Сайылыкка ыҥырыы (Алексей Суола)
(Мантан: Сайылыкка ыңырыы (Алексей Суола) көстө)
Сэгэртэйиэм, сайын аайы
Сибэкки ыhыа5ар сылдьыахпыт.
Сайылыкпыт чуумпу – чуумпу
Сылаас киэhэлэрин көрсүөхпүт.
Онно дьикти сүөгэй салгына
Түөспүт иһин өрүү толоруо5а,
Ырыа чыычаах көрө-нара,
Түүнүн да5аны тохтуо суо5а.
Саһар5ам, эн онно күлүмнүөң,
Сүөгэй салгын ,чыычаах көрө,
Сайылык күнэ,чууммпута
Сүрэхпитин үөрдэ туруо.
Сэгэртэйиэм, сайылыккын
Санаан ыра оңоһун мэлдьи.
Сиэттиһэн хаамсыахпыт, эрэн.
Сити кэрэнэн күнүн аайы.