Сахалар иһэллэр (Моисей Ефимов)
(Үһүйээн)
Киэҥ Кыландьыма толоонун устун
Күн тахсыыта ол ким иһэрий?
Өйдөөн көрүөҕүҥ тугу соспутун,
Болҕойон көрүөҕүҥ сүгэһэрин.
Аар-татай ини! Тугун дьиибэтэй?
Боолдьоҕу эрийэн быанан соһор.
Сүгэн иһэр хааһаҕын иһиттэн
Ытык кырдьаҕас быган олорор.
"Утаттым даҕаны", — диэтэ эр бэрдэ,
Кэтит түөһүнэн салгыны эҕирийдэ.
Хааһаҕын иһиттэн оҕонньор эттэ:
"Ууну булуохпут сиртэн сиик көтүүтэ".
Таптыыр аҕата Татаар Тайма
Муударай тылын эрэнэр буолан,
Муодаргыы барбакка айанныы турда
Эллэй диэн ааттаах ол ньургун уолан.
Күн үөһэ ойон уоттана тыгыыта
Татаар Тайма тохтотто уолун.
Оҕонньор сиигирбит боолдьоҕу ыкпыта.
Сөрүүн уунан толордо чороонун.
"Бүгүҥҥү күнтэн бар-дьоҥҥо тарҕаннын, —
Эллэй Боотур саҥа аллайда онно, —
"Хааһахха кырдьаҕаһы хаалыы сылдьаҥҥын,
Сүбэһит оҥоһун", — диэн өс хоһооно".
Ыарыһах аҕата хааһах иһиттэн
Суол ыйар: "Баран ис хотулуу-илин".
Оо, билэр дуо, бу кини түүлүнэн-битинэн
Ханнык кыраайга уолун сирдиирин?
Билиҥҥитэ билбэттэр туох дьылҕа күүтэрин. —
Эллэй сүрэҕэр да ыттарбат билигин:
Үүт-тураан налыйар Өлүөнэ өрүстэниэн,
Тунаара унаарыйар Туймаада эбэлэниэн.
Дьэ, ол эрээри, инники эрэллээх
Дуол толлон турбакка айаннаан эрэллэр.
Бу маннык хоһуун, бу маннык күүстээх
Дьулуур түмүгэр кэскил түстэнэр.
Уҕараабат уруй-айхал буоллун —
Улуу суолу тэлэр эр санаа чиэһигэр!
Киэҥ Кыландьыма толоонун устун
Саха сирин булаары сахалар иһэллэр...