Похуот (Күннүк Уурастыырап)

Илин, арҕаа диэкинэн
Иилии хайа курдуура,
Ийэ сири, иҥиэттэн,
Итии түүнүм кууһара,
 
Онно-манна сатараан
Ырыа-тойук иһиллэр.
Онтон санаа бардамнаан,
Сүрэх тэбэн тиҥийэр.
 
Үрүҥ көмүс сэбирдэх
Тэлибирии тыаһыыра,-
Үтүө-мааны мае тирэх
Хараҥаҕа хамсыыра.
 
Комсомоллар хомуллан
Похуотунан иһэбит,—
Хотолдьуһа долгуһан
Лааҕырдарга тиийэбит.
 
Күлүмүрдэс сырдык уу
Арылыйа сүүрэрэ.
Күүстээх долгун суһумнуу
Ангараҕа түһэрэ.
 
Түүҥҥү барык түһүүтэ,
Түмсэн, тойук туойабыт.
Саҥа күммүт үүнүүтэ,
Сарсын суолу тутабыт.
 
Түүҥҥү барык быыһынан
Элбэх уоттар көстөллөр,
Кыынньар дьирим кыымынан
Көөнньөн үөһэ көтөллөр.

Онно-манна сатараан
Ырыа-тойук иһиллэр.
Онтон санаа бардамнаан,
Сүрэх тэбэн тиҥийэр.
 
Комсомоллар хомуллан
Похуотунан иһэбит,—
Хотолдьуһа долгуһан
Лааҕырдарга тиийэбит.

Түүҥҥү барык түһүүтэ,
Түмсэн, тойук туойабыт.
Саҥа күммүт үүнүүтэ,
Сарсын суолу тутабыт.

Барык түүҥҥэ сатараан,
Ырыа, ыраах дуораһый,
Күүрэн, тэбэн бардамнаан,
Сүрэх, уоттуу умайый.
 
Кыырпах-кытыас кыымынан,
Уоттар, кыынньан сандаарыҥ.
Таастаах кумах кытыынан,
Уһуу бааллар, дьалкыллыҥ.

Таптыыр маһым тирэх, эн
Тыалы хаһАсыы тоһуйууй.
Ангараны үрдүнэн,
Ырыам, дьолу хоһуйууй.

Сэрэх, куттал күннэргэ
Батас-үҥүү тутуохпут.
Сэриилэргэ киирэргэ
Бастыҥ кэккэ буолуохпут.

Үүнэр Совет дойдутун
Кыһыл сэрии кемүскүе,—
Үлэ дьоллоох норуоту
Кыргыһыыттан күлүктүө.

Баттал мииммит сирдэрэ,
Этиҥнэртэн салҕалааҥ,
Баайдар, фашист биистэрэ,
Эстэргитин дьылҕалааҥ.