Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Былыт (Копырин Н.З.)

Таас. Хайа. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Сылгы.


Былыт ырыаҕа-тойукка, олоҥхо араас дьүһүннээһиннэригэр балачча киирэр. Олоҥхоҕо, остуоруйаҕа, туох эрэ куһаҕан, өлүү, алдьархай буолаары гыннаҕына, халлааҥҥа хара өһөх былыттар көбөллөр. Абааһы бухатыыра оннук куһаҕан дьүһүннээх былыкка олорон кэлэр, былыта икки аҥы хайа ыстанар да, илэ бэйэти-нэн дьиэрбэс гына түһэр. Ойуун, кыыран үөһээ дойдуга көтөрүгэр аара тохтуур сирдэрэ, Э. К. Пекарскай тылдьытыгар этиллэринэн, эмиэ «былыттар» диэн аатыраллар эбит. Ойуун тохтууругар барыта «тоҕус былыттааҕа» үһү.

Былыт үчүгэйи киэргэтэн хоһуйар эпитет, тэҥнэбил быһыытынан эмиэ үгүстүк туттулларг Олоҥхо бухатыырын атын тэрилэ былытынан дьүһүннэнэр: «соһо былыт чаппараахтаах, кыыһар былыт кычымнаах,.. босхо былыт ботолоох, сүүрэр былыт сөрүөлээх» (39—170).

Ньургун Боотур атын сиэлэ былыт курдук: «сэттэ былас тибиилээх сиэлэ, саталаах былыт курдук, сарбайа сахсылынна» (39—172).

«Былыт тараһа», «былыт хаһа» диэн сылгы уойуу-тун мээрэйдиир этии баар. Сылгы хаһата биир илиини кыайбат буоллаҕына итинник этэллэр. Киһи майгытын былыкка холоон этиилэр эмиэ бааллар. Албын-түөкэй киһини: «көһөр былыт көлдьүнэ», «ааһар былыт албына» (62—257, 262),— диэччилэр. Сигилитэ уларыйымтыа киһини: «былыттаах халлаан курдук киһи» (50—108),— диэччилэр. Ханна да барбат-кэлбэт, сылдьыбат, бүтэй киһини «былыттаахха быкпат» дииллэр. Кэмэ ааспыты, олус өрдөөҕүнү былытынан сыһыаннаан этии баар. Холобур, «былыргыны былыт саппыта» дииллэр. Сүөһү, көтөр уо. д. а. харамайдар элбэхтэрин былыкка холуйуу эмиэ баар.