Саха тылын сайдар туруга (Афанасьев-Тэрис)
Л.А. Афанасьев САХА ТЫЛЫН САЙДАР ТУРУГА
Мантан ылыллынна: Сахалыы тиэрмини оҥоруу. Научнай ыстатыйалар хомуурунньуктара.—Дьокуускай: СР НА ГЧИ, 1995.-124 с.
Уопсай анаарыы
уларыт1. Саха тылын билиҥҥи туруга хайдаҕый?
Олоххо-дьаһахха, дьиэҕэ-уокка саха тыла киэҥник туһаныллар. Иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр кини эмиэ син туһаныллар, ол гынан баран улахан суолталаах ырытыылары, анаарыылары үксүн биһиги нуучча тылынан ылабыт. Онон үгүс иһитиннэриилэр-биллэриилэр кылгастык билиһиннэрэр эрэ суолталаах сахалыы бэриллэллэр. Онон иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр саха тыла толору суолталаахтык туһаныллар буолбатах. Дьыала-куолу эйгэтигэр саха тыла үксүгэр туһаныллыбат, туһаныллар буоллаҕына, өйдөтөр, билиһиннэрэр эрэ суолталаах. Уус-уран эйгэҕэ туһаныллыыта эмиэ кыараҕас, холобур, уус-уран киинэ суоҕун кэриэтэ. Онон саха тыла уус-уран литератураҕа эрэ туһаныллар. Үөрэх эйгэтигэр саха тыла эмиэ оҕо нууччалыы билэ илигинэ билиини биэрэргэ эрэ ананар. Онон көмө суолталаах. Идэни үксүн саха киһитэ нуучча тылынан ылар, наука салааларын туһунан этэ да барыллыбат. Саха тыла ити салааларга үлэлээбэт. Мантан саха тыла үлэлиир эйгэтэ толору буолбатаҕа көстөр.
2. Саха тылын туһаныллыыта икки көрүҥнээх: дьиҥнээхтик туһаныы уонна көмө эрэ быһыытынан туһаныы. Бу көрүҥнэри көрүөҕүҥ.
Олох-дьаһах эйгэтигэр уонна уус-уран литератураҕа саха тыла дьиҥнээхтик үлэлиир тыл быһыытынан туттуллар. Иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр саха тыла икки көрүҥнээхтик туһаныллар: үлэлиир да тыл быһыытынан, көмө да тыл быһыытынан. Оттон дьыала-куолу, үөрэх эйгэлэригэр кини, сүнньүнэн, көмө тыл быһыытынан туһаныллар. Бу эйгэлэргэ дьиҥнээх үлэлиир тылынан нуучча тыла буолар.
Онон, түмүктээн эттэххэ, саха тыла билиҥҥи олох эйгэтин барытын кыайан хаппат, оттон хабар өттүгэр сороҕор эрэ толору үлэлиир, сороҕор көмө тыл быһыытынан туһаныллар.
1939 сылтан саҕалаан саха тыла көмө эрэ суолталаах тылга кубулуйбута, Саха тылын үөрэх тылыгар туһаныыны сар-быйыы, тиэрминнэри оҥорууну тохтотуу, дьиҥнээх сахалыы суруйар истиил үөскүүрүгэр болҕомто суох буолуута — ити барыта саха тыла дьиҥнээхтик үлэлиир суолтата түспүтүн көрдөрөр (3).* Саха тылын баар туруга итинник.
3. Инникитин саха тылын туруга хайдах буолуохтааҕый?
Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук саха тыла олох бары эйгэтин хабар буолбатах. Ити саха норуотун баар кыаҕыттан тахсар. Саха тыла кыайан сиппэтэх өттүн нуучча тыла толорон биэрэр. Бу турук инникитин да салҕанан барыаҕа. Ол гынан баран саха тыла сиппэтэх өттүн сокуон туттан тылы* онон хааччахтаан кэбиһэр сатаммат. Саха тылын сайдыыта диэн тугуй? Бииринэн, кини төһө кыайарынан элбэх эйгэни хабарын ситиһии; иккиһинэн, көмө эрэ суолталанарын улаатыннарыы. Бу тосхолунан чопчу ис хоһоон бэрилиннэ: саха тыла Саха республикатын государственнай тылын статуһун ылла (5). Онон республика иһигэр толору үлэлиир тыл буолуохтаах. Саха тыла инникитин ылыахтаах туруга бу буолар.
4. Алфавит боппуруоһа сытыырхайда (9, 15).
Биһиги билиҥҥи алфавиппыт нуучча уонна саха тылын уратыларын бииргэ илдьэ сылдьар. Онон бу алфавит дьиҥнээх сахалыы буолбакка сахалыы-нууччалыы алфавит диэн ааттаныан сөп. Сахалыы-нууччалыы алфавит ылыллыбыт буолан нуучча тыла көҥүл киирэр усулуобуйата үөскээбитэ. Ону урукку таба суруйуу быраабылалара эмиэ бигэргэтэллэр. Биһиги тыл тылга сыһыаныгар икки хайысханы булуохпутун сөп: тыл тылга көмө буолуута уонна тыл тылы суурайыыта.
Тыл тылга көмө буолуута диэн маннык буолуон сөп. Тыл бэйэтин алфавитын илдьэ сылдьар, атын тылтан тиэрминнэри, өйдөбүллэрп тылбаастаан ылар эбэтэр бэйэтэ саҥарар уратыты-гар сөп түбэһиннэрэр. Онон кини бэйэтин өйдөбүллэрин уонна саҥарар нуорматын харыстыыр. Көмө буолар тыл бу тыл өйдөбүллэрэ элбииригэр көмөлөһөр эбэтэр тылларын биэрэн бу тыл байарыгар сабыдыаллыыр.
Оттон тылы суурайар тыл, бастакытынан, бэйэтин алфавитын уратытын атын тылга киллэрэр, инньэ гынан бу тыл саҥарыллар нуорматын бэйэтин туһатыгар уларытар, аны ити алфавикка олоҕуран бэйэтин тыллара уларытыыта суох киирэллэрин хааччыйар. Онон бу түбэлтэҕэ алфавит эрэ холбоһуута буолбакка тыл эмиэ холбоһуута барар. Оччоҕо киллэрэр тыл бэйэтин сайдыахтаах өттүгэр атын тылы ылар буолан бэйэтин ис кыаҕын туһаммат. Инньэ гынан улам мөлтөөн, суолтата түһэн, иинэн-хатан барар.
Сахалыы-нууччалыы алфавит ылыллыыта саха тыла иккис хайысханан баран иһэрин көрдөрөр, ол аата саха тыла суураллыы өттүнэн баран иһэр. Сорохтор сахалыы-нууччалыы алфавиты ылыы олох-дьаһах ирдэбилиттэн үөскээн тахсыбыта дииллэр. Көстөрүн курдук, олох-дьаһах өттүттэн ирдэбил баар этэ буолан баран, ити ирдэбил нуучча тылын билиинэн ситиһиллэр кыахтааҕа. Билигин даҕаны бу ирдэбил суолталаах. Оттон сахалыы-нууччалыы алфавиты ылыы саха тылыгар нуучча тылын холбуурга анаан оҥоһуллубута чуолкай. Чуолаан бу алфавит ылыллар кэмигэр Я.Марр "тыллар силлиһиилэрэ" диэн теорията баһылыыр-көһүлүүр этэ. Онон бу алфавит саха тылын сайдарын хааччыйбат, төттөрү саха тыла бэйэтин уратыларын сүтэрэн саха-нуучча тыла (булкаас тыл) буоларын ситиһэр соруктаах.
Билигин тылга сыһыан уларыйбытынан сибээстээн сахалыы-нууччалыы алфавит саха тыла сайдарын мэһэйдиир өрүттэрин туоратыы соруга турда. Атыннык эттэххэ, биһиги тылбыт саха-нуучча тыла буола кубулуйбутун төттөрү дьиҥнээх саха дала оҥоруохтаахпыт. Ол иһин киирии тыллары саха тылынан солбуйар эбэтэр сахалыы саҥарар нуорманан суруйар тосхол ылылынна.
Саха тылын чөлүгэр түһэрэр сорук түргэнник ситиһиллэр кыаҕа суох. Бииринэн, билиҥҥи туһаныллар сахалыы-нууччалыы алфавиты олох-дьаһах ирдэбилигэр сөп түбэһэр курдук санааһын өссө да күүстээх; иккиһинэн, биэс уонтан тахса сылы быһа саха суруга бу алфавитынан ыытыллар. Ити үгэс ылбычча уларыйыа суоҕа. Онон билигин саха тылын көннөрөр үлэ маннык хайысхаланна:
1) тиэрминнэри бэрээдэктээһин,
2) таба суруйуу быраабылаларын уларытыы.
Бу үлэлэр ситиһилиннэхтэринэ, саха тыла сахалыы-нууччалыы алфавиттан дьиҥнээх сахалыы алфавикка киирэр усулуобуйата үөскүөҕэ.
Саха тыла үөрэх тылыгар хайдах туһаныллара саха тылын ылҕатыгар улахан суолталаах. Онон бу боппуруоһу туспа ылан көрүөҕүҥ.
Билигин саха тыла үөрэххэ, сүнньүнэн, көмө тыл быһыытынан туһаныллар. Оҕо саха тылынан үөрэнэр, ол гынан баран идэни нуучча тылынан ылар, онон бу түбэлтэҕэ саха тыла оҕо нууччалыы билиэр диэри билиини ыларыгар эрэ туһалыыр курдук. Төрөппүттэри бүтэһик түмүк интэриэһиргэтэр. Кинилэр оҕо идэни ыларыгар нуучча тыла ордук суолталааҕын билэллэр. Бу чахчыга олоҕуран урут саха оскуолатын суолтата түспүтэ (3).
Билигин саха оҕотун орто үөрэх таһымыгар диэри сахалыы үөрэтэр тосхол ылылынна. Бу соругу биһиги саха тыла үлэлиир өттүн күүһүртэхпитинэ эрэ ситиһэр кыахтаахпыт. Манна икки таһымы араарыахха сөп:
1)үрдүк эбэтэр анал үөрэххэ киирэргэ саха тылын туһаныы;
2)үрдүк эбэтэр анал үөрэххэ саха тылынан үөрэнии. Саха тыла үөрэххэ үлэлиирин ситиһии олохпут сайдыытыттан тутулуктаах. Билигин биһиги бастакы таһымы ситиһэ сатыыбыт: үрдүк эбэтэр анал үөрэххэ киирэргэ саха тылын туһаныыны. Онно биир тосхол тутуһуллуохтаах: саха үөрэнэ-эччитэ билиитин төрөөбүт тылынан көмүскүүр толору бырааптаах буолуохтаах. Биһиги бу усулуобуйаны хааччыйыахтаахпыт.
Саха тыла үлэлиир иккис таһымын ситиһии ыарахаттардаах буолуоҕа. Онно өссө даҕаны бэлэмнэнии, олох таһымын үрдэтии наада. Ол гынан баран бу да таһымҥа кыаллар өттүн хамсатан иһиэхтээхпит. Ити курдук үөрэх эйгэтигэр саха тыла үлэлээһинин утумнаахтык үрдэтэр туһаайыыны тутуһуохтаахпыт.
Манна өссө биир боппуруос дьон-сэргэ болҕомтотун тардар: сахалыы үөрэнииттэн нууччалыы үөрэниигэ көһүү боппуруоһа. Билигин саха оскуолаларыгар саха тыла орто оскуола таһымыгар тиийэ үөрэх тыла буолар тосхоло ылылынна. Сахалыы үөрэммит °Ҕ0 үрдүк эбэтэр анал үөрэххэ эмискэ нууччалыы үөрэнэн бардаҕына, ыарахаттары көрсүө суоҕа дуо? Биллэн турар, биир тылынан үөрэнэ сылдьан атын тылынан үөрэнэргэ төһө эрэ сыһыамныыр (адаптационнай) кэм-кэрдии наада. Билигин сыһыамныыр кылаастарынан 10-с, 11-с кылаастар буолан эрэллэр, ол аата бу кылаастарга оҕолору нуучча тылынан үөрэнэллэригэр бэлэмнээһин ыытыллар. Бу боппуруос быһаарыллыыта саха тылын үлэлиир туругун үрдэтэргэ кырата суох суолталаах буолуоҕа. Онон бу боппуруос мэлдьи болҕомтоҕо сылдьыахтаах.
6. Билигин саха тыла биир туруктан атын турукка киирэр кэмигэр таба суруйууга босхо барыы буола турар. Ол аата урукку орфография быраабылалара үлэлээбэттэр, саҥа быраа,-былалар суохтар. Бу босхо барыы 1991 сылтан саҕаламмыта уонна билиҥҥэ диэри салҕанан барар. Таба суруйууга босхо барыы баара саха тылыгар улахан уларыйыы барбытын туоһулуур. Дьэ, бу кэмҥэ тылга ханнык хамсааһыннар бара туралларый?
- Киирии тыллар сорохторо сахалыы этиллэринэн суруллар буоллулар: миитин, баан, бырабыыталыстыба уо.д.а.
- Сорох киирии тыллар саха тылынан солбулуннулар: тиһик (система), сүүрээн (ток), субул (частота) уо.д.а.
- Тиэрминнэри бэрээдэктиир үлэлэр бара тураллар.
- Саха тылын эргэрбит, умнуллубут араҥалара сөргүйэллэр.
- Норуот тиэрминнэрин наардааһын ыытыллар.
- Сахалыы ыраастык, имигэстик саҥарыы төрүттэрэ ыры-тыллаллар.
- Саха тылын араас өрүтүн туһунан кэпсэтиилэр бараллар. Онон бу босхо барыы кэмэ саха тыла көҕүрэригэр сүүнэ суолталаах буолла. Ол гынан баран тыл бигэргэтиллибит нуормата суох өр үлэлиир кыаҕа суох. Олох хайаан да ханнык эмэ нуорма баар буоларын ирдиир.
Билигин тылга буолар бу уларыйыылары сүрүннүүр киин тэрилиннэ. Ити киининэн Тыл, литература, история институтугар аһыллыбыт тиэрмин үөрэҕин уонна дьыала-куолу тылын отдела буолар. Бу киин саха тылын уларыйар сокуоннарын үөрэтэн эрэр. Билигин сүрүн балаһыанньалар дьэҥкэрдилэр, тыл уларыйыытын сөптөөх хайысханан ыытарга ханнык үлэлэр наадалара билиннэ. Онон саха тылын саҥа нуорматын олохтуурга төрүттэр оҥоһулуннулар. Саха тылын саҥа литературнай нуорматын олохтуур үлэ чугаһаан эрэр. Бу үлэни хайдах оҥорорбут саха тылын дьылҕатыгар улахан сабыдыаллаах буолуоҕа. Саҥа олохтонор нуормаларга маннык сүрүн ирдэбил туруон сөп: бастакытынан, саха тыла сайдыытын бохсор бары мэһэйдэр туоратыллыахтаахтар; иккиһинэн, тылы көҕүлүүр, сайыннарар үлэлэр салгыы барар, дириниир усулуобуйалара тэриллиэхтээх.
7. Ырытыы көрдөрөрүнэн, саха литературнай тыла, сүнньүнэн, отутус сылларга олохсуйбут эбит. Ол гынан баран бу литературнай тыл саха тылын бары кыаҕын туһанар толору киэби ылбатах. Тоҕо диэтэххэ, саха тылын эргэрбит уонна түөлбэ тыл диэн ааттанар араналара туһаныллыбакка хаалбыттар. Ити курдук тылы үөскэтэр сыһыарыылар үгүстэрэ эмиэ туоратыллыбыттар. Бу түмүгэр саха тыла тиэрминнэри оҥорорго туһаныллара мөлтөөбүт (9, 140-144).
Билигин саха литературнай тылын толору киэптээх^гик үөскэтэр сорук турда, ол иһин саха тылын кыайан туһаныллыбакка хаалбыт өрүттэрин сөргүтүү бара турар. Онон литературнай тыл төрдө икки өрүттээх буолан эрэр: туттулла сылдьар тыллар уонна саҥа сөргүтүллэр тыллар. Тиэрмини онорорго олох (базовай) тыллар наадалар. Онну-гунан төрүт тыл буолар. Оттон үөһэ эппиппит курдук, төрүппүт икки өрүттээх. Бу икки өрүт иккиэн тиэрмини онорорго олох буолуохтаахтар. Туттулла сылдьар тыллар үчүгэйдик өйдөнөллөр, оттон саҥа сөргүтүллэр тыллар суолталара үчүгэйдик олохсуйа илик. Инньэ гынан тиэрмин биир сүрүн ирдэбилэ — суолтата дьэҥкэ тылга олоҕуруохтаах диэнэ — намтыырыгар тиийэр, тоҕо диэтэххэ сорох тиэрминнэр саҥа сөргүтүллэр тылларга олоҕуран үөскүөхтэрэ.
Биһиги бу көстүүнү ахсааҥҥа ылыахтаахпыт, ол гынан баран тиэрмини оҥорорго төрүт тыллары толору туһаныахтаахпыт — ону саха тылын сайдыытыгар тыл ис кыаҕын толору туһаныллыахтааҕа ирдиир.
8. Саха тыла нуучча тылыгар сыһыана. Бу сыһыан саамай төрдүнэн саха тыла сиппэтэх өттүн нуучча тылынан толорунан сайдара буолар. Урут манна икки ньыма баар этэ: үлэлиир эйгэлэри үллэстии уонна тыллары силбэһиннэрии. Саха тыла олох бары эйгэтин ситэри хаппат, ол иһин кыаҕа тиийэр эрэ-эйгэлэригэр үлэлиир, оттон саха тыла хаппатах эйгэтигэр нуучча тыла үлэлиир. Бу түбэлтэҕэ саха киһитэ бэйэтин тыла үлэлиир өттүгэр төрөөбүт тылын туһанар, саха тыла кыайан хаппат эйгэлэрин ситиһэр туһугар нуучча тылын билэрэ ирдэнэр.
Оттон тыллары силбэһиннэрии ньымата диэн саҥа сайдар тылы сайдыылаах тылы кытта холбоон булкаас тылы оҥоруу буолар. Холобур, дьиҥнээх сахалыы алфавиты сахалыы-нууч-чалыы алфавитынан солбуйбуттара, саха тыла дьиҥнээх саха-лыы көрүҥүн сүтэрэн саха-нуучча тыла буолан барбыта (8, 119; 8, 136). Урут бу икки ньыма иккиэн туһаныллыбыттара. Ити түмүгэр бастакы ньыма саха тылын үлэлиир эйгэтэ улам кыччаан иһэригэр тиэрдибитэ, оттон иккис ньыма саха тылын ис кыаҕын сарбыйбыта. Ол иһин саха тылын сайыннарыы ураты уустук буолла: маҥнай биһиги саха тыла сайдарын бохсор ньымалары туоратыахтаахпыт, ол эрэ кэннэ сайдыы туһунан саныахпытын сөп (2).
Саха тыла нуучча тылын көмөтүн туһанара мөккүөрэ суох суол. Саха тыла төһө эрэ үлэлиир эйгэлээх буолуоҕа, оттон атын эйгэлэргэ нуучча тылын туһаныахпыт. Онон биһиги икки (үс даҕаны) тылы билэрбит олох ирдэбилэ буолар. Манна биири болҕомтоҕо ылыахтаахпыт — саха тыла үлэлиир эйгэтэ утум-наахтык кэҥээн иһэрин хааччыйыахтаахпыт.
Иккиһинэн, саха тыла сайдыылаах тыл буоларга дьулуһар. Биһиэхэ холобур буолар тылынан нуучча тыла буолар. Ол иһин нуучча тылын сайдыытын батыһыы барар. Ити батыһыы олус дириҥ. Саха тылын өйдөбүллэрэ нуучча тылын өйдөбүллэрин батыһардыы наарданаллар (интерференция), тиэрминнэри оҥоруу нуучча тиэрминнэригэр олоҕуран сайдар, истиил боп-пуруоһа эмиэ нуучча тылын ситиһиилэригэр олоҕурар. Инни-китин даҕаны саха тыла нуучча тылын батыһан сайдыаҕа, олох ирдэбилэ оннук. Ол гынан баран тыл тылы батыһан сайдарын тыллар силбэһиилэрин кытта булкуйан өйдөөмүөххэ наада. Биһиги тыллары силбээһин ньыматыттан төрүт аккаастаныах-таахпыт. Билигин биһиги биир сүрүн сорукпут диэн бу ньыма оҥорбут содулларын туоратыы буолар. Саха тыла саха-нуучча тыла буолбутун дьиҥнээх саха тыла оҥорон таһаарыахтаахпыт, ол аата тыл ис кыаҕын толору чөлүгэр түһэриэхтээхпит, дьиннээх сахалыы алфавикка төннүөхтээхпит. Бу үлэ өр кэмнээх буолара мөккүөрэ суох.
9. Сахалыы тиэрмини онорууга ыарахаттар элбэхтэр. Олор-тон биир саамай суолталаахтарынан дьон-сэргэ олоҕурбут өйө-санаата буолар. Сайдыыны өйдөөһүн уонна олоҕурбут өй-санаа икки ардыгар утарсыы баар. Холобур, саха тылын йдар интэриэһин быһыытынан биһиги тыллары силбээһин содулларыттан босхолонуохтаахпыт. Бу сорук дьэҥкэ. Онтон яьон олоҕурбут өйө-санаата урукку нууччалыы-сахалыы булкаас тылынан үлэлиир. Үгүс дьон бүгүн кэпсэтэр тылларын буолар буолуохтааҕын курдук өйдүүллэр. Кинилэр, бүгүн кэпсэтэр тылларыгар эмискэ элбэх уларыйыы киирдэҕинэ, ылыныахтара суоҕа.
Биһиги бу көстүүнү учуоттуохтаахпыт. Үлэбит инники диэки туһаайыллар буолан баран, дьон-сэргэ олоҕурбут өйүн-санаатын тосту уларыта сатыа суохтаахпыт. Дьэ, ол иһин тиэрминнэри ханыылаан оҥорор ньыма үөскээтэ. Тиэрмин бастакы ханыыта олоҕурбут өйгө-санааҕа тирэнэр, оттон иккис ханыы саха тылын сайдар интэриэһигэр олоҕурар. Холобур, посол диэн тыл икки ханыылаах буолуоҕа: посол уонна илдьит. Дьон-сэргэ билиҥҥи өйө-санаата посол диэн тылы ылынар. Ол иһин посол диэн тылы туһанар көҥүллэнэр, ол гынан баран бу тылы илдьит диэнинэн солбуйар олохтооҕун туһунан мэлдьи санатылл ыахтаах.
Тиэрмин уопсай быраабылата ханыылаһыыны (вариация) бобор. Оттон биһиги тиэрминнэргэ ханыылаһыыны киллэрэбит. Ити барыта олохпут ирдэбилиттэн тахсар. Ол гынан баран ханыылаһыыны сыыйа суох гынарга туһаайыылаах буолуохта-ахпыт: ханыылыы тылтан саха тылын интэриэһигэр эппиэттиир тыл хаалыахтаах.
Тыл сайдыытын эйгэлэринэн көрүү
уларытСаха тылыгар биһиги тыл биэс эйгэтин араарабыт: кэпсэтии тыла, иһитиннэрии-биллэрии тыла, үөрэх тыла, уус-уран тыл, дьыала-куолу тыла. Бу эйгэлэргэ уларыйыы хайдах барыахтааҕын көрүөҕуҥ.
Кэпсэтии тыла
уларытКэпсэтии тыла диэн күннээҕи олоххо-дьаһахха, дьиэҕэ-уокка кэпсэтэр тылы ааттыыбыт.
1. Кэпсэтии тыла литературнай тыл буолбатах. Билигин кэпсэтии тылын хайдах туһанарынан көрөн саха нэһиэлиэнньэтигэр икки араҥаны булуохха сөп. Бастакы, сахалыы үчүгэйдик билэр, санаатын толору этэр дьон; иккис, нуучча тылын былаан саҥарар, санааларын сахалыы ситэри биэрбэт дьон. Бастакылар баһыйар үгүстэрэ тыаҕа олороллор. Иккистэр куоракка олороллор уонна кинилэргэ анал идэлээхтэр элбэхтэр. Урут нууччалыы-сахалыы былаан саҥарыы хайа эрэ өттүнэн сайдыы бэлиэтин курдук көстөрө, тоҕо диэтэххэ итинник куорат дьоно уонна үөрэхтээхтэр саҥараллара. Саха орфографията 1939 сылтан ылбыт тосхоло эмиэ итинник саҥарыыны бигэргэтэрэ. Ол иһин нууччалыы-сахалыы былаан саҥарыы сорох өттүнэн саха литературнай тылын биир көстүүтэ буолбута. Ити кэпсэтии тылыгар сабыдыаллаабыта, онон сахалыы ыраастык даҕаны саҥарааччылар тылларын быыһыгар нуучча тылын туттуулара улам элбээн иһэр. Билигин кэпсэтии тыла балачча тупсарыгар усулуобуйа үөскээтэ. Культуралаах киһи диэн бэйэтин тылынан ыраастык, хомоҕойдук саҥарар киһи диэн өйдөбүл баар буолла.
2. Кэпсэтии тыла тыл эйгэтин үксүн хабар. Биһиги манна биири бэлиэтиэхпитин сөп. Урут саха тылын кыаҕын туһаныы улам мөлтөөн барбыта. Саха тылын бииртэн биир араҥалара эргэрбит аатыран сүтэн-иинэн, кэпсэтииттэн үтүрүллэн испит-тэрэ. Билигин саха тылын сөргүтүү үлэтэ барда. Норуот тиэрминнэрин бэрээдэктээһин, наардааһын саҕаланна. Маны таһынан кут-сүр, итэҕэл өйдөбүллэрэ киэҥник тэнийэн эрэллэр. Онон кэпсэтии тыла байар, этигэн буолар кыахтанна диэххэ сөп. Инникитин бу үлэни өссө тэнитэр, дириҥэтэр сорук турар. Кэпсэтии истиилигэр олоҕуран биһиги дьиҥнээх сахалыы литературнай истиили булуохпутун сөп. Ол иһин кэпсэтии истиилин үөрэтии, сахалыы имигэстик саҥарыы билиҥҥи холобурун литературнай истиилгэ туһаныы хайаан да наадалаах. Аны, биир өттүнэн, литературнай тыл истиилэ көннөҕүнэ, кэпсэтии истиилэ, ордук сахалыы олуттаҕастык санарыы, нууччалыы былаан кэпсэтии кыччыа, эстетическэйэ, культурнайа суох көстүү быһыытынан сыаналанан, аҕыйыа этэ.
4. Кэпсэтии тыла уопсай бэйэтин майгытынан эмиэ уларый-ыылары түргэнник ылыммат уратылаах. Ол гынан баран билинҥи кэмҥэ литературнай тыл кэпсэтии тылыгар сабыдыала олус улаатан турар, бу чахчы кэпсэтии тылын уларытарга төһүү буолуон сөп. Туох ханнык иннинэ оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор бэйэлэрин тылларын билиилэрин үрдээһинэ итиннэ улахан суолталаах. Маны таһынан иһитиннэрии-биллэрии, дьыала-куолу, уус-уран тыл эйгэлэригэр буолар уларыйыылар кэпсэтиигэ киириэхтэрэ.
5. Кэпсэтии тылын норуот барыта туһанар, онон кэпсэтии тылыгар уларытыыны оҥорор буоллахпытына, норуокка бары-тыгар үөрэтии ыытыахтаахпыт. Үөрэх, иһитиннэрии-биллэрии, уус-уран, дылала-куолу эйгэлэригэр буолар уларыйыылар холбоһон кэпсэтии тылын уларытар кыахтаахтар. Маны таһынан кэпсэтии тылын бэйэтин бэрээдэктээһин эмиэ суолталаныаҕа. Онон норуот тиэрминнэрин тылдьыттарын оҥоруу мэлдьи ыытылла туруохтаах.
Иһитиннэрии-биллэрии тыла
уларытИһитиннэрии-биллэрии тыла диэн хаһыат, сурунаал, араадьыйа, телевидение тылларын этэбит.
1. Иһитиннэрии-биллэрии тыла литературнай тылга киирэр. Кини икки араҥаҕа арахсар: литературнай тылынан туһанар суруналыыстар тыллара уонна кэпсэтии тылын туһанар көннөрү дьон тыллара. Онон тыл халбаҥнааһына балачча улахан, кэпсэтии тылыттан литературнай тылга тиийэ. Билигин саха тылын туһаныллыытын мөлтогор икки көстүү баара бэлиэтэнэр. Бастакытынан, 70-с сыллартан сахалыы олуттаҕастык саҥарар суруналыыстар балачча элбээтилэр; ик-киһинэн, идэлээх дьон этнилэригэр, суруйууларыгар быһаччы мөлтөх тылбаастар, нууччалыы кыбытан саҥарыылар олус хойуулар. Онон иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр хайа эрэ өттүнэн "хааһылаан" саҥарыы бэлиэлэрэ күүскэ көстөллөр. Иһитиннэрэр-биллэрэр тыл дьоҥҥо сабыдыала олус күүстээх. Бу эйгэ биэрэр тыла-өһө холобур буолан дьонҥо-сэргэҕэ тарҕанар.
2. Иһитиннэрии-биллэрии тыла тиэрмин эйгэтин барытын кэриэтэ хабар, Хайа баҕарар тиэрминнэргэ, быһа холоон, икки бөлөҕү булуохха сөп: уопсай соҕус тыллары уонна чопчу анал тыллары. Иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр, биллэн турар, тиэрмин хонууларыттан ордук уопсай соҕус тыллар киирэллэр. Иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр дьон-сэргэ олоҕун хам-сааһынын көрдөрүү сүрүн суолталаах. Ол иһин общественнай-политическай диэн ааттанар тиэрминнэр күүскэ туһаныллаллар.
Билигин бу эйгэҕэ киирэр тиэрминнэри бэрээдэктээһин үлэтэ саҕаланна. Тиэрмин атын эйгэлэригэр, сүрүннээн, орто оскуола, орто оскуоланы үрдүнэн таһымҥа туттуллар тиэрминнэри ырытыы ыытыллан эрэр. Бу үлэлэр саха тыла ырааһырарыгар, этигэн буоларыгар сүрүн суолталаныахтара.
3. Иһитиннэрии-биллэрии истиилэ улахан хал- баҥнааһыннаах. Ону барытын бу ыстатыйаҕа ырыппаппыт. Истиил майгытын эрэ көрүөҕүҥ. Биир саамай биллэр бэлиэ: нууччалыы таттаран саҥарыы, суруйуу буолар. Бу бэлиэ олус күүскэ киирэ сылдьар. Ити, арааһа, тылбаас элбэҕиттэн уонна сахалыы иһитиннэрии-биллэрии сорох өттүнэн нууччалыы иһитиннэриигэ-биллэриигэ көмө эрэ суолтаны ыларыттан төрүөттээх быһыылаах.
4. Иһитиннэрии-биллэрии эйгэтэ уларыйыылары тыл атын эйгэлэринээҕэр суһаллык ылынар уратылаах. Онон саҥа өйдөбүллэри, тиэрминнэри ылыыны бу эйгэ сүрүннүүр буолан тахсар. Өр кэмҥэ, билигин даҕаны, саҥа өйдөбүллэри, тиэр- миннэри ылыы тылбаас нөҥүө ыытыллар. Тылбаасчыттар бэйэлэрин билиилэригэр-көрүүлэригэр олоҕуран уонна үксүгэр тиэтэлинэн тиэрминнэри оҥороллор эбэтэр хайдах баарынан сурукка киллэрэллэр. Бу кинилэр ылыммыт тыллара бүттүүн норуот туһанар тыла буолан хаалар. Инникитин саҥа киирэр өйдебүллэри, тыллары хонтуруол-лааһын соруга турар. Оччоҕо эрэ тиэрминнэр сайдыыларын үүннүөхпүт-тэһиинниэхпит. Хонтуруоллааһын диэн маннык буолуон сөп. Бастакытынан, саҥа киирэр тыллары эллиир дьон тиэрмини оҥоруу тосхолло-рун, ньымаларын билиэхтээхтэр; иккиһинэн, бу дьон тиэрмин-нэри оҥороллоругар анал тиэрмини оҥорор идэлээхтэри кытта сүбэлэһиэхтээхтэр; үсүһүнэн, сотору-сотору саҥа тиэрминнэри туһанар дьоҥҥо анаан саҥа киирбит, оҥоһуллубут тиэрминнэр испииһэктэрэ бэриллиэхтээх.
5. Иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр атын эйгэлэргэ холоо- тоххо аҕыйах киһи үлэлиир, ити, биллэн турар, үөрэтэр үлэни балачча чэпчэтэр кыахтаах. Үөрэтэр үлэ араастык ыытыллыан сөп. Анал кууруһу олохтооһун, тылдьыттары таһаарыы, саҥа тиэрминнэр ыйыннь-ыктарын кэмигэр оҥорон иһии уо.д.а.
Үөрэх тыла
уларытҮөрэх тыла диэн билиини соруктанан биэрэр тэрилтэ тыла.
1. Үөрэх тыла литературнай тылга киирэр эрэ буолбатах, литературнай тылы үөскэтэр тыл, онон литературнай тыл таһнма бу тылтан улахан тутулуктаах. Саха тыла үөрэх тылыгар туһаныллыыта халбаҥныы сылдь-ыбыта, 1930-с сыллартан төрүттүтүү (коренизация) политика-тын кэмигэр саха тылын туһаныы ситэтэ суох орто үөрэх таһымыгар тиийэ үрдээбитэ. 1960-с сылларга саха тылын үөрэххэ туһаныыны сарбыйыы тосхоло ыытыллыбыта, ол түмүгэр бэһис кылааска диэри намтатыллыбыта. 1990 сылтан тылга саҥа сыһыан үөскээтэ, национальнай оскуола концепци-ятын быһыытынан саха тылын орто үөрэх таһымыгар диэри толору туһанар тосхол ылылынна. Биллэн турар, бу тосхол саха литературнай тылын таһыма үрдүүрүгэр тоҕоостоох усу-луобуйаны үөскэтиэҕэ. Биһиги бүттүүн интэриэспит диэн тылбытын харыстааһын уонна Саха республикатын иһинэн туһаныы буолар. Тылга билиҥҥи туһаайыы саха тылын туһаныллыытын кэҥэтэргэ ананар. Ол гынан баран үөрэххэ өссө да өр кэмҥэ саха оҕолоро идэни сүнньүнэн нуучча тылынан эбэтэр атын омук тылынан ылыахтара, онон саха тыла көмө суолталааҕынан хаалыа.
2. Үөрэх тыла хабар тиэрминнэрин хонуута элбэх." Наука уонна техника тиэрминнэрэ үксэ үөрэх тылын нөҥүө саха тылыгар киирэр, онон үөрэх тыла тиэрмин туһаныллар сүрүн эйгэтинэн буолар. Сахалыы тиэрминнэри туһаныы үөрэх тылы-гар олоҕуран үөскүүр.
50-с сыллар бүтүүлэригэр тиэрмини оҥорор үлэ тохтотул-лубута, урут оҥоһуллубут тиэрминнэри суурайыы саҕаламмыта. Туочунай наука тиэрминнэрэ диэн ааттанааччылар төрүт да туһаныллыбат буолбуттара. Ити түмүгэр 90-с сыллар саҕаланыыларыгар сахалыы үөрэх тиэрминнэрэ диэн ааттаныан сөптөөх чөллөөх туох эмэ хаалбатаҕа.
90-с сыллартан үөрэх тиэрминнэрин оҥорор үлэ саҕаланна. Бу үлэ, сүнньүнэн, орто үөрэх таһымын хабардыы ыытыллар. Билиҥҥи туругунан үлэ сөптөөх ирдэбилэ суох ыытыллар. Саха тылын үөрэх тыла оҥоруохха диэн уопсай санаа төһүү буолар, оттон үөрэх тылын чопчу хайдах оҥорор бигэргээбит торум суох. Бу бүгүн буола турар тиэрмини оҥорууга босхо барыы өссө биэс-алта сыл салҕанан барар туруктаах. Ити барыта тиэрмини сүрүннүүр үлэ хойутаабытын түмүгэр таҕыста.
Билигин биир сүрүн соругунан үөрэх тылыгар дьиҥнээхтик бигэргэтиллибит тиэрминнэр тылдьыттарын оҥоруу буолар. Үөрэх тиэрминнэрин сөптөөхтүк оҥорбокко эрэ сахалыы тиэр-миннэр эйгэлэрин дьиҥнээхтик үөскэтэр кыаллыбат суол, ол курдук тиэрминнэр туһаныллар эйгэлэрин үөскэппэккэ эрэ дьиҥнээх литературнай тыл сайдыбат.
Үөрэх тыла аҥардас орто эрэ үөрэҕинэн муҥурданыа суохтаах, идэни биэрэр оскуолалар (ПУ, ПТУ) уонна үрдүк үөрэх тиэрминнэрэ эмиэ оҥоһуллуохтаахтар.
3. Үөрэх тылын истиилэ литературнай тыл истиилэ үөскүүрүгэр биир сүрүн төрүт буолар. Литературнай суруйуу үгэһэ оскуолаттан үөскээн тахсар. Биллэрин курдук үөрэнэр кинигэлэр бары кэриэтэ тылбаас быһыытынан оҥоһуллаллар, оннооҕор саха литературата, грам-матиката оннук майгылаах. Тылбаас, сүрүннээн, икки көрүҥнээх буолуон сөп: дьиҥ сахалыы тылбаастааһын, нууччалыы таттаран тылбаастааһын. Саха тылыгар дьалаҕай сыһыан олоҕурбутун түмүгэр нууччалыы таттаран тылбаастааһын баһыйбыта. Билигин тылбааһы дьиҥ сахалыы оҥорорго тосхол үөскээтэ, тылбаас ньымалара үөрэтиллэн эрэллэр, онон литературнай истиил үөскүүрүгэр төрүттэр бааллар.
4. Үөрэх тыла уларыйыылары суһаллык ылбат, балачча туруктаах тыл. Бу эйгэҕэ уларыйыы барыыта тылга улахан дириҥ хамсааһын оҥоһуллубутун, литературнай тыл саҥа турукка киирэн эрэрин туоһулуур. Билигин саха тылын ыраастыыр уонна этигэн оҥорор сорук турар, чуолаан бу өттүнэн үөрэх тылыгар уларыйыы барда, онон саха литературнай тыла бөҕөргүүр, сайдар кыахтанна.
5. Үөрэх тылын уларытарга балачча элбэх күүс эрэйиллэр. Тылы уларытыы биллэн турар учууталлартан уонна үөрэтинньиктэртэн саҕаланар, кинилэр нөҥүө үөрэнээччилэргэ тиийэр. Үөрэтинньиктэр тылларын оҥорорго ааптардар үлэлииллэр, кинилэр наһаа элбэх буолбатахтар уонна оҥоһуллубут тиэрминнэри туттан үлэлиэхтэрин сөп. Онон үөрэтинньиктэр тылларын уларытар балачча дөбөҥ. Оттон учууталларга тылы туһаналларыгар анаан анал тылдьыттар оноһуллуохтаахтар уонна анал үөрэтиилэр ыытыллыахтаахтар. Үрдүк уонна анал орто үөрэҕи бүтэрэр дьонҥо бэйэлэрин идэлэринэн сахалыы тиэрминнэри билэллэригэр анал куурустар баар буолуохтаахтар. Бу үлэлэр сөпкө ыытылыннахтарына үөрэх тылын саҥа турукка киллэрии кыаллыан сөп.
Уус-уран эйгэ тыла
уларытУус-уран эйгэ тыла диэн уус-уран литература уонна уус-уран киинэ тылларын ааттыыбыт.
1. Уус-уран эйгэ тыла литературнай тылга киирэр. Саха уус-уран тыла литератураҕа эрэ туһаныллар. Бу тыл атын эйгэ тылларынааҕар ордук сахалыы. Киниэхэ эргэрбит тыллар, түөлбэ тыллар киэҥник туһаныллаллар. Уопсайынан, олох-дьаһах тыла уонна уус-уран тыл ураты-лаһыыта 70-с сыллартан күүһүрэн барбыта. Бу кэмтэн нэһилиэнньэҕэ икки бөлөх ааҕааччы үөскээбитэ. Саха уус-уран литературатын ааҕан улаатааччылар бу тылы өйдүүллэр, оттон саха уус-уран литературатын билсибэккэ улааппыттар ситэ өйдөөбөттөр. Сорох суруйааччылар бу уратылаһыы баарын өйдөөн кэп-сэтии тылыгар чугаһыы сатыыллар. Ол гынан баран ити дьулуһуу улахан утарсыыны көрсөр, т£ҕо диэтэххэ уус-уран тыл эстетиката итини ылыммат. Билигин оскуолаҕа саха уус-уран литературатын үөрэтии кэҥээтэ, онон уус-уран тылы өйдөөн улаатааччылар элбиир усулуобуйалара тэрилиннэ.
2. Уус-уран литература туһанар тыла олус киэҥ, баай буолар. Саха уус-уран литературатын тылын чугастааҕы туругун көрдөххө маннык. Эргэрбит уонна түөлбэ тыллары туһаныыны бобуу саха литературатыгар өр сабыдыаллаабыта. Билигин саха туттар мала, киэргэлэ, дьиэтэ-уота саҥалыы суолталаннылар, итини сэргэ ити эйгэлэри кытта сибээстээх тыллар сөргүтүлүннүлэр. Маны таһынан саха өйүн-санаатын, кУтун-сүрүн көрдөрөр тыллар туһаныллыылара кэҥээтэ. Бу буолар уларыйыылар саха уус-уран тыла сайдарыгар тоҕоостоохтор.
Дьыала-куолу, үөрэх, иһитиннэрии-биллэрии тылларын бэ-рээдэктээһин уус-уран тыл тупсарыгар эмиэ көмөлөһүө.
3. Уус-уран литература истиилэ эмиэ үөрэтиллэ илик. Тылбаас сабыдыала бу эйгэҕэ тыл атын эйгэлэринээҕэр балачча кыра курдук. Ол гынан баран кэнники чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн 60-с, 70-с сыллардааҕы литература суруйар истиилэ, инники кэмнээҕи литература истиилиттэн балачча уларыйбыта көстөр. Онно биир сүрүн бэлиэнэн нууччалыы таттаран суруйуу киирбитэ бэлиэтэнэр. Билигин дьиҥнээх сахалыы истиили чөлүгэр түһэрэргэ хамсааһын барда. Бу хамсааһын уус-уран эйгэ истиилигэр сабыдыаллыа.
4. Олоҕурбут, туруктаах тыллар уус-уран тыл эйгэтигэр киирэллэр. Онон уус-уран эйгэ уларыйыыны суһаллык ылар буолбатах.
Билигин уус-уран тылга буолар уларыйыы тылы байытыы өттүнэн барар. Ити уларыйыы, биллэн турар, тылы байытарга урут кыайан туһаныллыбакка сыппыт кыахтар баар буоланнар оҥоһуллар.
Ол гынан баран билиҥҥи олоххо уус-уран тыл эйгэлэрин барытын туһанар буолбатахпыт. Ити уус-уран тыл сабыдыалын мөлтөтөр.
5. Уус-уран тылы суруйааччылар оҥороллор. Суруйааччы туох-ханнык иннинэ тыл маастара буолуохтаах. Бу ирдэбил мэлдьи баар этэ. Ол гынан баран 60-с, 70-с сыллартан бу ирдэбил балачча мөлтөөбүтэ бэлиэтэнэр. Билигин суруйар ньыма уларыйар кэмигэр бу ирдэбил эмиэ мөлтөх (1). Инникитин суруйааччы тылы билэр ирдэбилэ улаатыаҕа. Ити саха уус-уран литературата дириҥник үөрэтиллэр буолбутун, төрүт культураҕа, саха тылыгар, идэлээхтэри, суруналыыстары бэлэмнээһин кэҥээбитин кытта сибээстээх буолуоҕа.
Суут-сокуон, дьыала-куолу тыла
уларытСуут-сокуон, дьыала-куолу тыла диэн сокуоннар, докуму-оннар тылларын ааттыыбыт. Суут-сокуон, дьыала-куолу тыла литературнай тыл биир саамай бэрээдэктэммит өттө буолар. Биһиэхэ дьыала-куолу тыла үксүн көмө тыл быһыытынан туһаныллар. Бииринэн, сокуоннар, уураахтар, ыйаахтар уо.д.а. нуучча тылынан оҥоһуллаллар, саха тылыгар кинилэри тылбааһынан эрэ билэбит. Аны бу сокуоннар, уураахтар үксүн нуучча тылынан үлэлииллэр. Онон сахалыы тылбаастара билиһиннэрэр эрэ суолталаах курдук. Дьыала-куолу тылыгар маннык сыһыан 30-с сыллар бүтүүлэриттэн үөскээн барбыта, оттон 70-с сыллартан күүһүрбүтэ. Дьыала-куолу тыла көмө эрэ суолталаныаҕыттан, үлэлиир суолтата кыччыаҕыттан, хаачыстыбата мөлтөөбүтэ. Бүгүн бу сыһыан түмүгүн көрөбүт.
Тыл государственнай буолуута туох-хайа иннинэ бу тыл дьыала-куолу эйгэтигэр толору туһаныллыахтааҕын көрдөрөр. Саха тыла Саха Республикатын үлэлиир тылынан буолуохтаах, бу тосхолунан тиэрмини бэрээдэктиир үлэ саҕаланна. Дьыала-куолу тыла бэрээдэктэннэҕинэ, биллэн турар, саха литератур-най тыла толору көрүҥнэниэ.
2. Дьыала-куолу эйгэтин хабар тыллар — суут-сокуон, дьыала-куолу тыллара. Манна өссө общественнай-политическай уонна экономическай тиэрминнэри эбии киллэриэххэ сөп. Саха тылыгар урукку өттүгэр общественнай-политическай эйгэ эрэ тыллара балачча имиллибиттэрэ-хомуллубуттара, оттон дьиҥнээх суут-сокуон, дьыала-куолу тиэрминнэрэ өр кэмҥэ төрүт даҕаны ырытыллыбатахтара. Билигин сүрүн болҕомто дьыала-куолу тылыгар уурулунна. Бастатан туран, биһиги тиэрминнэри оҥоруохтаахпыт, сааһылыахтаахпыт, инньэ гынан суут-сокуон эйгэтигэр саха тылын үлэлиир туруктуохтаахпыт (10).
3. Дьыала-куолу, суут-сокуон суругун истиилэ биһиэхэ ситэ ырытылла илик. Урукку өттүгэр туох эмэ баар буоллаҕына — ол тылбаас. Ити тылбаастарга нууччалыы таттаран тылбаастааһын үгэһэ олохсуйбут. Билигин бу олохсуйбут үгэстэн тахсар наадатыгар саха тылыгар дьыала-куолу истиилэ хайдах киирбитин, олохсуйан испитин үөрэтии наада. Бу өттүнэн үлэ саҕаланна. Урукку дьыала-куолу истиилэ биир сүрүн быһаарыылаах этэ, үксүн көмө эрэ суолтаҕа сахалыы тылбаастанар. Ол иһин кыра сыыһа-халты улахан алҕаһынан ааҕыллыбат этэ. Инникитин саха тыла үлэлиир суолталаныахтаах, ити суолтаҕа олоҕуран дьиҥнээх дьыала-куолу истиилэ үөскүөхтээх.
4. Дьыала-куолу тыла уларыйыыны суһаллык ылынар буолбатах. Саамай өйдөнөр, дьэҥкэ ис хоһоонноох, бүттүүн тыллар дьыала-куолу тылыгар киириэхтээхтэр.
Билигин дьыала-куолу тылын үөскэтэргэ икки тирэхтээхпит: литературнай тыл уонна саҥа сөргүтүллэр тыллар. Саҥа сөргүтүллэр тыллар үгүстэрэ киэҥник биллибэттэр, суолталара суураллыбыт. Ол да үрдүнэн биһиги ити тыллары сөптөөх миэстэтигэр тиэрмини үөскэтэр • тыл быһыытынан туһаныахтаахпыт. Ити саха тылын чөлүгэр түһэрэр, сайыннарар уопсай интэриэстэн тахсар.
5. Дьыала-куолу тылын туһанар дьон элбэхтэр: суут үлэһиттэрэ, тэрилтэ салайааччылара уо.д.а. Онон бу эйгэҕэ саҥарыыны, тылы туһаныыны саҥа нуормаҕа киллэрии чэпчэ-китэ суох дьыала. Бастатан туран, бары өттүнэн ситэри оҥоһуллубут дьыала-куолу тылын тылдьыта наада. Онтон кэлин, саха тыла дьыала-куолу эйгэтигэр үлэлээн бардаҕына, сахалыы дьыала-ны-куолуну онорорго анал куурустар ыытыллыахтарын сөп.
Түмүк
уларыт"Саха тылын сайдар туруга" диэн балаһыанньа сахалыы тиэрмини оҥоруу хайысхатын быһаарарга анаан оҥоһулунна. Тиэрмини оҥоруу тыл уопсай сайдар тосхолун олоххо киллэрии быһыытынан ыытыллар. Ол иһин бу үлэҕэ саха тылыгар буолар уларыйыылар оҥоһуллар төрүөттэрэ уонна хайдах майгылаах-тык оҥоһуллуохтаахтара ырытылынна.
Литература
уларыт- Алексеев М.П. Уус-уран тылга сыһыан уонна ирдэбил. Тугу оҥоруохха сөбүй? // "Эдэр коммунист", 1990, сэтинньи 16 күнэ.
- Афанасьев Л.А. Орфографияҕа саҥа сыһыан. // "Сахаада", 1992, атырдьах ыйын 21 күнэ.
- Афанасьев П.С. Төрөөбүт тыл төлкөлөнүүтэ — ыччакка. // "Кыым", 1990, бэс ыйын 27 күнэ.
- Гуляев П., Попов С. Новгородов алфавита уонна компьютер. // "Кыым", 1990, алтынньы 4 күнэ.
- Закон Республики Саха (Якутия) "О языках в Республике Саха (Якутия). // "Социалистическая Якутия", 20 октября 1992 г.
- Саха тылын орфографическай тылдьыта. — Якутск, 1975.
- Слепцов П.А. Тыл — национальнай сайдыы төрүтэ. // "Кыым", 1989, олунньу 9 күнэ.
- Слепцов П.А. Якутский литературный язык. Истоки, становление норм. — Новосибирск: Наука, 1986.
- Слепцов П.А. Якутский литературный язык. Формирование и развитие обшенациональных форм. — Новосибирск: Наука, 1990.
- Концепция Государственной программы Республики Саха (Якутия) по возрождению, сохранению и развитию языков коренных народов Республики Саха (Якутия) // Якутские ведомости (приложение газеты "СЯ"), 23 июня 1993 г.