Платоннуун тиһэх көрсүһүүлэрим туһунан кэпсиэх этим (A.H. Борисова-Ойунская)

1937 с. ахсынньы 19 күнүгэр аҕабытын Москваҕа атаарбыппыт, Beрховнай Сэбиэт сессиятыгар. Хайдах эрэ ол курдук, доҕотторо-атастара мустан, уруйдаан-айхаллаан атаарбыппыт. Аттанарыгар мин аарааҥҥа диэри барсыбытым. Ити билинни «Дeтский мир» маҕаһыын утарыта Авксентий Егоровичтаах олороллоро, кинилэргэ диэри массыынаҕа олорсон баран хаалбытым.

Платон Москвалаабыта. ССРС Верховнай Сэбиэтин маҥнайгы ыҥырыылаах сессията үлэлээн бүппүтэ. "Тохсунньу 27 күнүгэр хоҥнобут, харчыны туттум, ууруубун. Платон", - диэн Москваттан охсубут тэлэгирээммэтин туппутум. Сотору депутаттар төннүтэлээбиттэрэ. Арай биһиги аҕабыт биллибэт. Кэтэстим - мэлигир, кэтэстим - мэлигир. Ыксаан, А.Г. Габышевка телефоннуубун, кићим: «Эһиги паапаҕыт Иркутскайга хаалбыта, сотору кэлиэҕэ»,- диир.

Александр Гаврильевичка бэйэтигэр тиийэбин, эппиэтэ син биир. П.M. Певзнякка, Н.Н. Окоемовка, С.П. Сидороваҕа төлөпүөннүүбүн. Эппиэттэрэ эмиэ биир: "Паапаҕыт сотору кэлиэҕэ, Иркутскайга былыргы суруктаах таас хайа баар үһү, ону көрө-үөрэтэ хаалбыта". Күн-дьыл баран иһэр, оттон аҕабыт мэлигир. Мин: «Ыарыйдаҕа, ону кистииллэрэ буолуо», - дии саныыбын. Испэр наћаа абарабын. Иркутскайдаан хаалыахпын баҕарталыыбын да, Платонидабын оҕолонорум субу чугаћаан сылдьар. Аҕабытын кэтэћэбит. Самолет ньирилээтэр эрэ, аэропорка төлөпүөннүүбҕн. Син биир суох. Ити икки ардыгар миэнэ олорор кэмим тиийэн кэллэ. 1938 с. ыам ыйын 20 күнүгэр Платонидабын төрөөтүм.

Бэс ыйын 2 күнэ этэ. Ньээҥкэбит эмээхсин оҕолору илдьэ парка аһыллыытын көрө барда. Оҕолор тэһийбэттэрэ да сүрдээх, ону аралдьыта түһүөххэ эмиэ наада. Кыһыл кыыспынаан олордохпуна, биир дьүөгэм Ольга киирэн кэллэ. Ону-маны буолары-буолбаты кэпсэттибит, онтон Ольга: «Хайа, пaaпаҕытыттан туох биллэр?» - «Суох, туох да биллибэт», - диибин. «Куһaҕаны тугу да истибэккит дуо?» - "Хайдах? Ол туох куһаҕан?" - өрө халахайдана түһэбин. Дьахтарым тугу да эбии быһаарбат, үбүл-дьибил буолар, таһырдьаны былдьаһар. «Ити аата паапабыт ыалдьыбыт дуу, өлбут дуу буоллаҕа, ону кистииллэр», - диибин мин. Ытаатым. Испэр улаханнык айманным. Эмискэ aaн тэлэллэ түстэ. Көрбүтүм, убайым Степан-Күн Дьирибинэ, итирбит. Hahaa испит. Киирдэ, уһуутуу-уһуутуу төттөрү-таары хаамыталаата, хаста да хабырынан кычыгыратта. «Бу туох буоллун? Бачча айылаах кимин өллө дуу, тугуй дуу?» - наhaa иэдэйбитин көрөн, убайбын сэмэлиирдии тыл көтөҕөбүн. Киһим тугу да саҥарбат, сотору-сотору уһуутуур эрэ.

Саҥата суох өрө тиргиллэн баран, Степан тахсан баран хаалла. Сотору пааркалаабыт дьонум бу ньидьирићэн киирэн кэллилэр. Кыргыттарым, "маама" дэһэ-дэһэ, кэпсээн-ипсээн чубугурастылар. Арай ньээҥкэбит эрэ арбы-сарбы.

Бу курдук тумаҥҥа муна, эрэйдэнэ олордохпуна, арай «Кыым» хаһыат тиийэн кэллэ. Онно 1938 с. бэс ыйын 3 күнүнээҕи инники ыстатыйатыгар хараҕым хатанна. Ытырыктата-ытырыктата ааҕан истим. Онтон... Оо! Суруйбуттар ээ!.. «...Аммосов, Барахов, Шараборин, Ойуунускай уо..д.а. курдуктар тус бэйэлэринэн тутулуннулар. Салгын ырааһырда», - диэбиттэр, араастаан үөхсүү кэнниттэн. Кимнээх ордук дьэгдьитик тыынар буолбуттарын, кимнээх бопторон-тумнастан эрэллэрин быһаара, ону арааран толкуйдуу сатыырга, оччолорго, күүс-күдэх суоҕа.

Оччолорго биһигини билиҥҥи музей утарыта дьиэҕэ көһөрбүттэрэ. Иккис мэндиэмэн биир хоһугар. Биирдэ күнүс тас аан сүр тыастаахтык аһылынна, онтон ыарахан саппыкылаах кићи кирилиэћи өрө дабайан лиһиргийдээтэ. Тоҕо эрэ «дьик» гына түстүм, тулуйбатым, хоhум тас аанын аһа баттаатым. Көрбүтүм, биир кугас барааҥка сонноох, сулустаах бэргэhэлээх кићи аллараттан былтас гынна. Hahaa соһуйдум. "Ойуунускай манна олорор дуо?" - "Маннабын. Баһаалыста, аас", - диэн буолла. Байыаннай киһи дьиэҕэ киирээт, истиэнэ чаһытын көрө оҕуста. «Бириэмэ балачча эрдээбит: хомун, кэргэнин кэллэ, көрсө тиий. Биир чааска!» Итиэннэ тахсан, төттөрү хоҥтоҥнуу турда. Мин дөйүөрэн хааллым.

Г.Д. Аржаковтаах кэккэлэћэ хоско олороллоро. Маруся, Григорий Дaнилович кэргэнэ, итини барытын истибит, көтөн түстэ: «Өкүлүүн, бу хайдах буоллун? Тура оҕус, хомун! Эн Платону кытта хайаан да көрсүһүөх тустааххын, хайаан да көрсүһүөхтээххин!» Ол түгэҥҥэ хайдах буолбуппун, тугу саҥарбыппын ончу өйдөөбөппүн. Тураары гынабын да, сүһүөҕүм уйбат, адьас нукаай курдукпун, Марусялаах таҥыннардылар быһыылаах,толору астаах суумканы илиибэр туттардылар. Таhааран кирилиэһи таҥнары өйөөн түһэрдилэр. "До5оор, хайдах буоллун? Өйдөн, Платону көрсө бараҕын", - дэһэллэрин дьэ чопчу иһиттим: "Платону? Паanaны дуо?" - «Ээх. Паапаны».

Хардыылаатаҕым аайы улам уоскуйан, улам тэнийэн, бардар-баран истим: «Паапаны көрсөбүн, паапаны. Муҥнааҕым хайдах эрэ дьүһүннэннэ-бодолонно буолла? Бэйэни кыаннахха сатанар, кыатаныахха. Аны аккаастаан кэбиһиэхтэрэ, бэйи, тиэтэйиэххэ». Ити курдук саныы-саныы, сүүрэ былаастаан хааман, куорат биллэр өттүн диэки баран истим. Тиийдим, ааппын эттим. Пропуск суруйа охсон биэрдилэр. "Иккис мэндиэмэҥҥэ, 18-с хоско таҕыс", - дэстилэр.

18-с хос. Тоҥсуйдум. Киһи саҥата бүтэҥитик: "Да!" - диэтэ. Көтөн түстүм. Киэҥ баҕайы хоско биир кићи олорор. Дорооболостум. «Ойуунускайга кэллим», - диэтим. Хаhаайын олоппоһу ыйда: «Итиннэ олор». Кнопканы баттаата быһыылаах, таћыттан биир саллаат көтөн түстэ: "Ойуунускайы аҕалыҥ", - хос хаћаайына дьаһайда. Онтон миэхэ эргилиннэ: "Хайдах-туох олороҕут? Доруобуйаҕыт? Оҕолоруҥ?"

Киирэр аан эмиэ аһылынна, атах тыаћа сыр-сыр гынна. Көхсүбүнэн да олордорбун, муҥнааҕым Платон, киирбитин өтө сэрэйдим, ол да буоллар эргиллибэтим. Куттанарым бэрт, сэгэрбин көрүөхпүн наһаа кyттанабын, оччо иэдэйдэҕэ диибин.

"Дорооболоруҥ" - Платон дорооболоһоp саҥата иһилиннэ. Чахчы кини саҥата. Мин хардарарым дуу, хардарбатым дуу? «Олор итиннэ, кэргэҥҥин кытта кэпсэт», - кабинет хаћаайына Платоҥҥа эттэ. Платон кэлэн аттыбар олордо. Мин диэки көрөр быһыылаах да, саҥарбат.«Баһаалыста, табахта көҥүллээ эрэ»,- диэтэ. Кабинет хahaaйына Платоҥҥа портсигарын уунна, испиискэ биэрдэ. Платон, аҕылыы-аҕылыы саҥата суох табахтаата. Табах тарпатаҕа өрбуолбут быһыылаах,бастаан дириҥ-дириҥник сыпсырыйбахтаата. Онтон дьэ налыччы тарта. "Өссө биир бөппүрүөскэтэ ылабын дуо?" - диэтэ саҥата. «Ыл», - диир киһи дьэбирдик.

Онтон графинтан ыстакааҥҥа уу кутан кыллыгыратта. Саҥата: "Мэ, ис" - диэтэ. Платон тамаҕа хаппыт быһыылаах, иҥсэлээхтик иһэн кулурҕатта. «Баһыыба», - диэтэ. Ыстакаан хаһаайыныгар төнүннэ. Киһи ону түгэҕиттэн харбаан ылан, тэйиччи ууран кэбистэ.

"Хайдах олордугут? Оҕолор хайдахтарый?" - Платон мин диэки дьэ эргилиннэ быһыылаах. Мин, туох имнэммитэ буолла, ис-испиттэн абаран кэллим. Хайыспакка да олорон, силбиэтэнним: «Баарбыт оттон. Oлоробут оттон. Тоҕо да биһигини ыйытаҕын? Биһигини санаабатаҕыҥ дуо, дойдугун санаабатаҕыҥ дуо? Туох буолан норуот өстөөҕө, таҥнарааччы буоллуҥ? Тугуҥ иэстэбилэй?!» Хоруй суох. Онтон бүппүт куолаһынан хардарда: «Дьэ, оннук. Норуот уола аатырарым, билигин норуот өстөөҕөбүн...» Эмискэ ытаан барда... Көрсүһүүнү алҕас саҕалаабыппын дьэ билинним, срэҕим мөҕүл-мөҕүл гынна, эргиллэ түстүм...

Оо, урукку Платон, мин Платонум, ханна барбытай! Бу мин аттыбар букатын атын киһи олорор. Эрэйдээҕим сыыћа, баттаҕа кыргыллан дуу, хайдах дуу, наћаа кыччаабыт, наhаа чуучуйбут. Тииһэ-уоһа бараммыт. Адьас уҥуохтаах тириитэ эрэ ордубут. Арай харахтара, саһархайдыҥы ыраас сырдык харахтара эрэ чаҕылыһаллар. Дьэ, аһынным, дьэ, хараҕым уута таҕыста. «Паапаа», - диэт, куућа түстүм. Туора киһи олорор диэбэккэ, ахтылҕаммытын таћаарар гына уурастыбыт-сылластыбыт.

Oл олордохпутуна, киһи саҥата дуорайда: "Дьыала туһунан кэпсэтимэҥ. Дьыала ситэ быһаарылла илик, быһаарыллан иһиэҕэ. Бэйэҕит, олоххут-дьаһаххыт туһунан кэпсэтиҥ".

Тэйсэ туһээт, дьэ уоскуйан, кићилии кэпсэттибит. Платон бастаан Саргылаанатын ыйытта, онтон Сардаанатын. «Кими төрөппүкүнүй?» - диэтэ. "Кыыһы" - «Ноо, ким диэн ааттаатын?»-"Платонида" - "Ноо, бэрт эбит. Дьүһүнэ ким курдугуй?" - «Дьоллоох кыыс буолуо, эмиэ паапатын курдук. Платонида. Оччоҕо тапталлааҕа хайдах этиллэрий?» - «Идочка»- «Ида, Идочка. Үчүгэй аат эбит».

Платон ити кэнниттэн син ону-маны кэпсэттэ, сураста. Бэйэтин туһунан хас да бэлиэ тыллары ахтан аһарда. «Соҕурууттан ырааһыран, бүтэн кэллим. Аны - манна. Манна хайдах буолар. Сотору сууттуохтаахтар. Түргэнник сууттууллара эбитэ буоллар, быһаарсыллыа этэ... Эн санааҕын түһэримэ, Ойуунускай кэргэнэ буоллаҕым диэн кэмсинимэ. Ойуунускай - өлбөт киһи. Сэрии буолаары гынна быһыылаах, сэриини этэҥҥэ мүччү түһэргит буоллар.

Ойуунускай бэйэтэ өлбүтүн да иһин, аата-суола норуокка син биир ааттаныа. Онон кытаатан оҕолоргун иит, оҕолоргун көр-харай, үөрэттэр. Туох бааргын барытын атыылаа, тугу да харыстаама, кэлин ону уон оччонон оһорунуоххут... Кэргэммэр тоҕо үлэ булан биэрбэтигит?» - хос хаһаайыныгар эргилиннэ. Онуоха киһитэ: "Биһиэхэ тоҕо эппэтэххиний? Биһиэхэ этиэҥ этэ буоллаҕа дии", - диэтэ миэхэ. Платон: "Көрдөһөбүн, кэргэммин үлэҕэ олохтооҥ. Итиэннэ аныгы сырыыга оҕолорбун барыларын аҕалан көрсүһүннэриҥ".

Бу кэнниттэн сотору үлэҕэ ылылынным. Бу иннинэ урут да араас үлэлэргэ киирээри онно-манна тыллана сатыырым да, Ойуунускай кэргэнэ буоларбын истээт, хата, бары умса хайыһаллара.

1939 с. муус устарга иккистээн көрсүһэ барбытым. Саргылаананы илдьэ. Ытаспакка-соҥоспокко, кэмчиэриспэккэ үчүгэйдик көрсүбүппүт. Платон урут эппит тылларын өссө төгүл хатылаабыта. «Оҕолоргун ыһыма, оҕолоргун иит, үөрэттэр»,- диэбитэ. Онтон следовательга дьорҕойбута: "Toҕо сууттаппаккыт? Тоҕо? Силиэстийэм аныаха диэри бүтэ илик дуо?" Анарааҥҥыта: «Сотору-сотору, адьас чугаһаан турар».

Платон кыыһын уураан-сыллаан, уруккутун курдук таптаан баран, этээхтээбитэ: «Тооруом, аныгы сырыыга оҕолоргун үһүөннэрин илдьэ кэлээр». Кырдьык, кэлин оҥостон-оҥостон бары кэлбиппит да, аҕабытыгар киллэрбэтэхтэрэ. « Начальниктар суохтар», - диэн буолта. Бићиги күн ортото ааһыар диэри кэтэспиппит, син биир туһа тахсыбатаҕа. Сотору аҕабыт өлбүт сураҕын истибиппит. Бука, кэлин тиийэрбит саҕана тыына быстаары ыксаан сытар, бэйэтин уйуттуммат буолбут кэмэ эбитэ ини, олиһин көрүһүннэрбэтэх буолуохтаахтар.

Кэлин билбитим, Платону Иркутскай куоракка туппуттар эбит. Кини онно Певзнягы, Габышевы, Аржакову уонна Д.П. Новикованы кытта аргыстаћан, тимир суолунан кэлбит, итиэннэ Ангара үрдүнээҕи икки мэндиэмэннээх кыра гостиницаҕа түспүт. Д.П. Новикова аллара хоско түспүт, эр дьон бары үөһэ биир хоско түспүттэр. Аржаков кыыска (Д.П. Но-виковаҕа) эппит: «Ааҥҥын хатанан олор, мэнээк дьоҥҥо аћыма, биһиги кэллэхпитинэ саҥаран биллэриэхпит». Онон оруоллаатахха, apaaha да, бары дьиксиммит кэмнэрэ эбит.

Күнүс 12 чаас саҕана кыыс аанын тоҥсуйбуттар да, аһан биэрбэтэх. Эбиэт саҕана Габышевтаах Аржаков тиийэн кэлбиттэр уонна ыйыппыттар:«Платон ханна барда?» - « Билбэтим, мин хоспуттан тахсыбакка олоробун»,- диэбит Д.П. Новикова. Ол күнү быһа киһилэрин көрдөөбүттэр, нөҥүө күнүгэр бэйэлэрэ эрэ Дьокуускайга көппүттэр. Бүттэҕэ ити.

«Платон кэлин төрүт да саҥатыттан-иҥэтиттэн матан хаалбыта, наћаа кэри-куру буолбута», - диир Д.П. Новикова. Аргыстара: «Киһибит айаныттан сылайдаҕа»,- дэспиттэр.

П.А. Ойуунускайы мин куруук баар, хаћан да өлбөтех киһинэн ааҕабын. "Тооруом, мин хаћан да өлбөт киһибин», - диэн эппит бэлиэ тыллара кулгаахпар субу баарга, иһиллэргэ дылы. Хайдах эрэ хоһун аанын аһылла түһүө, таћыттан Платон үөрбүтүнэн-көппүтүнэн субу көтөн түһүө дии саныырга, кэтэһэргэ дылыбын.

Кырдьыга даҕаны, П.А. Ойуунускай өлбөтө, кини тыыннаах. Тыыннаах кини талааннаах поэт, прозаик, драматург, фольклорист, бүтүн биир национальнай советскай литератураны төруттээччи, учуонай уонна партийнай-государственнай деятель быһыытынан. Тыыннаах коммунист, тыыннаах кэрэ киһи, дьиэ кэргэн тапталлаах аҕатын, үтүөкэннээх доҕор быһыытынан. Бу тыллары миигин кэргэнэ буолан эттэҕэ диэмэҥ, саха тыллаах барыта этэр тыллара дии саныыбын. 1983 c.

(А.Н. Борисова - Ойунская) "Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан" кинигэтиттэн, В.Б. Окорокова, В.Н. Луковцев 2021 с.