Сайа. Хоһоон уонна хомуһун. ("Тыыннаах тылбаас" кинигэҕэ киирии тыл

ХОҺООН УОННА ХОМУҺУН ("ТЫЫННААХ ТЫЛБААС" кинигэҕэ киирии тыл)

             Ардыгар саныыбын ээ: бу мин тоҕо хоһоон суруйабыный? Онно сиэттиһиннэрэ өссө биир санаа ситэн кэлэр: тоҕо киһи хоһоону ааҕарый? Дьиҥэ, хоһоону суруйбакка да, аахпакка да эмиэ олоруохха сөп буоллаҕа, оннук олороллор даҕаны...

Айар киһи айаары кэлбитин туһунан бастаан өйдөөбөккө эрээри айар. Онтон сир бары дьолуттан ордук долгутуулааҕа, ордук иэйиилээҕэ, ордук ымсыылааҕа - табыллыбыт айымньы буоларын өйдүүр. Ол эрээри орто дойду олоҕун бары оҕуруктаах суолларыттан биири эрэ - арыт сибэккинэн симэнэр, арыт оронон тахсыбат оборчоҕор кубулуйар айар соргу эндирдээх айанын "бу мин аналым" диэн талан ылар, дьылҕа-төлкө оҥостор бэрт аҕыйах буолар эбит. Үгүспүтүн аһыыр-таҥнар кыһалҕа, ийэ-аҕа буолбут иэс, сороҕу соло-дуоһунас сырсыыта айар үлэ хорук суолуттан туоратар, үрдүттэн көрдөххө тобус толору курдук эрээри, арыйдахха - улам кураанахсыйар олоҕунан олордор. Чиэс-бочуот үрдүгэр, албан аат далбарыгар сылдьан аттаммыттар биир-икки чараас кинигэлээх, соччото суох олохтоох Варвара Потапова, Альберт Бүлүүйүскэй, Сабарай Илгэ курдук дьон айар дьылҕаларыгар, сылтан сыл сырдаан иһэр ааттарыгар баҕар, ымсыыра саныахтара... Кинилэри мин алгыстаах аналларын олох быстах уйгутугар атастаспатах, айар дьоҕурдарын таҥнарбатах толору олохтоох, күүстээх санаалаах айааччылар эбит дии саныыбын. Тоҕо мин хоһоон суруйабыный?

            ...Эдьийдэрим-убайдарым оскуолаҕа үөрэнэ бардылар. Дьонум үлэлэригэр. Миигин кытта күөх тастаах, онно улахан күн төгүрүгэ уонна чыычаахтар көтөн иһэллэрэ ойуулаах "Чыычаахтар күнү көрсөллөр" диэн кинигэ баар. Мин кинини кытта соҕотоҕун хаалаары дьиэттэн хаһан бары баралларын кэтэһэн да биэрэбин ээ! Билэбин: билигин ол кинигэбин арыйа баттыам уонна туох эрэ дьикти тэтимҥэ олорсуом... Ол тэтим дьиэм аанын арыйбакка арыйан, атахтарбын хаамтарбакка хаамтаран, киммин-туохпун олоччу да умуннаран, кэрэ кэпсээннэрин кэритэ үрдүк долгунугар олордон илдьэ бара туруо... 

Ити Бүөтүр Тобуруокап кинигэтин ис хоһоонун оччолорго ырыҥалаан өйдүүр кыаҕым суох, өссө сорох тылларын букатын да билбэт буолуом эрээри, кинигэҕэ суруллубуту барытын: саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри өйбүттэн ааҕан, дьону соһуталыыр этим, оннук киһи оскуола маҥнайгы кылааһыгар киирбитим. Ити кинигэ иннинэ эмиэ түбэспиппин барытын ааҕан иһэрим да, ол курдук ылларбыппын өйдөөбөппүн. Билигин санаатахпына, Тобуруокап хоһоонунан суруйбут буолан миигин умсугуппут, поэзиялыын аан бастаан көрүһүннэрбит, аптаах тэтим диэн баарын биллэрбит, айааччы-суруйааччы буолар айылҕабын арыйбыт эбит.

            Оҕо сылдьан Сергей Есенини мэтириэтиттэн көрөн, төһө да ардыгар хамса уобуулаах уонна бинсээк таҥастаах буоллар, остуоруйа Иван Царевиһын курдук өйдүүрүм. Ол курдук кини Кэрэни, Кэрэ Уоланы кытта дьүөрэлэһэн мин өйбөр киирбит.  Онтон оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр кини "Береза" диэн хоһоонунан сүрэхпэр туналҕан сырдыгы тыктаран, эмискэ киирэн кэллэҕэ дии. Онтон "...не жалею, не зову, не плачу..." Ким да буол, биирдэ аахтыҥ да үйэ-саас умнуллубаттыы санааҕар суруллар, эмиэ да хараастыы, эмиэ да уоскуйуу араҕас сэбирдэҕинэн ардыыр, иэйии-куойуу ураты туругар киллэрэр хоһоон... 
            1995 сыллаахха күһүн Москуба Переделкинотыгар суруйааччылар айар дьиэлэригэр Венера Петровалыын сынньаммыппыт. Ол күһүн көмүһүгэр-алтаныгар сууламмыт Москуба Сергей Есенин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиирэ. Есенин, Москуба уонна күһүн хайдах эрэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр, киэргэтиһэр курдуктара. Төрөөбүт күнүгэр Тверской бульварга пааматынньык аһыллыытын тыһыынчанан дьон быыһыгар үтүрүһүү-анньыалаһыы күүһүнэн да буоллар, чугастан тиийэн көрбүппүт, суруйааччы Сойууһун ыҥырыы билиэтинэн Колоннай саалаҕа буолбут үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ сылдьыбыппыт. Ол тухары Москуба баараҕай күлүөн уонна тирэх мастара кини романстарын ыллаһа, эмискэ көмүс ыһыаҕынан ытылла, бөдөҥ таммахтарынан саккыраан ыла Есенин поэзиятыгар сүгүрүйээччилэри кытта тэҥҥэ тыынар, долгуйар курдуктара.  Көтөр аалга олорон дойдубар төттөрү айаннаан иһэммин өйдөөбүтүм, төбөм иһэ биир кэм "не жалею, не зову..." эбит. Санаан ылбытым: сахалыы итинник киһиттэн арахпат абылаҥнаах хоһоон баар дуо - диэн.  
            Ол кэнниттэн Москубаҕа кэлэр сырыым 1999 сыллаахха тосхойбута. Эмиэ көмүскэ-алтаҥҥа сууламмыт Москуба бу сырыыга улуу Пушкин төрөөбүтэ 200 сылын бэлиэтиирэ. "Очей очарованье" үгэнэ. Мин кинини кытта билсиһиим "Балыксыт уонна балыкчаан туһунан остуоруйа" диэнтэн саҕаланна быһыылааҕа. Остуоруйаны сахалыы аахпытым, билигин санаатахха, наһаа үчүгэй тылбаас эбит. Оччолорго кинигэни суруйар суруйааччы, бэйиэт диэн дьон баалларын билбэт буоллаҕым, ол эрээри ити остуоруйабын Пушкин диэн киһи суруйбут диэн тоҕо эрэ чопчу өйдүүрүм.
            Ол үбүлүөйдээх сыл Сэмэн Руфов көҕүлээһининэн Пушкин лирикатын чыпчаал айымньытын: Анна Керҥҥа анаммыт хоһоону сахалыы тылбаастааһыҥҥа күрэх биллэриллибитэ. Мин испэр түмүк тахсарын олус долгуйа уонна ис испиттэн кычыгылана кэтэспитим: дьэ, хайдах эрэ тылбаастыыллар! Ол саҕана бэйэбэр холонон да көрөр санаа киирбэтэҕэ - улуута бэрт ээ, Пушкин! Онтон күрэх түмүгүнэн тахсыбыт кинигэни алҕаска түбэһэн ааҕан баран, мэктиэтигэр олорбот да, утуйбат да буолбутум: Пушкин хоһоонун алыба сүтэн хаалбыт этэ... Балачча тылбаасчыт, ол иһигэр саха тыллаах таптыыр-ытыктыыр суруйааччылара, бэйиэттэрэ кыттыбыттар этэ. Ол эрээри... "Сахам тыла нуучча абылыыр-долгутар хоһоонун иэйиитин кыайан тиэрдибэт эбит", - диэн хом санаалаах хонуктарым буолбуттара. 

Онтон ким эрэ соруйар дуу, дьарыйар дуу саҥата иһиллэргэ дылы гыммыта (киһи бэйэтин ис санаата дорҕоонноохтук саҥаран кэлээччи дии): "Дьэ, оччоҕо бэйэҥ тоҕо тылбаастаан көрбөккүн? Дьон үлэтиттэн астыммакка муҥнанаҕын? Бэйэҥ эмиэ бэйиэккин буолбатах дуо?!" Кырдьык даҕаны! Тоҕо бэйэм ылсан көрбөппүнүй? Итинник,сыыр хааһыгар турдаххына кэннигиттэн үтэр курдук санаа миигин тылбаас диэн уустук эрээри умсулҕаннаах дьарыкка умса анньан, аҕалбыта.

            "Как гений чистой красоты..." - бу строка тылбааһыгар элбэх бөрүө тостубута биллэр. Кэрэ генийэ, Кэрэ куо, о.д.а. Гений - дьиҥэ нууччаҕа эмиэ киирии тыл эрээри, дорҕооннорунан, сүһүөҕүн эридьиэһинэн атыҥыраппатах, онон нуучча бэйэтин тылын курдук бэрт кэбэҕэстик туттуллар буолбут. Оттон саха тылыгар кинини бэйэтинэн тутта сатаатахха, тылбыт ылыммат; туора тыас дуу, эбэтэр олох атын боруода ат саха сылгытын үөрүгэр киирбитин курдук туспатык-туоратык көстөн, хоһоон курдук уйан айымньыны олох алдьатан, ыһан кэбиһэр эбит. Саха бэйэтэ эппитин курдук бу строканы оччоҕо хайдах тылбаастыахха? Гений диэн - улууттан улууну этэр буоллахтара дии. Арай кэрэ генийин "кэрэттэн кэрэ" диэтэххэ? Ити курдук мучумаан кэнниттэн строка бэрт судургутук иһиллэр "кэрэттэн кэрэни билбиппин" диэн көрүҥнэммитэ. Бу строканы таһаарыым - тылбааска мин бастакы кыайыым дии саныыбын. Пушкин хоһоонун долгунун хабан ылбыт курдук буолбутум, салгыы тылтан тыл бэйэтэ сиэттиһэн тахсан испитэ. 
            Арай бу "сахалыы Кернмын" ахта сылдьар буолан хааллым. Быыс буллум да тэтэрээппин арыйан хос-хос ааҕабын уонна бэйэм да билбэппинэн ымайан олорор буолабын. Өйдөнөн кэлэн, күннээҕи түбүккэ умсабын, ол эрээри тэтэрээппэр миэхэ туох эрэ сырдыык-сырдык, "кэрэттэн кэрэ" кистэнэн сытарын билэрбиттэн дьоллонобун. 
             Итинтэн тэптэрэн били миигин ураннык аалар "Не жалею..." диэн Есениным хоһоонугар киирсэн көрүөхпүн баҕардым. Манна эмиэ бастакы күпүлүөккэ "как с белых яблонь дым" диэн этии эрэйдээбитэ. Яблоняны саха тыла эмиэ ылыммат, сатаммат диэн тыбыыран таһаара турар. Яблоня сибэккилээн тыллар кэмэ - саас, от-мас саҥа көҕөрүүтүн кэмэ. Онтон таһаараммын, "все пройдет как с белых яблонь дым" диэни: "бу ааһар күөх сааһы туппаппын" диэн тылбаастаабытым. Ол кэнниттэн "проскакал на розовом коне" диэн уустук түгэн баарын - ол тэтэркэй аты тэтэркэй сарсыардаҕа кубулутан быһаарбытым. Бу хоһоону урут ким эмэ сахатыппытын булбатаҕым, Есенини сөбүлээн тылбаастыыр Афанасий Илларионов да хомуурунньугар суох этэ. Баар да буоллаҕына, көрбөтөх, онтон мэһэйдэппэтэх эмиэ үчүгэй.
             Билигин көрдөхпүнэ, бу икки бастакы тылбаастарбар улуу бэйиэттэр рифмаларын эҥин тутуһа сатаабакка, тыынын, сүргэтин биэриигэ охтубут, кыһаллыбыт эбиппин: кырдьык, көҥүл тылбаас. Күн сирин көрбүттэрэ уон аҕыс сыл буолбут эбит, ол тухары биир да тылы ааптар быһыытынан ити икки тылбааска көннөрбөтүм, илиим барбат.
             2000 с. мин "Бүгүн түүн" диэн иккис кинигэбин: хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктарын бэлэмнии сылдьан "тылбаастарбын киллэрэбин дуу, суох дуу?" диэн уустук толкуйга түспүтүм. Наһаа улахан дьон аатын, айымньыларын кинигэбэр киллэрэн кэбиһэрим төһө табыгастааҕа буолла диэн улаханнык симиттибитим. Ол эрээри айымньы хайаан да күн сирин көрөөрү айыллар. Ити "для себя", "в стол" айабыт дииллэрин мин соччо ылыммаппын. Наһаа күүһэ суох айымньылар эрэ "в стол" сөбүлэһэн сыталлар ини. Айымньы бэйэтэ ис иһиттэн эрчимнээх буолар, кинини хаайан-тууйан сытыарар буоллаххына атынынан дьайан, түүлгэр-биккэр кытта киирэн, син-биир тахса сатыыр. Онон ол үйэлэр алтыһыыларыгар тахсар кинигэбэр "Холонуу" диэн килбик төбөлөөн (кырдьык да, холонуулар эрэ буоллахтара), Пушкинтан, Есенинтан, Блоктан, Гумилевтан, Ахматоваттан биирдии тылбаастары киллэрбитим.

"Бүгүн түүн" кинигэм тута атыыланан бүппүтэ. Сотору буолаат, Алексей Егоровтаах Пушкиным тылбааһын романс гынан ыллаабыттара иһилиннэ, онтон Күннэй-Уля Сергучева Есениммин музыкаҕа ууран, "Дьолуо" бөлөххө ыллаппыт диэн буолла. Алексей Егоров миигин көрсөн баран: "Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар/ Айыы да, аанньал да суох этэ..." - диэтэ. Миигин көрөөт саҥа аллайбытыттан таайдахха, ити кини ордук сөбүлээбит строкалара быһыылаах (Без божества, без вдохновенья,/ Без слез, без жизни, без любви...).

             Онон, мин тылбаастарбын музыканнар аан бастаан сэргээбиттэрэ. Онтон суруйааччылар өттүлэриттэн куһаҕан да, үчүгэй да диэн этиини истибэтэҕим, истэ иликпин. Бу кэнники ватсап диэн үөдүйүөҕүттэн, тылбаастарым иккистээн тыын ылбыт курдук, дьон-сэргэ билиитигэр киэҥник тарҕаннылар, үгүс дьон сахалыыта оригиналыттан итэҕэһэ суох диэн, өйдөрүттэн ааҕарга үөрэтэр айымньылара буоллулар.
             Суруйааччылар эйгэлэригэр саҥа үйэҕэ үктэнэн баран тылбааска көҕүйүү, сэбиэскэй кэмнээҕи тылбаастары сөргүтүү саҕаланна. 2012 с."Уйаҕас дууһаны уйгуурдан" уонна 2015 с. "Родники поэзии России/ Арассыыйа уран тылын сүмэтэ"  нууччалыыттан сахалыы тылбаастар хомуурунньуктара таҕыстылар. Иккис кинигэҕэ Пушкиным тылбааһа сурук бэлиэтэ суох уонна Есениным биир күпүлүөтэ көтүтүллэн киирбит этилэр. Хомуйан оҥорооччулар олус көтүмэхтик сыһыаннаспыттар диэн хомойдум.
             Ити кинигэлэри таһынан биирдиилээн дьон ким хайдах кыахтааҕынан тылбаас кинигэлэрин таһаартаатылар. Олортон ордук тас көстүүтүнэн уонна "саха тылын байытта" диэн күүстээхтик хайҕаммытынан, Омар Хайям рубаиларын Сэмэн Тумат тылбаастаабыт кинигэтэ болҕомтону тардар. Мин Хайям уонна Шекспир суруйууларын эмиэ ол 2000 сыл эргин дьарык гына сылдьыбыттаахпын. Ол холонууларбын хос-хос ааҕан тоҕо эрэ дуоһуйбат-астыммат этим, кинилэр тахсарга, көстөргө да бэйэлэрэ тиэтэйбэт курдуктар этэ. Онон, улуу дьон өркөн өйдөөх этиилэрин ис хоһоонун кыайан арыйбатахпын билинэн, тылбаастарбын "тоҥорон" кэбиспитим.  
             Төһөтүн да иһин, киһи-киһи атын-атыннык да өйдүүр буолар эбит, биир айымньыны! Тумат тылбаастара тахсыбытын кэннэ, ол "тоҥорбут" Хайяммын ыламмын, норуодунай суруйааччы тылбааһын кытта дьээбэҕэ тэҥнээн көрдүм.

Сегодня оргия, - с моей женой,
Благородной дочкой Мудрости пустой
Я развожусь! Друзья, и я в восторге,
И я женюсь на дочке лоз простой... (Омар Хайям)

Бүгүн иирсээн, ый-хай – ойоҕум сордооҕу булла,
Баҕарбыт оҕоҕо, онто көҥдөй эрэллии тоҕунна,
Арахсабын! Доҕотторуом, өрөгөйүм дьэ кэллэ,
Аҕалыам саҥа ойоҕу дьадаҥы дьонтон... (Тумат)

Бүгүн миэхэ дьалыҥ күнэ. Ойохпунуун -
Кылаан Толкуй кындыа тоҥуй кыыһыныын
Арахсабын! Атастарыам, уонна мин өрөгөйдүүм,
Талах сэмэй кыысчаанын сүгүннэрэн аҕалыым... (Сайа)

             Мин бу рубаига өй-санаа, уустук толкуй үлэтиттэн сылайбыт, эбэтэр онтон туох да үтүөнү көрбөтөх Омар Хайям ол дьарыгыттан арахсан, таптыыр утаҕын - талахха үүнэр виноград (дочка лозы простой) сүмэтин аҕалан, үөрэ-көтө сынньанар баҕаламмытын ханарытан эппит диэн өйдөөбүтүм ээ... 

Рубаи нууччалыы тылбааһыгар үксүгэр aaba, эбэтэр aaaa рифмалар туттуллубуттар. Персиялыы тылыгар хайдаҕа эбитэ буолла? Саха тылын уратыта буолара дуу, миэхэ рубаи үксүн aabb, aaaa, өссө abaa рифмаланан тахсар эбит.

             Тылбаастарбын туспа кинигэнэн таһаарарга санааны аан бастаан Госдуума дьокутаата Федот Тумусов эппитэ. Үбүлүүргэ бэлэм этэ да, бэйэм кыанан хомуллубатаҕым. Онтон хас да сыл буолан баран дьэ хомунаммын, хонон баран дорообо диэбиккэ дылы, хайдах киниэхэ көтөҕүллэн тиийиэхпиний? Ол туһунан биир дойдулаахпар Матвей Евсеевкэ этээппин кытта, "таһаарыахха" диэн биир тылынан булгуччу этэн кэбиспитэ. Матвей Николаевич улахан промышленность салайааччыта эрээри, саха норуотун духуобунай олоҕугар холобур туттуохха сөптөөх сүдү суолталаах түгэннэри ис санаатыттан, биир махтал тылы эрэйбэккэ, быһаарыылаах кэмнэригэр онон өҥ туттубакка, аҥардастыы оҥорон кэллэ. Ол курдук тус бэйэтин хамнаһыттан улуу Өксөкүлээх айымньыларын толору хомуурунньугун, улуу Алампаҕа пааматынньыгы, М.Н. Тимофеев-Терешкин айымньыларын хомуурунньугун, онтон да атын, киһи ааҕан сиппэт элбэх кинигэлэрин үбүлээн таһаарбыта. Билигин Сунтаарга өрөспүүбүлүкэ салалтата улахан быыбар иннинэ эрэннэрэн баран, кэнники тоҕо эрэ умнубут тутуутун - култуура уонна духуобунас уораҕайын эмиэ тус бэйэтин үбүнэн саҕалаата. Кини ийэтэ Токуева Зинаида Александровна биһиги Түбэйбитигэр кийиит буолан кэлэригэр хас да кууллаах эбитэ үһү. "Баай кийиит кэлбит" диэн олохтоохтор бэккэ сэҥээрэн манаспыттара, арай ол кууллара тобус толору кинигэ буолан хаалбытыттан сөхпүттэрин мэлдьи кэпсиир буолар этилэр. 

Онон "Тыыннаах тылбаас" диэн, суруйааччы аатырыахпыттан бастакы халыҥ тастаах, өссө өҥнөөх оҥоһуулаах кинигэлэнэр буоллум. Улахан бэйиэт Борис Павлов салайааччылаах "Көмүөл" диэн күүстээх ааттаах издательство көрөн-истэн таһаарда.

             "Тыыннаах тылбааска" үөһэ этиллибиттэртэн ураты Уильям Шекспир, Михаил Лермонтов, нуучча поэзиятын Үрүҥ көмүс үйэтин бигэргэппит Александр Блок, Николай Гумилев, Анна Ахматова, Марина Цветаева, Осип Мандельштам, кыргыс уонна башкир бэйиэттэригэр тылбаастарым киирдилэр. Кыргыстары уонна башкирдары сорудах курдук тылбаастаабыппыт, онон бэйэм талан ылбыт хоһооннорум буолбатахтар. Арай Бактыгуль Чотурова хоһооннорун кинигэтиттэн талбытым, төһө да нууччалыы тылбаас нөҥүө буоллар, кинини мин өйдөөтүм уонна хайҕаатым диэхтээхпин.

Блок "Незнакомкатыгар" санаммытым диэн: "и вижу берег очарованный и очарованную даль" диэн улуу строкалары тылбаастаан көрөөрү. Ол "Бүгүн түүн" кинигэбэр быһа тардыы эбит буоллаҕына, "Тыыннаах тылбааска" балачча уһун хоһоон бүтүннүү тылбаастаммыта киирдэ. Ресторан, пьяницы, "истина в вине" бэйэтэ даҕаны сахалыы саҥардыахха диэтэххэ, эрэдээктээх тыллар, этиилэр, өйдөбүллэр. Урут ким эмит тылбаастаабытын булан аахпатым. Мин Блок бу хоһоонугар туттубут кириэстии abab рифматын тутустум, онон олус көҥүл тылбаас буолбатах.

              Лермонтов "Парус", Есенин "Береза" оскуола бырагырааматыгар киирбит хоһоонноругар холонон көрдүм уонна киэп, тыл-өс да өттүнэн уустук айымньыга үлэлиирдээҕэр, истэ түһүөххэ судургу, көннөрү тылларынан суруллубут хоһоону тылбаастыыр сүүс төгүл ыараханын итэҕэйдим. Сахалыы маҥан хатыҥ да, маҥан хатыҥчаан да Есенин "белая береза" диэнин сатаан толору эппэт ээ. Сахалыыга атын хатыҥ көстөр. Арай "кыыс хатыҥ" диэтэхпинэ Есенин ол түннүк анныгар турар кылбаа маҥан хатыҥын кытта сөпсөһөр...  
              Тылбаас диэн киһи бэйэтин төрөөбүт тылын күүһүгэр эрэниитэ, кини кыаҕын толору арыйарга сыралаһыыта буолар. Хайдах эрэ икки тэҥнээх тустуугу түһүлгэҕэ киллэрэн, эрбии биитин курдук киирсиһиннэрэн дуоһуйууну ыларга тэҥнээх. Ол эрэн эн бэйэҥ киһиҥ хайаан да ситиһиилээх мантан тахсыахтааҕар кыһаллаҕын, ол табылыннаҕына, сыралаах киирсии кэнниттэн кыайыы өрөгөйүн билбит спортсмен илиитин өрө көтөҕөрүгэр тэҥнээх муҥутуур үөрүүнэн туолаҕын. 
              Тылбаасчыт тылбаастыыр киһитин айымньытын, олоҕун эрэ буолбакка, ол кэмнээҕи быһыыны-майгыны эмиэ сүрүннээн билэрэ ирдэнэр. Кини эрэ буолбатах - ааҕааччы эмиэ. Холобур, Анна Ахматова "Летний сад" хоһоонугар онно турар скульптуралар кинини эдэрин өйдүүллэрин этэр, онтон "а я их - под невскою помню водой" диир. Ити строканы тылбаастыырга, Ахматова Нева хаатыттан тахсыбыт сылыгар хотугу куоратыгар баарын, онно статуялар уу анныгар буолбуттарын көрбүтүн таайыахха сөп. Нева ити кэмҥэ улаханнык халаанныы сылдьыбытын билбэт киһи, бэйиэт ити этиитин өйдүө да суоҕун сөп. Оттон Гумилев Киев куораты тоҕо "логово змиева" диирэ буолуой? Түҥ былыр, Днепр кытылыгар олорбут славяннар үөҥҥэ үҥэллэрэ биллэр. Гумилев Ахматованы кэргэн ылан баран "колдуньяҕа" холоон, христианскай итэҕэлгэ утары туруорар. Ол курдук ураты дьон холбоспуттар. Дьиҥэ, таҥаралара биир - хоһоон, поэзия буоллаҕа эбээт. Билигин ити кэмнээҕи бэйиэттэр олохторун, сиэрдэрин-майгыларын үгүс холобурдары туоһу оҥостон, сиилиир-сэмэлиир түгэннэрэ баар: куһаҕан ийэ-аҕа этилэр, содур майгылаах этэ, иирсэллэр-үөхсэллэр этэ... диэн. Мин бу дьоммун көмүскүөхпүн баҕарабын: ол оннугар кинилэр хайдахтаах айымньылары хаалларбыттарый! Олорбут кэмнэрэ ынырыгын ахтыбакка туран!
              Мин кинилэр олохторунан кыралаан олоробун: Марина Цветаевалыын түүҥҥү Москубаҕа тахсабын, Гумилев Чад диэн күөл таһыгар дьаарбайар мааны жираф туһунан кэпсиирин истибэтэҕэ буолан олорон истэбин, Осип Мандельштамныын бүтүн ый аһыахтаах бурдугум харчытынан биир пирожнайы ылан сиэн кэбиһэн баран ытаһа олоробун...

Кэлиҥ, күндү күлүктэр,
Кэлиҥ, бүччүм киэһэбэр,
Уйан ыһыах ыһыахпыт,
Уран тылга үҥүөхпүт...

               Мин тоҕо хоһоон суруйабыный?

Киһи хоһоон аайы саҥаны айбат, урут суоҕу эппэт эбээт! Тоҕо мөлүйүөн хоһоонтон биир-икки эрэ хоһоон бар дьон сүрэҕигэр тиийэрий, кини билиниитин ыларый? Ама Пушкинтан ураты таптыы сылдьыбыт дьахтарын өр буолан баран көрсөн, иккистээн иэйиигэ ылларбытын туһунан хоһоону суруйбуттар суохтар дуо? Тоҕо "я помню чудное мгновенье..." эрэ икки атахтаах сүрэҕин чопчута буолла? "О тебе, о тебе, о тебе..." диэн Гумилев биири лэбэйбит хоһооно туохха үөрэтэрий дуу, туох уратылааҕый дуу? Ол эрэн тоҕо кини киһи хаана тохтоон ылыан курдук кэрэний, күөх сулус буолан күннээх халлааҥҥа күлүмүрдээн кэлэрий?..Тоҕо диэтэххэ, дьиҥнээх хоһоон - хомуһуннаах хоһоон буолар... Алхимик тугу-тугу эрэ буккуйан, түмүгэр кыһыл көмүһү оҥорон таһаарарын курдук, бэйиэт судургу тыллары булкуйан, кинилэр күүстэрин, эрчимнэрин, кэрэлэрин, кистэлэҥнэрин сатаан алтыһыннаран, улууну, умнуллубаты, хомуһуннааҕы оҥоро сатыыр. Ол дьиҥ олоххо тугу да туһалаабат дьарык умсулҕана күүстээх. Ол иһин мин хоһоон суруйабын. Онтон Эн тоҕо хоһоону ааҕаҕын? САЙА, 2018 с., Дьокуускай.