Сүр. Кут-сүр үөрэҕэ. (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)
Каженкин И.И. СҮР. КУТ - СҮР ҮӨРЭҔЭ. Дьокуускай 2023
“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун олоххо тутуһуу омук сайдыытын аҕалар.
АННОТАЦИЯ
Сахалар киһи өйүн-санаатын үс кукка уонна сүргэ араараллар. Үс куттар киһи араас хамсаныылары оҥорорун хааччыйаллар, онтон сүр тулууру үөскэтэн куттары уонна майгы уратыларын холбуу тута сылдьар өй-санаа күүһэ буолар.
Бары ааҕааччыларга ананар.
Куттар дают человеку делать движения, а сүр дает волю.
ААН ТЫЛ
Сүрү киһиэхэ төрөппүттэрэ уонна айылҕа биэрэллэр. Ол курдук, киһи тулуурун уонна майгынын уратыларын төрөппүттэриттэн ылара элбэхтик бэлиэтэнэр. Айылҕа сүрү биэрэрин кыһын тымныы кэмҥэ төрөөбүт оҕолор сүрдэрэ элбэх буолара биллэрэр. Сүр диэн өй-санаа күүһэ буолан эбиллэр, көҕүрүүр кэмнэрдээҕин сахалар үөрэтэн билэн тылларыгар киллэрэн туһана сылдьаллар.
Киһини бэйэтин айылҕа айбытын быһыытынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэн киһи икки тус-туспа өрүттэргэ арахсар:
А. Этэ-сиинэ. Эт-сиин киһи тутаах чааһа.
Б. Өйө-санаата. Өй-санаа үс кукка уонна сүргэ арахсар.
Бу икки өрүттэри тус-туспа ыламмыт арыыйда дириҥэтэн быһаарыахпыт:
А. Эт-сиин киһи тутаах чааһа. Төрөппүттэриттэн быһаччы бэриллэн иһэрин удьуордааһын диэн ааттыыллар. Күүстээх киһи оҕото күүстээх, сүүрүк киһи оҕото сүүрүк буолара былыргыттан биллэр. Улахан уҥуохтаах киһи оҕото улахан, кыра уҥуохтаах оҕото кыра буолара уонна оҕо төрөппүттэригэр маарынныыра удьуордааһын кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин биллэрэр.
Эти-сиини кытта холбуу араас ыарыылара, бодоҥноро эмиэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэриттэн сахалар харыстанан аналлаах ыал буолуу үгэстэрин үөскэтэн олохторугар тутуһаллар.
Б. Өй-санаа хамсаныылары таба оҥорорго туһалыыр үс кукка арахсар уонна сүр диэн тулууртан үөскүүр күүһүнэн бары куттар холбуу тутуллан сылдьаллар:
1. Буор кут. Быччыҥ хайдах хамсаабытыттан үөскээн, олохсуйан үгэһи, онтон салгыы үөрүйэҕи үөскэтэн иһэр өй-санаа буолар. Быччыҥ хамсааһына элбэхтик хатыланнаҕына бэйэтэ санаа хоту хамсыыр кыахтанара үөрүйэҕи үөскэппитин биллэрэр. Ол аата үөрүйэх буолуу диэн быччыҥ бэйэтэ санаа хоту хамсыыры ситиһэрэ буолар.
Кыра оҕо улаатан иһэн кыбыытын кыанарга үөрэнэрэ үөрүйэх буолуута үөскээбитин биллэрэр. Бэйэтин санаатынан кыбыытын быччыҥнарын хамсатар кыахтанара үөрүйэх үөскээтэҕинэ ситиһиллэр.
Уус диэн олус элбэх туһалаах үөрүйэхтэргэ үөрэммит киһи ааттанар. Уус киһи оҕото улааттаҕына уус буолан тахсара төрөппүттэри үөрдэр. Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр уонна утумнааһыны үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэри сайдыыны түргэнник ситиһэллэригэр тириэрдэр.
2. Ийэ кут. Оҕо кыра эрдэҕиттэн саҥаны билиилэриттэн, үгэстэртэн хомуллан үөскээн иһэр кута. Ийэ кут бэлэм, биллэр үчүгэй үгэстэринэн иитилиннэҕинэ оҕо үчүгэй быһыыланар, майгыланар кыахтанар. Оҕо өйө-санаата аан бастаан ийэтин көмөтүнэн үөскүүрүн быһааран үгэстэртэн үөскүүр төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттар.
3. Салгын кут. Үөрэҕи, билиини иҥэринэн түргэнник сайдан иһэр кут салгын кут диэн ааттанар. Бу кут төбө араас доргуйууларыттан, арыгы, наркотик дьайыытыттан, түөһэйииттэн көтөн, баран хаалар уратылаах. Киһи бу көтөн хаалар кутунан салаллан, үөрэҕи, билиини баһылаан олоҕун олоруута киһи буолууну ситиһэн, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруутун үөскэтэн өй-санаа сайдыыта, тупсуута ситиһиллибит. Салгын кут диэн өй-санаа көтөн, суох буолан хааларыттан киһи саамай кэбирэх миэстэтэ буоларын быһаараннар аатыгар кытта иҥэрбиттэр.
Сахалар киһи өйүн-санаатын үс кукка уонна сүргэ араараллар. Үс кут киһи өйө-санаата түргэнник сайдыытын уонна араас уустук хамсаныылары табатык, имигэстик оҥорорун хааччыйаллар, онтон сүр тулуурдаах буолууну үөскэтэн куттары уонна майгы уратыларын холбуу тута сылдьарыттан салгын кут көтөн хаалбакка киһи буолуу, киһилии быһыыланыы, туһалаах үлэни оҥоруу ситиһиллэр кыахтанар.
Сүр оҕо 6 эбэтэр 7 сааһыттан сайдан күүһүрэн иһэрэ биллэр. Сүр күүһүрэн иһэриттэн оҕо умнубат буолуута үөскээн салгын кута сайдан барар, ол иһин үөрэҕи, билиини түргэнник ылынара саҕаланар.
Сүр тоһуннаҕына, тулуур мөлтөөтөҕүнэ салгын кут көтөн хааларыттан киһи кыыл өйүн-санаатын таһымыгар түһэрэ уонна ийэ кутун салайыытыгар киирэн хаалара тиийэн кэлиэн сөп. Ол аата киһи саамай кэбирэх, уйан сирэ өйө-санаата көтөрө, салгын кута баран хаалара буоларын билэн харыстана сылдьара эрэйиллэр.
Үлэттэн, киһи бэйэтэ тугу оҥорбутуттан, туппутуттан кэлэр үөрүүнү, дьоллонууну билбэт эдэрдэр элбээһиннэрэ хамсаныылары үөскэтэр өй-санаа, буор кут итэҕэстийэрин таһаарарыттан араас өйү-санааны буккуйааччылары туһаналлара, арыгыны иһэллэрэ элбииригэр тириэрдэр. Өйү-санааны күүскэ буккуйааччы, көтүтээччи наркотик киэҥник тарҕанан иһэриттэн дьон киһи быһыытын тутуһаллара уустугурара кэлэн иһэр.
Киһи өйүн-санаатын түргэнник көтүтээччи – наркотик дьон-аймах саамай кутталлаах өстөөхтөрө буолара итинэн быһаарыллар. Атаахтык, мааныланан иитиллибит эдэрдэр тулуурдара, туттунар күүстэрэ суохтарыттан эбэтэр отой аҕыйаҕыттан наркотик дьайыытыгар түргэнник ылларан хаалыахтарын сөп. Ол иһин сэбиэскэй былаас атаахтык ииппит, бэлэмҥэ үөрэппит дьоно оҕолорун өссө атаахтатан кэбиһэллэриттэн, билигин Россияҕа наркотик тарҕаныыта кэҥээн, эбиллэн иһэрэ биллэр.
Улахан атомнай буомбалардаах Россия дьонун өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута Аан дойдуга кутталы үөскэтэрэ улаатан иһэр. Итини тэҥэ, ахсааннара аҕыйаан эстэн эрэр нууччалар омуктарын күүһүрдэ сатааннар национализм дьайыытын кутаатыгар киирэн биэрэр кыахтара биллэрдик эбилиннэ. Өй-санаа бу уларыйыыта кэлэн иһэрин уһуннук, солбуллубакка олорор, уларыйбат салайааччылар туһана сатыыллара өссө улааппыта национализм аһара барыытыгар тириэрдиэн сөп.
Саҥа саҕаламмыт үһүс тыһыынча сылларын “Бэстилиэнэй тыһыынча” сыллара буолаллар диэн биһиги ааттаабыппыт. Киһи саамай кэбирэх сиринэн өйө көтүүтэ буоларынан дьон-аймах өйү-санааны көтүтэр наркотиктары утары охсуһууга кыаттарыахтарын сөбүн, бу былыргыттан биллэр этии баара туоһулуур.
Саха дьоно сайдыы суолугар үктэнэллэригэр сүр туһунан билии улаханнык туһалыыр. Сүр тулууру, туттунар күүһү үөскэтэн киһи буолууну ситиһэр кыаҕы биэрэр. Тулуурдаах, дьулуурдаах эрэ дьон сайдыыны ситиһэр кыахтаналларын таба өйдөөһүн эрэйиллэр. Киһи тулуурун улаатыннарарга аналлаах “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэринэн, сахалар саҥа үйэҕэ сайдыыны ситиһэллэригэр кыах биэрэр. Ол иһин, бу өс хоһоонун таба өйдөөн бары төрөппүттэр оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр туһаналлара эрэйиллэр.
Каженкин И.И - Хааһах Уйбаан атын үлэлэрин интернеттэн, Национальнай библиотека сайтыттан, Сахалыы Википедияттан уонна ол иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныы ордук табыллар.
Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт биир санаалаахтарыгар истиҥ махталын тириэрдэр.
СҮР ТУҺУНАН БЫЛЫРГЫЛАР БИЛИИЛЭРЭ
Нууччалар кэлиэхтэрин быдан иннинээҕи сахалар сүр туһунан билиилэрэ барылара саха тылыгар киирэн, иҥэн, үгэс буолан сылдьаллар. Бу тыллары барыларын саха дьоно туһанан өйдөрүн-санааларын сайыннараллар уонна тулуурдарын улаатыннараллар. Саха тылын билэр, олоҕор туһанар киһи сахалар өй-санаа туһунан үөрэхтэрэ, билиилэрэ олус киэҥин, дириҥин итэҕэйэр кыахтанар.
Сүр туһунан элбэх суруйуулары нууччалар үөрэхтээхтэрэ суруйбуттарыттан булан туһаныахха сөп. Ол курдук, сахалар атын омуктартан өйдөрө-санаалара биллэр уратылардаахтарын былыргы үөрэхтээхтэр элбэхтик бэлиэтээбиттэр.
Саха тылын, олохторун үөрэҕин сурукка киллэрбит үтүөлээх киһинэн Э.К.Пекарскай буолар. Кини үс туомнаах “Словарь якутского языка” диэн үлэтигэр Улуутуйар Улуу Тойон таҥара туһунан бу курдук суруйан хаалларбыт:
- Улуутуйар Улуу Тойон Үөһээ дойдуга олохтоох, куһаҕан санаалаахтар баһылыктара. Улуутуйар Улуу Тойон этиҥи түһэрээччи, дьоҥҥо уоту, иккис куту, сүрү биэрбит, хара ойууннары үөскэппит таҥара, ол да буоллар кытаанахтык дьарыйааччы эбит. (1,ст.3007).
Айылҕаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” тутулуктааҕыттан киһи оҥорбут быһыытыгар сөп түбэһэр ханнык эрэ дьайыы, эппиэт киһиэхэ тиийэн кэлэрэ икки өрүттэнэн тахсан иһэр. Үчүгэйи оҥорууга үчүгэйинэн дьайар, онтон куһаҕаны оҥоруу дьайыыта, эппиэтэ эмиэ куһаҕан буолар. Улуу Тойон таҥара куһаҕаны оҥорууга куһаҕанынан дьайарын, ол аата кэһэтэн үөрэтэн өй киллэрэн биэрэрин иһин дьарыйааччы диэн ааттаммыт.
Дьарыйыы диэн үөрэтэргэ аналлаах кэһэтэн биэрии ааттанар. Аныгы үйэҕэ буруйу оҥорбут киһи ыстараабы төлөөһүнэ, хаайыыга түбэһиитэ дьарыйыы биир сымнаабыт көрүҥнэрэ буолаллар.
Ханнык да бэрээдэги билиммэт, көҥүллэринэн бара, араас ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатааччылар Улуу Тойон таҥара “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин билиммэккэ сылдьаллар. Ол эрээри быстах быһыыга, сыыһа-халты туттунууга түбэһэн улаханнык кэһэйэн бараннар, эрдэттэн сэрэммитим, таҥара үөрэҕин тутуспутум буоллар диэн хомойо саныыллара хойутаан киирэрэ элбэхтик бэлиэтэнэр.
“Олох үөрэҕэ” диэн сахалар киһи бэйэтэ билэн-көрөн үөрэнэрин этэллэр. Ол аата киһи тугу оҥороруттан, олор сыыһа-халты буолан тахсалларыттан кэһэйэн, онтон үөрэҕи ылынан иһиитэ олох үөрэҕэ диэн ааттанар. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ диэн олох үөрэҕиттэн, киһи оҥорор быһыыларыттан тирэх ылан сайдыбытыттан киһини кэһэтэн үөрэтэриттэн туһаны оҥороро элбиир.
Сахалар итэҕэллэрин уратыларын дириҥник үөрэппит В.Ф.Трощанскай “Эволюция черной веры (шаманства) у якутов” диэн үлэтигэр православнай таҥара үөрэҕин сабыдыалынан сахалар итэҕэллэрэ уларыйан иһиитин арыйар. Киһи өйө-санаата сайдыыта икки өрүттээҕиттэн сахаларга икки таҥара; Үрүҥ Айыы Тойон уонна Улуу Тойон баалларын быһаарбыт. (2,155).
Киһиэхэ уоту, сүрү, өйү уонна ойууннары биэрбит Улуу Тойон дьон куһаҕан санааларын этиҥи, чаҕылҕаны түһэрэн ыраастыырын тэҥэ, куһаҕаны оҥордоххо кэһэтэн биэрэрин былыргы үөрэхтээх эмиэ бэлиэтээбит. (2,68).
Киһи хаһан баҕарар куһаҕаны, сыыһаны оҥордоҕуна эппиэттиирин аныгы кэмҥэ ыстараап төлүүрэ уонна хаайан кэбиһиэхтэрин сөбө биллэрэр. Бу быһаарыы дьон өйө-санаата олус былыргы кэмнэртэн тупса, көнө илигин быһаарар. Ол былыргы кэмнэргэ Улуу Тойон таҥара дьон бэрээдэктэрин тутааччы эбитэ биллэн тахсар.
Билигин Улуу Тойон таҥара туһунан билиилэри былыргыны суруйааччылар үлэлэриттэн ылан билэр кыахтаахпыт. Сахалар олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, итэҕэллэрин бэйэтин кэмигэр дириҥник үөрэппит В.Л.Серошевскай “Якуты” диэн улахан үлэтигэр Улуу Тойон таҥара туһунан маннык суруйар:
- Айыы Тойон олох бэйэтэ буоллаҕына, олох биир чааһа, бары тыынар-тыыннаахха сыһыаннаах өрүтэ Улуу Тойон баһылааһынынан туспа өйдөбүлгэ арахсар. Улуу Тойон Айыы Тойоҥҥо утары турбат, өстөөҕө буолбатах, ол гынан баран утары барары сөбүлээбэт, кытаанах майгылаах, кыыһырымтаҕай, үһүс халлаан арҕаа өттүгэр олорор. Кини ордук сир дьонугар чугас, дьон олохторун интэриэһиргиир, ол гынан баран олох үчүгэйэ барыта Айыы Тойоҥҥо сыһыаннаһар буоллаҕына, Улуу Тойоҥҥо олох эрэйэ, буруйа, ыарахана, кытаанаҕа сыһыаннаах. (3,631).
В.Л.Серошевскай Айыы тойон диэн Христос таҥараны сахатытан ааттыыр. Онтон Улуу Тойон таҥара сахаларга олус былыргы кэмнэртэн ыла баара биллэр. Бу таҥара дьоҥҥо уоту, сүрү уонна ойууннары биэрбитинэн саха омугу төрүттээбит таҥара буолара билиниллэр. Ол курдук, дьон уоту туһаныыны баһылааннар үлэни, тимири уһаарары, уһанары олоххо киллэрэннэр хоту дойдуну сайыннарбыттарын, бу таҥара биллэрэр.
Сүр диэн санаа күүһэ киһиэхэ тулууру, дьулууру, өһөс буолууну үөскэтэр, онтон ойуун диэн омук өйө-санаата түмсэ сылдьарын быһаарар өйдөбүллэр буолаллар. Ол иһин Улуу Тойон таҥараны сахалары үөскэппит таҥаранан билиниэххэ сөп.
Киһи өйүн-санаатын уратытынан уонна “Туох барыта икки өрүттэнэн” тахсарынан ханнык баҕарар быһыыны; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥордоҕуна, онно сөптөөх эппиэтэ тиийэн кэлэн иһэрин сахалар билэннэр туспа үөрэҕи, сэт үөрэҕин үөскэппиттэр. Үчүгэйи оҥордоххо, үчүгэйинэн эргийэр, онтон куһаҕаны оҥордоххо иэстэбил үөскээн кэһэйии кэлэрэ сэт үөрэҕиттэн биллэр. Манна ордук сыыһа-халты туттубут киһи кэһэйэрэ улахан суолталаах.
Киһи улахан куһаҕаны оҥордоҕуна улаханнык кэһэйэриттэн тутулуктанан үөрэтии дьайыыта күүһүрэрэ үөрэҕи, киһи быһыытын ылынарыгар туһалыыра биллэр. Кэһэйии киһи этин-сиинин таарыйдаҕына буор куту үөскэтэн умнуллубат буолара улаатар.
Кыра чыпчархай оҕото улахан оҕуһу үүрэргэ туһалыырыттан кыыллар уонна киһи үөрэҕи ылыныыларын тус-туспа уратылара быһаарыллан тахсар. Ол курдук, буруйу оҥорбут оҕо чыпчархай ыарыытын биллэҕинэ, аны итинник буруйу оҥорбот кыахтанарын тэҥэ, этэ-сиинэ баарын, ыалдьарын билэн харыстанар санаата улаатар.
Куһаҕаны оҥоруу кэнниттэн иэстэбил тиийэн кэлэрин дьон билигин да туһана сылдьалларын араас ыстарааптар, хаайыылар бааллара биллэрэр. Ол аата дьон өйө-санаата тосту көнөрө өссө да ырааҕыттан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ син-биир туттуллара хаалан хаалбат. Бу таҥара үөрэҕэ киһи тулуурун, дьулуурун, өсөһүн улаатыннарарга, ыарахан үлэни кыайарга аналлааҕыттан уонна сыыһа-халты туттунууну аҕыйатарыттан омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр ордук улахан туһаны оҥорор.
Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ, киһи өйө-санаата саҥа сайдан туох эмэ туһалааҕы оҥорор кэмиттэн ыла үөскээбит. Ол иһин киһи оҥорор туһалаах быһыыларын быһаарар тыллар биирдии эрэ сүһүөхтээхтэр уонна аҕыйах дорҕоонноохтор. Ый, ыл, ыс, мэ, оҥ, быс, тут диэн тыллар киһи өйдөөн-санаан туран оҥорор быһыыларын биллэрэллэр.
Сү диэн тыл олус былыргы кэмнэргэ кыыллары бэлиэтиир этэ диэн Сомоҕотто суруйар. Ол иһин сүр диэн тыл киһи айылҕаттан, төрөппүттэриттэн улахан тутулуктааҕын биллэрэр ураты суолталаах.
Кроме “кут”, человека и животных наделяли его зеркальной копией или его тенью, именуемой “сюр” от угро-самодийского “сю” – “зверь”. Понятием “сюр” древние подчеркивали, что и человек относится к царству животных и зверей. (4,99).
Сүр аһара бардаҕына киһи сыыһа-халты туттунара улаатарыттан куһаҕан быһыылары элбэтэн кэбиһэриттэн сахалар сэрэтэн “сүрдэннэ”, “сүрэ бэрт” диэн этиилэри үөскэтэн куһаҕан быһыылар улаатан иһэллэрин биллэрэллэр.
Саха дьоно “Олох ыарахан” диэн этэллэр. Кырыалаах уһун кыһыннаах, бытарыттар тымныылаах хотугу дойдубутугар тоҥон өлөн хаалбат туһугар уонна ыарахан үлэни кыайарыгар киһиэхэ тулуур, өһөс санаа, сүр баара хайаан да ирдэнэр. Сүр киһиэхэ тулууру үөскэтэринэн олох ыараханнарын тулуйарга, туоруурга улахан туһалааҕын төрөппүттэр билэн оҕолорун тулуурга үөрэтиэ, анаан-минээн дьарыктыа этилэр.
Сүр туһунан сахалар билиилэрэ саха тылыгар киирэн иҥэн сылдьаллар. Сүр киһиэхэ эбиискэ эньиэргийэ биэрэриттэн күүс эбиллэн кэлиитэ киһи оҥорор быһыылара хайдах уларыйан, ханнык көрүҥнэнэн иһэллэриттэн сүр туруга быһаарыллар:
1. Мөлтөх диэн сүрэ лаппа аҕыйах киһи ааттанар. Тугу эмэ оҥороругар атыттартан сүбэ, ыйыы көрдүүр киһи мөлтөх буолар.
2. Мунаах диэн тыл киһи өйө-санаата кыаҕа-күүһэ суоҕун, буккуллан иһэрэ элбэҕин, быһаарыыны кыайан ылымматын биллэрэр.
3. Көрсүө диэн тыл сүр киһиэхэ кэминэн баарын биллэрэр. Көр уонна сүө диэн тыллар холбоспуттарыттан көрсүө диэн тыл үөскээбит. Бу тыл көрөн, истэн үөрэҕи ылыныы улахан туһалааҕын биллэрэр. Көрсүө киһи оҥорор быһыылара табыллаллара, сатаналлара элбэҕиттэн дьоҥҥо туһаны оҥороннор сайдыыны аҕалаллар. Итини тэҥэ, оҕону иитиигэ аһара туттубат буолууга иитэринэн, үөрэтэринэн кэлэр көлүөнэлэрэ үлэ сайдыытын ситиһэр кыахтаналлар.
4. Сүрдээх диэн эттэхтэринэ, сүр элбэҕэ уонна аһара барбыта бэлиэтэнэр, ол иһин сыыһа-халты туттунуу үөскүүрүгэр тириэрдиэн сөп. Сүрдээх киһи аһара туттунууну оҥорон кэбиһэр кыаҕа улаатарыттан дьон сэрэнэр киһилэригэр кубулуйар.
5. Сүрдэннэ диэн этии сүр өссө аһара барыыта кэлбитин биллэрэр. Киһи аһара туттунууну, куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ субу тиийэн кэлбитин биллэрэн сэрэтэргэ анаан этиллэр.
6. Сүрэ бэрт, сүрүкэтин баҕаһын диэн этиилэргэ киһи оҥорор быһыылара тиийэн хааллахтарына сүр олус улаханнык аһара барбыта бэлиэтэнэр. Киһи оҥорор быһыылара букатын аһара бараннар олус куһаҕан быһыыга кубулуйалларын, киһи быһыытын таһынан баралларын биллэрэр.
Сүр эбиллэн, күүһүрэн иһиитэ киһи сыыһа-халты туттунарын элбэтэриттэн куһаҕан өйдөбүлэ улаатан иһэрэ саха тылынан табатык быһаарыллан этиллэр. Бу этиилэр сахалар киһи өйө-санаата, сүрэ аһара бардаҕына тулуура улаатан иһэрин үөскэтэрин таһынан, оҥорор быһыытыгар эмиэ дьайарынан улахан аһара барыылары үөскэтэн куһаҕаны элбэтэрин биллэрэр. Ол иһин сахалар “Аһара барыма” диэн аналлаах үөрэҕи туһанан өйгө-санааҕа хааччаҕы, кыйыаны оҥороллор.
Билигин саха омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр үлэни кыайар, тулуурдаах, көрсүө, сэмэй эдэрдэр ордук элбэх туһаны оҥороллорун итэҕэйэн, оҕо иитиитигэр Улуу Тойон таҥара үөрэҕин туһаныы эрэйиллэр. Көрсүө, сэмэй киһи саамай улахан туһатынан оҕону иитиигэ аһара барбакка, ыкпакка, хаайбакка эрэ бэйэтэ көрдөрөн биэрэн батыһыннаран, үтүгүннэрэн иитэрэ, үөрэтэрэ буолар. Бэйэлэрин үтүгүннэрэн, көрдөрөн биэрэн иһэллэриттэн оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ өйө-санаата сайдыытын ордук табатык салайаллар.
“Айыы үчүгэй” диэн этэччилэр сиэри-туому, киһи быһыытын тутуспаттар, аһара барар санаалара элбээн сылдьарыттан ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатыыллара табыллыбаттара элбэҕиттэн куһаҕаны үксэтэн кэбиһэллэр. Бу кэмҥэ эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара, табаахха, наркотикка ылларыылара элбээһинэ “айыы үөрэҕин” улахан куһаҕан сабыдыала буолар.
Үөрэх “үчүгэй” диэн сымыйанан этии өй-санаа чэпчэки өттүн диэки халыйыытын улаатыннаран кэбиһэриттэн уонна солумсаҕырыыны аһара ыытарыттан эдэрдэр үлэни үлэлээбэт буолуулара үөскээтэ. Үөрэхтэммит, кумааҕыны эрэ хасыһар киһи оҕотун үлэҕэ үөрэтэр кыаҕа суох буолар.
Биир киһи үөрэҕи ылбыта бэйэтигэр эрэ үчүгэйи оҥорор, онтон оҕолоро элбэхтик олорор, сытар төрөппүттэрин үтүктэннэр сүрэҕэ суох буола улааталлар, ыарахан диэн ааттаммыт үлэни сирэллэриттэн, кыайа-хото үлэлээбэттэриттэн атыттартан хаалан хааланнар омугу барытын мөлтөтөллөр.
Сүр киһи тулуурун, дьулуурун улаатыннаран үлэҕэ ситиһиилэри оҥорорун үөскэтэрин таһынан, туттунар күүһүн сайыннаран сыыһа-халты туттунарын суох оҥорор, аҕыйатар кыахтаах. Ону тэҥэ, майгынын куһаҕан өрүттэрин хам тутан, кыччатан биэрэринэн киһилии быһыылаах буолууну олоххо киллэриигэ улаханнык туһалыыр. Арай туох барытын курдук аналлаах кээмэйин, көрсүө буолууну аһара барбатаҕына эрэ киһи олоҕо табылларын үөскэтэр.
Онон сахалар сүр диэн өй-санаа күүһүн олус былыргы кэмнэртэн, саха тыла саҥа үөскүөҕүттэн үөрэтэн, билэн Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн олохторугар туһана сылдьаллар.
СҮР
Сахалар түүл үөрэҕин туһанан арыйбыт уонна билигин туһана сылдьар өй-санаа туһунан үөрэхтэрэ Кут-сүр үөрэҕэ диэн ааттанар. Киһи өйө-санаата; үс куттара уонна сүрэ биир тутулуктаахтарын быһааран Кут-сүр үөрэҕэ диэн ааттаабыттар.
Сү диэн тыл олус былыргы кэмнэргэ сүөһү диэн улахан, тыыннаах харамайы биллэрэр өйдөбүллээх эбит. Бу тылтан үөскээбит сүр диэн тыл киһи айылҕаттан, төрөппүттэриттэн улахан тутулугун, этин-сиинин удьуордаан уонна өйүн-санаатын, буор кутун, майгынын үөрүйэххэ кубулуйбут өрүттэрин утумнаан иһэрин биллэрэр.
Оҕо улаатан истэҕинэ куттара саҥа үөрэҕи ылынан, сайдан, тупсан иһэллэр, онтон сүр олус бытааннык сайдар, үөрүйэх буолууттан эрэ сыыйа уларыйар. Ол аата киһи былыргы кыыл майгыныттан ылынан кэлбит өйө-санаата сүр диэн ааттанар уонна киһи өйүн-санаатын туругун, тулуурун күүһүрдэр суолталаах.
Бу тылы Э.К.Пекарскай икки тус-туһунан суолталаах тыл диэн быһаарбыт:
1. Сүр – куттал, кутталлаах. Сорох холобурдара: Сүрүн! Это же ужас! Ужасно! Сүрэ бэрт – очень ужасен, страшен; сүр өстөөх – лютый, злой; сүр-кэп көрүҥнээх – страшный собою.
2. Киһи таһыгар көстөр күүһэ, күүрээнэ, бэйэ бодото (сүнньүнэн тардыы эрэ форматыгар туттуллар).
Г.Ф.Сивцев Кылгас тылдьытыгар: “Сүр – өй-санаа күүһэ, кыах”, - диэн кылгастык, судургутук быһаарбыт.
Сүрэ тостубут – күүһэ, күдэҕэ бүппүт дьүһүннэммит (киһини өлөрө чугаһаабыт диэн этии); санаата улаханнык түспүт, самныбыт дьүһүннэммит. Итини сүрэ көппүт диэн эмиэ этэллэр.
Сүрэ баттыыр – киһини быһаччы кыаҕынан буолбакка, туох эрэ атын өттүнэн (хол.,аатынан-суолунан, үлэҕэ, атыҥҥа үөрүйэҕэ улаханынан) баһыйара билиниллэр. (5,15). Сүр диэн киһи өйүн-санаатын сүрүн тутулугун сахалар былыр үйэҕэ үөрэтэн билэллэрин былыргыны суруйааччы В.Ф.Трощанский маннык суруйан хаалларбыт:
- Улуутуйар Улуу Тойон дал людям, как я уже говорил, “источник огня”; он дал человеку, как мы увидим впоследствии, вторую душу сүр и черных шаманов. (6,66).
Бу быһаарыы сүрүн суолтатынан саха дьонун өйдөрө-санаалара, үлэлэрэ сайдыытыгар Улуу Тойон таҥара ылбыт улахан оруолун арыйара буолар. Ону тэҥэ, хас киһи барыта сүрдээҕинэн хас биирдии саха киһитэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕин тутуһа сылдьарын биллэрэр. Саҥа үйэҕэ сайдыыны ситиһэн иһэр саха омуга саханы саха дэппит Улуу Тойон таҥара үөрэҕин саҥалыы ылынан туһаннаҕына, тулуурун, дьулуурун улаатыннардаҕына саҥа үйэҕэ сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатарын туһанар кэм тиийэн кэллэ.
Сахалар Кут-сүр үөрэхтэригэр киһи үс кута сүр диэн Айылҕа биэр¬бит күүһүнэн холбуу баайылла сылдьаллар диэн этиллэр. Бу сүр диэн күүс киһи өйө-санаата арахсан, куттара тус-туспа баран ыһыл¬лан хаалбакка, бииргэ холбуу тутуллан, чөллөөх буолууларын хааччыйара быһаарыллар. (7,48). Ол аата, киһиттэн сүр барыыта, сүрэ көтүүтэ, сүрэ тостуута киһини букатыннаахтык өлөрбөт, киниттэн куттара арахсан тус-туспа барыыларын биллэрии буолар. Сүр суох буолуута, киһи салгын кута, үөрэҕи-билиини түргэнник ылынар өйө-санаата туспа баран, айыы буолан Үөһээ дойдуга көтөн, көннөрү тыыннаах хара¬майга - сүөһүгэ кубулуйуутун көрдөрөр.
Бу быһаарыы киһи кыыллартан, көтөрдөртөн сүрүн уратытын, салгын кута, өйө-санаата сайдарын, киһи буолууну ситиһэрин, киһилии быһыыланарын чуолкайдаан биэрэр. Итини тэҥэ, киһи саамай кэбирэх сиринэн көтөн хаалар өйө-санаата, салгын кута буоларын биллэрэн харыстанарга ыҥырар.
Сүр киһиттэн көтөн барыытын холобурун сахалар “Түөһэйбит” диэн моорук буола кырдьыбыт киһини этиилэриттэн булан быһаарыахха сөп. Аһара кырдьыбыт киһини “Оҕотугар түспүт” диэн эмиэ этэллэр. Түөһэйбит киһи толкуйдуур өйө-санаата мөлтүүрүттэн, салгын кута көтөрүттэн кыра оҕо курдук буолан хаалар. Ити этии оруннааҕын кырдьаҕастарын көрбүт дьон би¬гэргэтэллэр. Ол аата, түөһэйбит киһиттэн сүрэ көтүүтэ, салгын кута баран хаалан кыра оҕотун, ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар төттөрү түһүүтүгэр ти¬риэрдэрэ өй-санаа уратыларын таба быһаарыыга туһалыыр.
Сүр диэн өй-санаа күүһэ киһи айылҕаттан тутулугун, өбүгэлэриттэн ылынар өйүн-санаатын биллэрэр. Аныгы наука билинэринэн сүр “характер” диэн ааттанара табыллыах курдук эрээри, суолтатын кыайан толору арыйбат, аҥардастыы майгынын эрэ билинэр, ол аата сүр тосту уларыйар кэмнэрин уонна тулууру, өһөс санааны үөскэтэн салгын куту көтүппэккэ хам тута сылдьарын, киһилии быһыыны олоххо киллэрэрин кыайан быһаарбат.
Арҕааҥҥы дойдулар гороскуоптарыгар сүр элбэҕэ скорпионнарга, стрелецтэргэ, козерогтарга, водолейдарга түбэһэр. Кыһын төрөөбүт оҕолор сүрдэрэ элбэх буолар дииллэр сахалар. Айылҕаттан, өбүгэлэртэн бэриллэн иһэр сүр тыыннаах улахан харамайдар өйдөрө-санаалара киһиэхэ бэриллибитин биллэрэр уонна оҕо төрөөт даҕаны этэ-сиинэ билэр уратыларыттан тутулуга улаатар.
Киһиэхэ баар элбэх араас майгы уратылара сүргэ киирсэллэр. Ол курдук, бу уратылар аһара барыылара киһини үчүгэйгэ буолбакка, куһаҕаҥҥа тириэрдэллэрэ сүр быһаарыытыгар сөп түбэһэллэр. Аһара кыыһырыы элбээһинэ киһилии майгыга киирсибэт, кыыллар харыстанар, көмүскэнэр майгылара буоларынан аныгы үйэҕэ хааччахтана сылдьара эрэйиллэр. Дьоҥҥо барыларыгар сүр баар. Ол иһин сахалыы өй-санаа үөрэҕэ “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн ааттанар. Ханнык баҕарар өй-санаа курдук сүр аһара барбатаҕына эрэ киһи киһилии майгыннанар, оҥорор быһыылара табылланнар киһи буолууну ситиһэр кыахтанар.
Өй-санаа уларыйа, эбиллэ турарынан сүр эмиэ эбиллэр, көҕүрүүр, оннугар түһэр. Ол иһин киһиэхэ тулуур, туттунар күүс баара эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Сүр аһара барарын тохтотууга “Тохтуу түһүү”, “Уоскуйуу”, “Тыын тахсыыта” диэн этиилэр туттуллаллар.
Сүр диэн киһи өйүн-санаатын, тулуурун, киһи буолуутун быһаарар санаа күүһэ ааттанар. Киһи өйө-санаата тулуура, туттунар күүһэ улааттаҕына эрэ, сиэри аһара барбакка киһи быһыытын тутуһарын, киһи быһыылаахтык олоҕун олорорун биллэрэр.
Сүрэ күүстээх киһи бэйэтин көҥүл көтө-дайа сылдьар, аһара бара сатыыр араас, быстах санааларын хам тутан, тулуурун күүһүнэн салайан киһи быһыытын тутуһа сылдьар кыахтанар. Тулуура, туттунар күүһэ улааттаҕына киһи олоҕор, үлэтигэр ситиһиилэри оҥорон тупсарыылары киллэрэрэ кыаллар.
Сүрэ мөлтөх киһи санаалара ыһылла, уларыйа сылдьалларыттан кыайан биир сыалга туһаайара уустугурар, олоҕун сыалын ситиһэригэр эрэйдэри көрсүөн, атыттар араас сабыдыалларыгар киирэн хаалыан сөп.
Киһи өйө-санаата сахалар үөрэхтэринэн Кут-сүр диэн холбуу этиинэн бэриллэр. Сүр диэн киһи үс; буор, ийэ уонна салгын куттарын холбуу тута сылдьар санаатын күүһэ ааттанар. Киһи куттара ыһыллан, тус-туспа баран хаалбатахтарына эрэ, сиэри кэспэккэ эрэ сылдьар, киһи быһыытын аһара барбакка, аһара туттубакка эрэ олоҕун олорор, оҥорор-тутар кыахтанар.
Сүр суох буолуута, сүр тостуута киһи буолан бүтүүгэ, салгын кут көтөрүгэр, өйө-санаата мөлтүүрүгэр, ыарыыларга ылларарыгар, кыыл өйүгэр-санаатыгар төннөн түһүүтүгэр тириэрдэр. Аһара кырдьыбыт киһи түөһэйэн хаалара салгын кута көтөрүнэн, айыы буоларынан быһаарыллар. Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр сахалары барыларын албынныы сылдьалларын өйө көтөн, айыы буолбут киһи түөһэйэн хаалара биллэрэр.
Сүр диэн өйү-санааны тулуурдаах оҥорон, эти-сиини эрчийэр, көрөр-истэр, үс кутун холбуу тута сылдьар санаа күүһэ буолар. Киһиэхэ бу күүс баара тас көрүҥүттэн, сирэйин-хараҕын олоруутуттан, хайдах хамсанарыттан көстөн биллэр. “Сүрдээх киһи” диэн сүрэ элбэх киһини этэллэр.
Сүр киһиэхэ барыларыгар баар, айылҕаттан, төрөппүттэриттэн бэриллэр тулууру үөскэтэр күүс буолар уонна элбэх эбэтэр аҕыйах буолар уратылааҕын сахалар үөрэтэн быһааран Кут-сүр үөрэҕин олоххо киллэрэн туһана сылдьаллар.
Көр уонна сүө диэн тыллартан холбонон көрсүө диэн тыл үөскээбит. Ол аата көрөн-истэн үөрэнэр сүөһү диэн көрсүө киһини олус былыргы кэмҥэ быһаараллар эбит. Көрсүө киһи диэн сүрэ аһара барбакка, кэминэн сылдьар, тулуура улаханыттан оҥорор быһыылара табыллар, сатанар киһи ааттанар.
Кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ төрөөбүт оҕолор сүрдэрэ элбэх буолар. Бу быһаарыы сүрү тымныы дьарыктыыра, сайыннарара киһиэхэ ордук туһалааҕын биллэрэр. Өй-санаа күүһүнэн туһанан сүрү дьарыктыахха, эрчийиэххэ сөп. Бу эрчиллии, эбиллии сүрдээх, сүрдэннэ диэн тылларынан этиллэр. Тулуурдаах буолууга эрчиллии сүрү эрчийэр, дьарыктыыр, сүрдээх диэҥҥэ тириэрдиэн сөп.
Сүрэ мөлтөх киһи өйүн-санаатын тутулуга мөлтөҕүттэн арыгыны элбэҕи иһэн кэбистэҕинэ өйө, салгын кута көтөн хаалара эрдэлээн кэлиэн сөп. Итирии диэн элбэх арыгыны иһииттэн сүр улаханнык мөлтүүрүттэн, киһи салгын кута көтөн хааларыттэн тугу оҥорбутун, саҥарбытын өйдөөбөтө ааттанар. Билигин араас наркотиктар дьайыыларыттан туруга суох өйдөөх-санаалаах элбэх эдэрдэр өйдөрө көппүт туругар киирэн сылдьаллара үксээн иһэр.
Сүрүн диэн туох эрэ тутаах чааһа, сүнньэ ааттанар. Киһи айылҕаттан тутулуга хайдаҕын сүр быһаарар. Сүр тоһуннаҕына киһи тулуура мөлтүүрүттэн кыаҕа кыччыыр, куттара көтөллөр, киһи буолан бүтүүтэ, кыылга, сүөһүгэ кубулуйара кэлиэн сөп.
Сүр бэйэтэ киһини киһилии быһыыланыыга тириэрдибэт, тулууру, дьулууру, өһөс буолууну, майгы уларыйыыларын аан бастаан быһаарар. Тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс буолуу киһи туттунар күүһүн улаатыннаран сүрү күүһүрдэр, туох эмэ туһалаах үлэни оҥорор, тутар, ситиһиигэ тириэрдэр кыаҕы биэрэр уонна майгыны көннөрөн, тупсаран дьону кытта киһилии сыһыаны олохтуур.
Сүрэх диэн тыл сүр уонна ээх диэн тыллартан үөскээбитэ, сүр баар диэн өйдөбүлү биэрэр. Сүрэх хаһан да тохтоон хаалбакка куруук үлэлии сылдьарыттан киһи тыыннаах буолара кыаллар. Сүр сүрэҕи салайара, хамсатара быһаарыллан сүрэх диэн ааттаммыт.
Сүр диэн санаа күүһэ сүрэҕи салайар, хамсатар. Сүрэх хааны хачайдыырынан киһи тыыннаах буоларын хааччыйар уонна киһиэхэ хамсаныылары оҥорор, үлэлиир кыаҕы биэрэр. Маны өссө чуолкайдаан биэрэринэн “Сүрэҕэ суох” диэн хамсаныылары, үлэни оҥорорун сөбүлээбэт, сүрэҕэлдьиир киһини этии баара буолар. Сүр суоҕуттан эбэтэр аҕыйаҕыттан киһи хамсаныылары оҥорор, үлэлиир кыаҕа кыччыырын, бу этии биллэрэрэ ордук улахан суолталаах.
Киһи хамсаныылары, үлэни оҥорор кыаҕын сүр быһаарар. Сүрдээх киһи ханнык баҕарар үлэни оҥорор кыаҕа элбэҕэ быһаарыллар. Бу быһаарыыны тутуһан “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныллар.
Сахалар сүр диэн күүһү киһи быһыыта диэн үөрэх үөскүү илигинэ быһааран туттубуттар. Ол иһин сүр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн көрсүө уонна аһара барбыта, сүрдээх диэн этэн икки аҥы араарыллаллар. Үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн өйдөбүллэр үөскүөхтэрин иннинэ сүр туттуллан, аһара барыы, аһара туттуу куһаҕаны үөскэтэрин арааран быһаарар суолталаммыт.
Сүр диэн өй-санаа буоларынан суох буолан хаалара эбэтэр эбиллэрэ олус түргэн. Ол иһин сүр баар эбэтэр суох буолар, тостор, көтөр диэн быһаарыллар. Сүр диэн өй-санаа, күүс буоларынан сатаан, табан туһана сырыттахха эрэ табыллар. Сүр эбиллибитин бэлиэтэ сүрдээх диэн этиллэр. Сүрдээх киһи аһара туттунан кэбиһэрэ чугаһаан сылдьара быһаарыллар.
Сүр эбиллиитэ сүрдээх диэни аһара бардаҕына сүрдэннэ диэҥҥэ тиийэн хаалыан сөп. Сүрдэнии киһи быһыыта буолбатах, аһара баран сыыһа-халты туттунууну үөскэтиэн сөбө улаатан хааларыттан куһаҕаҥҥа киирсэр.
Сахаларга Күн таҥара үөскээбитин, сырдык уонна хараҥа дьайыытын быһаарыы кэнниттэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарар үөрэх үөскээбит. Киһи оҥорор быһыыта бу этиигэ сөп түбэһэрин билинии, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныы, бу кэмтэн ыла үөскээбит. Бу араарыылар үчүгэй киһи буолуу, үчүгэй киһи оҥорор быһыыта диэн үөрэхтэр дьон өйө-санаата өссө сайдыбытын, үчүгэй киһи таҥара, Христос таҥара үөскээбитин кэнниттэн олоххо киирбиттэр.
Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥороругар бу быһыытыттан туох содул үөскүүрүн эрдэттэн быһааран билэн баран эрэ оҥордоҕуна туһалаах, киһилии быһыы үөскүүр уонна ханнык да содул тахсыбат. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи оҥорор быһыытыгар олус сэрэхтээх буоларын үөскэтээри “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиини туһана сылдьарга сүбэлиир. Онон киһи буолан олоҕу олоруу, киһилии быһыыланыы сүртэн, ол аата тулууртан уонна туттунар күүстэн улахан тутулуктаах.
СҮР АЙЫЛҔАТТАН БЭРИЛЛИИТЭ
Сахалар “Киһи - Айылҕа оҕото” диэн этиини оҥорон киһи үөскээһинин таба быһааран олохторугар туһаналлар. Бу быһаарыы киһи айылҕаттан тутулугун, киһини ханнык да таҥара айбатаҕын, айылҕаҕа бэйэтэ үөскээбитин, сайдыбытын билинии буолар.
Киһи өйө-санаата үөскээһинигэр тыыннаах эккэ-сииҥҥэ хайдах хамсыырыттан тутулуктанан өй-санаа, буор кут үөскээн иһэрэ ылбыт оруола олус улахан. Өй-санаа элбэхтэ хатыланан үгэһи үөскэтэн баран өссө сайдан эккэ-сииҥҥэ үөрүйэхтэри үөскэтэрэ, буор кукка уларыйара киһи өйүн-санаатын сайыннарбыт уонна хамсаныыларын табатык оҥорор кыаҕын үөскэппит.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн уларыйа сылдьыыны быһаарар этии айылҕаҕа үөскээбиттэргэ барыларыгар дьайыыта тиийэр. Ол иһин киһи эмиэ икки өрүттээх:
1. Этэ-сиинэ. Сүрүн чааһа.
2. Өйө-санаата. Үс куттара уонна сүрэ.
Айылҕа икки өрүттээҕэ, сылааһа уонна тымныыта хардары-таары дьайыыларыттан киһи этэ-сиинэ сайдан, бу көстөр көрүҥүн ситиспит, онтон күн сырдыга уонна хараҥа уларыйа сылдьар дьайыылара Күн таҥараны үөскэтэн өйүн-санаатын күүскэ сайыннаран, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанан киһи буолууну баһылаабыт.
Саха дьоно айылҕа хас биирдии киһини, ханнык эрэ тутаах дьыалаҕа анаан айарын, ураты талааны биэрэрин былыргыттан бэлиэтии көрөннөр бэйэлэрин олохторугар туһана сылдьаллар. Ол кур¬дук, кинилэр хас биирдии оҕо айылҕаттан аналлаах талаанын, дьоҕурун булан таба туһанарыгар улахан оруолу уураллар эбит. “Идэ түһүүтэ”, “Талааны арыйыы” диэн этиилэри оҕо иитиитигэр уонна үөрэтиитигэр туһана сылдьаллара ону биллэрэр.
Сүр диэн айылҕаттан, төрөппүттэртэн бэриллэн иһэр өй-санаа күүһэ буолар уонна өйгө-санааҕа күүс эбэн биэрэринэн киһи тугу эрэ кыайыыны, ситиһиини оҥороругар кыах биэрэр сүрүн уратылаах.
Оҕолор анаммыт талааннарын, дьоҕур¬дарын эрдэттэн арыйан, кинилэр сайдыыларын таба суолунан салайан биэриини сахалар былыр-былыргыттан билэн, оҕолорун кыра эрдэх¬тэриттэн үөрэтэ, кэтии, туохха талааннаахтарын, дьоҕурдаахтарын уонна кимиэхэ маа¬рынныыр туттунуулаахтарын быһаара сылдьаллара. Ол курдук, оҕо үлэ ханнык көрүҥэр ордук талааннааҕын, дьоҕурдааҕын билэргэ, сахалар кини кыра эр¬дэҕиттэн ханнык дьарыгынан бэйэтэ сөбүлээн дьарыктана сылдьарын кэтээн көрөллөр уонна санаабытын ситиһиигэ төһө дьулуурдааҕын, сүрэ төһө элбэҕин быһаараллар.
Сүр киһи майгынын салайар, күүһүрдэн, кытаатыннаран биэрэр кыахтаах. Ол иһин сүр кытаатан, күүһүрэн иһэрэ киһи оҥорор быһыытын уонна майгынын куһаҕан өттүгэр улаханнык уларытарыттан харыстана, бэйэни билинэ, туттуна сылдьарга үөрэнии улахан суолталаах. Сүр кытаатан, күүһүрэн иһэрэ, онтон аһара барара сахалар өй-санаа үөрэхтэринэн маннык араарыллан бэриллэр:
1. Мөлтөх.
2. Мунаах.
3. Көрсүө киһи.
4. Сүрдээх.
5. Сүрдэннэ.
6. Сүрэ бэрт. Сүрүкэтин баҕаһын.
Мөлтөх диэн ааттаммыт киһи тугу да бэйэтэ быһаарынан оҥорор кыаҕа суоҕа, таах эрэйдэнэ сатыыра биллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ тулуура суоҕуттан сүрэ мөлтөх диэн ааттанара сөп.
Мунаах киһиэхэ сүрэ тиийбэт, дьорҕоото суоҕуттан буккуллара, быһаарыыны кыайан ылыммата элбээн туһалаах үлэни оҥороро улаханнык уустугурар. Тулуура, дьулуура тиийбэтиттэн кыайыан да сөптөөх дьыалатыгар ылсыбакка хаалан хаалыан сөп.
Көрсүө киһи сүрэ кэминэн, үөрэҕи, билиини көрөн-истэн баһылыыра элбэҕинэн киһи быһыытын аһара барбакка, тутуһа сылдьар, ол иһин олоҕо табыллар, сыыһа-халты туттунууга, быстах быһыыга киирэн биэрбэт кыахтанарын тэҥэ, туһалаах быһыылары, уустук, эрэйдээх үлэлэри оҥороро кыаллар. Сахалар көрсүө, сэмэй буолууну тутуһаллар, оҕолорун көрсүө буолууга иитэллэр. Көрсүө, сэмэй оҕо улаатан, сааһыран истэҕинэ олоххо оҥорор ситиһиилэрэ эбиллэн, тупсан иһэллэр.
Сүрдээх диэн сүр элбээбитин, аһара баран эрэрин биллэрэр суолталаах. Сүрдээх киһи тугу барытын оҥороро кыалларын да иһин, сыыһа-халты туттунара элбиириттэн сэрэхтээх буолара улаатара эрэйиллэр.
Сүр аһара барбытын сүрдэннэ, сүрэ бэрт диэн этиилэр биллэрэллэр. Сүр аһара бардаҕына хайа диэки халыйара биллибэт балаһыанньата үөскүүр. Үксүгэр сыыһа-халты туттунууну үөскэтэн куһаҕаны оҥорууга тириэрдиэн сөп. Ол иһин киһи тулуурун улаатыннаран сүрү аһара барарыттан хааччахтаатаҕына эрэ олоҕо табыллар. Киһи кыыһыра түстэр эрэ ону-маны быраҕаттанара, алдьатара, үөхсэрэ киирэрэ киһи быһыыта буолбатах, ол иһин киһи быһыытын таһынан бара сылдьар киһи буоларыттан атыттар сэрэннэхтэринэ табыллар. Билигин үгүстэр киһи төрөөбүт күнүттэн тутулуктаах гороскуопта¬ры киһи майгыныгар ордук таба түбэһэр диэн ааттыыллар. Маннык го-роскуобу былыргы үөрэхтээх Пифагор оҥорбута сүр, майгы уларыйыытын ордук сөпкө көрдөрөр дии саныыбыт.
Пифагор гороскуоба киһи сүрүн, майгынын, өйүн-санаатын, доруобу-йатын уонна ханнык үлэҕэ-хамнаска ордук талааннааҕын, дьоҕурдааҕын барытын быһаара сатыыр. Бу гороскуоп ыйыытынан бары дьоҥҥо хайа төрүөх¬тэриттэн аналлаах ньүөмэр иҥэриллэр. Бу ньүөмэр киһи төрөөбүт күнүттэн, ыйыттан уонна сылыттан тутулуктанар. Ити чыыһылалартан эбэн уонна көҕүрэтэн наадалаах сыыппаралары булуллар. Онтон булбут сыыппаралары аналлаах таблицаҕа хомуйан суруйдахха, киһи төрөөбүт күнүттэн тутулуктаах гороскуоба, таҥхата быһаарыллан тахсар.
Гороскуобу, таҥханы быһаарарга биир холобуру ылан майгыны быһаарар өрүтүн суоттаан көрөрбүт туһалыыр. Арай киһи төрөөбүт күнэ 11. 07. 1953. буоллун. Бу чыыһылалары бэйэ-бэйэлэригэр эбитэлиибит:
1+1+7=9. 1+9+5+3=18. 9+18=27. 27 - бастакы сыыппараны буллубут. Бастакы сыыппара чыыһылаларын бэйэ-бэйэлэригэр эбэбит:
2+7=9. 9 - бу иккис сыыппара. Мантан салгыы бастакы сыыппараттан төрөөбүт күн бастакы чыыһылатын иккигэ төгүллээн баран көҕүрэтэн кэбиһэбит:
27 - (1х2)=25. 25 - бу үһүс сыыппара. Билигин үһүс сыыппара чыыһылаларын бэйэ-бэйэлэригэр эбэбит:
2+5=7. 7 - бу төрдүс сыыппара буолар.
Таблица оҥорорго чыыһылаларбытын кэккэлэччи туруортуубут. Бастакы эрээккэ төрөөбүт күн чыыһылаларын ылабыт:
1, 1, 7, 1, 9, 5, 3 - онтон иккис эрээккэ суоттаан булбут сыыппараларбыт чыыһылаларын туруорабыт:
2, 7, 9, 2, 5, 7.
Таблица уруһууйдаан бараммыт онно ити чыыһылаларбытын бэйэ-бэйэлэригэр кэккэлэччи суруйталыыбыт:
1 1 1 - 7 7 7
2 2 5 5 -
3 - 9 9
Мантан салгыы таблица кистэлэҥнэрин арыйабыт.
БАСТАКЫ КВАДРАТ. (сүрэ, майгына).
1 - ураты бэйэмсэх, бэйэтин эрэ билинэр.
11 - бэйэмсэх соҕустар.
111 - үчүгэй, сымнаҕас майгылаахтар, көрсүөлэр, сэмэйдэр, сүрдэрэ кэминэн буолар.
1111 - кытаанах, күүстээх санаалаахтар, сүрдэрэ элбэх.
11111 - тойомсук, кытаанах, дьиппиэн майгылаахтар, элбэх сүрдээхтэр.
111111 - (биирдэ эмэтэ көстөр) аһыныгаһа суох майгылаах, ол гынан баран чугас киһитигэр ураты үчүгэйдик сыһыаннаһыан сөп. Бу киһилиин тапсар ураты ыарахан, аһара элбэх сүрдээхтэр уонна аһара бара сылдьар майгылаахтар.
Пифагор гороскуобуттан биһиги сүрү, майгыны быһаарар чааһын, бу үлэҕэ сыһыаннаах эрэ өттүн ылан бэчээттиибит. Толору гороскуобу “Таҥха. Билгэ” диэн үлэбититтэн буолуохха сөп.
Элбэх сүрдээх оҕолору иитии, үөрэтии улахан уустуктардаах. Бу оҕолор улаатан иһэннэр төрөппүттэрин, иитээччилэрин баһыйаннар, сабырыйаннар бэйэлэригэр туһалаах баҕа санааларын толорууга, атаахтыыллара улаатыытыгар туһаныахтарын сөп. Ону-маны була сатаан көрдөөн, ыган, хаайан олору булларан бэйэлэрин тустарын урутаан тутуһаннар, бэйэмсэхтэрин аһара улаатыннаран кэбиһэннэр төрөппүттэрин бэлэмнэригэр олоро сатыахтарын сөп.
Кытаанах майгылаах, сүрдэрэ элбэх оҕолору кыра эрдэхтэриттэн, ийэ куттара иитиллэр кэмиттэн ыла олох атаахтаппакка, төрөппүт этэр тылын иһитиннэрэн, элбэх үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ эрэ киһи быһыытын аһара барбат, киһилии быһыыны тутуһа сылдьар кыахтаныахтарын сөп.
Былыргы кэмнэргэ аһара барар майгылаах оҕолору иитэргэ, үөрэтэргэ сахалар чыпчархайы эбэтэр быһах кыынын быатын туһаналлар эбит. Эттээх сиргэ кыра ыарыыны оҥорон биэрии оҕо өйө-санаата аһара барарын түргэнник тохтоторун таһынан, этэ-сиинэ баарын уонна ыалдьарын биллэрэн биэрэн харыстанар санаатын улаатыннарара улахан туһаны оҥорор.
Оҕоҕо харыстанар санаата үөскээбитэ бэйэтэ билинэн оҥорор быһыыларыгар улаханнык сэрэнэригэр тириэрдэр, ол иһин улаатан баран сыыһа-халты туттунара биллэрдик аҕыйыыра ситиһиллэр. Бу өй-санаа уратытын быһаарыыга сахалар “Хаарыттаран үөрэтии” диэн ньымаларын ырытыы туһалыыр. Оҕо улаатан иһэн ону-маны, итии тэриллэри тыытан, тардыалаан кэбиспэтин туһугар тарбаҕын төбөтүн итии тэрилгэ кыратык хаарыттаран, кэһэтэн биэрэллэр. Оҕо ол кыратык кэһэйбититтэн атын тэриллэри мээнэ тыытара тохтоон, итиигэ буһан хаалыан сөбө аҕыйыыр кыахтанар.
Аһара барар майгылаах оҕо өйө-санаата сайдыыта үйэлэргэ уларыйбатыттан, чыпчархай дьайыыта кэһэтэн биэриигэ киирсэринэн, Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ буолар уонна аһара барар майгылаахтар билигин өссө элбээбиттэриттэн туттулла сылдьыа этэ.
“Олох үөрэҕэ” диэн киһи бэйэтэ оҥорор быһыыта сыыһа буолан хааларыттан кэһэйэн үөрэниитэ ааттанар. Аныгы үөрэхтээхтэр уонна төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын үчүгэй үгэстэринэн ииппэккэ атаахтата, маанылыы сылдьан бараннар улааппыттарын кэннэ бэйэлэрэ үөрэниэхтэрэ диэн сыыһа санааҕа киирбиттэриттэн, эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара эбиллэн иһэллэр. Ол курдук, оҕо бэйэтин өйө киирэн истэҕинэ бэйэмсэх санаата улаатарыттан бэйэтигэр үчүгэйи оҥосто сатыыра эбиллэн биэрэриттэн, атаахтыыра өссө күүһүрэн биэрэр.
Оҕо иитиитигэр Кут-сүр үөрэҕин туһанан оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥотторон ииттэххэ, үөрэттэххэ олохсуйбут бэрээдэги кэспэт, киһи быһыытын тутуһар уонна тулуура улаатан сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр кыахтанар.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи өйө-санаата аһара барарын хааччахтаан сиэри уонна киһи быһыытын тутуһарга иитэр, үөрэтэр. Оҕолоругар үчүгэйи, сыыһа-халты туттубатыгар баҕарар төрөппүттэр сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһуохтара этэ.
Онон сахалар оҕо өйө-санаата аһара барарын кыра эрдэҕиттэн хааччахтаан сиэри тутуһуннаран, киһи буолууну ситиһиннэрэн, оҥорор быһыыларын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэннэр киһи быһыылаах буола улаатарыгар тириэрдэр эбиттэр.
СҮР УРАТЫЛАРА
Киһи айылҕаттан улахан тутулуктааҕын сүр диэн өй-санаа баара биллэрэр. Тугу эмэ билгэлииргэ, түүлгэ туох көстүбүтүн тойоннуурга “Туох сүрэй?” диэн ыйытыыны биэрэн, тойоннуу сатыыллара санаа ханнык эрэ дьайыыны оҥорорун биллэрэр.
Идэлээх дьон түүллэрэ үлэлэригэр-хамнастарыгар быһаччы сыһыаннаах буолар. “Мин былыр дьиэ туттарбар Хоолой диэн аатырбыт ууһу аҕалан дьиэбэр олордон үлэлэттим. Арай биир сарсыарда киһибит: “Дьиктитик түһээтим, - диэтэ. – Тойокуга икки күөл икки ардыгар хара суор халыытыыр хара сирэ баар. Онно дьиэлэр бачыгыраабыттар. Киһи саҥата, ынах маҕырааһына, ыт үрүүтэ, оҕо ытыыра элбээбит. Ити туох сүрэ буолла?” – диэтэ. (8,106). Ол сиргэ дэриэбинэ тутуллан, бу түүл табата хойутаан да буоллар биллибит. Киһи айылҕаттан, төрүттэриттэн тутулуга сахалыы Кут-сүр үөрэҕэр табатык быһаарыллар. Ити тутулугу куттары холбуу тута сылдьар сүр диэн күүс үөскэтэринэн Кут-сүр үөрэҕэр холбуу киирсэн сылдьар. Кыһын, тымныы кэмҥэ төрөөбүттэр сүрдэрэ элбэҕиттэн майгылара кытаанах, тулуурдара улахан буолара үгүстүк бэлиэтэнэр.
Киһи айылҕаттан тутулуга уонна өйө-санаата сайдан тугу оҥороро “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэннэр икки аҥы, икки өрүккэ арахсаллар:
1. Сахаларга хас киһи барыта төрүөҕүттэн төлкөтө су¬руллан, дьылҕата быһаарыллан, бу Сиргэ-дойдуга олохсуйа кэлэр диэн былыргы өйдөбүл иҥэн сылдьар.
2. Kэлин кэмҥэ үөрэх-билии сайдыбытын билинэн киһи олоҕун өйүн-санаатын күүһүнэн бэйэтэ салайыан сөп диэн быһаарыы эмиэ баар буолла.
Бу быһаарыылар киһи дьылҕатын уонна майгынын быһаарыыга улахан суолтаны ылаллар. Ол курдук, араас гороскуоптар киһи айылҕаттан тутулугун быһаараллар, онтон бэйэтин оҥорор быһыыта олоҕун уларытар күүһэ өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ улаатан биэрэрэ уустуктары, сөп түбэспэти, иккис өрүтү үөскэтэн иһэллэр.
Туохха барытыгар иккис өрүт үөскээн тахсара биллэриттэн хайатын да диэки аһара барыы табыллыбат, сатаммат, куһаҕаҥҥа тириэрдэр кэмэ син-биир тиийэн кэлэр. Ол иһин сөптөөх, таба быһаарыы, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортолорунан түбэһэрэ ордугун сахалар үөрэтэн билбиттэрин хаһан баҕарар туһана сылдьыы ирдэнэр.
Хас биирдии киһи тас көрүҥнэрэ тус-туспаларын курдук, майгынна¬ра эмиэ хаһан да маарыннаспаттар. Киһи киһиэхэ сыһыанын тупсарарын туһугар чахчы билэр дьонун гороскуоптарын үөрэтэн билэрэ уонна тэҥнээн көрөрө ордук туһалыан сөп. Төрөппүттэр оҕолорун гороскуобун кыра эрдэҕиттэн билэн, кини айылҕаттан бэриллибит сүрүн, майгынын таба туһанан иитэллэрэ, үөрэтэллэ¬рэ улахан туһалааҕын билиэхтэрэ этэ. Ол курдук, аһара барар майгылаах, элбэх сүрдээх оҕону ийэ кута иитиллэр кэмин аһаран кэбиспэккэ эрэ бэрээдэккэ, үчүгэй үгэстэргэ, этэр тылы истэргэ иитии, үөрэтии өйүн-санаатын төрүтүн үөскэтэн салгыы олоҕор улахан туһаны оҥорорун туһаннахха табыллар. Аан дойду дьоно бары араас суол гороскуоптары туһанан бэйэлэрин дьылҕаларын билэргэ дьулуһаллар. Дьон бары туттар гороскуоптарыт-тан киһи майгынын ордук табатык быһаарарынан былыргы үөрэхтээх Пифагор оҥорбут гороскуоба туттуллар. Бу гороскуоп киһи төрөөбүт күнүн сыыппараларын туһанан суоттанан тахсарыттан туһа¬нарга ордук табыгастаах уонна атыттардааҕар быдан чуолкай, сөп түбэһэрэ элбэх быһаарыыны биэрэр.
Пифагор гороскуобугар киһи майгынын тоҕус килиэткэттэн маҥнай-гыта баһаарар. Бу килиэткэҕэ биир сыыппаралар суруллаллар. Биир сыыппара төһө элбээн иһэрэ киһи майгына кытаатан, бөҕөргөөн, сүрэ эбиллэн иһэрин бэлиэтиирэ ордук суолталаах.
Биир сыыппара соҕотох эрэ буоллаҕына, бу киһи улахан бэйэмсэх киһи буолар. Ханнык да дьыаланы оҥордоҕуна бэйэтигэр барыстаах эрэ буолуон баҕарар санаата улаханыттан барыһа суох дьыалаҕа кыттыһыан олох да баҕарбат. Бу дьон бэйэмсэхтэрэ улахана оҕолорун иитэллэригэр улахан мэһэйи оҥорор. Оҕом мин эрэ этэрбин иһиттин, мин эрэ курдук буоллун, миигин эрэ батыһа сырыттын диэн өйдөбүлгэ ыллараннар, оҕолорун бэйэлэриттэн аһара тутулуктаах гына үөрэтэн кэбиһэллэр. Аһара маныыллар, бэйэ¬лэриттэн төрүт даҕаны араарыахтарын баҕарбаттар, атаахтатан кэбиһиэхтэрин сөп. Бу дьон төһө да бэйэлэрин көрүнэ, уратыларын билинэ сатаабыттарын иһин, атын итэҕэйбит киһилэрин са¬быдыалыгар олус кииримтиэлэр, аһара үтүктүмтүөлэр.
Гороскуобугар икки биир сыыппаралаах киһи майгына үчүгэйэ киир-дэҕинэ үс биирдээх киһи курдук буолан ылыталыыр эрээри, бэйэм киэ¬нэ диэн өйдөбүлэ арыыйда элбэх буолар. Бэйэтин киэнин атын кимиэхэ эмэ биэрэригэр олус ыарырҕатар, ол кэриэтин таах сытара кинини уоскутар.
Биир сыыппара үс буоллаҕына киһи майгына саамай үчүгэй, эйэҕэс, сымнаҕас буолар. Маннык майгылаах киһи көрсүө, сэмэй буоларыттан атын дьону кытта олус тапсар, элбэхтэргэ сөбүлэтэр, оҕону иитиигэ ордук тулуурдаах, холку, арай көрдөбүлэ сымнаҕаһыттан атаахтатан кэбиһиэн сөп. Бары хаачыстыбалара тэҥ соҕус¬тук сайдыбыт киһи буолан уонна аһара баран сыыһа-халты туттубатыттан олоҕор ситиһиилэри оҥороро элбиир. Арай майгына сымнаҕаһыттан кытаанах майгы¬лаахтарга, элбэх сүрдээхтэргэ баһыттарар, ол иһин дьону салайар үлэни ыарырҕатыан сөп.
Биир сыыппара үстэн элбээн истэҕинэ киһи майгына кытаатан, дьиппиэрэн иһэр, сүрэ эбиллэр. Олохторугар ситиһиилэри оҥорор кыахтара улаатар. Түөрт биир сыыппаралаах киһиттэн үчүгэй салайаач-чы, кытаанах үөрэтээччи тахсыан сөп. Бу дьон туруоруммут сыалларын ситиһиигэ уонна ылыммыттарын толорууга ордук дьулуурдаахтар, дьа-ныардаахтар. Бу курдук гороскуоптаах биллэр дьонунан И.В.Сталин, М.Е.Николаев буолаллар.
Биир сыыппара биэс буоллаҕына, киһи майгына аһара кытаатан, сүрэ өссө эбиллэн, мин эрэ эппитим диэн өттө баһыйар буолан барар. Ылыммыт дьыала¬ларын толорууга ордук дьулуурдаахтарын таһынан, бэйэлэрэ билбиттэриттэн атын тугу да аах¬сыбаттара быдан баһыйар. Бу дьон өйдөрө-санаалара турук¬таах, халбаҥнаабат кытаанах санаалаахтар, ылыммыт сыалларын толорууга дьулуурдаахтар. Маннык гороскуоптаах дьоҥҥо киэҥник биллэр улахан салайааччылар; П.А.Ойуунускай, М.К.Аммосов, И.Н.Барахов, Л.И.Брежнев, Б.Н.Ельцин уонна да атыттар киирэллэр.
Алта биир сыыппаралаах киһи майгына олус туруору, сүрэ элбэх, мин эрэ билэ¬бин диэнэ хаһан баҕарар аһара бара сылдьар. Тугу барытын оҥороругар бэйэ¬титтэн туох эмэ уларытыыны киллэрдэҕинэ эрэ табыллар. Ханнык эмэ дьыаланы оҥороору бэлэмнэннэҕинэ, онтун хайаан да оҥордоҕуна эрэ санаата табыллар. Билиэхтэрин-көрүөхтэрин, туох эмэ саҥаны оҥоруохтарын баҕараллара аһара элбэх. Атын дьонтон тугунан эмэ уратыланан, чор¬бойуохтарын баҕараллара улахан. Бэйэлэрин олохторугар сөптөөх ситиһиини оҥороллоругар толору кыахтаах дьон. Аһара баран атын бэйэлэриттэн тутулуктаах дьону баттаабатахтарына баһыыба. Бэйэлэригэр туһалаах диэтэхтэринэ дьон туһугар үлэлииллэрин сөбүлүүллэр. Оҕолорун иитиигэ көрдөбүллэрэ үрдүк буолан сайдыы диэки тардыһыылаах көлүөнэни үөрэтэн таһаараллар эрээри, хам баттаабатахтарына табыллар. Маннык гороскуоптаах биллэр дьонунан Л.Н.Гумилев, М.Горбачев буо¬лаллар.
Биир, икки эбэтэр үс биирдээх гороскуоптаах оҕолору үөрэтии ханнык да улахан айдаана суох баран иһиэн сөп. Бу оҕолорго сым¬наҕастык сыһыаннаһан, үчүгэйи оҥордохторуна хайҕаан, тирэх буолан көмөлөһөн биэрии наада буолуон сөп. Бэйэлэрин күүстэрин хойутаан билинэллэр. Хаһан да аһара бар¬баттар, көрсүөлэр, сэмэйдэр. Утары турар майгылара суох буолан, улахан, үөрэтэр киһи этиитин олус ылынымтыалар, истимтиэлэр. Маннык сымнаҕас майгылаах, көрсүө оҕолору кытаанах майгылаах төрөппүттэр аһара баран өйдөрүн-санааларын баттаабат¬тара эрэйиллэр.
Оҕо майгынын билии кинини үөрэтиигэ улаханнык туһалыыр. Гороскуопта¬рыгар элбэх биирдээх, кытаанах характердаах, ыарахан майгылаах оҕолору үөрэтии ураты уустук. Бэйэлэрэ аһара сымнаҕас майгылаах төрөппүттэр, кытаанах көрдөбүлү туруорбатахтарына, улаатан иһэр оҕолорун баһылааһыннарыгар киирэн хаалыахтарын сөп. Ол иһин кини¬лэргэ тастан көмө эрэйиллэр. Элбэх биирдээх дьон аһара барым¬тыалар, куруук инники баран иһиэхтэрин эрэ баҕараллар. Оҕо өйө-санаата ситэн киһи буолууну баһылыар диэри сөптөөх тохтотор майгы хайаан да ирдэнэр. Былыргы саха¬лар маннык ураты мэник кыра оҕолору тохтоторго чыпчархайы, бэргэһэ эбэ¬тэр кыын быатын тутталлара биллэр. Оҕо өйө-санаата сайдыыта үйэлэргэ уларыйбатыттан, биир суолунан баран иһэриттэн табан туһаннахха билигин даҕаны туһаны аҕалыахтарын сөп.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн буойуу-хаайыы баарын билэрэ хайаан да эрэйиллэр, кинини “Аһара барыма”, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн өйдөбүллэри билэригэр үөрэтии улаатан иһэн сыыһа-халты туттубатын үөскэтэн улаханнык туһалыыр. Сахалар “Мөҕүллүбэт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиилэрэ оҕо аһара барар өйүн-санаатын тохтотон, киһилии быһыыга киллэрэн биэриигэ мөҕүү аналланарын быһаарар.
Киһи уһун олоҕун устата хайаан даҕаны суруллубут дуу, суруллубатах дуу бэрээдэги, ол аата сахалар үөрэхтэринэн сиэри син-биир тутуһа сылдьарыгар тиийэр. Улаатан истэҕинэ аны сокуоннары халбаҥнаабакка толорорун аныгы демократия оҥкулун тутуһар дойду сокуоннара ирдииллэр. Бэрээдэктээх, сиэри тутуһар киһи¬ни иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга төрөппүттэр бары кыахтарын ууран дьарыктаннахтарына, сахалыы таҥара үөрэҕин билэн тутустахтарына кэлэр көлүөнэлэрин олохторо табылларын ситиһэр кыахтаналлар.
Өй-санаа аһара барарын тохтоторго, сыыһа-халты туттунууну суох оҥорорго сахалыы таҥара үөрэҕэ сиэри, киһи быһыытын тутуһуннара үөрэтэрэ туһалыыр. Төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ, үөрэтиигэ сахалыы Кут-сүр, Киһи таҥара үөрэҕин тутуһаллара хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Омук сайдыытын оҕолор улаатан кыайа-хото үлэлээтэхтэринэ аҕалаллар. Ол иһин сахалар көрсүө, сэмэй буолууну тутуһаннар оҕолорун үлэҕэ, сыыһа-халты туттубат буолууга үөрэтэллэр. Көрсүө, сэмэй оҕо оҥорор ситиһиилэрэ сааһыран истэҕинэ эбиллэн иһэллэрэ ону дакаастыыр. Онтон атаах оҕо аанньа үлэлээбэт, сирэрэ-талара, сыыһа-халты туттунара элбэх, ону тэҥэ, олох ыараханын тулуйбат аатыран, кырата арыгыһыт буолан хаалан төрөппүттэрин эрэллэрин кыайан толорумуон сөп.
Онон оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ оҕо гороскуобун төрөппүттэр билэллэрэ уонна Кут-сүр, сахалыы таҥара үөрэҕин кытта холбоон туһаннахтарына атаахтатан кэбиһэллэрэ аҕыйыа этэ.
СҮР САЙДЫЫТА
Былыргы сахалар сүрү таҥара ийэ куту кытта бииргэ биэрэр дииллэр эбит. Былыргы кэмҥэ оҕо бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ көрөн-истэн, үтүктэн үөрэнэр үөрэҕин барытын, ийэ кута иитиллэрин, ол кэмҥэ өйө-санаата эмиэ сайдарын кыайан арааран билбэттэриттэн хантан эрэ халлаантан ылан таҥара биэрэрин кур¬дук сыыһа саныыллара олохсуйан сылдьыбыт. Бу сыыһа санааларын нуучча суруйааччылара үтүктэн суруйбуттарын, өй-санаа үөрэҕэр ханнык да билиилэрэ суох тыл үөрэхтээхтэрэ ылан, элбэх сыыһалардаах, сахалары албынныыр “айыы үөрэҕэр” туһана сатыыллар.
Үөрэх-билии төһө да сайыннар дьон үксэ билигин даҕаны итинник санааттан кы¬айан босхолоно иликтэр. Ол иһин киһи ийэ кутун уонна сүрүн Үөһээҥҥи Айыылар биэрэллэр диэн санааччылар бу кэмҥэ да бааллар. Өссө сорохторо, улахан таҥара үөрэхтэрин итэҕэйээччилэр били¬гин даҕаны “Таҥара халлааҥҥа баар”,- диэн албын санааттан босхолоноллоро өссө да ыраах.
Оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕинэ хайдах сайдан иһэрин, үгэстэри үөскэтинэн иҥэринэрин дьон ситэ билбэттэриттэн ити кур¬дук сыыһа өйдөбүллэргэ киирэн сылдьаллар. Онно эбии тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар өй-санаа үөрэҕин билбэт эрээри, итэҕэл үөрэҕэр кыттыһаннар элбэх сыыһалардаах, өйтөн булан, мунньахтаан оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар буккууру киллэрэн сылдьаллар. Кинилэр олус былыргы кэмнэргэ үөскээн сайдыбыт сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин үрэйэ, ыһа сатыылларын бэйэлэрэ да билэ иликтэр.
Сайдан иһэр Кут-сүр үөрэҕэ нууччалар кэлэн киллэрбит сыыһа быһаарыыларыгар уларытыыла¬ры киллэрэр. Ол курдук, бу уларытыылар оҕо төрүүрүгэр мэйиитигэр аҕыйах, тыыннаах буоларыгар, улаатарыгар туһалыыр уонна төрөппүттэриттэн бэриллэр буор кут өйө-санаата эрэ баар, онтон атын өйө-санаата кураанах буолар диэн билиигэ олоҕураллар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдарыттан туох баар билиитин-көрүүтүн барытын бэйэтэ ситиһэрин быһаарабыт. Улаатан иһэн араас туһалаах хамсаныыларынан дьарыктанан буор кута сайдарын, кыбыытын кыанарын ситиһэр уонна ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллэн иһэр, онтон улаатан истэҕинэ, 5 эбэтэр 6 сааһыттан үөрэҕи, билиини баһылаан салгын кута сайдан үөрэҕи ылынарын Кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.
Оҕо ийэ кута диэн өйө-санаата ийэтин көмөтүнэн олох кыра эрдэҕиттэн, хараҕынан ону-маны таба көрөн билэр кэмиттэн ыла сайдан барар үгэстэринэн иитиллэр өйө-санаата ааттанар. Онтон сүр диэн оҕо тулуурдаах, туттунар күүстээх буолуута, бэйэ¬тин баҕа санаатын ситиһэр күүһэ ыараханнары, ыарыылары тулуйар, бэйэтин санаатын туруулаһар кэмиттэн, 6 эбэтэр 7 сааһыттан ыла сайдан-үөскээн тахсан, күүһүрэн иһэр өйө-санаата буолар. Ол аата оҕо сүрэ сайдара 6 сааһын кэнниттэн салгын кута сайдан уларыйыылары киллэрэриттэн саҕаланар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн илиитинэн тутуһан тардыһа сатыыр. Оонньууру таба тутан ыллаҕына олус үөрэр. Тугу эмэни таба тутан ылар буолууга өр кэмҥэ үөрэнэр. Аан маҥнай таба туппакка, сыыһа-халты тута сылдьа-рыттан бэйэтэ да санааргыыр, кыйаханар. Эрчиллэн-эрчиллэн, хамса-тан-хамсатан илиитин тарбахтарын үөрүйэх оҥорон үчүгэйдик салайа, хамсата үөрэтэриттэн хам тутан ылар кыахтанар. Ол аата илиитин хамсатар быччыҥнарыгар буор кута үөскээн санаатынан салайан табатык хамсатара ситиһиллэр.
Оҕо өйө санаата сайдан иһиитэ сүрэ сайдан иһэрин, маннык таһымнары ситиһиитин үөскэтэр уонна ханнык баҕарар өй-санаа курдук аһара барбата ирдэнэр:
1. Мөлтөх. Тугу да бэйэтэ быһаарынан оҥорор кыаҕа суох оҕо өссө сайда илик өйүн-санаатын бу тыл быһаарар.
2. Мунаах. Сүрэ аҕыйаҕыттан эбэтэр күүһүрэ илигиттэн кыайан сөптөөх быһаарыыны ылынара кыаллыбат, ким эрэ ыйан, көрдөрөн биэрэрин кэтэһэрэ элбээн хааллаҕына мунаах буолар. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэ тугу эмэ оҥороругар төрөппүтэ этэрин кэтэһэ сылдьара элбээтэҕинэ мунааҕа улаатан хаалыан сөп.
3. Көрсүө. Көрсүө киһиэхэ сүрэ кэминэн баар. Тулуура, туттунар күүһэ улаханыттан өйө-санаата аһара барбатын ситиһэн сыыһа-халты туттунууну оҥорбот, ол иһин олоҕор ситиһиилэри оҥорор уонна үлэни кыайарыттан тупсарыылары киллэрэрэ элбиир. Сахалар көрсүө буолуу туһата элбэҕин быһааран билэн оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэллэр.
4. Сүрдээх. Сүрэ элбэҕиттэн өйө-санаата аһара барарыттан сыыһа-халты туттунууну оҥорон кэбиһиэн сөп. Оҥорор быһыыта иннэ-кэннэ биллибэтиттэн, үчүгэй да, куһаҕан да буолан хаалыахтарын сөбүттэн сүрдээх киһи сэрэнэ сылдьара, тулуурун өссө улаатыннарара олоҕор туһаны оҥорор.
5. Сүрдэннэ. Сүр сайдыыта аһара баран бу таһымҥа тиийдэҕинэ киһи оҥорор быһыыта аһара барыыта үөскээн тахсан үчүгэй буолбатаҕына, куһаҕаны оҥорууга тиийэн хаалыан сөп. 6. Сүрэ бэрт. Сүрүкэтин баҕаһын. Сүр аһара барыыта киһи быһыытын таһынан барыы олус улаатан куһаҕан быһыылары оҥорууга тириэрдэрэ тиийэн кэлбитин, бу этиилэр биллэрэллэр.
Сүр ханнык эрэ кээмэйи, көрсүө буолууну аһара бардаҕына киһини сыыһа-халты туттунууга тириэрдэриттэн анаан-минээн хааччахтана сырыттаҕына эрэ табыллар. Сүр хааччаҕын киһи тулуурдаах буолуута туттунар күүһүн сайыннаран үөскэтэр. Итини тэҥэ, сиэри тутуһа сылдьыы өй-санаа аһара барбат хааччаҕын үөскэтэрэ киһи буолууну ситиһиигэ туһалыыр.
Оҕо сайдан иһэр күүһэ олус улахан. Сатаан олорору баһылаат даҕаны, сотору сыыллан барбытынан барар. Бу кэмтэн ыла атахтарын ана¬ан-минээн эрчийэрин саҕалыыр. Хаамыан лаппа инниттэн сылайыар диэ¬ри чохчоохойдуу оонньуур. Атаҕа күүһүрэн иһэрин тэҥэ, санаата эмиэ күүһүрэр. Тутуһан турар сириттэн бэйэтэ, ким да көмөтө суох илии-тин ыытынан баран, тутуспакка эрэ тура сатыырга үөрэнэри баһылыыр, онтон бэйэтэ хаама үөрэнэр. Оҕо бу үөрэниитэ, бэйэтин этин-сиинин эрчийиитэ төрөппүттэрин көрөн үтүктэн ту¬ран хаама сылдьарга баҕа санаатын үөскэтиититтэн уонна ону ситиһэ сатааһыныттан оҥоруллар.
Оҕо биир сааһын ааһыыта атаҕар туран хаама сылдьар буолар, киһи курдук көрүҥэниини ситиһэр, аны салгыы өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһэрэ саҕаланар. Хаа¬ман бардар эрэ сылдьар сирэ кэҥээн барыны-бары билиэн-көрүөн, ту¬тан ылыан баҕата эбиллэр. Бу кэмҥэ көмөлөһөн биэрэн истэххэ ону¬-маны билэрэ олус түргэнник кэҥиир, тулуурдаах буолара улаатар. Хааман иһэн охтубут оҕону турарыгар көмөлөһөн, ыарыытын имэрийэн биэрэн баран, буорайда диэн атаахтаппакка үөрэттэххэ, ыарыыны тулуйара күүһүрэн иһэр.
Атаҕар туран хаамара оҕоҕо олус улахан кыайыыга тэҥнэ¬нэр быһыыта буолар уонна бу кэмтэн сүрүн үөскээһинэ саҕаланар. Сахалар этэллэринэн “Сүнньэ көнөр”. Улахан дьоҥҥо, төрөппүттэригэр дьэ маарынныыр көрүҥнэнэр. Санаата күүһүрэр, ханна баҕарар хааман тиийэ сатыырга дьулуһар, сылдьар сирэ кэҥиир, ону-маны аҕалан биэрэн, таскайдаан көмөтө улаатан “Туһа киһитэ” буолан үлэлииргэ үгэстэри иҥэринэр кыахтанар. Бу үөскээбит үгэстэрэ баҕа санаа буолан ийэ кутугар иҥэннэр үлэни үлэлииргэ баҕа санаалаах киһи буола улаатар.
Сүр диэн кыра оҕо атаҕар туран хаамарыттан, сиһэ көнүүтүттэн үөскээн, күүһүрэн тахсан иһэр күүс. Оҕо төрөппүттэрин үтүк¬тэр санаата күүһүгэр күүс эбэр, бэйэтин билинэрэ үөскээн барар. Кини санаатын күүһэ көнөтүк туттан хаамар буо¬луутун үөскэтэн, сүнньэ көнүүтүгэр тириэрдэр.
Оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ улаханыттан атаҕар туран хаама үөрэ¬нэр. Оҕолор бары кэриэтэ биир саастарын ааһыыларыгар хаама үөрэ¬нэллэр. Кыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара салайар, үтүктэр күүстэрэ ордук улахан кэмигэр, атахтарыгар туран хаамары кыайаллар. Сатаан көнөтүк туттан хаамары ситиһиилэрэ сылдьар сирдэрин кэҥэтэн санааларын күүһүрдэр, сүрдэрин үөскэтэр, саҥаны билэ сатыыр кыахтарын улаатыннарар.
Киһи буолуу санаата оҕо өйүгэр-санаатыгар көнөтүк туттан хаамар кэмиттэн ыла киирэр. Көнөтүк туттунан хаамара оҕоҕо киһи курдук буолуу өйүн-санаатын үөскэтэр. Бу кэмтэн ыла оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэн киһи буолуу үөрэҕин баһылааһынын саҕалыыр.
Хаамар кэмнэрин аһаран, хойутаан хааллахтарына туран хаама үөрэнэллэрэ олус уустук буолар. Туралларыттан куттана сылдьар буолан хааллахта¬рына салгын куттара сайдан, бэйэлэрин толкуйдуур өйдөрө киириэр диэри кыайан хаампакка сылдьаллара биллэр. Бу быһаарыы оҕо салгын кутунан иҥэринэр үөрэҕэ олус бытааннык киирэн хамсаныылары оҥорору үөскэтэрин дакаастыыр.
Киһи салгын кута көттөҕүнэ, сүрэ эмиэ көтөр, улаханнык көҕүрүүр. Итирбит киһи бэйэ¬тин киһилии туттунар күүһэ, сүрэ суох буолан букатын сүөһүтүгэр түһэр, ол аата ийэ кутун салайыытыгар киирэриттэн сыыһа-халты туттунара элбиэн сөп. Бу быһаарыы сүр киһи куттарын холбуу тута сылдьар күүс буоларын бигэргэтэр.
Киһи кырдьан түөһэйдэҕинэ салгын кута көтөр, туспа баран айыы буолар, ол иһин субу оҥорбутун умнан кэбиһэрэ улаатар, онтон урукку үгэс буолбут өйдөбүллэрин киһи умнубат, куруук өйдүү сылдьар. Өй-санаа бу уратытын үөрэтэн, быһааран билии киһи куттарын тус-туспа араарыыга туһалыыр.
Тулуура улахан, туттунар күүстээх киһи куттарын холбуу тутан сылдьар кыаҕа, сүрэ улаханыттан салгын кутун көтүтэн кэбиспэт. Сүр – киһи куттарын холбуу тута сылдьар сүрүн күүс буолара итинник чуолкайдык дакаастанар.
Кыыл булан ылан үөрэппит оҕолоро кыайан киһилии хаама үөрэм-мэттэр, ииппит кыылларын үтүктэн үөрэммиттэрэ тардан ат буола сыл-дьаллар. Бу быһаарыы оҕо кыра эрдэҕинэ иҥэриммит үгэстэрэ улааппытын да кэннэ син-биир дьайа сылдьалларын биллэрэр.
Оҕо атаҕар туран хаамар буолуута сиһин тоноҕоһун көннөрөн сүрэ көнөрүгэр тириэрдэр. “Көнө сүрүннээх” диэн сахалар көнө майгылаах, көрсүө, сэмэй киһини этэллэр. “Кыыллыы кэмэлдьилээх” киһи көнө сүрүнэ суох, албын-көлдьүн буолара элбиирэ бэлиэтэнэр.
Сэттэ саас – оҕо өстөөх сааһа, онно тиийдэҕинэ уллуҥаҕа бардайар. Оҕо киһи бодотун сүрү кытта ылар. В.М.Ионов истибитинэн, сүрү үөһээҥҥи абааһылар баһылыктара Улуу Тойон оҕо сэттэтин туоллаҕына иҥэрэр. (8,34). Сэттэ сааһын кэнниттэн оҕо тулуура, дьулуура улаатан истэҕинэ сүрэ эбиллэн иһэрэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ саха киһитин салайарын биллэрэр.
“Киһи буолабын”,- диэн санаа киһиэхэ сүрүн күүһүрдэр. Ол аата, киһи тулуура, дьулуура, өһөс санаата элбээтэҕинэ эрэ киһи буолууну ситиһэрин биллэрэр. Киһи буолуу диэн олох ыараханнарын, эрэйдэрин тулуйдахха, үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран оҥорор быһыыларга туһаннахха эрэ ситиһиллэр оҕо өйө-санаата сайдыытын, тупсуутун биллэрэр көрдөбүл буолар уонна оҕоҕо киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыаҕы биэрэр.
Былыргы кэмнэргэ киһи буолуу үөрэҕэ сахалар таҥараларын үөрэҕин үөскэппит уонна Аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт.
Оҕо төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ ордук элбэх. Дьоно көнөтүк хаама сылдьалларын көрөн оҕо көнөтүк, киһилии хаама үөрэнэр. Олус хойутаан хаампакка хаалбыт оҕо төһө да бэйэтин өйө киирбитин иһин, аны куттанан хаампат түбэлтэлэрэ бааллар. Бу быһыы үөрэҕи ылыныы кэмэ ааһан хааллаҕына олус ыараханнык, эрэйдээхтик көнөрүн көрдөрөр холобур буолар.
Сүрү Айылҕа эмиэ биэрэр. Кыһын тымныы кэмҥэ төрөөбүт оҕолор сүрдэрэ элбэх буолар. Сүрэ элбэх киһи тулуура улахан. Биһиги биэрэр диэн тылы ханнык эрэ бэлэми таах ылар курдук өйдүү үөрэммиппит сыыһа өйдөбүлү үөскэтэр. Улахан тымныыны тулуйар буолууга утумнаахтык эрчиллии, дьарыктаныы ханнык эрэ олус ыараханы тулуйарга тэҥнэнэн сүрү сайыннарар.
Сүрү оҕоҕо тымныы¬ны эбэтэр итиини, үөннэр сииллэрин тулуйар буолуута үөскэтэр. Тымныы аан бастаан дьайыытыттан кыһын төрөөбүт оҕолор сүрдэрэ элбэх буолар. Киһи буолары ситиһээри ыараханнары ту¬луйарыттан тулуурдаах буолуута, сүрэ үөскээһинэ саҕаланар. Тымныыны, ыараханнары тулуйуу сүр элбииригэр тириэрдэрэ онно олук буолар.
Ол аата, сүр диэн ту¬гуй? Тулуур улахана сүр баарын биллэрэр. Тулуур сүрү сайыннарар, элбэтэр, күүһүрдэр. Онтон тулуур өһөс санааттан ордук күүһүрэр. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно тулуурдаах, өһөс майгылаах, үлэни кыайар дьону үөскэтэр. Бу өс хоһоонун оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр туһаныы эрэ аныгы, эрэйдэрэ элбээн иһэр олоххо эрэйиллэр.
Айылҕа хааны сиир үөннэрэ киһини уонна кыыллары эрэйдииргэ эрэ анаан айыллыбыт буолбатахтар. Бу үөннэр киһи хаанын кыра тымырдартан кыра-кыратык көҕүрэтэннэр айылҕаны кытта биир ситимнииллэр уонна этигэр-сиинигэр кыра ыарыылары үөскэтэннэр сүрүн, тулуурун, туттунар күүһүн сайыннарар аналлаахтар. Ыарыылары тулуйары элбэх сүрдээх киһи холкутук кыайар.
Аныгы медицинэ науката ыарыы тарҕанарын утарарга анаан прививка диэн быһыыны туһанара айылҕа бырдахтара оҥорор кыра ыарыыларыгар сөп түбэһэр, маарынныыр. Ол аата бырдахтар көмөлөрүнэн айылҕаҕа тахсар уларыйыылар киһи этигэр-сиинигэр быһалыы тиийэн иһэллэрэ ситиһиллэр.
Тулууртан, дьулууртан сайдан иһэр күүс аата – сүр диэн буолар. Тымныыны, итиини, үөннэр сииллэрин тулуйартан үөскээн, сайдан улаатан тахсар күүс - сүр диэн сахалыы ааттанара итинник быһаарыллар. Оҕо улаатан иһэн үлэлии үөрэннэҕинэ сүрэ сайдан, эбиллэн иһэр. Сэттэ сааһын кэнниттэн оҕо сүрэ кытаатан, күүһүрэн иһэрин, бэйэтин билинэрэ үөскүүрүн арааран билэннэр, бу кэмҥэ кыра эрдэҕинээҕи таптал аатын хаалларан, уларытан улахан киһи аатын биэрэн иҥэрэллэр.
Оҕо улаатан истэҕинэ сүрэ аһара барбатын үөскэтэн оҕону көрсүө буолууга үөрэтиллэр, онтон сүрэ элбээтэҕинэ сүрдээх киһи диэн ааттанар. Ол аата сыыһа-халты туттунан кэбиһиэн сөптөөх киһиэхэ кубулуйан хаалара төрөппүттэри сэрэннэриэ этэ.
Былыргы кэмнэргэ сүр хантан үөскээн кэлэрин ситэ билбэттэриттэн сүрү киһиэхэ атыттар биэрэллэр диэн өйдүү үөрэммиттэр. Нуучча үөрэхтээхтэрэ ол сыыһаны суруйан хаалларбыттарын көннөрөн өйдөөһүн эрэйиллэр. Сайдан иһэр Кут-сүр үөрэҕэ сүрү оҕоҕо төрөпүттэрэ уонна айылҕа биэрэр, ону кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ сайыннаран, дьарыктаан күүһүрдэн биэрэн иһэр диэн быһаарар.
Айылҕа тымныытын тулуйа сырыттахха киһи тымныыны тулуйара үөскээн сайдар. Туох эмэ ыараханы, эрэйдээҕи тулуйа, өсөһө сырыттахха тулуур, өһөс санаа күүһүрэриттэн киһиэхэ туттунар күүһэ үөскээн сайдар. Ол аата дьарыктана, эрчийэ сырыттахха киһи сүрэ сайдан, күүһүрэн иһэр.
Кут-сүр үөрэҕэ хантан да кэлбэт, киһи бэйэтин өйүн-санаа¬тын үөрэтии, билии буоларынан хаһан да уларыйбат. Оҕо өйө-санаата аан маҥнай бэлэм, биллэр үчүгэй үгэстэри иҥэриниититтэн ийэ кута иитиллэн сайдар, онтон умнубат буолуута үөскээтэҕинэ салгын кута үөрэҕи билэн, ылынан эбиллэн барар.
Киһи сааһыран истэҕинэ этин-сиинин туругун, өйүн-санаатын уларыйыыларын, араас түүллэрин үөрэтэн бэйэтэ баһылаан олоҕор туһанан иһэрэ Кут-сүр үөрэҕэ диэн ааттанар. Бу үөрэх сүрүн өйдөбүллэрин хас биирдии киһи билэ сылдьара, олох сайдыытын көрдөбүлэ буоллаҕына табыллар. Сайдыы¬лаах олоххо киһи бэйэтин ис санааларын билэрэ, олору баһылыыра уонна салайара киһи өйүн-санаатын таһымын өссө үрдүкү кэрдиискэ таһаарыан сөп.
Билигин Кут-сүр үөрэҕин сайыннарыы, онно түүллэри үөрэтэн туһаныы тарҕанан иһэр. Аныгы психология үөрэҕэ саҥа арыйа сатаан эрэр үөрэхтэрин бы¬лыргы сахалар үөрэтэн билэннэр билигин да бэйэлэрин олохторугар туһана сылдьаллар. Бу үөрэхтэриттэн саамай туһалаахтара оҕо ийэ кута 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри бэлэм үгэстэринэн иитиллэр диэн буолар. Үчүгэй иитиилээх диэн ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллибит оҕо ааттанар, онтон куһаҕан иитиилээх диэн куһаҕан быһыылары оҥоро үөрэммит буоллаҕына этиллэр. Сахалар бу Кут-сүр үөрэхтэрэ бэйэлэрин былыргыттан билиилэрэ, национальнай культураларын баайа буолар уонна атын омуктарга мээлэ тарҕатыллыа, ыскайданыа суохтаах. Ол аата саха тылын үөрэтии, билии Кут-сүр үөрэҕин туһаныыны үөскэтэрэ сахалар ахсааннара эбиллэн иһэрин саҕалыан сөп.
Сахаларга эрэ баар Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонунан толору бэриллэр. Бу өс хоһооно киһи тулуурун, өсөһүн кыра эрдэҕиттэн сайыннаран олоҕор ситиһиилэри оҥорорун үөскэтэрин туһана сылдьыы омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр ордук улаханнык туһалыыр. Билигин ырыынак кэмигэр киһи тулуурун, дьулуурун улаатыннарарга аналлаах Улуу Тойон таҥара үөрэҕин туһаныы ирдэнэр буолла.
Сахабыт сиригэр элбэх араас омуктар олохсуйан эрэллэр. Ол иһин бу кэмҥэ саҥа омук үөскээһинэ салҕанан иһэр. Бу элбэх омуктартан баһылыыр оруолу ыларга Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ туһалыыр кэмэ кэллэ. Улахан тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар, үлэни кыайааччылар баһылыыр кэмнэригэр, бу таҥарабыт үөрэҕэ эрэ көмөлөһөр кыахтаах.
Нууччалары кытта холбоһууттан сайдыы күүһүн ылыммыт саха омуга билигин өссө сайдан иһэр. Омук сайдыыны ситиһэригэр тулуура, өсөһө улахана ордук туһалааҕын билиннэххэ табыллар. Тулуурдара улахан, үлэни кыайар, көрсүө, сэмэй дьон эрэ омугу сайыннаралларын уһун үйэлээх сахалар билэллэр уонна олохторугар туһана сылдьалларын бэлиэтинэн оҕолорун көрсүө, сэмэй майгыга үөрэтэллэрэ буолар.
Онон, Кут-сүр үөрэҕин саҥалыы сайыннаран, сахалыы тылынан саҥардыы, кэлэр көлүөнэни үөрэтиигэ киэҥник туһаныыга киллэрии саха тыла сайдарыгар, саха дьонун өйдөрө-санаалара тупсарыгар, ахсааннара эбиллэригэр ор¬дук туһалаах буолуо этэ.
МӨЛТӨХ
Оҕо сэттэ сааһыгар диэри кэмҥэ төрөппүттэрин көрүүлэринэн-истиилэринэн сылдьар уонна тугу этэллэрин, ыйалларын толорорго үөрэнэр. Бу кэмҥэ диэри оҕо туһа киһитэ буолан чэпчэки, кыайар үлэлэрин оҥоро үөрэннэҕинэ араас хамсаныыларынан буор кута эрчиллэн уонна тулуура улаатан сүрэ эбиллэн иһэрэ ситиһиллэр.
Туһа киһитэ буолан үлэҕэ үөрэнэр кэмиттэн саҕалаан сүрэ үөскээн, бэйэтин билинэрэ сайдан барар. Хамсаныылары оҥорууттан өйгө-санааҕа уларыйыы киирэр бу кэмин сахалар арааран билэн оҕо улааппытын биллэрэллэр, улахан киһи аатын биэрэн иҥэрэллэр. Ол аата оҕо улахан киһи буолбутун бэйэтэ билиниитин үөскэтэллэр.
Сэттэ сааһын туолбут оҕоҕо улахан киһилии сыһыаны олохтооһун төрөппүттэртэн эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Бу кэмҥэ оҕо салгын кута сайдарынан үөрэҕи-билиини иҥэринэн иһэрэ түргэтиир, бэйэтэ быһаарынан оҥорор араас быһыылара эбиллэн иһэллэр. Ол иһин оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн таба туһанара бу кэмтэн ыла ирдэнэр көрдөбүл буоларынан “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕин көрдөбүлүн тутуһан дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэрэ эрэйиллэр. (11,56).
Бу кэмтэн ыла оҕо дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын арааран билэн, олору оҥорбот буолара үөскээтэҕинэ оҥорор быһыылара үчүгэй өттүгэр халыйаннар, олору оҥороро элбээн үчүгэй быһыылаах киһи буолара ситиһиллэр кыахтанар. Ол иһин дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын төрөппүттэрэ билэн оҕолоругар тириэрдэн иһэллэрэ эрэйиллэр көрдөбүл буолар.
Оҕо сэттэ сааһын туоллаҕына дьон оҥорор бары быһыыларын билэрэ туһалаан, куһаҕаны арааран билэн олору оҥорбот буолара үөскүүр. Онтон куһаҕаннар баалларын биллэрбэккэ кистии, саба, хаайа сатааһын, оҕо аны олору билбэтиттэн оҥорон кэбиһэригэр тириэрдиэн сөп.
Араас хамсаныыларынан эти-сиини эрчийии буор куту сайыннарар. Сайдыылаах буор кут оҕо табан, сатаан хамсанарын үөскэтэриттэн тугу барытын үөрэ-көтө оҥороругар туһалыыр. Мөлтөөһүн диэн кыайан, табан хамсамматтан, күүһэ, кыаҕа тиийбэтиттэн эрэйдэнии, тугу эрэ кыайбат, сатаабат буолуу үөскээһинэ, сүр суоҕа эбэтэр аҕыйаҕа ааттанар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэр мөлтөх диэн этиини тугу эмэ кыайбатарбыт, сатаабатарбыт эрэ куруук туттабыт. Бу этии эккэ-сииҥҥэ уонна өйгө-санааҕа иккиэннэригэр сыһыаннааҕын иһин куруук туһанабыт.
Мөлтөх диэн эт-сиин күүһэ суох буолуута, хамсаныы оҥоруута кыаллыбата ааттанар, ону тэҥэ, мөлтөх диэн өй-санаа кыаҕа суоҕуттан кыайбата эмиэ этиллэр. Мөлтөх диэн оҥоруллуохтаах хамсаныыны кыайан оҥорбот киһи ааттанар. Атыттар бэлэмнэригэр үөрэнэн хаалан, үгэс оҥостунан кэбиһэн баран, ону кэтэһэ сылдьыы үөскээһинэ уонна ол бэлэмҥэ үөрэнии бэйэ өйүн-санаатын, тулуурун сайыннарыыны суох оҥоруута мөлтөөһүн диэн ааттанар.
Мөлтөх диэн сүр күүһэ олус кыратын биллэрэр тыл тугу да туһалааҕы оҥорор, ыараханы тулуйар кыах суоҕун, өй-санаа тиийбэтин, буор кут сайдыыта суоҕуттан оҥоро сатыыр хамсаныылар табыллыбаттарын биллэрэр.
Сүрэ өссө сайда илигинэ оҕо мөлтөх диэн ааттанан сүрэ, тулуура суоҕа бэлиэтэнэрин тэҥэ, күүһэ тиийбэтиттэн оҥорор быһыылара табыллыбакка, сатаммакка таах хаалаллара элбэҕэ быһаарыллар.
Оҕо тугу эмэ туһалааҕы оҥоруута баҕа санаата туолан дьолу билэрин үөскэтэрэ үгэһи түргэнник үөскэтинэригэр тириэрдэр. Ол иһин оҕо туһа киһитэ буолан туох эмэ үлэни оҥороро өйүн-санаатын сайыннарар күүһэ улаханыттан тулуура улаатара, сүрэ элбиирэ ситиһиллэр. Велосипеды сатаан тэбэргэ үөрэммит оҕо баҕа санаата өссө улаатан мотоциклы ыытарга дьулустаҕына, саҥа үөскээбит баҕа санаатын ситиһэр кыаҕа улаатар.
Улаатан иһэр оҕо оҥорор быһыыта эбиллэн, тупсан иһэр. Ону-маны булан оҥоро сатыыра төһө да элбээбитин иһин, чэпчэкитин, судургутун талан ыларыттан туһалаах буолан тахсара букатын аҕыйах. Элбэхтик ону-маны оҥорон буор кута сайдан уопуту мунньуннаҕына, оҥоро-тута үөрэннэҕинэ, ыарахан диэн саллыбата үөскээн сайыннаҕына эрэ, оҕо оҥорор быһыылара туһалаахха кубулуйар кыахтаналлар.
Улахан да киһи сүрэ аҕыйаҕа билиннэҕинэ мөлтөх диэн ааттаныан сөп. Бэйэтэ тугу да туһалааҕы кыайан оҥорбот, атын дьон бэлэмнэригэр сылдьар киһи мөлтөх диэн буолар. Мөлтөх киһини дьон аһыналларыттан көмөлөһө сатыыллар.
Сахалар “Ким да аһынарыгар кыһаммаппын” диэн этиилэрэ өйдөрө-санаалара сайдыылааҕыттан бэйэлэрэ тугу оҥороллорун быһаарынар кыахтаахтарын, атыттар көмөлөрүгэр, этэн, ыйан биэриилэригэр кыһамматтарын биллэрэр суолталаах. Итини тэҥэ, бу этии киһи кыаҕа-күүһэ эбиллэн, атыттартан тутулуга суох буолары ситиһэр кыаҕа улааттаҕына этиллэр кэмэ кэлэр.
Оҕо улаатан иһэн тулуура улаатан, сүрэ эбиллэн бэйэтин билинэрэ үөскээтэҕинэ тугу эмэ уратыны була сатаан, саҥаны айыыны оҥорор санаата элбээн иһэр. Өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран оҥорор быһыыларгар туһана илигинэ сыыһа-халты туттунара элбээн хааларыттан сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр. Ол аата киһи билбэтин, ол иһин оҥорботун оҥорума диэн үөрэх буолар уонна оҕону сыыһа туттунарыттан харыстыырга аналланар. Туһалаах үлэлэри оҥорууга аналлаах уустук хамсаныылары оҥоруу диэни киһи күүһэ-кыаҕа эбилиннэҕинэ, сүрэ элбээтэҕинэ эрэ ситиһэр үлэтэ буолар. Сүгэнэн маһы кэрдии диэн үлэни кыайа-хото оҥорорго киһи күүскэ охсорун таһынан, хас биирдии охсуутун урукку охсубутугар таба түбэһиннэрэн охсон олугун ойуттаҕына эрэ мас кэрдиитэ табыллар. Үчүгэй мас кэрдээччи сүгэтин олуга халыҥ буолар.
Күүскэ охсууну оҥоруу диэн эт-сиин үлэтэ буолар, күүһү элбэхтик дьарыктаатахха киһи ситиһэр суола, онтон таба охсуу диэн өй-санаа, буор кут үлэтин быһаарар, элбэх быччыҥнар биир сыалга туһуланар уустук хамсаныылары хайдах оҥороллоруттан олус улаханнык тутулуктанан уһун кэмҥэ утумнаахтык дьарыктаннаҕына ситиһэр кыахтанар. Ол иһин сахалар бары үлэни кыайарга аналлаах сайдыылаах буор куттаах буолуохтарын баҕараллар.
Бу үтүө баҕа санааны ситиһэр туһугар саҥа ыал буолааччылар төрүччүлэрин үөрэтэн ханнык буор куттаахтарын быһаарыналлара уонна ыал буолуу үгэстэрин тутуһаллара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол курдук, буор кут сайдыыта хас да көлүөнэ дьон усталарыгар утумнаахтык дьарыктанан ситиһиллэринэн сайдыылаах буор куттааҕы таба талан ылыыны олоххо уопуттаах дьон, төрөппүттэр оҕолоругар көмөлөһөн оҥорор кыахтаахтар.
Сүр мөлтөҕүттэн ыараханы кыайар кыах суоҕун, туһалаах хамсаныылары оҥоруу кыаллыбатын билэ-билэ оҥоро сатааһын муҥнаныы диэн ааттанар. Буор кута сайдыыта суох, уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕа аҕыйах киһи ону-маны оҥороругар элбэхтик муҥнана сылдьыан сөп.
Сүр, тулуур суох буолуута оҕону, киһини мөлтөх буолууга тириэрдэриттэн үөрэнии, утумнаахтык эрчиллии, дьарыктаныы эрэ быыһыыр кыахтаахтар. Араас уустук хамсаныылары элбэхтик хатылаан үөрүйэх оҥостон киһи буор кутун эрчийэ, дьарыктыы сылдьара сүрүн элбэтэр.
Оҕо сүрэ сайдан эбиллэн иһиитэ мөлтөх диэнтэн саҕаланан баран салгыы сайдан мунаах диэни ааһан көрсүө диэҥҥэ тиийэ сайыннаҕына киһи буолууну ситиһэн, элбэх туһалаах үлэлэри оҥорон олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.
Онон оҕо саҥа улаатан иһэн ону-маны, туһалааҕы оҥорууну кыайбатыттан, сүрэ сайда, күүһүрэ илигиттэн мөлтөх диэн ааттанар, онтон улахан киһи мөлтөххө кубулуйуута этэ-сиинэ күүһэ-кыаҕа тиийбэтиттэн буолуон сөп.
МУНААХ
Сүр баарын быһаарыы киһи оҥорор быһыыларыттан тутулуктанан саха тылыгар киирэн сылдьар. Ол курдук, сүр олус кыраттан сайдан, күүһүрэн аһара барыы таһымын ситиһиитигэр диэри быһаараннар сахалар тылларыгар киллэрэн олохторугар туһаналлар.
Киһи өйүн-санаатын туругун, тулуура сайдыытын быһаарыыга сахалар ханнык эрэ олоххо көрсүллэр ыараханнары, эрэйдэри кыайыыны бэлиэ кэминэн ааҕаннар туһана сылдьаллар. Ол иһин ханнык эрэ эрэйи-муҥу кыайыы биллэр бэлиэнэн ааҕыллан киһи өйө-санаата күүһүрэрин, тулуура улаатарын бэлиэтииргэ туттуллар.
Киһи ханнык эрэ эрэйи-муҥу кыайбыта, туораппыта өйүн-санаатын, тулуурун күүһүрдэн сүрэ эбиллэн иһэрин үөскэтэрэ салгыы олоҕор ситиһиилэри оҥороругар улаханнык туһалыыр. “Кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах” диэн өс хоһооно киһини олох кыһалҕата эрэ ыган, хаайан туох эмэ туһалааҕы, олоҕун тупсарары оҥоттороро хаһан да хаалан хаалбатын биллэрэр. Ханнык да кыһалҕа, эрэй суох буолара киһи өйө-санаата сымныырыгар, тулуура мөлтүүрүгэр, араас абылаҥнарга ылларара элбээн хааларыгар тириэрдэрэ этэ-сиинэ мөлтүүрүн үөскэтэрин, бу өс хоһооно эмиэ биллэрэр. Олох сайдан, тупсан иһиитэ араас абылаҥнарын элбэтэн иһэрэ киһи тулуурун, туттунар күүһүн, өһөс санаатын өссө улаатыннаран биэрэрин эрэйэр.
Сүр сайдыыта, эбиллиитэ үлэни оҥорууга быһаччы сабыдыаллыыр. Ол курдук, тулуур улаатыыта тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу кыалларын үөскэтэр. Сайдыыта суох буор куттаах оҕо сүрэ аҕыйаҕыттан тугу оҥороругар барытыгар мөлтөх, мунаах буолар. Ол барыта сатаан тутта үөрүйэҕэ суоҕуттан аһара барыан сөп.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, сүрэ өссө сайдан, күүһүрэ илигинэ бэйэтэ туох да туһалааҕы оҥороро кыаллыбатын, муна-тэнэ сылдьарын биллэрэн мунаах диэн ааттанар. Тугу эмэни оҥорорго таба быһаарыыны булбакка эрэйдэнии мунаах буолууну үөскэтэр. Итини тэҥэ, мунаах буолуу өйө-санаата тиийбэтин, таба быһаарыыны булбакка буккулла сылдьара элбэҕин биллэрэр.
Оҕо оонньуур кэмигэр тугу эрэ оҥоро сатаан муҥнанар, маннык уурар, оннук ууран көрөр, сатамматаҕына ыһан кэбиһэр. Ити курдук элбэхтик оҥорон муҥнанан туох эмэ сөбүлүүрүн оҥорон таһаардаҕына өйө-санаата сайдар, тупсар, мунааҕа суох буолар.
Сахалар ыал буолуу үгэстэрэ эдэр төрөппүттэр төрөтөр оҕолоро сайдыылаах буор куттаах буолан төрүүллэрин хааччыйар аналлаахтар. Бу үгэстэри тутуһа сылдьыы эрэ оҕолор сайдыылаах буор куту эр киһиттэн ылынан төрүүллэрин уонна улаатан үлэни кыайа-хото үлэлээн омуктарын сайыннаралларын быһаарар.
Оҕоҕо дьоҕур, сатабыл уонна талаан диэн сайдыыны ситиспит буор кут үөрүйэхтэрэ төрүөҕүттэн баар буоллахтарына оҥоро, тута үөрэниини түргэнник ситиһэр кыахтанар. Бу сайдыылаах буор кут үөрүйэхтэрэ оҕоҕо төрөппүттэрин буор куттарын кытта бэриллэн иһэллэрин сахалар билэн утумнааһын диэн ааттыыллар уонна оҕолоро ыал буолалларыгар биллэр үлэһит, сайдыылаах буор куттаах дьону кытта холбооттуу сатыыллар. Ол барыта оҕо сайдыылаах буор куту төрөппүттэриттэн ылынан төрүүрүгэр аналланан ыал буолуу туһалаах үгэстэригэр кубулуйан сылдьаллар.
Оҕоҕо тугу оҥорору барытын көрдөрөн биэрэн үтүгүннэрэн үөрэтии үөрэх түргэнник тиийэрин уонна табылларын үөскэтэрин сахалар туһанан киһи буолуу үөрэҕин олохтообуттар. Тугу барытын үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтии оҕо улахан киһи оҥорорун курдук оҥорууну ситиһэрин уонна оҥорор быһыыта сыыһа-халты буолан хааларын суох оҥорор. Тугу барытын таба оҥорор буолууга үөрэнии оҕо мунаах буолан хааларын суох оҥорор.
Аҥардас дьахтар уол оҕото туох эмэ туһалааҕы оҥороругар ыйан, этэн биэрэр аҕата суоҕуттан, тугу оҥорбута табыллыбата элбиириттэн кыайан быһаарыыны ылыммат мунаах буола улаатан хаалыан сөп.
Оҕо оҥорор быһыыта табыллыбатыттан, сатамматыттан тугу эмэ табан оҥоро үөрэниэр диэри мунаах буолар. Ол аата эмиэ сатаныа, табыллыа суоҕа диэн сэрэнэрэ улаатан, үгэс буолан иҥэн хааллаҕына туһалаах быһаарыыны ылынара кыаллымыан сөп. Тугу эмэни оҥороругар ыйыы, сүбэ көрдүү сатыы сылдьар киһини мунаах диэн ааттыыллар.
Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта мунаах диэн тылы маннык быһаарар. Барар хайысхатын, суолун сүтэримтиэ, мунумтуо. Чуолкайа суох, бутуурдаах, ситэ быһаарыллыбатах. (9,306).
Мунаах киһиэхэ сүрэ арыыйда тиийбэт, дьорҕоото суоҕуттан, инники баран иһэрэ кыаллара уустугуттан атыттары батыһа, үтүктэ сатыыра элбээн хаалар. Ол иһин кыайыан да сөптөөх, лаппа билэр дьыалатыгар ылсыбакка хаалан үтүрүллүөн, туоратыллыан сөп.
Оҥоруу, тутуу диэн уһуннук үлэлэнэр уустук үлэлэр. Мунаах өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтин атыттартан намтатына сананара элбэҕиттэн, уустук үлэни кыайыам суоҕа диэн санаатыттан ситэ оҥорбокко хаалларан кэбиһиэн сөп.
Оҕо өйө-санаата сайдан, сүрэ күүһүрэн истэҕинэ мунаах өйүн-санаатын кыайан, хаалларан бэйэтигэр эрэлэ улаатарын ситиһэрэ эрэйиллэр. Төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн, тугу оҥорору көрдөрөн биэрэн батыһыннаран үөрэтэрэ, үлэҕэ үөрэтиигэ хайаан да туттуллар быһыы буолар. Үлэҕэ үөрэтии, тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу оҕо мунаах санаатын кыайарыгар улахан көмөнү оҥорор.
“Оҕо курдук” диэн этии үөскээһинэ оҕо сүрэ сайда илигинэ мунаах буоларыттан тутулуктанар уонна оҥорор быһыылара хайдахтарын; табыллыбатахтарын, сатамматахтарын быһаарар суолталаах. Ханнык баҕарар оҥоруллар быһыы туһалаах диэҥҥэ уларыйыар диэри элбэхтик тупсарыыны, көннөрүүнү эрэйэрин биллэрэр.
“Муннугу кэйэ сылдьар” диэн этии мунаах, инники диэки баран испэт киһини быһаарар. Итини тэҥэ, суолталаах, уустук боппуруоска таба быһаарыыны булбат, мунаах буолуу, буккуллуу элбээһинэ, сыыһа-халты туттунуу үксээһинэ, бу этиини үөскэппит.
Оҕо оҥорор быһыыта хайдаҕыттан, киһи быһыытыгар тиийбэтиттэн көрөн мунааҕа быһаарыллар. Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата, сүрэ сайдан күүһүрэн истэҕинэ мунаах санаатын кыайар кыахтаах. Киһи быһыылаах буолууну оҕо оҥорор быһыыта барыта киһи быһыытыгар сөп түбэстэҕинэ ситиһэрэ тиийэн кэлэр.
Киһи олоххо көрсөр эрэйи, муҥу кыайара, туоратан иһэрэ эрэйиллэр. Барыны-бары кыайбат курдук этинии муҥатыйыы, мунаахсыйыы диэн ааттанар. “Эрэйдээхтэн эрэй арахпат, муҥнаахтан муҥ арахпат” диэн өс хоһооно эрэйи-муҥу кыайбатахха, тулууру улаатыннаран туораппатахха киһини үйэтин тухары эрэйдииллэрин, муҥнуулларын биллэрэр. (10,54). “Эрэйдээх этигэн, муҥнаах булугас” диэн өс хоһооно эрэй уонна муҥ киһини хамсатар күүс буоланнар санаатын күүһүрдэн тугу эмэ ситиһэрин, кыайарын үөскэтэллэрин быһаарар. Айылҕаттан киһи барыта тус-туспаларын, өйдөрө-санаалара уратыларын “Киһи киһиэхэ тэҥнэспэт, сүөһү сүөһүгэ тэҥнэспэт” диэн өс хоһооно биллэрэр. Ол иһин хас биирдии киһиэхэ өйүн-санаатын уратыларын билэн сыһыаннаһыы эрэйиллэрин сахалар туһаналлар.
Дьон айылҕаттан тус-туспаларын, өйдөрө-санаалара улахан уратылаахтарын сүр уларыйан иһэрэ быһаарар. Сүр мөлтөх, мунаах диэн таһымнартан сайдан, күүһүрэн иһэринэн аһара баран хаалыан сөбүттэн аны сэрэннэххэ табыллар. Саамай табыллыбыт өйдөөх-санаалаах, сүрдээх киһинэн көрсүө киһи буолар. Көрсүө киһи туохха да сыыһа-халты туттубатынан аатырар. Сүр сайдыытын бу уратытын сахалар быһаараннар көрсүө буолууну олохторугар туһаналлар уонна оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр.
Онон киһи өйүн-санаатын, сүрүн күүһүрдэр, кытаатыннарар кыаҕа бэйэтигэр баар, арай таба туһанара, дьарыктыыра, тулуурун, дьулуурун улаатыннарара ирдэнэр.
КӨРСҮӨ КИҺИ
Оҕо кыра эрдэҕинэ сүрэ өссө сайда илигиттэн мөлтөх диэн ааттанар. Төһө да элбэхтик хамсаммытын, муҥнаммытын иһин кыаҕа суоҕуттан туһалааҕы оҥорбото быһаарыллар. Улаатан истэҕинэ сүрэ сайдан мунаах диэҥҥэ уларыйар. Бэйэтэ быһаарынан тугу эмэ туһалааҕы оҥороругар улаханнык эрэйдэнэрин, бу тыл биллэрэр.
Сүр хас киһиэхэ барыларыгар баар эрээри, төһө таһымнааҕа, элбэҕэ, аҕыйаҕа барыта тус-туспалар, таба мээрэйдэнэллэрэ уустук. Сахалар бу уратылары билэн уонна тус-туспа арааран үөрэтэн, аналлаах ааттары биэрэн иҥэрбиттэр. Биһиги бу ыстатыйаҕа көрсүө киһи өйүн-санаатын туһунан ырытыахпыт.
Көрсүө диэн тыл киһиэхэ сүрэ кэминэн баарын, тиийбэт да буолбатын уонна аһара барбатын биллэрэр ураты суолталаах. Олус былыргы кэмнэргэ көрөн-истэн үөрэҕи ылынар сүөһү диэн быһаччы өйдөбүлтэн көрсүө диэн тыл үөскээбит. Киһи өйө-санаата сайдыбытынан көрөн-истэн үөрэҕи ылынар кыаҕа улаатыыта сүрү таба быһаарыыга туһалаабыт. Өссө былыргы кэмнэргэ сү диэн улахан кыыллары ааттыылларын Сомоҕотто булан суруйбута биллэр:
- Кроме “кут”, человека и животных наделяли его зеркальной копией или его тенью, именуемой “сюр” от угро-самодийского “сю” – “зверь”. Понятием “сюр” древние подчеркивали, что и человек относится к царству животных и зверей. (4,99).
Сүр көрсүө буолууну аһара бардаҕына киһи оҥорор быһыылара сүрдээх, сүрдэннэ, сүрэ бэрт диэн этиилэргэ тиийэн хаалыахтарын сөп. Бу быһыылар киһи оҥорор быһыыларын аһара таһынан баралларыттан, куһаҕаҥҥа, сыыһа-халты туттунууга тириэрдэллэрэ ордук элбээн хааларыттан, өй-санаа хааччахтана сырыттаҕына эрэ табыллар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи аһара барар өйүн-санаатын хааччахтаан сиэри уонна киһи быһыытын тутуһа сылдьарын ирдиир.
Сүр аһара барбатаҕына эрэ киһи оҥорор быһыылара табыллаллар, сатаналлар, туһаны оҥорор кыахтаналлар. Ол иһин үлэһит сахалар көрсүө буолууну тутуһаллар, оҕолорун көрсүө буолууга үөрэтэллэр.
Көрсүө киһи сыыһа-халты туттубатыттан, киһи быһыытын аһара барбатыттан ордук үрдүктүк сыаналанар. Үөрэҕи эрэйдэнэн, сыыһа-халты туттунан, кэһэйэн буолбакка көрөн, истэн ылынарынан, атыттар оҥорор сыыһаларын көрөн, билэн, тупсаран иһэринэн уратыланарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран көр диэн тылтан салгыы сайыннаран көрсүө диэн ааты үөскэтэн иҥэрбиттэр.
Көрсүө киһи оҥорор быһыылара ордук табыллалларын, атын дьоҥҥо туһаны аҕалалларын өс хоһоонноро биллэрэллэр:
- “Көрсүө-сэмэй быһыы киһини киэргэтэр” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыылара хайдахтарыттан көрөн сыаналанара табатын, сөп түбэһэрин биллэрэр.
- “Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук” диэн өс хоһооно көрсүө киһи аһара барбат өйө-санаата олоххо туһалааҕы оҥорорго аналлааҕын, онтон оҥорор быһыыта ордук табылларын, сатанарын быһаарар.
- “Саҥата суох киһи көрсүө аатырар” диэн өс хоһооно көрсүө киһи элбэхтик саҥарбатын, таах хаалар тылга тииһэ сылдьыбатын биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Көрсүө киһи сүрүн уратытынан саҥаны айыыны оҥоруута сыыһа-халты буолан тахсара аҕыйаҕыттан уонна табылларыттан, сатанарыттан туһаны оҥороро элбиирэ буолар. Арай көрсүө киһи олоҕун уларытар санаата аҕыйаҕыттан, солумсаҕа суоҕуттан араас туһаны аҕалбат саҥаны айыылары була сатаан оҥорботуттан, сайдыыны ситиһиигэ биирдэ эмэ кыратык хойутаан тиийиэн сөп.
Көрсүө киһи саҥаны айыыны оҥороругар бэйэтин билиитин таһынан олоххо улахан уопуттаах кырдьаҕас киһи этэр “Кэс тылын” истэн таба туһанарыттан оҥорор айыыта ордук табыллан, сатанан тахсар кыахтанар уонна дьоҥҥо туһаны оҥороро улаатар. Саҥаны айыыны оҥорууга тиэтэйбэккэ, ыксаабакка ылсарынан, туох эмэ содул үөскүөн сөбүн эрдэттэн быһаарарынан уонна туоратарынан көрсүө киһи оҥорор саҥаны айыыта ордук табыллан туһаны аҕалара элбиир.
Сүр диэн өй-санаа күүһэ буолан күүһүрэр, кыаҕырар өттүгэр уларыйыыта, аһара барыыта сүрдээх, сүрдэннэ, сүрэ бэрт диэн этиилэринэн бэлиэтэнэн саха тылыгар куһаҕана быһаарыллан киирэ сылдьар. Сүр аһара барыыта киһи майгынын куһаҕаҥҥа кубулутар уонна оҥорор быһыылара эмиэ аһара баралларын таһааран кэбиһэллэриттэн, куһаҕан өттүгэр уларыйыылары элбэхтик үөскэтэллэриттэн куһаҕаннара чуолкайдаммыт.
Сүрдээх киһи тугу эмэ, атыттар билбэттэрин оҥорууга тоҕута түһэн барарынан, араас элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатыырыттан биир эмэ эрэ табыллан олус улахан туһаны оҥорон кэбиһэринэн көрсүө киһиттэн уратыланар. Ол оннугар атын оҥоро сатыыр саҥаны айыылара сыыһа-халты буолан тахсаллара элбэҕиттэн сүрдээх киһи оҥорор куһаҕана баһыйан, улаатан тахсарыттан дьон сүр аһара барарын сөбүлээбэттэрэ үөскээбит.
Өй-санаа сайдыытын билэр сахалар көрсүө буолууну тутуһаллар, оҕолорун көрсүө буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр. Көрсүө буолуу киһиэхэ аҕалар биллэр туһалара, барыстара манныктар:
1. Улахан, үөрэтэр киһи этэрин истэллэриттэн, толороллоруттан ханнык баҕарар үөрэҕи ылыыны, үлэни табатык оҥорууну түргэнник ситиһэр кыахтаналлар.
2. Тулуурдара, дьулуурдара элбэҕиттэн ханнык баҕарар үлэни табыллан үлэлииллэр уонна ыараханы да кыайаллар.
3. Киһи быһыытын аһара, таһынан барбаттарыттан сыыһа-халты туттубаттарыттан, быстах быһыыга киирэн биэрбэттэриттэн олохторун киһи быһыылаахтык, уһуннук олороллоро кыаллар.
4. Ыал олоҕун үгэстэрин тутуһалларыттан уонна оҕолорун көрсүө буолууга иитэннэр, үөрэтэннэр аймахтарын ахсааннара эбиллэн иһэрин ситиһэллэр.
Бу быһаарыылары түмнэхпитинэ омугу көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон кыайа-хото үлэлээн сайыннараллара, элбэх оҕолонон ахсааннарын элбэтэллэрэ чуолкайдык быһаарыллан тахсар. Көрсүө киһи оҥорор быһыыларын уратылара саха тылыгар киирэн иҥэн сылдьаллар:
- Наллаан оҥоруу. Элбэхтик ырытан, эрдэттэн туох быһыы тахсарын быһааран баран ыксаабакка, тиэтэйбэккэ үлэни саҕалааһын ханнык эмэ туһалааҕы оҥорууга элбэхтик тириэрдэр. Тугу эмэ оҥоруу сыыһа-халты буолан хааларын суох оҥорууга наллаан оҥоруу аналланар.
- Нэми билэн туттунуу. Киһи күүһэ элбэх. Ол иһин тугу эмэ оҥороругар, үлэлииригэр күүһүн билэн, кэмнээн туһанара нэмин билии диэн ааттанар. Нэмин билии диэн үөрэх күүс оҥорорунааҕар алдьатан, кээрэтэн кэбиһэрэ элбээн хааларыттан киһи харыстана сылдьарыгар аналланар.
Сахалар киһи хайдаҕын быһаарыыга кини оҥорор быһыыларын бастаан ырытан, икки өрүккэ арааран туһаналлар:
1. Үчүгэй, киһилии быһыылаах.
2. Куһаҕан, киһилии быһыыта суох киһи.
Дьон бу курдук икки аҥы арахсыылара өйтөн-санааттан уонна оҥорор быһыылартан тутулуктанар. Киһилии быһыылары оҥорор киһи, киһи быһыылаах диэн ааттанар. Ол аата киһи оҥорор бары быһыыларын табатык оҥорор киһи буолар. Киһи буолуу диэн оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһиэхтээх таһымыгар киирсэр тутаах көрдөбүл ааттанар. (11,56). Көрсүө буолуу диэн өйдөбүл киһи сүрэ сөптөөх таһымыгар сылдьарын биллэрэр. Ол аата киһи оҥорор быһыыларын уонна атыттары кытта сыһыанын тупсарарынан үлэһит дьоҥҥо улаханнык сыаналанар уонна омугу сайыннарарга аналлаах сүр таһымын анаан бэлиэтээһин буолар.
Онон саха дьоно оҕолорун көрсүө буолууга иитэннэр, үөрэтэннэр сүрүн таһымын олохтоон биэрэллэр уонна үлэни кыайарын үөскэтэннэр омуктарын сайыннараллар.
СҮРДЭЭХ КИҺИ
Сүр күүһүрдэҕинэ, кытааттаҕына сүрдээх диэҥҥэ тиийэр уонна киһи тас көрүҥүттэн, тутта сылдьар быһыытыыттан баара биллэ сылдьар кыахтанар. Сүрдээх киһи оҥорор быһыыта киһи быһыытын аһара барыан сөбө улаатан иһэрин бэлиэтээн итинник этэллэр. Туох эмэ ураты улаханы бэлиэтээн сүр улахан диэн этиэхтэрин сөп.
Сүр баара, сүрдээх буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга сөп түбэһэн икки аҥы хайысхаҕа арахсан; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорууну үөскэтэллэр уонна киһи быһыытын аһара барыыларга тириэрдиэхтэрин сөбө быһаарыллар:
1. Сүрдээх диэн эттэхтэринэ киһи ураты туттунар күүстээх, ыксаабат, ыгылыйбат, быстахтык быһыыламмат, аһара баран сиэри кэспэт, сыыһа-халты туттубат, кытаанах майгылаах киһи буолар.
Сүрдээх киһи арыгыны иһэрин тулуйар, тулуура, туттунар күүһэ элбэҕиттэн аһара элбэҕи иһэн кэбиспэт, өйүн сүтэрэ охсон сыыһа-халты быһыыламмат туһалаах уратылаах. Сүр куттары холбуу тута сылдьар күүс буоларыттан салгын куту көтүтэн кэбиспэт, ол иһин киһи өйө көтөн хаалбат.
Сүрдээх киһи диэн сахалар бэйэтин кыана туттар, кыраҕа уолуһуйбат, ымыттыбат кыахтаах киһини ааттыыллар. Сүр киһиэхэ кэминэн баар буоллаҕына, киһи бэйэтин олоҕор санаата бөҕө буолан, тугу эмэ сайдыыны, үөрэҕи, билиини ситиһэрэ бэлиэтэнэр. Ол иһин сүр киһи өйүн-санаатын холбуу тута сылдьар сүрүн күүс буо¬лара чуолкайдык биллэн тахсар.
Сүрдээх киһи санаата күүстээҕиттэн үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах быһыылары оҥорор кыаҕа эбиллэрэ уонна майгынын үчүгэй өрүттэрэ улаатаннар сөбүлүүр киһилэригэр киирсэр.
2. Сүрдээх киһи оҥорор быһыылара киһи быһыытыгар сөп түбэспэт буолуулара, аһара бараллара элбээн хааларыттан үчүгэйи оҥорорун тэҥэ, куһаҕаны эмиэ оҥороро үксээн хаалыан сөп. Ону быһааран “сүрдэннэ”, “оо, сүрүн баҕаһын” диэн этиини үөскэппиттэр. “Сүрдээх” диэн эттэхтэринэ ханнык эрэ киһи быһыытын таһынан барбыт быһыыны оҥорууну этиэхтэрин сөп.
Сүр диэн улаатыннарар, күүһүрдэр суолтаҕа эмиэ туттуллар. Улахана сүр диэн эттэхтэринэ улахантан өссө улахан буолара быһаарыллар. Сылайбыта сүр диэтэххэ олох быста, эстэ сылайыы этиллэр. (15,257).
Сүр диэн олус былыргы мээрэй буолан киһи буолуу үөрэҕэ сайдан, тарҕаныан иннинэ туттулла сылдьыбыт. Ол курдук, сүрдээх киһи, киһи быһыытын аһара барара үксээн тахсарыттан сүр эбиллэрэ куһаҕан өрүтүн үксэтэрэ быһаарыллыбыт.
Сүрдээх диэн киһи урут иһиллибэтэҕи, уратыны, саҥаны этиитэ буолара бэлиэтэниэн сөп:
- Дьээрэ, туоххунан дьоҥҥун аҕынныҥ, төбөҕүнэн дуу, искинэн дуу?
- Сүрэхпинэн.
- Көр эрэ, сүрдээх эппиэттээх киһи буолла, - дии-дии Прокопий күлэн маҥан тиистэрэ кэчигириир. (12,75).
Сахалар ойууннара киһи араас ыарыыларын, кини буор кутун уонна сүрүн көннөрөн, алдьаммыт буоллахтарына Үөһээҥҥи айыылартан көрдөһөн, көмөлөһүннэрэн эмтииллэрэ биллэр. Сахалар итэҕэллэринэн сүрү киһиэхэ Улуу¬туйар Улуу Тойон биэрэр. Киһи өллөҕүнэ, сүрүн Улуу Тойон төт¬төрү ылар диэн былыргылар этэллэр. Э.К.Пекарскай быһаарыытынан сүр диэн киһи олох¬хо, ситиһиигэ дьулуура, өйүн-санаатын күүһэ-уоҕа буолар. (13,стб.2402). Биһиги ити быһаарыылары сайыннаран биэрдэхпитинэ тулуурдаах буолуута улааппыт киһи сүрдээх киһи диэн ааттанар.
Тымныыны тулуйарга дьарыктаныы киһи сүрүн элбэтэр. Муустаах ууга сөтүөлүүр киһи сүрдээх киһи диэн ааттаныан сөп.
Сахалар былыргы кэпсээннэригэр “наахара хаана” диэн киһи бэриммэт, кэннинэн кэхтибэт, өһөс майгынын быһаарар этии элбэхтик туттуллар. Биһиги бу уратыны улахан сэрии кэмигэр Наахара нэһилиэгин дьоно ылбыт бойобуой наҕараадалара элбэхтэриттэн ааҕан таһааран быһаарар кыахтанныбыт.
Амма Наахара нэһилиэгиттэн Аҕа дойду улуу сэриитигэр сылдьыбыт дьон атын нэһилиэктэр дьонноругар холоотоххо, олус элбэх уордьаннары уонна мэтээллэри ылбыттар. Биир Наахара сэрииһитигэр тиксэр уордьан, мэтээл ахсаана атыттардааҕар элбэх.
Сэриигэ наҕараада, уордьан, мэтээл биэриилэрэ киһи бэйэтэ туох эрэ геройдуу, ураты хорсун, чугуйбат, чаҕыйбат, кэннинэн кэхтибэт майгыны, кыайыыны ситиһиигэ дьулуурун көрдөрдөҕүнэ эрэ кыаллар ураты быһыы буолар. Ол иһин Наахара дьонун ураты өйдөрүн-санааларын, кытаанах, кэннинэн кэхтибэт өһөс майгыларын билинии халлаантан ылыы буолбатаҕын, бу быһаарыы бигэргэтэр.
Сахаларга урукку кэмҥэ Дүпсүн улууһа диэн баара. Бу улууһу тэрийбит киһинэн тыл үөрэхтээхтэрэ “Сүүрдээх” Дүпсүн диэн ааттаах киһини ааҕа сылдьаллар. Биһиги бу биллэр киһи аатын кыратык ырытан көрүүбүт атын быһаарыыны биэрэр:
- Дүпсүн диэн киһи анал аата.
- Сүүр диэн ойбонтон мууһу баһан ыраастыыр тэрили саха киһитэ барыта билэр уонна ыалларга барыларыгар кэриэтэ баара биллэр. Ол иһин сүүр диэн ыал аайы баар тэрил буоларынан ураты, биллиилээх киһини арааран бэлиэтииргэ анаан туттуллар кыаҕа суох. Бу тылы булан тутта сатааһын биллиилээх киһини намтатар, аатын-суолун түһэрэр, ол иһин туттуллуо суохтаах.
Улууһу тэрийбит ураты биллиилээх киһи аата “Сүүрдээх” диэн буолбакка, Сүрдээх Дүпсүн диэн буолара ордук табыллар, бу тыл суолтатыгар, өйдөбүлүгэр олус сөп түбэһэр. Сүрдээх диэн ураты кыахтаах, дьулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһэр киһи ааттанарынан биллиилээх киһи аатыгар улаханнык табыллар.
Тулуур, дьулуур, өһөс санаа киһи сүрүн сайыннараллар уонна туох эмэ туһалааҕы оҥорууга, ситиһиигэ тириэрдэр майгы көрүҥнэрэ буолаллар. Бу быһаарыы майгы уратылара сүртэн улаханнык тутулуктаналларын биллэрэр.
Сүр киһи майгынын күүһүрдэр, өссө кытаатыннаран биэрэр. Майгы кытаатыыта киһини сыыһа-халты тутуннарара элбэҕинэн сүр күүһүрэрэ куһаҕан суолталанан тахсара быһаарыллыбыт.
Сүрдээх киһи кыыһырбыта аһара баран хаалара элбиир. Кыыһырыы олус улаатан суостанан бардаҕына киһи быһыытынааҕар буолуох, кыыл да быһыытын аһара барыан сөп. Кыыл да оҥорбот ураты куһаҕан кыыллыы быһыытын оҥорор дьон син-биир баар буола тураллар. Билигин бу аһара барар быһыыны оҥорууга араас сылтаҕы булунан элбэх киһини өлөртөөһүннэри киллэриэххэ сөп.
Сүр улаханы бэлиэтээн этэргэ элбэхтик туттуллар. Сүр улахан диэтэхтэринэ аһара улахан буолара, онтон сүрдээх диэн эттэхтэринэ букатын улахана быһаарыллар. Ону Н.Түгүнүүрэн маннык суруйан биллэрэр: “Хоруо Баһылай дьэ чахчы көҥүллэнэн, дьиэтигэр кэлэн ойоҕун, оҕотун кытта олордо. Урукку куттал, айдаан күннэрин, сүрдээх ыарахан түүл курдук, санаан аһарар буолла... (14,25).
Онон сүр диэн өй-санаа күүһэ буоларынан аһара барбатаҕына эрэ киһини үчүгэйи, туһалааҕы оҥорууга тириэрдэр, онтон аһара бардаҕына куһаҕан быһыылары оҥотторуон сөп.
СҮРДЭННЭ
Сүр диэн өй-санаа буоларынан уларыйа, эбиллэ, көҕүрүү турар уратылааҕын сүрдэннэ диэн тыл быһаарар. Сүр эбиллэн кэлиитэ аһара баран хааллаҕына сүрдэннэ диэн этиллэр уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр буолар. Өй-санаа аһара барыыта буолан сүрдэннэ диэн этии биирдэ эмэ үчүгэйи оҥорууга тириэрдэрин тэҥэ, куһаҕаны оҥорууну элбэтэн кэбиһэрэ биллэр.
“Сүрдэннэ” диэн эттэхтэринэ киһи оҥорор быһыыта киһи быһыытын аһара барбыта, куһаҕан өттүгэр халыйан кыыл быһыытыгар түһэн ылбыта, онно тиийэн хаалара ыйыллар, анаан-минээн бэлиэтэнэр.
Сүр киһиэхэ эньиэргийэ, күүс-уох эбэн биэрэр. Сүр эмискэ эбиллэн кэлиитэ сүрдэниигэ тириэрдиэн сөп. Бу эньиэргийэ эмискэ эбиллэн биэриитин аныгы наукаҕа киһи хааныгар адреналин эбиллэр диэн ааттыыллар. Сахалар олус былыргы кэмнэргэ киһиэхэ күүһэ-уоҕа эмискэ эбиллэн биэриитин үөрэтэн билэн, сүрдэннэ диэн этэн тылларыгар киллэрбиттэр уонна сүрдэнии кылгас кэмҥэ киирэн кэлэрин быһаарбыттар.
Сүрдэнии диэн киһи араас эмискэ тиийэн кэлэр кутталлартан көмүскэнэригэр туһалыырын сахалар арааран билэн сурукка киллэрэн бэлиэтээбиттэр. Ол курдук, бөрөттөн куотан иһэр киһиэхэ күүһүгэр күүс эмискэ эбиллэн киириититтэн үрдүк тииккэ ытта охсон хаалара эбэтэр дириҥ көҥүһү үрдүнэн ойон кэбиһэрэ биллэр.
Сүр эмискэ эбиллэн кэлиитэ, сүрдэнии киһи үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорун элбэппэт, түргэнник киирэн кэлэринэн сыыһа-халты туттунууну элбэтэн куһаҕаны үксэтэн кэбиһэр. Ол иһин сүрдэнии киирэн кэлиитин сахалар куһаҕанынан ааҕаллар, онтон сүр кэминэн баара ордугун, туһалааҕын быһаараннар көрсүө, сэмэй буолууну ордук сөбүлүүллэр уонна оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэннэр, үөрэтэннэр сыыһа-халты туттунарын аҕыйаталлар.
Көрсүө, сэмэй да киһи биирдэ эмэтэ аһара кыыһырдаҕына сүрдэнэн туруон сөбүн сахалар быһааран, “Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан” диэн этиини оҥорон туһаналлар. Кыыһырыы аһара бардаҕына сүрдэнии киирэн кэлиэн сөбүттэн харыстана сылдьаллар. Ол иһин киһи куруук бэйэтин аһара барар санаатын, майгынын туттунара, киһи быһыытын тутуһара, тулуурун дьарыктыы сылдьара эрэйиллэр көрдөбүл буолар.
Тулуур туттунар күүһү үөскэтэрэ уонна улаатыннарара киһиэхэ улахан туһаны оҥорор. Киһи сыыһа-халты туттунууну оҥорон кэбиһэрэ хаһан да хаалан хаалбатын туттунар күүс баар буолан аҕыйатар аналлаах. Ол иһин туттунар күүс киһи быһыытын тутуһар киһиэхэ хайаан да баара эрэйиллэр.
Атаахтык иитиллэр эдэрдэр бэйэлэрин туттунар күүстэрэ суох буола улааталларыттан сүрдэнэн иһэллэрэ элбээтэ. Бу уларыйыы баара эдэрдэр элбэхтик аһара туттуналларыттан биллэр. Этистэллэр эрэ охсуһан бараллар, охсусталлар эрэ туттунан тохтооботтор, кыаттарбыты турбат буолуор диэри кырбыыллар, хам тэпсэллэр.
Өй-санаа маннык уларыйыыга, аһара бара сылдьыыга тиийэн хааларын сахалар былыргы кэмнэргэ арааран билэн “Эстэр ыал сүөһүтэ харсыһыылаах” диэн өс хоһооно оҥорбуттарын, бу ыараабыт кэмҥэ таба өйдөөн оҕо иитиитигэр туһаныы, өйү-санааны тупсарыы, тулуурдаах буолууга үөрэтии эрэйиллэр. Ол курдук, сэбиэскэй былаас эстэн эрэр кэмигэр оҕолору атаахтык иитиини олоххо киллэрэн кэбиспитин сабыдыалыттан, билигин эдэрдэр өйдөрө-санаалара аһара барыы өттүгэр халыйан сылдьар.
Онно эбии тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үөрэҕэ” диэн албын үөрэҕи айаннар эдэрдэр өйдөрө-санаалара саҥаны айыыны оҥоруу диэки халыйан сылдьарын үөскэттилэр, ол аата дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааһын диэки аһара барыыны оҥороллоро элбээбититтэн сиэри, киһи быһыытын таһынан бара сылдьарга тиийэн хаалбыттарын тэҥэ, сыыһа-халты туттуналлара үксээтэ.
Оҕону иитиини, үөрэтиини аһара барыы өттүгэр халытар сымыйа, албын “айыы үөрэҕин” тохтоттоххо эрэ эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруктанан, көрсүө, сэмэй майгыланан, тулуурдара улаатан үлэни кыайаллара үөскээтэҕинэ саха омук сайдыыта ситиһиллэр кыахтанар.
Сүрдэнии эмискэ киирэн кэлэриттэн биирдэ эмэтэ эрэ үчүгэйгэ тириэрдэринэн куһаҕан өйдөбүлэ элбээн хаалар. Ол курдук, сүрдэнии соһуччу оҥоруллар иннэ-кэннэ биллибэт хамсаныылары үөскэтэринэн сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбиириттэн, куһаҕаны оҥорууну үксэтэн кэбиһэр.
Сүрдэнэр, сүрдэммит диэн сүрэ аһара эбиллэн туохха эрэ аһара барара, сыыһа туттара чугаһаабытын биллэрэн этэллэр. “Бу киһи сүрдэммит даҕаны” диэтэхтэринэ киһи быһыытын, сиэри аһара барар кыахтаммыта быһаарыллан тахсар.
Сүр эмискэ эбиллиитэ киһиэхэ эбиискэ эньиэргийэ биэрэрин сүрдэнии соһуччу киирэн кэлэрэ биллэрэр. Бу эньиэргийэни тустууга күрэхтэһээччилэр табан туһаннахтарына ситиһиилэрэ биллэрдик эбиллиэн сөп. Биирдэ ыһыахха Мас Мэхээлэ диэн биллэр тустуук биир эдэр киһилиин тустан баран тэҥнэспитин кэнниттэн киһитэ “Кыайыахпын сөп” диэн сөбүлэспэтин этэн кэбиспитэ иһиллибит.
Тэҥнэһиигэ сөбүлэспэккэлэр кыратык быһаарса түһэн баран хатаан тустубуттар. Мас Мэхээлэ сонно уларыйан этэ-сиинэ мас курдук кытаатан, хамсаныыта эрчимирэн сотору кыайыыны ситиспит.
Онон сүрдэнии диэн эбиискэ эньиэргийэ киириитин киһи сатаан туһаннаҕына кыайбатын да кыайыан сөп.
СҮРЭ БЭРТ
Сүр эбиллиитэ улаханнык аһара бардаҕына киһи оҥорор быһыылара сүрэ бэрт, сүрүкэтин баҕаһын диэн этиилэргэ тиийэллэрин сахалар быһааран, үөрэтэн билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Өй-санаа уларыйыыта тылга киирэн иҥиитэ, бу быһыы үгэс буолбутун биллэрэр. Бу олус куһаҕан быһыылар киһи да, кыыл да оҥорор быһыыларын таһынан барыахтарын сөбө эмиэ быһаарыллан киһи оҥорбот быһыыларыгар киллэриллибит.
Киһи оҥорор быһыылара ханнык эрэ мээрэйи таһынан баралларын кэрээнтэн тахсыы диэн этии баара быһаарар. Үчүгэйтэн үчүгэйи аһара баран кэрэ буолууга тиийбит киһи атыттары, куһаҕаннары абааһы көрөр санаата аһара баран хааларын, бу этии биллэрэр. Өй-санаа үчүгэй диэки аһара барыыта атыттары, куһаҕаннары суох оҥоруу, симэлитии диэки халыйан хааллаҕына “үчүгэйдэр”, кэрэ буолбуттар кэрээнтэн тахсыбыт быһыылары оҥоруохтарын сөп.
Немец фашистара кэрэ буолуулара аһара баран кэрээннэриттэн тахсаннар куһаҕан ааттаммыт дьону өлөртөөһүннэри элбэҕи оҥорбуттара. Бу дьону өлөртөөһүннэри оҥороллоругар араас саҥаны айыылары; газовай камералары, хара фургон массыыналары элбэҕи туһаммыттара. Маннык кэрээнтэн тахсыбыт ыар быһыылары киһи оҥоруута “сүрүкэтин баҕаһын”, “сүрүн ньии” диэн быһаарыыларга сөп түбэһэн хаалаллар.
Өй-санаа үөрэҕин дириҥник билэр суруйааччы Н.Якутскай сүр уларыйыытын туһунан бу курдук суруйар:
- Ким эрэ кэлэн кинини, агдатыттан өрө тардан, олорто уонна төбөтүн баайыытын өһүллэ. Дьон саҥата сөҕөллөр: “Сүрүкэтин баҕаһын”, “Оо, алдьархайдаах суол!” Онтон баһын эмиэ уһун баҕайы өрбөҕүнэн кэлгийэн кэбиһэллэр, сыттыгар сытыараллар. (15,438).
Биирдэ эмэтэ киһи быһыытын таһынан барыы, сыыһа туттунуу куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэртэҕинэ сүрүн баҕаһын диэн этиллэр. Сүр киһи оҥорор быһыытын куһаҕан өрүтүн эмиэ быһаарара, бу тыл киһи быһыыта диэн өйдөбүл үөскүөн иннинэ туттуллууга киирбитин чуолкайдаан биэрэр.
Киһи кыыллыы быһыылары оҥорон кэбиһиитэ быстах быһыылары оҥоруу диэн ааттаналлар. Быстах быһыылары оҥоро охсон кэбиһии сүртэн тутулуга улахан. Ол курдук, “Сүрүн баҕаһын”, “сүрдэннэ”, “сүрэ бэрт” диэн этиилэр быстах, куһаҕан быһыылары оҥорууну биллэрэр суолталаахтар.
Тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах киһи быстах быһыылары оҥорон кэбиһэр кыаҕа улаатан хаалар. Ол иһин тулуура, туттунар күүһэ улахан көрсүө киһи оҥорор быһыылара киһи быһыытын аһара барбаттарын ситиһэр кыаҕа улаатар.
Сүрэ бэрт быһыы туһунан Сиэн Чолбодук маннык суруйар:
- Остуоһап ити санаалара киирэ туралларын сатаан кыйдаабакка эрэйдэннэ. Уорууну, ол кыраны да ыйыппакка эрэ ылыыны, сатаан санаабат, олус сиргэнэр, кэлэйэр да суола. Оттон Иван Карпович... Кэбис, сүрэ бэрт, ама, доҕор... (16,75).
Былыргы өй-санаа үөрэҕин билэр Н.Түгүнүүрэп сүр уларыйыытын туһунан маннык суруйан биһиэхэ тириэрдэр:
Мотуруона дьэ кырдьыктанна уонна Миитэрэй диэки дьиктиргээбит хараҕынан көрөн олорон:
- Доҕоор, сыыһа санааны саныыр эбиккин. Билигин кэлэн аан дойду харалтатыгар быраҕаары гынарыҥ тоҕо сүрэй! Эн итинник тыллаһыам диэбитиҥ дуо? Урут, мин уурайыах диирбэр, тоҕо уурайбатаххыный? Эчи, сүрүн ньии!.. диэт, сирэйин былаатынан саба туттан, ытаан сыҥсыйан барда. (14,95).
Суруйааччы В.Титов сүр туһунан бу курдук суруйар:
- Онно Роман тугу да эрэннэрбэтэх курдуга. Сол кэпсэтиини санаан сылдьара буолуо дуо? Арааһа. Дьахтара сүрдээх киһи. Кинини да сыппах быһаҕынан сулуйан эрдэҕэ дии. Абытай киһи быһыылаах. Оскуола мунньаҕар тыл этэн илгистэ турара сүрэ бэрдэ. Кэргэнин нөҥүө оройуону салайар диэбэттэр дуо? (17,65).
Киһи өйө-санаата улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан киһи буолууну ситиспитин сүр диэн өйдөбүл баара быһаарар. Ол курдук, сүр уларыйыыта киһи оҥорор быһыылара кыыл оҥорор быһыыларыгар төннөн хаалыахтарын сөбүн биллэрэрэ ордук улахан суолталаах. Сахалар оннук өйдөөх-санаалаах киһи курдук көрүҥнээх баар буоларын быһааран “Киһи буолбатах” диэн этиини туһаналлар.
Киһи курдук көрүҥнээх эрээри, өйө-санаата уонна оҥорор быһыылара кыыл курдук буоллахтарына, ити этии туттуллар уонна итинник дьон баалларын биллэрэр.
Киһи куттара уонна сүрэ өйүн-санаатын икки өрүтүн үөскэтэллэриттэн бэйэ-бэйэлэрин аһара барбакка тэҥнэһиини, сөп түбэһиини олохтоон сырыттахтарына эрэ киһиэхэ туруктаах өй-санаа үөскүүр. Ол иһин сахалар Кут-сүр диэн холбуу этиини өйү-санааны быһаарыыга туһанан өй-санаа үөрэҕин ааттаабыттар.
Сүр киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрин холбуу ылан быһаарара дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа арааран туһана иликтэринэ үөскээбитин дакаастабыла буолар.
Дьон өйө-санаата өссө сайдан киһи буолуу, киһилии быһыыланыы үөрэхтэрэ үөскээн тахсаннар уонна олоххо киирэннэр Киһи таҥара үөрэҕэ олоххо туттуллан Аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт.
Онон сүр эмискэ эбиллэн кэлиитэ киһини сыыһа-халты туттунууга тириэрдэн кэбиһиэн сөбүттэн “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн сахалыы таҥара үөрэҕин этиитин тутуһа сылдьыы эрэйиллэр.
СҮРГЭ
Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этэллэр. Бу этиини хантан да халлаантан ылбакка киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэн баран оҥорбуттар. Санаа түргэнник уларыйдаҕына киһи күүһэ-кыаҕа эбиллэн кэлэрин кытта үөрэппиттэр. Бу үөрэхтэрин дакаастанар чахчытынан сүргэ диэн тыл баара буолар.
Сүргэ диэн сүр кылгас кэмҥэ түргэнник уларыйара, эбиллэн кэлиитэ, күүһүрүүтэ ааттанар. Сүргэ көтөҕүллүүтэ диэн санаа күүһүрүүтэ, эрдээх санаата эбиллиитэ биирдэ эмэтэ киирэн кэлэн киһи тугу эмэ туһалааҕы оҥороругар көмөлөһөрүн быһааран этиллэр.
Сүр эмискэ элбээһинэ уонна сүргэ диэн тыллар биир суолтаҕа туттуллаллар эрээри, “сүргэтэ көтөҕүллүбүт” диэн этии киһи быс¬тах кэмҥэ да буоллар, кыайыыны, хотууну оҥорорго бэлэм буолбутун, күүһэ-кыаҕа элбээбитин, санаата көтөҕүллүбүтүн бэлиэтиир. Итинник сүргэ көтөҕүллүүтүн кэн¬ниттэн киһи бэйэтин олоҕор быстах кэмнээх да буоллар араас уларыйыылары, тупсарыылары, үчүгэйи кил¬лэриэн сөп. Ол аата сүргэ диэн киһи быстах кэмҥэ санаата көтөҕүллүүтүн, күүһэ-кыаҕа эбиллиитин бэлиэтиир тыл буолар. Сүргэ көтөҕүллүүтэ диэн киһи субу кэмҥэ тугу эмэ уларытар, оҥорор кыаҕа, күүһэ элбээбитэ ааттанар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи икки өрүттээх быһыылары оҥороругар тириэрдэрэ элбиирин быһаарар:
1. Сүргэтэ көтөҕүллүбүт кэмигэр киһи үчүгэй, олоххо туһалаах быһыылары оҥоруута.
2. Сүргэ көтөҕүллүүтэ аһара бардаҕына киһи сыыһа-халты туттунарын элбэтэн кэбиһэн куһаҕан быһыылары оҥоруулар үксээһиннэрин үөскэтиэн сөп.
Киһи оҥорор быһыыта барыта икки өрүттэнэн тахсалларыттан оҥорор быһыыларга олус улахан сэрэхтээх буолуу хаһан да суох буолбат, сүргэ көтөҕүллүүтэ оҥорор быһыы эмиэ түргэтииригэр тириэрдэриттэн сэрэнии өссө улаатан биэрэрэ эрэйиллэр.
“Киһиэхэ кыра да наада” диэн сахалар киһи санаата көтөҕүллүүтүн быһааран этэллэр. Киһиэхэ санаата көтөҕүллүүтүн үөскэтээри араас хайҕааһыннары, манньалары, кэһиилэри туһаналлар. Хайҕааһын киһи санаатын күүһүрдэн сүргэни көтөҕөрүттэн кыайбатын да кыайыан сөп балаһыанньатын үөскэтэр. Ол иһин кыра да буоллар хайҕааһын, кэһии биэрии кимиэхэ барыларыгар туһаны оҥорорун туһана сылдьыы эрэйиллэр көрдөбүл буолар.
Өй-санаа уларыйар уратыларын билэр сахалар онно-манна, айаҥҥа сырыттахтарына кэһиилэрин соһо сылдьаллара биллэр. Ол барыта тулалыыр дьон санаалара хайдаҕыттан; үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу баҕаралларыттан киһи айана, сырыыта табыллара, табыллыбата улаханнык тутулуктанарын иһин, сыһыаннаахтар санааларын тупсаран биэрэргэ анаан туһаналлар. Санаа күүһүрүүтүн, кыаҕа эбиллиитин сүргэ көтөҕүллүүтэ диэн ааттыыбыт. Үөрүүттэн санаа көнүүтэ сүргэни эмиэ көтөҕөр. Киһи тугу эмэ оҥоруон баҕарар эрээри, санаатыгар кыайан быһаарбакка сылдьарын сүргэтэ көтөҕүллүбүт кэмигэр оҥорор кыаҕа улаатар.
Арыгы киһи өйүгэр-санаатыгар уонна этигэр-сиинигэр холбуу дьайар, киһиэхэ элбэх эньиэргийэни биэрэр уонна санаатын күүһүрдэн сүргэтин көтөҕөр. Олохторо ыараханыттан уонна ону бэйэлэрэ көннөрөр кыахтара суоҕуттан санааларын көтөҕө сатааччылар элбииллэр, ол иһин арыгы иһиитэ хаһан да суох буолар кыаҕа суох, арай дьон олохторо улаханнык тубустаҕына, көннөҕүнэ өйдөрө-санаалара өссө сайыннаҕына уонна тулуурдара, туттунар күүстэрэ улааттаҕына аҕыйыан эрэ сөп.
Дьон олохторун тупсарбакка эрэ сылдьан арыгыны бобо сатааһын санааларын көтөҕөллөрүн суох оҥороруттан үгүстэр сөбүлээбэттэрин үөскэтэр. Ону тэҥэ, ону-маны булан иһэ сатыылларыттан араас антисептиктэри иһэн кэбиһиэхтэрин сөп. 2020 сыллаахха Томтор диэн дэриэбинэҕэ элбэх, 8 киһи антисептиги иһэн өлүүлэрэ салайар былаастар ыытар үлэлэрэ, арыгы атыытын бобо-хаайа сатыыллара улахан сыыһатын биллэрэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн секталара айыыны оҥоруу “үчүгэй” диэн этэрин үтүктэн, айыыны, уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааһынтан, бу элбэх дьон өлүүлэрэ таҕыста. “Айыы үөрэҕин” сыыһатыттан дьон айыыны оҥоро охсор санаалара улаатан ким да испэт, туох содул үөскүүрэ биллибэт антисептигин иһэн кэбиһэннэр алдьархайга түбэстилэр.
Эдэрдэр өйдөрүн-санааларын айыыны, быстах быһыыны оҥоруу диэки халытар элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” тохтотор кэм буолла. Оҕолоругар үчүгэйи, сыыһа-халты туттубатыгар баҕарар төрөппүттэр бу сыыһа, албын үөрэҕи тохтотторуохтара этэ.
Саха дьонун таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн эдэрдэри үөрэтэрэ киһи оҥорбот быһыытын оҥорума, сыыһа-халты буолан хаалыа диэн киһини харыстыы, көмүскүү сатыырын таба өйдүөххэ. “Айыы үөрэҕэ” диэн албын, сымыйа, була сатаан оҥоруллубут сектаттан сайдан иһэр сахалар босхолонор кэмнэрэ кэллэ.
Мөлтөх өйдөөх-санаалаах киһи санаата түспүтүн көтөҕөөрү арыгыны элбэхтик иһэн кэбиһиэн сөп. Санаата түстэҕин аайы көтөҕөөрү арыгыны иһэр киһи арыгыһыт буолууга түргэнник тиийэн хаалар. Ол курдук, киһиэхэ санаата түһүүтэ хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөбүттэн арыгы иһэрэ элбээн хаалара арыгыһыт буоларын түргэтэтэн кэбиһэр. Арыгыны аһара испит кэмигэр киһи сүргэтэ аһара көтөҕүллэн өйдөөх кэмигэр туттунан оҥорбот быһыытын оҥорон кэбиһиэн сөп. Итини тэҥэ, арыгыны элбэҕи испит киһи сүргэтэ көтөҕүллэриттэн, кыаҕа-күүһэ аһара эбиллэриттэн сыыһа-халты туттунара киирэн кэлэрэ куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ үгүстүк бэлиэтэнэр.
Киһи табан салайдаҕына, сатаан туһаннаҕына санаата күүһүрүүтэ кэлэрин туһаны оҥоруу диэки салайыан сөп. Улахан тымныылаах хотугу дойдуга испиир уонна водка үрдүктүк сыаналаналлара сүргэ көтөҕүллүүтүттэн тутулуктаах. Бу этии табатын улахан тымныыга ханнык баҕарар үлэни үлэлээһини санаата күүһүрбүт, сүргэтэ көтөҕүллүбүт киһи холкутук кыайарыттан, түргэнник оҥороруттан булан быһаарыахха сөп.
Санаа көтөҕүллүүтэ үлэттэн, тугу эмэ оҥорууттан, тутууттан кэлэрэ киһиэхэ улахан туһалаах. Киһи сүрүн үлэтин таһынан араас туһалаах дьарыктардаах буолара ордук. Ол курдук, киһи бэйэтэ оҥорбутуттан, туппутуттан үөрэрэ, санаата көнөрө өссө элбэх ситиһиилэри оҥорорун үөскэтэр. Ону тэҥэ, атын дьарыктары кыайыылартан кэлэр санаа көнүүтэ киһи санаатын күүһүрдэрэ туһаны оҥорор.
Сахалыы быһаарыылаах кылгас тылдьыт сүргэ диэн тылы маннык быһаарар. Сүргэ диэн киһи санаатын эрэ, эрдийиитэ, эрдээх санаата. Сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Сүргэтэ хамсаата (туох эмэ соһуччуттан куттанна, эр санаата түөрэҥнээтэ). (9,434).
Онон сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиилэрэ олус таба уонна санаата көтөҕүллүбүт, күүһүрбүт киһи кыайбатын да кыайара тиийэн кэлиэн сөбө быһаарыллар.
СҮР ТОСТУУТА
Сүр диэн өй-санаа буоларынан түргэнник эбиллэн кэлиэн эбэтэр симэлийэн, суох буолан хаалыан сөп. Сүр суох буолара түргэнин быһааран “сүр тостор” диэн этэллэр. Сүр суох буолуута киһи салгын кута көтөрүгэр тириэрдэринэн киһи өйө-санаата кыыл өйүн-санаатын таһымыгар түһэр, ол аата ийэ кутун салайыытыгар киирэн хаалар.
Салгын кут үөрэҕи-билиини баһылыырга тириэрдэринэн, үөрэх-билии этиитинэн, ыйыытынан салайтаран киһи буолууну, киһилии быһыыны үөскэтэринэн киһи өйүн-санаатын туругун быһаарар сүрүн өй-санаа буолар. Бу быһаарыыны тутуһан сахалар киһини үс куттаах диэн этэллэр. Ол аата салгын кут киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны быһаарар, үөрэҕи, билиини түргэнник ылынан сайдыыны ситиһиини үөскэтэр кут буолар.
Салгын кут көтөн, баран, суох буолан хаалара элбэхтик бэлиэтэнэр. Бу өй-санаа суох буолуута кэлэн ааспытын киһи өйдөөбөккө хааллым диэн быһаара сатыырыттан булан ылыахха сөп. Ол курдук, төбө доргуйуутуттан, арыгыны аһара иһэн итирииттэн, наркотиктары туһаныыттан өй көтөрө тиийэн кэлиэн сөп. Киһи салгын кута көттөҕүнэ кыыл өйүгэр-санаатыгар түһэр, ийэ кутун быһаччы салайыытыгар киирэр, киһилии быһыы диэн умнуллар, хаалар, кыра эрдэҕинэ иҥэриммит үгэстэринэн салаллара тиийэн кэлэр. Бу быһаарыы киһи саамай кэбирэх сирэ өйө-санаата буоларын ыйан биэрэр, өйүн-санаатын улаханнык харыстыыра туһалааҕын биллэрэр. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ дьону харыстаан “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этэн сэрэнэргэ үөрэтэр.
Киһини санаата салайарынан аһара баран эбэтэр көтөн хаалыан баҕарар салгын куту сүр диэн өй-санаа тулуура, өсөһө ханна да ыыппакка хам тутан сылдьарыттан киһи буолуу ситиһиллэр. Ол аата киһи буолан сылдьарбыт бэрт кэбирэх тутулуктааҕыттан, көтөн, баран хаалыан сөбүттэн тулууру, туттунар күүһү дьарыктыы сылдьыы эрэйиллэр. Сахалар ол иһин оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ анаан “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун туһанан оҕо сүрүн, тулуурун, туттунар күүһүн аан бастаан күүһүрдэллэр.
Киһи куттара сайдыыны ситиһэллэрэ түргэн. Оҕо биир сааһыгар буор кута сайдан хаамары, киһи курдук көрүҥнэниини ситиһэр, онтон ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн 6 сааһыгар диэри иитиллэн, үөрэтиллэн киһи оҥорор быһыыларын оҥороро кыаллар. 6 сааһыттан сүрэ күүһүрэн, салгын кута сайдан киһи буолууну ситиһэн, үөрэҕи, билиини баһылаан киһилии быһыылары оҥорор кыахтанар.
Сайдан иһэр өй-санаа куттарга түргэнник үөскүүр буоллаҕына, сүр уларыйара олус бытаан. Ол оннугар сүр тостор диэн этэллэр, түргэнник, тостор курдук суох буолан хааларын биллэрэллэр. Сүрэ тоһуннаҕына киһи тулуура суох буоларыттан өйүн-санаатын тутулуга быста мөлтүүр, кыаҕа суох буолар, куттара тус-туспа ыһыллаллар. Киһи буолууну быһаарар салгын кута көтөрүттэн киһи кыыл өйүгэр-санаатыгар түһэрэ тиийэн кэлэр.
Оҕо атаҕар туран хааман сиһин көнөтүк туттары баһылааһына сүрүн үөскэтэр, сүнньэ көнөр, киһи курдук көрүҥнэнэри ситиһэриттэн санаата күүһүрэн салгыы киһи буолууну баһылыыр кыахтанар.
“Көнө сүрүннээх” диэн албыны, сымыйалыыры билбэт киһини этэллэр. Арай аһара көнө буолууну сахалар аанньа ахтыбаттар, киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын билбэт киһинэн ааҕаллар, албыҥҥа киирэн хаалыан сөбүттэн харыстыы сатыыллар.
Көнө буолуу ханнык эрэ кээмэйи, киһи быһыытын аһара барбатаҕына эрэ табыллар. “Мас көнө” буолууну сахалар сөбүлээбэттэр. Ол курдук, дьон инникини былдьаһаллара элбэҕиттэн көнө киһини албыннаан ас таһаарыныахтарын, тугу эмэ үлэлэтэн туһаныахтарын баҕалаахтар баар буолан иһэллэриттэн, аһара көнө буолуу табыллыбат кэмнэрдээх. “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи баһылаабыт, бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга үөрэммит киһи араас албыҥҥа киирэн биэрэрэ аҕыйыыр. Ол курдук, албыҥҥа киллэрэн туһана сатааччылар, эйиэхэ үчүгэйи оҥоробут диэн бэйэлэрин “үчүгэйдэрин” сыҥалыы сатыыр минньигэс этиилэригэр киирэн биэрбэтэххэ эрэ табыллар.
“Сначало было слово” диэн арҕааҥҥы таҥара үөрэхтэрэ албын, сымыйа этиилэригэр мас көнө, үлэһит дьон киирэн биэрэннэр салайааччылар тугу этэллэрин истэн, ону толорон бас бэринэн хаалан диктатуралары үөскэтэн сылдьаллар.
О.А.Парфенова “Конь и харизма Тыгына в преданиях якутов” диэн үлэтигэр сахалар “Сүр” диэн этиилэрин ырытар. Кини быһаарарынан. сүр диэн киһи сүнньүгэр, сүрүн үөһүгэр баар. Кини маннык этиитэ саха-лар “сүрэ тостубут” диэн этиилэригэр олус сөп түбэһэр. Ол курдук, “сүрэ тостубут” диэн санаата түспүт, тугу даҕаны көмөтө суох кыай¬бат буолбут, мөлтөөбүт киһини этэллэр. Өссө маны сахалар “сүнньэ тостубут” диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Бу этиигэ сүр эмиэ сүрүн курдук тосторо чуол¬кайдык бэлиэтэнэр. Киһиэхэ “сүрэ тостуута”, “сүрүн тостуутугар” тэҥнэнэр уонна киһи буолан бүппүтүн, сүөһүтүгэр түспүтүн көрдөрөр. (18,28).
К.Д.Уткин сүр тостуутун туһунан маннык суруйар:
- Төрүт дьоммут санаа түһүүтүттэн ордук сэрэнэллэрэ. Сүрэ тостубут омук киэбэр, киэлитигэр кытта биллэр. Көстөр дьүһүнүгэр, майгытыгар. Ыгыма, кыараҕаһа, быыппастыгаһа, түрдэстигэһэ, иннин-кэннин көрүнэ, билинэ сатаабата кэрэгэйин, кэлтэгэйин таайтара сылдьаллар. Ону болҕомтолоох, мындыр дьон омук сэбэрэтиттэн даҕаны сыымайдаан таайыахтарын сөп. (19,50).
Күүһү, кыаҕы быһаарар спорт көрүҥнэригэр бастакы миэстэни ылар эр дьон аҕыйааһыннара омук сайдыыны ситиһиигэ санаатын түһэрэн кэбиһиэн сөп. Эр дьон мөлтөөһүннэрэ омук өйө-санаата; күүһэ, кыаҕа эмиэ мөлтөөһүнүгэр тириэрдэриттэн ыал буолуу үгэстэрин туһанан харыстаныы эрэйиллэр.
Олус былыргы кэмнэргэ бастакы кыыл курдук киһи буор, ийэ куттардаах уонна сүрдээх эрэ буолар эбит. Эт-сиин хамсааһыннартан сайдарын, күүһүрэрин быһаарыы кэнниттэн, бу хамсааһыннары үөскэтэр буор кут диэн өй-санаа хас биирдии быччыҥҥа үөскээн сылдьарын арыйбыттар.
Сахалыы саҥарар тыл сайдан киһи өйө-санаата үөскүүрүгэр ийэтин ылар оруола чуолкайдаммытын кэннэ, ийэ кут баара арыллан быһаарыллыбыт. Өй-санаа сайдыытын билинэр, киһи буолууну үөскэтэр салгын кут хойутуу, саха тыла үөскээһинин кытта, тэҥҥэ кэриэтэ сайдан тахсыбыт.
Саха дьоно киһи үс куттарын туруктарыгар уонна суолталарыгар сөп түбэһэр ааттары биэрэн иҥэрбиттэр:
1. Үөрүйэх буолуохха диэри элбэхтик хамсаныы буор куту үөскэтэр. Буор кут эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьар.
2. Үгэстэртэн хомуллан ийэ кут үөскүүр.
3. Үөрэх салгын куту сайыннарар. (20,19).
Киһи этэ-сиинэ кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллиитэ удьуордааһын диэн ааттанар. Оҕо төрөппүтүгэр тугунан эрэ маарынныыра этэ-сиинэ бэриллибитин, удьуордаабытын биллэрэр. Өй-санаа кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитэ утумнаан иһии баарын биллэрэр. Үөрүйэх буолбут, эккэ-сииҥҥэ иҥмит, уларыппыт өй-санаа, буор кут эрэ утумнаан бэриллэрэ омук сайдыытыгар уустуктары үөскэтэр. Ол курдук, үөрэхтэн кэлэр билиилэр киһиэхэ үөрүйэхтэри кыайан үөскэппэтэхтэринэ кэлэр көлүөнэлэргэ утумнаан бэриллибэккэ таах хаалан, симэлийэн иһэллэр.
Омук үлэҕэ сайдыыны ситиһиилэрэ дьоҥҥо буор куту, үөрүйэхтэри үөскэтэллэриттэн уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэриттэн салгыы сайдалларыгар улахан туһаны оҥороллор. Бу киһиэхэ сайдыыны аҕалар аналлаах тутулугу сахалар билэн, эр киһи буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэргэ анаан ыал буолуу үгэстэрин олохтоон туһаналлар. Ол курдук, эр киһи сайдыылаах буор кутун ыраас кыыс оҕоҕо эрэ иҥэрэн оҕолоругар тириэрдэр кыахтааҕын ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу үөскэтэр. (21,22).
Куттар салгын кут көмөтүнэн түргэнник сайдаллар, онтон сүр олус бытааннык сайдар. Кут сүртэн туох уратылааҕа киһи өйө-санаата сайдыбытын кэнниттэн быһаарыллыбыт буолан, саха тылыгар кут сүрү кытта холбуу бииргэ туттуллар, ол иһин өй-санаа үөрэҕэ Кут-сүр үөрэҕэ диэн ааттанар.
Сүр диэн өй-санаа буоларынан түргэнник түһэн, аҕыйаан хааларынан, тостор курдук суох буолар. Ол иһин киһи тулуурун, өсөһүн куруук дьарыктаан сүрүн күүһүрдэ сылдьара эрэйиллэр.
Онон сахалыы Кут-сүр үөрэҕэ олус былыргы кэмнэртэн ыла үөскээн сайдыбыт уонна киһи өйө-санаата айылҕаттан тутулуктааҕын, улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайдан, тупсан тахсыбытын арыйар.
СҮРҮН БАТТАТАР
Сүр туспа күүс буоларын “Сүрүн баттатар” диэн этии баара биллэрэр. Сүр диэн күүс хас киһи аайы тус-туһунан таһымнааҕын күүстээх эбэтэр аҕыйах диэн быһааран биэрии бэлиэтиир. Бу үгүстүк туттуллар этиигэ элбэх күүстээх сүрдээх киһи атын, мөлтөх киһини сабырыйа¬рын, кинини үгүс өрүтүнэн баһыйарын баттааһын диэн тыл баарыттан билэбит.
Сүр туспа күүс буолан киһи тутта¬-хапта сылдьарыгар, майгыныгар-сигилитигэр араарыллан көстөрө хараҕыттан ордук биллэр. Хараҕа кытаанах, хамсаабат, сүүрэлээбэт, өр чыпчылыйбакка батары көрөр киһи сүрэ элбэх уонна күүстээх буолар.
Былыргы кэпсээннэргэ күүстээх ойуун баар дьону барыларын сүрдэрин баттыыра бэлиэтэнэр. Эдэр киһини кырдьаҕас киһи сүрэ баттыыра эмиэ биллэр. “Сүрүн баттатар” киһи диэн чаҕыйар, саллар уонна аны кыаҕа суоҕун билинэн кыайыыны ситиһии диэки дьулуура мөлтөөбүт киһини ааттыыллар.
Былыргы саха сүр туһунан өйдөбүлэ былыргы Китай Ци, Индия Йог, Прана үөрэхтэригэр маарынныыр. Азия дьонугар киһи тыыннаах буолар, сайдар күүһүн ситимин өйдөбүллэрэ барыларыгар биирдэр. Индияҕа киһи тыыннаах буолар күүһүн прана дииллэр. Киһиэхэ праналар 7 кииннэрэ бааллар дэнэр. Кинилэри сибээстиир, холбуур сүрүннүүр суолу¬нан киһи сиһин сүнньэ эбит. Онтон барар суоллар 7 праналар кииннэ¬рин холбууллар. Олору барыларын киһи мэйиитэ салайар. (22,51).
Н.З.Копырин “Үйэлэр кирбиилэригэр үөскүүр санаалар” диэн үлэти¬гэр чинчийээччи С.Н.Лазарев “Диагностика кармы” диэн үлэтин ыры¬тар. Бу улахан үлэтигэр С.Н.Лазарев киһи дууһатын туругун ырытан, хас биирдии тыынар-тыыннаахха биополе диэн баарын быһаарбыт. Ити биополе алдьаннаҕына эбэтэр аҕыйаатаҕына киһи араас ыарыылар¬га ылларара үксүүр эбит. Киһи доруобуйата, характера, өйө-санаата, дьылҕата барылара биир кэлим буолалларын уонна олор барылара кини “био-хонуутугар” дьиктитик сааһылана сылдьалларын үөрэтэн билбит. (23,6).
Биһиги ойууннар быһаарыыларын, киһиттэн суос диэн эньиэргийэ тахсарын уонна наука этиитин холбоотохпутуна сахалыы сүр диэн биополе буолара уонна киһи тулатыгар тарҕана сылдьара чуолкайданан тахсар.
Суруйааччылар сүр уратыларын бу курдук арааран суруйаллар. Биир күһүн Исийээнэп иннигэр:
- Бытатаайыга Махсык оҕонньор олоҥхотун истэн аастым. Улуу да олоҥхоһут сахаҕа баар буолар эбит. Кини олорор да сирэ киһи кутун-сүрүн баттыыр. Кэнэҕэһин-кэнэҕэс киһи-сүөһү тоҕуоруйар сирэ буолара дуу? – диэбитэ. (24,57).
Арҕааҥҥы сайдыылаах омуктар таҥараларын үөрэҕиттэн сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин уратыта диэн өй-санаа буор, ийэ, салгын куттарга арахсара уонна сүр диэн Айылҕат¬тан бэриллэр күүстэр киһиэхэ баалларын быһааран көрдөрөрүнэн улаханнык уратыланар. Кэнники араас үөрэхтээхтэр быһааран иһиилэринэн салгын кут диэн баара дакаастанан эрэр, онтон ийэ уонна буор куттары аныгы наукаҕа булан дакаастыыллара өссө да ыраах.
Сүр диэн күүс баарын сахалар бэйэлэрэ даҕаны былыргыттан билэн, тылларыгар киллэрэн олохторугар туһана сылдьаллар. Бу сүр диэн күүһү үөрэтэн, баһылаан уонна бэйэҕэ баарын сайыннаран туттуу саха дьонугар элбэх кыайыыны ситиһэллэригэр, олохторун уонна доруобуйаларын тупсаралларыгар улаханнык көмөлөһүөн сөп.
Доруобуйа диэн нуучча тыла сахалар эт-сиин уонна өй-санаа диэн тус-туспа уратылары этэллэрин холбуу бииргэ ыларынан саха тылыгар киирэн туттулла сылдьар.
Саха дьоно сүр диэн күүһү тус-туспа арааран үөрэппиттэр. “Сүрдээх киһи” диэн этии чахчы кыахтаах, күүстээх санаалаах, тулуурдаах киһини бэлиэтиир этии буолар. “Сүрэ тостубут, сүрэ көппүт” диэн киһилии олоххо тардыһар күүһэ суох буолбут, мөлтөөбүт, санаата түспүт киһини этэллэр.
Бу сүр диэн айылҕаттан уонна төрөппүттэртэн утумнааһын нөҥүө бэриллэн иһэр санаа күүһүн биһиги тулуурдаах буоларга аналлаах эрчиллииттэн сайдан, күүһүрэн иһэр диэн быһаарабыт. Элбэхтик тымныыга сылдьан тымныыны тулуйар буолуу, тымныы уунан кутта сылдьыы уонна үлэ араас ыараханнарын, эрэйдэрин тулуйуу сүрү күүһүрдэр. Кыахтаах, күүстээх, тулуурдаах, өһөс санаалаах киһи сүрэ элбэх буолар.
Сүр диэн санаа күүһэ. Бу күүс дьайыыта киһи тулатыгар тарҕанан атыттарга тиийиэн сөп. Күүстээх сүрдээх киһи атыттары хам баттаан кэбиһэрин быһааран “сүрүн баттатар” диэн этии үөскээбит.
Онон сүр дьайыыта атын дьоҥҥо тиийэн биллэрин “сүрүн баттатар” уонна суос диэн быһаарыылар бааллара биллэрэр.
СУОС
Айылҕа киһини куруук көрө-истэ сылдьар, кэмэ кэллэҕинэ күүһүгэр күүс эбэн биэрэн ыараханнары кыайарыгар, туорууругар көмөлөһөрө биллэр. Эбиискэ күүс, эньиэргийэ эбиллэн кэлиитэ киһи кыайбатын да кыайарыгар тириэрдэрин “Үөрүүтүттэн эдэригэр түспүт” диэн өс хоһооно биллэрэр.
Киһиэхэ айылҕата биэрэр эбиискэ эньиэргийэтин сахалар уор диэн ааттыыллар. Олус былыргы, дьон бииргэ олоруулара саҥа сайдан иһэр кэмнэриттэн уоруйахтар бааллар эбит. Ол кэмнэргэ тугун эмэ уордарбыт киһи кыыһырарын, абарарын көрөн үөрэтэннэр уор диэн эньиэргийэ киһиэхэ киирэр кэмэ баарын быһаарбыттар. Аныгы наукаҕа бу эбии киирэр эньиэргийэ эбиллиитин киһи хааныгар адреналин киирэриттэн диэн ааҕаллар.
Уор киирдэҕинэ киһи күүһэ, кыаҕа эбиллэрин билэн “уордайда” диэн этэн саха тылыгар былыргы үйэҕэ киллэрбиттэр. Уордайыыттан, ыгыллыыттан киһи өйө, салгын кута быстах кэмҥэ көтөн, суох буолан ыларын сахалар өйө баайыллар диэн этэллэр. Маннык кэм киһиэхэ барыларыгар киирэн кэлиэн сөбүттэн киһини тулуура, туттунар күүһэ, ол аата сүрэ баара эрэ быыһыыр абырала буолар. (25,55).
Кыыһыран иһэр киһиэхэ сахалар сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллар. Уор кыыһырыыттан киирэн аһара баран хаалара элбэҕэ биллэр. Былыргы кэмнэргэ айылҕаҕа олох олоруу ыараханыттан киһини харыстаан, араас саба түһүүлэртэн көмүскэнэригэр анаан киһи эбиискэ күүстэнэр гына айыллыбыт. Айылҕа кыылларыттан эһэни туспа арааран уордаах диэн этэллэр.
Уордайыыттан киһи олус куһаҕан, киһиттэн таһынан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн сэрэнэ, харыстана уонна тулуурун, туттунар күүһүн дьарыктаан эрчийэ сырыттаҕына табыллар.
Кыра эрдэхтэринэ атаахтыы сылдьыбыт эдэрдэр тулуурдара суоҕуттан кыратык да кыыһырдаллар эрэ аһара туттунан кэбиһэллэрэ билигин элбээтэ. Дьиэлэрин иһигэр кэргэнниилэр кыыһырсан баран куукуна быһаҕынан анньыһан кэбиһэллэрэ эмиэ биллэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” олус улахан куһаҕан дьайыытынан эдэрдэр айыыны, уратыны, ол аата киһи оҥорбот быһыытын оҥоро сатыыллара элбээн быһаҕынан киһини анньыыны оҥорон кэбиһэллэрэ үксээтэ. Бу ыар, киһи оҥорбот быһыытын оҥороругар “айыы үчүгэй” диэн албын этиини тутуһан айыыны, ол аата киһи билбэт буолан оҥорбот быһыытын оҥорор санаата элбээбитэ тириэрдэрин арааран билии эрэйиллэр.
Уордайбыт киһини уоскутарга анаан “Уоһахта салаа, уҥуохта көмүллээ” диэн этиини сахалар туһаналлар. Сыалаах, арыылаах, элбэх холестериннээх аһылык киһини түргэнник уоскутарын, майгынын сымнатарын былыр үйэҕэ быһааран туһана сылдьарга анаан тылларыгар киллэрбиттэр.
Уор диэн эньиэргийэ, санаа күүһэ дьайыытыттан суос үөскээн тахсар. Уордайыы киһиэхэ элбэх күүһү биэрэриттэн суос, суостаныы үөскээн киһи тула өттүгэр тарҕанар. Уордайбыт киһи кыайбатын да кыайан кэбиһэр кыахтанар.
Бу эбиискэ киирэр эньиэргийэ дьайыытыттан киһи хаанын баттааһына уонна кыраадыһа үрдүүрүн быһааран сахалар былыр үйэҕэ суос диэн ааттаабыттар. Киһиэхэ эбиискэ эньиэргийэ киириититтэн күүһэ, кыаҕа эбиллэриттэн санаата күүһүрэн этэ-сиинэ итийэр, суостанар. Аныгы наукаҕа киһи хааныгар адреналин киириитэ киһиэхэ эбиискэ эньиэргийэни биэрэр диэн быһаарбыттара.
Күүс, кыах эмискэ эбиллэн кэлиитин быһаарарга сахаларга суос диэн тыл туттуллар. Суос диэн эньиэргийэ буоларынан ыраахтан да дьайыыта тиийэрэ суостанна диэн тыл баарыттан биллэр. “Оһох суостанна” диэн эттэхтэринэ оһох итиитэ ыраахтан биллэрин анаан-минээн бэлиэтииллэр.
Сүрдээх киһи улаханнык кыыһырдаҕына, уордайдаҕына суостанар, ол ыраахтан биллэрин “Суос бэринэр” диэн этэллэр. Бу этии төһө даҕаны суос баарын биллэрбитин иһин, үгүстүк сүрэ аҕыйах киһи эбинэн, суостаммыт курдук туттунарын быһаарара ордук табыллар. Ол курдук, чахчы суостаммыт киһини атыттар хайдах туттунарыттан буолбакка, суоһун дьайыытыттан урутаан билэллэр.
Суос дьайыытын тириэрдии суоһаа диэн этиллэр. Уот суоһаан таҥаһы сиэн, уматыан сөп. Киһиэхэ суос эбиллиитэ суоһуруу диэн ааттанар уонна хараҕыттан, хайдах туттунарыттан биллиэн сөп.
Суос киһи дьүһүнүн уларытарын суостаах диэн этии биллэрэр. “Дьэбин уоһуйбут” диэн өс хоһооно суостан киһи сирэйин көрүҥэ улаханнык уларыйарын биллэрэр. (10,69). Санаа уларыйара киһи сирэйигэр биллэн хаалара элбэх. “Сирэйин тириитэ халыҥаабыт” диэн этии киһи санаата сирэйигэр уларыйыыны киллэрэн атыттарга биллэн хаалара суох буолбутун биллэрэр. Сүрэ улахан киһи тулуура улаханыттан ис санаатын, үөрбүтүн, хомойбутун атыттарга биллэрбэт кыахтаныан сөп.
Суос эбиискэ киириититтэн киһи өйө-санаата, туттунар быһыыта олус улаханнык уларыйарын быһааран өс хоһоонноро оҥорбуттар:
- “Иһигэр былас муостаах киирбит” диэн өс хоһооно киһи иһигэр улахан күүс киирбититтэн тугу оҥорорун билбэт кэмэ кэлбитин уонна туттунар быһыыта тосту уларыйан куһаҕан быһыыны оҥорор кыаҕа улааппытын быһаарар.
- “Тимир тириитин кэппит” диэн өс хоһооно киһи кыыһырбытын омунуттан ким да этэрин истибэтэ, толорбото киирбитин, бэйэтэ тугу оҥорорун кыайан салайбатын биллэрэр.
- Кыыһырбыт киһиэхэ суос киирэн эбилиннэҕинэ кыыһырыы аһара баран хаалара киһини куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Бу уларыйыы баарын “Кыыһырбат киһи кыыһырбыта киһиттэн таһынан” диэн өс хоһооно этэн биэрэн сыыһа быһыыланан кэбиһэртэн сэрэтэр.
- “Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыылара табыллыбаккалар, сатаммаккалар алдьархайы элбэтэллэрин, туһалааҕы да илдьиритэллэрин быһаарар. Онно эбии кыыһырыы, суостаныы, сүрдэнии киһи оҥорор быһыылара киһи быһыытын букатын таһынан баралларын үөскэтиэн сөп. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тохтотунар, туттунар күүһүн тулуурун улаатыннаран күүһүрдүбэтэҕинэ, дьарыктаабатаҕына аһара туттунан кэбиһэрэ элбиирин, бу айылҕа биэрэр күүһэ улаатыннаран кэбиһэр. Суоһурҕанар диэн хайдах эрэ туттунан, эмискэ хамсанан, тугу эмэ тыаһатан эбэтэр улаханнык саҥаран кыыһырбыты атыттарга биллэрэ сатааһын ааттанар.
Суос киириитэ киһи майгынын тосту уларытыан сөп. Биир бииргэ күрэхтэһээччилэр өй-санаа үөрэҕинэн дьарыктанан күрэхтэһиигэ киириэхтэрин иннинэ бэлэмнэнэн уордарын, суостарын киллэринэн баран киирдэхтэринэ, төһө эмэ күүс, күдэх эбиллэн кыайыыны оҥороллоро кыаллыан сөбүн туһаныахтара этэ.
Сүр киһиэхэ тулууру, дьулууру, өсөһү биэрэринэн эмискэ эбиллэн кэлиитэ үчүгэйи оҥороро бэрт аҕыйах, сүрдэниигэ тириэрдэн кэбиһиэн сөбүттэн харыстаныы, оҥорор быһыыны тохтотунар күүстээх буолуу эрэйиллэр. Сүрдэнии киһини куһаҕан, киһиттэн таһынан быһыыны оҥорууга тириэрдиэн сөбүттэн киһи харыстанар кыахтаах, туттунар күүстээх буолара ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Онон уор диэн айылҕа киһиэхэ эбии биэрэр эньиэргийэтин өйө-санаата сайдыбыт киһи табан туһанара эрэйиллэр.
СОР
Киһи олоҕун үгүс өттүн үлэтэ ылар. Үлэлии үөрэнии эрэйдээх уонна уустук хамсаныылары оҥоро үөрэннэххэ эрэ табылларыттан уһун кэми ылар. Ол иһин үлэһит төрөппүттэр оҕолоро кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр, иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлиир үгэстэри иҥэрэн биэрэллэрэ эрэйиллэр. Бу үчүгэй үгэстэр дьайыыларыттан уонна баҕа санааны үөскэтэллэриттэн оҕо улаатан иһэн үлэлииргэ үөрэнэрэ эрэйэ суохтук ситиһиллэр.
Кыра оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһалаах үгэстэргэ ииппэтэххэ, үөрэппэтэххэ улаатан бэйэтин өйө-санаата киирдэҕинэ, бэйэтигэр туһалааҕы оҥорор санаата, бэйэмсэҕэ улаатан хааларыттан, бэлэмҥэ үөрэммитэ тардан сынньалаҥнык сылдьары ордороруттан, үлэлиири букатын да сөбүлээбэт буолуута үөскүөн сөп.
Кут-сүр үөрэҕин билиммэт арҕааҥҥы үөрэхтэр дьайыыларыттан оҕо ийэ кутун иитии диэн сахалар үөрэхтэрэ хаалан сылдьар. Ол иһин оҕолор туһа киһитэ буолан үлэҕэ үөрэнэллэрэ хаалбытыттан, Россияҕа үлэ сайдара төһө эмэ ырыынак баарын үрдүнэн кыаллара өссө да ыраах.
Оҕо улаатан иһэн ону-маны оҥоро, тута үөрэнэрэ аан маҥнай табыллыбатыттан, сатана охсубатыттан эрэйи үөскэтэр, ол иһин хос-хос оҥордоххо табылларыгар тириэрдэр. Оҕо элбэхтик хос-хос оҥордоҕуна, дьарыктаннаҕына, тулуура улааттаҕына эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанар.
“Үлэ эрэйдээх” диэн этии киһиэхэ дьайыыта үлэлии үөрэнэр кэмтэн ыла саҕаланар. Үлэҕэ уопуттаах төрөппүт көмөтүнэн, этэн, көрдөрөн биэриитинэн оҕо үлэҕэ түргэнник үөрэнэр кыахтанар. Аҕа диэн саха тыла төрөппүт эр киһини биллэрэрин тэҥэ, олоххо, үлэҕэ уопута элбэх диэн эбии өйдөбүллээх. Оҕо улаатан иһэн улахан уопуттааҕы үтүктэр, батыһар күүһэ улаханыттан аҕа диэн ааттанар киһи үлэҕэ үөрэтэр кыаҕа улаатар. Үөрэтэр киһи бэйэтэ көрдөрөн биэрэн үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэрэ үөрэнии табылларын, сатанарын уонна түргэтиирин үөскэтэн, үлэ эрэйдэниигэ, сордонууга кубулуйбатыгар тириэрдэр.
Үлэлии, оҥоро, тута үөрэммэтэх киһи тугу эмэ оҥоро сатыыра табыллыбакка хаалара элбэҕиттэн, хос-хос оҥоро сатааһына сорго, муҥҥа тириэрдэрэ элбэх. Сүгэнэн өссө сатаан тутта үөрүйэҕэ суох оҕо кэрдэр маһын кэрдиистээн кэбиһэрэ эрэйин, сорун улаатыннаран кэбиһэн, үлэлииргэ санаатын түһэриэн сөп.
Саха тыла өйтөн-санааттан тутулуга олус улахан. Өй-санаа сайдан, күүһүрэн иһиитигэр оҕо олоххо көрсүллэр ыараханнары, эрэйдэри кыайара, үлэлии үөрэнэрэ улахан туһалаах. Ол курдук, ыараханнары кыайыы киһи тулуурун, дьулуурун улаатыннардаҕына эрэ ситиһиллэр кыахтаахтара дьайан өйү-санааны күүһүрдэллэр, бөҕөргөтөллөр.
Киһиэхэ тулууру, туттунар күүһү, дьулууру өһөс санаата күүһүрдэр. Бу санаа күүстэрэ киһи сүрэ хайдаҕыттан улахан тутулуктаахтар уонна сыыһа-халты туттунарын суох оҥороннор туох эмэ туһалааҕы оҥороругар кыах биэрэллэр.
Сахабыт тылыгар өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьаллар, ол иһин саха тыла иччилээх диэн этиллэр. Өй-санаа мунньуллуута уонна күүһүрүүтэ быһаарыллан саха тылыгар этиллэн сылдьарын сор диэн тылы ырытан буларбыт ордук итэҕэтиилээх.
Сор диэн олоххо көрсүллэр эрэй, муҥ ааттанар. “Сор оттооҕор элбэх, муҥ сыыстааҕар элбэх” диэн өс хоһооно киһи олоҕор көрсөр ыараханнара элбэҕин биллэрэллэр. (10,54). Киһи олоҕор көрсөр араас эрэйи, сору тулуйара уонна кыайар кыахтанара эрэйиллэр. Ыараханы, эрэйи, сору кыайбыт, туораппыт киһи күүстээх санааланар, өйө-санаата бөҕөргүүр, ол иһин барыны-бары кыайар кыаҕа улаатар.
“Сор диэмэ”, “эрэй диэмэ” диэн этиилэр элбэхтик сор, эрэй диэн ыараханы этэр тыллары туттуу, сору, эрэйи ыҥырыы, бу тыллар иччилэрэ бэйэҕэ иҥэн хаалалларын үөскэтэн сор, эрэй арахпакка, баайыллан хаалан уһуннук эрэйдиэхтэрин, сордуохтарын сөбүттэн эрдэттэн харыстаныы, көмүскэнии буоларын өй-санаа үөрэҕин билэр сахалар туһанан куһаҕаҥҥа тириэрдэр тыллары улаханнык саҥарбаттарын тэҥэ, аҕыйахтык, биирдэ эмэтэ тутта сатыыллар.
Сору билии, ону кыайан туоратыы төһө да эккэ-сииҥҥэ эрэйдээҕин иһин, киһи өйүн-санаатын бөҕөргөтөн, кыаҕын-күүһүн элбэтэринэн туһата улаатан тахсар. Сору билииттэн өй-санаа күүһүрэрин биллэрэр соргу диэн үчүгэй өйдөбүллээх тыл үөскээбит. (26,46).
Соргу диэн олоххо түбэһэр ыараханнары тулуйан кыайыы, онтон өй-санаа бөҕөргөөһүнэ, күүһүрүүтэ ааттанар. Эрэйи, муҥу, сору кыайыы соргу үрдээһинигэр тириэрдэр. “За одного битого двух небитых дают” диэн этии эрэйи, муҥу кыайбыт киһи санаата бөҕөтүнэн, кыаҕа эбиллибитинэн эрэйи, муҥу билэ илик икки киһиттэн лаппа ордугун, кыайыыга дьулуһара күүстээҕин, ситиһэр кыаҕа улаатарын биллэрэр.
“Кэнчээри кэскилэ – соргулаах” диэн этии кэлэр көлүөнэлэргэ эрэли биллэрэр. Санаа кыаҕа үрдээһинэ омук олоҕун инники сыаллыыр, дьолго-соргуга тардыһыылаах оҥорор.
Кэскил диэн кэһиини, ол аата уларытыыны киллэр диэн тыллартан үөскээбит. Ол аата эдэрдэр саҥаны айыыны оҥорон олоххо туһалаах уларыйыыны киллэрэллэрин кэскил диэн тыл биллэрэр.
Үлэ хаһан баҕарар ыарахана элбэх. Ол иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы арахсар:
1. Ыарахан үлэ.
2. Чэпчэки үлэ.
Киһи этэ-сиинэ ыарахан үлэни үлэлиирин сөбүлээбэт. Улахан тымныыга үлэлэнэр үлэлэр ыарахаҥҥа киирсэллэр. Арай өй-санаа этин-сиинин баҕатын баһыйан, салайыыны бэйэтигэр ыллаҕына эрэ киһи ыарахан диэн ааттанар үлэни үлэлиир кыахтанар. Эмиэ тулуур, дьулуур уонна өһөс санаа эрэ туһалыыр кэмнэрэ тиийэн кэлэллэр. Ол иһин киһи үлэлээн, хамсаан туох эмэ туһалааҕы оҥороругар сүр хамсатар күүскэ кубулуйан суолтата улаатан биэрэр.
Чэпчэки үлэни көрдөөһүн диэн дьон баҕа санаалара буолар. Ол иһин чэпчэки үлэ былдьаһыктаах үлэҕэ киирсэриттэн көрдөөччүлэр элбииллэр. Омуктар экэномикаларын сайдыыта олох тупсан иһэрин үөскэтэн, араас тиэхиникэлэри элбэтэн үлэни чэпчэтэн иһэр.
Киһи бэйэтэ сөбүлээбэтин оҥорорун сордонуу, муҥнаныы курдук саныыра хаһан да уларыйан хаалбат. Өссө бу эрэйдэрин кыайан туораппатаҕына, суох оҥорботоҕуна сордоох эбэтэр муҥнаах диэн аһынар аат иҥэн хаалан өйө-санаата татымын, сайдыыта суоҕун биллэрэ сылдьыан сөп. Былыргы кэмнэргэ улахан баайдар аҥардастыы баһылыыр, салайар эрдэхтэринэ үгүс үлэһиттэр, дьадаҥылар ыарахан үлэҕэ баттатан олохторун сордоно, муҥнана олороллорун элбэхтик сурукка киллэрэн бэлиэтээбиттэр.
Киһиэхэ ыал буолуу төһө да баҕа санаатын толоруу буолбутун иһин олоҕор, үлэтигэр элбэх эбиискэ үлэни киллэрэн ыараханы үөскэтэр. Төрөппүттэригэр атаахтыы, маанылана, бэлэмнэригэр сынньалаҥнык сылдьыбыт эдэр киһиэхэ ыал олоҕуттан, оҕо төрөөһүнүттэн, көрүүтүттэн эбиискэ кэлэр үлэлэр өйүгэр-санаатыгар муҥнаныыны, сордонууну үөскэтэн кэбиһиэхтэрин сөп. Киһи тулуура, өһөс санаата улахан буоллаҕына эрэ, ол ыараханнары муҥунан-сорунан аахпакка, эрэйдэммэккэ, быстыбакка эрэ тулуйар, кыайар кыахтанар. Олоҕу олорууга, онтон көстөн кэлэр араас ыараханнарын тулуйууга көрсүө киһи тулуура улаханыттан элбэхтик барыстанар. Онно эбии сыыһа-халты туттубатыттан, майгына сымнаҕаһыттан уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулугун тутуһарыттан кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ, үөрэтиигэ ордук табыллар. Ол иһин сахалар көрсүө, сэмэй буолууну тутуһан оҕолорун иитэллэриттэн, үлэҕэ үөрэтэллэриттэн сайдыыны ситиһэн иһэллэр.
Онон киһиэхэ олоххо көстөн кэлэр сору, муҥу кыайыы өйүн-санаатын, сүрүн бөҕөргөтөн ситиһиини, кыайыыны оҥорорун үөскэтэр.
СҮР МАЙГЫНЫ САЛАЙАР
Сүр диэн санаа күүһэ. Киһи куттарын холбуу тута сылдьар күүс сүр диэн ааттанар. Тулуур, дьулуур, өһөс буолуу диэн санаа күүстэрэ сүрү үөскэтэллэр. Сүрдээх киһи тулуура, дьулуура, өсөһө улаатан биэрэриттэн оҥорор быһыытын хонтуруоллуур уонна табан салайар кыаҕа улаатарыттан киһи быһыытын тутуһар кыахтанар.
Киһи саамай кэбирэх сиринэн өйө-санаата буолар. Өй-санаа, салгын кут көтөн хаалыыта сүртэн быһаччы тутулуктаах. Бу тутулук баарын уонна төһө күүстээҕин киһи кырыйдаҕына өйө көтөн хаалан түөһэйэригэр тиийэн хаалара биллэрэр.
Түөһэйбит киһини “Оҕотугар түспүт” диэн быһааран, өйүн-санаатын уларыйбыт таһымын ыйан, чуолкайдаан этэллэр, ол аата салгын кута көтөн, өйө-санаата айыы буолан туспа барбыт киһи буолар. Айыы буолуу диэн киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан туспа барыыта ааттанар. Ол иһин түөһэйбит киһи өйө-санаата көтөн хаалан, туспа барарыттан айыы киһитэ буолан хаалар.
Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар саха дьонун айыы киһитэ буолууга араадьыйанан алгыс этэн ыҥыраллара олус улахан сыыһа, киһи өйө-санаата Үөһээ дойдуга көтөрүгэр, ол аата түөһэйэригэр ыҥыра сатыылларыттан уонна маат курдук куһаҕан дьайыылаах саҥа тыллары була сатаан оҥороллоруттан саха дьоно бэйэлэрин сөбүлээбэттэрин үөскэтиннилэр. Саха тыла үөрэтэргэ нуучча тылынааҕар уустугуран, ыараан хаалбытынан эдэрдэр үөрэтэллэрин быраҕан эрэллэр. (27,8).
Өй-санаа киһиттэн арахсан туспа барыыта айыы буолуу диэн ааттанар. Ол иһин өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга сылдьалларын айыылар диэн ааттыыллар. Айыылар тыыннаах киһини өлүүгэ ыҥырар, угуйар күүстээхтэриттэн сахалар харыстанан “Айыы диэмэ” диэн үөрэҕи туһаналлар.
Түөһэйбит киһи өйө-санаата кыра оҕо таһымыгар түһэрин, кыра оҕо курдук быһыыланарын кырдьаҕастарын көрбүт-истибит, эрэйдэммит дьон билэллэр. Лаппа сааһырбыт киһи биир баҕа санаатынан “Түөһэйбэтэрбин эрэ” диэн буолара былыргыттан биллэр.
Тулуурдаах майгылаах, өһөс киһи түөһэйбэккэ эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык түмүктүөн сөп. Итини тэҥэ, кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит оҕо улааттаҕына арыгыны элбэҕи иһиититтэн түргэнник өйө көтөн хаалан атаахтыыр, киһиргиир санаата киирэн кэлэриттэн, сыыһа-халты туттунуон сөп.
Түөһэйии диэн кырдьаҕас киһиттэн сүрэ мөлтөөтөҕүнэ салгын кута көтөн хаалара тиийэн кэлиитэ ааттанар. Оҕо атаахтык иитиллиитэ тулуура суох буоларын улаатыннаран түөһэйиитэ эрдэлээн кэлиитигэр тириэрдиэн сөп.
Өйү-санааны утумнаахтык дьарыктааһын тулууру улаатыннаран кырдьаҕас киһи түөһэйэрин тохтотуон сөп. Сааһырбыт дьон үйэлэрин тухары мунньуммут олохторун уопутун туһананнар сахалыы таҥара үөрэҕинэн дьарыктанар кыахтара улаатан биэрэр кэмэ кэлэр. Бу мунньуммут элбэх уопуттарын эдэрдэргэ биэрэллэрэ эрэйиллэр.
Майгы диэн киһи түргэнник уларыйар, иҥэринэр өйө-санаата буолар. Арай майгы киһи оҥорор хамсаныыларыгар, быһыыларыгар куттарын нөҥүө дьайыыта тиийэринэн ийэ куттан улаханнык тутулуктанар. Оҕо ийэ кута кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыыларга иитилиннэҕинэ, улаатан баран майгынын түргэнник уларыйыыларын салайар, туттунан тохтотунар кыаҕа улаатар.
Майгы аһара түргэнник уларыйарыттан киһини сыыһа-халты тутуннарыан, оҥорор быһыытын быстах быһыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөбө улаатан хаалар. Кыыһыра охсубут омуннарыгар ону-маны быраҕаттанар, остуолу охсор дьон бааллара биллэр. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһилии быһыыларынан иитии улахан суолталааҕын билэн төрөппүттэр туһаныа этилэр.
Майгы сүртэн улахан тутулуктаах. Сүр майгы аһара барарын тохтоторуттан киһи сыыһа-халты туттунарын аҕыйатан киһи буолууну ситиһэригэр, киһилии майгыланарыгар тириэрдэр. Сүрэ мөлтөх киһи майгы араас уларыйыыларыгар киирэн биэрэрэ элбээн хаалыан сөп. Ол курдук, кыыһырара киирэн аһара баран иһэр киһи тулуурун, бэйэтин тохтотунар күүһүн улаатыннарара эрэйиллэр.
Киһи сайдан өйө-санаата тупсан иһэриттэн кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан уларыйыыта, тупсуута майгынын уларытар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн майгы икки өрүттэнэр:
1. Киһилии майгы. Киһилии майгы диэн туохха барытыгар киһи быһыытын тутуһа сылдьыыттан үөскүүр, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорууну быһаарар суолталаах майгы буолар.
2. Кыыллар майгылара. Улахан кыыллар, көтөрдөр бэйэлэригэр сыһыаннаах быһыылары оҥоруулара майгыларын уратыта буолар. Бөрө кыаммат, мөлтөөн хаалбыт тыынар-тыыннаахтары тутан сиир майгына, айылҕаны собулҕаттан ыраастыыра үйэлэргэ уларыйбат.
Айылҕаҕа туох барыта икки өрүттэнэн тахсаллара хаһан баҕарар баар буола турар уонна тохтообокко солбуйсан биэрэн иһэллэриттэн бииртэн-бииргэ уларыйан саҥалыы үөскээн иһэллэр.
Киһилии майгы эмиэ икки аҥы өрүттэргэ арахсар:
1. Үчүгэй майгы.
2. Куһаҕан майгы.
Дьон бэйэлэригэр туһалаах, үчүгэйи оҥорор майгы уратыларын үчүгэйинэн ааттаан кэбиһэллэр, онтон тугу сөбүлээбэтэхтэрин, сирбиттэрин куһаҕанынан ааттаан туораталлар. Майгы бу уратылара киһи өйө-санаата сайдан, тупсан, үчүгэй киһи таҥара, Христос үөскээбитин кэнниттэн биирдэ биллэн таҥара үөрэҕэр киирэн дьоҥҥо барыларыгар тарҕанан билигин үчүгэй майгы элбээн сылдьар.
Куһаҕан майгы аһара барарын дьон бэйэлэрэ хааччахтаан аҕыйата сатыылларыттан чахчы аҕыйаан иһэллэр. Ол да буоллар майгы икки өрүттээҕиттэн куһаҕан майгы суох буолан хаалбакка, аҕыйыыр эрэ кыахтааҕа уустуктары син-биир үөскэтэр.
Төһө да бары баҕарбыппыт иһин үчүгэй майгы аһара барара, бары барыта үчүгэй буолара олоххо кыаллыбат. Үчүгэй майгы аһара барара эмиэ табыллыбат, үчүгэйтэн-үчүгэй диэн кэлбитин кэнниттэн аналлаах, кэрэ буолуу кэлиэҕэ диэн үгүстэр кэтэһэллэр эрээри, кэрэтэ диэн хаһан да аһара барыллыбат хааччах баара биллэн кэлэр. Киһи бу хааччах баарын билэн аһара үчүгэй, кэрэ буолууга дьулуспакка, атыттары, куһаҕаннары эмиэ үчүгэй оҥорууга кыһанара элбээтэҕинэ үчүгэйи ситиһээччилэр үксээһиннэригэр тириэрдэр. Үчүгэй майгы аһара барыыта киһини кэрэ диэҥҥэ тириэртэҕинэ, кэрэ буолбут киһи кэрээниттэн тахсарын сахалар билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Кэрэ диэн кэнниттэн кэлэр кыйыа эмиэ баар, кэрэтэ диэн этиллэр. Кэрэ буолууга тиийбит омуктар кэрээннэриттэн тахсан эстэллэрин 20-с үйэҕэ немец омуктарын националистара оҥорбут аһара куһаҕан, ыар быһыыларыттан булан ылыы ордук табыллар.
Үчүгэй майгы улаханнык уларыйарын, аһара барарын сүр эмиэ тохтотор, хааччахтыыр аналлаах. Алларастаан күлэри, үөрэри, араастаан хамсаныылары элбэхтик оҥорортон сүрдээх киһи туттунар кыаҕа улаатар. Итини тэҥэ, аһара баран үөрэри-көтөрү, киһиргиири сүрдээх киһи оҥороро соччо биллибэт.
Куһаҕан майгы аһара барарын сүр эмиэ тохтотор. Сүрдээх киһи аһара баран кыыһырбат, кыыһырбытын букатын да биллэримиэн сөп. Бу уратыны оҕону иитииттэн булан ылыахха сөп. Оҕолор аҕалара саҥарбакка да эрэ куһаҕаннык көрөн кэбистэҕинэ бэрээдэктэрэ тупса түһэрин билинэллэр. Ол аата, бу оҕолор аҕалара сүрдээх киһи эбитэ быһаарыллан тахсар уонна сүрүн туһалаах дьайыытыттан оҕолоро куһаҕаны оҥороллоро тохтуур, бэрээдэккэ үөрэнэллэрэ табыллар.
Бу быһаарыы киһи барыта кыайан учуутал, салайааччы буолара кыаллыбатын биллэрэр. Ол курдук, сүр мөлтөх, мунаах буолара дьону үөрэтэр уонна үлэлииргэ соруйар кыаҕы аҕыйатан кэбиһэр. Мунаах киһи салайааччы буоллаҕына, үлэ хааларын бары билэллэр.
Куһаҕан майгы кыыллыы майгыга тиийэн хаалара олус түргэн. Ол курдук, элбэх киһини өлөртөөһүн кыыллыы майгы аһара барбыта буолар. Кыыллыйбыт бөрө үөр табалары барыларын тардара биллэр.
Киһи быһыытын тутуһан олоҕун олороругар киһиэхэ сүр олус улахан туһалаах. Сүрэ суох, сүрэ тостубут киһи салгын кута көтөн хааларыттан ийэ кутун салайыытыгар, кыыл өйүгэр-санаатыгар түһэр, кыыллар курдук быһыыланыан сөп. Ол аата киһи буолуу сүртэн быһаччы тутулуктааҕа быһаарыллар.
Киһиэхэ араас санаалара аһара элбэхтэр. Ол элбэх араас санаалара барылара үчүгэй диэҥҥэ киирсибэт уратылаахтар. Араас куһаҕан да санаалары киһи санаан кэбиһэрэ кыайан бобуллубат, хаайыллыбат, быһааран билэр да кыаллыбат. Элбэх куһаҕан да санаалардаах киһи атын дьону кытта үөрэ-көтө сылдьыан сөп.
Саха дьоно “Киһини санаата салайар” диэн этэллэр, санаа киһини салайарын билинэллэр. Аһара барар санаалар киһи сыыһа-халты туттунарын үксэтэн үчүгэйгэ тириэрдибэттэр. Ол иһин аһара барар санаалары хааччахтыырга, тохтоторго аналлаах сиэр диэн үгэһи олохтоон өйү-санааны аһара ыыппакка киһилии быһыылары оҥорууга киллэрэн биэрэри ситиһэллэр.
Сүр үөскэтэр туттунар күүһэ киһини киһи оҥорор, аһара туттубатын үөскэтэн киһилии быһыылары оҥорор кыаҕы биэрэр. Киһи бэйэтин араас элбэх этин-сиинин быстах баҕаларын бэйэтэ тохтотунар күүһэ туттунар күүс диэн ааттанар уонна сүрү кытта тэҥҥэ сайдан иһэр. Сүрдээх киһи туттунар күүһэ улахан буолар.
Кыратык да аһара туттунан кэбиһии киһи быһыытын таһынан барарын билэ сылдьыы киһиттэн эрэйиллэр. Ол курдук, улаханнык саҥарыы син да буоллаҕына, хаһыытаан барыы сиэри таһынан барар, киһи быһыытын тутуспакка аһара барыы бэлиэтэ буола охсон хааччахтана сылдьара табыллар.
Сүрэ күүстээх киһи туттунар күүһэ улаханыттан майгынын араас көрүҥнэрин аһара ыыппат, туттуна сылдьар, киһи быһыытын тутуһар кыахтанар. Кыратык кыыһырдаҕына даҕаны атыттарга биллэрбэккэ хаалларыан, аһарынан кэбиһиэн сөп. “Кыыһырбытын биллэрбэт” диэн этии ону бигэргэтэр.
Улаатан иһэр оҕолорго тугу барытын боруобалаан көрүү хаһан баҕарар бастаан иһэр. Тугу билбиттэрин барыларын боруобалаан көрдөхтөрүнэ эрэ өйдөрүгэр дьэ түһэн умнуллубат буолар. Уу оргуйдаҕына паар тахсан тугу эмэ тоҕо тэбиэн сөп диэн үөрэҕи уруокка билэн баран, боруобалаан көрөөрү сампаан бытыылкатын булан кыратык уу кутан баран бүөтүн бүөлээн, боробулуохатынан хам баайан баран оттулла турар оһоххо быраҕан баран кэтэһэ сылдьар оҕону мөҕөр төрүөт көстүбэт.
Арай бытыылка тоҕо тэбэн оһоҕу алдьаттаҕына оҕону хойутаан да буоллар мөҕөн көрөргө эрэ тиийиллэр. Бу быһаарыы киһиэхэ өйө-санаата киириитэ оҥорор быһыытыттан хойутаан, кэнниттэн кэлэн иһэрин биллэрэрэ ордук суолталаах.
Оҕо өйө-санаата айыыны оҥоруулартан уонна олору боруобалаан көрүүттэн сайдан, эбиллэн иһэр. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи туһанарын төрөппүттэр оҕолоругар куруук тириэрдэ сылдьыахтара этэ.
Айыы диэн тыл элбэх өйдөбүллээх, олортон биирэ эрэ үчүгэйи оҥорууга аналланар, онтон атыттара бары киһини сыыһа-халты тутуннараннар куһаҕаны элбэтэллэр. Итини тэҥэ, айыы диэн куһаҕана элбэх тылы үгүстүк саҥара сырыттахха, киһи бэйэтэ ол куһаҕанын оҥорон кэбиһэригэр тиийэн хаалара ордук улаханнык хомотуон сөп. Айыыны оҥоруу эмиэ икки өрүккэ арахсар:
1. Үчүгэйи, туһалааҕы айыы.
2. Араас туһата суохтары, куһаҕаны айыы.
Үчүгэй, туһалаах саҥаны айыыны оҥоруу олус элбэх үлэлээх, үгүс бириэмэни ылар, улахан эрэйдээх үлэ буолар. Биир эмэ талааннаах үлэһит киһи дьоҥҥо туһаны аҕалар саҥаны айыыны оҥоруон сөп. Ол иһин оҕо улаатан иһэн оҥоро сатыыр саҥаны айыылара барылара кэриэтэ сыыһа-халты буолан тахсан куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэрин төрөппүттэр билэн, оҕолорун өйө-санаата аһара барарыттан, сыыһа-халты туттунарыттан харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэри олохтообуттар.
Куһаҕан айыыны оҥоруу быдан судургу, боростуой, оҕо элбэҕи оҥорон кэбиһиэн сөп. Сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах оҕо араас, буолар-буолбат айыыны була сатаан оҥороро олус элбээн хаалыан сөп. Табаах тардыыта, арыгы иһиитэ, наркотигы боруобалааһын улаатан эрэр оҕо өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буоланнар угуйар, ыҥырар күүстэрэ олус улаханыттан “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх эрэ харыстыыр аналлаах.
“Айыы үчүгэй” диэн тыл үөрэхтээхтэрэ сымыйанан этиилэрэ оҕо ити абылаҥнарга киирэн биэрэрин улаатыннаран кэбиһэрин, ону-маны, арааһы була сатаан оҥороро, сыыһа-халты туттунара элбээн иһэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Арыгыны иһии диэн үөрэҕи билбэт эдэрдэр арыгы албыныгар киирэн биэрэллэрэ элбээн иһэр. Ол курдук, иһэн истэххэ арыгы амтана биллибэт буолан, тупсан иһэрэ оҕо элбэҕи иһэн кэбиһэрин үөскэтиэн сөп. Арыгыны аһара иһииттэн сүр мөлтүүр, ол иһин өй, салгын кут көтөрө тиийэн кэлиэн сөп.
Сүр мөлтөөһүнэ салгын кут көтөн хаалара үөскүүрүгэр тириэрдэрэ киһи ийэ кутун салайыытыгар киирэн хааларыттан сыыһа-халты туттунарыгар тириэрдиэн сөп. Ол иһин оҕо ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитии диэн сахалар үөрэхтэрин туһата өссө улаатар.
Сүрдээх киһиэхэ күүһүгэр күүс эбиллэрэ, уор уонна суос киирэрэ ордук элбэх. Сүрдээх киһини быһаарыыга дьон биир бииргэ киирсиилэрин, быһаарсыыларын холобурдара ордук туһалыыллар. Кэлин тиһэҕэр араас ыараханнары тулуйан сүрэ элбэх киһи кыайыылаах тахсара, ити быһаарыы дакаастабылынан буолар.
Киһи сирэйин, хараҕын көстүүтүттэн, хайдах хамсанарыттан, туттуна сылдьар быһыытыттан, майгыныттан көрөн сүрэ төһө элбэҕин быһаарыахха сөп. Кытаанах майгылаах, тулуурдаах, өһөс киһи сүрэ элбэҕэ тас көрүҥүттэн биллэр.
Онон сүр элбээн иһиитэ майгы кытаатарын үөскэтэриттэн аһара барбатаҕына эрэ киһи, киһи быһыытын тутуһа сылдьара кыаллар.
СҮРЭХТЭЭХ
Сүрэх диэн тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар баар тутаах уорган буолар. Киһи хаһан да тохтообокко, сынньанан да ылбакка хаанын хачайдыыр уорганын сүрэх диэн ааттыыллар. Бу тутаах уорган киһи тыыннаах буоларын хааччыйар үрдүк аналлаах.
Сүр уонна ээх диэн тыллартан сүрэх диэн тыл үөскээбит уонна сүр ханна баарын биллэрэр. Сүр сүрэхтэн, хайдах үлэлиириттэн улахан тутулуктааҕын быһааран сүрэх диэн ааттаабыттар. Сүрэҕэ үчүгэйдик үлэлиир киһиэхэ сүрэ баара, күүһэ, эньиэргийэтэ элбэҕэ биллэр.
Үлэни үлэлээһин киһи эньиэргийэтиттэн, санаатын күүһүттэн быһаччы тутулуктанар, ол аата сүрэх үлэтиттэн үлэни хайдах үлэлээһин быһаарыллар. Киһи үлэҕэ сыһыана, үлэлиир кыаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн сахалар икки аҥы өрүккэ араараллар:
1. Сүрэхтээх. Сүрэхтээх диэн тохтоон хаалбакка араас үлэлэри булан үлэлии сылдьар киһини ааттыыллар.
2. Сүрэҕэ суох. Сүрэҕэ суох диэн үлэлиэн, хамсаныылары оҥоруон баҕарбат, үлэттэн куотуна сатыы сылдьар киһи ааттанар.
Сүрэх курдук хаһан да тохтообокко, араас үлэлэри булан үлэлии, хамсыы сылдьар киһини сүрэхтээх диэн этэллэр. Киһи этэ-сиинэ куруук хамсана сырыттаҕына эрэ уһуннук, мөлтөөн хаалбакка уһун үйэни ситиһэр кыахтааҕын быһааран “Хамсаныы олох төрүтэ” диэн этиини үөскэппиттэр. Бу этиини сүрэхтээх киһи тутуһа сылдьарыттан уһун үйэни ситиһэр кыаҕа улаатар. Киһи сүһүөхтэрэ элбэхтик хамсыы сылдьыбатахтарына көһүйэн, мастыйан иһэллэриттэн араас ыарыылар булан барыахтарын сөп.
Сүрэхтээх диэн үлэһит киһини этэллэр, ол аата үлэлииргэ баҕа санаалааҕа, кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолан үөскэтиммит үгэстэрдээҕэ быһаарыллар. Бу быһаарыы дакаастабылынан бэйэлэрэ үлэлии сылдьар дьон оҕолоро үлэһит буола улаатара буолар.
Сахалар тугу эмэ оҥоро, куруук хамсана, үлэлии, эрчиллэ сылдьар киһи уһун үйэни, байыыны ситиһэр кыахтанарын быһааран өс хоһооно оҥорон туһаналлар: - “Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат” диэн өс хоһооно үлэһит киһи тугу барытын бэйэтэ үлэлээн, оҥорон, тутан ситиһэрин биллэрэр.
- “Сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат” диэн өс хоһооно үлэһит киһи тугу эмэ саҥаны, уратыны оҥороро элбэҕин биллэрэр.
Сүрэхтээх диэн куруук туох эмэ туһалааҕы оҥоро, хамсана сылдьар киһини этэллэр. “Олоро да түспэт” диэн этэн үлэлиирэ, оҥороро хаһан да тохтооботун, бииртэн-биир салҕанан баран иһэрин биллэрэллэр.
Сүрэхтээх дьону маннык быһаарыахха сөп. Аҕыс чаастаах үлэ кэмин толору үлэлээбиттэрин таһынан элбэх оҕолорун иитэллэр, көрөллөр-истэллэр, үөрэтэллэр уонна өссө ону-маны оҥороллор, уһаналлар, хартыыналары уруһуйдууллар, биир эмэ өрөбүллэригэр аны атын ыалларга үлэлээн көмөлөһөллөр.
Киһи киһитэ диэн сүрэхтээх, атын дьоҥҥо тугунан эмэ көмөлөһө сылдьар киһини ааттыыллар. Атын дьоҥҥо туһаны, көмөнү оҥоруу элбээһинэ киһи киһитэ буолууга тириэрдэр. Элбэх оҕолоох ыаллар улахан туһаларынан оҕолорун үлэҕэ кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэллэрэ буолар. Улахан оҕо саҥа улаатан иһэн кыра бырааттарын, балыстарын көрүүгэ-истиигэ көмөлөһөрө үлэлииргэ үөрэтэр. Ону тэҥэ, оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан оҕону үтүктэн үлэлии үөрэнэрэ ордук табыллар. Үлэни сатабыллаахтык үлэлииргэ үөрэнии диэн бэйэтэ уһун кэмҥэ ситиһиллэр улахан баайынан ааҕыллар.
Оҕо төрөппүттэриттэн ылар баайыгар үлэҕэ үөрэниитэ улахан оруолу ылар. Үлэлииргэ үөрэнии диэн уһуннук дьарыктаннахха эрэ кыаллар, улаханнык сыаналанар баай буоларын “үөрэх үчүгэй” диэн сыыһа санааҕа киллэрбиттэриттэн хаалларан сылдьабыт. Араас үлэлэри үлэлииргэ үөрэммит оҕо улааттаҕына бэйэтэ үлэлээн, оҥорон, тутан сайдыыны ситиһэр, олоҕун тупсарынар кыахтанарын таһынан өйө-санаата тупсан, сыыһа-халты туттунара аҕыйыыра ордук улахан туһаны оҥорор.
Сатаан, табан үлэлээһин диэни оҕо улаатан иһэн өр кэмҥэ үөрэнэн баһылыыр дьыалата буолар. Ол курдук, үлэ хамсаныылара барылара нэмин билэн оҥордоххо эрэ табыллалларынан, сатаналларынан үлэҕэ үөрэнии уһун кэмнээх дьарыктаныыттан буор кут үөскээтэҕинэ эрэ ситиһиллэр кыахтанар.
Сахалар олус былыргы кэмнэргэ үлэҕэ үөрэниини олус уһун кэмҥэ баһылаабыттарын таба таҥараны тэҥэ, сата таас диэн таҥараҕа тэҥнэммит өйдөбүллэр бааллара быһаарар. Сатабыл диэн үлэни сатаан, табан оҥорууттан, ол үлэ төһө табылларыттан тутуллар киһи дьоҕурун, буор кута сайдыытын таһымын быһаарыы буолар.
Сэбиэскэй былааска үөрэҕи эрэ өрө тутууттан сатабыллаах буолуу хаалан сылдьыбыта. Бу эстибит былаас үөрэҕэ өссө да тарҕана турарыттан кумааҕыны эрэ бэрийэр, ньамайдыыр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна оччотооҕу учуонайдар норуоту салайарга улахан туһалаах курдук сыыһа санана сылдьаллар.
“Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх” диэн өс хоһооно үлэлиэн баҕарбат киһи элбэх тыллааҕынан туһанан ханнык баҕарар үлэни кыаллыбат курдук этэн куһаҕаҥҥа кубулутарын биллэрэр. Омугу үлэ эрэ сайыннарар, буолан баран кыайыылаах үлэ буолара табыллар. Онтон үлэни кыайааччылар диэн бөҕө эттээх-сииннээх сыыһа-халты туттубат, онно-манна урутаан түһэн испэт көрсүө, сэмэй дьон буолалларын биллэххэ табыллар.
Билигин ырыынак кэмэ кэлэн дьон үлэни сатабыллаахтык үлэлээтэхтэринэ эрэ байыыны ситиһэр кыахтаахтарын билинэн сатабылы, буор куту дьарыктааһын тэнийэн эрэр. Сатабыл диэн хас да көлүөнэ дьон үйэлэрин устата сайдан иһэр, буор куту үөскэтэр хамсаныылары оҥорор үөрүйэхтэр ааттаналлар. Киһи кэлэр көлүөнэлэригэр удьуордаан, этин-сиинин уонна утумнаан, буор кутун биэрэн иһэр. Эт-сиин удьуордаан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр буоллаҕына, буор кут өй-санаа буолан утумнаан ыраас кыыс оҕоҕо эрэ бэриллэн тарҕанара табыллар. Бу сайдыылаах буор кут тарҕаныытын быһааран сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыал буолуу үгэстэрин туһаналлар.
Бэйэтэ үлэһит киһи оҕотугар биэрэр баайа диэн үлэлииргэ үөрэтиитэ ааҕыллар. Үлэҕэ үөрэнии диэн олус эрэйдээх, уһун кэмҥэ ситиһиллэр туһалаах үөрэҕи тэҥэ, улахан сыаналаах баай буолар. Ол курдук, дьоҕурдаах, сатабыллаах үлэһит киһи бэйэтэ үлэлээн, оҥорон таһаарбытынан туһанан олоҕун олорор кыахтанар.
Үлэҕэ үөрэниигэ төрүттэртэн бэриллэн иһэр буор кут оруола олус улахан. Сайдыылаах буор куттаах эр киһи оҕотугар буор кута утумнаан бэриллибит буоллаҕына, оҕото кини курдук хамсаныылары оҥорор кыахтаах дьоҕурдаах, сатабыллаах, талааннаах буолара быһаарыллар.
Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн ыытан, ол аата бэйэлэрэ талан ылан эргэ тахсалларын көҥүллээн араас тылга тииһээччилэр, дьадаҥылар, ыарыылаахтар буор куттара Россия дьонугар барыларыгар тарҕанан хаалан сылдьар. Ол куһаҕан быһыы сэтэ туолан, бу былаас дьон үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэриттэн бэйэтэ эстибитэ.
Сахалар төрүттэрэ уустар. Үлэни оҥорууга былыргы уус төрүт буор кута баара ханан эрэ биллэн тахсар. “Уус оҕото – уус буолар” диэн этии олус таба. Биһиги улахан күүстээх тустууктарбыт оҕолоро тоҕо тустууну кыайбаттарын табатык быһаарыы эрэйиллэр буолла. Эдэр дьахталлар кэргэн тахсыахтарын иннинэ сайдыыта суох буор куттаах оҕолору, элбэх минньигэс саҥалаах, уу-хаар, албын тыллаах дьадаҥы эр киһини кытта сылдьыһан кэбиһэллэриттэн, төрүүр оҕолоро оннук дьон буолан тахсалларыттан, омук эр дьоно мөлтөөн иһэллэр.
Үлэһит киһи сайдыылаах буор кута оҕотугар бэриллэн үлэлииргэ баҕа санаалаах буоларын үөскэтэр. “Үлэһит киһи оҕото – үлэһит буолар” диэн этии үлэлии сылдьар төрөппүт оҕотугар үлэлииргэ баҕа санааны үөскэтэн биэрэрин быһаарар.
Сүр киһини үлэлииргэ, тугу эмэ оҥорорго күһэйэр күүс буоларын сүрэх диэн хаһан да тохтообокко үлэлиир, хааны хачайдыыр тутаах уорган киһиэхэ баара биллэрэр.
Онон сахалар омугу үлэ эрэ сайыннарарын былыргыттан, саха тыла саҥа үөскээн эрдэҕиттэн билэн үлэни кыайар, куруук үлэлии сылдьар киһини сүрэхтээх диэн ааттаабыттар.
СҮРЭҔЭ СУОХ
Сахалар үлэни ордук сыаналыыллар. Куруук үлэлии, туһалааҕы оҥоро сылдьар киһи уһун үйэни ситиһэрин уонна элбэх туһалааҕы оҥорорун билэллэр. Хаһан да тохтообокко үлэлиир, хааны хачайдыыр сүрэх үлэһит буолууну быһаарар суолтата ордук табыллар. Үлэ киһи буолууну бэлиэтиирин “Сүрэҕэ суох” диэн этии баара биллэрэр.
Баҕа санаа киһини салайарын сахалар билэллэр, “Киһини санаата салайар” диэн этэллэр. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн “Үлэ үчүгэй” диэн эттэххэ, үлэлииргэ үөрэттэххэ уонна төрөппүттэр бэйэлэрэ үлэлээн көрдөрүүлэрэ, үтүгүннэриилэрэ, туһа киһитэ оҥорон үлэлиир үгэһи ийэ кутугар иҥэрэн биэриилэрэ эрэ баҕа санаата үөскээн үлэни сөбүлүүр киһиэхэ кубулуйарыгар тириэрдэр.
Үлэ уонна үөрэх “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн киһи сайдыыны ситиһэрин икки өрүттэрин үөскэтэллэр: 1. Үлэ. Үлэни үлэлээһин элбэх хамсаныылары оҥорууга тириэрдэн киһи этин-сиинин эрчийэр, дьарыктыыр.
2. Үөрэх. Аҥардастыы өйү-санааны сайыннарарынан киһи этин-сиинин мөлтөтөн кэбиһэригэр тириэрдэр.
Киһи сайдыыны ситиһэрин бу икки өрүттэрэ кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэриэхтэрин сөп.
Төрөппүт эстэн-быстан, үлэни кыайбатыттан абаран “Үлэ куһаҕан, ыарахан” диэн эттэҕинэ оҕото эмиэ оннук санааланыыта үөскээн, олохсуйан хаалыан сөп. Бу ыаллар үлэни сөбүлээбэттэрэ оҕолоругар бэриллэн салҕанан барар кыахтанан хаалар. Үөрэхтэнэн туһаммыт эбэтэр үөрэҕэ суох төрөппүттэр “үөрэх үчүгэй” диэн этиилэрэ оҕоҕо үлэ “куһаҕан” диэн өйдөбүлү үөскэтэн сылдьарыттан эдэрдэр үлэни сөбүлээбэттэрэ үөскүүр.
“Сүрэҕэ суох” диэн үлэлиэҕин соччо баҕарбатыттан куһаҕаннык үлэлиир киһини этэллэр. Үлэлиэҕин баҕарбат киһини тугунан да мэҥиэлээн күүскэ үлэлэтии кыаллыбат буолуон сөп. Арай ырыынак кытаанах олоҕо, харчы эрэ наадата күһэйэн кыратык үлэлэтиэн сөбүттэн Аан дойду үрдүнэн ырыынак үйэтэ тарҕанан турар.
Сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолар. Дьадаҥы диэн буор кут ыарыыта, хамсаныылары оҥорорун баҕарбата ааттанар. Кыратык, куһаҕаннык, аатыгар эрэ үлэлээһин дьадаҥы буолууга тириэрдэр.
Дьа уонна даҥ диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит дьадаҥы диэн тыл буор кута сайдыыта суоҕуттан үлэни кыайбат, үлэлиэн баҕарбат киһини биллэрэр. Буор кут бу олохсуйбут ыарыыта эмтэнэ, көнө охсубат, элбэхтик үлэлээһин олохсуйдаҕына кэлэр көлүөнэлэргэ эрэ тупсуон сөп.
Дьа диэн өй-санаа этиллэр, онтон даҥ диэн дьиэ үрдүн таах сытар буора, даҥа ааттанар. Ол аата дьадаҥы диэн тыл өйө-санаата мөлтөҕүттэн үлэлиэн баҕарбат, даҥ курдук, таах сытар санаалаах киһи диэн өйдөбүлү биэрэр тыл буолар.
Үлэлииргэ, хамсыырга баҕа санаа суох буолуута, быччыҥнар хамсаныылары түргэнник, кыахтаахтык кыайан оҥорботторун үөскэтэн буор кут дьадаҥы буолуутугар тириэрдэр. Кыайан түргэн, тэтимнээх хамсаныылары оҥорбот, үлэни кыайан үлэлээбэт киһи дьадаҥы буолара быһаарыллар.
Сахалар үлэни ордук сыаналыыллар. Ону үлэ уратыларын туһунан өс хоһоонноро өссө чуолкайдык быһаараллар:
- “Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх” диэн өс хоһооно үлэлиэҕин баҕарбат киһи араас суол элбэх кыаллыбат, үлэни мэһэйдиир биричиинэлэри булан, бу үлэни оҥоруу куһаҕанын, туһата суоҕун быһаара сатаан букатын да атахтыырын, өссө аһара бардаҕына хаалларан кэбиһиигэ тириэрдэрин биллэрэр.
Сүрэҕэ суохтарга, үлэлиэхтэрин баҕарбаттарга тыллара ордук сайдарыттан, була сатаан араас тылга тииһэллэриттэн, элбэхтик саҥаралларыттан туһалаах да үлэни туһата суох курдук оҥороллорун, бу өс хоһооно быһааран биэрэр.
- “Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй” диэн өс хоһооно элбэхтик саҥарар киһи аҕыйаҕы үлэлиирин өйдөтөрө ордук туһалаах. Бу өс хоһооно тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар омугу сайыннарыахтара диэн этии сымыйатын чахчы дакаастыыр.
- “Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма” диэн өс хоһооно киһи хантан эрэ кэлиэ диэн бэлэми кэтэһэ сылдьара туһата суоҕун биллэрэн бэйэтэ тугу эмэ оҥороругар ыйан биэрэр.
- “Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук” диэн өс хоһооно үлэ эмиэ икки араастааҕын арыйан туһалааҕы оҥоруу уустугун, элбэх үлэни эрэйэрин, онтон алдьатыы, буортуну оҥоруу дөбөҥүн биллэрэр.
- Күөх көппө, күөх сүрэх” диэн өс хоһооно үлэлиэн баҕарбат буолуу эттэн-сиинтэн уонна сүрэхтэн тутулуга улаханын быһаарар. Тыыннаах эт-сиин сытыйдаҕына, туһаттан таҕыстаҕына көҕөрөр. Ол иһин бу өс хоһоонугар күөх диэн тыл туһата суоҕу, сытыйбыты, хаалбыты биллэрэр суолталаах.
- “Сүрэҕэ суох утуйумтуо” диэн өс хоһооно киһи олоҕо эмиэ икки өрүттээҕин, утуйуу уонна илэ сылдьыы диэн арахсалларын биллэрэн, сүрэҕэ суох буолуу утуйуу элбииригэр тириэрдэрин быһаарар.
Утуйуу диэн эт-сиин уонна өй-санаа сынньанан ылыылара ааттанар. Киһи күҥҥэ 8 чаас курдук утуйара этин-сиинин көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр. Дьон сааһыран истэхтэринэ утуйа сыталлара аҕыйаан биэрэр. Ол барыта киһи “Кэннэ уһаан, иннэ кылгаан” иһэриттэн тутулуктанан тугу эмэ оҥорор, ситэрэр санаата улаатыыта утуйа сытарын аҕыйатарын биллэрэр.
Утуйа сытыан эт-сиин олуһун баҕарар. Киһи өйө-санаата күүһүрэн, тулуура улаатан, бу этин-сиинин баҕатын кыайдаҕына, баһыйдаҕына эрэ оронтон туран тугу эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанар. Өссө сыта түһүөххэ диэн санаата баһыйдаҕына салгыы сытынан кэбиһиэн сөп. Үлэлииргэ, тугу эмэ оҥорорго, буларга-таларга баҕа санаа баара эрэ киһини оронтон оронон турарыгар тириэрдэр. Уутун кыаммат, элбэхтик утуйар киһи сүрэҕэ суоҕа быһаарыллан тахсар.
- “Сүрэҕэ суох үлэ чэпчэкитин, ас минньигэһин талар” диэн өс хоһооно үлэлиэн баҕарбат киһи атыттары тугунан эрэ, ордук тылынан буолуон сөп, баһыйар уратытын арыйар уонна өссө кэҥэтэн, чуолкайдаан биэрэр. Ол курдук, үлэни аҕыйаҕы үлэлээн баран элбэххэ тииһинэри сүрэҕэ суох киһи сатыырын, атыттары тугунан эрэ булан албынныырын биллэрэр.
- “Сатаабат сата баһын тардар, өйдөөбөт үөдэни хаһар” диэн өс хоһооно сүрэҕэ суох киһи кыайа-хото үлэлээбэтиттэн үлэни сатаабат эрээри, тылга тииһэрэ элбэҕин уонна тугу барытын халы-мааргытык оҥорорун табатык быһаарар.
Сэбиэскэй былаас дьону барыларын ыган-хаайан үлэлэтэрэ. Үлэлиир дьону барыларын тэҥнээн үлэлэтэ сатаабытыттан уонна оҕолору иитиини атаахтатыыга тириэрдибититтэн, “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыны туһанан олоххо киллэрбититтэн аныгы үлэһиттэр бары сүрэҕэ суох буолбуттарын быыбардаан талыллыбыт улуус салайааччыта кытта бэлиэтиир. (28,10).
Омугу үлэ эрэ сайыннарар. “Хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн сирэн ааттаммыт хоролор былыргы кэмҥэ симэлийэн, сахаларга холбоһон, “тыал буолбуттарга” киирсэллэр. Сүрэҕэ суох буолуу диэн уһун кэмҥэ кыайан көнө охсубат буор кут ыарыыта буолан үлэ кыаллыбатыгар, кыаттарбатыгар тириэрдэн атыттартан хаалан хаалыыны үөскэтэн, олоххо туһаны, барыһы биэрэр үлэлэртэн туоратыыны таһааран омугу симэлийиигэ тириэрдиэн сөп.
Сүрэҕэ суох, үлэлиэн баҕарбат киһини үлэлэтэ сатааһын, аны утарылаһыыны үөскэтэн куһаҕаннык, аатыгар эрэ үлэлииригэр тириэрдиэн сөп. Чэпчэки үлэни көрдүү сатыыр киһи кыайа-хото үлэлиэн баҕарбата ити курдук быһаарыллан тахсар.
Сүрэҕэлдьиир диэн үлэлиэн баҕарбат эрээри, үлэлээбитэ буолар киһи ааттанар. Маннык үлэлиир киһи туох эмэ туһалааҕы, уһун үйэлээҕи оҥороро быста аҕыйах буолар. Сүрэҕэ суох буолуу диэн уһуннук эмтэнэр, кэлэр көлүөнэлэргэ эрэ көнөр кыахтаах өй-санаа, буор кут ыарыыта буолар уонна омугу эстиигэ, атыттарга баһыттаран симэлийиигэ тириэрдиэн сөп.
Онон оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлииргэ үгэстэри туһа киһитэ оҥорон иҥэрэн биэрэр уонна ыал буолуу үгэстэрин тутуһар сахалар сайдан иһиини ситиһэр кыахтаахтар.
САНАА уонна КИҺИ ОҤОРОР БЫҺЫЫТА
Сахалар олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа туһунан үөрэтэн билэн үгэс оҥостунан тылларыгар киллэрбиттэр. Саҥарар тылы дорҕооннор дьайыыларыгар уонна өй-санаа үөрэҕэр тирэҕирэн айбыттар, ол иһин өй-санаа үөрэҕэ тылга киирэн иҥэн сылдьар диэн этиллэр.
Киһи баһыгар өйү-санааны дорҕооннор дьайыылара үөскэтэр. Дорҕооннор киһи мэйиитигэр бэйэлэригэр сөп түбэһэр хамсааһыннары таһаараллар, хас биирдии тылга, бу тыл дорҕоонноругар сөп түбэһэр өй-санаа иҥэн сылдьар. Өй-санаа иҥэн сылдьарыттан саха тыла иччилээх диэн этиллэр, ол аата тыл дорҕооннорун дьайыыларынан истэр киһи ийэ кутугар быһаччы тиийэн дьайыыны оҥорор күүстээҕэ быһаарыллар.
Иччилээх тыл дорҕоонун дьайыыта истэр киһи өйүгэр-санаатыгар быһаччы тиийэн оҥорор быһыытын, майгынын уларытара биллэр. Элбэхтик “рр” дорҕоону саҥарар тылыгар туттар киһи кыыһырымтаҕай буолара быһаарылларын тэҥэ, “ыы” дорҕоону үтүктүү, саҥара сылдьыы ытааһыҥҥа быһаччы тириэрдиэн сөп.
Саҥа тыл үөскээн олоххо киирэрэ уһун кэми ылар. Ол курдук, тылы дьон бары туттар буоллахтарына, ол аата үгэскэ кубулуйан хааллаҕына биирдэ, тыл олоххо киирдэ диэн ааттанар. Бу үөскээбит үгэс уһун кэмҥэ уларыйан хаалбатын “дьа” диэн тыл биллэрэр. Олус былыргы кэмнэргэ санаа диэн тыл үөскүөн иннинэ сахалар “дьа” диэн тылы өйү-санааны быһаарыыга тутта сылдьыбыттар.
Аан маҥнай өйү-санааны үөрэтиини саҕалыырга санаа кыайан тутуллубат, хааттарбат буолан үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын быһаарыы кыаллыбат эбит. Ол иһин өйү-санааны үөрэтии киһи оҥорор быһыыларыттан, дьайыыларыттан саҕаламмыт.
Джайнизм диэн Индийэҕэ үөскээбит итэҕэл “дьа” диэн сахалар санаа оҥорор дьайыытын быһаарар тылларыттан сайдан тахсыбыт. Санаа диэн тыл “дьа” диэн тыл кэнниттэн үөскээбитин дьайыы диэн санаа оҥорор үлэтин быһаарыыта баарыттан уонна икки сүһүөхтээҕитэн арааран билии кыаллар.
“Дьа” диэҥҥэ “й” диэн хамсааһыны үөскэтэр дорҕоон эбиллэриттэн дьай диэн санаа күүһэ үөскээн тахсар. Бу күүс баара санаа атын киһиэхэ тиийэн урукку санаатын уларытарыттан биллэр. Элбэхтик хос-хос санаатахха санаа күүһүрэр, онтон умнуллубат турукка тиийэн, биир санааҕа кубулуйуон сөп.
Дьай диэн тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ дьайыы диэн тылы үөскэтэр. Ол аата дьай диэн санаабыт күүһэ хайа эрэ диэки хайысхаланан дьайыыта тиийэн баттааһыны оҥорорун, дьайарын биллэрэр буола уларыйар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн дьайыы икки өрүттэнэр:
1. Санаа үчүгэйинэн дьайыыта.
2. Куһаҕанынан дьайар санаа.
Санаа тус-туспа хайысхалаах икки өрүттээҕинэн дьайыытын сахалар былыр үйэҕэ анааран билэннэр, бу икки өрүттэр икки ардыларынан түбэһэр, сөп түбэһиини үөскэтэр сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын оҥорон туһаналлар.
“Ай” диэн тылбыт санааны быһаарар. Киһиэхэ туох эрэ уратыны, саҥаны айыыны оҥоро сатааһын айылҕаттан бэриллэрин, бу ай диэн тыл биллэрэр. Салгын кут сайдыыта бу ай диэн тылтан тутулуктанар. Киһи тугу саҥаны көрбүтүттэн, билбититтэн өйө-санаата, салгын кута сайдан, эбиллэн иһэр. Баспыт иһигэр тугу саҥаны, уратыны саныы сылдьарбыт барыта бу тылынан этиллэр.
Киһи араас санааларын дьаарыстаан, ырытан бэйэтигэр туох туһалааҕын талан ылан оҥорорго бэлэмниирэ айар диэн тылынан этиллэрэ табыллар. Бу санаа үлэтэ, айар диэн тыл ай уонна ар диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Ай диэн өй-санаа баара этиллэр буоллаҕына, ар диэн үүрэр, чугаһаппат, киһи саҥаны, уратыны санаабытын кистии сатыыр санаата баарын биллэрэр тыл эбиллиититтэн айар диэн тылынан мэйии үлэтэ быһаарыллар.
Араас элбэх кистэлэҥ айа сатыыр санааларын киһи кимиэхэ да эппэт, кистии сылдьар. Ону биллэрэн ис санаа диэн аналлаах өйдөбүл баар. Бу этии киһи кимиэхэ да эппэт санаалара баалларын таһынан сорох санааларын бэйэтэ да кыайан салайбатын биллэрэр. Ол курдук, киһи ис санаалара салайар ис уорганнара хайдах үлэлииллэрин билбэт уонна салайа сатаабат.
Киһи өйө-санаата салгыы сайдыыта диэн бу ис уорганнарын үлэлэрин салайыыга үөрэниитэ, баһылааһына буолуон сөп. Биир эмэ кулгаахтарын хамсатар киһи билигин да баар. Былыргы күүстээх ойууннар киһи ис уорганнарын үлэлэрэ буккуллан хааллахтарына көннөрөн биэрэллэрэ биллэр.
Киһи бэйэтэ кыайан салайбат ис санаалара диэн төрөппүттэриттэн бэриллибит буор кутун санаалара буолаллар. Быччыҥнарга иҥэн сылдьар буор кут өйө-санаата үөрүйэхтэри үөскэтэн кэбиһэринэн, бу быччыҥнар кэмэ кэллэҕинэ бэйэлэрэ оҥоро үөрэммит, үөрүйэх буолбут хамсаныыларын оҥороллоруттан киһи ис уорганнара тохтоон хаалбакка эрэ үлэлииллэр.
Айар диэн санаа, мэйии үлэтэ. Араастаан ырытан, оҥорон көрөн киһи бу санаатыттан туох туһа тахсарын эрдэттэн билэ сатыырын үөскэтэр. Тутуу тутаары проект оҥоруута диэн санаабыт санааны кумааҕыга киллэрэн бэлиэтээһин, суруйуу буолар. Проект оҥоруутун сыала диэн саҥаны айа сатааһын бары сыыһаларын-халтыларын эрдэттэн көннөрөргө аналланар уонна оҥорор быһыыга уларыйа илигиттэн эмиэ айар диэн тылынан этиллэрэ таба буолар.
Суруйааччылар уонна да атын кумааҕыга суруйар үлэһиттэр ону-маны айа сатыыр санааларын суруйбуттара айыыны оҥоруу буолбаттар, айар эбэтэр айымньы диэн тылынан этиллэллэрэ таба буолар. Айымньы үчүгэй, атын дьоҥҥо туһалаах эбэтэр куһаҕан, буортулаах да буолан тахсыан сөп. Аҥардастыы үчүгэйи эрэ суруйабын диир суруйааччылар, өй-санаа икки өрүттээх тутулуктааҕын билбэттэр, ол иһин суруйууларын дьоҥҥо дьайыылара мөлтөх буолан тахсаллар. Ол курдук, киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбатын суруйааччы диэн ааттанааччы билиэ этэ. Итини тэҥэ, киһи үчүгэй дии санаабытын оҥороору сыыһа-халты туттунан куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэрэ өссө элбэҕиттэн куһаҕан быһыылар элбииллэрин арааран билэн, ааҕааччыларга таба тириэрдии эрэйиллэр. (29,52).
Санаа диэн киһиэхэ көстүбэт, биллибэт, туохтан да иҥнибэт, хааттарбат, олус түргэн, ханна баҕарар санаатын да тиийэн иһэр, ол иһин көстүбэттэр дойдуларыгар, Анараа дойдуга сылдьар диэн сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ этэр.
Киһи санаата Анараа дойдуга сылдьарынан Бу дойдуга биллибэт, арай түүлгэ эрэ киһи өйө-санаата Ол дойдуга тиийэринэн кыратык билсиһэ, сэгэтэ түһэн ылыан сөп. Киһи санаан баран ол санаатын илэ оҥорон таһаардаҕына, субу оҥорбут быһыыта Бу дойдуга тахсан, биллэр, көстөр кыахтанар. Санаа киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйарыгар Анараа дойдуттан Бу дойдуга кэлэрэ, дьоҥҥо биллэрэ уонна илэҕэ кубулуйара ситиһиллэр. Анараа дойдуттан кэлбити киһи хараҕынан таба көрдөҕүнэ илэ көрүү, онтон таба туттаҕына илэ тутан көрүү диэн ааттанар.
Харах тугу көрөрө эмиэ уратылардаах. Киһи тугу көрөрө түһээн көрүү уонна илэ көрүү диэҥҥэ арахсаллар. Түһээтэҕинэ киһи санаатын үгэс буолбут өттүлэрин көрөр, онтон илэ көрүү диэн субу кэмҥэ туох баарын көрөрүн этэллэр.
Киһи санаата тугу эмэ оҥордоҕуна эрэ хайдаҕа; үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллэн тахсар уратылааҕын арааран билэн сахалар “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн өс хоһооно оҥорбуттар. Бу өс хоһооно киһи тугу саныы сылдьара, туох санаалааҕа таһыттан биллибэтин быһаарар.
Санааны хааччахтааһыны уонна тупсарыыны сахалар таҥараларын үөрэҕэ эрэ оҥорор. Ол курдук, сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа баара киһи санаата киһилии быһыылары аһара барбатын ситиһэргэ аналланар. Сиэри тутуһар киһи оҥорор быһыыта киһи быһыытын аһара барбат кыахтанарын арааран билэн сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕолору үөрэтиигэ туһанар. Киһи саныыр санаатын оҥорор быһыытыгар өссө кубулута илигинэ хааччахтааһыны, киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини сахалар таҥараларын үөрэҕэ эрэ сиэри тутуһуннаран оҥорор. Ол аата таҥара үөрэҕэ киһи оҥорор быһыыта тупсарыгар, табылларыгар, өссө бу быһыытын оҥоруон инниттэн кыһанар.
Үчүгэй үгэстэртэн хомуллан үөскүүр сиэр, киһи санаата аһара барарын хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэр. Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа киһи быһыыта үөскүөн инниттэн туттуллубутун сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиилэрэ биллэрэр.
Санаа ай диэн тылынан этиллэр, онтон киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйдаҕына айыы диэн ааттанар, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ, бу тыл куһаҕан өрүтэ элбээн тахсарын анаан-минээн бэлиэтээн көрдөрөр.
Айыы диэн атыттар билбэт, ол иһин оҥорбот быһыылара буолан саҥаны айыы диэн ааттанар уонна киһи оҥорор быһыыта буоларынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр:
1. Үчүгэйи, туһалааҕы айыы, үрүҥ айыы диэн ааттанар уонна кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ анаан бары туһаналлар.
2. Куһаҕаны, буортулааҕы айыы, хара айыы диэн ааттанар уонна умнулларга, хааларга аналланар.
Киһи оҥорбут саҥаны айыыта аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллан тахсыбата уустуктары үөскэтэр. Ол иһин төһө эрэ кэмҥэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллыар диэри айыы диэн тылынан этиллэ сылдьарыгар тиийэр. Ол кэнниттэн үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана арыллан быһаарыллан таҕыстаҕына үчүгэйэ – үрүҥ айыы, онтон куһаҕана – хара айыы диэн араарыллан ааттаналлар. Үчүгэйи дьон туһаммытынан бараллар, онтон куһаҕана хаалларыллар, умнуллар аналланар.
Бу айыы икки өрүттэриттэн олоххо туһалааҕы оҥоруу олус уустук, элбэх үлэни, билиини эрэйэр үлэ буолар, ол иһин үрүҥ айыылар аҕыйахтар, онтон оҥорорго түргэнинэн, судургутунан, боростуойунан куһаҕан, туһата суох айыыны дьон элбэҕи оҥорон кэбиһэллэр. Ол иһин айыы диэн тыл куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылга киирсэр. Улаханнык саҥарыллыбат, сэрэхтээх тыл, киһини куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһиэн сөбүттэн эдэрдэри харыстаан сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр.
Киһи субу оҥорор быһыыларын улахан сэрэхтээхтик, үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын эрдэттэн арааран билэн баран оҥороругар ыҥырарын айыы диэн тыл “ыы” диэн ытааһын бүтүүлээҕэ биллэрэр. Саҥаны айыы диэн дьон оҥорбот быһыыларын аан бастаан оҥоруу буоларынан табыллыбакка, сатаммакка хаалара элбэҕиттэн куһаҕан буолан тахсара аһара элбээн хаалар. Дорҕоон дьайыыта киһи ийэ, буор куттарыгар быһалыы дьайарыттан “ыы” диэн дорҕоон куһаҕанын хас саха киһитэ барыта билэр.
Өй-санаа үөрэҕин уратыларын киһи сааһыран истэҕинэ бэйэтэ оҥорон көрөн боруобалаан билэрэ ордук итэҕэтиилээх. Биир да үчүгэй эбэтэр куһаҕан айыыны оҥорон, эрэйдэнэн көрбөтөх кумааҕыны эрэ бэрийээччилэр, тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар итэҕэли үөрэтэллэрэ табыллыбат. Туох эрэ үчүгэйи оҥорбута буола сатыылларыттан араас туһата суоҕу, буортулааҕы да суруйан кэбиһэллэр, кыайар өттүлэрин курдук сыыһа санааларыттан төрүт тылларбытын уларыта сатыыллар, мээлэ ону-маны саҥараллара, тылга тииһэллэрэ элбэҕиттэн үчүгэй да буолуон сөбүн куһаҕаҥҥа тириэрдэллэр. Ол курдук, ийэ диэн төрүт тылбытын “иньэ” диэҥҥэ уларытаннар уонна араас саҥа тыллары була сатаан оҥороллоруттан саха тылын үөрэтиини ыарахаҥҥа, эрэйгэ кубулутан, эдэрдэр төрөөбүт тылларын үөрэтэллэриттэн тэйэн, быраҕан эрэллэр. Кинилэр кыайа туталлара тыл буоларынан былыргыттан тутта сылдьар төрүт тылларбытын уларыта, маат курдук куһаҕан дьайыылаах саҥа тылы булбута буола сатыыллара аһара элбээн хаалбытыттан саха тыла ханнык эрэ саҥа тылга кубулуйан үөрэтэргэ ыараан хаалла.
Тугу эмэ үчүгэй диэн быһаарыыны киллэрии өй-санаа ол үчүгэй диэн ааттаммыт диэки халыйыытын үөскэтэр. Дьон бары ол үчүгэйи билбэтэллэр даҕаны үтүктэ сатыыллара сайдар. Айыы “үчүгэй” диэн этэр, ону эккирэтэр киһи бэйэтэ айыы буолан хаалыан, ол аата эрдэлээн, кэмэ кэлэ илигинэ өлөн хаалыан сөп. Айыы диэн ааттаах икки биллэр киһи олохторун ситэ олорбокко өлбүттэрэ.
Өй-санаа үөрэҕин дириҥник билэр суруйааччы В.В.Яковлев “Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим” диэн кэпсээнигэр айыы диэн тыл куһаҕанын таба арааран суруйбута:
- Эмээхсин, үөрүөн даҕаны, хомойуон даҕаны билбэккэ, харааччы мунан хаалла, бу орой мэник уолаттар үрдүк халлаантан ыйаахтаах улуу кыылы өлөрдүлэр, айыыны оҥордулар, таҥара кырыыһыгар түбэһэр уолаттар буоллулар диэн санаа баара... (30,49).
Көрсүө киһи оҥорор быһыыларын эрдэттэн ырытар, үчүгэйдэрин эрэ талан ылан оҥорор кыаҕа тиэтэйбэтиттэн, ыксаабатыттан улаатан хаалар. Ол курдук, көрсүө киһи туттунар, тохтотунар күүһэ улаханыттан оҥорор быһыытын таба талан ылар кыаҕа улаатара олоххо туһалыыр кэмнэрэ элбэхтэр.
Онон санаа Анараа дойдуттан айыллан, Бу дойдуга тахсыытыгар киһи оҥорор быһыыта буола уларыйар, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан быһаарыллар кыахтанар.
ҮЛЭ ЫАРАХАН
Үлэ эрэ омугу сайыннарар. Кыайыылаах, ол аата атыттары баһыйар үлэ омук сайдан иһиитин үөскэтэр. Үлэ туох эмэ олоххо туһалааҕы оҥорон таһаарар кыахтаннаҕына, кыайыылаах үлэ диэн ааттанар уонна сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэр.
Үлэни, туһалааҕы оҥорон таһаарыыны омук дьоно сатаатахтарына, кыайдахтарына, атыттар ол кыайыыны, ситиһиини, сатабылы үтүктэн, кинилэр курдук буоларга баҕа санааны үөскэтинэн иҥэриннэхтэринэ омук ахсаана эбиллэр кыахтанарыттан сайдыыны ситиһэрэ кэлэр.
Үлэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Былыргы сахалар үлэни икки арааска араараллара:
1. Сылаас дьиэҕэ үлэлэнэр үлэҕэ дьиэ, хотон иһинээҕи үлэлэр барылара киирсэллэрэ.
2. Таһырдьа тымныыга үлэлэнэр үлэлэр.
Бу үлэлэртэн таһырдьа, түптэлэс тымныыга үлэлэнэр үлэлэр ордук ыараханынан ааҕыллан улаханнык сыаналаналлар этэ. Тымныыны чараас, куһаҕан таҥастаах киһи тулуйара да ыараханыттан таһырдьа өр сылдьыы бэйэтэ да эрэйдэниигэ тириэрдэрэ.
Былыргы кэмнэргэ уһун, тымныы кыһыннаах дойдуга уокка оттор мас бэлэмнээһинэ сүрүн үлэ буолара. Күҥҥэ биир сыарҕа кураанах маһы сиэн кэбиһэр сирэй оһоҕу тохтоло суох отторго анаан маһы бэлэмнииргэ элбэх үлэ эрэйиллэрэ. Ол иһин ыаллар хас да буолан кыттыһан, дьукаахтаһан олорон тымныы кыһыны туорууллара.
Тэйиччи алаастан оҕуһунан сүөһү сиир отун тиэйиитэ күн аайы үлэлэнэр үлэҕэ киирсэрэ эрээри, улахан сатабылы, сыарҕаҕа элбэҕи тиэйиини ирдиир этэ. Биир эмэ күн өрөөрү саппааһыра сатыыллара.
Дьон сүрүн үлэлэриттэн иллэҥсийэ эрэ түстэллэр бултуу сырыттахтарына табыллара. Бултааһын ол кэмҥэ эбиискэ аһылыгы булунууга тириэрдэриттэн уонна тирии таҥас буоларыттан бары алаастарынан тус-туспа олорор эрдэхтэринэ чугас эргин сылдьан бултааһын эбиискэ дьарыкка киирсэн бары бултууллара.
Сахалар “Үлэ ыарахан” диэн этэллэр. Үлэ бэйэтэ ыараханын таһынан үлэҕэ үөрэнии өссө ыарахан, уһун кэми ылар. Оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр “Туһа киһитэ” буолан үлэлиир үгэстэри иҥэриннэҕинэ эрэ улаатан баран бэйэтин баҕатынан үлэлиир, үлэҕэ үөрэнэр кыахтанар. Өй-санаа сайдыыны ситиһэргэ аналлаах бу уратытын Кут-сүр үөрэҕин билэр сахалар оҕолорун иитэргэ, үөрэтэргэ туһаналлар.
Оҕо тулуура улааттаҕына эрэ үлэни кыайар, түмүгэр тириэрдэр кыахтанар. Ол курдук, саҕаламмыт үлэни тиһэҕэр тириэрдии, түмүктээһин диэн эбиискэ көрдөбүлү оҕо толоро үөрэннэҕинэ эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥороро табыллар.
Атаахтыы үөрэммит оҕо үлэлии үөрэнэрэ эрэйдээх, кыаллымыан да сөп. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр, сайдар кэмигэр атаахтаан, бэлэмҥэ үөрэнэн хааллаҕына, ол олохсуйан хаалбыт куһаҕан үгэһин хаалларан, умуннаран, саҥа үлэлиир үгэһи үөскэтэн биэрдэххэ эрэ үлэлииргэ баҕа санааланара кыаллар. Туһата суох, буортулаах үгэһи умуннаран, хаалларан баран саҥа, туһалаах үгэһи иҥэрэн биэрдэххэ эрэ эргэ үгэс уларыйара, умнуллара ситиһиллэн үчүгэй үгэс иҥэр уонна толоруллар кыахтанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ бэрээдэги туттуһарга, үлэҕэ үөрэнэр, соннук үгэстэри үөскэтинэр аналлаах кэмнээх. Ол кэм оҕо атаҕар туран хаамары баһылаан ону-маны таскайдыыр, аҕалан биэрэр кэмигэр үөскээн кэлэр. Бу кэмҥэ оҕону сатаабаккын диэн туораппакка, атын хоско үүрбэккэ, батыһыннара сылдьан барыны-бары оҥотторо сатааһын соннук үгэстэри иҥэрэн биэрэрин туһаныы эрэйиллэр.
Саха дьоно бу кэми арааран билэн оҕо “Туһа киһитэ” буолар кэмэ диэн ааттыыллар. Оҕо тугу эмэ аҕалбытыттан бэйэтэ үөрэр, улахан киһи хайдах эппиэттиирин кэтэһэр. Үөрбүтү биллэрдэххэ, өссө хайҕаан биэрдэххэ төһөтө эмэ хатылаан оҥоруон, ол үчүгэй быһыытын үгэс оҥосторо өссө түргэтиэн сөп. (31,50).
Оҕону үөрэтии диэн тугу эмэ оҥотторо сатааһын, соруйан иһии буолар. Элбэхтик соруйар киһи оҕону үгүскэ үөрэтэрэ кыалларын тэҥэ, өссө түргэнник үөрэтиэн сөп. Бары төрөппүттэр оҕолоро кинилэр этэллэрин истэригэр, толороругар баҕараллар. Бу баҕа санаа туоларын туһугар оҕо кыра эрдэҕиттэн дьарыктаныахха, элбэхтик соруйуохха уонна олору толотторон истэххэ, соннук үгэстэр үөскүүллэриттэн үлэҕэ үөрэнэрэ кыаллар.
Улахан, уопуттаах киһи эппитин, хайдах этиллибитин курдук толоро үөрэннэххэ эрэ үлэҕэ үөрэнии табыллар. Оҕо киһи эппитин истэн, ону толоро үөрэнэрин тэҥэ, табан, сатаан үлэлииргэ эмиэ үөрэнэр. Оҕо төрөппүтүн аҕа диэн ааттыыра үлэҕэ үөрэниини кытта улахан тутулуктаах. Ол курдук аҕа диэн тыл төрөппүтү тэҥэ, үлэҕэ улахан уопуттааҕы эмиэ биллэрэрэ оҕону үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэргэ улахан туһаны оҥорор.
Үлэ ыарахан. Бөҕө эттээх-сииннээх, ыарыыларга ылларбат, кыахтаах, күүстээх дьон үлэни кыайаллар, атыттар ымсыырыахтарын курдук үлэни үлэлээн барыһы киллэрэллэр. Сатабыллаах, талааннаах дьон оҥорбуттарын, туппуттарын көрөн астыныы атыттар батыһыыларын, үтүктүүлэрин үөскэтэрэ омук ахсаана эбиллиитигэр тириэрдэр. Ол аата үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлиир омук дьонун атыттар үтүктэллэриттэн, эдэрдэрин оннук үлэлиигэ үөрэтэллэриттэн ахсааннара эбиллэрин ситиһэр кыахтаналлар.
Үлэни тулуурдаах, көрсүө, сэмэй киһи эрэ кыайа-хото үлэлиир кыахтанарын билэн көрсүө, сэмэй буолуу үөрэҕин олоххо киллэрдэххэ, үлэ сайдыыта ситиһиллэрэ табыллар. Араас үөрэхтээхтэр, чэпчэки үлэни көрдөөччүлэр, солумсахтар, тылга тииһээччилэр, урутаан түһээччилэр үлэни кыайан таһаарыылаахтык үлэлээбэттэр. Кыратык “шоу” курдук үлэлээбитэ буолан баран быраҕан кэбиһиэхтэрин сөп. Сахалар өй-санаа ити уратытын билэн оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр.
Саха дьоно саамай сөбүлээбэт суоллара солумсаҕырыы уонна тылга тииһии буолар. Бииртэн биир саҥа үлэни саҕалаан баран быраҕаттаан, хаалларан иһииттэн уонна атыны саҕалыы сатааһынтан солумсаҕырыы аһара барыан сөп. Аһара элбэх солуну, саҥаны билэ-көрө сатааһын солумсаҕырыыны үөскэтэрин тыл үөрэхтээхтэрэ “сонун” диэн сахаларга суох тылы айаннар, анаан-минээн кистээн сылдьаллар, ол иһин билигин солумсах буолуу аһара баран хаалла, сэти үөскэттэ. Эдэрдэр барыга-бары солумсаҕыра, урутаан түһэ сатыыллара аһара элбээбитэ туһалаах үлэ хаалыытын, кыаттарбатын таһаарар. Тыа сирин ыарахан диэн ааттаах үлэтиттэн солумсахтар, сүрэҕэ суохтар, тылга тииһээччилэр аан бастаан бараллар. Ол иһин бу солун диэн тылы хайаан да оннугар түһэрии сайдан иһэр сахалартан ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Тылга тииһии диэн былыргыттан баар, биллэр тылы араастаан уларытан, ньаамырҕаан, сыыбырҕаан саҥарыы ааттанар. Ханнык баҕарар үчүгэй тылы араастаан саҥаран суолтатын уларытан, намтатан кэбиһиэххэ сөп. Тыл үөрэхтээхтэрэ ийэ диэн оҕо өйүн-санаатын төрүттүүр тылбытын ньаамырҕаан саҥаран, “иньэ” диэҥҥэ уларытан суолтатын намтата сатыыллар. Бу дьон сахаларга куһаҕаны оҥороллоро кэлин элбээн сэти үөскэтэн, эдэрдэр сахалыы үөрэтэллэрин быраҕан эрэллэр. Ол иһин элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны тохтотор кэм кэллэ.
“Үлэҕэ элбэх кэргэннээх үчүгэй, аска аҕыйах табыллар” диэн өс хоһооно үлэ уратытын, элбэх киһи үлэни кыайарын билииттэн үөскээбит. Үлэ диэн оҥорон таһаарыы, ол иһин үгүс киһи элбэҕи оҥороро үчүгэй, кыайыылаах, онтон аһааһын диэн үлэ оҥорон таһаарыытыттан туһаныы, көҕүрэтии буоларын, бу өс хоһооно биллэрэр.
Төһө да үчүгэйдик иһиллэрин, көстөрүн иһин омугу ырыа да, үҥкүү да, тыл үөрэхтээҕэ да сайыннарбаттар. Бу дьарыктар дьону сааратыы эрэ буолан тахсалларыттан уонна тылга тииһиигэ тириэрдэллэриттэн аһара бардахтарына омук эстиитэ, симэлийиитэ кэлиитин өссө түргэтэтэн кэбиһиэхтэрин сөп.
Туох эрэ дьоҥҥо туһалааҕы оҥорон таһаарар үлэ эрэ омукка сайдыыны аҕалар. Киһи тугу эмэ оҥорбутун атыттар үтүктэр, батыһар кыахтарын үөскэттэххэ эрэ омук сайдар, ахсаана эбиллэр. Ол курдук, ыаллар кыра оҕолорун үөрэтэллэригэр, бу оҥоруллубуту, туһалааҕы холобур туттар, өссө хайгыыр кыахтаннахтарына эрэ, оҕо ону үтүктэн үөрэнэриттэн омук сайдара ситиһиллэр.
Дьоҥҥо туһалааҕы оҥорор омугу холобур оҥостон үтүктэннэр атын ыаллар оҕолоро оннугу оҥоро үөрэннэхтэринэ, бу омук сайдар, ахсааннара эбиллэр кыахтанар. Омук сайдыыны ситиһэн иһэрин ахсааннара эбиллэриттэн булан быһаарыахха сөп.
Халлаан тымныйдар эрэ соҕуруу, сылаас дойдуларыгар баран хаалар үлэһиттэр омук сайдыытыгар холобур буолар кыахтара суох. Сахалар кыһыҥҥы тымныыга кыһаммакка үчүгэйдик үлэлииллэр диэн этиини киэҥник туһаныы атыттар үтүктэллэрин, батыһалларын үөскэтэриттэн омук сайдыыны ситиһэригэр кыах биэриэ этэ.
Билигин ырыынак кэмигэр ким кыахтаах, сатабыллаах үлэһитэ быһаарыллар кыахтанан сылдьар. Былыргыттан уус төрүттээх, сатабыллаах сахалар бу быһаарыылаах кэмнэргэ күүскэ үлэлээн-хамсаан биэрэн үтүө ааты-суолу ылынар кэмнэрэ кэллэ.
Аат-суол омук сайдыытыгар ылар оруола олус үрдүк. Үчүгэй ааттаах омук сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатар. “Албан аат, суон сурах түргэн кынаттаах”, “Ааты-суолу харыстаа” диэн өс хоһоонноро аат-суол омук сайдыытыгар ылар улахан оруолун быһаараллар.
Көрсүө, сэмэй, үлэһит сахалар кыайыылаах үлэһиттэрин биллэрдэхтэринэ ааттара-суоллара үрдээн атыттар үтүктэр, батыһар кыахтаннахтарына, ахсааннара бааһынайдарынан эбиллэн иһэрин ситиһиэхтэрин сөп.
Омук этин-сиинин бааһынайдар сайыннараллар. Ол иһин омук төһө элбэх бааһынайы бэйэтигэр холбуур уонна сахалыы саҥарарга үөрэтэр даҕаны, сайдар кыаҕа улаатан биэрэр. Саҥарар тылга эбии сайдыыны аҕалар тылы туһаныы сайдыыны ситиһии түргэтиирин үөскэтэр, онтон аһара сахатыйыыга төннө сатааһын, маат курдук тыллары оҥорон туһаныы сайдыыттан хаалан хаалыыга тириэрдэр.
Сахаларга былыр-былыргыттан туттуллар “Хааны тупсарыы” диэн этиини таба өйдөөн, омук этэ-сиинэ бөҕөргүүрүн атын омуктары кытта холбоһон ситиһэн истэххэ эрэ сайдыы, эт-сиин тупсуута уонна омук ахсаана эбиллиитэ үөскүүрүн туһаныы эрэйиллэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар омук сайдыыта эмиэ сөп түбэһэр. Элбэх бааһынайдары холбооһунтан омук этэ-сиинэ тупсарын таһынан, өйө-санаата сатарыйарын уонна саҥарар тыла уларыйарын Кут-сүр уонна сахалыы таҥара үөрэҕин туһаныы оннугар түһэрэн биэрэрин туһана сылдьыы ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Онон омугу үлэ эрэ сайыннарарын билэн үлэни бастакы күөҥҥэ таһаарыы уонна эти-сиини тупсарыы эрэйиллэр кэмэ кэллэ.
ТУЛУУР, ДЬУЛУУР, ӨҺӨС САНАА
Сэбиэскэй былаас кэмигэр “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн сахалары сайыннарбыт өс хоһоонун, Улуу Тойон таҥара туһалаах, омугу сайыннарар үөрэҕин суох оҥоро сатаабыттара. Бу өс хоһооно өһөс, салайааччы этэрин истибэт, куһаҕан майгылаах, бэйэтэ билэринэн сылдьар киһини улаатыннарар диэн этэн туораппыттара. Биир партия салайар диктаторскай былааһыгар киһи бэйэтин баһын билиммэт, салайааччылар эппиттэрин, ыйбыттарын эрэ толорор аналлааҕыттан, бу өс хоһооно ол кэмҥэ кырдьык сөп түбэспэт этэ.
Саха дьонун олохторун, таҥараларын үөрэҕэ диктатураны үөскэтэн киһи өйүн-санаатын баттаабат, салайа сатаабат, киһи өйө-санаата сайдан бэйэтин бэйэтэ салайынарын үөскэтэр, айылҕа төрүт тутулугун “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһарга, үрүҥү, үчүгэйи уонна хараны, куһаҕаны киһи бэйэтэ таба арааран туһанарыгар үөрэтэр. Ол иһин оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран бэйэтэ таба туһанарын үөскэтэргэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэҕи сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныыга “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэх оҕо аан бастаан аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын арааран билэригэр уонна олору оҥорботугар үөрэтэрэ оҕо үчүгэйи оҥороро элбииригэр тириэрдэр. Ол курдук, тоҕус эрэ ахсааннаах улахан содулу үөскэтэр дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕо биллэҕинэ, олору оҥорбот кыаҕа улаатарын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.
Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһана үөрэниитэ киһи буолууну ситиһэрин үөскэтэр. Тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнии киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга тириэрдэринэн оҕо улаатан иһэн хайаан да баһылыахтаах үөрэҕэр киирсэр.
Саха дьоно киһи оҥорор куһаҕан быһыыларыттан сэт үөскээн тахсарын билэллэр. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ киһи оҥорор быһыыларыгар барытыгар толору эппиэттиирин эрэйэр. Ол курдук, айылҕа икки өттүттэн тутулуктанан сайдыбытынан, икки өрүтү тутуһарынан киһи оҥорор бары быһыыларыгар ханнык эрэ эппиэт, сэт, иэстэбил үөскээн тахсарын таҥара үөрэҕэ быһааран эрдэттэн харыстанарга, ол иһин куһаҕан быһыылары оҥорбокко ыҥырар.
Сахалары саха оҥорбут Улуу Тойон таҥара үөрэҕин сайдан иһэр саха дьоно туһана сылдьаллара эрэйиллэр. Бу таҥара үөрэҕин тутуһуу эрэ омук сайдыыны ситиһэригэр кыах биэрэр.
Былыргылар быһаарбыттарынан сыл үчүгэй уонна куһаҕан диэн ааттанар икки өрүккэ арахсара. Тымныы кыһыны туорааһын улахан эрэйдээҕинэн куһаҕан өрүккэ киирсэрэ уонна дьыл диэн ааттанара. Сайын сылааһа, үчүгэйэ бэрдиттэн сай диэн ааттыыллара уонна көҥүлүнэн, сай барыыга тириэрдэрин бэлиэтииллэрэ.
Урукку кэмнэргэ тымныы кыһыны туорааһын дьылы туорааһынынан ааҕыллан ураты суолталааҕа. Ыам ыйын 22 күнэ дьылы туорааһын, күөххэ үктэнии, сайыны көрсүү бэлиэтэнэр күнэ буолар.
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныылар түһүүлэригэр эти-сиини уонна өйү-санааты бөҕөргөтөн, кытаатыннаран биэриини сахалар балаҕан ыйын 22 күнүгэр ыытыллар күһүҥҥү ыһыаҕынан бэлиэтииллэрэ. Бу ыһыах Улуу Тойон таҥараҕа аналланан тулуурга, дьулуурга уонна өһөс санааҕа үөрэтэргэ туһалыыра.
Саха сирин айылҕата сайыҥҥы кэмҥэ ураты итиитэ, куйааһа уонна кыһына олус тымныыта киһини уһун үйэтигэр хардары-таары эрчийэрэ саха дьонун олус тулуурдаах оҥорон эттэрин-сииннэрин бөҕөргөппүт. Ол курдук, тыа сирин үлэһиттэрэ куорат дьонунааҕар тымныйан ыарыыларга ыллараллара аҕыйаҕа, бу эрчиллии туһата улаханын дакаастабыла буолар.
Улахан куйааһы тулуйа үөрэнии эмиэ биллэр уратылаах. Куйаас кэмҥэ үлэлииргэ куруук куйааска, күн уотугар сылдьыы эрэйиллэр. Киһи тиритэрэ, көлөһүнэ тахсара эмиэ туһалаах, араас туһата суох кирдэр, туустар тахсаллар, ол иһин эт-сиин ыраастанар кэмэ сайын кэлэр. Сөрүүкүү түһүөххэ диэн ааттаан тымныы сиргэ сотору-сотору киирэ сылдьыы киһи куйааһы тулуйа үөрэнэрин суох оҥорор.
Куйааска киһи утатара эбиллэр. Тиритэриттэн испит уута көҕүрээн иһэриттэн утатара улаатар. Төһө куйаас даҕаны соччонон сылаас, итии ууну иһэн биэрдэххэ киһи утаҕа ханара кыаллар.
Сахалар сайыҥҥы кэми эти-сиини ыраастыырга, бөҕөргөтөргө аныыллар. Ол иһин үрүҥ аһы, араас үүнээйилэри, балыгы сииллэрэ эбиллэр, эти биирдэ эмэтэ сииллэр уонна күүскэ үлэлээн тиритэн- хорутан кыһын устата мунньуллубут араас кирдэрин таһаараллар.
Киһи оҥорор быһыытыгар барытыгар онно сөптөөх эппиэт, иэстэбил үөскээн кэлэрин билэ сылдьара табыллар. Тириттим, итииргээтим диэн санааттан тымныы ууну иһии, сөтүөлээһин, айылҕа көрдөбүлүгэр утары барыы буолан, иэстэбилгэ түбэһиигэ тириэрдэр. Бу иэстэбил уталыппакка кэлэн иһэрин куйааска тымныы ууну иһэр киһи тиритэрэ өссө элбиирэ биллэрэр.
Айылҕа тымныытын тулуйан кыайарга иитэр, үөрэтэр таҥара үөрэҕинэн Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ буолар. Бытарҕан тымныылаах Саха сиригэр дьон тымныыны тулуйарга өһөс санаалара улаатарыттан, бу таҥара үөрэҕэ үөскээбит уонна дьон тулуурун, өһөс санаатын, дьулуурун улаатыннаран, бу тымныы дойдуну баһылыыр, үлэни сайыннарар кыаҕы биэрбит.
Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ диэн дьон олоҕуттан үөскээн тахсыбыт билиилэр буоланнар бэйэтэ үлэлии сылдьар киһиэхэ ордук түргэнник тиийимтиэлэр. Олох көнөн, тупсан иһиитэ кумааҕыны эрэ бэрийэр, сылаас дьиэҕэ олорор үлэһиттэри үөскэтэн, элбэтэн кэбиспититтэн киһи сыыһа-халты туттунарыттан тиийэн кэлэр иэстэбил туһунан умнан кэбиспитэ буола сылдьааччылар элбээн хааллылар.
Атаахтык иитиллибит тулуура суох киһи тугу оҥороро барыта аһара барыыга тириэрдэн иһэр. Үөрдэҕинэ аһара үөрэр, кыыһырдаҕына букатын киһи быһыытын таһынан барыыга тиийэн хаалара элбиир. Ол барыта тулуура сайдыбатаҕыттан туттунар күүһэ үөскээбэтэҕиттэн өйө-санаата аһара барара улааппытыттан буолар.
“Акаары киһи бэйэтэ оҥорбут сыыһаларыттан кэһэйэн үөрэҕи ылынар, онтон өйдөөх киһи атыттар оҥорор сыыһаларыттан көрөн үөрэнэр” диэн этии дьон үөрэҕи ылынар дьоҕурдарын уратыларын, икки өрүттэрин биллэрэр. Үөрэҕи ылыныы бу икки өрүттэрэ билигин ордук чуолкайданан тахсан эрэллэр. Ол курдук, үөрэҕи “үчүгэй” диэн өрө тутууттан үлэҕэ сыыһа-халты туттунааччылар элбээн иһэллэрин тэҥэ, үлэ “куһаҕан” диэҥҥэ кубулуйан сылдьарыттан үлэлиэхтэрин баҕалаахтар улаханнык аҕыйаатылар.
Киһи бэйэтигэр үчүгэйи оҥостунар баҕа санаата хаһан баҕарар элбэх. “Бэйэ киэнэ бэйэҕэ үчүгэй” диэн этии ону биллэрэр. Бэйэҕэ үчүгэйи оҥостунуу баҕа санаата аһара бардаҕына киһини бэйэмсэх буолууга тириэрдэр. Олус былыргы кэмнэргэ курдук, киһи тыаҕа соҕотоҕун сылдьара суох буолбута ыраатта. Ол иһин киһи буолуу үөрэҕэ бэйэмсэх санаа аһара барарын хааччахтаан сиэри, киһи быһыытын тутуһары ирдиир.
Тулуур диэн ыараханы, сору, эрэйи, муҥу тулуйууттан үөскүүр өй-санаа күүһэ буолар. Салгыы сайыннаҕына, өссө күүһүрдэҕинэ өһөс диэҥҥэ тириэрдэр. Тулуур туттунар, тохтотунар күүһү үөскэтэн киһини сыыһа-халты туттунарыттан харыстыыр анала ордук туһалаах.
Атаах оҕо тулуура аҕыйаҕыттан туттунар, бэйэтин тохтотунар күүһэ суоҕуттан киһи быһыытын аһара барар быһыылары оҥорон кэбиһэрэ элбиэн сөп. “Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн этии ону биллэрэр. Оҕолоругар үчүгэйи баҕарар төрөппүттэр оҕолорун атаахтаппакка бэйэлэрин батыһыннара сылдьан, үтүгүннэрэн иитэргэ, үөрэтэргэ кыһаныахтара этэ. “За одного битого двух небитых дают” диэн өс хоһооно кыаттарыы, кырбаныы кэнниттэн киһи тулуура, өсөһө өссө улаатарыттан санаатын күүһэ икки төгүл күүһүрэрин, кыаҕырарын биллэрэр.
Соргу диэн киһи өйө-санаата тупсуутун, күүһүрүүтүн биллэрэр өйдөбүл баар. Өй-санаа үөскүүр тутулугун, үөрэҕин билбэт дьон, бу тылы сор диэнтэн үөскээбит, онон куһаҕан суолталаах диэн туората сатыыллара улахан сыыһа, бэйэлэрэ билбэттэрин тарҕата сылдьалларын биллэрэр. Ол курдук, бу тыл сору, эрэйи билииттэн, олору кыайыыттан киһи өйө-санаата күүһүрүүтүн, бөҕөргөөһүнүн биллэрэр өйдөбүллээҕинэн ордук улахан туһалаах суолталаах.
Дьулуур диэн саҥаны айыыны, ситиһиини, үлэни оҥорууга дьулуһууну үөскэтэр өй-санаа күүһэ ааттанар. Дьулуурдаах киһи туһалаах саҥаны айыыны оҥорон уонна олоххо киллэрэн уларыйыылары, тупсуулары ситиһэр кыахтанарынан, элбэх туһалаах үлэлэри оҥорон сайдыыны аҕалыан сөп.
Саҥаны айыыны олоххо киллэрии олус уустук, эрэйдээх, элбэх үлэни, бириэмэни эрэйэр үлэ. Бу үлэ кыратык да табыллыбатаҕына, сатамматаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйара элбэҕин тэҥэ, туһата суох таах хаалан хаалыан сөп. Киһи тулуура, дьулуура улааттаҕына, элбэхтик үлэлээтэҕинэ эрэ биир эмэ туһаны оҥорор саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрэр кыахтанар.
Өһөс санаа диэн күүстээх санаа, өссө күүстээх тулууру уонна дьулууру үөскэтэр. Булгуруйбат модун санаа, кыайыыга-хотууга дьулуур өһөс буоллахха эрэ кыаллар кыахтаахтар. Өһүө диэн сахалар дьиэ үрдүн тутан турар, даҥ ыараханыттан кэдэйбэт ураты маһы ааттыыллар. Эрдэттэн утары кэдэйиилээх маһы булан өһүө оҥордоххо ордук табылларын, дьиэ үрдүн көрүҥэ тупсарын билэннэр тутууга туһаналлар.
Онон тулуур, дьулуур уонна өһөс диэн сүрү үөскэтэр уонна өй-санаа күүһүн быһаарар өйдөбүллэр киһи олоххо туһалааҕы оҥорон сайдыыны ситиһэр кыаҕын биллэрэллэр.
ТУТТУНАР КҮҮС
Сахалар киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэннэр санаатын күүһэ, өсөһө киһи тулуурун, дьулуурун үөскэтэн, киһилии быһыыланыыга тириэрдибитин арыйбыттар. (25,53). Киһи өһөс санаата улаатан истэҕинэ тулуура, туттунар күүһэ эбиллэн биэрэр. Бу күүстэр киһиэхэ сүрү үөскэтэллэр, күүһүрдэллэр.
Туттунар күүс диэн киһи бэйэтин эрдэтээҕи санаатын уларытар кыаҕа ааттанар. Бу быһыы куһаҕан диэни оҕо эрдэттэн биллэҕинэ, ону оҥорор санаа киирдэҕинэ уларытан, бэйэтин туттунан куһаҕаны оҥорботун туттунар күүһэ үөскэтэр кыахтаах. Туттунан тохтооһун диэн киһи сыыһа-халты туттунан кэбиһэрин аҕыйатарга аналланар, ол аата түргэнник өйү-санааны уларытан, куһаҕаны оҥорор быһыыны киһи бэйэтэ билэн тохтотуунуута ааттанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ “Тохтоо”, “Тулуй”, “Кэтэс” диэн үөрэхтэри билэн бэйэтин тохтотуна үөрэнэрэ, олоххо улахан туһалаах туттунар күүһүн үөскэтэн өйүгэр-санаатыгар иҥэрэр. Ол аата тугу эрэ оҥороору бэлэмнэммитин, санаатын уурбутун тохтотон, хаалларан атыҥҥа, өссө туһалаахха уларытар кыахтанара ааттанар.
Атаахтыы үөрэнэн хаалбыт оҕо туттунан тохтотунар күүһэ суоҕуттан улаханнык эрэйдэниэн сөп. Ол курдук, ханнык эрэ баҕа санаата туолбатаҕына, ону төрөппүттэринэн толоттороору ытаан, хайаан барара туттунар күүһэ суоҕун биллэрэр.
Сахаларга “Олох үөрэҕэ” диэн аналлаах үөрэх баар. Бу үөрэх сүрүн өйдөбүлүнэн кыра эрдэҕиттэн олоххо, үлэҕэ-хамнаска үөрэммэккэ атаахтыы сылдьыбыт оҕону олох үөрэтиэ диэн этэллэриттэн табатык өйдөнөр. Ол аата кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ олох үөрэҕэр үөрэппэтэх оҕолоро улаатан баран бэйэтэ олорор олоҕуттан уонна оҥорор быһыылара сыыһа-халты буолан тахсыыларыттан кэһэйэн үөрэниитэ “Олох үөрэҕэ” диэн ааттанар уонна “Олох үөрэҕэ ыарахан” диэн эбиискэ быһаарыылаах туттуллар.
Олох ханнык баҕарар кэмигэр оҕону тулуурдаах буолууга үөрэтии бастаан истэҕинэ табыллар. Экономика сайдыытыттан олох чэпчээн истэҕинэ араас абылаҥнара эмиэ эбиллэн иһэллэриттэн киһи тулуурга үөрэниитэ өссө кытаатан, ыараан биэриитэ ирдэнэрин сэбиэскэй былаас сыыһа үөрэҕин, билигин да тутуһа сылдьарбытыттан умна, хааллара иликпит. Олох үөрэҕин тутаах көрүҥүнэн туохха барытыгар тулуурдаах буолуу ааҕыллар. Тулуурдаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах буолууга үөрэтиллибэтэх, кыра эрдэҕинэ ийэ куттара үчүгэй быһыыларынан иитиллибэтэх эдэрдэр сыыһа-халты туттунаннар, киһи быһыытын аһара, таһынан барыылары оҥороллоруттан ону-маны алдьаталлара, тоҕо түһэллэрэ, уоту ыыталлара, дэлби тэптэрэллэрэ элбиириттэн урут оҥоруллубуту сотору кэминэн суох оҥорор кыахтаналлар. Маннык кэм тиийэн кэлиитэ омукка улахан уларыйыылар киирэллэрин биллэрэр. Билигин Россияҕа үлэ-хамнас сайдыбата, кыаттарбата барыта оҕолору атаахтатан, киһи быһыытын аһара барар өйгө-санааҕа иитэллэриттэн тутулуктаах.
Тулуур улаатыытыттан, киһи баҕа санааларын толоро охсорун тулуйуутуттан тохтотунар, туттунар күүс үөскүүр. Мэниктиир оҕону тохтото түһүү, олордон ылыы тулуурун, туттунар күүһүн үөскэтэр.
Киһи араас элбэх баҕа санаалааҕыттан хас баҕа санаатын толорон иһэрэ хайдах да табыллыбат, ол иһин өй-санаа хайаан да хааччахтана сырыттаҕына эрэ олоҕо табыллар. Ол курдук, эр киһи үчүгэй дьахтары көрсө түһээт сыстаҥнаабытынан барбат, хайдах эрэ бэйэтин баҕа санаатын кыаннаҕына, тохтотуннаҕына, ааһа бардаҕына эрэ сатанар. Бу тохтотунар быһыы киһи сиэри, киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны тутуһарын, кыыллартан өйө-санаата уратылааҕын, туспа арахсыбытын, киһиэхэ туттунар күүһэ үөскээбитин уонна өйө-санаата сайдыбытын, тулуура улааппытын, оҥорор быһыыта тупсубутун бэлиэтэ буолар.
Тоҕо сорох киһи туттунар күүһэ суоҕуй, онтон атыттарга аҕыйаҕый? Бииргэ аһыы, үөрэ-көтө олорон, кыыһыра, ырдьыгыныы түһээт быһаҕы харбаан ылаат даҕаны билэр киһитин анньан кэбиһэргэ тиийэрий? Бу өйгө-санааҕа үөскээн кэлэр уустук боппуруостары быһаарыы аныгы ыччат өйө-санаата уларыйыытын хас да уонунан сылларга кэтээн көрүүнэн чуолкайдык быһаарыллар кыахтанна.
Кыра оҕону атаахтатыы, киһиргэтии, барыта бэлэмҥэ үөрэтии туттунар, тохтотунар күүһэ суох киһи буола улаатарыгар тириэрдэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Оҕо кыра эрдэҕинэ тохтотунар күүһүн үөскэтэр аһара барыма диэн үөрэх “Аһара ытаама, чэ, сөп буолуо, бүт”, “Тохтоо, олоро түс” диэн этиилэринэн саҕаланар уонна аан маҥнай аралдьытыынан ситиһиллэр, онтон улаатан истэҕинэ “Айыы диэмэ” диэн куһаҕан өйдөбүллээх тыллары саҥарыма уонна “Айыыны оҥорума” диэн киһи билбэт, оҥорбот быһыытын оҥорума диэн үөрэхтэринэн салҕанан киһи буолууну ситиһиитигэр тириэрдэр.
“Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэни билэн, таба сыаналаан, оҕо туохха барытыгар аһара барбат буолуутун ситиһии, төрөппүт сүрүн үөрэҕэ буоларын билигин “айыы үөрэҕин” албыныгар, айыыны оҥорууну “үчүгэй” диэн сымыйанан этиилэригэр төрөппүттэр киирэн биэрэн сылдьалларыттан эдэрдэр оҥорор куһаҕан, сиэри таһынан барар быһыылара эбиллэн иһэллэр.
“Тохтуу түс, олор”, “Мэниктээмэ” диэн этиилэр уонна оҕо кыра эрдэҕиттэн олору хайаан да толотторуу оҕоҕо тохтотунар, тулуурдаах буолар күүһү үөскэтэллэр. Бэйэлэрин баҕа санааларын тохтотунар күүстэрэ суох оҕолор улааттахтарына быстах санааларыгар баһыттаран эбэтэр онно киирэн биэрэн араас сиэри, киһи быһыытын таһынан барар быһыылары, халабыры, күүһүлээһиннэри оҥорор кыахтанан хаалыахтарын сөп.
Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа киһи тохтотунар, толкуйдуу түһэр, санаатын уларытар кыахтаах буолара ирдэнэр. Ыксаабыт, ыгыллыбыт кэмҥэ киһи өйө-санаата кыарыыр, кылгыыр. Бу кэм тиийэн кэллэҕинэ сыыһа-халты туттунуу үксүүрэ ыксааһын, тиэтэйии куһаҕан майгы буоларын биллэрэр.
Тулуура суох киһи ыксаллаах, тиэтэллээх буолар уратылаах. Манна ордук урут түһэн оҥоро охсуу, айыыны, дьон билбэттэрин оҥоро сатааһын киирсэн хаалара оҕолорго сыыһа-халты туттунуу элбээһинин үөскэтэрин төрөппүттэр таба өйдүөхтэрэ, “айыы үөрэҕэ” диэн тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут сымыйа үөрэхтэрин албыныгар киирэн биэриэхтэрэ суоҕа этэ. Олоххо киһи төһө кытаанах усулуобуйаҕа түбэһэр даҕаны этэ-сиинэ эрчиллэриттэн санаата бөҕөргөөн, доруобуйата өссө тупсан араас кыра ыарыылары тулуйар кыаҕа улаатар. Эккэ-сииҥҥэ кыра ыарыылары үөскэтэн, олору тулуйа үөрэнии тулуурдаах буолууну улаатыннарар. Айылҕа хааны сиир үөннэрэ үөскэтэр ыарыыларын тулуйууттан айылҕа киһини тулуурга үөрэтэрэ саҕаланар.
Илии хотуурун сытыылыы турар от охсооччуну соһуччу күлүмэн ытырбытыгар сапсына охсоору илиитин хотуурга быстан кэбиспитэ туттунар күүһэ тиийбэтин быһааран биэрэр. Ол курдук, туттунар күүс диэн киһи ханнык хамсаныыны, быһыыны оҥороро ордугун быһаарар сүрүн күүс буолар. Ол аата туттунар күүстээх киһи мээнэ, туһата суох, сыыһа хамсаныылары оҥорбот кыахтанара олоҕор ордук улахан туһаны оҥорор кэмэ кэлиэн сөп.
Кыра эрдэҕинэ куруук бэлэмҥэ, сылааска, үчүгэй, сымнаҕас усулуобуйаҕа улааппыт, элбэхтэ атаахтаан аһара көрүллүбүт-истиллибит оҕо улаатан олох ыараханын билэн истэҕинэ ыарырҕатара, санаата түһэрэ элбиир. Барыта бэлэмҥэ үөрэнии, олоххо көрсүллэр ыараханнарын тулуйууну суох оҥорорунан арыгыһыт буолууга тириэрдэрин сахалар билэн “Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн этиини үөскэтэн туһана сылдьаллар.
Киһи хаһан баҕарар үөрэҕи ылымтыа. Сааһыран иһэр киһи үөрэҕи ылынара ыараан, уһаан иһэрин тэҥэ, умнугана эбиллэн иһэринэн иҥэринэрэ бытаарар. Онтон оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэх олус кытаанахтык иҥэринэн, түргэнник үгэстэри үөскэтэринэн уратыланар. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнайгы билиилэриттэн саҕалаан бэрээдэккэ үөрэтии ордук тиийимтиэтин уонна туһалааҕын сахалар ийэ кут үөскээһинэ диэн үөрэхтэрэ биллэрэр.
Дьону кытта сыһыаҥҥа тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах киһи аһара туттунуулары оҥоруон сөп. Ол курдук, кыратык кыыһыра түһээт ол-бу диэн этэн, саҥаран, этиһиини саҕалаан баран онон-манан быраҕаттанан кэбиһэн охсуһууга тириэрдэн кэбиһээччилэр билигин элбээтилэр. Улахан киһи атын дьону кытта сыһыаныгар хаһан баҕарар туттунар күүстээх буоллаҕына эрэ тапсар, бииргэ үлэлиир, киһи быһыытын тутуһан олорор кыахтанар.
Киһи үйэтин тухары бэйэтин араас элбэх баҕа санааларын туттуна, хааччахтыы сырыттаҕына эрэ, киһи быһыытын аһара баран сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиспэккэ олоҕун олорор кыахтанарын таба сыаналаан оҕону кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла сиэри-туому, бэрээдэги, киһи быһыытын тутуһар үөрэҕи үгэс оҥорон иҥэрэн биэрии эрэйиллэр.
Аһылыктан туттунар буолуу диэн үөрэх оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, киһи буолууну баһылаабытын кэнниттэн кэлэр, дьон үгүстэрэ эрэйдэнэр үөрэхтэрэ буолар. Ол курдук, сымнаҕас, аҕыйахтык хамсанар олохтоохтор кэлин, сааһыран истэхтэринэ эттэрэ-сииннэрэ эбиллэрэ, уойан бараллара элбээтэ. Аһылыктан туттунуу күүһүрдэҕинэ, киһи аһара элбэҕи аһаабакка, бэйэтин баҕатын туттунан, уойан барыыттан көмүскэллээх буолар кыахтанар. Бу аһылыктан туттунар күүс киһини арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буоларыттан эмиэ харыстыыр кыахтаах. Ол иһин киһи, бу туттунар күүһүн күүһүрдэн биэрэ сылдьара эрэйиллэр.
Арыгыны аһара истэххэ үөскүүр төбө ыарыытын үрүүмкэ арыгыны иһэн абырахтанан кэбиһии суох оҥороро дөбөҥө, үчүгэйэ туттунар, ыарыыны тулуйар күүһэ суох киһини арыгыһыт буолууга тириэрдэрэ элбэх. Итини тэҥэ, наркотиктарга үөрэнииттэн үөскүүр “ломка” диэн күүстээх ыарыыны бэйэлэрэ тулуйан, хайдах эмэ аһарынар кыахтаахтар наркотиктан эмтэнэр, быраҕар кыахтара улаатар.
Туттунар күүс улаатарын өсөһүннэрэ үөрэтии үөскэтэр. Ол аата “Мин маны кыайабын”, “Мин маны тулуйабын”, - диэн санааны бөҕөргөтүнүү, өсөһөн тулуйа сатааһын тулууру, туттунар күүһү улаатыннарар. Тулуурдаах буолуу улааттаҕына, күүһүрдэҕинэ киһи туттунар күүстэнэр. Манна кэлэн сахалар оҕону үөрэтэргэ аналлаах “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооннорун санатыахпыт этэ. Өһөс киһи тулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһиигэ дьулуура улаатар. Ол аата оҕону иитиигэ, бу өс хоһоонун бары, сайдыыны ситиһэ сатааччылар туһаналлара эрэйиллэр.
Үгэс буолуу куһаҕан өрүттэрэ; табаах тардыыта, арыгы иһиитэ, наркотиктары туһаныы, оонньууга, лудоманияҕа ылларыы барылара сахалар Кут-сүр үөрэхтэринэн толору быһаарыллаллар. Ол курдук, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута тулуурга иитиллибэтэх, атаахтыы сылдьыбыт буоллаҕына, ханнык да баҕа санаатын кыайан кыана туттубат, оҥорор быһыытын кыайан тохтотуммат буола улаатара, итинник эрэйдэргэ тэбиллэригэр тириэрдиэн сөп.
Христианскай, православнай таҥара үөрэҕэ “Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атынын тоһуйан биэр” диэн көннөрү киһиэхэ таба өйдөммөт курдук этиитэ эмиэ ураты тулуурдаах, туттунар күүстээх киһини иитэн, үөрэтэн улаатыннараргэ аналлаах, атын киһи охсорун курдук куһаҕан дьайыылаах быһыыны холкутук тулуйар киһи улахан тулуурдаах буолара быһаарыллар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута тулуурга иитилиннэҕинэ уһун үйэтин тухары сыыһа-халты туттубакка, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыаҕа улаатар. Тулуурга үөрэнии киһиэхэ ыараханнык дьайарыттан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр уонна киһиэхэ сүрү үөскэтэр, сайыннарар аналлаах. (32,92).
Сэбиэскэй былаас дьоҥҥо үчүгэйи оҥоробут диэн сымыйалаан, албыннаан бу, киһи барыта тулуйуохтаах ыарахан үөрэҕин суох оҥорбута билигин кэлэн дьайыыта тиийэн эдэрдэрбит тулуура, дьулуура суохтарыттан араас буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээбитин таһынан, туһалаах үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлииллэрэ аҕыйаата.
Саха омуга саҥа үйэҕэ сайдыыны ситиһэр санаата эбиллэн иһэр. Омугу үлэ эрэ сайыннарарын таба сыаналааһын эрэйиллэр. Ол иһин үлэни кыайар кыахтаах көрсүө, сэмэй дьон элбээтэхтэринэ эрэ омук сайдыыны ситиһэрэ кыаллар.
Онон сүр диэн санаа күүһэ киһиэхэ тулууру, туттунар күүһү, өһөс санааны үөскэтэринэн, аһара баран хаалбатаҕына, киһиэхэ олус улахан туһаны оҥорор.
ҮӨРЭҔИ ЫЛЫНЫЫ ИККИ ӨРҮТЭ
Билии-көрүү, үөрэҕи ылынан иһии өй-санаа, салгын кут сайдыытын үөскэтэр. Үөрэҕи ылыныы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Үөрэтии. Үөрэтии диэн атын киһи көрдөрөн биэрэн “мин курдук оҥор” диэн этэн, үтүгэннэрэн үөрэтэрэ ааттанар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэлэм билиилэри, үгэстэри иҥэрэн, ол аата үчүгэй быһыылары бэйэтигэр оҥотторон биэрэн үөрэтиллэр. Оҕо бэйэтэ оҥорбут үчүгэй быһыыта үгэһи үөскэтэн иһэриттэн өйүгэр иҥэн хаалан иһэрэ түргэтиир. Үөрэтии ыарахан, кытаанах соҕус буоллаҕына түргэнник тиийимтиэ буолар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр хайаан да үөрэтиллэрэ туһалааҕыттан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ киһи олоҕор бастаан иһэр оруоллаах. Ол курдук, оҕо ийэ кутугар үчүгэй быһыылары оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ сыыһа-халты туттубат, үчүгэй майгылаах киһи буола улаатар, туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэнэрэ саҕаланар уонна олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.
Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ үөрэтииттэн тиийэрэ ордук сатанар. Ол курдук, үөрэтэр киһи этэрин хайаан да толоруу хаһан баҕарар ирдэнэрэ үөрэтии ситиһиилэнэрин, табылларын үөскэтэр. Этэр тылын оҕолорго иһитиннэрбэт, ылыннарбат учуутал тугу эмэ туһалааҕы үөрэтэрэ кыаллыбат буолуон сөп.
2. Үөрэнии. Киһи бэйэтэ билэн-көрөн, истэн үөрэҕи ылынара үөрэнии диэн буолар. Оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтэ үөрэнэр кыахтанан сөбүлүүр үөрэҕин талан ылан иҥэриниэн сөп. Киһи бэйэтэ хос-хос хатылаан оҥорон үөрэҕи умнуллубат буолууга тириэрдэрэ үөрэнии диэн ааттанар. Бу ылыммыт үөрэҕин оҕо боруобалаан көрдөҕүнэ үгэс үөскүүрэ түргэтээн, билии чиҥээн умнуллубат буолара үөскүүр. Оҕо тугу саҥаны билбитин өссө дириҥэтэн өйдөөрү боруобалыы сатыыра хаһан баҕарар элбиир.
Сахаларга былыр-былыргыттан киһи таҥаралара иккиэлэр:
1. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ аан бастаан олоххо улахан уопуттаах киһи, төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн, батыһыннаран, көмөлөһөн, ыйан, көрдөрөн биэриитинэн оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун иитэр, үөрэтэр аналлаах. Улахан киһи этэрин истэн, ону толорон иһии үөрэтии диэн ааттанар уонна куруук туттуллар.
2. Оҕо улаатан истэҕинэ Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран, үчүгэй диэн быһаарбытын үтүктэн үөрэнэрин үөскэтэр. Ол иһин, бу таҥара аатыгар үчүгэй ханна баарын булларан биэрэргэ аналлаах үрүҥ диэн тыл туттуллар. Киһи бэйэтин баҕа санаатынан быһаарынан үчүгэйи булан, үтүктэн үөрэниитэ Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.
Учуутал тас көрүҥэ, сүрэ баара оҕону үөрэтиигэ ордук улахан оруоллаахтар. Ону тэҥэ, кини олоҕор ситиспит ситиһиилэрэ уонна үөрүйэхтэрэ эмиэ улахан дьайыыны оҥороллор. Олоххо улаханнык уопутурбут, тугу эмэ оҥорон туһалааҕы ситиспит, элбэх билиини, үөрүйэхтэри мунньуммут киһи учууталлыыра, атыттары үөрэтэрэ үтүктэр, батыһар күүс үөскүүрүттэн ордук табыллар.
Сүр баара киһи хараҕын көрүүтүнэн бэриллэр. Сүүрэлии, хамсыы сылдьар харахтаах киһи сүрэ кыратын таһынан албынньыт, сымыйыаччы буолуон сөп. Симириктии, чыпчылыҥныы сылдьар киһи сүрэ аҕыйаҕа, тулуура кырата көстөн биллэр.
Сүрэ элбэх киһи хараҕа хамсаабат, кытаанах, өр чыпчылыйбакка батары көрүөн сөп. Биир кытаанах көрүү сүрэ мөлтөх киһини хам баттыан сөп. Сүрэ күүстээх, атыттары баһыйар киһи учуутал, үөрэтээччи буолара улахан туһалаах, үөрэх тиийимтиэтин, үчүгэйдик өйдөнөрүн үөскэтэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэттэхтэринэ табыллар. Төрөппүттэр бу кэмҥэ оҕолоругар Улуу Тойон таҥара буолан бэрээдэккэ, киһилии быһыыланыыга, этэр тылларын истиигэ үөрэтиэ, оннук үгэстэри иҥэрэн иһиэ этилэр. Кинилэр тугу эппиттэрин, оҥотторбуттарын үтүктэн соннук оҥоро үөрэнэриттэн оҕоҕо үчүгэй үгэстэр үөскээннэр ийэ кута иитиллэн иһэрэ ситиһиллэр.
Оҕо үөрэргэ үөрэнэриттэн үөрэх тиийэрэ араарыллан биллэр. Ийэтэ үөрэн, үөрбүтүн көрдөрөн биэрдэҕинэ эрэ оҕото үтүктэн үөрэн көрдөрөр. Оҕо бу үөрэммит үөрэҕэ иҥэн хааларыттан уонна үйэтин тухары дьайа сылдьарыттан үчүгэй, киһилии быһыылаах буола улаатары ситиһэр кыахтанар.
Бу ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэйи элбэхтик оҥорон үчүгэй үгэстэммит оҕо үчүгэй иитиилээх, майгылаах буола улаатарын төрөппүттэр билэн, бу кэми аһаран кэбиспэккэ, ийэ кутун бэрээдэккэ, этэр тылы истэргэ үөрэтэн иитиэ этилэр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ Кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан сайдан тахсыбытынан, оҕо ийэ кутун кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэринэн иитэри тутуһар.
Оҕолор үөрэҕи ылыналлара тус-туспалар. Үгүстэр үөрэтэр киһи этэрин ылынан толорон иһэр буоллахтарына, атыттар мэниктэригэр баһыттаран истимиэхтэрин, толорумуохтарын сөп.
Оҕо үөрэтэр киһи этэрин иһиттэҕинэ, соннук толордоҕуна эрэ үөрэҕи ылынар кыахтанарын төрөппүттэр билиэ этилэр. Ол иһин оҕо төрөппүтэ этэрин истэргэ үөрэнэрэ аан маҥнайгынан ирдэнэр. Этэр тылы истэр оҕо үөрэҕи ылынара түргэтиир.
Үөрэтии кытааттаҕына кэһэтэн үөрэтии диэҥҥэ кубулуйар. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ көннөрү этэн үөрэтэри истибэт киһини кэһэтэн үөрэтэри тутуһарыттан сэбиэскэй былаас кэмигэр сорохтор абааһыга тэҥнии, ол иһин туората сылдьыбыттара. Билигин даҕаны сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар сымыйа “айыы үөрэҕин” айаннар, ол кэмнээҕи сыыһа үөрэтиини салҕаан иһэллэр.
Бу хаалынньаҥ дьон албыннарыттан босхолонуу эрэ сахалары сайдыы суолугар киллэрэрин таба өйдөөһүн ирдэнэр кэмэ кэллэ. Ол курдук, биир эмэ киһи оҥорор саҥаны айыыта табыллан туһалаахха кубулуйар, онтон дьон бары саҥаны айыыны оҥоро сатаатахтарына сыыһа-халты буолан тахсара элбиириттэн алдьатыыга тиийэн хаалаллар. Өй-санаа бу уларыйар уратытын итэҕэли үөрэтээччилэр биллэхтэринэ уонна кытаанахтык тутустахтарына табыллар.
Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ оҕо улаатан иһэн, араас айыыны оҥоро сатыыра элбиир кэмигэр, сыыһа-халты туттубатын үөскэтэн оҕону харыстыыр аналлааҕын туһаныы ирдэнэр. (33,24).
Үөрэтии уонна үөрэнии биир биллэр сөп түбэһэрдээхтэр. Ол киһи тугу урутаан билбитэ үгэскэ кубулуйан иһэр уратытыттан тутулуктаах. Оҕо кыра эрдэҕинэ тугу аан маҥнай билбитин, көрбүтүн сонно үгэс оҥостунан ийэ кутугар иҥэринэн кэбиһэрэ олус кытаанахтык өйдөөн хааларын үөскэтэр.
Аан бастаан куһаҕан быһыыны оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалбыт оҕону көннөрөн үөрэтии олус уустугурар. Манна Улуу Тойон таҥара үөрэҕин туһата улаханнык көмөлөһөр. Ол курдук, урут үөскээн хаалбыт куһаҕан үгэһи, бу куһаҕан үгэс эбит диэн биллэрэн туоратыы, умнуннарыы хайаан да эрэйиллэр. Оҕо тугу урутаан билбитин, үгэс оҥостубутун хатылаан оҥоро сатыыра элбиир. Бу үөскээн хаалбыт куһаҕан үгэһи умуннара сатааһын улахан эрэйи үөскэтиэн сөп.
Куһаҕан үгэһи умуннаран, суох оҥорон баран үчүгэй үгэһи саҥалыы иҥэрэн биэрдэххэ эрэ, урутаан үөскээбит үгэс уларыйар, атынынан солбуллар кыахтанар. Ол иһин сахалар урутаан, эрдэлээн үөрэтии диэни уонна “Айыы этиитэ” диэн үгэһи куруук туһаналлар. Аан бастаан үчүгэй быһыылары оҥотторон үөрэтии эрдэлээн үөрэтии диэн ааттанар уонна оҕо ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэриттэн үчүгэй быһыылаах буоларыгар тириэрдэр үөрэх буолар.
“Айыы этиитэ” диэн оҕо, киһи куһаҕаны, дьон оҥорботторун оҥорбутун билиниитэ, бу быһыы куһаҕан эбит диэн итэҕэйиитэ, урукку, сыыһа өйүн-санаатын көннөрүүтэ ааттанар. Бу быһыы куһаҕанын, туһата суоҕун билинии, итэҕэйии киһи бу быһыыны умнарыгар, хаалларарыгар туһалыыр, ол иһин саҥа, үчүгэй үгэһи ылынарын, иҥэринэрин үөскэтэр. Саха омуга сайдыан баҕарар. Нууччалардыын холбоһон хаанын тупсарыммыт саха омуга үйэтин бу тустаах кэмигэр сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатан сылдьар. Итини тэҥэ, омук ахсаана эбиллэн иһэрэ санаатын күүһүрдэр. 2010 сыллааҕы перепись түмүгүнэн республика иһигэр сахалар баһылыыр оруолу ылаллар.
Омугу үлэ эрэ сайыннарар. Олоххо сайдыыны, барыһы биэрэр үлэ көрүҥнэрин баһылааһыны сайдан иһэр омук ситиһэр кыаҕа улаханын туһаныы эрэйиллэр. Үлэҕэ сыыһа-халты туттунуу элбэҕиттэн үгүстэр кэһэйэн үөрэнэллэрэ үксүүрүттэн үлэҕэ үөрэнии уонна үлэни үлэлээһин Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэллэр.
Билигин арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэрин тутуһар, үтүктэр учууталлар үөрэҕи ылыныы иккис өрүтүн, үөрэниини туһана сатыыллар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэрин хаалларан, көтүтэн кэбиһэллэр уонна бу кэмҥэ олоххо туһата суох кылапаччыйар оонньуурдарынан оонньото, атаахтата сылдьалларыттан оҕолоро улаатан баран бэйэмсэх буолара аһара баран хааларыттан төрөппүттэрин хомоторо тиийэн кэлэр.
Бэйэмсэх диэн өй-санаа оҕо бэйэтигэр үчүгэйи оҥоро сатыыра улаатарын үөскэтэриттэн, атыттар кини туһугар үлэлииллэрин, кыһаналларын элбэтэ сатыырыгар тириэрдэр. Үлэлииргэ үөрэнии ыараханыттан, эрэйдээҕиттэн бэйэмсэх буолан хаалбыт оҕо үлэни абааһы көрөрө, сөбүлээбэтэ үөскүөн сөп.
“Олох үөрэҕэ” диэн сахалар этэллэрэ киһи оҥоро охсубут быһыылара табыллыбакка, сатаммакка хаалаллара элбэҕиттэн кэһэйэн үөрэнэрэ улаханнык туһалыырын биллэрэр. Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥордоҕуна, ол быһыытыгар эппиэт, иэстэбил кэлэрэ Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ буолар.
Сыыһа-халты туттубут киһи бэйэтэ кэһэйэрэ тиийэн кэлэрэ үөрэтии түргэнник өйгө-санааҕа тиийэрин үөскэтэр. Ол курдук, тарбаҕын өтүйэнэн охсуммут киһи ыарыытыттан кэһэйэрэ сэрэхтээх буоларын сонно улаатыннарар. Бары кыаҕын уурунан сыыһа охсубакка үөрэнэрэ биллэрдик түргэтиир. (32,77).
Онон киһи кэһэйэн үөрэнэрэ үлэттэн элбэхтик тахсарынан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ үлэһиттэр таҥаралара буолар уонна сыыһа-халты туттубакка үөрэтэриттэн үлэни табан үлэлиири үөскэтэн омугу сайыннарар.
СЭБИЭСКЭЙ БЫЛААС СОДУЛЛАРА
1917 сыллаахха өрө турууну оҥорон салайар былааһы ылбыт дьадаҥы дьон үөрэҕи-билиини баһылааннар, үс көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэнниттэн өйдөрө-санаалара төһө эмэ сайдан, олохторо сыыһа хайысханан баран иһэрин билэннэр, көннөрөр суолга туруммуттара, биир партия салайарыттан аккаастаммыттара. Бу сэбиэскэй олоххо дьону бэлэмҥэ үөрэтии диэн сыыһа хайысха үөскээбитин оннооҕор партияны салайааччылар билэн, көннөрө сатааннар “перестройка” диэн хамсааһыны саҕалаабыттара.
Бу кэмҥэ туох эрэ дьоҥҥо биллэр, туһалаах диэн ааттанар дьыаланы саҕалаарылар арыгыны кытта харса суох, аҥардастыы бобууну туһанан охсуһа сатаабыттара. Күүстээх салайар былаас уонна биир партия көмөлөөннөр арыгыны утары охсуһуу бастакы омунугар ситиһиилээх курдук буолбута. Бобуу-хаайыы көмөтүнэн дьон арыгыны эккирэтэ сылдьан иһиилэрэ лаппа аҕыйаабыта.
Арыгы иһэ сылдьалларын дьон хаалларбыттарыттан өссө күүскэ өйдөнөннөр олоххо сыыһа, халыйыы салайар былааска баарын, босхо диэн туох да суоҕун, “коммунизм” кыайан кэлбэтин, үлэһит дьону албыннааһын эбитин булан ылар кыахтаммыттара. ССРС-ка 74 сыллар усталарыгар баһылаан салайан олорбут сэбиэскэй былаас албына арыллан уонна дьон сөбүлээбэттэрэ улааппытыттан 1991 сыллаахха эйэлээхтик эстибитэ.
Барыны-бары уопсайга түмүү бэйэтэ хаайыыны үөскэтэн кэбиһэриттэн, киһи бэйэтэ оҥорор, тутар кыаҕын кыччатарыттан, бу былааска саамай улаханнык үлэ оҥорон таһаарыыта мөлтөөбүтэ, дьон босхоҕо, бэлэмҥэ үөрэнэннэр үлэлииргэ баҕа санаалара аҕыйаабыта. ССРС үлэһитэ арҕаа дойдулар үлэһиттэринээҕэр хас да төгүл аҕыйаҕы оҥорон таһаарара биллэн тахсыбыта.
Үлэ оҥорон таһаарыытыгар маннык хаалыы дьону барыларын ыган туран үлэлэтэ сатааһынтан үөскээбитэ. Куһаҕаннык үлэлиир дьадаҥы дьону үлэлэтииттэн атыттар оннук үлэлииргэ көһөн хаалбыттара, үлэ оҥорон таһаарыытын быста намтаппыта.
Содул диэн үгүстүк куһаҕан өйдөбүлүнэн туттуллар тыл. Киһи оҥорбут быһыытыттан үөскээн тахсар куһаҕан уларыйыы содул диэн ааттанар. Сэбиэскэй былаас киһи үлэҕэ сыһыаныгар халыйыыны үөскэтэн оҥорбут содуллара манныктар:
1. Үөрэҕи “үчүгэй” диэн аһара арбааннар үлэни куһаҕаҥҥа түһэрэн кэбиспиттэриттэн дьон үлэлиэхтэрин баҕарбаттара, чэпчэки үлэни эккирэтэ сатыыллара үөскээн аһара барбыта.
2. Бары эҥин араас, олоххо туһата да суох үөрэхтэри эккирэтэ сатыылларыттан солумсахтара улаатан хаалан ыарахан диэн ааттанар тыа сирин үлэлэрин бырахпыттара.
3. Тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну үөскэтэр уонна саханы сайыннарбыт “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тыл үөрэхтээхтэрэ умуннараннар оҕону иитии атаахтатыы уонна киһиргэтии өттүгэр халыйыытыттан үлэни кыайа-хото үлэлээччилэр быста аҕыйаабыттара.
4. Дьону барыларын уопсайга диэн ааттаан үлэлэтэ сатааһынтан куһаҕаннык үлэлээччилэр, сыылба, дьадаҥы үлэһиттэр бастакы күөҥҥэ тахсыбыттара уонна бары кинилэри үтүктэннэр үлэ оҥорон таһаарыыта лаппа намтаабыта, куһаҕан үлэһиттэр тугу эмэ оҥорон таһаарыыларын кытта тэҥнэһэн хаалбыта.
5. Баайы барытын уопсайдааһын дьон бэйэлэрэ тугу оҥорон таһаарбыттарыттан быһаччы туһаналларын суох оҥорон үлэҕэ ээл-дээл сыһыаннаһыыларын сайыннарбыта уонна уопсайтан ылан туһана, тииһинэ сатааччылар элбээбиттэрэ.
6. Сиртэн хостонор баайы атыылааһынтан киирэр барыһы дьоҥҥо барыларыгар тэҥнээн кэриэтэ үллэрэ сатаабыттара уонна онтон хамнаһы биэриини туһананнар биирдиилээн үлэһиттэр үлэ оҥорон таһаарыыта үрдүүрүгэр кыһамматтарын үөскэппиттэрэ.
7. Дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олоххо киллэрэн уонна дьадаҥылары “үчүгэйдэр” диэн арбаан элбэх дьадаҥылар ыал буолууларын үөскэтэн, бу дьон үлэни кыайан үлэлээбэт, дьадаҥы буор куттарын киэҥник тарҕатаннар Россия дьоно үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэрин үөскэппиттэрэ билигин да салҕанан иһэр.
8. “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн этиини тутуһаннар оҕолору атаахтык иитиини тарҕаппыттарыттан бэйэмсэхтэрэ уонна тулуура суох буолуулара улааппыт эдэрдэр ханнык да үлэни үлэлииллэрэ кыаллыбат кэмигэр тириэрпиттэрэ.
9. Атаахтык иитиллэр эдэрдэр тулуурдара быстар аҕыйаҕыттан ыал буолуу уустуктарын, эбиискэ үлэлэрин, эрэйдэрин тулуйбаттарыттан ыаллар арахсыылара эбиллэн иһэр. Ыаллар арахсыыларыттан тулаайах оҕолор элбээннэр бас-баттах иитиилээхтэр үксээтилэр.
Бу үөскээбит содуллары омук олоҕуттан туоратыы эрэ сайдыыны ситиһэргэ кыах биэриэ этэ. Дьон бэйэлэрин тустарыгар үлэлиир, барыс киллэрэр санааларын улаатыннарыыга ырыынак сокуоннара ордук сөп түбэһэллэр. Ол иһин дьон олохторун тупсараары, байыыны ситиһээри бары кыахтарын ууран үлэлииллэрэ ырыынак кэмигэр туолар кыахтанар. “Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн өс хоһооно күүскэ үлэлээһин дьон өйүн-санаатын эмиэ күүһүрдэрин биллэрэр. Бу ыараабыт кэмҥэ дьон “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун оҕону иитиигэ, үлэҕэ үөрэтиигэ тутталлара олоххо киирэриттэн кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара кытаатар, бөҕөргүүр, тулуурдара улаатар.
Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн маннык ыарахан, үлэ кыаттарбат кэмигэр киирэн хаалан баран, онтон тахсыыны, үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиини сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕин туһаннахтарына эрэ кыайар кыахтаахтар.
Улуу Тойон таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии, дьон көрсүө, сэмэй буолан үлэни кыайалларын үөскэтии эрэ, бу ыар содуллары туоратарга көмөлөһөр кыахтаахтар. Көрсүө киһи ыараханнары тулуйарыттан уонна туттунар күүһэ улаханыттан сыыһа-халты туттунара аҕыйаҕыттан үлэни сайыннарар кыаҕа улаатар.
Бу содуллартан олус уһун дьайыылааҕынан омук буор кута дьадаҥылар буор куттарынан буккуллуута буолар. Олохтоохтор үлэни кыайбаттарыттан кэлии үлэһиттэр элбээн иһиилэрэ билигин баһылыыр оруоллаах нуучча омук уларыйарын үөскэтэрэ тиийэн кэлэн иһэр. Ол курдук, кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэрэ тохтообот.
Саха сиригэр салайар былаас уларыйбыта 30 сылтан тахсыбытын кэнниттэн омук олоҕор киирбит уларыйыылары сыаналаан көрөр кыах баар буолла. Омук итэҕэлин үөрэҕин тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар баһылаан салайаннар, бу содуллары өссө улаатыннаран иһэллэр. Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар дьон солумсахтарын аһара ыытаннар үлэлииллэрин оннугар чэпчэки үлэни көрдүүллэрэ уонна олоххо соччо туһата суох үөрэхтэри эккирэтэ сатыыллара улааппытын тэҥэ, ырыа, тойук аһара барыыта тарҕанан эрэр.
“Айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэллэриттэн эдэрдэр ол-бу араас, туһата суох кэриэтэ саҥаны айыылары оҥоро сатааннар сыыһа-халты туттунан бэйэлэрэ кэһэйэллэрин уонна куһаҕаны элбэтэллэрин үөскэттилэр. Эдэр наркоманнар эбиллэн иһэллэрэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этииттэн ордук улахан тутулуктааҕын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Бу сымыйа үөрэх дьайыытыттан туох эмэ саҥаны, урут биллибэти боруобалыы охсоорулар наркотик дьайыытыгар эдэрдэр киирэн биэрэллэрэ элбээн иһэр.
Урукку кэмҥэ өрө турууну оҥорор, былааһы уларытар кэмҥэ “гнилая интеллигенция” диэн ааттаммыт үөрэхтээхтэр билигин өссө элбээн хаалбыттарыттан, бэйэлэрэ омугу сайыннарар курдук санааларын үөскэтэн, кыайыылаах үлэ эрэ сайдыыны аҕаларын билбэтэҕэ буола сылдьаллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аһара элбээн хаалбыт олоххо туһата суох тыл үөрэхтээхтэрин билигин ырыынак кэмигэр улаханнык аҕыйаттахха эрэ табыллар кэмэ кэллэ. Ол курдук, ыраахтааҕы баарын саҕана, ырыынак кэмигэр тыл үөрэхтээхтэрэ суохтар этилэр эрээри, сахалар ахсааннара биэс төгүлтэн ордук эбиллибитэ, бары сахалыы саҥараллара.
Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр үөрэхтэрэ. Үлэҕэ сыһыаны уонна сыыһа-халты туттубаты үөскэтэр үөрэх буолар. Киһи сыыһа-халты туттубатаҕына эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥороро табылларын ситиһэригэр туһалыыр аналлаах үөрэх буолар.
Онон омук тулуурдаах, көрсүө, сэмэй үлэһит дьоно элбээтэхтэринэ, туһалаах, барыс киллэрэр үлэлэри сайыннардахтарына эрэ сайдыыны ситиһэр кыахтанарын таба сыаналааһын эрэйиллэр.
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА.
1. Э.К.Пекарский. Словарь якутского языка. Т. III. Петроград: Типография императорской Академии наук. – 1917.
2. В.Ф.Трощанский. Эволюция черной веры (шаманства) у якутов. – Казань. Типо-липография Императорского Университета, 1903. – 185 с.
3. Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. – 2-е изд. – М.: 1993. – 736 с.
4. Сомоҕотто С. Происхождение народа саха. – Якутск: НИПК “Сахаполиграфиздат”, 1995. – 112 с.
5. “Киин куорат” хаһыат. 16.07.2004. 28(256)№.
6. Трощанский В.Ф. Эволюция черной веры (шаманства) у якутов. Изд. 2-е. – М.: Книжный дом “ЛИБРОКОМ”, 2012. – 224 с.
7. “Илин” сурунаал. 1998, N 1.
8. Бравина Р.И. Олох. Дьылҕа. Өлүү. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 208 с.
9. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.
10. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.
11. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.
12. Данилова А.Н. Иччилээх түүл. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 128 с.
13. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка.- Москва: Т.3. 1959.
14. Түгүнүүрэп Н. Кэпсээннэр, сэһэн, пьеса, хоһооннор. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985. – 152 с.
15. Якутскай Н. Төлкө. – Якутск: Кн. изд-во, 1973. – 768 с.
16. Сиэн Чолбодук. Күнүскү күн аннын диэки. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 144 с.
17. Титов В.Н. Этиллибэтэх кырдьык. Сэһэннэр. – Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994. – 200 с.
18. Илин сурунаал. 1999. 1-2 N-рэ.
19. Уткин К.Д. Хомуурунньук. 16 кинигэ. 2-һэ: Төрүт культура: утумнар, ситимнэр. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 272 с.
20. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.
21. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.
22. В.Р.Ларионов. Саха - Айыы киһитэ. – Дьокуускай: “Кудук” ХЭО АБДь, 1998.- 219 с.
23. “Илин” сурунаал. N 1. 1999.
24. Филиппов Е.А. Былыргы дьыл быыһын сэгэтэн. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.
25. Каженкин И.И. Киһи быһыыта. – Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005. – 92 с.
26. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.
27. “Кыым” хаһыат. 30№, 2022 с. атырдьах ыйын 4 күнэ.
28. “Кыым” хаһыат. 8.10.2020.
29. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.
30. “Чолбон” сурунаал. 6 / 2018.
31. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.
32. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.
33. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 3
Сүр туһунан былыргылар билиилэрэ . . . . . . . 5
Сүр . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 9
Сүр айылҕаттан бэриллиитэ . . . . . . . . . . . . . . 14
Сүр уратылара . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 18
Сүр сайдыыта . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 21
Мөлтөх . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 27
Мунаах . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 30
Көрсүө киһи . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 33
Сүрдээх киһи . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 35
Сүрдэннэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 38
Сүрэ бэрт . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 40
Сүргэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .41
Сүр тостуута . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .44
Сүрүн баттатар . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .47
Суос . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .48
Сор . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 51
Сүр майгыны салайар . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 53
Сүрэхтээх . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 58
Сүрэҕэ суох . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 61
Санаа уонна киһи оҥорор быһыыта . . . . . . . . . 64
Үлэ ыарахан . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 68
Тулуур, дьулуур, өһөс санаа . . . . . . . . . . . . . . .72
Туттунар күүс . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .75
Үөрэҕи ылыныы икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . .79
Сэбиэскэй былаас содуллара . . . . . . . . . . . . . .83
Туһаныллыбыт литература . . . . . . . . . . . . . . . .86
Иһинээҕитэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .87