Саха тылын туһунан санаалар (Иван Горнай)

Саха тылын туһунан санаалар


Ийэ тыл

Саҥарыахха сөп хас да тылынан,
Оттон олороҕун биир тылынан.

1

Ол биир тылынан оҕо сааспын оонньуулаан, эдэр сааспын иэйиилээн, кырдьар сааспын кырааскалаан, бу орто туруу дойдуга олорбутум хайыы сах үйэ үс чиэппэрэ буола охсубут эбит . Олортон биирдэрин кэриҥэ кэм устата бүгүҥҥү күн мөккүөрүгэр кыттыһан, аныгы кэм айдааныгар холбоһон, ол биир тыл туһунан санааларбын айымньыларбар элбэхтик даҕаны этэ, суруйа сатаабыт эбиппин. Ол барыта олох тосту уларыйыытыгар айылҕа оҕото аан дойду айдааннаах олоҕун быһылааннаах эргииригэр быраҕыллан, кини үгэһэ, сиэрэ үрэллэн, саҥата-иҥэтэ сатарыйан барбытыгар саха тыла диэн тугун санатар баҕаттан саҕаламмыт буолуохтаах.

Биһиги тылбыт — былыргы тыл,
Бэйэтин туһугар бэрт баай тыл.
Кини баай диэх, бастакытынан,
Кэмчи астыы быстыбатынан,
Уларыттахха, иккиһинэн,
Улуу тыллыы имигэһинэн.

Тылбытыгар сөҥө сылдьаллар
Тыһыынчанан, сүүһүнэн сыллар.
Үйэлэри курдат сандаарар
Өбүгэбит өйө-санаата,
Олоҥхобут, остуоруйабыт,
Ол аата биһиги истуоруйабыт.

Бу строфалары 1996 сыллаахха суруллубут «Остуоруйа уонна история» диэн поэмабыттан ылан аҕаллым. Салгыы даҕаны, сорох-сорох этиилэрбин хоһоонунан холобурдаары гыннахпына, сүнньүнэн, эмиэ ол онтон ылан, сөптөөх диэбит субурҕаларбын сүүмэрдээн аҕалтыы турарым буолуоҕа. Ол барыта сахабыт тылын сарсыҥҥытын туһунан мөлтөөбөт мөккүөргэ уонтан тахса сыллааҕыта санаабыт санааларым уонна бүгүҥҥү күннээҕи көрүүлэрим уларыйбатахтарын көрдөрөр. Итинник санаалары сүрэх бааһа буола сылдьар санаалар диэн ааттыыллар.


Ол аата, бадаҕа, урукку баастарым
Уонунан даҕаны сыллары аастарбын,
Өссө да үчүгэйдик оһо иликтэрэ
Өйбүн-сүрэхпин өрүкүтэн эрдэхтэрэ.

Биллэн турар, бу эмиэ, сыччах, ол биир тыл туһунан эбэтэр биһиги төрүт, иитиллибит ийэ тылбыт туһунан этиллэр.

Оттон тыл — биһиги ийэбит,
Ол аата тапталбыт, иэйиибит;
Оттон тыл — биһиги аҕабыт,
Ол аата дурдабыт, хаххабыт;
Оттон тыл — биһиги оҕобут,
Ол аата кэскилбит, соргубут.

Ол иһин даҕаны хас уон тылынан халлааны сатарытан хайҕал-махтал бөҕөтүн ылбыппыт иһин, хаһан эрэ истиҥ санаабытын этээри, кистэлэҥ санаабытын кэпсээри гыннахпытына кэлин тиһэҕэр син биир киниэхэ эрэ оҕо курдук эргиллэн кэлэ турабыт. Ол иһин даҕаны уон араас тылынан олохпутун киэргэтэн уруй-айхал бөҕөтүн ылбыппыт иһин, сүрэхтиин-быардыын манньыйан, дьиэбит-уоппут барахсан дэһэр дьиҥнээх олохпутун, дьэ, ол кинилиин эрэ олорон ааһар эбиппит.

2

Биһиги, сахалар, төрөөбүт төрүт тылбытын ити билигин төһө даҕаны тыҥырахтаахха тыыттарыа, тарбахтаахха таарыйтарыа суох курдук тутуннарбыт, манна диэн эттэххэ, бэйэбит, иилээн-саҕалаан, оччо-бачча улаханнык үөрэппэтэх дьоммут. Кыраһа хаарга кыыл-сүөл суолун-ииһин эрэ кэрэхсэбиллээх кинигэлии ааҕар, соторутааҕыга диэри суруга-бичигэ суох олорбут омук, биһиги, ону хайдах даҕаны гынан оҥорор кыахпыт суох этэ буоллаҕа дии. Ол оннугар кыра эрдэхпититтэн ийэ айылҕабыт итиитин-тымныытын эппитинэн-хааммытынан билэн, үчүгэйин-куһаҕанын өйбүтүнэн-сүрэхпитинэн үөрэтэн киһи хара буолбут дьон, биһиги, олоҥхо курдук уостан уоска бэриллэн иһэр улуу айымньыны уустаан-ураннаан айдахпыт.

Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ
Кыракый балаҕан дьиэлэргэ —
Эбэтэр көмүлүөк сырдыгар,
Эбэтэр түлэй түүн барыгар —
Урукку кэми тилиннэрэ
Устара дьоммут сэһэннэрэ.

Үһүйээннэр, остуоруйалар,
Үлүннэриилээх да буоллаллар,
Өбүгэлэрбит үгэстэрин,
Үөрүйэхтэрин, үөрэхтэрин
Үүнэр сүһүөх дьоҥҥо иҥэрэр
Үтүөкэн түгэннэр этилэр.

Оннук үс үйэ устата үрүҥ ыраахтааҕы хараҥа тутулун анныгар хам баттатан олордохпутуна, XIX үйэ ортотун диэкиттэн үөрэхтээх дьон кэлиилэрэ үксээн барбыта. Оччолорго күн ыраахтааҕыны утары көҥүллэрин иһин охсуспуттары көскө ыыталыыллара, үрдүк сололоохтору өрө көрбүттэри үөдэн түгэҕэ сирдэргэ үүртэлииллэрэ. Онно биир табыгастаах сиринэн Саха сирэ буолара, дэлэҕэ даҕаны, «түннүгэ суох түрмэ» диэн ааттыахтара дуо. Тутулу утарыы иһин буруйданан көскө кэлбиттэр бары даҕаны талбыт курдук талааннаах, билии-көрүү бөҕөлөөх, бэйэлэрин кэмнэрин бастыҥ дьонноро этилэр. Кинилэр сахалар олохторун-дьаһахтарын, тылларын-өстөрүн, тымныы дойдуларын аан бастакынан үөрэтэн аан дойдуга таһаарбыттара.

Чулуу дьоннор, киһи кииллэрэ
Дьулуһан да үлэлииллэрэ,
Тымныыны, тыалы умналлара,
Тыл туманыгар муналлара,
Түүр, монгуол омуктар тыллара
Түбэһэннэр соһуталлара.

Тылтан тылы тылбаастыыллара,
Тылтан тылы быһаартыыллара,
Төрүт тыллар хартыыналара
Түҥ былыргынан тыыналлара:
Азия улуу истиэптэрэ
Арыллан, көстөн кэлэллэрэ.

Биһиги туох-ханнык дьоммутун, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин тылбытыттан атын өссө туохпут туоһулуо эбитэ буолла? Онтон сиэттэрэн, сорох учуонайдар, соҕуруу даҕаны олороннор, саха тылын туһунан үрдүк сыанабыллаах, үйэлэр тухары өлбөт-сүппэт үлэлэри суруйтаабыттара. Ол ньиэмэс, нуучча, поляк, онтон да атын омуктар талааннаах уолаттарын табыллыбыт үлэлэрэ таах хаалбатахтара.

ХХ үйэҕэ биһиги бэйэбит испититтэн бэрт элбэх тыл үөрэхтээхтэрэ үүнэн-сайдан тахсыбыттара, кинилэр саха тылын бары салаатын үөрэтэн, чинчийэн, бүтүн науканы оҥорбуттара. Уус-уран литература бары жанрыгар үлэлэһэр суруйааччылардаах буолбуппут, кинилэр бастыҥ айымньылара, атын омуктар тылларыгар тылбаастанан, аан дойдуга биллибиттэрэ. Онон ХХ үйэҕэ саха тыла өрөгөйдөөх сайдыы үрдүк чыпчаалыгар өрө харбаһан тахсыбыта. Аны билигин онтубут айылҕа сокуонун быһыытынан аллара диэки айанныырын көрө-көрөбүт арыт-ардыгар алыстаатарбыт даҕаны айманарбыт, сорох-сороҕор олустаатарбыт даҕаны ороһуйарбыт, ханна барыаҕай, баар бөҕө буоллаҕа дии. Ол иһин даҕаны бүтэн биэрбэт мөккүөрдэр, кэмэ суох кэпсэтиилэр, субуллан олорор суруйуулар тохтуох эрэ ааттара суох, хата, төттөрүтүн хаһан эрэ биир дьоһуннаах быһаарыыга кэлиэх курдук дуу эбэтэр кимиэхэ эрэ тугу эрэ дакаастыах курдук дуу салҕанан бара тураллар.

3

Саха тыла түүр тылыттан төрүттээх, монгуол тыла буккаастаах, оннооҕор санскриттан салааһыннаах тыл диэн буолар. Былыр улуу көһүүлэр сотору-сотору буолуталыыллара, ол аайы тыллар буккуһуулара — сорох тыллар сайдыылара, сорох тыллар өлүүлэрэ даҕаны өрүүтүн тахса турара. Оннук саамылаһыылар түмүктэригэр уйгу-быйаҥ дойдулар уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ иэннэригэр онно-манна, уһун үйэлэргэ олохсуйан, саҥа тыллаах саҥа норуоттар үөскүүллэрэ.


Биир олохтоох дьон барылара
Биир буолан хаалар баҕалара,
Биир баҕалаах дьон барылара
Биир буолар аны дьарыктара,
Биир дьарыктаах дьон барылара
Биир буолар онтон саҥалара.

Хас биирдии омук хайдах сиргэ олороро, туох-ханнык дьарыктааҕа бука барыта кини тылыгар көстө сылдьар. Сахалар оттуу-мастыы сипсийэр оһуор-бичик тыллаахтар, кинилэр тыастаах-уустаах куоракка тыыннара-быардара хаайтарар, ол иһин буолуоҕа, саҥа тыллары сахатытабыт диэн саҥалара алдьанан, төрөөбүт төрүт тылларыгар төннөөрү, араас түөрүйэни айа сатыыллар. Ол эрээри, бүгүҥҥү хаҥыл олох хаамыытыттан, балысхан сайдыы барыытыттан хаалан хаалыаххын баҕарбат буоллаххына, сатыыр тылыҥ буоллун, сатаабат тылыҥ буоллун, саҥараргар эрэ тиийэҕин.


Тыл тыыны таһаарар кураанах
Тыл дьонун ыаһаҕа буолбатах,
Тыл омук тыыннааҕын бэлиэтэ,
Тыл мал-сал, туттар сэп кэриэтэ
Күн аайы киһиэхэ наадалаах,
Күн аайы туттуллар аналлаах.

Дуйа, кырааската өлбөөрөн
Туттуллубат тыл тута өлөр.
Оннооҕор былыр улуу тыллар
Ол курдук суох буолан тураллар,
Кинилэр сахпыт санаалара
Киһи аймахха хааллахтара.

Ханнык баҕарар тылга хаһан эрэ оннук кэм хайаан даҕаны кэлэн эрдэҕэ. Биһиэхэ эмиэ урукку төрүт дьарыктарбыт уурайан истэхтэрин аайы онно туттуллубут тылларбыт умнуллубутунан бараллар — баай тылбыт баранан, кэрэ тылбыт кээрэнэн истэҕэ дьэ ол. Онуоха эбии саҥа кэмнэр салаҥ элбэх дьарыктара салаллан кэлэннэр, онно туттуллар саҥа тыллар саба сырсан киирбиттэрин сатаан ылыммаккабыт ийэ тылбыт эстэргэ, төрүт тылбыт төннөргө бардаҕа дьэ ол.

Ол аата төрөөбүт-үөскээбит сахабыт төрүт тылын бүгүҥҥү туругуттан бүттүүн даҕаны олус диэн дьиксинэрбит оруннаах буолан тахсар.


Биһиги тылбыт — от-мас тыла,
Билиҥҥи кэм билиммэт тыла.
Ойуур-тыа кэрэтин дьүһүйэн
Олоруоҥ дуо сатаан бүгүн эн,
Хас тылыҥ хараххар өлөрүн,
Хайыаҥый, харааста көрөҕүн.

Хайдаҕын да иһин кинини
Харыстыах тустаахпыт биһиги.
Олоҥхо киэбигэр хаайтаран
Олохтон букатын хаалбатар,
Үс саха үгэһэ, кэриэһэ
Өссө өр саҥардар киниэхэ.

Бу алгыс курдук ааттаһар-көрдөһөр аҥаардаах тыллар анныларыгар, арааһа, элбэх киһи илиитин баттыа эбитэ буолуо. Этэргэ дылы, арбаҕастаах да абыраабат, бытырыыстаах да быыһаабат буолбутун кэннэ тылбытын өлөр өлүүттэн өрөһүйэ сатыахтааҕар, ааҥнаабыт алдьархайтан араас суолу булан эрдэ-сылла көмүскэнэ, харыстана сатыырбыт быдан чэпчэки буолуоҕа. Ол суоллартан биирдэстэрин уонна сүрүннэрин манна үс саха истиитигэр өссө биирдэ үчүгэйдик тоһоҕолоон этиэҕи баҕарыллар.


Саха да тыла хаһан эрэ
Сайдыа турдаҕа аата эрэ —
Төрөөбүт тылбытын сүрэхтэн
Төрдүттэн сүтэрбэт сүбэттэн
Көһүө суохтаахпыт тыабытыттан,
Күрүө нөҥүө баар ыалбытыттан.

Биһиги ким эрэ биир тылы атын тыл оннугар тутуннаҕына, алҕаһаата диэн көннөрө охсуохпутун баҕарабыт. Ону баара, кэлин быһаарсан билбиппит, ол дьоммут сыыһа саҥарбыттарын билинэ сылдьыахтара баара дуо, хата, төттөрүтүн, урукку тылы саҥалыы туттан, сахаларын тылын сайыннарбыт буолан тахсаллар. Аны туран, ол булумньуларын бэйэлэрэ эрэ буолбакка, эмиэ кинилэр курдук тура-тура саҥаны айа сатааччылар «халыҥ аармыйалара» харса суох хатылаа да хатылаа буоланнар, ол тылы олус туттуллар тыл курдук көрдөрөн таһаарбыттара эрэ баар буолар. Ол эрээри, дьиҥнээх суолталарын сүтэрэн, адьас да атын өйдөбүлгэ туттуллар тыллар уһун үйэлэммэттэр. Урукку суолталара умнуллан, саҥа өйдөбүллэрэ сатаан олохсуйбакка, сотору, икки саар икки ардыгар ыйанан, кимиэхэ да туһата суох тыллар буолан хаалаллар. Тыл дьадайыытын биир төрүөтэ итиннэ сытар. Тылы мээнэ түбэһиэх туттуу, сороҕор билээҕимсийэн да туруу, кэлин тиһэҕэр итинник хомолтолоох түмүккэ тиэрдэр. Хомолтолооҕо диэн баар, ити тыллар, үксүгэр, дириҥ ис хоһоонноох былыргы төрүт тылларбыт буолаллара. Итини эридьиэстиир курдук манна аҕыйах холобуру аҕаларбыт, бэлиэтээһини оҥорорбут тоҕоостоох буолара буолуоҕа.

4

Тыл уларыйыыта олох уларыйыытыттан быһаччы тутулуктаах. Үчүгэй олох кэллэҕинэ, тыла-өһө эмиэ үчүгэй буолар. Оттон куһаҕан олох кэллэҕинэ, хобдох тыл-өс бөҕөтө кулгаахпытыгар толору хааланар, ону таһынан тылы, ис хоһоонугар иҥэ-тоҥо барбакка, туһаайан эрэ туттуу туох да сүр элбиир. Ол курдук, уларыта тутуу саҕана санаа-оноо диэни соһо сылдьан туттан барбыттара. Холобур, араадьыйаҕа биир суруналыыс атын суруналыыстан: «Хайа, доҕоор, тыаттан туох-ханнык санаалаах-оноолоох кэллиҥ?» — ыйытар. Манна санаа (впечатление) диэн санаа-оноо (грусть-тоска) диэнинэн солбуллар. Эбэтэр «Кэскиллээх кэпсэтии кэнниттэн туох өй-санаа баар буолла?» дииллэрин оннугар «Туох санаа-оноо баар буолла?» диэн этиэхтэрэ. Манна өй-санаа (мысль) эмиэ санаанан-оноонон солбуллар.

Оттон санаа-оноо диэн ис турукпутун көрдөрөр, ыарахан кэммитигэр туттуллар тылбыт этэ буоллаҕа дии. Саха киһитэ «санааҕа-онооҕо ыллардым», «санаа-оноо сиэтэ», «санаа-оноо баттыыр» эҥин диэн этээччи. Онтубут атыннык туттуллан, суолтата суураллан, суох буолан эрдэҕэ дьэ ити. Хомойуох иһин, хаһыаттарга, араадьыйаҕа, оннооҕор кинигэлэргэ ол сыыһа санаа-оноо сыыс от курдук хойуннар хойдон иһэр. Ону сэрэйбит курдук, бу ыарыы саҥа саҕаланан эрдэҕинэ «Санаа-оноо» диэн кылгас хоһоону суруйбуттааҕым. Ол хоһоон «Дохсун кэм дуораана» диэн 1995 сыллаахха тахсыбыт кинигэбэр киирбитэ.


Санаа-оноо быһа сиэн
Сааспынааҕар кырыйдаҕым —
Ийэм былыр инньэ диэн
Этэр буолара арытын.

Аралдьыйа сатыыбын,
Ааһан-араҕан биэрбэтэ.
Хараастан бэл ытыыбын,
Хараҕым сырдаан кэлбэтэ.

Төрүт симэн ылбакка
Түүнүм-күнүм түүллүү уһуур.
Саараама, аһыммакка
Санаа-оноо миигин муҥнуур.

Бөлүүн чуумпу, нуһараҥ.
Бүгүн былыт, бүтэй куйаас.
Бачча ыанньыйан баран,
Ыаҕастаах уунан кутан аас!

Санаам-оноом, оо, эн да
Босхо былыт буолбатаххыан,
Ити, мунньуллан баран,
Эрэйдии сылдьарыҥ ыарыан!

Хомойуох иһин, санаа-оноо диэн курдук быстах дьылҕалаах тыллар сыл аайы элбээн иһэллэр, олортон өссө биир үтүөкэннээх тылбытын өлөр-өлүүттэн өрөһүйэ сатаан көрүөҕүҥ. Ол — көмөлтө диэн тыл. Билигин оҕо үүнэригэр-сайдарыгар сүбэ-ама, көмө наада диир оннугар, «көмөлтө наада» диэччилэр баар буоллулар. Дьиҥэр, көмөлтө диэн үбүнэн-харчынан көмөнү ааттыыллар, ол курдук урут «министерство социального обеспечения» диэни «көмөлтө суута» дииллэрэ. Итинник алҕастары, ыччат эрэ буолбакка, оннооҕор тылга сыһыаннаах дьон оҥорон кэбиһэллэрэ ордук дьиксиннэриилээх.

5

Ахтыбычча, аны араадьыйабытын истэ түһэн ааһыаҕыҥ. «Аламай күҥҥэ айхал!» — диир кини. Олус үчүгэй. Ол гынан баран: «Ол ханна баар күнү этэллэрий?!» — диэн оҕолорбут оҥой-соҥой көрсөн турдуннар, оччоҕо хайыыбытый? Ахсынньы аам-даам тымныылаах, тохсунньу оргуйар туманнаах ханнык эрэ биир хабыс-хараҥа сарсыардатыгар ол туох диэн кинилэргэ эппиэттиибит? Манна, кыратык да буоллар, тыл дьыаланы кытта арахсыыта тахсыбыт. Онон оҕолор букатын сымыйа курдук өйдүөхтэрин эмиэ сөп, оччотугар аламай күммүт туохха да наадата суох дойҕох эрэ буолан тахсар. Оччотугар күнэ-ыйа суох күһүҥҥү, кыһыҥҥы сорох сарсыардаларга аламай күҥҥэ оннугар саҥа күҥҥэ дуу, үүнэр күҥҥэ дуу айхал диирбит ордук буолаарай?

Аны кими эрэ, бадаҕа, ыраах айаҥҥа атаара туран, тоҕо эрэ «очур охсубатын, тэхтир тэппэтин» диэн алгыыр. Тыыннаахха дылы ол хайдах очур охсуо, тэхтир тэбиэ эбитэ буолла? Сахалар, кырдьык, сарсыарда эрдэ айаҥҥа турунар идэлээхтэрэ, онуоха хаалааччылар алҕаан атаараллара, ол аата суол сэрэхтээх, очуру-тэхтири көрөн-истэн, тумнан, кытаатан, этэҥҥэ айаннаа диэн буолара. Ол ордук сырыыны-айаны саҥа сылдьан эрэр эдэр дьоҥҥо сыһыаннааҕа.


Оо, эн, уол оҕо бастыҥа,
Киһи киилэ, эр бэрдэ,
Очурга оҕустарыма,
Тэхтиргэ тэптэримэ!

Салгыы араадьыйабыт Саха сирин үрдүнэн, күн-дьыл буолбакка, халлаан туругун туһунан кэпсиир. Былыргы сахалар хайдах күн буолуоҕун халлааннарын туругунан быһаараллара. Халлааммыт тымныйбыт эбэтэр былыт кэлбит, эбэтэр үчүгэй дьахтар өрө көрбөт үтүө күнэ үүммүт диэн киирэллэрэ. Ол билгэлээһиннэрэ, биллэн турар, уһун күн уонна, кылгас күн биэстэ уларыйара. Хас кыраадыс тымныы дуу, итии дуу буолбутун, салгын баттааһынын, тыал түргэнин, халлаанынан көрөн, хайдах даҕаны кыайан быһаарбаккын.

Билигин Саха сирин үрдүнэн күн-дьыл уларыйыытын уонунан метеостанциялар кэтээн көрөллөр, кинилэр бары үөрэх-билии ситиһиилэригэр тирэҕирэн үлэлииллэр. Олох иннин диэки баран иһэр. Биһиги күммүт-дьылбыт туругун чуолкайдык хас да хонук инниттэн билиэхпитин баҕарабыт, ол үлэбитигэр-хамнаспытыгар, олохпутугар-дьаһахпытыгар олус наадалаах. Халлааммыт туругун харахпытынан да көрөн билиэхпит, оттон күммүт-дьылбыт туругун күнү-дьылы кэтээн көрөөччү гидрометеорологическай киин оҥорбут сылыгыттан билэрбит ордук көдьүүстээх буолуоҕа.


Күнү-дьылы кэтээммин
Күнүм-дьылым баранна.
Онон эрэ итээммин
Олордоҕум бу манна.

Таарыйа, радиослушатели диэн тылы сахалыы тылбаастаан көрүөҕүҥ. Араадьыйа истээччилэр дуу, араадьыйаны истээччилэр дуу диэҕи ханнык эрэ бөлөх дьону икки аҥыы хайытыы курдук буолан тахсар (слушающие именно радио, а не магнитофон). Оттон биһиги араадьыйанан кэлэр сонуннары, музыканы истэн эрдэхпит, дьэ онон радиослушатель диэн тылбааһа — араадьыйа даҕаны, араадьыйаны даҕаны истээччилэр диэн буолбакка — араадьыйанан истээччилэр диэн буолара ордук сөптөөх быһыылаах. Ордук даҕаны буолан, үйэлээх-сааспыт тухары: «Үтүө сарсыарданан, күндү араадьыйанан истээччилэр!» — диэн истиҥ эҕэрдэни истэн кэллэхпит. Оччолорго араадьыйаҕа элбэх биллиилээх артыыс, суруйааччы бөҕөтө үлэлиирэ. Араадьыйанан мэлдьи сөптөөх тыллары үчүгэй куолаһынан ааҕар буоллахтарына, олор истээччи өйүгэр-санаатыгар өр кэмнэргэ хатанан хаалаллар. Хомойуох иһин, билигин саха араадьыйатыгар уус-уран ааҕыы олус аҕыйах. Дыраама да, опера да артыыһа буоллун, тылы кинилэртэн ордук дириҥник, ама, ким билиэ уонна ону ордук итэҕэтиилээхтик дьоҥҥо тиэрдиэ эбитэ буолла! Аны санаатахха, биһиги араадьыйаны учуутал гынан улааппыт эбиппит. Саха артыыстара араадьыйа биэриилэригэр элбэхтик кыттан, кэрэ куоластарынан кэпсээн, ыллаан, төрөөбүт тылбытын түстүүрбүтүгэр, ийэ тылбытын иитиэхтиирбитигэр улахан тирэх, улуу күүс-көмө буолуохтарын сөп этэ. Биир сонунум-сэһэним итинник. Манна диэн эттэххэ, араадьыйанан, сонуну буолбатах, «сонуннары» биэрэллэр.

Былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри кэлбит биир үтүө үгэһинэн киһиэхэ дьолу-соргуну баҕарыы буолар. Билигин, бэл, ону уларытан саҥаран эрэллэр. Аны дьолу-соргуну буолбакка, «дьолу-саргыны» баҕараллар.

Манна соргу (удача) диэн тылы саргы (светлое будущее) диэн тылынан солбуйаллар. Саха тылыгар дьол-саргы диэн тыл дьүөрэлэһиитэ букатын да суох, ол оннугар саргы-дьаалы диэн сомоҕо домох баар. Саргы-дьаалы салалынна, уруй-туску олохтонно.

Аны, саҥа дьыл диэн ол аата саҥа дьылҕа, саҥа олох саҕаланна диэн буолар. Ол иһин даҕаны биһиги бары саҥа сылынан буолбакка, саҥа дьылынан, саҥа дьолунан бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэбит.

Үчүгэй үгэстэр, үчүгэй тыллар хайдах баалларынан хааланнар, сырдыгынан эрэ сыдьаайа, өрүү үөрдэ-көтүтэ сырыттыннар. Ону оҥорон көрө-көрөбүт, ойон турдубут даҕаны уларыта-тэлэритэ, саарбах булууларбытынан саҥарда сатаамыаҕыҥ. Дьоллоох-соргулаах буолуҥ, саргылаах сахалар!

6

Саха омук буоларбынан саҥам-иҥэм сахалыы,
Тутта-хапта сылдьарым да туспалардаах — сахалыы...

Билиҥҥи эдэр ыччат саха омук буоларын даҕаны, сахалыы саҥарыахтааҕын даҕаны бэркэ диэн билэр уонна ол туһунан олус үчүгэйдик хаһыаттарга, сурунаалларга харса суох суруйар, араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ араатар бөҕөтүн түһэрэр. Арай тыла-өһө тыалыы, саҥата-иҥэтэ сахалыы буолбатах, барыта кинигэ киэнэ дуу, ким эрэ киэнэ дуу буолар, ол иһин кини сорох-сороҕор урукку кэм тылынан оонньуубун диэн олуонатык саҥаран кэбиһэн одууга-сиигэ түбэһэр, ааспыт кэм тылынан аанньыыбын диэн атыннык саҥаран кэбиһэн айдаан бөҕөтүн тардар.

Аны онтун хоһоонум диэн кутан-симэн турар, ырыам-тойугум диэн ыһан-тоҕон барар. Онон элбэх ырыалаах эйэҕэс ыччаттаах эмиэ да үчүгэйдээх, эмиэ да куһаҕаннаах курдук буолан тахсар. Бүтүн Саха сирин үрдүнэн анал үөрэхтээх композитордар, артыыстар, поэттар айбыт ырыалара-тойуктара оччо-бачча иһиллибэт буолла, кинилэр эдэр ырыаһыттарга киэптэтэн истээччилэрин, көрөөччүлэрин сүтэрбиттэрэ ыраатта.

Оттон эдэр ырыа айааччылар ыам кумаарын курдук элбэхтэр, кинилэр ырыаларын тылын бэйэлэрэ суруйаллар, матыыбын бэйэлэрэ булаллар уонна ону бэйэлэрэ толороллор. Атын ыччаттар кинилэри «сулустар» диэн ааттыыллар итиэннэ, батыһа сылдьан истэ-истэлэр, кинилэр тылларынан саҥараллар, кинилэр өйдөрүнэн олороллор.

Онон тылбыт дьылҕата-төлкөтө — баҕар-баҕарыма — билигин ыччаппыт илиитин иһигэр баар. Оннук даҕаны буолуохтаах. Хайа, кэнэҕэһин сахалыы тылынан ким эрэ кэпсэтэр даҕаны буоллаҕына, кинилэр эрэ кэпсэтиэхтэрэ турдаҕа дии. Ол иһин биһиги, аан дойдуну аҕа-ийэ тылынан анааран көрөр аҕа көлүөнэ дьон, ханна эрэ ыйыы-кэрдии биэрэн, ханна эрэ сүбэлээн-амалаан, ханна эрэ үчүгэй-куһаҕан диэн үлэлэригэр сыана быһан кинилэргэ мэлдьи көмөлөһө сылдьыах тустаахпыт. Ыччаттарбыт сахаларын тылынан санааларын толору этэр-тыынар, төрөөбүт тылларынан төһө баҕарар айар-тутар буоллахтарына, кинилэр оҕолоро, онтон сиэттэрэ эмиэ оннук дьоннор иитиллэн тахсыах этилэр буоллаҕа дии.

Оттон мин манна биир ырыа биир эрэ тылыгар тохтоон ааһыам, ону даҕаны дьон-сэргэ ыллыан сөптөөх ырыата эбит диэммин. Ол ырыаҕа «ханнык алаас уолун бу сүрүн туппутай?» диэн тыллар бааллар. Манна «сүрүн» диэн оннугар кутун диэн буолуохтаах этэ. Оттон сүр диэн тыл туһунан эттэххэ, киһи сүрэ тостор эбэтэр сүрүн баттатар баҕайыта.

Ырыа хоһоонтон үөскүүр, оттон хоһоон суруллуута туспа сокуоннаах, быраабылалаах. Хоһоонньут буолуон баҕарар киһи ону хайаан да толоруохтаах, ырыаһыт буолар киһи ону хайаан да ылыныахтаах. Сүүһүнэн тылтан, сүүмэрдээн-сүүмэрдээн, аҕыйах тылы киэпкэ киллэрии, халыыпка хаайыы хоһоон суруллуута диэн ааттанар. Эн онно сөптөөх тылы булаарыгын, төһөлөөх тылы буолуоҕай, төттөрү-таары сыымайдаан, үлэ-хамнас бөҕөтүгэр түһэҕин, оннук эрэ төрөөбүт тылгын үчүгэйдик өйдүү, дириҥник билэ үөрэнэҕин, оннук эрэ киһи кэрэхсиир хоһоонун дуу, ырыатын дуу айыаххын сөп.

Эдэр ырыаһыттар сыанаҕа түбэһиэх таҥаһы таҥнан тахсыбаттар, төттөрүтүн киэргэниэхтэринэн киэргэнэн, оҥостуохтарынан оҥостон тахсаллар. Ол — үчүгэй. Онуоха эбии ырыаларын тыллара оҥоһуллуохтарынан оҥоһуллубут, чочуллуохтарынан чочуллубут буоллаллар, өссө үчүгэй буолуох этэ.


Сахабыт бүгүҥҥү ырыата
Саҥаны эппэт дуу, быһыыта,
Төһө да тарҕаннар, тэнийдэр,
Төһө да истиҥник дьиэрэйдэр —
Сороҕо түргэнник салгытар,
Сороҕо төрүт да салытар.
Ол эрэн, олохпут салҕанар,
Оттон дьон ыллыаҕын баҕарар.

Сүүһүнэн ырыаны айаллар,
Сүүһүнэн ырыалар дайаллар.
Кинилэр, ким эрэ кулгааҕар
Кэрэтик иһиллэн, ардыгар
Көхтөөхтүк ылланан иһэннэр,
Күүгэннии уостаннар сүтэллэр.

Долгуннуу кутуллар ырыалар
Тоҕо ол кыахтара кыралар?
Сүүрүктүү суккуллар ырыалар
Сүрбүтүн-куппутун туппаттар?
Тыллара-өстөрө дуу биирдэр,
Тыыннара кылгастар дуу биитэр?
Дьоһуннаах ырыаны дуу, баҕар,
Дьон-сэргэ ыллыаҕын баҕарар?

Хоһоонуҥ хайдаҕый даҕаны,
Хор, оннук ырыаны айаҕын.
Бэрт элбэх биирдиҥи хоһооннор
Бэйэлэрэ бэлэм ырыалар,
Ол эрэн, биирдиҥи хоһооннор
Биирдиҥи ырыалар буолаллар.

7

Тылбыт өлөөрү гынна диэн омуммут-төлөммүт алдьархай,
Ол онтон быыһана охсоору — ыксалбыт-тиэтэлбит ынырык.
Тыла-өһө суох буолуу диэн биир саамай улахан алдьархай,
Тылы-өһү умнан кээһии — истиэххэ даҕаны ынырык.

Сорох тыллар утарыта турар суолтаҕа туттуллар буоланнар, биһиэхэ эрэ буолбакка, атын да омуктарга мөккүөр бөҕөтүн таһаараллар быһыылаах. Ол биһиэхэ ордук «алдьархай» уонна «ынырык» диэн тыллар. Бу тыллар куһаҕаны, кутталлааҕы көрдөрөр тус бэйэлэрин суолталарыттан ураты соһуччу үөрүүнү, сөҕүүнү-махтайыыны, дьиктиргээһини көрдөрөр эмиэ суолталаахтар. Кинилэри ол суолталарыгар биһиги оҕолуун-улуулуун, төһө да кимнээх эрэ бопсо сатааталлар, бэйэбит да билбэппитинэн син биир туттубуппут эрэ баар буолар. Алдьархай үчүгэй киинэ! Ынырык минньигэс ас! Ынырыктык да утаттым! Алдьархайын даҕаны сылайдым!

Сорохтор алдьархай, ынырык диэн тыллары истээтин даҕаны, куһаҕан эрэ өттүн өйдөөннөр, куолу бөҕөтүн түһэрэллэр. Ол эрээри, бу тыллар ити иккис үчүгэй суолталарыгар дьиҥнээх суолталарынааҕар быдан элбэхтик туттуллаллар уонна биһиги олохпутун үөрүү-көтүү, эрчим-тэтим эгэлгэ дэгэтинэн киэргэтэн биэрэллэр. Маннык тыллары туттууга, биллэн турар, куолаһы уларытан, араас интонациянан саҥарыы быһаарар оруолу оонньуур, ол курдук «ынырык киһи», «абааһы уола» диэн тыллары куолас көмөтүнэн куһаҕан да киһиэхэ кубулутуохха, тапталлаах да киһиэхэ таһаарыахха сөп. Онон, доҕоттоор, өбүгэлэрбит барахсаттар бу — үчүгэй тыл, бу — куһаҕан тыл диэбэккэлэр үйэлээх-саастарыгар өрө тутан кэлбит тылларын-өстөрүн, ким эрэ истэн кириитикэлиэ диэн кистэнэ барбакка, кэпсэтии тылын быһыытынан, сөбүн көрөн, туттубуппут курдук тутта, туһаммыппыт курдук туһана сылдьыаҕыҥ. Онно туох даҕаны киһи кыбыстара суох.

Үөһэ этиллибитин курдук, итинник көстүү, биһиэхэ эрэ буолбакка, атын омуктарга эмиэ баар суол. Холобура, билэрдии, нууччалары ылан көрүөҕүҥ, кинилэр «страх как хорошо», «ужасно люблю» эҥин дииллэрин элбэхтик истибит буолуохтаахпыт. Оттон нуучча улуу поэта Сергей Есенин «Шаганэ, ты моя Шаганэ» диэн аатырбыт хоһоонугар, иэйиитин көбүппүт илиҥҥи кыраһаабысса иннигэр туран, маннык диир:

Шаганэ ты моя, Шаганэ!
Там, на севере, девушка тоже,
На тебя она страшно похожа,
Может, думает обо мне...
Шаганэ ты моя, Шаганэ.

Поэт очень похожа диэн тыллар оннуларыгар страшно похожа диэн норуот тылларын туттар. Ол кини хоһоонун ордук күүһүрдэр уонна быдан истиҥ оҥорор. Эн киниэхэ алдьархайын маарынныыгын, эн үүт-үкчү кини курдуккун, мин кинини олус диэн таптыыбын, ол аата эйигин эмиэ таптыыбын диэбитигэр тэҥнээх. Итинтэн да көстөрүнэн, аҥаардас үчүгэй эрэ эбэтэр аҥаардас куһаҕан эрэ тыл диэн суох. Ол барыта киһи тылы ханнык түбэлтэҕэ уонна хайдах быһыылаахтык туһанарыттан тутулуктаах.

Билигин, хаһан эрэ норуоттар улуу көһүүлэрэ диэн баарын курдук, тыллар улуу буккуһууларын кэмигэр олоробут. Ол иһин төрөөбүт тылбыт төрүт өйдөбүллэрин харыстааһын уонна саҥа киирэр тыллары киһи билбэт гына уларыппакка-тэлэриппэккэ, хайдах баалларынан ылыныы сүрүн сорукпут уонна улахан кыһалҕабыт буолар. Манна аҥаардас бобуу-хаайыы уонна саха тыла — улуу тыл, киһи эрэ кыайан билбэт тыла эҥин диэн курдук эрдэттэн куттааһын суолунан эрэ бардахпытына, оҕолорбут, кырдьык даҕаны, төрөөбүт тылларыттан тэйэн, атын «кыайар» тылларыгар көһөн, били киһи өйдөөбөт тылынан саҥараллара дьэ кэлиэҕэ. Дьиҥэр диэн эттэххэ, ким ханнык тылынан хайдах саҥарара бэйэтин көҥүлэ буоллаҕа дии. Оттон биһиги иэспит диэн, оҕолорбутун төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билэллэрин, таптыылларын курдук иитии, кинилэр күүстэригэр-уохтарыгар, дьоҕурдарыгар-талааннарыгар итэҕэйии уонна санааларын аһаҕастык, эйэҕэстик-сайаҕастык этэллэрин өйөөһүн буолуохтаах.


Сыыһа-халты саҥаран биэрэн —
Сыҥаахпыттан ылларыам диэмэ,
Саҥар эн күүстээхтик-уохтаахтык,
Саҥар эн уоттаахтык-күөстээхтик!
Киһи диэн этэрин этиэхтээх,
Кэрэ тыл оччоҕо элбиэхтээх.

8

Аны сахабыт тылыгар саҥа киирбит тыллар тустарынан кэпсэтэн ааһыаҕыҥ. Ол тыллары, үрдүттэн саба быраҕан, нууччаттан киирбит тыллар диэн ааттыыбыт, онтубут баара — араас омук тыллара, бастаан, нуучча тылыгар киирэн бараннар, биһиэхэ кэлбит буолаллар. Саҥа тыллар саҥа билиини аҕалан кэлэллэр. Ону төрөөбүт тылбытын түҥнэрэ, мэлитэ кэллилэр диэн тоҥуй соҕустук көрсөн эрдэхпит. Ол эрээри, сөбүлээбэтэрбит даҕаны, хайыахпыт баарай, ол тыллары сотору хайдах сатыырбытынан туттубутунан барабыт. Ол курдук кинилэр төрүт тылларбытын кытта тэбис-тэҥҥэ сайдыыбытын салайса, олохпутун оҥорсо сылдьаллар.


Уһаабыт-кылгаабыт тыллары,
Олуурдаах омуктуу тыллары
Бэйэтин кэккэтигэр тылбыт
Биһириир буоллаҕына ыллын,
Итинтэн кини байыа эрэ,
Итинник кини сайдыа эрэ.

Ол барыта хайдах быһыылаахтык олоххо киирэрин биирдии-биирдии ылан билсиһэн, туспа-туспа ылан чуолкайдаһан ааһыаҕыҥ. Саҥа киирэр омуктуу, нууччалыы тыллар аҕыйахтыы сүһүөхтээх эбэтэр аҥаардастыы илин дуу, кэлин дуу аһаҕас дорҕооннортон турар буоллахтарына, ордук чэпчэкитик сахатыйаллар уонна кэлин адьас да саха тыллара буолан хаалаллар, холобура, истиэнэ, ыскаап, киинэ, нэһиилэ эҥин диэн курдук тыллар. Оттон элбэхтии сүһүөхтээх эбэтэр илин уонна кэлин аһаҕас дорҕооннортон буккуйа турар буоллахтарына, сахатыйаллара олус ыарахан, ону таһынан улахан мөккүөрдээх буолар. Холобура, литература, искусство, история диэн тыллар аһаҕас дорҕооннору дьүөрэлээһин утумун быһыытынан литэрэтиирэ, ускуустуба, устуоруйа дэниллиэхтээх этилэр буоллаҕа дии, ону бука бары күннээҕи олохпутугар [литэрэтуура], [искуустуба], [истуоруйа] диэн саҥарабыт . Онон кинилэри сурукка оннук даҕаны суруйарбыт ордук буолуох этэ. Сахатыппыт тылбытын, тугун-ханныгын таайа сатыы олорбокко, тута билэрбит уонна кини суолтатын чуолкайдык өйдүүрбүт туһугар. Итиннэ тыллар маарыннаһыыларын эмиэ туһаныахтаахпыт .

Сорохтор филология диэн тылы бэлэлиэгийэ диир буоллулар. Бөлөлүөгүйэ дуу, бололуогуйа дуу диэхтэрин эмиэ сөп этэ, итилэргэ даҕаны аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитэ эмиэ кэһиллибэт, онон ити өттүнэн бары «тэҥ бырааптаах» тыллар. Ол эрээри, дьон үксэ филология диэн тылы сахатыттаҕына даҕаны, бэйэтигэр маарыннатан уонна чугаһатан, [билолуогийа] диэн саҥарар. Факультет диэн тылы бакылтыат, бэкилтиэт, бокултуот, бакултиэт диэн араас дьон араастык сахатытыахтара, онтон хайаларын киэнэ ордук сөбүн ким даҕаны кыайан быһаарар кыаҕа суох буолуоҕа. Итинник тыллар олус элбэхтэр уонна саха тылын байытыахтааҕар, төттөрүтүн, элбэх буккууру таһаараллар. Ол иһин кинилэри, саҥалыы уларыта сатаабакка, уруккубут курдук тылбыт хайдах ылынарынан, баҕар, ардыгар барыйааннаан даҕаны, саҥара, суруйа сылдьарбыт ордук сөптөөх быһыылаах.

Дьиҥинэн, биһиэхэ биир тылга илин, кэлин аһаҕас дорҕооннор ыаллаһыылара букатын суох буолбатах, холобура, илии-атах (көмө киһини этиигэ), түргэн-тарҕан диэн биир суолталаах игирэ тылларга курдук. Саҥа киирбит тыллары эмиэ ити быһыытынан сахатытарбыт буоллар, филологическай факультет диэни билэлиэгийэ бакылтыата диэбэккэ, саатар билологическай бакултет диэн сахалыы соҕус саҥарыах, киһилии соҕус кэпсиэх этибит . Биллэн турар, саҥа киирбит тылы киһи-киһи атын-атыннык сахатытар, олортон биир ордук табыллыбыта олохсуйан хаалар быһыылаах. Сороҕор биһиги дьиэбитигэр универмаг, универсам диэн тыллары [ньармаак], [ньарсаам] диэн эмиэ кэпсэтэр буоларбыт. Ол тэҥинэн университет диэн тылы ньарсытыат диэҕи, хайдах эрэ, наука хараамыгар сөбө суох аат, [унибэрситиэт] дии сылдьыбыт быдан ордук.

Студент уонна студентка диэн эдэр саас икки саамай сырдык тыллара, ону устудиэн уонна устудиэнка диэбэккэлэр, иккиэннэрин устудьуон диэн биир тылынан солбуйаллар. Бу тыл, сөбүнэн сөп эрээри, оҕо дьон уоһуттан соччо үчүгэйэ суохтук иһиллэр. Ол курдук, устудиэн устудиэнканы кэргэн ылар диирбит оннугар, устудьуон устудьуону ойох ылар диирбитигэр тиийэбит. Ама да сахатытыы баарын иһин, саарбах соҕус тыл-өс буолбаат!.. Киирии тылы сахатытыыга ханнык эрэ халбаҥнаабат быраабыла баар да буоллаҕына, ханна эрэ элэҥ-сэлэҥ көстөн ааһар эриэккэс эстиэтикэ диэн эмиэ баар буолуохтааҕа экчи умнуллуо суохтаах. Ардыгар этэллэр: аатырбыт артыыс кэнсиэртии кэлбит үһү диэн, манна ол кэлбит артыыс эр киһитэ да, дьахтара да биллибэт, ону быһаарар өссө биир этии наада. Оттон аатырбыт артыыс дуу, артыыска дуу кэлбит диэбит буоллар, онон бүтүөх этэ буоллаҕа дии . Онон, саҥа киирбит тыллары сахатытыахха эрэ диэн сахатытыы, бары өттүттэн барытыттан көрдөххө, саха тылыгар бэйэтигэр олус элбэх охсуулары оҥоруон, сүр элбэх сүтүктэри таһаарыан эмиэ сөп эбит.

Ол эрээри, саҥа киирбит тыллары сахатыта сатыахтаахпыт. Оннук санааттан даҕаны мин эмиэ компьютер, интернет диэн тыллары хоһооннорбор хара маҥнайгыттан сахатытан киллэртээн барбытым. 1998 сыл «Чолбон» сурунаал 7-с нүөмэригэр тахсыбыт «Остуоруйа уонна история» диэн поэматтан:


Төһө да үтүөнү, ырааһы
Төлкөлүү сатаабыт иннигэр,
Олохтон букатын ырааҕы
Оҥорон саҥарар-иҥэрэр
Ырыынак, көмпүүтэр кэмигэр
Ыллыга суох тыллар инилэр.

2003 сыл олунньу ый 22 күнүнээҕи «Саха сирэ» хаһыакка бэчэээттэммит «Тимир ааннар» диэн поэматтан:


Дьикти олох диэн дьэ ити буолар,
Итиннэ өссө эбэн кэбиһиҥ
Көмпүүтэр тута көрүнэн туолар
Интэриниэт эгэлгэ ситимин.

Билигин [көмпүүтэр] диэн дьон үксэ саҥарар, ол букатын даҕаны саха бэйэлээх бэйэтин тылын курдук иһиллэр. Бэчээт даҕаны онтон туора турбат быһыылаах .

Манна өссө ханнык даҕаны быраабылата суох норуот бэйэтэ хайдах сатыырынан өр кэмнэргэ өрүтэ-таҥнарыта тутаттаан сахатыппыт тыллара саамай судургу уонна сорохторо саамай үйэлээх буолалларын бэлиэтээн ааһар наадалаах. Холобура, больница — балыыһа, председатель — бэрэстээтэл, голова — кулуба, кабачок — хабаача эҥин диэн олус элбэх олохсуйан хаалбыт тыллары булуохха сөп. Оттон квитанция диэн тылы, кибитээнсийэ диэн буолуохтааҕын, үчүгэй баҕайытык бүтээнсийэ диэн кэбиспиттэр. Бу тыл билигин соччо-бачча туттуллубат, ол аата сахатыйбыт тыл барыта саас-үйэ тухары барбат эбит.

Түмүктээн эттэххэ, саҥа киирбит тыллары сахатытыыга аҥаардас аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэригэр олоҕуруу ардыгар туттарга туоратык, саҥарарга салаҥнык тахсарын быһыытынан дьон араас ньымалары туттубуттара ырааппыт эбит. Олортон саамай таһаарыылаахтарынан, саамай табыгастаахтарынан тылы хайдах саҥарылларынан, хайдах иһиллэринэн сахатытыы буолан хаалбыт эбит. Ону хайдах даҕаны билиммэт буолар ааппыт суох.

9

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн биһиэхэ эмчит, учуутал идэлээх эдэр уолаттар, кыргыттар соҕурууттан кэлиилэрэ элбээбитэ. Саха сирин түгэх нэһилиэктэригэр кытта нууччалыы саҥа иһиллэр буолбута. Биһиги оҕолуун-улуулуун нууччалыы билэр баҕабыт туохха да тэҥэ суох улахана быһыылааҕа: төһө даҕаны бастаан утаа күлүү-оонньуу курдук «кыһыл оҕо» диэни «красный ребёнок», «утуктаатым, уум кэллэ» диэни «вода пришла» эҥин диэн туруору тылбаастааһынтан саҕалаатарбыт, биирдии-иккилии тылынан да буоллар, улуу нуучча тылыгар уһуллан киирэн барбыппыт. Кэлин бэйэбит нуучча, омук сорох тылларын, этиилэрин сахалыы тылбаастаан туттар дьон буолбуппут, холобура, он снимает обувь — кини атаҕын устар, ватерпас — уу харах эҥин диэннэри. Киирэр тыллар урут суох саҥа өйдөбүллэри илдьэ сылдьаллар, ол иһин кинилэри ол суолталарын сүтэрэн кэбиһиэхтэрэ диэн оннооҕор сайдыылаах тыллар соччо-бачча тылбаастыы эбэтэр бэйэлэрэ айбыт тылларынан солбуйа сатаабаттар.

Ааспыт үйэ саҕаланыытын диэкиттэн үгүс саха үөрэхтээхтэрэ киирии тыллар тылдьыттарын оҥортоон барбыттара биллэр. Ол эрээри, сахабыт тыла онтон бэрт ахсааннаах тылы ылыммыта, ол барыта үс саха тылын үрдүн-аннын, түөрт саха тылын төрдүн-төбөтүн биэс тарбахтарын курдук билэр дьон тылбаастаабыттарын уонна өссө оччолорго Саха сиригэр атын омук адьас аҕыйаҕын үрдүнэн. Кэлин даҕаны араас тылдьыттары оҥороллор, элбэх үөрэх кинигэтин тылбаастыыллар, суруйаллар гынан баран, сахабыт тыла онтон биир саҥа тылынан сайдыбыта, биир киэҥник туттуллар тылынан тупсубута тоҕо эрэ көстүбэт курдук.

Мин эмиэ строка, строчка диэн тылы субурҕа диэн тылынан солбуйан хоһооннорбор холбоон көрбүтүм эрээри, кини дьылҕата эмиэ, арааһа, атыттартан ордубата быһыылаах.


Итинник сахатыта сатаан
Этэбит тыллары араастаан,
Ардыгар тылбаастаан турабыт
Аан дойду билиммит тылларын —
Балыгы баҕанан солбуйуу,
Бадаҕа, биһиэхэ бэрт хойуу.

Билигин бизнесмен диэн тылы атыыһыт, эргиэнньит, эргиэмсик диэн олохсуйбут тыллар баалларын үрдүнэн, була сатаан урбаанньык диэн олох сыһыана суох тылы киллэрээри эргичийэ-урбачыйа сатыыллар. Урбаанньык — ураанньык дуу, умыбаанньык дуу диэх курдук. Эбэтэр урбанизм диэн тылтан таһаардахха, букатын даҕаны куорат олохтооҕо диэҥҥэ кубулуйан хаалыан эмиэ сөптөөх тыл. Онон биһиги эмиэ аан дойду бүтүннүүтэ билиммит бизнес диэн тылын бииһинэс дуу эбэтэр биисинэс дуу диэн сахатытан саҥарарбыт эбитэ буоллар, бизнесмен диэн тылы урбаанньык диэхтээҕэр, биһинэсимиэн эбэтэр бисинэсимиэн диирбит ордук чуолкай уонна ордук өйдөнүмтүө буолуох эбит .

Инники этиллибитин курдук, нууччалыыттан сахалыы тылбаастааһын уустук уонна мөккүөрдээх, ол курдук тылбаастанар да, тылбаастыыр да тыл өҥө-дьүһүнэ, эгэтэ-дэгэтэ элбэх буолан барыта учуоттаммакка хаалар. Ону «Быһаарыылаах тылдьыт» диэн саха тылын ийэтэ-аҕата дэнэр биир сүрүн кинигэбит аата даҕаны туоһулуур. Хас биирдии тылбыт былыргы, аныгы суолтатын быһааран биэрэр тылдьыт «быһаарар тылдьыт» диэн буолуохтааҕа, тоҕо эрэ, бэйэтин быһаартарар «быһаарыылаах тылдьыт» диэн буолан хаалбыт. Быһаарыылаах киирсии (решающая схватка), быһаарыылаах хардыы (решительный шаг) — аныгы саха тылыгар нуучча тылын сабыдыалынан үөскээбит ситимнэр буолаллара мөккүөрэ суохха дылы. Онон, дьиҥ сахалыы тылбаастаатахха, толковый словарь — быһаарар тылдьыт.

Ити икки тылбаастан хайалара ордук сөбүн хаһан эрэ, баҕар, ханнык эрэ сиэттэрбит быһаарыахтара уонна көр-оонньуу курдук күргүөмүнэн этиэхтэрэ: саха тылын сатарыйыыта, өбүгэ тылын өлүүтэ саманнык алҕастартан саҕаламмыт эбит диэн.

«Именно ол иһин биһиги сразу сыыһабытын-халтыбытын барытын успейдаан көннөрө охсуохтаахпыт, кэньиэһинэ, кэлэр көлүөнэ кэпсэлигэр киириэхпитин баҕарбат буоллахпытына». Хомойуох иһин, сороҕор итинник курдук эмиэ саҥарабыт. Ол барыта, дьиҥэр, ким эрэ нууччалыы билэрин көрдөрө сатааһыныттан буолбатах, үүт-үкчү итинник суолталаах тыллар суохтарыттан дуу эбэтэр, баар да буоллахтарына, тута көстө охсон биэрбэттэриттэн дуу тахсар. Холобура, «үлэм элбэҕэ бэрт, тугу да успейдаабаппын» дииллэр. Манна успейдаабаппын оннугар ситиспэппин, баттаспаппын, бүтэрбэппин диир сатаммакка дылы, арай «үлэм элбэҕэ бэрт, барытын саба тута охсор кыаҕым суох» эҥин дииллэрэ сөбө эбитэ дуу. Итинник нууччалыы биир тылынан быһа этиллэр суолу сахалыы хас даҕаны тылынан эргитэн аҕалан эттэхпитинэ, быһаардахпытына эрэ сатанар курдук.

10

Дьоннор ханнык баҕарар билбэт тылларын, бастаан, хайдах иһиллэринэн саҥараллар. Ол быһыытынан советская власть диэни, сэбиэт былааһа буолбакка, сэбиэскэй былаас дииллэр, ону таһынан сэбиэскэй былаас уонна сэбиэт былааһа диэн отой да атын-атын суолталаах өйдөбүллэр буоллахтара дии. Конституционнай суд диэни эмиэ кониститууссуйа суута диэххэ сөп курдук эрээри, туох эрэ тутахтаах буолан, кониституссуоннай суут дии сылдьабыт. Ылан көрүөҕүҥ өссө байыаннай бирикээс уонна бырааскай магиила диэннэри. Манна -скай уонна -най диэн даҕааһын аат сыһыарыыларын ылан кэбистэххэ, бу тыллар билиҥҥи өйдөбүллэрэ биллэрдик уларыйыан сөп, ол кыһалҕатыттан буолуоҕа, хайдах баалларынан саҥаран эрдэхпит. Оччотугар, арыт-ардыгар, туох да буруйа суох, төттөрүтүн тылга олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһар дьону сыыһа саҥараллар диэн алҕас буруйга-сэмэҕэ тарда сатыыр эбиппит буолбаат? Онон тылга олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыллыахтаах эбит.


Оо, сыыһа биһиги тылбытын
Олоххо сөп суолу талбытын,
Олоҥхо тылыттан атын диэн,
Омукка маарыннаан эрэ диэн
Кытаанах сэмэҕэ тардабыт,
Кынатын бэйэбит быһабыт.

Билигин сахабыт тылыгар уонунан, сүүһүнэн омук тыллара уу сүүрүгүнүү устан киирдэр киирэн иһэллэр. Ону барытын тута сахатыта да, тылбаастыы да охсор кыахпыт суох.

Урукку дьон, сатаабат да муҥуттан буолбутун иһин, саҥа киирэр тыллары сахалыы дорҕоонноон саҥарар эбит буоллахтарына, аныгы ыччаттар, араас омуктар тылларын үөрэтэр, билэр буоланнар, саҥа киирэр тыллары бэйэлэрин тылларын курдук бэрт чэпчэкитик ылынан, хайдах баарынан саҥараллар уонна хаһан эрэ онтон аккаастанан, холобурдаан эттэххэ, филологический факультет диэни, төһө даҕаны аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин утумун кэспэккэ сахатытыллыбыттарын иһин, бэлэлэгиичэскэй бэкилтиэт дуу, балалагыычаскай бакылтыат дуу, болологуучаскай бокултуот дуу диэн саҥарыахтарын киһи улаханнык саарбахтыыр.

Улахан мэһэйинэн улуу нуучча тылыгар баар, оттон биһиэхэ суох уһуурар-иһиирэр дорҕооннор буолаллар .


Саатар, баар үһүлэр сороҕор
Сахалыы сатаммат дорҕооннор,
Бука, ол ж, з, ф дорҕооннор...
Боппугаай сатыа ньии оннооҕор!
Сахалар, киэн туттар буолумаҥ
Һаҥаҕыт һэниэтэ һуоҕунан —
Эрчимэ, чуолкайа суох саҥа
Инники кэскилэ хараҥа.

Бу, кырдьык, биир өттүнэн — олус уустук, иккис өттүнэн — олус судургу боппуруос. Биһиги ол дорҕооннору бэйэбит киэнинии ылынар, билинэр буоллахпытына, кыһалҕа судургутук быһаарыллар. Оттон ол дорҕооннору олохпутугар тутта сылдьан, ону мэлдьэһэ сатыыр буоллахпытына, ол аата эмиэ, холобура, «Сеня сиэнэ Женя» диэни «Сиэнньэ сиэнэ Сиэнньэ» эбэтэр, өссө ааһа сахатытан, «Һиэнньэ һиэнэ Һиэнньэ» дии сылдьарбытыгар тиийэбит. Дьэ оннук саҥалаах-иҥэлээх дьон бу балысхан сайдыылаах олоххо, бука, ырааппаппыт буолуоҕа. Ол барыта саҥа киирбит тыллары саха тылын алдьатар кыр өстөөхпүтүнэн ааҕарбытыттан уонна олору сахатыта сатааһын ухханыгар тылбыт төрүт өйдөбүллэриттэн тэйэн эрэрбититтэн тахсар буолуохтаах. Урааҥхай саха — от-мас тыла тыллаах айылҕа оҕото, ол иһин кини тылыгар киһи аймах олоҕун-дьаһаҕын, култууратын, сайдыытын кэрэһилиир киирии тыллар элбэх буолаллара төрүт да мөккүөрэ суох, ол эрэн, ол — тыллар эрэ. Кинилэри эн сахатытарыҥ-сахатыппатыҥ, туттарыҥ-туттубатыҥ бэйэҥ көҥүлүҥ, онон кинилэр эн тылгын улаханнык алдьатар-кээһэтэр, өлөрөр-өһөрөр кыахтара суох.


Сороҕор саха да тылынан
Суруйуохха сөп омук курдук,
Сороҕор омук да тылынан
Суруйуохха сөп саха курдук —
Суруллубут тыл-өс барыта
Сокуон диэн буолбатах, быһата.

Биһиги саҥабыт ис тыынын
Билбэппит алдьатар куруутун:
Эбэтэр кини сахалыытын,
Эбэтэр кини омуктуутун
Быһаарбат хас тыл туттуллуута,
Быһаарар этии тутуллуута.

Билиҥҥи саха ыччата киирии тыллары хайдах баарынан саҥара сылдьар, саҥара сылдьыыһык даҕаны быһыылаах. Ол, баҕар, киирии тыл дьиҥ бэйэтинэн дорҕооно ордук чуолкайын, ис хоһооно ордук толорутун иһин буолуоҕа. Биһиги ыччаппыт даҕаны аан дойду бары дорҕоонугар барытыгар уйдаран, аан дойду бары өйдөбүлүгэр барытыгар кыттыһан олоруон, үүнүөн, сайдыан баҕарара, ама, туох одуулаах-сиилээх, сэмэлээх-суҥхалаах буолуоҕай? Онон киирэр тыллары утары охсуһуу суох өстөөҕү кытары охсуһуу, кураанахтан куттаныы кэриэтэ буолар. Ол оннугар бэйэбититтэн куттанарбыт ордук оруннаах. Ол тугуй-ханныгый диэтэххэ, бастакытынан, сахабыт тылын сүмэтин илдьэ сылдьар тылларбыт дьиҥнээх суолталара умнуллан, букатын атын суолтаҕа туттуллуулара, иккиһинэн, саха саҥата-иҥэтэ, сахалыы иһиллиитин сүтэрэн, нууччалыы дуу, хотулуу дуу тартарыылаах туох эрэ атын саҥаҕа кубулуйан эрэрэ уонна ол барыта хонон турдах аайы хойдон иһэрэ буолар.


Төһөннөн эн чуолкай тыллааххын,
Соччоннон эн чуолкай өйдөөххүн,
Төһөннөн эн сытыы тыллааххын,
Соччоннон эн сытыы өйдөөххүн.
Оттон ким киэҥ өйдөөх-санаалаах —
Ол киһи кэрэхсиир саҥалаах.

Сүүрбэччэ сыллааҕыта «уларыта тутуу» кэлэн, улуу Сэбиэскэй Сойууһу урусхаллаан киирэн барбыта. Биһиэхэ эмиэ «төрүт култуурабытыгар төннөбүт», «оҕобутун дьиэтигэр иитэбит», «оскуолаҕа сахалыы үөрэтэбит», «нассынаалынай кэнсиэпсийэ», «субэринитиэт» эҥин дии-диилэр наһаа барыы, нөҥүө түһүү, сүпсүгүрүү бөҕөтө буолбуттара. Олор истэригэр саха тылын, саха үгэстэрин «саҥалыы тилиннэрэбит» диэччилэр эмиэ бааллара. Ол, биллэн турар, үс төгүл үлүннэриилээх, уон төгүл омуннаах, бэйэлэрин норуоттарын холуннаран биллэ-көстө сатааччылар мээрилэрэ, дохсун кэм долгунугар олорсон тойон-хотун буола сатааччылар дойҕохторо этэ.

Ол сыыһа-халты, ханнык даҕаны соруга суох түбэһиэх быһыыланыы түмүгэр билигин, ыстатыыстыка (эбэтэр ыстатиистика) көрдөрөрүнэн, сахалыы саҥарар саха ахсаана элбиэхтээҕэр аҕыйаабыт, оттон оҕолорбут тустарынан этэ да барыллыбат, ол олохпутун оҥоруох, төлкөбүтүн түстүөх баар суох дьоммут сахалыы саҥаларыттан отой да тэйэн эрэллэр үһү .

Биир курдук оннук даҕаны буолумуна, улахан дьоннор (арааһа, былыргыттан билиҥҥэ диэри баар «оҕо кута», «өбүгэ үгэһэ» курдук сүрүн өйдөбүллэри маарыннатан буолуоҕа) үөһэттэн айдарыылаах үс саха тыла, маннык куттааҕын, оннук үгэстээҕин, өссө, буолан баран, үйэлээх үгэстээҕин, киһи эрэ билбэт, ким да сатаан туттубат эҥин дии сылдьар буолбуттарын кэннэ, ама, ханнык оҕо «уу баһыам», «ынах сылгылыам», «дьиэ харбыам», «бөх таһаарыам» диэн уу судургу тыллары саҥарыан баҕарыаҕай, эгэ, ону толоро сатыа баара дуо? Суох бөҕөтө буоллаҕа дии!

Ханнык баҕарар дьыала үчүгэйэ-куһаҕана түмүгүнэн быһаарыллар, онон саха тылын салгыыр дуу, сайыннарар дуу тустаах дьон ити тахсыбыт сыыһаны-халтыны барытын билинэн, ырытарын ырытан, көннөрөрүн көннөрөн сахалыы тыл-өс тыыннаах хаалан салҕанан бара турарын туһугар үлэлэрин-хамнастарын баар быһыыга-майгыга сөпкө аттаран саҥалыы тэринэллэрэ ирдэнэр буолла.

Тыл сайдыыта олох сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах, ону кыайан өйдөөбөтөхпүтүнэ, кураанаҕынан куолулуу олорон тылбытын кырдьык да сүтэриэхпитин сөп. Онно буруйдаах бэйэбит эрэ буолуохпут.

11

Нууччалар «Слово о полку Игореве» диэн аатырбыт эпостара, эпостара да диэн буолуо дуо, уус уран айымньылара, уон биирис үйэҕэ суруллубут. Ону кинилэр чулуу поэттара, уон тохсус үйэттэн саҕалаан, билиҥҥи нуучча тылыгар тылбаастаан барбыттар, ол эрээри, ити айымньы сорох этиилэрин тылбаастара күн бүгүнүгэр диэри улахан мөккүөргэ сылдьаллар. Тыл диэн аҕыйах үйэ иһигэр, көр, оннук түргэнник уонна киһи билбэт гына уларыйа охсон хаалар эбит. Биһиги даҕаны тылбыт, итинэн сылыктаатахха, мэлдьи биир буолбатаҕа биллэр. Холобура, долгааннар уонна дьэһиэй сахалара былыргылыы «һаха һаҥата» диир эбит буоллахтарына, биһиги аныгылыы «саха саҥата» диэн саҥарабыт . Оттон түҥ былыр түөрт сахалар төрүттэрэ, үс сахалар өбүгэлэрэ хайдах саҥалаах-иҥэлээх дьоннор эбиттэрин билигин хантан билиэхпитий?

Олоҥхо, таабырын, чабырҕах, номох, үһүйээн — уостан уоска бэриллэр уус-уран айымньылар. Ханна, хаһан төрөөбүттэрин ким даҕаны чуолкайдык этэр кыаҕа суох. Олортон арай олоҥхо эрэ былыргы дьыллар былдьаһыктаах мындааларыгар, урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларыгар диэн бэйэтин сааһын бэйэтэ быһа холуйан быһааран биэрэр курдук. Ол аата сахалар билиҥҥи кэмнээҕи олоҥхолорун адьас кэнники, бу дойдуга букатыннаахтык дьиэтийэн эрэ бараннар, айан-тутан барбыт эбиттэр быһыылаах. Манна өссө Афанасий Уваровскай XIX үйэ бастакы аҥаарыгар аан бастаан сурукка киллэрбит «Эр Соҕотох» диэн олоҥхотун санаан ааһарбыт саамай сөптөөх буолуоҕа. Сирийэн аахтахха, бу олоҥхо саҥардыы этэ-сиинэ эрдийэн, тыла-өһө чочуллан эрэрэ биллэ-көстө сылдьар уонна билиҥҥи олоҥхолор сайдыыларыгар бигэ тирэх буолбут биир бастакы олоҥхо буолар, онно ханнык да саарбахтааһын суох. Хас биирдии олоҥхо хайаан даҕаны Саха сирин сайыҥҥы айылҕатын, кыылын-сүөлүн, көтөрүн-сүүрэрин, саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, сүөһүтүн-аһын ойуулааһынтан саҕаланар уонна хара харахтаах хаҥыы, хоппуруос харахтаах хойдо илигинэ буолбут быһылааннары кэпсээн оҥорон кэпсиир, ырыа гынан ыллыыр. Онон саха билиҥҥи олоҥхото, эпос быһыытынан төһө да дириҥ төрүттээҕин иһин, олус өрдөөҕүтэ буолбакка, аҕыйах сүүс сыллааҕыта айыллан баран, уон тохсус үйэ бүтүүтүгэр уонна сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар ситэн-хотон сириэдийэн суол аайы сураҕырдаҕа, аартык аайы аатырдаҕа. Билигин ол кэмнээҕи балтараа сүүсчэкэ олоҥхо, сурукка түһэриллэн баран, Тыл уонна история иниституутугар уурулла сытар диэн буолар. Сорохтор ону барытын бэчээттээтэхпитинэ эрэ култуурабыт сайдыан, олохпут тупсуон курдук саныыллар. Ол эрээри, олоҥхолор барыларын сюжеттара маарыннаһарын, сири-дойдуну хоһуйуулара биирдиҥитин быһыытынан, ахсааннарынан буолбакка, хаачыстыбаларынан ордук сыаналаахтар, дэлэҕэ да убайбыт Ойуунускай отут олоҥхоттон уһааран биир эрэ олоҥхону анаан оҥоруо дуо.

Онон сүрүн олоҥхолору сүүмэрдээн таһаарыы тэҥэ, атын олоҥхолору үчүгэйдик үөрэтэн, чинчийэн баран, уратыларын кэпсиир, кыһыл көмүс курдук кылабачыйа сылдьар ким да эппэтэх кэрэ тылларын, кэрэхсэбиллээх этиилэрин, ханна да суох соһуччу тэҥнэбиллэрин бэйэтин иһигэр биһиктээн мунньубут биир эмэ кинигэ тахсара буоллар, олус да хайҕаллаах, олус да туһалаах буолуоҕа.

Оччоҕо ханнык эрэ үрэх баһыгар дуу эбэтэр ханнык эрэ киэҥ алаас кэтэҕэр дуу аан дойдуну анаара олорор олоҥхоһут киһи уоһуттан төрөөбүт биир эмэ улуу тыл Саха сирин үрдүнэн сатарыы тарҕанан барыбыт барҕа баайа буолуох этэ.

Сахабыт тылын ойуута-бичигэ, оһуора-симэҕэ, көрө-нара, күүһэ-уоҕа — барыта олоҥхобут тылыгар түмүллэ сылдьар, оннук даҕаны буолан үчүгэй олоҥхоһуту үмүөрүһэн олорон үстүү түүннээх күнү быһа истэллэрэ диэн, үлүннэриилээх да буоллар, үтүө номох үөскээтэҕэ.


Онно олоҥхо сыыйыллара,
Оччоҕуна, бэл, сыылынайдар
Оһох таһыгар кэлэллэрэ,
Олоҥхоһуту истэллэрэ.
Оо, олоҥхо, кырдьык, дьиктитэ,
Уйулҕаны хамсатар этэ!

Былыр олоҥхоһут элбэҕэ. Кинилэр олоҥхолорун үксүгэр дьиҥнээх олохтон айан таһаараллара, онно барыта бэркэ диэн билэр дьоннорун сорохторун айыы, сорохторун абааһы бухатыырдара оҥортообут буолаллара уонна мэлдьи бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэһэн бастаан нэһилиэктэригэр, онтон улуустарыгар биллэн-көстөн бараллара. Онно дии кинээстэр, кулубалар олоҥхолоон айахтарын ииттэр хамначчыттарыгар биир бастыҥ бухатыырынан бэйэлэрин оҥортороннор бэрт былдьаһыыга мэлдьи кыайыылаах тахсаллара, өстөөхтөрүн-саастаахтарын үөннээх, сытыы тылынан үгэргэттэрэн-хоһулаттаран үйэлээх саастарын тухары эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр ыыталыыллара. Ол барыта улуу ыһыахтар, улахан муҥхалар кэмнэригэр буолара. Онно ханнык олоҥхоһут ханнык киһини хаарыйбытын, туох киһини туойбутун хонугу-хонуктаан таайаллара, кимнээх олоҥхоһуттара кэлэҕэйдээн ылбат кэрэ тыллааҕын, сылайары билбэт сыыйыллар куоластааҕын сылы-сыллаан кэпсииллэрэ.

Онон Туйаарыма Куо, Ньургун Боотур курдук бүгүҥҥү олоҥхо уобарастара аан бастаан хаһан эрэ, ханна эрэ олорбут көннөрү дьон мөссүөннэриттэн айыллан тахсыбыт буолуохтарын эмиэ сөп.


Олоххо дьон бары айанньыт.
Олоҥхо диэн улуу айымньы,
Ол аата кини дириҥ, уустук,
Ону эһиги судургутук
Дьикти эрэ курдук көрүмэҥ,
Дьиҥнээх суолтатын түһэримэҥ.

Олоҥхо диэн бу орто дойду
Олоҕо-дьаһаҕа уйгутун,
Ол онно хаһан эрэ урут
Урааҥхай саха дэнэр омук
Ууһаан-тэнийэн олорбутун
Уустаан-ураннаан кэпсиир тойук.

Айылҕа оҕото, онтон олоҥхо уобараһа, онтон аныгы саха уонна айылҕа тыла, онтон олоҥхо тыла, онтон аныгы саха тыла. Бу икки кэккэлэһэ айанныыр суоллар — урааҥхай саха сайдан кэлбит суоллара буолаллар. Кинилэр иннилэрин уонна кэннилэрин уратылаһыылара кэмэ суох улахан, ол аата аныгы саха олоҕор-дьаһаҕар олоҥхо тылынан-өһүнэн быһаарсар, кэпсэтэр кыаҕа олус кыра диирбитигэр тиийэбит. Ол эрээри, кини — олоҥхотун тылын умнууга хаалларан — улуу баайыттан матар көҥүлэ суох, хата, төттөрүтүн онно хас биирдии оҕотун үөрэтэн, хас биирдии оҕотугар ийэ тылын этигэр-хааныгар иҥэрэр халбаҥнаабат иэстээх. Оҕолорго анаан, оччугуй соҕус олоҥхо кинигэлэрин ойуулаан-бичиктээн таһаарыы, оҕолор умсугуйан көрөр киинэлэрин оҥоруу, урукку дьиҥнээх олоҥхоһуттар бэйэлэрин олоҥхолорун бэйэлэрэ толорууларын уура сылдьан иһитиннэрии уонна кинилэри үтүгүннэрэн олоҥхолото үөрэтии онно барытыгар улахан көмөлөөх буолуох этилэр.

12

Биһиги хаһан эрэ, атах тэпсэн олорон, тылбыт туһунан буолбакка, тылбытынан бэйэтинэн астына, дуоһуйа кэпсэтэр-ипсэтэр буоларбыт. Онтон уларыта тутуу диэн уодаһыннаах кэм кэлэн, олоҕу-дьаһаҕы атыйахтаах уу курдук аймаан барбыта.

Биһиэхэ эмиэ оһуокайбыт, олоҥхобут адьас да умнулунна, сахалыы саҥабыт-иҥэбит букатын да бобулунна диэччи хара балыырдаах дьон хантан эрэ баар буола түспүттэрэ уонна, төрүт култуурабытыгар төннөбүт диэн, түрбүөн-дарбаан бөҕөтүн тардыбыттара. Онтон ыла, һуу-һаа буолан, олохпутун бука барытын кураанах шоуга кубулутан, билигин, кырдьык даҕаны, төрөөбүт тылбыт төрүт өйдөбүллэриттэн, дьэ, дьиҥнээхтик тэйэн эрэбит быһыылаах. Оҕолорбутун төһө даҕаны оһуокайдата, олоҥхолото сатаатарбыт, онтуларбыт уулуссаҕа таҕыстылар да чыҥха атын саҥалаах-иҥэлээх дьон буола түһэллэр. Ыччат дьоммут, ыырдара кэҥээбиттии санааннар, ынах-сылгы сүөһүлээх ыраах өбүгэлэрин тылын ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэллэрин оннугар, чэпчэкилии элбэх нуучча тыла кыбытыктаах, икки-үс тылы эргитэ сылдьан кэпсэтэллэрин ордороллор. Онно кинилэри улаханнык буруйдуур даҕаны сатаммат: аныгы кэм албаҕата, күннээҕи олох көрдөбүлэ оннук буоллаҕа дии.


Биһиги сахалыы тыллаахпыт,
Бэрт элбэх омуктар ыаллаахпыт.
Ардыгар кинилэр тылларын
Араара барбакка ыламмыт,
Сахалыы саҥабыт сыыһыран
Сахсыллан турабыт кыыһыран.

Олоҥхо тылыгар-өһүгэр
Урукку олохпут түмүллэр,
Ол эрэн, доҕоттоор, биһиги
Олорор буолбаппыат билигин,
Оччоҕо, дьэ, хайдах буолабыт,
Онно сөп туох тылы булабыт?!.

Манна кыһыл тылынан кынаттаныы туһата суох, манна тыын кыһалҕаны быһаарар ыллыктаах тылы булуу эрэйиллэр. Биһиги тылбыт туһугар оҕолуун-улуулуун, эдэрдиин-эмэнниин — бары кыһаллыах тустаахпыт, ол иһин саха тылын киһи эрэ билбэт тылын курдук кэпсэтиини тохтоторбут сөп. Оҕолорбутун төрөөбүт тыллара төһөлөөх ыараханынан куттуур оннугар, хата, төрөөбүт тылларынан хайдах сатыылларынан харса суох саҥардан-иҥэрдэн, төрөөбүт тылларыгар истиҥ тапталы иитиэхтээхпит.

Саҥа киирэр тыллартан сорохторо сахатытыахтааҕар, суолталарын да субу диэн өйдүөх иннинэ, бадаҕа, соруктарын толорон, сотору сүтэн хаалбыт буолаллар. Оттон сорохторо улуу мөккүөрү тарда-тардалар үйэлээх сааһыҥ тухары өрүү батыһа сылдьаллар. Холобура, литература диэн тыл «быраабыла» быһыытынан литэрэтиирэ диэн буолуохтаах этэ даҕаны, норуот ону ылыммакка хайдах иһиллэрин курдук саҥара сылдьар. Итинтэн да көстөрүнэн, биир тылга илин-кэлин аһаҕас дорҕооннор бииргэ сылдьалларын билинэрбит буоллар, эрэйбит-муҥмут эмиэ да аһыйыах этэ .

Ол курдук, ити этиһэн-охсуһан, эт-тирии баранан эрэй-муҥ бөҕөнөн «сахатыппыт» киирии тылларбыт үгүстэрэ, «чарчыына», «бырааба» эҥин диэн эргэрбит тыллар курдук, салгын сиигин кэриэтэ сарсын симэлийэн, сүтэн хаалыахтара турдаҕа дии. Оттон институт диэн күндү тылы, судургу баҕайытык [иниституут] дии сылдьаммыт, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн үстүтүүт дииллэрэ туох ордуктааҕый, төттөрүтүн, олуона соҕус буолбатах дуо? Эбэтэр эксперимент диэн тылы, саҥарылларынан экиспэримиэн диэбэккэлэр, сүрэҕэлдьээн дуу, тыллара өҕүллүбэккэ дуу, эспиримиэн дииллэр, оттон [к], [с] дорҕооннорбут ханналарый? Омук да тылын оруннаахтык уларытыахха буоллаҕа дии .

Аны наука оннугар билим диэн суруйар буоллулар. Бу иэс ылан баран, кыра аҥаарын эрэ төннөрбүккэ тэҥнээх: наука дьиҥнээх суолтата үөрэх, үөрэтии диэн эбээт! Биллэрин курдук, биһиги олохпутун, үүнүүбүтүн-сайдыыбытын барытын наука салайар, ону, була сатаан, оччо-бачча өйдөммөт, ханнык эрэ быыкаа тылынан солбуйан кэбиһии тылга эппиэтинэһэ суох сыһыан буолар . Бу хайдах эрэ тыл дьиҥнээх суолтатын ыччаттан кистии, буккуйа сатыырга маарынныыр, били «мундууруйа буһаарыйа, собооруйа хоспооруйа кистээрийэ» диэбит курдук. Оттон тыл оригинала уонна тылбааһа адекватнай буолуохтаахтар. Холобура, ааспыт үйэ биэс уонус сылларыгар биһиги дойдубутугар «освоение целинных и залежных земель» диэн хамсааһын баар этэ, ону «кырыс уонна оһорбо сирдэри туһаҕа таһаарыы» диэн, оруобуна тылбаастаан, уу сахалыы саҥаран барбыттара.

Итинник тылбаас барытыгар табыллар буолбатах, ол иһин даҕаны оннооҕор улуу омуктар, тылы ыллылар да, тылбаастыахха эрэ диэн тылбаастыы сатаабаттар. Өксөкүлээх улуу дьаалы ойууна эмиэ, билиитинэн билгэлээтэххэ, сырыытынан сылыктаатахха, оччолорго нууччалыы тылынан тахсар кинигэни аахпалаабыт буолан буолуо, «Биһиги диэки бэрэһэлиэннээн иһэллэр» диэн этиини, сахатыттаҕым аатыран, «Биһиги диэки көһөн иһэллэр» диэн этиинэн саамай сөпкө солбуйбатах, ол курдук манна көннөрү «көс дьон» диэн өйдөбүл оччотооҕу Столыпин икки мөлүйүөннээх «переселенцы» диэн өйдөбүлүн дириҥ политическай ис хоһоонун толору кыайан көрдөрбөт этэ .

Ардыгар сорох этиилэрбит алыс элбэх киирии тыллаах буолааччылар, ону атын омуктар — ааҕан дуу, истэн дуу — ааппытын-суолбутун түһэриэхтэрэ диэн, онтон кыбыстааччылар эмиэ бааллар. Ол эрээри, доҕоттоор, онно этиилэргит тутуллара, тылларгыт ситимнэрэ сахалыы буоллахтарына, ханнык даҕаны култуурунай ааттаах киһи эһигини сиилии-хоһулуу сылдьыа суоҕа, ол курдук билигин аан дойду үрдүнэн чөл тыллаах омук диэн ханна да суох. Орто дойду олоҕо уларыйа-тэлэрийэ турар, ол аайы тыл эмиэ тыыннаах хаалар туһугар араастаан уларыйбыт-тэлэрийбит буолар. Онтон сылтаан, кинини ханнык эрэ быраабылаттан халыйда диэн буруйдуо-сэмэлиэ суохтаахпыт, киниэхэ төһө кыайарбытынан тыыннаах хааларыгар көмөлөһө эрэ сатыахтаахпыт.


Сүүс сылы өҥөйөн көрүөҕүҥ,
Сөпкө тыл суолтатын өйдүөҕүҥ,
Тыла чөл омук диэн, бука, суох,
Тылбытын бука диэн бопсумуох —
Бэйэтин кыаҕынан сайыннын,
Бэйэтин бэйэтэ дьаһаннын.

Тылбыт бу маннык кэрэтиттэн,
Тыыннаах баччаҕа кэлбититтэн,
Алгыһын баһа сыалааҕыттан,
Аны да сайдар кыахтааҕыттан
Биһиги үөрүөх эрэ тустаахпыт,
Мэһэйдэһэ сылдьыа суохтаахпыт.

13

Кыахпыт-күүспүт кыра буолан дуу, туохха барытыгар аан дойдуга тиийэ аатыра, биллэ-көстө сатыыр дьалхааныгар сылдьаммыт, ардыгар тус бэйэбитигэр туох да сүр суолталаахха кытары болҕомтобутун аанньа уурбат адьынаттаах дьоммут. Үүнүөхпүтүн-сайдыахпытын чахчы баҕарар буоллахпытына, ол онтон букатыннаахтык босхолонуох тустаахпыт, ол курдук төрөөбүт тылбыт төлкөтүн быһаарарга тылтан дьыалаҕа киирэр кэм кэллэ быһыылаах. Тылбыт-өспүт сайдыытыгар ааспыт үйэ саҕаланыытыттан күн бүгүнүгэр диэри сатаан быһаарылла илик икки утарыта турар көрүү баар. Ол барыта саха тылыгар саҥа тыллар саба көтөн киириилэриттэн саҕаламмыта.

Оччолорго саха дьоно саҥа киирбит тыллары сатаан саҥарбат да, кыайан өйдөөбөт да этилэр. Ол иһин ол тыллары баһылыы охсоору, саха оччотооҕу бастыҥ үөрэхтээхтэрэ хас даҕаны тылдьыты оҥорбуттара уонна, улуу дьоннор улуулара өтөн буолуоҕа, ол тылдьыттарын күүстэринэн норуоттарыгар соҥнуу сатаабатахтара. Баҕар, ол иһин даҕаны буолуоҕа, саҥа тыллары барыларын сахатытыы кыаллыбатаҕа, онон киирии тыллар үксүгэр хайдах баалларынан эбэтэр ханнык эрэ чугас маарыннарынан туттуллан барбыттара. Саха тыла онтон байбыта, баараҕадыйбыта, күүһүрбүтэ-уоҕурбута эрэ диэх тустаахпыт. Саха омуга бэйэтин барааларыгар биир баай култууралаах, сайдыылаах литэрэтууралаах омуктар ахсааннарыгар киирбитэ.

Ону баара, бүгүн эмиэ саҥа киирбит тыллары барыларын сахатыта сатааһын ыарыыта саҥаттан өрө туран кэбистэ. Бу маннык сорунуу сөбүнэн сөп бөҕөлөөх гынан баран, ол кыаллыбат буолара диэн эмиэ баар буолуон сөп. Биһиги кэлэр кэскилбит — оҕолорбут, эдэр ыччаппыт — хас биирдии киирии тылы барытын сахатыта сатыы сырыттахпытына, бу балысхан сайдыыттан ханна эрэ хаалан хаалыахпыт диэбит курдук, тылы хайдах баарынан саҥараллара, иһиллэрин курдук этэллэрэ, дорҕоон дьүөрэтин тутуспаттар диэн, туора көрүллүө суохтаах. Саха тылын сайдыытыгар уонна туттуллуутугар баар бу икки утарыта турар көрүүлэр икки кэккэлии сытар суолларынан ити курдук бииргэ айаннаан кэллилэр, кэнэҕэһин даҕаны эмиэ итинник, эйэ дэмнээхтик иннилэрин диэки айаннаабыттарын курдук айанныы, барбыттарын курдук бара турдуннар.

Мин бу тылбыт туһунан кылгас-кылгас бэлиэтээһиннэрбэр саха тылын сатамматах өрүттэригэр тохтотолоон, онно саха дьонун болҕомтотун тарда сатаатым. Уһуну-киэҥи санаабакка, үгүстэр дьулуһалларын курдук, арай күн бүгүн аан дойдуттан киирбит тыллары бука барыларын сахатытан дуу, сахалыы тылбаастаан дуу сахалыы дорҕоонноон суруйан кэбиһиэххэ, оччоҕо уустугунан улуу кытай тылыттан итэҕэһэ суох, саамай үөрэхтээх саха даҕаны сатаан өйдөөбөт салаҥ тылын ылыах этибит. Онон киирии тыллартан олус улахан тутулуктаммакка, кинилэри хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук көрөн, хата, бэйэлээх бэйэбит тылбытыгар бэйэбит чугас дьоммутугар курдук сыһыаннаһан, бэйэбит дьиэтээҕи кыһалҕабытын быһаара сатыырбыт буоллар, быдан ордук буолуох этэ.

Тыл киһиэхэ үөһээттэн да, алларааттан да бэриллибэт, тылы киһи бэйэтэ айар. Эн кини тылыгар баҕарбыт тылгын барытын күүһүлээн да кыайан киллэриэҥ суоҕа, ол курдук биир омук тыла атын омук тылыттан наадалаах эрэ тылын бэйэтигэр киллэрэр. Ол иһин тыл туһунан мөккүөр наукаҕа эрэ туһалаах дьарык буолуон сөп. Оттон биһиги олохпутугар тыл тыынар салгыммыт курдук күндү, иһэр уубут курдук минньигэс, туттар сэппит курдук туһалаах биир саамай улахан күүспүт уонна бараммат баайбыт буолар.


Ол иһин куруутун биһиги,
Ордук бу кэмнэргэ, билигин
Тыл күүһүн толору туһанан,
Тылбытын имитэн-хомутан,
Сахалыы, омуктуу ыраастык
Саҥарыах-иҥэриэх тустаахпыт.
Ол барыта биһиэхэ бэйэбитигэр суолталаах.

Ханнык эрэ омук тылын үчүгэйдик билэр киһи хаһан баҕарар төрөөбүт тылын оннооҕор өссө үчүгэйдик билэргэ дьулуһар. Биллэн турар, ханнык баҕарар тылы үөрэтиэххэ, билиэххэ сөп, ол эрээри, киһи тугунан эрэ бэйэтигэр чугас, дууһатынан ылыммыт эрэ тылын ордук үчүгэйдик билэр. Биһиэхэ оннук тылынан улуу нуучча тыла буолар. Кини аан дойду биир саамай дэгиттэр сайдыылаах тылларын ахсааныгар киирэр, ол иһин даҕаны буолуоҕа, саха тылыгар сабыдыала олус улахан. Ол биир туоһутунан биһиги нуучча тылын кырамаатыкатын сүрүн быраабылаларын сахабыт тылыгар ситиһиилээхтик тутта, туһана сылдьарбыт буолар .

Сорох сахалар нуучча тылын иккис төрөөбүт тылларын курдук билэллэр уонна таптыыллар, мин санаабар, бу саамай сөптөөх суол буолуохтаах. Билигин нуучча тыла биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник өтөн киирбитин быһыытынан, биһиги оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн икки тылы иккиэннэрин үчүгэйдик билэллэрин курдук үөрэтэрбит ордук буолуох этэ. Олохпут сайдыыта оннук, онтон ханна даҕаны куоппаккын. Билиҥҥи оҕо айылҕа ортотугар буолбакка, араас тэриллээх аныгылыы оҥоһуулаах дьиэ иһигэр үүнэр, сайдар, улаатар, ол аата онно саха тылынааҕар нуучча тыла ордук суолталанар. Былыр сахалар, тыыннара хаайтардаҕына, айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй диэн өс хоһоонноох буолаллара. Куорат сиргэ эмиэ оннук. Аны сахабыт тылын тыына-быара хаайтарар, кини онно кэлэр-барар сирэ суох буолан, кэрэ бэйэтэ кэхтибэтин туһугар, киниэхэ күүһүн-уоҕун тургутунарыгар көҥүл сайдыы наада. Араас тыллары кытары буккуһан, алдьархайтан тыыннаах хаалан, буһан-хатан таҕыстаҕына эрэ, кини эмиэ, улуу тыллар курдук, уһун үйэлээх буолуоҕа.


Орто дойду олоҕор бааллар
Улахан, кыра, улуу тыллар.
Аан дойду үрдүгэр үгүстэр
Аарыма, аччыгый өрүстэр.
Тыллар син өрүстэр курдуктар:
Тыыннаахтар, дириҥнэр, модуттар...

Өрүстэр, үрэхтэр, сыккыстар
Үйэттэн үйэҕэ сырсаллар,
Эмпэрэ сыырдара суулланнар
Эмискэ бүөлэнэр суоллара,
Сорохтор оччоҕо өлөллөр,
Сорохтор, суох, төлө көтөллөр!..

Түмүк тыл

Бастакытынан, киирии тыллар, саха тылын көмөөччүлэринэн буолбакка, көмөлөһөөччүлэринэн буолаллар. Кинилэри хара маҥнайгыттан хайдах иһиллэллэрин курдук саҥара уонна суруйа сатыах тустаахпыт, ону сахатытарын дуу, сахатыппатын дуу, ылынарын дуу, ылымматын дуу тылбыт кэлин бэйэтэ билиэҕэ. Мөккүөрдээх тыллары хайдах туттары сөпкө быһаарар наадатыгар үөрэнэр, үлэлиир ыччат ортотугар ыйытыы ыытыллыахтаах уонна ол түмүгэ хайаан да учуоттаныахтаах. Киирии тыллары эбэтэр бука барыларын сахатытыы, эбэтэр бука барыларын хайдах баалларынан саҥарыы — хайалара даҕаны сүүс бырыһыан кыаллыбат суоллар. Ол аата биһиги тылбыт өссө даҕаны үгүс үйэлэргэ тыыннаах буолан, туохха барытыгар туттулла, кимиэхэ барытыгар кэрэхсэнэ, оҕобутун оонньото, ыччаппытын ыллата сылдьарын туһугар, ханнык эрэ биир түөрүйэҕэ хаайтарбакка, баар кыаҕы барытын туһанарга кыһаныахтаахпыт. Иккиһинэн, сахалар төрүт сирдэриттэн көһүүлэрэ, төрүт дьарыктарыттан тэйиилэрэ төрүт тылларын умнууларыгар тиэрдэрэ саарбаҕа суох. Кинилэр куорат сиргэ култууралара үрдүүр, үүнэллэр-сайдаллар, ол эрээри, тыллара, үгэстэрэ тыаҕа хаалар. Ойуу-бичик саха тыла оттуу-мастыы сипсийэр, сиртэн-буортан күүс-уох ылан ситэр-хотор, чэлгийэр.

Онон, сахалар, тылбытын кытары бэйэбит эмиэ тыыннаах хаалыахпытын баҕарар буоллахпытына, кэскиллээх санааны санаан, эрдээх быһаарыыны ылынан, тыһыынчанан ыччаттарбыт төттөрү тыаларын диэки көһүөхтээхтэр. Онно, киэҥ-куоҥ дойдуларын кэтит иэнигэр, сахаларын тылын сайыннаран, ахсааннарын элбэтэн, хомуллан туран, хаһан эрэ куораттары, сэлиэнньэлэри даҕаны хойуннаран, үс саха аатын ааттатыа этилэр. Үсүһүнэн, хас биирдии киһи, ордук айар үлэһит, бастатан туран, үчүгэйдик билэр эрэ тылларын саҥарыахтаах-иҥэриэхтээх, оттон билбэт тылларын дьонтон ыйыталаһан, тылдьыттартан көрөн бэйэтэ бэйэтигэр тута быһааран иһиэхтээх, оннук киһи хаһан даҕаны тыл суолтатын мээнэ буккуйуо, тылы сыыһырда сылдьыа суоҕа. Билигин биһиги оҕолуун-улуулуун, эдэрдиин-эмэнниин — бука бары тылбытын үчүгэйдик билиэхтээхпит диэн үтүө баҕалаахпыт киһини үөрдэр эрэ. Ол аата хас биирдиибит тыл үгэһин-утумун үөрэтэн, сахалыы хаһыаттары, сурунааллары уонна уус-уран айымньылары элбэхтик ааҕан, тылтан дьыалаҕа көһөрбүт эрэ хааллаҕа дии. Онтон атын буоллаҕына, урукку, хойукку кэмнэрдээҕэр уларыйыыбыт кэнэҕэһин даҕаны бэрт дуона суох буолара буолуоҕа. Бу барыта олоххо киирэрэ олус ыарахана өйдөнөр эрээри, өскүөрүтүн диэн сурулунна.


Саха тыата баар буоллаҕына, саха тыына баар буолуоҕа.
Саха тыына баар буоллаҕына, саха тыла баар буолуоҕа.
Саха тыла баар буоллаҕына, саха омук баар буолуоҕа!



Иван ГОРНАЙ. 2010 сыл, олунньу—кулун тутар, Дьокуускай куорат.



Егоров Иван Николаевич-Иван Горнай 1935 сыллаахха бэс ыйын биэс күнүгэр Горнай оройуонун Ньурбаҕанчына нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини 1943 сыллаахха Өрт сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, ол эрээри, бэһис кылааска хараҕынан ыалдьан хаалбыта уонна биэс сыл устата дьиэтигэр олорорго күһэллибитэ, 1952 эрэ сыллаахха оччолорго Мэҥэ Хаҥалас Доллутугар баар көрбөт оҕолор оскуолаларыгар, соҕотоҕун айаннаан тиийэн, салгыы үөрэнэр дьолломмута. Оттон орто оскуоланы 1958 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ Горнай оройуонугар бастакынан кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ уонна ол сыл Ленинградтааҕы Герцен аатынан пединститукка үөрэнэ эмиэ соҕотоҕун айаннаабыта. Биллэн турар, онно барытыгар мэлдьи үтүө дьон көмөлөрө баар буолара.

Идэтинэн математика учуутала, сахалартан бастакы тифлопедагог. Көрбөттөргө аналлаах сахалыы алпаабыт ааптара. СР «Гражданскай килбиэн» бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. СР үөрэҕириитин туйгуна. СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ. СР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Поэт.


«Күрүлгэн» сурунаал, №6, 2012 сыл.