Содуомнаах (Күннүк Уурастыырап)
Күһүҥҥү хараҥа түүн. Ардах ыаҕастаах уунан кутар. Түспүтэ хас да хонно. Силтэһин Силип тойонун аахха кэлэн иһэр. Этэрбэһин устан, даба баккытын тобугун үөһээ өттүнэн ньыппарынан кээспит. Куоһаахха үктэннэҕинэ, суол бадараана сототун ортотунан кэһиллэр. Силип сис тыаны мүччү түһэн Арыылаах алаас хоту халдьаайытыгар тиийэн кэллэ. Киһи уҥуохтаах тумул үрдүттэн баай ыал оһохторун кыыма оргуйан олордо-Дьиэ диэкиттэн итии салгын илгийэн сабыта биэртэлээтэ...
Силтэһин суол кытыытыгар баар ампаардаах киһи уҥуоҕар туораан таҕыста. Илиитин иминэн бигээн, эмэҕирбит дүлүҥ сытарын булан, олорунан кэбистэ. Киһи уҥуоҕун ампаарын тулатыгар үүммүт дороххой отунан атаҕын ыраастанна уонна этэрбэһин кэттэ. Арыый кураанах буолаарай диэн, туран суол ойоҕоһунан хаампытынан барда.
Силип тойоно Аадаҥ оҕонньор — нэһилиэк сиһэ. Ону ааһан, кинини бүтүн улуус даҕаны ытык кырдьаҕаһа диэххэ сөп. Арамаан оҕонньору, саба быраҕан, биэс сүүсчэкэ сүөһүлээх буолуо дииллэр. Аҕата, аатырбыт Накыйбах баай, муҥутаан, тоҕус сүүс тоҕус уон тоҕус сүөһүлэнэрэ үһү. Кини сааһын тухары биир тыһыынча сүөһүлэнэргэ мөккүһэн баран кыайбатах. Хаста да ойуун кыырдара сылдьыбыт. Саамай кэнники ойууна Уордаах Дьөһөгөйгө тыыннаах сылгыта үүрдэр диэн сүбэлээбит. Ону ылынан, Накыйбах Үрдүк Улаан диэн ааттаах атыырын бэйэтиниин сүүрбэ сэттэ үөрдээн (үс тоҕус сылгы оҥорон) тоҕус үрүҥ ураҕастаах киһинэн Хотонньо дьаарбаҥкатын суолунан үрэх баһыгар кыйдаппыта үһү.
Ол даҕаны туһалаабатах. Атах балай барбыт сылгылар эһэ-бөрө сиэҥэ буолбуттар, сорохторун айанньыттар, булчуттар булан мэй гыммыттар. Атыыр бэйэтэ, сэттэ биэни батыһыннаран, дойдутугар төннөн кэлбит. Ону оҕонньор, кырдьаҕастар сүбэлэринэн, күһүн муус тоҥмутун кэннэ чардаат аллартаран, күөлгэ тимирпит. Ол күөлү кэлин «Атыыр тимирбит» диэн ааттаабыттар, кини билигин да баар.
Нөҥүө дьылыгар аны сылгы дьаҥа турбут. Оҕонньор сылгытын оччугуй аҥара өлөн, көмүс да биир көдьүүһэ суох, толооҥҥо дагдайан хаалбыт. Аҕыйах сылынан Накыйбах бэйэтэ морбойбут.
Силтэһин эһэтэ — Накыйбах хамначчыта, аҕата — Аадаҥ хамначчыта этилэр. Силип бэйэтэ эмиэ Аадаҥ Арамаан хамначчыта, оҕонньор дьаалы хайа талбытынан дьаһайар киһитэ. Арамаан оҕонньор икки уоллаах. Улахан уол, Кууһума, эмискэ өйүнэн ыалдьыбыт. Ол иһин Силиби мааҕыын сарсыарда ыҥыттарбыт этилэр. Силтэһин олбуорга чугаһаан кээлтигэр — үс-түөрт ыт биирдэ өрө маргыйа түстэ. Ампаар дьиэ түннүгэ күп-күндэлэс, кутурук балаҕан эмиэ уоттаах, аана тэлэччи аһыллан турар. Олбуор ортотун диэки ырыа былаастаах хаһыы дуорайан ыла-ыла мэлийэн хаалар. «Бу киһи күүскэ ыалдьыбыт быһыылаах!» диэн санаа Силипкэ элэс гынан ааста. Кини балаҕаҥҥа кии-рэн, оһох чанчыгар саҥата суох турда. — Хара буор, киспэйэ сытыйаҥҥын, бу туох ааттаах бачча үлүгэр хойутаатыҥ?! Алдьархай бөҕөнү оҥоттордуҥ,— дьиэлэөх хотун Настааччыйа эмээхсин, ытыы-ытыы, мөҕө тоһуйда.
«Туох алдьархайа тахсыбыт буоллаҕай?» дии саныы-саныы, Силип суол аанынааҕы ороҥҥо барда.
Дьиэҕэ биир да эр киһи суох. Эмээхсини кытта икки-үс хамначчыт дьахтар бааллара, арбы-сарбы буолан, саҥаларыттан матан олороллор.
— Күтүр өстөөх, ити орону харабыллыы кээлтиҥ дуо, бар, титииккэ тахсан, дьоҥҥо көмөлөс!— диэтэ эмээхсин, утаакы буолан баран. «Киһилэрин онно хаайбыт буоллахтара дуу?»— дии саныы-саныы, Силип тиэргэҥҥэ барда. Олбуору тахсарын аҕай кытта, Аадаҥ уонна Муҥур Уола диэн, оҕонньор хос моонньоҕо киһи, көрсө түстүлэр.
— Төнүн, төнүн, манна ханна бардыҥ, эйигинэ да суох, бэйэлэрэ кыайыахтара!—Аны Арамаан оҕонньор баргыытыы көрүстэ. Силип, биир тыла суох, дьиэҕэ төнүннэ. Муҥур Уола, оҕонньортон хаалан, Силтэһини ситэн кэллэ.
— Кууһума кутурук ампаарга баар, онно бара охсуоҥ үһү. Дьэ иэдээн бөҕөнү оҥордо: биир титиик сүөһүнү кэрдэн кэбистэ. Уолаттар ити билигин ону астыы сылдьаллар. Наһаа ынырык!— киһи, сибигинэйэн кэпсии-кэпсии, тыын быһаҕаһын тыына истэ.
— Сүөһүнү диигин дуу? Ол хаһан?
— Мааҕыын, киэһэлик соҕус.
— Хайдах туттугут?
— Бэһиэ-алтыа буолан оҕуурдаан. Биир кирис өтүүнү быһа түһэн кэбистэ.
— Сүгэтин хайдах ыллыгыт?
— Хата, баччаҕа тиийиэххэ, сүгэтин быраҕан кэбиһэн баран, тиэргэн иһигэр, кылана-кылана, төттөрү-таары сүүрэ сылдьыбыта. Дьэ дьулаан суол!— Кутурук ампаарга чугаһаабыттарыгар, киһилэрэ ампаар истиэнэтин илиитинэн-атаҕынан үнтү кулуур тыаһа иһилиннэ. Икки харабыл киһи баара, куттанан, аантан туора ыстаннылар.
Силип ампаар ааныгар тиийэн олорунан кэбистэ, Муҥур Уола били дьоҥҥо холбосто. Сотору, лүҥсүүр уурайан, им-дьим буола түстэ. Утаакы буолаат, эмиэ арбыйан турда, онтон, хаптаһыны таһыйар курдук, күлэн чачыгыраата. Сотору күлэрин тохтотон, кутуран куллуһутта: «Туора туоһахталаах кыталык элэмэс кытыт биэни сэттэ идимэрдээх иирэр табык быатынан иҥнэри тэһииннээн, быһа кыбыйдарбын, оҕолоор!»
— Кууһумаа, бээ тохтоо эрэ... Атаһыҥ — мин кэлэн олоробун ээ,— диэтэ Силип оргууй аҕай.
— Оо, абам, абаккам эби-и-ит!— киһи, хаһыыра түһээт, ааны тэбэн кытыаһыннарда. Халыҥ баҕайы мас халҕан аллараа наарбата икки сиринэн быта курдук барда, үөһээҥҥитин олуктара хабылыта ыстанна — аан үрэллэ түстэ. Кууһума кэлгиэтэ суох эбит — Силип хонноҕун аннынан соҕотохто курбас гынан хаалла. Силтэһин кэнниттэн эккирэтэн тибигирэйдэ. Үс үүт бүтэйи үрдүнэн көтөн күдээриттилэр...
— Киһи куотта, алдьархай буолла, сэрэниҥ!—Силип сүүрэн иһэн хаһыытаата.
— Сүгэм ханнаҥый, сүөһүлэрбин аҕалыҥ, кы-ыых!— аны Кууһума кыланна.
Итини дьиэҕэ истэннэр, улахан айманыы буолла, ааны хатыы оҕустулар.
Кууһума титиик диэки баран иһэн, төттөрү бугуйан, олбуору эмиэ үрдүнэн ойон, дьиэ ааныгар кэлэн кэтиллэ биэрдэ.
Силтэһин, сиирэ-халты харбаспытынан кэлэн, тугу да оҥотторор бокуой биэрбэккэ, киһини синньигэс биилиттэн харбаан ылла. Кууһума онуоха, эмискэ үлүгэр, Силтэһин икки харытыттан тайанан, үөһэ диэки сулбу ойдо. Ол ойуутугар мүччү-хаччы харбатан, салыҥнаах сордоҥ курдук, ньылбы туттаран кэбистэ. Инньэ гынан, иккиэн уунутары буолсуһа түстүлэр, ол кэннэ, биил аҥаардаһан тустан эрэрдии, хапсыбытынан бардылар. Харсыылаах атыыр оҕустардыы тэбис-тэҥҥэ хадьыктаһан, үнтү бачыгыратыһа сылдьан, куустуспутунан, охтон түстүлэр. Хардары-таары төбөлөрүнэн хойуостанан, хаста даҕаны үрдүлэринэн бырахсан куһурҕатыстылар. Тиһэҕэр, Силип үрдүкү буолан, Кууһуманы сиргэ ыга баттаан сытта.
— Быата аҕала охсуҥ!
Кууһума тилэхтээх кэтэҕинэн тиэйэн, өрүтэ кэдэрийэн тахса-тахса, Силипкэ тииһинэн түһэн сыыһа хадьырыйталаан ылаттаата. Силтэһин, туох баар күүһүн муҥунан түллэ түһэн баран, кинини өрө баһан ылан умса бырахта. Киһи доргуйан, дөйө быһыытыйда. Былыргы баай ыал мааны оҕолоро буолан, Кууһума баттаҕын хаһан да кырыйбатахтара. Онтун утаһыннарынан Силтэһин Кууһума икки илиитин сис тутуннара, кэдэрги кэлгийэн кэбистэ, икки атаҕын ыга кыпчыйда уонна, сохсо курдук, хам баттаан сытта.
Балай эмэ буолан баран дьиэттэн дьэ таҕыстылар. Хас да киһи бэркэ сэрэнэн, хатыс быа аҕалан биэрдилэр. Дьоҥҥо көмөлөһүннэрэн Силип киһитин дьэ үчүгэйдик кэлгийдэ уонна дьиэҕэ көтөҕөн киллэрдэ.
— Оҕобун сэрэнэн тут-хап, кыайар уола. Алыс наһаалаамаҥ. Киһи аатыттан аһараары гыммыккыт. Ыарыыны кини бэйэтинэн көрдөһөн ылбатаҕа. Оо, оокком сыыһа!..— Настаа эмээхсин ытыһынан хараҕын сотунна.
Арамаан оҕонньор, сырайа, күһүҥҥү ый курдук, дьэс кыыһан баран, көхсүн этиппэхтээн кэбистэ.
Киһилэрин, ийэтэ этиитинэн, ортоку ороҥҥо харалаах тэллэххэ сытыардылар. Силип кини аттыгар олордо.
Кууһума кыыһыран, мэктиэтигэр, сырайыттан-хараҕыттан уот тырымта-тырымта, босхолоноору мөхсөр. Кэлэн баттыы саба түспүт дьону өрүтэ сүгэн көрөр да — кыайбат. Онтон, аҕатын таба көрөн, киниэхэ туһаайан, хаһыытаан бытарытта:
— Ампаар айах, киэр буол, тыыммын-быарбын ыгыма!
Оҕонньор саҥата суох, түгэх дьиэҕэ киирэн хаалла. Киһи арыый нус буолан, уоскуйарга дылы гынна уонна:
— Бу туох ааттаах элбэх дьоно муһунна?— диэтэ. Ол иһин хамначчыттар иһирдьэнэн-таһырдьанан тарҕаһан, дьалты барыталаатылар. Кууһума чугаһыгар Силтэһин уонна Муҥур Уола хааллылар. Силип төһө да кэлгийдэр-хайаатар, Кууһума киниэхэ тоҕо эрэ кыһаммат курдук туттар. Кырдьаҕастар ону: «Ити абааһыта баһыйтаран, толлор быһыылаах»...— диэн, кистээн ибир-сибир сибигинэһэн тойоннууллар. Настаа эмээхсин кытыйаҕа арыылаах саламаат кутан аҕалла уонна уолугар, ааттаһардыы, эттэ:
— Тукаам, саламаат сыыһа амсайа түспэккин ээ. Уола тугу да өйдөөбөтөх быһыынан, саҥата суох сытта. Ийэтэ киниэхэ өссө чугаһаата.
— Кукаам, саламаат сыыһа...
— Бу кыламана суох кыыда маҕан хайа дьахтарый? Гитииккэ ыҥырар дуу? Сүгэм?—киһи эмиэ хараҕа уоттанан, хаана быһытталанан кэллэ, олоро түһэн, дьигиһийтэлээн ылла.
Эмээхсин кэннинэн тэйэн биэрдэ. Муҥур Уола, бара оҕус диэн, илиитинэн имнэммитигэр: «Бэйэ, оргууй буол! Миигин оҕобунан куттаама!»— диэн эмээхсин кыыһыран кэбистэ. Онтон саламаатыттан үс төгүл уок-ка кутан күлүм гыннарда уонна улахан дьиэҕэ киирэн хаалла. Силтэһиннээх киһилэрин таһыгар иккиэйэх буола түстүлэр.
Кууһума ыалдьыбыта биллибитэ икки эрэ хонно. Кинини маннык ыалдьыа диэн киһи түһээн да баттаппатах суола. Муннугар биирдэ эмэ тумуу да киирбэтэх, чэгиэн-чэбдик бэйэлээх, наһаа үчүгэй майгылаах, сүүрбэтин саҥа туолбут уолан киһи бэрийэр бэрдэ этэ. Уол бастаан, саҥата-иҥэтэ эмискэ мэлийэн, кими да кытта кэпсэппэт кэриэтэ буолбута. Күнү оннук туораабыта, киэһээтигэр кэлэн, сотору-сотору иһиирэр үгэстэммитэ. Өлүү этин, быһахтаммакка, тииһинэн сиэбитэ.
— Бу туох кэбин кэбилэнэҕин. Киһилии аһыыры умуннуҥ дуу, тугуй?!—Аҕата, кынчарыйа-кынчарыйа, күргүйдээбитэ.
— Умнан. Эһэ-бөрө буолуохпун баҕарабын ээ.— Кууһума олус холкутук хардарбыта. Ол онон бүппүтэ, айдаана суох аһаабыттара. Сарсыарда туран таҥнан, суунан, үчүгэйдик аһаата. Ийэтэ, аҕата, атын да дьон кэпсэтэн көрдөхтөрүнэ, саҥата суох, мичээрдээн эрэ кэбиһэрэ. Сорохтор, оонньуу оҥостон, дьиибэлэнэр быһыылаах дии санаабыттара. Сорохтор оҕонньортон дуу, эмээхсинтэн дуу кыыһыран, куттуурун быһыыта буолуо диэн сэрэйбиттэрэ. Арамаан оҕонньор букатын да баарды оҥостон, куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбатаҕа. Арай Настаа эмээхсин сүрэҕэ-быара, тугу эрэ билбиттии, бүтэйгэ нүөлүй-тэлээн ылбыта.
Кууһума киэһэ чэйин испэтэҕэ.
— Тоойуом, тоҕо аһаабаккын, туох буоллуҥ?— диэбитэ эмээхсин, оҕотун диэки бэркэ сэрэммиттии көрөн олорон, сылаастык-сымнаҕастык.
— Ээ суох, бэйэм. Хайдах эрэ баһым ыалдьар... Онуоха кыра уол, Ньукулай:
— Ийээ, уолуҥ ойох ылыан баҕарбыт буолбат дуо, ойохто булан биэр ээ!— диэбитэ. Атаахтаан ол-бу буолар диэн, кини убайыгар улаханнык кыһыйар, кыыһырар этэ.
— Ойох көрдөөбүппүн, бэйэ, оҕобор биллэриэм.— Кууһума инитин диэки хатыылаах хараҕынан көрбүтэ уонна оронугар тиийэн таҥастыын сыппыта. Сотору муннун тыаһа баччыгынаабытынан барбыта.
Киэһэ ким эрэ — оыгынньахтаҥан утуй диэн — кинини уһугуннаран көрбүтүгэр, хабырына-хабырына, иҥиэттэн эрэ кэбиспитэ.
— Туруорума, туруорума, доҕор! Дьиикэй, иктэ буолан, сыттын.— Ньукулай уһугуннарбыт киһини үүрэн ыыппыта.
— Күтүр өстөөх, иһигэр туох ааттаах туора муостааҕа киирдэ.— Настаа эмээхсин кыра уолун мөҕөн ботугураабыта.
Түүн эмискэ үлүгэр, тыас-уус, айдаан буолбута. Кууһума туран кэлбитэ уонна инитэ иттэннэри түһэн утуйа сыттаҕына, үрдүгэр ыстанан тахсан, үнтү лигийэн биэрбитэ. Бэйэтэ буоллаҕына: «Ойох көрдөөтүм»,— дии-дии, бокуойа суох күл да күл буолбута. Бэйэтэ да утуйбакка, дьону да утуппакка, Кууһума халлаан сырдыар диэри быһа күлэн тахсыбыта. Онтон тэитэрэн бары туран кэлбиттэрэ.
«Киһибит төбөтүнэн ыалдьаары гынна быһыылаах»,— диэн кистии-саба кэпсэппиттэрэ. Утаакы буолбакка, Кууһума ыалдьыбыта, кырдыык, биллибитө. Иирбит киһи күүһэ-уоҕа икки төгүл өбиллээччи дииллэр. Ол иһин Кууһуманы тутар-хабар олус кутталлаах, дьулаан суол этэ. Онон-манан аралдьытан, биллэрбэккэ, сүгэни-быһаҕы кистээбиттэрэ. Улахан ардах буолан уонна киһи ыалдьан, хамначчыттар үлэҕэ барбатахтара. Дьиэ киһи бүтүннүү кинини кэтиир-маныыр курдук туттарын билэн, Кууһума кыйахаммыта:
— Миигин тутаары гынаҕыт дуо? Чэ кэлиҥ, тутуҥ!—оһох иниинэөҕи кирээккэ маһы быта курдук үнтү тардан түһэрбитэ. Аһыйбыт оүөгэй, хатарылла ууруллубут -иэдьэгэй, төһө өмэ өртөн мунньуллубут тымтык-дьиэни орто хотоҕоһунан ыһыллыбыта. Хайдах да гынар кыах суоҕа Эр дьон дьалты баран биэрбиттэрэ, дьахталлар дьиэни хомуйбуттара.
Арай Настаа эмээхсин, ытамньыйа-ытамньыйа, уолун ааттаабыта:
— Тоойуом, бу туох дьаабытын дьаабыланныҥ? Айыы-кэйии... Тохтоо даа!.. Уоскуйа түс даа!..
Кууһума ийэтин тылын истэргэ дылыта. Киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, иһииртэлээн ылаттаабыта. Ол эрээри сотору-сотору инитин уонна аҕатын сураһара, кинилэри саанара, өлөртүөх буолара. Ньукулай көччөххө саалана диэн барбыта. Арамаан оҕонньор үбүн ампаарыгар саһан, олуурданан сытара. Дьахталлар түөртүүр ынаҕы ыы тахсыбыттара. Дьэ ол сырыттахтарына буолбута били киэҥ алдьархай: иирбит киһи биир титиик сүөһүнү кэрдэн кэбиспитэ.
Итинтэн төрүөттээн, Кууһуманы кэлин Содуомнаах диэн ааттаабыттара.
Содуомнаах ыалдьыбыта сыл буолан эрэр. Кыһыны быһа хаайыыга тутуллубута. Арыт биэстии-алталыы хонукка, аһыыр ас, утуйар уу диэни билбэккэ, түөрт эркини кытта өрө тустан тахсар. Онтон сэниэтэ эстэн, икки-үс хонукка хаайыытын аҥаар муннугар, таҥас курдук, сытар. Хас да төгүл ойууннаппыттара. Саамай кэнники, быстар саас, уу-хаар тахсан эрдэҕинэ ааттаах-суоллаах Ньоҕурук ойууну аҕалан кыырдарбыттара. Ньоҕурук иирээн төрдүгэр ытык ыспыта — чоккуруос харахтаах кыһыл буулур биэни арбаабыта. Ыарыһах онтон арыый буоларга дылы гыммыта. Бастаан өй аҥаар-даммыта. Таҥаһын таҥнар, сирэйин суунар, үчүгэйдик аһыыр этэ. Онтон таһырдьа тахсан, босхо сылдьар үгэстэммитэ. Сайын сайылыктарыгар Харбалаахха көһөн кээлтэрэ.
Харбалаах илин күөлүн тумулугар, күөлү өҥөйө үүммүт икки аарыма тиит баара. Кууһума ол тииттэргэ, хатырыктарын хастыы суоран, килиин сүгэнэн оҥута охсон, киһи сирэйдэрин оҥортообута. Аттыларыгар баар биир арыый ньымньа тиит кылаан чыпчаалыгар ыттан, мас ынах оҥорон баран, түһэригэр мутугун барытын дьукку солоон кэбиспитэ.
Ити курдук сылдьан, эмискэ, бэргээн хаалбыта. Эмиэ сүгэнэн-быһаҕынан тииһэр идэлэммитэ. Хараҕа сып-сырдырҕас уоттаммыта. Күлэрэ хатаныттан киһи этэ салаһара. Аадаҥнаах Силтэһини ыҥыртаран ылбыттара: Кууһуманы соҕотох Силип эрэ баһыйа тутара.
Киһи тыына-быара ыгыллыах, бадыкы-бүдүкү киэһээтэ эргийбитэ... Халлаан дириҥэр, уулаах былыт кэтэҕэр, дөрүн-дөрүн, этиҥ ньириһийэрэ, чаҕылҕан күлүмнүүрэ.
Аадаҥ оҕонньордооххо дьон бөҕө мустубута. Бу киэһэ Сабырыкы ойуун кэлиэхтээҕэ. Кини, аар-саарга ааттаппатах, аптаах-хомуһуннаах, улуу ойуун. Өһөөбүт ыалыгар хоно сытан, «эттэнэн» кэбиһэр идэлээх үһү.
Сарсыарда моонньоох баһа сөбүргэнэҕэ, бууттаах холо суол ааныгар сытар буолар үһү диэн кэпсииллэр. Сааһын тухары сирэйин суумматах, баттаҕын, бытыгын, тыҥыраҕын кырымматах киһи. Онтуката сирэйэ бүтүннүү бар түү, иэдэһин кирэ тооронон түһэр халыҥ, илиитин тыҥырахтара, көтөр тыҥыраҕын курдук, иһирдьэ баҕыырданан, тарбахтарын сүрэхтэригэр батарыта үүнэн киирбиттэр.
Эбиитин, былыр эдэригэр, боронтуус өлүү буолбут. Онтун саппарыыс отунан эмтэммит. Ол эмин харыстаныытын кыайбакка, хаҥас таныытын аттынан үөһээ уоһугар түү мээчик саҕа эт бэргэлээх. Оттон уоһа буоллаҕына, икки илин тииһэ килэйэ сылдьар гына, улахан тыраҕастаах.
Эмискэ, «оҕонньор иһэр» дэстилэр. Дьон бары им-дьим буола түстүлэр. Өр соҕус күүттүлэр. Оҕонньордоро кэлиэхчэ кэлэн биэрбэтэ. Ол олордохторуна, Муҥур Уола Борукуоппай тиийэн кэллэ. Борукуоппай ыксаллаах сырыыны сылдьан —ойууну баран бэйэтинэн аҕалбыт. Онон кини, улахан бэйэлээх, кыра-хара дьоҥҥо кынчайан да көрбөккө, түгэх дьиэҕэ быһа ааста.
Силтэһин аан быыһынан көрдөҕүнэ, Муҥур Уола Аадаҥ оҕонньор кулгааҕар өр соҕус тугу эрэ сибигинэйдэ. Сабырыкы кырдьаҕас Саҥа Балык хоту тумулугар кэлэн түһэн хаалбыт. Ол тумулга урут икки улуу ойуун төрөөбүтэ үһү. Билигин аиы Сабырыкы төрүөн баҕарбыт.
— Аны күһүн добдурҕа саҕана ойуун буолбутум түөрт уон түөрт сылын туолар. Ол туолуутугар оройунан харахтаах, уолугунан айахтаах, төттөрү ханьыылаах, түҥнэри сүргүөхтээх өлүү бидьий балыгын төрөтүөх-тээхпин. Оччоҕо, тириим тэнийэн, уҥа ылгын таас ойоҕоһум үүнүөхтээх. Ол үүннэҕинэ, орто дойду ойууна кыайан сиэбэккэ, үйэбин моҥоон өлөн баран, үөһэ дьабыммар көтүөхтээхтшн. Дьэ, мин бэйэлээх, киэҥ киэлим бэркэ киэптэннэ, уҥуоҕум-сүһүөҕүм олус ыараата. Араа-һа, эрдэлээн «оҕолоноору» гынным быһыылаах,— диэн буолбут ойуун туран.
— Улуу ойуун төрүүрэ аанньаҕа буолбат. Дьоммут сүгүн олорумаары гыммыт бэйэккэлэрэ буоллаҕа,— мустубут дьон быыһыгар оҕонньоттор ботугурастылар. Нэһилиэк кинээһэ Лэкээрис Лэгэнтэй, Муҥур Уола Борукуоппай биир - билээги арыгыланан, атах эттэнэн Саҥа Балык тумулугар аттаннылар. Ити аата хайдах эмэ гынан атын сиргэ, кэнники «оҕолон» диэн, оҕонньору ааттаһа-көрдөһө бардахтара...
Дьиэ таһа улам хараҥаран истэ: күн киирдэ быһыы-лаах. Хамначчыт, чаҕар өттө, атах-бытах дьон иэдьэгэйдэрин сии, бутугастарын иһэ — аһыы бардылар. Кэмниэ-кэнэҕэс, ойуун дьэ кэллэ. Такымынан накыгыр, арҕаһынан нүксүгүр, үрдүк уҥуохтаах, улахан оҕонньор эбит. Сабырыкыны түгэх дьиэҕэ аһаран, хардаҥ эһэ тириитэ олбохтоон, бастыҥ ороҥҥо олортулар.
Киэһээ аһылык буолла. Ойуун икки илии хаһалаах баайтаһын биэ түөрт ойоҕоһун ууран биэрбиттэрин сиэн уоһун, сэҥийэтин ньолҕоруччу соттон кэбиһэ-кэбиһэ, кэпсии олордо:
— Былыр күннээн кыыра сырыттахпына, биирдэ Кыычыкын кулуба ыҥыттаран ылбыта. Кэтэҕэриин оронугар кэрэмэс саһыл тириитэ олбоҕор олордоҕуна, туох да омуна суох, хаардаах бугул саҕа оҕонньор этэ. Ол бэйэтэ, суотуйа соҕус туттан, түөһүллэн олорон эппитэ: «Көс усталаах Күндүл күөл иччитэ атаҕастаата-баттаата. Былырыын сайын тахсан баҕадьылатабын диэн, муҥхабын малытан киирбитим: иккитэ-үстэ төхтөрүйэн, анаан көрдөтө сатаан баран булбатаҕым. Онон дьэ, мин диэтэх киһи үрдүк ааппыттан ол күөл иччитигэр киирэн кэпсэтис». Дьэ онуоха туран, күөх муох таҥастаах Көй Боллох тойоҥҥо аат ааттаан, албан уккуйан киирбитим. Оччоҕо, оҕотуктуҥу буолан, тылым ситэ иччилэнэ, тыыным ситэ ыарыы илигэ. Дьулаана сүрдээх этэ. Анарааҥылар бэйэлэрэ даҕаны суостаах-суодаллаах, ынырык ыал. Үс хос тимир быһыт олбуордаах эбиттэр. Онтукаларын аанын хатаан баран, ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн курдук, бэкир хара абааһы уолун харабыл туруорбуттар. Дьэ ол күтүргэ таҥнары кыыран чаҥыйан түһэн тиийэн кэллим.
«Оҕонньор эйигин киллэрбэт. Эн тыаскын-уускун истэн, олбуорун аанын соруйан хатаппыта. Онон төннө тур!»—диэн тыллаһар киһи буолла. «Мин даҕаны атын дойду аҕа баһылыгыттан, ааттаах-суоллаах Кыычыкын кулубаттан илдьит-хоруй илдьэ кэллим. Хайаан да аһар»,— диэн этэ сатаан кэбистим да, киһим дьиэк биэрбэтэ. Онтон кыһыйан олбуорун аанын үөрбэ дүҥүрбүнэн үрэйэ охсон кэбиһэн баран, күүспүнэн көтөн түстүм. Онуоха анараа хаарахан үс тарбахтаах соҕотох удьаа-быйаа илиитинэн сырайбыттан батары харбаан ылан, өлүү үс модьоҕотун нөҥүө быраҕан күдээриппитэ. Ол суола-ииһэ бу сылдьар!— диэн баран, оҕонньор били уоһун тыраҕаһын ыйан көрдөрдө.
Дьон, куттанан, тугу да саҥарбакка, сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Арай Аадаҥ, киһи бэрдэ буолан: — Аата, тоҕо баҕас сүрэй!— диэн саҥа аллайда.
— Туох аймахтаах-чаҕардаах кырдьаҕаскыный?— диэн Лэкээрис кинээс ыйытта.
— Уруу-хаан суох күтүрэбин. Улуу ойуун төһөҕө даҕаны, харыалаах хара төҥүргэс курдук, суоч-соҕотох буолааччы. Аймаҕын-хаанын барытын толукка тэбэн кэбиһээччи... Ооҕуй оҕус бадараанныыр өһөх луоҕа дьэбэлээх өлүү уута диэн суо дойдуну истэр инигит. Ол уҥуоргу өттүгэр ойуун уонна уус төрдө баар. Онно ойууттар тимир биһиккэ бигэнэн, уустар кутаа уот кыһаҕа күөттэнэн, буһан-хатан, уһаарыллан тахсаллар. Ол дойдуга киирэргэ хас да өрүһү туоруохтааххын. Онно тимир, алтан, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс, хара көмүс муосталары тутуохтааххын. Тиһэх муостаҕар хара көмүһүҥ, наһаа кэмчи буолан, тиийбэт. Ону аймахтарыҥ уҥуоҕунан ситэриэхтээххин. Дьэ ол иһин улуу ойуун, улуу уус төһөҕө даҕаны уруута-аймаҕа суохтар.— Сабырыкы кэпсээнин быыһыгар күлэн күһүгүрэппэхтиир. — Мин эмиэ ол курдук аймахтарбын барыларын ол муоста салҕааһыныгар толук уган биэрбит дууһа олоробун.
Дьон, сөҕөн-махтайан, саҥа аллайбахтыыллар. Сотору аһаан бүтэллэр. Иирбит киһилэрэ, оҕонньордоох-эмээхсин бэйэлэрэ утуйар, хаҥас диэки хаппахчы чуулааннарыгар баара. Икки илиитин, сис тутуннара, кэдэрги кэлгийбит этилэр. Уонна үс хос хатыс быанан өҥүс баһыттан солбуйа тардан ылан, хоннохторун аннынан таһааран, көхсүн хараҕар түмэн баран, утаһыннарын орон сыҥаһатыгар аҕалан ыйыллары баайан кэбиспиттэр. Атахтарын эмиэ, баҕар ойууну тэбиэ диэн, кыратык атыллаан хаамар эрэ гына, бакаайылаабыттар. Дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө — кини билигин хаана-сиинэ кэхтэн, биллэ дьүдьэйбит көрүҥнээх. Барык-сарык чуулаан түгэҕиттэн хараҕын уота эрэ түүҥҥү сулустуу дьиримниир уонна үөһээ-аллараа тиистэрэ ынырыктык килэдиһэн көстөллөр. — Суордаахтар түһүөхтэрэ, сойуолаахтар түһүөхтэрэ, кыы-ых!— диэн Кууһума кыланыталаан ылара дөрүн-дөрүн иһиллэр.
Сабырыкы итини истэ-истэ саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, дьиппиэрэн, ыараан барар. Бар түү сирэйэ эбии түү буола түппэҕирэн, түүҥҥү хаххан курдук чэҥэриһэ сытыйбыт харахтарын уота ханна эрэ ып-ыраах кылахаччыйарга дылы буолар. Чочумча буола-буола, ис иһиттэн иччилээх баҕайытык бөтөн лыгырҕатар. Хас бөттөҕүн аайы, этин таттаран, икки санна ыгдас гына түһэр. Утуктаабыт киһи курдук, быһыта симириктээн, дьиэ иһигэр буолбакка, букатын ыраах баары тонолуппакка одуулаһа сатыырга дылы.
Остуол хомуллан бүтэр. Дьон эрдэттэн оннуларын булунаары, утуу-субуу киирии-тахсыы буолар. Муҥур Уола хаҥас илиитин таһынан дьиэ сиппийэр. Сиэллиин, кутуруктуун сылдьар үрүҥ сылгы тириитин соҕуруу диэки бастаан, дьиэ ортотугар олбох уураллар. Оһох уотун күлүнэн көмөн, өһөрөн кэбиһэллэр. Ойуун табааҕын тардан бүтүүтүгэр, кутуруксут чорооҥҥо кымыс аҕалан биэрбитин биир тыынынан биэс-тэ-алтата омурдан киллиргэтэн баран, оргууй аҕай олбоҕор тиийэн олорунар. Бастаан, абааһытын-айыытын ыҥыран, үһүүрэ-үһүүрэ, дьааһыйан дьабырыттар. Онтон дүҥүрүн хаҥас кулгааҕар таҕайан олорон, иһиллэр-иһиллибэт иккэрдинэн охсон дыыгыната-дыыгыната, чөкчөҥөлүү чүүбүргээн, куоҕастыы хахааран, кэҕэлии этэн, суордуу хооҕурҕаан ылаттыыр. Устунан, кэтэҕинэн тиэрэ кэҕийтэлээн, саннын хамсатан, икки бүлгүннэринэн иһирдьэ-таһырдьа силбиэтэммэхтээн, илгистэн хоххуллар. Кыаһааннара кылырдаан, күҥэһэ, ойбон тимирдэрэ килбэҥнэһэн, дүҥүрүн охсуута улааттар-улаатан, тиҥийэн-таҥыйан киирэн барар. Айыыларын-абааһыларын алҕаан, үөрдэрин-сүүрүктэрин үөтэн, сорун-муҥун ыҥыран, суланан-кэлэнэн, ырааттар-ыраатан түһэн испитэ. Үчүгэй тоҥ күөс быстыҥа холобурдаах буолан баран, олорбут сирин алҕаан-домноон, олбоҕуттан дьэ турар. Түүн үөһэ ааһыар дылы быһа кыырар, онтон аллараа өлүү төрдүгэр киирэрэ тиийэн кэлэр. Онон ыраах айаҥҥа аттанар киһи сиэринэн, кыратык тохтоон ылар. Хаҥас оһох чанчыгар талах олоппоско олорон табаах тардар, дүҥүрүн кууртарар.
— Алларааттан өлүү оҕуһа тахсыаҕа... Ону кытта айыы оҕуһа буолан хассар киһигитин булан, бэлэмнээн олорооруҥ,— диэн сэрэтэн баран, ойуун салгыы кыыран дьалыһытан барар. Сотору кини дьиҥнээх суолугар турунан, эккириирэ, хамсанара, кыырар таҥаһын сахсыллара, кутурар саҥата, дүҥүрүн дүрбүөнэ — барыта биир тыас буолан, аллараа дойду диэки айдааран, аарыгыран түһэн бара турбута.
Сабырыкыны кытта оҕус буолан харсыһар киһини булуу иэдээнэ дьиэлээхтэргэ тириир. Сүүрбэччэ эр киһиттэн биир да ылынар киһи көстүбэт. Бэл диэтэр Силтэһин буолуммат. «Барар сир баҕана үүтэ буолуута» диэн дьэ бу этэ. Лэкээрис кинээс көхсө кыараан, уҥуоҕа салҕалас буолан, Аадаҥҥа этэр: — Иэдээн... Хассар киһи көстүбэтэ. Хайдах гынабыт? Силтэһиҥҥэ бэйэҥ этэн көрбөккүн ээ...
— Эпси сытый! Эппэппин. Эрдэттэн тоҕо кыһамматаххытый!
— Тойонуом, ол өлүү оҕуһа кэлэрин мин хантан билиэмий? — Бил-билимэ! Миигин хассыһыннараары гынаҕын дуо?!
Иһирдьэнэн-таһырдьанан сибигинэһии, онон-манан суллуруһуу буолла да — туһа тахсыбата: Сабырыкы бэ-йэлээҕи кытта харсыһарга ким сөбүлэниэ баарай?! Ыксааннар, ыаллыы алааска олорор Лаҥхай диэн мас акаары киһиэхэ аттаах киһи ыыттылар. Кыһалҕатын оҥорон, чочумча буолаат, ойуун дүҥүрүн икки атаҕын иккэрдинэн кутуруксутугар үҥкүрүтэн биэрдэ. Бэйэтэ оҕус буолан, оһох күлүгүттэн мөҕүрээбитинэн барда. Лэкээрис сирэйэ дьэс кыыһа түстэ, сүрэҕин тыаһа тэптэрии саламаат оргуйар тыаһыгар маарыннаата. Кутталыттан икки хараҕын мээнэнэн көрөн кэбистэ, иэнин итии-тымныы көлөһүн хаарыйталыырга дылы гынна, кулгааҕа чуп-чуҥкунас үлүгэр буолла. Биирдэ өйдөнөн кээлтэ — суол аанынааҕы орон таһыгар:
— Кэлиҥ, хасоыһыҥ! Киһи тылын хайдах истибэккит! Оттон дьэ бэйиккэй!— дии турар эбит. Ол турдаҕына, кэннигэр оҕус айаатаата уонна туох эрэ кэлэн такымын таарыйда. Өй-мэй барбыт Лэкээрис соһуйан, «һаай!» диэн саҥа аллайаат, ороҥҥо ыстанан таҕыста. Ынырыга бэрдиттэн дьон бары, итини көрбөтөх-билбэтэх курдук туттан, тыҥаан олордулар. Айыы оҕуһа өлүү оҕуһугар утары күрдьүөттээтэ. Онтулара Тымтык диэн, саҥардыы хороччу улаатан эрэр, уон биэстээх-алталаах уол буолла. Кини сайылыкка оҕус буолан харса оонньоон кими да тулуппат үгэстээҕэ. Оҕолор этиилэринэн, уол өрө лөппөйө сылдьар хос кэтэхтээҕэ. Ону хотторбут уолаттар кэтэҕин сүгэтэ диэн ааттыыллара. Оҕустар мөҕүрэһиилэрэ, айаатаһыылара ыраатта. Сабырыкы күтүр өстөөх улахана сүрдээх. Уол, киниэхэ холоотоххо, тыһаҕас курдук. Илиилэринэн, сүүстэринэн буору хаспыта буола-буола, улам чугасаһан истилэр. Онтон ыгыта киирсэн, кырдьык оҕустар курдук кэлин кэлиннэрин былдьаһан, тула эргийсэн, тууллайса сырыт-тылар. Ойуун көлөһүнүн сыта диэн бэиэлээх, сүлбүт кырынаас сытын курдук, ып-ыылааҕынан дьон муннун сабыта биэртэлиир. Баттаҕа ыһыллан, сирэйэ бүтүннүү бар түү буолан, кыырар таҥаһын бытырыыһа сабырыйан, суос-суодал, дьүһүн-бодо! Кырдьык да, Сабырыкытын аанньа Сабырыкы!
Уол, төһө да кыратын иһин, ойуунтан соччо куттаммат, көннөрү дьулайа эрэ саныыр. Сабырыкы олус харсыылааҕын туһунан Тымтык дьонтон истэрэ, ол иһин кинини кытта харсыһан, соруйан бэйэтин холонон көрүөн баҕарбыта.
Күрдьүөттэһэ сылдьан Сабырыкы, эмискэ, сарылыы түһээт, уолга ыстаммыта. Уол били кэтэҕин сүгэтин уун-утары тоһуйан биэрбитэ. Оҕонньор уол төбөтүгэр төбөтүн тутум холобурдааҕы тиэппэккэ эрэ, төттөрү чугурус гынар. Эмиэ тууллайсыы буолан, субу-субу муннуларын тыаһатан буһурҕаталлар. Ол сылдьан Сабырыкы Тымтыкка иккиһин түһэр. Бу сырыыга ойуун баттаҕа уол баттаҕын таарыйарга дылы гынар, ол да буоллар ситэ түспэккэ, эмиэ төттөрү тэйэр. «Арааһа, бу сатана киһитэ «хампы анньан кэбиһиэм» диэн аһынар эбит, ол иһин сэрэтэр быһыылаах. Үсүһүгэр, хайаан да, дьэ түһэрэ буолуо. Бээ, оччоҕо мин кинини албастаатаҕым ээ!» диэн санаа уолга күлүм гынан ааһар.
Сабырыкы, орулуу түһээт, уолга дьэ дьиҥнээхтик ыстанан кэбиһэр. Уол сыыспатах этэ, бу сырыыга ойуун буулдьа курдук түһэр. Тымтык түөһүнэн сиргэ хаптас гынан биэрэр. Оҕонньор, сыыһа туттан, уолу үрдүнэн сырылыыр. Тымтык, туох-баар күүһүн бүтүннүү түмэн, ойууну түөһүн тылыттан, били кэтэҕин сүгэтинэн, өрө баһан таһаарар. Анарааҥҥыта, куһаҕан баҕайытык сарылыы-сарылыы, бэйэтин ыараханынан мэһэмээннэнэн, уолчааны сиргэ сыһыары баттыы сатыыр. Тымтык үөс биэрбэккэ, оҕонньору кэтэҕинэн өрө силгэйэн, таһааран, түөрт атах буолар уонна бокуойа суох аан диэки батыгыратан аҕалан, холумтан муннугуттан тэбинэн баран, үөһэ кэҕис гынан, эрчимнээхтик киэр илгэр. Онуоха анараа күтүр, киһи эрэ буоллар, көхсүнэн ааны тэлэйэн боруок тас өттүгэр олоро түһэр. Уол туран кэлбитэ уонна өйдөөн көрбүтэ: моонньо, арҕаһа бүтүннүү сып-сылаас хаан буолбут этэ. Кини кэтэҕин сүгэтигэр ойуун били уоһун бэргэтин илдьи анньан ааспыг быһыылааҕа. Уу аҕалтаран суунуох буолбута, чугаһынан туһалыахха айылаах киһи көстүбэт: уолуйан, куттанан бары куотан хаалбыттар, арай, кэтэҕириин ороҥҥо Аадаҥ Арамаан иттэннэри түһэн үллэн сытар, суол ааныгар Силтэһин сиҥнэллэн олорор.
Сабырыкы бокуойа суох кыыран ньиргийэн барда. Мэктиэтигэр, кутурара ордук кимиэллэммиккэ, дүҥүрүн, кыаһааннарын, хоболорун тыаһа эбии иччилэммиккэ, эккириирэ, хамсанара өссө ордук чэпчээбиккэ дылы буолбут. Халлаан лаппа сырдыар дылы кыырбыта. «Киэҥ Арыылаах эбэ хотун хотугу сис тыатын хаба ортотугар тоҕус мэҥэһиктээх толуу тиит баар эбит. Ол тииккэ үөһээттэн эһиги ийэ ууһун албан аатын ааттаан, көхсүн хараҕыттан тимир иилэҕэс быалаах, хара күлүк киһини түһэрэн, хараҕалаан туруораллар. Ол күтүр хараҕын уота суодуйан тохтубутун оҕоҕут кыайан уйбатах. Аны күһүн, көлүйэ күөл бүтэ тоҥуутун, улуу күөл модьоҕоро тоҥуутун саҕана, уу долгунун курдук тоҥууланан көстөр, күөх чуоҕур атыыр сылгыны ытык ыстахха сатаныыһы»,— диэн ойуун көрүүлэиэр.
Кэнники Сабырыкы иккитэ кыырбыта да киһи үтүөрбэтэҕэ. Содуомнаах, үс сыл иирэн баран, Арыылаах хоту сиһин сыбарыгар моҥнон өлбүтэ. Кинини аҕаһын Долгуйбат уҥуоҕун таһыгар көмпүттэрэ.
Долгуйбат Аадаҥ аҕатын эдьиийэ эбитэ үһү. Ааттаах кыраһыабай, үчүгэй кыыс сүүрбэ биэһигэр дылы эргэ тахсыбатах: баайыттан, маанытыттан дьулайан, ким да ыйыппатах. Оҥоһуулаах оҥоһуутун мүччү түһүө баара дуо, Долгуйбат кыыһынан сылдьан истэнэн хаалбыт. Кыыс, саатыттан, ыйанан кэбиспит. Аҕалаах ийэтэ аһы бөҕөнү аһыйбыттар. Оҕобут саатар манан дьоллоннун диэннэр, көмүллэр күнүгэр нэһилиэк дьонун бүтүннүү ыҥырбыттар. Этин үрдүгэр аһаабыт ат-сылгыны хоолдьуга сиэбиттэр. Төрүөҕүттэн уу дьоруо, кыыс кэрэ аты буланнар, оһуордаах-симэхтээх үрүҥ көмүс ыҥыырдааннар, кыыстарын тыыннаах киһи курдук мииннэрэн, икки өттүттэн өйөөн, Арыылаах арҕаа тамаҕын үстэ эргиппиттэр.
— Оҕобун үчүгэйдик өйөөҥ, биирдэ долгутумаҥ! — диэбит, кыыһын акка олорпуттарыгар, ийэтэ Алтан Ымыйа.
«Бокуонньук ат үрдүгэр тыыннаах киһи курдук сырытта, кырдьык, кыратык эмэтик дьөрү долгуйан да көрбөтө»,— диэн, баар дьон бары сөҕөн-махтайан, сэһэн гыммыттар. Ол кэнниттэн хоолдьугатын этин мунньустубут дьоҥҥо кыыс бэйэтин илиитинэн түҥэттэрбиттэр.
Долгуйбаты уҥуоҕун даҕаны уратылаахтык туппуттар. Икки сүүнэ иини кэккэлэһэ хастарбыттар. Ииннэр түгэхтэрин, эркиннэрин, үрүттэрин хап-халыҥнык көмөрүнэн, туоһунан тэлгэппиттэр, хайыҥнаабыттар, саппыттар. Ол ортотугар биир ииҥҥэ дьахтары бэйэтин, иккиһигэр — кини мииммит атын, аһыыр аһын, туттар малын-салын, көмүһүн-симэҕин уган көмпүттэр.
Долгуйбат кэлин сүрдээх сүүнэ үөр буолбут. Мэҥэ — сусстаах Боппуоктар, Таатта — уордаах Оруоһуттар курдук, улахан, уулаах баайдар өлөөрү-сүтээри гыннахтарына, үрүҥ көмүс ыҥыырдаах үүт маҥан аттаҥан, айгырастаах аарыктанан, алтан чуорааннанан Амма, Таатта суолларынан илэ-бодо дибдитэн иһэрин көрөллөр үһү диэн бар дьоҥҥо ынырыктаах сурах тарҕаммыт. Онтон ыла — Долгуйбат хотун, Арыылаах айыыта диэн аатырбыт. Содуомнаах Кууһума эмиэ улуу үөр буолбута. Өллөҕүн күһүн, хоолдьуга атын мииммитинэн, аҕаһын Долгуйбаты кытта аргыстаһан иһэрин көрбүттэр диэн кэпсээн чугаһынан, ырааҕынан тилийэ сүүрбүтэ...