Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыата

Савва Тарасов, Михаил Тимофеев тыллара

Кирилл Герасимов матыыба

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыата


Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы Ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.

Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Үллэр үөстээх Өлүөнэ
Эбэ Өлбөт-мэҥэ угупуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.

Хос ырыата.

Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.

Хос ырыата.