Саха аймах



Үс сүүс сылы мэлдьи
Үтүөнү үөскэппэтэх
Үктэбиллээх үйэ үрэллэн,
Саллайар саас тухары
Сандаҕаны тарҕаппатах
Самнарыылаах дьаһал сарбыллан,
Күтүр үйэ тохору
Күнү көрдөрбөтөх
Күһэлтэлээх олох көтүллэн,
Күн дьоно күөргүөмүнэн
Көңүл сылдьаннар
Көмүллүбүт күүстэрин күөрэтэр,
Бар дьон бары батысыһа сылдьаннар,
Баттаммыт батталларын баҕардар
Мааны олох барыбытыгар
Маңан былыт курдук
Маңхайан кэллэ нии, доҕоттоор!
Ситинник эриэкэс олох этиитинэн,
 Саманнык сайаҕас олох дьаһалынан,
Саай үйэ тухары
Саһан-куттанан үөскээбит
Саха аймах сайаҕастарын
Саар булгунньах саҕа
Сыһыаран сабан сылдьыбыт
Сайаҕас санааларын наардыыр,
Үйэ саас тухары
Үрэллибит өйдөрүн түмэр,
Кэрэ кэриэс тыллары
Кичэйэн туран кэскиллиир,
Удьуор ырыа тылы
Улаатыннаран мунньан,
Төрүөбүт төрүт өһү
Түөрэн-хаһан төрүттээн,
Хараңаҕа харбыаласпыт
Хаарыан атастарыгар
Харах буолар санаалаах,
Үөрэҕи өйдүөбэт
Үгүс үөлээннээхтэрин
Үөрэтэр үлэлээх,
Суругу билбэт
Суомах до5отторугар
Суол ыйар суобастаах,
Бада5ы билбэккэ
Баттабылга барбыт
Бар дьонугар майа5ас,
Күлүк сирдэргэ
Күнү көрдөрөр
Көнө сүрэхтээх,
Баартыйаҕа барбыт,
Омукка охтубат,
Нууччаны туппат,
Атыҥҥа аралдьыйбат,
Үөрэхтээх дьон сүрүннээх,
Оҕо аймах ойоҕостоох,
Ыччат дьон ыксалаах,
Эдэр киһи эккиннээх,
Кыра киһи кыбытыылаах,
Сырдык сана сындыыстаах,
Үрүҥ санаа үһүөлээх,
Дьокуускай дьоно тутулуктаах,
Саха омук сабыылаах,
Сайаҕас санаалаах,
«Саха аймах» диэн ааттаах
Саргылаах уобсастыба
Саас үйэ тухары
Саха аатын тарҕаттын,
Үгүс үйэ тухары
Үөрэх үтүөтүн үрдэттин,
Дьокуускай уобалас
Тоҕус ойоҕоһун быыһынааҕы
Тойон долуо сүрэҕин
Доҕуһуола буолан сураҕырдын,
Күнүскү күрүөннээх олох күөмчүтүн
Көччүтэр көңүл өйдөннүн,
Аныгы айдааннаах олох аймааһынын
Арпалдьытар айхаллаах санааланнын.
Сылайбыты сынньаттын,
Санаар5аабыты саараттын,
Ороскуоту умннардын,
Кэлэр кэнчиэри ыччакка кэскил,
Үөскүүр үтүө доҕотторго өй,
Бар дьоңңо майаак,
Күрүөх дьоңңо күн буолар,
Туора омук дьоно
Тохтоон одуулуур,
Атын аймах ааттаахтара
Адыылаан ааһар,
Аралдьыйбат аатырдын.
Сири саппыт
Силиргэх силистээх
Толоону туораабыт
Чуор мутуктаах,
Хабырыттыбат халың хатарыктаах,
 Хайыттыбат хатан саастаах,
Туруу дойдуну
Туораҕынан толорбут,
Саха сирин
Салаатынан саппыт,
Ийэ сир иччитэ эҕэрдэлээн,
Аан-дайды иччитэ айхаллаан ааһар
Аҕыс салаалаах
Аал-луук масс буолан
Аан-дайдыбыт арҕаһыгар
Анньыллан аатыран турдун,
Үүнэн көҕөрөн күөгэйдин,
Сарбайан лаглайан сааһырдын,
Барҕаран бараҕадыйан бастаатын диэн
Урааҥхайдыы уруй,
Сахалыы айхал буоллун.


1918

Алампа

Сүрүн сирэйгэ