Сахалыы өй-санаа уратылара (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

И. И. Kаженкин-Уйбаан Хааһах

САХАЛЫЫ ӨЙ-САНАА УРАТЫЛАРА

Дьокуускай 2024

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии сахалыы өй-санаа уратыларын бэлиэтиир.

АННОТАЦИЯ

Сахаларга өй-санаа үөрэҕэ олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдыбытын Кут-сүр, таҥаралар, киһи буолуу үөрэхтэрэ сайдыбыттара туоһулуур. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, үгэстэрэ үөскээһи-нигэр улахан киһини үтүктэн үөрэниитэ, оннук үгэстэри иҥэриниитэ ийэ кутун иитэн сүрүн тирэх буоларын автор арыйар. Итини тэҥэ, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини сахалар уһун олохторун тухары таба өйдөөн туһаналларыттан уонна сахалыы өй-санаа уратыларын тутуһалларыттан уһун үйэлээх олоҕу ситиһэллэр.

Бары ааҕааччыларга ананар.

У народа саха с очень давних времен развито учение о сознании человека, которая основано на вечных понятиях Кут-сүр. Автор подчеркивает важность постулата “делай по-человечески” в формировании сознания ребенка.


ААН ТЫЛ

Саха ойууннара олус былыргы кэмнэртэн ыла өй-санаа үөрэҕинэн утумнаахтык дьарыктаммыттарын биллэрэн айыы уонна таҥара диэн тус-туспа араарыллан ааттанар итэҕэл икки өрүттэрин үөскэтэн тылларыгар киллэрбиттэр. Ойууннар өй-санаа сайдыытыгар биллэр улахан ситиһиилэри оҥорбуттарын былыргыны суруйааччылар элбэхтик бэлиэтээбиттэр уонна суруйан хаалларбыттар.

Биһиги үөрэҕи-билиини нууччалартан, арҕааҥҥы дойдулартан ылынан иһэрбитинэн бэйэбит төрүт билиибитин, олохпут үөрэхтэрин хаалларан, кинилэр үөрэхтэрин өрө тутабыт, хайгыыбыт, оҕолорбутун олорго эрэ үөрэтэ сатыырбыт сахалыы өйгө-санааҕа халыйыыны, сөп түбэспэти үөскэтэр. Кэлин кэмҥэ перестройка хамсааһына кыайыынан түмүктэнэн, суолтатыгар да буоллар демократия үөрэҕэ кыратык киириититтэн илиҥҥи дойдулар, ол иһигэр бэйэбит былыргыттан олох туһунан билиибит, өйбүт-санаабыт, таҥарабыт үөрэҕин сайдыыта арҕааҥҥы омуктардааҕар өссө былыргы, дириҥ, уһун үйэлээх эбитин саҥа билэн, итэҕэйэн, үөрэтэрбит эбиллэн эрэр.

Мин бу үлэбэр киһи өйө-санаата саҥа сайдан иһиититтэн үөскээбит уратыларын сахалар былыр-былыргыттан арааран билэн тылларыгар киллэрэн, олохторугар туһана сылдьалларын дакаастыы-бын. Өй-санаа уратыларын билии омук уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэрин биһиги өбүгэлэрбит туһананнар маннык уһун үйэни ситиспиттэрин салҕаан истэхпитинэ, аныгы кэмҥэ сайдыыны сити-һэрбит табыллар. Былыргы суруга суох үйэлэргэ саха омугун былыргы төрүтэ үөскээбитэ дьон өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ саҕаламмытын сахабыт тыла биллэрэр. Ол курдук, ай, оҥ, ый, ыл, быс, тут, уун диэн тылларбыт киһи өйө-санаата саҥа сайдан, илиитинэн тугу эмэ тутар буолан истэҕинэ үөскээбит тыллар буоланнар саха тылын үйэтэ өссө уһунун бигэргэтэллэр.

Омук аата хаһан сурукка киирбитинэн наукаҕа билинэр буолан иһэллэрэ кырдьыгы булууга туһалыыр. Ол аата саха омук үйэтин уһуна б.э. буолуон 500 сыл иннинэ Греция үөрэхтээҕэ Геродот сакалар тустарынан сурукка киллэрбит кэмиттэн саҕаланарын били-ниэхпит этэ. Сахалыы өй-санаа арҕааҥҥы омуктар билиилэриттэн уратылара өй-санаа дириҥ тутулуктарын уһун кэмҥэ үөрэтииттэн, билииттэн араарыллан тахсаллар. Мин бу үлэбэр сахалыы өй-санаа хас да чопчу биллэр уратыларын булан ырытар кыахтанным. Холобурга, нууччалар туох тыынар-тыыннааҕы, кыыллары, көтөр-дөрү барыларын холбуу, ол иһигэр киһини эмиэ олорго тэҥнээн “он”, “она”, “они” диэн этэллэр, “кто”, “кому” диэн ыҥыраллар, онтон сахалар киһини бэйэтин эрэ туспа ылан тыынар-тыыннаахтартан барыларыттан арааран, өйө-санаата сайдыытын уратытын бэлиэтээн “ким”, “кини” диэн ааттыыллар уонна “кимий?” диэн ыҥыраллар. Киһини эрэ атын тыынар-тыыннаахтартан туспа арааран уратытык ааттааһын сахалар Кут-сүр үөрэхтэринэн, киһиэхэ эрэ салгын кута сайдан оҥорор быһыыта түргэтииринэн толору дакаастанар.

Түүллэри үөрэтии диэн киһи өйүн-санаатын бэйэтин иһиттэн арыйан үөрэтии буолар. Мин түүллэри хомуйан үөрэтэн өй-санаа төрүттэрин, тутулуктарын арыйарга туһанным. “Кут-сүр үөрэҕэ” этиилэрин түүл үөрэҕин кытта тэҥнээн көрөн туһаныы сахалыы өй-санаа уратылара туохтан төрүөттэнэн уонна тутулуктанан үөскээ-биттэрин арыйыыга, быһаарыылары булууга тириэртэ.

Сахалыы өй-санаа төрүтэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ түмүллэн сылдьар. Бу этии Күн уонна Сир халбаҥнаабат туту-луктарын билииттэн уонна олоххо туһаныыттан үөскээбит уонна Сир үрдүгэр, айылҕаҕа туох барыта кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, уларыйан биэрэрин быһааран олоххо хайаан да тутуһулла сылдьыахтааҕын биллэрэр. Саха дьоно өй-санаа дириҥ уратыларын, тутулуктарын, киһи оҥорор быһыыларын үөрэтэннэр Аан дойдуну үс тус-туспа; Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдуларга араарбыттар уонна “Туох барыта үһүстээх” диэн этиинэн, бу үөрэҕи олоххо киллэрбиттэр. Киһи оҥорор быһыылара үс аҥы арахсан тахсалларын сахалар үөрэтэн, арааран билэннэр үс дойдулары үөскэтэн олохтообуттар.

Киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэн өйдөбүллэр киһи өйө-санаата сайдан иһиититтэн, аһынар, харыстыыр, саатар санаа үөскээһиниттэн, оҥорор быһыылара тупсууларыттан, киһи бэйэтин кыыллартан, көтөрдөртөн туспа араарынар буолбут кэмиттэн, өйүн-санаатын уратыларын билиниититтэн ыла үөскээн тарҕаммыттар. Ол аата киһи оҥорор быһыыларыттан, тугу, хайдах оҥороруттан эрэ көрөн хайдах быһыылаах киһи буолара быһаарыллар кыахтанар. Онтон киһи ханнык быһыылары оҥороро үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу санаалааҕыттан хайалара баһыйарыттан тутулуктааҕын сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.

Былыргы өбүгэлэрбититтэн ылынан иһэр дириҥ билиибит өйбүтүгэр-санаабытыгар уонна тылбытыгар иҥэн сылдьарын харахпыт харатын курдук харыстааһын саха омуга уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини туһанан кэлэр көлүөнэлэрбитин кыра эрдэхтэриттэн киһи быһыылаах буолууга ииттэхпитинэ уонна үлэни сатабыллаахтык үлэлииргэ үөрэттэхпитинэ сайдан, тупсан, ахсаана эбиллэн иһиитин ситиһэр кыахтаныахпыт.

Автор атын үлэлэрин Национальнай библиотекаттан, сайтыттан, Сахалыы Википиэдийэттэн уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп. Үтүө санаалаах кэлэр көлүөнэлэрбит биһиги сахалары харыстыыр, сайыннарар үлэбитин сыаналыахтара диэн баҕа санаалаахпыт.

Бу үлэтин бэчээккэ таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт, тирэх буолбут бары чугас дьонугар автор истиҥ махталын тириэрдэр.

САХАЛЫЫ ӨЙ – САНАА УРАТЫЛАРА

Аан дойдуга араас омуктар элбэхтэр. Туспа омук буолуу аан маҥнай тас көрүҥтэн көстөн биллэр уонна саҥарар тылларын уратыларынан тус-туспа арахсаллара быһаарыллар курдук эрээри, өй-санаа уратылара ордук улахан оруолу ылалларын мин быһаарабын.

Сахалар “Киһини санаата салайар”, “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этиилэри тутуһаннар киһи санаатын куруук тупсара сылдьыыны олохторугар туһана сылдьаллар. Ол курдук, киһи “Үчү-гэй санаалардаах” буоларын туһугар алгыһы истэн үчүгэй санааларын элбэтэрин уонна оннук баҕа санаалары үөскэтинэрин туһаналлар.

Хас биирдии омуктар уһун үйэлэр тухары мунньуммут олохторун үөрэхтэрэ сайдыыны төһө ситиспиттэринэн уонна үйэлэрэ төһө уһунунан уратыланан улаханнык тус-туспа арахсаллар. Уһун үйэлээх омук олоҕун үөрэҕэ ордук дириҥин уонна киэҥ силистээҕин сахалар өй-санаа үөрэхтэрин атыттартан уратылара биллэрэллэр.

Олус былыргы төрүттээх уонна оччотооҕу кэмнэртэн ыла уларыйа, буккулла илик өйдөөх-санаалаах омук буоларбытын өйбүтүгэр-санаабытыгар, тылбытыгар билигин даҕаны иҥэн сылдьар, атын омуктар өй-санаа үөрэхтэриттэн улахан уратылар бааллара быһаа-раллар. Бу уратылар атын, арҕааҥҥы омуктар билиилэриттэн туспа арахсан сахалыы өйү-санааны үөскэтэллэрин олоххо таба туһаныы уонна олору харах харатын курдук харыстааһын саха омуга өссө уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэр кыаҕы биэрэллэр.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ хайа да арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэригэр маарыннаабат уратылара манныктар:

1. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини олоххо туһаныы.

2. Аан дойдуну үс дойдуга араарыы.

3. Кут-сүр үөрэҕин туһаныы.

4. Киһилии өй-санаа үөскээһинэ.

5. Икки таҥараны үөскэтии.

6. “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиини туһаныы.

Сахалар өйдөрүгэр-санааларыгар билигин даҕаны туһана сыл-дьар улахан уратыларын биир-биир ыламмыт мантан салгыы төһө кыайарбытынан дириҥник быһааран, тэнитэн, ырытан көрүөхпүт уонна олоххо ханнык кэмҥэ, туохха туттуллалларын быһаарыахпыт. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии айылҕа сүрүн тутулук-тарын быһаарар. Ол курдук, күн уонна сир бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктара ити этиини үөскэтэллэр уонна кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэриини үөскэтэн, эккэ-сииҥҥэ тосту уларыйыылары киллэрэн, дьарыктаан тыынар-тыыннаахтары сайдан иһиигэ тириэрдэллэр. Бу этии сахалыы өй-санаа үөрэҕэ үгүстэртэн уратытын уонна аныгы үйэ арыйыытыгар – демократия үөрэҕэр сөп түбэһэрин быһаарар.

Өй-санаа биир сиргэ турбат, былыргы кэмнэртэн сайдан, улары-йан, кэмиттэн кэмигэр иккилии өрүттэнэн, икки аҥы арахсыыны үөскэтэн иһэр. Олох сайдан, иннин диэки баран истэҕинэ өй-санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан сайдыыта үһүс өрүт, тэҥнэһии, сөбүлэһии өрүтэ, бу икки, тус-туспа хайысхалаах өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар үөскээн тахсарын арыйан быһааран олоххо туһаныыга киллэрбиттэр. Бу “Туох барыта үһүстээх” диэн этии олоххо хаһан баҕарар үөскээн тахсан иһэр икки өрүттэн киһи өйө-санаата ырытар, быһаарар күүһэ сайдыбытынан туһанан үһүс өрүтү булан туспа арааран сөп түбэһиини, кырдьыктаах суолу тутуһууну киллэрбитин билигин туһана сылдьабыт.

Дьон икки өрүттэрэ; эр киһи уонна дьахтар сөбүлэһии түһэр-сэннэр оҕо төрөтөн, үһүс киһини үөскэтэн аймахтара уонна омук сайдан, ахсааннара эбиллэн иһиитин үөскэтэллэр. Ону тэҥэ, оҕо төрөөһүнэ бу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөбүлэһии, сөп түбэһии үһүс өрүтэ үөскээн тахсарын арыйарын сахалар быһаараннар “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэтэн олохторугар туһаналлар.

Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан, саҥаны билэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу уратыларын арыйан үлэни оҥорууну баһылаан олоххо киллэрэн иһиилэриттэн “Нэми билэн туттунуу” диэн үөрэх үөскээн олоххо туттуллан барбыта. Үлэни оҥорууга киһи күүһүн уонна хамсаныыны оҥоруутун табан туһаныыта, бу олоххо туһалаах үөрэҕи үөскэппит. Олоххо үһүс хайысха баарын сахалар олус былыргы кэмнэргэ арааран билэннэр өйгө-санааҕа үс аҥы, үс дойдуларга арахсыыны үөскэппиттэр уонна Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулар диэн уратыларын биллэрэн ааттаабыттар.

Сөбүлэһии, сөп түбэһии хайысхата - үһүс хайысха туох барыта икки өрүттээҕиттэн тирэх ылан үөскээн тахсан, Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларынан, ортолорунан баарын арыйан Орто дойду диэн өйдөбүлү үөскэтэн сахалар олорор, сайдар сирдэрэ ханна баарын быһаарбыттар уонна билигин да туһана сылдьаллар.

Оҕо улаатан истэҕинэ өйүн-санаатын сайдыыларын уратытын үөрэтэн, арааран билэннэр өссө кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр тугу саҥаны билбитэ, көрбүтэ үгэстэри сонно үөскэтэн иһэрин быһаарбыттар. Бу кыра эрдэҕинэ үөскээбит үгэстэрэ улахан киһи буолбутун да кэнниттэн өйүн-санаатын салайа, оҥорор быһыы-ларын көннөрөн, тупсаран биэрэ сылдьалларын үөрэтэн быһааран Кут-сүр үөрэҕин оҥорон олоххо киллэрбиттэр.

Айылҕаҕа тыынар-тыыннаахтар эмиэ икки аҥы арахсаннар киһи уонна сүөһү диэн тус-туспа өрүттэри үөскэппиттэр. Олус былыргы кэмнэргэ киһи илиитинэн туттан үлэни баһылаан өйүн-санаатын сайыннарбытынан, саатар, кыбыстар майгына сайдыбытынан атын улахан кыыллартан, сүөһүлэртэн бэйэтин туспа араарыныыта үөскээн олоххо киирбит. Дьон өйүгэр-санаатыгар бу киирбит уларыйыы-лартан тутулуктанан икки өрүттэр үөскээн тахсыбыттарыгар киһи уонна сүөһү диэн тус-туспа ааттары биэрэн иҥэрбиттэр.

Айылҕа киһиэхэ дьайыыта олус улаханын тулуура, өһөс санаата элбээтэҕинэ, күүһүрдэҕинэ эрэ тулуйар кыахтанар. Саха сирэ кыһын улахан тымныытынан, сайын куйааһынан аатырар. Олус тулуурдаах, дьулуурдаах дьон бу дойдуну баһылаан олоҕу, үлэни сайыннар-быттар. Өйдөрө-санаалара, тулуурдара уонна туттунар күүстэрэ улаатарыгар анаан Улуу Тойон таҥараны үөскэтэн туһаммыттар. Сайын буолуута сылаас кэми аҕалан киһи этигэр-сиинигэр үчүгэй буолуутун үөскэтэр. Бу кэмҥэ өйө-санаата сымнаан уонна оҥорор, тутар кыаҕа эбиллэн туһалааҕы, үчүгэйи оҥостунар кыаҕа улаатар. Бу кэмҥэ киһи өйө-санаата сайдыытын Үрүҥ Аар тойон таҥара салайар.

Айылҕаҕа кэмэ кэллэҕинэ уларыйыылар, саҥалыы үөскээһиннэр салгыы кэлэн иһэллэр. Күнүс кэнниттэн түүн, сайын кэнниттэн кыһын хардары-таары солбуйсан биэрэн кэлэн иһэллэрин арааран билии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи үөскэтэн олоххо киллэрбит. Сахалар бу үөрэҕи тутуһа сылдьалларыттан хаһан баҕарар биллибэт курдук иккис өрүтү таба булан туһаналлар уонна айылҕаҕа уларыйыы кэлэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэн биэрэллэр.

Тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсан икки өрүтү үөскэтэллэр эрээри, солбуйсуу кыайан буолбат, арай уларыйыы аҥар эрэ өттүгэр баран иһэр. Бу икки өрүттэр өйдөрө-санаалара уратылара диэн тыыннаах киһи өйүн-санаатын уларытар, атынынан солбуйан биэрэр кыахтаах, онтон өлбүт киһи өйө-санаата букатын уларыйбат турукка тиийэн хааларынан икки аҥы арахсаллар.

Сахалыы өйбүт-санаабыт уратыларын харыстааһын, билигин баар, туттулла сылдьар төрүт тылларбытын була сатаан уларыппат буолуу, омукпутун харыстааһын, уһун үйэлээһин буолар уонна билигин сайдыы, үөрэх атын омуктартан ордук элбэхтик киирэн иһэр кэмигэр кыһанан харыстанара эрэйиллэр.

Онон, былыргы кэмнэртэн үөскээбит үгэстэри уонна өйтөн-санааттан быһаччы тутулуктаах хас биирдии сахабыт тылын уларып-пакка урукку оннугар туһана сылдьыы саха тылын, омугун, өйүн-санаатын уратыларын харыстааһын диэн ааттанар.

“ТУОХ БАРЫТА ИККИ ӨРҮТТЭЭХ”

Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этииттэн үөскээн тахсар олус дириҥ өйдөбүллэри тутуһа сылдьар. Бу үөрэх күн уонна сир халбаҥнаабат тутулуктарыттан үөскээн тахсар уонна айылҕа тутаах сокуонунан, сүрүн тутулугунан ааҕыллар. Ол курдук, аҥардастыы биир өттүн диэки барыы, халыйыы, холобур, күн диэки чугаһааһын, күн уотун күүһүттэн умайыыга, онтон аҥар өттүгэр баран күнтэн тэйии, ыраатыы, космос тымныыта дьайыытыт-тан хам тоҥууга тириэрдэр кыахтаахтар. Ол иһин сирбит, икки өттүттэн халбаҥнаабат тутулуктанан күнтэн биир тэҥ ыраахха, ол аата күн уонна космос куйаарын икки ардыларынан, күн итиитэ уонна космос тымныыта тэҥнэһэр, хардары-таары уларыйар кыахтаах балаһыанньатыгар көтө сылдьара эрэ тыыннаах күөх айылҕа үөскүүрүгэр тириэрдэр уонна дьон олоҕу олороллоругар табыллар кэм буолар.

Олоххо ханнык баҕарар быһаарыыны ылынарга, оҥорорго, тутарга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа халбаҥнаабат тутулугун билэн, тутуһа сылдьыы сахалыы өйү-санааны тутуһуу буолар уонна олоххо кэмиттэн кэмигэр тиийэн кэлэр улахан уларыйыылар кэмнэригэр сыыһа-халты туттунууну, аҥар өттүгэр халыйыыны суох оҥорон, омук уһун үйэлэниитин үөскэтэрин тутуһа сылдьаллар.

Туох барыта икки өттүгэр хардары-таары уларыйыыта, үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэриилэрэ, хараҥа түүн кэнниттэн сырдык күн, кырыалаах кыһын кэнниттэн самаан сайын кэлэринэн быһаарыллар уонна олор уларыйар кыахтара суоҕунан халбаҥнаабаттык дакаастанар. “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн этии олоххо уларыйыылар хаһан баҕарар, кэмэ кэллэҕинэ, кэлэн иһэллэрин уонна хардары-таары солбуйсан биэрэллэрин быһаарар. Сахалар үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоххо туһа-ныыны “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн ааттыыллар уонна оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдан, тупсан сыыһа-халты туттубаты ситиһэн киһи буолууну баһылыырыгар тириэрдэр сүрүн үөрэҕинэн билинэннэр таҥара үөрэҕэр киллэрэн оҕону үөрэтиигэ туһаналлар. Киһи этэ-сиинэ эмиэ икки өттүттэн тутулуктаах. Бу тутулугу киһи хаанын баттааһына уларыйыыта дакаастыыр. Ол курдук, киһи хаанын баттааһына аһара үрдүүрэ эбэтэр аһара намтыыра иккиэн куһаҕаннар, ыарыыга, өлүүгэ тириэрдэллэр. Ол иһин хаан баттааһына, бу икки өрүттэр икки ардыларынан буоллаҕына, хайа да өттүгэр аһара барбатаҕына табыллар, оччоҕуна эрэ киһи тыыннаах сылдьар, олоҕу олорор кыахтанар. Бу быһаарыы киһи оҥорор быһыыларын икки өрүттэрин табатык сыаналааһыҥҥа эмиэ тирэх буолар.

Сахалар өй-санаа туһунан үөрэхтэрин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиитэ киһи оҥорор быһыыларын барытын быһаарар, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыга хайаан да туттуллар уонна кытаанахтык тутуһулла сырыттаҕына эрэ хайа эрэ өттүгэр халыйыыны суох оҥорон олох табыллара ситиһиллэригэр тириэрдэр.

Биһиги сахалар, бу этиини олохпутугар тутуһарбытыттан маннык уһун үйэни ситиһэн олорорбутун билинэр кэм буолла. Ол курдук, былыргы кэмнэргэ сахалар аатырбыт хуун омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттарын остуоруйа үөрэҕэ дакаастаан эрэр. Аныгы геннэри үөрэтии сайдан сахалар былыргы арийдартан хааннаахтара, ол кэмтэн ыла сайдыбыттара кытта быһаарыллан эрэр.

Билигин кэлэн охсуһуу, сэрии суолун тутуспут, аҥардастыы биир өттүн, кыайыы диэки халыйан барбыт хуун омуктар тустарынан кумааҕыга эрэ суруйуулар ордон хаалбыттар, онтон биһиги, сахалар илэ бэйэбитинэн кэриэтэ, көрсүө, сэмэй буолууну тутуһан киэҥ-куоҥ дойдубутугар өссө да сайдыыны ситиһэ олоробут.

Маннык уһун үйэни ситиһэрбитигэр сахалыы өйү-санааны “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуһарбыт туһалаабытын нууччалар кэлиилэригэр хайа диэки хайысхалаах суолу тутуспуппут быһаарар. Ол уустук кэмҥэ аҥардастыы сэрии суолун тутуспуппут эбитэ буоллар сайдыылаах сэрииһиттэргэ кыаттаран, хотторон, кыргыллан, үүрүллэн Верхоянскай хайаларыгар чучунаа курдук, биир эмэ саха ордубут буолуо этэ. Биһиги салайааччыларбыт ол кэмҥэ атын, иккис суолу, эрэйдээх да буоллар эйэлэһии, эйэлээхтик олоруу суолун таланнар, нууччалары кытта кыттыһа охсоннор, киэҥ-куоҥ сири-дойдуну баһылыырбыт табылынна, кинилэртэн үөрэҕи ылынан сайдыыны ситиһэрбит кыалынна.

Кыаттаран баран эйэлэһии ыараханын тулуйууну сахалар ураты тулуурдаахтарын туһанан аһарыммыттара, билигин кэлэн сайдыыны ситиһэрбитигэр кыах биэрбитин таба сыаналыахпыт этэ. Ол курдук, оччотооҕу кэмҥэ бэриммэккэ, эйэлэспэккэ Амур диэки көһөн барбыт хас эмэ тыһыынча сахалар билигин букатын да биллибэт буолан хаалбыттара, бу ыарахан быһаарыыны ылыныы олоххо ордук таба буолан тахсыбытын, сахалар ахсааннара биллэрдик элбээбитэ, киэҥ сири баһылаабыттара итэҕэтиилээхтик дакаастыыр. Олоххо хаһан эрэ тиийэн кэлэр өй-санаа тосту уларыйар кэмигэр ”Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуу, бу буолар уларыйыылары табатык сыаналыыры үөскэтэн, сыыһа туттубат кыаҕы биэрэр.

Өйбүт-санаабыт бу уратыта, икки өттүттэн тутулуктааҕа “айыы” диэн бэйэтэ икки өрүттээх; үчүгэйдээх, куһаҕаннаах тылбытыгар иҥэн сылдьар уонна кэлин кэмҥэ улаханнык харыстааһыҥҥа наадыйар буолла. Ол курдук сымыйа, урут ханна да суох “аньыы” диэн тылы булан эбии кэллэрэн тыл үөрэхтээхтэрэ, сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар, учуонайдар сахалыы өй-санаа үөрэҕин буккуйа сатыыллар, киһи оҥорор быһыыта хаһан баҕарар икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсан иһэрин сахаларга суох “аньыы” диэн тылы туһанан суох оҥороору оҥостоллор.

Биир киһи өйө-санаата уонна оҥорор; үчүгэй да куһаҕан да быһыылара тус-туспа барбакка биир төрүттээхтэрин биллэрэр айыы диэн тылбыт соҕотох буоллаҕына эрэ, киһи өйүн-санаатын икки өрүтүн таба араарар уонна оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан, уратыланан тахсалларын сөптөөхтүк быһаарар кыахтанар.

Айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын харыстааһын, уларыппакка бэйэтинэн, икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан суолталаа-ҕынан туһана сылдьыы, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун олоххо тутуһуу буолар. Онон киһи оҥорор быһыылара ханныктары оҥороруттан көрөн үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар диэн арахсалларын бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх буолан табатык быһаарар айыы диэн тылбытын биһиги үлэһиттэр харыстыыр кэммит кэллэ.

ААН ДОЙДУНУ ҮС ДОЙДУГА АРААРЫЫ

“Туох барыта ортотунан тоҕоостоох” диэн этии баара ханнык баҕарар киһи оҥорор быһыыларыттан табалара, кырдьыктаахтара ортотунан буоларын биллэрэр уонна олоххо үөскээн тахсар үһүс хайысханы арыйан таһаарар. Бу үһүс өрүтү арааран туһанан сахалар Орто дойду диэн өйдөбүлү үөскэтэн олоххо киллэрбиттэр. Былыргы дьон кырдьыктаах олоҕу тутуһан олорбуттарын Орто дойду диэн тыыннаах, эттээх-сииннээх дьон олорор сирдэрин ааттаабыттара эмиэ быһаарар. Ол курдук, Үөһээ дойдуга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үөр, айыы буолан сылдьаллар, онтон Аллараа дойду диэни куһаҕан санаалары, араас ыарыылары мунньарга анаан оҥорбуттар.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа тус-туспа үгэстэргэ арахсан уларыйбат, айыы буолбут көрүҥнэринэн сылдьарын арааран билэннэр, бу өйдөр-санаалар сылдьар сирдэрин, дойдуларын үс тус-туспа дойдуларга араараллар. Бу дойдулары Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн ааттаабыттара билигин даҕаны өй-санаа уратыларыгар олус сөп түбэһэллэр. Ол курдук, бу дойдулартан Орто дойдуга эрэ эттээх-сииннээх, өйдөрө-санаалара сайдар дьон, сахалар олороллор. Сири-дойдуну үс аҥы араарыы киһи өйө-санаата сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа арааран билэр кыахтам-мыттарын кэннэ, үөскээн олоххо киирбит уонна остуоруйа кээмэйи-нэн саҥа өйдөбүл буолар. Бу тупсубут өйү-санааны сайдыылаах диэн ааттанар арҕааҥҥы омуктарга тарҕатааччы Христос таҥара үөскээби-тэ уонна олоххо киллэрбитэ икки тыһыынча сыллартан ордон эрэр.

Орто дойду диэн өйдөбүл дьон олохторо хаһан баҕарар бу икки өрүт; үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан, ол аата ортотунан эрэ баран иһиэхтээҕин чуолкайдыыр. Дьон оҥорор быһыылара хайа да диэки, үчүгэй да, куһаҕан да өттүн диэки аҥардастыы халыйан барыыта аһара барыы, сыыһа суолу тутуһуу буолар. Олох суола, бу икки быһаарыылар икки ардыларынан, ортотунан баран иһэрэ уонна хайа да өттүгэр аһара халыйыыны үөскэппэтэҕинэ табыллар. Ити курдук дьон бары туттар “Истина где-то на середине” диэн этиилэрэ таба, сөптөөх быһаарыы икки өрүттэн ханан эрэ ортолорунан, икки ардыларынан баран иһэрин чуолкайдыыр. Ону тэҥэ, бары сахалар билэр Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн этиилэрэ өй-санаа уратылара тус-туспа сылдьалларын быһаарар уонна дьон тыыннаах, эттээх-сииннээх буолан олорор, үлэлиир, сайдар сирдэрэ Орто эрэ дойдуга табылларын чуолкайдаан биллэрэр. Былыргы кэмнэртэн киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ оҥорор быһыылара эмиэ тупсаннар, уларыйаннар үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарыллан ааттаныыны, икки өрүтү үөскэппиттэр. Ол курдук, дьон бэйэлэригэр үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор быһыылары үчүгэйдэринэн, онтон туһата суох, сөбүлээбэт, буортулаах даҕаны быһыыларын куһаҕаннарынан ааттыылларыттан, бу өйдөбүллэр үөскээн сайдан иһэр олоххо киирбиттэр уонна дьон үчүгэйи, бэйэлэригэр туһалааҕы, саҥаны айыыны элбэхтик оҥоро сатыыллара сайдыбыт.

Бу өйгө-санааҕа киирбит уларыйыы дьайыыта олус былыргы кэмтэн олоххо киирбит сахалар айыы диэн саҥаны айыыны биллэрэр тыллара сайдыы киирбитин биллэрэн, икки аҥы арахсарын; үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки өрүттэнэрин үөскэппит. Ол курдук, киһи санаата көннөҕүнэ үчүгэйи, онтон куһаҕан санааланнаҕына куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да хаалан хаалбат. Киһи оҥорор быһыыларын түргэнник уларыйа сылдьар санаата салайарыттан тутулуктанан икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара быһаарыллар.

Сахалар Орто дойдуну быһаарыылара дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин суолун чуолкайдыыр. Дьон-аймах ханнык баҕарар быһыылартан ортотун көрөн; үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан түбэһиннэрэн талан ыллахтарына, хаһан да сыыһа буолбатын таһынан, туһата улаатарын биллэрэр. Итини тэҥэ, аҥар өттүн диэки халыйан барыы, аһара барыыны үөскэтэринэн куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтааҕын быһаарар. Олоххо аҥардастыы “үчүгэй” аатыран, аҥар өттүн диэки барыыны тутуспут сэбиэскэй былаас үлэһиттэргэ үчүгэйи элбэҕи оҥорон үлэҕэ-хамнаска “застойу”, хаалыыны үөскэппитин, онтон сылтаан эстибитин, атын ырыынагы тутуһар былааһынан уларыйбытын билигин бары билэбит.

Олоххо сайдыы, хамсааһын куруук эргийэн кэлэн иһэр, өйгө-санааҕа уларыйыылары киллэрэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии эмиэ уларыйар, солбуллан биэрэр кэмэ кэлэр. Ол курдук, бу быһаарыы бүтэр, туттуллубат, уларыйар кэмэ кэлиитигэр “Туох барыта үһүстээх” диэн саҥаны олоххо киллэрэр кэм тиийэн кэлбитэ биллэр. Үһүс хайысха үөскээн уларыйыы киириитэ олоххо сайдыыны аҕалар. Олох хамсаабакка, сайдыбакка туран хаалара хайдах да табыллыбат, ол иһин саҥа хайысханы тутуспатахха хаалан хаалыы эбэтэр халыйыы үөскээн олохтон туорааһыҥҥа тириэрдиэн сөп.

Сахаларга ордук элбэхтик “Туох барыта үһүстээх” диэн этии туттуллар. Бу этии олоххо үһүс хайысха, үһүс өрүт баарын быһаарара билигин кэлэн суолтата өссө улаатта. Ол курдук, сири-дойдуну үс; Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдуларга араарыы олоххо үөскээн тахсар үһүс хайысханы булан таба туһаннахха эрэ табылларын быһаарар. Олоххо үһүс хайысханы булан туһаныыны сахалар баһы-лааннар “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэппиттэр.

Айылҕаҕа туох барыта икки өрүттээҕин арааран билинии, таба туһаныы, үһүс өрүт баарын быһааран, арыйан таһаарар. Икки өрүт икки аҥы барар хайысхалаахтарыттан, үһүс өрүт, ол икки хайысха икки ардыларыгар үөскээн тахсар, ортолорунан ааһар уонна тэҥнэ-һиини, сөбүлэһиини үөскэтэргэ аналлаах ураты хайысха буолар.

Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан иһиитэ киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки аҥы арахсалларын быһаарбыта. Кэмэ кэллэҕинэ бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үһүс өрүт үөскээн тахсарын сахалар арыйбыттара уонна киһи оҥорор быһыыларыгар үһүс өрүт хайаан да баарын, арааран биллэххэ эрэ киһи буолуу, олоҕу киһи быһыылаахтык олоруу кыалларын быһаарбыттара. Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран өйдөөһүн дьон өйө-санаата ордук тупсуутугар, сайдыыны ситиһиитигэр тириэрдибитэ баҕа санаа киһитэ, үчүгэй киһи таҥараны Христоһу үөскэппитэ.

Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран оҥорор быһыытыгар туһанарыгар аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын билэрэ туһалыыр. Өйө-санаата сайдан, тупсан элбэхтик үчүгэй быһыылары оҥоро үөрэнэн киһи буолууну баһылааһына, ситиһиитэ олоххо бөҕө тирэхтэниитин, өйө-санаата туруктаахтык сайдыытын, сыыһа-халты туттубатын үөскэтэр.

Олоххо үһүс өрүт үөскээн тахсыыта биллэр уларыйыылары, араас хамсааһыннары үөскэтэн таһаарар. Иккиттэн биирин талыы үһүс өрүтү үөскэтэн, арыйан таһаарар уратылаах. Ол курдук, икки өрүт икки аҥы хайысхаланан тус-туспа диэки баралларыттан, сөбүлэһиини оҥорон, биир тылы булуннахтарына, икки ардыларыгар, ол аата ортолоругар үһүс өрүт үөскээн тахсан эйэлэһиини үөскэтэр.

Үһүс хайысха баарын омуктар сайдыыларыттан булан ылыы ордук табыллар. Икки омук уһун кэмҥэ эйэлээхтик бииргэ олоруулара үһүс, икки омук тылынан холбуу, буккуйан саҥарар саҥа омук икки ардыларыгар үөскээн, ахсааннара эбиллэн тахсалларын үөскэтэрэ хамсааһыны таһаарар. Саҥа омук бэйэтин билиниитэ, иккиттэн биирин талыыта сир-дойду былдьаһыытын, үтүрүссүүнү үөскэтэн таһаарарыттан олорор сири саҥалыы үллэстии быһаарар кыахтанар.

Сахалар үһүс өрүттэн ордук хайысха сир үрдүгэр суоҕун быһааран олохторугар эмиэ туһаналлар. Ол курдук, хос-хос хаты-ланар быһыылары таба быһаарыыга “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини туһанан үһүс хатылааһын кэнниттэн хос оҥоруу син-биир кыаллыбатын билэн туһаналлар. Ол аата туоҕа эрэ кыаттарбат, табыллыбат дьыаланы үс төгүл боруобалаан, оҥорон көрөн баран эмиэ кыаттарбатаҕына, табыллыбатаҕына аккаастаныы буолара эбэтэр дьыала төрдүттэн уларыйара сөп курдук. Туох эмэ дьыаланы: “Үсүһүгэр табыллыбатаҕына хаһан да табыллыа суоҕа”,- диэн этии чахчы оруннаах. Дьыала үһүстээн оҥоруу кэнниттэн табыллы-батаҕына хаһан да кыаллыбата кырдьык элбэх.

Ханна эмэ барарга икки төгүллээн мэһэй үөскүүр буол¬лаҕына, үсүһэ эмиэ баар буолуо диэни былыргы сахаларга баар “Туох барыта үһүстээх” диэн өйдөбүл саната сылдьар. Өлбүт киһиэхэ пааматынньык сакаастаабыттарын эрдэ ылан бэлэмнээри таһырдьа тахсыбыт-тара олбуорга массыыналара эргийэр сиригэр кыра массыына бадарааҥҥа түһэн, умуллан хаалан баран кыайан собуоттамммакка, барар суолларын мэһэйдээн кэбиспит эбит. Бэйэлэрин аккуммуля-тордарын аҕалан олордон, чүмэчилэрин дэлби ыраастаан, нэһиилэ собуоттаан, илиилэринэн анньан көмөлөһөн кыра массыынаны өр үлэлэһэн бадараантан таһааран суолтан туораппыттара.

Аны пааматынньык ылыытыгар барсыахтаах Андрейдара кэлэн биэрбэккэ өр кэтэһэ сылдьыбыттара. Киһилэрэ кэмниэ-кэнэҕэс кэлбитигэр араас солуну истээри син өр чэй иһэ-иһэ кэпсэппиттэрэ. Кэпсэтиилэрин бүтэрэн массыыналарыгар тахсан олорон бараары оҥостубуттара сымнаҕас сиргэ өр туран массыыналарын көлүөһэтэ тимирэн, батары түһэн хаалбыт эбит. Анньа сатаан баран атын массыынаны булан аҕалан состорон таһаарбыттара эрээри, пааматынньыктарын ыла барбатахтара. Үс төгүл мэһэй үөскээбитин кэнниттэн төрдүһэ даҕаны, тиийэн кэлэн син-биир табыллыбата буолуо диэн өйдөбүл үөскүүрүттэн бара да сорумматахтара. Сарсыныгар тиийээт да ылбыттара. Ыйыталаһан билбиттэрэ бэҕэһээ пааматынньыктарын кырааската ситэ бүппэккэ хаалан өссө бэлэмэ суох эбит. Тиийбиттэрэ да буоллар кыайан ылбакка төннүөхтэрэ эбит.

Табыллыбат дьыаланы хос-хос хатылыы туруу өйдөөх-санаалаах киһи быһыыта буолбатах. “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этии баарын туһаныахха, хаһан эрэ тохтуохха, уларытан атыннык оҥорор кэм кэлбитин билиэххэ. Сахалар үөрэхтэрэ үстэ оҥоруу кэнниттэн табыллыбат буоллаҕына, хаһан да табыллыа суоҕа диэн этэрэ олоххо ордук сөп түбэһэр. Нууччалыы “Не ступай на грабли” диэн этии итини ордук тупсаран, тиийимтиэ оҥорон биэрэр. Ол курдук, тииһэ өрө сытар кыраабылы тииһиттэн үктээтэххэ уга туран кэлэн сүүскэ биэрэр уратылааҕа, куһаҕаны оҥорууттан кэһэтэн үөрэ-тии буолан сороҕор туһаны оҥорорун биллэрэр.

Айылҕа уларыйан иһэринэн икки өрүт; үчүгэй уонна куһаҕан кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэр. Киһи оҥорор быһыылара эмиэ үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсаллар. Оҥорор быһыылар икки ардыларыгар таба быһаарыыны булар уустугун “Икки саары икки ардынан” диэн этии баара чуолкайдыыр. Олоххо маннык кэм үөскээтэҕинэ үһүс өрүт сайдан тахсарын табатык быһааран туһаныы өйдөөх-санаалаах дьон-тон ирдэнэр көрдөбүл буолар. Икки хайысха; үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар биир тутулуктаахтар, ол тутулук киһи биир мэйиититтэн үөскүүр өйүнэн-санаатынан салаллан олору оҥоруута буолар. Оҥорор быһыы бу тутулугун суох оҥорон кэбиһии аҥар өттүн диэки халыйыыны үөскэтэн диктатураҕа тириэрдэн өй-санаа табатык, туруктаахтык, икки өрүтүн тутуһан сайдыытын суох оҥорор.

Тыл үөрэхтээхтэрэ киһи оҥорор быһыылара, айыылара икки аҥы арахсан үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын билбэттэриттэн итэҕэл үөрэҕэр буккууру киллэрэ сылдьаллар. Өй-санаа икки өрүттээх тутулуга айыы диэн соҕотох тылбытыгар иҥэн сылдьарын суох оҥоруу, “аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан куһаҕаны туспа араарыы, айыы диэн тылы аҥардастыы үчүгэй эрэ оҥоро сатааһын улахан сыыһа, өй-санаа икки өрүтүн холбонор тутулугун суох оҥоро сатааһын, туһата суох таах хаалар эрэйдэнии уонна саха дьонун барыларын албыннааһын буолар.

Онон өй-санаа уларыйан биэрэр кэмнэрэ кэлэрин билии, икки өрүт кэнниттэн үһүс өрүтү үөскэтэн таһааран иһэрин таба өйдөөн олоххо туһаныы, өйү-санааны уларытан биэрии өйдөөх-санаалаах дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буоларын туһана сылдьыахпыт этэ.

КУТ – СҮР ҮӨРЭҔИН ТУҺАНЫЫ

Киһи – айылҕа саамай түргэнник сайдар өйдөөх-санаалаах, сайдыыны ситиһэр кыахтаах улахан тыынар-тыыннааҕа буолар. Бу быһаарыы киһи өйө-санаата бары атын тыынар-тыыннаахтартан уратытыгар, өйү-санааны, билиини түргэнник иҥэринэн салгын кута үөскүүрүнэн ордук түргэнник сайдыыны ситиһэр кыахтааҕар саһан сытар. Киһи өйүн-санаатын бу уратытын сахалар былыргы кэмнэртэн ыла арааран билэннэр киһини үс куттаах диэн туспа арааран ааттыыллар уонна Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

Киһи бэйэтэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутаах тутулугар сөп түбэһэн этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, үс куттара уонна сүрэ тус-туспа төрүттээхтэр, сайдыыны ситиһэллэрэ эмиэ уратылаахтар, икки өрүтү үөскэтэллэр:

1. Киһи этэ-сиинэ, тутаах чааһа.

2. Өйө-санаата. Өй-санаа үс кукка уонна сүргэ арахсар.

Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыбатаҕына, киһи буолууну ситиспэтэҕинэ даҕаны киһи курдук көрүҥнээх буолуон сөп. Оннук дьону сахалар “Киһи буолбатах” диэн арааран ааттыыллар. Киһи этэ-сиинэ айылҕаттан быһаччы тутулуктаах уонна өбүгэлэриттэн удьуордаан бэриллэн иһэр тутаах чааһа буолар. Оҕо улаатан истэҕинэ этэ-сиинэ түргэнник улаатан уонна сайдан күүһүрэн баран сааһыран истэҕинэ мөлтөөн-ахсаан барара, кырдьыы кэлэн иһэрин биллэрэр. Былыргы кэмҥэ лаппа сааһырбыт киһи урукку кыайарын кыайбакка эрэйдэнэрин “Кырдьыы кырыыс муҥа” диэн этэллэр.

Хамсаныылары оҥорууттан оҕо быччыҥнарыгар аан бастаан буор кута сайдар, биир сааһыгар икки атаҕар туран хаамары баһылыыр. Хас биирдии быччыҥҥа хайдах хамсаабытыттан үөскээн, мунньуллан иһэр өй-санаа буор кут диэн ааттанар уонна үөрүйэххэ кубулуй-даҕына киһи санаатынан ол быччыҥын хамсатар кыахтанар. Оҕо кыбыытын кыанарга үөрэниитэ быччыҥар үөрүйэх үөскээн санаа-тынан аһылларын, сабылларын биллэрэр.

Аан бастаан өй-санаа, баҕа санаа буолан үгүстүк хатыланан үгэһи үөскэтэр уонна умнуллубат турукка тиийэр, быччыҥы хамсатар кыахтанар уонна араас үлэни оҥоруон сөп. Ол кэнниттэн эти-сиини хамсата үөрэттэҕинэ, үөрүйэххэ кубулуйдаҕына киһи санаатын күүһүнэн быччыҥын талбытынан хамсатара кыаллар кэмэ кэлэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта икки сүһүөхтээх. Ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕалаан тугу саҥаны билбитэ үгэстэри үөскэтэн ийэ кут буолан мунньулларын ийэ кута үгэстэринэн иитиллэр диэн этэллэр, онтон 5 сааһын кэнниттэн өйө-санаата, салгын кута сайдан, бэйэтэ быһаарынан ону-маны оҥороро кыаллар. Киһи өйө-санаата сааһыран истэҕинэ сыыйа мунньуллан, күүһүрэн биэрэрэ биллэр. Айылҕаҕа үүнэр үүнээйилэр биир, буор эрэ куттаахтар, бу өй-санаа эттэрэ-сииннэрэ араас хамсаныылары оҥороругар туһалыыр. Тыынар-тыыннаахтарга өйдөрө-санаалара сайдыыта икки; буор уонна ийэ куттары үөскэтэр, онтон киһиэхэ үһүс, салгын кута эбии үөскээн сайдарын арааран билии сахалар өйү-санааны былыргы кэмнэртэн үөрэтэн саамай үрдүкү таһымын ситиспиттэрин бэлиэтэ буолар.

Үс куттар маннык арахсаллар:

1. Буор кут. Айылҕа бары үүнээйилэригэр, тыынар-тыыннаахтарыгар эттэрэ-сииннэрэ хамсыырыттан үөскүүр өй-санаа баар уонна буор кут диэн ааттанар. Эт-сиин хамсыырыттан, уларыйарыттан үөскүүр өй-санаа сайыннаҕына, күүһүрдэҕинэ эти-сиини бэйэтин хамсатар кыахтанар. Эти-сиини хамсатарга аналлаах, эти-сиини кытта бииргэ сылдьар өй-санаа түмсүүтэ буор кут диэн ааттанар. Төрөппүттэриттэн кэлэр көлүөнэлэригэр этэ-сиинэ удьуор-даан, онтон өйүттэн-санаатыттан буор кута эрэ утумнаан бэриллэр. Эт-сиин элбэхтик хамсаныылары оҥорон үөрүйэх буолуор диэри эрчилиннэҕинэ, дьарыктаннаҕына буор кут эти-сиини уларытар уонна онно иҥэн сылдьар. Үөрүйэх буолууттан үөскээбит буор кут киһи бэйэтин санаатынан ол быччыҥын хамсатар кыахтанар.

2. Ийэ кут. Бары тыынар-тыыннаахтарга буор куту тэҥэ, үөскүүр, сайдар иккис кут, ийэ кут, өй-санаа үгэс буолан мунньуллуута ааттанар. Оҕо кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ саҥаны, уратыны билэн иһиититтэн уонна ийэтин үтүктэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэниититтэн үөскээн, иҥэн иһэр өй-санаа, ийэ кут диэн ааттанар. Ийэ кут өйө-санаата үгэс буолуунан бэриллэр. Үгэс буолбут, ол аата умнуллубат турукка тиийбит уонна хамсаныылары оҥорор кыахтаммыт өй-санаа ийэ куту үөскэтэр.

3. Салгын кут. Үһүс кут – салгын кут киһиэхэ эрэ сайдар кыах-тааҕын арааран билии өй-санаа сайдыытын үрдүкү таһымын ситиһии буолар. Үөрэҕи билии, ылыныы, баһылааһын салгын кут сайдыытын үөскэтэр. Киһи хараҕынан көрөн, кулгааҕынан истэн үөрэнэр үөрэҕэ, билиини ылынара салгын кут диэн ааттанар. Ол аата үөрэх, билии, түргэнник сайдар өй-санаа салгын куту үөскэтэллэр. Бу кут биллэр уратытынан мэйии араас доргуйууларыттан, арыгы, наркотик дьа-йыыларыттан көтөн, баран, суох буолан хаалара буолар.

Өй-санаа бу уратыларын, үс аҥы тус-туспа арахсыыларын сахалар былыр-былыргыттан түүл үөрэҕин туһанан билэн олохторугар туһа-налларын, бу куттар хайдах үөскүүллэрин, тугунан арахсалларын, тугу туһалыылларын быһаарарга аналлаах; үөрүйэх, үгэс уонна үөрэх диэн тыллары үөскэтэн туһана сылдьаллара биллэрэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыытын, үгэстэрэ үөскээһиннэрин таба сыаналаан олоххо туһаныыттан уонна түүллэри үөрэтииттэн сахалар Кут-сүр үөрэҕин үөскэппиттэр. Бу үөрэх киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, үс куттара тус-туспаларын, үөрэҕи-билиини ылыналлара уратыларын арыйан төрөппүттэргэ тириэрдэр аналлаах.

Сахалар “Кут-сүр үөрэхтэрэ” быһаарыытынан киһи үс куттаах; буор, ийэ уонна салгын кут диэн араарыллан ааттаналлар. Бу куттар сүр диэн ааттанар санаа күүһүнэн холбуу тутуллан сылдьалларыттан киһи буолуу, киһилии быһыыланыы кыаллар. Ону тэҥэ, киһиэхэ эрэ салгын кута сайдарынан, үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан иһэринэн киһи киһилии быһыылары оҥорор буола өйө-санаата сайдыытыгар тириэрдибит. (1,75). Салгын кут киһи сайдыыны түргэнник ситиһэрин үөскэтэн олоххо тупсуулары оҥоруу кыаллыбыт.

Онон оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын быһаарар Кут-сүр үөрэҕин олоххо, оҕо иитиитигэр туһана сылдьыы аймахтар уонна омук уһун үйэни ситиһэллэрин хааччыйар.

КИҺИЛИИ ӨЙ-САНАА ҮӨСКЭЭҺИНЭ

Олус былыргы кэмнэртэн бары тыынар-тыыннаахтар киэҥ тайҕаҕа үөскээн айылҕа сокуонун тутуһан тыһыынчанан сылларга сыыйа сайдан испиттэр. Икки атаҕынан хаамарга, илиилэринэн туһанан үлэни үлэлииргэ үөрэммит киһи курдук көрүҥнээх улахан харамай өйө-санаата атыттартан уһулуччу сайдан тахсан салгыы үлэ араас тэриллэрин оҥостон барыларын баһыйбыт. Булт тэриллэрин оҥосто үөрэниитэ үгүс тыынар-тыыннаахтары булка, идэһэҕэ кубулутарыгар кыах биэрэн үгүстэр тэйиччи куоппуттар. Сомоҕотто суруйарынан киһи диэн тыл майааттар үөскэппит тыллара эбит. Киһи үлэни оҥороруттан өйө-санаата, салгын кута түргэнник сайдан тахсан атын кыыллартан, сүөһүлэртэн бэйэтин туспа араарынан, уратытын билинэн ааттаммыт тыла – киһи диэн буолар. Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиини тутуһаннар киһи үчүгэй санаалаах буоларын алгыһы истиинэн үөскэтэллэр. Үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин туһанан үчүгэйи үксэтэллэр. Ону тэҥэ, үчүгэй санаалар элбииллэригэр куһаҕан, туһата суох санаалартан ыраастана сылдьыы тириэрдэрин таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһаналлар. Ол курдук, куһаҕан санаалар түргэнник мунньуллан киһиэхэ үгэс буолан хааллахтарына оҥорор быһыыны куһаҕан өттүгэр уларытан кэбиһиэхтэрин сөбүттэн сэрэнэн умнан кэбиһэ, хааллара, ыраастана сылдьаллар.

Санаа элбэхтэ хатыланан баҕа санааҕа кубулуйдаҕына киһи ол санаатын оҥорон кэбиһэр кыахтанар. Иннэ-кэннэ, үчүгэйгэ эбэтэр куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ өссө биллибэт баҕа санааны киһи салгын кута сайдарынан оҥорон кэбиһэр кыахтааҕа сыыһа-халты туттунарыгар, аһара барыылары оҥороругар тириэрдэн кэбиһэрэ киһи бэйэтэ айылҕаҕа улахан кутталлаахха кубулуйарын биллэрэр. Киһиэхэ салгын кута сайдара саҥаны айыылары оҥорон олоххо түргэнник киллэрэрин үөскэтэн атыттары, кыыллары, сүөһүлэри лаппа баһыйан бэйэтигэр үлэһит көлөлөрүнэн оҥостубут уонна идэһэ оҥорон аһылыкка туттар буолбут. Бу өй-санаа сайдыытыттан уонна оҥорор быһыы тупсуутуттан үөскээн тахсыбыт икки өрүттэр киһи уонна сүөһү диэн ааттаныылара олоххо киирбитин бэлиэтээн, бу тыллар туттулла сылдьаллар. Киһи уонна сүөһү өйдөрө-санаалара тус-туспа арахсыылара аан маҥнай оҥорор быһыыларын уратыларынан ордук чуолкайдык быһаарыллар кыахтаах:

1. Саатар, кыбыстар майгы үөскээһинэ.

2. Таҥаһы оҥостон таҥныы.

3. Үлэлиир тэриллэри оҥостуу сайдыыта.

4. Аһынар, харыстыыр санаа үөскээн атыттарга, мөлтөхтөргө, кыамматтарга, кыраларга көмөлөһүү олоххо киириитэ.

5. Уоту туһаныыттан олорор дьиэни сылытыыны туһаныы.

6. Аһыыр аһылыгы буһаран сиэһин тарҕаныыта.

7. Оҥорор быһыы, үлэни оҥоруу уонна майгы салгыы тупсуута.

Киһи өйө-санаата, салгын кута сайдыыта уонна оҥорор быһыы-тын бу биллэр уратылара бэйэтин кыыллартан, сүөһүлэртэн туспа араарыныытын үөскэтэн олоххо киллэрбиттэр. Киһиэхэ салгын кута сайдыыта оҥорор быһыытыгар уонна саҥаны айыыны оҥороругар түргэнник, саба быраҕан кэриэтэ быһаарыыны ылынан иһэригэр тириэрдэн сайдыыны ситиһэрин биллэрдик түргэтэппит.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ киһи өйө-санаата саҥа үөскээн истэҕинэ үөскээбитин саха тыла биллэрэр. Ол курдук, аан бастакы үлэни оҥоруу аҕыйах дорҕоонноох тыллара иҥэн сылдьаллара үлэни оҥорууттан тыл үөскээбитин быһаарар. Ыл, тут, мэ, ук, быс диэн тыллар киһи оҥорор үлэлэрэ саҕаланыыларын биллэрэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан бастакы оҥорор үлэтинэн тугу эрэ хам тутан ылыыта буолар уонна салгыы сайдан тардыалыыры туһанарыгар тириэрдэр.

Оҕо улаатан иһэн сайдыыны ситиһэригэр аналлаах сыаллардаах буолара табыллар. Улаатан иһии диэн оҕо ситиһэ сатыыр бастакы уонна тутаах сыала буолар. Сахалар “Оҕом улаатан иһэр” диэн этэн улаатарга баҕа санааны иҥэрэн биэрэллэр. Улаатан иһэн ситиһэ сатыыр сыалынан киһи буолуу диэн буолар. Ол аата бары оҥорор быһыыларын барыларын улахан киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэниитэ, үлэни үлэлиири баһылааһына уонна үчүгэйи, куһаҕаны тус-туспа табатык арааран туох оҥороругар барытыгар туһаныыта киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр.

Киһилии өйү-санааны тутустахха киһи буолууну ситиһии кыал-лар. Олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата, оҥорор быһыылара тупсан кыыллартан, сүөһүлэртэн арахсар, туспа барар кэмнэриттэн киһи буолуу үөрэҕэ сахаларга сайдан Үрүҥ Аар тойон таҥараны үөскэппит. Киһилии быһыылары оҥоруу киһи буолууну биллэрэр суолталанан кыыллартан, сүөһүлэртэн арахсыыга тириэрдибит.

Киһи буолууну ситиһии биир тутаах бэлиэтинэн оҕо улаатан кэргэн, ыал буолуута ааттанар. Ыал буолуу диэн оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһиэхтээх биир бэлиэ кирбии кэмэ буолар. Төһө эрдэлээн киһи буолууну баһылыыр, бу таһымы ситиһэр даҕаны олоххо туһалааҕы, үйэлээҕи оҥорор кыаҕа улаатар. Киһилии быһыы-лары оҥорор буолуу өй-санаа уратытынан уонна сайдыытынан, олох сайдан истэҕинэ тупсуутун ситиһиинэн быһаарыллар.

Киһи буолууну быһаарыыга Кут-сүр үөрэҕэ туһаны оҥорор. Бу үөрэххэ киһи эрэ үс; буор, ийэ уонна салгын куттаах диэн этиллэр. Атын тыынар-тыыннаахтар икки; буор уонна ийэ куттаахтар, онтон үүнээйилэр, мастар биир, буор эрэ куттаахтар. Киһиэхэ эрэ салгын кута сайдыыта өссө үгэскэ кубулуйа илик; үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара араарыллан биллэ илик билиилэри оҥорор быһыытыгар кубулутан туттарыгар тириэрдэрэ элбэх сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиһэрин үөскэтэн иһэр. Кут-сүр үөрэҕин бу быһаарыыта киһи оҥорор быһыыларыттан, араас ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыы-лары булан оҥоро сатыырыттан уонна сыыһа-халты туттунарыттан, “Үрүҥү, хара диир” диэн этиигэ сөп түбэһэр арахсыылар баар буолан иһэллэриттэн улахан кутталлар сир үрдүгэр үөскээн тахсыахтарын сөбүн биллэрэр.

Сахалар үөрэхтэринэн киһиэхэ эрэ өйө-санаата, салгын кута сайдарынан үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан сайдыыны ситиһэр кыахтаах. Өй-санаа бу уратыта сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар уонна киһини эрэ туспа арааран “ким”, “кини” диэн ааттыырынан, “кимий?” диэн ыҥырарынан толору быһаарыллар. Айылҕаҕа үөскүүр бары атын кыыллар, көтөрдөр уонна араас маллар, эттиктэр саха тылыгар “ол”, “бу”, “туох” диэн ааттаналлар, “тугуй?” диэн ыҥырыллаллар. Бу быһаарыы балар өйдөрүгэр-санааларыгар салгын куттара сайдыбаты-гар уонна киһиэхэ улаханнык тиийбэтигэр, хаһан да тэҥнэспэтигэр олоҕурар. Киһилии өйбүт-санаабыт олоххо туһалаах уратылара былыр-былыргыттан төрөөбүт тылбытыгар иҥэн сылдьалларын харыстыырбыт, тыл үөрэхтээхтэрэ ону-маны эттэхтэрин аайы уларыта сатаабаппыт, атын, кэлин үөскээбит, буккуллубут өйдөөх-санаалаах омуктары үтүктэ сатаабаппыт эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Киһи оҥорор быһыыларыттан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруу үөскээн тахсарын биллэрэр айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын сэбиэскэй былаас тобохторуттан; тыл үөрэхтээхтэриттэн, була сатаан ону-маны суруйааччылартан, учуонайдартан үлэһиттэр харыстыыр, көмүскүүр кэмнэрэ кэллэ. Бу тыл икки өрүттээх өйдөбүлэ сахалар олохторугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулугун тутуһалларын биллэрэр. Ол аата сахалар бэйэлэрэ да билбэттэринэн, аныгы олох көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр демократия үөрэҕин олохторугар туһана сылдьаллар.

Оҕону иитэн, үөрэтэн улаатыннарыыга Кут-сүр үөрэҕин туһаныы өйө-санаата туруктаахтык сайдарын үөскэтэр. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллибит буоллаҕына, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатара киһилии быһыыланан олоххо сайдыыны аҕалар кыахтанарын биллэрэр.

Онон оҕо улаатан иһэн ситиһэр олоҕун тутаах сыалынан киһи буолуу ааттанар уонна араас үлэлэри баһылаан киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыахтанарыгар тириэрдэр.

ИККИ ТАҤАРАНЫ ҮӨСКЭТИИ

Өй-санаа сайдан иһиитэ киһи үөрэҕи хайдах ылынан, иҥэринэн иһэриттэн улаханнык тутулуктанар. Киһи үөрэҕи ылынара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсарын саха тыла биллэрэр. Үөрэҕи ылыныы икки өрүттээҕин уонна киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыны оҥороллоро уратылааҕын сахалар арааран билэн икки тус-туспа таҥаралары үөскэтэн олоххо киллэрэн туһаналлар:

1. Үөрэтии. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрин бары этиилэрин истэрэ, толороро үөрэтиигэ түбэһэрин биллэрэр. Атын киһи үөрэҕи иҥэрэн биэриитэ үөрэтии диэн ааттанар. Бу кэмҥэ үчүгэй быһыылары оҥотторон үчүгэй үгэстэри ийэ кутугар иҥэрэн биэрдэххэ үчүгэй иитиилээх оҕо буола улаатара кыаллар.

Хаамары ситиспит улаатан иһэр оҕо итии тэриллэри тыытан итиигэ буһара элбэхтик бэлиэтэнэр. Оҕо тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарытан кыра ыарыыны үөскэтэн биэрии “Хаарытан үөрэтии” диэн ааттанар уонна ону-маны сэрэҕэ суох тардыалыы сылдьарын аҕыйатан туһаны оҥорор. Ыарыы киһиэхэ буор куту сонно үөскэтэн биэрэринэн хаһан да умнуллубат үөрэх буоларын кыра оҕону аһара барбатыгар чыпчархай үөрэтэрэ туттулла сылдьара быһаарар.

Биирдэ эмэтэ тугу эмэ оҥорорго сыыһа-халты туттунан кэбиһии киһиэхэ элбэхтик ыарыыны, кэһэйиини үөскэтэринэн умнуллубат үөрэҕи биэрэн иҥэрэр. Маннык үөрэҕи сахалар “Кэһэтэн үөрэтии” диэн ааттыыллар уонна туһана сылдьаллар. Үлэни оҥорууга сыыһа-халты туттубат туһугар киһи күүһүн уонна хамсаныылары оҥорорун түргэнин тэҥнээн биэрэригэр анаан “Нэми билэн туттунуу” диэн үөрэҕи оҥорон туһаналлар. Бу үөрэх ханнык баҕарар хамсаныылары, араас үлэни оҥорууга туттулла сырыттаҕына эрэ табыллар.

“Кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах” диэн этии ханнык эрэ ыгааһын, күһэйии киһини үөрэтэр күүһэ улаханын уонна тиийим-тиэтин биллэрэр. Ол курдук, кымньыы ыарыыны үөскэтэриттэн киһини үүрэр, тиэтэтэр дьайыылааҕа былыргыттан биллэрэ ыарахан үлэни тулуйууга туһаны оҥорор. Үөрэтээччи кытаанах, дьиппиэн, этэр тылын иһитиннэрэр буоллаҕына үөрэҕэ тиийимтиэ, толоруллар кыаҕа улахан буолар. Онно ханнык эрэ ыарыы эбилиннэҕинэ үөрэҕи хаһан да умнуллубат буолууга тириэрдэр.

Киһи атын, олоххо элбэх уопуттаах киһини батыһан, үтүктэн, үөрэтэр этиилэрин толорон, оннук үгэстэри үөскэтинэн эбэтэр бэйэтэ сыыһа-халты туттунарыттан, сыыһаны оҥороруттан кэһэйэн үөрэнэрэ кытаанахтык, дьарыйан үөрэтээччи Улуу Тойон таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит. Сахалар бэйэлэрэ айылҕа ыараханын тулуйалларыттан, олохторугар, үлэлэригэр сыыһа-халты туттунартан кэһэйэннэр Улуу Тойон таҥараны үөскэтэн сэрэхтээх буолууларын улаатыннараллар.

2. Үөрэнии. Оҕо улаатан салгын кута сайдан истэҕинэ бэйэтэ быһааран ону-маны оҥороро эбиллэн биэрэн иһэр. Бэйэтин билинэрэ үөскээн “Мин бэйэм” диэн этиини туһанар буолара кэлэр. Бу баҕа санаа улаатан истэҕинэ өйүн-санаатын сайыннаран бэйэтэ үөрэҕи баһылаан ылынара олоххо киирэр уонна үөрэнии диэн ааттанар. Ол аата бэйэтэ оҥорон боруобалаан көрөн сөптөөҕүн, сыыһата-халтыта суоҕун булан ылыыта үөрэниини үөскэтэр. “Кыһалҕа кыһайар” диэн этии киһи бэйэтин өйүн-санаатын сайдыытынан тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннаран ыараханы да кыайарын биллэрэр.

Киһи бэйэтин өйө-санаата, салгын кута сайдарынан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэн олоҕор, оҥорор быһыыларыгар улахан уопуттаах Үрүҥ Аар тойон таҥараны үтүктэн, батыһан туһана үөрэниитэ сайдыыны ситиһэригэр тириэрдибит.

Билигин киһи өйө-санаата сайдыытын арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр 5 эбэтэр 6 сааһыттан салгын кута сайдан барарыттан ааҕан туһаналлар, араас үөрэхтэри түргэнник ситиһиннэрэ сатыыллар. Ол эрээри, киһи өйө-санаата үйэтин тухары аҥардастыы салгын кутунан салаллан кыайан сылдьыбат. Олох биир эмэ ыксаллаах түгэнигэр киһи салгын кута көтөн, баран хааларынан киһини салайыыны ийэ кута ылынан оҥорор. Бу кылгас, уустук кэм үөскээн таҕыстаҕына сыыһа-халты туттунара киирэн хаалар киһи олус улахан куһаҕан быһыыны оҥоро охсон кэбиһэн алдьархайга түбэһиэн сөп. Билигин үгүс эдэрдэр кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитиллэн хаалбыттара тардарынан биир эмэ түгэҥҥэ сыыһа-халты туттунан, эдэр олохторун куһаҕан өттүгэр салайан кэбиһэллэригэр тиийэн хаалаллара элбээн сылдьар.

Киһи үөрэҕи ылынан иҥэринэрин бу икки өрүттэрин дьон билэн олохторугар туһаналлара “Үөрэҕи ылынар киһи атын дьон сыыһа-ларын көрөн үөрэнэр, онтон атыттар бэйэлэрин сыыһаларыттан эрэйдэнэн үөрэнэллэр” диэн этии чуолкайдык быһаарар. Сахалар өй-санаа сайдыытын үөрэтэн, билэн олохторугар туһанар биир уратыларынан таҥара үөрэҕин туһаналлара буолар. Таҥ, таҥар, таҥара диэн тыллары туһанан өй-санаа үгэс буолан хомуллан, мунньуллан, таҥыллан үөскүүрүн биллэрэр таҥара үөрэҕэ былыр-былыргыттан бэйэбит төрүт үөрэхпит буолар. Бу үөрэҕи улаханнык арбаабаталлар, өрө туппаталлар даҕаны төрөппүттэр бары туһана сылдьаллар. Оҕолорун “киһи буол”, “кини курдук буол”, “хаһан улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолаҕын” диэн үөрэҕи тутуһан, үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын оҕо үтүктэн үөрэниитэ, оннук баҕа санаалары иҥэриниитэ таҥара үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар. Үтүктэр, батыһар киһитэ суох буолан хааларыттан арахсыбыт ыаллар оҕолорун өйө-санаата сайдыыта аҥар өттүгэр халыйарыттан “Тулаайах оҕо”, “Аҥардас дьахтар оҕото” диэн хайдах ииппиттэ-риттэн улахан тутулуктаах этиилэри үөскэппиттэр. Толору, үлэһит, көрсүө, сэмэй, киһилии майгылаах ыалга иитиллибит оҕолор эрэ өйдөрө-санаалара туруктаах буоларын сахалар бэлиэтииллэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, ийэ кутугар үгэстэрэ үөскээһи-нигэр кыра эрдэҕинэ иҥэриммит баҕа санаата ылар оруолун таба сыаналаан үчүгэйи оҥорууга иитии, үөрэтии үчүгэй киһини, ол аата киһи таҥараны үтүктүүнэн үөскээһинин сахалар олохторугар туһа-наллар. Таҥара үөрэҕэ үлэни үлэлииргэ уонна тулуурга, туттунар күүстээх буолууга үөрэтэринэн эр дьон баһылаан иһэллэр. Билигин даҕаны бары таҥара үөрэхтэрин эр дьон салайа сылдьаллар.

Киһи үөрэҕи, билиини ылынарын уратыларын, икки өрүттээҕин таба сыаналаан, олоххо икки таҥара баар буолара өйү-санааны таба суолунан салайан сайыннарарын быһааран, сахалар икки таҥараны; сымнаҕас майгылаах, бэйэтэ үтүктэн, батыһан үөрэнэр Үрүҥ Аар тойону уонна кытаанах, өһөс майгылаах тулууру, туттунар күүһү улаатыннарар Улуутуйар Улуу тойону үөскэтэн туһаналлар.

Кырыалаах кыһыннаах, бытарыттар тымныылаах бу хотугу дойдубутугар сытан биэрэн тоҥон өлөн хаалбакка сылгы, ынах сүөһүлэри көрөн-истэн сайыннарыыны, араас тутуулары тутууну кытаанах, өһөс майгыга иитэр-үөрэтэр, тулууру үөскэтэр Улуу тойон таҥарабыт баар буолан кыайбыппытыгар сөп. Таҥара үөскээһинин уонна олоххо туһаныллыытын туһунан биһиги “Киһи таҥара” диэн үлэбититтэн билиэххэ сөп. (2,65).

Онон сахалар киһи үөрэҕи, билиини ылынара икки өрүттээҕин былыргы үйэҕэ быһаараннар өй-санаа сайдыытыгар икки таҥараны үөскэтэн туһана сылдьаллар.

“ТУОХ БАРЫТА КЭМНЭЭХ-КЭРДИИЛЭЭХ”

“Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиини сахалар үөскэтэн олохторугар куруук туһаналлар. Бу этии үөскээһинигэр Айылҕаҕа туох баар барыта, ол иһигэр тыынар-тыыннаахтар бары, кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, саҥалыы үөскүүр кэмнэрэ тиийэн кэлэрин сахалар арааран билиилэрэ уонна олоххо туһаныылара олук, тирэх буолбут. Бу саҥалыы уларыйар кэм тиийэн кэлиитин, билигин даҕаны өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон арааран билэн олоххо таба туһан-нахтарына, олох салгыы сайдан иһиитин хааччыйар кыахтаналлар. Кэм ылар оруола киһи олоҕор аһара үрдүк. Кэлиэхтээх кэмиттэн эрдэлээн эбэтэр хойутаан хаалыы диэн киһи олоҕор табыллыбат буолууну үөскэтэр. “Олоруу хайдаҕый?” диэн куруук туттуллар ыйытыыга “Олоруу кэминэн” диэн хардары этиини туһаналлар. Ол аата олоҕу олоруулара кэмиттэн эрдэлээн дуу, хойутаан дуу хаалбакка биир тэҥник долгуйбакка эрэ баран иһэрин биллэрэллэр.

Сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын билэллэриттэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун бэйэлэрэ үчүгэй диэн ааттыыр үгэстэринэн иитэн биэрэллэр уонна талбытынан ону-маны оҥоро сылдьарын тохтотон көҥүлүнэн ыытан кэбиспэттэр. Кут-сүр үөрэҕин туһаннахха оҕону көҥүлүнэн ыытан “Баска ытыннаран кэбиһии” тохтотуллар, төрөппүтэ этэрин оҕото толорор буоллаҕына иитиитэ табыллара ситиһиллэр. Оҕо оонньуу сылдьыыта эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолуута үлэҕэ үөрэнэригэр кыаҕы биэрэр.

Олох кэминэн, долгуйбакка баран иһиитэ оҕо киһи буолууну улаатан иһэн ситиһэн кэмигэр ийэ, аҕа буоларыгар тириэрдэрэ эрэйиллэр. Дьон бары оҕолоро кэмигэр ыал буолан, тэҥнээхтэрин булунан, элбэх сиэннэри аҕалан олохторун салгыахтарын баҕараллар. Билигин ырыынак кэмэ кэлэн дьон баайдара-маллара сыыйа эбиллэн иһэриттэн кэлэр көлүөнэлэригэр, оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ биллэрдик улаатан биэрдэ, оҕо иитиитигэр, киһи буолууну ситиһэригэр, өйө-санаата сайдан тупсуутугар кыһаналлара элбээтэ.

Кэм кэрдии диэн туох барыта кэмигэр кэлэн иһэрин, кыһын кэнниттэн саас, онтон биирдэ сайын кэлэрин быһаарар. Саха дьонун үгүстэрин олохторо айылҕаттан быһаччы тутулуктааҕынан айылҕа кэмин уларыйыыларыгар эрдэттэн бэлэмнэнэргэ үөрэммиттэр. Ол курдук, “Барыта кэмигэр” диэн этии үлэҕэ-хамнаска сыһыана сүүнэ улахан. От оттонуута, мас мастаныыта, муус ылыыта барыта бэйэтин кэмигэр оҥоруллара олох көрдөбүлүгэр кубулуйан хайаан да тутуһуллуохтааҕа быһаарыллар. Манна “Сыарҕаны сайын оҥостуохха” диэн этии өй-санаа олох хаамыытыттан балачча эрдэлээн киирэрэ ордугун уонна ону олоххо туһаныы улахан табыллыыны оҥорорун быһаарар.

Бу быһаарыыны өссө сайыннаран биэрии сахалар өйдөрө-санаалара олохторун уопутуттан сайдан, үүнэн киэҥ, дириҥ силистэммитин арыйар. Ону маннык холобурдартан билиэххэ сөп. Хаһан эрэ кэлиэхтээх кыһыҥҥа бэлэмнэнэн сүөһү сиир отун сайын үтүө кэмигэр сынньана сыппакка, күүлэйдии сылдьыбакка, кыайа-хото оттоотоххо эрэ табылларын тыа сирин үлэһиттэрэ туһаналлар.

Быйыл төрөөбүт торбос хаһан улаатан туох эмэ туһаны таһаарыар диэри түөрт сылтан ордук кэмҥэ көрүөххэ-истиэххэ, аһатыахха наадата, сахалар инники олохторун ордук сылыктаан билэллэрин, олохторугар ол билиилэрин туһаналларын биллэрэр. Уһуну-киэҥи санаан ыарахан үлэни үлэлээн олохторун оҥосто үөрэнэн быстах быһыыга киирэн биэрэллэрэ аҕыйаҕын, сэбиэскэй былаас саҥа үөскээн эрдэҕинэ үгүс үлэни-хамнаһы кыайар үлэһиттэр салайар былааһы быстар дьадаҥылар былдьаан ылыыларын букатын сөбүлээ-бэтэхтэрэ, саа тутан сэриилэһэ сатаабыттара дакаастыыр.

Киһи этэ-сиинэ диэн тутаах чааһа. Эти-сиини көрүү-истии уонна араас хамсаныыларынан эрчийэ сылдьыыны киһи куруук оҥороро эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Бу эт-сиин туругуттан киһи үйэтин уһуна тутулуктааҕа “Үлэ киһини айбыта” диэн этиинэн быһаарыллар. Киһи өлүүтэ араас ыарыылар киирэн буулааннар тыыннаах сылдьар кыаҕын былдьатыытыттан кэлэр. Дьон эстиилэрэ эттэрэ-сииннэрэ эргэрэн, сылайан барарыттан кэлэрин “Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн өс хоһооно биллэрэр.

Кэмэ кэллэҕинэ дьон эстэн, симэлийэн иһиилэрэ, бөҕө эттээх-сииннээх атыттарынан солбуллуулара тиийэн кэлэрин олохторугар киирэр биллэр уларыйыылар быһаараллар:

1. Киһи өлүүтэ.

2. Аймахтар уларыйыылара.

3. Омуктар эстиилэрэ, симэлийиилэрэ.

Бу дьон олоҕор сыыйа-баайа, биллибэтинэн курдук киирэн иһэр улахан уларыйыылары арыыйда дириҥэтэн ырытыахпыт:

1. Киһи үйэтин уһуна биллэр, ортотунан 100 сыл буолар диэн ааҕаллар. Биир киһи өлөн хаалыыта чугас аймахтарын эрэ таарыйар. Олоҕу хайдах олорортон, тугу иһэртэн, аһыыртан, сыыһа-халты туттубаттан киһи үйэтин уһуна улаханнык тутулуктанар. “Хамсаныы – олох төрүтэ”, “Үлэ киһини айбыта” диэн этиилэр хамсаныы, үлэлии сылдьыы киһи олоҕор улахан туһалаахтарын биллэрэллэр. Өлүү тиийэн кэлэрэ биллэриттэн оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри кэмигэр үөскэтэн иһиини бары туһана сылдьаллар.

2. Биир хаан аймахтар үйэлэрин уһунун династиялары үөрэтэн быһаарыы чуолкайдыыр. Биир хаан аймахтар аҕа уустарын, династияны үөскэтэллэр. Романовтар династиялара 305 сыл устата Россияны салайбыта. Мин ортотунан ылан быһаарыыбынан хаан аймахтар үйэлэрин уһуна 300 сыл курдук кэмҥэ тиийэр. Аймахтар олохторун уһатыы “Хааны тупсарыы” диэн ыал буолууга туһанар үгэстэн улаханнык тутулуктанар. Кэмэ кэллэҕинэ аймахтар хаан-нарын тупсаран биэрэр туһугар атын аймахтардыын холбоһон оҕо төрөттөхтөрүнэ үйэлэрэ биллэрдик уһуур кыахтанар. Эр киһи сай-дыылаах буор кутун салгыы илдьэн иһии аймахтар үйэлэрин уһатар, онтон эстиилэрэ диэн атын аймахха уларыйыылара буолар.

3. Аан дойдуга элбэх аймахтар холбоһон араас; кыра, улахан омуктары үөскэтэллэр. Тус-туспа аймахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолан холбоһууларыттан, хааннарын тупсаран иһиилэриттэн эттэрэ-сииннэрэ тупсан, бөҕөргөөн уһун үйэни ситиһэр кыахтара эбиллэн иһэр. Кыайан хааннарын тупсаран атын аймахтардыын холбоһон испэтэх аймахтар сүтэн, симэлийэн атыттарга уларыйан иһэллэр. Ол иһин сахалар анаан “Ыал буолуу үгэстэрин” олохтоон саҥа ыалы тэрийиигэ былыргы кэмнэртэн туһана сылдьаллар. Икки хас омуктар биир сиргэ эйэлээхтик өр кэмҥэ олордохторуна бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолан холбоһуулара элбээн икки ардыларыгар саҥа, бааһынай омук үөскээн тахсан, атыттары үтүрүйэн, олорор сирдэриттэн сыҕарытан, үүрэн барар кэмэ кэлэр. Кэмэ кэллэҕинэ саҥа омуктар үөскээн тахсан ахсааннара биллэрдик эбиллэн иһэриттэн кырдьаҕас омуктары симэлитэн “Тыал буолбут-тарга” кубулуталлар. Киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыт, импиэрийэни үөскэппит омук эстэр кэмэ кэлиитэ улахан хамсааһыны үөскэтэр. Омук үйэтин уһуна элбэх аймахтар олохторун холбуурун ааҕан 900 сылга тиийэр диэн мин быһаарабын.

Эр киһи үйэтин устатыгар этэ-сиинэ кырыйдаҕына мөлтөөһүнүттэн эрэ уларыйарыттан кэм дьайыыта биллэр уустуктары үөскэп-пэт. Дьахтар оҕо төрөтөр кэмэ 35 сааһыттан бүтэриттэн эдэриттэн оҕолонор туһунан саныы сылдьарыгар айылҕата соруйан улаатан иһэн баҕа санаата эргэ тахсыы буолар. “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн өс хоһооно ити уларыйыы кэлэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэргэ ыйан биэрэн сааһырдаҕына соҕотохсуйан хаалартан быыһыырга аналланар.

Кэм диэн айылҕа уларыйбат тутулуга буолар. Кэм иһинэн биир өрүт атын өрүтү кытта солбуйсан, уларыйан биэрэллэрэ тиийэн кэлэн иһэллэр. Суукка диэни күн уонна түүн, онтон сыл диэни сайын уонна кыһын холбоон үөскэтэллэринэн биир тутулуктаахтар. Ону тэҥэ, хайа эрэ өрүт атынын аһара баран хаалларан кэбистэҕинэ уларыйыы, солбуйсан биэрии эмиэ тиийэн кэлиэн сөп. Өй-санаа бу биллэр уратылара саха буолууну, сахалыы өйү-санааны атын омуктартан туспа араараллар уонна биһиги олус былыргы төрүттээхпитин, өйбүт-санаабыт, Киһи таҥарабыт, Кут-сүр, киһи буолуу үөрэхтэрэ олус былыргы кэмнэргэ сайдыбыттарын быһаараллар.

Онон күн уонна сир “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугу тутуһан бииргэ сылдьалларыттан кэм уларыйыыта сотору-сотору кэлэн айылҕаҕа уларыйыылар киирэллэр.

КИҺИ - АЙЫЛҔА ОҔОТО

Сахалыы өй-санаа уратылара айылҕаҕа киһи бэйэтин миэстэтин булунуутуттан саҕаланан үөскээбиттэр. Киһи күүһэ кыратыттан бэйэтэ айылҕаттан тутулугун, бас бэринэрин билиннэҕинэ айылҕаны, олорор сирин, дойдутун харыстыыр, көмүскүүр санаата улаатар.

Сахалар бэйэлэрэ айылҕа оҕото буолалларын билинэллэр, “Киһи – айылҕа оҕото” диэн этинэллэр. Бу этии киһи айылҕаҕа ылар миэстэтин, оруолун, кыратын быһааран өйө-санаата аһара барарын, айылҕаны алдьатарын, баһылыы сатыырын хааччахтыыр аналлаах. Ону тэҥэ, айылҕаны харыстыырга, буортулаабакка, уларыйбакка өр кэмнэр усталарыгар биир кэмник турарыгар баҕа санаалара элбэх. Сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайар үрүҥ күн, күөх халлаан, үрэхтэр, өрүстэр ыраас дьэҥкир уулара, күөҕүнэн чэлгийбит алаастар уонна онно мэччийэ сылдьар сүөһүлэр сахалар үтүө, үчүгэй, олохторугар ситиһэ сатыыр баҕа санааларын үөскэтэллэр.

Саха киһитэ айылҕа оҕото буоларын билиниитэ олус дириҥ суолталаах, өй-санаа төрүттэрин, сайдан иһиитин суолун таба быһаарыы буолар. Айылҕа бэйэтэ киһини айбытын, үөскэппитин, киһи айылҕаттан кыратын, “оҕото” эрэ буоларын билиниитэ айылҕаҕа дьиҥнээх бэйэтин миэстэтин арыйар, оннун булларар, аһара өйдөө-ҕүмсүйэн, ураты күүстээх, кыахтаах курдук сананан айылҕаны алдьатан, буортулаан барарын тохтотууга туһалыыр. Киһи айыл-ҕаттан кыратын, оҕото буоларын билиниитэ айылҕаны ордук кыһанан харыстыырыгар, уларыта, өрүстэри төттөрү сүүрдэ сатаабатыгар тириэрдэр олус дириҥ суолталаах быһаарыы буолар.

Сахалар дьиҥнээх итэҕэллэрин билбэт, өй-санаа, таҥара үөрэх-тэрин анньа ахтыбат, араас, диктатура тутулугун диэки халыйан хаалбыт атын омуктары үтүктээччилэр сахаларга “творец”, оннук “айыы” баар диэн этэллэрэ таһы-быһа сымыйалааһын буолар. Ол курдук, сахалар “Киһи - айылҕа оҕото” диэн билиниилэрэ айылҕаны ханнык да киһи, таҥара айбатаҕын дьоҥҥо биллэрэр. Итини тэҥэ, айыы диэн тыл “творец” диэн айылҕаны айбыта диэн өйдөбүлэ букатын суох, арай киһи ураты айыылары; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айан кыра саҥаны айыыны оҥорорун эрэ быһаарар суолталаах.

Сир күн планетата буолан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн, икки өттүттэн тутулуктааҕыттан, бэйэтин киинин уонна күнү тула эргийэриттэн, хардары-таары хамсааһыны, саҥалыы тэҥнэһиини үөскэтэн иһэрэ, уһун үйэлэргэ айылҕа сайдан, билиҥҥи туругун ситиһиитигэр тириэрдибитэ.

Бу быһаарыы айылҕаҕа туох баарга барытыгар дьайыыта тиийэ-риттэн уонна киһи бэйэтэ эмиэ сөп түбэһэринэн икки өрүттэнэр:

1. Киһи этэ-сиинэ биир тутаах өрүтэ буолар.

2. Өйө-санаата, куттара уонна сүрэ иккис өрүтүн үөскэтэллэр.

Бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар хардары-таары куотуһа сатыыр хамсааһыны үөскэтэллэриттэн этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сайдыыны солбуһа сылдьан ситиһэр кыахтаммыттар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыны аныгы наука билиннэҕинэ, бары атын, сахалар таҥараларыттан уратылар биир киһи таҥара баар диэн этиилэрэ сыыһатын билинэргэ тиийиэхтэрэ. Ол курдук, Сири, айылҕаны ханнык да таҥара айбатаҕа, айылҕа бэйэтэ икки өттүттэн тутулуктарын икки ардыларыгар хардары-таары хамсааһыны оҥороруттан уонна кэмигэр тэҥнэһиини үөскэтэриттэн уһун үйэлэргэ сайдан билиҥҥи туругун ситиспитин сахалар билэллэриттэн “Киһи – айылҕа оҕото” диэн этиини тутуһаллар.

Улахан таҥара үөрэхтэрэ бары кэриэтэ киһи, таҥара “Сири-дойдуну айбыта” диэн этэллэрэ айылҕа дьиҥнээх үөскээһинин таба быһаарбат, албыннааһыны үөскэтэр уонна салайааччылар баһылыыр диктатураларын үөскэтэр. Көннөрү да санаан көрдөххө, киһи хайдах даҕаны Сири-дойдуну айар, оҥорор кыаҕа суоҕун аныгы үөрэҕи-билиини, науканы баһылаабыт дьон билиэхтэрин сөп этэ. Сатаатар бэйэтин “ойоҕоһун уҥуоҕуттан” дьахтары айан, оҥорон таһаарбыта диэн этиини, букатын итэҕэйимиэххэ сөп.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан улахан тиэхиникэлэри оҥостор буолан истэхтэринэ айылҕаны тупсаран, уларытан, өрүстэри төттөрү сүүрдэр санаалара эбиллэн испит кэмнэрэ бааллара. Ону баара кэлин кэмҥэ айылҕа дьон үлэлэрин-хамнастарын түмүгэр уларыйан, сир хамсааһыннара, улахан долгуннар, күүстээх тыаллар уонна уу эбиллэн иһиитэ дьон оҥорбут тутууларын, туохтарын барытын суох оҥорор кыахтаахтара биллэн таҕыста. Билигин киһи айылҕаны кыайбатын, айылҕа бэйэтэ уларыйарын дьон билинэн эрэллэр.

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ сири-дойдуну үс; Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдуларга араарара биллэр уратыларыгар сөп түбэһэр. Өлбүт дьон туспа барбыт өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга айыы, абааһы буолан сылдьаллар, аллараа дойдуну абааһылар ылбыт-тар. (3,313). Бу дойдулартан Орто дойдуга эрэ тыыннаах, эттээх-сииннээх дьон олоҕу олороллор, өйдөрө-санаалара сайдар, туһалааҕы оҥороннор олохторун тупсаран, сайыннаран иһэллэр.

Үөһээ дойдуттан киһилии дьон Орто дойдуга түспэттэрин сахалар былыргы кэпсээннэрэ биһиэхэ тириэрдэ сатыыллар. Улуу ойуун үс түүннээх-күнү быһа кыыран түһэрбит дьонун, аатырбыт Додор кулуба куттанан, дьиэттэн тахсан көрсүбэтэҕин туһунан кэпсээн баар. (4,29). Бу кэпсээн Үөһээ дойду дьоно Орто дойду дьонуттан олус улахан уратылаахтарын, куһаҕан сыттаахтарын, туохха барытыгар хатыһан туран күрэхтэһэ, бэртэрин былдьаһа сатыылларыттан хаһан да тапсыбаттарын биллэрэр.

Сахалар үөрэхтэринэн Үөһээ дойду диэн былыргы үйэлэргэ өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үөр, айыы буолан сылдьар сирдэрэ буолар. Бу дойдуга былыргыта ыйанан өлбүт Бороҕон Айыыта, киһи өлөрбүт киһитэ Бахсы Айыыта уонна да атын былыр үйэҕэ өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, араас, үрүҥ, үчүгэй, хара, куһаҕан айыылара бары холбуу сылдьаллар. Тыыннаах, эттээх-сииннээх Орто дойдуга олорор киһи кыайан сылдьыбат, олох олорбот сирэ, дойдута буоларын иһин, дьону онно барыыга, айыы буолууга ыҥырыы, өлүүгэ ыҥырыыга тэҥнэнэриттэн олус улахан куһаҕан, сиэрэ суох быһыыга киирсэр.

Филосов Дмитрий Макаров быһаарарынан сахаларга айыы “тво-рец мира и человека” буолара ханнык да үһүйээҥҥэ баара биллибэт эбит. Үрүҥ Айыы таҥара диэн ааттан айыы диэн тылы быһа тардан ылан “творец” диэн курдук өйдөөһүн улахан сыыһатын быһаарар. Айыы диэн тыл сахаларга киһи ураты өйө туохха сыһыаннаһарын, саҥаны айарын эрэ биллэрэр эбит. (5,24).

Айыы диэн тыл маннык быһаарыыта, бу тыл суолтатыгар ордук сөп түбэһэр. Ол курдук, киһи ханнык саҥаны айбыта, айыыны оҥорбута атыттартан уратытынан, маарыннаабатынан айыы буолан туспа сылдьар кыахтанара өй-санаа, үгэстэр үөскээһиннэринэн быһаа-рыллар. Киһи өлбүтүн кэннэ өйө-санаата куттара тус-туспа баран ыһыллаллар. Ордук күүстээх, атыттарга маарыннаабат өйдөр-санаалар, айыылар үгэскэ кубулуйан Үөһээ дойдуга уһуннук сылдьар кыахтаналлар. Ол иһин сахаларга “Айыы буолуу” диэн өйдөбүл үөскээбит уонна киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ, өйө-санаата уларыйбат турукка киирэн туспа бардаҕына, Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына биирдэ кэлэр өйдөбүл буоларын таба өйдөөн туһаныы эрэйиллэр.

Тыыннаах буолан эттээх-сииннээх Орто дойдуга олорор дьону “айыы буолууга” ыҥырыы, “айыы киһитэ” диэн ааттааһын олус улахан сыыһа, өлүүгэ, өйө көтүүтүгэр ыҥырыы буолан тахсарынан олус куһаҕан быһыы буолар. Айыы диэн тыл бэйэтэ киһини ыҥырар, Үөһээ дойдуга барыыга угуйар суолтата улахан. Айыы диэн тылы улаханнык, дорҕоонноохтук элбэхтик саҥарбыт В.Кондаков, Тэрис Үөһээ дойдуга барбыттара ыраатта. Ону тэҥэ, Айыы Уола, Айыы Сиэн диэн ааттаммыт дьон олохторун ситэ олорбокко өлбүттэрэ.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини халбаҥнаабакка тутуһан, хайа да өрүт диэки аһара халыйан баран хаалбакка Орто дойдубутугар киһи буолан, киһи быһыылаахтык биирдэ бэриллэр олохпутун олоруохпут этэ, онтон атын сиргэ барар кыах тыыннаах дьоҥҥо айылҕаттан бэриллибэтин билинэ сырыттахха табыллар.

Онон сахалар таҥараларын үөрэҕэ өй-санаа уларыйан биэрэр уратыларын табатык быһаарарын олохпутугар туһаныахпыт этэ.

САХА ДЬОНО БАРЫ ТЭҤНЭР

Саха сиригэр элбэх араас омуктар бииргэ олорбуттара ыраатта. Перепись суруйуута бигэргэтэринэн сүүстэн тахса омуктар араас үлэлэри бииргэ үлэлээн эйэлээхтик олороллор. Бу элбэх омуктартан кэнники кэмҥэ сахалар ахсааннара эбиллэн баһылыыр оруолу ылан эрэллэр, онтон нууччалар иккис миэстэҕэ түһэн сылдьаллар.

Олоҥхоҕо кэпсэнэр былыргы кэмнэргэ сахаларга 35 биис дьоно бааллара ахтыллар. Бары 35 биистэр олус былыргы төрүттэрэ тус-туспаларын иһин, билигин бары холбоһон саха омугу үөскэппиттэр. Бу 35 биистэри сахалар сэриилээн, кыайан-хотон буолбакка уһун үйэлэргэ үлэнэн-хамнаһынан баһыйан, батыһыннаран, тимири уһаа-ран, уһанан, тутуулары тутан, көрсүө, сэмэй майгыларынан бэйэлэрин үтүгүннэрэн үөрэтэн барыларын саха оҥорбуттарын бэлиэтиэхпит этэ.

Бу быһаарыы биир дакаастабылынан “хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн этиилэри ыларбыт табыллар. Ол курдук, оҥорор-тутар үлэҕэ-хамнаска улаханнык баһыттарыы салаҥ диэн тылынан этиллэрэ, хоро омуктар үлэҕэ-хамнаска лаппа баһыттарбыттарын, тутууну тутууга, уһаныыга хаалбыттарын, сатаабаттарын атыттарга биллэрэр. Нууччалар кэлиилэригэр биир да хоробун диэн ааттанар киһи сурукка киирбэтэх, арай олоро сылдьыбыт сирдэрин ааттара эрэ ордон хаалбыттар. Саха дьоно нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ үлэҕэ-хамнаска, тимири уһаарыыга, уһаныыга, араас тутуулары тутууга кыайа-хото үлэлээн баһылыыр омук эрдэхтэринэ хайа да омуктарга киэптээн, ыган, үчүгэйдэрин санатан, биһигини уратытык ааттааҥ диэн эппэтэхтэр, ыкпатахтар, ол иһин нууччаларга курдук, уратыны, улаханы бэлиэтииргэ туттуллар “вы” диэн тылга сөп түбэһэр, эһиги диэн тылынан бэйэлэрин ааттаппатахтар. Сахалар бары тэҥнэрин билинэннэр этэр тылларыгар эн диэн тылы киллэрбиттэрин билигин да туһана сылдьаллар. Киһини хайа да омук, ким да, баай эбэтэр дьадаҥы буолбутун иһин, эн диэн биирдик ааттаан ыҥыраллар, кэпсэтэллэр, ол аата бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээх сыһыаннарын сонно биллэрэн кэбиһэллэр.

Саха тыла уонна саха омуга олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин билигин атыттар билинэн эрэллэр. Киһи киһиэхэ тэҥнээх, эйэлээх сыһыана тылбытыгар киирэн этиллэн, чопчуланан сылдьар. Бу ураты билиибит сахалыы кэпсэтиигэ хайа баҕарар киһи атын киһини ыҥырарыгар куруук эн диэн ааттыырыгар иҥэн сылдьар.

Саха дьонун өйдөрүн-санааларын үөрэҕэ демократия үөрэҕэр ордук сөп түбэһэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини халбаҥ-наабакка эрэ тутуһалларыттан демократия төрүтэ былыр-былыргыт-тан олохсуйан, дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар. Ол курдук, сахаларга дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнэр, ким даҕаны тугунан эмэ баһыйан баһылыырын ураты бэлиэтээн тылынан этэн биллэрэ сатаабат. Сайдыылаахтар дии саныыр нууччаларбытыгар эр киһи уонна дьахтар тус-туспатык ааттаналлар, бэйэлэрин уратыларын тылларыгар этинэн билинэллэр. Дьахталлар араспаанньаларыгар, аҕаларын аатыгар “а” буукубаны эбинэн этинэллэр. Бу уратытык ааттаан сурукка киллэрэн бэлиэтээһин дьахталлары эр дьоҥҥо тэҥ-нээбэт, намтатар, уратыларын куруук биллэрэ сылдьыыны үөскэтэр.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ этэринэн уонна аныгы медицинэ билинэринэн дьахтар төрөөбөт кэмигэр тиийдэҕинэ эр дьону кытта бары өттүнэн тэҥнэһэр. Этэ-сиинэ уонна өйө-санаата уларыйаннар үлэ, оҥорон таһаарыы туһунан санаалара элбииллэрин тэҥэ, ханнык баҕарар үлэни үлэлиир кыахтаналлар, эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүнэн эр дьонтон уонча сылынан уһун үйэни ситиһэллэр.

Дьахталлары эр дьоҥҥо тэҥнээбэти православнай таҥара үөрэҕэ тарҕатар. Бу былыргы таҥара үөрэҕин аҥардастыы эр дьон эрэ баһылаан салайаллар уонна диктатураны олохтообуттар, ол иһин эр дьон батталларын үөскэтэриттэн дьахталлар сөбүлээбэттэр. Итини тэҥэ, куруук былааттаах сылдьыыларын, бу таҥара үөрэҕэ модьуйара эр дьоҥҥо тэҥнэһэр баҕа санааларыгар сөп түбэспэт. Демократия үөрэҕэ сахаларга былыргыттан тутуһулларын “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии биллэрэр. Саха тылыгар дьахтал-лары тугунан эмэ араарыы, ураты бэлиэтээһин ханнык да көрүҥэ суох. Арай ааттарыгар ким кыыһа, кэргэнэ эрэ буолара этиллэр. Билигин демократия сайдыбыт кэмигэр дьахталлары эр дьоҥҥо тэҥнээн ааттара сурукка киириитин уруккуга уларытыы эрэйиллэр.

Дьон кэпсэтэн билсиһэллэр. Тэҥнээхтэр кэпсэтиилэрэ бэйэлэрин ким диэн ааттанан билсиһэллэриттэн ордук улахан тутулуктаах. Сахалар бэйэ-бэйэлэрин эн диэн биирдик ааттаан ыҥырсаллара тэҥнэһиини, ким да атынын баһыйбатын, баттаабатын, улаатымсый-батын үөскэтэр. Сайдыылаахтар диэн ааттанар нууччалар киһини ыҥырарга ханнык киһититтэн көрөн икки тус-туспа тыллары туһаналлар. Убаастабыллаах, ытыктанар киһини “вы” диэн уратытын, улаханын бэлиэтээн ыҥыра сатыыллар, бэйэлэрэ кыраларын уонна бас бэринэллэрин анаан биллэрэллэр. Ханнык эрэ, кимэ-туга бил-либэт киһи буоллаҕына “ты” диэн туспа тылы туһанан, намтатан, туоратан ыҥыраллар. Ити ураты баарын “Ты меня не тыкай” диэн өһүргэммити биллэрии баара чуолкайдаан биэрэр.

Киһини убаастыылларын, ытыктыылларын биллэрдэхтэринэ “вы” диэн ааттаан ыҥырыахтарын сөп. Ол да буоллар киһи “вы” диэн ааттанара сотору уларыйыан сөп. Үчүгэйдик билсиһэн бардахтарына, бодорустахтарына бэйэ-бэйэлэрин “ты”, эн диэн ааттаан ыҥырсал-ларын ордук сөбүлүүллэрэ киирэн кэлэр. “Перейдем на ты” диэн ол уларыйыыны кэпсэтиигэ киллэрэллэрин этэллэр. Ол аата билсибэт, билбэт киһилэрин “вы” диэн ааттаан, туоратан сөбүлээбэттэрин биллэрэн ыҥыраллара быһаарыллар. Бу киһини кытта ханнык да биллэр сыһыаннара суоҕун уонна баһыттаралларын этэн биллэрэллэр.

Нуучча дьоно аан маҥнай билсиһэллэригэр бэйэ-бэйэлэрин “вы” диэн ааттаан ыҥырсаллар уонна ытыктаһалларын биллэрсэр курдук сыыһа сананаллар. Атын киһини “вы” диэн улаатыннаран, элбэтэн ааттааһын бас бэриниини биллэрэр суолтата бастаан иһэрэ быһаа-рыллар. Кэлин билсиһэн бардахтарына, бодорустахтарына, бэйэ-бэйэлэрин биллэхтэринэ уонна сыһыаннара эйэлээх буоллаҕына “ты” диэн ааттаһыыга син-биир киирэллэр. Бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэр дьон үчүгэйдик билсистэхтэринэ эн диэн ааттаан ыҥырсаллар уонна ону тутуһаннар “ты” диэн ааттаан салгыы кэпсэтэллэр. Ол аата сөбүлэһэр, ытыктаһар дьоҥҥо былыр-былыргыттан бэйэ-бэйэлэрин кытта эн диэн ааттаан кэпсэтэллэрэ ордук сөп түбэһэр эбит. Сахалар хара маҥнайгыттан улаханнык санаспакка бэйэ-бэйэлэрин кытта эн диэн ааттаан ыҥырсаллар, кэпсэтиилэрин саҕалыыллар.

Бу кэмҥэ нууччалар улаатымсыйар, улуутумсуйар санаалара улаатан сылдьар. Кэпсэттэххэ сорох дьону “ты” диэн ааттаан ыҥырдахха өһүргэниэх курдуктар. “Почему меня тыкаешь” диэн улаханнарын, уратыларын биллэрэ сатыыллара аныгы, сайдыылаах олоххо куһаҕаннык иһиллэр. Бу куһаҕан, атын дьону атаҕастыыр, бэйэҕэ тэҥнээбэт буолууну биллэрэр “вы” диэн тыл сахаларга төрүт туттуллубатаҕына табыллар. Киһи киһиэхэ тэҥнээх, эйэлээх сыһыаны олохтуур өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэти үөскэтэр.

Олус уһун үйэлээх саха тылыгар дьону итинник ааттаан икки аҥы араарыы суох. Сахаларга хас биирдии киһи атын киһини кытта тэҥ бырааптаахтар, тугунан да ордуктарын, уратыларын бэлиэтээн этэн биллэрбэттэр. Ол иһин биир тылынан “эн” диэн бары биирдик ыҥырыллаллар. Саха дьоно барылара тэҥнэр, көрсүөлэр, сэмэйдэр атын дьонтон туох эмэ ордуктаахтарын, баһыйалларын, үчүгэйдэрин биллэрэ, анаан-минээн бэлиэтии сатаабаттар.

Нууччалары кэнники үйэлэргэ үтүктүү улаханыттан, бу өйгө-санааҕа сыһыаннаах уратыларын эмиэ үтүктэ, батыһа сатааччылар бааллар. Дьон өйүн-санаатын уратыларын дириҥник билэр сахалар, бары тэҥнэрин билинэннэр эн диэн тылы дьоҥҥо барыларыгар анаан туһаналларын уларыта сатыахтара суоҕа этэ.

Сайдыыны ситиһэр кэмнэригэр элбэх кыра омуктары сэриилээн кыайбыт нууччалар бэйэлэрин улаханнык, үрдүктүк сананыылара улаатан хаалан уонна кыаттарбыттары, кыралары аанньа ахтыбаттара үөскээн өйдөрүн-санааларын уларытан бэйэлэрин “вы”, эһиги диэн ыҥырыыны туһанарга анаан киллэрэн кэбиспиттэр. Итини тэҥэ, сэриигэ кыайыыны ситиһии кэнниттэн атын омук дьахталларын туһаныы үөскээһиниттэн уонна оҕолорун бэйэлэрин билиилэригэр үөрэтэллэриттэн туспа арааран ааттааһын нууччаларга олохсуйбут.

Элбэх кыайыылары ситиһиилэриттэн бэйэлэрин улаханнык, үрдүктүк сананыылара улаатан диктатураҕа тиийэн хаалан дьон икки аҥы арахсыыларын үөскэппит нууччалар демократия олоҕор сайдар кыахтара аҕыйаҕа биллэн таҕыста. Ол курдук, дьону баайдарыттан, ханнык омуктарыттан тутулуктаан икки аҥы араарыы, сэриилээн кыайбыттар кыаттарбыттары аанньа ахтыбаттарыттан, киһинэн да аахпаттарыттан ордук улахан тутулуктанан тахсар. Ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ Россия төрүт олохтоохторун барыларын “инородецтарынан” ааттыыллара уонна туората сатыыллара.

Мурад Аджи суруйарынан Россия бары нууччалартан атын омуктара сэриилэһэн кыаттарбыт, нууччаларга бас бэриммит омуктар. Онон “вы” диэн ааттаан ыҥырыы кыаттарбыты билинии, кыайбыты өрө тутуу, айхаллааһын бэлиэтэ буолан Россия дьонугар иҥэн хаалбыт. Дьон өйүгэр-санаатыгар утарыта туруу өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьаллара дойдуну “Буорахтаах буочукаҕа” кубулутан сылдьар.

Россия сэриилээн кыайбыттар уонна кыаттарбыттар бииргэ олорор дойдулара. Сэриилээн кыайбыт, салайааччы, баһылык буолбут дьон кыаттарбыттары кытта кэпсэтэллэригэр хайаан да убааста-быллаах “вы” диэн тылы туһаналларын оччотооҕу кэмнэргэ хайаан да ирдииллэрэ. Бу быһыы, киһи киһиэхэ тэҥэ суоҕа олохсуйан хаалбыта “Ты меня не тыкай” диэн этиигэ иҥэн туттулла сылдьар. Сэриилээн кыайан салайааччы буолбут дьон бэйэлэрин “ваше благородие”, “ваше сиятельство” диэн уратыларын, туспа төрүттээх-тэрин хайаан да биллэрэн ыҥыртараллара олохсуйан хаалбыта “вы” диэн ыҥырыыны үөскэппит. Бу ураты этинии ордон хаалбытын туһана сатааһын мөлтөөбүт омугу туоратыыга тириэрдэр. “Вы” диэн улаатыннарар ыҥырыыны нууччалар туһана сатааһыннара омуктар икки ардыларыгар тэҥэ суох сыһыаны үөскэтэн кэбиһэр.

Киһини утары көрөн туран “вы” диэн ааттаан ыҥырыы кини улаханын, уратытын, онтон бэйэ кыратын, кыамматын билинии, тылынан этэн чопчулаан бэлиэтээһин буолар. Нууччалар демократия үөрэҕэр сахалартан үөрэнэннэр “вы” диэн атыттартан улаханнык, уратытык сананыыга тириэрдэр тылы хаалларыа, туттуо суоҕа этилэр.

Саха тылыгар “вы” уонна “ты” диэн дьону тус-туспа араарсыы суох. Бары саха дьоно тэҥнэр, бэйэ-бэйэлэрин эн диэн ыҥырсаллар. Ол барыта сахалар былыр-былыргыттан ханнык да омуктары сэрии-лээн ылбатахтарын, баһылаабатахтарын, күүһүлээн туран “вы”, эһиги диэн туспа арааран ааттаппатахтарын бэлиэтэ буолар. Бу сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар эн диэн атын киһини ыҥырыыга туһанар тылбыт дьон бары тэҥнэрин, хайалара да баһылаабатын, баттаабатын биллэрэр өйбүт-санаабыт уратыта буоларын таба өйдөөн туһана сылдьарбыт уонна харыстыырбыт эрэйиллэр.

Онон сахаларга былыр-былыргыттан демократия үөрэҕэ тылбы-тыгар иҥэн, билигин да туттулла сылдьар, ол иһин саха дьоно бары тэҥнэрин билинэллэр уонна эн диэн тылынан этэн биллэрэллэр.

ҮРҮҤҮ, ХАРАНЫ АРААРЫЫ

“Үрүҥү, хараны араарыы” диэн сахалар Күн таҥараны олохто-ругар тутуһар эрдэхтэринэ үөскэппит төрүт үөрэхтэрэ буолар. Бу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныыга туһалыыр айылҕаттан быһаччы туту-луктаах үөрэх буолар. Оҕону улаатан истэҕинэ үчүгэйи уонна куһа-ҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор таба туһанарыгар иитиигэ, үөрэ-тиигэ айылҕаттан тутулугу тутуһарыттан улахан туһаны оҥорор.

Сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕинэн оҕо улаатан иһэн хайаан да баһылыахтаах үөрэҕэ – үрүҥү, хараны эбэтэр үчүгэйи, куһаҕаны таба арааран олоҕор туһаныыта буолар. Киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанара туруктаах өйү-санааны үөскэтэрин тэҥэ, бэйэтэ тугу оҥороругар таба быһаарыыны ылынар, салайынар өйүн-санаатын үөскэтэринэн сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар уонна туһалааҕы оҥорорун элбэтэргэ аналланар.

Үрүҥ диэн үчүгэйи, туһалааҕы, сайдыыны аҕалары куһаҕантан, хараттан туспа арааран этиллэр. Күнтэн кэлэр сырдык харах көрөрүн тупсаран, онтон сылаас киһи этигэр-сиинигэр үчүгэйи үөскэтэринэн уонна санаатын көннөрөрүнэн, тупсарарынан үрүҥ дьүһүн үчүгэй ааттанан Күн таҥараҕа кубулуйарын үөскэппит.

Түүн хараҥа, туох да үчүгэйдик көстүбэтиттэн киһи сылдьар ыыра кыччыыр, онно эбии тымныы дьайыыта эбиллэн биэрэн куһаҕана улаатар, ол иһин хара диэн сирэр, намтатар ааты иҥэр-биттэр. Хара диэн хараҥаны, тымныыны, куһаҕаны, хаалыылааҕы этэллэрэ айылҕа уларыйан биэрэн үчүгэйин кэнниттэн куһаҕана эргийэн биэрэн кэлэн иһэриттэн быһаччы тутулуктанар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ, 5 сааһыгар диэри ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүтэ этэрин аһара истэр, соннук толоро үөрэнэр кыаҕын Кут-сүр үөрэҕэ таба туһанар. Улахан киһи тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн эппитин ылынан, иҥэринэн иһэр кыахтанар уонна тугу оҥорорун батыһан, үтүктэн оҥорон оннук үгэстэри, үөрүйэхтэри үөскэтинэр. Бу үөскээбит үгэстэрэ ийэ кутун үөскэтэн үйэтин тухары туһалыыллар.

Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарын туһугар аан бастаан олох аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэн олору оҥорбот буолууга үөрэннэҕинэ, элбэх үчүгэйи оҥорор кыахтанарын сахалар туһаналлар. Ол иһин “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн оҕону үөрэтэргэ, куһаҕаны аан бастаан биллэрэргэ аналлаах таҥара үөрэҕин олохтоон оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһана сылдьал-лар. Киһи оҥорор быһыытын тутуһарга, киһи быһыылаах буолууга “Бобуулааҕы оҥорума”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутустахха эрэ табыллар. Бу бобуулары тутуһа сырыттахха өй-санаа куһаҕаны оҥоруу диэки халыйбакка, үчүгэйи оҥоруу диэки салаллыылаах, хайысхалаах буоларын үөскэтэр. Киһи куһаҕаны оҥорботоҕуна үчүгэйи оҥороро элбиир кыахтанарын таҥара үөрэҕэ туһанар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи оҥорор быһыыларын барыларын боппот, биллэр содулу үөскэтэр куһаҕаннарын, “Тоҕус эрэ айыыны оҥорууну” кытаанахтык бобор. Ол аата киһи аналлаах бобуута суоҕу тугу барытын оҥорор кыаҕа ханан да хааччахтаммат. “Айыыны оҥорума” диэн хааччах ити быһаарыыга сөп түбэһэр. Ол курдук, айыы диэн тыл киһини куһаҕаны, урут суоҕу оҥорууга тириэрдэн кэбиһэрэ быдан элбэх. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны, үрүҥү уонна хараны олоҕор таба арааран туһанарга үөрэнэригэр “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэх улаханнык туһалыыр. Бу үөрэҕи баһылаатаҕына киһи буолууну ситиһиэн сөп буолар.

Үрүҥ уонна хара, үчүгэй уонна куһаҕан кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан, миэстэлэрин атастаһан биэрэр, уларыйа сылдьар өйдө-бүллэр. Ол иһин балары субу туһааннаах кэмигэр эрэ таба араарыы оҥоруллар кыахтанар. Холобурга, бэҕэһээ “үчүгэй” диэн ааттаммыт эбит буоллаҕына, бүгүн кэлэн үчүгэй кыайан буолбакка хаалааччы элбэх. Ону быһааран сахалар “Уол бүгүн ат өрөҕөтүгэр, сарсын ат уорҕатыгар буолар” диэн өс хоһоонун туһаналлар.

Саха дьонугар үрүҥү, хараны эбэтэр үчүгэйи, куһаҕаны араарыы диэн үөрэх Күн таҥара үөскээбит кэмиттэн ыла тарҕанан билигин даҕаны туттулла сылдьар. Күн таҥара үөрэҕэ салгыы сайдыытыттан киһи таҥара үөскээн тахсыбыт. Ол курдук, дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоххо таба туһанан киһи буолууну ситиспиттэрин кэнниттэн киһи таҥара үөрэҕэ олоххо киирбит.

Киһи өйө-санаата сайдарынын, тупсан иһэринэн бэйэтэ таба быһаарынан үрүҥү, хараны эбэтэр үчүгэйи, куһаҕаны тус-туспа арааран олоҕор туһанарын, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһарын сахалыы таҥара үөрэҕэ ирдиир уонна “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн аналлаах ааты иҥэрбит.

Улахан таҥара үөрэхтэрэ, дьиэлэрэ салайааччыларын бас билии-лэригэр киирбиттэрэ ыраатан диктатураҕа тиийэн хаалбыттар. Кини-лэр улахан диктатуралары үөскэппиттэрэ биир эрэ, сөбүлээбит, бэйэлэригэр үчүгэйи оҥорор таҥараларын үөрэҕин ордорон хаалларан туһана сылдьалларыттан чуолкайдык биллэр. Атын таҥара үөрэхтэрин барыларын куһаҕаннарынан, буортулаахтарынан ааттаан туоратан, олору итэҕэйээччилэри атын сирдэргэ үтүрүйэн, үүртэлээн салайааччылар диктатураларын күүһүрдэн иһэллэр. Мусульманскай таҥараны итэҕэйээччилэр бары куһаҕаннарын “харам” диэн, сахалар кэччэгэй аһара барбытын биллэрэр тылларынан этэннэр туһана сылдьаллар. “Харам” диэн салайааччылар бэйэлэрэ булбут тылларынан куһаҕаннарын ааттаан баран бары итэҕэйээч-чилэрин ону эмиэ сирэллэрин, туораталларын модьуйаллар.

Православнай таҥара үөрэҕэ “грех” диэн куһаҕан санааны, куһаҕаны оҥорууну холбуу ааттыыр. Бу таҥара үөрэҕэ “грех” диэн ааттаммыттары барыларын туоратар. Салайааччылар эппит “грех” диэннэрин бары итэҕэйээччилэр толороллорун, туораталларын ирдииллэриттэн биир киһи салайар диктатуратын үөскэппиттэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ таҥара үөрэхтэрин бу халыйыыларын билбэт аата үтүктэ сатыылларыттан “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны оҥорон, айыы диэн тылы “үчүгэй” эрэ курдук ылынан уонна сахаларга суох “аньыы” диэн тылы булан бары куһаҕаннары бэлиэтиир санаалара сахалыы өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт улахан сымыйалааһын буолар. Бэйэлэрэ өйө-санаата суох, атеист буолууга тиийбит дьон атыттар “Сначало было слово” диэн сымыйа этиилэрин итэҕэйэн ону истиигэ уонна толоро сатааһыҥҥа тиийэн хаалаллар. Ол аата, сала-йааччылар бэйэлэригэр туһалааҕы оҥорууну “үчүгэй” диэн эппиттэрин үтүктүүнү, батыһыыны үөскэтэллэр, онтон “куһаҕан” диэбит-тэрин туоратыыны оҥороллор. Аныгы сайдыылаах кэмҥэ өй-санаа үөрэхтэрин бас билээччилэр сымыйа, албын этиилэригэр элбэхтэр киирэн биэриилэрэ демократия үөрэҕэр сөп түбэспэт.

Атын дьон бу үчүгэй диэн эппиттэрэ дьоҥҥо барыларыгар үчүгэй буолбата элбэх. Ол курдук, баай дьон үчүгэй дииллэрэ дьадаҥы, үлэһит киһиэхэ хаһан да ситиһиллибэт ыра санаа буолан хаалыан сөп. Баайдар Канарскай арыыларга сынньаннахтарына, сыаналаах “Мерседес”, “Порше”, “Ламбордини” массыыналарынан айаннаатахтарына санаалара тупсарын тэҥэ, бэйэлэрин үчүгэйдик сананыылара үөскүүр. Онтон дьадаҥы, үлэһит киһи көрдөбүлэ олох кыра; тэстибэт дьиэлэннэҕинэ уонна оҕолорун аһатар астаннаҕына, таҥыннарар таҥастаннаҕына, субу күннээҕи санаата туола сыһар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ киһи оҥорор быһыыларын үчүгэйин – айыы, онтон куһаҕанын – “аньыы” диэн ааттыы сатыыллара бэйэлэригэр эрэ үчүгэйи оҥорор. Кинилэр өй-санаа сайдыытын, эргийэн, солбуйсан биэрэр уратыларын билбэт эрээри, “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа сектаны оҥорон дьону салайар курдук сыыһа санааларыттан айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылы икки аҥы араара сатыыллар, үлэһит сахалары көрдөрөн туран албынныыллар.

Суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар айыы диэн тылы икки аҥы араара сатыылларыттан сахалыы өйү-санааны букатын билбэттэрин биллэрэллэр. Ол курдук, киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да суох буолан хаалбат. Араас үрдүк үөрэхтээхтэр, улахан учуонайдар даҕаны олус куһаҕан, сиэри таһынан барар быһыылары оҥорон кэбиһэллэрэ биллэр.

Айыы диэн тыл куһаҕана элбэҕэ “ыы” диэн ытааһын дорҕоон-нооҕуттан биллэ сылдьар. Бу тыл хаһан да аҥардастыы “үчүгэй” тыл кыайан буолбат, киһи куһаҕан айыыны оҥорон кэбиһэрэ суох буол-батын эмиэ биллэрэр. Ол курдук, бу тыл элбэх өйдөбүллээҕиттэн биир эрэ үчүгэйдээх, онтон атыттара бары куһаҕаны элбэтэллэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ үрүҥү, хараны эбэтэр үчүгэйи, куһаҕаны икки аҥы араарыыга демократия үөрэҕин, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһар. Ол иһин айыы диэн киһи оҥорор быһыыларын биллэрэр тылы икки өрүттээх өйдөбүллээҕинэн туһанан аҥар өттүгэр халыйан аһара баран хаалыыны үөскэппэт. Бу тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх буоларынан киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын биллэрэрэ өй-санаа уратыларын быһаа-рыыга ордук улахан туһалаах суолталаах.

Киһи бэйэтэ эрэ бу куһаҕан, маны оҥорбоппун, онтон бу үчүгэй, туһалаах маны оҥоробун диэн быһаарыыны ылынар өйө-санаата хаһан да уларыйбатаҕына сатанар. Атын дьон бу “харам”, “грех”, “аньыы” диэн этэллэрин үтүгүннэххэ кинилэр тугу булан эппит-тэригэр киирэн биэрии үөскээн тахсара диктатураҕа киирэн биэриигэ тириэрдэр. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыны киһиэхэ бэйэтигэр быһаарынар кыаҕы биэрии демократия үөрэҕин сүрүн төрүтэ, уратыта буоларынан, “Үрүҥү, хараны” киһи бэйэтэ арааран билэрэ олоххо таба суолу булар кыаҕын улаатыннарар.

Биһиги көлүөнэ дьон сэбиэскэй былаас эстэр кэмин үчүгэйдик өйдөөн, өйгө-санааҕа иҥэринэн хааллыбыт. Ол курдук, сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар “үчүгэй” аатыра сылдьыбыттара, бары кыра да, улахан да салайааччылар быстар дьадаҥы төрүттэринэн киэн тутталлара, онон арбаналлара. Онтон сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ, өй-санаа тосту уларыйан, эргийэн биэрэн, аны баайдар үчүгэй ааттаннылар, дьон бары байа сатыырга дьулуһуулара улаатта уонна былыргы төрүттэрин буор куттарын үөрэтиилэрэ тарҕанна.

Өй-санаа бу уларыйыытын, эргийэн биэриитин сахалар былыр үйэҕэ үөрэтэн, арааран билэн “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно оҥорбуттарын билигин туһаныахпыт этэ.

Сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үөскээбит, бу тосту уларыйыыны билигин да билинэ иликтэр, “аньыы” диэн сахаларга суох албын тылы булан туһаннара сатыылларын, үлэһиттэри албынныылларын тохтоппоттор. Ол барыта араас быста дьадаҥылар, күүскэ үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, чэпчэки үлэни көрдөөччүлэр бары араас, сэбиэскэй былаас босхо үөрэҕин ситиһэннэр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччы уонна учуонай буолан сылдьалларыттан тутулуктанар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн үрүҥү, хараны эбэтэр үчүгэйи, куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор туһанарын, аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕаннарын эрдэлээн биллэрэн үөскэтэр. Итини тэҥэ, итэҕэйэр дьону хам баттаан, умсары сытыаран үҥтэрэн салайааччылар эппиттэрин толотторо сатаабат, биир таҥара баһылыыр диктатуратын үөскэппэт, демократия үөрэҕин тутуһар уонна оҕо өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэһэр итэҕэл буолар.

Онон сахалар таҥараларын үөрэҕин тутуһуу аныгы демократия үөрэҕин тутуһар олоххо сөп түбэһэринэн тарҕанан иһэр кыахтаах.

СИР ЭРГИЙЭР

Үөрэх-билии үөскээн тарҕана илигинэ дьон сири хаптаҕай дии саныыллара уонна күн сири тула эргийэр диэн быһаараллара. Наука сайдыыта төһө эмэ уһун кэмнэр усталарыгар таҥара үөрэҕин кытта утарыта туруулаһан сир күнү тула эргийэрин дакаастаан олоххо киллэрэн билигин дьон бары билэр билиилэригэр кубулуйан сылдьар.

Сир бэйэтин киинин тула хаһан да тохтообокко эрэ эргийэр уонна киинин тула эргийбитинэн күнү тула төгүрүйэ көтөр. Бэйэтин киинин тула эргийиитэ суукканы; күнү уонна түүнү үөскэтэр. Онтон күнү тула биир сылы быһа эргийэриттэн уонна эргийэр киинэ иҥнэри түһэ сылдьарыттан сыл кэмнэрэ; саас, сайын, күһүн уонна кыһын бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан бииртэн-биир кэлэн иһэллэр. Биһиги сиргэ олоробут эрээри, сирбит эргийэ турарыгар улахан суолтаны биэрбэппит, аанньа ахтан сыаналаабаппыт. Арай түүн кэнниттэн күнүс, кыһын кэнниттэн сайын кэлиитин хайаан да кэлэл-лэрин быһыытынан буолуохтааҕын курдук саныыбыт.

Сир күнү тула эргийэриттэн дьон өйө-санаата сайдыыта тутулук-тааҕын сахалар былыр үйэҕэ быһааран олохторугар туһаналлар. Айылҕаҕа сырдык уонна хараҥа хардары-таары солбуйсан биэрии-лэрэ хаһан да уларыйбатын бигэргэтэн, дьон өйдөрүгэр-санааларыгар дьайыытын таба сыаналаан уонна бу быһыы икки өттүттэн тутулуктааҕын быһаараннар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэппиттэр уонна “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонунан өссө чуолкайдаан, чиҥэтэн биэрэллэр.

Эстибит сэбиэскэй былаас куһаҕан сабыдыалынан олох сайдан иһиитин, экономика күүһүрүүтүн сыыһа сыаналааһын олохсуйбута, аҥардастыы биир өттүн, үчүгэй эрэ диэки барыыны баҕарыыны, үчүгэйи өрө тута сатааһыны дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үөскэп-питтэрэ. Бу аһара баран аҥардастыы үчүгэйи эрэ өрө тута сатыыртан олоххо аҥар өттүн диэки халыйыы үөскээбитэ баһылыыр омук улуутумсуйарын улаатыннаран национализмҥа тириэрдибитэ.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан олоххо баар куһаҕаннары арааран билэн, олору тупсаран, үчүгэй оҥорон биэрии дьонтон хайаан да ирдэнэрин умнубатахха табыллар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы субу туһааннаах кэмигэр эрэ сөп түбэһэрин өйдөөх-санаалаах дьон таба сыаналаан туһаналлара эрэйиллэр.

Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы сир уонна күн төрүт тутулуктарынан табыллыбатын, сөп түбэспэтин үөрэҕи, билиини баһылаабыт дьон билиэхтэрин сөп этэ да тыл үөрэхтээхтэрэ, суру-йааччылар уонна учуонайдар бэйэлэрэ билбэттэринэн атын дьону барыларын албынныы сатыыллар. Ол курдук, сир күнтэн бу баарын курдук ыраах тэйэн сылдьара эрэ сиргэ айылҕа үөскүүрүн, сайдарын үөскэтэр. Сир күҥҥэ чугаһаан хааллаҕына уотунан умайыан, онтон тэйэн, ыраатан биэрдэҕинэ космос тымныыта түһэн хаарыйарыттан чоҥкуйа тоҥуон, бары күөх үүнээйилэрэ уонна тыынар-тыыннаахтара эстэн симэлийиэхтэрин сөп. Тас диэки быраҕыы күүһэ хаһан баҕарар дьайа сылдьарынан сир күнтэн сыыйа тэйэн иһэрэ биллэр.

Киһи уһуннук үөрэнэн, өр үлэлээн биир эмэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор. Онтон тиэтэйдэҕинэ, ыксаатаҕына буолары буолбаты, араас туһата суоҕу, куһаҕаны даҕаны айа, оҥоро сатыыра уонна сыыһа-халты туттунара аһара элбиир. Арай өйө-санаата киһи буолууну ситиһиитэ, ол аата кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ ийэ кута иитиллиитэ уонна кыаҕа тиийбэтэ ону-маны, араас туһалааҕы да, туһата да суоҕу оҥорорун тохтотор, туормастыыр кыахтаахтар.

Киһи оҥорор араас элбэх быһыытын быһаарыыга нууччалар “Нельзя, если очень хочется, то можно” диэн этиини туһаналларын өй-санаа үөрэҕинэн ырытабыт. Бу этиигэ “Нельзя, ...” диэн тохтотуу, бобуу сиэри, киһи быһыытын аһара барыма диэн сэрэтэ, өйдөтө сатааһын этиллэр. Ону тэҥэ, киһи оҥорор быһыытын баҕа санаата эрэ быһаарарын “… если очень хочется, …” диэн этии биллэрэр, онтон “…, то можно” диэн этии бүтүүтэ киһи ханнык да; үчүгэй да, куһаҕан да баҕа санаатын толорор кыахтааҕын туох да атын тохтоппотун, бэйэтэ эрэ тохтотуон, уларытыан сөбүн билиниигэ таһаарар.

Олох уустуга, икки өрүттээҕэ, иннэ-кэннэ биллибэтэ ити этиигэ саһан сылдьар. Ол курдук, бу этии куһаҕаны оҥоруон, уруккуну уларытыан баҕарар киһини тохтотуу, өй киллэрии олус уустугуран тахсарын биллэрэр. Субу кэмҥэ олохторугар уларытыылары киллэрэ сатаан, тарҕанан эрэр террористар өйдөрө-санаалара ити быһаарыыга олоҕурарыттан атын дьоҥҥо улахан уустуктары үөскэтэллэр. Киһи оҥорор быһыылара ханнык санаалардааҕыттан эрэ тутулуктааҕа сахалар “Аан дойдуну санаа тутан турар” уонна “Киһини санаата салайар” диэн этиилэрэ табатын дакаастабылынан буолар.

Сир күнү тула уонна бэйэтин киинин тула эргийэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн халбаҥнаабат тутулугу үөскэтэр. Дьон бу этиини умнуулара, аҥар өттүн диэки халыйан барыылара, сир уонна күн тутулуктарын аахсыбаттара сэти үөскэтэр. Сайдыы аҥардастыы биир өттүн диэки барыа диэн сыыһа өйдөбүлү дьоҥҥо тарҕатыы кэнниттэн олоххо тосту уларыйыы киирэн, урукку оннугар түһэрэ тиийэн кэлэриттэн сайдыыны аҕалар хамсааһыннар үөскээн тахсан иһэллэр.

Саха дьонугар олус уһун үйэлээх өйдөбүллэри иҥэриммит иккилии өрүттээх өйдөбүлү биэрэр тыллар бааллар. Бу тыллар киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны арааран ханнык кэмҥэ таба туһанары быһаарарыгар аналлаахтар. Ол курдук, айыы диэн саҥаны айыыны, оҥорууну биллэрэр тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээх; киһи үчүгэйи даҕаны, куһаҕаны да оҥорор кыахтааҕын билинэр, онтон алдьархай, ынырык диэн тылларбыт үчүгэйбит эргийэн биэрэрэ, куһаҕаҥҥа кубулуйара кэлэн эрэрин биллэрэллэр.

Сир эргийэрин билинии саха тылыгар икки өрүттээх тылларынан этиллэн бэриллэр. Үчүгэй аһара баран үчүгэйтэн үчүгэй, онтон алдьархай, эбэтэр ынырык үчүгэй диэҥҥэ тиийдэҕинэ, кэрэ диэни аһара бардаҕына, кэрэттэн кэрэҕэ кубулуйдаҕына, бу үчүгэйбит бүтэрэ, эргийэн биэрэрэ кэлбитин биллэрэрин таба өйдөөһүн эрэйиллэр. Ол аата үчүгэйбит эргийэн биэрэн алдьархайга, ынырыкка кубулуйара кэлэн иһэрин тылбыт биһиэхэ, сахаларга этэн биэрэрин таба туһаныахпыт этэ. Бу быһаарыы саха тыла олус былыргы төрүттээх тыл буоларын, сахалыы өй-санаа үөрэҕэ аһара дириҥин, биһиги иннибитинэ олорон ааспыт цивилизация туһунан сахалар билэллэрин биллэрэр. Ол курдук “Өлөн иһэн өйдөммүт”, “Буолар буолбутун кэннэ” диэн этиилэр сахаларга бааллара киһи ол-бу араас саҥаны айыыны оҥоро сатыыр быһыытыттан бэйэтэ кэһэйэрин, өлүүгэ да тиийэн хаалыан сөбүн биллэрэ сылдьаллар.

Сир күнү тула эргийэ сылдьара миллиардынан сылларынан кэмнэнэр. Күн үйэтэ 5 миллиард сыл буолуо диэн этэллэр. Онтон дьон тимири уһаарары уонна уһанары баһылыахтарыттан ыла 2,5 ты- һыынча сыллар эрэ аастылар. Дьон сайдыыны ситиһэннэр өйдөрө-санаалара муҥутуурдук сайынна уонна муҥура кэлбитэ билиннэ. Сайдыыны, тупсууну ситиспиттэрин түмүгэр аһара элбэх сэрии сэптэрин, атомнай, водороднай буомбалары оҥостоннор мунньунан сытыараллара дэлби тэптэрэллэрин кэтэһэн кутталы үөскэтэллэр. 1991 сыллаахха ССРС тоҕо эстибитин таба сыаналаабаппыт, сэрии сэбин оҥосто сатаан баран экономика хаалан хаалыытыттан, дьон аһара дьадайыыларыттан, аһыыр астара бүтүүтүттэн, элбэх харчыны илдьэ сылдьан тугу да туһалааҕы булан ылбат кэмнэрэ кэлиититтэн эйэлээхтик эстибитин билигин умнан кэбистилэр. Уруккуну эргитиэхтэрин баҕалаахтар, эстибит сэбиэскэй былааһы “үчүгэй” этэ диэччилэр, атыттары киэптииллэрин сөбүлээччилэр уонна элбэх сэрии сэбинэн баһыйалларын биллэрэ сатааччылар, бу кэмҥэ да элбэхтэр. Саҥа сэрии сэптэрин элбэҕи оҥостуу атыттары баһыйа сатыыр санааны улаатыннаран кэбиһэр. Атомнай буомбалаах дойдуларга атыттар саба түспэттэрэ тэҥнэһиини үөскэтэн сылдьар.

Дьон инникини саныыр өйдөөх-санаалаах өттүлэрэ сиргэ суоһаан турар кутталы таба өйдүөхтэрэ этэ. Сэриинэн аһара киэптээбит ССРС эстибитин кэнниттэн Россия дьоно өйдөрө-санаалара тупсан, эйэлээх буолуу ордугун таба сыаналааннар төһө эмэ алдьатыылаах сэрии сэптэрин көҕүрэтэ сатаабыт кэмнэрэ баар этэ. Омуктар икки ардыларыгар күөнтэһии син-биир бара турар. Онно саҥа сэрии сэптэрин оҥостуу улаханнык туһалыыр. Бу элбэх саҥаны айыылартан үөскээн тахсар ситиһии Аан дойду дьонун олоҕун туруга суох оҥорор.

Олоххо сайдыыны ситиһэр кыахтара кыччааһыныттан, үлэ-хамнас хаалыытыттан коммунистар былаастара эстибитэ. Билигин Россия сэриитин сэбиттэн куттанар дойдулар холбоһоннор сэриини саҕалаа-бытын иһин кыаҕын кыччатар санааланнылар. Арҕааҥҥы сайдыылаах дойдулар араас санкциялары киллэрэннэр Россия сайдарын, күүһү-рэрин, саҥа сэрии сэбин оҥосторун хааччахтыы сатыыллар.

Кэмэ кэллэҕинэ импиэрийэлэр эстэр, үрэллэр аналлаахтар. Россия импиэрийэтэ мөлтөөһүн кэмигэр киирбитэ декабристартан саҕалам-мыта. Баһылыыр омук ахсаана эбиллибэт буолбута 1991 сыллаахтан биллэр. Кавказ, Урал, Сибиир омуктара бэйэлэрэ сайдыыны ситиһии үрдүкү таһымыгар тахсан эрэллэрин билинэн эрэллэр.

Омуктар олохторугар эмиэ уларыйыылар киирэллэр, үйэлэр аайы саҥа омуктар үөскээн тахсан иһэллэрэ салайар былааһы уларытар хамсааһыннар үөскүүллэриттэн биллэр. Мин суоттааһыммынан омук үйэтэ 900 сылга тиийэр кыахтаах, онтон омук этэ-сиинэ мөлтүүр кэмэ кэлэриттэн уларыйар, атын омуктуун холбоһор, саҥалыы үөскээн сайдара тиийэн кэлэрэ улахан хамсааһыннары таһаарар. Дьон сайдыыны олус түргэнник ситиһэллэрэ быһаарылынна. 2,5 тыһыынча сыллааҕыта тимири уһаарыыны, уһаныыны баһылаан баран элбэх атомнай буомбалары оҥостууну, мунньууну ситистилэр. Онтон салгыы бу мунньуллубут буомбаларын сыыһа-халты туттунан эһэннэр сиргэ дьон быста аҕыйыылларыгар тириэрдиэхтэрин сөп. Манна наркотиктары туһаныы дэлэйэн, дьон өйө-санаата туруга суох буолуута сыыһа-халты туттунууну үөскэтэрэ олук буолуон сөп.

Дьон өйдөрө-санаалара улахан кыыл өйүттэн сайдан тахсан киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны биһиги эрабыт саҕаланыан быдан иннинэ ситиспиттэрэ. Христос таҥара үөрэҕин тарҕатан үчүгэй киһи буолууну баһылаабыттара 2 тыһыынча сыллартан саҥа тахсан эрэр.

Сир эргийэрин курдук дьон сайдыыны ситиһиилэрэ эргийэн, уруккуга төннөн биэрэр кэмнэрдээҕэ уустуктары үөскэтэр. Сайдыы-ны, үчүгэй киһи буолууну ситиспит дьон өйө-санаата аһара баран кэрэттэн кэрэ буолууга тиийдэҕинэ, үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу-туттан төттөрү эргийэн кыыл өйүгэр-санаатыгар төннөр кэмэ кэлиэн сөп. Кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьарыттан, үлэ-хамнас хаалыыта саҕаланарыттан эргийэн биэрии үөскүүр.

Сир эргийэр. Сир үрдүгэр туох барыта эргийэн кэлэн иһэр, ол курдук омуктар уларыйыылара хас саҥа үйэ саҕаланнаҕын ахсын биллэн тахсан хамсааһыннар үөскээн иһэллэр. Саҥа үйэлэр саҕаланыыларыгар куруук буолар улахан сэриилэр саҥа омуктар үөскээн тахсан атыттары үтүрүйэллэриттэн уонна кырдьаҕас омуктар эстиилэрин, уларыйыыларын кытта сибээстээхтэр. Киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыт элбэх ахсааннаах омуктар эстиилэрэ олорор сирдэрин былдьаһыыларыттан улахан сэриитэ суох кыайан ааспаттар.

Сир эргийэн иһэрин дьайыытыттан дьон олохторугар кэмиттэн-кэмигэр кэлэр уларыйыыларга бэлэмнэнэн истэхтэринэ эрэ, олохторо салҕанара табыллар кыахтанар. Аныгы демократия үйэтигэр быыбардар көмөлөрүнэн салайааччылары уларытан биэрии, дьон олохторугар сөп түбэһэр уларыйыылары кэмиттэн кэмигэр киллэрэн иһии сайдан, уларыйан иһэр олохтон омук хаалан хаалбакка, сайдыыны ситиһэн иһэригэр кыах биэрэрин туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Онон дьон олохторугар биллэр уларыйыылар кэмиттэн кэмигэр киирэн иһэллэрэ ирдэнэрин сир эргийэрэ уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии баара биллэрэр.

ИТЭҔЭЛ ҮӨРЭҔЭ ИККИ ӨРҮТТЭЭХ

Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи майгына уонна оҥорор быһыытын уларыйыыта икки өрүттэнэн тахсан, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэрин билэллэрэ. Өй-санаа үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки аҥы хайысхаларга арахсан тахсара киһи оҥорор быһыыта икки өрүттэнэн тахсарын үөскэтэр. Бу тутулугу үөрэтиибитин биһиги “Үрүҥ айыы буолуу” диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. (6,16).

Киһи өйүн-санаатын биир өрүтэ, салгын кута буоллаҕына иккис, биллибэт, көстүбэт өрүтүнэн сүөһү, улахан кыыл өйө-санаата, ийэ кута буоларын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэн, киһи майгынын уларыйыытын ханнык эрэ улахан кыылга тэҥнээн көрөн, өйө-санаата сайдыыны ситиспит таһымын быһаараллара.

Ынах сүөһү өйүн-санаатын таһымын үстээх оҕо өйүгэр тэҥнииллэр, онтон сылгы өйө-санаата түөртээх оҕо өйүгэр тэҥнэнэр. Саха сиригэр олохтоох кыыллартан өйдөөхтөрө ыт буолар. “Саҥарбат эрэ” диэн этэн ыт өйүн таһымын быһаараллар. Ыт өйө биэстээх оҕо өйүгэр тэҥнэнэр. Ол аата кыра эрдэҕиттэн үгэстэргэ иитиллэр ийэ кут өйө-санаата оҕо биэс сааһыгар тиийэ сайдан баран салгыы уларыйан салгын кут өйүгэр-санаатыгар кубулуйарын Кут-сүр үөрэҕэ биллэрэр.

Сахабыт тылыгар дьон өйө-санаата сайдыыны ситиһиитэ толору этиллэн сылдьар. Киһи өйө-санаата сайдыыта, майгына тупсуута киһи буолууну ситиһии кэнниттэн өссө тупсан, үчүгэй киһи буолууга тиийэн баран салгыы сайдан, үчүгэйтэн үчүгэй диэнинэн бүтэр, муҥурданар кэмэ кэлэр. Өй-санаа халыйыытын үөскэппит үчүгэйи эрэ эккирэтэр, бэйэлэрин аһара үчүгэйинэн ааҕынар дьон өссө кэрэ киһи диэн кэлэн иһэр диэн сымыйанан, албыннаан этэллэр.

Дьоҥҥо кэрэ буолуу өйө-санаата киирдэҕинэ омук эстиитэ, уларыйыыта кэлбитэ быһаарыллар. Дьон сайдыыларын муҥура кэлэн иһэрин билигин кэрэ буола сатааһын элбээбитэ быһаарар. Олох тупсуута, баайдар элбээһиннэрэ артыыстары үксэтэн кэрэ буолууну үөскэтэллэр уонна тарҕаталлар. Ол курдук, кэрэ диэн тылбыт салгыы сайдан кэрэтэ диэҥҥэ кубулуйдаҕына ханнык эрэ кыайан туораммат кыйыа кэлэрин, сайдыы кэмэ бүтэрин, олоххо өй-санаа эргийэн биэрэрэ кэлбитин биллэрэрин таба өйдөөһүн эрэйиллэр. Киһилии майгылаах, киһилии быһыылары оҥорор киһи, сахалыы таҥара үөрэҕэр киһи быһыылаах диэн ааттанар. Киһилии быһыылаах буолууну дьон 2 тыһыынча сыллар анараа өттүлэриттэн баһылыы сатыыллар. Христос диэн ааттаммыт, үчүгэй киһи буолууга ыҥырар, үчүгэй киһи таҥара үөскээһинэ дьон үчүгэй баҕа санааланан, үчүгэй майгыланан, үчүгэй быһыылары оҥоро сатыылларын үөскэтэн өйдө-рүн-санааларын өссө сайыннарбыта, тупсарбыта.

Сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн саха дьоно былыргы өбүгэлэрин билиилэрин ылыналларыгар, элбэх сыыһалардаах да буоллар, “айыы үөрэҕэ” оҥорор үчүгэйэ элбэх этэ. Бу үөрэх көмө-түнэн сахалар сэбиэскэй былаас кэмигэр суох буола сыспыт саха омуктарын билиннилэр, саха тылын, омук олоҕун үөрэтэр санаалара күүһүрдэ. Былыргы остуоруйаларын, олоҥхолорун үөрэтэннэр олус уһун үйэлээх омук эбиттэрин итэҕэйдилэр. Ол да буоллар, бу үөрэх оҕо өйө-санаата киһи буолууну ситиһэригэр, киһилии суолунан сайдыытыгар, сиэри тутуһуутугар биллэр, улахан сыыһалардааҕын, халыйыытын көннөрбөккө эрэ сылдьарыттан билигин кэлэн сэти үөскэтэн сахалар сайдыыларын хааччахтыыр буолла.

“Айыы үөрэҕэ” “айыы үчүгэй” диэн этиитэ улахан сыыһатын сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрэ биллэрэр. Бу үөрэҕи саха сааһырбыт дьоно барылара билэллэрин сэбиэскэй былаас атеистары, өй-санаа үөрэҕин билиммэт дьону үөскэтээри умуннара сатаабыта. Айыыны “үчүгэй” диэн этии оҕону үөрэтиигэ улахан халыйыыны үөскэтэр, айыыны, дьон билбэт-тэрин, оҥорботторун оҥоро сатыырыттан оҕо сыыһа-халты туттуна-рын элбэтэн, куһаҕан быһыыны оҥорорун үксэтэр. Өссө салгыы баран дьон бары саҥаны айыыны оҥоро сатыылларыгар тириэртэҕинэ, букатын алдьатыыны оҥорууларын үөскэтиэн сөп.

Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата туспа баран бэйэтэ айыы буолан өр кэмҥэ сылдьар кыахтанар. Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара ааттаналлар. Бу быһыы өлбүт киһи түүлгэ киирэн көстө-рүнэн быһаарыллар. Тыыннаах киһи айыы буола сатыыра кэрэгэй, өйө-санаата уларыйа сылдьарынан кыайан айыы буолбат. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа барарынан, уларыйбат турукка киирэринэн, уратытынан, атыттарга маарыннаабатынан туспа айыы буолан уһун кэмҥэ сылдьыан сөп. Айыы буола сатааһын киһи эрдэлээн өлөн хааларын үөскэтиэн сөбүттэн сахалар сэрэнэллэр, айыы диэн тылы туттубакка, улаханнык саҥарбакка кыһаналлар.

Сэбиэскэй былаас үлтү сынньан туораппытын кэнниттэн таҥара үөрэҕин хаалларан сылдьарбытыттан, билигин эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара, киһи быһыытын аһара бараллара, сыыһа-халты туттунуулара олус элбээтэ. Эдэр уолаттарбыт 30 бырыһыаннара хаайыыга киирэн тахсаллар диэн эппиттэрэ ыраатта.

Таҥара үөрэҕэ дьон өйүн-санаатын салайыыга үлэлиир. Дьон бииргэ түмсээри биир таҥараны олохтуу сатыыллар. Бары биир санааланаллара олус уустугуттан, атыттары, сөбүлэспэттэри барыла-рын ыгыы, хаайыы үөскүүрүттэн кэлин, бу үтүө баҕа санаалара диктатураҕа кубулуйан хааларга тиийэр. Биир таҥара дьон биир санааланыыларын, биир сыалга дьулуһууларын үөскэтэр күүһэ улаха-ныттан атыттары барыларын туоратан баран салайааччылар диктату-раларын үөскэтиигэ тириэрдэн кэбиһэрэ дьон өйүн-санаатын халытар.

Таҥара үөрэҕэ дьоҥҥо аан бастаан биир санааланыыны үөскэ-тиигэ уонна биир сыалы булууга улаханнык туһалыыр. Билигин айылҕа харыстааһына дьон барыларын өйдөрүгэр-санааларыгар киир-битинэн Күн таҥара, Аан дойду төрүт тутулуга буолан баһылыыр оруолу ылар кыахтанна. Былыргыттан элбэх таҥаралаах саха дьонун биир санааланыыга тириэрдэн, холбоһууларын үөскэтэргэ Аан дойду үрдүнэн соҕотох Күн таҥара үөрэҕэ туһалыан сөп.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн сахалыы итэҕэл эмиэ икки өрүттэнэр. Итэҕэл икки өрүттэрэ манныктар: 1. Сахалыы таҥара үөрэҕэ. Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын таҥара үөрэҕэ таба суолунан салайар. Ол курдук, оҕо үчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕинэ иитиллэрин, үөрэтиллэрин таҥара үөрэҕэ улахан киһини үтүктэн үөрэтииттэн саҕалаан киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр. Бу итэҕэл оҕону кыра эрдэҕиттэн улахан киһи буолууга, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго иитэр, үөрэтэр анал-лааҕыттан өй-санаа сайдыытыгар бастаан иһэр оруоллаах.

2. Үрүҥ айыы итэҕэлэ. Оҕо улаатан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоҕор таба туһанар буолан баран үөрэтэр итэҕэлэ буолар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэр, олохторугар таба туһанар улахан дьон былыргылар билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн талан ылан эдэрдэргэ тириэрдэр билиилэрэ үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанар. Былыргы өбүгэлэрбит олохторун устата үөрэтэн билиигэ кубулуппут өйдөрүн-санааларын өс хоһоонноро оҥорбуттарын били-гин туһана сылдьарбыт үрүҥ айыылартан ылынар билиилэрбит диэн ааттаналлар уонна үрүҥ айыы итэҕэлин үөскэтэллэр.

Итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэр-бэккэ тэҥҥэ кэриэтэ сайдан иһиилэрэ омук сайдыытыгар, өйө-санаата туруктанарыгар улахан суолтаны ылаллар. Үөрэх-билии сайдыыта киһи таҥара үөрэхтэрин тарҕатан, дьон үчүгэй киһи буолууну сити-һэллэрин үөскэтэн, билигин бары үчүгэй киһи буолууну баһылыыр кыахтаннылар. Арай омуктар тугу “үчүгэй” дииллэрэ барыларыгар сөп түбэспэтэ, уратылааҕа биир тылы булуналларыгар уустуктары үөскэтэр, эйэлэһиилэрин атахтыыр. Киһи таҥаралартан үрдүктүк турар Күн таҥара үөрэҕэ сайдыыта, тарҕаныыта Аан дойду дьонун барыларын, таҥараларын кытта эйэлэһиннэриэ этэ.

Киһи үчүгэйи элбэхтик оҥордоҕуна уонна үчүгэй санаалан-наҕына, үгэстэннэҕинэ, майгыланнаҕына, быһыыланнаҕына үчүгэй киһи чахчы буолар. Үчүгэй киһи кэнниттэн үчүгэйтэн үчүгэй, кэрэ киһи кэлиэ диэн дьон баҕара саныыллара сыыһа, эрдэлээһини үөскэтии буолан өйгө-санааҕа халыйыы кэлбитин биллэрэр.

Олох тупсан, экономика сайдан иһиитэ артыыстары элбэтэр. Артыыстар киэргэнэр, оҥостор санаалара элбэҕиттэн кэрэ киһини үөскэтэллэр уонна үлэһиттэр бэлэмнэригэр олорон байаллар. Билигин Россияҕа артыыстар оруоллара аһара үрдээһинэ, телевизэри барытын баһылааһыннара кэрэ буола сатааһын, албыннааһын элбээбитин, баһылыыр омук уларыйара кэлбитин илэ көрдөрөр бэлиэ буолар.

Кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьар. Биһиги кэрэ диэн тылы өй-санаа тутулуктарынан туһанан ырытыыбыт оннук түмүгү биэрэр. Кэрэ диэн кэнниттэн ханнык эрэ кыйыа, кэрэтэ диэн ааттаах тиийэн кэлэрэ, салгыы баран иһии букатын кыаллыбатын уонна үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйыыта тиийэн кэлэрин биллэрэр.

Киһи куһаҕан майгына ханнык эрэ кыыл майгыныгар тэҥнэнэр. Бу тэҥнэбили сахалар элбэхтик тутталлар. Куһаҕан майгылаах киһи үгүстүк сибиинньэҕэ эбэтэр ыкка холонор. Ол аата киһи аҥар өрүтэ, этэ-сиинэ улахан кыыл – сүөһү диэн буолара анаан бэлиэтэнэр уонна өйү-санааны сайыннарары, майгыны тупсарары ыйан биэрэр.

Сахаларга олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит Кут-сүр үөрэҕэ баар, билигин сайдан иһэр кыаҕа улаатта. Бу үөрэххэ өй-санаа түмсүүлэрин киһи өйүнэн-санаатынан үөскэтэр, салайар буоллаҕына кут диэн ааттанар, онтон сүр диэн айылҕаттан, кыыл төрүттэн бэриллэн иһэр өй-санаа буолар уонна сайдыыны, тупсууну олус бытааннык ылынар. Кут уонна сүр диэн икки өй-санаа уратылара бааллара киһи өйө-санаата эмиэ икки өрүттээх тутулуктааҕын биллэ-рэр. Киһи иҥсэтэ-обото элбээһинэ, дьоҥҥо сыһыана мөлтөөһүнэ ыкка тэҥнэнэн кээмэйдэнэр. “Ыт курдук ырдьыгынас” диэтэхтэринэ, кыра аайыттан түргэнник кыыһыран иһэр киһини этэллэр. “Ыттан бэриһин-нэриэҥ суоҕа” диэн этии туппутун, ылбытын төттөрү ыһыктыбат, кэччэгэй киһини биллэрэр. Бэрсии диэн дьоҥҥо эрэ үөскүүр киһилии майгы уратыта кыылларга үөскээбэтин чуолкайдыыр.

Аһылыкка аһара туттунуу, аһааһын-сиэһин элбээһинэ, уойуу-тотуу сибиинньэҕэ холонууга тириэрдэр. “Сибиинньэ курдук” диэтэх-тэринэ иҥсэлээхтик аһаан-сиэн бахсырыйар уойбут-топпут эбэтэр итирэн буорга буккуллубут киһини этэллэр. Киһини сибиинньэҕэ тэҥнээһин өй-санаа аһааһын өттүгэр улаханнык халыйан, эбиискэ сыаны мунньунуу диэки хайысхаланан барбытын биллэрэрин тэҥэ, “Сүрэҕэ суох” буолан элбэхтик сытар киһини эмиэ этэллэр.

Эр киһи көнө, кытаанах, соһуччу уларыйа сылдьыбат майгылааҕа былыргыттан биллэр. “Дьахтар курдук тылга тииһэн” диэн этии дьахтар элбэхтик туһата суоҕу саҥарарын биллэрэрин тэҥэ, эр киһи ону-маны, буолары-буолбаты саҥара сылдьарын сэмэлиир. Эр киһи майгына аһара сымнаҕас, иннэ-кэннэ биллибэт буолуута, “дьахтар курдук” диэн тэҥнэбилгэ тириэрдэн кэбиһэр. Бу тэҥнэбил дьон икки өрүттэрин майгыларын уратыларын арыйан таһаарыыга туһалыыр. Ол курдук, эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэр уонна майгыларын уратылара утарыта хайысхалааҕа элбэҕэ быһаа-рыллар. Дьон бэйэлэрэ эр киһи уонна дьахтар диэн икки өрүккэ арахсыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэллэр, икки аҥы өрүттэри үөскэтэн сылдьаллар.

Аһара хайҕаныма, киһиргээмэ диир сахалар үөрэхтэрэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии туохха барытыгар сыһыаннааҕынан хайҕаныы, киһиргээһин аҥар өрүтү өрө таһааран, атынын намтатан кэбиһэрин биллэххэ табыллар. Ол аата хайҕаныы, арбаныы үөскээбит тэҥнэһии балаһыанньатын уларытан аҥар өттүгэр сыҕарытан кэби-һиигэ тириэрдэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар аһара хайҕа-наллара, кэпсэнэллэрэ, араас “льготалары” ылаллара элбээбитэ эр дьон мөлтүүллэрин, аанньа ахтыллыбаттарын үөскэппитэ уонна үлэни-хамнаһы мөлтөөһүҥҥэ тириэрдибитэ быһаарыллар.

Сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэрэ айылҕаҕа баар туохха барытыгар сыһыаннаһар уонна айылҕа тутаах тутулугун табатык быһаарар. Ол курдук, сырдык күн кэнниттэн хараҥа түүн кэлэн солбуйан иһэринэн икки өрүттэр хаһан эрэ солбуһан ылар кэмнээхтэрин өйдөөх-санаалаах дьон билиэ этилэр. Бу быһаарыы киһи оҥорор быһыытыгар; үчүгэй айыыны эбэтэр куһаҕан айыыны оҥорон кэбиһэр майгыныгар ордук улахан дьайыылаах.

Киһи өйдөөх-санаалаах буолан үөрэҕи-билиини баһылыырынан, улаатан иһэн салгын кута сайыннаҕына бэйэтэ бу икки өрүттэри; үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн, арааран олоҕор таба туһанара киһилии быһыыланыыны ситиһиигэ тириэрдэр уонна оҕо улаатан, өйө-санаата ситэн истэҕинэ ситиһэр тутаах таһыма буолар.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун билэллэрин икки өрүттээх өйдөбүллээх тыллары туһана сылдьаллара быһаарар. Ынырык диэн аһара куһаҕаны этэрбит тэҥэ, аны аһара хайҕаатахпытына ынырык үчүгэй диэн этэн кэбиһэбит. Ол аата, бу үчүгэйбит аһара баран ынырык үчүгэйгэ тиийдэҕинэ солбуйсан биэрэрэ кэлэн ынырык куһаҕаҥҥа эргийэн биэрэн эрэрин бэйэбит да билбэппитинэн эрдэттэн сэрэйэн билэн, тылбытыгар киллэрэн атыттарга биллэрэр эбиппит.

Икки өрүт солбуйсан биэрэллэрин быһаарыыга сахалыы айыы диэн тылбыт туһалыыр. Ол курдук, үчүгэй эргийэн, куһаҕаҥҥа кубулуйан биэрэр кэмигэр айыы диэн тылбыт бэйэтэ уларыйбакка хаалан хаалара, үчүгэй уонна куһаҕан уларыйан биэриитигэр саха дьонун өйдөрө-санаалара улаханнык уларыйбатын, халыйыыга оҕус-тарбатын үөскэтэр. Айыы диэн тылбытын аны тыл үөрэхтээхтэриттэн, суруйааччылартан, нууччалары быһаччы үтүктэр учуонайдартан харыстыыр, көмүскүүр кэммит кэллэ. Бэйэтэ икки өрүттээх өйдө-бүллээх; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан быһаарар соҕотох тылбытын, бу дьон аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥорууга аналлаах дииллэрэ таһы-быһа сымыйа, онтон куһаҕаны оҥорууну “аньыы” диэн сахаларга букатын суох тылы булан бэлиэтиир санаалаахтара сахалары барыларын албынныыр, сахалыы төрүт өйбүтүн-санаабытын буккуйууга, алдьатыыга тириэрдэллэр.

Олоххо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини куруук тутуһа сылдьыы ирдэнэр. Айыы диэн тылы маннык уларыта, икки аҥы араара сатааһын бу тутаах этиигэ, айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэспэт, халыйыыны үөскэтэр. Итини тэҥэ, үчүгэй куһаҕаҥҥа ула-рыйан биэрэр кэмигэр киһи оҥорор быһыыта уларыйбатын суох оҥорон ордук улахан охсууга тириэрдиэн сөп.

Айыы диэн тылбыт куһаҕан суолтата элбэҕин бэйэлэрэ оҥорор-тутар үлэһит дьон үчүгэй буолуо диэн оҥорбуттара куһаҕан буолан тахсарыттан билэллэр. Ол курдук, үлэ-хамнас кэмигэр тугу барытын киһи оҥороруттан атыннык, уратытык оҥоруу, ол аата саҥаны айыыны оҥоро сатааһын сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбэҕинэн букатын да көҥүллэммэт, бобуллар быһыы буолар.

Сахаларга айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан биллэрэрэ хаһан даҕаны уларыйыа суоҕа, ол иһин тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан босхолонуу ирдэнэр. Киһи биир төбөтүнэн, мэйиитинэн салаллан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин, бу тыл соҕотох буоллаҕына эрэ чуолкайдык, табатык быһаарар. Өй-санаа бу эргийэн биэрэр уратытын быһаарар соҕотох тылбытын урукку, сэбиэскэй былаас иннинээҕи өйдөбүлүн оннугар түһэрэн; үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын уларыппакка эрэ харыстаатахпытына табыллар.

Бу кэмҥэ сахалыы өйбүт-санаабыт тутулугун, айыы диэн киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэр өйүн-санаатын уратытын тыл үөрэхтээхтэриттэн, суруйааччылартан, нууччалары быһаччы үтүктэр дьонтон үлэһиттэр харыстыыллара кэллэ.

Онон айыы диэн тылбытын харыстааһын “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун быһаарар этиини тутуһуу буолар.

ИККИТТЭН БИИРИН ТАЛЫЫ

Сиргэ туох барыта эргийэн, уларыйан биэрэрэ кэмэ кэллэҕинэ кэлэн иһэр. Кыһын кэнниттэн, саас, онтон сайын кэлэр, хараҥа, тымныы түүн сырдык күнүнэн солбуллар. Үчүгэй уонна куһаҕан кэмнэр солбуйсан биэрэллэрэ хаһан да тохтообокко салҕанан баран иһэллэр. Олоххо хаһан баҕарар уларыйыылар тахсаллар. Киһи өйдөөҕүттэн-санаалааҕыттан элбэх туһалаах дии саныыр быһаарыыларын ылынан уонна олору оҥорон олоҕун уларытан, айылҕа кэмиттэн кэмигэр уларыйан биэриитигэр сөп түбэһиннэрэн биэрэр кыахтаах. Бу быһаарыылары ылынарыгар хас да көрүҥнэртэн хайаларын эрэ, биирдэрин, элбэх туһалааҕынан, бэйэтигэр сөп түбэһэринэн сыана-лаан, тэҥнээн көрүүнү туһанан талан ылыан сөп.

Олоххо туох барыта эргийэн биэрэн кэлэн иһэринэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуу бүтэр, уларыйар кэмэ эмиэ тиийэн кэлэр. Бу кэм кэлиитигэр киһи өйө-санаата сайдыбытынан туһанан тэҥнээн, ыйааһыннаан көрүүнэн иккиттэн биирин таба талан ылара эрэйиллэр. “Иккиттэн биирин талыы” диэн өйдөбүл сахаларга баар. Ол аата “Икки куобаҕы эккирэтимэ” диэн өс хоһооно туттуллар кэмэ кэлэр. Бу быһаарыы үөскээһинэ ханнык баҕарар быһаарыылар, киһи оҥорор быһыылара кэлин тиһэҕэр тиийэн иккиттэн биирин талан ылыыга кубулуйан хаалар үгэстээхтэригэр олоҕурар. Ол курдук, салайааччыны быыбардаан талыыга аан маҥнай элбэх кандидаттартан талыллан-талыллан ордон хаалар икки эрэ кандидаттан биирдэрин талан ылыы олоххо киирэр кыахтанар.

Киһи ханнык эмэ быһаарыыны ылынарыгар сүнньүнэн иккиттэн биирин талан ылан олоҕор туһанара үгүс. Кыратыттан саҕалаатахха, бүгүн ханнык таҥаһы таҥнан үлэҕэ барары быһаарыныы эмиэ суолтата улаатар. Бу күҥҥэ халлаан сылааһа, тымныыта хайдаҕыттан ханнык таҥаһы таҥныы эмиэ уратыланан тахсар.

Иккиттэн биирин талан ылан туһааннаах дьыалаҕа таба быһаа-рыыны ылыныы уустук, табыллыбакка хааллаҕына олоххо сыыһа уларыйыылары киллэриэн сөп. Сахаларга “Абааһыны да кытта тапсыы” диэн өй-санаа тосту уларыйара тиийэн кэлэрин биллэрэр этии баар. Бу этии дириҥ суолтатынан киһи өйдөөҕүттэн-санаалааҕыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини таба өйдүүрүнэн, уруккута сөбүлэспэт, абааһынан ааттаабыт куһаҕан киһитин кытта биир тылы булунарын, эйэлэһэрин быһаарар. Ол аата “Абааһыны да кытта тапсыы” диэн өйдөбүл киһи бэйэтин өйө-санаата тосту уларыйар, урукку куһаҕана үчүгэйгэ кубулуйар кэмэ тиийэн кэлбитин биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии кэмэ кэллэҕинэ туох барыта эргийэн, уларыйан биэрэрин быһаарарын олоххо таба туһаныы ирдэнэр. Ол аата хаһан эрэ бу абааһынан ааттаабыт киһибит оҥорор куһаҕан быһыыта аны уларыйан, үчүгэй диэн ааттанар кэмэ эмиэ кэлиэн сөбүн билии уонна олоххо таба туһаныыны үөскэтии эрэйиллэр.

Биһиги бэйэбит кылгас үйэбитигэр үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмин эппитинэн-сииммитинэн биллибит уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини итэҕэйдибит. Ол курдук, сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥы буолуу “үчүгэй” диэн эбит буоллаҕына, билигин ырыынах олоҕо кэлбитин кэннэ куһаҕаҥҥа кубулуйда, аны баай буолуу үчүгэй диэҥҥэ уларыйан өйбүт-санаабыт эмиэ тосту уларыйыахтаах, бары байыыны ситиһиэхтээх кэммитигэр олоробут. Төһө эмэ кэминэн баайдар аһара байаннар, дьадаҥылары, үлэһиттэри аанньа ахтыбат, киһинэн да аахпат кэмнэрэ эргийэн тиийэн кэллэ-ҕинэ, эмиэ өрө туруу, революция үөскээн тахсан кыайдаҕына, дьадаҥылар үчүгэй буолар кэмнэрэ эргийэн кэлиэн сөп.

Атын өрүтү кытта биир тылы булуу хаһан баҕарар уустуктары үөскэтэр. Икки өрүт тутуһар хайысхалара тус-туспа буоларынан биир тылы булунарга бэйэ туһааннаах көрдөбүлүн кыччатан, анараа өрүт этиитигэр чугаһатан, тэҥнээн биэриини үөскэтии, ол аата, икки ардыларынан түбэһиннэрэн ортотун, сөбүлэһии өрүтүн булуу хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буоларын сыаналыахпыт этэ. Атыы, эргиэн дьыалатын баһылааһын биир тылы булууга тириэр-дэрэ элбэх. Ол курдук, биир атыылыан, онтон барыс киллэриниэн баҕарар киһи сыанатын аһара үрдүктүк эттэҕинэ, анараа, атыылаһыан баҕарар киһи, чэпчэкитик ылыан баҕаран сыанатын түһэрсээри сананар. Кинилэр биир тылы булунуулара табаар төһө дьоҥҥо туһалааҕын, сыанатын быһаарара атыы-эргиэн сайдыытын үөскэтэр. Ол аата, бу дьон сөбүлэһэн атыылара табылларын туһугар иккиэн-нэрин көрдөбүллэрин кыччатан, икки ардыларынан, ортотунан түбэһэр быһаарыыны ылыналлара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Атыылыыр уонна атыылаһар өрүттэр сөбүлэһэр сыаналара иккиэннэрин көрдөбүлүттэн кыччаан биэрэр, ортотунан буолар уонна үһүс өрүт, сөп түбэһии өрүтэ баарын арыйан таһаарар.

Сахалар икки өрүт икки ардыларыгар, ортолоругар үһүс өрүт үөскээн тахсарын быһааран “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини туһаналлар. Бу быһаарыы олоххо киирбитин бэлиэтинэн сахалар бэйэлэрэ олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллара буолар. Олоххо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии баһылаан, сала-йан иһэр. Ол да буоллар кэмиттэн кэмигэр иккиттэн биирин арааран ылыы олоххо ирдэнэр кэмэ тиийэн кэлэр. Икки тус-туспа хайысхалаах быһаарыылары киһи кыайан ылынар кыаҕа суох, олоххо табыллыбата элбээн хаалар. Иккиттэн биирин арааран ылыыны биллэрэр “Икки куобаҕы эккирэтимэ” диэн өс хоһооно туһанылла сылдьар. Булду эккирэтээччи үксүгэр эр киһи буоларынан, бу өс хоһооно эр дьоҥҥо аналлааҕа булду эккирэтиигэ сүбэ биэрэриттэн биллэр.

Иккиттэн биирин талыыны аныгы кыргыттар эргэ тахсалларыгар оҥорор кыахтара аһара улаатан турар. Үйэ тухары бииргэ олорор киһини талыы кырдьык да уустуктардаах, элбэх быһаарыыларга сөп түбэһэр киһи эрэ эр буолар кыахтанар. Билсии, көрсүү олус кэҥээбитэ талан ылыыга эрэйдэри үөскэтэрэ саарбаҕа суох буолла. Билигин эдэрдэр ыал буолуулара аҕыйааһына, аһара талымастарыттан, солум-сахтарыттан, дьахталлар эҥин араас көрдөбүллэрэ биллэрдик улаа-тыытыттан ордук тутулуктанар. Ол иһин олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит ыал буолуу үгэстэрин аныгы олоххо киллэрэн туһаныы сайдан иһэр сахалартан ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Киһиэхэ оҥорор быһыылары таба талан ылыыга улахан уустуктар үөскүөхтэрин сөп. Ол курдук, тугу эрэ хайаан да оҥоруом диэн быһаарыыны ылынарга хаһан баҕарар атыннык оҥорор, чугуйар, халбарыйан биэрэргэ аналлаах атын сыал баар буолара эрэйиллэр. Ол аата дьоҥҥо хаһан баҕарар талан ылар кыах баара туһалаах. Үлэҕэ-хамнаска үөскээн тахсар уларыйыылары таба быһаарарга, хас да биир тэҥ суолталаах эппиэттэртэн биирин, ордук табылларын, сөп түбэһэрин талан ылыы улахан туһаны оҥоруон сөп. “Биир төбө үчүгэй буоллаҕына, икки төбө өссө ордук” диэн этии талан ылыыга таба сыаналааһын олус улахан суолталааҕын быһаарар.

Олоххо киһи олус тулуурдааҕын көрдөрөр кэмэ биирдэ эмэтэ да буоллар тиийэн кэлиэн сөп. Бу кэмҥэ тулуура тиийбэт киһи сыыһа-халты туттунууну оҥорон кэбиһэрэ олоҕун тосту уларытарыгар тириэрдиэн сөп. “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн этии киһи тулуйар кыаҕа эмиэ кээмэйдээҕин, аһара баран хааллаҕына сыыһа туттунуон сөбүн быһаарар. Киһиэхэ олус ыгааһыны оҥорон ханна да барар, сыҕарыйар сири, миэстэни хаалларбатахха, атын, сөп түбэһэр соҕус быһаарыыны ылынар кыаҕы биэрбэтэххэ, кытаанах майгылаах киһи тоҕо көтөн барыы диэки санаатын ууруон, онно турунуон сөбө, куһаҕан быһыы аҕыйыырыгар көмөлөспөтүн тэҥэ, өссө ыаратыан сөп.

Киһи быһаарыыны ылынарыгар ханна да барар, сыҕырыйар сир суох буолуута сахалыы “Барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолла” диэн этиинэн бигэргэнэр уонна тосту уларыйыыны киллэр-дэххэ эрэ дьыала табыллар кыахтаммытын биллэрэр. Бу үөскээбит балаһыанньа салҕанан барыыта “Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй?” диэн андаҕар этиитигэр тиийдэҕинэ киһи өлөн хаалыан сөбүн умнан кэбиһэн олоҕор тосту уларыйыыны киллэрэр кыахтанан, биир санааны ылынар.

“Күн сирэ көҥдөй, айыы аартыга аһаҕас” диэн этиини аныгы дьахталларбыт сыыһа санааларыгар, айыы диэн тыл баарын иһин элбэхтэ алгыс этэллэригэр туһаналлара тылбытыгар иҥэн сылдьар өй-санаа өйдөбүллэрин билбэттэрин тэҥэ, өйдөрө-санаалара өлүү диэки халыйан сылдьарын биллэрэр. Бу этии киһи барар сирэ бараннаҕына, өлөрө, айыы буолара уонна тыыннаах хаалара быһаарыллар кэмигэр, иккиттэн биирин талыы тиийэн кэллэҕинэ этинэр ыарахан этиитэ буолар. Бу киһи олус ыксаабыт, ыгыллыбыт кэмигэр саҥарар иччи-лээх тылларын дьоҥҥо барыларыгар анаан алгыска туһана сатааһын олус улахан сыыһа, саха тылын уонна онно иҥэн сылдьар өйүн-санаатын, үгэстэрин букатын билбэттэрин көрдөрөр.

“После нас хоть потоп” диэн этии нууччалар эстэр-быстар күннэ-ригэр бэйэлэрин кэнниттэн сири-дойдуну ууга ыытан, аан дойдуну алдьатар кыахтаахтарын биллэрэр. Ол курдук, өс хоһооно диэн үгэскэ кубулуйбут өй-санаа түмсүүтэ буоларынан дьайыыта олус күүстээх.

“Кэннэ кээнчэ да буоллун” диэн сахалыы этии киһини олус улахан алдьатыыга, эһиигэ, тимирдиигэ, суох оҥорууга тириэрдибэт, өһү-сааһы үөскэппэт сымнаҕас эрээри, кытаанах быһаарыы буолар. Сахалар сымнаҕас, атын дьону өйдүүр, таба сыаналыыр, айылҕаны харыстыыр кыахтара хаһан баҕарар улаханын, бу этии биллэрэр.

Иккиттэн биирин талыы саҥа омук үөскүүр кэмигэр ордук кытаанах, халбаҥнаабат быһаарыыны ылынарга тириэрдэр. Ол кур-дук, саҥа омук икки омуктар икки ардыларыгар үөскээн, ахсааннара эбиллэн истэҕинэ, хайа омук буолары быһаарыы кэмэ тирээн кэллэҕинэ киһи, дьон үксэ буккуллан ылыахтарын сөп. Саҥа омук үөскээһинэ уһун кэми ыларынан уларыйыы сыыйа-баайа, кыра-кыралаан саҥарар тылга киирэр уларыйыыларынан, бэйэлэрэ киллэ-рэн биэрэр эбиилэринэн олоххо киирэн истэҕинэ улахан хамсааһыны үөскэтимиэн, биир киһи кылгас олоҕор биллибэккэ хаалыан сөп.

Үс аҥы хайдыспыт омуктартан хайа омук баһыйар оруолу ыларын быһаарарга сэбиэскэй былаас киллэрбит үөрэҕи-билиини баһылаа-һына ылара буолуо диэн санаа сыыһа, итэҕэс, быстах санаа эбит. Ол курдук, үөрэх-билии, салгын кут дьайыыта буор куту үөскэтэрэ олус уһун кэми, хас да көлүөнэ дьон олохторун ыларынан, быһаччы эттэрин-сииннэрин хамсатан буор куту, үөрүйэхтэри үөскэтинэр үлэ-һиттэр баһыйаллара, сайдыыны ситиһэллэрэ түргэнэ быһаарыллар. Көрсүө, сэмэй буолан үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээһин, үлэһит көлүөнэлэри элбэтии, эти-сиини дьарыктааһын, сайыннарыы турук-таах өйү-санааны үөскэтэринэн, үлэһиттэр баһыйа тутан сайдаллара, саҥа омук баһылааһыныгар тириэрдэр кыахтара улаатар.

Саҥа омук үөскээн, сайдан-үүнэн тахсыытыгар үс аҥы хайдыспыт омуктартан хайалара ордук үлэни-хамнаһы кыайара, көрсүөтэ, сэмэйэ, аата-суола үчүгэйэ, оҕолорун доруобуйалара бөҕөлөрө, ахсааннара эбиллэрэ, олоххо ситиһиини, тупсууну аҕалаллара маҥнайгы оруолу ылалларыгар тириэрдэрэ, бастыылларын чуолкайдык быһаарар.

Иккиттэн биирин быһаарыыга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыны туһаныы хаһан баҕарар сөптөөх уонна таба быһаарыы бу икки өрүттэр баҕа санааларын икки ардыларынан сөп түбэһэрин туһаныы эрэйиллэр. Ол аата иккиттэн биирин талыыга икки өрүттэр иккиэн, баҕа санааларын хайаан да кыччатан, көҕүрэтэн биэрэллэрэ, икки өрүттэр иккиэн сөбүлэһэр быһаарыыларын ылыннахтарына сөбүлэһии, эйэлээх буолуу үһүс өрүтэ үөскүүр кыахтанар.

Дьон өйө-санаата төһө да сайдыбытын, үөрэҕи-билиини баһылаа-быттарын иһин иккиттэн биирин талан ылыыга биир тылы булу-наллара билигин да кыаллара уустук. Кыра кыралаан диэн ааттыыр сэриилэрбит дойдулар аайы буола тураллар. Салайар былаас уларыйыыта сэриитэ, өлөрсүүтэ суох, эйэлээхтик барыыта диктатура салайар үгүс дойдуларыгар өссө да кыалла, олоххо киирэ илик.

Иккиттэн биирин талыы өйгө-санааҕа дьайыытын уратытын үөрэҕи-билиини баһылаабыт, кыахтаах, кыайбыт дьон табан туһа-ныахтарын сөп этэ. Ол аата “Кыайбыт киэҥ көҕүстэнэр” диэн кыайыыны оҥорбут, ситиспит дьоҥҥо аналлаах этиини таба сыаналаан, кыаттарбыттары аһара кыйахалаабакка, кыынньаабакка эрэ чугуйар, халбарыйар сири хайаан да хааллардахха, эйэлэһии кэлэрэ түргэтиир кыахтанарын кыайбыттар туһаныа этилэр.

Кыаттарыы хаһан баҕарар кыһыыта улахан. Элбэх киһи биир санааламмытын уларыта охсон кэбиһии түргэнник кыаллыбат уратылаах. Ол курдук, үгэскэ кубулуйан хаалбыт санаа уһун кэмҥэ уларыйбат кыахтанарын таҥара үөрэхтэрэ туһана сылдьаллар. Үгэскэ кубулуйбут өйдөбүллэри түргэнник уларытар туһугар бу дьон бөлөҕүн барыларын суох оҥорон кэбиһии биир саамай боростуой быһаарыы буоларын былыргы кэмнэргэ элбэхтик туһаналлара. Олус былыргы кэмнэргэ кыайбыттар кыаттарбыттар эр дьоннорун бары-ларын имири кыргаллара, суох оҥороллоро “Нет человека – нет проблем” диэн этиигэ сөп түбэһэн туһаны оҥороро.

Аныгы кэмҥэ кыаттарбыттар санааларыгар сөп соҕус түбэһэр быһаарыыны булан эйэлэһиини үөскэтиини кыайбыттар сыал-сорук оҥоруннахтарына ситиһиэхтэрин сөп. Кыаттарбыттар санааларын уларыталларын ситиһии эйэлэһиини төрүттүүр соҕотох суол буолар. Ол аата кыайбыттар, аһара ыгар быһаарыыларын уларыталлара уонна сахалыы үөрэҕинэн “Киэҥ көҕүстэнии” диэн этиини тутустахтарына эрэ эйэлэһиини үөскэтэр кыахтаналларын билинэллэрэ эрэйиллэр.

Онон олоххо иккиттэн биирин талан ылыы хаһан баҕарар баар, кэмиттэн кэмигэр кэлэн иһэр, сайдыыны аҕалар уларыйыы буолар. Арай бу талан ылыыга киһи өй-санаа сымнаҕас курдук көрдөбүл-лэрин тутуһан, икки өрүт баҕа санааларын холбоон, тупсаран туһаннаҕына ордук табыллара быһаарыллар.

КИҺИ ӨЙҮН – САНААТЫН УРАТЫЛАРА

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоруу түмүгэр атеистары үөскэтэннэр, киһи оҥорор быһыытыгар өйө-санаата бастаан иһэрин уонна икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын аахсыбат буолууну олоххо киллэрэн салайар былаас диктатураҕа кубулуйбута. Кэлин кэмҥэ саха суруйааччылара була сатаан тугу барытын киһититэн, туспа өйдөөн-санаалаан, өрө тутан, тыыннааҕымсытан суруйаллара элбээһинэ өй-санаа үөскүүр төрүт тутулуктарын, киһиэхэ хамсаныылары оҥороруттан куттара үөскээ-һиннэрин билбэттэриттэн тахсар быстах быһыы буолар.

Киһи быһыылаах буолууну ситиһии өйө-санаата, киһиэхэ атын тыынар-тыыннаахтартан барыларыттан бэйэтэ өйдөөҕүн-санаалаа-ҕын билинэн, киһи диэн туспа ааттанан араарынар буолбут кэмиттэн ыла үөскээбит. Итини тэҥэ, сэбиэскэй былаас киһини аһара өрө тута сатаабытыттан өйдөрө-санаалара кыайан сайдыбат киһиэхэ маарын-ныыр кыыллар, итэҕэс өйдөөхтөр-санаалаахтар бары сахалыы сүөһү диэн, өйө-санаата сайдар киһиттэн туспа араарыллан ааттаналларын умнан, хаалларан сылдьабыт.

Арай итирэн куһаҕаннык быһыыланар киһини “Сүөһү курдук” диэн этии уонна сүрэҕэ суох киһини “Сүөһү курдук сытар” диэн быһаарыы киһи салгын кута көтөн, баран хааллаҕына сүөһү өйүгэр-санаатыгар түһэн хааларын биллэрэрин билигин даҕаны туһанабыт.

Кэлин үөскээбит, сайдыбыт нуучча тылыгар туох тыынар-тыын-нааҕы барытын “он”, “она”, “они”, “кто”, “кому” диэн киһи курдук ааттааһын, ыҥырыы олохсуйбута өй-санаа сайдан иһэр уратытын, уларыйбат тутулуктарын билбэттэрин биллэрэр. Аныгы, нуучча тылын быһалыы үтүктэ сатыыр саха суруйааччылара, нуучча тылын үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар туох баары барытын киһититэ сатыыллара, “кини” диэн ааттаан сурукка киллэрэллэрэ сахалыы өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт уонна киһи өйө-санаата сайдыытын, төрүт тутулуктарын билбэттэриттэн үөскүүр быһыы буолар.

Өй-санаа үөрэҕин суох оҥорууттан, киһи куттара үөскээһиннэрин билбэттэн, бу быһыы кэлин кэмҥэ букатын аһара барда. Бу аһара баран киһититэ сатааһын өй-санаа халыйыытын, хаалан хаалыытын, киһи өйүн-санаатын кыыллары, көтөрдөрү кытта тэҥнээн кэбиһиини, киһини намтатыыны, кыыл өйүгэр-санаатыгар төттөрү түһэриини сайыннарар. Ол курдук, кэлин кэмҥэ ыты аһара өрө тутуу, нууч-чалары быһалыы үтүктэн, тыһы ыты “девочка” диэн ааттаан мааны кыыс оҕолоругар тэҥнээһини оҥоро сатааччылар олус куһаҕан, киһини кыылга түһэрэр, намтатар быһыыны оҥороллор.

Киһи өйө-санаата уратыларынан, түргэнник сайдыыны ситиһэр кыаҕынан, үөрэҕи-билиини баһылаан салгын кута сайдарынан Сир үрдүгэр баар бары кыыллартан, көтөрдөртөн, балыктартан ураты үөһээ турарын бэлиэтээн, билинэн олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит, олохсуйбут Кут-сүр үөрэҕэр уонна сахабыт тылыгар киһи; ким, кини, кимий? диэн бэйэтин эрэ туспа арааран ааттанарын оннугар түһэрии уонна кытаанахтык тутуһуу ирдэнэр буолла.

Тыл үөрэхтээхтэрэ уонна суруйааччылар туох баары барытын тыыннааҕымсыта, онон тупсара сатыыллара сахалыы өйү-санааны буккуйар, киһи, тыыннаах киһи айылҕаҕа ылар улахан суолтатын намтатар. Холобурга, Николай Габышев халлаан былытын “кини” диэн ааттыыр, оннук суруйар, киһиэхэ тэҥнии сатыыр. (7,38). Халлаан былытын була сатаан өйдөөн-санаалаан киһиэхэ тэҥнээн кэбиһиини оҥоруу диэн туох туһалаах быһыыта буолуой?

Өйө-санаата ситэ сайдыбатах кыыллары, көтөрдөрү, оннооҕор араас маллары киһиэхэ тэҥнээн “кини” диэн ааттааһын саха тылыгар иҥэн сылдьар өй-санаа өйдөбүллэрин төрүт тутулугун буккуйуу, киһи буолан сайдыыны ситиһиини суох оҥоруу буолар.

Киһититии, ону-маны, кыыллары, көтөрдөрү киһи курдук өйдөөх-санаалаах оҥорон көрдөрүү хаһан да өй-санаа көрдөбүлүгэр сөп түбэспэт. Суруйааччылар, үөрэхтээхтэр сахалыы өй-санаа үөрэҕин билэн, көрдөбүллэрин тутуһуохтара этэ. Сахалар “Кут-сүр үөрэхтэрэ” бары тыынар-тыыннаахтар өйдөрүн-санааларын уратыларын дириҥ-ник ырытан чуолкай быһаарыылары тутуһар. Онно этиллэринэн киһи эрэ үс куттаах, киһиэхэ эрэ үһүс кута, салгын кута сайдан үөрэҕи-билиини түргэнник иҥэринэр, үөрэх этиитинэн салайынан саҥаны айыылары оҥорон олоҕун тупсаран иһэр кыахтанар. Онтон кыыллар, көтөрдөр икки; буор уонна ийэ куттаахтар, үүнээйилэр биир; буор куттаахтар, ол иһин өйдөрө-санаалара киһиэхэ кыайан тиийбэттэрин арааран билии, олоххо таба туһаныы ирдэнэр.

Өй-санаа бу уратыта саха тылынан этиллэн киһини эрэ кини диэн ааттыырынан, ыҥырарынан ураты бэлиэтэнэр. Ол аата киһи бэйэтин эрэ, киһини, кимий? кини диэн ыҥырыахтаах, атын тыынар-тыын-наахтары, араас маллары барыларын; ол, бу, туох диэн ыҥырыы эрэ өй-санаа сайдыытын таһымыгар сөп түбэһэр.

Суруйааччылар өй-санаа уратыларын билэллэр диэн санаа сыыһа олохсуйбут. Сэбиэскэй былааһы аһара арбыылларыттан бэйэлэрин олус “үчүгэй” курдук сананаллара олохсуйан, дьон өйүн-санаатын билэр курдук санаммыттара сымыйалааһын буолар. Аныгы суруйаач-чылар православнай таҥара үөрэҕин сыыһатыгар киирэн биэрэннэр киһи өйө-санаата үс куттарга арахсарын билэн тутуһуохтара этэ.

Нуучча тылын быһаччы үтүктүү сахалыы өй-санаа өйдөбүллэ-ригэр сөп түбэспэт. Үөрэҕи, билиини ылынабыт диэн быһаччы үтүктэ сатааччылар үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан; айыы уонна “аньыы” диэн ааттаан, киһи өйүн-санаатын икки аҥы арааран, онно эбии тугу барытын киһититэ сатаан өй-санаа тутулуктарын тутуспаттар уонна сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла аһара элбээннэр сахалыы өй-санаа үөрэҕин буккуйа сылдьаллар.

Саха тылыгар, сахалыы өй-санаа үөрэҕэр барыны-бары киһити-тии, киһилии өйдөөһүн-санаалааһын көҥүллэммэт, бобуллар, киһи эрэ киһилии өйдөөҕө-санаалааҕа чопчулаан, быһаарыллан ыйыллар. Киһи атын маллартан, туохтан-барытыттан, кыыллартан, көтөрдөртөн өйүнэн-санаатынан улаханнык уратыланарын, үрдүктүк турарын билэллэриттэн уонна быһаччы олоххо туһаналларыттан саха тылыгар киһини эрэ атыттартан арааран уратытык ааттыыллар. Ол курдук, киһини эрэ кини диэн ааттааһын, ким, кимий? диэн ыҥырыы былыр-былыргыттан, саха тыла үөскээбит кэмиттэн ыла олохсуйбут. Онтон атыттар бары, маллар, кыыллар, көтөрдөр; ол, бу, туох, тугуй? диэн ааттаналлар, оннук ыҥырыллаллар, өйдөрө-санаалара киһиэхэ улахан-нык тиийбэтэ тылбытыгар киирэн бэлиэтэнэ сылдьар.

Саха тыла өй-санаа тутулуктарын иҥэринэ сылдьара былыргы кэмҥэ үөскээбит. Бу тутулук айыы диэн тылбытыгар иҥэн сылдьарын аны харыстааһын эрэйиллэр буолла. Бу тылбыт өй-санаа сайдыытын, саҥаны айыытын, киһи салгын кута сайдыытын быһаарар соҕотох эрэ тыл буоларын уонна үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорууну быһааран холбуу иҥэринэ сылдьарын харыстыыр кэммит кэллэ. Ол аата биир киһи оҥорор быһыылара; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаннар, икки аҥы арахсалларын таба өйдүөхпүт этэ. Өй-санаа бу тутулук-тарын билбэт тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар сахаларга суох саҥа “аньыы” диэн тылы оҥорон киллэрэ сатыылларын туттумуохха, айыы диэн тылга иҥэн сылдьар киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарар өйү-санааны буккуйумуохха.

Сахалыы өй-санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһарыттан саха тылыгар икки өрүттээх өйдөбүлү иҥэринэн сыл-дьар тыллар элбэхтэр. Ынырык диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тыл үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны эбии быһааран, чуолкайдаан биэриигэ тут-туллара солбуйсуу кэлэн эрэрин биллэрэр. Бу саха тылын сокуона өй-санаа сайдыытынан, киһиэхэ эрэ салгын кута сайдан, үөрэҕи-билиини түргэнник ылынар кыахтааҕынан быһаарыллар. Бу сокуону саха дьоно бары тутуһаллара буоллар өй-санаа туруктаах буолуо этэ.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдарынан үөрэҕи-билиини ылынар кыахтаахтарын, салгын куттара сайдар уратыларын билинэн араас кыыллартан, көтөрдөртөн үрдүктүк туралларын таба сыаналаан олохторун оҥостуо этилэр. Киһи өйүн-санаатын бу уратылара сахабыт тылыгар иҥэн сылдьалларын харах харатын курдук харыс-тыахпыт, атын, кэнники үөскээн тахсыбыт омуктар үйэлэргэ олох-суйбут өйү-санааны буккуйууларын үтүктэн олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит тылбытын уларыта сатыахпыт суоҕа этэ.

Онон айылҕаҕа үөскүүр барыны бары киһититии табыллыбат, киһи бэйэтэ эрэ уратытын билинэн киһи диэн ааттанар, араас өйдөрө-санаалара киһиэхэ кыайан тиийбэттэрин билэ-билэ киһиэхэ тэҥнии сатааһын сахалыы өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт быһыы буолар.

СИЭННЭРБИТИН САХАЛЫЫ YӨРЭТИЭХХЭ

Хас эмэ үйэлэр усталарыгар нуучча ыраахтааҕытын батталыгар да олордоллор сахалар нуучча тылын үөрэтэннэр, үөрэҕи-билиини баһы-лааннар, өйдөрө-санаалара сайдан ааспыт үйэ саҥатыгар Улуу Өктөөп өрө туруутун көмөтүнэн ыраахтааҕы былааһын суулларсан бэйэлэрин автономнай республикаларын тэрийэр кыахтаммыттара.

Улуу Өктөөп революциятын кэнниттэн бары бүттүүн үөрэхтээһин ыытыллан сахалар нуучча тылын, үөрэхтэрин ылынаннар нууччалары үөрэх-билии таһымынан сиппиттэрэ, билигин икки омук тылын уонна үөрэҕин баһылаабыттара өйдөрүн-санааларын ордук күүскэ сайын-наран аны, нууччалары баһыйан аһара сайдыыны ситиһэн эрэллэр.

Перестройка хамсааһына кыайыытын кэнниттэн Россия Федера-тивнай республиката үөскээбитэ эрээри, ахсаан өттүнэн улаханнык баһыйар нууччалар үөрэхтэрин аҥардастыы сайыннаран саха оҕоло-рун сахалыы үөрэтиини өссө аҕыйатыахтарын баҕара саныыллара улааппыт курдук буолла. Россия государствота саҥалыы үөскүө-ҕүттэн кыра омуктары симэлитэн нууччаларга холбуу сатаабыта, билигин бу быһыыта өссө күүһүрдэ. Пааспарга омук аатын суруйууну суох оҥоруу кэлин, лаппа баһыйар ахсааннаах нууччалар эрэ Россияҕа, ордон хаалалларыгар кыах биэрэрин бары билэр буоллубут. Ол иһин аҕыйах ахсааннаах омуктар бэйэлэрин уратыларын, төрөөбүт тылларын харыстыыр санаалара биллэрдик күүһүрдэ.

Киһи уһун олоҕу олордоҕуна, сиэннэнэр сааһыгар тиийдэҕинэ, олох араас уустуктарыгар өйө-санаата эриллэн, эрчиллэн билиитэ-көрүүтэ дириҥээн биэрэр, өһөс санаата күүһүрэн тулуура улаатар уонна араас хамсаныылары оҥороро тупсаннар туһалаах үөрүйэхтэрэ элбээннэр буор кута сайдан иһэр. Ол иһин дьон сиэннэрин ордук кыһанан көрүөхтэрин, үөрэтиэхтэрин баҕараллар, хайдах өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатарыгар кыһаналлара эбиллэр.

Төрөппүт бэйэтигэр ордук маарынныыр кэлэр көлүөнэтэ хайа эрэ сиэнэ буоларын билиэ этэ. Итини тэҥэ, лаппа сааһырбыт киһини көрүү-истии, көмөлөһүү сиэннэргэ сүктэриллэрэ эмиэ элбэх. Урукку кэмҥэ сиэннэр эбэлэрин, эһэлэрин эбэ, эһэ диэн тыллар кэлин “э” дорҕооннорун уһаппакка эрэ саҥаран ыҥыраллара. Билигин ол уларыйан эбээ, эһээ диэн кэлин “э” дорҕоону уһатан ыҥырар, ааттыыр буолуу үөскээн тарҕанан сылдьар. “Э” дорҕоон уһаан “ээ” диэҥҥэ кубулуйдаҕына кыһыл оҕо ытаан эймэнэригэр уларыйар. Кыра оҕо “ээ” диэн саҥарыыта, ытааһына көмүскэл, харысхал көрдүүрүн биллэрэр. Бу дорҕоону элбэхтик саҥаран сиэннэрбит эбэлэриттэн, эһэлэриттэн көмө көрдүүллэр, бэйэҕит үөрэммиккит курдук киһи буолуу үөрэҕэр сахалыы тылынан үөрэтиҥ диэн көрдөһөллөр. Ол иһин бу, эбэ, эһэ диэн тыллар уруккута биир “э” дорҕоонноро, аны уһатыллан “ээ” диэн саҥарыыга кубулуйан хаалыыта көмө көрдөөһүнэ ытааһыҥҥа тиийэн эрэрин дакаастабыла буолар.

50-с, 60-с сыллар анараа өттүлэригэр оҕону сахалыы үөрэтии ордук дириҥ уонна тиийимтиэ, былыргы үөрэхтэн уратыта суох этэ. Бу кэмҥэ улааппыт дьон сахалыы үөрэх сүнньүн билэллэр. Онтон бу үөрэх сүрүн төрүтэ “Айыы диэмэ”, “Аһара барыма”, “Айыыны оҥорума”, “Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥор”, “Киһи буол” диэн үөрэх буолара. Бу үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэр үөрэх оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан дириҥник иҥнэҕинэ оҕо киһилии быһыылаах, көрсүө, сэмэй оҕо буола улаатара, үлэҕэ үөрэнэрэ, олоххо сыыһа-халты туттунара аҕыйыыра, төрөппүттэрэ этэр тылларын истэн баҕа санааларын үөскэтинэрэ уонна олорун бэйэтэ толорор кыахтанара. Өй-санаа икки өрүттээх үөрэҕэ хайаларын да диэки халыйбата, аһара барбата эрэ, сайдан иһэр оҕо өйө-санаата турук-танарын үөскэтэр кыаҕы биэрэрин билэн туһаныа этибит.

Оҕону кыра эрдэҕинэ киһи быһыытыгар, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэттэххэ, кини ийэ кутугар ол оҥорор быһыылара умнуллубат үгэс буолан уурулланнар үйэтин тухары салайа сылдьалларыттан олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын Кут-сүр үөрэҕэ быһааран төрөппүттэргэ тириэрдэр.

Өй-санаа үөрэҕин дьайыыта элбэх киһиэхэ хойутаан тиийэр. Бу үөрэх суох буолбута куһаҕанын, эдэр оҕолор өйдөрө-санаалара туруга суоҕа улаатыытыттан, үлэни-хамнаһы сөбүлээбэттэриттэн, бэрээдэги кэһиилэрэ муҥура суох эбиллэн иһэриттэн, сэбиэскэй былаас эсти-битин, үс көлүөнэ дьон олорон ааспыттарын кэнниттэн биирдэ биллибит. Ол барыта олох тубуста, барыта “үчүгэй” буолла диэн сэбиэскэй былаас итэҕэйэр дьону албыҥҥа киллэрбититтэн, төрөппүттэр оҕолорун маанылаан, атаахтатан, “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыны тутуһан көҥүллэринэн ыытан, бэлэмҥэ үөрэтэн иитиилэрин үөскэтииттэн сыыйа сайдан испитэ быһаарыллар.

Саха киһитэ мин оҕобун сахалыы үөрэппитим диэн киэн туттар кэмэ кэллэҕинэ, оҕото, бэйэтин оҕотун сахалыы үөрэтэр кыаҕа улаатар. Ол аата, бу киһи сиэнэ сахалыы билэр, ааҕар, суруйар, кэпсэтэр киһи буола улаатан хос сиэннэрэ кэллэхтэринэ сахалыы үөрэтиэн сөптөөх балаһыанньата үөскээн тахсар. Сиэннэрбит саха тылын биллэхтэринэ, үөрэттэхтэринэ уонна оҕолорун салгыы сахалыы үөрэтэн истэхтэринэ саха тыла хаһан да сүтүө суоҕа, сахалар баар буола туруохтара. Омук тыла омук дьонуттан, оҕолорун хайдах иитэн, үөрэтэн улаатыннаралларыттан быһаччы тутулуктаах. Ханнык да салайар былаас төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэринэ төрөөбүт тылларынан саҥарарга үөрэтэллэрин кыайан боппотун туһаныахха.

Yөрэҕи-билиини баһылаабыт төрөппүттэр оҕолорун саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн ыла саҕалаан сахалыы үөрэтэр кыахтара ийэлэргэ барыларыгар баар. Сахалар ону былыргыттан билэн оҕо кыра эрдэ-ҕинэ үгэстэртэн үөскүүр, төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттар. Ол курдук, оҕо ийэтэ, эбэтэ саҥа саҥаран эрэр оҕону, бу тыллары маннык сахалыы саҥар диэн үтүгүннэрэн үөрэтэр кыахтара хаһан да хаалан хаалбат. Оҕону төрүөҕүттэн, аан маҥнайгы тыллары саҥара сатыыр кэмиттэн сахалыы, төрөөбүт тылынан саҥарарга төрөппүт бэйэтэ саҥаран үтүгүннэрэн үөрэтэн иһэрэ табыллар. Оҕо оскуолаҕа киириэр диэри өйө-санаата олус күүскэ сайдар, үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэр кыаҕа улахан буолар, саҥарар тыл үгүс өттүн билэн баһылыыр.

Билигин үөрэх-билии сайдан былыргыны чинчийээччилэр саха тыла дьон өйө-санаата саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээбитин быһааран, билинэн эрэллэр. Саха омуга олус уһун үйэлэммитэ тимири уһаа-рыыны, уһаныыны баһылаабыттарыгар уонна оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ туттар улахан, элбэх уопуттаах киһини үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэн киһи буолууну ситиһиннэрэллэрэ атын омук-тар үөрэхтэринээҕэр уһун, дириҥ дьайыылааҕар саһан сылдьарын билиниэхпит этэ. Оҕо бэйэтинээҕэр уопуттаах, элбэх билиилээх киһини үтүктэр күүһэ улаханын таҥара үөрэҕэ туһана сылдьар.

Омукпут олоҕун үөрэҕин, уһун кэмнээх остуоруйатын үөрэтии омукпутунан киэн туттууну үөскэтэр кыахтаах. Маннык балаһыанньа билигин биһиэхэ баар буолла. Бу кэмҥэ диэри баһылаан, салайан кэлбит нууччалар ахсааннара аҕыйаан, мөлтөөһүҥҥэ, үлэни-хамнаһы кыайбат, атыттары кытта тапсыбат буолууга баран иһэллэриттэн сахалар сайдыыны ситиһэллэрэ күүһүрэн, эбиллэн биэрэр. Бу кэми таба сыаналаан омукпутун сайыннаран, күүһүрдэн биэрэр кыах биһиэхэ баар буолбутун туһаннахпытына табыллар. Мин сахабын, мин туспа омукпун диэн киэн туттар, атыттартан араарынар санаа баар буолуута омук ис күүстээҕин, атын омукка баһыттаран симэлийбэт кыахтааҕын биллэрэр. Манна ордук сахалыы өй-санаа уратыларын, дириҥ суолталарын дьайыылара уонна эр дьон сайдыылаах буор куттарын тарҕатыы туһалыыр кыахтара улахан.

Төрөппүттэр оҕолоругар саха тыла, саха омуга олус былыргы төрүттээхтэрин, былыр, дьон өйө-санаата саҥа сайдан эрдэхтэринэ үөскээбиттэрин билиһиннэрэн үөрэттэхтэринэ, саха тыла симэлийэн, эстэн хаалыа суоҕа этэ. Ол курдук, киһи өйдөөн-санаан туран оҥорор быһыыларын быһаарар сахалыы тыллар бары биирдии эрэ сүһүөх-тээхтэр, аҕыйах дорҕоонноохтор. “Ай”, “ас”, “ил”, “оҥ”, “ыл”, “ыт”, “ыс”, “быс”, “тут” диэн тыллар киһи өйө-санаата саҥа сайдан, тугу эмэ туһалааҕы оҥорор буолбут олус былыргы кэмиттэн ыла үөскээ-биттэр. Ол иһин саха төрүт тылларын харыстааһын ирдэнэр.

Ханнык баҕарар төрөппүт оҕото киниэхэ тугунан эмэтинэн маарынныыр, кини курдук буолуон баҕарар. Оҕо төрөппүтүгэр тас көрүҥүн таһынан өйө-санаата, билиитэ эмиэ маарынныыр буоларын туһугар олоҕун төрөппүтүн курдук олордоҕуна, үтүктэн барыга-бары үөрэннэҕинэ, кини курдук үлэлээтэҕинэ-хамсаатаҕына эрэ табыллар.

Төрөппүттэри ытыктыахха диэн бары этэбит. Оҕо төрөппүтүн кыра эрдэҕиттэн ким диэн ааттаан ыҥырарыттан ытыктыыр, тылын истэр, толорор өйө-санаата, ийэ кута үөскээн олохсуйар. Бу өй-санаа үөскээһинигэр дорҕоон дьайыыта ордук улахан суолталаах. Саха оҕото ийэтин ийэ, аҕатын аҕа, эбэтин эбэ, онтон эһэтин эһэ диэн ааттыыра өйө-санаата сайдарыгар туһаны оҥорор. Саха буолуу ийэ, аҕа, эбэ уонна эһэ диэн төрүт тыллары туһаныыттан саҕаланар.

Тыл иччитэ дорҕооннорун дьайыытыгар саһан сылдьар. Куһаҕан дорҕоон өйгө-санааҕа куһаҕаннык дьайар. “Па” диэн дорҕоон хаһан баҕарар па, куһаҕан, сириллэр. Оҕолор аҕаларын ытыктаабаттара, аанньа ахтыбаттара, тылларын истибэттэрэ, бу дорҕоонтон саҕаланар уонна улаатан истэхтэринэ эбиллэн барар уратылаах. Бу куһаҕан дьайыылаах дорҕоон былыргы түүрдэртэн төрүттээх нууччаларга уруттаан дьайыыта тиийэн, бу омуктар эр дьонноро ордук мөлтөө-түлэр, ахсааннара аҕыйаан иһэригэр кытта тиийдилэр.

Оҕо ийэтин ыҥырар “ма” дорҕооно “па” диэн дорҕооннооҕор оннук куһаҕан суолтата суоҕунан, ийэ сабыдыала аҕа курдук баттабылга түбэспэтэҕин да иһин, оҕолор ийэлэрин “ма” дорҕоонунан ыҥыраллара ас таһан аһатар, көрөр-истэр атаахтатар киһиттэн атыннык санаабаттарыгар, үлэлэрин сыаналаабаттарыгар уонна этэр тылларын истибэттэригэр, анньа ахтыбаттарыгар тириэрдэр.

Икки омук уһун кэмҥэ биир сиргэ кыттыһан олорууларыгар өйдөрө-санаалара, тыллара уонна биирдэ эмэтэ ыал буолууларыттан эттэрэ-сииннэрэ холбоһон бииргэ булкуллан саҥа омук үөскээн тахсар. Маннык балаһыанньаҕа ким биллэр төрүттээх-уустаах, сай-дыылаах буор куттаах тугунан эмэнэн, ордук үлэнэн-хамнаһынан аатырар, баһыйар, көрсүө, сэмэй, киһилии майгылаах, үлэни кыайар омук ордук сайдан, ахсааннара эбиллэн баһылаан тахсар кыахтанар. Остуоруйаҕа биллэринэн кыаттарбыт, баһыттарбыт омук хоту диэки эбэтэр үрдүк хайалаах сирдэр диэки үтүрүллэн барарыгар тиийэр эбэтэр уһун үйэлээх сахалар олохторун үөрэҕэ этэринэн “Тыал буолбуттарга” кубулуйан эстэн, симэлийэн хаалыан сөп.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр үөрэхтэрэ буолар. Бары төрөппүттэр, бастатан туран уол оҕолор төрөппүттэрэ сахалыы таҥарабыт үөрэҕин ылыннахтарына, тарҕаттахтарна, эдэр көлүөнэлэри үөрэтии оннун булан саха омуга сайдан, элбээн иһэрэ төрүттэниэ.

Онон биһиги сахалар ыгыллан, үтүрүллэн, сыҕарыйан хоту муорабыт биэрэгин булан олорорбут быһыытынан сайдыыны ситис-пит нууччалары кытта холбоһууттан саҥа үөскээн тахсан эрэр омукка баһыттарбатахпытына табыллыа этибит.

ОЛОРУУ КЭМИНЭН

Көрсүө, сэмэй буолуу диэн саха дьонун олохторун тутаах үөрэҕэ буолар. Бу үөрэх уһун үйэни, үлэ-хамнас сайдыытын, тупсуутун аймахтар ахсааннара эбиллиитин ситиһэр кыаҕы биэрэрэ улахан суолталаах. Саха дьоно көрсүө, сэмэй майгылаахтарынан киэн тут-таллар. Барыга бары сэрэхтээхтик, сыыһа-халты туттубакка, аһара, сиэри таһынан барбакка, нэмин билэн харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы көрсүө, сэмэй буолууттан үөскүүр уонна сиэри тутуһуу, киһи быһыыта диэн үөрэхтэри төрүттээн таҥара үөрэҕин төрүтэ буолар.

Ыалдьыт кэлэн “Хайдах олордугут” диэн ыйыттаҕына дьиэлээх-тэр: “Олоруу кэминэн”,- диэн хоруйдууллара былыргыттан үгэс буолан, билигин да элбэхтик иһиллэр. Олоруу кэминэн диэн этии ыал олоҕо биир тэҥник, долгуйбакка, соһуччу уларыйбакка эрэ устан баран иһэрин биллэрэр. Саха дьоно туох барыта кэминэн, аһара инники түспэккэ, атыттартан хаалан да хаалбакка, биир тэҥник баран иһэрин сөбүлүүллэр. Оҕо улаатан кэмигэр үөрэҕи бүтэрэрэ, идэни баһылыыра, үлэлиирэ, ыал буолара бииртэн биир салҕанан баран иһиитэ дьолу, үөрүүнү кэмиттэн хойутаабакка эрэ аҕалан иһэрэ олоххо уларыйыылар киирэллэрин быһаарар. Итини тэҥэ, туох барыта кэминэн баран иһиитэ киһи сааһыран истэҕинэ олоххо оҥорор бары ситиһиилэрин хойутаппакка уонна атыттартан ыраах хаалан хаалбакка оҥорон иһэригэр баҕа санаа баарын туоһулуур.

Оҕо өйө-санаата кэмиттэн хаалан эбэтэр халыйан хаалбакка сайдан иһиитигэр икки төрөппүт; ийэ уонна аҕа, бииргэ дьайыылара ордук туһалаах. Ол курдук, биирдэрэ эппитин атына бигэргэттэҕинэ эрэ ханнык баҕарар үөрэх оҕо өйүгэр хатанарын, иҥэрин биллэрэр. Ийэ оҕотугар: “Кэмпиэти сиэн бүт”,- диэн боппутун кэнниттэн, аҕатыгар тиийэн: “Ылан кулу эрэ”,- диэтэҕинэ, ыла охсон биэрдэҕинэ, ийэтэ тугу да эппитин аны сүгүн ылыммата, кини этэрин истибэтэ үөскээн олохсуйар. Оҕо улаатан истэҕинэ маннык үөскүүр элбэх түгэннэргэ төрөппүттэр биирдик этиилэрин эбэтэр биирдэрэ эппитин атына чиҥэтэн, хатылаан биэрэрэ эрэйиллэр. Маннык үөрэҕи оҕо хаһан баҕарар олохтоохтук ылынар уонна оннук толоро үөрэнэр.

Сахалыы аҕа диэн тыл төрөппүтү бэлиэтиирин таһынан, сааһынан аҕаны эмиэ быһаарар. Ол аата олоххо уопута, билэрэ-көрөрө элбэҕин анаан-минээн биллэрэ сылдьара оҕону үөрэтэригэр туһалыыр. Оҕо хаһан баҕарар уопута, билиитэ-көрүүтэ элбэҕи батыһар, үтүктэн үөрэнэр. Уопуттаах киһини батыһан, үтүктэн үөрэнии оҕо билиини-көрүүнү кэмигэр, атыттартан хаалан хаалбакка ситиһэн, баһылаан иһиитин аҕа диэн тылбыт үөскэтэрин туһаннахпытына табыллар.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары, быстах санаалаахтары өрө тутан былыргы кэмнэртэн үөскээбит олох үгэстэрин ол, өйдөрө-санаалара тиийиммэт дьонунан үлтү сыстаран, сиргэ-буорга тэбистэрэн, уһун үйэлэргэ үөскээбит өй-санаа тутулуктарын, үгэстэрин үрэйбитэ. Былыр-былыргыттан саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар айыыны оҥорор куһаҕан диэн өйдөбүлү уларытан, таҥнары эргитэн айыы “үчүгэй” диэн сымыйа өйдөбүлү киллэрэ сатаабыттара да, бэйэлэрэ ыһыллыбыттара. Билигин ол сыыһа, сымыйа үөрэҕи өссө тупсаран сэбиэскэй былаас тобохторо; оччолорго аһара мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар уонна нуучча тылын учууталлара “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар, айыы “үчүгэй” диэн сымыйалаан сахалары албынныыры салҕаан иһэллэр.

Кэлэр кэмиттэн эрдэлээн хаалыы олоххо уустуктары, эмискэ уларыйыылары, хамнааһыннары киллэрэр. Оннооҕор саас кэлиитэ кыратык эрдэлээтэҕинэ, кустар хаардаахха кэлэн хаалаллар, онтон күһүн хойутаан кэллэҕинэ, айылҕаҕа улахан уларыйыылар тахсаллар. Ол курдук, биир эмэ сыл күһүн уһаатаҕына, сайыҥҥы курдук сылыйан хааллаҕына ньургуһун саҥалыы тыллан тахсара биллэр. Кэмиттэн хойутааһын олох хаамыытыттан хаалан хаалыыны үөскэтэр. Кэмигэр, эдэр эрдэҕинэ эргэ тахсыбакка олорон хаалбыт кыыс оҕолонор сааһа ааһа охсон хаалара кэмиттэн хойутааһын киһи олоҕор улахан охсуулаах буоларын биллэрэр. Сахалар ону билэн “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн этиини үөскэтэн күүлэйдии сылдьыахтарын баҕалаахтары сэрэтэ, өй киллэрэ сатыыллар.

Хайа да киһи олоҕор соһуччу хамсааһыннары, тосту уларыйыы-лары үөскэтиэн баҕарбат. Ол иһин олох биир кэмник баран иһиитэ “Олоруу кэминэн” диэн этиини үөскэппитин бары тутуһа, харыстыы сылдьыахпыт этэ. Туох баар барыта “Кэмиттэн кэмигэр кэлэр” диэн этии оҕо улаатан иһэригэр ордук сөп түбэһэр. Ол курдук, оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн истэҕинэ эрэ улахан дьон оҥорор бары дьыала-ларыгар кыттыһар кыахтанар. Эрдэлии сатаан туһа суох, эт-сиин эмискэ улаата, ситэ охсубата мэһэйдии сылдьар. Ол аата оҕо өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эрдэлээн, аһара сайдыыта улаатан истэҕинэ, сөп түбэспэт буолууну үөскэтэрэ, бэйэтигэр туох да үчүгэйи аҕалбат. Этэ-сиинэ улаатыытыттан өйө-санаата аһара баран сайыннаҕына, кыаҕа суоҕуттан, тиийбэтиттэн туох эрэ итэҕэстээх курдук сананыыта үөскүөн сөп. Итини тэҥэ, эт-сиин ситиититтэн өй-санаа хаалан хаалыыта “Отох киһи” диэн этиинэн бэриллэрэ итэҕэстээҕи биллэрэр. Эт-сиин уонна өй-санаа бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаахтык, тэҥнэһиини тутуһан сайдан иһиилэрэ туруктаах өйү-санааны үөскэтэрин билэн сахалар “Барыта кэминэн” диэн этэн туһаналлар.

Сааһыран иһии эмиэ кэминэн баран иһиэ этэ. Кэмигэр баттах маҥхайан, сүүс мыччыстан, сүһүөх намтаан иһиитэ кэлиэн сөп. Туох барыта кэмигэр эрэ кэлэрин уонна бу кэми аһаран кэбиһии киһи олоҕор табыллыбат буолууну үөскэтэриттэн өйдөөх-санаалаах киһи эрдэттэн билэн харыстана, көмүскэнэ сылдьыа этэ.

Киһи эдэр, кыанар эрдэҕинэ кырдьар саас кэлиэ, кыаммат буолуом диэн санаатыгар да оҕустаран көрбөккө эрэ сылдьарын И.Крылов “Стрекоза и муравей” диэн үгэтиттэн булан ылыы ордук туһалаах. Кыанар эрдэҕинэ, эдэригэр күүлэйдии, көччүйэ сылдьыбыт киһи кырдьар сааһыгар туга да суох хаалара биллэр. Пиэнсийэбэр тахсан, иллэҥсийэн баран даачабын дьэ туттуом диэн кэтэһэ сыл-дьыбыт киһи, дьэ оҥорорго санаммытыгар күрүө сиэрдийэтин да кыайан көтөхпөтүттэн хомойон эрэ хаалбыта кэпсээн буола сылдьар. Үлэһит дьон оҕолорум улааттахтарына олохпут тупсуоҕа диэн баҕа санааларын илдьэ оҕолоро улаатыахтарыгар диэри, кыанар эрдэхтэринэ үгүстүк үлэлииллэр. Холобурга, биэс уол оҕолордоох ыаллар уолаттара улаатан үлэһит буолан истэхтэринэ ылар дохуоттара биллэрдик эбиллэрэ, үлэттэн олохторо чахчы көнөрүн биллэрэр. Саҥа дьиэлэри уолаттарыгар бэйэлэрэ да туттар кыахтаналлар.

Төрөппүт оҕото улаатарын, улахан киһи, үлэһит буоларын олуһун кэтэһэр. “Ыал оҕото улаатара түргэн” диэн этии бэйэтин оҕото улаатарын күн аайы кэтэһэ сылдьарыттан билбэккэ хаалыыта, онтон ыал оҕотун биирдэ эмэ соһуччу көрүүгэ, улааппыта харахха тута быраҕылларыттан үөскээбит. “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн этии элбэх оҕолоох ийэ, аҕа кырдьар саастарыгар тиийэн кэлэр эрэллэрин биллэрэр. Бу эрэл санаа туоларын туһугар төрөппүт оҕолоро кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарыгар үтүө үгэстэри иҥэрдэҕинэ уонна улаатан истэхтэринэ киһи буолууга, аһынарга, кырдьаҕастары ытыктааһыҥҥа үөрэттэҕинэ эрэ, оҕото улаатан баран кырдьаҕас, кыаммат диэн атаҕастаабакка көрүөн-истиэн сөбүн билэрэ эрэйиллэр.

“Оҕо сүрэҕэ – тааска” диэн этии аһара бэлэмҥэ үөрэнэн, атаахтык иитиллибит оҕо өйүн-санаатын уратыларын быһаарар. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн утумнаахтык дьарыктанан аһынар, харыһыйар санааны иҥэрэн биэрдэххэ үгэс оҥосторун ситистэххэ эрэ табылларын өйдүөххэ. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн кырдьаҕас эбэтин, хос эбэтин көрөн, билэн, көмөлөһөн улаатарын сахалар үөрэхтэрэ тутуһар.

Кырдьар саас кэлиититтэн хайа да киһи кыайан куоппат, барыы-кэлии аҕыйаан, мөлтөөн, атыттар көмөлөрүгэр наадыйыы кэмэ син-биир тиийэн кэлэр. Бу кэмҥэ өй киирэн сахалар элбэх оҕолоох буолуҥ диэн үөрэхтэрэ олус табатын дьэ билэн, итэҕэйэн соҕотох хаалан хаалбыт кырдьаҕастар хойутаабыт хомолтолоро үөскүөн сөп.

И.Крылов “Стрекоза и муравей” диэн үгэтэ дьон олохторун быһаарыыга чахчы табата, үөрэтэр күүһэ киһи кырдьыбытын кэннэ ордук арыллар. Ол курдук, эдэр, кыанар эрдэҕинэ күүлэйдии, дьаар-байа, бэйэтин эрэ иннин көрүнэ сылдьыбыт киһи кырдьар сааһыгар дьиэтэ-уота да суох аһаҕас халлаан анныгар хаалыан сөбүн, бу үгэ биллэрэрэ улахан үөрэтэр суолталааҕын туһана сылдьыахха. Киһиэхэ өйө-санаата бастаан, салайан иһэринэн олох уопутун туһанан уонна “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн үөрэҕи туту-һан эдэр, кыанар эрдэҕинэ элбэхтик үлэлээн баайы-малы мунньунан олоҕор кырдьар кэмэ кэлэригэр “Сылааска сытар” кыахтанара эрэйил-лэр көрдөбүл буолар. Ону тэҥэ, кыанар кэмигэр элбэх оҕолору төрөтөн мөлтөөһүн кэмигэр киирдэҕинэ көрөр-истэр дьонноох буола-рын сахалар “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн этиилэрэ биллэрэр.

Онон киһи олоҕо эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх, кэмиттэн хаалан да хаалара эбэтэр аһара баран эрдэлиирэ табыллыбат, кыаллыбат, сөп түбэспэт буолуу үөскээһинигэр тириэрдэрин иһин сахалар олох кэминэн, долгуйбакка эрэ баран иһэрин сөбүлүүллэр.

БИЛСИИ - КӨРСҮҮ

Сахалар билсии-көрсүү диэн холбуу этиини элбэхтик туһаналлар, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, үлэни тэрийиигэ, салайыыга улахан барыстааҕын, туһалааҕын бэлиэтииллэр. Киһи аан маҥнай көрсөн билсэрин кэнниттэн сыыйа-баайа кэпсэтэн билсиитин кэҥэтэр. Элбэх билсиилээх буолууга киһи элбэх дьону барыларын хараҕынан көрөн, арааран билэрэ, ааттарын-суолларын, олохторун, үлэлэрин-хамнас-тарын туһунан умнубата ордук улахан туһаны оҥорор.

Аан маҥнай дьон бэйэ-бэйэлэрин тас көрүҥнэрин көрсөллөр, сыана биэрсэллэр, онтон салгыы кэпсэтиһэн билсиһэллэр. “По одежде встречают, по уму провожают” диэн этии итини быһаарар. Атын омуктары кытта билсиһии илиинэн, тарбахтарынан көрдөрүүттэн саҕаланан баран араас бэлиэлэринэн салҕаныан сөп. Кэпсэтиһэн билсии көрөн билсиитээҕэр быдаҥ дириҥ өйдөбүлү үөскэтэр.

Сахалар кэпсэтинньэҥнэринэн, кэпсээннэрэ элбэҕинэн аатырбыт, сурахха киирбит дьон, “Туох солун баар” диэн саҥаны билэ охсор санаалара элбэҕиттэн ыйыталаспытынан бараллар. Хаһан баҕарар көрсүһэ эрэ түстэллэр билсиһэн, кэпсэтиһэн иһэллэрэ баһыйар, кэпсэтэн билэр киһилэрин булуохтарын сөп. “Киһи кэпсэтэн билсэр, ынах маҕыраһан билсэр” диэн этиини былыр-былыргыттан олохто-ругар туһана сылдьаллар. Кэпсэтинньэҥ буолуу билсиһии түргэтии-ригэр, кэҥииригэр уонна дириҥииригэр тириэрдэр аналлаах.

Кэпсэтинньэҥэ суох эбэтэр кэпсэтиэн, дириҥник билсиһиэн баҕарбат киһи аҥардастыы суох эбэтэр баар диэн эппиэттиэн, кэпсэтиини быһан иһиэн сөп. Кини ыйытыыга нэһиилэ хардарара кэпсэтии салҕанарын мэһэйдиир. Ол аата кэпсэтиэн баҕарбат киһи тугу да хардары ыйыппат, кэпсэтэр киһитин санаатын билэ сатаа-батын таһынан, бэйэтэ тугу да кэпсээбэт уратылаах. Кэпсэтии салҕанарын киһиттэн ону-маны ыйытыы, араас солуну билэ-көрө сатааһын төрүттүүрүн туһаммакка хаалларан иһэр.

Сахалар кимниин эрэ көрсүһэ түһээт “Туох солуннааххын? диэн ыйыталлар, ону-маны саҥаны, уратыны билэ-көрө сатыылларын аан маҥнайгыттан биллэрэллэр. Көрсүһэ түһээт итинник ыйытыы туох баар солуну билэри тиэтэйбэккэ эрэ барытын кэпсииргэ күһэйэр. Арай “Солун суох” диэн эппиэт солуну истиигэ аһара тиэтэйэр, ыксыыр, солумсаҕырар куһаҕанын, киһи быһыытыгар сөп түбэспэтин биллэрэн тохтотууга туһалыыр. Ол курдук, аһара солуну билэн иһииттэн солумсах буолуу үөскүүрүн билии, сэрэнии эрэйиллэр.

Солумсах буолууну ордук дьахталлар сөбүлээбэттэр, Ол курдук, солумсах буолуу дьайыыта, бииртэн-бииргэ көтүөккэлээһин эр киһи утумун, буор кутун буккуйан төрүүр оҕолорго куһаҕаны оҥороро биллэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар баһыйан салайаннар солун диэн солумсаҕы үөскэтэр уонна солумсах буолууну тохтотор тылбытын “сонун” диэн сахаларга суох тылга уларытан суох оҥоро сатыыллар. Билигин дьон солумсаҕыра сылдьаллара элбээбитин биллэр элбэх үлэлээх тыабыт сириттэн үөрэҕи баһылыыбыт диэн ааттаан эдэрдэр куотан барыылара уонна эдэр ыаллар уһуннук бииргэ олорбокко арахсыылара элбээбитэ бигэргэтэллэр.

“Дьиэлээхтэр кэпсээҥҥит, хайдах олордугут? диэн ыалдьыт киһи ыйытыыта киэҥ кэпсэтиини саҕалыыр кыахтаах. Бэйэтэ кэпсиирин тэҥэ, элбэхтик ыйытар киһи кэпсэтиини киэҥник ыытар кыахтанар. Элбэх киһини билсэр, көрсөр киһи билсиилээх, көрсүүлээх диэн ааттанар. Бэйэтэ үлэтинэн-хамнаһынан киэҥник биллэр салайааччы киһи элбэх билсиилээх, көрсүүлээх буолара сөп.

Аныгы сайдыылаах, араас иһитиннэрэр, биллэрэр тэрилтэлэр тарҕаммыт олохторугар билсии-көрсүү киэҥник тэнийдэ. Билсиһии сокуона дойду президенигэр диэри 6 эрэ кэрдиис, төхтүр баар диэн этэрэ быһаарыллар кыахтанна. Ол аата бэйэ-бэйэлэрин билсэр дьонтон алтыс киһи президени билэр, билсэр киһи буолуон сөп. Холо-бурга, билсэр дьонтон хайалара эрэ Москваҕа үлэлиир киһини үчүгэйдик билэр буоллаҕына, бу киһитэ правительствоҕа үлэлиир киһилиин билсистэҕинэ, ол правительство үлэһитэ киһи президен-ниин билсиһэр киһини билэр буолуон сөп. Биһиги быстах ылбыт холобурбутугар президеҥҥэ диэри алта кэрдиис баара биллэн тахсар.

Аҕыйах ахсааннаах омукка билсиһии улахан күүстээх. Ол курдук, өссө сорохтор ханан эрэ аймахтыылара биллэн таҕыстаҕына, бу билсиһии ордук чугасаһарыгар тириэрдэр. Ол иһин аҕыйах ахсаан-наах омук аймахтаһыыны үөскэтэн, чугаһатан кэбиһэр куттала олус улахан, кэлэр көлүөнэлэрин кэхтиитэ түргэнник кэлиэҕэр сөп.

Аҕыйах ахсааннаах омук дьоно билсиһиини, ыал буолууну ордук киэҥник тарҕаттахтарына, аймахтарын ырааҕынан тэниттэхтэринэ уонна “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһоонун тутуһа сырыттахтарына эрэ сайдыыны ситиһэр, ахсааннара эбиллэр кыах-танар. “Хаан тупсарыыта” диэн сахалар үөрэхтэрин туһаныы эрэ аҕыйах ахсааннаах омугу оннук алдьархайтан быыһыыр аналлаах. Аныгы үйэҕэ олох сайдыытыттан билсиһии өссө кэҥээтэ. Айанныыр транспорт сайдыыта, үлэ-хамнас киэҥ сирдэргэ тарҕаныыта билсиһии, көрсүһүү ордук кэҥээн, тэнийэн иһэригэр тириэрдэр. Билигин интернет сайдыыта маны өссө кэҥэттэ, атын дойдуларга кытта тарҕатта. Атыы-тутуу дьыалата интернетинэн киэҥник тарҕанарын тэҥэ, билсиһии эмиэ элбээтэ.

Араас омук дьоно аймахтардаахтар сахаларга эмиэ элбээтилэр. Ол иһин сахабыт тылын, өйүн-санаатын, үтүө үгэстэрин үөрэтии эмиэ дириҥээн, атын омуктарга тарҕатыы, кэҥээн биэрэрэ эрэйиллэр.

Онон олох сайдан, араас тиэхиникэ элбээн, кыаҕыран истэҕинэ дьон билсиһиитэ өссө кэҥээн, тэнийэн биэрэн иһэр.

СЫТЫ БИЛИИ УРАТЫТА

Сахабыт тылын иччилээх диибит. Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. Олус былыргы кэмнэртэн биллэр сахабыт тылын үөскэтэр бары дорҕооннорго дириҥ өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьалларыттан тылбыт иччилээх диэн этэллэр. Ол аата тыл дорҕоонноро мэйиигэ хамсааһыны үөскэтэллэриттэн онно сөп түбэһэр өй-санаа үөскээн тахсан киһиэхэ дьайыыны оҥорор.

“Ы” дорҕоон сахаларга саамай ыарахан, ыар тыллары үөскэтэр. Бары ыараханы үөскэтэр тыллар “ы” дорҕоонтон саҕаланаллар; ыы, ыар, ынчык, ыарыы, ынырык уонна да атыттар. “Ы” дорҕоон хатыланнаҕына “ыы” диэҥҥэ кубулуйдаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйар, ытааһыны илэ үөскэтэр. “Ыы” дорҕоонунан бүтүүлээх иккилии сүһүөхтээх тыллар бары кэриэтэ эрэйгэ, куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр. Улахан кыыллар бары туохтан эрэ кутталлаахтан көмүскэнээри бэлэмнэннэхтэринэ ырдьыгынаан, кыыһырбыттарын биллэрэллэр уонна тиистэрин көрдөрөллөр. “Р” дорҕоон хатыланнаҕына “рр” диэҥҥэ кубулуйдаҕына ырдьыгынааһыны үөскэтэр. Ыр-р, бар-р, тур-р диэн эттэхпитинэ тылбыт ураты күүһүрэр, ырдьыгынаан ылар дорҕооннонон түргэнник тэйэн биэрэргэ тириэрдэр.

Куһаҕан дорҕоон баар буолуута үчүгэй дорҕоону булан ылыыга туһалыыр. Сахаларга үчүгэй дорҕоонунан “ү” дорҕоон буолар. Бу дорҕоон үгүс үчүгэй, туһалаах суолталаах тыллары үөскэппитэ тут-тулла сылдьаллар. Үтүө, үрүҥ, үчүгэй диэн саамай туттуллар тыллар.

Сыт диэн тыл эти-сиини сытыаран сынньат диэн өйдөбүллээх. Сытыы эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буоллаҕына, аһара барбатаҕына табылларын “ыы” диэн ытааһын дорҕооно биллэрэр. Сытыы аһара бардаҕына киһи киһи быһыытын сүтэрэр. Аһара уһуннук сытыыттан ханнык эрэ сыт үөскээн тахсар, эт-сиин сытыйыыта саҕаланар.

Киһи ыарыйдаҕына, мөлтөөтөҕүнэ сытар, сынньанара элбиир. Утуйарбытыгар сытабыт, сынньанабыт, күүс мунньунабыт. Аһара уһуннук сытыы киһи быһыыта буолбатах, киһи аһара уһуннук сып-пакка туран тугу эмэ оҥордоҕуна биирдэ киһи буолууну ситиһэр, киһи быһыылаахтык үлэлээн, тутан олоҕун олорор кыахтанар.

Уһуннук сытыыттан сытыйыы үөскээн тахсара сахабыт тыла өйтөн-санааттан улахан тутулуктааҕын биллэрэр. Сытыы аһара ба-рыыта эт-сиин уһуннук хамсаабатыгар тириэрдэн сытыйыыны үөскэтэн таһаарар. Өр сытыыттан уларыйыы киирэн тыыннаах эт-сиин атын көрүҥҥэ кубулуйуута кэлэрэ сытыйыы диэн ааттанар. Сытыган диэн ураты сыты таһаарар эрбэһини ааттыыбыт. Элбэхтик сытар киһини сытыган диэн этиэхпитин сөп.

Киһи айылҕаттан анаммыт билиини ылынар биир көрүҥүнэн сыты билиитэ буолар. Дьон айылҕаҕа быһаччы сылдьар эрдэхтэринэ сыты билэр кыахтара ыттан итэҕэһэ суох буоларын билигин да аһара сытымсах дьон бааллара бигэргэтэр. Олус былыргы төрүттээх, кырдьаҕас, олох охсууларыттан уларыйбакка эрэ сылдьар өйдөөх-санаалаах омукпутун биллэрэр биир уратыбытынан сыллааһыны, сыты билиини ураты өрө тутарбыт буолар. Мурун диэн киһи араас сыттары билэр тутаах уоргана. Араас тус-туспа сыттар киһи өйүгэр-санаатыгар бэйэлэригэр сөп түбэһэр суолталаах санаалары үөскэтэн таһаараллар. Ол курдук, куһаҕан, сөбүлээбэт сыт киһини соҕотохто тэйитэр, антах анньар, чугаһаппат, киэр хайыһыннарар. Эт-сиин доруобай буолуута таһаарар сыта хайдаҕыттан быһаарыллар.

Сыт киһиэхэ дьайыытын сахалар былыр-былыргыттан билэн туһаналлар. Олус үчүгэй сыттаах буҕарааскай отунан түптэ оҥостон буруолатан үчүгэй сыты тарҕатаннар санааларын тупсара сылдьаллар этэ. Үчүгэй сыт үчүгэй санаалары үөскэтэн киһи үчүгэйи оҥорорун элбэтэр кыахтаах, онтон куһаҕан сыт тэйитэр, чугаһаппат уонна санааны куһаҕаҥҥа түһэрэн оҥорор быһыыны атахтыан сөп. Араас биллибэт, куһаҕан абааһылар олус ыар сыттаахтара, оннук сыты тарҕатан кэбиһэллэрэ элбэх кэпсээннэртэн биллэр. Сахалар кими эмэ сөбүлүүллэрин, таптыылларын биллэрэргэ сыллаан, сытырҕалаан ылыыны туһаналлар. Кыра оҕо “сыллыый” диэн ааттанар. Сыты сөбүлээһин, сыллаан ылыы сөбүлүүрү биллэрэр. Төрөппүттэр сыллаа диэн тылы кыра оҕолоругар анаан үгүстүк тутталлар. Кыра оҕо - үүт сыттаах. Оҕо сыта туймаардар үчүгэй. Сыллыы сылдьыаххын баҕараҕын. Ол иһин үгүстэр оҕолорун “сыл-лыый” диэн ааттыыллар, сотору-сотору сыллаан ылаллар.

Сөбүлүүр киһи ураты сыты таһаарарын анараа киһи биллэҕинэ сөбүлүүрэ өссө улаатыан сөп. Ол үтүө сыт тардыытынан сөбүлэһэр дьон бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһаллар, сысталлар, сыллаһаллар. Үчүгэй сыт туймаардар, тардар, угуйар, көҕүтэр күүстээх. Таптал ордук сыттан тутулуктааҕын арҕааҥҥы үөрэхтэри тутуһаммыт туһаммакка сылдьабыт. Сыт өйгө-санааҕа күүскэ дьайар уратытын өссө билбэт эрдэхтэринэ сахалар сыллаһаллар эрэ диэн күлүү гынар курдук этээччилэр элбии сылдьыбыт кэмнэрэ баар этэ.

Сыллаан ылыы сыты билиигэ, сыты сөбүлээһиҥҥэ олоҕурар уонна киһи биир билэр-көрөр уорганын кытта быһаччы сибээстэһэр. Kиһи араас сыттары элбэҕи билэр. Ордук дьарыктаммыт дьон сыты билиигэ улахан ситиһиилэри оҥороллор. Араас астар, табаах, арыгы, духуулар сыттарын элбэх дьон эндэппэккэ эрэ арааран билэллэр.

Сыты билиини киһиэхэ айылҕа биэрбит. Кэлин кэмҥэ дьон олохторо тупсан, айылҕаттан тутулуктарын сүтэрэн истэхтэринэ, сыты билэр дьоҕурдара сыыйа-баайа сүтэн, туһалаабат буолан иһэр. Баҕарбыт дьахтар ураты сытын арыычча эр киһи арааран билэр кыахтаах. Билигин “сексуальность” диэн тупсаран омуктуу ааттыыр быһыылара ордук бу сыттан тутулуктаах. (8,36).

Эр дьон болҕомтолорун тардар сыты дьахталлар сымыыттара ситтэҕинэ ордук күүскэ таһаараллар, ону сыты билэр муруннар тэйиччиттэн да хабан ылыахтарын уонна сытыы харахтар тас көрүҥ, хамсаныылар уларыйыыларын таба көрүөхтэрин сөп. Маннык сыты ханнык баҕарар кыыллар кэмнэрэ кэллэҕинэ таһаараннар туһаналлар.

Таптаһар дьон сыттара уһун кэмҥэ уларыйбат. Ол иһин дьон үйэлэрин устата таптаһаллар, бииргэ олороллор. Сөбүлүүр сыт тардар күүһэ бииргэ сылдьалларыгар, олороллоругар көмөлөһөр, тирэх буолар. Сөбүлэспэт, таптаспат буолбут дьон сыттара уларыйан хааларыттан таптаһар кыахтара мөлтөөн, ахсаан барарыттан бииргэ олорор кыахтара суох буоларыттан арахсаллара тиийэн кэлэр. Таптал аан маҥнай ыраахтан сылдьан “Таптыы, сөбүлүү көрүүттэн” саҕаланан баран хараҕынан көрөн билсииттэн быһаарсыллар. “Көрө түһээт сөбүлээбитим” диэн этиини дьахталлар элбэхтик туһаналлар. Сөбүлүү көрсөр харахтар бэйэ-бэйэлэригэр тардыһаллар, сыыйа-баайа чугасаһан барар кыахтаналлар. Өссө чугасаһан, бил-сиһэн истэхтэринэ сыты билэр кыахтара арыллан, баһылаан барар. Сыллаан ылыы сыты билиини, сыты сөбүлээһини кытта сибээстээх. Таптал диэн тыл сөбүлүүр киһини таба талан ылыыны биллэрэр уонна ыал буолуу үгэстэригэр былыргы кэмнэртэн туттулла сылдьар. Таптал сыты сөбүлээһинтэн саҕаланан баран өссө чугаһыы сатааһыны үөскэттэҕинэ салгыы сайдан иһэр чинчилээҕэ быһаарыллар.

Сорох кэмҥэ соччо сыты билбэт да киһи мунна биирдэ эмэтэ “Чөллөрүйэн ылар кэмнэрдээх”. Бу кэмҥэ сыты арааран билии күүһү-рэн киһи сөбүлээбэт сыттарыттан тэйэн, ыраатан биэриэн сөп. Эт-сиин, атын эти-сиини сөбүлээһинэ сыттан быһаччы тутулуктаах. Билигин бары дьахталлар араас ураты сыттаах духуулары, уулары туһаналлара, сыттарын тупсарыналлара элбээһинэ эр дьону быһаччы албынныы сылдьалларыгар тириэрдэр буолла.

Аныгы технологиялар аһара сайданнар сайдыылаах дьахталлар араас сыттары булан эбинэн, туһанан иһэр кыахтаахтар. Айылҕаны албыннааһын салҕанан баран иһэрэ куһаҕан, үчүгэйгэ тириэрдэрэ биллибэт. Сиэкис дьыалатыгар дьахталлар эр дьону аһара баһыйал-лара биллиитэ уонна салҕанан баран иһиитэ, сайдыылаахпыт диэн ааттанар дойдуларга эр дьон мөлтөөн, ахсааннара аҕыйаан иһиитигэр тириэрдэрэ омуктар сайдыыларыгар туһаны аҕалбат.

Уурааһын диэн уоһу атын эккэ-сииҥҥэ даҕайыы, онтон уураһыы - уоһу уоска даҕайыы аата. Kыыстаах уол сыһыаннарыгар уураһыы киирдэҕинэ ураты, өссө чугасаһар сыһыаннаһыылары киллэрэн эрэл-лэрин биллэрэр. Билсиһии өссө салҕанан баран уураһыыга тиий-дэҕинэ, бу дьон холбоһуохтарын чахчы сөп буолар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии сыты билиигэ эмиэ туттуллар. Ол курдук, сөбүлүүр сыт киһини тардар, угуйар, онтон сөбүлээбэт сыт киһини тэйитэр, антах анньар, эр киһи баҕатын намтатар, суох да оҥоруон, сөбүлэспэт, таптаспат буолбут кэргэн-ниилэр бииргэ олороллоругар итинник эрэйдэри көрсүөхтэрин сөп.

Араас сыттары билэллэрин сааһырбыт дьон бэрэбиэркэлэнэ сыл-дьыахтара этэ. Кырдьаҕас дьону элбэхтик көҕүрэппит ковид ыарыыта киириитэ киһи сыты билэрин суох оҥорон кэбиһэр. Аныгы медицинэ үөрэхтээхтэрэ быһаараннар сыты букатын билбэт буолуу киһи олоҕо бүтэн эрэрин биллэрэр бэлиэ буолар диэн этэллэр. Олоҕо бүтэрэ лаппа чугаһаан эрэр киһи аан маҥнай сыты билэр дьоҕура суох буоларын арыйаннар ити быһаарыыны оҥорбуттар.

Сахалар олохторугар сыты билиини туһана сылдьаллара айыл-ҕаттан тутулуктарын сүтэрэ иликтэрин биллэрэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн сыты билии аһара баран сытымсах диэҥҥэ тиийдэҕинэ куһаҕан өрүтэ улаатан тахсыан сөп.

Онон сыты билии диэн киһи киһиэхэ сыһыаныгар улахан дьайыылаах айылҕа биэрбит олус туһалаах хаачыстыбата буолар.

ААККЫН ТҮҺЭН БИЭРИМЭ

Олус уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэхтэрэ өс хоһоон-норунан этиллэн кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэр. “Үтүө аат-суол баайдааҕар ордук” диэн өс хоһооно байыы уһун үйэтэ суоҕун, онтон аат-суол уһун үйэлэргэ умнуллубатын быһаарар. “Аат-сурах ыраах барар” диэн өс хоһооно аат киэҥник тарҕанарын, ыраах сир-дэргэ тиийэрин таһынан, уһуннук, үйэлэргэ барарын биллэрэр.

Былыргы кэмнэргэ сахаларга аат-суол диэн олус үрдүктүк сыана-ланар этэ. Аҕа ууһун үчүгэй аата-суола ыраахха диэри биллэрэ. Бары ааттарын-суолларын харыстыыллара, сыыһа туттунан түһэн биэрбэт-тэрэ уонна эппит тылларын куруук толороллоро. Араас атыы-эргиэн, ылсыы-бэрсии тэнийэн эрдэҕинэ киһини аатынан-суолунан билэл-лэрэ, төрүттэрин-уустарын билсиһэллэрэ, сыаналыыллара.

Аат-суол диэн холбуу этиини элбэхтик туттабыт. Бу этии аат уонна суол диэн тус-туспа тыллартан турар уонна киһи олоҕун устата тугу туһалааҕы, үйэлээҕи оҥорбутуттан быһаччы тутулуктанар:

- Аат диэн киһи аата, араспаанньата уонна аҕатын аата холбоһон киһи аатын үөскэтэллэр, кимтэн төрүттээҕин биллэрэллэр.

- Суол диэн киһи тугу эмэни уһун үйэлээҕи оҥорбута, туппута, туох ханнык; үчүгэй эбэтэр куһаҕан суолу-ииһи үйэтин тухары хаалларбыта, бу киһи туһунан хаһан да сүппэт бэлиэни, суолу үөскэтэр.

Урут сэбиэскэй кэм саҕана киһи диэн соччо аахайыллыбат буолара. Сотору-сотору солбуһа сылдьар салайааччылар элбэхтик кыайан толоруллубат сыаллары, хаһан да кэлбэт “коммунизмы” тутуохпут диэн сымыйа эрэннэриилэри уҥа-хаҥас биэртэлээн кэбиһэн дьон итэҕэллэриттэн тахсан хаалаллара. Ол кэмҥэ партия ыйыытын, салайааччылар этиилэрин толоро сатааһын баһылаан сылдьарыттан киһи бэйэтэ быһаарынан эппит тылын толоруута диэн өйдөбүл хаалан сылдьара, кыра үлэһит дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах курдук этэ. Салайааччылар сымыйаны этэллэрэ билигин да хаала, суох буола илигин була сатаан оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” диэн секта саха дьонун барыларын албынныы сылдьара биллэрэр.

Ырыынак кэмэ кэлэн дьон өйүн-санаатын сыыйа көннөрөн биэрэн иһэриттэн былыргы курдук “Ааккын-суолгун түһэн биэримэ” диэн этиигэ олоҕурар буолан иһэр. Билигин ырыынак тутулуктара үөскээн эрэр кэмигэр биирдэ сымыйалаан, албыннаан түбэһэн хааллахха дьон итэҕэлиттэн тахсан хаалыы диэн өйдөбүл үөскээтэҕинэ, аны эйигин кытта ким да салгыы дуогабар оҥостубат, дьыаланы-куолуну эрэммэт кэмэ кэлэриттэн эппит тылы толоруу диэн киһи киһини кытта тутаах сыһыана үөскээн син баар буолан, олохсуйан эрэр.

Биир киһи аата-суола бэйэтин оҥорор дьыалаларыттан быһаччы тутулуктанар уонна дьон сыанабылларын ылан сыыйа-баайа билии-лэригэр тахсан иһэр. Аат-суол киэҥник тарҕаныыта “Албан аат, суон сурах түргэн кынаттаах” диэн өс хоһоонугар сөп түбэһэр. Саҥа ыал аата-суола сыыйа-баайа тэрийээччилэр үлэлэринэн-хамнастарынан, оҕолорун хайдах иитэн, үөрэтэн, улаатыннаралла-рыттан тутулуктанан үөскүүр уонна тулалыыр ыалларга тарҕанан барар. Элбэх билсии-көрсүү, үлэ-хамнас табыллыыта, үөрэҕи баһы-лааһын ааты-суолу элбэтэр, киэҥник тарҕатар үлэлэргэ киирсэллэр.

Ыал аата-суола диэн дьон саамай кыра холбоһуктарын аата-суола буолар. Оҕолор аҕаларын, ийэлэрин, бэйэлэрин ааттара-суоллара холбоһон ыал аатын-суолун үөскэтэллэрин билиэхтэрэ этэ. Ыал үтүө аата-суола уһун кэмҥэ дьулуурдаах үлэттэн-хамнастан, бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй майгыттан, сыыһа-халты туттубаттан, оҕолору хайдах иитэртэн, үөрэтэртэн тутулуктанан үөскээн олохсуйар уонна тулалыыр дьоҥҥо тарҕанар. Аат-суол “Төрүт уус ыал” диэҥҥэ кубулу-йарыгар ыал оҕолоро, сиэннэрэ ылар оруоллара ордук үрдүүр.

Аҕа ууһун аата-суола аймахтар хайдах быһыылаахтарыттан хомуллан, үлэлэриттэн-хамнастарыттан тутулуктанан үөскүүр. Билигин улахан аҕа уустара чугас аймахтарынан, биир араспаанньалаахтарынан син биллэллэр. Нууччалар ааттарын, араспаанньаларын ыган-хаайан, албыннаан, араас манньаны туһанан киллэрэннэр аймах-тыы буолбатах биир араспаанньалаахтар элбээн хаалыыларыгар тириэрдэн хаан аймахтар бэйэ-бэйэлэрин ситэ билсибэттэрин үөскэтэн кэбистилэр. Сахалыы ааттары ылыныыттан, араспаанньалары аҕа ууһун аатыгар уларытыыттан, бу быһыы сыыйа-баайа көнүө этэ.

Нууччалыы аат-суол киириититтэн аҕа ууһун аата-суола билигин ахтыллыбат буолан сылдьар. Ол эрээри, бу майгы сыыйа-баайа көнөн иһэр чинчилээҕэ дьон төрүччүлэрин үөрэтэн эрэллэриттэн биллэр. Саҥа ыал үөскээһинигэр аймахтар бэйэ-бэйэлэрин билсиһэллэригэр аҕа ууһун, чугас аймахтарын барыларын, үлэни төһө кыайбыттарын ахталлар. Арыгылаан, сыыһа-халты туттунан киһи быһыытын, сиэри таһынан барбыт аймахтар ааттара-суоллара намтыыр, түһэр. Аҕа ууһун, аймахтар ааттарын-суолларын харыстааһын, ол аата, куһаҕан аата суох буолуу өйдөбүлэ дьоҥҥо сыыйа киирэн иһэр.

Былыргы сахаларга сиэри кэһэр, буруйу-сэмэни оҥорор киһи, аҕа ууһун аатын түһэн биэрэр киһинэн ааҕыллара, бу дьону аҕа ууһа бэйэтэ сууттуура, дьарыйара. Аҕа ууһун аатын түһэн биэрии олус улахан буруйунан ааҕыллара. Бу быһыыны билиҥҥи олоххо тэҥнээн көрдөххө үлэлиир тэрилтэ эбэтэр бииргэ олорор ыаллар итэҕэллэриттэн тахсан хаалыы курдук буолуон сөп.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн аат-суол эмиэ икки өрүттээх, куһаҕанынан аатырыы диэн эмиэ баара дьон олоҕо улахан уустуктааҕын быһаарар. Ол аата олус улахан куһаҕаны, хара айыыны оҥорбут дьон ааттара уһун кэмҥэ умнуллубакка дьон өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалыыта итинник, улахан содуллаах куһаҕан быһыылар уһун кэмҥэ сүппэттэригэр тириэрдэр. Олус улахан уоруйахтар, киһини өлөрөөччүлэр, сэрииһиттэр ааттара уһун үйэлэргэ умнуллубакка сылдьаллара куһаҕан быһыылар, куһаҕаны айыылар аҕыйаабаттарын, кэмэ кэллэҕинэ туох барыта эргийэн кэлэрин курдук, элбээн кэлэр кэмнээхтэрин биллэрэр. Былыргы сахалар куһаҕаны оҥорон өлбүт киһини дьону көмөр сиргэ көмпөккө, атын сиргэ көмтөрөллөрө, бэйэтигэр тиийиммит киһини хоруобар умсары уктараллар этэ. Ол аата бу киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын, хара айыытын умуннараары, ким эмэ үтүктэн хатылаабатын туһугар итинник ураты көмүүнү оҥороллор эбит.

Дьон куһаҕан быһыылары, хара айыылары оҥорбуттара сыыйа-баайа умнуллан, симэлийэн баран иһиилэрин үөскэтэргэ бу быһыы-лары ахтыбат, санаабат буолуу тириэрдэр. Өлбүт киһини ахтыыга оҥорбут куһаҕан быһыыларын букатын ахтыбаттар, хаалларан умуннаран кэбиһэллэр. Бу киһи өйүн-санаатын, оҥорбут куһаҕан быһыыларын хара айыы оҥорон умнуу, ахтылларын суох оҥорон симэлитии эрэ суох буоларыгар, сүтэригэр тириэрдэр.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр куһаҕан санаалартан ыраастаныы диэн олохсуйбут үйэлээх үгэһи туһанан куһаҕан быһыылары оҥор-буту умнууга, хаалларыыга анаан тутта сылдьаллар.

Улаатан иһэр эдэрдэр кими эрэ үтүктэн, батыһан үөрэнэллэрэ, сөбүлээбит быһыыларын холобур оҥостоллоро ордук элбэх. Ол иһин, дьон оҥорбут куһаҕан быһыылара хара айыы буолан умнуллан, суох буолан иһиэхтэрэ этэ. Куһаҕан быһыылар умнуллаллара, хаалан иһэллэрэ эрэ эдэрдэр өйдөрө-санаалара ыраас, үчүгэй быһыылары элбэх-тик оҥорор кыахтаах буола улааталларыгар тириэрдэр.

Үчүгэй быһыылар, үрүҥ айыылар дьоҥҥо туһалыылларын уонна элбииллэрин туһугар эдэрдэри үөрэтиигэ аан маҥнай дьон оҥорор бары хара айыыларын, куһаҕан быһыыларын арааран билэллэрэ, олору бэйэлэрэ оҥорбот буола үөрэнэллэрэ улаханнык туһалыыр.

Үчүгэй ааты-суолу уһун кэмнээх үлэнэн-хамнаһынан, үчүгэй майгынынан, дьоҥҥо сыһыанынан ситиһиллэр. Үчүгэй ааты-суолу харыстаабатахха сотору кэминэн суох буола сотуллан, симэлийэн хаалыан сөп. “Буочукалаах мүөтү ньуоска дьүөкэт буорту оҥорор” диэн этии үчүгэй аат-суол сотуллара дөбөҥүн, кыра да куһаҕан быһыы аакка-суолга буортуну оҥороро ордук улаханын быһаарар.

“Үчүгэй киһи суола сырдык, куһаҕан киһи суола хараҥа” диэн өс хоһооно киһи олоҕун устата оҥорбут быһыылара хайдахтарын, дьоҥҥо туһалаахтарын дуу, буортулаахтарын дуу тус-туспа араарарын таһынан ханнык сыанабылы ыларын быһаарар. Ол курдук, үчүгэй быһыы сырдыкка, үрүҥҥэ, онтон куһаҕан быһыы хараҕа, хараҥаҕа тэҥнэнэрэ олус былыргы кэмнэртэн үөскээбит өй-санаа арахсыылара буолаллар уонна билигин да туттулла сылдьаллар.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн ааты-суолу харыстыырга, сыыһа-халты туттунан түһэн биэрбэккэ сахалар үөрэтэллэр. Оҕо төрөппүтүн үтүктэр, батыһар киһитигэр кубулуттаҕына аатын түһэн биэрбэт кыахтанар. Төрөппүт аатын оҕото түһэн биэрбэтэ хайаан да ирдэнэр көрдөбүлгэ кубулуйуута ыал, аҕа ууһун ааттара ордук сыанала-налларыгар тириэрдэр. Бары омуктар оҕоҕо аатын биэриини былыргы үгэстэригэр олоҕуран оҥороллор. Сахалар былыр-былыргыттан оҕоҕо аатын биэриини икки сүһүөхтээн оҥороллор этэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ араас таптал аатынан ааттыыллар. “Чыычаах”, “Сыллыый” эҥин диэн. Оҕо бу кэмҥэ анал аата да суох сылдьыан сөп. Өйдөнөн аатын истэн биллэҕинэ, майгынын, быһыытын уратылара арыллыбыттарын кэннэ, дьэ биирдэ аат биэрэллэр. Оҕо буолан бүтэн улахан киһи буолуутугар анал, тупсубут ааты эмиэ биэрэн иҥэрэллэр. Бу аат киһи тас быһыытыгар да майгыныгар да сөп түбэһэрин былыргылар хос ааттарыттан билигин быһааран билэр кыахтаахпыт. Киһи аатын курдук олорор. Киһи аата уһун үйэни түстүүр, өйү-санааны сайыннарар, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууга ыҥырара ордук. Ол иһин аймахтар бэйэлэрэ билэр уһун үйэлээх, элбэхтик үлэлээбит-хамсаабыт, элбэх оҕолорун киһилии быһыыга үөрэппит киһи аатын оҕолоругар биэрэ, иҥэрэ сатыыллара ордук туһалаах. Уһун үйэлэммит, элбэх олоххо туһалаах, үчүгэй быһыы-лары, үйэлээх дьыалалары оҥорбут, өйө-санаата күүһүрбүт киһи санаата, аатын-суолун дьайыыта кэлэр көлүөнэлэригэр биллэр көмөнү оҥорорун сахалар таҥараларын үөрэҕэ дакаастыыр.

Олохторун ситэ олорботох, тугу эмэ туһалааҕы ситиспэтэх дьон ааттарынан оҕолорун ааттыыртан сахалар туттуналлар этэ. Итини тэҥэ, аһара киэҥник биллэр киһи аата туһалыыра эмиэ кыра, эдэр киһини аһара барыыга үөрэтэринэн уһун үйэни түстээбэт. Ырыаһыт Саша Самсонов – Айыы уола суох буолбута ыраатан иһэр. 1998 сыллаахха ыарыыта бэргээн алтынньы 12 күнүгэр суох буолбута, олохтон туораабыта. Саша Самсонов “Айыы уола” диэн псевдонимы, хос ааты ылыммыта. Айар киһиэхэ араҥаччылыы сырыттын диэммин ити ааты талбытым диэн ийэтэ этэр эрээри, бу баҕа санаата төттөрү өттүгэр тардыбыт буолуон сөп. Ол курдук, айыы диэн тылбыт биир эрэ үчүгэй айыыны оҥорууну биллэрэр, онтон куһаҕан айыыны оҥорууга эбэн табыллыбакка хаалааччылар үксэтэн кэбиһэллэрин тэҥэ, өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолан Үөһээ дойдуга тахсан эдэрдэри ыҥыра, угуйа сылдьарын сахалар билэн өлбүттэртэн бэйэлэрин туспа араарына сылдьаллар.

Эдэр сааһыгар олохтон туораабытыгар хос аата улахан суолтаны ылбытыгар сөп. Уһуннук Орто дойдуга олоруу киһи быһыылаах, киһи быһыытын аһара барбат, көрсүө, сэмэй эрэ дьоҥҥо табылларын билиэ этибит. Айыы буолуу диэн өй-санаа Үөһээ дойдуга көтүүтүгэр тириэрдэринэн киһи өлбүтүн, өйө-санаата арахсан туспа барбытын кэннэ кэлэр улахан уларыйыы буолар. Биһиги быһаарыыбытынан айыы диэн хос аатын тардыытынан, бу аһара талааннаах эдэр киһи олохтон, Орто дойдуттан эрдэлээн барбыт буолуон сөп.

Айыы Сиэнэ диэн ааттаммыт Степан Попов эмиэ ситэ олорбокко айыыларга барбыта. Айыы буолуу диэн өлбүттэр өйдөрө-санаалара ааттанар. Ол иһин Үөһээ дойдуга сылдьар айыылар тыыннаах дьону угуйар, ыҥырар күүстээхтэриттэн ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатааһыҥҥа, сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэх-тэрин сөбүттэн айыы диэн тылы улаханнык саҥарыллыбат, олус сэрэхтээхтик тутта сылдьыы табыллар. Бу тыыннаах дьоҥҥо анаан туттуллубат тылы дорҕоонноохтук саҥара сылдьыбыт В.Кондаков уонна Тэрис өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга барбыттара ыраатта.

Сахалыы өйү-санааны ситэ билбэппититтэн, дорҕооннор дьайыы-ларын аахсыбаппытыттан, куһаҕан дорҕооннордоох ааты ылынан кэбиһиэхпитин сөп. Куһаҕан дорҕооннордоох аат дьайыыта тардара үчүгэйгэ тириэрдибэт диэн сахалар үөрэхтэрэ этэрин тутуһуохха сөп этэ диэн билигин кэлэн этэрбитигэр тиийэбит.

Саха республикатын главнай пристаба Андрей Аскольдович Кулаковскай атырдьах ыйын 18 күнүгэр 2010 сыллаахха соһуччу ыалдьан, инсультан өлбүтэ. Сотору кэминэн Лаптевтар муораларыгар “Алексей Кулаковскай” диэн ааттаах муораҕа сылдьарга аналлаах буксир шторм кэмигэр кыайан салаллыбат буолан тимирбитэ. Төһө да шторм буола турдар командата улахан уопуттаах этэ диэн этэллэр. 14 киһилээх командатыттан 3 киһини эрэ булбуттара. Атыттара тоҥон өлбүттэр диэн биллэрбиттэрэ. Тимирбит хараабыл капитана этэринэн шторм кэмигэр эмискэ электрическэй уот баран хаалыытыттан салал-лыбат буолбут хараабыл түҥнэстэн тимирбит. Ааты-суолу иҥэрии улахан суолталаах диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Муораҕа сыһыаннаах дьон хараабылга аатын иҥэрдэххэ “Сол курдук устуоҕа” диэн этэллэр. Сааһыгар муора диэни билбэтэх киһи аатын муора хараабылыгар иҥэрии итинник түмүктэнэрэ эрдэттэн бэлэмнэммит курдук.

Сахалар олус уһун үйэлээх омукпут. Биһиги олохпут үөрэҕэ олус дириҥ уонна киэҥ, киһи олоҕун төрүөҕүттэн анараа дойдуга барыар диэри барытын хабарын тэҥэ, хас да көлүөнэ иннинэ билгэлиир. Билэр киһилэрин туһунан “Хос эһэтэ хамначчыт этэ” диэн эттэх-тэринэ, өйө-санаата онтон өнүйбэтэ биллэн хаалыа. Бу этии киһи буор кута хас эмэ көлүөнэлэр усталарына сайдыытын, үлэҕэ-хамнаска үөрүйэх буолуутун быһаарар. Олоххо сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин билэн таба туһаныы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Киһи аатын курдук олоҕун олорор диэн этии табатык сыаналаа-һыны эрэйэр. Үчүгэй дорҕооннордоох, кыахтаах, сайдыылаах буор куттаах өбүгэлэртэн бэриллэн иһэр аат киһи олоххо элбэх ситиһии-лэри оҥорорун, уһун үйэни түстүүрүн төрөппүттэр туһаныахтара этэ.

Онон аат дорҕооннорун дьайыылара киһи өйүгэр-санаатыгар быһаччы тиийэн өйүн-санаатын төрүттүүллэрин тэҥэ, атыттар санаа-ларын, киниэхэ сыһыаннарын эмиэ уларыталлар.

БУРУЙДААҔЫ БУЛУУ

Биһиги сахалар сайдан, ахсааммыт эбиллэн иһэригэр, таҥарабыт итэҕэлэ олоххо киирэригэр, сахабыт тыла олох бары эйгэлэригэр толору туттулларыгар баҕарабыт. Бу баҕа санаабыт туолан иһэригэр бииргэ олорор нуучча омукпутугар үлэ үгүс көрүҥнэригэр баһыттарарбыт улахана элбэҕиттэн араас мэһэйдэр үөскээн сылдьаллар.

Ханнык баҕарар дьыала кыаттарбата, табыллыбата, баҕа санаа хоту баран испэтэ билиннэҕинэ, туорайдаһар, мэһэйдэһэр буруйдааҕы булуу уонна олору туоратыы, суох оҥоруу эрэ, бу дьыаланы көнөр суолга киллэрэргэ кыах биэрэрин туһаннахха сатанар.

Бука бары саха тыла мөлтөөтө диибит, мөлтөөбүтүн, туората сатааһын баарын билэ сылдьабыт. Саха тыла мөлтөөһүнүгэр баһы-лыыр омук тылынан нууччалыы саҥара сатыыр төрөппүттэр оҕолорун кыра, саҥа саҥаран эрдэхтэринэ сахалыы саҥарарга, кэпсэтэргэ, бэйэлэрин саха тылынан саҥаран ыҥырарга, ийэ, аҕа, эбэ уонна эһэ диэн ааттыырга үөрэппэттэриттэн оҕолор төрөөбүт тылларын билэллэрэ аҕыйаан иһэрэ аан бастакы уонна сүрүн биричиинэ буолар.

Бу дьыалаҕа, саха тыла мөлтөөһүнүгэр буруйдааҕы булуу улахан уустуга суох. Буруйдааҕы булууга ким оҕону аан маҥнай саҥарарга үөрэтэр кыахтааҕын быһаарарбыт эрэ ирдэнэр. Кыра оҕо аан маҥнайгы тылларын саҥара үөрэнэрэ ийэтин эбэтэр эбэтин көмө-түнэн, үөрэтиитинэн быһаччы саҕаланар. Бу кинилэр туох диэн саҥарда үөрэтэллэр даҕаны оҕолоро, ол курдук саҥарарга үөрэнэн улаатар. Ол иһин хайа баҕарар ийэҕэ оҕотун бэйэтэ саҥарар сахатын тылынан саҥарда үөрэтэр кыаҕа толору баарын туһаныы эрэйиллэр.

Саха тыла мөлтөөн иһэригэр ийэлэр, эбэлэр, ол аата дьахталлар буруйдаахтар. Оҕо бастакы саҥарар тылларын кинилэр көмөлөрүнэн үтүктэн саҥара үөрэнэр. Бу буруйдарын билинэн көннөрүнэллэрэ, оҕолору саҥа саҥаран эрдэхтэринэ сахалыы саҥарда үөрэтэллэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕолор сахалыы саҥардахтарына өй-санаа үөрэҕин баһылааннар сахалар элбиирбит тэҥэ, өйдөрө-санаалара туруктанан, ийэ куттара үчүгэй үгэстэргэ иитиллиэхтэрэ этэ.

Оҕону иитиигэ тыл үөрэхтээхтэрэ була сатаан оҥорбут, сымы-йаны этэр “айыы үөрэҕэ” оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн этиитэ улахан буортуну, ийэлэр оҕолорун өйүн-санаатын үчүгэй үгэстэринэн ииппэттэрин үөскэттэ. Эдэр саха оҕолоро буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээһинигэр “айыы үөрэҕэ” быһаччы буруйдаах.

Саха оҕолоро сахалыы саҥарбаттарыгар буруйу атыттарга хайдах да кыайан түһэрэр, көлбөрүтүнэр кыаллыбат. Ким ылыныай атын киһи тустаах буруйун? Аһара нууччатымсыйбыт, солумсахтара улаа-тан хаалбыт, атын омук буола сатаабыт дьахталлар оҕолорун сахалыы саҥарарга үөрэппэттэр, элбэхтик кэпсэппэттэр, барытын телевизэргэ, видиккэ уонна телефоҥҥа сыҥалаан кэбиһэ сылдьаллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ, аҕа илиитигэр өссө киирэ илигинэ, сүрүн көрөөччүлэр, хас биирдии тылы саҥарда үөрэтээччилэр эһиги, дьахталлар эрэ буолар-гыт ханнык да атын быһаарыыта суох биллэр.

Эһиги куһаҕан дорҕоонноох, “па-па” диэн тылынан оҕолоргут аҕаларын ааттата үөрэтэҥҥит, оҕолор аҕаларын кыра эрдэхтэриттэн аанньа ахтыбат буола улааталлар. “Па” аата хаһан баҕарар па. Куһаҕан аата куһаҕан, “па” диэн сиргэнэри, сирэри үөскэтэр дорҕоон. Куһаҕан дорҕоон дьайыыта хаһан да көммөт. Бу дорҕоон дьайыыта куһаҕанын курдук оҕолор аҕаларын аанньа ахтыбат, этэр тылларын истибэт, үлэлээбэт, үлэҕэ үөрэнэ сатаабат буола улааталлар. Аҕаларын аанньа ахтыбат оҕолор киһилии быһыыта суох, куһаҕан, татым майгылаах буола улааталлара ханнык да саарбаҕа суох буолар.

Оҕону атаахтатыы, аһара маанылааһын, киэргэтии, киһиргэтии, буолар-буолбаттан барытыттан харыстыы, көмүскүү сатааһын, аһара халыҥнык таҥыннарыы эмиэ барыта дьахталлартан үөскээн тахсар куһаҕаҥҥа тириэрдэр быһыылар буолаллар. Бу быһыылар быстах майгылаах киһини улаатыннаралларын сахалар үөрэхтэрэ тохтото сатыырын, оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр атаахта-тымаҥ диэн үөрэтэрин туһаныы эрэ, бу халыйыыны көннөрүөн сөп.

Эр дьону, аҕалары мөлтөтүү, оҕолоро аанньа ахтыбаттарыгар үөрэтии эмиэ дьахталлартан тахсар. Дьахталлар оҕолорун аҕатын куһаҕан дорҕооннордоох, сиргэниини, сириини үөскэтэр “па-па” диэн тылларынан ааттатаннар оҕолоро аҕаларын аанньа ахтыбат, сыана-лаабат, тылларын истибэт буола улааталлар. Ону тэҥэ, оҕолор аҕала-рын бу куһаҕан дорҕооннорунан куруук ыҥыралларыттан эр дьон санаалара түһэр, кыайалларын да кыайбаттар, үгүстүк арыгыга ыллараллар, быраҕаттаан баран барааччылар эмиэ элбэхтэр. Ийэлэр бэйэлэрин “ма-ма” диэн ынах маҥырыыр дорҕоонноох тылынан оҕолоругар ааттатаннар оҕолоро кинилэри ас таһан аһатар киһиттэн атыннык санаабаттар, үлэтин-хамнаһын хаһан да сыаналаа-баттар, сылайар-элэйэр диэн аһымматтар, харыстаабаттар. Бу дорҕоон куһаҕан дьайыыта нууччаларга уруттаан тиийэн, оҕолорун өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан билигин, бу омук дьонун ахсааннара биллэрдик аҕыйаан иһэрин, үлэни-хамнаһы кыайбаттарын бары билэбит эрээри, үтүктэ сатааччылар син-биир аҕыйаабаттар.

Өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕин билэн тутуспаттан дорҕоон дьайыыта улаханын ситэ сыаналаабакка сылдьабыт. Оҕону куруук “Акаарынан ааттаатахха кырдьык акаары буолуо” диэн сахалар үөрэхтэрин умнан кэбиһии буолла. Дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар ийэ кутугар быһаччы дьайыыны оҥорор. Ол иһин дьайыыны оҥороро киһи салгын кутугар букатын да биллибэт курдугун иһин, туох да суолтата суох курдук туттабыт эрээри, киһи ийэ кутун өйүн-санаатын, майгынын-сигилитин улаханнык уларытара биллэр. Куруук акаарынан, аҥаланан ааттаатахха ким барыта сотору кэминэн өйө-санаата оннукка уларыйарын эмиэ бары билэр курдукпут эрээри, “па-па” диэн куһаҕан дорҕооннордоох тылынан баар-суох эрэллэрбит, оҕолорбут аҕаларын ааттыы, улаханнык саҥара сылдьарбыт тохтообот.

Айыы диэн биир эмэ үчүгэйи оҥорууга туттуллар бэйэтэ куһаҕан өрүтэ элбэх тылы улаханнык саҥараннар оҕолорун, сиэннэрин аһара барыыга, сыыһа-халты туттунууга, куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһэллэрин аныгы, үөрэхтэммит дьахталларбыт тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн сылдьалларыттан билбэттэр.

“Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ анаан этэрин умнан кэбистэхпитинэ да туох да буолуо суоҕа дииллэр эрээри, улаатан иһэр оҕолор саҥаны айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатаан сыыһа-халты туттуналлара элбиириттэн эрэйгэ, буруйга тэбиллэн хаалалларын син-биир билэллэригэр тиийэллэр уонна хойутаан хаалан хомойоллор.

Онон биһиги сахалар төрөөбүт тылбыт мөлтөөһүнүгэр ким ордук буруйдааҕын булан дакаастаатыбыт. Дьахталлар бары биһиги эрэ бэрпит диэн киһиргэнэ-киһиргэнэ, хайҕана-хайҕана сахабыт тылын мөлтөтөн иһэллэр. Атаахтык иитиллэн сүрэҕэ суохтарыттан, бэйэлэ-рин көрүнэллэрэ аһара элбээбититтэн оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы саҥарарга, кэпсэтэргэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэппэттэр, телефоҥҥа, видиккэ уонна телевизэргэ аҥардастыы найылаан кэбистилэр. Бу туһалаах тэриллэр барылара нууччалыы эрэ саҥаралларыттан саха тыла мөлтөөн биэрэр. Бу олох үөскэппит итэҕэһин төрөппүттэр кыһаннахтарына ситэрэн, толорон биэрэр кыахтаахтар. Оҕолору кыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара иитиллэр кэмигэр үчүгэй үгэстэргэ үөрэппэккэ көтүтэн кэбистэххэ төрөппүттэргэ бэйэлэригэр куһаҕан буолан тахсарын сэрэйбэттэр, билбэттэр. Улааппыт оҕолоро көрбөккө-истибэккэ бырахпыт элбэх кырдьаҕастара анаан тутуллубут кырдьаҕастар дьиэлэригэр симсэ сатыыллара элбээн иһэр.

Кэлин кэмҥэ биһиэхэ эдэр ыччаттар буруйу оҥоруулара биллэр-дик эбиллэн иһэр диэн бары этэллэр, суруйаллар. Бу биллэр чахчы буолла. Эдэр дьон үгүстүк сыыһа-халты туттан уонна саҥаны айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро охсоору быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээтэ. Саҥаны айыыны оҥорон арыгыны элбэхтик иһэн, итирэн хаалан араас быһылааҥҥа түбэһээччилэр эмиэ элбэхтэр. Бэргэһэ былдьааһыныттан саҕалаан дьону халааһыҥҥа, кырбааһыҥҥа тиийэ араас куһаҕан, сиэри таһынан, киһи оҥорбот быһыыларын, куһаҕан айыыны оҥороллоро үксээтэ.

Биһиги сууппут-сокуоммут үлэһиттэрэ, үөрэхпит министерствота бу олохторун саҥа саҕалаан эрэр эдэр дьон туохтан сылтаан, төрүөттэнэн маннык быстах, куһаҕан быһыылары оҥороллорун анаан-минээн үөрэтэллэрэ, чинчийэллэрэ эбитэ буоллар сахалар таҥара-ларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэн этэрин ылыныа, эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруктаах буола сайдарын төрүттүүрүн итэҕэйэн, бигэргэтэн туттуллууга киллэриэ этилэр.

Бу быһаарыы табатын дакаастыырга дьон олохторун тэҥнээн көрүү туһалыыр. Кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй, бэрээдэккэ үөрэм-мит оҕо уһун үйэтин тухары сыыһаны-халтыны, куһаҕаны оҥороро отой аҕыйаҕын, бэйэлэрэ бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй дьон оҕолоро эмиэ соннук майгыланан улаатарын сахалар былыргыттан билэн туһаналлар. Көрсүө, сэмэй, үлэһит дьону холобур оҥостуу улаатан эрэр оҕолор көрсүө, сэмэй буола улааталларыгар тириэрдиэ этэ.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин этиитинэн оҕону бэрээдэккэ, киһилии быһыыланыыга үөрэтии кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ оҥоруллара ордук туһалаах. Бу кэмҥэ оҕо ийэ кута иитиллэр, сайдар, ол иһин бары оҥорор быһыыта, билиитэ үгэс буолан ийэ кутугар ууруллубута хаһан да умнуллубакка сааһын тухары туһалыы сылдьар. Ол аата, кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит оҕо улаатан, билиитэ-көрүүтэ кэҥээтэҕинэ бэрээдэгэ өссө тупсар кыахтанар. Кыра эрдэҕинэ атаах оҕо бэйэтин араас баҕатын кыайан тохто-тумматыттан, улааттаҕына арыгыга ылларбатаҕына, сыыһа-халты туттунар киһи буола улаатар. Үгүс буруйу оҥоруулар сыыһа-халты туттунууттан, аһара барыыттан үөскүүллэрин билиэхпитин сөп этэ.

Билигин оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии төрдүттэн сыыһа хайысханан, киһиргэтии, дэбдэтии, атаахтатыы, айыыны “үчү-гэй” диэн сымыйанан этэн аһара барыыга үөрэтии өттүнэн баран иһэрэ өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааталларыгар тириэрдэр.

Оҕолор бэрээдэги кэһэллэрэ төһө эмэ үксээбитин үрдүнэн оҕону иитии-үөрэтии сыыһа суолунан, хайысханан баран иһэрин биһиги үөрэхтээхтэрбит, учууталларбыт, тойотторбут түһээн да баттаппакка сылдьар курдуктар. Тэрис уонна тыл үөрэхтээхтэрэ айбыт “айыыларын үөрэҕин” сыыһаларын оннооҕор нуучча киһитэ Виктор Скрипин билэн “Московский комсомолец в Якутии” диэн хаһыакка суруйа сатаабыта. Сахалыы ааҕар, истэр төрөппүттэр “айыы үөрэҕэ” диэн була сатаан оҥоруллубут секта улаатан иһэр оҕолору иитиигэ уонна үөрэтиигэ олус улахан сыыһалардааҕын уонна ону оҕолорго үөрэтии улахан буруйга тэҥнэнэрин билиэхтэрин сөп буолла.

Оҕолору иитии уонна үөрэтии сыыһа хайысханан баран иһэллэ-риттэн эдэр дьоммут, уолаттарбыт эстии-быстыы суолугар киирэн иһэллэр. Маны тохтоторго, көнө, киһилии суолга киллэрэргэ саха дьоно, аан бастаан бары төрөппүттэр түмсэн, кыһанан, тыл үөрэх-тээхтэригэр, ону-маны була сатаан суруйааччыларга найылаабакка эрэ бэйэлэрэ ылыстахтарына эрэ кыаллар суол буолла. Биһиги “айыы үөрэҕин” сыыһаларын ырытан, дакаастаан суруйбуппутун “Чолбон” сурунаал 2006 сыллаах ахсыс ньүөмэригэр бэчээттээн таһаарбыттара. Бу сыыһалары көннөрүү хайаан да ирдэниллэр. Өй-санаа, таҥара үөрэҕэ ханнык да халыйыыта, сымыйата, тупсарыыта уонна былыргы ойууннар олохтообуттарыттан уларытыыта суох буолара ирдэнэр. Өй-санаа үөрэҕин сыыһа үөрэтиигэ сотору кэминэн эппиэттиир, быһаарыы биэрэр түгэннэр тиийэн кэлиэхтэрин сөп диэн сыыһа үөрэтээччилэри сэрэтэбит. Ол курдук, туох эмэ саҥаны, дьон билбэттэрин, айыыны оҥороору, саҥаны айа охсоору сыыһа туттан быстах быһыыга түбэспит оҕолоох төрөппүттэр “айыыны оҥоруҥ” диэн үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэрин уонна соннук этиилээх, ыҥырыылаах кинигэлэри суруйан тарҕаппыт Тэристэн, Санаайаттан, “айыыны оҥоруҥ”, “айыы буолуҥ”, “айыы үчүгэй” диэн алгыыр дьахталлартан быһаарыы көрдүүр кыахтаахтар. Билигин төрөппүт оҕотун иитиигэ-үөрэтиигэ эппиэтинэһэ күнтэн-күн үрдээн иһэр. Баар-суох оҕотун өйө-санаата туруктанарын туһугар кини эрэ аан бастаан кыһанар. Ырыынак сыһыаннаһыылара киириититтэн үйэлэрин тухары үлэлээн-хамсаан, кылахтаһан муспут баай-дарын-малларын дьон бары эрэллээх, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэригэр, оҕолоругар туттарыахтарын, хаалларыахтарын уонна өссө элбэтиэхтэрин баҕара саныыллара биллэрдик күүһүрдэ.

Оҕо иитиитигэр, өйө-санаата сайдыытыгар ийэ ылар оруола ураты үрдүгүн сыаналаан туруктаах өйдөөх-санаалаах, тулуурдаах кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ-үөрэтэргэ сахалар Кут-сүр уонна таҥараларын үөрэҕин тутуһуу туһалаах диэн этэбит.

Өй-санаа үөрэҕин буккуйуу, сыыһа хайысханан ыыта сатааһын, дьон өйүн-санаатын сымыйанан, албынынан буккуйуу иһин былыргы кэмнэргэ, таҥара үөрэҕэ сайдан, тарҕанан эрдэҕинэ, буруйдааҕы тутан ылан көстөр сиргэ уматаллара. Араас аптаахтар, өйү-санааны букку-йааччылар ити иһин сэрэнэллэрэ, аһара барбаттар этэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ барылара туоратыллан, умнуллан хаалбыттара. Онон туһанан тыл үөрэхтээхтэрэ төһө эмэ үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр киһи өйүн-санаатын икки аҥы араара, сахаларга букатын суох “аньыы” диэн тылы булан киллэрэ сатааһыннара салҕана турара тохтообот. Өй-санаа үөрэҕин сыыһа хайысханан ыытыы, сымыйанан ону-маны була сатааһын эппиэтинэһэ хойутаан да буоллар тиийэн кэлэр уонна улахан буолар. Ол аата иэстэбил үөскээн кэлиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, ыал соҕотох, мааны оҕото, сыыһа үөрэх сабыдыалыгар оҕустаран куһаҕан, сиэргэ баппат быһыыны оҥорон кэбистэҕинэ, хаайыыга бардаҕына, бэйэтигэр тиийиннэҕинэ, бу ыаллар эстэр, симэлийэр дьылҕаланаллар, олохторун салгыыр киһитэ суох хаалаллара иэстэбил улахан буоларын биллэрэр. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын аһара ыытааччылары, халытааччылары, сымыйанан, ону-маны була сатаан суруйааччылары, үөрэтээччилэри булан көннөрүүлэрэ уонна эппиэккэ тардыылара сүрүн сорук быһыытынан киирсиэ этэ.

Өй-санаа үөрэҕэ олох көрдөбүлүгэр сөп түбэһиэхтээх. Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх буолууга, киһилии майгыланыыга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтии бастаан иһэрин төрөппүт ситистэҕинэ эрэ эрэллээх кэлэр көлүөнэлэнэрин өйдүө, сыаналыа этэ.

Онон оҕолору үөрэтиигэ, өй-санаа үөрэҕэр ханнык да халыйыы, ону-маны була сатааһын, сымыйалааһын суох буолара, төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн батыһыннаран иитэрэ уонна үөрэтэрэ ирдэнэр.

КУҺАҔАН ТҮҮЛ СЭРЭТИИТЭ

Сахалар киһи өйүн-санаатын олус дириҥник үөрэтэн баһылаабыт-тарын былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билбит уонна бэйэлэрэ олохтоон туһана сылдьыбыт Кут-сүр үөрэхтэрэ биллэрэр. Билигин, өй-санаа ордук сайдан истэҕинэ, бу үөрэх туһата өссө улаатан биэрэрэ тиийэн кэллэ. Үгэстэр киһи олоҕор ылар оруоллара олус үрдүгүн, оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ иитилиннэҕинэ, онтон салгыы салгын кута сайдан үөрэннэҕинэ эрэ үчүгэй майгылаах киһи буола улаатарын сахалар олохторун үөрэҕэ дьоҥҥо тириэрдэр.

Өй-санаа төрүттэрин үөрэтии олохсуйбут үгэстэр киһини бэйэтин салайалларын быһаарар. Элбэхтик биир санааны санааһын, бу санаа, баҕа санааны үөскэтэрин, онтон умнуллубат буолан үгэскэ кубулуйан уурулларын уонна сол курдук толоруллар кыахтанарын иһин, киһи саныыр санааларын эмиэ киһилии санааларга киллэрэн биэрэрэ эрэйиллэрин биллэрэллэр. Ол аата үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары, онтон куһаҕан санаалара мунньуллан хааллахтарына, куһаҕаны оҥорон кэбиһэр кыахтанара хаһан да уларыйбат.

Куһаҕаны элбэхтик саныы сырыттахха, бу санаа куһаҕан үгэскэ кубулуйан хаалбытын кэнниттэн, оҥоруллан хаалбыт быһыыны уларыта, көннөрө сатааһын ордук уустугурар, элбэх үлэни, бириэмэни эрэйэр. Ол курдук, өйү-санааны ыраастаан, бу олохсуйбут куһаҕан үгэһи суох оҥордоххо, атынынан, үчүгэй санааларынан солбуйдахха эрэ куһаҕан санаалар үчүгэйгэ уларыйар кыахтаахтар. Киһи ханнык өйдөөх-санаалаах эбитин оҥорбут быһыытыттан көрөн, арааран билии кыаллара, көннөрөн үөрэтии хойутаан кэлэрин быһаарар. Өй-санаа бу уратытын быһааран сахалар “Буолар буолбутун кэннэ”, “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн өс хоһоонноро оҥорбуттар. Ол иһин оҕону үчүгэй быһыылары оҥорорго өйө-санаата сайдан иһиитигэр, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөрэтии туһалыыр, ол аата лаппа эрдэлээн үөрэттэххэ тиийимтиэтэ улаатара быһаарыллар.

Киһи субу оҥоруохтаах быһыытын аан маҥнай санаатыгар хос-хос оҥорон көрөн, дириҥник сыаналаан баран оҥордоҕуна туһалаах, үчүгэй быһыы буолан тахсыан сөп. Киһи баһын иһигэр, ол аата санаатыгар оҥорон, айан көрүүтэ ай диэн тылынан бэриллэр, онтон ол санаатын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына, ханнык эрэ быһыыга кубулуттаҕына айыы диэн туспа тылынан бэриллэр, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэрэ куһаҕана элбээбитин биллэрэр. Бу айыыбыт хайдах көрүҥнэнэн тахсыыта оҥоруутуттан ордук улахан тутулуктанан хайдах айыы; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолара оҥорулуннаҕына биирдэ быһаарыллар кыахтанар. Ол иһин айыы диэн тылбыт үрүҥ эбэтэр хара диэн эбии быһаарыылаах этилиннэҕинэ, оннук туттулуннаҕына эрэ өйгө-санааҕа сөп түбэһэр, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан туһаныллар кыахтанар.

Киһи ыксаан, тиэтэйэн, ситэ толкуйдаабакка, ырыппакка оҥорбут быһыылара табыллыбаттара, сыыһа-халты буолан тахсыылара элбэ-ҕиттэн куһаҕан быһыыга кубулуйан хаалалларыттан, субу оҥо-руохтаах быһыытын өйүгэр-санаатыгар элбэх төгүл хос-хос хатылаан хайаан да ырытара туһалааҕын сахалар үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр. Бу быһаарыыны оҥорор быһыыга таба туһанарга анаан “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн өс хоһооно туттуллар.

Киһи өй-санаа үөрэҕин билэрэ уонна олоҕор туһана сылдьара хаһан баҕарар наадатын билигин да ситэ өйдүү, олохпутугар туһана иликпит. Ол иһин оҕолорбут өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдаах буола улааталларыгар соччо кыһаммаппыт, аҥардастыы харыстыыр, көрөр-истэр, киһиргэтэр уонна айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорбот-торун була сатаан оҥотторор өйгө-санааҕа, тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар балыттаран, киирэн биэрэн сылдьабыт.

Өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕин аанньа ахтыбакка сэбиэскэй былаас уһун кэмҥэ атеистары ииппитэ-үөрэппитэ, билигин да дьайа сылдьарыттан, киһи санаата элбэхтэ хатыланнаҕына, биири хос-хос санаатахха үгэскэ кубулуйан киһи оҥорор быһыытын салайар кыахтанарын таба өйдөөн олохпутугар өссө да туһана иликпит.

Түүллэригэр араас куһаҕаннары, ынырыгы дьон элбэхтик көрөллөр да улахан суолтаны биэрбэттэр, түүлгэ араас барыта буо-ларын курдук саныылларын уларыта иликтэр. Бу кэмҥэ киһи түүлүгэр үгүстүк бэйэтин үгэс буолбут санаалара атын дьоҥҥо бэриллэн эбэтэр араас бэлиэлэринэн көстөр диэни саҥа итэҕэйэн эрэллэр.

Түүлгэ киһи бэйэтин санаата атын биллибэт, бэйэтигэр тугунан эмэ маарынныыр киһиэхэ бэриллэн көс¬төрүттэн аттыгар сылдьар бэйэтигэр маарынныыр киһини элбэхтик көрөр. Биллибэт куһаҕан киһини көрдөххө, ол бэйэбит куһаҕан санаабыт туспа арахсан көстөрүн көрөбүт уонна ол киһилиин үгүстүк сөбүлэһимиэхпитин, тапсымыахпытын сөп. Ол курдук, түүлгэ көрөр билбэт дьоммут тас көрүҥнэрэ, бэйэбит санаабыт хайдаҕын арааран көрдөрөллөр.

Куһаҕан дьону, абааһылары, араас кыыллары кытта охсуһуу, өлөртөөһүн, киһи бэйэ¬тин куһаҕан санаалара мунньуллубуттарын кытта быһаарсарын, олортон ыраастана, хааллара сатыырын көрдө-рөллөр. Түүлгэ итинник куһаҕаннары кыайыы киһи санаата ыраа-һыран, бөҕөргөөн, бэйэтэ кыайыыны оҥороругар көмөлөһөллөр. Онтон ити кутталлартан куотуу, быһаарыыны өссө даҕаны кыайан ылына илиги биллэрэллэр. Түүлгэ туста сылдьар дьону көрдөххө, өйгүт-санааҕыт сөп түбэспэт, толкуйдаргыт тус-туспа киһитиниин сотору кэминэн көрсүһүөххэ сөбүн биллэрэр. Эн тускунан куһаҕаннык санаатахтарына, эттэхтэринэ түһээн тааһынан, мууһунан эбэтэр онон-манан бэйэҕин быраҕаттыыр киһини көрүөххүн сөп. Онтон бэйэҥ атыттарга куһаҕаны санаатаххына, тапсыбат майгыланнахха, атын дьону тугунан эмэ быраҕаттыаххын сөп.

Ити курдук куһаҕан санаалардаах, ол санаалара мунньуллубут киһи куһаҕан түүллэри көрөр. Испитигэр иҥэн сылдьар куһаҕан санааларбыт түүлбүтүгэр киирэн илэ курдук көстөллөр. Ол курдук, киһи түһээн араас ынырыктары, ыар көстүүлэри хос-хос хатылаан көрүүтэ куһаҕан санаалара мунньустубуттарын биллэрэрин таба өйдөөн, мунньуллан, эбиллэн эрэр куһаҕан санааларбытын ыраастаан, умнан, хаалларан истэхпитинэ эрэ куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэр кыахпыт аҕыйыан сөп. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи куһаҕан санааларын мунньубакка, үгэскэ кубулутан кэбиспэккэ ыраастана сылдьарын ирдиирин туһата ити быһаарыыга иҥэн сылдьар. Киһи кэмиттэн-кэмигэр куһаҕан санааларыттан ыраастана, умна, суох оҥороро сылдьара өйө-санаата тупсуутугар тириэрдэр соҕотох суол буолар. Ханнык быһыылары оҥоруон сөбүн сыаналыырыттан бэйэтэ санааларын салайан; сорохторун, сөбүлээбиттэрин хос-хос санаан күүһүрдэн, онтон атыттарын умнан, симэлитэн, суох оҥорор кыахтаах. Куһаҕан санаалары умнуу, суох оҥоруу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл буоларын сэбиэскэй былаас кэмиттэн быраҕан, хаалларан сылдьарбытыттан куһаҕан быһыылары оҥорооччулар билигин элбээтилэр.

Куһаҕан санаалар мунньустан, күүһүрэн куһаҕан үгэскэ кубу-луйдахтарына, киһи бэйэтэ аны, ол санааларын толорон кэбиһэр кыахтанарын табан өйдүөххэ, куһаҕан санаалартан куруук ыраастана үөрэниэххэ. Арыгы бэйэтэ киһиэхэ оҥорор куһаҕана эмискэ биллибэт, арай аһара иһэн кэбиһэн өй көтөн хаалыытыгар тириэрдэрэ, куһаҕан санаалара мунньустубут киһи, ол куһаҕан санааларын аны толорон кэбиһиититтэн араас буруйу-сэмэни оҥорооччулар уонна сыыһа-халты туттааччылар билигин биһиэхэ элбээн сылдьаллар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр киһи санааларыгар суолта биэрбэккэ, өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорууттан дьону атеистарга кубулутан кэбиһиилэриттэн куһаҕан санааларыттан ыраастаммат-тарыттан, ол санаалара мунньулланнар куһаҕан быһыылары оҥо-роллоро элбээтэ. Үөрэҕи аһара өрө тутуу дьон тугу да умнубакка кыһана сатыыр майгыларын аһара улаатыннаран, умнан кэбиһиэххэ да сөптөөх куһаҕаны эмиэ умнубат буолан хааллылар. “Мин тугу да умнубаппын” диэн этии итини бигэргэтэрэ куһаҕан умнуллан хаалбакка, аҕыйаабакка элбээһинигэр тириэрдэр.

Билигин Россия дьонугар, куһаҕан санаалара мунньуллан сылдьар кэмнэрэ кэлэн турар. Киһи арыгы иһэн итирдэҕинэ куһаҕан быһыы-лары оҥороро, куһаҕан санаалара элбээбитин, мунньуллубутун, үгэскэ кубулуйбутун биллэрэрин таба өйдөөн дьон санаалара тупса-рын туһугар аналлаах үлэлэри ыытыахха. Киһи куһаҕан санааларын умнан, суох оҥорон ыраастанарын тэҥэ, элбэхтик үчүгэй санаалары санаатаҕына, ол үчүгэй санаалара куһаҕан санааларын солбуйан иһэллэриттэн санаата тупсар кыахтанарын олоххо туһаныахха.

Өй-санаа куһаҕан санаалартан ыраастаныытын уонна үчүгэй үгэстэринэн эбиллэн тупсуутун сахалар таҥараларын үөрэҕэ таба суолунан салайан иһэрин итэҕэйэн, олоххо туһаныы дьонтон барыларыттан ирдэнэр олох тутаах көрдөбүлэ буолар. (9,47). Түүл көстүүлэрэ үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан киһи санаата хайдаҕын биллэрэллэр. Өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт сахалар тугу түһүүллэрин, туох көстөрүн таба тойонноон олохторугар туһана сылдьаллар.

Онон куһаҕан түүлү көрбүт киһи инники туох буолуон сөбүн таба ырытан быһаарынарын тэҥэ, бэйэтин куһаҕан санааларыттан ыраас-танара, умнара салгыы олоҕор улахан туһаны оҥоруон сөп.

ЫАРЫЫ

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахабыт тыла киһи өйүн-санаатын кытта арахсыспат тутулуктааҕын ыарыы диэн тылтан буларбыт ордук табыллар уонна дириҥник өйдөнөр. “Ы” диэн дор-ҕоон саамай куһаҕан дорҕоон буоларын олус куһаҕан суолталаах элбэх тыллар үөскээн туттулла сылдьаллара биллэрэр.

Ыар диэн бэйэтэ куһаҕаны, ыараханы биллэрэр өйдөбүллээх тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиититтэн үөскээбит ыарыы диэн тыл киһини кырдьык ытатар, иэдэтэр кыахтааҕын улаханнык ыалдьа сылдьыбыт дьон үчүгэйдик билэллэр. Арай ыарыы дьайыыта икки өрүттээҕинэн, биирэ ыарыыны биллэрэр, онтон атына туһаны оҥорор, ыарыыны тулуйа сатааһын тулууру үөскэтэр уратылаахтар. Киһи тулуурдаах буолара олох ирдиир кытаанах көрдөбүлэ. Элбэҕи тулуйдаҕына эрэ киһи буолар, сүөһүттэн биллэр уратылары ситиһэр кыахтанар. Уһун кыһыннаах, бытарҕан тымныылаах, куйаас сайыннаах дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатын өрөбүлэ суох элбэх үлэлэрин улахан тулуурдаах эрэ дьон кыайаннар оҕолорун ыарахан үлэни үлэлииргэ, тулуурга үөрэтэллэр. Сахалыы Кут-сүр үөрэҕэр сүр диэн киһи тулуурун анаан бэлиэтиир өйдөбүл баар. Бу өйдөбүлгэ киһи өйүн-санаатын күүстэрэ бары түмүллэн сылдьаллар. Сүр киһи куттарын холбуу тута сылдьар, тулуурдааҕы биллэрэр айылҕаттан бэриллэр ураты күүс. Сүр элбээтэҕинэ сүрдээх диэн этиллэр. Спордунан, сүүрүүнэн, араас эрчиллиилэринэн дьарыктаныы киһи куттарын тулуйар уонна ыарыыларга утарылаһар күүстэрин улаатыннаран олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тирэх буолар.

Тулуурга үөрэнэргэ өһөс майгы олус туһалыыр. Сахалар ону билэн кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ аналлаах “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҥорон туһаналлар. “Маны тулуйабын” диэн өһөстөххө, быраҕан кэбиспэтэххэ, салҕаан дьарыктаннахха эрэ киһи тулуурга үөрэнэр уонна тугу эмэни, үлэни кыайан туһалааҕы оҥорууну, олоххо киллэриини ситиһэр кыахтанар.

Айылҕа бэйэтин оҕолорун, дьону кыра ыарыыны тулуйарга, тулуурга эмиэ үөрэтэр. Бырдахтар, күлүмэннэр, тигээйилэр, оҥоойулар, бары хааны сиир үөннэр киһи этигэр-сиинигэр кыра ыарыыны оҥороннор киһи өйүн-санаатын тулуурга үөрэтэллэрин иһин айылҕаҕа сылдьыыны куруук туһаныы эрэйиллэр.

Киһи айылҕаттан тэйиитэ, хааны сиир үөннэргэ сиэппэтэ, тулуура суох буолуутун, быстах майгыланыытын үөскэтэрэ араас сыыһа-халты туттунууларга киирэн биэрэрин элбэтэр. От охсо сылдьан хотуурун сытыылана турар киһини күлүмэн соһуччу ытырбытыгар, ону саба охсоору сапсынан, хотуурун төлө тутан илиитин быстан кэбиспитэ тулуура суохтан кэһэйии кэлиитин холобура буолар. Киһиэхэ ыарыы үөскээһинэ өй-санаа уонна эт-сиин тус-туспа төрүттээхтэрин уонна икки өрүтү үөскэтэллэрин биллэрэр. Бу икки өрүттэр хардары-таары сайдыыны ситиһэн, бастаан иһиилэрэ солбуйсан биэрэн иһэллэриттэн киһи тупсуута үөскээн иһэр. Эккэ-сииҥҥэ үөскүүр бүөлэниини, хааттарыыны ыарыы үөскээн өйгө-санааҕа тириэрдэр аналлаах. Ол иһин олоҕор, этигэр-сиинигэр сөп түбэспэти, сыыһаны оҥоруутун иһин ыарыы үөскээһинэ накаастабылга, кэһэтэн биэриигэ тэҥнэнэр диэн этии быстах ыарыыны табатык быһаарар.

Ыарыы киһини кэһэтэр, маннык быһыылары оҥоруу олоххо табыллыбатын, аны кыаллыбат кэмэ кэлбитин илэ биллэрэр, уларыйыылары киллэрэргэ сөп буолбутун ыйан биэрэр. Ону тэҥэ, кыра-кыра ыарыылар эккэ-сииҥҥэ үөскүүллэрэ киһи этин-сиинин көрүнэ-ригэр, дьарыктыырыгар уонна харыстыырыгар күһэйэллэр.

Эт-сиин куруук хамсана сылдьарга наадыйар. Ол иһин өй-санаа үөрэҕи-билиини баһылаан эти-сиини элбэхтик хамсатара эрчийэ сылдьара эрэйиллэр. Олоххо ханнык эрэ туһалаах хамсааһыннары оҥоро сылдьыы бастакы миэстэҕэ турар. Элбэхтик хамсаабат, сүрэҕэ суох соҕус, үгүстүк олорор, сытар киһи этэ-сиинэ эрдэ кырдьан араас ыарыыларга ылларара тиийэн кэлэрин билиэ этэ. Сис сүнньэ ситэ хамнаабатыттан, элбэхтик олорортон хам ылларыыларыттан араас хондуруос, сүһүөх ыарыылара булан барыахтарын сөп. Киһи олоҕун сыыһа олороруттан, этин-сиинин ситэ эрчийбэ-титтэн уонна араас, ону-маны аһыырыттан этигэр-сиинигэр ыарыы мунньуллар, хаатыйаланар. Сыаны кыралаан сиэһин киһи сүһүөх-тэригэр улахан туһалааҕын саҥа арыйдылар. Ыарыы тоҕо ыстанан биллэрэрэ эмиэ баар. Манна инфаркт, инсульт уонна араас таарым-талар киирсэллэр. Араас балаһыанньаларга киһи хаана эмискэ хойдон кэлэриттэн уонна үөскүүр хааттарыылартан тымырдар тоҕута баралларыттан инфаркт, инсульт ыарыылара үөскүүллэр. Ким да ыарыы киириэ суоҕа диэн быһаччы этинэр кыаҕа суох. Киһиэхэ ыарыы эмискэ киирдэҕинэ улахан тулууру эрэйэр кэмнэр кырдьык тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Кимиэхэ да ыарыы киирбэтин. Сахабыт тыла иччилээх, киһи өйүн-санаатын кытта тутулуга аһара улахан. Ыар диэн бэйэтэ ыараханы, ынырыгы биллэрэр тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбилиннэҕинэ ыарыы буолан кэлэн дьиҥнээх ытааһын тахсар. Ким да сөбүлээбэт, буолуон баҕарбат быһыыта үөскээн тахсарын, бу “ыы” диэн дорҕоонноох тыл биллэрэр.

Ыарыы эмиэ араастаах. Абытай, айыкка ыарыы – уотунан сиир соһуччу ыарыы, аны хаһан да буолбатын. Киһи элбэхтик сыыһа-халты туттунарыттан онтун-мантын дэҥнээн соһуччу, абытай ыарыыны билэр. Тоһоҕону саайаары сыыһа охсон тарбаҕы таарыйыы абытай ыарыыта киһини сыыһа-халты туттубакка үөрэтэр күүһэ олус улахан.

“Айыы-айа” диэн этиллэр ыарыы эмискэ, урут буолбатах ыарыы, саҥа ыарыы булбутун биллэрэр. Бу ыарыы дьайыыта киһиэхэ саҥаны айыы буолан соһуччу биллэр. Ол иһин “айыы-айа” диэн этиллэр. Былыргы булчуттар урут ииппит айаларын кылыытын умнан эбэтэр хаар баттаан биллибэт буолбутун алҕас таарыйан бэйэлэрин тапта-раллара элбэх эбитин бу тыл биллэрэр. Абытай ыарыы хаһан да умнуллубат буола киһи өйүгэр-санаатыгар, буор кутугар дьөлө хатанар. Эмтии охсон баран умна сатааһын туһалыыр.

Быстах ыарыы киирэн да аастаҕына умнуллан, хаалан испэт. Ыарыы өйдөбүллэрэ буор куту үөскэтэллэр, эти-сиини кытта быһаччы тутулуктаахтар. Уһуннук ыалдьар киһи ыарыылара киирэригэр үөрэнэн, эрчиллэн хаалар. Аны бу ыарыыта сүттэҕинэ туга эрэ итэҕэстийэн, кураанахсыйан хаалбыт курдук буолуон сөп.

Уһуннук ньүөлүйэр ыарыы, быччыҥнарга үөскүүр минньигэс ыарыы – киһи үөрэнэн хаалан маннык ыарыы өссө хатыланыан баҕарар кэмнэрдээх. Минньигэс, ньүөлүйэр ыарыы киирэн ааспытын кэнниттэн өссө оннук ыарыы киириэн баҕа санаа эбиллэр. Бу ыарыы туохтан үөскээбитин өссө хатылаан оҥорор кыаҕа улаатан хаалыан сөп. Маннык ыарыыны дьахталлар ордук билэллэр.

Оҕо төрүүр ыарыыта – айыкка ыарыы. Бу уһуннук дьайар абытай ыарыы эрэ дьахтар этин-сиинин бары баҕатын толору ханнарар. Сиэкистэн дьахтар баҕата ханар диэн этии сымыйа, албыннааһын буолар, арай ордук кычыгылатан биэрэн уонна өссө кыйахалаан оҕо оҥотторорго тириэрдэн туһаны оҥороро биллэр.

“Төбө ыарыытын ыраас салгыҥҥа сылдьан аһарыллар” диирэ эбэбит Лөкүө. Кыра ыарыы аайы сытынан иһэр буолуу - киһи мөлтөөһүнүн бэлиэтэ диэн этэрэ. Билиитэ оһоххо бэрэски буһа-рыытыгар, алаадьы астааһынын кэмигэр былыргы сыа арыы элбэхтик бырдаҥалаан угаар тахсарыгар тириэрдэрэ. Буруолаах дьиэҕэ сыппакка ыраас салгыҥҥа сылдьыҥ диэн кыараҕас ферма дьиэтиттэн таһырдьа үүртэлээн таһаарааччы этэ. Ыарыйдар эрэ сытынан кэбиһэр, эмп үрдүгэр түһэр киһи мөлтөх киһи, тулуура тиийбэтиттэн кыра ыарыыны тулуйбата биллиэн сөп. Кыра, тымныйан ыарыылар булбаттарын туһугар куруук эрчиллии, тымныыга сылдьыы уонна тымныы уунан куттуу киһиттэн эрэйиллэр.

Киһи туохха барытыгар үөрэнэр кыахтаах. Улахан тыаһы истэ үөрүйэҕэ суох киһини “Соһумтаҕай” диэн ааттыыллар. Тыас тыа-һаатар эрэ соһуйан өрө көтөн ылар киһини итинник этэллэр. Эбэтэр оҕо кыра эрдэҕинэ соһуччу тугу эмэ улаханнык тыаһатан уйулҕатын хамсатан кэбиһэн, соһумтаҕай оҥорон кэбиһиэхтэрин сөп.

Уйулҕа үөрэҕэ диэн үгэстэргэ иитиллии, үөрэнии ааттанар. Оҕо кыра эрдэҕинэ иитиллэр ийэ кута оҕо уйулҕатын олохтуур. Ол иһин сахалар оҕо ийэ кута иитиллэригэр улахан суолтаны биэрэллэр.

Кыра ыарыы аайы өрүтэ ойуоххалыы сылдьар киһи тулуура суох киһи буолар. Ыарыыны олох тулуйбат киһи диэн суох, тулуйа үөрүйэҕэ суоҕуттан тулуйбаппын диэн айманыан сөп.

Ыарыыны тулуйуу диэн киһиттэн хайаан да көрдөнөр олох тутаах көрдөбүлэ буолар. Былыргы кэмҥэ өй-санаа ыарыыларын ойууннар эрэ эмтиир эрдэхтэринэ күүстээх ойуун этэ-сиинэ ыарыыны тулуйар дьоҕура улаханын анаан-минээн дьоҥҥо көрдөрөр эбит. Манна араас уһуктааҕынан эти-сиини дьөлө анньыныыны тэҥэ, кытарбыт хобор-дооҕу салааһыны, илии харытын икки уҥуоҕун икки ардынан дьөлө анньыныыны бары кэриэтэ көрдөрөллөр эбит.

Өй-санаа сайдыытын, күүһүн-уоҕун баһылаабыт ойууннар, уда-ҕаннар эттэрэ-сииннэрэ ыарыыны билэрин тохтотон, суох оҥорон кэбиһэр кыахтаахтарын дьоҥҥо көрдөрөн ыарыыны чахчы кыайыах-тарын сөбүн итэҕэтэллэр эбит. Манна кытарбыт хобордооҕу тылла-рынан салаан “тарк” гыннараллара эмиэ киирсэр. Сорохтор сэрэх- тэригэр чараас тириини тылларыгар сыһыарынан кэбиһэллэрин Протасов ойуун кэпсээбитэ биллэр. Биир эдэр удаҕан дьахтар нуучча тойотторугар көрдөрөөрү иһин хайа быстан сыатыттан быһан ылан сиэбитэ сурукка киирэн биллэр. Дьахтар бааһыттан туох да буолан эрэйдэммэккэ дьону эмтээһининэн дьарыктана сылдьыбыт. Ыарыыны билбэт дьон бааллар. Ыарыы киһи икки өрүттэрин; этин-сиинин уонна өйүн-санаатын икки ардыларыгар сибээһи олох-туур. Ол курдук, ханна эрэ, эккэ-сииҥҥэ ыарыы үөскээн өйгө-санааҕа тиийэн эт-сиин туга эрэ табыллыбатаҕын биллэрэр аналлаах.

Онон ыарыы диэн айылҕа киһиэхэ быһаччы биэрэр үөрэҕэ буолара уонна киһи ыарыылары тулуйа үөрэнэрэ тулуурун улаатын-наран олоҕор туһалыыра быһаарыллар.

ӨЛБӨТ ҮӨСТЭЭХ

Айылҕаҕа аҥар өттүн диэки кэлтэйдии бара туруу табыллыбат, кыаллыбат. Ол курдук, айылҕаҕа туох барыта эргийэн кэлэ турарынан үүнээйилэр, тыынар-тыыннаахтар икки өттүлэриттэн ханна да аһара ыыппат, солбуйсууну үөскэтэр тутулуктар икки ардыларыгар сайдал-лар. Бу тутулугу сахалар былыргы кэмнэртэн үөрэтэн билэннэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэтэн туһана сылдьаллар.

Олоҕу уһуннук олоруу эмиэ ити этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн маннык тутулуктардаах:

1. Өбүгэлэртэн удьуордаан бэриллэн иһэр эт-сиин бөҕөтө, уһун үйэлээҕэ киһи уһун олоҕу ситиһэригэр кыаҕы биэрэр.

2. Киһи бэйэтэ өйүн-санаатын күүһүнэн этин-сиинин эрчийэн, дьарыктаан уһун үйэни ситиһэр кыаҕын улаатыннарыан сөп.

Киһи барыта олоҕун уһуннук, дьоллоохтук олоруон баҕарар. Уһун олоҕу ситиһэргэ сахаларга “Көрсүө, сэмэй буол” диэн аналлаах үөрэх баарын туһана сырыттахха эрэ табыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга ииппит, үөрэппит төрөппүттэр оҕо-лоро уһун үйэни ситиһэригэр, олоҕун киһи быһыылаахтык, дьоһуннаахтык олороругар кыах биэрэллэр. Бу этии киһи олоҕун устата сыыһа-халты туттубатаҕына, онно-манна быстах быһыыга киирэн биэрбэтэҕинэ, уһун үйэни ситиһэр кыаҕа улаатарын биллэрэр. Олоххо көрсөр араас моһоллору, эрэйдэри, ыарыылары этэҥҥэ туораан иһэр киһини “Өлбөт үөстээх” диэн сахалар ааттыыллар. Араас уустук, эрэйдээх балаһыанньаларга түбэһэн баран, ыараханнары тулуйан кыайыылаах тахсыыны “Өлбөт үөстээх” киһи ситиһэр кыахтаах. Олох иһин охсуһуу, тулуур, дьулуур улаатыыта, сыыһа-халты туттубат, ыарыыларга бэриммэт күүстээх санааланыы өлбөт үөстэниини үөскэтэр. Киһи сааһыран истэҕинэ араас элбэх ыарыылар буланнар өйүн-санаатын күүһүрдэрин, этин-сиинин харыстыырын, эрчийэрин уонна көрөрүн-истэрин ирдииллэрэ улаатан биэрэр.

“Хаахыныыр мас охтубат” диэн этии киһи ыарыылары кыайар кыаҕа тулуурун, дьулуурун кытта холбуу улааппытын биллэрэр. Ол курдук, улахан ыарыылары тулуйан, күүстээх баҕа санааны, дьулууру үөскэтинэн, этин-сиинин утумнаахтык дьарыктаан кыайбыт киһи быстахха былдьанан өлөн-сүтэн хаалбата, этин-сиинин харыстыыр, эрчийэр кыаҕа улааппыта, бу этиинэн бэриллэр. “Өлбөт үөстэниэхтэрин” эдэрдэр ордук улаханнык баҕараллар. Араас моһоллору кыайыы кинилэр ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар кубулуйар кыаҕа улаатан хаалар. Бу үтүө баҕа санааны ситиһэргэ эти-сиини утумнаахтык эрчийии, дьарыктааһын тириэрдэрин билэ сылдьыахтара этэ. Эрчиллиилээх, аналлаах үөрэхтээх киһи этин-сиинин көмүскэнэр кыаҕа улаатарын бары билэбит. “Олорон биэримэ” диэн этии ыарыы эбэтэр эрэй буулаатаҕына тугу эмэ оҥорон утарылас, сытан биэримэ диэн быһаччы өйдөбүллээх этиини туһана сылдьыы киһиттэн барыларыттан ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Хас биирдии киһи барыта үчүгэйдик эрчилиннэҕинэ, араас ньымалары баһылаатаҕына бэйэтин харыстанар, көмүскэнэр күүһэ-уоҕа улаатарын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр уонна олохторугар туһаналлар эбит. Билигин да олоххо биирдэ эмэтэ киһи бэйэтин көмүскэнэ сатааһына баар буолуон сөбүттэн эти-сиини эрчийии, дьарыктаныы эрэ быыһыан сөбүн билиниэхпит этэ. Ол курдук, соһуччу ууга түһэн хаалбыт киһи уолуйбакка, санаатын түһэрбэккэ сатаан харбыырын таба туһаннаҕына улахан да ууттан этэҥҥэ тахсыан сөп. “Үктээтэххэ оннооҕор кутуйах “чыып” диир” диэн этии ким барыта ыксаллаах кэм тирээн кэллэҕинэ кыаҕа баарынан көмүскэнэр, харыстанар кыахтааҕын уонна куһаҕан балаһыанньа үөскээтэҕинэ, ол кыаҕын туһанарыгар, атыттарга биллэрэригэр ыҥырар.

Түүл киһи олоҕун аргыһа. Инники туох быһыы буолара түүлгэ киирэн көстөрө биллэр. Түүлгэ киһи олоҕор сөп түбэспэт араас кутталлаах быһыыларга түбэстэххэ, инники өттүгэр сэрэнии улаатара ирдэнэр. Киһи бэйэтэ онно-манна, быстах суолга түбэспэтэҕинэ даҕаны, билэр киһитэ түбэһэрэ бэриллэн көстүөн эмиэ сөп.

Сахаларга өссө “Олох быата” диэн өйдөбүл баар. Бу быа быста илигинэ киһи өлбөт үөстээххэ кубулуйан сылдьар. Тугу эмэ туһа-лааҕы толкуйдуу охсуу, көмүскэнэргэ таба быһаарыыны ылыныы түргэнэ олох быатын бөҕөргөтөр. Өбүгэлэртэн бэриллибит сайдыы-лаах буор куттаах буолуу, уустук хамсаныылары оҥорорго эрчиллэ сылдьыы киһи кыаҕын улаатыннаран, олоххо тардыһыытын күүһүр-дэн биэрэллэрэ өлбөт үөстээххэ тириэрдиэхтэрин сөп.

Буор кут диэн киһиэхэ төрөппүттэриттэн бэриллэр араас хам-саныылары оҥорууга үөрүйэҕэ, сааһыран истэҕинэ үлэни оҥорууну баһылыырыттан сыыйа сайдан иһэр өйө-санаата буолар. Биир хаан аймахтарга, ол аата аҕа уустарыгар буор куттара биир буолар. Сайдыылаах буор куттаах, үлэһит аймахтар, аҕа уустара уһун кэмҥэ үөскүүр буор куттарын харыстыа, оҕолоругар уонна кэлэр көлүөнэлэригэр хайдах биэрэн иһэллэрин билэн туһаныа этилэр.

Киһи өлбөт үөстэниитин буор кута сайдыылааҕа улаатыннарар. Уһуннук, утумнаахтык эрчиллии киһиэхэ үөрүйэхтэри үөскэтэн буор кутун сайыннарар. Ол курдук, элбэх эрчиллиилээх киһиэхэ буор кута сайдарыттан бэриэччиктээх буолууга тиийиэн сөп. Сайдыылаах буор куттаах киһи иннигэр сылдьар бэриэччиттэнэрин сахалар билэллэр. Бэриэччит киһи иннигэр сылдьарынан араас быстах быһыыларга, оһолго эҥин киирэн биэрэриттэн харыстыыр аналлаах.

Өлбөт үөстэнии тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар баар. Биир эмэ кус төһө да улаханнык табылыннар даҕаны өлөн биэрбэт, моон-ньун эрийэн биэрбит да кэннэ, тиллэн куота сатыыр кыахтаах. Биир эмэ оннук, ураты бөҕө куобахха булчут эмиэ түбэһиэн сөп. Улахан сүөһүнү, ынахтары өлөрүү кэмигэр биир эмэ ынах ону эрдэттэн билэн, көрөн-истэн сэрэхэччийии бөҕө буолар. Онтон сылгыны сүгэнэн төбөҕө охсон төйүтэргэ хараҕын саба баайан баран охсуу эрэ туһалыыр. Ол курдук, сылгы барыта кутталлаах быһыы буолан эрэрин эрдэттэн билэн, сэрэнэ, аһаран биэрэ сатыыра биллэр.

Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьон тулуурдаах, дьулуурдаах санааларынан, ону кыайыыга туруннахтарына ситиһиэхтэрин сөп. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр летчик А.Маресьев самолетун табан суулларбыттарыгар парашютунан түһэн икки атаҕын тоһутан баран 18 хонугу быһа хаар устун сыыллан дьон баар сирдэригэр тахсыбыта өлбөт үөстээх буолуу дьоҥҥо эмиэ баарын бигэргэтэр.

“Өлбөт үөстээх” диэн киһи этин-сиинин туруга, олох олоруон күүстээх баҕа санаата, олоххо дьулуура, тардыһыыта холбуу ылан ааттанар. Тулуурдаах, өһөс, көрсүө, сэмэй майгылаах киһи олох бары ыараханнарын тулуйан, кыайан уһун үйэни ситиһэр кыахтанарын итинник ааттыыллар. Сахалар оҕо кыра эрдэҕиттэн “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун туһанан тулуурун улаатыннаран биэрэллэр. “Үлэ киһини айбыта” диэн этии үлэни оҥоруу нэми билэр, сэрэхтээх хамсаныылара киһи өйө-санаата аһара барарын тохтотон, сиэри, киһи быһыытын тутуһуннаран уонна сайыннаран олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тириэрдэрин туһана сылдьаллар.

Онон киһи өйө-санаата сайдыыта этин-сиинин араас хамсаныы-ларынан эрчийэн, утумнаахтык дьарыктыы сылдьара уонна туһалаах үөрүйэхтэри, сайдыылаах буор куту үөскэтинэрэ олоххо дьулуурун, кыаҕын улаатыннаран өлбөт үөстээххэ кубулутуон сөп.

ОЙУУ САБЫДЫАЛА

Киһи үгүс билиини хараҕынан көрөн ылынар. Yгүстүк биир ойууну көрдөххө, бу ойуу сүрүн көстүүтэ киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалан бэйэтигэр сөптөөх сабыдыалы оҥорор. Ол аата, бу ойуу сүрүн көстүүтүттэн киһиэхэ соннук санаалар үөскээннэр уонна хос-хос хатыланан үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар олохсуйаллар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан мас мастаан, от оттоон, сүөһү ииттэн олохторун оҥостоллоро. Уһун үйэлэр тухары кылгас эбэтэр уһун уктаах икки салаалаах атырдьахтарынан элбэх оту кэбиһэллэрэ. Күүстээх үлэ кэмигэр атырдьах салаата ыыра баран алдьанара, арахсара тус-туспа барыыны илэ көрдөрөрө уонна олуһун хомоторо.

“Атырдьах маһыныы арахсыы” диэн саха дьоно букатыннаахтык арахсыыны, тэйсиини, өйдөспөт кэм кэлиитин ааттыыллар. Кэргэн-ниилэр атырдьах маһыныы араҕыстахтарына тус-туспа бараллар, ыал ыһыллар, баайдара үрэллэр. Айдаан-этиһии тахсар. Туох үчүгэйэ кэлиэй оннук араллаантан? Оҕолор ордук улахан эрэйи көрсөллөр.

Атырдьах салаалара биир төрүттэн арахсан тахсан тус-туспа хайысханы көрдөрө сылдьаллара арахсыы, тэйсии, өйдөспөт буолуу кэлэн иһэрин бэлиэтиир көстүүгэ кубулуйан саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар былыр-былыргыттан үгэс буолан иҥмит. Бу көстүү былыргыттан үгэс буолбутун түүлгэ атырдьаҕы көрдөххө арахсыы, тэйсии тиийэн кэлэрэ биллэрэр. Yс салаалаах атырдьах көстүүтэ үс аҥы барыыны билгэлиир, оннук суолу түстүүр суолталаах.

Тыл үөрэхтээхтэрэ саха дьонугар соҥнуу сатыыр үгүс сыыһа-лардаах, була сатаан оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” диэн секталарыгар үс салаалаах атырдьах бэлиэни ымыы бэлиэ оҥостон тутта сыл-дьаллара омукка эйэлээх, түмсүүлээх буолар баҕа санааны үөскэтиигэ сөп түбэспэт, арай ыһыллыыга, арахсыыга, сатаан өйдөспөт кэмҥэ киирэн хаалан тус-туспа барыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөп.

Атырдьах ойууну туһаныы дьоҥҥо олус куһаҕан сабыдыалы оҥорор. Арахсыыга, үрэллиигэ, ыһыллыыга тириэрдэр ойууну саха дьонугар Тэрис уонна аһара нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэрэ соҥнуу сатыыллар. Саха омугу арахсыыга, үрэллиигэ, эйэтэ суох буолууга тириэрдиэн сөптөөх үс салаалаах атырдьах курдук ойууну Тэрис сүүһүгэр кэтэ сылдьыбыта. Бу кэтэ сылдьар ойуутуттан Тэрис туох сыаллааҕа, тугу ситиһэ сатыыра илэ көстөрүн таба өйдөөн, бу дьон сыыһаларыгар, албыннарыгар киирэн биэрбэккитигэр ыҥырабыт. Маннык көстөн турар үрэйиигэ, ыһыыга, албыҥҥа киирэн биэрбэтэхпитинэ сахалар түмсүүбүт, эйэбит олохсуйуо, биир санаа-ланыа уонна республикабытын күүһүрдэр сыалланыа этибит.

Үс салаалаах атырдьах ойуулаах гербэлээх Украина республиката биир тылы булунан үрэллибэккэ, уһуннук эйэлээхтик олороро саар-баҕа биллэн иһэр. Арахсаллара, ыһыллаллара чугаһаан иһэрэ өйдөспөт буолуулара улаатарыттан биллэр. 2011 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Львов куоракка буолбут хамсааһыннар уонна 2013 сыллаахха сэтинньигэ саҕаламмыт майдан итини дакаастыыллар. Арахсыы өссө дириҥээн, эйэлэспэт буолуу улаатан иһиитин 2014 сыллаахха сэрии саҕаламмытын кэнниттэн кыра республикалар үөскээһиннэрэ уонна арахсан Россия диэки бара сатыыллара биллэрэр.

Ханнык баҕарар ойуу кистэлэҥ өйдөбүллээх, ол аата киһиэхэ сабыдыалы оҥорон ханнык эрэ ис санаалары үөскэтэр уратылаах. Холобур, эр киһиэхэ сыһыаннаах ойуу өрө тахсар хайысхаланнаҕына, эр киһи күүһэ-кыаҕа эбиллэр, онтон таҥнары түһэр, намылыйар ойууну көрө сылдьыы эр киһини мөлтөтөр, кыаҕын кыччатар. Эрбэҕи өрө тутуу үчүгэйи, кыаҕы көрдөрөр бэлиэ, онтон умсары тутуу куһаҕаны, мөлтөөһүнү биллэрэр. “Умса барыы, таҥнары түһүү” мөлтөөһүнү, эстиини-быстыыны бэлиэтииллэрин бары билэбит.

Yөһээ, өрө тахсан холбоһор ойуу түмсүүнү, холбоһууну, биир санааланыыны, эйэлэһиини бэлиэтиир көстүү буолар. Бу көстүүгэ дьон оҥорбут араас көрүҥнээх улахан пирамидаларын кырыылара, уһуктара, үс муннуктар оройдоро, үрдүк хайалар чыпчааллара киир-сэллэр. Бу дьон бары сөбүлүү көрөр, күүс-уох ылынар, түмсүүлэнэр сүдү көстүүлэрэ биир санааланыыны аан бастаан үөскэтэллэр. Үрдүк хайалаах дойдулар олохтоохторо түмсүүлээхтэрэ, биир санаала-наллара элбэҕэ хайа чыпчаалларын үөһээ, халлааҥҥа тахсан холбоһор көстүүлэрэ кинилэри ыҥырарыттан, угуйарыттан ордук күүһүрэр.

Биһиги сахалар билигин сайдан, ахсааммыт эбиллэн иһэр, түмсүүлэнэргэ, эйэлэһэргэ, биир санааланарга баҕарарбыт күүһүрдэ. Биһигини ыҥырар, угуйар бэлиэбит эмиэ түмсүүгэ, харыстаныыга ыҥырара эрэйиллэр. Оннук ымыы бэлиэ биһиэхэ былыр-былыргыттан баар, маҕан төгүрүк Күн ойуута. Республикабыт былааҕар ылыммыт Үрүҥ Күн ойуута биһиги таҥарабыт бэлиэтэ буолар. Айылҕа тутаах тутулуга Күн буоларынан, төгүрүк ойуу, Күн ойуута сахаларга сүрүн бэлиэнэн ылыныллыбытын туһаныахпыт, өйбүтүн-санаабытын бөҕөр-гөтүөхпүт уонна биир санааланыыны үөскэтиниэхпит этэ.

Күн сардаҥалара сараадыччы тыктахтарына төгүрүк күнтэн тахсар түөрт салаалаах кириэһи үөскэтэн көрдөрөллөр. Айылҕа бу көстүүтүн ымыы бэлиэ оҥостон сахалар уонна түүр омуктара билигин да элбэхтик туһаналлар. Ол бэлиэ тэҥ, кэтирээн тахсан иһэр салаалардаах ортотугар төгүрүк күннээх кириэс буолар.

Күн туһунан өйдөбүллэрин сахалар уонна түүр омуктара ымыы бэлиэ оҥостон бары бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьар эбиттэр. Бу ымыылара түөрт тэҥ, кэ¬тирээн тахсан иһэр салаалардаах, ортотугар төгүрүктээх кириэс буо¬лара. Түүр омуктар маннык кириэстээхтэрин былыргы историяны үөрэ-тээччилэр уруккуттан элбэхтик суруйаллар.

Г.В.Ксенофонтов “Шаманизм. Избранные труды” диэн үлэтигэр сахалар кириэстэрин туһунан бу курдук суруйар: “Равноконечный крест, по данным самобытного орнаментального искусства якутов и их бытовых суеверий, является символом солнечного света и летнего творческого тепла, а также графическим изображением древнего степного бога солнца Сах”. (10,120).

Кириэс харыстаныы уонна быыһаныы бэлиэтэ. Былыргы сахаларга “Кэриэстэтэр” диэн өйдөбүл баар эбит. Бу өйдөбүл үөскээһини¬гэр араас ыарыылартан көмүскэнээри дьон сүүстэригэр кэриэс бэлиэ оҥосту¬наллара олук буолбут. (10,109).

Былыргы түүрдэр былаахтара кириэс ойуулаахтар. Кэрэй улууһун эмэгэтэ тэҥ салаалардаах кириэс эбит. Аатырбыт Аттила былааҕа улахан кириэстээх. Түүрдэр өбүгэлэрэ бэйэлэрин “Кириэстээхтэр” диэн ааттаналлар этэ диэн Мурад Аджи суруйар. (11,138,217).

Биһиги эрабыт иннинэ 5-3 үйэлэргэ Алтай хайаларыттан көстүбүт малларга тэҥ салаалардаах “Бараан муоһун” курдук кириэстэр элбэх¬тик ойууламмыттара көстөр эбиттэр. Итинник кириэстэри сахалартан үөскээн арахсыбыт бары түүр омуктара билигин даҕаны элбэхтик ойуу-бичик оҥостон туһаналлара биллэр. (12,17).

Кириэс дьиҥнээх, бастакы суолтатынан, Күнү таҥара оҥостор уонна сүгүрүйэр түүр омуктар төрүттэрэ сахалар аналлаах ымыы бэлиэлэрэ буо¬лар. Ол курдук, бу кириэс ортотугар баар томтоҕор төгүрүгэ Күнү бэйэтин, онтон кэҥээн тахсан иһэр кылгас түөрт салаалара, Күн сар¬даҥаларын олус чуолкайдык көрдөрөллөрө быһаарыллар.

Билигин даҕаны биһиги сахалар былыргы кэмнэргэ үөскэппит Күн таҥарабытын итэҕэйэбит, үҥэбит, сүгүрүйэбит, былаахпытыгар ойуу-лаан көрө сылдьабыт, ол иһин бу кириэс ымыы бэлиэбитин бэйэбитигэр хаттаан ылынан, былыргы аар-саарга аатырбыт улуу өбүгэлэрбит курдук, араас суол олох ыараханнарыттан көмүскүүр уонна араҥаччылыыр бэлиэ оҥостон туһаныахпыт этэ.

Күн таҥараны аналлаах ымыы бэлиэ оҥостон, биһиги аҕыйах ахсааннаах кыра омук дьоно улахан омуктар быыстарыгар симэлийэн сүтэн хаалыыттан көмүскэнэрбит ирдэнэр кэмэ кэллэ.

Онон бэйэбит туспа омук буоларбытын билинэн саҥалыы сайдыы суолугар киирэрбитигэр былыргы улуу төрүттэрбит үөскэтэн сүгүрүй-бүт аламай маҥан Күн таҥаралара хайаан даҕаны көмөлөһүө.

ОСТУОРУЙА САБЫДЫАЛА

Уһун үйэлэр тухары нуучча дьоно туох саҥа олоххо киирбитин, сайдыы ситиһиллибитин Европаттан ылынан иһэллэрэ олус элбэх этэ. Ол эрээри, Европаттан хоту диэки, улахан тымныылаах, киэҥ-куоҥ, суола-ииһэ куһаҕан дойдуга олороллоруттан Россияҕа саҥаны айыыны оҥоруулар, сайдыыны ситиһиилэр эмиэ хойутаан кэлэл-лэригэр, олоххо киирэллэригэр тиийэллэр. Ол да буоллар нууччалар Европа дьонун баһыйан, эрдэлээн сайда охсоору үйэлэрин тухары дьулуһаллар. Кинилэр ити дьулуһууларын ыра, баҕа санаала¬рыгар кубулутаннар, араас элбэх аптаах остуоруйа кэпсээн оҥорон кыра оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэн улаатыннараллар.

Оҕолору иитиигэ куһаҕаҥҥа, куһаҕан быһыыны оҥорууга үөрэ-тэр остуоруйа буортуну оҥорорун бары төрөппүттэр уонна учуу-таллар сахалыы Кут-сүр үөрэҕин туһамматтарыттан билигин да билэ иликтэр. Албын, сымыйа, эмискэ баайы-малы булуу уонна соҕотохто байыы-тайыы, тупсуу, көнүү туһунан аптаах остуоруйалар оҕо өйүгэр-санаатыгар хайдах куһаҕаннык дьайалларын биһиги быһаа-раммыт бар дьоммутугар тириэрдэр кыахтанныбыт.

Со¬рох чинчийээччилэр Россия дьонун өйдөрүн-санааларын ура-тыларын таба көрөннөр, биһиги санаабытыгар олус сөптөөх быһаа-рыылары оҥороллор: “Но по существующей в России вере в хорошего и доброго руководителя большая часть элек¬тората - простые избиратели ждут от президента некоего сказочного чуда. Придет, дескать, добрый царь, потекут молочные реки с кисельными берегами и можно будет не пахать, и не сеять, а стоять наготове с большой ложкой”. (13,6). Бу быһаарыы олус табатыттан оҕолору үөрэтиигэ албын, аптаах остуоруйалар сабыдыаллара лаппа улахана уонна ураты куһаҕана быһаарыллан тахсар. Ол курдук, оҕо бэйэтэ үлэлээн-хамсаан туһалааҕы оҥосторун оннугар, ким эрэ бэлэми аҕалан биэрэрин кэтэһэр киһи буола улаатарын албыны кэпсиир аптаах остуоруйалар оҕолор кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара иитиллэр кэмигэр иҥэрэн кэбиһэллэр. Бу куһаҕан үгэс үөскээн хаалбыта оҕо улааппытын да кэннэ дьайыыта тиийэринэн ким эрэ аҕалан биэрэр бэлэмин кэтэһэ сылдьара суох буолан хаалбат.

Саҥа сайдан иһэр сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар тугу билбитин-көрбүтүн иҥэринэн, уурунан иһэр уратылааҕын уонна бу кут киһи олоҕун устата дьайа сылдьарын быһаарыыта аптаах остуоруйалары элбэхтик истибит оҕолор, улаатан да баран тугу барытын аптаах остуоруйа курдук саныылларын бырахпаттарын биллэрэр. Оннооҕор хас саҥа дьыл аайы көрдөрүллэр “Ирония судьбы” киинэ киһи олоҕун оҥосторугар итирэн баран ордук табылларын Россия эдэр дьонугар барыларыгар биллэрэр. Хас сыл аайы бу киинэни көрдөрүү, итирии дьон өйүгэр-санаатыгар олус дириҥник иҥмитин, олохторун оҥостуохтаах эдэрдэр элбэхтик үтүктэннэр, итириэхтэригэр диэри арыгыны иһэллэриттэн арыгыһыттар элбииллэрин быһаарар.

Бу кыра эрдэхтэриттэн элбэхтик кэпсэнэн үгэс буолан хаалар аптаах остуоруйалар куһаҕан дьайыыларыттан Россия дьоно олус түргэнник, аптаабыт курдук бары баҕа санааларын ситиһэ охсуох¬тарын баҕараллара кырдьык, баар суол. Биир киһи олоҕун устата хаһан да кэлбэт, албын коммунизмы тута, олоххо киллэрэ сатааһын биһиэхэ, Россияҕа эрэ тахса сылдьыбыта. Ити омуннаах баҕа санаа оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскээн олохсуйарыгар ийэтэ эбэтэр иитэр-үөрэтэр киһитэ кыра эрдэҕинэ аптаах остуоруйа кэпсээни элбэхтик кэпсиирэ улахан куһаҕан оруолу ылар. Бу сымыйа, аптаах дьон туһунан остуоруйаларга киһи араас ап-хомуһун, албыннааһын көмө-түнэн баайы-малы онтон-мантан булан эбэтэр бэлэхтэтэн ыла охсон, баай киһи буола, олоҕо көнө охсоро кэпсэнэллэр. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ олоххо туох да сыһыана суох, сымыйа, албын остуоруйалары кэпсээн кини өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар албыны, сымыйаны иҥэрэн биэрии оҥоруллар. Ити иҥмит үгэстэр, өй-санаа түмүгүнэн оҕо улаатан да баран, дьон олоҕун аптаах остуоруйа курдук, олус түргэнник уларыта охсуон баҕарара, эмискэ, түргэнник халлаантан түһэрэн байа-тайа сатыыра хаһан да хаалан хаалбат.

Ити албын остуоруйалар көмөлөрүнэн үөскэтиллэр баҕа санаалар үгэскэ кубулуйбуттара нуучча норуотугар олус күүскэ иҥэн, олох-суйан сылдьаллара бэлэмҥэ үөрэниини үөскэтэр. Россияҕа үлэ-хамнас кыайан сайдыбата, бу албын остуоруйалар сабыдыаллара улаханыттан буолар. Ол албын баҕа санаа¬лар туолууларын туһунан кэпсиир остуоруйалары маннык бөлөхтөргө араарыахха сөп:

1. Ханна эрэ, сэриилээн тиийэн кыаттарбыттары өлөр¬төөн, баайы-малы босхо булунууну, атын дьон баайдарын-малларын ылан туһанан байа охсууну, элбэх баай көмөтүнэн тугу да үлэлээбэккэ сынньалаҥнык олорууну кэпсиир остуоруйалар. (14,61).

2. Аптаах киһи эбэтэр туох эмэ атын, өссө улахан аптаах көмөтүнэн баайы-малы дэлэччи баар оҥорууну, булууну кэпсиир уонна ол баай-мал көмөтүнэн ыһан - тоҕон, ыраахтааҕы курдук олорууга ыҥырар остуоруйалар. (15,67).

Бу аптаах остуоруйалар көмөлөрүнэн үөскэтиллэр сымыйа, албын өйдөр-санаалар оҕо ийэ кутугар иҥэллэр уонна бу киһи улааппытын кэннэ, кини өйүгэр баҕа санаалар буолан киирэллэр. Оннукка үөрэммит киһи улаатан да баран итинник, оҕо эр-дэҕинээҕи баҕа санааларыгар оҕустара сылдьара хаһан да хаалбат. Биир оннук умнуллубат баҕа санаанан - хайдах эмэ гынан олус түр¬гэнник байа-тайа охсубут киһи диэн буолар. Бу баҕа санаа кэлин ырыынак кэмигэр олус тэнийдэ. Оҕолор барылара итинник баҕа санааларга оҕустаран хааланнар үлэлээбэккэ, эрэйдэммэккэ эрэ тугу барытын халлаантан түһэрэн ылыахтарын баҕараллара аһара улаатта.

Бу баҕа санаалар бэйэлэрэ олус үчүгэй баҕа санаалар эрээрилэр, хайдах ситиһиллэллэриттэн көрөн улахан уратыланан тахсаллар. Ол курдук, эмискэ байыы-тайыы диэн бэрээдэктээх, сокуоннары туту-һар, үлэлии-хамсыы сылдьар киһи дьиҥнээх олоҕор хайдах да табыллыбат, кыаллыбат быһыы буолан, бу остуоруйа байыыта эдэр киһи олоҕун сыыһа суолга үтүрүйэр, куһаҕан айыыны, уорууну, халааһыны оҥотторор майгы буолар. Эдэр киһи тугу да үлэлээбэккэ эрэ эмискэ байа-тайа охсоору, тиэтэйэн, ыксаан, быстах суолга киирэн, айыыны-хараны оҥороро элбээн хаалар. Бу албын, сымыйа остуоруйалар быһаччы сабыдыалларыттан биһиэхэ, эдэрдэр уоруу-лары уонна халааһыннары оҥороллоро элбээтэ.

Уһун кэмҥэ үлэлээн-хамнаан, элбэх үчүгэйи оҥорон баайы-малы мунньунуу диэ¬ни уһун үйэлээх сахалар хайгыыллар. Ол иһин дьон-аймах боч¬чумнаах өттө эмискэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, халлаантан түспүт харчыны, баайы букатын сөбүлээбэттэр. Саха дьонун өстөрүн хоһооно: “Тыалынан киирбит, холоругунан тахсар” диэн баара, эмискэ байыыны-¬тайыыны сирэргэ, сөбүлээбэккэ үөрэтэр. Киһиэхэ эмискэ кэлбит баай, баҕар бэйэтигэр быстах кэмнээх үчүгэйгэ, санаата туолуутугар ти-риэрдибитин, сынньата сытыарбытын да иһин, кэлэр көлүөнэлэригэр, оҕолоругар биллэр куһаҕаны оҥорор. Ол курдук, оҕолоро: “Киниэхэ бэлэм баай түспүтэ, биһиэхэ эмиэ түһүөҕэ”,- диэн өйдөбүлгэ киирэннэр бэйэлэрэ үлэһитэ суох, бэлэми эрэ кэтэһэр дьон буола улаатан хаалыахтарын сөп.

Киһи маҥнайгы өйүн-санаатын, ийэ кутун кыра сылдьан ийэтиттэн, эбэтиттэн истибит остуоруйалара, кэпсээннэрэ уонна кинилэри быһач¬чы үтүктүүтэ төрүттүүллэр. Нуучча норуотун саамай таптыыр, сөбүлүүр суруйааччыта А.С.Пушкин сурукка киллэрбит остуоруйата “Сказка о царе Салтане, о сыне его славном и могучем богатыре князе Гвидоне Салтановиче и о прекрасной царевне Лебеди” диэнэ Россия оҕолорун иитиигэ, үөрэтиигэ олус улахан куһаҕан сабыдыалы оҥороро Кут-сүр үөрэҕинэн чуолкайдык дакаастанар буолла.

Бу остуоруйа сүрүн геройа Гвидон кинээс биллибэт сиргэ тиийэн аһара байар, бүтүн куораты бас билэр, ыллыы-ыллыы көмүс эриэхэни хастыыр тииҥи кытта булунар, тугу баҕардаргын эрэ булан аҕала ох¬сор аптаах Куба сарыабынаны кэргэн ылар. (15,83). Маннык бэлэмҥэ туох да эрэйэ, үлэтэ-хамнаһа суох байыы-тайыы кыра оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар туруору киирэн иҥэн хааларыттан, бу киһи улаатан да баран соҕотохто, тугу да үлэлээн, оҥорон таһаарбакка эрэ, ханна эрэ тиийэн баайы халлаантан түһэрэн ылан, аһара байа охсон хаалыан баҕара саныы сылдьарга иитиллэр. Кини ханна эмэ ыраах тиийэн, бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи баҕа санаатын ымыытын булуон баҕарара хаһан даҕаны хаалан хаалбат.

Россияҕа үлэ-хамнас кыаттарбата, бу албын, сымыйа остуоруйа-ларынан оҕолор өйдөрүн-санааларын толорууттан үөскүүрүн билбэ-тэҕэ буолааччы элбэх. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэн, туһа киһитэ буолан үлэни үгэс оҥостубатаҕына, улаатан баран үлэлии үөрэнэрэ улахан уустуктары үөскэтэрин тэҥэ, уһаан хааларын сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ төрөппүттэргэ тириэрдэр. Остуоруйаларга элбэхтик ахтыллар саллаат араас абы-хомуһуну туһанан олус баай дьахтары булан кэргэн ылан байан-тайан олороро эдэр уолаттары кини курдук буолууга ыҥырар. (14,87).

Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэн олохсуйбут баҕа санаата үйэтин тухары дьа¬йа сылдьар диэн сахалар сайдан иһэр Кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар. Киһи улааппытын да кэнниттэн, бу баҕа санаата син-биир кини өйүгэр-санаатыгар киирэн дьайа сылдьар. Ол иһин аһара баай, аптаах “Куба са¬рыабынаны” була охсон кэргэн ылыы эбэтэр эмискэ, хантан эрэ булан-талан байыы-тайыы Россия уолаттарын биир баҕа санаалара буолан иҥэн сылдьар.

Сайдыыта суох, мөлтөх экономикалаах дойдуга олорон эрэ олоххо кыайан киирбэт ыра, баҕа санааларынан туолбут эдэр дьон, эмискэ байа-тайа охсоору олох чэпчэки өттүн тутуһаннар уоруу уонна халааһын, талааһын диэки халыйан хаалыылара үксээн иһэр. “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһооно өй-санаа сайдыытын ити уратытын арыйар. Билигин Россия эдэр дьонун өйдөрө-санаала¬ра буорту буолуутун, үлэ-хамнас сатарыйыытын биир биричиинэтэ сахалыы Кут-сүр үөрэҕинэн ити курдук быһаарыллар. Бу остуоруйалар көмөлөрүнэн үөскэтиллибит эмискэ байа-тайа ох¬сон ыраахтааҕы курдук киэҥник, дэлэгэйдик олоруу өйдөбүлэ Россия хас биирдии киһитигэр иҥэн сылдьар. Урукку кэмҥэ бу баҕа санаа үөскээһинигэр ыраахтааҕы олус баайа-талыма олук буолара. Ол кэмҥэ көннөрү дьон баҕа санааларын муҥура ыраахтааҕы курдук байыы буолара саар¬баҕа суох быһаарыллар этэ.

Эмискэ байыы, тупсуу диэн баҕа санаа сайдан, кэҥээн иһии-титтэн республиканы олус түргэнник сайыннара охсуу диэн өйдөбүл үөскээн ыарыыга кубулуйарынан билиҥҥи салайааччылар бары кэриэтэ, бу ыарыынан ыалдьа сылдьаллар. Ону тэҥэ, Россия государ-ствотын бары салайааччылара итинник ыарыынан ыалдьаллар этэ. Оннооҕор В.И.Ленин аһара сайдыыны бэйэтин үйэтигэр ситиһэ охсон, коммунизмы тутуон дьиҥнээхтик баҕарар этэ. Атын да салайааччылар бары остуоруйа дьоруойун курдук түргэн сайдыыны ситиһэ сатаабыттара биллэр. Ол курдук, И.В.Сталин коллекти-визацияны оҥоро охсон, тыа хаһаайыстыбатын өрө тарда сатаабытын содула бу кэмҥэ диэри дьайар. Н.С.Хрущев кукурузаны сиргэ барытыгар үүннэрэ охсон ССРС дьонун барыларын уонна сүөһүлэри эмиэ тото аһатаары оҥостубута эмиэ табыллыбатаҕа. “80-с сыллардаахха коммунизмҥа олорор буолуохпут” диэн лозуну оччотооҕу кэмҥэ саарбахтыыр киһи суох курдук этэ. Бары улахан учуонайдардыын, хас да үрдүк үөрэхтээхтэрдиин уонна хара үлэһит¬тэрдиин кырдьык-хордьук кэтэһэ сылдьыбыппыт баар этэ.

Б.Н.Ельцин дьон олоҕун барытын эргитэ тута охсон аҕыйах сылынан демократияны олохтуу сатаабыта. Аатыра сылдьыбыт экономист Г.Яблинскай оннооҕор Россия экономикатын 500 хону-гунан көннөрүөхпүт диэн аналлаах программа оҥорон өрө тута, сир аайы далбаатана сылдьыбыта. Итинник санаалар барылара олоҕу аптаах остуоруйа курдук санааһынтан үөскээн тахсар өйдөбүллэр буоланнар олоҕу олус тиэтэтэллэр, аптаабыт курдук тупсара сатыыллара кыайан ситиһиллибэккэ хаалан дьон санааларын түһэрэллэр. Олус эмискэ байан-тайан, ыһылла сылдьар харчыланан баран, ыраахтааҕы курдук олоруу, нуучча дьонун баар-суох баҕа санаалара буолан сылдьаллар. Ити баҕа санаалары кинилэргэ кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ куруук кэпсиир аптаах остуоруйалара уонна аҕыйах, үтүктэ, батыһа сатыыр аһара баай дьон көрдөрөр холобурдара үөскэтэллэр. Оҕо улаатан иһэн хаппыысталар быыс-тарыттан да булуллубатаҕын, бары-барыта босхо буолан “коммунизм” да кэлбэтин, төрөппүттэрэ ыраахтааҕы курдук байбатах-тарын, син биир билэригэр тиийэр. Кыра эрдэхтэринэ итинник албыҥҥа үөрэппиттэрин билбитэ таах хаалан хаалбат ийэтигэр, аҕатыгар эбэтэр үөрэппит дьонугар итэҕэйбэтин, эрэммэтин үөскэтэр. Оҕо төрөппүтүн итэҕэйбэтэ киниэхэ олус улахан охсууну оҥорор. Онтон сылтаан улахан дьону букатыннаахтык итэҕэйбэт буолан хаалыытыгар тириэрдиэн сөп. Улаатан иһэр оҕолор бэйэлэригэр тиийиниилэрэ төрөппүттэрин, аймахтарын олохторуттан тутулуктаахтарын суруйааччылар бэлиэтииллэр. (16,9).

Оҕолор улаатан, өйдөрө-санаалара ситэн истэҕинэ, кыра эрдэхтэриттэн улаханнык албын¬ныы сылдьыбыттарын билэр кэмнэрэ кэлэн, итинник сыыһа туттууга тиийиэхтэрин уонна өйдөрө-санаалара туруга суох буолан “Трудные подростки”, “Маргиналлар” диэннэргэ кубулуйан хаалан улаханнык эрэйдиэхтэрин сөп.

Нуучча норуота туруктаах өйүн-санаатын булбата барыта ити аптаах остуоруйалартан саҕаланар. Оҕолорго сахалар Кут-сүр үөрэх-тэрин туһанан кыра эрдэхтэриттэн ийэ куттарыгар олоххо сөптөөх өйү-санааны олохсутан, өйө-санаата киһилии суолунан сайдарын ситиһии, аан маҥнай төрөппүттэрин курдук үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиири, киһи киһиэхэ сыһыаныгар эйэҕэс-сайаҕас, чиэһинэй майгыны иҥэрэр ордук туһалаах буолуо этэ. Россияҕа эйэлэһии майгына эргийэригэр биир мэһэйинэн, уһун үйэлэр тухары биир сиргэ олорор, бииргэ үлэлиир омуктарын дьонун харса суох кыды-йыы туһунан элбэх үлүннэриилээх остуоруйа кэпсээннэри оҥорон үөрэх кинигэтигэр киллэрэн суруйуу буолар. (17,67).

Улаатан иһэр ону-маны билэ-көрө сатыыр оҕолору маннык үөрэтии, былыргы, хараҥа үйэлэргэ сыыһа-халты туттуулар баар буола сылдьыбыттарын умуннара сатыыр оннугар, үлүннэрэн көрдөрүү, омуктар эйэ¬лээхтик бииргэ олорууларыгар көмөлөспөт.

Дьадаҥы дьон ортолоругар аҕыйах аһара баай дьон бааллара ыраахтааҕы курдук баайдык олоруу диэн өйдөбүлү үөскэтэр уонна үчүгэйдик умналаабыт да киһи туохха эмэ тииһинэрин эмиэ көрдөрөр. Ыраахтааҕы баай-талым олоҕун туһунан остуоруйалар олус элбэхтэрэ, дьадаҥы дьон са¬нааларыгар кинилэр курдук олоруу баҕа санаатын, өйдөбүлүн үөскэтэр. Дьадаҥы да дьон эмискэ байдахтарына, ыраахтааҕы курдук хамнанан баайдарын со¬тору ыскайдаан бүтэрэллэрэ элбэх кэпсээннэргэ суруллар. (18,381).

Эмискэ байыыга-тайыыга ыҥырар, үөрэтэр остуоруйалар улаатан иһэр оҕо өйүн-санаатын буорту оҥороллоро сахалар сайдан иһэр Кут-сүр үөрэхтэри¬нэн сөптөөхтүк дакаастаналлар. Оҕо өйүн-санаатын хайдах харыстаан, аһара ыыппакка эрэ улаатыннарары сахалар кырдьаҕастара урут билэллэр, туһаналлар этэ. Ол иһин оҕолорун кыра эрдэхтэринэ бэйэлэрэ эрэ көрөн-истэн, иитэн улаатын-нараллара, “Хара харахтаахха көрдөрбөккө”, албыннаабакка, сымыйалаабакка, олохторугар туох баарынан, кырдьыгынан, ханнык баҕарар олоххо көрсүллэр ыараханнары тулуйарга уонна үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэрэ, киһилии майгылаах, бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах дьон буола улааталларын ситиһэллэрэ. Ол аата оҕо баҕа санаатын аан маҥнай бэйэлэрин курдук буолууга салайан тугу оҥороллорун барытын үтүгүннэрэн, батыһыннаран иитэллэрэ уонна үөрэтэллэрэ. Кыра эрдэҕинэ маннык үөрэтэн ийэ кутугар үчүгэй үгэстэри иҥэрэн кэбистэххэ, оҕо улаатан баран сайдыыны бэйэтэ ситиһэр кыаҕа биллэрдик улаатарын туһана сылдьаллар.

Кэнники кэмҥэ аҥардастыы арҕааҥҥы омуктар, нууччалар үөрэхтэрин үтүктүүттэн сахалар оҕону кыра эрдэҕинэ иитии-үөрэтии туһу¬нан үөрэхтэрэ олох даҕаны умнууга хаалан сылдьаллар. Мин сайдан иһэр Кут-сүр үөрэҕин олохтооммун уонна бары үлэлэрбинэн ити улахан халыйыыны көннөрө сатыыбын. Арҕааҥҥы өй-санаа үөрэхтэрэ киһи куттара тус-туспаларын уонна хайдах сайдан иһэллэрин билбэттэриттэн оҕо ийэ кута сайдарын, үгэстэринэн иитиллэрин хаалларан кэбиһэллэриттэн оҕолору кыра эрдэхтэринэ оонньото эрэ сылдьыы уонна атаахтатан иитии биһиэхэ эмиэ тарҕанан сайынна. Арай төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн аан маҥнай ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥотторон ииттэхтэринэ уонна улаатан истэҕинэ бэйэлэрин үтүгүннэрэн, батыһыннаран үлэлииргэ үөрэттэхтэринэ ити сыыһа хайысха көнөн барар кыахтаах. Ону тэҥэ, ийэлэр оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ төрөөбүт тылларынан саҥарарга кыһанан үөрэттэхтэринэ эрэ саха тыла сүтэн, симэлийэн хаалбата ситиһиллэр. Онон оҕо аан маҥнай төрөппүтүн курдук буолан, кини үөрэҕин, үлэтин-хамнаһын кыайа-хото баһылаан эрэ баран салгыы сайдан, атын сиртэн, дьонтон үөрэҕи-билиини салгыы ылынан барыытын ситистэххэ оҕону иитии уонна үөрэтии сөптөөхтүк, олохтон туту-луктаахтык салгыы баран иһэрин хааччыйыан сөп.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

2. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

3. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену. – Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 352 с.

4. Колосов, Федор Дмитриевич. Дьикти кэпсээннэр уонна үһүйээннэр. – Дьокуускай: Сайдам, 2009. – 176 с.

5. Макаров, Дмитрий Степанович. Избранные труды. – Дьокуускай: Сайдам, 2009. – 544 с.

6. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

7. Николай Габышев. Күһүҥҥү кустук. Сэһэн. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1988. – 216 с.

8. “Кыым” хаһыат. 31.07.2008. №30.

9. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский Дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

10. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928 -1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма “Север-Юг”, 1992.- 318 с.

11. Аджи Мурад. Европа, тюрки, Великая степь.- Москва: Мысль, 1998. - 334 с.

12. А.И.Гоголев. Якуты. (Проблемы этногенеза и формирования культуры). Якутск: Изд-во ЯГУ, 1993, - 200 с.

13. Василиса Прекрасная. Русские народные сказки. / Составитель и художник Власов О.М. - Спб: Санкт-Петербургский комитет Союза литераторов России, ЭТО "Экслибрис", 1993. - 120 с.

14. В.И.Даль, А.С.Пушкин. Чудесный ларец. Сказки. Загадки. Пос¬ловицы. / Рисунки В.Конашевича. - Москва: Молодая гвардия: Фонд им. И.Д.Сытина: Роскнига, 1994. - 159 с.

15. “Туймаада саҥата” хаһыат. N 18. 18.05.2001.

16. Газета “Якутск вечерний”, N 25. 22 июня 2001 г.

17. Е.Н.Леонович. Родная словесность. Книга для чтения для вто¬рого года обучения в начальной школе. Под ред. М.Р.Львова. - Ч.2. Москва, 1995. - 336 с.

18. В.Я.Шишков. Угрюм-река: Роман в 2-х томах. Т.1.(Переизда¬ние).- Якутск, Кн. изд-во, 1982. - 480 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 3

Сахалыы өй-санаа уратылара . . . . . . . . . . . . . 5

“Туох барыта икки өрүттээх” . . . . . . . . . . . . . 8

Аан дойдуну үс дойдуга араарыы . . . . . . . . . 11

Кут-сүр үөрэҕин туһаныы . . . . . . . . . . . . . . . . 15

Киһилии өй-санаа үөскээһинэ . . . . . . . . . . . . .18

Икки таҥараны үөскэтии . . . . . . . . . . . . . . . . . 21

“Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” . . . . . . . . 24

Киһи - айылҕа оҕото . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 27

Саха дьоно бары тэҥнэр . . . . . . . . . . . . . . . . . 31

Үрүҥү, хараны араарыы . . . . . . . . . . . . . . . . . 35

Сир эргийэр . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 40

Итэҕэл үөрэҕэ икки өрүттээх . . . . . . . . . . . . . 44

Иккиттэн биирин талыы . . . . . . . . . . . . . . . . . 51

Киһи өйүн-санаатын уратылара . . . . . . . . . . . 56

Сиэннэрбитин сахалыы үөрэтиэххэ . . . . . . . .60

Олоруу кэминэн . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 64

Билсии-көрсүү . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 67

Сыты билии уратыта . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 70

Ааккын түһэн биэримэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . 74

Буруйдааҕы булуу . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 79

Куһаҕан түүл сэрэтиитэ . . . . . . . . . . . . . . . . . 85

Ыарыы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 89

Өлбөт үөстээх . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 93

Ойуу сабыдыала . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 96

Остуоруйа сабыдыала . . . . . . . . . . . . . . . . . . 99

Туһаныллыбыт литература . . . . . . . . . . . . . 106

Иһинээҕитэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 107