Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. 2 глава. Ынах. Оҕус. (Копырин Н.З.)

Сылгы. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Ыт


Ынах. Оҕус. Ынах сүөһү ырыа-тойук тылын киэргэтиигэ эмиэ элбэхтик туттуллар. Ол гынан баран, сылгы наар үчүгэй эрэ өттүгэр туттуллар буоллаҕына, ынах сүөһү арыт куһаҕаны дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ киирэр түбэлтэлээх. Холобур, кыһын алдьархайын күөх эбириэн оҕуһунан дьүһүннээһини уонна аллараа дойдуга олохтоох адьарай аймахтара оҕус көлөлөөхтөрүн ахтыахха сөп. «Ынах кэйбит ынаҕын ынах кэйэр», «сыптараҥ ынах курдук булуйда» диэн этиилэр бааллар (50—28, 97).

Сорох хоһуйууларга ынах сүөһү сылгыны кытта сэргэстэһэ туттуллар түбэлтэлэрдээх. Олортон аҕыйах холобурда ылыаҕыҥ. Атыыр оҕустар (атыыр сылгылар) курдуктар хайалар: «аҕыс хара маҥаас атыыр оҕус харсан лачыгыраһа туралларын курдук, аҕыс тараах суорба таас хайалардаах» (22—64).

Атыыр оҕус (атыыр сылгы) курдук оһох: «атыыр оҕуһу өрө туппут курдук, ньирилэ хаан оһох» (22—94).

Орон сыҥаһата биэ буоллаҕына, холумтан — кунан оҕус: «Кунан оҕуһу сүүскэ биэрэн сүгүрэйдии түһэрбит курдук, түөрт кырыылаах модун хаан холумтан» (49 —20).

Кытай Бахсылааны уус кыһата биэҕэ тэҥнэнэр диэ-биппит, оттон кини кыстыга — атыыр оҕус: «алталаах атыыр оҕуһу... сүгүрүтэн кээспит курдук... кыстыктаах» (39—26).

Киһи кэрэтэ, быһыыта-тутуута, үчүгэйэ ынах сүөһүнэн холобурдаммат буолан баран, бухатыыр модорооно, күүстээҕэ-уохтааҕа атыыр оҕуһунан дьүһүннэнээччи. Атыыр оҕустар — бухатыырдар: «икки атыыр оҕуһу туруору туппут курдук дьон утарыта хайыһа түстүлэр», «икки сүүлүн саҕанааҕы атыыр оҕус курдук лачыгыраһа түстүлэр» (22—314, 316).

Бухатыыр ыппыт оноҕоһо атыыр оҕус буолан айаатыыр: «ыппыт оноҕоһо буоллаҕына өлүү күөх эбириэн атыыр оҕуһа буолан, өндөл маҥан халлаан үрүт көбүөтүн диэки... лүҥкүнээн түһэн бара турда» (31—70).

Атыыр оҕус — бардамсыйыы: «аан дойдуга адьырҕалара, аҥардас мин диэн атыыр оҕустуу айаатаабыт» (43—122).

Оҕус — иэдээн, алдьархай: «оонньообутуҥ оҕус буолуо».

Охсуһуулаах, хадаар дьоннор «харсыылаах оҕустар курдуктар» (50—20, 125).

Атыыр оҕус — улуу дьылҕа: «уол оҕо барахсан курдук... меҕүрүүр беҕеттөн төлкөлөөх орто дойдуга ким даҕаны айыллыбатаҕа» (52—226).

Атыыр оҕус — улуу ойуун. Кыһыл Ойуун этэр: «алдьархайдаах аан дойду, алгыстаах атыыр оҕуһа аам-дьаам дьааһыйдым...» (38—124).

Интэриэһинэйэ диэн баар — айыы бухатыырын «албан дьаалы аата аллараа бөҕөҕө атыыр оҕус курдук чоҥкуначчы айаатыыр» буоллаҕына, кини «суочуо сураҕа соноҕос ат буолан үөһээ бөҕөҕө дьырылаччы кистиир» (49—23), а.э. аат-сурах аллараа алдьарай аймаҕар атыыр оҕус буолан тарҕанар, үөһээ үрдүк айыыларга атыыр сылгы буолан тиийэр. Ити тэҥэ Үрүҥ Аар Тойоҥҥо «сиэр сылгы сиэлин, кутуругун силэйэ туппут курдук, сиэҕи дьаҕыл аартык» устун өрө көтөн тахсар буоллахтарына, аллараа дойдуга «атыыр оҕус хабарҕатын быһа баттаабыт курдук, тимир дьолуо аартык таҥнары дьулуруйан түспүтүн устун бараллар» (22— 120).

Ол эрээри ынах сүөһү, сылгы курдук туох эмэ кээ-мэйэ өлгөмүн, бөдөҥүн дьүһүннүүргэ эмиэ туттуллар. «Үстээх өҥүрүмэр оҕуһу үрүт өттүнэн - өрүкүйэн көстөр өлбөөдүйбэт үкэр от» (39—54), «бороон торбос баһын саҕа муус тобурах» (68—29), «борооску томуйах саҕа чокуур» (22—94).

Оҕуһунан, ынаҕынан өрөгөй, дьол-соргу улаатыыта, албан аат эмиэ кээмэйдэнэр: «үрүҥ оҕус саҕа өрөгөйүҥ улааттын» (22—225). «Сытар ынаҕы туруорбат» диэн аһара сымнаҕас киһини этэллэр.

Сылгыга сиэлэ, кутуруга, көҕүлэ буоллаҕына, ынахха муоһа дьүһүннээһиҥҥэ хото киирэр. Ат бараа хараҕын кэриэтэ, бараа муос — доҕордуулар: «бургунас ынах муоһун курдук, дьүерэлэһэн үөскээбит үөлээннээхэй дьүөгэлэрим» (35—7).

Хаар өлгөмө, тымныы улахана ынах муоһунан кээ-мэйдэнэр: «бургунас ынах муоһунан холобурдаах буордаах хаар түһэн муналытта» (68—163), «бургунас ынах муоһа булгу тоҥон хаалар... муус тоҥот» (31—286).

Буруо — муос: «бургунас муоһун курдук бур-бур буруо» (39—27).

Кыыһыран силбиэтэнии — муос: «иһигэр былас муостаах киирбит» (50—127). Оттон «муос муоска» диэн тэҥ-тэҥэ буоллубут, тэҥнэстибит диир кэриэтэ. Арыт оҕус кутуруга эмиэ тэҥнээһин буолар. Олоҥ-хо бухатыыра айаннаабыт айанын күүһүгэр «чуор мас оҕус кутуругун курдук, өрө сыыйыллар» (22—112).

Оҕус ииктээн барбыт суола — ойуу: «сууйуллаҕас ыстаал иннэтин сулбу тардан ылла.., оҕус ииктэтэн ойуулаан киирдэ» (52—250).

Оҕус сэтэлгэтэ — бөҕө оҥоруу: «ыраас буорум үрдүгэр силлибэт сэтэлгэ тэрилиннин...» (52—69).

Оҕус, ынах өссө маннык тэҥнээһиннэргэ туттуллар: айыы бухатыыра «алталаах атыыр оҕус баһын саҕа байбара маҥан сутуруктаах» (39—86), «дуолан оҕус саҕа чомпо сүлүгэстээх..., сытар ынах ханнын саҕа хара таас мээчиктээх». Олоҥхо дойдута «тиҥэһэ ынах саҕа дэриэспэ таас тибиилээх, кунан оҕус саҕа лочугурас таас бурҕааттаах» (22—88,62).