу үөскээбит үгэс киһини бэйэтин салайыан сөп. Ол иһин санаа хайдаҕын; үчүгэйин, туһаны оҥорууга тириэрдэрин эбэтэр куһаҕанын, туһата суоҕун эрдэттэн арааран билэргэ сиэри тутуһуу туһалыыр. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа буолан киһи саҥа оҥорорго бэлэмниир санаатын тэҥнээн көрүүгэ аналланар.

Оҕону иитиигэ аан бастаан куһаҕан диэн ханна баарын биллэрэн үөрэттэххэ, дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕаннарын арааран билэриттэн олору санаабат, оҥорбот буолара үөскээн олохсуйар. Киһи куһаҕан санааларын мунньубакка ыраастана сырыттаҕына эрэ киһи буолан, киһилии быһыылана сылдьара кыаллар. Ол курдук, санаа олус түргэниттэн элбэх куһаҕан санаа түргэнник мунньуллан хаалыан сөп. Итини тэҥэ, оҕо кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибитэ бэйэмсэх, бэйэтигэр эрэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор санаата улаатан, үгэс буолан хааларыгар тириэрдэрэ үлэни, ыараханы, эрэйдээҕи сөбүлээ-бэтин үөскэтэн, аймахтар мөлтөөн иһэллэрин саҕалыыр.

Бу үөскээн, олохсуйан үгэс буолбут санааларын суох оҥорон, ыраастаан, уларытан биэрдэххэ эрэ оҕо үлэни оҥорор кыаҕа улаатыан сөп. Атаах оҕо бэйэтин туһугар тугу эмэ үлэлиэн сөбүн сүрэҕэ суох буолан хаалбыта мэһэйдии сылдьар. Кыратык үлэлии түһэн баран быраҕан кэбиһиэн сөп. Кыра эрдэҕинэ үөскээн хаалбыт куһаҕан, үлэни абааһы көрөр санаалары атыттарынан, үчүгэй, үлэлииргэ баҕа санааларынан солбуйан биэрдэххэ эрэ үлэни хаачыстыбалаахтык оҥорон түмүгэр тириэрдии кыаллар кыахтанар.

Санаа олус түргэн, кылгас кэмҥэ мунньуллан, элбээн хаалыан сөп. Куһаҕан санаа үгэһи үөскэтэриттэн харыстаныы ирдэнэр. Үчүгэй санаа элбиирэ киһиэхэ туһаны оҥороро биллэриттэн санаа мунньулларын үчүгэй эрэ курдук санааһын сыыһа, куһаҕан санаа эмиэ эбиллэн, мунньуллан киһини куһаҕаны оҥорууга тириэрдиэн сөп.

Санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Үчүгэй, киһилии санаалар.

2. Куһаҕан уонна ыра санаалар.

Санаа тугунан да кыайан тутуллубатынан, хааттарбатынан киһи бэйэтин санаатын бэйэтэ эрэ үчүгэйин, куһаҕанын быһааран улары-тар, умнан кэбиһэр кыахтанар. Санаа бэйэтэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана ыл да быһаарылла охсубат. Ол курдук, киһи ханнык баҕарар санаалары саныан сөбө кыайан хаайыллыбат, бобуллубат.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыы, бу быһаарыылар өссө солбуйсан, эргийэн биэрэллэриттэн улахан уустуктаах. Санаа ханнык эрэ быһыыны оҥорууга тириэрдэриттэн көрөн, ырытан, быһааран хайдах санаа буолара; үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаа-рыллар кыахтанар. Ол иһин үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаалар сиэри үөскэтэллэр, онтон куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр санаа сиэри таһынан барар санаа диэн ааттанар, умнуллар, хаалар аналланар. Киһи оҥорбут быһыыта үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын атын дьон быһаараллара табыллар. Ол курдук, киһи бэйэтэ оҥорбут бы-һыытын хаһан баҕарар “үчүгэй” диирэ хаалан хаалбатыттан атыттар эрэ билэн, көрөн баран ылынар быһаарыылара таба буолар кыахтанар. Элбэхтэр бу быһыыны үчүгэй диэн эттэхтэринэ, үчүгэй диэн буолара быһаарыллар, онтон сирдэхтэринэ – куһаҕан диэн ааттанар, хаалар, умнуллар дьылҕаланар. Ол иһин саҥаны айыыны оҥоруу үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана хойутаан быһаарыллар кыахтанар.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы уустугуттан сахалыы таҥара үөрэҕэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи туһанан оҕону үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарыгар үөрэтэр. Оҕо үлэттэн кэлэр үчүгэйи, туһалааҕы кыра эрдэҕиттэн билэн, сыаналыы үөрэнэрэ бэйэтэ үлэһит буоларын төрүттүөн сөп. Бэйэлэрэ кыахтара баарынан үлэлии, хамсыы сылдьар төрөппүттэрин оҕо үтүктэр, батыһар санаата үөскүүрүттэн үлэһит дьон оҕолоро үлэһит буола улааталлара элбиир.

Куһаҕаны саныы сырыттахха, бу санаа эмиэ мунньуллан, элбээн иһэриттэн сэрэннэххэ эрэ табыллар. Бу биллибэт курдук санаалары умнубакка саныы сырыттахха кэлин мунньуллан куһаҕан үгэскэ кубулуйан хааллахтарына, киһи олору бэйэтэ оҥорон кэбиһэрэ үөскээтэҕинэ улахан куһаҕаҥҥа тиийэн хаалыан сөп. Куһаҕан санаалар эбиллэн хаалбаттарын туһугар, ол санаалартан ыраастана сылдьыы киһилии быһыылаах киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар уонна таҥара үөрэҕэр киирсэр. (7,47).

Куһаҕан санаалартан ыраастаныыны киһи бэйэтин кыаҕынан араас көрүҥнээхтик оҥоруон сөп:

- Умнуу. Киһи бэйэтин кыаҕынан өйүн-санаатын ыраастана сылдьар быһыыта, умнан кэбиһэрэ ааттанар. Оҕо 5 сааһыгар диэри оҥорбут быһыытын барытын умнан иһэрэ куһаҕан санаалары ийэ кутугар мунньубатыгар улаханнык туһалыыр аналлаах.

- Аралдьыйыы. Атын санааны санаан куһаҕан, туһата суох санааны үтүрүйэн туоратыахха, хаалларыахха сөп. Оҕо куһаҕан санааларыттан ыраастанарын хом санаһыы кэнниттэн эйэлэһии кэлэрэ үөскэтэр. Кыратык хом санаһыы дьон сыһыаннарыгар хаһан баҕарар баар. Ол иһин хом санаа кэнниттэн кэлэр эйэлэһии, ол куһаҕан санааны ыраастыырынан суолтата улаатар.

- Солбуйуу. Солбуйуу диэн олохсуйан хаалбыт куһаҕан үгэһи атын үчүгэй, туһалаах санааны элбэхтик санаан уонна үчүгэй быһыылары оҥорон үчүгэй үгэстэри үөскэтинэн, ол үчүгэйинэн уларытан биэрии ааттанар. Эрдэ үөскээбит үгэс ыл да уларыйа, симэлийэ охсубат, суох буола охсон хаалбат. Ол иһин атын, үчүгэй үгэһинэн солбуйуу ньымата туттуллара туһалыыр.

- Киһини үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара өссө биллэ илик араас санаалар киирэн эрэйдииллэр. Бу санаалары элбэхтик саныы сырыт-тахха үгэһи үөскэтэн кэбиһиэхтэрин сөп. Ол иһин бу санааны атын, улахан уопуттаах киһиэхэ кэпсээн куһаҕанын быһаарыы үрэйэн, ыһан кэбиһиигэ тириэрдии “Айыы этиитэ” диэн ааттанар. Иннэ-кэннэ биллибэт санааны улахан уопуттаах киһи быһааран үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын арааран, көмөлөһөн биэрэрин “Айыы этиитэ” диэн ааттаан сахалыы таҥара үөрэҕэ туһана сылдьар.

Куһаҕан санаалартан ыраастана сылдьыыга киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэрэ хайаан да эрэйиллэр. Бу куһаҕан диэн билэр буоллахха эрэ үчүгэй диэн баара быһаарыллан, арыллан тахсар. Аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕо билэр кыаҕа улаханыттан, бу үөрэҕи баһылааһын чэпчиир. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билии үчүгэйи туспа арааран билиигэ туһалааҕын дакаастаан оҕону “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэр. Бу куһаҕан санаа диэн билии киһи өйүн-санаатын бэйэтэ ыраастыы сылдьарыгар көмөнү оҥорор. Ол курдук, ханнык баҕарар санаатын куһаҕанын биллэҕинэ киһи умнар, хаалларар кыаҕа улаатан умнарыгар көмөлөһөр.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныыга ким эрэ эппитин үтүктүү, ол киһи эппитигэр киирэн биэриини үөскэтэр. Ол курдук, атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕарааччылар аҕыйахтарынан “Дьон этэринэн сылдьыма” диэн сахалар үөрэхтэрэ таба буолан тахсар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ сахаларга сыҥалыы сатыыр “аньыы” диэн тыллара саха тыла буолбатах. Нууччалар “грех” диэн тылларын туруору тылбаастыы сатаан булбут тыллара. Бу “аньыы” диэн тылы булан бэйэлэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар сахаларга, куһаҕаҥҥыт бу баар диэн этэн биэрэ, ыйбыта буолан албынныы, бэйэлэрин диктатураларын үөскэтэ сатыыллар.

“Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно төһө эрэ кэминэн үчүгэй диэн ааттаммыт үчүгэйэ бүтэн куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара тиийэн кэлэрин биллэрэр. “Аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан туһанан куһаҕаны ааттаан, дьаралык иҥэрэн биэрии, бу куһаҕан аны көнөн хаһан эрэ үчүгэйгэ уларыйарын, тупсарын суох оҥорор, ол иһин сахалар үөрэхтэригэр сөп түбэспэт. (5,113).

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи куһаҕан санаалары саныы сылдьа-рыттан куһаҕан үгэс үөскээн хаалыан сөбүн билэриттэн куһаҕан санаалартан ыраастана сылдьыы туомун ыытан өйү-санааны ыраас-тааһыҥҥа көмөлөһөр. Киһи тулуурдаах буолуутун улаатыннарарга тымныы уунан куттуу, тымныы салгыҥҥа сылдьыы улахан туһа-лааҕын бары билэллэр. Тымныы уунан куттуу эти-сиини эрчийэн ыарыыларга ылларбаты уонна тулууру улаатыннарарын тэҥэ, куһаҕан санаалартан ыраастаныыга улаханнык туһалыыр.

Онон түргэнник мунньуллан хаалар куһаҕан санаалартан киһи бэйэтин кыаҕынан ыраастана, сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһа сырыттаҕына эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык олороро кыаллар.

БААЙДАР уонна ҮЛЭҺИТТЭР ОҔОНУ ҮЛЭҔЭ ҮӨРЭТИИГЭ УРАТЫЛАРА

Баайдар уонна үлэһиттэр дьон улахан бөлөхтөрүн, икки өрүттэрин үөскэтэллэр. Кинилэр өйдөрө-санаалара баайдара-маллара төһө элбэ-ҕиттэн тутулуктанан улаханнык уратыланан тахсаллар:

1. Аҕыйах ахсааннаах баайдар. Үлэни оҥорон таһаарыыны баһы-лааһын уонна улахан салайааччы буолуу үлэһиттэр оҥорон таһаар-быттарынан туһаныыга тириэрдэринэн баайдар байыыны ситиһэллэр. Оҕолорун маанылаан, атаахтатан иитэн улаатыннаран бас-баттах быһыылаах буоларыгар тириэрдэллэрэ уларыйан иһэллэрин үөскэтэр.

2. Элбэх ахсааннаах үлэһиттэр. Үлэлээн-хамсаан туһалааҕы, барыһы оҥорон таһаараллар, эттэрин-сииннэрин эрчийэн буор кутта-рын үөскэтэн сайыннараллар уонна оҕолоругар тириэрдэннэр омук сайдыыны ситиһэригэр түргэнник тириэрдэллэр. Үгүс оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэн үлэ тупсарын ситиһэллэр.

Үлэни оҥоруу уонна онон туһаныы уратылара, бу дьон улахан бөлөхтөрүгэр биллэр дьайыыны оҥороллоруттан өйдөрө-санаалара сайдыыта эмиэ туспаланан хаалаллар. Бу уратылар оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр быһаччы дьайалларыттан оҕолор өйдөрө-санаалара утарыта хайысхалаах буола улааталлар.

Баайдар уонна үлэһиттэр оҕону кыра эрдэҕиттэн иитэргэ, үөрэтэргэ туһанар ньымалара тус-туспалар, утарыта турар өйдөбүл-лээхтэр. Бу тус-туспалар дьайыыларыттан баайдар уонна үлэһиттэр оҕолорун өйдөрө-санаалара икки өрүттээхтик сайдаллар:

1. Атаах оҕо.

2. Көйгө оҕо.

Оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр, бу кутун хайдах иитииттэн, көрүүттэн-истииттэн өйө-санаата улаханнык уларыйарын арыыйда дириҥник ырытыахпыт:

1. Баайдар барылара-бары дэлэйиттэн оҕолорун маанылаан, атаахтатан иитэллэр, тугунан да хааччахтаабаттар, көҥүлүнэн ыытан кэбиһэллэр. Оҕо көҥүлүнэн барыыта улаатан хааллаҕына бэйэмсэх санаата аһара барарыттан тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах буолар. Үлэҕэ үөрэппэттэриттэн сүрэҕэ суох буола улааталлар, бэйэлэрин эрэ тустарыгар тугу эмэни, кыраны оҥоро сатыахтарын сөп.

Баай дьон оҕолорун кыра эрдэҕинэ үлэлиир үгэскэ үөрэппэккэ атаахтата, оонньото сырытыннараллара элбэх. Оҕолорун бэйэмсэх санаалара бэйэлэрин кытта тэҥҥэ улаатан иһэриттэн араас көрдөбүллэрэ аһара барарыгар тириэрдэн кэбиһэллэр. Бэйэмсэх санаа киһиэхэ бэйэтигэр үчүгэйи элбэхтик оҥороругар тириэрдэринэн аһара бардаҕына атыттарга үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорун суох оҥорор. Баай уонна бэйэмсэх санаалаах киһи баайын туһанан бэйэтигэр өссө элбэх үчүгэйи оҥосторунан баайдар аһара байар санаалара улаатан иһэригэр тиийэллэр. Аһара баайдар баар буолуулара атыттар, элбэх үлэһиттэр дьадайыыларын үөскэтэриттэн, дьон бу икки өрүттэрэ утарыта туруу-лара улаатан, дириҥээн иһэрэ өссө эбиллэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьон олохторо көммүт курдук сана-ныылара үөскээн оҕолорун атаахтатан иитэллэрэ олоҕурбута. Онно “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн партия ыҥырыыта ордук көмөлөс-пүтэ, оҕолор бары бэлэмҥэ үөрэнэр кэмнэрэ кэлбитэ. Итини тэҥэ, оҕолору үөрэхтээх эрэ оҥороору үлэни куһаҕаҥҥа түһэрэн кэбиспит-тэриттэн үлэлииргэ сүрэҕэ суох буолуулара улааппыта.

Тыл үөрэхтээхтэрэ оҕону “айыы үчүгэй”, “айыыны оҥорон ис” диэн этэн үөрэтэллэрэ атаахтатыыга тириэрдэр, тугу барытын талбытынан оҥорорун көҥүллүүрүнэн, көҥүлүнэн барыытын үөскэ-тэрэ сахалар оҕону иитэр, үлэҕэ үөрэтэр үөрэхтэригэр сөп түбэспэт уонна оҕо сыыһа-халты туттунарын элбэтэр сыыһа үөрэх буолар.

Төрөппүккэ оҕото инникигэ кэскилэ, олоххо ситиһэ сатыыр сыалын ситиһиитэ буолар. Оҕону кыра эрдэҕинэ атаахтата сылдьыы, үлэлииргэ үөрэппэт буолуу аймахтары эстиигэ, киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэтэ суох хаалыыларыгар тириэрдиэн сөп.

Баайдар оҕону атаахтатан, көҥүлүнэн ыытан иитэллэриттэн уонна үлэҕэ үөрэппэккэлэр тулуура суох буола улаатарыттан аҕыйах көлүөнэнэн эстиигэ, симэлийиигэ тиийэн хаалаллар. Ол курдук, баайдар уларыйаллара, эстэллэрэ түргэнник кэлэн иһэриттэн үлэһиттэртэн кыахтаахтара байан тахсаннар кинилэри солбуйаллар.

2. Дьон үксүлэрэ үлэһиттэр. Үлэ эрэ омугу сайыннарар, буолан баран, кыайыылаах үлэ эрэ сайдыыны аҕалар. Кыайыылаах, ол аата атын дьон үтүктэр, батыһар үлэлэрин кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэммит, сатабыллаах киһи эрэ оҥорор кыахтанар. Ол иһин киһи буор кутун сайдыыта омук сайдыыны ситиһэригэр туһата улахана быһаарыллар. Атыттар үтүктэллэриттэн үлэ сайдар уонна үлэһиттэр ахсааннара эбиллиититтэн омук ахсаана үксээн иһэрэ ситиһиллэр.

Үлэһиттэр оҕолоро кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэн тулуура, дьулуура улаатар, сыыһа-халты туттубата үөскээн туһалааҕы оҥорор кыахтанар. Үлэҕэ үөрэнэн бэйэтэ сөптөөх быһаарыыны ылынар кыаҕа улаатарыттан үлэлээн барыһы киллэрэр уонна үлэтин түмүгүн табан, сатаан туһаннаҕына байыыны ситиһэр кыаҕа улаатар.

Былыргы кэмнэргэ үлэһиттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн үлэнэн иитэллэрэ уонна улаатан истэхтэринэ үлэлии үөрэтэллэриттэн көйгө буолууга тириэрдэрэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону иитиини атаахтатыыга тириэрдэннэр оҕо үлэҕэ үөрэнэн көйгө буолуута куһаҕан диэн ааттанан хаалларыллан сылдьара билигин да көнө илик. Үлэҕэ үөрэтии оҕоҕо эрэйи үөскэтэр, элбэх тулуурдаах буол-лаҕына эрэ кыайар кыахтанар. Ол иһин атаах оҕо үлэҕэ тулуйан үөрэммэт, улааттаҕына ханнык эрэ чэпчэки, барыһы аҕалбат, иппэй-туппай үлэни үлэлиэн сөп. Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ тулуура улахана эрэйиллэр. Ыараханнары уонна араас үлэни тулуйан үлэлии үөрэммит оҕо көйгө диэн ааттанар. Үлэҕэ үөрэтииттэн көйгө оҕо тулуура, дьулуура өссө улаатан олоххо ситиһиилэри оҥорор кыаҕа улаатар.

Элбэх оҕолордоох ыаллар улахан оҕолоро кыра бырааттарын, балыстарын кыра эрдэҕиттэн көрөн-истэн көмөлөһөрүттэн көйгөтүк иитиллэр. Ол иһин ыал улахан оҕолоро улааттахтарына үчүгэй салайааччылар, үлэни тэрийээччилэр үүнэн тахсыахтарын сөп.

Үлэһиттэр тулуурдара улаханыттан, өйдөрө-санаалара туруктаа-ҕынан ыал олоҕун ыараханнарын тулуйалларыттан аймахтара сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэрин ситиһэллэр. Омугу көрсүө, сэмэй үлэһиттэр сайыннараллар уонна ахсааннарын элбэтэллэр. Ол барыта оҕону иитиигэ көрсүө, сэмэй буолуу үөрэҕин тутуһалларыттан сыыһа-халты туттубаттарыттан, ол-бу аһара барыыларга киирэн биэрбэт-тэриттэн тутулуктанар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр үөрэхтэрэ. Оҕону көрсүө, сэмэй буол диэн этэн үөрэтэн тулуурун улаатыннаран сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар аналлаах үөрэх буолар. Үлэһиттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтэллэриттэн тулуура, өһөс санаата улаатан олоххо көрсөр ыараханнары тулуйар уонна үлэҕэ сайдыыны, тупсууну киллэрэр кыахтанар.

Онон кыра эрдэҕиттэн үлэни оҥорууга, тулуурдаах буолууга үөрэтиллибит оҕо көйгө диэн ааттанар уонна улааттаҕына кыайа-хото үлэлээн олоҕор ситиһиилэри оҥороро быһаарыллар.

ДЬАДАҤЫТТАН САЙДЫЫНЫ СИТИҺИИ

“Киһини санаата салайар” диэн этиини сахалар таҥараларын үөрэҕэ тутуһар. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ уонна саҥарар тыллара киһи өйө-санаата сайдыытын кытта тэҥҥэ үөскээбитин, элбэх үгэстэр иҥэн сылдьаллара биллэрэр. Дьадаҥы диэн тылы ырытыы ону дакаастыыр. Бу тыл дьа уонна даҥ диэн тыллартан холбонон үөскэтиллибит. Дьа диэн өйү-санааны биллэрэр тыл, онтон даҥ диэн дьиэ үрдүн даҥын курдук таах сытыыны быһаарар уонна дьадаҥы киһи сүрэҕэ суох өйдөөҕүн-санаалааҕын билиигэ таһаарар.

Киһи салгын кутун үлэтэ ай диэн тылынан этиллэрэ саҥаны айыыны, урут суоҕу, уратыны булан оҥорон иһэр аналлааҕын биллэрэр. Арай бу саҥаны айыыларбыт олоххо киллэрэр уратылара сайдыыны, тупсууну, үчүгэйи аҕалаллара эбэтэр төттөрү тардыыны, куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһэллэрэ икки өрүтү үөскэтэн таһааралларыттан олох уустугун, эрэйин үөскэтэллэр.

Айыы диэн тыл киһи оҥорор ураты, атыттар өссө билбэт, оҥорбот быһыыларын, саҥаны айыыны оҥорууну биллэрэр. Бу былыргылар оҥорбут тыллара куһаҕан өрүтэ элбээн хааларын “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылааҕа этэн, көрдөрөн биэрэр. Бу айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһааран биэрэринэн икки өрүттээх өйдөбүллээх.

Киһи этин-сиинин элбэхтик хамсатан эрчийэрэ туһалыырыттан быччыҥнарыгар үөскүүр буор кута хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатарыгар тириэрдэн этэ-сиинэ араас табыллыбыт хамсаныылары имигэстик оҥороро дьарыктанан истэҕинэ эбиллэн иһэр.

Киһи сайдыыны ситиһэрэ диэн этин-сиинин хамсатар буор кута сайдарын тэҥэ, араас туһалаах үөрүйэхтэрэ элбиирин уонна майгына тупсарын ситиһэрэ буолар. Үлэһит, дьоҕур, сатабыл уонна талаан диэн буор кут төһө сайдан иһэрин биллэрэр тыллар былыргы кэмнэргэ үлэни оҥоруу сайдан, тупсан иһиитин быһаарыыттан үөскээбиттэр. Сайдыылаах буор кут үлэни кыайар, үлэһит дьоҥҥо баара “Уус оҕото – уус буолар” диэн этииттэн биллэн чуолкайданар.

Өй-санаа куруук хамсыыр, биир таһымҥа хам баайыллан турбат, сайдыыны ситиһэриттэн уларыйан, тупсан, буор кутун сайдыыта үрдүкү таһымҥа тахсан иһэр. Омук сайдыыта диэн омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөргөөн уонна буор куттара, араас хамсаныылары оҥорор туһалаах үөрүйэхтэрэ сайдан, элбээн иһиитэ ааттанар.

Үлэлии үөрэммит дьадаҥы да киһи оҕото буор кутун утумнаахтык дьарыктаан, сайыннаран дьадаҥыттан үлэһиккэ тиийэ сайдыыны ситиһиэн сөп. Өссө кыһанан дьарыктаннаҕына дьоҕурдаах буолууну бэйэтин үйэтигэр ситиһэр кыахтанар.

Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн киһи сайдыыны, тупсууну ситиспитэ оҕолорун сайыннаран, салҕанан иһэр. Дьоҕурдаах үлэһиттэн сатабыллаах үлэһиккэ, онтон салгыы хас да көлүөнэнэн талааннаах үлэһиккэ тиийэ буор куту сайыннарыахха сөп.

Киһи өйө-санаата сайдыыта дьадаҥыттан, үлэһиттэн саҕалаан сайдан, байыыны ситиһэн иһии диэки хайысхаланан, өрө тахсан иһэр. Төһө эрэ кэминэн өй-санаа сайдан, байыыны ситиһэн баран оҕолорун атаахтык иитэллэриттэн аны мөлтүүр кэмэ, бу аймахтар уларыйар, атынынан солбуллар кэмнэрэ тиийэн кэлэрэ айылҕа уларыйан иһэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугар сөп түбэһэр.

Биллэр бэлиэлэринэн туһанан киһи өйүн-санаатын уратыларын быһаарыахха сөп. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылары “үчүгэй” диэн арбааннар уонна дьахталлар көҥүллэринэн эргэ барыыларын олохтооннор Россия дьоно барылара дьадаҥылар куһаҕан, үлэни сөбүлээбэт буор куттарынан буккуллан хаалбыттарыттан, билигин да үлэ сайдыыта ситиһиллэрэ өссө да ыраах.

Дьадаҥы диэн буор кута сайдыбатах, хамсаныылары оҥорорун сүрэҕэлдьиир, күүскэ үлэлиэн баҕарбат киһи ааттанар. Ыраахтааҕы саҕанааҕы кэмҥэ дьадаҥылар баайдара-маллара аҕыйаҕыттан уонна мөлтөх үлэлэринэн биллэн атыттартан араарыллар этилэр. Дьадаҥы төрүттээх дьон оҕолоро, сиэннэрэ аныгы олоххо олохторо тупсубутунан туһанан уойан эрэйдэнэллэрэ элбээтэ. Былыргы кулуттар көлүөнэлэрэ билигин Америкаҕа олохторо көнөн аһара уойбуттарын бэлиэтииллэр. Ол барыта кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр буор кут өйдөбүллэригэр урукку кэмҥэ аччыктааһын, ас тиийбэтэ иҥэн хаалбытыттан, элбэх астан аһыы түһүөххэ диэн санаа дьайарыттан аһара уойууга тиийэллэрэ элбиир. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар чэпчэки үлэни, үөрэҕи баһылааһыны өрө туппуттара. Үгүс үлэһиттэр тыа сиригэр күүскэ үлэлиир, Союһу сайыннарар кэмнэригэр куораты булан үөрэнэ сатаабыттара. Үөрэҕи син ситис-питтэрэ эрээри, дьоҥҥо туһаны оҥорор, барыһы киллэрэр үөрэхтэр буолбакка, дьон оҥорбуттарынан туһанар эрэ, кыра үөрэхтэр этилэр.

Үөрэхтээх буолуу дьадаҥы өйү-санааны, эти-сиини хамсаппат буолууну өссө улаатыннаран кэбиһэр. Ол курдук, үөрэхтээх киһи чэпчэки үлэни көрдүү сатааһына сүрэҕэ суоҕуттан, этин-сиинин элбэхтик хамсатыан баҕарбатыттан улаатан биэрэр.

Киһи өйө-санаата, буор кута дьадаҥы буоларын маннык бэлиэ-лэри туһанан чуолкайдык билиэххэ сөп:

1. Баар харчыны кыайан туһаммат, ыскайдаан, суолтата суохха туһана сатаан суох оҥорон иһэр, харчыны ордорон, мунньунар диэни букатын кыайбат, туһалаах курдук сананыллан иһэр быстах дьыалаҕа ороскуоттаан иһэр киһи дьадаҥы буолар.

2. Бэйэтэ оҥорор, тутар кыаҕа суох, хантан эрэ көмө аптаабыт курдук кэлэрин кэтэһэ сылдьар киһи лотереянан, хаартынан, атын сүүйүүлээх оонньууларынан үлүһүйүөн сөп. Туох эмэ босхо эбэтэр наследство кэлэрин кэтэһэр санаата элбиир.

3. Үлэлиэҕин, хамсаныаҕын баҕарбат, сүрэҕэлдьээн быстан иһэр уратылаах киһи үлэни хамнаһа кыра диэн мыынар аатыран үлэлиирэ аҕыйах уонна үчүгэй үлэ суох диэн баар үлэни барытын сирэрэ хаалан хаалбат. “Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх” диэн өс хоһооно дьадаҥы, үлэлиэн баҕарбат киһини арааран буларга туһалыыр аналлаах.

4. Дьадаҥы киһи хамсаныылары оҥороро холуһуттан туох оҥорбута барыта табыллыбат, кыайбат үлэтин атын үлэҕэ уларытарын ыарыргыыр, куруук баттана, атаҕастана сылдьар курдук саҥарыыта элбээһинэ үлэни табан үлэлээбэтигэр тириэрдэрин тэҥэ, оҕотун үлэҕэ сүрэҕэ суох оҥорор. Төрөппүттэрэ ситиһиилэрэ суоҕун туһунан кэп-сиирэ, кэргэнин баата суох диэн хомуруйара элбээн хаалыан сөп.

5. Биир санаалаах бэйэтин курдук доҕотторун кытта иллэҥ бириэмэтин пиибэ иһиитинэн атаарар, интернети көрөрүгэр элбэх бириэмэни ыытар, үгүстүк олорон эрэ компьютерынан оонньуурун сөбүлүүрүттэн туһалаах үлэни оҥороро аҕыйаан хаалар.

6. Түргэнник кэргэн ыла охсоро дьиэтээҕи олоҕун чэпчэтэ сатааһына буолар. Баайдаах кыыһы кэргэн ыла сатыыр. Элбэх уу-хаар, албын кэпсээннээҕинэн дьахталлары умсугутар кыаҕа улаатан биэрэрин таба туһанар. Сахалар “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһоонун оҥорон дьадаҥы киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэн, кыайан толорбот ыра санаата элбэҕин былыр үйэҕэ быһаарбыттар.

7. Уһуннук оҥоруллар, эти-сиини күүскэ хамсаттахха табыллар үлэни тулуурдара аҕыйаҕыттан кыайбаттарыттан уонна онно-манна саҥаҕа, солуҥҥа солумсаҕыран иһэллэрэ элбэҕиттэн, уустук үлэни саҕалааһыны эрэ кыайа-хото оҥороллор.

Сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар бары кэриэтэ дьадаҥы этилэр уонна дьадаҥылары аһара арбаан салайааччылартан хайҕаналлара. Билигин баар суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар бары дьадаҥы төрүттээхтэр, ол иһин үлэни сирэллэр, үөрэҕи эрэ “үчүгэй” диэн арбыыллара аҕыйаабат. Кумааҕыны кытта үлэлээч-чилэр уһун үйэлэрин тухары кумааҕыны эрэ бэрийэллэриттэн, тугу суруйбуттарын барытын “үчүгэйи” эрэ оҥорор курдук сыыһа санана сылдьалларыттан, атын дьон оҥорор быһыыларын кыайан таба араарбат буолан хааланнар, “айыы үөрэҕэ” диэн албын сектаны айаннар, сахаларга өй-санаа алдьатыы, куһаҕаны оҥоруу элбээһинин диэки халыйыытын үөскэтэн сылдьаллар.

Айыы диэн киһи оҥорор ураты, саҥа быһыыларын биллэрэр икки өрүттээх өйдөбүллээх тылы уларытан, “үчүгэй” эрэ өйдөбүллээн туһаныыны киллэрээри тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үөрэҕэ” диэн албын, сымыйа үөрэҕи айан саха дьонун барыларын албынныыллар. Ону баара айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлэ тыл үөрэхтээхтэрэ эппиттэрин хоту “үчүгэй” буолара букатын кыаллыбат. Ол курдук, киһи үчүгэйи оҥоробун диэн тиэтэйэр, ыксыыр санаатыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да уларыйбакка баар буола турар.

Дьадаҥы киһи бииртэн бииргэ солумсаҕыра сылдьара элбэх. Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйаннар сахалары барыларын бэйэлэрин курдук солумсах оҥоро сатыыллар.

Билигин саха дьонугар тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан босхолонуу сыала-соруга тирээн кэллэ. Бу тыл үөрэхтээхтэрин албын-нара “айыы үчүгэй” диэн этэрэ оҕо иитиитин буккуйан, оҕолору көҥүллэринэн ыытыыга тириэрдэн атаахтатыыны үөскэтэр. Бу сыыһа көммөтөҕүнэ, атаах оҕо үлэни кыайбатыттан уонна сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн саха омук эстиигэ, атыттарга баһыттарыыга тиийэн хаалыан сөбүттэн сэрэнэр, харыстанар кэм кэллэ.

Бу кэмҥэ ырыынак кэмэ кэлэн үлэһиттэр кыайа-хото үлэлээн баайы-малы мунньунар кыахтаннылар. Бу мунньуллубут баай-мал кэлэр көлүөнэлэргэ тиксэринэн дьон оҕолорун өйдөрө-санаалара сайдарыгар, тулуурдара, өһөс санаалара элбииригэр кыһаналлара биллэрдик улаатта. Кинилэр сахалыы таҥара, Кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан оҕолорун атаахтаппакка, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэн тулуурдарын улаатыннардахтарына эрэ, аймахтара уонна саха омук сайдыыта саҕаланар. Оҕону үлэҕэ үөрэтэн улаатыннарыыны хас биирдии үлэһит төрөппүт ситиһэр кыахтаах буоллаҕына, куорат дьоно оҕоҕо кыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара иитиллэр кэмигэр үлэ-лииргэ үөрэтэр үгэстэри туһа киһитэ оҥорон иҥэриилэрэ туһалыыр.

Дьон олохторун сыалын ситиһиилэрэ дьадаҥыттан, үлэһиттэн байыыны ситиһии диэки хайысхаланан баран иһэр. Баайдар хас да көлүөнэнэн өйдөрө-санаалара мөлтөөн олохтон туораан биэрэн иһэл-лэрин, үлэһиттэр өрө тахсыыны ситиһэннэр итэҕэс үөскээбитин толорон биэрэллэр. Дьадаҥы, үлэһит дьон оҕолоро кыра эрдэҕиттэн байыыны ситиһэргэ улахан баҕа санааны үөскэтинэринэн улаатан баран кыайа-хото үлэлээн ол баҕатын бэйэтэ ситиһэр кыахтанар.

Онон дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут саҥа сайдан эрэр таһымыттан оҕо үлэни үлэлээһини баһылаан сайдыыны, тупсууну ситиһэригэр тириэрдии төрөппүт олоҕун сыала буолар.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

2. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

3. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.

4. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

5. Каженкин И.И. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2015. – 128 с.

6. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес- инкубатор”, 2016. – 148 с.

7. Каженкин И.И. Киһи буолуу. - Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

8. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.

9. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

10. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

11. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.

12. “Чолбон” сурунаал. 8 / 2006.


ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 3

Ийэ үөрэҕэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 5

Аҕа үөрэҕэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .11

Оҕо албынныыр . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 15

Туһа киһитэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 18

Оҕону үлэлииргэ үөрэтии . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 22

Үлэ уонна үөрэх . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 27

Сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэтии . . . . . . . 31

Үрүҥү, хараны араарыы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .34

Үлэни оҥоруу уратылара . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .39

Дьиэ таһынааҕы үлэлэр . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 44

От үлэлэригэр үөрэтии . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .46

Айылҕаҕа сылдьыы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 49

Бултуурга үөрэтии . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 51

Дьиэ кыылларын, көтөрдөрүн көрөргө үөрэтии . . 53

Оонньуурдары оҥоруу . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 57

Уһанарга үөрэтии . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 59

Үлэҕэ сэрэхтээх буолуу . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 61

Хойутаабат буолууга үөрэтии . . . . . . . . . . . . . . . . 64

Оҕо үлэҕэ сыһыана . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 66

Таҥара үөрэҕэ – үлэһиттэр үөрэхтэрэ . . . . . . . . . 70

Айыыны оҥоруу . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 73

Үчүгэйтэн үчүгэй . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 77

Оҕо айыыны оҥороро куһаҕаны элбэтэр . . . . . . 80

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа . . . . . . . . . . . . . . . . 84

Куһаҕан санаалартан ыраастаныы . . . . . . . . . . . . 87

Баайдар уонна үлэһиттэр оҕону үлэҕэ

      үөрэтиигэ уратылара  . . . . . . . . . . . . . . . . . . .    91

Дьадаҥыттан сайдыыны ситиһии . . . . . . . . . . . . 94

Туһаныллыбыт литература . . . . . . . . . . . . . . . . . 98

Иһинээҕитэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 99