Суруктаах хайаҕа (Моисей Ефимов)

Суруктаах хайаҕа


Элэҥнээн истилэр
                миэхэ харахпар,
Экраҥҥа көрөрдүү,
                элбэх үйэлэр:
Быһылааннаах былыргы
                 быралыйбыт да сахтар,
Умнууга хаалбыт
               урукку да күннэр.
Бэйэ эрэ, бу тугуй?
                  Тохтуу түс бу түгэн!
Көрөбүн мин суорба
                туруук таас хапчааны,
Онно киммит эрэ,
                 имэҥирэн-илбиһирэн,
Итийэн-кутуйан
                ойуулуу турарын.
Илиитин анныттан
                 илэ-бааччы тиллэннэр
Тыргыллан тахсаллар
                  тыыннаах дьүһүннэр:
Тайахтар ойоллор...
                  быыра ох иһиирэр...
Табалары сырсаллар...
                   аттаахтар иһэллэр...
Кэрэхсии, иччититэ,
                    дьулайа көрөллөр
Үөлээннээх дьонноро
                    ол ытык айыыны.
Киһи өйө-талаана
                  үрдүгүн сөҕөннөр
Өрүтэ ууналлар
                  муос оҕу, тайыыны.
Оо, улуу ойууһут!
                  Бэл хахсаат халлааныҥ
Эйиигин сэҥээрэн
                   үрдүгэр ылаарар.
Эйиигинэн киэн туттан
                   уорааннаах дьалхаанын
Уҕарытан, Өлүөнэҥ
                   анныгар налыйар.
Тыһыынчанан сыллар
                   тыалларыгар бэриммэт,
Үтүмэн үйэлэр
                өксүөннэрэ өлбөөрпөт
Өлбөт үйэлээҕи,
                  өрө күүркэйэн,
Үөдүтэн эрэргин,
                 оо, эн билэҕиэн?
Оттон мин эрэнэбин:
                   кэлэр кэм киһитэ
Кэнэҕэһин кэнэҕэс,
                   эмиэ мин кэриэтэ,
Суорба тааска эн
                   дьэрэлиппит ойуугун —
Суураллыбат, сотуллубат
                   соһо суруккун —
Сөҕө-махтайа,
                 астына көрүөҕэ,
Санаатын ыратынан
                  эйиигин көрсүөҕэ.