Үгэ



Саҥардыы төрөөбүт
Саадьаҕай тамыйахчаан
Барыҥныыр баарын хоту
Баакарыйан тиийээхтээн,
Ийэм диэтэҕэ буолуо,
Ибигирии-ибигирии,
Аһыы турар сибиинньэни
Араабылаан барда:
Кутуругун салаата,
Кулгааҕын ньэлбээтэ,
Сымсыгар нүлүйдэ,
Сытыттан илгиһинньэ.
 
Онуоха Хобороонньо
Оччо уоһулуйбакка,
Аһыырын кубулуппакка,
Аргыый саҕарыҥнаан,
Хордургуу-хордургуу,
Хоруудатыгар киирэн,
Хойуу хааһытын
Өрүһүспүттүү
Өрүтэ сапсырыйбахтаата,
Кыыһырбыттыы
Кытарчы көрө-көрө,
Көҥөммүттүү
Көхсүнэн буолбахтаата.
Онтон,
Тохтубутун тобоҕолоору,
Тоотоллон турар торбосчоону
Боруку баар диэн үөйбэккэ,
Бөҕу тиҥсирийэ сылдьан,
Өттүгүнэн утуруйэн кэбистэ –
Ньирэй эрэйдээх ньиччэҕэй сиргэ
«Ньик» гына тустэ,
Уонна хогуппуттуу
Уу баспыт оной-санай хараҕынан
Туу быыһынан
Төгүрүччү көрөн сытта.
 
Оттон чооску,
Киспэтин толорунаат,
Кэннин көрдөрдө.