Сиэр. Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ. (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

И.И.Каженкин-Уйбаан Хааһах

СИЭР. ҮРҮҤ ААР ТОЙОН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Дьокуускай 2024

АННОТАЦИЯ

Киһи өйө-санаата туохтан да иҥнибэтиттэн уонна хааттарбатыттан аһара баран иһэрэ элбээн хаалар. Сиэр диэн сахалар олохторугар туһана сылдьар, өйдөрө-санаалара аһара барарын бэйэлэрэ хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр үөрэхтэрэ буолар.

Аһара барар өй-санаа киһи оҥорор быһыыта эмиэ аһара барарын үөскэтэн иһэриттэн сиэри тутуһууну киһи бэйэтэ тулуурун, туттунар күүһүн туһанан оҥороруттан Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр. Бары ааҕааччыларга ананар.

Народ саха с давних времен имеет свои учения для достижения человечности.

© Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. 2024.

ААН ТЫЛ

Киһи өйө-санаата туохтан да иҥнибэтиттэн, хааттарбатыттан аһара баран иһэр уратыта элбэхтик бэлиэтэнэр. Аһара барар өй-санаа киһи быһыытын эмиэ аһара барыыга тириэрдэрэ куһаҕаны оҥорууну уонна сыыһа-халты туттунууну элбэтэр. Сиэр диэн сахалар былыргы кэмнэртэн олохторугар туһана сылдьар үөрэхтэрэ өйдөрө-санаалара аһара баран хааларын бэйэлэрэ хааччахтаан оҥорор быһыыларын киһи бы-һыытыгар киллэрэн биэрэллэрин үөскэтэр. Тулуур уонна туттунар күүс өй-санаа аһара барарын тохтотор аналлаахтар, ол иһин “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун төрөппүттэр туһанан оҕо тулуурун, туттунар күүһүн дьарыктаан, сайыннаран биэрэллэр.

Өй-санаа хаһан баҕарар аһара бара сылдьарын сиэри тутуһуу хааччахтаан киһи оҥорор быһыытыгар киллэрэн биэрэр аналлаах. Аһара барар өй-санаа киһи оҥорор быһыыта эмиэ аһара барарын үөскэтэриттэн киһи бэйэтэ тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннаран, сиэри тутуһан өйүн-санаатын хааччахтыы сылдьары ситиһэриттэн Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон үрүҥү, хараны, ол аата үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны тус-туспа арааран олохторугар туһанан эрдэхтэринэ сиэр үөскээбит уонна “Туох барыта үһүстээх” үөрэҕи арыйан өй-санаа сайдарыгар аһара барарын тохтотон туһаны оҥорууга тириэрдэриттэн Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕин олохтообут.

Сиэр үчүгэйи оҥорор санааттан үөскүүрүттэн уонна үчүгэй бы-һыылары киһи оҥороругар тириэрдэринэн үчүгэй, туһалаах быһыы-лары элбэтэргэ аналлаах. Ону тэҥэ, сиэри тутуһан оҥоруллар быһыы табыллан, сатанан үчүгэй буолан тахсан туһаны аҕалара эрдэттэн, оҥоруох инниттэн быһаарыллар кыахтанар.

Киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан; үчүгэй уонна куһаҕан буолан тахсалларыттан, үчүгэй өттүн диэки тутуһан ортотунан түбэ-һиннэрэн элбэхтик оҥордоххо сиэр үөскээн тахсар. Сиэр диэн өй-санаа буоларынан элбэхтик хос-хос хатылаатахха күүһүрэн үгэскэ кубулу-йар, умнуллубат турукка тиийэн элбэхтик туттуллар уонна үчүгэйи оҥорор туһугар сиэри тутуһа сылдьыы табыллар. Сиэр киһи үчүгэйи оҥорбут быһыыларын, холобурдарын хос-хос хатылаан элбэхтик оҥороруттан мунньуллан үөскүүрүттэн, үчүгэйи, туһалааҕы оҥорууну элбэтэргэ аналланар.

Киһи субу оҥорбут быһыыта куһаҕаҥҥа тириэртэҕинэ, ол быһыы-ны аны хатылаан оҥорбокко, хаалларан, умнан истэҕинэ табыллар, онтон үчүгэйгэ тириэрдибит быһыылары элбэхтик хатылаан хос-хос оҥороруттан үгэс, сиэр үөскээн тахсар. Ол аата үчүгэйгэ тириэрдибит быһыыны хатылаан оҥоруу сиэри тутуһууну үөскэтэн иһэр.

Киһини санаата салайарыттан сиэри тутуһуу киһи быһыыта диэн өй-санаа хааччаҕын иннинэ үөскээбититтэн, дьон киһи быһыылаах буолууну ситиһэллэригэр тирэх, олук буолан көмөлөспүт. Киһи өйө-санаата хаһан баҕарар ситиспит таһымыттан аһара бара сатыырын, ол иһин сыыһаны, куһаҕаны оҥордоҕуна элбэхтик хатылаан үксэтэн кэбиһэрин сиэри тутуһа сылдьыыта хааччаҕы үөскэтэн тохтотон, оҥорор быһыытын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэригэр туһалыыр.

Сиэри тутуһуу диэн дьон олохторугар туһалаах, үчүгэй быһыы-лары үгэс оҥостон үйэлэргэ тутуһа сылдьаллара ааттанар. “Туох барыта сиэрдээх-туомнаах” диэн этии киһи бары оҥорор быһыыларын былыргыттан туттулла сылдьар үчүгэй быһыылары үтүктэн оҥорорун үөскэтэн куруук сиэри тутуһа сылдьыыга тириэрдэн кэлин туомҥа, онтон киһи быһыыта диэн Киһи таҥара үөрэҕэ тутуһан оҥорор быһыы аһара барарын тохтотор хааччаҕар кубулуйарын биллэрэр.

Саҥаны айыы, айыыны оҥоруу киһи билбэт буолан оҥорбот быһыытыгар киирсэринэн сиэри таһынан барыыны үөскэтэр. Ол иһин элбэх уратыны, сыыһаны оҥорууга тириэрдэр быһыы буолан тахса-рынан сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн хаач-чахтаан аҕыйата, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэ сатыыллар.

Дьон элбэхтик оҥоро сатыыр саҥаны айыыларыттан биир эмэ саҥаны айыы табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорор. Сахалар туһаны оҥорор саҥаны айыыны бэрт сэрэхтээхтик, кырдьаҕас киһи этэр “Кэс тылын” тутуһан оҥороллоругар ыҥыраллар. Ол курдук, үчү-гэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олохторугар таба туһанар элбэх уопуттаах дьон этэн, ыйан биэриилэрин туһанан оҥоруллар саҥаны айыыны “Кэс тылы” туһаныы диэн ааттыыллар.

Өй-санаа туохтан да иҥнибэтинэн, туох да кыайан туппатынан аһара барара элбэҕин сиэри тутуһуу хааччахтаан тохтотор. Сиэр сөп түбэһии, тэҥнэһии өрүтүн үөскэтэн үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар, ол аата икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар үөскээн тахсарын туһана сылдьыы эрэйиллэр. Ол иһин сиэри тутуһуу киһи быһыытын үөскэтэрин тэҥинэн “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини уонна Үс дойдуну быһааран олоххо киллэрбит.

Сиэри кыра санаа сыыһын курдук санааһын сыыһа. Сиэр үчүгэй быһыылары оҥоруу элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйбуттарыттан үөскүүр, ол иһин сиэри таһынан барыы иэстэбили үөскэтэн сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ быһаарыллар. Биһиги бу үлэбитигэр ол иэстэбил үөскээһинин ырыттыбыт.

Сэбиэскэй былаас олоххо киириитэ диэн Аан дойду үрдүнэн биллэр саҥаны айыыны оҥоруу буолбута. Бу саҥаны айыы урукку олох үгэстэрин, сиэрин үлтү сынньан суох оҥорбута, сиэри тутуһуу диэн суох буолбута, хаалбыта. Дьон бары саҥаны айыыны оҥоруу “үчүгэй” диэн салайааччылар албыннарыгар киирэннэр сымыйа “коммунизмы” тута сатаан элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥорбуттара.

Билигин ол сыыһалар дьайыыларыттан сэбиэскэй былаас эстэн, аны ырыынак олоҕор, ол аата ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы, баайдар баһылыыр олохторугар төннүү баран иһэр. Ол иһин былыргы олох үгэстэрин, сиэрин төннөрүү ирдэнэр кэмэ кэллэ.

Саха омуга сайдан иһиини ситиһэригэр ыал буолуу былыргы үгэстэрэ ордук улаханнык туһалыыр кыахтаахтар. Ыал буолуу үгэс-тэрин тутуспат буолуу дьахталлар көҥүллэринэн барыыларын үөскэ-тэрин билигин билэн сылдьабыт. Дьахталлар буруйу оҥоруулара эр дьону кытта тэҥнэһэн эрэр. Ону тэҥэ, сиэри тутуспаттарыттан хантан эрэ булунан оҕоломмуттара араас ыарыылардаах буолаллара элбээтэ уонна Кут-сүр үөрэҕин билэн тутуспаттарыттан эдэрдэр иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ табыллыбакка, атаахтатыы өттүгэр халыйан хаалан араас буруйу-сэмэни оҥороллоро үксээн иһэр.

Сахалар саамай ытыктыыр, киһи өйө-санаата сайдыытын үөскэтэр таҥараларын үөрэҕинэн Үрүҥ Аар тойон таҥара буолар. Сиэри таһы-нан барыы сыыһа-халты туттунууну үөскэтэрин аҕыйатаары Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ олоххо киирэн туттуллар.

“Олоруу кэминэн” диэн этиини кэпсэтии буоллар эрэ истэбит. Бу этии дьон олоҕо кэм, сайдыы киириитэ киллэрэр уларыйыыларыттан хаалан хаалбакка, аһара баран инники да түспэккэ, тэҥҥэ барсан иһэрин быһаарар суолталааҕын сахалар куруук туһаналлар. Каженкин И.И.- Хааһах Уйбаан атын бэчээккэ тахсыбыт үлэлэрин Национальнай библиотека сайтыттан, абонеменыттан, Сахалыы Википедияттан уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп.

Автор бу үлэтин суруйан баран бэчээттээн таһаарарыгар кыахтара баарынан көмөлөспүт бары аймахтарыгар, биир санааны тутуһар билэр дьонугар, үлэһиттэргэ истиҥ махталын тириэрдэр.

ӨЙ-САНАА АҺАРА БАРЫЫТА

Киһи тутула олус уустук. Этэ-сиинэ уонна өйө-санаата “Туох ба-рыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэннэр икки өрүттээхтэрэ уустуктар үөскүүллэрин өссө улаатыннарар:

1. Эт-сиин. Киһи этэ-сиинэ айылҕаттан быһаччы тутулуктаах ту-таах чааһа. Эт-сиин айылҕа эттиктэриттэн хомуллан үөскүүр уонна төрөппүттэриттэн удьуордааһын көмөтүнэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр, айылҕа салгынынан тыынар, айылҕаттан ылан аһаан улаатар, эньиэргийэ ылынар тутаах чааһа буолар.

Эт-сиин бэйэтэ өйө-санаата, салгын кута суох улаатан хаалыан сөбө, ситэр кыахтааҕа уонна киһи кыыл өйүгэр-санаатыгар түһэн хаалара тиийэн кэлэрэ икки өрүттэнии сүрүн тутулуга буолар.

2. Өй-санаа. Өй-санаа үс; буор, ийэ, салгын куттарга уонна сүргэ арахсар. Сахалар киһи үс куттарын тус-туспа арааран үөрэтэн Кут-сүр үөрэҕин олохтообуттар уонна олохторугар туһана сылдьаллар:

- Буор кут диэн өй-санаа эт-сиин хамсаныылары оҥороруттан; уһууруттан, кылгыырыттан хас биирдии быччыҥҥа үөскээн сайдан, олус элбэхтэ хатыланан үөрүйэхтэри үөскэтэн иһэр.

- Ийэ кут оҕо кыра эрдэҕиттэн саҥа билэр уонна оҥорор быһыыларыттан үөскээн үгэс буолан иҥэн иһэр уонна мунньуллар.

- Салгын кут оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыттан умнубат буолуута үөскээн барыытыттан үөрэҕи ылынан сайдан барара саҕаланар.

- Сүр диэн киһи тулуурун үөскэтэринэн үс куттарын холбуу тута сылдьар санаа күүһэ буолар. Сүрэ мөлтөөтөҕүнэ киһи салгын кута, өйө көтөн хаалыан, кыыл өйүгэр-санаатыгар төттөрү түһүөн сөп. Ол иһин киһи буолан сылдьыы, киһилии быһыыланыы сэрэҕи тутуһа сырыттахха эрэ кыаллар уратылаах. Биир сыыһа туттунуу киһини кыыл өйүгэр-санаатыгар, оҥорор быһыытыгар түһэрэн кэбиһиэн сөбүттэн сэрэнэ, харыстана сырыттахха эрэ киһи олоҕо табыллар.

Киһи бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктарын сүтэр-бэккэ, ол аата хайалара да аһара барбакка тэҥнэһиини үөскэтэн, тутуһан сайыннахтарына, киһи олоҕо туруктанарын таһынан киһи быһыытын аһара барбакка тутуһа сылдьар кыахтанар. (1,19). Туруктаах буолуу диэн оҕо этэ-сиинэ уонна өйө-санаата бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан, хайалара да аһара барбакка тэҥнэһиини үөскэтэн сайдыыны ситиһэн иһэллэрэ ааттанар.

Киһи бу икки өрүттэриттэн өй-санаа олус түргэнин, уларыйа охсорун, туохтан да иҥнибэтин туһанан аһара барара элбээн хаалар. Араас элбэх баҕа санаалар киһи баһын иһигэр баппакка, таһынан таһымныы сылдьаллара олох эрэйин уонна уустугун үөскэтэллэр. Өй-санаа аһара барара төһө ыраатан, киһиттэн тэйэн иһэллэриттэн тутулуктанан икки өрүттэнэн тахсара маннык араарыллар:

А. Баҕа санаа.

Б. Ыра санаа.

Киһи санаатын бу икки өрүттэрэ толорор кыаҕыттан тутулуктанан тус-туспа арахсалларын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:

А. Баҕа санаа диэн киһи ситиһэ сатыыр, өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрө сылдьар санаата ааттанар. Киһи бу баҕа санаатын бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн толордоҕуна, ситистэҕинэ дьолу билиэн сөп. Ол курдук, оҕо үөрэҕи ситиһэр, ыал буолар баҕа санаатын толорор кыахтаах. Баҕа санаа диэн киһи кыаҕыттан тутулуктанан эбиллэн иһэриттэн төһө баҕарар элбэх, араас буолуон сөп.

Киһи быһыылаах баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан ситиһэр, толорор кыахтаах уонна киһи быһыытын аһара барбат баҕа санаата ааттанар. Онтон атын араас, буолар-буолбат санаалар быстах санаалар диэн араарыллан ааттаналлар.

“Сүрэх баҕатын, сүһүөх кыайбат” диэн өс хоһооно киһи араас элбэх баҕа санаатын этэ-сиинэ кыайан сиппэтин, ол иһин кыайан толорботун биллэрэр. Ол курдук, эт-сиин араас санааларын сахалар быстах санааларга киллэрэллэр. Араас быстах санааларга оҕустара сылдьыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэтэ элбээн хаалар.

Б. Киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн кыайан толорбот баҕа санаата ыра санааҕа кубулуйан таах хаалар, умнуллар. Ыра санаа диэн киһи кыайан толорбот, санаатын эрэ аралдьытынар, оннук буолуо диэн бэйэтин албыннанар санаата ааттанар. (2,22).

Өй-санаа аһара барарыттан киһиэхэ ыра санаата элбээн хаалара олоххо туох да туһаны аҕалбат. Киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн кыайан оҥорбот, олоххо киллэрбэт баҕа санаалара таах хаалаллар, аралдьытан эрэ туһалыыллар уонна ыра санааҕа кубулуйаллар.

Ыра санаа киһини албынныыра, санаатын уоскутара элбэҕиттэн дьадаҥы, бэйэлэрэ олору оҥорор, толорор баайа, кыаҕа суох дьон элбэхтик ыллараллара биллэр. Сахалар ону быһааран “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһоонун үөскэтэн туһаналлар.

Киһи санаата аһара барара элбэҕин, үгүстэрэ ыра санааҕа кубу-луйан хаалалларын туһанан Ырай диэн ыра санаа дойдутун хрис-тианскай таҥара үөрэҕэр айаннар билигин даҕаны туһана сылдьаллар. Дьадаҥы дьон сынньалаҥнык, үлэлээбэккэ эрэ бэлэмҥэ сылдьар баҕа санааларын түүллэригэр эбэтэр илэ курдук элбэхтик көрүүлэриттэн ыра санаа дойдута үөскээн тахсарын туһанан, байбыт христианскай таҥара дьиэтэ бэйэлэрин быһаччы албынныыр. “Өллөххүтүнэ ол дойдуга, Ырайга тиийэн баҕаҕыт туолуоҕа, дьэ сынньаныаххыт” диэн дьадаҥылар санааларын албынынан уоскутар.

Элбэхтик ыра санааҕа оҕустара сылдьыы киһи быһыыта буолбатах, киһи оҥорор кыаҕын аһара баран хаалбыттарыттан таах хаалар санаа-лары үөскэтэн киһи туһалааҕы, суолталааҕы оҥорорун суох оҥоро-руттан куһаҕаҥҥа киирсэр. Ыра санааҕа оҕустарыы диэн киһи ону-маны, буолары-буолбаты баҕара санаан бэйэтин албыннанара аатта-нар. Сахалар ыра санааҕа ылларан аралдьыйа сылдьары сөбүлээбэттэр, “Санаатыгар аралдьыйар” диэн этэннэр туһалааҕы, уһун үйэлээҕи оҥо-роро аҕыйаан хааларын биллэрэллэр.

Киһи быһыыта диэн киһи оҥорбут үчүгэй, туһалаах быһыыларын элбэхтик хатылаан оҥорон үгэс оҥосторуттан үөскээн тахсыбыт үөрэх буолар. Киһи бу үгэс буолбут быһыытын оҥоро сырыттаҕына, сыыһа-халты буолан хаалбатыттан, өссө хатылаан оҥорорун элбэтэр. Ол аата киһи быһыыта диэн элбэхтик хатылаан оҥоруллар, туһалаахтара биллэр үчүгэйгэ тириэрдэр быһыылар ааттаналлар.

Аһара барар өй-санаа олохсуйбут үгэстэри, сиэри таһынан барар, ол иһин сыыһа-халты буолан хаалара элбэҕиттэн, ханнык эрэ содулу үөскэтэн кэбиһиэн сөп. Массыынаны аһара түргэнник, тиэтэйэн ыыта сатааһын сыыһа туттунууга тириэрдэн кэбиһэн, абаарыйаны үөскэтиэн сөбө, ити быһаарыыны чуолкайдаан биэрэр.

Үлэни баһылааһын “Нэми билэн туттунуу” диэн үөрэҕи олохтообут. Күүһү кэмнээн, нэмин билэн туһаныы үлэни оҥорор хас биирдии киһиттэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар. Массыына кыра гайкатын аһара күүскэ эрийэн резьбатын быһа тардан кэбистэххэ, улахан өрө-мүөннээһин эрэ быыһыырыгар тиийэн хаалыахха сөбө, аһара туттуу куһаҕаны үөскэтэрэ улаханын биллэрэр.

Өй-санаа аһара барыыта киһиргээһинтэн, дэбдэйииттэн үөскүүрэ ордук элбэх. Киһиргээһин диэн киһи бэйэтин кыаҕын билиммэккэ, аһара барара киирэн кэлэрэ ааттанар. “Киһиргээмэ, кирсиҥ быстыаҕа” диэн өс хоһооно киһиргииртэн аһара туттунуу үөскээн киһи бэйэтэ улаханнык кэһэйэрэ кэлэриттэн сэрэтэ сатыырга аналланар.

Ордук санааһын аһара барбатаҕына үтүктүүнү, батыһыыны үөскэтэн сайдыы киирэригэр уонна киэҥник тарҕанара түргэтииригэр туһа-лыыр, онтон аһара баран хааллаҕына, ордугурҕааһыны үөскэтэрэ оҥорор быһыыга мэһэйдэһэн куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Оҕо өйө-санаата аһара барара куһаҕан үгэстэнэн хааларыгар тириэрдиэн сөп. Сахалар ол иһин оҕону “Аһара барыма”, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн, өйө-санаата аһара барарын тохтотон, хааччахтаан иитэллэр, үөрэтэллэр. Өй-санаа аһара барыыта улахан аһара туттунууну үөскэтэн кэбиһиэн сөбүттэн оҕолорун харыстыы сатыылларыттан, ити үөрэхтэри туһаналлар. (3,28).

Сиэр диэн өй-санаа аһара барарын хааччахтаан, оҥорор быһыы үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларынан, ол аата ортотун диэкинэн түбэһэрин үөскэтэн, сыыһа-халты буолан хааларын аҕыйатар аналлаах, киһи бэйэтэ куруук тутуһа сылдьар, аһара бара сатыыр өйүн-санаатын хааччахтыыра ааттанар.

Онон өй-санаа аһара барарын анаан-минээн хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэргэ анаан сиэр диэн хааччаҕы сахалар олус былыргы кэмнэртэн үөскэтэн туһана сылдьаллар.

СИЭР

Сахалар айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугун үөрэтэн, үрүҥ, сырдык, үчүгэй уонна хара, хараҥа, куһаҕан кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэриилэрин арааран билэн, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи олохтоон таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһаналлар. Киһи санаата, бу икки өрүккэ сөп түбэһэн үчүгэй уонна куһаҕан санаалар диэн икки аҥы арахсаллар. Ханнык да санаалар киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйа иликтэринэ үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара кыайан араарыллан биллэр кыахтара суоҕа олоххо уустуктары үөскэтэллэр. Санааны оҥорор быһыыга кубулуйбутун кэнниттэн үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын быһааран тус-туспа араарыы кыаллар.

Санаа элбэхтэ хатыланан умнуллубат турукка тиийэн үгэстэри үөскэттэҕинэ киһини бэйэтин, оҥорор быһыытын кытта салайар кыах-танара кэлэрэ киһи саныыр санаатын эмиэ тупсарарын, ханнык эрэ хааччах иһигэр киллэрэрин дьону кытта бииргэ олоруута эрэйэр. Тус-туспа хайысхалаах бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үһүс өрүт; сөп түбэһии, тэҥнэһии, киһи быһыылаах буолуу өрүтэ үөскээн тахсарын арыйан сахалар “Туох барыта үһүстээх” диэн үөрэҕи олохтооннор уонна сиэри үөскэтэн туһана сылдьаллар:

1. Киһи үчүгэй санаалары саныыра.

2. Куһаҕан санаалары санаталаан ылыыта.

3. Сиэр диэн бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үөскүүр санааны хайа да өттүгэр аһара ыыппат аналлаах, сөбүлэһиини, тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүтү тутуһа сылдьыы ааттанар.

Хара, куһаҕан санаалары умнан, хаалларан иһии киһиттэн ирдэнэр өй-санаа тутаах көрдөбүлэ уонна сайдыыны, тупсууну ситиһиигэ ти-риэрдэр быһыы буолар. Онтон үчүгэй, олоххо туһаны оҥорууга аналланар санаалары элбэхтэ хатылаан үгэс оҥостунуу сиэри үчүгэй өттүн диэки сыҕарытар уонна үчүгэйи оҥорууну элбэтэр.

Үрүҥ уонна хара дьүһүн холбоһууларыттан үөскүүр сиэр диэн дьүһүн аатынан, бу сөп түбэһиини, тэҥнэһиини үөскэтэр өрүтү саха-лар ааттаабыттар. Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа салгыы сайдан киһи оҥорор быһыытыгар тиийэн киһи быһыыта диэн үөрэҕи үөскэппит. Ол курдук, сиэр өй-санаа аһара барарын тохтотор буоллаҕына, киһи быһыыта диэн хааччах киһи оҥорор быһыылара аһара баралларын хааччахтаан туһаны оҥороллорун элбэтэр, тупсарар уонна сыыһа-халты буолан хааларын аҕыйатар аналлаах. Өй-санаа сайдан, тупсан иһиитин биллэрэр сиэр уонна киһи быһыыта диэн аналлаах хааччахтар бэйэ-бэйэлэрин толорсон, ситэрсэн биэрэллэр. Ол курдук, үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирэ сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэриттэн биллэр.

Быһаарыылаах кылгас тылдьыт сиэри маннык быһаарар:

- Сиэр диэн дьон туохха эмэ тутуһар майгылара эбэтэр үгэс оҥостубут үөрүйэхтэрэ ааттанар. Аныгы олох сиэринэн, уруу-тарыы тар-дыһан, сыбаайба оҥордулар. (4,404).

Киһи оҥорор ураты быһыылара, саҥаны айыылара айыы диэн тылынан этиллэллэр уонна икки; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тах-саллара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэхтэн тутулуктанар.

Киһи оҥорор быһыылара икки өрүттэнэн тахсыылара, ортолорунан түбэһэр үһүс өрүт, сөптөөх быһыыны оҥорууну үөскэтэрин арааран билии уонна ол быһыылары үгэс оҥостуу сиэри уонна онтон салгыы киһи быһыытын үөскэппитин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар “Туох барыта үһүстээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр, тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүт үөскээн тахсарын сахалар арыйан олохторугар туһаналлар, ол иһин бэйэлэрэ олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар.

Сахалар өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэн сиэр диэн аналлаах хааччаҕы үөскэтэн туһаланаллар. Өй-санаа аһара барар уратылааҕыттан уонна аһара барыылар куһаҕаны оҥорууну элбэтэн кэбиһэллэриттэн харыстанан, сиэр диэн аналлаах хааччаҕы оҥорон олохторугар туһанан, өйдөрө-санаалара аһара баран хааларын тулуурдарын күүһүн улаатыннаран тохтото сылдьаллар.

Уһун үйэлэргэ үөскээн олохсуйбут олоххо туһаны аҕалар үгэс-тэртэн сиэр хомуллан мунньуллар. Сиэри тутуһуу диэн былыргы кэм-нэргэ үөскээбит олоххо туһалаах үгэстэри тутуһа сылдьыы ааттанар.

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа, аһара барыллыбат кыйыата буолар. Өй-санаа үчүгэй да, куһаҕан да өттүгэр аһара барыан сөбө хаһан баҕарар баар. Киһи өйө-санаата үчүгэй өттүгэр олус аһара бардаҕына этин-сиинин быраҕан баран, көтөн хаалыыга тиийиэн сөп. Ону өй көтүүтэ киһиэхэ хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөптөөҕө уонна Ырай диэн ааттанар христианскай таҥара үөрэҕэр булан туһана сылдьар дьадаҥылары албынныыр дойдулара баара биллэрэллэр.

Өй-санаа куһаҕан өттүгэр аһара бардаҕына дьон-аймаҕы эстиигэ тириэрдиэн сөп. Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр кэрээннэриттэн тахсыбыт немец фашистара атын омуктары эһэргэ, элбэхтэри өлөртүүргэ анаан оҥорбут араас куһаҕан саҥаны айыылара үтүө санаалаах дьону ыар санааҕа түһэрбиттэрэ, бу алдьархайдаах сэрии содула өр кэмҥэ умнуллан хаалан сүппэтин үөскэтэн сылдьар. Өй-санаа аһара барыыта киһи араас ыараханнары, содулу үөскэтэр саҥаны айыылары оҥороругар тириэрдиэн сөп. Билигин өй-санаа аһара барбытын, сайдыытын муҥура кэлбитин бэлиэтинэн дьон сир аайы сэриилэһэллэрэ элбээбитин уонна улахан күүстээх, Аан дойдуну эһэр кыахтаах атомнай буомбалары оҥостон бараннар, аны онтубут эстэн хаалыа диэн куттанар санаалара киирэн, ханна эрэ саһар сирдэри була сатыылларын үөскэппитэ биллэрэр.

Өй-санаа аһара барбатын туһугар аналлаах хааччаҕын, сиэри үөскэтэн сахалар туһаналлар. Киһи аһара барар өйө-санаата аһара барар быһыылары оҥороругар тириэрдэрин сахалар өй-санаа, таҥара үөрэх-тэрэ быһаарар. Сиэри тутуһуу киһи өйө-санаата бу хааччах иһигэр сайдарын, таһынан барбатын тулуурун күүһүнэн хааччахтыы сылдьарыгар тириэрдэрэ оҥорор быһыыларын тупсарар. Сиэр диэн сахалар олохторугар туһана сылдьар аналлаах хаач-чахтара, хаһан да аһара барбат, аһара туттубат кыйыалара туһалааҕын бары билэбит, олохпутугар тутуһабыт. Сиэри аһара барыы, кэлин куһаҕаҥҥа тириэрдиэ, сэт, иэстэбил үөскүө диэни билэрбититтэн, ол-бу саҥаны айыылары оҥоро сатыырбытыттан туттуна сылдьабыт. Ол аата сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа, киһи бэйэтэ өйүн-санаатын; тулуурун, туттунар күүһүн көмөтүнэн тутуһа сылдьар кыйыата буо-лар. Сиэри таһынан барыы куһаҕана хойутаан да соҕус буоллар, син-биир кэлэн дьайыыта биллэр кыахтанар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара көрөн-истэн, маанылаан атаахтатан кэбистэххэ өйүн-санаатын кыайан салайбат, сиэри тутуспат буола улаатан хаалыан сөп. Атаахтык иитиллибит оҕо бэйэмсэҕэ аһара барыытын куһаҕана улааппытын кэнниттэн биллэн төрөппүттэрин хомотор, кыра эрдэҕинэ сыыһа үөрэтэн кэбиһии куһаҕана, иэстэбилэ тиийэн кэлбитин илэ биллэрэр.

Өй-санаа аһара барар уратылааҕын сахалар олус былыргы кэмнэргэ арыйбыттар. Киһи санаатын үөрэтэннэр баҕа санаа уонна ыра санаа уратыларын арааран олоххо туһаныыны үөскэппиттэр. Аһара барар өй-санаа элбэх ыра санаалары үөскэтэриттэн киһи туһалааҕы оҥорорун аҕыйатан кэбиһэр. Ону тэҥэ, ол-бу араас ыра санааларын киһи кыаҕа, күүһэ тиийбэтиттэн, кыайан оҥорон олоххо киллэрбэтиттэн санаата түһэриттэн, ыра санаалар киһини албыннааһыны үөскэтэннэр туһалааҕы оҥорор кыаҕын аҕыйаталлара арыллар.

Ыра санааҕа киһи ыллара сылдьара олоҕор туһалааҕы оҥорорун аҕыйатар, буолары-буолбаты оҥоро сатыырын элбэтэн кэбиһэр. Ыра санаа киһи солумсах буоларын улаатыннаран уустук, эрэйдээх үлэни быраҕарын үөскэтэр. Тыа сирин үлэһиттэрэ олорор сирдэрин быраҕан барыылара дьон солумсахтара улааппытыттан улахан тутулуктаах.

Эстибит сэбиэскэй былаас ордубут тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар саха дьоно солумсах буолууларын солун диэн тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйан суох буолбутун курдук оҥорон аһара ыытан, улаатыннаран кэбистилэр.

Ыра санаа киһи бэйэтин кыаҕыттан чугас буолара, хаһан эрэ, табылыннаҕына туолан хааларыгар тириэрдиэн сөп. Киһи араас са-наалара элбэхтэриттэн биир эмэ ыра санаата туолан хаалара, ыра санаа биирдэ эмэ туолан туһаны оҥорорун биллэрбитин да иһин, сахалар элбэхтэр өйдөрүн-санааларын олохторугар тутуһалларыттан ыра санаа туһата кыратын, онтон аралдьытара элбэҕин билэллэр.

Сиэр диэн аһара барар өйү-санааны хааччахтааһын сахаларга “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэх үөскээбитин кэнниттэн сайдан тахсыбыт. Киһи оҥорор быһыытын үрүҥ уонна хара диэн араарыы, үчүгэй уонна куһаҕан диэн тыллары үөскэтэн туһана иликтэринэ туттулла сылдьыбыт өйдөбүллэр буолаллар. Ол иһин билигин итилэргэ хос быһаарыы курдук туттулларга тиийэн сылдьаллар. Күн таҥара үөрэҕиттэн үрүҥү, үчүгэйи уонна хараны, куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныы үөскээбитин кэнниттэн, аһара барар өйү-санааны хааччахтыырга аналлаах сиэр диэн үөрэх үөскээбит.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулуга өй-санаа сайдыыта икки өрүккэ арахсарын быһаарар:

1. Үрүҥ. Сырдык буолуута, күн тахсыыта киһиэхэ хараҕын көрүүтүн тупсаран үчүгэйи, ырааҕы чуолкайдык көрөрүн аҕалар.

2. Хара. Хараҥаҕа киһи куһаҕаннык көрөрүнэн хара дьүһүн бары куһаҕаннары бэлиэтииргэ туттуллар буолбут.

Кэмиттэн кэмигэр айылҕаҕа уларыйыы киириитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэппит. Ону тэҥэ, киһи оҥорор быһыылара икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын сахалар быһааран олохторугар туһаналлар. Ол иһин айыы диэн киһи оҥорор быһыытын, саҥаны айыыны оҥорорун биллэрэр тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх туттуллар. Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны анаан-минээн оҥорорун таһынан, хайдах оҥороруттан улаханнык тутулуктанан үчүгэйгэ уонна куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалар уратылаах.

Киһи ханнык эрэ саҥаны айыыта оҥорбутун кэнниттэн биирдэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллан тахсар. Оҥоруллубут айыы үчү-гэй кыайан буолбатаҕына, куһаҕан буолан хаалара хаһан да уларыйбат. Ол иһин тыл үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн куһаҕаны туспа араара сатыыллара сахалары барыларын албыннааһын буолар.

Сиэр диэн киһи оҥорор үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын икки ардыларыгар үһүс өрүтү үөскэтэн таһаарарын бэлиэтээн “Туох барыта үһүстээх” диэн этии үөскээбит. Сахалар бу этиини олоххо киллэрэн туһанан “Туох барыта ортотунан буолуохтаах” диэн быһаарыыны тутуһаллар уонна үс өрүттэр тус-туспа дойдуларга сылдьалларын арыйан үс дойдуну үөскэппиттэр:

- Үөһээ дойду диэн киһи үчүгэй санаалара үөһээ диэки бааллар диэн санааттан олор мунньустар дойдуларын итинник ааттаабыттар. - Аллараа дойду диэн дьон куһаҕан санаалара аллараа диэки түһэллэр диэн быһаарыыны тутуһаннар бу ааты үөскэппиттэр уонна ол дойдуга бары куһаҕаннары мунньа сатыыллар.

- Орто дойду диэн бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар сөп түбэһии үһүс өрүтэ баарын быһаарыыттан үөскээбит. Ону тэҥэ, туох барыта ортотунан буолуохтаах диэн этиини тутуһар сахалар бэйэлэрэ олорор, сылдьар сирдэрин Орто дойду диэн ааттаабыттар.

Үөрэх, билии көмөтүнэн дьон өйө-санаата сайдан иһэринэн бэйэлэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэннэр, атын ким эрэ этэн, ыйан биэрэригэр кыһаммат, тугу эппиттэригэр киирэн биэрбэккэ сылдьаллара элбээн иһэр. Ол иһин Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга туох да суох буолан кураанахтанан, салайааччылар албыннара сыыйа арыллан эрэллэр. Ол курдук, Аллараа дойду диэн суоҕун, сымыйатын таҥара дьиэтин улахан үлэһиттэрэ билинэн эрэллэр.

Өй-санаа үөрэҕэ сахалар былыргы дириҥ билиилэрин туһанарынан сылдьар сирдэрин икки дойдуларга араарыы; Бу уонна Ол эбэтэр Анараа дойду диэн ааттаналлара ордук сөп түбэһэрин, табылларын мин ырытан быһааран олоххо киллэрдим.

Киһи санаата аһара бардаҕына бары оҥорор быһыыларыгар аһара барыылар үөскүүллэр диэн өйдөбүл баар, туттулла сылдьар. Аһара барыы диэн сиэри таһынан барыыны, ол аата куһаҕан өттүгэр халыйыыны арааран ааттыырбытын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ. Ол курдук, саҥаны айыыны оҥоруу сиэри таһынан барарын билэн ол-бу, араас айыыны оҥорортон туттунуу, сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” үөрэхтэрин оҕону үөрэтиигэ туһаныы эрэйиллэр.

Сиэр диэн ат дьүһүнэ эмиэ этиллэр. Үрүҥ уонна хара дьүһүннэр икки ардыларынан, холбуу буккуллубут дьүһүн сиэр диэн ааттанар. Сиэр диэн сахалар өй-санаа хааччаҕын үөрэтэн билэн олохтооһуннара, олус былыргы, ат көлөнү үлэҕэ туһаныы, баһылааһын кэмигэр үөскээ-битэ ити аатыттан быһаарыллан тахсар.

“Туох барыта ортотунан буолуохтаах” диэн этии таба быһаарыы үрүҥ уонна хара диэн икки өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии өрүтэ баарын арыйыы кэнниттэн үөскээбит. Бу үһүс өрүт үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларыгар баарын булан туһаныы сиэри үөскэппит. Сиэр үөскээһинэ өй-санаа сайдан иһиитэ киһи быһыытын тутуһа сылдьары олоххо киллэрбитин биллэрэр. Өй-санаа аһара барар уратытын сахалар үөрэтэн, арааран билэн олус былыргы кэмнэргэ сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын олохтообуттар. Киһи оҥорор быһыылара сиэри аһара бардахтарына, куһаҕаны оҥоруу элбээн тахсарын арааран быһаарбыттар. Ол иһин киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн, тулуурунан туһанан бу, сиэр диэн хааччаҕы тутуһа сылдьарын үөскэтэн олоххо киллэрэн туһаналлар.

Онон киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тах-салларыттан икки өрүтү үөскэтэллэр уонна олор икки ардыларыгар үөскээн тахсар “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэтэр үһүс өрүт сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа үөскээһинигэр тириэрдибит.

СИЭРИ ТУТУҺУУ

Саха дьонун олохторун, Үрүҥ Аар тойон таҥараларын үөрэҕэ “Сиэри тутуһа сырыт” диэн үөрэтэр. Бу үөрэҕи ааспыт үйэлэргэ элбэх көлүөнэлэр билэн-көрөн, үөрэтэн оннун булларбыттарын билигин туһанабыт. Киһи оҥорор быһыылара уонна майгына хайдахтарыттан тутулуктанан хайдах киһи буолара быһаарыллар:

1. Үчүгэйи оҥорор, үчүгэй майгылаах киһи.

2. Киһи куһаҕаны оҥоруута, куһаҕан майгыланыыта.

3. Сиэри, киһи быһыытын тутуһуу, бу икки өрүттэр икки ардыларын, ортолорун тутустахха үөскээн тахсарын сахалар тутуһаннар Киһи таҥара үөрэҕин олоххо киллэрбиттэр уонна Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ диэн ааттаабыттара биллэр таҥараны үөскэппит. Үчүгэйи оҥорор киһи үчүгэй киһи буолар. Ол да буоллар киһи оҥорор быһыыта үчүгэй диэки аһара баран халыйыыта үчүгэйтэн үчүгэйи үөскэтэн кэрэ диэҥҥэ тиийдэҕинэ өйүгэр-санаатыгар улахан халыйыы үөскүүрүттэн кэрээнтэн тахсыы тиийэн кэлиэн сөбүттэн киһилии санаалаах дьон сэрэнэ, харыстана сырыттахтарын табыллар.

Аһара “үчүгэйбин” диэн ааттаммыт киһи атыттары аннынан са-ныырыттан туората сатыыра үөскээтэҕинэ сэриини да саҕалыырыттан туттуммат буолуута үөскээн тахсарын уһун үйэлээх сахалар билэн кэрээнтэн тахсыы диэн куһаҕан суолталаах этиини үөскэппиттэр. Сиэри тутуһуу киһи быһыыта диэн өй-санаа хааччаҕын иннинэ үөскээн, дьон киһи быһыылаах буолууну ситиһэллэригэр тирэх, олук буолан көмөлөспүт. Киһи өйө-санаата хаһан баҕарар ситиспит таһымыттан аһара баран тупсууну ситиһэ сатыырыттан сыыһаны элбэтэн кэбиһэрин сиэри тутуһуу хааччахтаан, көннөрөн оҥорор быһыытын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр аналлаах.

Куһаҕаны оҥорор дьону ханна баҕарар сөбүлээбэттэр, хааччахтыы сатыыллар эрээри, син-биир баар буола тураллар. Ол курдук, билигин даҕаны уоруйахтар, куһаҕаны оҥорооччулар бааллар, ону тэҥэ, киһи тугу сирбитин, сөбүлээбэтэҕин, туората көрбүтүн куһаҕан диэн ааттаан кэбиһэрэ хаһан баҕарар баар буолан кэлэн иһэр.

Киһи оҥорор быһыыта барыта ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу санаалааҕыттан тутулуктанар уонна бу санааларын оҥорон таһаарар кыахтааҕыттан арахсан икки өрүттэнэн тахсаллар. Ол иһин сахаларга айыы диэн киһи оҥорор быһыытын быһаарар тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх; киһи оҥорор быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын чуолкайдаан биэрэр. Киһи оҥорбут саҥаны айыыта үчүгэй, туһалаах айыы буолан таҕыстаҕына үрүҥ айыы диэн ааттанар, онтон куһаҕан буоллаҕына хара айыы буолан тахсан быраҕыллар, хаалар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи үчүгэй санаалара элбиирин үөскэтэр. Киһи аан маҥнай саныыр, санаатыгар оҥорон көрөрө айар диэн тылынан этиллэр, онтон ол санаатын илэтигэр оҥорон таһаар-даҕына киһи быһыытыгар кубулуйар эбэтэр ким да өссө оҥорон көрө илик быһыыта буоллаҕына айыы диэҥҥэ уларыйар. Атын дьон хайдах сыаналыылларыттан тутулуктанан икки өрүттэнэн хааларыттан үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсыан сөбө быһаарыллар.

Киһи саҥаны айыыны, уратыны оҥордоҕуна ханнык быһыыны, туох саҥаны айыыны оҥорбутун дьон көрөр, билэр кыахтаннахтарына сыана биэрэн үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу быһаараллара табыллар. Ол барыта киһи бэйэтэ оҥорбут быһыытын “үчүгэй” диэн быһаарара, этэрэ элбэҕиттэн, саҥаны айыы хайдаҕын быһаарыыга атыттар сыаналааһыннара хайаан да оҥоруллара табыллар.

Саҥаны айыыны оҥоруу үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу буолан тахсара быһаарыллара, оҥоруллубутун кэнниттэн төһө эмэ уһун кэми ылыан сөп. Улуу Өктөөп өрө туруута олус улахан саҥаны айыы буолан баран дьон олоҕор оҥорбут куһаҕана 74 сыллар кэннилэриттэн биллэн тахсан сэбиэскэй былаас эйэлээхтик эстибитэ.

Сахалар киһи санаатын уонна оҥорор быһыыларын уратыларын, тус-туспаларын быһаарыыга илэ диэн тылы тутталлар. Илэ көрүү диэн дьиҥнээхтик, субу баарын көрүү ааттанар уонна Бу эбэтэр Орто дойдуга сылдьары биллэрэргэ аналлаах тыл буолар.

Киһи санаата эрэ сылдьар сирэ туспа дойду, Ол эбэтэр Анараа дойду диэн ааттанар. Өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арах-сан, туспа баран айыы буолан Анараа дойдуга сылдьарын сахалар билэллэр. Бу кэмҥэ Анараа эбэтэр Ол дойдуну Үөһээ дойду диэн ааттааһын олоххо киирэн сылдьар.

Дьон бэйэлэрэ сылдьар сирдэрин Бу дойду диэн урукку кэмҥэ ааттыыллар этэ. Билигин Бу дойду диэн быһаарыы Орто дойду диэҥҥэ үтүрүттэрэн, баһыттаран соччо туттуллубат буолла. Бу быһаарыыны тутустахпытына киһи санаата туспа Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьара быһаарыллар. Түүлү көрүү уратыта диэн киһи санаата үгэс буолан, Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьарын көрүүнү биллэрэр. Ол дойдуга санаа аһара түргэнник сылдьар, ол иһин түүлгэ ханна баҕарар сонно тиийиллэр уонна үгэстэри үөскэппитин көрүллэр.

Үгэстэри үгэс буолбут өйдөбүллэр диэн быһаардахха ордук табатык өйдөнөр кыахтаналлар. Үгэс диэн умнуллубат буолууга тиийэн киһини бэйэтин хамсатар кыахтаммыт өй-санаа буолар уонна киһи түүлүгэр бу үгэскэ иҥэн сылдьар өйдөбүл көстөрө быһаарар оруолу ылар. Атын дойдуга сылдьарынан санаа туохтан да иҥнибэт, тутуллубат, ханна баҕарар санаатар эрэ тиийэр кыахтаах. Бу санаа киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйдаҕына илэ диэҥҥэ уларыйар, Бу дойдуга кэлэр, киһи хараҕар көстөр уонна субу баара тугу оҥорбутуттан биллэр кыахтанар, ханнык эрэ хамсааһыны үөскэтиэн эмиэ сөп. Санаа илэ диэҥҥэ уларыйыыта, Ол эбэтэр Анараа дойдуттан Бу дойдуга тиийэн кэлэн тугу эмэ оҥорорун, тугунан эмэ биллэрин үөскэтэр. Киһи бэйэтэ бу уларыйыылар үөскээбиттэрин көрөн эбэтэр атын көрүҥүнэн билэр кыахтанар. Санаа киһиэхэ оҥорор дьайыылара тус-туспалар, барыта ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу санаалардааҕыттан тутулуктанар. Үчүгэй санаа үчүгэй быһыылары оҥорорго тириэрдэрэ туһаны оҥорор, онтон куһаҕан санаалар киһи куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэригэр тириэрдэннэр олоҕун алдьатыахтарын сөп. Үчүгэйи оҥоруу үксээтэҕинэ олох сайдар, тупсар, онтон куһаҕан быһыылар элбээтэхтэринэ олох кэхтэр, сайдыыттан хаалар кэмэ саҕаланар. Саха дьоно барылара сиэри тутуһаллар, таһынан барбаттар. Сиэри тутуһуу куһаҕан санаалары санаабат буол диэн үөрэхтэн саҕаланан, үчүгэй санаалары элбэхтик санаан, үчүгэй үгэстэри үөскэтинэн, үчүгэй быһыылары оҥорору үксэтэр. Киһи бэйэтигэр үчүгэйи баҕарар санаа-лара хаһан баҕарар элбэхтэринэн, үчүгэй санаата үксүүрүн ситиһэр туһугар, атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар санаалара элбээтэхтэринэ табыллар. Ол аата киһи үчүгэй санаатын атын дьоҥҥо үчүгэйи санаан элбэтэрэ ордук тиийимтиэ, үгүстүк туһаны оҥорор.

Киһи бэйэмсэх санаата куруук баар. Ол иһин бэйэтигэр үчүгэйи оҥостор санаата хаһан баҕарар элбээн хаалар. Баҕа санаа эбиллэн ыра санааҕа кубулуйан аһара баран иһэрин, киһи илэтигэр оҥорор кыаҕа суоҕа эрэ тохтоторуттан, Аан дойдуга Ырай олоҕо эбэтэр “комму-низм” кыайан кэлбэттэр. Үчүгэйи оҥоруон баҕара саныыр киһи сыыһа-халты туттунара киирэн кэлэриттэн куһаҕаны оҥорон элбэтэн кэбиһэрэ, куһаҕан диэн суох буолбатын үөскэтэ турар.

Киһи сыыһа-халты туттунан куһаҕаны элбэтэн кэбиспэтин сиэри тутустаҕына эрэ ситиһэр кыахтанар. Сиэри тутуһуу диэн киһи сыыһа-халты туттунарыттан харыстаныыта, көмүскэлэ буолар. Ол курдук, инники олорон ааспыт көлүөнэлэр үчүгэй диэн ааттаан оҥорбут быһыылара үгэс буолбутун үтүктэн оҥордоххо, билигин да сыыһа-халты буолара аҕыйыыр. Былыргы үйэлэргэ үөскээбит өс хоһоонноро табаларын иһин, билигин да туһана сылдьабыт.

Сиэр диэн дьон үчүгэйи оҥорор санаалара үгэскэ кубулуйбуттарыттан үөскүүрүттэн, ону тутуһа сырыттахха оҥорор быһыы сыыһа-халты буолара аҕыйыыр. Саха дьоно сиэри тутуһан олохторун олороллоруттан сыыһа-халты туттуналлара аҕыйах. Сиэри тутуһуу киһи быһыытын тутуһары үөскэтэр. Ол иһин үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй, киһилии быһыылары оҥорор кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн үөрэтэр.

Көрсүө, сэмэй буолуу сиэри тутуһууну үөскэтэринэн киһи сыыһа-халты туттунан кэбиһэрин аҕыйатар. Көрсүө, сэмэй киһи олоҕун устата үчүгэйи элбэҕи оҥорор кыахтааҕын билэн, сахалар оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр. (5,94). Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын ары-йан Леонид Попов маннык суруйар: “Тороев кини этэрин барытын итэҕэйдэ. Чуура тугу баҕарар оҥорор кыахтаах: үрдүк үтүөнү даҕаны, бары куһаҕаны даҕаны”. (6,165).

Сиэрдээхтик туттуна сылдьыбат, киһилии майгына, тактичнайа суох, ньүдьү-балай киһини куруубай диэн ааттыыбыт. Куруубай дьону кытта кыайан уһун, үйэлээх сыһыан олохтоммот. (7,41).

Сэбиэскэй былаас өрө туруу, сэрии күүһүнэн салайар былааһы былдьааһынтан үөскээбитэ. Ол иһин урукку олох сиэрин, туһалаах үгэстэрин барыларын суох оҥорбута сэтэ туолан, бу былаас эйэлээхтик эстибитэ. Билигин төһө эмэ ырыынак олоҕо кэлбитин иһин, бу эстибит былаас тобохторо; суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдара ол кэмтэн ыла “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэллэ-риттэн сиэри тутуһуу өссө да кыалла, олоххо киирэ илик.

Киһи өссө билбэт буолан оҥорбот быһыытын оҥордоххо саҥаны айыы буолан тахсарын, куһаҕана элбээн хааларын уонна оҥорбут быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын үлэһит сахалар чуолкайдык билэллэр. Ол иһин сымыйата элбэх “айыы үөрэҕин” үлэһиттэр ылымматтар. Саха тылын харыстыыр ааттаах тыл үөрэхтээхтэрэ айыыны “үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр, сиэри таһынан барыыны үөскэтэллэр. Бу нууччалыы үөрэхтэрэ баһыйан хаалбыт дьон сахалыы өй-санаа сайдыытыгар мэһэйи оҥоро сатыыллара элбээн иһэрин биһиги үлэлэрбититтэн булуохха сөп.

Онон сиэри тутуһа сылдьыы өй-санаа аһара барарын тохтотон, сыыһа-халты туттунууну, куһаҕаны оҥорууну аҕыйатарынан киһи үчүгэйи оҥорорун элбэтэрин сахалар тутуһаллар.

СИЭРИ ТАҺЫНАН БАРЫМА

Сир үрдүгэр дьоҥҥо эрэ үһүс, салгын куттара үөскээн сайдарын сахалар эрэ арааран билэн Кут-сүр үөрэҕин олохтоон туһаналлар. Салгын кут сайдыыта киһи өйө-санаата түргэнник сайдан, саҥаны айыылары оҥорон олоҕун сайыннарарын, тупсарарын үөскэтэр.

Ай диэн тыл өй-санаа, салгын кут сайдыытын, саҥаны айан иһэрин биллэрэр тыл буолар. Бу тыл өйдөбүлэ киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айа сатыыра хаһан баҕарар икки өрүттэниини үөскэтэн таһаарарыттан тутулуктанар. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит тыл буолан биир эрэ сүһүөхтээх, икки эрэ дорҕоонноох. “А” диэн дорҕоон өй-санаа баарын, онтон “й” дорҕоон өй-санаа эбиллэрин, көҕүрүүрүн, хамсыырын, ула-рыйарын биллэрэр тутаах суолталаахтар.

Нууччалыы “создай”, “твори” диэн тыллар ай диэн тылга сөп түбэспиттэрин да иһин, иккилии сүһүөхтээхтэринэн, элбэх дорҕоон-ноохторунан букатын кэлин үөскээбит тылларга киирсэллэр. Бу тыллар киһи үчүгэйи, туһалааҕы эрэ оҥорорун курдук сыыһа өйдөбүлү үөскэтэллэриттэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэспэттэрин куһаҕан айыыны оҥорон кэбиһэр дьон билигин да суох буола иликтэрэ биллэрэр.

Киһи тугу саныыра кыайан биллибэт, санаа кыайан тутуллубат, ол иһин бобуллубат, хаайыллыбат. Куһаҕан да санаалардаах киһи онтуларын атыттарга биллэрбэккэ эрэ, үөрбүтэ буола сылдьар кыахтаах. Сахалар киһи бу өйүн-санаатын уратытын былыр үйэҕэ быһааран “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн өс хоһооно оҥор-буттара билигин туһанылла сылдьар. Санаа кыайан бобуллубатынан, тутуллубатынан куһаҕан санаа хаһан да суох буолар кыаҕа суох. Киһи тугу сөбүлээбэтэҕин, сирбитин барытын куһаҕанынан ааттаан кэби-һэрэ суох буолан хаалбата икки өрүттэр сүппэттэрин быһаарар.

Куһаҕан санаалара үгэс буолбут киһи куһаҕан айыыны анаан-минээн оҥороро эмиэ биллэр. “Уоруом” диэн санаа - куһаҕан санаа, онтон уорууну оҥордоххо куһаҕан быһыыны оҥоруу буолан тахсар. Ол иһин дьон үчүгэй санааланыыларын үөскэтэн уонна сиэри тутуһуннаран сахалыы таҥара үөрэҕэ үчүгэй быһыылары оҥороллорун элбэтэргэ көмөлөһөрүн олоххо туһаныы эрэйиллэр.

Дьон бары саҥаны айа сатыыр санаалара олус элбэх. Үөрэх, билии эбиллэн иһэрэ бары тугу эмэни, уратыны оҥорор санаалара элбээн иһэрин үөскэтэриттэн ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥоро сатааһыннар үксээтилэр. Бу элбэх саҥаны айыылартан биир эмэ табыллан, сатанан олоххо туһаны оҥорор, онтон атыттара бары табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэллэр. Ону тэҥэ, киһи ыксыырыттан, тиэтэйэриттэн уонна сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн табыллыан да сөптөөх саҥаны айыытын эбэтэр оҥорор быһыытын куһаҕаҥҥа кубулутар уратылааҕа хаһан да уларыйбат.

Айыы диэн киһи билбэт буолан оҥорбот быһыыта ааттанар. Оннук быһыыны аан маҥнай оҥордоххо саҥаны айыы буолан тахсар. Бу саҥа оҥоруллар айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана сонно кыайан быһаарыллыбат уратылааҕыттан олус улахан сэрэхтээх быһыыга киирсэр. Ол курдук, үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥоро охсуллубут быһыы эбэтэр саҥаны айыыны оҥоро сатааһын куһаҕан буолан хаа-лара уонна куһаҕаны элбэтэрэ биллэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн этэллэрэ, дьону барыларын айыыны оҥорорго ыҥыраллара, сахалары барыларын албыннааһын буолар. Айыыны оҥоруу диэн дьон билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара буолан сиэри таһынан барарыттан, биир эмэ саҥаны айыы табыллан дьоҥҥо туһалыыр. Ол курдук, биир эмэ киһи оҥорбут айыыта табыллан туһалаах буолар, онтон атыттара бары табыллы-баккалар, сатаммаккалар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр эбэтэр таах, быраҕыллан хааланнар ночооту аҕалаллар.

Билигин үөрэх, экономика сайдан иһиилэрэ саҥаны айыылар эл-бээн иһэллэрин кырдьык үөскэтэллэр. Дьон саҥаны айа сатыыллара ордук элбээтэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн саҥаны айыылар икки өрүттэнэн тахсаллар:

1. Үрүҥ, үчүгэй, олоххо туһалаах саҥаны айыылар.

2. Хара, куһаҕан, дьоҥҥо буортуну оҥорор саҥаны айыылар.

Киһи оҥорор үчүгэй эбэтэр куһаҕан айыыларын сахалар биир айыы диэн тылынан этэллэр. Ол барыта биир киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэриттэн быһаччы тутуллар. Киһи оҥорор быһыыта барыта санаата хайдах уларыйарыттан эрэ тутулуктанар, онтон санаа диэн олус түргэниттэн үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа уларыйа охсорун сахалар быһааран олохторугар туһаммыттара ырааппыт. Айыыны оҥоруу сиэри таһынан барар. Айыы диэн киһи билбэт, санаатыгар эрэ оҥорон көрөр, өссө ким да илэтигэр оҥорон көрө илик ураты быһыыта буолар, ол иһин айыыны оҥордоххо киһи билбэт, оҥорбот быһыыта үөскээн тахсар уратылаах. Айыыны оҥорортон туох содул үөскээн тахсара биллибэтиттэн куһаҕана хойутаан арыллан тахсар. Улахан химическэй заводу тутуу Саха сиригэр оҥорулла илик айыыны, саҥаны оҥоро сатааһын буолар. Химическэй заводтарга араас абаарыйалар син-биир тахса тураллара биллэр.

Абаарыйа, сутуллуу тахсыыта, бу заводка үөскүүр содул буоларыттан, эрдэттэн, завод өссө тутулла илигиттэн харыстана сатааһын хайаан да ирдэнэр.

Дьон бары оҥоро сатыыр саҥаны айыыларыттан биир эмэ эрэ табыллан, сатанан туһаны оҥорор, онтон атыттара бары сатаммаккалар, табыллыбаккалар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ол иһин сахалар айыы диэн тылы олус сэрэхтээх, улаханнык саҥарыллыбат тылынан ааҕаллар, “Айыы буолуо” диэн эрдэттэн сэрэнэллэр.

Айыыттан барытыттан буолбакка, бу айыыттан үөскээн тахсар содултан сэрэннэххэ табыллар. Ол иһин бэйэлэрэ биир эмэ айыыны оҥорон көрөн эрэйдэммэтэх дьон айыы ити, куһаҕаны элбэтэн кэбиһэр уратытын билбэттэриттэн айыыны “үчүгэй” эрэ курдук саныыллара улахан сыыһа, быстах санааҕа киирэн биэрии буолар.

Сиэр диэн сахалар өй-санаа аһара барарын тохтотор хааччахтара, хаһан да аһара барбат, аһара туттубат кыйыалара ааттанарын бары билэбит уонна олохпутугар тутуһа сылдьабыт. Сиэри аһара барбаппыт, кэлин куһаҕан буолуо, содул үөскээн тахсыа диэни билэрбититтэн, иэстэбил тиийэн кэлэриттэн туттуна сылдьабыт.

Таҥара накааһа диэн иэстэбил сиэри аһара барыыттан үөскээн тахсар. Бу иэстэбил үөскээбитин бэлиэтинэн элбэх ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ буолар. Ыарыһах оҕо төрөөһүнэ диэн төрөппүт эдэр эрдэҕинэ олох туһалаах үгэстэрин, сиэри тутуспатаҕын бэлиэтиир. Билигин дьахталлар эдэрдэриттэн көҥүллэринэн бара сылдьаллара элбээн хаалан ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ биллэрдик үксээтэ. Сиэри тутуһуу диэн киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан, билиитинэн, олоҕун уопутунан туһанан уонна тулуурунан, туттунар күүһүнэн аһара бара сатыыр өйүн-санаатын тохтотуна сылдьара ааттанар.

Сиэри аһара барыы куһаҕана, содула хойутаан да соҕус буоллар, син-биир кэлэн дьайыыта биллэр кыахтанар. Сиэри аһара бардахха иэстэбил үөскээн тахсарын сахалар билэллэр. Арыгыны аһара иһэн кэбиһии, итирии киһи быһыытын, сиэри таһынан барар быһыыга киирсэр. Элбэхтик итирэн хаалыахха диэри иһэ сылдьыы арыгыһыт буолууга тириэрдэр. Ол аата арыгыны элбэхтик, аһара иһии иэстэбилэ арыгыга ылларыы хойутаатар да тиийэн кэлэр.

Солумсах буолуу диэни сахалар сөбүлээбэттэр. Сиэри таһынан барыыны солумсах буолуу улаатыннарар, элбэтэр. Ол курдук, биир-тэн-бииргэ, атынтан-атыҥҥа, саҥаттан-саҥаҕа түһэн иһии солумсах буолуу улаатарыттан элбиир куһаҕан быһыы буолар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн былыргыттан баар, солумсах диэни үөскэтэр, ол иһин аҕыйатар, тохтотор аналлаах тылбытын сэбиэскэй былаас кэмигэр суох оҥоро сатаан, саҥа “сонун” диэн тылы булан уларытаннар, солумсах буолуу үөскүүр төрүтүн кистээннэр, дьон онно-манна солумсаҕыран иһиилэрин элбэттилэр.

Үөрэх солумсах буолууну улаатыннарар. Дьон тыа сирин үлэлэрин быраҕан куоракка киириилэрэ, үөрэҕи “үчүгэй” диэн ааттаан эккирэтэ сатааһыннара уонна “айыы үөрэҕэ” солумсах буолууну улаатыннаран кэбиһэр сыыһатыттан билигин аһара баран сылдьар. Киһи бары оҥорор быһыыларыгар аһара барыы диэн өйдөбүл баара туттулла сылдьар. Аһара барыы диэн сиэри таһынан барыыны, оҥорор быһыыны куһаҕан өттүгэр кубулутууну арааран ааттыырбытын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ. Ол курдук, айыыны оҥоруу сиэри таһынан барарын, тосту уларытыыны киллэрэрин билэн айыыны оҥорортон туттунуу, сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн таҥараларын үөрэҕэ этэрин тутуһа сылдьыы эрэйиллэр.

Элбэх сыыһалардаах, онтон-мантан хомуйа, була сатаан, эрбэхтэн эмэн оҥоруллубут “айыы үөрэҕин” айааччылар, өй-санаа бу тутаах тутулугун, сахалар уһун үйэлэргэ үөскэппит аһара барыыны тохтотор үгэстэрин, сиэри тутуһууну суох оҥорон сылдьаллар, киһи буолуу, киһи быһыыта диэн сахалыы таҥара үөрэҕин тутаах көрдөбүллэрин билинэ иликтэр. Эдэрдэри үөрэтиигэ “айыыны үчүгэй” диэһин, айыы-ны оҥотторо сатааһын өйдөрүн-санааларын сиэри таһынан ыытарын, ол иһин алдьатыыны элбэтиигэ тириэрдэрин тыл үөрэхтээхтэрэ, суру-йааччылар, учуонайдар билбэттэр уонна ол билбэттэринэн үлэһит сахалары барыларын албынныы сатыыллар. Сиэри таһынан барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх быһыы буолар. Ол иһин сахалар “Сиэри таһынан барыма” диэн аналлаах үөрэҕи былыргы кэмнэргэ оҥорон куруук туһана сылдьаллар.

Киһи оҥорбут быһыытын үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн арааран сыаналааһыны, аналлаах мээрэйи быһыыны атыттар, элбэхтэр оҥо-роллор, бэйэлэрин олохсуйбут өйдөбүллэригэр тэҥнээн көрөн, бу үчүгэй диэн ылыныахтарын, үтүктүөхтэрин эбэтэр бу куһаҕан диэн туоратан, умуннаран кэбиһиэхтэрин сөп.

Саҥа киирбит уларытыыны тутуһан дьон үгүс өттүлэрэ, бу үчүгэй диэн быһаарыыны ылыннахтарына, уруккуттан олохсуйбут сиэр ула-рыйан үчүгэй диэн ааттаммыт өттүгэр хамсыыра кэлэр. Үчүгэйи оҥоруу үйэлэргэ үөскээбит сиэри уларытар, тупсарар. Ол курдук, сиэр үчүгэйи оҥорууттан кэмиттэн кэмигэр уларыйан иһэриттэн сахалар сайдыыны ситиһэн иһэллэрэ уһун үйэлэргэ тохтообот. Үчүгэйи оҥоруу тупсан, элбээн истэҕинэ куһаҕаны оҥоруу эмиэ хаалсыбат, тэҥҥэ сайдан, күүһүрэн иһэр. Дьон атомнай эньиэргийэни баһылааннар олохторугар тупсууну, сайдыыны киллэрбиттэрин тэҥэ, атомнай буомбалары элбэҕи оҥостоннор, сир саарын барытын тоҕо тэптэрэр кыахтанан хаалбыттарыттан, билигин кэлэн куттана сылдьаллар, хойутаан да буоллар харыстана, көмүскэнэ сатыыллар. Бу харыстана сатааһын “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн сахалар туһанар өс хоһооннорун быһаарыытыгар тиийэн хаалбатыгар киһилии быһыы-лаах дьон баҕараллар эрээри, сыыһа-халты туттунуу диэн дьоҥҥо баара уонна суох буолбата кутталы син-биир улаатыннарар.

Үчүгэй кэнниттэн үчүгэйтэн үчүгэй тиийэн кэлэр, дьон оҥорор быһыылара өссө тупсарын ситиһэллэр. Сорохтор үчүгэйтэн үчүгэй кэнниттэн кэрэ буолуу кэлиэҕэ диэн санааҕа киирбиттэрэ кэрэгэй, сыыһа өйдөбүл буолар. Ол курдук, кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьарыттан, дьон көрө сылдьар кэрэхтэригэр кубулу-йарыттан өй-санаа эргийэн, солбуйсан биэриитэ тиийэн кэлэр. Бу быһаарыыны туоһулуур чахчынан кэрэ диэн тыл кэнниттэн кэрэтэ диэн кыайан туораммат кыйыа уонна кэрээнтэн тахсыы диэн өй-санаа уларыйыытын быһаарыы тиийэн кэлэллэрэ буолар. (8,114).

Сайдан иһэр өй-санаа аҥар, үчүгэй диэки өттүгэр халыйыыта, аһара барыыта кэрэ буолууну кытта тэҥҥэ кэлэр. Кэрэ киһи үлэлээ-бэтиттэн үлэ-хамнас кыаттарбата үөскүүрүттэн уонна кэлии үлэһиттэр элбээһиннэриттэн олохсуйбут өй-санаа эргийэн биэриитэ кэлэн салайар былаас уларыйыан сөбүн тэҥэ, омук атыттарга баһыттарыыта, үлэлиир миэстэтин былдьатыыта, ол аата симэлийиитэ кэлиэн сөп.

Онон сиэри таһынан барыы икки өрүттэн хайалара эрэ төннүү, эргийэн биэрии хамсааһынын саҕалыырыгар тириэрдэринэн дьон олоҕор уустуктары үөскэтэр уонна уларыйыылары киллэрэр.

СИЭРДЭЭХ БЫҺААРЫЫ

Ханнык баҕарар ыйытыкка таба быһаарыыны ылыныы уустук, өй-санаа элбэх үлэтин, ырытарын, тэҥнээн көрөрүн эрэйэр. Ол барыта киһи оҥорор быһыылара барылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсалларыттан уонна хайалара; үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара баһыйан тахсара аан бастаан биллибэтиттэн тутулуктаах. Бу быһыылара оҥорбутун кэнниттэн үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан икки өрүттэнэн, тус-туспа арахсан тахсаллар. Ол аата, бу оҥоруллубут быһыыны төһө эрэ кэминэн атыттар билэн, көрөн, бары өттүнэн сыаналаан, ырытан үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын чуолкайдык быһааран, икки аҥы араараллар:

А. Үрүҥ, үчүгэй быһыылары оҥоруу.

Б. Хара, куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһии.

Киһи үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэр уонна саха тылыгар киирэн иҥэн, айыы диэн киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан икки аҥы арахсан тахсалларын быһаарар. Бу уратыны сахалар быһааран икки утарыта өрүттээх өйдөбүллээх айыы диэн тылы үөскэппиттэрэ билигин туттулла сылдьар.

Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да хаалан хаалбат, куруук баар буола турар. Үчүгэй буолуо дии санаан оҥоро охсубута сатаммакка, табыллыбакка хаалан куһаҕаны өссө элбэтэн кэбиһэн иһэр. Ол курдук, киһи оҥорор быһыылара ханнык, үчүгэй дуу, куһаҕан дуу санаалааҕыттан тутулуктанара кыайан уларыйбат. Ону тэҥэ, санаа олус түргэнник уларыйар кыахтааҕа, онно олук буолан үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн сыанабылы киһи оҥорор быһыытыгар барытыгар киллэрэн биэрдэҕинэ табыллар. Киһи оҥорор быһыылара уларыйан хаалалларын таба суоттааннар сахалар сиэрдээх, таба быһаарыы, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан курдук түбэһэрин быһаараннар олоххо киллэрбиттэр:

1. Үчүгэй, таба оҥоруллубут быһыы.

2. Куһаҕан, сыыһа буолан тахсыбыт быһыы.

3. Бу икки өрүттэр икки ардыларыгар, ортолорун диэки сөп түбэһиини үөскэтэр киһилии быһыыны, үһүс өрүтү киһи сайдыыны ситиспит өйүн-санаатын туһанан булан оҥоро сырыттаҕына табыллар.

Сөп түбэһиини, тэҥнэһиини үөскэтэр быһаарыыны билигин үһүс өрүт диэн ааттыыллар. Туохха барытыгар икки өрүттэр икки арды-ларыгар үһүс өрүт үөскээн тахсарын сахалар быһаарбыттар уонна “Туох барыта үһүстээх” диэн этиинэн бигэргэтэллэр.

Үчүгэй уонна куһаҕан тус-туспа хайысхаланан барар икки өрүтү үөскэтэллэр. Онтон бу икки өрүккэ сөп түбэһэр, тэҥнэһиини олохтуур быһаарыы, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үөскээн үһүс өрүтү арыйан таһаарарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран, сөп диэн тылы үөскэтэн, тылларыгар киллэрэн туһаналлар.

Сөбүгэр диэн тыл үчүгэй кыайан буолбакка, куһаҕаҥҥа да түспэккэ, үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан, ортотунан түбэһиини быһаарар. Туох эмэ сөбүгэр диэн ааттанара үчүгэйи арыычча аннынан уонна куһаҕаны үрдүнэн буоларын быһааран туттуллар.

Сөбүгэр диэн быһаарыы сөп түбэһиини биллэрэр. Икки тус-туспа хайысхалаах үчүгэй уонна куһаҕан диэн ааттанар өрүттэр, сөп түбэ-һиини үөскэтэр үһүс өрүттэрэ икки ардыларынан, ортолорунан сыл-дьарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран, бэйэлэрэ, сөп түбэһэр, сөптөөх быһаарыыны ылынааччылар олорор, сылдьар сирдэригэр Орто дойду диэн ааты иҥэрэн олоххо киллэрбиттэр.

Сөбүлээһин диэн сөп түбэһиини билинии, ону тутуһуу буолар. Ыал буолуу уол уонна кыыс бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээһиннэриттэн саҕа-ланар. Ыал олоҕо сөбүлүү көрсүүттэн саҕаланар уонна сөбүлэһиинэн тутуллан салҕанан баран иһэрэ табыллар. Сөбүлэһии диэн аныгы быһаарыынан дуогабар ааттанар. Элбэх эрэйдэр, үлэлэр эбии көр-сөллөрүттэн уонна кэлэн иһэллэриттэн ыал олоҕо барыта үчүгэй диэҥҥэ кыайан тиийбэт, биирдэ эмэтэ үчүгэй буолан ыла-ыла сөбү-лэһиинэн тутуллан баран иһэрэ табыллар.

Сөбүлэһии диэн сөп түбэһиини үөскэтии ааттанар. Ыал олоҕо сөбүлэһииттэн тутуллан турар. Бу быһаарыы ыал олоҕор үчүгэйэ уонна куһаҕана, ыарахана тэҥнэрин, хайалара да аһара барбатаҕына табылларын биллэрэр. Туох эмэ быһаарыыны ылыныы табыллан сөп түбэһиини үөскэттэҕинэ уонна элбэхтик туттуллан сиэргэ кубулуй-даҕына киһи оҥорор быһыыта сыыһа-халты буолара аҕыйаан олоххо улахан туһаны аҕалар кэмэ кэлэр. Ол курдук, сиэр киһи аһара барар санаатын хааччахтаан туому үөскэттэҕинэ, киһи быһыытын тутуһарга тириэрдэриттэн оҥорор быһыытын тупсарарын үөскэтэр.

Былыргы кэмнэргэ сиэр үөскүүрэ уһун кэми ылара. Үчүгэйгэ ти-риэрдибит санаа араас дьонунан элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэһи үөскэттэҕинэ сиэргэ кубулуйара, дьон сиэри тутуһаннар, туомҥа кубулутаннар оҥорор быһыыларын тупсарар кыахтаналлара. Аныгы кэмҥэ араас сокуоннары ылыналлара түргэтээн, олору тутуһа үөрэнии сиэри түргэнник үөскэттэҕинэ табыллар буолла. “Сири түҥэттэр сокуон таҕыстаҕына аҕам саҥа сокуону тутуһуо буоллаҕа дии уонна дьон сиэриттэн ханна туоруой?” (6,77).

Киһи оҥорор быһыыта үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан, үчүгэйэ өр кэмҥэ быһаарыллан, дьон ону тутуһан элбэхтик хатылаан оҥордохторуна сиэри үөскэтэллэр уонна куруук туттуллар үгэскэ, ол аата туомҥа кубулуйуон сөп. Бу үчүгэй үгэстэр үөскэппит сиэрдэрин бары тутуһаннар олохторун тупсарыыны ситиһэллэр.

Аҕыйах депутаттар ылына охсубут сокуоннара үчүгэйэ, туһалааҕа өссө быһаарыллан, дьон үгүстэрэ олору билэн, итэҕэйэн олохторугар туһанан барыахтарыгар диэри өр кэми ылаллар.

Икки тус-туспа хайысхалаах өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии өрүтүн булан, онно сөп түбэһэр быһаарыыны киһи өйө-санаата сайдан, икки өрүттэргэ тэҥнэһиини үөскэтиини табан оҥорорго үөрэннэҕинэ эрэ кыайар. Ол курдук, аҥар өрүтү тутуһуу, ол эрэ өттүн диэки бара сатааһын халыйыыны, атынын аһара баһылааһыны үөскэтэн, диктатураны оҥорорун дьон билиэхтэрэ этэ.

Сэрии диэн дьон олоҕун кытаанах, элбэх саҥаны айыыны оҥорор кэмнэрэ буолар уонна сиэри таһынан барыылары элбэҕи үөскэтэр.

Сэрии эмиэ сиэри тутуһарын аныгы тупсубут сокуоннар ирдииллэр. “Боссоойкону эһии” диэн үлэтигэр Идэлги маннык суруйар:

- Ама, оҕону-дьахтары ытыалаатахтарай? Советскай былаас сиэрдээх быһыытын-майгытын туһунан бэркэ кэпсиир-ипсиир этилэр дии, - диир Курбан. (9,32).

Дьон былыр-былыргыттан ырыынак сокуоннарын туһанан атыыны-эргиэни ыыталлар. Тэҥнэһиини, сөп түбэһиини үөскэтии холобурунан атыылааччы уонна атыылаһааччы биир тылы булуналлара буо-лара ордук итэҕэтиилээх. Кинилэр биир тылы булуннахтарына, араас, үрдүк көрдөбүллэрин кыччатан, аҕыйатан биэрдэхтэринэ эрэ, сөп түбэһии үөскээн атыы-эргиэн табыллар кыахтанар.

Ырыынак кэмигэр бу быһаарыы үлэ сайдан иһиитин үөскэтэр уонна ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр туттулуннаҕына, үлэ сөптөөх барыһы биэрэрэ табыллар. Ол курдук, сөптөөх барыһы биэрбэт үлэ көрүҥэ тохтоон, хаалан иһэриттэн, саҥа, барыһы биэрэр үлэни булан сайыннарыы олоххо сайдыыны киллэрэрин туһаныы буолар.

Онон сиэрдээх быһаарыы диэн икки өрүт; үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларыгар үөскээн тахсар сөп түбэһиини үөскэтэр аналлаах туһаны аҕалар үһүс өрүтү булуу ааттанар.

СИЭР - МАЙГЫ

Саха дьоно өй-санаа үөрэҕин дириҥник үөрэтэн баһылаабыттарын бэлиэтинэн майгы диэн элбэх өй-санаа уратыларын хамсаныылары үөскэтэр үс куттартан туспа арааран туһаналлара буолар.

Майгы диэн өй-санаа түмсүүлэрэ киһи быччыҥнарын хамсатыыга быһаччы кыттыспаттарынан куттартан улахан уратылаахтар уонна атыттары кытта сыһыаны олохтуур өйдөр-санаалар буолаллар.

Майгы киһи сүрүттэн улахан тутулуктаах. Сүр күүһүрэн истэҕинэ майгы кытаатан биэрэр уонна киһи олус киэҥ, элбэх өйүн-санаатын быһаарар уратылаах. Кыылларга, көтөрдөргө эмиэ майгы баар. Сымнаҕас майгылаах көлөнү үлэһиттэр ордук сөбүлүүллэр. Майгы диэн өй-санаа сайдан, элбэхтик хатыланан истэҕинэ ийэ кут өйүгэр-санаатыгар уларыйан үгэстэри үөскэтиэн сөп. Өссө салгыы сайдан дириҥник олохсуйдаҕына, ол аата олус элбэхтэ хатыланнаҕына салгыы уларыйан эти-сиини үөрүйэхтэргэ кубулутуон сөп. Үөрүйэҕи үөскэттэҕинэ эккэ-сииҥҥэ уларыйыылары киллэрэн умнулла охсубат өйдөбүлгэ кубулуйар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ утум-нааһын нөҥүө бэриллэн иһэрэ быһаарыллар.

Үгэс буолбут майгы умнуллубат, хаһан баҕарар өйдөнөн кэлэр кыахтанар. Бары кыыллар, көтөрдөр үгэстэринэн салаллан сылдьал-лар уонна үгэскэ кубулуйбут быһыыларын оҥороллор.

Үгэскэ эбэтэр үөрүйэххэ кубулуйбут майгы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Үчүгэй майгылар. Дьону кытта сыһыаны тупсарыыга аналлаах майгылар үчүгэй майгылар диэн ааттаналлар.

2. Куһаҕан майгы. Дьоҥҥо куһаҕан сыһыаны үөскэтэр майгылар, куһаҕан майгылар диэн ааттаналлар уонна киһилии быһыылаах дьон аһара ыыппакка хааччахтыы сылдьар аналлаахтар.

Киһи бэйэтэ ханнык да майгылаах буоларын билиммэккэ сыл-дьыан сөп. Ол барыта майгы киһиэхэ бэйэтигэр аан бастаан туһаны оҥороругар саһан сылдьар. Ону тэҥэ, кыыһырар майгы диэн атыттар саба түһэллэриттэн көмүскэнэргэ туһалыыр.

Элбэх дьону кытта бииргэ олоруу киһи майгына тупсан иһэригэр тириэрдэр. Киһи атын киһиэхэ сыһыана майгы тупсан иһэрин уонна киһилии майгыга уларыйарын үөскэтэр. Ол аата атын дьоҥҥо үчүгэй сыһыаны олохтуур майгы, киһилии майгы диэн буолар.

Сахалар киһилии киһи диэн этиилэрэ киһи майгына көннөрү киһи майгыныттан өссө тупсубутун, үчүгэй буолбутун биллэрэр сыалга туттуллар. Олох салҕанан баран истэҕинэ майгы киһи майгыныттан өссө тупсан иһэрин быһааран ити хоһулаан этиини тутталлар. Үчүгэй майгылар төһө да элбэхтэрин иһин, куһаҕан майгылар кыралаан аҕыйыыллар, симэлийэн хаалар кыахтара суох. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ иитиитэ табыллыбакка, атаахтатыы диэки халыйан хаалыыта куһаҕан майгы баар буола турарыгар тириэрдэр. Сиэр-майгы диэн холбуу этиини элбэхтик туттабыт. Майгы диэн өй-санаа, ол иһин түргэнник уларыйан, куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалары-нан ханнык эрэ хааччахтаах буолара ирдэнэр. Үчүгэй да, куһаҕан да майгылар аһара барыылара киһи олоҕо табыллыбатын үөскэтэллэр, ордук куһаҕан майгы аһара бардаҕына өссө улахан куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдэрэ букатын табыллыбат. Ол иһин майгы сиэри таһынан барбата табылларын сахалар арааран билэн сиэр-майгы диэн холбуу этиини туһанан куһаҕан майгыны хааччахтыыллар.

Майгы уларыйыытын Леонид Попов маннык суруйан бэлиэтиир: “Итинник тыллаах-өстөөх, суостаах-суодаллаах эмээхсин кийиититтэн куоттаҕа үһү... Сахаларга тутуһуллар сиэр-майгы кэһиллибит ыала быһыылаах. Кийиит хотунун утары көрүө суохтаах...” (6,164).

“Сиэр-майгы сатарыйбыт” диэтэхтэринэ майгы сиэри тутуспакка, таһынан барбыта бэлиэтэнэр. Айыыны элбэҕи оҥоро сатааһын сиэри тутуспаты үөскэтэн “Сиэр-майгы сатарыйбыт” диэн этиигэ уонна куһаҕаны оҥоруу элбээһинигэр тириэрдэр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ айыыны “үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр, өйтөн була сатаан “айыы үөрэҕин” айаннар сиэр-майгы сатарыйбыт кэмигэр сахалары киллэрдилэр. Өссө була сатаан “айыы-сиэр” диэн этэ сатыыллара өйгө-санааҕа букатын сөп түбэспэт. Айыы сиэри таһынан барар быһыы буолан холбуу этиигэ табыллыбаты үөскэтэр. Бу сымыйа үөрэх куһаҕан дьайыытыттан эдэрдэр араас саҥаны айыыны оҥоро сатаан буруйу-сэмэни оҥороллоро, арыгы иһэллэрэ, наркотикка убаналлара, сыыһа-халты туттуналлара уонна бэйэлэригэр тиийинэн эдэр олохторун кылгаталлара эбиллэн иһэр.

Эдэр уолаттарбыт 30-ча бырыһыаннара сыыһа-халты туттунан куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһэннэр хаайыыга киирэн тахсаллар эрээри, үөрэҕи баһылаабыт ааттаах учуонайдар, суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ “айыыны үчүгэй” диэн сымыйанан этэн, эдэрдэр өйдө-рүн-санааларын куһаҕан өттүгэр халыталларын тохтото иликтэр.

Бу “айыыны үчүгэй” диэн ааттаан оҕону иитии, үөрэтии сатарыйыытын үөрэх министерствота тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрэн үөскэтэн баран оҕолор бэрээдэктэрэ буорту буолуутун, араас буруйу оҥоруулара элбээһинин аҥардастыы төрөппүттэргэ уонна полицияҕа түһэрэн балыйа сатыыр.

Майгы диэн киһи хамсаныылары оҥоруутуттан ураты олохсуйбут, үгэс буолбут элбэх өйө-санаата ааттанар. Ол да буоллар майгы эккэ-сииҥҥэ дьайыыта кыра, хамсаныылары оҥорууга киһи ийэ кутун нөҥүө дьайарыттан, ийэ кут ханнык үгэстэринэн иитиллибититтэн улаханнык тутулуктанар. Оҕо ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитилин-нэҕинэ, тулуура улааттаҕына үчүгэй майгына элбиир кыахтанар.

Хамсаныылары оҥорууга суолтата суох кыра быччыҥнары майгы хамсатара биллэр. Ол курдук, кыыһырбыт киһи сирэйин араас быч-чыҥнара тардыалыыллара, хамсааһыннара майгы уларыйарыттан тутулуктара улаханын биллэрэр. Итини тэҥэ, майгы эмискэ улары-йыыта киһиэхэ уор диэн ааттанар эбиискэ эньиэргийэни эбэн биэ-рэринэн, киһи сыыһа-халты туттунарын үөскэтиэн сөбүттэн, куһа-ҕаҥҥа киирсэр. Майгы киһи туттар быһыытыгар дьайыыны оҥоро-руттан киһи быһыытын, сиэри таһынан барбатаҕына эрэ киһи, киһи буолан, киһилии быһыыланан сылдьар кыахтанар. Ол курдук, кыыһырдаҕын аайы ону-маны тамнааттыы сылдьар киһи, атыттары кытта тапсара уустук, биллибэт даҕаны. Ол иһин киһи майгына аһара барбакка сиэр иһигэр киирдэҕинэ, сиэри таһынан барбатаҕына эрэ, киһи быһыытын аһара барбакка олоҕо табыллар уонна туох эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанарын сахалар билэн куһаҕан майгыны хааччахтыыллар, сиэр иһигэр киллэрэн биэрэллэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии киһи майгынын быһаа-рыыга ордук сөп түбэһэр. Ол курдук, кыыһырымтаҕай соҕус буолуу, биирдэ эмэтэ кыыһыран ылыы куһаҕан майгы буолар эрээри, куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдибэтэҕинэ сиэри таһынан барбат, киһи быһыытыгар син киирсиэн сөп. Арай аһара кыыһырымтаҕай буолуу, кыра аайыттан кыыһыра охсон онон-манан тамнааттанан иһии сиэри таһынан барыыны үөскэтэр, ол иһин киһи быһыыта буолбатах.

Үөрэҕи билии дьон бары араас солуннары, саҥаны, уратыны билиэхтэрин баҕаларын улаатыннаран кэбиһэр. Бу баҕа санаа аһара барыыта киһини солумсаҕырыыга, бииртэн-бииргэ көтүөккэлээһиҥҥэ тириэрдэн кэбиһэринэн туһалаах үлэни оҥорууга куһаҕаны үөскэтэр.

Киһи хаһан баҕарар, тугу барытын оҥороругар табан, икки өрүт үөскээн тахсарын эрдэттэн билэн, тэҥҥэ сыаналаан туһана сырыт-таҕына эрэ, киһи быһыытын аһара барбакка, олоҕун олорор кыахтанарын таба өйдүөхпүт уонна олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Майгыны киһи санаатын күүһүнэн уларытар, тупсарар кыахтааҕа олоххо улахан интэриэһи үөскэтэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтэ, аҕата ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэн биэрдэхтэринэ бэйэтин куһаҕан майгынын кыана, тохтотуна үөрэнэрэ ордук тиийимтиэ уонна киһи буолууну ситиһэрин түргэтэтэр. Сааһырбыт, санаата күүһүрбүт киһи хаһан баҕарар бэйэтин куһаҕан майгынын дьоҥҥо биллэрбэккэ кыһанар, ол кыаллыбатаҕына даҕаны өссө кистээн, үөрбүтэ-көппүтэ буола сылдьыан сөп. “Сирэйин тириитэ халыҥаабыт” диэн өс хоһооно элбэхтик дьарыктаммыт киһи майгына уларыйыыларын сирэйиттэн көрөн биллэрбэтин быһаарара ордук туһалаах. Ол курдук, бу этии киһи өйүн-санаатын күүһүнэн майгынын араас уратыларын салайар, тупсарар кыахтааҕын биллэрэрэ туһаны оҥорор.

Оҕо кыра эрдэҕинэ “Оҕом кыыһырар” диэн этэн кыыһырарын бэлиэтээн, үгэс оҥорон кэбистэххэ, улаатан баран түргэнник кыыһыран иһэр киһиэхэ кубулуйара ыараханнары үөскэтиэн сөп.

Куһаҕан санаалары умнубакка куруук саныы сылдьыы, бу санаалар үгэскэ кубулуйан хаалыыларын үөскэтэн, майгыны куһаҕаҥҥа уларытыан сөп. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ куһаҕан санаалартан ыраастаныы туомун ыытан дьоҥҥо туһаны оҥорор. Майгы киһи санаатыттан тутулуктааҕынан түргэнник уларыйан иһэр кыахтааҕын билинэн майгыны тупсарыыны куруук алгыстары истэн оҥоро сылдьары тэҥэ, куһаҕан санаалартан ыраастаныы хайаан да эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Көрсүө, сэмэй майгылаах буолууну сахалар сөбүлүүллэр. Дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын тупсарыы-га уонна үлэни үлэлээһиҥҥэ көрсүө, сэмэй майгы туһата олус улаханын иһин оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһана сылдьаллар.

Сиэри тутуһуу төһө да эрдэлээн, былыргы кэмҥэ үөскээбитин, олоххо киирбитин иһин, киһилии майгыны кытта сөп түбэһэн холбуу тутулуктаммыт, ол иһин киһи быһыытын тутуһууну сиэр үөскэтэрэ быһаарыллар. Ол аата аан бастаан санаалары дьаарыстаан сиэри тутуһууга киллэрдэххэ, киһилии быһыылаах буолуу эрэйэ суох ситиһиллэр кыахтанар. Бу быһаарыы сахалар таҥараларын үөрэҕэ табатын чопчулаан бэлиэтиир. Оҕо өйө-санаата сайдыыта, үгэстэрэ үөскээһинэ былыргытыттан кыайан уларыйбатыттан билигин даҕаны сиэр киһи-лии быһыыны үөскэтэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.

Онон киһи буолуу биир сүрүн сыалынан майгы киһи быһыытын аһара, таһынан барарыгар тириэрдибэтэ, өй-санаа хааччаҕын, сиэри тутуһа сылдьарын ситиһэрэ буолар.

СИЭРДЭЭХ ОЛОХ

Сиэр диэн сахалар өй-санаа аһара барарын хааччаҕын олохтооһун-нара киһи буолуу үөрэҕэ үөскээн, сайдыан иннинэ туттуллара саҕа-ламмыт. Дьоҥҥо Күн таҥара үөскээн үрүҥү, үчүгэйи уонна хараны, куһаҕаны тус-туспа арааран өй-санаа уратыларын туһанар кэмнэрин иннилэриттэн сиэри үөскэтэн олоххо киллэрэн туһаммыттар.

Дьон олоҕо үйэлэргэ үөскээбит үгэстэри тутуһан сайдан иһэрэ сиэри тутустахха эрэ табылларын сахалар быһааран билэн, олох сиэрэ диэн ааттаабыттар. Сиэри тутуһуу киһи аһара барар араас ыра, быстах санааларын аҕыйатан, олоҕун киһи быһыытын тутуһан, сыыһа-халты туттубакка олорорун үөскэтэр. Саха дьоно бука бары сиэри тутуһан-нар олохторун киһи быһыылаахтык олорууну ситиһэллэр.

“Айыыны үчүгэй” диэн сымыйанан этэр, сиэри тутуспат, таһынан барар саҥаны айыыны өссө сайда илик оҕолорунан оҥотторо сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар оҕо киһи буо-лууну үөрэнэн ситистэҕинэ эрэ табылларын, оччоҕуна эрэ киһилии быһыылаах буола улаатарын билбэттэр. Эдэрдэри “айыы үчүгэй” диэн албыннаан айыыны оҥоро сатааһыҥҥа, сыыһа-халты туттунууга, ол аата алдьатыыны оҥорорго үтүрүйэллэр.

Өй-санаа үөрэҕин сыыһата, халыйыыта сэти үөскэтэрин сахалар билэллэр. Сэт үөскээтэҕинэ иэстэбил тиийэн кэлэриттэн төрөппүттэр сэрэнэн оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр.

Дьон олоҕор эмискэ уларытыылары киллэриини Өктөөп өрө туруута кыайыытын кэнниттэн сэбиэскэй былаас оҥорбута. Саҥа олоҕу тутабыт диэн ааттаан урукку олох үйэлээх үгэстэрин, сиэрин барыларын кэриэтэ туһата суоҕунан ааҕан хаалларбыттара. Саҥа олоххо саҥа үгэстэри үөскэтэн туһанабыт диэн саҥалары оҥорон туһана сатаабыттара. Бу үлэҕэ бары суруйааччылар кыайа-хото үлэ-лээн, элбэх саҥаны суруйан атыттартан бастаабыттара.

Уһун үйэлэр тухары дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга арахсан олохторун олорбуттара. Сэбиэскэй былаас дьону барыларын тэҥнээн, партия ыйыытын толоро сатыыр дьадаҥы, өй-санаа үөрэҕин билиммэт, атеист үлэһиттэри үөскэппитэ. Ол курдук, дьон баайдарын, үптэрин, бас билиилэрин суох оҥорон, аҕыйатан, тэҥнии сатаабыттара кыаллыбатаҕа. Араас репрессийэлэри туһанан дьон уһун үйэлэргэ мунньуммут баайдарын барыларын былдьаабыттара, уопсай баай, барыбыт киэнэ диэн ааттаан үллэстибиттэрэ. Сэбиэскэй былаас урукку кэмҥэ дьахталлар баттана, атаҕастана сылдьыбыттара диэн ааҕан, аныгы үйэҕэ көҥүллэринэн ыыппыта.

Былыргы ыал буолуу үйэлээх үгэстэрэ дьахталлары баттыылларынан ааҕыллан быраҕыллыбыттара, аҥардастыы дьадаҥылар өттүлэрин ту-туһан улаханнык уларыйбыттара. Ыал буолууга туттуллар, өй-санаа тэҥнэһиитин үөскэтэр энньэни, халыымы боппуттара, эр дьон уонна дьахталлар бэйэлэрэ сөбүлээбиттэринэн, ханна көрсүһэ түстэхтэринэ, ыал буолан иһиилэрин олохтообуттара.

Дьадаҥылар салайар былааһы ылбыттарынан, “үчүгэй” аатыраннар бэйэлэрин дьадаҥы, үлэни кыайбат сүрэҕэ суох буор куттарын киэҥник тарҕатаннар, үс көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэнниттэн Россияҕа үлэни кыайааччылар, күүстээхтэр быста аҕыйаабыттара билиннэ. Бу быһаарыы билигин Россияҕа күүстээх дьон, тустууктар нууч-чалартан суох кэриэтэ буолбуттарынан чуолкайдык дакаастанар.

Олох сиэрин тутуспакка араас уларытыылары киллэрии кэнниттэн кыайа-хото үлэлээбэт дьон элбээннэр, ас, таҥас тиийбэтиттэн сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ. Билигин даҕаны эстибит былаас үөскэппит үгэстэрэ туттулла сылдьалларыттан, былыргы, туһалаах үгэстэр олоххо киирэ иликтэриттэн кыахтаахтык үлэлиир дьон өссө да үөскүү иликтэр, ол иһин кэлии үлэһиттэр ахсааннара эбиллэ турар.

Көрсүө, сэмэй буолуу олох сиэрин тутуһууттан үөскээн тахсар. Үчүгэй да, куһаҕан да өттүгэр аһара барыылары оҥорбот киһи көрсүө, сэмэй диэн ааттанар. Билигин сэбиэскэй былаас эстиитин кэнниттэн айыыны оҥорууну “үчүгэй” курдук саныыр тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр, эдэрдэр аһара барар санааларын күөртээн, сыыһа-халты туттуналларын элбэтэн кэбистилэр.

Көрсүө, сэмэй быһыылаах киһи омук сайдыытын үөскэтэрин маннык быһаарыылар өссө чуолкайдаан биэрэллэр:

1. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоҕор таба туһанарыттан сыыһа-халты туттунуулары, аһара барыылары оҥорботуттан уһун үйэни ситиһэр кыахтанар.

2. Тулуура, туттунар күүһэ улаханыттан үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээн аймахтара, омуга сайдыыны ситиһиитин үөскэтэр.

3. Оҕону көрсүөтүк, сэмэйдик иитэриттэн, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэриттэн аймахтара, омук дьоно ахсааннара эбиллэрин тэҥэ, үлэни табан үлэлииллэрин ситиһэн туһаны аҕалалларын үөскэтэр.

Көрсүө, сэмэй киһи ити уратыларын арааран билэн сахалар олохторугар туһана сылдьаллар, оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэннэр, үөрэтэннэр баайдара-маллара эбиллэн иһэрин ситиһэллэр.

Олохторун үчүгэйдик, уһуннук уонна дьоллоохтук олорбут дьон уопуттарынан туһанан олоҕу олоруу сиэрэ үөскүүрүн туһаныы сай-дыыны аҕалар. Киһи үчүгэй санааларын түмэн, ити үөскээбит сиэри тутуһарга кыһаннаҕына уһун үйэлээх олоҕу ситиһэр кыахтанар.

Сиэри тутуһуу дьон олоххо ситиһэ сатыыр сыалларын таба булуу-ларын үөскэппитэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэн иһэр тутулугар сөп түбэһэн дьон икки өрүттэрин олоххо ситиһэр сыаллара тус-туспаларын сахалар туһаналлар:

А. Эр киһи олоҕун сыала диэн киһи буолууну ситиһэн, ыал буолан, оҕо төрөтөн, мас олордон, дьиэ туттан, үлэни-хамнаһы сайыннаран ыалы туох эрэйиллэринэн барытынан хааччыйыыта буолар.

Б. Дьахтар олоҕун сыалынан сааһын ситтэр эрэ оҕо төрөтүүтэ, ийэ кутун иитиитэ уонна үөрэтиитэ буолара хаһан да уларыйбатаҕына омук сайдыыта, ахсаана эбиллиитэ салгыы кэлэн иһэрэ ситиһиллэр.

Олус былыргы кэмнэртэн ыла баар, олоххо туттулла сылдьар, саха дьонугар биллэр сиэр диэн өйдөбүл сурукка киирбэтэх да буоллар, өйгө-санааҕа ордук дьайыылааҕыттан, билигин туһалааҕын өйдөөн туһанан эрэбит. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһини санаата салайарын билэриттэн уонна тутуһарыттан дьон куруук сиэри тутуһа сылдьалларыгар, таһынан барбаттарыгар иитэр, үөрэтэр. Аныгы тупсубут, сурук-бичик сайдыбыт кэмигэр киһи санаата су-руллубут, олоххо киирбит сокуоннары аһара барбата син-биир ирдэнэриттэн сиэри тутуһуу, олортон бастаан иһэр. Ол курдук, киһини санаата салайарын сахалар билэллэр уонна олохторугар туһанан сиэри үөскэтэн киһи быһыылаах буолууну сайыннарбыттар.

Аныгы үөрэхтээх, суругу-бичиги билэр дьон аан бастаан туох суруллубутунан, сокуоннарынан салайтараллара, ону тутуһаллара, киһи санаата бастаан иһэрин кыайан уларыппат. Ол иһин дьонтон туһалаах сокуоннары элбэхтэ өйгө-санааҕа хатылаан үгэс оҥостунуу, олоххо туһаны оҥорорун билэн итэҕэйии син-биир ирдэнэр.

Арай бу суруллубут сокуоннарбытын дьон бары итэҕэйэн, өйдөрүгэр-санааларыгар үгэс оҥостунан туһаныахтарыгар диэри элбэх сыллар усталарыгар олох үөрэҕинэн бэрэбиэркэни, боруобалааһыны барыахтааҕын билигин умнан сылдьабыт. Төһө эмэ өр кэминэн дьон бары үчүгэй диэн ааттаан, итэҕэйэн туһаннахтарына, толоро үөрэнэн үгэстэргэ кубулуттахтарына эрэ сокуоннары бары тутуһаллара үөс-күүр, ол аата олоххо киирэр кыахтаналлар.

Сэбиэскэй былаас 74 сыллар усталарыгар салайан дьадаҥы дьону сүрэҕэ суохтарга кубулуппута, хаһан да кэлбэт “коммунизмы” туттара сатаабыта олох сиэригэр сөп түбэспэтэ син-биир биллибитэ. Дьадаҥы, сүрэҕэ суох буор куттаах киһи үлэни кыайан үлэлээбэтиттэн, ас-таҥас тиийбэтэ үөскээбититтэн, бу былаас бэйэтэ эстибитэ.

Россия дьоно билигин даҕаны сокуоннары тутуһан олорууга үөрэнэ иликтэр, үгүс сокуоннары толорботтор, тутуспаттар. Ол барыта тиэтэйэн, ыксаан суруллар сокуоннар үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар соччо сөп түбэспэттэриттэн ордук улахан тутулуктаахтар. Итини тэҥэ, саҥа ылыммыт сокуоннары дьон бары өйдөөн, ылынан уонна үгэс оҥостунан, толоро сылдьыахтарыгар диэри төһө эмэ элбэх бириэмэ наада буоларын ааҕыстахха табыллар.

Онон киһи олох сиэрин тутустаҕына күүстээх, кыахтаах эрдэҕинэ олоҕун сыалын толордоҕуна киһи быһыылаахтык, уһуннук, элбэх сиэннэрин ортолоругар дьоллоохтук олороро ситиһиллэр.

ЫАЛ БУОЛУУ СИЭРЭ

Олус былыргыта баар буола сылдьыбыт матриархат үйэтин кэнниттэн эр дьон күүскэ үлэлээннэр салайар былааһы ыланнар ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэннэр уонна элбэх кыайыылары оҥороннор сайдыыны ситиһэллэрэ кыаллыбыт. Ол былыргы кэмнэргэ үлэ-хамнас сайдыыта, тупсуута эр дьон күүскэ, таһаарыылаахтык бултуул-ларыттан, үлэни үлэлииллэриттэн уонна элбэх сэриилэргэ кыайыыла-рыттан кэлэрэ. “Күүстээхтэн күүстээх төрүүр” диэн өс хоһооно бу кэмҥэ үөскээбит. Кыайыылаахтык күүскэ үлэлиир эр дьон удьуор-дарын, утумнарын салҕаан иһэр сыалтан ыал буолуу диэн ааттанан эр киһи уонна дьахтар бииргэ олоруулара үөскээн олоххо киирбит. Бу быһыы туһаны аҕалара уһун үйэлэргэ быһаарыллан, үгэстэри үөскэтэн ыал буолуу сиэрэ олоххо киирэн билигин да туттуллар.

Ыал былыргы кэмнэртэн эр дьон баһылааһыннарынан тэриллибит уонна эр киһи удьуорун, утумун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэри үөскэтэн, аймахтары, омугу өссө сайыннаран иһэргэ аналланар. Үлэ эрэ омугу сайыннарарын арааран билэн олоххо киллэрэн эр дьон буор куттарын харыстыыр, тарҕатар аналлаан ыалы үөскэппиттэр.

Ыал үөскээһинигэр айылҕа ылар оруола үрдүк. Ол курдук, үйэтин тухары үлэлиир-хамсыыр эр киһи буор кута сайдан, хамсаныылары оҥороро тупсан, түргэтээн иһэрэ ситиһиллэр. Кини сайдыбыт буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн истэҕинэ сайдыыны ситиһэллэрин түргэтэтэр аналын толорор. Бу аналын ыраас кыыһы ойох ыллаҕына толорор кыахтанарын ыал буолуу үгэстэрэ хааччыйаллар.

Ыал омук сайдыытын төрүттүүр. Бу кэмҥэ саха омуга сайдыыны ситиһии кэмигэр киирэн сылдьар. Омук сайдан иһэрин туһугар эр киһи сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэрин ыраас кыыһы ойох ыллаҕына эрэ ситиһэр кыахтанарын ырыынак кэмигэр туһаныахпыт этэ. Кыыс айылҕаттан оҕо төрөтөр аналлаах, ол аналын этэ-сиинэ ситтэр эрэ толорбутунан барар кыахтанар. Ыраас кыыһы эдэр эрдэхтэринэ эрэ булуохха сөбүн сахалар тутуһаннар ыал буолуу үгэстэрин үөскэтэн кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэн иһэллэр этэ. Сайдыылаах буор куттаах, үлэни-хамнаһы кыайар кыах-таах кэлэр көлүөнэлэр элбээтэхтэринэ эрэ аймахтар уонна омук сайдыыта ситиһиллэр. Ол иһин ыал олоҕуттан быһаччы тутулуктанан омук үйэтэ уһуура, сайдыыны ситиһэрэ быһаарыллар.

Ыраахтааҕы баарын саҕана эр дьон буор куттарын ыал буолуу сиэрэ маннык үйэлээх үгэстэри тутуһан хааччыйар этэ:

1. Төрүччү үөрэҕин туһанан эр киһини талан ылаллара.

2. Хааны тупсарыы атын омуктар холбоһууларыттан үөскүүрэ.

3. Тэҥнээҕи булунуу оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһалыыр.

4. Ыраас кыыс эрэ аймахтары, омугу сайыннарарын туһаныы.

5. Энньэни уонна халыымы туһанан киһилии быһыыны уонна үлэни оҥорууну ыал олоҕор киллэрэн биэриини ситиһэллэрэ.

6. Эр киһи хас да кэргэннээх буолуута сайдыылаах буор куттаах оҕолор төрүүллэрин элбэтэрин туһана сылдьаллара.

Бу ыал буолуу үгэстэрэ холбоһон ыал буолуу сиэрин үөскэтэннэр аймахтар уонна омук сайдарыгар тириэрдэллэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар салайар былааһы ыланнар ыал буолууга бэйэлэрин үгэстэрин; дьахтар уонна эр киһи ханна көрсүһэ түстэллэр, имэҥнэрэ киирдэр эрэ холбоһо охсоллорун үөскэ-тэн олоххо киллэрбиттэрэ. Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ, төрүччү үөрэҕэ, энньэ уонна халыым баайдарга эрэ туһаны оҥороллорунан ааҕыллан туоратыллан, быраҕыллан хаалбыттара.

Ыал буолуу үгэстэрин хаалларыы содула биллэн, билигин нуучча көҥүл тустууктара атын омуктартан биллэрдик хааллылар. Билигин Россия иһигэр Кавказ уолаттара бастыыллар. Күүстээх, кыахтаах эр дьон буор куттарын дьахталлар ол-бу, араас эр дьону кытта эргэ барыахтарын иннинэ сылдьыһаллара элбээн, буор кут буккуллуутун үөскэтэннэр, күүстээх, кыахтаах уолаттар төрөөбөт буоллулар.

Буор кут диэн өй-санаа туохтан да иҥнибэтин, хааттарбатын билбэт арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр эдэрдэргэ чараас эрэһииҥкэни оҥорон туһаннараннар, бу буор кут буккуллуутун аһара ыытан сылдьаллар.

Нууччалары аһара баран үтүктэр сахалар өй-санаа сайдыытын бу халыйыытыгар эмиэ киирэн биэрбиттэрин, төһө эмэ улахан көмө баарын үрдүнэн, күүстээх эдэр тустууктар аҕыйахтара биллэрэр.

Биһиги сахалар сайдыахтарын баҕарабыт. Эр дьон күүһүрэн, кыаҕыран үлэни кыайа-хото үлэлээтэхтэринэ, омук сайдар диэн этиини тутуһабыт. Ыал олоҕор аҕа оруолун үрдэтии оҕолор аҕаларын аҕа диэн ааттыылларыттан саҕаланарын туһана сылдьаллар. Ыал буолуу былыргы үгэстэрин олоххо киллэрии омук сайдыыны ситиһэригэр кыах биэрэр. Ол курдук, бу үгэстэри кытаанахтык тутуһар мусульманнар ахсааннара эбиллэн, сайдан иһэллэр. Сайдыылаах диэн ааттанар Европа дойдуларыгар кэлии үлэһиттэр бары кэриэтэ мусульманнар буоланнар, бэйэлэригэр туһалаах хамсааһыннары үөскэтэллэрэ элбээтэ. Олохтоохтор ахсааннара эбиллибэтиттэн, үлэһиттэр тиийбэттэриттэн кэлиилэр онно элбээн иһэллэрэ биллэр.

Нуучча омук ахсаана аҕыйаан иһэриттэн Россия иһигэр Орто Азияттан кэлии үлэһиттэр эмиэ үксээтилэр. Кавказ омуктара күүстэрэ, кыахтара элбэҕинэн көҥүл тустууга бастаан иһэллэрин тэҥэ, үлэни үлэлээһиҥҥэ эмиэ биллэрдик баһыйаллар. Ыал буолуу үгэстэрэ эр киһи уонна дьахтар эттэрин-сииннэрин уратыларын таба туһаналларыттан үйэлэргэ уларыйбакка туттулла сырыттахтарына омук сайдан иһиитин үөскэтэллэр:

- Эр киһи буор кута, ол аата хамсаныылары оҥорор дьоҕура үйэтин тухары сайдан, эбиллэн, мунньуллан иһэр. Кини оҕо үөскэтэр кыаҕа сааһын тухары баарын эдэр ойоҕу ылан толору туһаннаҕына, кэлэр көлүөнэлэр сайдыыны ситиһэр кыахтара түргэтиирин ситиһиэн сөп.

- Дьахтар 15 сааһыттан 35 сааһыгар диэри оҕо төрөтөр кыахтаах. Ол кэннэ оҕо төрөтөрө тохтоон, бүтэн хааларыттан буор кута салгыы бэриллибэккэ хаалар. Ол иһин эр киһи үйэтин устата үс дьахтары утуу-субуу кэргэн ылан оҕо төрөтүөн, сайдыбыт буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэриэн сөбүн сахалар туһаналлар этэ.

Эдэрдэр таптыы түһээт холбоһо охсоллорун сэбиэскэй былаас олоххо киллэрэн кэбиспитэ өссө да тохтотулла илигинэн эдэр ыаллар арахсыылара элбээн иһэр. Билигин ырыынак кэмигэр баай-мал оруола лаппа улааппытыттан ыал буолууга энньэни уонна халыымы туһан-нахха, эбиискэ көрдөбүлү үөскэтэн таһааран ыаллар арахсыыларын аҕыйатарын туһаныы эрэйиллэр кэмэ кэллэ.

“Сааһырбыт дьон оҕолоро өйдөөх буолар” диэн этии оҕо сайдыы-лаах буор куттаннаҕына сайдыыны ситиһэрэ түргэтиирин быһаарар. Элбэх оҕолоох ыаллартан кыралара, сааһыран баран төрөппүт оҕо-лоро олоҕор ордук ситиһиини оҥороро биллэр.

Дьахтар төрөөтөҕүнэ эрэ этин-сиинин баҕата ханар. Төһө элбэхтэ төрүүр да баҕата ханара элбиирин тэҥэ, доруобай оҕолору төрөтөр кыаҕа улаатан биэрэр. Омук үлэтэ-хамнаһа сайдыытыгар, ахсаана элбииригэр доруобай, үлэни кыайар кыахтаах сайдыылаах буор кут-таах оҕолор биллэр туһаны оҥороллор.

Дьахталлар абуорт оҥоттороллоро бэйэлэрин көҥүллэригэр бэриллэн, эдэр кыргыттар чараас эрэһииҥкэни туһанан сиэксинэн дьарыктаналлара аһара баран сылдьар. Өйү-санааны үөрэтии өй-санаа туох-тан да хааттарбатын, тугунан да тутуллубатын быһаарар. Буор кут диэн өй-санаа буоларынан чараас эрэһииҥкэ кыайан туппатыттан кыыс оҕолор албыҥҥа киирэн биэрэннэр эр дьон буор куттарын букку-йалларыттан кыайан хамсаабат оҕолор төрүүллэрэ элбээтэ.

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар оҥорон туһа-на сылдьар элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн секталара айыы-ны оҥорууну “үчүгэй” диэн этэринэн кыыс оҕолор кыанар буолаат даҕаны, айыыны оҥорор санаалара элбээбитинэн туһанан, кыыстарын көрсө түспүт эр киһилэригэр биэрэн кэбиһэллэрин үөскэттилэр.

Саха тылыгар өй-санаа, куттар уратыларын быһаарыыны тэҥэ, кыыс эргэ тахсарыгар этигэр-сиинигэр үөскүүр уларыйыылар этиллэн сылдьаллар уонна икки өрүттээхтэрэ арыллар:

1. Ойох. Ыраас кыыһынан эргэ тахсыбыт кыыс аата.

2. Кэргэн. Арахсан баран иккистээн эбэтэр кыыһын сүтэрэн баран эргэ тахсыбыт дьахтар ааттанар.

Бу икки өрүттэнии эр дьон буор куттара оҕолоругар бэриллэн сайдыыны ситиһэригэр дьайыыта олус улахан. Ол курдук, ыраас кыыс оҕо, ойох эрэ кыахтаах, күүстээх эр киһи сайдыылаах буор кутун иҥэриммит оҕону төрөтөрө, аймахтар уонна омук сайдыыларыгар быһаччы туһалыыр. Кыахтаах, күүстээх бэйэлэрин билинэр эр дьон ыалы тэринэллэригэр, бу быһаарыыны тутуһа сылдьыахтара этэ.

Онон ыал буолуу олоххо туһалаах былыргы үгэстэрин, сиэрин оннугар түһэрии билигин сайдыыны ситиһии кэмигэр киирэн сылдьар саха дьонуттан ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолла.

ОҔОНУ ИИТИИ СИЭРЭ

Сахалар былыргыттан киһи өйүн-санаатын үөрэтэн Кут-сүр үөрэ-ҕин үөскэппиттэр уонна оҕону иитиигэ туһаналлар. Оҕо ийэ кута кыра эрдэҕиттэн үгэстэринэн иитиллэн иһэрин билэн, оҕону иитии диэн өйдөбүлү үөскэтэн үөрэтии туттуллуон иннинэ туһана сылдьаллар.

“Оҕону ороҥҥо туора сытар эрдэҕинэ иитиллэр” диэн этиини тутуһан, бу кэмҥэ атын, туора дьоҥҥо көрдөрбөккө, атыттары кыттыһын-нарбакка, бэйэлэрэ эрэ, ийэ кутун иитэн үөрэтэллэрин “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” диэн этии быһаарар. Ол барыта оҕо ийэ кута кыра эрдэҕиттэн үгэстэринэн иитиллэн иһэринэн быһаарыллар. Бу кэмҥэ үчүгэй быһыылары оҥотторо үөрэттэххэ оннук үгэс үөскээн иһэрэ үчүгэй иитиилээх диэҥҥэ тириэрдэрэ улаханнык сыаналанар.

Үгэс диэн олохсуйан хаалбыт, киһи этин-сиинин хамсатар кыахтаммыт өй-санаа ааттанар. Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр тугу саҥаны билбитэ, көрбүтэ, соһуйбута барыта сонно үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн иһэрин сахалар арааран билбиттэр уонна түүл үөрэҕин туһанан салгыы сайыннаран Кут-сүр үөрэҕин олохтообуттар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ иитиититтэн тутулуктаах өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

А. Үчүгэй иитиилээх, киһилии майгылаах.

Б. Куһаҕан иитиилээх, атаах, киһилии майгына суох.

Оҕону иитии, үөрэтии сиэрэ диэн кыра эрдэҕинэ, 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥотторон, үчүгэй үгэстэринэн иитии буолар. Бэрээдэккэ, улахан киһи этэрин истэргэ, бу кэмҥэ үөрэтии ордук туһалаах уонна үгэстэри үөскэтэринэн тиийимтиэтэ улаатар. Кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары оҥотторон утум-наахтык дьарыктаннахха, үчүгэй үгэстэрэ үөскээннэр, үйэтин тухары бэрээдэги тутуһар киһи буола улаатар кыахтанар.

Оҕо аатын кыра эрдэҕиттэн билэн, истэн улаатар. Аатын дор-ҕооннорун дьайыыта кини өйүн-санаатын төрүттүүр. Ол иһин сахалар оҕолоругар үчүгэй, киһилии өйдөбүллээх ааты биэрэри сөбүлүүллэр. Олоҕун киһи быһыылаахтык уһуннук олорон үлэлээн, тутан, туһа-лааҕы оҥорон өйө-санаата сайдыбыт киһи аата үчүгэйинэн дьайыыта улаатарын туһаналлар. Ол иһин сахалар былыргы төрүттэрин үтүө ааттарын оҕолоругар элбэхтик биэрэллэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта эмиэ икки өрүттээх:

1. Кыра эрдэҕиттэн 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри ийэ кута иитиллэр.

2. Бу кэмтэн салгыы улаатан истэҕинэ оҕо салгын кута сайдан умнубат буолара үөскээн барарыттан үөрэтиллэр кэмэ кэлэр. Бу икки өрүттэри арыыйда киэҥник арыйыахпыт:

1. Оҕону иитии диэн улахан киһи үчүгэй диэн ааттыыр быһыы-ларын оҥотторон, бэйэтэ көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэн үөрэтэн иһии-тэ ааттанар. Оҕо бу үтүктэн үчүгэй быһыылары үгэс оҥостунан иҥэринэн иһиитэ ийэ кутун үөскэтэн, иитэн иһэриттэн улааттаҕына үчүгэй, киһилии быһыылаах буоларыгар тириэрдэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата олус түргэнник сайдар. Саҥаны билэн биирдэ оҥордор эрэ өйдөөн, онтуката үгэс буолан иһэриттэн ийэ кута иитиллэн иһэр. Төһө элбэх үчүгэй үгэстэри иҥэринэн иһэриттэн ийэ кута иитиллэр, өйө-санаата мунньуллар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ көрө-истэ сылдьан куһаҕан быһыыны оҥорорун сонно тохтотоллор. Ол барыта оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр оҥорор быһыыта сонно үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн иһэрин тохтоторго аналланар туһалаах быһыы буолар. Биир эмэ куһаҕан быһыыны оҥоро үөрэнэн хааллаҕына, онто эмиэ үгэс буолан иҥэн хааларыттан көннөрөн үөрэтии уустугуран хааларын иһин тохтотууну уонна атыҥҥа аралдьытыыны туһаналлар. Куһаҕаны оҥорууттан үөскээн хаалбыт куһаҕан үгэһэ куһаҕанын биллэрэн, умуннаран, хаалларан баран саҥа, үчүгэй үгэһи үөскэтэн иҥэрэн биэрдэххэ эрэ, куһаҕан үгэс уларыйара, тупсара ситиһиллэр. Сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитиигэ улахан суолтаны биэрэннэр, киһи буолууну ситиһиннэрэн, киһилии быһыылары оҥорор, үлэни сөбүлүүр үчүгэй, көрсүө, сэмэй майгылаах оҕону улаатыннараллар.

2. Оҕо 6 сааһын кэнниттэн салгын кута сайдан барар. Бу кут сайдан иһиитин оҕо умнубат буолуута үөскээн иһэриттэн арааран билиллэр. Сарсын тугу оҥоруохтааҕын умнубат, өйдөөн толорор кэмэ кэллэҕинэ салгын кута сайдан иһэрэ быһаарыллар.

Үөрэх диэн тугу саҥаны көрбүтү, истибити умнубакка өйдөөн иһии уонна ону хатылаан оҥорон, элбэхтэ боруобалаан көрөн билиигэ кубулутуу ааттанар. Ол аата үөрэх умнуллубат буолууга тиийдэҕинэ, билиигэ кубулуйар. Элбэхтэ боруобаланан, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллан билиигэ кубулуйуор диэри табыллыбакка, сатаммакка хаалара элбэҕиттэн, үөрэх киһи олоҕор дириҥник сыаналаммат, үгүстүк быстах быһыыны оҥорууга тириэрдэн кэбиһэрэ биллэр.

Арай өссө элбэхтэ хатыланан, үчүгэйдэрэ таба быһаарыллан үгэскэ кубулуйбут үөрэхтэри, билиилэри сахалар сиэри үөскэтэн туһаналлар. Үчүгэй быһыылар үгэскэ кубулуйан сиэри үөскэппиттэригэр саҥа оҥорор быһыылары тэҥнээн көрөн оҥордоххо таба буолара элбиир.

Салгын кут үөрэнэр. Тугу билбитин, көрбүтүн билиигэ кубулутан мунньунан иһэр. Салгын кут өйө-санаата билии эрэ буолан, үгэскэ кубулуйа илигиттэн киһи өйүттэн көтөн хааларын сахалар арааран билэн “Өй көтүүтэ” диэн үөрэҕи айбыттар уонна салгын кут билиитин сэрэхтээхтик туһанары эрэйэллэр.

Оҕону иитиигэ сиэри тутуһуу ирдэнэр көрдөбүл буолар. Сахалар оҕону сөбүлээн, таптаан иитэллэр, сымнаҕастык, бэйэлэрин үтүгүннэрэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэллэр. Оҕо сыыһаны оҥордоҕуна көннөрөн, табатык оҥорорго эбиискэ үөрэтэн биэрэн иһиини туһаналлар. Өй-санаа бытааннык сайдар, оҕо өр кэмҥэ үөрэнэн тугу барытын табатык оҥорору ситиһэр. Үөрэҕи билиигэ кубулутан баран өссө уһуннук дьарыктанан үгэс оҥостунуу умнуллубат буолууну үөскэттэҕинэ эрэ кыаллара уһун кэми ылар. Үөрэтии оҕо майгынын уратыларын таба туһанара табыллар. Биир эмэ кытаанах майгылаах, мэник оҕо төрөппүттэр чыпчархайы тутталларыгар тириэрдиэн сөп. Чыпчархай чаҕытарынан, эккэ-сииҥҥэ кыра ыарыыны оҥорорунан, этэ-сиинэ баарын уонна ыалдьарын биллэрэ-ринэн туһанан оҕо сыыһа-халты тутуннаҕына тохтоторго улаханнык туһалыыр. Итини тэҥэ, чыпчархай дьайыыта оҕо этэ-сиинэ ыалдьарын биллэрэн, харыстанар санаатын улаатыннаран сыыһа-халты туттуна-рын суох оҥорор. Оҕо сыыһаны, куһаҕаны оҥорорун чыпчархайы туһанан тохтотон баран сүбэлээн, көннөрөн, тупсаран биэрэн истэххэ, үөрэтии табыллара ситиһиллэр. Оҕо өйө-санаата саҥаны билиилэриттэн сайдан, эбиллэн иһэр. Ол иһин билиэн-көрүөн, үөрэниэн баҕарар санаата улаатан биэрэр. Бу баҕа санаатын аһара хам баттаабакка, сөптөөх суолунан салайан биэрэн үөрэтиини көрсүө, сэмэй төрөппүттэр табан туһаналлар.

Оҕо аһара барар өйө-санаата, ол-бу саҥаны айыыны оҥоро сатыы-ра хаһан баҕарар элбэх. Ол иһин “Аһара барыма”, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн, киһи быһыытын аһара барарын хааччахтаан сахалыы таҥара үөрэҕэ үөрэтэринэн сиэри тутуһара уонна киһи буолууну ситиһэр кыаҕа улаатар.

Онон оҕону иитии, үөрэтии сиэри тутуһан баран истэҕинэ оҕо билиини иҥэринэрэ кэмигэр кэлэн иһэрэ ситиһиллэр.

АҺААҺЫН СИЭРЭ

Олус былыргы кэмнэргэ аһаа диэн тыл оннугар сиэ диэн тыл туттулла сылдьыбыт. Дьон кыыл курдук тыаҕа сылдьар эрдэхтэринэ айылҕаттан тугу булбуттарын ылан сиэн кэбиһэллэриттэн, бу тыл туттуллара элбэх эбит. Олох сайдан истэҕинэ дьон айылҕаттан ылан эрэ сииллэрэ уурайан, уокка үтэн ас оҥостон аһыыр кэмнэрэ тиийэн кэлбититтэн, билигин ас диэн тыл баһыйар оруолламмыт.

Айылҕаҕа үүнэр отоннору, сиэнэр оттору ылан сиэн кэбиһии билигин да хаала илигиттэн сиэ диэн тыл туттуллара аҕыйаабат. Эт эмиэ айылҕа биэриитигэр киирсэринэн, сиэ диэн эттэххэ ордук табыллар, ол курдук эти сиикэйдии даҕаны сиэн кэбиһиэххэ сөп. Аһылык киһи олоҕун биир тутаах салаата буолар. Оҕо тугу эмэ туһалааҕы аһаан улаатар, онтон киһи ону-маны сиэтэҕинэ, аһаата-ҕына эрэ сэниэлэнэн олох олорор кыахтанарыттан аһылык суолтатын улахана үйэлэргэ уларыйбат. Олоххо сайдыы, тупсуу киирбитин уонна саҥа астары айбыттарын бэлиэтээн ас диэн тыл туттуллар буолбут. Буһаран, хайаан, булкуйан аһылык оҥоруллар. Аһылык оҥоруута дойду экономиката сайдыытын таһымын быһаарар тутаах суолталаах.

Былыргы кэмнэргэ сахаларга аһылык элбэҕэ суоҕа. Үгүс ыаллар астарын хасааһа кыһыны кыайан туораппакка бүтэн хаалан хоргуйа сыһаллара баар эбит. Ону өс хоһооно оҥорон “Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн этэн биллэрбиттэр. Ол былыргы кэмҥэ ас саппааһа аҕыйаҕыттан сахалар ахсааннара үгүс үйэлэргэ бэрт аҕыйахтык эбиллибит.

Нууччалар кэлэн бурдук ыһыытын киэҥник тарҕатаннар сахалар ахсааннара икки үйэ устата 5 төгүлтэн ордук эбиллибит. Ону тэҥэ, нууччалар кэлиэхтэригэр диэри сахаларга аһара аһаан эрэйдэнэртэн харыстаныы үөрэҕэ сайдыбатах. Биир эмэ аһара баай киһи уойан хаалан эрэйдэнэрэ уонна атын дьону эрэйдиирэ былыргы кэпсээннэртэн биллэр. Олох сайдан, тупсан иһэрин бэлиэтинэн аһыыр аһылык элбээн, арааһа үксээн иһэрэ буолар. Үгүс ас арааһыттан элбэхтик тииһинэ сатааһын өйө-санаата мөлтөх, тулуура аҕыйах киһини аһара аһаан кэбиһиигэ, уойууга тириэрдиэн сөп. Киһи аһара элбэх аһылыгы аһыыра уойан барарыгар тириэрдэриттэн харыстанан улахан таҥара үөрэхтэрэ аналлаах постары оҥорон туһаналлар.

Дьон эттэрин-сииннэрин аһыырга баҕа санаатын тулуйар, туттунар күүстэрэ аҕыйах эбит. Бу постар төһөнү аһыылларын билбэт, тулуура суох дьону бобон, хаайан, үөрэтэн аҕыйахтык аһыылларыгар тириэрдэргэ аналлаахтар. Тулуура улахан, өһөс, туттунар күүстээх киһи аһара аһаан кэбиһэрин бэйэтэ билэн тохтотунар кыаҕа улаатар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ аһылыктан туттунууну киһиэхэ бэйэтигэр итэҕэйэн “Тулуурдаах”, “Туттунар күүстээх буол” диэн этэн үөрэтэр. Ас аҕыйаҕыттан уонна баар-суох астарын, эттэрин сииллэрин бобо-хаайа сатыыр православнай таҥара үөрэҕин сахалар ылыммат- тар, былыргы кэмнэргэ үлэһиттэри албыннаан, өйдөрүн-санааларын хам баттаан баайдарга көмөнү оҥорорун иһин, аҕыйах баайдар, бу кэлии таҥараны итэҕэйбит курдук тутталлар эбит.

Билигин олох тупсан, араас аһылык дэлэйэн уойан барааччылар элбээн иһэллэр. Араас минньигэс аһылыктар элбээбиттэриттэн тулуур-дара улаата илик оҕолор уойан хаалан эрэйдэнэллэрэ ордук үксээ-бититтэн медицинэ үлэһиттэрэ санааргыыллар.

Тымныы кыһыны этэҥҥэ туоруурга сыалаах эт аһылык эрэ сөп түбэһэр. Ол иһин сахалар кыһыҥҥы кэмҥэ аһылыктарыгар сыалаах эти элбэхтик сииллэр. Ол оннугар сайын устата сүөһүлэри улаатыннарабыт диэн ааттаан, эти биирдэ эмэтэ эрэ сиир үгэһи үөскэтэн туһаналлар. Биир эмэ ыһыахха, урууга сиир эттэрин хара эт диэн, сайын сиэммэтин биллэрэн, хараардан ааттыыллар.

Сайыҥҥы кэмҥэ эти хара диэн туоратан, намтатан ааттааһын, бу кэмҥэ эти сиир туһата суоҕун сахалар өй-санаа үөрэҕин туһанан быһаарбыттарын биллэрэр. Аныгы медицинэ науката эти элбэхтик сии сырыттахха эккэ-сииҥҥэ холестерин диэн сыа мунньустан куһаҕаны оҥорорун быһааран, эти, сыаны аҕыйахтык сииргэ ыҥырар. Сахалар сайын устата эти сиэбэттэриттэн кыһын устата эттэригэр-сииннэригэр холестерин мунньулларын ыраастаан, суох оҥорон улаханнык туһаналлар, ол иһин уһун үйэни ситиһэр кыахтара улаатар.

Туһалаах аһылык диэн киһи этигэр-сиинигэр иҥнэҕинэ элбэх эньиэргийэни биэрэр аһылык ааттанар. Саамай туһалаах аһылыктарга эт, сыа, арыы уонна бурдуктан оҥоруллар астар киирсэллэр. Бу аһылыктар эрэ киһиэхэ улахан тымныыны тулуйан этэҥҥэ аһарарыгар, үлэни үлэлииригэр сөптөөх кыаҕы, эньиэргийэни биэрэллэр.

Аһылык киһи этигэр-сиинигэр киирэн хайдах буһарыттан туһалыыра улаатар. Тус-туспа аһылыктары куртах онно сөп түбэһэр фер-меннэри таһааран буһарар. Ол иһин сахалар аһылыгы наардаан аһаа-һын диэн аналлаах үөрэҕи оҥорон туһана сылдьаллар:

- Эт, балык аһылыгы атын астары кытта булкуйбакка эрэ туспа аһылыкка сииллэр. Оччоҕуна куртахха киирэн буһуута табыллан ту-һата улаатарын быһаарбыттара ырааппыт.

- Оҕуруот астарын атыттары кытта булкуйан сиэххэ сөп.

- Арыылаах килиэп, арыылаах алаадьы диэн аһылыктар бэйэлэрэ атын аһылыктары кытта булкуйбакка эрэ сиэнэллэрэ табыллар.

Бурдук астар, араас хааһылар бэйэлэрэ туспа астарга киирсэллэр уонна арыылаах сиэнэллэрэ буһалларыгар туһалыыр.

Билигин эти кэмчилиир аһылык үөрэхтэрэ кыра куһуок эти араас астары кытта булкуйан сииргэ этэллэр. Бу сыыһа үөрэх араас аһылыктан хааһыны үөскэтэн, куртахха табыллан буһарын суох оҥороруттан сахалар аһылыктарын үөрэҕэр сөп түбэспэт.

Былыргы да кэмнэргэ сахалар эти кэмнээн сииллэрэ биллэр, ол иһин аһылыктара икки өрүттэнэн тахсарын туһана сылдьаллар:

1. Дьоро киэһэ. Эт, балык аһылыгы тото сиир киэһэлэрэ үөрүүлээх дьоро киэһэ диэн ааттанар. Ыаллар астарын саппааһа төһө элбэҕиттэн тутулуктанан дьоро киэһэ аҕыйахтык кэлэр эбит, бу бэлиэ киэһэҕэ аһылыктарыгар эти, балыгы тото сииллэр.

2. Ньыха киэһэ. Ханнык эрэ хааһыны, үөрэни, арыылаах килиэби сиир киэһэ, бу киэһэни алаадьыны сиэн тупсарыахха сөп. (10,27).

Аһылыгы бу курдук тус-туспа арааран наардаан аһааһын куртахха үчүгэйдик буһарын үөскэтэн туһатын улаатыннарарын туһана сыл-дьыахха сөп. Киһи санаата ас буһуутугар дьайыытын эбэбит Лөкүө билэн “Сирэ-сирэ аһаама” диэн үөрэтэрэ, сирдэххэ ас буһуута табыллыбатын ыйара. Аһыах иннинэ аһылыгы сөбүлүү көрүү, хайҕааһын туһалааҕын бары туһанан, астаах остуолу кыһанан тэрийэ сатыыллар, ону тэҥэ, аһыах иннинэ аһылыгы алгыахха сөп.

Иҥэмтэлээх аһылыгы аһара элбэҕи аһааһын киһи уойан хааларын үөскэтэринэн, куһаҕаҥҥа тиийэн хаалыы буолар. Үөрэ-көтө элбэҕи аһыы сылдьыы уойууну үөскэтэн, ыарыыга тириэрдэриттэн аһылык сиэрин киһи тутуһа сылдьара ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Иҥсэлээхтик туттан-хаптан, оботтоохтук аһааһын киһи тулуура суоҕун биллэрэринэн сиэри таһынан барыы буолар. Киһи атын дьону кытта бииргэ сылдьара, аһыыра элбэҕиттэн аһылыкка сиэрдээхтик сыһыаннаһара эрэйиллэр. Арыгы диэн иҥэмтэлээх аһылыгы дьон тулуурдара, туттунар күүстэрэ улаатан, кэмнээн аһыырга үөрэннэхтэринэ, туһалааҕын билиэ, таба сыаналыа этилэр. Ол курдук, киһи аһыйбыт үрүҥ аһы, доруоһалаах бурдук аһылыгы аһыы үөрэммититтэн, этигэр-сиинигэр кыра арыгы үөскүүрэ аһылыгы буһарарга туһалыыр. Ол иһин арыгыны кэмнээн иһиэххэ сөп.

Арыгы диэн аһылык аһара барыыта киһи арыгыны элбэхтик иһэригэр тириэрдэрэ куһаҕаны, ыарыыга ылларыыны, арыгыһыт буо-лууну үөскэтэриттэн туттуна сылдьыы уонна сиэри тутуһуу ирдэнэр көрдөбүл буоларын киһилии быһыылаах дьон туһаналлар.

Киһи өйө-санаата сайдан, тулуура улаатан киһилии быһыыланан иһэрин бэлиэтинэн арыгыны кэмнээн иһэргэ үөрэниитэ, ону үгэс оҥостуута ааҕыллар. Тулуура, туттунар күүһэ улахан киһи арыгыны аһара испэт кыахтанар. Ол иһин сахалар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ үөскэппит өс хоһоонун оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ тутуһаннар тулуурдарын, туттунар күүстэрин улаа-тыннаран, арыгыны аһара испэт кыахтанан иһэллэр. (11,92).

Модель буола сатыыр дьахталлар ыйааһыннарын түһэрээри араас диеталары туһанан, уһуннук аһаабакка сылдьалларыттан быста ыран хаалаллара биллэр. Аһара баран аһаабакка сылдьыы эккэ-сииҥҥэ буортуну оҥороро эмиэ элбээн хааларыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сырыттахха табыллар.

Онон аһааһын эмиэ икки өрүттэнэн тахсарыттан киһи хайа да өттүгэр халыйан хаалбакка, аһара барбакка, бу өрүттэр икки арды-ларынан түбэһэр сиэри тутуһа сылдьара ирдэнэр.

ҮЛЭ СИЭРЭ

Бука бары үгүс саҥаны айыыны оҥорон, үлэни сайыннара охсор санаабыт элбээн сылдьар. Ол эрээри, биир эмэ талааннаах киһи оҥорбут саҥаны айыыта табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны оҥорууга тириэрдэрэ олоххо сайдыыны аҕалар, онтон атыттар, элбэхтэр оҥоро сатыыр саҥаны айыыларыттан үгүс өттүлэрэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар уонна айыыны оҥоро сатааһын тиэтэйиини, урутаан түһүүнү үөскэтэриттэн, сыыһа-халты туттунууну үксэтэн куһаҕаны аһара элбэтэн кэбиһэллэр. Ону таһынан, анаан-минээн куһаҕан буол-лун диэн оҥорооччулар суох буолаллара биллибэт.

Айыыны оҥоруу диэн дьон билбэттэрин, оҥорботторун аан бас-таан оҥоруу буолар. Өй-санаа аһара барыыта саҥаны айыыны оҥоруу элбээһинигэр тириэрдэр уонна сиэри таһынан барыыны үөскэтэр. Ол иһин саҥаны айыыны оҥоруу икки өрүттэнэр:

1. Киһи үчүгэй, үрүҥ, туһалаах айыыны оҥоруута.

2. Киһи куһаҕан, хара, буортулаах айыыны оҥорон кэбиһиитэ.

Бары оҥоро сатыыр саҥаны айыыларбыт үчүгэй, туһалаах буолан тахсыахтара диэн санаабыт баһыйар курдугун иһин, дьиҥнээҕэр оннук буолбатах. Олоххо туһалаах айыыны оҥоруу олус элбэх үлэттэн тахсарынан биир эмэ сатанар, табыллар. Өй-санаа бу уратытын туһалаах саҥаны айыыны оҥорон патены, сертификаты ылбыт дьон отой аҕыйахтара биллэрэр. Төһө даҕаны анаан-минээн куһаҕан айыыны оҥорооччулар аҕыйахтарын иһин, элбэх “үчүгэй” буолуо диэн быстах санааттан оҥоро сатааһыннар табыллыбакка, сатаммакка хаалалларын уонна киһи сыыһа-халты туттунарыттан куһаҕаны үксэтэн кэбиһэрин сахалар билэллэриттэн айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлүнэн туһана сылдьаллар. Айыыны оҥоруу диэн киһи өссө оҥорон көрө илик ураты быһыыта буолан сиэри таһынан барар, дьон олохторугар тутуһа сылдьар үйэлээх үгэстэрин уларытар, хаалларар. Ол курдук, сиэр диэн үйэлэргэ үөскээбит үчүгэй үгэстэри түмэринэн, киһи сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар аналлаах өй-санаа хааччаҕа буоларын тутуһа сылдьыыны саҥаны айыыны оҥоруу суох оҥорор.

Үйэлэрин тухары кумааҕыны эрэ бэрийэр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар киһи сыыһа-халты туттунан элбэх куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин билбэт буолан хаалбыттар. Кинилэр бу, айыыны оҥоруу үлэтин уратытын, киһи үчүгэйи тэҥэ, куһаҕаны эмиэ оҥорорун син билэр эрээри, билбэтэҕэ буола сылдьан үлэни, туһа-лааҕы оҥорор сахалары барыларын албынныыллар.

Туох эрэ үчүгэйи, уратыны оҥорор курдук санааларыттан элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар уонна айыыны оҥоруу “үчүгэй” эрэ буолар диэн этэннэр үлэһиттэри, саха дьонун барыларын албыҥҥа киллэрэ сатыыллар эрээри, киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да уларыйбат, суох буолбат. Ол иһин бу, “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа, албын үөрэҕи хааллардахха, тохтот-тоххо, сахалыы өй-санаа үөрэҕэ оннун булара ситиһиллэр.

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын үлэни оҥоруу үөскэппитэ чахчы. Олус былыргы кэмнэртэн үлэлии үөрэммит сахалар сыыһа-халты туттунууттан харыстанар сыалтан сиэри үөскэтэн туһаналлар. Ол курдук, үлэҕэ үөскээбит, туһаны аҕалбыт быһыылары хос-хос хатылаан оҥоруу, олору туһана сылдьыы үгэһи үөскэтэрин дьон үксэ туһаннахтарына сиэргэ кубулуйар. (12,17).

Үлэҕэ үөскээбит үчүгэй, туһалаах үгэстэр үлэ сиэрин үөскэтэллэр. Бу үөскээбит үгэстэри таһынан барыы, ол аата айыыны оҥоруу үлэҕэ тосту уларыйыылары киллэрэриттэн, туох содуллаах буолан тахсара биллибэтиттэн, аан маҥнай хааччахтаннаҕына эрэ табыллар.

Сэбиэскэй былаас холкуостары тэрийэн, дьону бииргэ үлэлэтэн урукку үлэ сиэрин уларытан саҥаны, бииргэ үлэлээһин сиэрин үөс-кэппитэ. Элбэх араас дьону бииргэ түмэн үлэлэтии уустугун Күндэ “Солооһун” диэн сэһэнигэр сиһилии суруйбута. (13,51).

Үлэҕэ уларыйыылары эрдэттэн бэлэмнээн, өр кэмҥэ боруобалаан, үчүгэйэ чахчы быһаарыллыбытын кэннэ киллэрии туһаны оҥорор. Дьону холкуостарга түмэн үлэлэтии уһун сэрии кэмигэр аһылыгы быһаччы хомуйан ылыыга улаханнык, үчүгэйдик туһалаабыта. Саха сиригэр холкуостаахтар бэйэлэрэ хоргуйан өлүөхтэригэр диэри үлэлээбиттэрэ, астарын барытын кэриэтэ армия туһугар диэн хомуйан ылаллара. Сэриилэһэр армия аһынан, таҥаһынан толору хааччыллыбыта эрээри, элбэх үлэһиттэр хоргуйан өлбүттэрэ. Сэрии кэнниттэн дьон олоҕо сыыйа тупсан, көнөн барбыта, үлэҕэ чэпчэтиилэр, оҥоруллуохтаах былааннары кыччатыылар киирбиттэрэ. Дьон бары үөрэҕи ситиһэннэр, өйдөрө-санаалара сайдан үлэлээн тугу оҥорбуттарыттан бэйэлэрэ туһамматтарын билэннэр, аанньа үлэлээбэттэрэ үөскээн, сэбиэскэй былаас эстибитэ.

Хас биирдии үлэ көрүҥэр үйэлэргэ үөскээбит үгэстэри тутуһууттан сиэр үөскээн олохсуйар. Атынан, көлөнөн үлэлээһин бу сүөһүлэри көрүүттэн-истииттэн тутулуктааҕынан туспа уратылардааҕын тутуһуу эрэйиллэр. Уһун сайыны быһа от охсуутугар үлэлээбит аттар быһа түспэккэ, көнөн туораатахтарына от оҕустарааччы сиэри тутуһан, атта-рын үчүгэйдик көрөн, аһатан, үлэлээбитэ быһаарыллар.

Олоххо уларыйыылар киириилэрэ сиэри эмиэ уларытар. Суоппар үлэтин ырытан уларыйыылар киириилэрин быһаарыахха сөп. Суолга хайдах айанныыр туһунан араас суол бэлиэлэрэ уонна быраабылалара ыйан биэрэ сылдьаллар. Ол аата суолга абаарыйа тахсыбатын диэн суоппардарга эрдэттэн ыйан биэрии оҥоруллар. Бу знактар суолунан айанныырга сөп түбэһэр хааччахтары оҥороннор, аһара барыылары тохтотоллоруттан, абаарыйалар аҕыйыылларыгар тириэрдэллэр. Суол знактара, быраабылалара айан сиэрин үөскэтэллэр. Олор ыйан биэрэллэрин тутуһан айаннаатахха айан табыллар, сэрэхтээх буолар кыах-танар. Бу быраабылалар элбэх массыыналар биир айан суолунан тапсан айанныылларын тэҥэ, туора суолга этэҥҥэ аасыһалларын үөскэтэн, абаарыйалар аҕыйыылларын хааччыйаллар.

Сиэри тутуспат буолуу ханнык эрэ содулга түбэһиини үөскэтэр. Суол быраабылаларын тутуспакка аһара түргэнник айаннааһын соду-лу үөскэтэн абаарыйаҕа түбэһиигэ тириэрдиэн сөп.

Араас үлэҕэ барыларыгар аналлаах сиэр үөскэтиллэн сыыһа-халты туттунартан харыстыыр. Ханнык баҕарар үлэ сиэрин тутуһа сылдьыы хаһан баҕарар ирдэнэр көрдөбүл буолар. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ хас биирдии үлэ сиэрэ барыта сурукка киирэн техника безопасности диэн ааттанар уонна үлэлиир киһи барыта тутуһар сокуонугар кубулуйан сылдьар. Ханнык баҕарар үлэҕэ барытыгар аналлаах техника безопасности суруллан туттулла сылдьарын тутуһуу ирдэнэр. Хас биирдии үлэҕэ киирээччи ону үөрэтэрэ, билэрэ эрэйиллэр, олор сыыһа-халты туттунуу үөскээн хааларын суох оҥорууга аналлаахтар. Ол аата, саҥа үлэһит үлэҕэ киириэн инниттэн, бу үлэ хайдах оҥорулларын, сиэрин билиитэ, үөрэтиитэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Үлэ төһө уустугурар, тиэхиникэтэ улаатар даҕаны үлэлиир киһи сэрэхтээх буолара, сыыһа-халты туттубата улаатан биэрэн иһэр.

Киһи тугу санаабытыттан талан, ырытан көрөрүн ай, айар диэн тыллар биллэрэллэр, онтон бу санаатын оҥорор быһыыга кубулут-таҕына, ураты, урут оҥорулла илик быһыы буоллаҕына саҥаны айыы буолан тахсар. Ол аата маҥнай саныыр, онтон ол санаабытын сиэргэ сөп түбэһиннэрэр, сиэри таһынан барбатын ситиһэр, онтон илэтигэр оҥорон таһаардаҕына сиэри тутуһар быһыы оҥоруллан тахсар. Са-наабыт санааны сиэргэ тэҥнээн көрөн оҥоруу сыыһа-халты буолан тахсарын аҕыйатар. Ол иһин киһи оҥорор быһыытыгар барытыгар сиэри тутуһуу бастаан истэҕинэ табыллар.

Сиэри тутуһуу саҥаны айыыны оҥорууну суох оҥорор курдук санаа – сыыһа санаа. Сахалар саҥаны айыыны оҥорууга “Кэс тыл” диэн этиини туһаналлар. Ол аата кэһиини, уларытыыны, саҥаны айыыны маннык оҥор диэн этэн, ыйан биэрии буолар. Олоххо улахан уопуттаах киһи саҥаны айыыны, уруккуну кэһиини маннык оҥордоххо табыллар диэн этэн, ыйан биэриитин туһанан оҥоруллар айыы үчүгэй, туһалаах буолан тахсарын бу этии биллэрэр.

Киһи оҥорор быһыытын хааччахтаан, үчүгэй диэбит өттүлэригэр салайа сатааннар араас сокуоннары суруйан олоххо киллэрэллэр. Кумааҕыга суруллубут сокуоннар киһи санаатын буолбакка, оҥорор быһыытын хааччахтыы сатыылларыттан өйтөн-санааттан хойутаан, хаалан иһэр дьайыыны оҥороллор.

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа, киһи оҥорор быһыыларыгар нэми тутуһарын үөскэтэр. Киһи тугу эмэ оҥоруон иннинэ, аһара барар санаатын хааччахтыыр, намыратар, оннун, сөбүн булларар, ол иһин сыыһа-халты, аһара туттунарын аҕыйатар аналлаах.

Онон үлэ сиэрэ диэн өйдөбүл дьон үлэни оҥоруохтарын иннинэ аһара бара сылдьар санааларын хааччахтаан оҥорор быһыыларын тупсарар, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр уонна үлэҕэ сэрэҕи үөскэтэн туһаны оҥорорун элбэтэргэ туттуллар.

СИЭР КИҺИЛИИ БЫҺЫЫНЫ ҮӨСКЭТЭР

Сахаларга киһи быһыыта диэн үөрэҕи арыйбыттарын бэлиэтинэн киһилии быһыыны үөскэтэр үөрэҕи - сиэри туһана сылдьаллара буолар. Аан бастаан киһи аһара барар санаатын сиэр хааччахтыыр, онтон туому тутуһуу үөскээн киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини оҥорор. Ол кэнниттэн киһи буолуу үөрэҕин тутуһан оҕолор өйдөрүн-санааларын сайыннаран, үлэҕэ үөрэтэн, киһилии быһыыланыыны үөс-кэтэн сахалар олоххо киллэрэн Киһи таҥараны үөскэппиттэр.

Киһи быһыыта диэн хааччах оҕо тугу оҥорорун барытын улахан киһи курдук оҥорор буоларыгар киллэрэн биэрэргэ аналланар. Кыыһы ийэтэ бэйэтин үтүгүннэрэр, батыһыннарар кыахтаах буоллаҕына, уол аҕата баар буолара эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Киһилии быһыыны тутуһа үөрэнэргэ оҕо улахан киһини үтүктэн, батыһан үөрэнэрэ туһалааҕын уонна түргэнин быһаараннар баҕа санаатын салайан биэрэргэ анаан Киһи таҥараны үөскэтэн туһаналлар.

Киһи айылҕа айбытын быһыытынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыны тутуһан икки өрүттэнэн сайдар:

А. Киһитийии. Этэ-сиинэ улаатан иһэн үлэнэн эрчиллэн тупсан киһи курдук көрүҥнээх буолууну ситиһиитэ.

Б. Киһи буолуу. Оҕо өйө-санаата сайдан, тупсан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорон, киһи буолууну ситиһиитэ.

Бу икки өрүттэртэн киһи бастакытын, киһитийиини, ол аата этэ-сиинэ киһи курдук көрүҥнэниитин олус былыргы кэмнэргэ ситиспит. Аныгы да кэмҥэ дьон эттэрэ-сииннэрэ сайдан, тас көрүҥнэрэ тупсан иһэрин кырдьаҕастар тэҥнээн көрүүнү туһанан билэллэр.

Иккис өрүтү, өй-санаа киһи буолууну ситиһиитин хас биирдии оҕо улаатан иһэн үөрэнэн, баһылаан ситистэҕинэ эрэ табыллар уустук үөрэҕэ буолар. Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситистэҕинэ эрэ киһилии быһыыланар, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтана-рын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Бу быһаарыыны хас биирдии төрөппүт ылынан, сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһан оҕотун кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун ииттэҕинэ уонна салгын кутун үөрэттэҕинэ эрэллээх кэлэр көлүөнэлэнэрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Саха дьоно киһини санаата салайарын билэн “Аан дойдуну санаа тутан турар”, “Киһини санаата салайар”, “Киһи – санаа хамначчыта” диэн этиилэри үөскэтэн туһаналлар. Итини тэҥэ, “Саҥарыах иннинэ санаан көр” диэн өс хоһооно тыл санааттан улахан тутулуктааҕын, санаа тылы үөскэтэн таһаарарын биллэрэр. Санаа тылы үөскэтэн өйү-санааны иҥэрэриттэн саха тыла иччилээх диэн ааттанар.

Киһи араас элбэх ыра, баҕа санаалара баһын иһигэр толорулар, өссө таһынан таһымнаан аура диэни үөскэтэ сылдьаллар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсаллар:

1. Быстах, араас элбэх санаалар.

2. Сиэри тутуһар, киһилии санаалар.

Санаалар бу уратыларын арыыйда кэҥэтэн быһаарыахпыт:

1. Араас элбэх олоххо туһата суох, түргэнник киирэн ааһар санаалар киһи санааларын элбэх өттүн ылаллар уонна быстах санаалар диэн ааттаналлар. Эт-сиин үгүс, араас санааларын барыларын сахалар быстах санааҕа киллэрэллэр. Бу санаалар киһини сыыһаны, оҥоруо суохтааҕы оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэхтэрин сөбүттэн уонна олоххо улахан туһата суохтарын биллэрэн итинник, быстах диэн ааты иҥэрбиттэр. Быстах санаалар быстах быһыыны оҥорууга тириэрдэллэрин иһин сиэри туһанан аҕыйата сатыыллар. Быстах диэн бысталаммыт, бытархай диэни таһынан, туһата суох диэн өйдөбүллээх тыл. “Быстах санааҕа киирэн биэримэ” диэн этии түргэнник үөскээн кэлэр араас санааларга киирэн биэримэ диэн өйдөбүллэнэн тахсарынан сиэр киһиэхэ оҥорор сүрүн туһата буолар.

2. Киһи санаата сиэри тутуһан, таһынан барбатаҕына үчүгэй санаа диэн ааттанар уонна киһилии быһыылары оҥорууга тириэрдэр кыах-танар. Ол аата сиэри тутуһар киһилии санаалар киһилии быһыылары оҥорууга тириэрдэллэрин сахалар тутуһаллар. (2,56).

Киһи санаата хаһан баҕарар саҥаны айа, оҥоро сатыырыттан аһара барар айылҕалаах. Ол иһин аналлаах хааччахтаах буолара ирдэнэр. Бу хааччах аата сиэр диэн ааттанар уонна үчүгэй, олоххо туһалаах үгэстэри тутуһа сылдьыыттан үөскээн, киһини ол быһыылары оҥороругар тириэрдэрин тэҥэ, сыыһа-халты буолан тахсалларын аҕыйатан туһаларын улаатыннарар. Сахалар киһи салгын кута сайдыытын ай диэн тылынан этэн бэлиэтээбиттэр. Араас элбэх саҥаны айар санаалар киһи баһын иһигэр толоруларын, өссө таһынан таһымныы сылдьалларын ай диэн салгын кут сайдарын быһаарар тыл уонна санаа олус түргэнэ, уларыйа охсон иһэрэ биллэрэр.

Киһи санаатыгар саҥаны айа сатыыр, ол санаалара бастаан ыра санаалары үөскэтэллэр. Бу санаалары киһи өйө-санаата сайдарынан туһанан киһилии санааларга киллэрэн биэрдэҕинэ эрэ табыллар.

Киһи санаатыгар ону-маны, саҥаны айа сатыыра, онтун тупсарара, көннөрөрө айар диэн тылынан этиллэр. Айар диэн тылынан санаа ону-маны ырытара, быһаарара барыта этиллэр. Айар диэн тыл икки; ай уонна ар диэн тыллартан хомуллан үөскээбит. Туох эмэ саҥаны айа сатааһыннарын дьон атыттарга биллэрбэт, кэпсии сылдьыбат уратыла-рынан, бу санааларын оҥоруллан биллэ илигинэ кистии сылдьалларын ар диэн үүрэр, тэйитэр өйдөбүллээх тылы холбоон биэрэн быһааран биэрбиттэр. Санаабытыгар айа, оҥорон көрө сатаабыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, ай диэн тылга “ыы” диэн ытааһын дорҕооно эбиллэн айыы диэн киһи оҥорор быһыытын быһаарар тыл буолан тахсар. Айыы диэн тыл саҥаны айыы кутталлааҕын, ким да оҥорон көрө илигин, ол иһин туох содул үөскээн тахсара өссө биллибэтин, “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ биллэрэр.

Айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх, киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин быһаарар аналлаах былыргылар айан оҥорбут тылларын харыстаатахпытына, уларыппатахпытына омукпут уһун үйэни ситиһэрин үөскэтэрбит кыаллар. Төһө эрэ кэминэн оҥоруллубут айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана чуолкайдык быһаарыллан үчүгэйэ билиннэҕинэ үрүҥ айыы диэн буолар, олоххо туттуллар кыахтанар, онтон куһаҕан айыы буолан таҕыстаҕына хара айыы диэн ааттанар, хараардыллар, хаалар, быраҕыллар аналланар.

Сахалар киһи оҥорор быһыылара оҥорбутун кэнниттэн икки аҥы арахсан, икки өрүттэнэн тахсалларын былыр үйэҕэ быһааран, тылла-рыгар киллэрэн айыы диэн тылы икки; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээн биэрбиттэр, “ыы” диэн куһаҕан дорҕооннообуттар уонна улахан сэрэхтээхтик биирдэ эмэ туһанарга этэллэр.

Саҥаны айыыны оҥоруу сиэри таһынан барар, дьон өссө билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара буолан сиэрэ суох быһыыга киирсэр. Ол аата, дьон бу быһыыны билэннэр, үөрэтэннэр сиэрэ ханан баарын быһаара иликтэрэ ити этиини үөскэппит. Сиэри аһара таһынан барбыт саҥаны айыы таах хаалар, туһата суох быраҕыллар дьылҕаланар. Бу быһыы холобурунан улахан термоядернай буомбаны ылыахха сөп. Бэйэтин кэмигэр аһара күүстээх, куһаҕан саҥаны айыы буолан дьону улаханнык куттаан баран, билигин кэлэн таах сытыйа сытар. Арай бу буомба соһуччу тоҕо тэбэн кэбиһиэ диэн дьону улаханнык куттуура утарыта санаалаах дьоҥҥо быстах кэмҥэ да буоллар тэҥнэһиини үөскэтэн сылдьара эйэлээх олох уһааһынын үөскэттэ.

Киһи айылҕаттан саҥаны айан иһэр аналлаах, ол иһин салгын кута сайдар. Арай ол оҥоро, айа сатааһыннарын сиэри таһынан аһара баралларын хааччахтаан, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрдэҕинэ уонна экономика сайдыытын таһымыгар тэҥнээтэҕинэ эрэ, олоххо туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥорор кыахтанар. Олус элбэх саҥаны айа сатааһыннар кыайан табыллыбакка, сатаммакка олоххо киирбэккэ хааллахтарына, ыра санааны үөскэтэн кэбиһэллэрэ элбиир. Эҥин араас саҥаны айа сатааһыны кумааҕыга суруйдахха даҕаны кыайан оҥоруллан тахсыбатаҕына уонна олоххо кыайан киирбэтэҕинэ, дьоҥҥо туһалаах үрүҥ айыыга кубулуйбакка таах хаалар, быраҕыллар. Былыр-гыттан биллэр көтөр көбүөрү дьон оҥороллоро саҥа чугаһаан эрэр.

Киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот араас баҕа санааларын саныы, онон аралдьыйа сылдьара ыра санаа диэни үөскэппит. Ыра санаа үксээтэҕинэ солумсах буолууну элбэтэн кэбиһэр. Санаа олус түргэнник уларыйан иһэрэ солумсаҕырыы улаатарын, бииртэн-бииргэ көтүөккэлээһин, атынтан-атыҥҥа аралдьыйыы элбиирин үөскэтэрит-тэн, туһалааҕы оҥорууну аҕыйатар, суох да оҥоруон сөп. Солумсаҕырыы ордук элбэхтик ыал олоҕун алдьатарын үгүстүк суруйаллар. Эдэр ыаллар арахсыылара 50 бырыһыаҥҥа тиийэрэ чуга-һаан эрэр. Ыал буолууга былыргы үгэстэри киллэрэн биэрии эрэ омукпут үйэтин уһатыыга тириэрдэрин билиннэхпитинэ табыллар. Билигин сэбиэскэй былаас хааччахтарыттан босхоломмут Россия дьонун санааларыгар солумсахтара улаатан, уһуннук үлэлэнэр үлэлэр кыаллыбат кэмнэригэр кэлэн хаалыы үөскээтэ. Ону тэҥэ, тыл үөрэхтээхтэрэ элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар, дьон саҥаны айа сатыылларын аһара күөртээн, эдэрдэр ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥоро сатыыллара эбиллэн, араас өйү-санааны буккуйааччылары, наркотиктары боруобалыыллара уонна араас гаастары сытырҕалыыллара үксүүрүгэр тириэртилэр.

Өйтөн булан оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” омук олоҕор оҥорор олус улахан куһаҕанынан кыыс оҕолор кыанар буолаат, биир кыайар айыыларын оҥорон, кыыстарын көрсө түспүт эр киһилэригэр биэрэ охсон кэбиһэллэрин үөскэппитэ буолар. Эдэрдэр бэйэ-бэйэлэрин үтүктэр күүстэрэ улаханыттан уһуннук үөрэтиллэр оскуоланы эдэр, күүлэйдии үөрэммит дьахталлар үөрэнэн бүтэрэллэр.

Сымыйанан, була сатаан итэҕэли үөрэтэр ааттаах суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар эдэрдэр өйдөрүн-санааларын алдьатыы өттүгэр халыйыытын үөскэтэ сылдьалларын бэйэлэрэ да билбэттэр.

Кыыс оҕолор кыыстарын харыстаабаттарыттан кыахтаах, күүстээх эр дьон буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитэ буккуллан, саха омук мөлтөөн иһиитэ баран эрэр, нууччаларга курдук, сахаларга эмиэ күүстээх тустууктар аҕыйаан иһэллэр. Ол курдук, тустуу күүстээх, сымса хамсаныылары эрэйэр күрэхтэһии буоларынан, киһи этэ-сиинэ төһө күүстээҕин уонна буор кута, хамсаныылары оҥорор кыаҕа төһө сайдыылааҕын чуолкайдык быһаарар кыахтаах. Ол иһин тустууну кыайбат омук дьоно мөлтөөһүн кэмигэр киирэн сылдьаллара, сотору кэминэн уларыйыыга тиийэллэрэ быһаарыллар.

Киһи бэйэтин кыаҕынан толоруон сөптөөх санаалара баҕа санаалар диэн ааттаналлар. Баҕа санаалар сиэри таһынан барбатахтарына эрэ киһи быһыытын тутуһуу табыллар. Сиэри таһынан барбыт баҕа санаа ыра санааҕа кубулуйан хааларыттан таах хааларын тэҥэ, киһи бэйэтин албыннанан быстахтык аралдьыйарыгар эрэ туһалыан сөп.

Киһи баҕа санаатын толороору араас саҥаны айыылары, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥорор. Аһара барар баҕа санаа киһини аһара барар быһыылары оҥороругар тириэрдэриттэн аналлаах хааччахтаах буоларын сахалар быһааран сиэр диэн хааччаҕы үөскэппиттэр. Сиэр киһи санаатын хааччахтаан, аһара барарын тохтотон, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр аналын сахалар таба туһананнар Киһи таҥара үөрэҕин үөскэппиттэр. Сиэр үчүгэйи оҥоруулартан хомуллан үөскүүр уонна үчүгэй быһыылары оҥорууга тириэрдэринэн, олору оҥорууну хааччахтаабат. Дьон үчүгэйи оҥоруулара баһыйдахтарына элбэхтэр быһаарыыларынан, сиэр ол диэки өттүгэр уларыйан, хамсаан биэрэн иһэр. Ол иһин оҥорор үчүгэйдэрэ эбиллэн иһэрэ ситиһиллэр.

Сиэр диэн хааччах киһи өйө-санаата куһаҕан өттүгэр халыйан хааларын тохтоторго аналланарынан дьоҥҥо улахан туһаны оҥорор.

“Куһаҕаны санаама, куһаҕан быһыыланан хаалыаҥ” диэн этии ону биллэрэр. Куһаҕан аһара барыыта алдьатыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөбүн сиэр хааччахтаан, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр.

Былыргы кэмнэртэн үөскээбит ыал буолуу үгэстэрин тутуспаттан эдэр ыаллар арахсыылара элбээн иһэр. Бука бары көрө түһээт таптаа-бытым диэн этиини сөбүлээннэр уонна имэҥирэн кэлиини тапталы кытта буккуйаннар саҥа көрсүбүт киһилэрин “таптаан” иһэллэриттэн, ыал олоҕо алдьанара элбээтэ. Таптал имэҥтэн тутулуга улаханыттан эмиэ мөлтөөн, уларыйан хаалара тиийэн кэлэрин сиэр хааччахтыыра ирдэнэрин билигин умнан сылдьаллар. Ол аата таптал эмиэ аһара барбакка, сиэри тутуһа сылдьара ирдэнэр. ”Таптаатым да тайахтааҕы да батыһыам” диэн сорох дьахталлар баҕа санаалара аныгы, ырыынак олоҕун сиэригэр сөп түбэспэт дьа-даҥы өйдөөх-санаалаах дьон баҕа санааларыттан үөскээн сэбиэскэй былаас кэмигэр аһара баран сылдьыбыта, ол олох “үчүгэйэ” өссө ааһан биэрбэтиттэн дьон умна, хааллара иликтэр.

Дьадаҥы диэн ырыынак олоҕор, сиэригэр сөп түбэспэт, туох да баайа-мала суоҕун тэҥэ, үлэни үлэлиэн баҕарбат, буор кута сайдыыта суох киһи буоларын сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар кистии сатыылларын дьон саҥа билэн эрэллэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар көҥүллэринэн барыыларыттан Россия дьоно барылара дьадаҥылар өйдөрүнэн-санаа-ларынан, буор куттарынан сутулланнар, ханнык да үлэ көрүҥэ кыал-лыбат кэмэ кэлбититтэн, бу былаас бэйэтэ уларыйбыта.

Ыал олоҕун сиэрэ кэргэнниилэр күнүүлэһэллэрэ аһара барбатыгар туһуланар. Күнүү аһара барыыта ыал олоҕун алдьатар, үрэйиэн да сөп. Атаахтык иитиллэр эдэрдэр тулуура суохтара улаатан иһэриттэн күнүү аһара барара элбээтэ. Кэргэнниилэр тулуурдара аҕыйаабытын бэлиэтинэн куукуналарын иһигэр ас астыырга туттуллар быһаҕынан киирсэн кэбиһэллэрэ элбээн, сиэри таһынан барбыта ыраатта.

Өһөс диэн тулуур улаатыытын биллэрэр тыл. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно тулуурдаах киһини улаатыннарарга, сахалары сайыннарарга аналлаах. Сайдыы хантан кэлэрин этэн биэрэр бу өс хоһоонун, Улуу Тойон таҥара үөрэҕин туһана сылдьыы эрэйиллэр кэмэ, ырыынагы кытта кэлэн оҕолору иитии, үөрэтии кытаатан биэрэрин уонна атаахтатыыны суох оҥорору ирдиир.

Киһиэхэ хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунуу тиийэн кэлиэн сөп. Сыыһа-халты туттунуом суоҕа диэн этии сыыһатын, быһа этинии буолан хааларын “От тюрьмы и от сумы не зарекайся” диэн нууччалыы өс хоһооно биллэрэрэ киһиэхэ ордук тиийимтиэ. Киһи тиэтэ-йэриттэн, ыксыырыттан сыыһа-халты туттунара киирэн кэлиэн сөбүттэн хаһан баҕарар сэрэнэ, харыстана сылдьара эрэйиллэр. Сиэри тутуһар, таһынан барбат киһи көрсүө, сэмэй диэн ааттанар. Көрсүө, сэмэй киһи тулуура, туттунар күүһэ улаханыттан, үлэни-хамнаһы кыайарыттан, киһилии майгына элбэҕиттэн, ыал олоҕун ыараханнарын холкутук тулуйарыттан, элбэх оҕону иитэн, үөрэтэн улаатыннарарыттан аймахтары, омугу сайыннарар кыахтааҕын билэн сахалар таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

Онон киһи олоҕун бары өрүттэригэр аналлаах сиэр үөскээн сыыһа-халты туттунартан, киһи быһыытын таһынан барартан харыстыыр.

СИЭР УЛАРЫЙАР

Үлэ оҥорон таһаарыыта улаатан истэҕинэ олох сайдан, тупсан барыыта дьон ахсааннара биллэрдик эбиллиитин үөскэтэн, бииргэ олорууларыгар туһалыыр аналлаах көрдөбүллэри, ирдэбиллэри туту-һалларын ирдиир кэмэ тиийэн кэлэн уларыйыылары киллэрбитэ.

Үрүҥү, үчүгэйи уонна хараны, куһаҕаны тус-туспа арааран олоххо туһаныы, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэппитэ уонна бу икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэрин быһааран таба туһаныыны олоххо киллэрбитэ.

Өй-санаа өссө сайдыыта бу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии өрүтэ, үһүс өрүт үөскүүрүн арыйан таһаарбыта. Бу арыйыы “Туох барыта үһүстээх” диэн этиинэн бэлиэтэммитэ уонна ону тутуһааччы сахалар сиэри, туому, Киһи таҥара үөрэҕин, Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулары үөскэппиттэрэ Аан дойдуга тарҕаммыттара.

Үрүҥ уонна хара дьүһүннэр икки ардыларынан сөп түбэһэр сиэр диэн дьүһүн саҥа, үһүс өрүтү арааран ааттыырга табыллыбыта. Икки тус-туспа хайысхалаах үрүҥ, үчүгэй уонна хара, куһаҕан диэн өрүттэр икки ардыларыгар сөп түбэһии, тэҥнэһии үһүс өрүтэ үөскүүрүн быһааран олоххо киллэрбиттэрэ уонна сиэр диэн ааттаабыттара.

Нууччалар былыргы төрүттэрэ сахалартан сиэр үөскээбитин кэннэ арахсыбыттарын бэлиэтинэн “серый” диэн үрүҥ, хара дьүһүннэр булкуспуттарыттан үөскээбит тылы тутта сылдьаллара биллэрэр. Арай бу тыл сиэр курдук өйгө-санааҕа сыһыаннаах уонна аһара барыылары хааччахтыыр өйдөбүлэ “Сначало было слово” диэн диктатураны үөс-кэтэр этиини туһаныыттан умнуллубута быданнаабыт. Олоххо уларыйыылар хайаан да киирэн иһэллэриттэн хамсааһын үөскүүрүн, айылҕаҕа уларыйбат диэн туох да суоҕун “Никогда не говори, никогда” диэн нууччалыы өс хоһооно чуолкайдаан биэрэр. Бу өс хоһооно кэмэ кэллэҕинэ туох барыта уларыйарын, уларыйбат диэн туох да суоҕун биллэрэрэ ордук суолталаах.

Элбэхтэр баһылаан салайыыны оҥороллоруттан, тугу үчүгэй диэн быһааралларыттан тутулуктанан сиэр сайдар, уларыйар. Ол курдук, төһө эрэ кэминэн, олоххо сайдыы, тупсуу киириититтэн, дьон үчүгэйи оҥорон иһэллэрэ элбиириттэн сиэр уларыйан биэрэн иһэр. Сиэр уларыйан иһэрин маннык холобуртан билиэххэ сөп:

- Уон тохсус үйэҕэ дьахталлар таҥнар таҥастарыттан илиилэрэ уонна моонньулара эрэ быган көстөр эбит буоллахтарына, билигин онон-манан таҥастаах сылдьаллара сиэри кэһиинэн ааҕыллыбат буолла. Олох сиэрин бу уларыйыыта эр дьон баҕа санаалара күүркэйиитин аҕыйатан, мөлтөөһүннэрин үөскэппитэ араас рекламаҕа көрдөрүллэр эмтэринэн эмтии сатыылларыттан биллэр.

Омуктар икки ардыларыгар үөскээн кэлэр улахан хамсааһыннар сиэри тосту уларыталлара дьон олоҕун туруга суох оҥорор:

- Сэбиэскэй былаас кыайыыта урукку олох сиэрин быраҕан, хаал-ларан, саҥа олох сиэрин олохтуу сатааһыны саҕалаабыта.

“Моральный кодекс строителя коммунизма” диэн албын да буоллар саҥа олох сиэрин олоххо киллэрэ сатаабыттара даҕаны, “коммунизм” бэйэтин албы-на арыллан тахсыытыттан уларыйыы киирэн кыаллыбакка хаалбыта.

Дьон өйдөрө-санаалара ситэ сайда илигинэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран быһаарыы уустугунан араас албыҥҥа киирэн биэрэн иһэллэр. Албын үгүс дьону улаханнык көҕүтэр, хамсатар күүстээҕин “Албын аалы хамсатар” диэн өс хоһооно биллэрэр. Үлэһиттэр, дьадаҥылар албыҥҥа киирбиттэрин билбэккэлэр аһара күүскэ үлэлээннэр үрдүк сайдыыны ситиһэ сатаабыттара үлэни оҥоруу судургу эрдэҕинэ табыллан испитэ. Онтон дьон үөрэҕи баһылааннар сэбиэскэй былаас албынын арыйбыттарыттан, бу былаас бэйэтэ эстибитэ.

- Былыргы кэмнэргэ ыал буолуу энньэтэ уонна халыыма суох сатаммат буолара. Сэбиэскэй былаас олох сиэрин уларытан билигин эдэрдэр ханна көрсө түстүлэр, сөбүлэстилэр даҕаны ыал буола оонньуу охсоллоро олоҕуран сылдьар. Быстах имэҥ киирэ түһээт сотору мөлтүүрүттэн эдэр ыаллар арахсыылара элбээн иһэр.

Сиэр бу уларыйыыта кыахтаах, үлэһит эр дьон буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэрин суох оҥорбутуттан дьон бары дьадаҥылар сүрэҕэ суох буор куттарынан сутуллууларын үөскэппитэ үлэ-хамнас кыаттарбатыгар тириэрдибитэ, сэбиэскэй былаас эстибитин да кэннэ, тобохторо элбэхтэриттэн салҕанан иһэр.

- Сэбиэскэй былаас үөрэх “үчүгэй” диэн арбааһыныттан сиэр үөс-кээн тахсан дьон бары араас, олоххо туһата да суох үөрэҕи батыһа сатааннар, үлэни бырахпыттарын тэҥэ, куһаҕаҥҥа кубулутан кэбистилэр. Ол түмүгэр олохтоохтор үлэни сирэллэрэ, үлэлиэхтэрин баҕарбаттара үөскээһиниттэн кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэр.

- Урукку кэмнэргэ үлэ барыта илиинэн; көтөҕүүнэн, сүгүүнэн үлэлэнэр эрдэҕинэ үлэ сиэригэр күүстээх, кыахтаах буолуу бастаан иһэрэ. Наука уонна тиэхиникэ сайдыылара дьон илиилэринэн үлэлииллэрин аҕыйатан өйдөрүнэн, билиилэринэн үлэлэрин элбэттэ. Билигин үлэ сиэрэ уларыйан, өйдөөх төбө баарыгар сөп түбэспитинэн, дьон эрчиллэ сылдьалларын быраҕаннар эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөһүнэ саҕаланна. Бу мөлтөөһүн аан бастаан эр дьону хаарыйбытын дакаастабылынан сиэкис дьыалатыгар дьахталлар аһара баһыйыыларын үөскэттэ.

- Былыргы кэмнэргэ кыыллар, көтөрдөр үгүстэрэ булт аатыгар киирсэннэр сиэнэр аһылык этилэр. Бултааһын олох сиэригэр киирсэ-ринэн сахаларга эбии аһылыгы булунуунан ааҕыллара. Билигин бултанар кыыллар, көтөрдөр аҕыйааннар, харыстанар кыахха киирбит-тэриттэн булт сиэрэ уларыйан, аны кыыллары, көтөрдөрү харыс-тааһыҥҥа көһөн биэрэрэ ирдэнэр буолла уонна “Харыстас” таҥара үөрэҕэ туттуллар кэмэ тиийэн кэллэ.

- Аһылык сиэрэ эмиэ уларыйан иһэр. Урукку кэмҥэ сахалар айылҕа биэрэр; үүннэрэр, улаатыннарар астарынан аһаан олорбуттара, билигин ол уларыйан араас, онтон-мантан тиэллэн кэлэр оҥоруу аһылыктары сииргэ, аһыырга эдэрдэр үөрэнэн эрэллэр. Олох салгыы баран истэҕинэ дьон олохторун сайыннаран, тупсаран биэрэн иһиилэрэ сиэри уларытан иһэр. Элбэхтэр өйдөрө-санаалара уларыйдаҕына, бу үчүгэй диэн быһааран саҥаны ылыннахтарына сиэр уларыйан, саҥа үөскээбит үчүгэй диэки сыҕарыйан биэрэр.

Сиэр элбэхтэр быһаарыыларынан уларыйан биэриитэ сахалар бы-лыр-былыргыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун олохторугар тутуһа сылдьалларын биллэрэр. Ол аата сахалар демократия төрүт үөрэҕин былыргыттан тутуһаллара быһаарыллар. Бу быһаарыы дакаастабылынан 2020 сыллаахха ыытыллыбыт Россия Конституциятыгар салайар былаас диэки уларыйыылары киллэрбиттэригэр Саха сиригэр дьон 40,6% бырыһыаннара утаран куоластаабыттара үгүстэр сөбүлээбэттэрин биллэрии буолар.

Омук тыла сайдыы киириититтэн эмиэ уларыйан иһэр. Манна икки өрүттээх буолууну таба туһанан, хайа да диэки аһара барбатахха, ол аата сиэри эмиэ тутуһа сырыттахха табыллар.

Сайдыыны ситиһии омук тылыгар дьайыыта эмиэ икки өрүттэнэр:

1. Омук тылыгар сайдыыны аҕалар киирии тыллары бэйэлэринэн туһанан, уларыйыылары кэмигэр киллэрэн испэтэххэ сайдыы бытаа-рар, омук атыттартан хаалан хаалыыта саҕаланар. Түргэнник кэлэн иһэр сайдыыны аҕалар тыллары сахалыы тылбаастаан, саҥа тылы үөскэтэн туһана сатааһын, хаалыы өссө улаатарын үөскэтэринэн омук туоратыллан, кытыы диэки үтүрүллэн барара кэлиэн сөп.

2. Омук төрүт тылларын атын тылларынан солбуйуу уонна олус элбэх сайдыылаах омук тылын үтүктэн саҥа тыллары үөскэтэн иһии, омук саҥарар тылын уларытан кэбиһиигэ тириэрдэн бэйэтэ уларыйа-рын үөскэтэн кэбиһиэн сөбүттэн аны сэрэнии, харыстаныы ирдэнэр.

Сайдыы киириититтэн омук уларыйан хаалбатын үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһуу, төрүт, билигин туттулла сылдьар тыллары букатын уларыппат буолуу уонна ийэлэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт тылларынан саҥарда үөрэтиилэрэ хааччыйар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр нуучча тыла сахалыыны лаппа баһыйан, мөлтөтөн сылдьарын суруйааччы Сиэн Чолбодук маннык бэлиэтиир:

“... Дьонун үөрдээри сүгэһэрин сүөкээн килэтэн кэбистэ. Сааскы кус эҥин кэрэ дьэрэкээн өҥүнэн көрө сытта Остуоһаптар “прихожайдара”. Дьоно сахалыы мэлигир дьон. Мааны ыал сиэрэ буоллаҕа”. (14,76).

Өй-санаа үлэтин быһаарыы уустук. Киһи санаатын ууруон, күүһүр-дүөн иннинэ, бу санаата хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу өйүн-санаатын сыымайдаан быһаара сатыыра ирдэнэр. Маны быһаарыыга урукку оҥоруллубут үчүгэй быһыыны туһаныы табыллара сиэри үөскэтэрин сахалар туһана үөрэммиттэр.

Олоххо уларыйыылар киирэн испэтэхтэринэ омук атыттартан хаалыыта, “застой” кэмэ кэлэр. Омук тылыгар, өйүгэр-санаатыгар уларыйыы кэмигэр киирбэтэҕинэ сайдыыттан хаалар, туоратыллар, атыттар, сайдыыны ситиспиттэр баһылаан салайыылара саҕаланар. Сахалар уһун үйэлэр тухары сайдан, тупсан иһэллэрин элбэхтэр быһаарыы-ларын тутуһан сиэр уларыйан биэрэн иһэрэ үөскэтэр.

Онон олоххо сайдыы киириититтэн уларыйыылар кэлэн иһэллэ-ригэр дьон бэлэмнэнэн, санааларын уларытан биэрэллэрэ эрэйиллэр.

СИЭРИ КЭҺИИ

Олох биир сиргэ хам баайыллан турбат, олоххо туһалаах саҥаны айыылар туһаҕа киирэн, уларытыылары оҥорон иһэллэрэ сайдыыны аҕаларын ситиһии уонна таба туһаныы эрэ омук атыттартан хаалан хаалбатын, туоратыллыбатын үөскэтэр. Ол аата сайдыы киирэриттэн олох уларыйара тохтообокко кэлэн иһэриттэн сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа эмиэ уларыйан биэрэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ этэринэн сайдыы, уларыйыы киирэриттэн, элбэхтэр быһаарыыларын тутуһан сиэр уларыйан, туп-сан, үчүгэй диэки өттүгэр сыҕарыйан, хамсаан биэрэн иһэр. Бу хам-сааһын хайдах үөскүүрүн таба быһаарыы уонна туһалаах өттүн сайын-нарыы итэҕэл үөрэҕэ дьоҥҥо оҥорор туһата буолар.

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһарынан уонна бу икки өрүттэр солбуйсан биэрэллэринэн аһара кытаанах бобууну, хаайыыны оҥорор кыаҕа суох. Санаа олус түргэнник уларыйарын, аһара барарын аҕыйатарга, туохтан да иҥнибэ-тин тохтото сатыырга сиэр аналланар. Элбэхтэр бу үчүгэй диэн быһаарыыны ылыммыттара баһыйдаҕына, сиэр уларыйан, ол үчүгэйи тутуһан, сайыннаран дьон үчүгэйи оҥороллорун элбэтэргэ туһалыыр.

“Сиэри таһынан барыма” диэн сэрэтэр этиини сахалар туһаналлар. Төһө да бобуу курдук иһилиннэр даҕаны, бу этии булгуччулаах бобуу, хаайыы буолбатах, арай сэрэтэн, сиэр ханна баарын булларан биэрэр этии буолар. Сиэри таһынан барбакка эрэ кыра-кыралаан кэһиилэри киллэрэн тупсаран биэрэн иһииттэн уларыйара ситиһиллэр. Кэс диэн тыл уларыйыы кэһииттэн киирэрин биллэрэр. Ол аата сиэр кыра-кыралаан кэһиилэр, тупсарыылар киирэн иһэллэриттэн уларыйда-ҕына, тупсан биэрэн истэҕинэ олоххо хамсааһыны, долгуйууну, утары-та туруулары үөскэппэккэ эрэ сайдыыны киллэрэн иһэрэ ситиһиллэр.

Улуу Өктөөп өрө туруута кыайан саа-сэп күүһүнэн былааһы дьа-даҥылар былдьаан ылыылара олус улахан саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрии этэ. Бу эмискэ киирбит тосту уларыйыылар урукку, хаалбыт олох сиэрин таһынан барбыттара, бырахпыттара элбэх хаан тохтуутун, үгүс дьону өлөртөөһүннэри таһаарбыттара.

Перестройка кыайыытын кэнниттэн ырыынак олоҕор төттөрү төннүү сиэри аһара барбакка ситиһиллэн иһэриттэн хаан тохтуута, ута-рыта туруулар, сэриилэр тахса иликтэр эрээри, уларыйыылар киириилэрэ олус бытааннык барар. 2020 сыллаахха Россия Конституциятыгар уларыйыылары киллэрэн салайар былаас аҥардастыы баһылааһынын үөскэтии диэки халыйыыны оҥорон хамсааһыны бэлэмниир.

Кэс диэн оҥкуллубут суолтан кыратык туорааһыны оҥор диэн киһини соруйуу ааттанар. “Кэс тыл” диэн кырдьаҕас, олоххо улахан уопуттаах киһи эдэргэ, толороругар анаан, саҥаны айыыны хайдах оҥорор туһунан этэр тыла буолар. Бу этии аатын курдук тугу эрэ кэһиини, уларытыыны, саҥаны айыыны киллэриини биллэрэр суолта-лааҕа сиэр кэһиллэн, сыыйа уларыйан иһэрин чуолкайдыыр.

Кырдьаҕас киһи сүбэтин, этэр “Кэс тылын” тутуһан уруккуттан олохсуйбут сиэри кэһэн саҥа уларытыылары киллэрии олоххо туһаны оҥорорун, сайдыыны аҕалан иһэрин билинэн ити, кэс тыл этиитэ диэн үгэс үөскээбитин сахалар тутуһаллар. (8,110).

“Кэскиллээх кэс тыл” диэн өс хоһоонугар эдэрдэргэ анаан олоҕу тупсарар уларытыылары, сиэри кэһэн киллэр диэн этиллэр. Кэскил диэн кэһиини киллэр диэн биллэр өйдөбүллээх тыл. Саҥаны айыыны оҥорон, туһаҕа таһааран кэһиини киллэрдэххэ эрэ олоххо сайдыы, кэскил киирэрин ситиһэри биллэрэр.

Киһи олоҕор, үлэтигэр тупсарыылары киллэрэр санааланара, саҥа-ны, урут суоҕу айа сатыыра хаһан баҕарар баар. Арай бу айа сатааһын, саҥаны айыыны киллэрии уруккуну, үчүгэй өттүгэр кыратык улары-тара, тупсарара олохсуйбут сиэри кэһии диэн ааттанар уонна табылын-наҕына, саҥаны сөбүлээччилэринэн ылыныллыан сөп.

Саҥаны олоххо киллэрии урукку кэмҥэ олохсуйан сылдьыбыт сиэ-ри, тупсубут сиэринэн уларытар, кэһиини киллэрэр, эргэ, хаалбыт солбуллар, ону саҥаны киллэрбиттэр сөбүлээн, саҥа сиэринэн ааҕан туһанан барыахтарын сөп. Олоххо уларыйыылары киллэрии урукку олох үйэлээх үгэстэрин улаханнык уларыппакка, алдьаппакка, суох оҥорбокко сыыйа, кыра-кыралаан кэһиилэртэн кэлэн иһэллэрин саха-лар тутуһаллар. Өрө турууну оҥорон салайар былааһы сэрии күүһүнэн дьадаҥылар былдьаан ылыыларын сахалар сөбүлээбэккэ кыахтара баарынан утарса сатаабыттара остуоруйа үөрэҕиттэн биллэр.

Сахалар үөрэхтэрэ сиэри таһынан аһара барары бобор, хаайар, онтон сиэри сыыйа кэһиини киллэрэн уларытар бобуллубат, хата хайҕанар. Сиэр “Кэс тылы” тутуһан кэһиллэрэ табыллар, ол аата кыра-кыралаан уларыйыылар, саҥаны айыылар киирэн иһэллэрэ олоххо туһаны оҥороллоруттан көҥүллэнэллэр, бобуллубаттар.

Кэһии диэн тугу эмэ уларытары тэҥэ, куруук туттуллар кыра бэлэх ааттанар. Кэһии кыра да буоллар киһи санаатын көтөҕөрө ордук туһалаах. Араас барыта кэһиигэ туттуллуон сөп. Саха дьоно ханна сырытталлар эрэ кэһиилэрин соһо сылдьаллар. Ол барыта онно-манна, ыраах эҥин сылдьар киһи ханнык эрэ кэһиилэри оҥороруттан тулалыыр дьон санааларын көтөҕө, көннөрө, үчүгэй санааларын эбэн биэрэ сылдьарыгар аналланар туһалаах быһыы буолар.

Соһуччу ыалдьыт, хоноһо тиийэн кэлиитэ дьиэлээхтэри ыгар, эбии эрэйгэ, күүтүллүбэтэх ороскуокка түһэриэн сөп. Кэһии ону тэҥнээн биэриигэ аналланан туһааннаахтар санааларын биллэрдик көтөҕөр, тупсарар. Бу үтүө майгыны сахалар туһана сылдьаллар.

“Нельзя, но если очень хочется, то можно” диэн нууччалыы этии улахан баҕа санаалаах киһиэхэ аһара кытаанах бобууну туһаныы туһата суоҕун биллэрэр. Аһара күүстээх баҕа санаатын киһи туохтан да иҥнибэккэ эрэ толорон кэбиһэрэ олоххо баар суол буолар. Бу этии киһи оҥорор быһыытыгар санаата баһыйарын ыйан биэрэрэ, сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһиэхэ үчүгэй санааны элбэтэрэ табатын дакаас-тыыр. Ол курдук, аан бастаан киһи санаатын көннөрдөххө эрэ оҥорор быһыыта көнөрүн, тупсарын биллэрэрэ ордук суолталаах.

“Өйдөтө сатаабытым да” диэн этии хомолтолоох быһыы оҥоруллан хаалбытын кэнниттэн хойутаан кэлэрэ, эрдэттэн ылыммыт сыыһа санааны көннөрө сатааһын кыаллыбатаҕын биллэрэр.

Киһи санаатын уларытара уустуктары үөскэтэр. Биир санааны ылыммыт, андаҕар эппит киһини көннөрүү өссө уустугурар. Бу санаа куһаҕанын, туһата суоҕун билинии, умнуу, хаалларыы эрэ санааны уларытар кыахтаах. Оҥорбут буруйу, бу куһаҕан диэн билинии, киһи санаатын көннөрөрүгэр, атын, үчүгэй санааны ылынарыгар туһалыыр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ ону быһааран “Айыы этиитэ” диэн өйү-санааны араас быстах, үчүгэйдэрэ, куһаҕаннара биллибэт санаалартан ыраастыырга аналлаах туому толорор.

Санааны көннөрөргө саҥа, үчүгэйдэрэ биллэр санаалары санааһын улахан туһаны оҥорор. Сиэри тутуһуу диэн үчүгэйи оҥорууга тириэрдибит санаалары саныы сылдьыы ааттанар. Үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Саҥа, үчүгэй санааны санааһын урукку куһаҕан диэн ааттаммыт санаалары үтүрүйэн, туоратан киһиэхэ үчүгэй санааланарын үөскэтэр. Атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕарыы киһи үчүгэй санаалара элбииллэригэр быһаччы тириэрдэрин сахалар туһаналлар.

Санаа олус түргэнник уларыйарыттан хайдаҕын; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын оҥорон, боруобалаан көрөн эрэ билэр кыах дьоҥҥо баар. Ол иһин айыыны оҥоруу үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана өссө кыайан биллэ, быһаарылла илик быһыыга киирсэринэн, сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутуһан куһаҕаны аҕыйата сатыыллар. Айыыны, киһи билбэт, оҥорбот быһыытын оҥоруу куһаҕан буолан тахсара ордук элбэҕиттэн сиэр уонна киһи быһыыта диэн аналлаах хааччахтары оҥорон киһини харыстыыры сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар. Үчүгэй быһыылары оҥорууттан үөскээбит сиэри тутустахха, онно тэҥнээн көрөн, сөп түбэһэр саҥа санааны күүһүрдэн биэрэн тугу эмэ оҥордоххо табыллара, туһаны аҕалара элбиир. Ханнык баҕа санааны ылынары быһаарарынан сиэр киһи олоҕор оҥорор туһата олус улахан, сирдээн биэрэн таба суолу булларар. Үчүгэй санааны толорууга дьу-луһары бары сөбүлүүллэр, ону оҥорорго көмөлөһө сатыыллар.

Саҥаны айыы диэн дьон билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара буолан, ону оҥордоххо сиэри таһынан аһара барар, олоххо улахан уларытыылары киллэрэр, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана өссө быһаарыллан биллэ илик быһыылар буолан тахсаллар. Ол иһин сахалар үөрэхтэ-ринэн айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана чуолкайдык быһаарыллыар, олоххо туһаны аҕалара эбэтэр буортулааҕа биллиэр диэри улахан сэрэхтээҕинэн ааҕыллар, “Айыы буолуо” диэн сэрэтэн этиллэр. Төһө эрэ кэминэн бу саҥаны айыы үчүгэйи оҥороро билиннэҕинэ, дьон үгүстэрэ туһалааҕын итэҕэйдэхтэринэ биирдэ; олоххо, туттуллууга киирэн үрүҥ айыы диэн ааттаныан уонна сиэри уларытыан сөп.

Саҥаны айыы ити уратыларын билэллэриттэн сахалар сиэри таһынан аһара барыыны оҥорууну сөбүлээбэттэр. Ол иһин оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэри Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар.

Онон сиэри кыратык кэһиини, олоххо туһалаах уларытыылары киллэриини оҥорууну сахалар боппоттор, хаайбаттар, ол иһин уһун үйэлэргэ сайдыыны ситиһэн иһэллэрэ тохтообокко кэлэн иһэр.

ЭМТЭНИИ СИЭРЭ

Киһи оҥорор быһыыта барыта икки өрүттэнэн, икки аҥы арахсан, туспа хайысхаланан тахсалларыттан сиэри, ол аата ортотун, икки ардыларын тутуһуу таба суолу булууга туһалыыр олох көрдөбүлэ буолар. Оҥорор быһыы хайа эрэ өттүгэр аһара баран халыйан хаа-лыыта куһаҕаны үөскэтэриттэн сэрэнии, харыстаныы, санааны көн-нөрүү эрэ туһалыырын сахалар былыр үйэҕэ быһаарбыттар. Киһи айылҕаҕа бэйэтэ туспа, атын хантан да көмө эрэйбэккэ эрэ сылдьар, олоҕун олорор кыахтаах. Аныгы, сайдыылаах диэн ааттыыр олохпутугар туохтан барытыттан эмтэнэ сатааһын элбээбитэ дьон эттэрэ-сииннэрэ улаханнык мөлтөөбүтүн биллэрэр. Ол иһин эмтэнии эмиэ сиэри таһынан барбатаҕына табылларын билии эрэйиллэр. Эмтэниигэ өйөнөн хаалыы куруук эмтэнэ сылдьыыны үөскэтэн кэбиһэн, эти-сиини мөлтөөһүҥҥэ тириэрдиэн сөп.

“Киһи – айылҕа оҕото” диэн этии киһи үөскээбит төрүтүн уонна айылҕаҕа сылдьар, олоҕун олорор аналын быһаарар. Бэйэтэ туохтан да тутулуктаммакка эрэ айылҕаҕа үйэтин тухары сылдьар, олоҕун олорор кыахтааҕын биллэрэр. Бу этии өссө киһи айылҕа төрүт тутулуктарын кыайан уларыппатын, үйэтин уһуна аһара уһаабатын, ол иһин кэлэр көлүөнэлэрин кэмигэр үөскэтэн, хаалларан иһэрэ туһалыырын биллэрэрэ сайдыыны ситиһэргэ дьулуһарын ордук улаатыннарар.

“Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн этии сахаларга баар. Бу этии киһи эмтэнэрэ, этин-сиинин тупсарара тиийэн кэлэрин биллэрэрэ сэрэҕин улаатыннарар. Эти-сиини харыстааһын диэн хамсаныыларынан дьарыктааһын, итиинэн, тымныынан эрчийэ сылдьыы ааттанар. Бу этии дакаастабыла бэйэ дьарыктаннаҕына биллэн иһэринэн үчүгэй. Ол курдук, эт-сиин эрчиллэн, дьарыктанан истэҕинэ күүһүрэрин, кыаҕа, тулуура эбиллэрин киһи барыта туһана сылдьара эрэйиллэр.

Дьон эмиэ айылҕа талан ылыытын аастахтарына эрэ олохторо табылларын билиэхтэрэ этэ. Айылҕаттан бөҕө эттээх-сииннээх дьон үйэлэрин тухары эмтэнэр диэни билбэккэ олохторун олороллор. Ол иһин ыал буолааччылар саҥа билсиһэн эрдэхтэриттэн, оҕо төрө-түөхтэрин инниттэн хайдах эттээх-сииннээх уонна өйдөөх-санаалаах, буор куттаах оҕону төрөтөллөрүн төрүччү үөрэҕин туһанан быһаара сатыыллара эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Ыал буолууга эт-сиин оруола ордук үрдүгүнэн күүстээх, кыахтаах, үлэни кыайар дьон ордук сыаналаныахтара этэ. Үөрэх өйү-санааны эрэ сайыннаран, хамсаныылары аҕыйатан эти-сиини мөлтөтөр уонна биир эрэ үйэлээҕинэн ыал буолууга ылар суолтата намыһаҕа быһаарыллар.

Былыргы кэмҥэ саха дьоно кыра эрдэхтэринэ айылҕа талан ылыы-тын аастахтарына, олохторун улаханнык ыалдьыбакка эрэ олорор кыахтаналлар эбит. Ол курдук, оҕо төрөөтөр эрэ тымныы дьиэҕэ сылдьарыттан мөлтөх, ыарыһах өттүлэрэ сонно өлөн туораан иһэллэр эбит. Урукку кэпсээннэргэ сүүрбэччэтэ оҕолонон баран биир эмэ оҕону тутан хаалбыт ыаллар бааллара кэпсэнэр. Дьон арыыччалара, бөҕөлөрө эрэ ордон хаалан, улаатан, аймахтары, омугу элбэтэр эбиттэр. Былыргы кэмҥэ оҕо кыра эрдэҕинэ өлөрө элбэҕиттэн “Төннүбүт” диэн этэн сымната сатыыллара биллэр.

Оҕо эрэ барыта табыллан төрөөбөт. Бу быһаарыы дьахтар төрүүрэ эрэйдээҕинэн дакаастанар. Бастакы оҕо үксүгэр төбөтүгэр трамбалаах төрүүрүн аныгы медицинэ үөрэҕэ бигэргэтэр уонна үһүс оҕо ордук табылларын бэлиэтиир. Ол аата дьахтар эдэриттэн элбэхтэ төрөөтө-ҕүнэ оҕолоро доруобай буолара эбиллэн иһэр эбит. Ону тэҥэ, иитии-лэрэ табыллан улаатан баран ситиһиини оҥороллоро элбиирин сахалар бэлиэтээн “Элбэх оҕолоох буолуу – дьол” диэн этиини туһаналлар.

Билигин, аныгы үйэҕэ эмтэнии сиэрин сыыһа өйдөөһүнтэн, аһынар санаа аһара барыытыттан, төрүөхтэриттэн ыарыһах оҕолору эмтии са-таан, ыарыһахтары элбэтии салҕанан иһэр. Бу быһыыны эдэрдэригэр үгүстүк күүлэйдии сылдьыбыт сааһырбыт дьахталлар, биир эмэ оҕону төрөтөллөрө ыарыһах буолара элбэҕиттэн, олоххо киллэрэн кэбиспит-тэрэ сайдыыны ситиһиигэ тириэрдибэт.

Дьахтар эдэригэр төрөөтөҕүнэ оҕото доруобай буолара элбэх эбит. Ол иһин сахалар кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэллэрэ до-руобай оҕолору төрөтүүгэ улахан туһаны оҥорор. Ону тэҥэ, ыраас кыыһынан эргэ барар кыыс эр киһитин сайдыылаах буор кутун иҥэриммит оҕону төрөтөрүттэн, аймахтар сайдыыларын, тупсан иһиилэрин үөскэтэрин сахалар тутуһаллар.

Доруобай диэн нуучча тыла киһи икки өрүттэрин; этин-сиинин уонна өйүн-санаатын холбуу ылан быһаарарынан саха тылыгар киир-битэ буккууру үөскэтэр. Ол курдук, киһи бу икки өрүттэрэ тус-туспатык ыалдьалларын уонна эмтэнэллэрин буккуйан кэбиһэ сылдьар.

Аныгы медицинэ науката сайдан араас эмтэри оҥорууну дэлэччи баһылаатылар. Дьон эмтэнэллэрэ үксээн уонна ырыынак көрдөбүл-лэрэ дьайалларыттан эми оҥоруу эбиллэн, тупсан иһэр.

Аан дойду үрдүнэн эмтэнии аһара баран сылдьар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Эти-сиини эмтээһин.

2. Өйү-санааны эмтээһин.

Былыргы сахаларга эти-сиини эмтээһини отоһуттар, хаанньыттар, түөн уурааччылар уонна уҥуох тутааччылар оҥороллор эбит.

Сыыһа-халты туттунууттан үөскүүр араас дэҥнэниилэр, трамбалар, оһоллор эмтэннэхтэринэ ааһан хаалаллара ситиһиллэр. Айылҕаҕа үүнэр оттор-тон ылыллар араас эмтэри туһаныы билигин тарҕанан эрэр.

Өй-санаа ыарыыларын отоһуттар уонна ойууннар табан эмтиил- лэрин билинэн эрэллэр. Эти-сиини, быччыҥнары хамсатарга аналлаах буор кут мөлтөөһүнэ, буккуллуута араас ыарыылар үөскээһиннэригэр тириэрдэрин ойуун көннөрөн, тупсаран, солбуйан биэрэр кыахта- ныыта, эмтээһин табылларыгар тириэрдэр эбит.

Сэбиэскэй былаас дьону босхо, дойду харчытыгар эмтээһини олох-хо киллэрбитэ эмтэнии сиэрин уларытан, эмтэнээччилэр аһара элбээ-һиннэрин үөскэтэн кэбиспитэ. Хамнаһа толору төлөнөр больничнайга сылдьан босхо эминэн эмтэнэ сылдьары, сэбиэскэй дьон бары сөбүлүүллэрэ уонна элбэхтик туһаналлара.

Билигин ырыынак кэмигэр эмтэнии харчыга оҥорулларга сыыйа көһөн иһэрэ, дьон эмтэниини аҕыйатан, ыарыыттан харыстанар араас ньымалары булан туһаналларын үөскэтэн, олоххо киллэрэн эрэр. Эти-сиини утумнаахтык эрчийии, дьарыктааһын ыарыыларга утарылаһар күүһүн улаатыннарарын туһаныы тэнийэн иһэр.

Тымныыны, итиини тулуйа үөрэнии эти-сиини бөҕөргөтөрүн, кыра ыарыыларга, дьаҥнарга ылларан иһиини аҕыйатарын туһана сылдьыы эрэйиллэр. Бу быһаарыы чахчытын дакаастыырга, 2020 сыллаахха коронавирус Аан дойдуга тарҕаныыта уонна онно хоту сирдэртэн отой аҕыйах киһи ыалдьыбыта туттуллуон сөп.

Эмтэнии сиэрэ диэҥҥэ эти-сиини эрчиллиилэринэн утумнаахтык дьарыктааһын аан бастакынан киирсэр. Айылҕа итиитэ, тымныыта хардары-таары дьайыыларыттан хоту дойду үлэһит дьоно куруук эттэ-рин-сииннэрин уонна өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтө, тупсара сыл-дьаллар. Ону тэҥэ, эти-сиини араас хамсаныыларынан эрчийии киһи күүһүн, кыаҕын, тулуурун эбэринэн туһата өссө улаатар. Дьон кырдьан, мөлтөөн истэхтэринэ эмтэнэ сатыыллара эбиллэр. “Күн сырдыга баҕалаах” диэн этии ону биллэрэр. Эмэ-томо суох былыргы кэмнэргэ сахаларга эмтэнии бүтүүтүн биллэрэр ытыгылаа-һын диэн үгэс туттулла сылдьыбыта биллэр. Европа сайдыылаах дойдуларыгар кыайан үтүөрбэт турукка тиийбит кырдьаҕас киһини эмтии сатаан баран, эвтаназия диэн ааттаан өлөрүгэр көмөлөһөн биэ-риини олоххо киллэрбиттэрэ, сахалар туһана сылдьыбыт былыргы билиилэрэ табатын чуолкай дакаастабыла буолар.

Туох барыта сиэргэ сөп түбэстэҕинэ, таһынан барбатаҕына эрэ табыллар. Киһи олоҕо айылҕа биэрбит кээмэйиттэн аһара барара, уһуура кыаллыбатыттан эмтэнии сиэрэ диэн үөскээбит.

Онон эмтэнии сиэрэ диэн киһи эмтэнии диэки аһара халыйбакка, өйөнөн хаалбакка, этин-сиинин тымныынан, итиинэн, араас хамса-ныыларынан эрчийэ, дьарыктыы сылдьара ааттанар.

СИЭР КӨРДӨБҮЛЛЭРЭ

Сахалар киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын олус дириҥник үөрэтэннэр, өй-санаа аһара барара элбэҕиттэн аналлаах хааччахтаах буолара табылларын быһааран сиэр көрдөбүллэрин үөскэппиттэр.

Сиэр олус былыргы кэмнэргэ үөскээбититтэн бары көрдөбүллэрэ өс хоһоонноругар уонна кынаттаах этиилэргэ кубулуйан сылдьаллар. Сиэри таһынан барыы ханнык куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ ыйыллан этиллэриттэн туһанарга ордук табыгастаах:

- “Киһи - санаа хамначчыта” диэн өс хоһооно киһи үйэтин тухары инники баран иһэр араас баҕа санааларын толоро сатыырыттан, ол санааларыгар хамначчыт, үлэһит буоларын быһаарар.

- “Киһини санаата салайар” диэн этии киһи аан бастаан тугу оҥоруохтааҕын саныырын, онтон ол санаатын ырытан, баҕа санаа-тыгар кубулутан баран илэтигэр оҥорон таһааран ситиһэрин, толорорун уонна дьолу билэрин биллэрэр.

- “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этии элбэхтэр санаалара хайа диэки салаллар даҕаны, ол санааларын ситиһэ, тутуһа сатыылларыттан, ол диэки халыйан баран иһэллэрин быһаарар.

- “Куһаҕаны санаама, куһаҕаннык быһыыланыаҥ” диэн этии киһи өйө-санаата сайдыытын, саныыр санаата куһаҕан да буоллаҕына үгэскэ кубулутан оҥорор быһыыга тириэрдэн кэбиһэрин чуолкайдаан биэрэр. Ол аата куһаҕан санааларын элбэхтэ хатылаан үгэс оҥостубут киһи куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллар.

- “Үчүгэй санаалаах буол” диэн этии киһиэхэ үчүгэйи баҕарыы, алгыс этиитэ буолар. Ол курдук, үчүгэй санаалар киһи үчүгэй быһыылары оҥороругар тириэрдэллэриттэн үчүгэй быһыылары элбэтэллэр. Бу быһаарыыны тутуһан сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи үчүгэй санаалара элбиирин алгыһы истиинэн үөскэтэр.

- “Санаабычча быһыыланыма” диэн этии киһи санаатыгар туох көтөн түспүтүн оҥоро охсоро табыллыбатын, куһаҕан быһыыны элбэ-тэрин биллэрэр уонна сыыһа-халты туттунуулар үөскээн тахсалларыттан харыстыыр аналлаах. Бу этии киһиэхэ араас баҕа санаалара элбэхтэрин уонна олортон сорохторун куһаҕаннарын бэйэтэ билэ-риттэн оҥорботун, онтон атыттарын кыаҕа тиийбэтиттэн кыайан оҥорбокко хаалларара туһалааҕын биллэрэр.

- “Санааҕар тутума” диэн этии киһи өйүн-санаатын ыраастыыр, чэбдигирдэр аналлаах. Ол курдук, араас элбэх туһата суох, куһаҕан да санаалары умнан, хаалларан иһии өйгө-санааҕа үчүгэй, туһалаах са-наалар элбииллэрин үөскэтэр. Элбэх үчүгэй санаалардаах киһи үгүс үчүгэй быһыылары оҥорор кыахтанар. Ол иһин бу этиини бары таҥара үөрэхтэрэ тутуһаннар дьон куһаҕан санааларыттан ыраастаналларын, умнан, хаалларан иһэллэрин ситиһэ сатыыллар.

- “Үтүө санаа өтүүтээҕэр көмөлөөх” диэн өс хоһооно киһиэхэ үтүө, үчүгэй, олоххо туһаны аҕалар, барыһы киллэрэр санааны этэн, өйүгэр-санаатыгар иҥэрэн биэрбит кэнниттэн оҥорор быһыыга кубулуттаҕына көмөтө, туһата улаатарын быһаарар.

- “Саҥарыаҥ иннинэ санааҥ көр” диэн өс хоһооно тылга үгэс иҥэн сылдьарын быһааран киһи тугу эмэ саҥарыан иннинэ, бу тылларын суолталарын, туохха тириэрдиэхтэрин сөбүн санаатыгар өссө ырытан көрөрүгэр сүбэлиир. Ол курдук, тыл оҥорор быһыыга тириэртэҕинэ, туох эрэ содулу үөскэтэн кэбиһиэн сөбүттэн эрдэттэн, бу тылы саҥарыах инниттэн, харыстаныы эрэйиллэрин биллэрэр.

- “Киһиргээмэ, кирсиҥ быстыаҕа” диэн өс хоһооно киһиргиир куһаҕана туохха тириэрдэрин быһаарар. Киһиргээһин өй-санаа сиэри аһара барыытын үөскэтэрэ элбэҕинэн киһини улахан сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрин арыйара ордук туһалаах. (15,69).

- “Акаары ахсым, киһиргэс киэбиримтиэ” диэн өс хоһооно туһата суохха сыыдамсыйыыны, таах-сибиэ барыыны-кэлиини, тиэтэйиини акаары киһи оҥороро элбэҕин уонна киһиргээһин кыраттан саҕалаан улаатан иһэринэн киэбириигэ тириэрдэрин биллэрэр. Бу өс хоһооно ханнык да быһыыны оҥорорго тиэтэйии, ыксааһын куһаҕаны элбэ-тэрин биллэрэрэ ордук суолталаах.

- “Аһара күлэн алларастаама, сотору ытыырыҥ кэлээрэй” диэн этии улахан үөрүү кэнниттэн хомолто, ытааһын тиийэн кэлиэн сөбүн биллэрэр. Күлэр уонна ытыыр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэллэриттэн, аһара бардахтарына солбуйсан биэрэл-лэрэ тиийэн кэлэриттэн, бу этии киһини харыстыыр аналлаах.

- “Күлэр уонна ытыыр аҕас балыстыылар” диэн өс хоһооно күлүү уонна ытааһын биир төрүттээхтэрин, кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан, биэриэхтэрин сөбүн, аһара күлбүт, алларастаабыт киһи ытыыра тии-йэн кэлиэн сөбүн биллэрэн сэрэтэр.

- “Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар” диэн өс хоһооно оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ улахан суолталаах. Ол курдук, оҕо тугу эмэ оҥорорун аһара бобо-хаайа сырыттахха, тугу оҥорорун эппэккэ, бил-лэрбэккэ эрэ, кистээн оҥоро үөрэнэринэн, туох эрэ улахан куһаҕаны оҥорууга тиийэн хааларыттан сэрэтэр.

- “Аһара барыма” диэн этии киһи санаата аһара бара турарын хаһан баҕарар хааччахтыы сылдьара туһалааҕын быһаарар. Аһара барар санаалар сиэри, киһи быһыытын, аһара барар быһыылары оҥорорго тириэрдэн кэбиһэллэриттэн, киһи өйүн-санаатын тулуурун, туттунар күүһүн көмөтүнэн хааччахтыы сылдьара эрэйиллэр.

- “Айыы диэмэ” диэн этии киһи саҥарар тыла өйүн-санаатын уларытарын биллэрэр. Айыы диэн куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылы суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар “үчүгэй” эрэ диэн сымыйанан этэн тупсара сатааһыннара улахан сыыһа. Киһи оҥорор быһыылара оҥорбутун кэнниттэн биирдэ икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбат. Куһаҕан өйдөбүллээх, куһаҕаҥҥа тириэрдэр тылы элбэхтик саҥара сылдьыы, кэлин бу тыл өйдөбүлэ куһаҕан үгэскэ кубулуйан хааллаҕына, киһини бэйэтин, ол куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэн сөбүттэн харыстаннаҕына, куһаҕан тылы элбэхтик саҥарбатаҕына табыллар.

- “Айыыны оҥорума” диэн этии киһи саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаата элбэҕин уонна олору оҥорорун тохтотон, өй киллэрэн биэрэн айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатаан, сыыһа-халты туттунара элбиириттэн харыстыыр аналлаах. Айыыны оҥоруу диэн дьон билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыларыгар киирсэриттэн сиэри таһынан барар быһыы буолар. Бу быһыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана өссө быһаарылла илигиттэн араас содулу үөскэтиэн сөбүттэн улахан сэрэхтээхтик оҥорулуннаҕына табыллар. Айыыны оҥоруу уустугун, эрэйин, куһаҕаҥҥа тириэрдэн кэбиһэрин бэйэлэрэ оҥорон көрөн эрэйдэммэтэх, туһалааҕы оҥорон таһаарар үлэни үлэ-лээбэтэх дьон айыыны “үчүгэй” диэн сымыйанан этэллэр.

- “Саа биирдэ эстэр” диэн этии киһи төһө да кыһана сатаатар биирдэ умнан дуу, хайаан дуу сыыһа-халты туттунара киирэн кэлэрин биллэрэр. Ол иһин бу этии эстиэхтэрин, тоҕо тэбиэхтэрин сөптөөх тэриллэртэн улаханнык сэрэнэри өйдөтөрө ордук суолталаах.

- “Элбэх оҕолоох буолуу – дьол” диэн этиини сахалар тутуһаллар. Элбэх оҕолор киһи быһыылаахтык иитиллэр, үлэҕэ үөрэтиллэр кыахтара улаханын сахалар тутуһан элбэх оҕолоно сатыыллар. Кыра эрдэхтэриттэн киһилии быһыылаахтык иитиллибит оҕолоро улааттахтарына төрөппүттэр дьоллоро саҕаланар, кыайа-хото, күүскэ үлэлээбиттэрэ сыаналанар, кырдьар мөлтүүр саастара кэллэҕинэ сынньалаҥнык сылдьар кыахтаналларын үөскэтэллэр.

Тулуура улахан, өһөс киһи өйө-санаата аһара барарын тутар, хааччахтыыр, тохтотунар кыахтанара куһаҕан быһыыны оҥорботун үөс-кэтэр. Сахалар Үрүҥ Аар тойон таҥаралара тулуурдаах буолууну улаатыннаран өй-санаа аһара барарын аҕыйатан сиэри уонна киһи быһыытын тутуһа сылдьары үөскэтэр. Сиэри тутуһары киһи бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран уонна “Аһара барыма”, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэри туһанан ситиһэр кыахтанар.

Сиэри тутуһан олоҕу олоруу көрсүө, сэмэй буолууну үөскэтэр. Көрсүө, сэмэй киһи диэн сиэри тутуһар киһи ааттанар уонна олох салҕанан истэҕинэ сыыһа-халты туттубатынан оҥорор ситиһиилэрэ эбиллэн иһэллэр. Ол аата көрсүө, сэмэй оҕо улаатан, сааһыран истэҕинэ оҥорор кыайыылара элбииллэрин ситиһэр.

Онон сахалар сиэри, көрсүө, сэмэй буолууну тутуһан олохторун сыалын толорон, уһуннук олорууну ситиһэллэр.

СИЭР-ТУОМ

Сахалар элбэхтик сиэр-туом диэн холбуу этиини олохторугар туһа-наллар. Бу холбуу этиллэр тус-туспа тыллар өйдөбүллэрэ холбоһон суолталара өссө улаатарын үөскэтэллэр. Бу быһаарыы эйэ-нэм диэн холбуу этиини ырыттахха чуолкайданан тахсар:

- Эйэ диэн биллэр тыл. Эйэлээх буолууттан олох тутуллар. Эйэни бары сөбүлүүллэр, тутуһа сылдьаллар, харыстыыллар, бэйэлэрин икки ардыларыгар эйэлээх сыһыаны олохтууллар. Эйэ харыстаннаҕына, эйэҕэ сэрэхтээхтик, олус харыстабыллаахтык нэмин билэн сыһыаннас-тахха табылларын уонна биир куһаҕаннык этиллибит тыл эйэни алдьатарын, үрэйэрин сахалар билэллэр.

- Нэм диэн нэмин билэн, сэрэхтээхтик туттууну үөскэтэр тыл. Күүһү аһара туттубакка, нэмин билэн, ол аата кээмэйдээн туттунарга ыҥырар аналлаах тыл буолар. Киһи сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ күүһүн аһара туттарыттан үөскүүрэ олус элбэхтик бэлиэтэнэр.

Эйэ-нэм диэн холбуу этии эйэҕэ нэмин билэн, сэрэхтээхтик, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар туһалааҕын биллэрэр. Биир кыра да сыыһа саҥарыыттан, туттунууттан эйэ алдьанан хааларын уонна өр кэмҥэ кыайан көммөтүн таба сыаналыыры үөскэтэр.

Саха дьонугар эйэлээх буолуу кэлбэтин, үөскээбэтин тыл үөрэх-тээхтэрэ сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла анаан-минээн оҥоро сыл-дьаллар. Кинилэр эйэ-нэм диэн холбуу этии оннугар эйэ-“дэм” диэн этиини туһаннара сатааннар саҥа үөскүү сатыыр эйэни киһиргэтиини, дэбдэтиини туһанан алдьатыыны оҥороллор. Бу быһаарыы сэбиэскэй былаас үөскэппит тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылара уонна учуонайдара саха дьонугар туһаны оҥороллоро аҕыйаҕын, үчүгэйи оҥорбута буола сылдьан улахан куһаҕаны оҥороллорун биллэрэр.

Сиэр-туом диэн холбуу этии өйдөбүлэ күүһүрэрин быһаарарга анаан биһиги сиэр уонна туом диэн тыллар тус-туспа өйдөбүллэрин кыах баарынан толору быһаара сатыахпыт:

- Сиэр диэн үчүгэй үгэстэртэн үөскүүр өй-санаа хааччаҕа ааттанар. Киһини санаата салайарын былыргыттан билэн, куруук аһара бара сатыыр санааны хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэргэ анаан сиэри үөскэппиттэр. Сиэр диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ туһанар үгэһэ куруук аһара бара сатыыр өйү-санааны хааччахтыырга уонна оҥорор быһыыны киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэргэ анаан туттуллар. Саха үлэһит дьоно олохторугар сиэри тутуһа сылдьалларыттан сыыһа-халты туттуналлара аҕыйыыр уонна олохторун киһи быһыылаахтык олорон уһун үйэни ситиһэр кыахтаналлар.

- Туом диэн киһи оҥорор үчүгэй быһыыта хос-хос хатыланан, куруук оҥорор быһыыга кубулуйан үгэһи үөскэппитэ ааттанар. Туох эрэ үчүгэйи оҥорууга аналлаах ураты быһыыны элбэхтик хатылаан оҥоруу сиэри тутуһуу диэн ааттанар уонна куруук туттуллар үгэһи үөскэтэр, кэлин өссө элбэхтик хатыланан туомҥа, онтон эти-сиини үөрэттэҕинэ үөрүйэххэ кубулуйарын сахалар туһана сылдьаллар.

Киһи баһым иһигэр сылдьар дии саныыр санаата ханна баҕарар тиийэр, туохтан да иҥнибэт, кыайан тутуллубат, атыттарга биллибэт уратылаах. Санаа Ол дойдуга сылдьар, ол иһин Бу дойдуга биллибэт, көстүбэт. Санаа ити курдук элбэх кыахтааҕыттан, аһара барар санаата хаһан баҕарар улахан, киһи этин-сиинин кыаҕын таһынан бара сылдьара элбээн хаалар. “Сүрэх баҕатын, сүһүөх кыайбат” диэн этэн сахалар киһи араас баҕа санааларын этэ-сиинэ кыайан сиппэтин, толорбото элбиирин биллэрэллэр. Киһи санаата атын сиргэ, туспа дойдуга сылдьарын сахалар былыргыттан билэн Анараа эбэтэр Ол дойду диэни олохтообуттар. Санаа туспа дойдуга, Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьар, Бу дойдуга көстүбэт, биллибэт. Онтон киһи оҥорор быһыыта көстөрүн, биллэрин иһин илэ көрүү, оҥоруу диэн арааран ааттыыллар. Киһи санаата анараа дойдуттан кэлэн киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйуутун уратытын илэ диэн ааттаан туспа араараллар.

Санаа Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан араарыллан быһаарыллыбат, киһи араас санаалары барыларын саныы сылдьыан сөп. Онтон санаа оҥорор быһыыга кубу-луйдаҕына хайдаҕа илэ биллэн, Бу дойдуга тиийэн кэлэн үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан быһаарыллар кыахтанар.

Санаа атын дойдуга сылдьарыттан түүлү көрүү туспа уратыланан тахсар. Түүл диэн өй-санаа үгэс буолбутун көрүү ааттанар. Ити уратытын тутуһан түүлү көрүүнү туспа тойонноон, ол көстүбүт үгэскэ иҥмит өйдөбүлүнэн быһаарыы үгүстүк таба буолан тахсарыттан түүлү тойоннооһун үөрэҕэ сайдан туттулла сылдьар.

Түүлү көрүү киһи санаата Ол эбэтэр Анараа дойдуга сылдьарын биллэрэр. Ол курдук, түүлгэ көстөр бэлиэлэргэ иҥэн сылдьар үгэстэри таба быһааран тойоннооһун туттуллар. Түүлү көрүүлэри уонна киһи Орто дойдуга сылдьан ону-маны көрөрүн тус-туспа араардахха эрэ табыллар. Ол иһин киһи Бу эбэтэр Орто дойдуга сылдьан тугу көрөрүн, ону-маны оҥорорун илэ көрүү эбэтэр илэ оҥоруу диэн түүл көстүүлэриттэн арааран ааттыыллар.

Киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһааран олоххо киллэрии кэнниттэн үчүгэйи - Үөһээ, онтон куһаҕаны – Аллараа дойдуларга араарыы үөскээбит.

Үөһээ уонна Аллараа дойдулары айан туһаныы киһи үчүгэй уонна куһаҕан санаалара сылдьар сирдэрин булларыы буолан бэйэтин кэмигэр үчүгэй санаалары элбэтэргэ туһалаабыт. Ол курдук, үчүгэй санаалара элбэх киһи үчүгэй быһыылары оҥороро биллибитэ ырааппыт. Икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр үөскээбит Христос таҥара үөрэҕэ дьон үчүгэй быһыылары оҥороллорун элбэтээри, үчүгэйи оҥорор Христос таҥара баар диэн этэн, кинини үтүктүүнү, батыһыыны үөскэтэн, үчүгэй быһыылары оҥорууну элбэтэн Аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт. Бу Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар Орто дойдуну айан баар оҥоруу киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсалларыттан балар икки ардыларынан, ортолорунан түбэһэр түбэһэр үһүс өрүт сөп, таба буолууну үөскэтэрин арааран билииттэн сайдан тахсыбыт.

Орто дойду үөскээһинэ киһи санаата үчүгэй да, куһаҕан да өттүлэригэр аһара халыйан барбакка, олор икки ардыларынан, ортотунан сөп түбэһиитэ киһи санаата уонна оҥорор быһыыта хайа да өттүгэр аһара баран хаалбатын хааччыйарга аналланар. Сиэр-туом диэн киһи санаатын уонна оҥорор быһыыларын хааччахтара буоланнар, өссө сайдан киһи быһыытын үөскэппиттэр. Сиэр диэн киһи санаата аһара барарын, ыра санааҕа кубулуйан хааларын эбэтэр сыыһа-халты туттунууга тириэрдэн кэбиһэрин тохтотор, онтон туом, маннык оҥордоххо туһалаах буолар диэн көрдөрөн биэрэн, үтүгүннэрэн оҥорор быһыылары хааччахтаан киһи быһыытыгар кил-лэрэн биэрэр аналлаахтар. Киһи оҥорор быһыылара аһара баралларын туому тутуһуу хааччахтыыр. Үчүгэй, туһалаах быһыылары үтүктэн элбэхтик оҥоруу туому толоруу диэн ааттанар. Туому толорууттан киһиэхэ үчүгэй үгэс үөскээн, ол туому бэйэтэ толоро сылдьар киһиэхэ кубулуйара салгыы сайдан киһи быһыылаах буолууну үөскэппит.

Үөрүйэх буолууга тиийбит үчүгэй быһыылар туом диэн ааттаналлар. Ол аата туому тутуһуу диэн олоххо үчүгэйэ быһаарыллыбыт быһыылары элбэхтик хатылаан оҥорон, бэйэ өйүгэр-санаатыгар үгэс оҥостунуу уонна ону толоро сылдьан үөрүйэҕи үөскэтинии буолар.

Туому тутуһан кыра оҕону иитии ордук туһалаах. Ол курдук, оҕону сыыһа иитэн кэбиһии, атаахтатыыга тириэрдэн куһаҕан иитии-лээх оҥорон кэбиһэриттэн харыстанан сахалар Кут-сүр үөрэҕин айан туһаналлар. Кут-сүр үөрэҕин билэр, тутуһар аҥардас да дьахтар уол оҕотун киһи быһыылаах буолууга иитэр, үөрэтэр кыахтанарын, аҥардас дьахталлар элбээбит кэмнэригэр туһаныы эрэйиллэр.

Дьон элбэхтик хатылаан оҥорбут быһыылара сыыһа-халты буолан тахсаллара аҕыйыырыттан оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ туттуллаллара табыллар. Ол курдук, оҕо уҥа илиитинэн тутта үөрэнэрэ, бу илиитин аан бастаан хамсата үөрэтэриттэн тутулуктанар. Уҥа илиитинэн туттунар оҕо киһи быһыылаахтык, туому тутуһан иитиллибитин биллэрэр. Уҥа өрүт диэн эр дьон өрүттэрэ, үлэни үлэлииргэ уҥа өрүт урутаан туһанылларыттан үөскээн олоххо киирбит.

“Сах” диэн тимир уустарын уот таҥараларын аатынан сахалар олус былыргы кэмнэргэ ааттаммыттар. Ол иһин саамай итэҕэйэр айыылара уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэ буолар. Аналлаах уоту аһатар туому, үгэһи бары туһана сылдьаллар. Саамай сөбүлүүр, харыстыыр, үчүгэйдик умайар аһылыктарыттан талан ылан уоту аһаталлар, уот күөдьүйдэҕинэ күүс, көмө көрдүүллэр. Уот иччитэ үчүгэйдик умайар, уоту күөдьүтэр аһылыгынан аһаттахха биллэрдик үөрэр, күүһүрэр, көмөлөһөр санаата кырдьык улаатыан сөп. Былыргыттан уоту аһатыыга арыыны, сыаны туһаналлара. Кыра алаадьыга эбэтэр килиэпкэ арыыны элбэхтик ууран аһатыы табыллар.

Туому уларыта сатаабакка туһанар ордук. Уокка улахан, элбэх алаадьылары биэрэр туһата суох. Алаадьы кыра уокка умайбат, хоруорар, буруолуур, куһаҕан сыты таһаарар, ол сытынан абааһылар суоллара арыллыан сөп. Ол курдук, куһаҕан, дьаар сытын абааһылар таһаараллара элбэх кэпсээннэртэн биллэр.

Сахаларга саамай бэлиэ кэминэн кэтэһиилээх саас кэлиитэ ааҕыллар. “Күөххэ үктэнии” диэн сир-дойду көҕөрүүтэ кэлиитэ аат-танар. Саас сайыҥҥа уларыйар кэмиттэн саҥа сыллара саҕаланар, сир-дойду, мастар көҕөрөн барыыларыттан олох саҥалыы, тупсан салҕанар кэмэ кэлэрин үөрэ-көтө көрсөллөр.

Ыам ыйын 22 күнэ сайыҥҥы Ньукуолун күнэ диэн ааттанар уонна сайыны көрсүү сиэрэ-туома ыытыллар. Олус былыргы кэмнэртэн сахалар Ньукуола таҥараны билэллэрин биллэрэр. Мутукча көҕөрөр, күөх от бытыгырыыр. Күөххэ үктэнии кэмэ кэлэр, үрүҥ ас дэлэйэр. Сахалар бу кэми бэлиэтээн көрсөллөр, саҥа сылы көрсүүнэн, дьылы туорааһынынан ааҕаннар ыһыахтары тэрийэллэр.

Бэс ыйын 3 күнүгэр Көстөкүүн таҥара күнүн ылаллар. Бу таҥара кэмигэр Саха сирин үрдүнэн анды кэлиитэ буолар. Ол эрээри, Константин диэн ааттаах биллэр ыраахтааҕы Византияҕа баар буола сылдьыбытын сахалар билэллэрэ салгыы чинчийиини эрэйэр.

Бэс ыйын 22 күнүгэр ыытыллар ыһыах Күн таҥараҕа аналлаах. Ол иһин күн саамай уһаабыт, күүһүрбүт кэмигэр ыытыллар. Ыһыах сиэрэ-туома тутуһулларыттан билигин сахалар түмсүүлэрэ күүстэнэн, биир санааланыылара үөскээн, сайдан иһэр. Күн таҥара үөрэҕэ сахалар үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэлэрэ арааран билэн олохторугар таба туһаналларын үөскэтэрэ улахан туһаны оҥорор. Ыһыах биир биллэр туомугар оһуохай киирсэр. Элбэх киһи бииргэ мустан биир киһи этэрин хатылыыллара, бу этии өйүн-санаатын иҥэринэллэрэ, биир тэҥник хамсаналлара, биир санааланыыларын түргэнник үөскэтэр күүстээҕэ оһуохайдаатахха биллэр. Саха дьонун бииргэ түмэр туомунан оһуохай буолар.

Эр дьон уонна дьахталлар бииргэ оһуохайдааһыннара үөрүүгэ, ыһыахха аналланар, олох тупсубутун, дьон икки өрүттэрэ биир санааланыыларын бэлиэтиир көстүү буолар. Эр дьон түмсэн туспа оһуохайдааһыннара олоххо ыарахан кэмнэр кэлбиттэрин биллэрэр, олох ыараханын тулуйууга бэлэмнэнии буоларынан уратыланар.

Ынах, сылгы сүөһүлэрин кырыалаах кыһыны этэҥҥэ туоратыыга анаан от аһылыгы бэлэмнээһини сайын саамай үтүөтүгэр от ыйын 12 күнүгэр саҕалыыллар уонна Бөтүрүөп таҥара күнүнэн ааҕаллар. Бу Бөтүрүөп таҥара сахалар үөскэппит таҥаралара буоларын Саха сиригэр от үүнэр, ситэр кэмэ сөп түбэһиитэ быһаарар.

Күһүҥҥү, балаҕан ыйын 22 күнүгэр ыытыллар Улуу Тойон таҥараҕа аналлаах ыһыаҕы оннугар түһэрии билигин сахалартан ирдэнэр. Күүстээх, өһөс санааны киһиэхэ үөскэтэргэ, бу таҥара үөрэҕин туһата ирдэнэр кэмэ ырыынагы кытта кэлбитин билиннэххэ табыллар. Ол курдук, элбэх омуктар бииргэ олорор сирдэригэр хайа омук үлэни кыайа-хото үлэлиирэ, этэ-сиинэ бөҕөтө, тулуурдааҕа салгыы сайдарыгар олук буолар кэмэ биһиэхэ тирээн кэллэ.

Алтынньы 14 күнэ - Бокуруоп таҥара күнэ. Бу кэмҥэ кыстык хаар халыҥнык түһэн сири-дойдуну саба бүрүйэрэ уонна кыһыҥҥы сыарҕа айанын суола арыллара Саха сиригэр эрэ кэлэринэн, бу таҥараны сахалар үөскэппиттэрэ быһаарыллар.

Былыргы үгэстэр тустарынан К.Д.Уткин маннык суруйар:

- Саха омук үйэлээх үгэһэ – төрүт культурабыт сиһэ буолар. Үгэс төннүбэтэҕинэ, сахалыы майгы сатарыйарыгар тиийэр. Ити инниттэн ийэ куппутугар, хайаан даҕаны эргиллиэхпитин наада. Салгын кут салаллыах, буор кут булуллуох тустаах. (16,148).

Киһини сыыһа-халты туттунарыттан көмүскүүр, харыстыыр Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ сахаларга эрэ баар. Бу таҥара күүһүнэн туһанар көрсүө, сэмэй, тулуурдаах майгылаах, үлэни кыайар, сиэри тутуһар сахалар сайдыыны ситиһэр кэмнэрэ кэллэ.

Онон сиэр-туом диэн холбуу этии өй-санаа аһара барарын хаач-чахтаан уонна киһи быһыытын тутуһууну үөскэтэн куруук туттулла сылдьаллара, омук сайдыыны ситиһэригэр улахан туһаны оҥорор.

ТУОМУ ТУТУҺУУ

Киһи санаатыгар туох көтөн түспүтүн улаханнык ырыта, сыаналыы барбакка эрэ оҥорон кэбиһэр кыахтааҕа олоххо улахан уустук-тары үөскэтэр. Сахалар өй-санаа үөрэхтэринэн “Санаабычча быһыылаах” диэн ааттанар киһи, ону-маны, саҥаны айыыны була сатаан оҥоро охсон кэбиспитэ сыыһа-халты буолан хаалара элбэҕиттэн киһилии быһыылаахтар туораталларыгар түбэһэр.

Санаа олус түргэниттэн уонна уларыйа охсон хааларыттан аналлаах хааччахтаах буолара табылларын сахалар былыр үйэҕэ быһааран сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын үөскэтэн туһаналлар.

Сиэри тутуһар киһи аһара барар санаалара аҕыйыырыттан киһи быһыылаах буолууну ситиһэр кыаҕа улаатар. Киһи быһыыта диэн дьон бары элбэхтэ хатылаан оҥорор, сыыһа-халты буолан тахсыбат, олоххо туһалаахтара биллибит быһыылар ааттаналлар. Көрсүө, сэмэй киһи диэн сиэри тутуһар киһилии быһыылаах киһи буолар.

Олох сайдыытын киһилии быһыылар эрэ үөскэтэллэриттэн дьон бары киһилии быһыылары оҥорор санаалара улаатан Киһи таҥара үөрэҕин үөскэтэн тутуһаллара сайдыбыт. Дьоҥҥо биллэр аан бастакы киһи таҥаранан сахалар Үрүҥ Аар тойон таҥаралара буолар.

Киһи оҥорор быһыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэллэр:

1. Үчүгэй, киһилии быһыылар.

2. Куһаҕан, кыыллыы быһыылар.

Киһи оҥорор бары быһыыларыттан туһалаахтара, үчүгэйдэрэ киһи-лии быһыылары үөскэтэллэрэ былыргы кэмнэргэ быһаарыллан, туспа араарыллан олоххо киирбитин киһи диэн тыл туттуллара биллэрэр. Сүөһүлүү буолбакка киһилии быһыылары оҥорор баҕа санаа олус былыргы кэмнэргэ, киһи кыыллартан, сүөһүлэртэн туспа арахсар кэмнэригэр үөскээн үгэскэ кубулуйан, Киһи таҥараны үөскэппитэ билигин элбээннэр туттулла, туһалыы сылдьаллар.

Өй-санаа икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаахтарын кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан, уларыйан иһэллэрин “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн сахалыы өс хоһооно биллэрэр. Бу өс хоһооно киһи өйө-санаата сайдыыта олус бытаанын уонна төннөн сүөһүлүүгэ түһэн хаалыан сөбүн биллэрэрэ улахан суолталаах.

Дьон бары киһилии быһыылары оҥоро сатыылларыттан киһилии быһыылар аһара элбээбиттэр, онтон куһаҕан быһыылар букатын аҕыйахтар. Ол иһин үчүгэй, киһилии быһыылары оҥорор туһугар оҕо аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билэрэ уонна олору оҥор-бокко үөрэнэрэ ордук улахан туһаны оҥорор. Оҕо билиитэ дириҥээн, куһаҕаны арааран билэн киһи буолууну ситиһэриттэн, куһаҕан санааларын ыраастыырыттан үчүгэй быһыылары оҥороро эбиллэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн “Тоҕус айыыны”, ол аата тоҕус ахсааннаах куһаҕаны оҥорботугар иитэр, үөрэтэр. Ол курдук, оҕо куһаҕан диэни урутаан биллэҕинэ уонна туттунар күүһүн улаатыннаран олору оҥорбокко үөрэннэҕинэ, өйө-санаата киһилии суолунан сайдан барар кыаҕа улаатар, ситиһэ сатыыр сыала чуолкай буолар.

Куһаҕан быһыылары оҥорор дьон былыргы кэмнэртэн бааллар. Уоруйахтар, халабырдьыттар суох буолбаттар, өй-санаа сайдан, туп-сан истэҕинэ аҕыйыыллар эрэ. Ону тэҥэ, элбэхтэр оҥоро сатыыр саҥаны айыыларыттан биир эмэ айыы табыллан дьоҥҥо туһаны оҥорорун арааран билии ирдэнэр. Олус элбэх сатамматах, табыл-лыбатах саҥаны айыылартан үөскээн тахсар араас содуллар улахан-нарыттан үөскүүр куһаҕаннар элбэхтэриттэн, айыы куһаҕан өйдөбүлэ үөскээн тахсарын арааран билии өйдөөх-санаалаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар. Киһи сыыһа-халты туттунара аһара элбэх. Сыыһа-халты буолан хаалан киһи быһыытыгар тиийбэт эбэтэр аһара баран хаалар быһыылар, куһаҕан быһыылары эмиэ элбэтэллэр. Итини тэҥэ, киһи тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан, айыыны оҥоро сатаан урутаан түһэрэ элбиириттэн сыыһа-халты туттунара өссө үксүүр.

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар киһи өйүттэн-санаатыттан уонна хайдах оҥороруттан тутулуктанан оҥорор быһыы-лара уларыйан биэрэллэрин арааран билиэхтэрэ этэ уонна айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлүн уларыта сатаабыттарын көннөрөн, урукку оннугар түһэрэллэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолла.

“Туох барыта туомнаах” диэн өс хоһоонун сахалар үөскэтэн туһаналлар. (17,203). Биир туһалаах, үчүгэйгэ тириэрдэр быһыыны хос-хос хатылаан оҥоруу туому үөскэтэр. Ол аата киһи оҥорор быһыылара барылара элбэхтик хатыланан оҥоруллар быһыылартан хомулуннахтарына, сыыһа-халты буолан хаалаллара аҕыйыырыттан табыллар кыахтаналлар уонна үчүгэй быһыылары оҥорууттан хомуллан, мун-ньуллан киһи быһыыта үөскээн тахсар.

“Туох барыта үһүстээх” диэн өс хоһооно киһи быһыытын үөскэппит. Ол курдук, икки тус-туспа хайысхалаах, үчүгэй уонна куһаҕан диэн ааттанар өрүттэр икки ардыларыгар үһүс өрүт, сөп түбэһии өрүтэ ортолоругар үөскээн тахсарын олоххо тутуһуу киһи быһыытын үөскэтэр. Ол аата киһи быһыыта диэн үчүгэй да, куһаҕан да диэки халыйбат, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан түбэһэр, сөп түбэһиини, тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүт буолар.

Сиэр хааччаҕа өй-санаа аһара барбатын хааччыйар, онтон туом киһи оҥорор быһыыларын хааччахтаан, киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр аналлаахтарыттан иккиэн утуу-субуу туттуллаллара табыллар. Аан маҥнай сиэр киһи санаатын хааччахтыыр, аһара барарын тохтотон туому үөскэтэр, онтон туом оҥорор быһыы аһара барбатыгар тириэрдэн киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр аналлаахтар. Киһи үчүгэй, туһалаах быһыыны хос-хос хатылаан оҥороро туому үөскэтэр. Биир табыллыбыт, сатаммыт быһыыны элбэхтик хатылаан оҥоруу сыыһа-халты буолан хааларын суох оҥорон киһи оҥорор быһыытын тупсарар уонна туому тутуһуу диэн ааттанар.

Киһи оҥорор быһыыларыттан үчүгэйдэрэ, туһалаахтара барылара туспа араарыллан туому үөскэппиттэр. Туому тутуһуу киһи быһыыта диэн хааччах үөскүөн иннинэ олоххо киирэн оҥорор быһыы сыыһа-халты буолан хааларын суох оҥорон туһаны аҕалбыт.

Уҥа өрүт эр дьон өрүттэрэ, онтон хаҥас өттө дьахталлар киэннэрэ. Эр дьон бары кэриэтэ уҥа илиилэринэн урутаан туһаналлар. Уҥа илиинэн үлэлээһин, суруйуу ордук табыллар. Оҕону кыра эрдэҕинэ аан бастаан уҥа илиитинэн ону-маны туһаннара, ньуосканы туттаран аһыырга үөрэттэххэ эр дьон баһылааһыннарын үөскэтэр, уҥа өрүтү тутуһуу диэн туому толоруу буолар.

Бука бары саҥаны, уратыны булан оҥоро сатыырбыт олус элбээн хаалара куһаҕаны үксэтэр. Хаҥас илиилэринэн туһана сатааччы эдэрдэр элбээһиннэрэ солумсаҕырыы улааппытын биллэрэрин тэҥэ, эр дьон үөрэхтэрэ мөлтөөбүтүн, үлэни оҥоруу аҕыйаабытын көрдөрөр бэлиэ буолар. Туох санаабытыгар көтөн түспүтүн оҥоро охсоору ыксыыбыт. Ыксал бэйэтэ киһи сыыһа-халты туттунарын үксэтэрин тэҥэ, бу оҥоро охсуллубут быһыыттан туох содул үөскүүрэ биллибэтиттэн ыксааһын куһаҕана өссө төгүл улаатар.

Айыыны оҥоруу диэн сиэри таһынан барар быһыы буолар. Ол курдук, айыыны оҥоруу киһи билбэт буолан оҥорбот быһыытыгар киирсэринэн, өссө сиэрэ суох быһыынан ааҕыллар. Бу айыыны оҥорууттан туох содул үөскээн тахсара биллэ илигиттэн, улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүттэн сэрэхтээх быһыыга киирсэр.

Оҕо өйө-санаата саҥаны билиититтэн сайдан иһэр. Оҕо саҥаны айа сатыыр кыаҕа аһара улаханын сахалар былыр үйэҕэ быһааран “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһанан өйө-санаата аһара баран хааларын хааччахтаан, киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини туһана сылдьаллар.

Олус былыргы кэмнэргэ сиэри тутуһа үөрэнииттэн үөскээбит туом диэн өйдөбүл салгыы сайдан киһи быһыытыгар уларыйбыт. Ону тэҥэ, Киһи таҥара үөскээн бары үчүгэй быһыылары таҥара аатыгар ылынан кэбиһэннэр туом үтүрүттэрэн, билигин аҕыйах ахсааннаах, куруук толоруллар быһыылары бэлиэтииргэ анаан туттулларга тиийэн сылдьар. Куруук оҥоруллар быһыылар сатаналлара, табыллаллара, туһаны аҕалаллара элбэҕиттэн туому тутуһуу киһи быһыыта сыыһа-халты буолан хааларын аҕыйатарга анаан туттуллар.

Суоппардарга, сатыы дьоҥҥо суол быраабылаларын тутуһа сыл-дьыы эрэйиллэр. Бу быраабылалары тутуһа сылдьыы суолга абаарыйа тахсарын аҕыйатар аналлаах. Суол быраабылаларын дьон билэн, куруук тутуһа сылдьар үгэскэ кубулутар кэмнэрэ кэлбитэ ыраатта. Ону баара араас туһата кыра эбиилэри киллэрэ сатааннар буккууру оҥорон кэбиһэллэрэ билигин элбээн хаалла.

Онон туому тутуһуу диэн оҥорор быһыылар киһи быһыытын таһынан барбаттарын уонна тупсан иһиилэрин үөскэтиигэ аналланар.

КӨРСҮӨ, СЭМЭЙ КИҺИ СИЭРИ ТУТУҺАР

Сэбиэскэй былаас эстиитин кэнниттэн урукку хааттара сылдьыбыт курдук сананар дьон санааларыгар көҥүлүнэн барыы кэлбит курдук буолбута. Манна көҥүл ырыынак киириитэ олук буолан көмөлөспүтэ. Ол кэмҥэ туоратыллан “спекулянт” диэн ааттана сылдьыбыт киһи тупсан бизнесмен диэн буолбута ону туоһулуур.

Бу кэмҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” айан оҥорон дьон саҥаны айыыны оҥоро сатыылларын аһара күөр-тээбиттэриттэн эдэрдэр айыыны, дьон билбэттэрин, ол иһин оҥорботторун оҥорор санаалара өссө элбээбитэ, ону тэҥэ, айыы буола сатаан бэйэлэригэр тиийинээччилэр үксээбиттэрэ. Бу олус куһаҕан, ыар быһыы аһара барбытын У.А.Винокурова “Ыччаты бэйэҕэ тии-йинииттэн сэрэтии” диэн үлэтигэр бэлиэтээбитэ. (18,7).

Бу туһалаах үлэни автор суруйбута эрээри, маннык ыар быһыы үллэн тахсыытыгар “айыы үчүгэй” диэн этиини тутуһар тыл үөрэх-тээхтэрэ улахан буруйдаахтарын кыайан арыйбакка, өйдөрө-санаалара ситэ сайда илик эдэрдэри бэйэлэрин балыйа сатаабыта. Өй-санаа үөрэҕэ ханнык да сыыһата, онтон-мантан булуута суох буолара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол курдук, өй-санаа үөрэҕэ уһун үйэлэргэ үөскээбит олох үөрэҕиттэн үөскээн тахсар. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахалар Киһи таҥараларын үөрэҕэ барыта олох көрдөбүллэригэр сөп түбэһэриттэн төрөппүттэр туһаннахтарына эрэл-лээх, баҕа санааларын толорор кыахтаах кэлэр көлүөнэлэниэ этилэр.

Олоххо аһара бара сатааччылар, араас уларытыылары киллэрэн боруобалаан иһээччилэр куруук бааллар. Саҥаны айыыны оҥоруу, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааһын буолан аһара барыыны үөскэтэн кэбиһэр. Сиэр аһара барыылартан буолбакка кыра-кыралаан кэһиини оҥоруулартан, уларытыылары, тупсарыылары кил-лэрииттэн уларыйан иһэрэ табылларын сахалар “Кэс тыл” диэн этиини туһанан олохторугар киллэрэллэр.

Улуу Өктөөп өрө туруута кыайан салайар былааһы дьадаҥылар ылыылара олус улахан саҥаны айыыны олоххо киллэрии буоларыттан урукку олох сиэрин тосту уларыппыта, туһата суох диэн хаалларбыта. Бу тосту уларыйыылар дьон өйдөрүгэр-санааларыгар өр кэмҥэ кыайан көммөт куһаҕан дьайыыны, дьадаҥылар баһылаан салайыыларын уон-на бэлэмҥэ үөрэниини үөскэтэн үлэ сайдыытын бытаардыбыта.

Сэбиэскэй былаас дьахталлар көҥүллэринэн барыыларын үөскэтэн эргэ барыахтарын иннинэ араас эр дьону кытта сылдьыһаннар эр дьон кыахтаах, күүстээх, үлэни кыайарга аналлаах буор куттарын буккуйан кэбиһэллэриттэн үлэни кыайар дьон Россияҕа суох буоллулар. Бу былаас содулуттан айыыны оҥоро сатыыр дьон элбээбиттэрэ сэриини саҕалаатылар уонна кыайбакка уһатан эрэллэрэ биллэрэр.

Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” дьайыытыттан дьон ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айа сатыылларыттан, билигин көрсүө, сэмэй буолуу, үлэни кыайа-хото үлэлээһин хаалан сылдьар.

Дьахталлар уу-хаар тыллаах, элбэх араас көр-күлүү саҥалаах эр дьону аан бастаан сөбүлүүллэриттэн көрсүө, сэмэй үлэһит дьон туоратыллан хаалан сылдьаллар. Билигин тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан, була сатаан оҥорбут “айыы үөрэҕэ” диэн секталарыттан босхолонуу, көрсүө, сэмэй буолууну тутуһан үлэни сайыннарар сахалыы таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Дьон бары саҥаны айыыны оҥороннор сайдыыны аҕалыахтара диэн этии олус улахан сымыйалааһын, эмиэ “коммунизм” курдук албыҥҥа киллэрии буолар. Бу албыҥҥа өй-санаа үөрэҕин билиммэт сэбиэскэй былаас атеистарын тобохторо киирэн биэрэн сылдьаллар.

Ханнык баҕарар саҥаны айыы оҥорору кытта табылла охсон туһаны, үчүгэйи оҥорбутунан барбат. Биир эмэ улахан талааннаах киһи оҥорбут саҥаны айыыта табыллан, сатанан туһалаах буолар. Ол курдук, саҥаны айыы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарылла охсубат уратылаах. Итини тэҥэ, айыыны оҥорор кэмҥэ туга эмэ сатамматар, табыллы-батар эрэ куһаҕан буола охсоруттан, куһаҕан эбиллэн тахсарын үөскэтэрин эрдэттэн быһааран суох оҥордоххо табыллар.

Киһи өйүн-санаатын уратытынан тиэтэйэрэ, ыксыыра киирэн кэлэрэ элбэх. Саҥаны айыы киһи ити уратытын күүһүрдэриттэн үчүгэй да буолуон сөбүн, сыыһа-халты туттунан куһаҕаҥҥа кубулутан баран хомойоро тиийэн кэлэр. Элбэх саҥаны айа сатааһыннартан биир эмэ табыллан, сатанан туһаны оҥорорун арааран билии эрэйиллэр. Саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрбиттэрин бэлиэтиир патеннаах, серти-фикаттаах дьон отой аҕыйахтар. Онтон атыттар, элбэхтэр оҥоро сатаа-быттара бары таах хаалалларын тэҥэ, куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ол иһин сахалар айыы диэн тыллара куһаҕан өйдөбүлэ элбэх, олус сэрэхтээхтик туттуллар тыл буолар. “Айыы буолуо” диэн сэрэтэр этии суолтата итинник дакаастанар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ саха тыла сайдыытыгар син туһаны, үчүгэйи оҥорбуттарын иһин, сахалыы өй-санаа уратыларын билбэттэринэн итэҕэлгэ сыыһа кыттыһан, улахан халыйыыны оҥоро сылдьаллар. Бу халыйыы эдэрдэр өйдөрүгэр-санааларыгар дьайар содула улаатан иһэриттэн, саҥаны айыыны оҥорон, антисептиги иһэн кэбиһэн элбэх киһи өлүүтэ тахсыбыта сэти үөскэтэн, тыл үөрэхтээхтэрин уонна үөрэх министерствотын сууттуохха сөп буолла.

Билигин сайдыыны ситиһэр сахаларга көрсүө, сэмэй буолуу орду-гун, туһалааҕын билэннэр олоххо туһаныы ирдэнэр кэмэ кэллэ.

Көр-сүө, сэмэй буолуу дьоҥҥо биллэр туһалара манныктар:

- Көрсүө, сэмэй киһи сиэри тутуһарынан, аһара барбатынан сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрбэт, биирдэ эмэ оҥорор саҥаны айыыта табыллан, сатанан туһаны оҥорор кыаҕа улаатар.

- Тулуура, туттунар күүһэ улаханыттан көрсүө, сэмэй киһи ары-гыны аһара испэт уонна наркотикка ылларбат кыахтанар.

- Көрсүө, сэмэй киһи солумсаҕырара аҕыйаҕыттан ыарахан да үлэни кыайан үлэлиир кыаҕа улаатар уонна үлэни сайыннарар.

- Ыал олоҕун эрэйдэрин тулуйарыттан элбэх оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитэн аймахтар, омук ахсаана элбээн иһэрин ситиһэр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууну тутуһар. Ол иһин омук сайдыытыгар туһата улаханын, билигин саха омук сайдан иһэр кэмигэр таба сыаналааһын уонна туһаныы эрэйиллэр. Саха дьоно көрсүө, сэмэй буолууну былыргы кэмнэртэн баһылаан олохторугар тутуһалларыттан уһун үйэни ситиһэн сылдьаллар.

Омук ахсаана элбээһинэ, дьоно үлэни кыайа-хото үлэлээһиннэрэ көрсүө, сэмэй майгылаахтар төһө элбэхтэриттэн быһаччы тутулук-танар. Бары иитээччилэр, учууталлар, үлэни биэрээччилэр көрсүө, сэмэй дьону сөбүлүүллэр. Дьон бары сөбүлүүр киһилэрэ көрсүө, сэмэй киһи буоларын бары билинэллэр. (19,31).

Онон омугу, аймахтары сиэри тутуһа сылдьар көрсүө, сэмэй дьон элбэтэллэрин, сайыннаралларын сахалар билэн оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр.

НЭМИН БИЛЭН ТУТТУНУУ

Киһи күүстээх, кыахтаах. Ол иһин киһиэхэ күүһүн аһара туттунан кэбиһиитэ диэн эрэй үөскээн кэлэрэ элбээн хаалар. Бу эрэйи бэйэлэрэ үлэлиир, оҥорор тутар дьон үөрэтэн билэннэр, күүстэрин сэрэнэн, кэмнээн туттуна сатыылларыттан нэмин билэн туттунуу үөрэҕэ үлэни баһылаабыт сахаларга былыргы үйэлэргэ сайдыбыт.

Үлэттэн, сыыһа-халты туттунууттан үөскээн тахсар эрэйдэри кумааҕыны эрэ бэрийэр суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуо-найдар билбэттэриттэн нэм диэн эйэни үөскэтэр, харыстыыр аналлаах тылбытын, “дэм” диэн алдьатыыга, күүркэтиигэ тириэрдэр тылга сэбиэскэй былаас саҕаттан уларыта сатыы сылдьаллар. (20,39).

Бу сахалар сайдалларыгар улаханнык туһалыыллар дии саныыр үөрэхтээхтэрбит өй-санаа үөрэҕин билбэттэриттэн эйэ-нэм диэн хол-буу этии оннугар эйэ-“дэм” диэни киллэрэ, туһаннара сатааннар ула-хан куһаҕаны оҥороллор. Дэм диэн күүркэтэр, дэбдэтэр, алдьаныыга, табыллыбат буолууга тириэрдэр тылы, эйэ диэн сымнаҕас, харыс-табыллаах сыһыаны эрэйэр тылга холбуу сыбааннар, эйэбитин алдьатыыга тириэрдэллэр уонна өссө билбэтэҕэ буолаллар.

Хаһан да эйэ-“дэм” диэбэт ордук. Дорҕооннорун дьайыылара сөп түбэспэттэрин тэҥэ, суолталара эмиэ утарылар. Дэм алдьатар, дэм-ниир, күүркэтэр, киһиргэтэр суолталаах тыл. Бу тылы туһаныыттан биһиэхэ, сахаларга эйэбит өссө да кэлэ, үөскүү илик. Төһө эмэ элбэх поэттар, дорҕооннору таба дьаарыстаан хоһооннору айар дьон бааллар эрээри, бу тыллар дорҕооннорун дьайыылара сөп түбэспэттэрин, утарыта охсуулаахтарын өссө билэ иликтэр, тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрэн сылдьаллар. Нэм диэн аһара туттунууну, аһара барыыны тохтоторго аналлаах тыл. Киһи күүһэ-кыаҕа элбэҕиттэн аһара туттунан кэбиһэрэ элбээн хааларын нэмин билэн хамсаныы тохтотор. Сыаналаах тэрил тутаах гайкатын аһара күүскэ эрийэн резьбатын быһа тардан кэбистэххэ, улахан ночоот, элбэх үлэ тахсарыттан киһи күүһүн сэрэнэн, нэмин билэн туһаныыта туһата улахана биллэн тахсар. Оҕо улаатан ыйааһына эбиллэн истэҕинэ күүһэ улаатан иһэр. Бу кэмтэн саҕалаан күүһү табан, нэмин билэн туһаныыга үөрэнэн истэ-ҕинэ табыллар. Бэйэ ыйааһынын таскайдааһынтан күүс эбиллэн иһэрэ үөскүүр. Үгүс ыйааһыны көтөҕөлөөн, анньыалаан спортсменнар күүстэрин эбэллэрин тэҥэ, эттэрэ-сииннэрэ эмиэ эбиллэр.

Үлэни оҥорууга аналлаах күүһү сатаан, табан туһаныыны нэмин билии үөскэтэр. Ол аата, бу хамсаныыны оҥорууга төһө күүс сөп буоларын киһи эрдэттэн, кыра-кыратык хамсатан боруобалаан көрөн билэн, күүһүн сыыйа эбэн биэрэн иһэрэ эрэйиллэр. Күүһү сыыйа эбэн биэрэн иһии нэмий диэн тылынан этиллэр.

Табан, сатаан туттунарга, үлэлииргэ үөрэнии диэн уһун кэмҥэ үөрүйэҕи, буор куту үөскэтэн ситиһиллэр үөрэх буолар. Бары үлэҕэ барытыгар табан, нэмин билэн туттунуу эрэйиллэр.

Нэмин билэн туттунуу күүс аһара барыытын хааччахтаан сиэри үөскэтэр. Ол аата субу үлэни оҥорууга аналланар күүс аһара элбэх эбэтэр аҕыйах да буолбакка, сөптөөх буолара, нэми тутуһара хайаан да эрэйиллэр. Күүһү нэмин билэн туттунуу диэн эмискэ хамсаныы буолбакка, күүһү сыыйа улаатыннаран хамсаныыны нэмийэн оҥоруу ааттанар. Эмискэ хамсаныы туһаны оҥорорунааҕар алдьатыыны оҥо-рон кэбиһэрэ элбээн хааларыттан нэмин билии харыстыыр аналлаах. Ыараханы эмискэ көтөҕө сатааһынтан сис быстыыта, өрөһө хайдыыта тиийэн кэлэн эрэйи элбэтэллэрин үлэһиттэр билэллэр. Ону тэҥэ, эмискэ хамсаныыттан туттар тэрил туга эмэ алдьаныыта таҕыстаҕына, үлэ атахтанара тиийэн кэлэн ночооту үөскэтиэн сөп.

Нэмий диэн күүһү сыыйа-баайа, үлэни оҥорууга төһө көрдөнө-рүнэн, сөп түбэһэринэн эбэн биэрэн ис диэн өйдөбүллээх үлэһиттэр үөскэппит тыллара буолар. Ханнык баҕарар үлэни оҥорорго онно сөптөөх күүһү туһаныыны нэмий диэн тыл быһаарар.

Нэмнээх диэн нэмин билэн туһаныыны эрэйэр киһи оҥорор бы-һыыта ааттанар. Нэми тутуһуу киһи киһиэхэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын үөскэтэринэн ордук улахан туһалаах. Ол иһин сахалар эйэ-нэмнээх диэн холбуу этиини эйэни үөскэтэргэ анаан тутталлар. Эйэ-нэмнээх кэпсэтии диэтэхпитинэ, икки кэпсэтэр өрүттэр икки ардыларыгар сыһыаннара нэми тутуһан, сымнаҕастык, эйэлэрин ха-рыстаан баран иһэрин биллэрэр.

Эйэ олус кэбирэх, биирдэ куһаҕаннык көрүүттэн, биир куһаҕан тылтан алдьаныан, үрэллэн хаалыан сөп. Ол иһин эйэҕэ нэмин билэн, харыстабыллаахтык, олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыы хаһан баҕарар ирдэнэр көрдөбүл буоларын сахалар тутуһалларын эйэ-нэм диэн холбуу этиини туһана сылдьаллара биллэрэр.

Нэмин билэн туттунуу сиэри үөскэтэр. Сиэри тутуһар сахалар ыксаабаттар, тиэтэйбэттэр, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан, оҥорор быһыыларын, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан курдук түбэһэрин ситиһэллэр. Үөрэхтэммит аатыран сиэри таһынан бара сатааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ “дэм” диэн тылы туһананнар, саха дьонун киһиргэс оҥорон эйэлэрин алдьата сатыыл-ларыттан үлэһиттэр харыстанар кэмнэрэ тиийэн кэллэ.

Саха дьоно уһун үйэлэргэ сиэри тутуһан, сайдыыны ситиһэн иһэллэр, бары үлэҕэ нэмин билэн сыһыаннаһалларыттан үлэ сата-нарын, табылларын ситиһэллэр. Үлэлии үөрэнии эрэйдээҕин, табан хамсаннахха, аһара туттубатахха кыалларын уонна уһун кэми ыларын “Сата таас” диэн таҥара оннугар туттулла сылдьыбыт киэҥ өйдөбүл баар буола сылдьыбыта таба быһаарар.

Уустук, эрэйдээх үлэни табан, үчүгэйдик оҥоруу сатабыл диэн ааттанар уонна киһи буор кута үрдүк сайдыылааҕын биллэрэр. Маннык уустук үлэни оҥорор үлэһит киһини сатабыллаах диэн ааттыыллар. Сатабыллаах киһи нэми билэн туттунарыттан оҥорор үлэлэрэ ордук табыллан барыһы биэрэр кыахтаналлар.

Онон киһи күүһүн хаһан баҕарар кэмнээн, сиэри тутуһан, сөп буоларынан туһанарын нэмин билэн туттунуу үөскэтэр.

БАРЫТА КЭМИНЭН

Кэм диэн былыргыта бириэмэ кээмэйэ ааттанар. Чаһы, бириэмэ диэн нууччалыы тыллар киириэхтэрин иннинэ киэҥник туттулла сылдьыбыт өйдөбүл буолар. Чочумча, сотору диэн кэм кылгас кээ-мэйдэрин кэнниттэн “Хамсалаах табаах быстыҥа”, “Тоҥ күөс быс-тыҥа” диэн улаатан иһэр кээмэйдэр үөскээннэр урукку кэмҥэ киэҥник туттулла сылдьыбыттара тылга киирэн биллэллэр.

“Туох барыта кэмнээх” диэн этии айылҕаҕа туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэн иһэриттэн тутуллан үөскээбит. Күнүс кэнниттэн түүн, сайын кэнниттэн кыһын, бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан, кэмэ кэллэҕинэ кэлэн иһэллэрэ, киһиэхэ үчүгэйэ уонна куһаҕана солбуйсан, уларыйан биэрэллэрин үөскэтэллэрэ “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно олоххо киирэригэр олук буолбут. Итини тэҥэ, бу өс хоһооно киһи кэми аһара бара сатыыра табыллыбатын ыйан биэрэрэ ордук улахан суолталаах.

“Олоруу хайдаҕый?” диэн билсиһиигэ анаан куруук туттуллар ыйытыкка “Олоруу кэминэн” диэн эттэхтэринэ олох биир кэмник; дол-гуйан хамсаабакка, биллэрдик ыараабакка, уруккутуттан улаханнык уларыйбакка эрэ салгыы баран иһэрин биллэрэллэр.

Кэм айылҕа кээмэйэ буоларынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ син-биир сөп түбэһэн икки өттүттэн тутулуктаах:

1. Кэмтэн эрдэлээһин.

2. Кэмтэн хойутааһын.

Бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан дириҥэтэн ырытыахпыт:

1. “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этии туттулла сылдьар. Айылҕаҕа туох эмэ кэлэр кэмин иннинэ кэлэ сатыыра хаһан баҕарар баар, ону быһааран “Кэмиттэн эрдэлээһин” диэн этиини үөскэппиттэр. Саас эрдэ аҕыйах кэмҥэ халлаан сылыйбытыгар эрдэлээн кэлэн хаал-быт көҕөннөр тыаҕа сылдьалларын көрө түһэн дьон соһуйаллар.

Күһүн халлаан уһуннук сылаас турдаҕына ньургуһун хаттаан тыл-лан тахсыбытын көрөн сөҕөллөр. Айылҕа кэмэ кэлиитэ кыралаан хамсаан, эрдэлээн, хойутаан биэрэрэ дьоҥҥо биллэр.

Дьон саҥаны айа сатыыллара айылҕаларыгар, салгын куттара сайдарыгар саһан сылдьар. Сахалар ону саха тыла саҥа үөскүүр кэми-гэр үөрэтэн билэннэр, ай диэн тылынан салгын кут саҥаны айарга аналлаах үлэтин ааттаабыттар. Араас элбэх саҥаны айа сатааһыннар кэмиттэн, ол аата олох сайдыыны ситиһэриттэн эрдэлээн хааллахтарына, экономика субу кэмнээҕи ситиспит кыаҕынан кыайан оҥоруллан олоххо киирбэтэхтэринэ, кэмиттэн эрдэлээбит диэн ааттаналлара табыллар уонна туһата суох, таах хаалаллар эбэтэр кэмэ кэлэрин кэтэһэ сыталларыгар тиийэллэр.

Оҕо өйө-санаата эрдэлээн сайдар диэн этиини аныгы үөрэхтээхтэр тутуһаннар оҕолору эрдэлээн үөрэҕи билэллэрин ситиһиннэрэ сатыыллара элбээтэ. Бу үөрэҕи эрдэттэн ситиһиннэрэ сатааһын оҕо бэрээдэккэ, киһи буолууга, үлэҕэ үөрэнэр кэмин суох оҥороруттан халыйбыт, олох үйэлээх үгэстэригэр үөрэммэтэх, ол иһин олору тутуспат өйдөөх-санаалаах эдэрдэри улаатыннарыы үксээтэ.

Оҕоҕо кэмиттэн эрдэлээһин диэн туһата аҕыйах, этэ-сиинэ өссө ситэ, улаата, күүһэ киирэ илигинэ өйө-санаата аһара барыытын үөскэтэн, сыыһа-халты туттунарын элбэтэн кэбиһиэн сөп.

2. Сир үрдүгэр олох барыта кэмтэн тутулуктааҕын быһаарар этиинэн “Кэмиттэн хойутааһын” диэн этии баара буолар. Оҕо өйө-санаата сайдыыта этин-сиинин улаатыытыттан хойутаан, хаалан хаалыыта “Отох киһи” диэн этиинэн биллэриллэр. Оҕо улааппыт этин-сиинин баҕа санаата уонна хаалан хаалбыт өйө-санаата тапсыбат, сөп түбэһиспэт буолууларын биллэрэн, ити этии үөскээбит. Кэмтэн хаалан хаалыы олохтон хаалыыга тириэрдэр. Ол курдук, олох биир сиргэ хам баайыллан турбатыттан, сайдыы киириититтэн уларыйан, тупсан иһэринэн инники баран иһэр олохтон хаалан хаалыы табыллыбат, омук атыттар туоратыыларыгар тиийиэн сөп.

Олоххо таба, сөптөөх быһаарыыны ылыныы хаһан баҕарар ирдэнэр. Таба, сөптөөх быһаарыыны ылыныы кэм, бу икки өрүттэрин икки ардыларынан, ортотунан түбэһэрин “Барыта кэминэн” диэн этии бил-лэрэр. Барыны-бары кэмнээн туһаныы “Барыта кэминэн” диэн сиэри олохтуур этиини үөскэтэр уонна сиэри таһынан барыыны аҕыйатар, тохтотор аналлаах. Ол аата туох барыта кэминэн буолуута сиэри үөскэтэрин билэн сахалар олохторугар туһаналлар.

“Кэмиттэн кэмигэр” диэн этии кэм уларыйан, солбуллан биэрэн иһэрин биллэрэр. Бу уларыйыылар кэлиилэригэр киһи эмиэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, өйүн-санаатын уларытан, сайдыы киириититтэн хаалан хаалбатын ситиһэригэр ыҥырар этии буолар.

Айылҕа кэмнэрэ уларыйан биэриилэригэр киһи сөп түбэһэн биэ-рэрэ эрэйиллэр. Киһи буолбатах, айылҕа киһини баһылыыр. Сахалар ону билэн, былыргы үйэҕэ быһааран “Киһи – Айылҕа оҕото” диэн этиини үөскэтэн туһаналлар. Ол иһин айылҕаны харыстыыр, уларып-пат санаалара атыттардааҕар күүстээҕиттэн Саха сирэ өссө да чөл айылҕалаах дойдуга киирсэр. (21,17).

“Киһи – Айылҕа оҕото” диэн этии тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйаач-чылар уонна учуонайдар оҥоро сатыыр “айыыларын үөрэҕэ” улахан сымыйатын дакаастыыр уонна үрүҥ айыы тойон таҥара сири-дойдуну айбыта диэн албыны үөскэтэ сылдьалларын быһааран, сымыйаларын арыйан, ыраас мууска таһааран биэрэр. Итини тэҥэ, атын таҥаралары барыларын туоратан, намтатан, суох оҥорон биир таҥараны үөскэтэ сатааһын салайааччылар диктатураларын үөскэтии буоларынан, аны-гы демократия үөрэҕэр сөп түбэспэтин элбэх үөрэхтэммит ааттаах дьон арааран билбэттэрэ хомолтону эрэ үөскэтэр.

Билигин Россияҕа нуучча омуга мөлтөөһүн кэмигэр киирэн сыл-дьар. Ол иһин омугу күүһүрдэ сатыыр санаалара улаатан биир “үчү-гэй” ааттаммыт президени хос-хос быыбардаан уһуннук олорорун си-тиһэ сатааһын олоххо киирэн сылдьар. 2020 сыллаахха Конституцияҕа уларытыылары киллэрии бу сыалы ситиһиигэ аналланна. Төһө эмэ ыгыы-хаайыы баарын үрдүнэн Саха сиригэр быыбардааччылар 40,6% ону утары куоластаатылар. Бу бырыһыан көрдөрүүтэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун халбаҥнаабакка тутуһар сахалар өйдөрө-санаалара демократия үөрэҕин диэки улахан тардыһыылаахтарын Россия дьонугар барыларыгар биллэрдэ.

Онон киһи олоҕор кэми туһана сылдьара, хайа да өттүгэр аһара барбата уонна кэм уларыйыытыттан хаалан хаалбата эрэйиллэр.

СИЭРИ ТАҺЫНАН БАРЫЫ ИЭСТЭБИЛЭ

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин үлтү тэпсибититтэн атеист буолан хаалбыт дьон сиэри таһынан да бара сырыттахпытына туох да буолуо суоҕа диэн быстах санааҕа ылларан сылдьаллара элбээтэ.

Сиэр диэн таҥара үөрэҕэ үөскэтэр аһара барар санааны тохтотор хааччаҕа буолар. Санаа аһара бардаҕына киһи киһилии быһыыны аһара барар быһыылары оҥорорго тиийэн, куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ үөскээн иэстэбилгэ түбэһэригэр тириэрдэрэ хаһан да уларыйбат.

Таҥара үөрэҕин тутуспат буолуу иэстэбилэ кэлэн таҥара накааһын үөскэтэр. Былыргы кэмнэргэ бу иэстэбил кэлиитэ сэти үөскэтэр диэн этэллэрэ. Киһи таҥара үөрэҕэ олоххо киирбитин кэннэ таҥара накааһа диэн ааттанар буолбута. Бу иэстэбил хойутаан да буоллар хайаан да тиийэн кэлэрэ таҥара үөрэҕэ дьайар күүһэ улаханын биллэрэр.

Таҥара накааһа диэн киһи сиэри таһынан барар быһыылары оҥо-руутугар айылҕа эппиэтэ, сэт үөскээһинэ хайаан да кэлэр. Тыл үөрэх-тээхтэрэ була сатаан, эрбэхтэн эмэн оҥорбут сымыйата элбэх “айыы үөрэхтэрэ" уонна саха төрүт тылларын уларыта сатыыллара сэти үөс-кэтэн, сайдыыны ситиһэн иһэр омукка тыл үөрэхтээхтэрэ букатын да туһата суохтарын быһааран, чуолкайдаан биэрдэ.

Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, олоххо саҥаны киллэрэн биэрэрэ маннык ситиһиллэр:

1. Сиэр кыратык кэһиллэн уларыйар. Үйэлэргэ үөскээбит сиэр кыра-кыралаан уларыйан иһиитэ кэһиллэр диэн этиллэр. Сайдыы олоххо кыра-кыралаан, тохтоон хаалбакка кэһиилэри, уларыйыылары оҥорон иһиитэ сиэри уларытар уонна сайдыыны киллэрэр. Саҥаны айыыны олоххо киллэриигэ сахалар “Кэс тыл” диэн кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи кэһиини маннык оҥор диэн этиитин туһаналлар.

2. Сиэри таһынан барыы. Эмискэ улахан уларыйыылары киллэрэн олоххо хамсааһыннары үөскэтэрин иһин сиэри таһынан барыы саха-лар таҥараларын үөрэҕэр сөп түбэспэт быһыы буолар. Өрө барыы диэн революция, олус улахан айыыны оҥорууттан үөскээн тахсар хамсааһын ааттанар. Улуу Өктөөп өрө туруутун сыыһата 74 сыллар кэннилэриттэн биллэн билигин көнөр суолга киирэн сылдьар.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ “Сиэри таһынан барыма” диэн үөрэтэр. Бу үөрэххэ сиэри таһынан барыы оҥорор быһыы содулу таһааран иэстэбили үөскэтэрин туһунан этиллэр. Киһи оҥорор быһыы-лара сиэри таһынан бардахтарына үөскэтэр иэстэбиллэрэ өс хоһоонноругар киирэн этиллэн сылдьаллар:

- “Аһара күлэн алларастаама, аны ытыырыҥ кэлээрэй” диэн өс хоһооно үөрүү аһара баран сиэри тутуспата сыыһа-халты туттунууга тириэрдэн ытааһыны үөскэтэрин биллэрэр. Ол аата үөрүү аһара барыытын иэстэбилэ ытааһын тиийэн кэлиэн сөп.

- “Киһиргээмэ, кирсиҥ быстыаҕа” диэн өс хоһооно киһиргээһин киһи быһыытын аһара барыыны үөскэтэринэн улахан куһаҕаны, со-дулу оҥорорун биллэрэр. Киһиргэс киһи түбэһэр иэстэбилэ олус улахан, сүрүн быччыҥа быстан хаалыытыгар кытта тиийиэн сөп.

- “Сытыганы тыытыма – сытыгана булуйуо” диэн өс хоһооно куһаҕаны, сытыйбыты тыыттахха, булкуйдахха киһи куһаҕаҥҥа сыс-тан хаалан иэстэбилгэ түбэһэриттэн сэрэтэр.

- “Сырҕан бааһы хастыыр аһыылаах” диэн өс хоһооно уруккуну, умнуллубуту хостоон таһаарыы ааспыт ыарыыны, хомолтону хаттаан күөдьүтүөн сөбүн биллэрэр. Иэстэбил хаалан хаалбатыттан ыарыы хаттаан биллиитэ кэлиэн сөп. Бу өс хоһооно этэҥҥэ ааспыт куһаҕаны умнуу, хаалларыы оҥорор туһатын быһааран биэрэр.

- “Тапталтан киһи харалҕан буолар” диэн өс хоһооно таптал киһини туохха тириэрдэрин быһаарар. Аһара барбыт таптал киһи хараҕын баайар, көрөрүн да көрбөт оҥорон сыыһа тутуннарыан сөп.

- “Дьааһыйыма, дьалаҕай буолуоҥ” диэн өс хоһооно утуктааһын киһини сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрин биллэрэр. Иэстэбил илэ тиийэн кэлиитин айаннаан иһэн утуйан хаалар суоппардар билэллэр.

- “Арыгыһыт киһи сиэбиттэн буор тохтор” диэн өс хоһооно арыгыһыт буолууттан кэлэр иэстэбили арыйар. Арыгыны аһара иһии дьадайыыга тириэрдэрин бу өс хоһооно быһаарар.

- “Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ” диэн өс хоһооно сэнээһин улаханнык сананыыны аһара ыытан киһи бэйэтин кыаҕын сыыһа сыаналааһынын үөскэтэн туохха эрэ киирэн биэрэн кэһэйэрин биллэрэр. Сэнээһин иэстэбилэ кэһэйии буолара арыллар.

- “Ыҥааҕа иитиллибит оҕо муус сүрэх буолар” диэн өс хоһооно оҕону атаахтык иитии иэстэбилин быһаарар. Оҕону атаахтатыы бары-та мин туспар диэн санаатын олохсутан кэбиһэн, бэйэмсэҕин улаатыннаран атыттары барыларын аанньа ахтыбатын үөскэтэр.

- “Саха тыла иччилээх” диэн этиини сахалар бары билэллэр. Олус былыргы кэмнэргэ, киһи өйө-санаата саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээбит саха тыла дорҕооннорун дьайыыларыттан тутулуктара олус улаханыттан иччитэ үөскээн олохсуйбут. Саха төрүт тылларын була сатаан уларытан иһии сиэри таһынан барыыны үөскэтэн дьон өйүн-санаатын туруга суох буолууга тириэрдэн оҕолор үөрэтэллэрэ аҕыйаата.

Сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар “айыы үчүгэй” диэн этэннэр, ханнык эрэ айыыны оҥорууну арбааннар, өйү-санааны аһара ыытаннар сиэри таһынан барыыны үөскэттилэр уонна саха төрүт тылларын дорҕооннорун уларытаннар иэстэбилгэ тириэртилэр:

1. Эйэ-нэм диэн холбуу этиини эйэ-“дэм” диэҥҥэ уларытаннар өйү-санааны киһиргэс буолуу диэки аһара ыытаннар, иэстэбили үөскэтэн, саха дьонугар эйэлэрэ кэлбэтин оҥоро сылдьаллар.

2. Солун диэн солумсах буолуу үөскээн аһара барарын тохтотор аналлаах тылы “сонун” диэҥҥэ уларыппыттарыттан иэстэбил үөскээн, дьон солумсах буолуулара өссө улаатан, тыа сирин туһалаах үлэлэрин дьон быраҕан бараллара элбээтэ.

3. Остуоруйа диэн сахалар былыргы олохторун кэпсээнин ула-рытарга анаан “устуоруйа” диэн саҥа тылы оҥорон киллэрэ сатыыл-лара иэстэбили үөскэтэн эдэрдэр былыргы олоҕу умнан, саҥа “устуоруйалаах” саҥа омук буола сатааһыннарын тарҕатан былыргы төрүттээх саха омугу үрэйэ, ыһа сатыыллар.

4. Айыы диэн киһи оҥорор быһыылара икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын биллэрэр тылбытын “үчүгэй” эрэ оҥороору кыһаналлар. Киһи өйүн-санаатын уонна оҥорор быһыытын быһаарар икки өрүттээх өйдөбүллээх айыы диэн тылы икки тус-туспа тылларга; айыы диэн үчүгэйи оҥорууга уонна “аньыы” диэн куһа-ҕаҥҥа араара сатааһын иэстэбилэ сэбиэскэй былаас ордон сылдьар тобохторун барыларын хаарыйыан сөп. Ол курдук, сахаларга суох “аньыы” диэн тылы булан туһаннара сатааһын улахан албыннааһыны үөскэтэрэ арыллыытыттан албыны үөскэтээччилэри ким да итэҕэйбэт буолуута кэлэн туоратыллыыга түбэһиэхтэрин сөп. Саха дьоно былыр-былыргыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этиини олохторугар туһана сылдьаллара айылҕаттан тутулуктарын сүтэрэ иликтэрин биллэрэр. Ол иһин айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан, икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарарга аналлаах икки өрүттээх өйдөбүлэ үөскээн олоххо киирэн туттуллар.

5. Ийэ диэн төрүт, саха буоларбытын быһаарар, өйтөн-санааттан тутулуктаах, ийэ куту үөскэтэр тылбытын “иньэ” диэн ньаамырҕаан саҥарыыга тыл үөрэхтээхтэрэ уларыта сатыыллар. Бу уларытыы иэстэбилэ, оҕо өйө-санаата сатарыйыыта буолан тиийэн кэлиэн сөбүн тэҥэ, эдэрдэр үөрэтэргэ уустугуран хаалбыт тылы быраҕан эрэллэр. Ол курдук, оҕо ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллибэккэ хаалан хааллаҕына куһаҕан иитиилээх буолан хаалара тиийэн кэлэр.

Сайдыыны ситиһэн иһэр саха омукка тыл үөрэхтээхтэрэ букатын туһата суохтарын бу, иэстэбили үөскэтэр уларытыылары саха тылыгар киллэрэ сатыыллара быһаарар. Тугу эрэ үчүгэйи оҥорбута буолан бэйэлэрин туһалаахтарын дакаастаары төрүт тылларбытын уларыта сатыыр буортулаах дьыаланан дьарыктана сылдьаллар.

Киһи араас элбэх быһыылары оҥорор. Уһун үйэлэр тухары киһи оҥорор быһыылара үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара быһаарыллан, араа-рыллан киһилии уонна быстах быһыыларга арахсыбыттар.

Бу быһыылартан киһилии быһыылар эрэ сатанан, табыллан иэс-тэбили үөскэппэттэр. Онтон сиэри, киһи быһыытын аһара барар бы-һыылары оҥорууттан ханнык эрэ содул үөскээн тахсан иэстэбилгэ тириэрдэр. Киһи сиэри таһынан бардаҕына, оҥорор быһыылара киһи быһыытыгар сөп түбэспэттэриттэн иэстэбил үөскээн тахсарын сахалар билэн, оҥорор быһыыларыгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллар.

Иэстэбил диэн киһи сиэри таһынан баран оҥорор быһыылара киһилии быһыыны тутуспатахтарына эбэтэр, бу быһыыны сыыһа оҥордоҕуна үөскээн тахсар содулга түбэһии ааттанар. Оҥорор быһыыттан содул үөскээн тахсыбатын сахалар ситиһэ сатыыллар, ол иһин көрсүө, сэмэй буолууну тутуһан, киһи быһыылаахтык биирдэ бэриллэр олохторун олорорго кыһаналлар.

Массыыната суох табыллыбат кэм кэллэ. Кыахтаах массыынанан суол бэлиэлэрин тутуспакка аһара түргэнник айаннааһын иэстэбилэ абаарыйаҕа түбэһии буоларын бары билэллэр, сэрэнэллэр. Ол иһин сиэри, суол быраабылаларын тутуһан айанныырга кыһаналлар.

Арыгы диэн киһи санаатын көтөҕөр, күүһүгэр күүс эбэр иҥэмтэлээх аһылык буолар, ол иһин арыгыны суох оҥоруу кыаллыбат. Арай арыгыны элбэхтик иһэ сылдьыы кэнниттэн иэстэбилэ кэлэн арыгыһыт буолууга тириэрдэриттэн киһи куруук туттуна сылдьара, кэмээйин билэн кыратык иһэрэ эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун дьоҥҥо тутуһуннаран оҕо тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннарара үлэни оҥорууга хаһан баҕарар туһалыыр. Тулуурдаах, туттунар күүстээх киһи сиэри тутуһар уонна сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын ситиһэр кыахтанар.

Онон киһи сиэри тутуһа сырыттаҕына оҥорор быһыыларыттан иэстэбил үөскээн тахсара суох буоллаҕына эрэ, олоҕо табыллар.

МАССЫЫНАНАН АЙАННААҺЫН СИЭРЭ

Инники олохторугар ханнык быһыылар буолуохтарын сөбүн дьон былыргыттан билэ сатыыллар, ол иһин араас билгэлээһиннэри туһа-наллар. Киһи сэрэҕэ улаатан истэҕинэ эрэ олоҕун уһуннук, дьоллоохтук олорор кыахтанарын бары билэллэр. Инники туох быһыы буоларын биллэххэ сэрэнии, харыстаныы туһата ордук улаатара бил-гэлээһин туттуллара аҕыйаабатын үөскэтэр.

“Ханна охторбун билэрим буоллар, соломо тэлгэтиэ этим” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыыларыгар сэрэнэрин ирдиирин туһана сылдьыы эрэйиллэр. Ол курдук, киһи оҥорор быһыыларыгар сыыһа-халты туттунарын уонна онтон кэһэйэрин, бу өс хоһооно биллэрэр. Сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥорон кэбиһии ханнык баҕарар киһиэхэ тиийэн кэлиэн сөбүн “От сумы и от тюрьмы не зарекайся” диэн өс хоһооно өссө чуолкайдаан биэрэр. Киһи сэрэхтээх буолара санаатыттан улахан тутулуктаах. Аһара барар санаалардаах киһи сиэри аһара барара элбиириттэн, ол-бу араас саҥаны айыылары оҥоро сатыырыттан сыыһа-халты туттунара үксээн хаалыан сөп.

Дьон бары массыынанан айанныыллар. Аһара барар санаалардаах киһи бэйэтин уратылаах, оһуобай курдук сананара улаханыттан суол быраабылаларын тутуспакка эрэ айанныан сөп. Ол курдук, аһара барар санаа киһи быһыытын аһара барыылары үөскэтэн иһэр.

ОСАГО диэн суоппардар абаарыйаҕа түбэһиилэрин ыган, хаайан страховкалааһын быстах санааҕа киирэн биэрии буолар уонна “үчү-гэйи” оҥоро сатааһын курдук өйдөнөр эрээри, барыларыттан харчы хомуйан ылыыга аналланар. Бу страховка дьон аһара барар санааларын улаатыннаран сыыһа-халты туттуналларын элбэтэн кэбиһэр. Абаарыйаҕа түбэстэххэ даҕаны ороскуотун страховка төлүөҕэ диэн санаа, курунан хам кэлгиллэн олорор суоппар аһара барар санаатын өссө улаатыннарара бары сэрэҕин барытын умуннаран кэбиһэрэ сыыһа туттунарыгар тириэрдиэн сөп.

Суоппар сэрэхтээхтик, бары быраабылалары тутуһан айанныыра абаарыйа аҕыйыырыгар, суох буоларыгар тириэрдэр. Бу сэрэхтээх санаа улаатарыгар абаарыйаттан тахсар бары ороскуоту суоппар бэйэ-тэ төлүүрэ, тэҥнэһиини урукку оннугар түһэрэрэ сэрэҕин ордук улаатыннарарын туһаныы абаарыйа аҕыйыырын үөскэтиэ этэ.

Киһи өйүн-санаатын сайыннаран сэрэнэрэ улааттаҕына онно-манна, быстах суолга киирэн биэрэрэ лаппа аҕыйыырын туһаннахха табыллар. Сэрэхтээх суоппар атыттар буруйдарынан эрэ массыына абаарыйатыгар түбэһиэн сөп. Ол курдук, үйэлэригэр абаарыйаҕа түбэспэтэх суоппардар быдан элбэхтэр. Бу элбэх суоппардар харчыларын ОСАГО диэн страховканан ыган-хаайан хомуйан ылыыны оҥоруу бэйэлэрэ сэрэхтээх буолууларын аҕыйатар.

Биир эмэ аһара түргэнник айанныыр суоппар сэрэҕэ суоҕуттан, аһара барар санаата улааппытыттан абаарыйаны оҥорон кэбиһэр. Абаарыйаны оҥорбут суоппары ким да улаханнык аһыммат, өссө суут-тууллар. Бу абаарыйаҕа кыттыгаһа суох дьон түбэһэн хаалыахтарын сөбө харыстаныыны улаатыннарар. Биһиги үтүө санаалаах сокуону оҥорооччуларбыт, бу алҕаска түбэһэн хаалар аҕыйах дьону көмүскүүр санаалара улаатан араас страховкалары толкуйдаан оҥорон элбэх харчыны хомуйан ылыыны оҥороллор уонна хомуйааччылар барыс ылалларыгар туһаны оҥороллор. Ханна элбэх харчы хомуллар даҕаны онно коррупция үөскүүр, харчыны уҥа-хаҥас туттунааччылар бары мун-ньусталлар. Ол иһин син туһаны аҕалыахтарын да сөптөөх дьыа-лалары харчыны сиэһиҥҥэ кубулутуу элбээн иһэр.

Биһиги санаабытыгар страховка буолбакка, буруйу, абаарыйаны оҥорбут суоппар бэйэтэ эппиэттиирэ, ночооту оҥорбутун бэйэтин сиэбиттэн ылан төлүүрэ ордук табыллыа, сэрэҕин улаатыннарыа этэ. Бу абаарыйаҕа түбэспит суоппар массыынатын да атыылаан туран иэһин төлүүрэ ирдэнэрэ олоххо киирдэҕинэ сыыһа-халты туттунарын, аһара түргэнник айанныырын уонна онон киһиргиирин биллэрдик аҕыйаттаҕына, бу быһыы туһалааҕа биллэн абаарыйа аҕыйыа этэ.

Россияҕа ырыынакка киирии суоппардарга ыган, күүһүлээн туран ОСАГО диэн страховканы киллэриини төрүттээбитэ. Кыра харчыны төлөөн абаарыйа ороскуотун төлөөһүнтэн сэрэҕэ суох, суол быраабылатын тутуспат суоппардар босхолонон, көҥүллэринэн бараллара өссө улааппыта, ол иһин билигин абаарыйалар ордук элбэхтэр.

Үгүстэр страховка харчытын ылаары анаан-минээн абаарыйаҕа түбэһэ сатыыллара элбээбитин кэнники кэмҥэ бэлиэтииллэр. Дьон сымыйа, буолбатах абаарыйаны буолбут курдук көрдөрөн страховка харчытын ылаллара элбээбитэ биллэр буолла. Комсомольск на Амуре куоракка элбэх албыны оҥорбут дьон тутуллубуттара.

Суоппар абаарыйаҕа түбэһэн киһини дэҥнээтэҕинэ, массыыналары алдьаттаҕына бары ороскуотун барыларын страховка уйунара бэйэтэ сэрэхтээх буолуутун аҕыйатар, кыччатар. Биһиги суоппар бэйэтэ сэрэхтээх буоларын улаатыннарарыгар баҕарабыт. Абаарыйаҕа тү-бэспит суоппарга страховка көмөлөһөрө аҥардастыы үчүгэйи оҥо-рорун курдук өйдөөһүн диэн быстах санааҕа киирэн хаалыы буолар. Страховка туһатын иккис, куһаҕан өрүтүнэн суоппар бэйэтэ сэрэхтээхтик айанныырын аҕыйатан кэбиһэриттэн өссө улахан куһаҕаҥҥа түбэһиитин үөскэтиэн сөбө буолар. Абаарыйа ороскуотун барытын буруйдаах суоппар бэйэтэ уйунара эбитэ буоллар сэрэхтээхтик айан-ныыра лаппа улаатыа этэ. Сэрэҕэ суох суоппар массыынатын атыы лаан иэһин төлөөтөҕүнэ, аны суоппардаан бүтэн, абаарыйаны өссө оҥороро букатын тохтуо этэ диэн биһиги баҕа санаалаахпыт.

Бука бары массыына абаарыйалара аҕыйыахтарын баҕараллар. Араас суол быраабылаларын оҥорон киһи хайдах айанныахтааҕын, соһуччу түбэлтэлэргэ хайдах туттунуохтааҕын кытта быһааран быраа-былаҕа киллэрэн биэрэ сатыыллар. Суол быраабылаларын кэспит суоппар кырата ыстарааптанар, онтон аһара бардаҕына массыына ыытар бырааба быһыллыан сөп.

Билигин ырыынак кэмигэр суоппардар баайдарга уонна үлэһиттэргэ, дьадаҥыларга арахсыбыттарын кэнниттэн, араас ыстарааптары барыларыгар тэҥнээн туһана сатааһын таба өйдөммөт буолла. Ол курдук, баай киһи суол быраабылатын кэстэҕинэ 500 эбэтэр 1000 солкуобайы төлүүрэ күлүү гыммыт курдук өйдөнөр.

Массыынаҕа сыһыаннаах бары ыстарааптары туһааннаах массыына сыанатыгар тэҥнээн түһэрии олохсуйдаҕына, ыстараап дьайыыта дьадаҥы уонна баай дьону тэҥнээн биэриини оҥоруо этэ. Үчүгэй, сыаналаах массыыналаах суоппар суол быраабылатын кэстэҕинэ элбэҕи, биллэр соҕус сыананы төлөөтөҕүнэ кыратык эмэ кэһэйэрэ үөскээн быраабыланы өссө кэһэрин улаханнык аҕыйатыа этэ.

ОСАГО страховката абаарыйаҕа түбэһиини төлүүрэ суоппардар бэйэлэрин сэрэхтэрин кыччатан, аҕыйатан абаарыйалар элбииллэрин үөскэтэр. Өй-санаа бу уратытын таба өйдөөтөххө эрэ, абаарыйаттан тахсар эппиэтинэһи, ороскуоту суоппардарга бэйэлэригэр көһөрдөххө элбээн иһэр массыына абаарыйалара аҕыйыахтарын сөп.

Гражданскай авиация летчиктэрэ парашюта суох көтөллөр. Ол иһин кинилэр тиэйэн иһэр дьонноругар эппиэтинэстэрэ олус улаатар. Дьону тиэйэр массыыналар суоппардара кура суох айанныылларын олоххо киллэрии бэйэлэрин сэрэхтэрин өссө улаатыннарыа этэ. Ол курдук, курунан хам кэлгиллэн олорор киһи сэрэҕэ биллэрдик кыччыырыттан абаарыйаны үөскэтэрэ аҕыйыа этэ.

Массыына абаарыйаларын аҕыйатарга биир эрэ суол баар. Ол суоппардар өйдөрө-санаалара аһара барарын тохтотуу, сиэри туту-һуннаран хааччахтааһын уонна ОСАГО страховканы уларытан сэрэхтэрин улаатыннаран биэрии буоларын билэн, абаарыйаны оҥорооч-чулары туһата суох харыстыы сатааһыны аҕыйатыы эрэйиллэр.

Аҥардастыы үчүгэйи баҕарыыларынан туох эмэ туһалаах оҥоруллара кырдьык аҕыйах. Киһи ол үчүгэйгэ үөрэнэн хааларыттан уонна өссө аһара үчүгэйгэ баҕаран иһэриттэн сэрэҕин сүтэрэн сыыһа-халты туттунууга тиийэн хааларын улаатыннаран кэбиһэр.

“Благими намерениями вымощена дорога в ад” диэн олус дириҥ өйдөбүллээх өс хоһоонун таба өйдөөн туһана сылдьыы киһиттэн хаһан баҕарар ирдэнэр. Бу өс хоһооно ордук оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэн атаахтаппакка эрэ улаатыннарары быһаа-рарын төрөппүттэр туһаныахтара этэ.

Киһи сыыһа тутуннаҕына таҥара накааһыгар, иэстэбилгэ түбэһэрэ диэн тиийэн кэлэрин хаһан да умнубатаҕына табыллар. Абаарыйаҕа түбэспит киһи накааска, иэстэбилгэ түбэһиитэ диэн оҥорбут ночоотун төлөөһүнэ, үөскээн турбут тэҥнэһиини оннугар түһэриитэ буолар. Бу ночооту киһи бэйэтэ төлөөтөҕүнэ аһара барар өйө-санаата тупсарыт-тан, аны итинник сыыһаны оҥорбото үөскүүрүн туһаныахха сөп.

Өй-санаа аһара барыыта киһи аһара туттунарын элбэтэн, сыы-һаны-халтыны оҥорон кэбиһэрин үөскэтэриттэн аналлаах сиэр диэн хааччаҕы оҥоруу туһалыыр. Сахалар киһи санаата аһара барбатын хааччахтыырга аналлаах сиэр диэн үөрэхтэрэ хайаан да туттулла сырыттаҕына эрэ сыыһа-халты туттунааччылар, аһара барааччылар аҕыйааннар киһи быһыылаахтар, көрсүөлэр, сэмэйдэр элбээн үлэни сайыннараллара ситиһиллэр кыахтанар.

Страховка абаарыйа ороскуотун төлүөҕэ диэн үчүгэй санаа киһи аһара барар санаатын киһи быһыытын таһынан ыытан сиэри тутус-пакка аһара түргэнник айаннаан абаарыйаҕа түбэһиэн сөбүн улаа-тыннарара өйүгэр-анаатыгар куһаҕан дьайыыны оҥорорун тохтотуу дьоҥҥо ордук туһалаах буолуо этэ.

Онон ОСАГО диэн күүһүлээн киллэриллэр страховка суоппардар сэрэхтээхтик айанныылларын аҕыйатан, кыччатан суол абаарыйала-рын элбэтэллэригэр тириэрдэрин иһин тохтотуу эрэйиллэр.

ИЛЛЭҤ КЭМИ АТААРЫЫ

Үлэ-хамнас сайдан, тупсан иһиилэрэ дьон үлэҕэ аныыр, ыытар кэмнэрэ 8 чаастан ордубатыгар тириэртэ. Киһи ортотунан 8 чаас устата үлэлиир, 8 чаас курдук утуйар, сынньанар буоллаҕына, ордуга 8 чаас кэриҥэ буолар. Бу ордор 8 чаастан үлэҕэ кэлиини-барыыны, аһылык уонна аһылык бэлэмнээһинин кэмин көҕүрэттэххэ, иллэҥ диэн ааттанар ураты кэм баара быһаарыллан тахсар.

Киһи олоҕун устата куруук туһалаах дьарыгынан дьарыктана, үлэлии-хамсыы сылдьара олох ирдэбилэ буолар. Биир да мүнүүтэҕэ таах сыппакка, олорбокко тугу эмэ оҥоро, тута сылдьар киһини сахалар сөбүлүүллэр, сүрэхтээх, үлэһит киһи диэн этэллэр. Саха дьоно киһи иллэҥ буолан хааларын, тугунан эмэнэн дьарыктамматын ончу сөбүлээбэттэр. Күүлэйдии, ону-маны көрө, дьаарбайа сылдьыы диэни байан эрэр өттүлэрэ саҥа билэн эрэллэр.

Киһи иллэҥ буолуо суохтаах. Куруук үлэлии-хамсыы, туох эмэ туһалааҕы толкуйдуу, оҥоро-тута сырыттаҕына олоҕор ситиһиини оҥорор. Иллэҥ киһи ыкка тэҥнэнэр. “Ыт иллэҥэ” диэн тугу да туһалааҕы оҥорбот, элбэхтик сытар, олорор киһини этэллэр. Былыргыттан булчут сахалар ыт бултаабат кэмигэр иллэҥин, сытара, олороро элбэҕин кэтээн көрөн билэн, ити этиини оҥорбуттар. Тугу да туһалааҕы оҥорбот кэм иллэҥсийэн хаалыы диэн ааттанар. Үлэттэн иллэҥсийэн хаалыыны үлэһит, киһилии быһыылаах дьон сөбүлээбэттэр. Пиэнсийэҕэ тахсан баран иллэҥсийэн хааллахтарына араас ыарыылара киирэрэ элбиирин билэллэр.

Саха дьоно олус былыргы кэмнэртэн ыла үлэни-хамнаһы баһы-лаабыттарын, үлэһит уонна баай, тойон, салайааччы диэн тус-туспа арахсалларын быһаарбыттарын уонна бу арахсыыттан үөскүүр уустук сыһыаннары тылларыгар киллэрэн өс хоһоонноро оҥорон туһана сылдьаллара туоһулуур. Соло диэн дуоһунаһы, чыыны-хааны этэллэрин тэҥэ, киһи иллэҥэ элбээбитин биллэрэллэр. Сололоох диэн төһө эмэ дуоһунастаах, чыыннаах буолан баран, иллэҥэ элбэх киһини этэллэр. Дуоһунаһа, чыына үрдээбитин кэннэ, иллэҥэ эмиэ элбээби-тин, соло диэн биир тылынан чуолкайдаан биэрэллэр.

Үлэһит киһи солото суох буолар. “Солото суох” диэн илиитин араарбакка тугу эмэ туһалааҕы оҥоро, тута сылдьар киһини этэллэр. “Солото суох” киһи ханнык да дуоһунаска, чыыҥҥа сылдьыбытын иһин, куруук үлэлии-хамсыы сылдьара быһаарыллар.

Солотуу диэн туох эмэ үчүгэйдик көстөрүнэн бүрүйүү, киэргэтии ааттанар. Бу тылтан золото диэн нууччалыы тыл үөскээбит.

Сололоох диэн иллэҥ кэмэ элбэх киһи ааттанар. Иллэҥ кэмэ элбэҕин биллэрэн бу тыл салайааччы аатыгар көһөн туттуллар. Олох сайдан тупсан, экономика оҥорон таһаарыыта эбиллэн истэҕинэ үлэ чааһа кылгаан, иллэҥ кэм эбиллэн биэрэрин сайдыылаах дойдулар ситиһэллэр. Бу дойдуларга үлэ оҥорон таһаарыытын лаппа үрдэтэннэр уонна элбэх роботтары туһананнар бэйэлэрэ үлэлиир чаастара аҕыйаан биэрэн иһэр.

Киһи этэ-сиинэ араас хамсаныылара суох табыллыбат, сүһүөхтэрэ мастыйан хааланнар ыарыылар булуохтарын сөп. Аҕыйахтык хамса-ныыттан, өр кэмҥэ хамсаппакка олорууттан киһи сүһүөхтэригэр араас ыарыылар иҥиирдэрэ тардан ылыыларыттан саҕаланан бараллар. Ол иһин киһи иллэҥэ элбээтэҕинэ араас хамсаныыларынан дьарыктанан этин-сиинин эрчийэ сылдьара эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Иллэҥ кэмҥэ дьарыктанарга аналлаах үлэттэн ураты, туһалаах дьарыктар хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтара этэ. Тугу эмэ оҥо-рор баҕа санаалаах киһи иллэҥ кэмин таба туһанан элбэх туһалааҕы оҥорор кыахтанар. Киһиэхэ баҕа санааны кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ ийэ кутун иитэн иҥэрэн биэрэллэрин таба өйдөөн оҕо иитиитигэр туһаныахпыт этэ. Арҕааҥҥы өй-санаа үөрэхтэрэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэннэр, ким эрэ эппитин толоруу диэки халыйан хааланнар, киһини санаата салайарын тутуспат буолан сылдьаллар.

Дьон сааһыран, өйдөрө-санаалара эбиллэн истэҕинэ өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕинэн дьарыктаналлара элбэх туһаны оҥорор. Олохторун устата мунньубут араас туһалаах билиилэрин, үлэлэрин уопутун эдэрдэргэ, кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэр кэмнэрэ тиийэн кэлэрин туһаныахтара этэ. Ол курдук, сахалыы таҥара үөрэҕэ диэн олох уопутуттан мунньуллан үөскээбит үөрэх буолан салгыы эдэрдэргэ бэриллэн истэҕинэ сахалар сайдан иһэллэрэ ситиһиллэр.

Саха сиэннэммит кырдьаҕастара эбэ уонна эһэ диэн ааттаналлара айылҕаттан олус дириҥ тутулуктаах. Аһатар күөлү, өрүһү эбэ диэн ааттанар. Оҕо улаатар кэмигэр аһыырын ордук сөбүлүүр. Эбэ сиэн-нэрин сөбүлүүр, туһалаах аһылыктарынан тото-хана аһатар кыаҕа ула-ханын бэлиэтээн эбэ диэн ааттаабыттар.

Сахалар оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары оҥотторон ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэллэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн аан бастаан бэрээдэккэ, киһи тылын истэргэ үөрэнэн үгэс оҥостунара ирдэнэр. Эһэ бэрээдэккэ, үлэҕэ үөрэтээччи, эппит тылын иһитиннэрээччи буоларын эһэ диэн, кытаанах майгылаах тыатааҕы курдук ааттанара биллэрэр.

Иллэҥ кэмнэрин барытын оҕолорун, сиэннэрин көрүүтүгэр-истиитигэр, киһи буолууну ситиһиилэригэр анаабыт төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр кырдьар, мөлтүүр кэмнэригэр кинилэр сылаас сыһыаннарын билэр кыахтаналлара олохторо табылларыгар тириэрдэр.

Иллэҥ кэм сиэрин тутуһа сылдьыы эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Киһи быстах быһыыга түбэһэрэ иллэҥ кэмэ элбээтэҕинэ үксээн биэрэр уратылаах, сыыһа-халты туттунуу эмиэ эбиллэр. Араас аһааһыннар, арыгы иһиилэрэ иллэҥ кэмҥэ элбииллэрин сиэри тутуһа сылдьыы уонна оҥорор быһыыны барыларын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрии хааччахтаан аҕыйаталлар.

Россия олохтоохторо атаахтара уонна аһара барар санаалара элбээн сынньалаҥ кэм сиэрин тутуспаттарыттан Европа курортара саллан сылдьаллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр атаахтык иитиллэн хаалбыт биһиги дьоммут аһааталлар эрэ таһынан барыахтарыгар диэри аһыылларыттан уонна күүлэйдииллэрэ сиэри таһынан барарыттан, бэрээдэги тутуспаттарыттан бары куттанан, кэлэйэн хааллылар.

Онон иллэҥ кэми атаарыы эмиэ сиэргэ сөп түбэстэҕинэ, киһи быһыытын аһара барбатаҕына сынньаныы табыллар.

КИҺИ уонна АБААҺЫ

Киһи уонна абааһы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн өй-санаа икки, утарыта өрүтүн үөскэтэллэр. Бу икки өрүттэр үөскээн тахсан иһэллэрэ кэмэ кэллэҕинэ олохсуйбут да өй-санаа уларыйан, эргийэн, солбуйсан биэрэрин биллэрэллэр:

1. Киһилии өй-санаа. Бу өй-санаа киһини, киһи быһыытын үөскэппитин Киһи таҥара үөрэхтэрэ Аан дойдуга киэҥник тарҕатаннар дьон киһилии быһыыланары ситиһэллэрин үөскэппиттэр.

2. Абааһы өйө-санаата. Киһи быһыытыгар сөп түбэспэт, аһара барар эбэтэр тиийбэт быһыылары оҥорор киһи абааһы диэн ааттанар. Ол аата абааһы диэн туруга суох өйдөөх-санаалаах, сыыһа-халты туттунуон сөптөөх киһи курдук көрүҥнээх буолара быһаарыллар. Сахалар былыргы итэҕэллэринэн киһиэхэ, сүөһүгэ куһаҕаны оҥорор, өлүүнү аҕалар, киһи хараҕар көстүбэт куһаҕан тыын абааһы диэн ааттанар. (4,25). Итини тэҥэ, абааһы диэҥҥэ куһаҕан, киһи тапсыбат, сөбүлэспэт, туспа өйдөөх-санаалаах киһитэ эмиэ киирсэр.

Киһи уонна абааһы өйдөрө-санаалара быһаарыллан биллэр уратыларын өс хоһоонноро биһиэхэ тириэрдэллэр:

- “Абааһыны да кытта табыстахха сатанар” диэн этии киһи өйүн-санаатын тосту уларытар кэмэ тиийэн кэлбитин, урукку сирэрин, туоратарын хаалларан, сөбүлээбэтин уларытара тиийэн кэлбитин биллэрэр. Бу этии “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонун быһааран биэрэр суолтатынан табатык өйдөнөр.

- “Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат” диэн өс хоһооно айылҕаҕа туох тыыннаах барыта аһылыктан тутулуктанарын биллэрэр. Аһааһын курдук туох эмэ биллэр барыс киирдэҕинэ, ол туһалаах быһыыны хатылаан оҥоруу табылларын итэҕэтэр. Бу өс хоһооно киһи өйө-санаата, оҥорор быһыылара тупсуулара, олоххо туһаны аҕалбыт быһыыны хатылаан оҥорууттан эбиллэн иһэллэрин быһаарар.

- Абааһы диэн өйө-санаата тиийбэт эбэтэр аһара бара сылдьар киһи ааттанар. Иннэ-кэннэ, үчүгэйэ, куһаҕана биллибэт быһыылары оҥорон кэбиһиэн сөп. Сахалар бу куһаҕан тиийэн кэлэриттэн сэрэтэр этиилэринэн “Абааһыны кытта тыытыһыма” диэн буолар.

- “Абааһыны кытта аахсыма” диэн өс хоһооно абааһы буолбут, ол аата өйө-санаата киһиэхэ улаханнык тиийбэт киһитин кытта ону-маны быһаарса, ырытыһа сатааһын сыыһатын биллэрэр. Ол киһи тулуура, туттунар күүһэ улаханнык тиийбэтиттэн сыыһа-халты туттунара киирэн кэлиэн сөбүттэн сэрэнии эрэйиллэрин өйдөтөн биэрэр.

- “Абааһы кыыһа тардылыктааҕар дылы” диэн өс хоһооно хаалан, хойутаан хаалыы киһи быһыыта буолбатаҕын биллэрэр. Бу өс хоһоо-нун тутуһан сахалар туохха эмэ кэмиттэн хойутуур, кэтэстэххэ кэлэн биэрбэт киһини сөбүлээбэттэрин биллэрэллэр.

- “Абааһы ытык хараҕын кыайан аахпатаҕар дылы” диэн өс хоһооно киһиэхэ өйө-санаата тиийбэтэҕинэ, буккулуннаҕына судур-гуну да кыайан быһаарбатын арыйара ордук суолталаах.

- “Куһаҕан киһини тыытыма, кыйахалаама”, диэн этии тулуура, бэйэтин туттунар күүһэ аҕыйах киһи кыйахаланнаҕына, кыыһырда-ҕына өйө-санаата киһи быһыытыгар тиийбэтэ биллэн тахсан абааһыга тэҥнэнэн хааларын биллэрэр өйдөбүллээх.

- “Куһаҕан киһини абааһы сиэбэт” диэн өс хоһооно куһаҕан киһи диэн бэйэтэ абааһы курдук буоларын чуолкайдаан биэрэр.

- Киһи тугу билбэтин, куһаҕаны хаһан баҕарар абааһынан ааттыыр. Бу ааттааһын үөскээһинэ көстүбэт эйгэни кытта билсиһэн ылыы уратыларыттан улахан тутулуктаах. Сахалар “Көстүбэттэри аймаама, уйгуурдума” диэн этиини эдэрдэргэ анаан куруук туһаналлар.

- “Абааһыга дылы арбаама” диэн өс хоһооно арбааһын, киһиргэтии, дэбдэтии киһи өйүн-санаатын аһара барыыга тириэрдэриттэн сыыһа-халты туттунууну оҥотторуохтарын сөбүттэн сэрэтэр.

Киһи өйө-санаата улаханнык уларыйыыта бэйэтэ абааһыга тэҥнэнэн ыларын биллэрэр. Арыгыны элбэхтик иһэн өйө-көппүт киһи сыыһа-халты туттунара аһара барарыттан абааһыга тэҥнэниэн сөп.

Сиэри тутуспат, таһынан барар киһи, киһи быһыытын эмиэ таһынан барарынан абааһы диэн ааттаныан сөп. Абааһы сиэри тутуспа-тыттан аһара барар быһыылары, араас буолар-буолбат саҥаны айыы-лары оҥорон кэбиһэрэ биллэр. Айыыны оҥорууну “үчүгэйинэн” ааҕа сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар сиэри таһынан барыыны үөскэтэллэр, ол иһин бэйэлэрэ абааһыга кубулуйан сылдьаллара быһаарыллар. Бу дьон сымыйанан ону-маны була сатаан этэллэрэ, суруйаллара элбээбититтэн сиэри тутуһар, киһилии быһыы-лаах сахалар аны босхолоноллоро ирдэнэр буолла.

Эрбэхтэн эмэн оҥоруллубут, салайааччылар диктатураларын үөскэтэ сатыыр “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар көрсүө, сэмэй майгылаах, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуһа сылдьар сахалары барыларын албынныы сатыыллар. Ол курдук, айыыны оҥоруу сиэри таһынан барар быһыыга киирсэринэн ханнык эрэ содулу үөскэтэн таһаарара бу албыны быһаарыы дакаастабыла буолар. Киһи өйүн-санаатын аһара ыытан кэбиспэккэ сиэри тутуһа сылдьарыттан абааһыга кубулуйан хаалбакка эрэ олоҕун олоруута киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу диэн ааттанар. Сахалар биирдэ бэриллэр олохторун сиэри тутуһан, киһи быһыылаахтык олорорго кыһананнар сахалыы таҥара үөрэҕин туһаналлар. (21,35).

Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорон, үчүгэй үгэстэринэн иитилиннэҕинэ өйө-санаата туруктанан, киһи быһыытын аһара барара суох буолар кыахтанар, сыыһа-халты туттунара аҕы-йыыр. Бу быһаарыы киһи ийэ кута оҥорор быһыыларын хаһан баҕарар көннөрөн, салайан биэрэриттэн тутулуктанар. Кут-сүр үөрэҕин туту-һан оҕо ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитилиннэҕинэ, өйө-санаата сайдан, тупсан киһи буолууну ситистэҕинэ олоҕун киһи быһыы-лаахтык олорор кыахтанарын сахалар тутуһаллар.

Өйө-санаата туруга суох, ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ иитиллибэтэх оҕо абааһыга кубулуйара түргэнник кэлэн хааларыттан төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ этэ. Сиэри тутуһа сылдьыы дьонтон барыларыттан эрэ-йиллэр көрдөбүл буоларынан сахалыы таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Киһи уонна абааһы диэн икки аҥы арахсыы аһара баран хааллаҕына, тутуһа сылдьар тэҥнэһиилэрэ алдьаннаҕына, хайалара эрэ аты-нын суох оҥорор санаата улааттаҕына уонна абааһынан ааттаатаҕына этиһиилэр, охсуһуулар тахсыахтарын сөп. Өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон маннык арахсыыны үөскэппэттэрэ сөп этэ.

Онон киһи уонна абааһы диэн арахсыы өй-санаа туруга хайдах уларыйарын бэлиэтээһинтэн үөскээбит уонна олохсуйбут тэҥнэһиини тутуһа сылдьыы эрэ салгыы олохторо табылларыгар тириэрдэр.

САЙДЫЫНЫ СИТИҺИИ

Олох сайдан, тупсан, уларыйан иһиититтэн ким да хаалан хаалыан баҕарбат. Бары кыахтаах да, кыаҕа да суох омуктар олохторугар ситиспит таһымнарыттан өссө үрдүк сайдыыны ситиһэ сатыыллар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр үөрэҕи аһара өрө тутууну үөскэтэн сайдыыны ситиһиэхпит диэн санаа баһыйбыта эрээри, үөрэх киһи этигэр-сиинигэр туһата аҕыйаҕыттан, ас-таҥас быста аҕыйаабытыттан бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Дьону аҥардастыы үөрэхтии сатааһын сайдыыны аҕалбата, куһаҕана, өйү-санааны чэпчэкини эккирэтии диэки халытара уонна онно-манна саҥаҕа солумсаҕыра сылдьыыны улаатыннарара арыллан тахсыбыта. Араас үөрэхтээхтэр өттүлэриттэн, бу улахан уларыйыы туохтан тутулуктанан үөскээбитин таба сыаналааһын билигин да кыалла илик.

Сайдыыны ситиһии бастаан иһээччилэри үтүктүүттэн үөскээһинэ түргэн тэтими биэрэрин бары омуктар туһаналлар. Ол курдук, бастаан иһэр, сайдыылаах тиэхиникэни оҥорор омуктартан, ол тиэхиникэни атыылаһан ылан туһанан сайдыыга кыттыһыы ордук табыллар.

Бэйэ оҥорор тиэхиникэтин оннук үрдүк таһымҥа, атыттары бары өттүнэн баһыйарга тириэрдии олус элбэх үлэни-хамнаһы, харчыны, уһун кэми эрэйэриттэн үксүгэр кыаттарбакка, ситиһиини оҥорбокко хаалан хаалар. Билигин Россияҕа төһө да кыһана сатаабыттарын, элбэх харчыны биэрбиттэрин иһин, бастаан иһээччилэргэ тэҥнэһэр көннөрү легковой массыынаны оҥороллоро кыаллыбакка сылдьар.

Сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн Россияҕа ырыынак сокуон-нара киириилэрэ экономикаҕа ким баһылыыр, салайар оруолу ыларын быһаарыыга улахан туһаны оҥордо. Үлэни оҥорууга ырыынак кэмэ кэлиититтэн Россия оҥорон таһаарар экономиката атыттартан, сай-дыылаахтартан улаханнык хаалан иһэрэ билиннэ.

Нуучча тыла хойут үөскээбит, төрдө, олоҕо буккуллубут, иннигэр, кэннигэр эбиликтэммит тыл. Үчүгэйи – “хорошо”, онтон куһаҕаны – “грех” диэн тус-туспа тылларынан ааттыыллара, киһи оҥорор быһыытын икки аҥы араартаан, өй-санаа икки аҥы арахсыытыгар, тус-туспа барыыларыгар тириэрдэн сылдьаллар. Өйү-санааны маннык икки аҥы тылынан арааран ааттааһын, үчүгэй уонна куһаҕан дьон сөбүлэспэттэригэр, тус-туспа барыыларыгар сотору тириэрдэриттэн омук олоҕо туруга суох буолуута үөскүүр. Туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр элбээбиттэрэ икки аҥы арахсан баран тапсыбатахтарына, улаханнык өстөһүөхтэрин, куһаҕаннык, абааһыларынан ааттаһыахтарын уонна сэриилэһиигэ да тиийэн хаалыахтарын сөп.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн сахалар этиилэрэ айылҕа төрүт тутулугуттан үөскүүр уонна өй-санаа туругун, хайдах сайдыахтааҕын эмиэ быһаарар. Икки тус-туспа хайысхалаах үчүгэй уонна куһаҕан диэн ааттанар өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан сөп түбэһии, тэҥнэһии үһүс өрүтэ - сиэр үөскээн тахсарын тутуһуу эрэйиллэр. Бу үөскээбит үһүс өрүтү тутуһуу сайдыыны аҕаларын билии, итэҕэйии аһара барар өйдөөх-санаалаах дьону тохтотууга туттуллара табыллар.

Киһи өйдөөх-санаалаах буолан барыны бары тэҥнээн көрөн быһаарар кыахтааҕыттан икки өрүтү тэҥнээн, хайаларын да аһара ыыппакка эрэ сайдыыны ситиһэн истэҕинэ, Сир үрдүгэр олох салгыы сайдыытын үөскэтэр кыахтаах. Хайа эрэ өттүгэр аһара барыы, халыйыы олоххо кыайан көммөт уустуктары киллэриэн сөбүттэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэх харыстыыр аналлаах. Ол иһин туохха барытыгар иккис, көстүбэт өрүтүн булан, тэҥнэһиини үөскэтэн иһии өйдөөх-санаалаах дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Улахан, өйдөрө-санаалара сиппит, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар дьон айыыны оҥороллорун сахалар таҥараларын үөрэҕэ боппот, арай айыы сиэри таһынан барбат, улахан содулу үөскэппэт буоларын ирдиир. Сиэр кэһиллэн кыра-кыралаан улары-йыыны киллэрэн иһэрин ситиһиигэ кырдьаҕас, олоххо элбэх уопуттаах киһи этэр “Кэс тылын” толорууну сахалар туһаналлар. Уопуттаах, билиилээх киһи этэр “Кэс тылын” туһанан саҥаны айыыны оҥордоххо табыллан, сатанан туһаны аҕалар кыахтанар.

Киһи буолууну баһылаабыт киһи өйө-санаата аһара барарын бэйэтэ хааччахтыы үөрэнэн, бу саҥаны айыыта атыттарга хайдах дьайарын арааран билэр кыахтанар. Ол иһин, бу киһи саҥаны айыыны оҥорбута, туһалаах үрүҥ айыы буолан тахсар кыаҕа улаатар. Биһиги үөрэхпит төһө даҕаны нууччалар үөрэхтэрин-билиилэрин ылан иҥэриммитин да иһин, сахабыт омугун уларыппакка бэйэтинэн хааларын ситиһэргэ аналланар. Ону ситиһэргэ саха төрүт тылларын, ол аата былыргыттан баар, билэр, тутта сылдьар тылларбытын бука-тын уларыппакка эрэ туһаныы уонна саҥа киирэр үөрэх, үлэ тылларын бэйэлэринэн, атын омуктартан киирбитинэн киллэрэн туһаныы ордук сөп түбэһэр. Саҥа киирии тыл кэлин элбэхтик туттулуннаҕына, имиллэн-хомуллан сахалыы дорҕооннорго сыыйа-баайа бэйэтэ уларыйан барыыта ситиһиллиэн сөп.

Сайдыыны аҕалар тыллар билигин аан дойду үрдүнэн сыыйа-баайа биир буолан иһэллэр. Билигин английскай тыл барыларын баһыйара олохсуйан сылдьар. Бу тыл Аан дойду барыта туһанар тылыгар кубулуйан сылдьарыттан бары үөрэтэ, билэ сатыыллар.

Саха омуга сайдыан баҕарар. Ону ситиһэр кыах баар буолан иһэр. Сайдыыны ситиһиигэ туһалыыр өй-санаа ураты үөрэхтэрэ сахаларга элбэхтэр уонна былыргы кэмнэртэн туттулла сылдьаллар:

1. Кут-сүр үөрэҕэ. Оҕону кыра эрдэҕинэ атаахтаппакка ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэн биэрии, үлэҕэ үөрэтии сыыһа-халты тутту-батыгар, киһи буолууну ситиһэригэр кыах биэрэр.

2. Күн таҥара үөрэҕэ. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһуннаран үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билиини олоххо киллэрэн, икки өрүтү тэҥнээн биэриини оҥорон хайалара да аһара барбатын үөскэтэр.

3. Сиэр. Сиэр киһи аһара барар өйүн-санаатын хааччахтаан, туому тутуһуннаран сыыһа-халты туттубатын үөскэтэр.

4. Киһи таҥара үөрэҕэ. Былыргы кэмнэргэ сахалар үөскэппит Үрүҥ Аар тойон таҥараларын үөрэҕэ оҕону киһи буолуу үөрэҕин сити-һиннэрэн олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тириэрдэр.

5. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. Сахалары тулуурдаах, туттунар күүс-тээх буолууга, үлэни-хамнаһы кыайыыга Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ иитэр, үөрэтэр. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн үөрэҕи дьон тутуһа сырыттахтарына сыыһа-халты туттуналлара аҕыйаан үлэни киһи быһыылаахтык үлэлиир кыахтаналлар.

6. Айылҕа уларыйан, сылыйан иһиитин дьон бары билэллэриттэн харыстыыр санаалара улаатан сахалар үөскэтэн эрэр “Харыстас” таҥара үөрэҕин тутуһар, толорор кэмнэрэ кэллэ.

7. Киһи оҥорор бары быһыылара куһаҕан буолан таҕыстахтарына сэти үөскэтэн таһааралларын сахалар былыр үйэҕэ арааран билэн үчүгэй быһыылары эрэ талан ылан оҥорон элбэтэн иһэллэр.

8. Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ. Бу үгэстэр эр дьон сайдыылаах буор куттарын кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэллэрин ситиһиигэ тириэрдэннэр саха омуга үлэни кыайар, күүстээх, кыахтаах дьоно элбээн иһэллэрин үөскэтэн сайдыыны аҕалаллэр.

9. Сахалыы спорт көрүҥнэрэ сайдыылара, тарҕаныылара. Эти-сиини эрчийэн күүстээх, кыахтаах дьону элбэтии омук сайдан иһиитин салгыы сайыннарар аналлаахтар.

Бу үөрэхтэр бары атын омуктарга суохтарынан сахалар өйдөрүн-санаалары туруктаах, тулуурдаах оҥороллоруттан, тугу барытын ха-рыстыырга үөрэтэллэриттэн сахалар сайдыыны урутаан ситиһэллэригэр, ахсааннара элбииригэр тириэрдэр кыахтаахтар.

Арай дойдубут тыйыс, кытаанах айылҕалааҕыттан олус тулуур-даахтар, дьулуурдаахтар эрэ ордон хаалалларыттан ахсааммыт аҕыйах, сирбитин-дойдубутун атын, кэлии дьон баһылаан, олохсуйан барыы-лара элбээһиниттэн кэлин кэмҥэ санааргыыр буоллубут.

Үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиллибэтэх, туруга суох өйдөөх-санаалаах, олох сиэрин тутуспат эдэрдэр элбээһиннэрэ, тула олорор омуктар ортолоругар улахан хамсааһыны үөскэтэн охсуһууга, этиһиигэ тириэрдиэн сөбүттэн, бу кэмтэн ыла сиэри тутуһан сэрэхтээх буолуу, харыстаныы эрэйиллэр. Ол иһин оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үтүө, үчүгэй үгэстэргэ иитиини, үөрэтиини төрөппүттэр оҥоро сылдьаллара эрэйиллэр. Улаатан истэҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран туһа-ныыны атын ким эрэ эппитинэн, ыйбытынан буолбакка, оҕо бэйэтин өйүнэн-санаатынан салаллан аан бастаан куһаҕан диэн тугун билэн араарарыгар уонна олоҕор туһанарыгар үөрэтии ирдэнэр.

Онон уһун үйэлэргэ таҥара үөрэҕин олохтоон сиэри тутуһар, көрсүө, сэмэй, үлэһит саха дьоно сайдан, уларыйан иһэр олоххо атыттары сирдээн иһээччилэргэ кубулуйар толору кыахтаахтар.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

2. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

3. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.

4. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

5. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

6. Попов Л. Тоҕой Сэлэ. (Роман. 1-ая книга). – Якутск: Кн. изд-во, 1976. – 256 с.

7. Попов Б.Н. Киһи киһиэхэ сыһыана: филос. эссе. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 96 с.

8. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.

9. Идэлги. Боссоойкону эһии. Документальнай хабааннаах сэһэн. – Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата. 1997. – 64 с.

10. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.

11. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

12. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.

13. Күндэ. Кыыһар туҥат: Кэпсээннэр, хоһооннор, пьесалар, ыстатыйалар, ахтыылар. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1979. – 296 с.

14. Сиэн Чолбодук. Күнүскү күн аннын диэки. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 144 с.

15. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

16. Уткин К.Д. Сах саҕаттан. Ытык санаа ыйар ыллыгынан. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 288 с.

17. Саха өһүн хоһоонноро=Якутские пословицы и поговорки. – Якутск: Бичик, 2017. – 256 с.

18. Винокурова У.А. Ыччаты бэйэҕэ тиийинииттэн сэрэтии. – Дьокуускай: АГИИК, 2009. – 28 с.

19. Каженкин И.И. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2015. – 128 с.

20. Каженкин И.И. Тыл санааны салайар. – Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.

21. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл...........................................................3

Өй-санаа аһара барыыта...............................6

Сиэр.................................................................9

Сиэри тутуһуу..............................................15

Сиэри таһынан барыма...............................17

Сиэрдээх быһаарыы....................................24

Сиэр-майгы..................................................27

Сиэрдээх олох..............................................31

Ыал буолуу сиэрэ........................................34

Оҕону иитии сиэрэ......................................38

Аһааһын сиэрэ.............................................41

Үлэ сиэрэ......................................................44

Сиэр киһилии быһыыны үөскэтэр............48

Сиэр уларыйар.............................................53

Сиэри кэһии.................................................58

Эмтэнии сиэрэ..............................................61

Сиэр көрдөбүллэрэ......................................65

Сиэр-туом.....................................................68

Туому тутуһуу..............................................73

Көрсүө, сэмэй киһи сиэри тутуһар............77

Нэмин билэн туттунуу................................80

Барыта кэминэн...........................................82

Сиэри таһынан барыы иэстэбилэ...............85

Массыынанан айаннааһын сиэрэ...............89

Иллэҥ кэми атаарыы...................................93

Киһи уонна абааһы......................................95

Сайдыыны ситиһии.....................................98

Туһаныллыбыт литература.......................102

Иһинээҕитэ.................................................103