Саҥа олох


Үтүргэннээх үйэ
Үүрүллээхтээн хаалла,
Өрөгөйдөөх олох
Үҥкүрүйэн кэллэ.

Баттабыллаах үйэ
Батыллаахтаан барда.
Баһааҕырбат олох
Батыһаахтаан кэллэ.

Күөмчүлэһэр үйэ
Көйгөлөнөн көттө,
Көмүскэстээх олох
Көстөөхөйдүү күөрэйдэ.

Халаһыылаах үйэ
Хампарыйан хаалла,
Ханыылаһар олох
Халбарыйан кэллэ.

Кыһалҕалаах үйэ
Кыйданаахтаан хаалла,
Кыттыһыылаах олох
Кылбайаахтаан кэллэ.

Самнарыылаах үйэ
Сабыллаахтаан хаалла.
Сайаҕастай олох
Сандаараахтаан кэллэ.

Атаҕастаһар үйэ
Аамайданан ааста.
Алгыстардаах автономия
Арыллаахтаан таҕыста.