СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 10 баһа

10 баһа ТАС СИБЭЭС

уларыт

118 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин боломуочуйатын чэрчитинэн судаарыстыба былааһын уорганнарын, судаарыстыбалар субъектарын уонна дьаһанар-сабардыыр сирдээх тэриллиилэри кытта аан дойдутааҕы уонна тас экэниэмикэҕэ сибээһи олохтуур.

119 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кини боломуочуйатын таарыйар уонна федеральнай сокуоннарга сөп түбэһэр сөбүлэһиитэ суох түһэрсиллибит дуогабары толоруу иһин хоруйдаабат.


120 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр баар бары юридическай тэрилтэлэр тас экэниэмикэҕэ үлэлэрэ сокуоннарынан сүрүннэнэллэр.

121 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тас дойдулары кытта экэниэмикэҕэ, эргиэҥҥэ, култуураҕа уонна атыҥҥа сыһыаннаһыыны олохтуур.

122 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ экэниэмикэ, култуура уонна да атын хайысхалаах түөлбэннэрдээҕи, аан дойдутааҕы тэрилтэлэргэ чилиэн буолуу туһунан боппуруоһу федеральнай сокуоннарынан, дуогабардарынан уонна сөбүлэһиилэринэн бэриллибит боломуочуйа чэрчитинэн бэйэтэ быһаарар.