Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Тымныы. Муус. Хаар (Копырин Н.З.)

Күн Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Уот


Тымныы. Муус. Хаар. Норуот үйэ-саас тухары сааһы, сайыны, сылааһы ыралыыр, кинилэринэн бары үчүгэйи, үүнэри, үөскүүрү уобарастаан этэр. Оттон тымныынан, төптөрүтүн, куһаҕаны, өлүүнү, кэхтиини холобурдуур. Олоҥхоҕо айыы аймахтара олорор сирдэрэ «кыһына суох сайын дойду», «тымныыта суох итии дойду» (49—22), оттон адьарай аймахтара олорор сирдэрэ — тымныы, хараҥа, куһаҕан сыттаах-сымардаах дойду. «Күһүнүм күһэйдэ», «кыһыным кыһайда», «кыстыкпар бараары гынным» диэн кырыйдым-буорайдым, өлөрүм чугаһаата диэн ис хоһоонноох этиилэр буолаллар. «Сылаас сүрэхтээх», «сылаас харахтаах», «сылаас тыллаах» диэннэр — үчүгэй өттүгэр этиллэр тыллар, оттон «тымныы сүрэхтээх», «тымныы харахтаах», «тымныы тыллаах» диэннэр итилэргэ уун-утары өйдөбүллэр.

Ол курдук «тоҥ» («тымныы») саха фольклоругар маннык дьүһүннээһиннэргэ туттуллар:

Тоҥ — эрэй, мэһэй: «тоҥтон толлубат киһи» (50— 162).

Тоҥ — кытаанах, бөҕө: «тоҥ иҥиирдээх», «тоҥ маһы тосту тардар» киһи; Тоҥ Дуурай диэн олоҥхо бухатыырын аата (137—2728). Бухатыырдар, охсуһаннар, «тоҥ буору тобуктарын хараҕар диэри тобулута үктээн кэбиһэллэр» (31—234).

Тоҥ — өрдөөҕү: «тоҥ суолгун тордоотоҕум» (31 — 177).

Тоҥ — бириэмэ кээмэйэ: «тоҥ күөс быстыҥа саҥарда» (56—119).

Тоҥоруу (тымнытыы, сойутуу) — өлөрүү, эһии: «суон тыынын сойуттум, собулҕа этин тоҥордум» (31—241).

Тоҥ — саҥата суох, көһүүн, тоҥкуруун киһи: «тоҥ киһи».

Тоҥ — долуой сахалыы билбэт киһи: «тоҥ нуучча».

Эн толоостук саҥарбыккын бар-дьон истэн сэмэлиэ диэри этэллэр: «Дьыбардаахха саҥардыҥ!» (50—18).

«Муус» маннык дьүһүннээһиннэргэ туттуллар:

Муус сүрэх (өй) — аһынары билбэт сүрэх (өй): «Абааһы кыыһын чой муус сүрэҕэ... чороҥолуу сытта» (10—225).

Абааһы уолун ытыһа — муус: «дьаҥхалаах күлэр муус ытыһынан балаҕан диэки таҥнары чарапчыланан көрдө» (10—62).

Аллараа дойду уолаттара «үс кырыылаах дьэҥкир муус үөрбэ буолан, өрө күөрэйэллэр» (10—57).

Аллараа адьарай аймаҕын баһылыга — «Муус Суорун тойон», оттон сорук-боллурдара «Муус-Дьолуо хара уолаттар» (62—259). Аллараа дойдуга киирэр аартык «Муус Күҥкүйэ хотун аартык» (39—98) биитэр «Муус Чоҥкуйа хотун аартык» (31 —10).

Муус тайахтаныы — умнаһыттыйыы,- дьадайыы: «муус дьоҥкуо тайахтаабыта» (52—281).

Муус ураҕаһынан үүрсүү — иирсии, абааһы көрсүү: «муус ураҕаһынан үүрбүт» (50—177).

Муус дьаҥхаланыы — уһун, сындалҕаннаах айан. Олоҥхо бухатыырдара айаннаабыт омуннарыгар «үрут өттүлэригэр үс тутум күр муус үллүктэннилэр, алын өттүлэригэр аҕыс илии хайыр муус дьаҥхаланнылар (31—285).

«Хаар» маннык дьүһүннээһиннэргэ киирэр:

Хаар — табыллымыы, сатанымыы: «хаары ытыһан хаалбыт» (50—33); «сииккэ сиэлбитим, хаарга хаампытым» (36—78).

Хайыҥ — эрдэттэн харыстаныы, страховкаланыы: «хайыҥ охсунна» (50—123).

Хаар — өҥ-дьүһүн: «хаар маҥан баттахтаах».

Хаар — саас (сыл): «хас хаары бараатыҥ?»» (89— 57).

Хаар — кээмэй: «халыҥ буруйуҥ, хаар хайа саҕа» (10—77); «хаардаах бугул саҕа хааннаах сил» (10— 288).

Хаары ыраастааһын — урукку тапталы сөргүтүү: «өтөхтөрүн хаардаабыт» (50—139).

Хаар — кэбирэх: «хараҥа тыаларын, хаар курдук, хампы сыстылар» (43—88).

Дьадаҥы, курааһы олохтоох киһини: «уу-хаар оһоҕостоох уһун сордоох»,— дииллэр (43—39).

Уу-хаар — кураанах лахсыыр: «уу-хаар тыллаах» (50—99).