СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 11 баһа

11 баһа. САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ТӨРҮТ СОКУОНУН ЫЛЫНЫЫ УОННА ОНУ УЛАРЫТЫЫ БЭРЭЭДЭГЭ

уларыт

123 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох баһыйар үгүс куолаһынан ылынар.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонун ылыныы бэрээдэгэ Саха Өрөспүү-бүлүкэтин сүрүн сокуонунан олохтонор.

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонун күүһүгэр киллэрии бэрээдэгин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуо-нун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьо-кутааттарын олохтоммут ахсаанын баһы-йар үгүс куолаһынан ылынар.


124 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуо-нугар уларытыыны уонна эбиини киллэ- рэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуонун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаа-нын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох баһыйар үгүс куолаһынан ылынар.

125 ыстатыйа

уларыт

Төрүт Сокуон таһымынан көҕүлүүр бырааптаах субъектарынан Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Президенэ, Саха Өрөспүүбү-лүкэтин бар дьонун дьокутааттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суута буолаллар.

126 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуо-нугар уларытыыны уонна эбиини кил-лэрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуонун ылыныы уонна күүһүгэр киллэрии бэрээдэгэ Саха Өрөспүүбүлү-кэтин сүрүн сокуонунан олохтонор.

127 ыстатыйа

уларыт

Российскай Федерация судаарыстыба-тын былааһын уорганнарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бы- лааһын уорганнарын икки ардыларыгар дьаһайар эйгэни уонна боломуочуйаны тыырсыы туһунан Дуогабар Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун быстыспат сорҕото буолар.