Суорҕан (Слепцов Анатолий Игнатьевич)
Хас биирдии быраас туһунан кылабыыһалаах...
- Эмчиттэр өс тыллара
«Бу ким суорҕанай? Балыыһа киэнэ дуо?» — эдэр биэлсэр уол Бүөккэ аан аттыгар туран айманар. Ким да кинини истибэт - сиэстэрэлэр ыарыһах дьахтар малын бэрийэ сылдьаллар, быраастара куоракка ыытар кумааҕытын бэрт ыксаллаахтык суруйа олорор. Санитарнай сырыы
сөмөлүөтэ сиргэ түһэн кэтэһэн турарын саҥа биллэрэннэр аймалҕан бөҕөтө. «Чэ, тукаам, бу баар направлениета. Сэллик балыыһатыгар илдьэн туттараҕын, - быраас Клавдия Иванову кумааҕыны уолга уунар. - Кытаат, тиэтэй! Сөмөлүөтүҥ көтөн хаалаарай? Саатар эрдэ биллэрбэт буоллахтара!» Уол докумуону сонун иһинээҕи сиэбигэр уктан баран сиэстэрэлэртэн ыйытар: «Бу ким суорҕанай? Ыарыһаххыт киэнэ буолбатах дуо?». «Туох ааттаах эн ити суорҕаҥҥа баайыстыҥ?! Ыл ээ, сөбүлээбит буоллаххына, — сиэстэрэ кыыс Шура суорҕаны утары уунар. - Балыыһа малын сүтэрдэххинэ бэйэҥ төлүөҥ!» «Бу да кыыс. Бэйэбэр көрдүүр буоллахпыный! Мин ыарыһаххыт таҥаһа чарааһыттан санаарҕыыбын ээ!» — Бүөккэ тохтоон толкуйдуу турда: Өскөтүн суорҕан ыарыһах киэнэ эбитэ буоллар кыһалҕа аччыгый - бэйэтин кытта куоракка хаалыа этэ. Оттон балыыһа мала буоллаҕына - хайаан да төттөрү аҕаллахха сатанар. Ол эрээри, куораттан төннөрүгэр наһыылканы да сүгэн кэлэрэ сөп - ааспыт сырыыга курдук суолга туран айаннаан кэллэҕинэ ити суорҕан улахан адаҕа буолар кутталлаах... «Чэ, турума! Суоппарыҥ ыксатан эрэр», — Клавдия Ивановна наһыылканы биир өттүттэн көтөхпүтүнэн барда. «Ээ чэ, хааллын! Хайдах эмэ тиийэр инибит», — дии санаан баран, Бүөккэ наһыылканы көтөҕөөт, ааны атаҕынан аһан, кыһыҥҥы түүн туманнаах хараҥатыгар атыллаата...
---
Петр Петрович, миниистирбит аатыттан маннык ис хоһоонноох бирикээс кэллэ: «За некачественную работу и систематически неудовлетворительные показатели хирургической помощи населению принять меры административного взыскания к заведующему хирургическим отделением вашей ЦРБ», — улуус кылаабынай бырааһа Влас Степанович кумааҕыны туора уурда. - Дьэ, онон хайыыр да кыаҕым суох, быыгабар биллэрэрбэр тиийэбин. Сыл саҕаланыытыгар мин эйиэхэ этэ сатаабытым: «Туһата суох, ыарахан ыарыһахтары эпэрээссийэҕэ ылыма, отчуокка көрдөрүүлэриҥ сыл ахсын быстар мөлтөхтөр, ону санаа», — диэбитим. Ол кэпсэтииттэн эн бэйэҕэр түмүктэри оҥостубатаххын, онон миэхэ өһүргэнимэ.
— Туох диэн өһүргэниэмий - эн үлэҥ оннук буоллаҕа... Ити миниистир даҕаны, эн даҕаны өлөрдүүн тэҥҥэ өлбөтөххүт, тиллэрдиин тэҥҥэ тиллибэтэххит... Үлэҕит диэн отчуот көрдөрүүлэринэн дьон дьылҕатын быһаарыы буоллаҕа. Оннугу сатаабат киһи, мин, ыраахтан сылдьан сөҕөбүн эрэ... — Петр Петрович бэргэһэтин кэтэн тахсан иһэн, тугу эрэ этиэхчэ эппэккэ аан аттыгар турда, онтон тыл ыһыгынна: — Ол эрээри, эһиги утуйаргытыгар саптар суорҕаҥҥыт, мин суорҕаммын кытта тэҥ ыйааһыннаах ини... — диэн баран тахсан барда.
«Киһибит аһары үлэлээн буккуллаары гыммыт дуу? Туох суорҕанын туһунан дойҕохтоото буолла?» — диэн Влас Степанович кэтэҕин тарбана хаалла.
---
Бүөккэ балыыһа кэннигэр саһан туран, ким да көрбөтүгэр, хараҕын уутун соттор. Ый анараа өттүгэр куоракка санрейска саппарааһайдаан илдьибит дьахтара тымныйыыттан сэбиргэхтэтэн өлбүтүн бүгүн саҥа иһиттэ. «Ааккын билбэтэрбин да, бырастыы гын, эн миигин! Хантан мин билиэхпиний, көтөр сөмөлүөппүт иһэ таһырдьатааҕар тымныы буоларын! Хантан мин сэрэйиэхпиний, куоракка көрсүбүт массыынабыт иһэ эмиэ тымныы буоларын! Саатар ол баата суорҕаны илдьэ барбытым буоллар, баҕар эн тымныйыаҥ суоҕа этэ!» — уол абатыйан уоһун ытырар, кыатана сатыыр. Кини кымаахтыыр сүрэҕэ уол дьылҕатын оҥоһуутун сэрэйбэт. Бүөккэ, аҕыйах сылынан Петр Петрович, быраас буолан, элбэх дьон олоҕун быыһыыр аналлааҕын сүрэҕэ билбэт. Билигин ол эдэркээн сүрэх биир баата суорҕан ыйааһынын Бүөккэ олоҕун тухары төлөрүйбэт адаҕа оҥостубутун билэр уонна хаанынан ытыыр, ытыыр, ытыыр...