Пухов Иннокентий Васильевич - бөдөҥ чинчийээччи

И.В. Пухов. Пухов – саха олоҥхотун, фольклорун үөрэппит, хомуйбут биллиилээх учуонай буолар. Түүр-монгуол эпостарын уопсай өрүттэрин, уратыларын, киэҥник – култуураларыгар биир сүрүннэрин үөрэппитэ билимҥэ дьоһун миэстэни ылар. Гражданскай уонна Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. 1923 с. Пепеляев генерал баһылыктаах халчаак этэрээтин утары сэбилэниилээх этэрээккэ киирсибитэ. Наукаҕа өссө устудьуоннуу сылдьан киирбитэ. Оччотооҕуга кини Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университет педагогическай факультетыгар нуучча тылын уонна литературатын факультетыгар үөрэнэ сылдьара. Нуучча географическай уопсастыбатын Илин-Сибиирдээҕи отделын саха сиэксийэтин үлэтигэр кыттара. Тириини таҥастааһын тиэрминнэрин тылбаастарын бэчээттээбитэ. Ону Э.К. Пекарскай үс туомнаах академическай тылдьытыгар ол үлэтин бэлиэтээбитэ (т.3, «Источники и пособия для Словаря якутского языка», с.V). 1979 с. автобиографиятыгар «Э.К.Пекарскай тылдьытыгар ахтыллыбыт дьонтон тыыннаах мин эрэ ордон сылдьабын» диэн суруйбута. Наукаҕа сэрии кэннэ эрэ дьиҥнээхтик киирбитэ. СССР НА Саха сиринээҕи филиалын тыл, литература уонна история Институтун младшай научнай сотруднигынан, онтон 1954 с. А.М. Горькай аатынан аан дойдутааҕы литература институтугар маҥнай младшай, кэлин старшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ. Саха олоҥхотун уонна Алтай-саян норуоттарын: алтайдар, шордар, хакаастар, тыбаалар, бүрээттэр уонна хотугу омуктар, Орто Азия (кыргыс, казах, туркмен) героическай эпостарын тэҥнээн үөрэппитэ. Ити ордук олоҕун кэнники сылларыгар этэ. Ол туһунан бэйэтэ маннык суруйбута: «Эпос тюрко-монгольских народов и народов Севера меня интересует в плане этногенеза древних якутов, типологии и эпического стиля». 1962 с. «Якутский героический эпос олонхо» диэн монографията тахсыбыта, тас дойду билимигэр тиийэ улахан сэҥээриини ылбыта. 1957 с. саха литературатын боппуруостарыгар кыттыбыта. Ол күүстээх үлэтин түмүгэр 1967 с. КПСС Саха сиринээҕи обкомун бюротун «Об исправлении некоторых ошибок по вопросам якутской литературы» дьаһала тахсыбыта уонна «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхону сыыһа быһаарыы көннөрүллүбүтэ.

Сэбиэскэй былаас сылларыгар Саха сиригэр репрессия үс балаһа долгуна кэлэн ааспыта: 1928-32, 1938-1942 уонна 1948-52 сс. Дойду үрдүнэн баайдыы-национализмы саралааһын хааннаах хара балыырыгар хаарыан чулуу дьоммут суорума суолламмыттара. Үҥсүһүү, холуннарсыы, бөлөһөхтөһүү, уган биэрсии бэйэбит испититтэн тахсыбыта. «Үүрүүттэн үүрүүгэ өлөр-өлбөт икки ардыгар сылдьыбыт кыра саха норуотун улуу талааннаахтара, күүстээх тыллаахтара, айар илбистээхтэрэ – норуот олоҥхоһуттара хараҥа ыар олоххо сырдык ыйдаҥаны уматан норуоттарын өрүкүппүт, санньыйбыт санааларын саталаабыт улуу олоҥхолорун килбиэннээх ньуурун туох санааттан кирээстээх атаххытынан тэбистигит?! Эһиги кимнээхтэргитий?!…», – диэн абаран-сатаран суруйбута П.А.Ойуунускай. Балыырдаах сыллар хараҥа күлүктэрэ билигин да ситэри сырдатыллыбакка халыҥ хаарынан бүрүллэн тураллар.

Оччотооҕу бэлиитикэ сабыдыалынан саха олоҥхотугар ньүдьү-балай сыһыан биллэрин курдук, 1934 с. диэри П.А.Ойуунускай биһиги кэммитигэр аар-саарга аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун элбэхтик кириэтээбиттэрэ. Ону сэбиэскэй сойуус суруйааччыларын сойууһун бастакы састааба көнө сүрүннээбитэ.  Ол кириэтээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыт дьон сотору бэйэлэрэ олоҥхону суруйар дьон буолбуттара эрээри, 1938 с. Ойуунускайы сымыйанан буруйдаан хаайбыттарын кэннэ эмиэ өрө турбуттара. 1952 с. партия обкомун биллэр буортулаах уурааҕын кэнниттэн быһыы-майгы өссө сытыырхайбыта. 1953 с. И.В.Пухов «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» диэн Д.М.Говоров олоҥхотун туһунан үлэтин (салайааччыта Г.У.Эргис) дьүүллээһин буолбут. Интэриэһинэйэ диэн баар: обком ити уурааҕын түөрүйэтин биэрбит тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа үнүстүтүүтэ националистическай сүүрээн баар диэн этиини утарбыт, ылымматах. Ити кэмҥэ Захар Васильевич Гоголев дириэктэрдээн олорбута. Бу олоҥхону дьүүллэһиигэ националистическэй ис хоһоонноох үлэ диэн утарсыы баара. Онтон уоскуйбакка аны Теплоухов «Кулун куллустуурун» утаран, үҥсүү бөҕөнү түһэрэллэр. Ону эмиэ учуонай сэбиэккэ көрөн баран аккаастыыллар. Ол архыыпка баар. Итинник уустук балаһыанньаҕа киирэн баран, Иннокентий Васильевич сүрдээх хорсун быһыыны оҥорбута – олоҥхону чинчийэрин уураппатаҕа. 1956 с. учуонай истиэпэни көмүскээбитэ.  Ити улахан үлэтэ бэчээттэнэр. Ол эрээри оччотооҕуга кинини буруйдааччылар уоскуйбатахтара. Архыыптан көрдөххө, олоҥхону утарсыбыт наар Эллэй диибит да, бу сырыыга ол Эллэйбит бэйэтэ бу олоҥхону төттөрү эрэдээксийэлээччи, көмөлөһөөччү буолан быыгабардаммыт. Баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин бюрота боппуруоһу көрөллөрүн ситиһэннэр, туттуллара бобуллубут, бу дьаһал туһунан аан дойдутааҕы литэрэтиирэ үнүстүтүүтүгэр тиэрдиллибит. Онон били уонча сыллааҕыта иитиллибит айа дьэ эстибит. Кэлин ол туһунан Пухов И.В. маннык суруйбута В объяснительной записке о задержке работы “Героический эпос алтае-саянских народов и якутское олонхо” написал следующее: “… со времени постановления бюро Якутского обкома КПСС (начало 1961 г.) об изъятии олонхо  “Неспотыкающийся Мюлдью Сильный” (на которое опиралсь моя прежняя работа “Якутский героический эпос олонхо”) я чувствовал себя политически обреченным человеком. Я еще задолго до этого слышал, что первый секретарь якутского обкома КПСС тов. С.З. Борисов готовится изъять олонхо “Мюлдью Сильный” в ответ на мои выступления против несправедливых обвинений в буржуазном национализме и реакционности творчества первых трех зачинателей якутской литературы (А.Е. Кулаковского, А.И. Софронова и Н.Д. Неустроева), выдвинутых в постановлении бюро Якутского обкома от 6 февраля 1952 г. Это серьезно парализовало мои усилия для продолжения работы над новой темой. Я знал, что сейчас арестов нет, но бюро Якутского обкома КПСС изъяло названное олонхо, как “националистическое”, явно нацеливаясь на мою работу. Об этом говорит тот факт, что официальный протест против издания моей книги был направлен обкомом не сразу после внесения постановления, а лишь в августе 1961 г., т.е. дождавшись отправки моей рукописи в типографию. Кроме того, протест (вернее, серия телеграмм и писем) был направлен не в Институт мировой литературы, где я работаю, и написал свой труд, а прямо в издательство Академии наук СССР. Я расценивал это как попытку изъять мою работу не просто, а “со скандалом” с Институтом мировой литературы, как “покровителем” националистического труда и националистического научного деятеля. Постановление свое об олонхо бюро Якутского обкома отменило лишь 16 февраля 1962 г. (тогда же исправило и свое постановление о трех писателях). … Причем на этот раз бюро Якутского обкома известило об этом не только изадательство Академии наук, но и руководство Института мировой литературы  (что надо расценивать как шаг примирения с ИМЛИ)” [Пухов, 1962,  ЛМИ КП 5843].           

Онон И.В.Пухов туруулаһан «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» охтубатаҕа, өлбөтөҕө. Кэлин аан дойдутааҕы литэрэтиирэ үнүстүтүүтэ «Кулун Куллустуур» олоҥхону академическэй таһаарыы быһыытынан бэчээттээн, олоҥхо аата чөлүгэр түһэригэр сүрдээх улахан өҥөлөөх.

Өр кэм устата П.А. Ойуунускай айар үлэтин чинчийиигэ уонна сырдатыыга үлэлээбитэ. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун тылбаастааһыҥҥа, бэчээккэ тахсарыгар күүскэ көмөлөспүтэ, киирии тылын, кэмэнтээрийдэри суруйбута. Кини саха учуонайдарын каадырдарын бэлэмнээн таһаарыыга көмөлөспүтэ биллэр.

П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл пуондатыгар И.В. Пухов суруктара, рукопистара уонна тус бибилэтиэкэтиттэн барыта 2552 кинигэтэ баар. Онно тува, эрмээн, нуучча, халха-монгуол, осетиннар, былыргы индия, казах, Кавказ норуоттарын о.д.а. эпостара, фольклорга уонна этнографияҕа үлэлэр бааллар. Түмэл отделын сэбиэдиссэйэ, тыл билимин кандидата Раиса Терентьевна Аммосова Р.П.Алексеев “Алаатыыр Ала Туйгун” диэн олоҥхотун уонна И.В.Пухов туһунан билиһиннэрэр кинигэ оҥорон таһаарбыта . Бу кинигэтигэр кини «учуонай биир сөхпүтэ уонна ыарырҕатара баар эбит: бу сүдү олоҥхо үгэс буолбут каноннартан, формалартан уларыйыылардааҕа… Онон, «Алаатыыр Ала Туйгун» биһиги кэммитигэр тиийэ кэлбит эрэ олоҥхо буолбатах, сэбиэскэй киһи бэйэтэ өйдүүрүнэн, ылынарынан сөптөөх уларытыылары киллэрбитин бэлиэтиир. Маныаха учуонай «бу былыргы олоҥхо онтон эмсэҕэлээбит дуо?» диэн ыйытыы туруорар. Биир өттүнэн ол баар – хомолтолоох диир. Ону тэҥэ бу «көннөрүү» урукку олоҥхоһуттар хайдахтаах сүдүлэрин, кыахтаахтарын туоһулуур”, – диэн бэлиэтээбитэ (Аммосова Р.Т. Р,П, Алексеев «Үс үйэлээх Алаатыыр Ала Туйгун» олоҥхото уонна И.В. Пухов: П.А Ойуунускай аатынан Саха государственнай литературнай музейа, 2015 с.).

Архыыпка сытар матырыйааллары маннык бөлөхтүөххэ сөп:

1). Олоҥхону чинчийиигэ научнай ыстатыйаларын, дакылааттарын рукопистара. Холобур, “Стиль героико-архаического эпоса” (ЛМО КП 5716/2 Инв. №87/2), 1975 с. түүр кэмпириэнсийэтин тэрийээччилэригэр дакылаата “Из поэтики якутских олонхо (Монологи)”, “Алтайские сказки” (Новосибирск, 1937 с., ЛМО Инв. №651), «Коровница – рабыня старуха Симэхсин» (ЛМО КП 5707/4 Инв. №69/4, акт №15), «Рабыня-коровница старуха Симэхсин» (ЛМО КП 5707/3 Инв. №69/3, акт №15), «Рабы» (КП – 5707/2, инв. 69/2), «Родоначальники в олонхо» (КП 5707/1, инв. №69/1),

2). Олоҥхолор: Г.С. Кычкин “Дьура Суорун” олоҥхото (ГЛМО КП 5715 Инв. №107); 1948 с. “Уһук Түрбүү бухатыыр” элбэх буолан куолаан толоруллубут олоҥхо (ЯГМО КП 5714 Инв №102); Данилов Иван Иванович (Убуруччулаах)-II Өлтөк Арыылаах Укарыка (1891-1968) «Хаан Дьааһын» олоҥхото. Бу олоҥхо суруллубут тэтэрээтигэр 1967 с. Г. Докторов маннык бэлиэтээбит: «Олоҥхону суруйууну Аҕа дойду Улуу сэриитин бүтүүтэ И.В. Пухов сүбэтинэн хат саҕалаабыт. Олоҥхо 2 охсуһуута суруллар. О±онньор өлөрүгэр И.В. Пуховка ыытарга кэриэһин эппит». Манна 1933 строка киирбит (ЛМО КП 5745 Инв №530, акт №64). Салгыыта 1801 строка иккис тэтэрээккэ баар. Бу олоҥхону Курбуһах нэһилиэгин олохтоо±о Аммоссов Спиридон Иннокентьевич 1968 с. тиэрдибит (ЛМО КП 5746 Инв №531, акт №64).

Николай Саввич Скрыбыкин «Көстөн баран сүтэн хаалар Кулун хара аттаах Эрэйдээх Буруйдаах Эр соҕотох” олоҥхотун Федоров Семен Петрович суруйбут. Суруллубут сирэ – Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин “Октябрь” холкуос. 1940 с. киирбит, 616 сирэйгэ – Ардьымаан Дьардьымааны кытта охсуһар кэмигэр кэлэн суруйуу быстыбыт диэн бэлиэтэммит (ЛМО КП 5742, инв. №745, акт №94).

Уус Алдан улууһун II Өлтөх нэһилиэгин Д.М. Говоров «Эрбэхтэй-Бэргэн» олоҥхотун 1930 с. Е.В. Данилов сурукка түһэрбит. Ону тэҥэ В.Г. Филиппов «Дэбиэ дэлэй бухатыыр» (ЛМО КП 5739 Инв №83, акт 17) олоҥхото баар о.д.а.

3). Атын түүрдүү омуктар эпостара: А.Калкин “Кара Таадьы кыыс” (1944, ЛМО 651, акт №79, акт №79/50); “Алтын-Бизе” остуоруйаны С.С. Суразаков Е.К. Таштамы-шевейтэн истэн суруйуута, 1962 с. (ЛМО Инв №652, акт 7950); “Алтын Тууди” алтай героическай эпоһа, А.Смердов тылбааһа, А.Коптелов эрэдээксийэлээһинэ (1959, ЛМО Инв. №653, акт №79).

И. В. Пухов олоҥхо саха омук устуоруйатын кытта дириҥ ситимнээҕин бэлиэтээбитэ: «…восходят еще к тем временам, когда предки якутов жили на своей прежней родине и тесно общались с древними предками тюрко-монгольских народов Алтая и Саян» [Пухов И.В. Героический эпос алтае-саянских народов и якутское олонхо. – Якутск: Изд-во СО РАН. Якут. фил., 2004. – 326 с.1, с. 366]. В этой связи заслуживает особого внимания «ётюгэн (ётюгэт) тёрдё», как «место, где обитают подземные чудовища (синоним ада), куда они уводят своих пленников из человеческого племени и мучают их. Между тем, otukan (или utukan) у древних тюрков – название горной страны в нынешней Северной Монголии. Ясно, что понятия “алып” и “ётюгэн” вошли в олонхо как отзвуки былых схваток с древними тюрко-монгольскими народностями» [онно, с. 367].

Өлөр сылыгар 1979 с. автобиографиятыгар: «В настоящее время по плану Института мировой литературы работаю над монографией «Стиль героико-архаического эпоса» (по материалам эпоса эвенков, долганских олонхо, хосунного эпоса северных якутов, якутских олонхо, бурятских улигеров и эпоса алтайцев, шорцев, хакасов и тувинцев). Пока написан раздел «Эвенкийский эпос и его стиль» , – диэн суруйбута. Онон И.В. Пухов сахаттан уһулуччу билиилээх, таһымнаах учуонайын үлэтэ өссө да чинчийиллибэккэ сытар чөҥөрө чүөмпэ буолар…

Ангелина КУЗЬМИНА, тыл билимин хандьыдаата. http://sakhaetigentyla.ru/%d0%b8-%d0%b2-%d0%bf%d1%83%d1%85%d0%be%d0%b2-%d0%be%d0%bb%d0%be%d2%a5%d1%85%d0%be%d0%bd%d1%83-%d1%85%d0%be%d0%bc%d1%83%d0%b9%d0%b0%d0%b0%d1%87%d1%87%d1%8b-%d0%b1%d1%8b%d2%bb%d1%8b%d1%8b%d1%82%d1%8b/


Сигэлэр

уларыт

Категоория: Кузьмина Ангелина Афанасьевна