Сайылыкка (Суорун Омоллоон)
Сайылыкка
уларытСирэм күөх сайылык барахсан
Симэҕэ, оһуора ситтэҕиэн: —
Сайыҥҥы саймаархай салгыҥҥа
Сайыта тыыныахха көҥүлүен,
Долгураан көп солко хонууга
Доҕордуун хаамсыахха күндүтүөн.
Эргиччи көрдөххө барыта
Ирбэнньик мутукча, меһүүрэ; —
Сир ийэ дьэрэкээн симэҕэ
Сибэкки тэтэрэ мичээрэр.
Күөх өндөл халлаантан күн уота
Күрүлгэн сүүрүктүү күндээрэр.
Сирэм күөх сайылык барахсан
Симэҕэ, оһуора ситтэҕиэн; —
Сайыҥҥы саймаархай салгыҥҥа
Сайыта тыыныахха көҥүлүөн,
Долгураан көп солко хонууга
Доҕордуун хаамсыахха күндүтүөн.