Салгыҥҥа тарҕанан тайаарбыт... (Умсуура)

Салгыҥҥа тарҕанан тайаарбыт
Дорҕооннору хомуйан,
Ити хайдах айаллара буолла
Музыканы,
Баара-суоҕа сэттэ нотаны
Аттаран!

Онно холоотоххо киhи үксэ —
Таас дьүлэй кулгаах.
Ким эрэ айбытын үтүктэ
Хатылыыр муҥнаах.

Киһи эрэ талааннаах буолбат,
Кулгаах баара быһаарбат.
Оччоҕо тоҕо сүрэхтээхпит диэммит
Тапталынан түөһэйэбит?

Арай сүрэх иэйии эрэ тыынынан
Утахтанан олорор буоллун:
Хас тапталга тырыта тыыттаран
Билиэх этэй дьоллонуу муҥун?

Бииртэн биир таптал талыыта
Ырыа курдук айыллар?
Сэттэ сэгэй аартыкка
Куппутун муннарар?

...Ол да иһин эдэр сааска
Сүрэх тэлэллэн эрдэҕэ,
Ким киирбиккэ бүтэйдэнэ,
Иэйии аанын саптара.

Киирбит эрэ тилэҕэ
Уһун ыллыккын тэлиэҕэ,
Иччилэммит сүрэх дьэ
Холкутук нус бааччы тэбиэҕэ...

...Ол да буоллар таптал уоттаах
Хараҕа угуйа туруоҕа:
Ким кынаттаах дууһалаах
Сүрэҕин толук yypyoҕa
Ньээкэлээбэт уйаҕа,
Сураҕа суох курхааҥҥа.

Ийэ кыыл — улуу кутурҕан
Сүрэхтэри онно баттыыр,
Өлбөт үйэлээх өрөгөй талаан
Сэттэ сэгээх музата бигиир
Улуу таптал мунун үөтэ,
Уйадыта иэтэ.
Ол уйаттан көтөллөр көстүбэккэ,
Аҥаардас дуораһыйан иһиллэ,
Сэттэ ойдуо буолбуттар —
Эймэһийэ иэйэр куттар,
Салгыҥҥа тарҕана тайааран.

...Уонна хайдах айаллар
Музыканы дэһэбит.

Сүрэхтэрбит — үтүмэххэ:
Эйиэнэ, доҕоор, до эбит,
Миэнэ буоллар —
Бемоль.
Кэм да бэлиэ эрэ...