Соломуон Муударай


  Оо, сааскы күн барахсан өрө күлүмүрдээн үчүгэй даа буоллаҕа! Ама ким көхсө сылыйан хаана тиллибэт, сүрэҕэ тэппэт буолуой? Хаар ууллан, сир харааран, уу үрдэ күлүмүрдүү дьиримнээн, от-мас тиллэн, көтөр элбээн, кус-хаас көтөн, кэҕэ куҥкунаан, чыычаах ырыата үксээн, – оо, ахтар айылгы илэ-бодо тиллэн кэлэргэ дылы... Саха саныар, урааҥхай көрүөр – дьэ дьикти кэм: от-мас үөрэн тэлибириир, тыалы кытта сипсиһэр, күнү кытта уураһар. Күөл уута, үтүөмсүк кыыс оҕо курдук, от-мас күлүгүттэн күн диэки уоран көрбөхтүүр, хараҕа уоттанан күлүмүрдүү түһэр уонна, киэмсийбит, кыбыстыбыт курдук, толоннуран хараарыс гына түһэр, дьэ, ол кэнниттэн эмиэ дьиримнээн, күлүмнээн барар.
  Киэҥ халлаан килбиэннээх иэниттэн “чуру-чуру чууп” диэбитинэн быльльырыыт барахсан таҥнары сурулаан түһэн, күөл кытыытыгар түөһэ кылбаҥнаан, кутуруга түөрэҥнээн, чүөчэллэн туран эрэ ол-бу диэки кыҥнаҥнаан хап-харанан тэһитэ көрбөхтүүр... Күн уотуттан көхсүн хаана сылыйан, сүрэҕэ ууллан, утуктаан тумса бадарааҥҥа тиийбит тыһыта күөл уҥуор олорорун көрөн, быльльырыыт барахсан үөрбүт курдук өрө күөгэҥнээтэ, сып-сытыытык үһүрбэхтээн ылла. Тыһыта уһуктан кыната кылбаҥнаата, мооньньо кынтаҥнаата, кэтэспит курдук кирийэн олордо. Оччону көрөн баран олоруох баар буолуо дуо? Иһиттэн имэҥирэн ыллаата: хаана оргуйара, сүрэҕэ тэбэрэ ырыатыгар биллэр быһыылаах, ыллаан дьырылыы-дьырылыы, икки кынатын илбирэтэ-илибирэтэ тыһытын диэки дөкдөҥөлөөн барда, ыйытар быһыылаахтык икки кынатын биллэ-биллибэттик ибигирэттэ, тумса уунна, мооньньо кирийдэ, хараҕа сабылынна... Оо, хаан убайыыта, сүрэх тэбиитэ тулуппата быһыылаах: кыната ибигирээбитинэн, ырыата дырылаабытынан тапталлааҕын үрдүгэр тарыбынаабытынан барда...
  Көлүйэ уута күлүмнээбитэ, дьиримнии-дьиримнии үөрэн мичээрбитэ. Икки иирэ талах төбөлөрө күнүүлээбит курдук суугунаһа турбуттара.
  Эһэм Уйбаан Унаарап оҕоньньор туутун, тиргэтин кэрийэ сылдьан: “Хайа, доҕоор, сынньаныахпыт дуу?” – диэн тымтайын сиргэ уурбута, күн уотугар көхсүнэн олорбута. Саха көхсүн сылытан дьарҕатын угуттуур идэлээх. Ол олорон сорох утуктуур, сорох дьэ сэһэнэ сайдар идэлээх. Мин эһэм оҕоньньор, ол быльльырыыттар таптаспыттарын көрөн баран: “Һэ-һэ-һэ... Дьэ дырылаан туһугар Соломуон дии”, – диэн күлэн кэбистэ. Мин туран: “Тыый, ол ханнык Соломуонуй?” – диэ. – “Ол дуо? Ол Соломуон Муударай диэн буолар... Былыр Дьарасалыын куоракка үс тыһынча ойохтоох, аартаах өйдөөх Соломуон Муударай диэн ыраахтааҕы олорбута үһү”.
  – Ооксии! Ойоҕо тугун элбэҕэй? Хаһыгар тиийиниэх бэйэкэтэй?!
  – Һэ-һэ-һэ... Кэпсээн эрэ буоллаҕа эбээт доҕоор... Дьэ арай биирдэ Соломуон Муударай үс тыһынча ойохторуттан саамай үчүгэйдэрин талларан-талларан, үс сүүсчэкэ кыталык курдук кынтальдьыспыттары, куба курдук долгуспуттары муньньан үҥкүү бөҕөнү үҥкүүлэтэн, ырыа бөҕөнү ыллатан, төһө да кырыйдар хаана оонньообут, сүрэҕэ тэппит. Ол олордоҕуна, биир чугастааҕы доҕорун ойоҕо – бу күн сиригэр көстүбэтэх үчүгэй дьүһүннээх дьахтар – дьиэтиттэн тахсан, ол ооньньууну-күлүүнү көрөн, үөрэн сирэйэ-хараҕа күлүмнээбит, күлэн күлбүт саҥата хайа да чыычаах ырыатынааҕар ордук ураты үчүгэйдик иһиллибит, кыталык туойбута, кырыымпа эппитэ диэн баара дуо? Олус дьикти куолас иһиллибит...
  Соломуон Муударай ону истэн сүрэҕэр ыттарбыт, дьахтар дьүһүнүн көрөн баран, соһуйан, дьиктиргээн таалан олорбут. “Үс тыһынча ойох тухары биир маннык баҕалаах эбитин! Оо, дьол диэн ханнаный? Кинитэ суох – дьол баар буолуо дуо?.. Оо, айан үөскэппит үрдүк таҥарам! Тоҕо уоттаах хааннаан, тэбэр сүрэхтээн айбытыҥ буолуой!.. Толору дьоллоон айбыт буоллаххына, мин хааным уотун, сүрэҕим сүлүстээх төлөнүн, мин имэҥнэх баҕа санаабын – ити барахсаҥҥа этигэр-хааныгар иҥэр!.. Уу оҕуһун муоһун чочулаан кылбаппыт, чочуонай көмүс атаҕын биирдэ куустарбыан! Либаан хайатын икки дьоллоох үтүө очуостарын курдук икки кэрэ чөмчүүрэ эмиийдэрин харбаатарбыан! Түүҥҥү халлаан түгэҕэ биллибэт хараҥа төлөнүн курдук хараҕын көрөммүн, сүөдүйбүт сүрэҕим төлөнүн уҕарыттарбыан! Отон уутунан соппут курдук уурбут-туппут уоһун оҕотун уураатарбыан! Эйэҕэс салгын дьэргэлгэнэ көппүтүн курдук субуруйан долгун суһуоҕун оҕотун тараатарбыан! Кыыспыт сардаҥа убайбыт килбиэннээх иэдэһин имэрийдэрбиэн! Оо, айбыт таҥарам, аһын, абыраа! Айбыт аньыылаах уолгун көр-иһит! Сүрэҕим убайда, сүһүҕүм хамнаата, күн сырдыга көстүбэт буолла, күндү сир ахтар айылгыта барыҥныыра буолбаат?!! Кинитэ суох дьолум тугуй?” – диэн имэҥнээх таптал тойугун туойан, уоттаах таптал ырыатын ыллаан, түөһүн тылыгар дылы түспүт хаар маҕан баттаҕа маҥхаҥнаан, үүт-үкчү ити быльльырыыт курдук ибигирии, ытаан-соҥоон, ыллаан-туойан дырылыы олорбута үһү... – диэн эһэм оҕонньор күлэн кэбистэ. – Ыраахтааҕы, оччо буолан баран ылбат буолуо дуо, ылбыт.
  – Тыый! Ол хайдах ыларый? Оттон эрэ ханна бааттай?
  – Эрэ дуо? Эр баар да буоллар, ыллаҕа дии... Ол дьахтарга өйүн сүүттэрэн бэт хараҥа аньыыны оҥостубут. Дьахтар эрин соруйан сэриигэ ыытан өлөттөрөн баран, дьахтары ылбыт. Дьэ ол ылан баран дыбарыаһын иһигэр кыһыл көмүс туруонугар олорон, күндү таас киэргэллээх, күлүмнүү-убайа олорор кыһыл көмүс хоруонатын кэтэн, кыыспыт былыт курдук маантыйатын иилинэн, дьахтарын таҥара курдук таҥыннаран, ас бастыҥын, арыгы күндүтүн таттаран аһыы-сии олордоҕуна, Симиэрт ааньньал кэлбит.
  – Эһэ! Сөбө көстөө ини, – диэн үөрэн сэтэрии түстүм.
  – Ээ, бэйэ, доҕор, тиэтэйимэ! Ол Соломуон Муударай эн биһикки буолбатах эбээт... Хата өлбөтөх, өлүөхтээҕэр, дьэ, эбии аатыран тахсыбыт... Симиэрт ааньньал туруо дуо: “Дьэ, Соломуон Муударай, чааһыҥ туолла! Аҕа таҥараҥ бэт хараҥа аньыыны оҥордо диэн бэккэ хоргутан олорор, сууттаары дуусаҕын ыллара ыытта... Дьэ, бэт түргэнник кэриэскин тэрий, судаарыстыбаҥ олоҕун олохтоо, дьонноргун кытта бырастыылас!” – диэтэ.
  – “Оо, дьэ, сөпкө эттэҕиҥ: айбыт аҕа таҥарам хайдах хоргуппат буолуой?! Хата, баччааҥҥа дылы тулуйбутугар баһыыба! Дьэ, Симиэрт ааньньал, хайдах тэриллиитэ суох өлүөмүй? Туох иһин Соломуон Муударай дуо диэн аатыппыттарай? Көннөрү киһи курдук өлөрүм сытаммат, санаам буолбат: бу киэһэ дьоммор кэриэспин этэн судаарыстыбам олоҕун булларыам, дьэ уонна сассын сассыардаттан аньыылаах-харалаах этим бэстилиэнэй тыһынча туолуор диэри сытар хоруобун оҥотторуом этэ... Сассын киэһэ кэлээр, аньыыбын-харабын санаан, аньыыбын этэн, буруйбун чэпчэтиниэм этэ... Аньыыбын-харабын эппэтэхпинэ – ханнык сирэйбинэн айбыт аҕа таҥарам сирэйин көрүөмүй?” – диэтэ. Ону Симиэрт ааньньал сөбүлээн, баран хаалбыт.
  Соломуон Муударай дыбарыаһын түгэҕэр дириҥ омуһах хастарбыт, гыраньыыт тааһынан муосталаппыт, мыраамар тааһынан эккиннэппит, саппыыр икки, ыйаахан икки таастарынан үрдүн киэргэттэрбит, тиистээх тимир кирилиэс оҥотторбут. Дьэ, онтон иһэ үрүҥ көмүс, таһа кыһыл көмүс хоруоп оҥотторбут, курустаал таас хаппахтаппыт, кыһыл көмүс баччанан бүрүттэрбит... Хоруобун түөт өттүгэр түөт лампааданы убаттарбыт, лааданы буруолаппыт.
  Уһун түүнү, уһун күнү мэлдьи соҕотох көрүмүөхтэ көрбүт көмүс чыычааҕын кытта көр бөҕөнү көрүлээбит, таптал бөҕөнү таптаспыт. Аньыы этиэ дуу? Кэриэһин этиэ дуу? Хата, ол диэки санаабат даҕаны. Көр бөҕөнү көрүлүү олордоҕуна, кэлиэх буолан баран кэлбэт буолуо дуо, Симиэрт ааньньал хотуурун туора сүкпүтүнэн кэллэ... Соломуон Муударай: “Оо, доҕоор, көрүмүөхчэ көрбүт доҕорум, күндү чыычааҕым, бырастыы! Чааһым туолла быһыылаах... Ол дойдуга көссүөхпүтүгэр диэри бырастыы!” – диэн ойоҕун кытта уончата уураста. Омуһаҕын аанын астаран баран: “Чэ-эрэ, Симиэрт ааньньал, киирэн, мин киһи уһун уубун утуйар ороммун көр! Мин киһи уһун үйэбин олорор дьиэбин көр. Хайтах курдугуй?” – диэтэ. Симиэрт ааньньал өҥөйөн көрөн баран: “Ооксиэ, тугун бэрдэй! Киирэн көрүөх эрэ!” – диэтэ. Онуоха Соломуон Муударай: “Эйигин хайтах да бу аньылаах буорга хаамтаран киллэрэр сытаммат, кир сыстыаҕа, чэпчиэххинэн чэпчээ эрэ, сүгэн киириэхпин”, – диэтэ.
  Ааньньал үөрэ санаата: “Өйдөөх киһи диэн атын даа буолар эбит: хаһан даа ким даа кини курдук, ааньньал атаҕа аньыылаах буорга киртийиэ ээ диэннэр, сүкпэт этилэр”, – диэн чэпчиэҕинэн чэпчээн сүктэрэн киирдэ. Соломуон Муударай сүгэн, кирилиэс устун түһэн иһэн халтарыйбыта буолан иттэнэ баран түстэ. Ааньньал өлөр саҥатын саҥарда, хараара уҥан барда.
  Соломуон Муударай: “Оо, бу үлүгэри! Ылыҥ эрэ, хоруоппун аһа охсуҥ – ааньньалы сытыаран уоскута түһүөҕү”, – диэтэ. Иньньэ диэн баран ааньньалы туруох бокуой биэрбэтэ, көтөҕөн ильдьэн хоруобар уктаа даа хаппаҕын хап гына саба баттаан хатаан кэбистэ... Дьэ, ол кэнниттэн туох да кыһалҕата суох, көр бөҕөнү көрүлээн олордо.
  Аҕа таҥара туран: “Бу Симиэрт ааньньалбыт туох үөдэн түгэҕэр түстэ? Дьоҕойон Соломуон Муударай ойоҕор иирэн – үлэлиир үлэтин, толорор эбээһинэһин умунна дуу? Хайа оттон, киһи дьахтарга иирбитин да иһин эбээһинэһи умнубат куолута этэ”, – диэн саҥа аллайда. Көмүллүбүт ааньньал көстүө дуо, – көстүбэтэ. Үс сылы мэльдьи кэтэһэн көрдө – кэлбэтэ. Соломуон хоруоба хаппытын ыһыктыбат хоруоп буолла.
  Аҕа таҥара туран: “Дьэ, бу хайаан даҕаны Соломуон Муударай дьыалата буолуо, Симиэрт ааньньал киниттэн атын киһиэхэ сылдьыбатах... Ааньньалбын босхолоотун, ол оннугар үс киһи үйэтин эбии биэрэбин”, – диэн ильдьит ыыппыт. Үс сылы мэлдьи хоруопка сыппыт ааньньал ааньньа буолуо дуо, Соломуон Муударай кыламана эрэ хамныыр эрэйдээҕи оротон таһааран босхолоон биэрдэ. Дьэ, онтон ыла Соломуон Муударай аата аллараанан-үөһээнэн эбии аатырда, сураҕа-садьыга дьэ өссө ордук улаатта.
  Ону истэ-истэ Сатана оҕоньньор: “Дьэ, буолар да эбит!!! Икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи бу курдук үөһээнэн-аллараанан аатырыа дии санаабат этим... Соломуон Муударайы кытта, арай, көрүстэххэ сөп буолсу”, – диэн дьонун кытта киҥир-хаҥыр кэпсэппит.
  Соломуон Муударай биир киэһэ таҥараһыта киирэн аҕатын – Дабыыт саар ырыаларын – саалтыыры ааҕа олорбут. Ол олорон эрэ: “Бу мин суруйбут ырыаларым “Ырыа ырыалара”, бука, имэҥ ырыалара дэнэннэр мин аньыыбын-харабын улаатыннараллара буолуо ээ!” – диэн санааҕа ылларан олордоҕуна, куйахата күүрбүт, этэ саласпыт... Онтон хараҥа муннук иһигэр күөх от өрө ыһыллыбыт, буруо оргуйбут, ол кэнниттэн уот тыаһа күлүпүс гыммыт да, Сатана обургу, аллараа дойду аҕата, илэ бэйэтинэн барыс гына түстэ. Кыыспыт былыт курдук кытара убайбыт сараһын таҥаһа маантыйалаах, сотуун өлүүтэ күлүктээх, убайа олорор мэнэгэй тириитэ муостаах бэргэһэлээх Сатана обургу чиккэс гына түстэ уонна дыбарыас үрдэ үллэҥэлии түһүөр дылы күлэн сатарытта... Төлөн курдук дьүһүннээх, хотой тумсун курдук муруннаах, уһуктаах бытыктаах, түгэҕэ биллибэт иҥсэлээх харахтаах адьарай аартааҕа, илиэһэй баһылыга көстө түһээт:
  – “Көһүппэтэх ыальдьыккыттан дорообото тут! Эҕэрдэтэ ыл! “Ырыа ырыата” барахсан аллараа дойдуга, мин саарыстыбабар үчүгэй ахсааҥҥа киирэн турар. Үөһээ даа дойдуга ааньньал эрэ барыта уоран ааҕа-ааҕа сүрэхтэрэ тэбэн, хааннара убайан үөһэ тыыналлар үһү диэн сурах-садьык тарҕаммыта бэт өр буолла”, – диэн уоһун саба туттан, киэр хайыһан баран, күлэн күчүгүрэттэ... Соломуон Муударай: “Аллараа дойду аҕата, илиэһэй баһылыга, үрдүк Лүссипиэр, аартаах Сатана, эҕэрдэтэ ыл, дорообото тут! Эн бэйэкэлээх мээнэ сыльдьыаҥ дуо, туох наадалаах буолаҥҥын мин эрэйдээххэ, өлөр күлүккэ – сир чиэрбэтигэр илэ бэйэҕинэн көһүннүҥ?” – диэтэ.
  – “Мин дуо? Икки атахтаахтан, иннинэн сирэйдээхтэн, холобурун эттэххэ, көтөр күдэн тыыннаахтан, сытыйан тохтор эттээхтэн, уоттаах өй төлөнө убайбыт уоһах мэйиилээхтэн эн ураты уһун сураҕырдыҥ, олус албан ааттанныҥ, ол иһин билсэ кэлэн турабын... Үтүө дьыалаҕынан, өйүҥ күүһүнэн үөһээ тахсыаххын эмиэ сөптөөх, аатыҥ улаханынан, аньыыҥ-хараҥ элбэҕинэн аллараа түһүөххэр эмиэ сөптөөххүн... Онон эн былдьаһыыта суох буолуоҥ суоҕа. Ол иһин эрдэтинэн бэйэм сирэй быһаарса кэлэн турабын,” – диэн Лүссипиэр обургу кэлбит соругун кэпсээтэҕэ.
  Онуоха Соломуон Муударай: “Ооксии! Ол, бу мин эрэйдээҕи – сир сидьиҥ чиэрбэтин эмиэ туох иннигэр быльдьастаххытый?!! Дьоҕойон этэр энигин... Дьэ, ол манна диэн эттэххэ, тугу быһаарса кэллиҥ?” – диэтэҕэ.
  – “Өйгүнэн эн миигин кыайдаххына – мин эн дуусаҕын быльдьаһыам суоҕа, сымала уотугар ыһааттарыам суоҕа, оттон мин эйигин кыайдахпына, эн дуусаҕын мин бас билиэм, сымала да уотугар убатарым көҥүлүм буолуо, тойон да оҥорорум көҥүлүм буолуо”, – диэн Сатана обургу тыл эттэҕэ.
  – “Ооксии! Ол икки атахтаах эрэйдээх эһиги билэргитин билиэ дуо? Өлбөт күүстээх кыайаргыт чахчы буоллаҕа дии... Ону билэ-билэ, эн бэйэкэлээх илэ бэйэҕинэн кэлэҥҥин эппитиҥ быһыытынан, эн тылгын быһа гыммакка, ытыктаан ылынаа энибин... Үс хонон баран кэлээр... Мин тугу эппиппин барытын толоруох буоллаххына, мин кыайтардахпына дуусабын биэрэрбин кэрэйбэппин”, – диэн Соломуон Муударай сөбүлэннэ.
  Соломуон Муударай бу үс хонугу мэлдьи туох да кыһалҕата суох киһи курдук олордо. Үс тыһынча дьахталларын ортотугар оонньуу бөҕөнү тэрийдэ, ас бөҕөнү аһаата. Мааны ойоҕун кытта көр бөҕөнү көрүлээтэ.
  Арай, бу дойду дьоллоох олоҕуттан ильдьэ барарым диэн туох баар буолуон сөбүй диэххэ айылаах санаан, таһа кыһыл көмүс, иһэ үрүҥ көмүс холтуун оҥоттордо, күндү тааһынан ойуулатта, үс гыммыттан иккитигэр дылы мэлиир табаах куттарда.
  Үһүс киэһээтигэр Сатана бу барыс гына түстэ: “Икки атахтаах үрдүк баһылыга, Соломуон Муударай, дорообото тут, эҕэрдэтэ ыл! Дьэ, бу кэл диэбиккэр, кэллим”, – диэтэҕэ.
  – “Адьарай аҕата, илиэһэй баһылыга, үрдүк Лүссипиэр, дорообото тут, эҕэрдэтэ ыл! Ол мин кэл диэтэҕим ахсын кэлиэҥ дуо?! Үрүҥ айыыны кытта аат быльдьаһан кэллиҥ ини”, – диэн Соломуон Муударай хоруй биэрдэ. Ону истэн баран үрдүк Лүссипиэр обургу айаҕын саба туттан күлэн лүһүгүрэттэ, дьэ уонна:
  – “Дьэ, тугу гынабыт? Эн бастыыгын дуу? Мин бастыыбын дуу?” – диэтэҕэ.
  – “Эн халыҥ хамаандаҥ, эн улуу норуотуҥ төһө элбэх буолуой? Икки атахтаах ааҕан ситиэ дуо?” – диэн Соломуон саар ыйытта.
  – “Оо, бука, элбэх буолуохтара ээ... Быһа холуйдахха, халлаан сулуһунааҕар элбэхтэр, муора кумаҕынааҕар үгүстэр... Бэйэм да төһөтүн билбэппин”, – диэн буолла.
  – “Былыргы бөлүһүөктэр ааньньал, өлбөт үрүҥ тыыннар ахсааннарын киһи ааҕан ситиэн сытаммат диэн кэпсииллэрэ үһү... Ол гынан баран, бу көстөр-көстүбэт бүтүн аан дойду үрүҥ айыылара, сырдык тыыннара бука барылара биир сүүтүккэ батыахтара диэн этэллэрэ үһү эбээт... Ол төһөтө кырдьык буолла?! Холобурун эттэххэ, эйиэхэ биир саамай кыраҕыт, Сатана Кырбаһа диэн баар сурахтааҕа, ол киһигит төһө улаатыах этэй? Эн бүтүн норуотуҥ бу мин холтууммар батыахтара этэ дуо?” – диэн Соломуон саар ыйыттаҕа.
  Онуоха: “Ол мин кыракыйым улааттаҕына – бу көрөргөр халлааҥҥа тиийбит курдук буолан көстүөҕэ... Кини эн көрөргөр быыстала суох субуйдар бараммакка ууна-уһуу туруоҕа... Ол тэҥинэн мин дьонум аччыыллара да ааньньаллартан итэҕэһэ суох буолуоҕа. Холобурун эттэххэ, эн холтууҥҥун бука барыбыт түгэҕин да сабыахпыт суоҕа”, – диэн буолла.
  Соломуон туран: “Дьэ, бэт даа буолар эбит... Тыын да буоллар, кини хайтах сири ылбат буолуой? Дьэ, арай көрдөхпүнэ – итэҕэйиэм, ол иннинэ итэҕэйбэппин”, – диэн буолла.
  Сатана: “Һэ, итэҕэйбэккин дуу?.. Итэҕэттэриэхпит ээ”, – диэтэ. Дьэ иньньэ диэн баран, биир Сатана Кырбаһа диэн абааһыга: “Уһаан, улаатан көрдөр!” – диэтэ. Онуоха ол Сатана Кырбаһа диэн абааһы көстө түһээт, төбөтүн оройуттан күлүмнээн-тахсан, кыймаҥныы-кыймаҥныы уһаан барда. Дыбарыас үрдэ суоҕун курдук халлаан көһүннэ. Онуоха уһун түүнү мэлдьи Сатана Кырбаһа бэйэтэ улам-улам уостан, уот буолан, быыстала суох уһуу турда, сап саҕа буолла, онтон биллэ-биллибэт уот буолан, киһи сиппэт гына уһаата.
  Соломуон туран: “Һоокси, дьэ, нохойум уһуур да буолар эбит... Дьэ, аны аччаан көрдөрүҥ эрэ”, – диэтэ. Иньньэ диэн баран холтуунун аһан биэрдэ. Онуоха киһи хараҕар көстөр-көстүбэт кыым буоланнар, бүтүн абааһы аймаҕа үс түүннээх күнү мэлдьи быыстала суох быһа саккыраан түстүлэр. Үс хонон баран Сатана саҥата: “Чэ, билигин мин эрэ хааллым. Уот сымала иччитэ – Уот Күкүрүйдээн эмээхсин, ол эрэ хаалла, кини солото суох, уот сымалаттан арахсыан сытаммат. Мин эмиэ түстүм, көр!” – диэтэ да кыым буолан холтуун түгэҕэр кылапыс гынан хаалла. Соломуон Муударай туран өҥөйөн көрбүтэ буолла: “Тыый! Тугун бэрдэй?! Туох даа суоҕун курдук дии... Дьэ, бэт даа буолар эбит”, – диэн иһэн холтуунун хаппаҕын кириэстии оҕуста, сабан кэбистэ уонна аҕатын саалтыырыттан: “Таҥара тилиннин, өстөөх сүттүн”, – диэн алгыс суруллубут илииһин быһа тардан ылан холтуунун суулаата. Онон абааһылар Сатаналыын бука барылара хааттаран хааллылар.
  Соломуон Муударай туран тоҕус уон тоҕус бууттаах тимир буочукаҕа толору симилиэс куттарда уонна оттотугар тобулу үүттэтэн, холтууну онно уктаран баран үрдүнэн толору, бүөлүү симилиэс куттарда. Дьэ уонна бу буочуканы муора түгэҕэр түһэттэрэн кэбистэ.
  Биир сылы мэлдьи Уот Күкүрүйдээн эмээхсин, сымала уотун убата-убата, дьонун кэтэһэн көрдө да, туох да биллибэтэ. Эмээхсин, киэҥ көхсө кыараан, айманан барда.
  Үөһээ дойдуга биир туспа айдаан буолла: ааньньаллар, таҥаралар эмиэ айманан бардылар. Хас өлбүт дууһата көрүллэрэ, көрүллүбэт буолла: Сатана Кырбаһа суоҕуна ким да аньыыта-харата, үтүөтэ-өҥөтө ыйаммат эбит. Үрдүк ыырай ааньньыта төгүрүк сылы мэлдьи олоро сытаата да, биир саҥа дууһаны көрбөтө, аанын күлүүһүн биирдэ аспата. Дьэ, улаханнык айманна, аҕа таҥараҕа дакылаат оҥордо: “Абааһы аймах сүттэ, имири быстыбыт быһыылаах, аан дойду олоҕун тутааҕа долгуйара буолла... Аат сабыллан, ыырай сабылынна, аньыы-хара, үтүө-өҥө араарыллыбат буолла. Аҕа баһылык, түргэнник туох эмэ дьаһалла оҥор, – дьыалабыт хаахтыйаары гынна: абааһы суох буолла да, биһиги баар буолбут суолтабыт эмиэ сүтэригэр тиийиэ”, – диэн тоҕус уон тоҕус бохулуону лобурҕатан кэбистэ. Аҕа таҥара маннык алдьархайы көрө-билэ илик этэ, бэккэ санаарҕаата, кэтэҕин тарбанна... Кини да буоллар үөтэлээҕи быһаарбата: “Чэ, бэйэ, кыратык кэтэһэ түһүөххэ”, – диэтэ.
  Орто дойдуга биир туспа аймааһын буолла: өлбүт дьон дууһалара үөһээ көппөккө, аллараа түспэккэ, дьукку бука барылара үллэҥнэс үөр буоллулар, илэ барыҥнастылар, тыыннаах дьону бэккэ моһуоктаатылар. Дьэ, хайаатар даҕаны абааһылары буллахха эрэ сөп буолар буолла. Симиэрт ааньньал туран: “Бу хайаатар даҕаны Соломуон Муударай дьиибэтэ-баабата буолуо, кини бэл миигин – Симиэрт ааньньалы албыннаан моһуоктаабыта”, – диэтэ.
  – “Ээ-ээ! Дьэ, бука буолуо даҕаны”, – дэһэн ааньньал-таҥаралар үөрэн аймана түстүлэр... Сытыы-хотуу киһини Хабырылла ааньньалы Уот Күкүрүйдээн эмээхсиҥҥэ ону-маны ыйыталаһа-биллэрэ ыыттылар.
  Эмээхсин улуу дьаалы буруолаах уот оттотугар күлүгэ эрэ көстөр. Хабырылла ааньньал: “Дьэ, эмээхсиэн, альдьаххай ааҥнаата, хайа эн бэйэккэлээх тугу-эмэни билэриҥ буолаарай? Симиэрт ааньньал бу, бука, Соломуон Муударай баракааһа буолуо ээ диир”, – диэтэҕэ.
  – “Һуу! Кырдьык даҕаны... Биһиги баһылыкпыт, үрдүк Лүссипиэр, аартаах Сатана Соломуон Муударайы кытта мөккүһэ барар үһү диэбиттэрэ ээ!” – диэн үөһүн таттаран кылана түстэ.
  Оччону истэн баран Хабырылла ааньньал туруо баара дуо? Абааһыны-таҥараны, аан дойдуну кини эрэ быыһаабыт аатыраары, бэт тиэтэлинэн Соломуон Муударайга көтөн күлүпүччүйдэҕэ. Кэлбитэ – Соломуон Муударай икки дьахтар мөккүөрүн быһаара олорор эбит, икки дьахтар иккиэн: “Бу өлбүт оҕо кини оҕото, бу тыыннаах мин оҕом”, – дэһэн балысса тураллар. Баттахтара арбайан хаалбыт, таҥастарын, илиилэрин, сирэйдэрин охсуһан тырыта тыытыһан кээспиттэр. Соломуон Муударай туран балааһын ыҥыран ылан: “Ити икки дьахтар иккиэн туоһулара суохтар, онон маҥнай бу тыыннаах оҕону сүгэнэн хайа охсоҥҥун иккиэннэригэр биэр, дьэ уонна өлбүт оҕону хайытан биэр”, – диэтэ. Онуоха биир дьахтар: “Дьэ, оҕобун ити сүптүрүөхэҕэ көрөн туран тыыннаахтыы биэриэм кэриэтин бэйэм кытта өлүөм, икки илиим быстыа... Туһаннын, үөрдүн, киниэхэ тыыннаахтыы биэриэм кэриэтин, оҕом өллүн”, – диэтэ.
  Балаас сүгэтин ылан, оҕону харбыырын аҕай кытта иккис дьахтар часкыйбытынан оҕоҕо саба түстэ: “Оҕоккобуун... оҕоккобуун! Оҕобун өлөрүмэҥ, кини ыллын!” – диэн уҥан түстэ.
  Соломуон туран: “Ийэ сүрэҕэ таптыыр оҕотун өлөттөрүө дуо? Тыыннаах оҕону өлөттөрбөтөх ийэҕэ биэриҥ, өлөттөрөргө баҕарбыт ийэни таһааран баһын быһыҥ”, – диэтэ. Дьэ, онно баар тойот-хотут бука барылара ойон тура-тура: “Уруй, Соломуон Муударай! Эн үйэҥ үс төгүл уһаатын! Эн аатыҥ үрдээтин!” – диэн уруйдаан-айхаллаан бардылар.
  Хабырылла ааньньал илэ бэйэтинэн күлүбүс гына түстэ: “Уруй, Соломуон Муударай! Аҕа таҥара – “абааһылары босхолоотун, үйэтин үс төгүл уһатабын”, – диэтэ. “Аньыы-хара, үтүө-өҥө көрүллэрэ тардылынна, аат сабылынна, ыырай аана аһыллыбата, орто дойду үөрүнэн туолла”, – диэн эттэ.
  – “Оо, үрдүк таҥарам тыла – сокуон! Улуу Лүссипиэр бэйэтэ буруйдаах, мин дуусабын ылаары сүгүн олоппотоҕо, ол иһин бука барыларын албыннаан муора түгэҕэр тимирдэн кээспитим”, – диэтэ Соломуон Муударай. Хабырылла ааньньал сырыы-тутуу муҥутаан туруо баара дуо? – “Муора түгэҕиттэн буочука таҕыс!” – диирин кытта, муора уута буочуканы биэрэккэ бөс гына өрө бырахта. – “Буочука, ортоҕунан быһа, төбөҕүнэн хайа ыстан!” – диэбитигэр – буочука өс киирбэх ортотунан быһа барда, төбөтүнэн хайа ыстанна. Буочука иһиттэн кумааҕы суулаах кыһыл көмүс холтуун тааска тас гына түспүтүгэр – суута төлө ыстанна: дьэ, доҕоор, үс түүннээх күнү мэльдьи абааһы бөҕө аллараа дойду диэки быһа суугунаата. Онно көрбүттэрэ – холтууну тэһэ салаан тахсан бараннар, бии малыыппалаах кумааҕыттан иҥнэн хаалбыттар эбит.
  – Дьэ, онтон ыла Сатана даа буоллар икки атахтаахха илэ бэйэтинэн сүөдэҥнээбэт буолбут... Киһи эрэ буоллар дьулайбыт, – диэн мин эһэм оҕоньньор холтуунун тоҥсуйа-тоҥсуйа күлэн кыҥсыатаата. Уонна бүтүүтүгэр: – Ол иһин Соломуон Муударай уһун үйэлэнэн – үс сүүс сылы мэльдьи олорбута үһү, – диэтэ.
  – Һээй!.. Син уһуннук олорбут эбит... Ол эрээри, абааһылары киһи эрэ да барыта албынныыр буолбат дуо? Олоҥхоҕо албыннаппатах абааһы диэн биир да суох... Оннооҕор Ырыа Ыйбаан ыллаһан илбис кыыһын кыайбыт дииллэр дии, – диэн мин эмиэ хоруйдастым. Эһэм оҕонньор:
  – Һэ-һэ... кыайбыт диэн буолар... Ырыа Ыйбаан уһун күнү мэлдьи быһа ыллаабыт да, абааһытын кыыһа үүт-үкчү үтүктэн иһэр үһү... Ырыа Ыйбаан ыксаан, була сатаан: “куоньньай-хоольльук”, – диэбит. Онуоха илбис кыыһа: “Күтүрү... туох-туох диэтэ”, – диэбит. Ырыа Ыйбаан: “Ураа, мин кыайдым”, – диэбит. Абааһылар “куоньньай-хоольльук” диэни бэккэ аньыыргыыллар үһү, онон кыайан эппэттэр үһү.
  – Ээ, суох... Абааһы акаарыта чахчы... Оннооҕор ытык хараҕын кыайан аахпаттар үһү дии, – диэ мин.
 – Һэ-һэ... сүрдээх киһигин, доҕор, абааһыны төрүт туохха да уурбаккын ээ уонна ыттан куттанаҕын, – диэн эһэм элэк гынна.
  – Ээ, онтон куттаныбына, ыт ытырара чахчы буоллаҕа дии, – диэтим.
  – Ол ытык дьыалатын кэпсиим даҕаны. Биир сүрдээх үчүгэй эдэр дьахтар сайын соҕотоҕун олорбут, эрэ оттуу барбыт. Ол кэмҥэ абааһы кэлбитэ эрэ, айыы кэлбитэ эрэ – ким даа билбэт. Ол дьахтарга биир абааһы көтөн түспүт: “Чэ, мин ойох ыла кэллим”, – диэбит. Онуоха дьахтар: “Туох акаары кэллэ! Ытык хараҕын кыайан ааҕыа суоҕа уонна өссө миигин ойох ыла кэлэр”, – диэбит. Абааһы өһүргэммит: – “Дьэ, хата, ааҕар барахсан энибин”, – диэбит.
  – “Чэ, мэ, аах!” – дии-дии дьахтар ытыгы ытыйан тирилэппит. – “Хайа, аахтыҥ дуо?” – диэбит дьахтар.
  – “Бэйэ-бэйэ... бэйэ-бэйэ”, – дии-дии абааһы ааҕа сатаабыт.
  – “Уу, сордоох, киэр бар! Хайтах миэхэ сытаан эр буолуоххунуй”, – диэн дьахтар абааһыны ытыгынан сирэйгэ кириэтээбит.
  – “Ыл эрэ, бэт дьахтар, эн аах!” – диэн баран абааһы ытыгы быльдьаан ылан ытыйан тирилэппит. Дьахтар туран: “Биир – икки – үс – түөт – биэс – алта”, – диэн ааҕан биэрбит... Күн аайы туттар ытыгын хараҕын билбэт буолуо дуо, таба эппит. Абааһы туран саатан ол дьахтарга кэлбэт буолбут, – диэн эһэм оҕоньньор күлэн кэбистэ.
  Мин туран:
  – Һэ, сүрдээх дьахтар эбит, доҕор! Бэйэтэ Соломуон Муударай, – диэтим.
  – Дьэ, доҕоор, дьахтарынан ооньньоомо: эн ойох ыллаххына, дьахтары билиэҥ! Кини эйигин күҥҥэ сүүстэ албынныа... Соломуон Муударай сымыйа, дьахтар баар хиитэрэй дууса! – диэн баран эһэм холтуунун сиэбигэр уктан, тымтайын ылан турбутунан барбыта.

1935 с.