Сүҥкэн тай5ам күөнүттэн... (Чаҕылҕан)


Сүҥкэн тайҕам күөнүттэн
Сүүрээннэрин үмүөрбүт
Сүллэр үтүө көҕүстээх
Сүлүҥдэлиир эбэккэм!

Хорум дэлэй хонноххор
Хорҕолонон үөскээбит
Килбиэн кэрэ киискинэн,
Уоттаах саһыл кыылгынан

Бэргэн булчут киһигэр
Бэлэх биэрэр бэйэккэҥ,
Сүллэр үтүө көҕүстээх
Сүлүҥдэлиир эбэккэм!

Силис уутун сиэтэҥҥин,
Сүүрээн уутун түмэҥҥин,
Көҥүс, үрэх оҥорон,
Көҥү тардан аҕалан,

Дэбилийэ оргуйар
Дириҥ далай ууларыҥ
Хайыылардаах көмүстээх
Хатырыктаах баайыттан

Илим, мүҥха хараҕар
Иилэн биэрэр бэйэккэҥ,
Сүллэр үтүө көҕүстээх
Сүлүҥдэлиир эбэккэм!

Үгүс сири өллөйдүүр
Бүлүү эбэ хотуну
Уулаан-хаардаан угуттаан
Улуу үрэх оҥорбут,

Саллар сааспыт тухары,
Саха дьонун аймаҕын
Салыҥнардаах баайгынан,
Саарба, саһыл кыылгынан,

Айыы илгэ аһынан
Айхаллаабыт бэйэккэҥ,
Сүллэр үтүө көҕүстээх
Сүлүҥдэлиир эбэккэм!


1940

Антология иһинээҕитэ

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Сүрүн сирэйгэ төнүн