СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 2 баһа
2 баһа. КИҺИ УОННА ГРАЖДАНИН БЫРААБА, КӨҤҮЛЭ, ЭБЭЭҺИНЭҺЭ
уларыт10 ыстатыйа
уларытСаха Өрөспүүбүлүкэтэ киһи уонна гражданин быраабын, көҥүлүн ытыктыыр уонна көмүскүүр. Хас биирдии киһиэхэ кини дьоһунугар суудайыылартан көмүскэл мэктиэлэнэр.
11 ыстатыйа
уларыт1. Судаарыстыба ыалы, ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы көмүскүүр. Дьахтар уонна эр киһи икки өттүттэн сөбүлэһэн ыал буолаллар. Кэргэнниилэр эр-ойох быһыытынан тэҥ бырааптаахтар. Судаарыстыба дьахтар уонна оҕо көмүскэлин итиэннэ доруобуйаларын харыстабылын араҥаччылыыр тиһиги олохтуур. 2. Ыал уонна уопсастыба киһини бэйэтин омугун уонна киһи аймах култууратын иҥэриммит, атын дьон чиэһин, үтүө аатын уонна көҥүлүн ытыктыыр, көҥүл, дьоһун сиэрдээх-майгылаах уонна үөрэхтээх гына иитэр соруктаах.
12 ыстатыйа
уларыт— уһулунна.
13 ыстатыйа
уларыт- Хас биирдии киһиэхэ ханнык баҕарар өйү-санааны тутуһуу көҥүлэ, тыл уонна сонуну атастаһыы көҥүлэ, суобас, итэҕэли ылыныы көҥүлэ мэктиэлэнэр. Тус өй-санаа иһин сойуолаһыы көҥүллэммэт.
- Сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэри бобуу-хаайыы уонна аҥардастыы баһылааһын көҥүллэммэт.
- Сокуоҥҥа тирэҕирэн үлэлиир түмсүүлэргэ, ассоциацияларга, холбоһуктарга көҥүл мэктиэлэнэр.
- Гражданнар сокуон быһыытынан бэлитиичэскэй баартыйаларга уонна уопсастыба тэрилтэлэригэр холбоһор, киэҥ хамсааһыннарга кыттар бырааптаахтар.
14 ыстатыйа
уларытГражданнар уопсастыба уонна судаарыстыба дьыалатын салайсар, федеративнай, олохтоох суолталаах сокуоннары, быһаарыылары дьүүллэһиигэ, дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыыга кыттар, бар дьон былааһын уорганнарын талар итиэннэ онно талыллар бырааптаахтар.
15 ыстатыйа
уларытГражданнар уонна гражданин буолбатах уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр баар дьон төрдүлэриттэн-уустарыттан, олохторун-дьаһахтарын таһымыттан уонна баайдарыттан-дуолларыттан, дьүһүннэриттэн уонна омуктарыттан, саастарыттан, эр киһититтэн-дьахтарыттан, үөрэхтэриттэн, тылларыттан, итэҕэлгэ сыһыаннарыттан, дьарыктарыттан уонна олор көрүҥнэриттэн, олорор сирдэриттэн уонна да атын быһыыттан-майгыттан тутулуга суох сокуон иннигэр бары тэҥ бырааптаахтар.
16 ыстатыйа
уларыт- Ким даҕаны сокуонтан туораан атыннык тутуллара уонна хаайыллара сатаммат.
- Ким даҕаны суут уурааҕа сокуон күүһүгэр киириэн иннинэ буруйдааҕынан ааҕыллара сатаммат.
- Кимиэхэ барытыгар суутунан кө-мүскэнии мэктиэлэнэр.
- Ким да тус бэйэтин, кэргэнин уонна чугас аймахтарын утары туоһулуур эбээһинэһэ суох.
17 ыстатыйа
уларытКим барыта көҥүл кэлэр-барар уонна олорор сирин бэйэтэ талар бырааптаах. Хааччахтааһын федеральнай сокуонунан олохтонор.
18 ыстатыйа
уларыт- Хас биирдии киһи үлэҕэ дьоҕурун көҥүл туһанар бырааптаах. Гражданнар үлэлиир бырааптара көҥүл дьарыктаныы быраабын быспат.
- Хас биирдии киһи идэни, дьарыгы бэйэтин аналынан, дьоҕурунан, идэҕэ бэлэминэн уонна уопсастыба наадыйыыларын аахсан туран талар бырааптаах.
- Судаарыстыба гражданнарга барыларыгар үлэһит быһыытынан тэҥ харысхалы мэктиэлиир.
19 ыстатыйа
уларытКимиэхэ баҕарар уус-уран, наука уонна техника айар үлэтинэн дьарыктаныы мэктиэлэнэр. Айааччы бырааба уонна өй баайын бас билии сокуонунан араҥаччыланар.
20 ыстатыйа
уларытКим барыта бэйэтин бас билиитин туһанар уонна дьаһайар бырааптаах. Бас билии былдьаныллыбат уонна ону утумнааһын бырааба сокуонунан мэктиэлэнэр.
21 ыстатыйа
уларытКим барыта сокуоннарга тирэҕирэн сынньанар, үлэттэн сыллата төлөбүрдээх сынньалаҥ ылар, нэдиэлэ ахсын өрөбүл күннэри туһанар бырааптаах.
22 ыстатыйа
уларыт1. Ким барыта үөрэнэр, ону ылыы көрүҥүн талар бырааптаах. Судаарыстыба бас билэр үөрэҕин эбэтэр муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр уонна предприятиеларга оскуола иннинээҕи, оскуола таһынааҕы, орто уопсай уонна идэлиир алын сүһүөх үөрэх көрүҥүн босхо ылар кыах мэктиэлэнэр. Өрөспүүбүлүкэ гражданина билии күрэҕин түмүгүнэн судаарыстыба бас билэр үөрэҕин эбэтэр муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр киирэр уонна предприятиеларга идэлиир орто уонна үрдүк үөрэҕи босхо ылар бырааптаах. Орто уопсай үөрэх булгуччулаах. Төрөппүттэр эбэтэр кинилэри солбуйар дьон оҕо орто уопсай үөрэҕи ыларын хааччыйаллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ омугунан-түөлбэнинэн уратыны киллэрэн туран оҥоһуллубут судаарыстыба үөрэҕин таһымын ирдэбилин олохтуур, үөрэх уонна бэйэ үөрэҕириитин араас көрүҥүн өйүүр.
23 ыстатыйа
уларытКим барыта кырыйдаҕына, ыарыйдаҕына, оҕолонноҕуна, үлэлиир кыаҕа суох буоллаҕына, иитиллэр киһитин сүтэрдэҕинэ уонна сокуонунан көрүллүбүт атын да түбэлтэҕэ олох-дьаһах харалтатынан туһанар бырааптаах.
24 ыстатыйа
уларытКим барыта дьиэлэнэр бырааптаах. Кимтэн даҕаны дьиэтэ суута-сокуона суох былдьаныллыбат. Олорор дьиэҕэ суудайыы сокуонунан бобуллар.
25 ыстатыйа
уларытКим барыта доруобуйатын харыстанар, судаарыстыба бас билэр доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр босхо эмтэнэр бырааптаах, ол Хотугу сиргэ олох уратытын аахсан ыытыллар. Судаарыстыба доруобуйаны бөҕөргөтүүнү, чэгиэн-чэбдик олох култууратын уонна спорду сайыннарыыны үбүлүүр, өйүур итиэннэ көҕүлүүр.
26 ыстатыйа
уларытГражданнар анал федеральнай сокуон быһыытынан байыаннай сулууспаны барыахтаахтар.
27 ыстатыйа
уларытХоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын ыччаттара байыаннай сулууспаны федеральнай сокуоннарга тирэҕирэн талларар гражданскай сулууспанан солбуйар бырааптаахтар.
28 ыстатыйа
уларытКим барыта судаарыстыба эбэтэр судаарыстыба былааһын уорганнара, уопсастыба тэрилтэлэрэ, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр, ону тэҥэ сололоох уонна биирдиилээн дьон бэйэлэрин үлэлэрин эбээһинэстэрин толороору сокуоннайа суох дьайыыларын түмүгэр кини аатын-суолун алдьатыыны уонна олоҕор-дьаһаҕар тахсар хоромньуну төлөттөрөр бырааптаах.
29 ыстатыйа
уларытСаха Өрөспүүбүлүкэтин гражданнара уонна кини гражданнара буолбатах дьон итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр баар дьон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун уонна сокуоннарын тутуһаллара булгуччулаах.
30 ыстатыйа
уларытКиһи уонна гражданин бырааба, көҥүлэ судаарыстыбаҕа эбэтэр уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун, уопсастыба бэрээдэгин, дьон-сэргэ доруобуйатын итиэннэ сиэрин-майгытын харыстыыр эрэ инниттэн сокуонунан хааччахтаныан сөп.
31 ыстатыйа
уларытКиһи уонна гражданин быраабын итиэннэ көҥүлүн олоххо киллэрии кини эбээһинэһин толоруутуттан араарыллыбат.
32 ыстатыйа
уларыт1. Ким барыта атын дьон быраабын уонна сокуонҥа олоҕурбут туһун ытыктыахтаах. Хас биирдии киһи Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун ураты култууратын, сиэрин-туомун, үгэс буолбут олоҕун ытыктыахтаах, ону барҕардарга, чөл тутарга уонна сайыннарарга көмөлөһүөхтээх. Ким барыта атын дьон олоҕун уонна доруобуйатын чөлүн туһугар кыһаныахтаах, Хотугу сир үйэлээх үтүө үгэһин итиэннэ киһи киһиэхэ сиэрдээх сыһыанын ытыктыахтаах. Омук дьонугар сэнэбиллээх сыһыан уонна ону атаҕастааһын сокуон быһыытынан буруйданар.
33 ыстатыйа
уларытКим барыта айылҕаны харыстыахтаах уонна көмүскүөхтээх, кини туһалыыр кыаҕын табыгастаахтык туһаныахтаах, айылҕа харыстабылын ирдэбилин тутуһуохтаах. Ким барыта үйэтитиллэр докумуону, история уонна култуура өйдөбүнньүгүн, итиэннэ култуураҕа улахан суолталаах атын да көрүҥү чөл хаалларарга кыһаныахтаах.
34 ыстатыйа
уларытКим барыта бэйэтин оҕолорун иитэр, кинилэри дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах үлэҕэ бэлэмниир, уопсастыба дьоһун киһитэ буолар гына улаатыннарар соруктаах. Оҕолор төрөппүттэригэр кыһаныахтаахтар уонна кинилэргэ көмөлөһүөхтээхтэр.
35 ыстатыйа
уларытКиһи уонна гражданин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонугар ыйыллыбыт бырааба уонна көҥүлэ манан муҥурдаммат, киһи уонна гражданин бүтүн аан дойдуга билиниллибит атын быраабын-көҥүлүн намтаппат итиэннэ ол сокуонунан эбиллиэн сөп.