Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Саастарын тухары булдунан... (Копырин Н.З.)

Хайа дьонугар таас, оттон тыа олохтоохторугар мас... Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бастакы глава)
Копырин Николай Захарович
Аны... ооҕуй үөнү ылыаҕыҥ...


Саастарын тухары булдунан, таба иитиитинэн дьарыктаммыт омуктарга (холобур, эвеннэргэ, эвенкилэргэ) булт кыыллара, ордук таба, тайах уо. д. а. образтааһыҥҥа күүскэ киирбиттэр. Булт кыылларыгар сүгүрүйүү кинилэр итэҕэллэригэр дириҥник иҥмит. Эвенкилэр былыр өйдөөһүннэринэн Улахан Араҥас Сулус (Большая Медведица) — тайах (Хоглэн), оттон Аччыгый Араҥас Сулус (Малая Медведица) — кини тугута. Эвенкилэргэ Аллараа, Үөһээ дойдулары Орто дойдуну кытта холбуур ойуун мифическэй өрүһүн харабыла, хаһаайына — сүдү атыыр таба. Кинилэр өбүтэлэрэ эмиэ аарыма тайаҕынан дьүһүннэнэр эбит (#9—69, 75, 105).

Чукчалар, коряктар эмиэ сулустары табаларынан, тайахтарынан, кыылы сонордоһор булчуттарынан ааттыыллар (106—25,28).

Советскай кэмнээҕи эвен поэттара айымньыларыгар табаны, тайаҕы, тугуту уо. д. а. тыа кыылларын образка үгүстүк тутталлар:

Үөртэн быстан сылдьар
Тулаайах тугуттуу,
Үөмэр чүөмэр үктүүбүн,
Тулабын одуулуубун.

(66—106)

Мин саҥам хаардаах тыанан
Тииҥ буолан ыстаҥалаан
Ыраах көстөр хайаҕа
Номнуо тиийэ оҕуста.

(21-6)

Оттон муора булдунан иитиллэн олорооччуларга (холобур, эскимостарга, муора чукчаларыгар уо. д. а.) киит, морж, тюлень, ньиэрпэ ырыаҕа-номоххо киирэллэр, остуоруйа сүрүн персонажтара буолаллар. Ол курдук; «дьахтар буолан төрөөбүт киит» туһунан остуоруйалар, «киити бултуур үҥкүү», «ньиэрпэ үҥкүүтэ», «кырса бырааһынньыга» эҥин диэннэр элбэхтэр.

Ити омуктар үҥкүүлэрэ муора булдун көрдөрөр хамсаныылардаах буолаллар. Кинилэр тыллара муора булдугар сыһыаннаах терминнэринэн олус баай. Холобур, эскимостарга морж ууга ханан, хайдах сылдьарынан, хайа диэки устан иһэринэн уонна төһө саастааҕынан көрөн уон биэстэн тахса тус-туспа ааттардаах буолар эбит. Аһаҕас муораҕа бөдөҥ кыылы бултуурга тыл итинник чуолкай сигналлара олус табыгастаахтар. Итинник кэмчи буолан баран, элбэҕи этэр сигналлар булчут түргэнник сөптөөх быһаарыныыны ылына охсон кыылы гарпунунан, үҥүүнэн таба быраҕарыгар көмөлөһөллөрө биллэн турар (132—85, 87, 101).

Эскимостарга өссө «киит ыалдьыттааһына», «киити муораҕа атаарыы» диэн обрядтар бааллар. Итинник элбэх сиэрдэргэ, дуомнарга олоҕурбут фольклорнай образтааһыннары эскимостар олохторун, итэҕэллэрин үөрэттэххэ эрэ үчүгэйдик өйдөнөр.

Арҕаа Сибииргэ. Обь өрүс тардыытыгар олохтоох мансиларга балык төһө улахан суолталааҕын, Юван Шесталов маннык хоһуйуута дьэҥкэтик көрдөрөр:

Вся сила в нас от обских рыб,
Крепки Мы от ухи.
И мы без рыбы не смогли б
Писать даже стихи.

(152—1.42)

Юван Шесталов олох араас көстүүтүн, кэрэни, үчүгэйи үксүн күөл, өрүс балыгынан дьүһүннүүр эбит. Күн ууга түспүт күлүгэ, илимҥэ иҥнибит балык курдук, кылбаҥныыр; балык үөрүн курдук хойуу норуот; сүрэх, балык курдук, мөхсөр; киһи, үлүйдэҕинэ, тоҥ балыктааҕар туртайар; кыраһыабай кыыс суһуоҕа — балык кутуругун курдук, кини оҕуруо симэхтэрэ — күндү балык хатырыктара. Эдэр бил балык хараҕа кэрэтин бу поэт сибэккигэ холоон дьүһүйэр.

Омуктар былыр-былыргыттан образка таптаан киллэрэр көстүүлэрэ, харамайдара эҥин араас буолалларын ааһан, чопчу биир көстүүгэ, харамайга эстетическэй сыһыаннара үүт-үкчүтэ суох, өссө арыт уун-утары буолар. Биир омук үчүгэйи образтыырга ахтар кыылын атын омук куһаҕаны, мөлтөҕү дьүһүннүүргэ туттара эмиэ баар буолар. Гегель: «Биир норуот өйүн ууһун сөхтөрөр үчүгэйэ атын норуокка салаҥнык, дьулааннык, түктэритик көстүөн сөп» (113—302), — диэбиттээх.

Холобур, былыр мифтэргэ үгүстүк киирбит дракону ылыаҕыҥ. Европа литератураларыгар дракон киһиэхэ өстөөх хараҥа күүстэри образтааһыҥҥа туттуллар. «Дракон» (йгакоп) диэн грек омук тыла. Арҕаа омуктар сэһэннэригэр кини уот тыыннаах, кынаттаах (арыт хас да бастаах) фантастическай эриэн кыыл көрүҥнэнэр. Нуучча фольклоругар дракоҥҥа майгынныыр Змей-Горыныч обраһа баар.

Оттон Вьетнамҥа - драконтан төрүттээх король олоро сылдьыбытын туһунан былыргы номох эмиэ баар (142—251). Кинилэр сирдэрин-дойдуларын аатыгар дракон элбэхтик киирсэр эбит. Индокитай саамай улахан өрүһэ Меконг вьетнамныы аата Кыу-лонг (тоҕус дракон) диэн, билигин Ханой столица оннугар Тханг-лонг (Көтөр дракон) диэн ааттаах кириэппэс турбута үһү; Ха-лонг диэн хомо быһаччы тылбааһа түһэн иһэр дракон диэн буолар уо. д. а. Итилэр бары былыргы үһүйээннэртэн үөскээбит ааттар (149—19/.

Кытай поэзиятыгар драконунан образтааһын олус элбэх. Өрүһү туоруур бөкчөгөр муосталар — драконнар («не видно в небе ни единой тучи! Откуда же слетел к реке дракон?»); кыыһырбыт киһи бытыга — көтөн иһэр дракон («усы — поднявшийся дракон») (100—34, 298); «дракон утуйдаҕына», ардах түспэккэ сир-дойду куурар-хатар (100—61).

Саха олоҥхотугар дракоҥҥа майгынныыр кыыл баар. К. Оросин «Ньургун Боотур» диэн олоҥхотугар абааһы бухатыыра Алып Хара аллараа «өлүү луоҕатын ис кырыытыгар үс хос бастаах, сэттэ салаа кутуруктаах, дьүһүнэ таллан эриэн, сэттэ анньар иннэлээх, өрөҕөтүгэр аҕыс атахтаах абааһы дьүһүннээх баҕадьы» буолан түүрүллэн сытар. Кини айыы дьонун өлөр өстөөҕө. Эмиэ ити олоҥхоҕо Ыйыста Хара «үс хос бастаах икки салаа кутуруктаах Садаҕа Уот моҕойу миинэн» айанныыр (22—335, 120).

Олоҥхоҕо «Өлүү Луо-хаан оҕуһа» диэн абааһылар көлүнэр оҕустара баар уонна «Луо-Хаан тойон» диэн Аллараа дойду баһылыгын аата (137—1480). «Өлүү дьирибинэй балыга» биитэр «Өлүү балыга» диэннэр эмиэ бааллар.

Ойуунускай олоҥхотугар абааһы кыыһа Ытык Хахайдаан аймаҕа Тимир Дьигистэй кырамтатын булаары Хаан Дьалыкы байҕалга «өлүү дьирибинэй балык буолан» умса сылдьан көрдүүр (39—300). Айыы бухатыырдара «өлүү дьирибинэй балык сиһин үөһэ силимнээх көрүлүүр көр муос саалаахтар», «өлүү дьирибинэй балык өһөҕөр уһаарыллыбыт уһун сула турба батастаахтар» (41—-33; 39—193). Ньургун Боотур саата «өлүү балыгын сиһин үөһэ силимнээх» диэн этиллэр (22—86).

Ити «дьирибинэй», «луо» диэн тыллар бэрт былыргыттан кэлбит буолуохтарын сөп. Холобур, былыргы түүрдэр «лу» диэн дракону уонна эриэн кыылы ааттыыллара биллэр (116—334).

Монголлар кэнники кэмҥэ диэри «лу» диэн дракону уонна уу, сир иччилэрин ааттыыллар, оттон арҕаа буряттарга «лу» — «крокодил» үһү (103—63, 266).