Саҥа Дьыл (Умсуура)
САҤА ДЬЫЛ
уларытДьиктини күүтэр унньуктаах турук,
Кэтэһиилээх, кэлиэхтээх сурук курдук.
Оҕо сааспыттан саҕаламмыт сайбарыына
Күөх сааспар силлиспитэ, салҕаныыта.
Уһуун-уһуннук ол тыыҥҥа көөнньүбүт
Көйөргө көмүс кымыстаах сүрэхтэнэн
Кэтэспит кэһиибин дьэ туппутум
Ахсынньыттан буолбатах, ыам ыйыттан.
Кыынньыбыт утах бүөтэ төлө көппүтүнүү
Сүрэҕим биирдэ баар буолта
сэттис халлааҥҥа,
Эн эмиэ бу түгэни өрүү күүппүккүнүү
Дьолбут уоҕуттан холуочуйбутуҥ, бадаҕа.
Сып-сырдык күн сандаара көппүтэ,
Үрүҥ былаах курдуга ыам ыйын халлаана.
Ити аата икки сүрэх тапталга бэриммитэ,
Дьолун самнарыа суох буолан андаҕайа.
Эн биһикки уу ньуулдьаҕай күп-күөх сааспыт
Дьоло түстэммитэ халлаан күөх уйаарынан,
Кулгаахтаах истэринэн кэҕэ эппитэ
ааппытын
Сулумахтар эридьиэстэриттэн таһааран.
Онон, доҕоор, эн биһикки саҕаламмыппыт,
Саҥа олоххо хардыылыы,
Ыам ыйыттан: Ыанньыйбыт баҕа санаабыт биэтин ыабыт,
Уруу ыһыаҕын ыспыт саха Саҥа дьылыттан.