СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 4 баһа

4 баһа. САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ИЛ ТҮМЭНЭ

уларыт

54 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламена — Ил Түмэн — судаарыстыба былааһын талыллар, сокуону оҥорор уонна хонту-руоллуур уоргана буолар. Ил Түмэн — Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин сокуону оҥорор былааһын мэлдьи үлэлиир үрдүкү уонна соҕотох уоргана буолар.

55 ыстатыйа

уларыт

1. Ил Түмэн биэс сылга болдьохтоон талыллар.

Ил Түмэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин 70 бар дьонун дьокутаатыттан турар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин 35 бар дьонун дьоку-таата биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарга талыллаллар, 35 — өрөспүү-бүлүкэтээҕи быыбардыыр уокурукка быыбардыыр холбоһуктар, быыбардыыр блоктар туруорбут дьокутаакка хандьы-дааттар испииһэктэрин иһин бэриллибит куолас ахсааныгар сөп түбэһиннэрэн. Ил Түмэн тэрээһинэ уонна үлэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуонунан уонна Ил Түмэн Регламенынан олохтонор. Биир кэм төрүккэ олоҕуран идэтийэн үлэлиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьо-нун дьокутааттарын ахсаана Саха Өрөс-пүүбулүкэтин сүрүн сокуонунан олохтонор.

56 ыстатыйа

уларыт

Ил Түмэн дьаһайыытыгар киирэллэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Со-куонун ылыныы уонна онно көннөрүүнү уонна эбиини киллэрии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһайар эйгэтин уонна Российскай Федерация

уонна Саха Өрөспүубүлүкэтин кыттыгас дьаһайар эйгэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтин боломуочуйатын чэрчитинэн сокуонунан сүрүннээһин; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин Анал суругун иһитиннэрии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суутун Анал суругун иһитин-нэрии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин ис-тас бэ-лиитикэтин, экэниэмикэтин, олоҕун-дьаһаҕын уонна култууратын бэлиитикэ-тин сүрүн боппуруоһун сокуоннарга ти-рэҕирэн быһаарыы; 6) Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҕун- дьаһаҕын-экэниэмикэтин сайыннарыыга туһаайыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ киллэрэр судаарыстыба тосхо- лун бигэргэтии; 7) Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс- тыбатын бюджетын уонна ону толоруу туһунан отчуоту бигэргэтии; өрөспүүбү- лүкэ бюджетын таһынан уонна валюта фондаларын тэрийии уонна үлэлэрин бэрээдэгин олохтооһун уонна олор үптэрин туттуу туһунан отчуоту бигэргэтии; Саха

Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бюд-жетын толорууну, бюджет уонна бюджеты таһынан фондалары, валюта фондаларын уонна күндү металлар уонна күндү таастар фондаларын хонтуруоллааһын; Саха Өрөспүүбүлүкэтин бас билии-тин, ол иһигэр үлэлээх-дьарыктаах уоп-састыбалар, табаарыстыбалар уонна атын тэрилтэлэр үптэриттэн-баайдарыттан ылар өлүүтүн (паайдарын, акцшгларын) сала-йыы уонна дьаһайыы бэрээдэгин олох-тооһун; Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонна-рын тутуһууну уонна толорууну хонту-руоллааһын; 10) федеральнай сокуонунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһайыытыгар киирэр түһээни уонна хомууру, итиэннэ ону тү- һэрии бэрээдэгин олохтооһун; 11) федеральнай сокуоннарга уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сокуону- гар сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбү- лүкэтин Президенигэр итэҕэйбэти бил- лэрии; 12) Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс-

тыбатын былааһын толорор уорганнарын тиһигин олохтооһун; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбатын Бэрэссэдээтэлин, кини сол-буйааччыларын уонна Саха Өрөспүүбү-лүкэтин сорох миниистирдэрин сололо-ругар анааһыҥҥа сөбүлэҥи биэрии; федеральнай сокуонунан көрүллү-бүт түбэлтэҕэ толорор былаас федераль-най уорганнарын сирдээҕи-уоттааҕы уор-ганнарын салайааччыларын сололоругар анааһыны сөбүлэһиннэрии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститу-ционнай суутун судьуйаларын сололоругар анааһын; Саха Өрөспүүбүлүкэтин киһи быраабыгар Боломуочунайын солотугар анааһын уонна солотуттан босхолооһун; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыбарын киин хамыыһыйатын састаабын аҥарын анааһын; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбатын отчуотун истии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбатыгар итэҕэйбэти биллэрии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһанар-

сабардыыр сирдээх тэр1<^лиитин олохтооһун уонна уларытыы; ону уларытыы бэрээдэ-гин олохтооһун; 19) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын быыбарын ыытыы бэрээ-дэгин олохтооһун; Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин Президенин уонна Саха Өрөспүүбүлү-кэтин бар дьонун дьокутааттарын быыба-рын күнүн-дьылын анааһын; Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын быыбарыгар быыбардыыр уокуруктары олохтооһун; 56 ыстатыйа 19 пуунун Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Президенин быыбарын ыытыы бэрээдэгин олохтооһун уонна Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Президенин быыбарын күнүн-дьылын анааһын өттүгэр дьайыы-та 2006 сыл муус устар 25 күнүнээҕи С 675-Ш №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун 2 ыстатыйатынан тохто-тулунна. 19.1) Российскай Федерация Президе-нин этии киллэриитинэн Российскай Фе-дерация гражданиныгар федеральнай

сокуонунан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонунан олохтоммут бэрээдэги-нэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин боломуочуйатын сүктэрии; өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыыны анааһын уонна ыытыы бэрээдэгин олохтооһун, итиэннэ дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыыны анааһын; Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕар сокуону оҥорууга көҕү-лээһин быраабын олоххо киллэрии; мировой судьуйалары талыы; Саха Өрөспүубүлүкэтин дуогабардарын түһэрсиини уонна көтүрүүнү бигэргэтии; 24) Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыраныыссаларын уларытар туһунан сөбүлэһиини бигэргэтии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонна-рын дьайыыларын тохтотуу; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор былааһын атын уорганнарын быраапка олоҕурар аакталарын уларытар уонна көтүрэр туһунан Саха Өрөспүүбү-лүкэтин Президенигэр этии киллэрии;

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын наҕараадатын уонна ытык аатын бигэргэтии; Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар тойоннооһуну биэрии; муниципальнай тэриллиилэри тэрийии, холбооһун, уларытан тэрийии эбэ-тэр эһии бэрээдэгин олохтооһун уонна уларытыы, олор кыраныыссаларын олохтооһун уонна уларытыы; Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламенын дьаһайыытыгар сокуоннарынан сыһыарыллыбыт атын боппуруостар.

57 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһайыытыгар уонна боломуочуйатыгар киирэр боппуруос сокуоннарга тирэҕирэн сүрүннэнэр. Ил Түмэн уурааҕынан Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин парламенын дьаһайыьггыгар сокуоннарынан кшглэриллибит атын боппу-руос быһаарыллар.

58 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын быыбара бары бүттүүн тэҥ

уонна быһаччы быыбардыыр быраапка олоҕуран кистэлэҥ куоластааһынынан ыытыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаатынан 21 сааһын туолбут уонна быыбардыыр бырааптаах гражданин та-лыллыан сөп. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын быыбарын бэрээдэгэ уон-на тэрээһинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан олохтонор.

59 ыстатыйа

уларыт

Биир кэм төрүккэ олоҕуран идэтийэн үлэлиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьо-нун дьокутааттара, наукаттан, үөрэтэр уонна атын айар үлэттэн ураты, төлөбүрдээх атын үлэнэн дьарыктаныа суохтаахтар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата боломуочуйатын болдьоҕун устатыгар, өскөтүн федеральнай сокуону-нан атын көрүллүбэтэх буоллаҕына, бы-лаас атын ханнык да талыллар уорганын дьокутаатынан, судьуйанан буолуо суох-таах, судаарыстыба атын солотугар, судаа-рыстыба сулууспатын судаарыстыбаннай

солотугар, муниципальнаи солоҕо үлэлиэ суохтаах. 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата дьокутаат боломуочуйатын то-лорууну кытта сибээһэ суох үлэҕэ бэйэ-тин анал туругун туһаныа суохтаах.

60 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаатын анал туруга сокуонунан быһаарыллар.

61 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьо-кутааттарын быыбарын түмүгэ тахсыбы-тын кэнниттэн отут күнү аһарбакка саҥа талыллыбыт Ил Түмэн бастакы мунньа-ҕын ыҥырар. Ил Түмэн, өскөтүн кини састаа-быгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суоҕа талыл-лыбыт буоллаҕына, сокуон биэрэр быраа-бынан туһанар кыахтанар. Саҥа ыҥырыылаах Ил Түмэн бас-такы мунньаҕа саҕаланыаҕыттан ыла

ааспыт ыҥырыылаах Ил Түмэн боломуо-чуйата тохтуур.

62 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата, олохтоох салайыныы талыллар уорганнара, бэлитиичэскэй баартыйалар түөлбэннээҕи салаалара сокуону оҥорууну көҕүлээһиҥҥэ бырааптаахтар. Сокуону оҥорууну көҕүлээһин быраабынан бэйэтэ дьаһайар боппуруостарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суута уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин профсоюзтарын Федерацията эмиэ туһанар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин сокуону оҥорууну көҕүлүүр этиитэ атыттардааҕар инники көрүллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн со-куоннара Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаа-нын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох куолаһынан ылыллаллар. Саха Өрөспүү-бүлүкэтин атын сокуоннара Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын баһыйар үгүс куо-лаһынан ылыллаллар. 4. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ылыллыбыт сокуона биэс күн иһигэр илии бат-тааһыҥҥа уонна бар дьоҥҥо биллэриигэ анаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нигэр ыытыллар. Өскөтүн Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Президенэ Саха Өрөспүүбүлү-кэтин сокуонун киниэхэ киирбит түгэ-ниттэн уон түөрт күн иһигэр илии бат-таатаҕына сокуону бар дьон билиитигэр таһаарар, өскөтүн сокуоҥҥа бэйэтигэр күүһүгэр киириитин атын бэрээдэгэ ыйыллыбатах буоллаҕына. Сокуон дьиҥ таһымнаах бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн күүһүгэр киирэр. Өскөтүн Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Президенэ Саха Өрөспүү-бүлүкэтин сокуонун киниэхэ киирбит тү-гэниттэн уон түөрт күн иһигэр илии бат-таабатаҕына бу сокуон урут ылыллыбы-тынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох куола-һынан бигэргэтиллиэн сөп. Сокуон урут ылыллыбытынан бигэргэтилиннэҕинэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ ик-кистээн аккаастыыр кыаҕа суох уонна со-куон үс күн иһигэр бар дьоҥҥо биллэ-риллиэхтээх.

63 ыстатыйа

уларыт

Ил Түмэн бастакы мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаат-тарыттан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин уонна кини солбуйааччыларын Ил Түмэн үлэлии олорор састаабын боломуочуйа-тын болдьоҕор талар.

64 ыстатыйа

уларыт

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ мунньаҕы ыытар уонна Ил Түмэн ис бэрээдэгин дьаһайар, Ил Түмэн үлэтин мэһэйэ суох толорууну хааччыйыыга, Саха Өрөспүү-бүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын санааларын көҥүллүк этиилэрин араҥач-чылааһыҥҥа туһуламмыт дьаһалы ьглынар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт биириттэн итэҕэһэ суохтарын кө-ҕүлээһининэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэли-гэр эбэтэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаа-

нын үс гыммыт иккитин куолаһынан кини солбуйааччыларыгар итэҕэйбэти биллэ-риэххэ сөп. Итэҕэйбэт туһунан быһаа-рыыны ылыныы Ил Түмэн Бэрэссэдээ-тэлин эбэтэр кини солбуйааччыларын бо-ломуочуйаларын тута ууратыыга тиэрдэр.

65 ыстатыйа

уларыт

Ил Түмэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарыттан сис кэми-тиэттэри уонна хамыыһыйалары тэрийэр. Ил Түмэн сис кэмитиэттэрэ уонна хамыыһыйалара сокуоннар уонна атын аакталар барылларын дьүүллэһэллэр, Са-ха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын, Ил Түмэн атын быһаарыыларын толорууну хонтуруоллууллар.

66 ыстатыйа

уларыт

Сокуоннары толорууну, судаарыстыба бас билиитэ энчирээбэтин Ил Түмэн Хон-туруоллуур кэмитиэтэ хонтуруоллуур.

67 ыстатыйа

уларыт

Ил Түмэн боломуочуйата маннык түбэлтэлэргэ болдьоҕун иннинэ тохтотуллуон сөп:

  1. Ил Түмэн бэйэтэ ыһылларын туһунан быһаарыыны Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаа-нын үс гыммыт иккититтэн итэҕэһэ суох-тарын куолаһынан ылыннаҕына;
  2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ сокуоннарга олоҕуран Ил Түмэни ыстаҕына;
  3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын бу састааба сокуоннай кыаҕа суоҕун туһунан Саха Өрөспүүбү-лүкэтин Үрдүкү Суутун уурааҕа күүһүгэр киирдэҕинэ, ол иһигэр Саха Өрөспүүбү-лүкэтин бар дьонун дьокутааттара боло-муочуйаларын устунууларынан сибээстээн;
  4. федеральнай сокуоннарынан көрүл-лүбүт атын түбэлтэҕэ.