Сут ырыата (Оонньуулаах Ыстапаан)

Сут ырыата


(1910 сыллааҕы сут туһунан ырыа)

Дьэ-буо!
Сир-сибиир киинэ,
Орто дойду уулуссата буолан оҥоһуллубут
От үрэх ортолоох
Улуу өрүс хотун
Илин уҥуоргутугар
Аан дойду аартыга буолан арыллыбыт
Амма, Таатта аргыстаах
Аҕыс үөстээх,
Алтан нэһийэлээх
Аллан арыыта сибиир ааттаахха —
Үрдүк дьылтан
Өрүһүннэхпит — диэн үөрдүбүт,
Дьаҥха-муҥ дьылтан
Таҕыстахпыт — диэн,
Санаабыт көммүтэ.
Самаан сайын
Салалынна — диэн,
Таҥара баайа
Тарҕаныаҕа — диэн санаабыппыт.
Эрэйдээх дьылбыт буоллаҕына
Иккиһин кэлэн иэдэттэ,
Элбэх киһи иитимньитин
 
Эһээри гынна,
Субу-субу сут кэлэн,
Ночооппут улаатта,
Хос-хос курааннаан,
Хоромньубут кэҥээтэ,
Ыраас Дьылҕа тойон
Ынаҕа, сылгыта ааттаах аһыҥа үөн
Аан дойдубутун алдьатта.
Дабды самыырбыт татыа буолан,
Силбик самыырбыт сэл буолан
Сиэмэбит тиллибэтэ,
Дэлби хатан хаалла.
Өлбүгэлээх сирбит
Үүнүмүнэ өлөрдө,
Сатаан салбырҕастаммат
Сайын кэлэн дьадатта.
Ийэ буорбут
Илбиргэстэммэт иэскэ киллэртээтэ,
Тураҥ сайыммыт туһатыттан
Тоҕус ыйдаах
Суо-модун дьылга тоһуйарбытын
Тугу да булбатыбыт,
Аһыылаах сүөһүбүтүн
Аһылык гынабыт,
Олохтоох сүөһүбүтүн
Улуу өрүскэ
Ордугунан уостаатыбыт.
Хаҕыс дьыл хадыйбытыттан,
Халлырыт киһилээх
Хатын куоракка киирэн,
Хаарыаннаах сүөһүбүтүн
Хаартылаан, арыгылаан кээстибит.
Улуу дьыл олуйбутуттан
Олохпутуттан уларыйдыбыт —
Уобалас куоракка
Оонньоон күлэн ороскуотурдубут,
Итэҕэстээх иэскэ киирэр
Имитиилээх дьыл кэллэ,
Бастааҕы бырыһыаҥҥа былдьаттарар
Быһылааннаах дьыл кэллэ,
Туорахайы добуруоҥаҕа туттарар
Дохсун дьыл кэллэ,

 
Хааччымматах хамнаска барар
Хаҕыс дьыла кэллэ,
Баардаах
Байар дьыла кэллэ,
Үптээх үөрэр
Үрдүк дьыла үтүрүйдэ,
Хаччылаах
Хаҥыыр дьыла кэллэ.
Аҕыс ыйдаах
Аҕа-дыбыр дьыл
Аан бастаан
Аттанан кэлиитигэр,
Алтынньы ый
Ахсыс эргэтигэр
Тус арҕаа диэкиттэн,
Хаардаах-муустаах
Хайа хаспаҕыттан
Хара күлүк оҕус
Хамнаан кэлбитэ,
Муустаах муора
Муннугуттан, улаҕатыттан
Буор хара оҕус
Туран кэлбитэ,
Урукку кырдьаҕастар —
Олуурдаах улуу Дьыл Оҕуһа — диэн,
Этэллэр эбит.
Ону мин көрдөхпүнэ —
Улахан тымныынан уһуутаталаабыта;
Ыыс туман тыыннаах,
Чэҥ муус саҥыйахтаах,
Болуо муус муруннаах,
Хайыырбыт ойбон харахтаах,
Кыаһаан муус кыламаннаах,
Уһунтан уһун
Ураа лыҥкы муостаах,
Күнү бүөлүүр
Күтүр улахан көҕүстээх,
Күр муус өрөҕөлөөх,
Аймыр муус арҕастаах,
Көмнөх хаар көлөһүннээх,
Хорсун тымныы хоннохтоох,
Быстах тымныы быттыктаах,
 
Хобдох кураан кутуруктаах,
Аас-майах аргыстаах,
Иҥсэ, обот эркиннээх,
Обот-соллоҥ ойоҕостоох
Буолар эбит ол күтүр өстөөҕүм.
Аан дойдуга кэлэн
Айаҕын атан туран
Аҕылаабытыгар —
Чаан туман тахсан кэлбит,
Самаан күн чааһынан намтаабыт.
Ыарыы-сүтүү ындыылаах,
Дьаҥ-дьаһах таһаҕастаах,
Өлүү-сүтүү көтөллөөх
Буолар эбит өлүү сүөһүтэ.
Тиийиммэт ыал
Сэттэ былас оту булбуттарын
Хайа үйэҕэ,
Кирдиргэччи кэбийэн, биир да суох гыммыт,
Дьадаҥы ыал,
Аҕыс былас оту астаммыттарын
Хардырҕаччы ыстаан, бараан кээспит,
Дулҕа сиэлин кырсан,
Тоҕус былас оту булбуттарын
Бу күтүрүм хайа үйэҕэ,
Күллүгүрэччи ыстаан, бүтэрэн кээспит.
Кылгастык эттэххэ, кыһалҕа гиэнин
Кылааннааҕын тэрийбит.



Таатта улууһун Сиэллээх нэһилиэгин киһитэ Оонньуулаах Уйбаан (Иван Елисеевич Кулаковскай) ыллаабыт ырыата.