Сэргэлээххэ


Кизһээҥи күн ча5ылыйар
Сэбирдэх быыһынан,
Киллэм хонуу аҥылыйар
Сибэкки тыынынан.

Ыраас куолас дьүөрэлэһэн,
Ыраахтан дуорайар,
Баян тыаһа дьиэрэһийэн,
Аларга тарҕанар.

Үлэ кэнниттэн көччүйэр
Сэргэлээҕим дьоно,
Доҕордоһуу дьолун билэр
Эдэр ыччат онно.

Сэмэй таптал сибикитэ —
Кыыс оҕо сүрэҕэр,
Сайын кэрэ сибэккитэ —
Сэгэриҥ бэлэ5э.

Киэһээ ыраатан, түүн буолан,
Хонуу, тыа уоскуйда,
Кэрэ сарсыардаҕа диэри
Сэргэлээх утуйда.


1950

Антология иһинээҕитэ

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Сүрүн сирэйгэ төнүн