СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 5 баһа

5 баһа. САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ПРЕЗИДЕНЭ

уларыт

68 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга уонна

кини үрдүк сололоох киһитэ буолар, өрөспүүбүлүкэ толорор былааһын салайар. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин омук-судаарыс-тыба быһыытынан анал туругар уонна сабардыыр сирэ биир кэлимигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун уонна сокуоннарын, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ ылыммыт өрөспүүбүлүкэлэр икки арды-ларынааҕы уонна аан дойдутааҕы эбэһээтэ-листибэлэрин тутуһууга мэктиэһит буолар.

69 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нинэн 30 сааһын туолбут быыбардыыр бырааптаах гражданин талыллыан сөп. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин биэс сылга болдьохтоон өрөспүүбү-лүкэ гражданнара бүттүүн тэҥ уонна быһаччы быыбар-дыыр быраапка олоҕу-ран кистэлэҥ куоластааһынынан талаллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин солотугар биир киһи иккиттэн ордук болдьоххо субуруччу тальгллыбат.

69 ыстатыйа

уларыт

69 ыстатыйа 2 уонна 3 пууннарын дьайыыта 2006 сыл муус устар 25 күнүнээҕи С 675-Ш №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун 2 ыстатыйатынан тохтотулунна.

69.1. ыстатыйа

уларыт

1. Российскай Федерация гражданиныгар Саха Өрөспүубүлүкэтин Президе-нин боломуочуйатын Российскай Феде-рация Президенин этии киллэриитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ фе-деральнай сокуонунан уонна Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Төрүт сокуонунан олох-томмут бэрээдэгинэн сүктэрэр. 2. Российскай Федерация Президенэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин со-лотугар хандьыдаат туһунан этиитин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ киллэрил-либит күнүттэн уон түөрт күн иһигэр көрүөхтээх. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин боломуочуйатын сүктэрии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уурааҕа ылыллыбытынан ааҕыллар, өскөтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаат-тарын олохтоммут ахсааныттан улаханаҥардара ол туһугар куоластаабыт буол-лаҕына. 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин боломуочуйатын болдьоҕо — биэс сыл.

70 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин солотугар хандьыдааттары быыбар-дааччылар быһаччы эбэтэр быыбардаач-чылар холбоһуктара уонна быыбардаач-чылар кыттыһыылара туруораллар. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин быыбара сокуон быһыытынан ыытыллар.

70 ыстатыйа дьайыыта 2006 сыл муус устар 25 күнүнээҕи С 675-Ш №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун 2 ыстатыйатынан тохтотулунна.

71 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ солотугар киирэригэр Саха Өрөспүүбү-лүкэтин Ил Түмэнигэр Саха Өрөспүүбү-лүкэтин икки судаарыстыбаннай тылы-нан маннык андаҕары биэрэр: «Президент эбээһинэһин үтүө суобас- таахтык толоруом, Саха Өрөспүүбүлү-кэтин Төрүт Сокуонун уонна Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин сокуоннарын тутуһуом, өрөспүүбүлүкэ омук-судаарыстыба бы-һыытынан анал туругун көмүскүөм, киһи уонна гражданин быраабын ытыктыам, Саха Өрөспүүбүлүкэтин элбэх омуктаах бар дьонун туһун көмүскүөм диэн бэйэм үтүө ааппынан уонна дьоһуммунан анда-ҕайабын». 2. Андаҕар үөруүлээх быһыыга-май-гыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттара, Саха Өрөспуүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, Са-ха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арби-тражнай суутун судьуйалара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Борокуруора баалла-рыгар бэриллэр.

72 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ: 1) судаарыстыба былааһын федераль-най уорганнарын, Российскай Федерация субъектарын судаарыстыбаларын былаа- һын уорганнарын кытта сыһыаннаһыыга уонна тас экэнэмиичэскэй сибээһи олох-тооһуҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин сирэй-дээн көрдөрөр; Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан дуогабарга уонна сөбүлэһиигэ илии баттыыр бырааптаах; толорор бы-лаас федеральнай уорганнарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрин аныыр уонна ууратар; 2) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэ-нигэр туһаайан Анал суругу ыытар уонна бар дьоҥҥо ыҥырыыны таһаарар; 3) Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс-тыбатын бэлиитикэтин сүрүн хайысхатын быһаарар уонна Ил Түмэҥҥэ киллэрэр; 4) Ил Түмэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин омук олоҕун-дьаһаҕын-экэниэмикэ-тин сайдыытын тосхолун уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бюд-жетын барылын киллэрэр; 5) сокуону таһаарыыны көҕүлүүр; анал аактаны таһаарар уонна Саха Өрөс- пүүбүлүкэтин сокуоннарын бар дьоҥҥо биллэрэр эбэтэр ылыныыны тохтотор; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцион- най суутун уураахтарын толорууну хааччыйар; 6) Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс-тыбатын былааһын толорор уорганнарын тиһигин баһылыыр уонна ис тутулун бы-һаарар; Ил Түмэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлү-кэтин судаарыстыбатын былааһын толо-рор уорганнарын тиһигин бигэргэтиигэ киллэрэр; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быра-быыталыстыбатын үлэтин сүрүннээн са-лайар; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбатын мунньаҕын салайан ыытар бырааптаах; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уурааҕын көтү-рүөн сөп; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быра-быыталыстыбатын ууратыыны сокуон быһыытынан ылынар; Саха Өрөспүү-бүлүкэтин толорор бьглааһын сирдээҕи-уоттааҕы уорганнарын салайааччыларын аныыр; 7) Ил Түмэн сөбүлэҥинэн Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин уонна кини солбуйаач-чыларын сололоругар аныыр; 8) Ил Түмэн сөбүлэҥинэн Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин сорох миниистирдэрин со- лолоругар аныыр; федеральнай сокуону-нан көрүллүбүт түбэлтэҕэ толорор былаас федеральнай уорганнарын сирдээҕи-уот-тааҕы уорганнарын салайааччыларын солоҕо анааһыҥҥа хандььгдааты Ил Түмэҥ-ҥэ сөбүлэһиннэриигэ киллэрэр; 9) федеральнай сокуонунан көрүллүбүт түбэлтэҕэ толорор былаас федеральнай уорганнарын сирдээҕи-уоттааҕыуорганнарын салайааччыларын солоҕоанааһыны сөбүлэһиннэрэр; Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор былааһын уорганнарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын былааһын атын уорганнарынкытта үлэтин сүрүннүүр итиэннэ Российскай Федерация сокуоннарыгар сөптүбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор былааһын уорганнара толорорбылаас федеральнай уорганнарын уонна олор сирдээҕи-уоттааҕы уорганнарын, олохтоох салайыныы уорганнарын уонна уопсастыбаннай холбоһуктары кытта хардарыта дьайсыыларын тэрийиэн сөп; 10) Ил Түмэҥҥэ киллэрэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун судьуиаларын сололору-гар анааһыҥҥа хандьыдааты; Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-прези-денин солотугар талыыга хандьыдааты; Саха Өрөспүубүлүкэтин вице-прези-денин солотуттан болдьох иннинэ босхо-луур туһунан этиини; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Борокуруо-рун солотугар хандьыдааты сөбулэһиннэ-риигэ анаан; Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыбарын киин хамыыһыйатын састаа-бын аҥарын; Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи быраабыгар Боломуочунай солоту-гар анааһыҥҥа хандььгдааты; 11) сокуоҥҥа олоҕуран Ил Түмэни ыһар; 12) Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыс-тыбатын наҕараадатын уонна Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин ытык аатын иҥэрэр; 13) Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр эбэтэр кини сорох түөлбэннэригэр ыксаллаах быһыыны-майгыны бшглэрэр, ол гуһунан Ил Түмэҥҥэ суһаллык иһитиннэрэр; 14) Саха Өрөснүүбүлүкэтин Баайындуолун судаарыстыбаннай харамньытыгар ууруллан сытар валюта фондата, күндү металл уонна күндү таас хаһаастара бигэ-тик хараллыыларын хааччыйар.

73 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ бэйэтин боломуочуйатын Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Төрүт Сокуонугар уонна со-куоннарыгар, Российскай Федерация Конституциятыгар уонна федеральнай сокуоннарга олоҕуран толорор. 2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ бэйэтин боломуочуйатын толорон ыйаах-тары уонна дьаһаллары таһаарар, олору Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сири-гэр бүтүннүүтүгэр толорторор.

74 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин боломуочуйата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан олохтоммут тутулун уларытыыга туһаныллыа суохтаах.

75 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин боломуочуйата маннык түбэлтэҕэ болдьоҕун иннинэ тохтотуллар:

1) бэйэтин баҕатынан уурайдаҕына;

2) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ киниэхэ итэҕэйбэтин биллэрбитинэн си-бээстээн Российскай Федерация Прези-денэ солотуттан тохтоттоҕуна;

3) федеральнай сокуонунан көрүллү-бүт атын түбэлтэҕэ.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтотор туһунан быһаарыыны Россий-скай Федерация Президенин этии киллэ-риитинэн Ил Түмэн ылынар, федераль-най сокуонунан олохтоммут түгэнтэн уратыга.

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нигэр итэҕэйбэт туһунан быһаарыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһааннаах суутун тү-мүктээһинигэр олоҕуран Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт бии-риттэн итэҕэһэ суоҕун көҕүлээһининэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьо-кутааттарын олохтоммут ахсаанын үс гыммыт иккитин баһыйар үгүс куола-һынан ылыллар.

4. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна кини бар дьонун туһугар үлэлиирэ киниэхэ буруйга тардыллыа суохтаах.

76 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин кытта бииргэ биэс сылга болдьохтоон Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенэ талыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенин хандьыдаатын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенигэр хандьыдаат быһаарар.

76 ыстатыйа дьайыыта 2006 сыл муус устар 25 күнүнээҕи С 675-Ш №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун 2 ыста-тыйатынан тохтотулунна.

76.1 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенин Ил Түмэн Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин Президенин боломуочуйатын болдьо-ҕун кэмигэр болдьохтоон талар.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенин солотугар хандьыдааты Ил Тү-мэн туоратар түбэлтэтигэр Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Президенэ ый иһигэр Ил Түмэни кытта сөбүлэһиннэрэр процедураны ыытар. Туруоруллубут хандьыдаат хат туоратылыннаҕына Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ икки нэдиэлэ иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенин солотугар саҥа хандььгдааты туруорар.

77 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенэ:

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин Дьаһалтатын үлэтин сүрүннүүр;

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна олохтоох салайыныы уорганнарын кытта сибээһин хааччыйар;

3. Өрөспүүбүлүкэ олоҕун туругун ту-һунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нигэр иһитиннэрэр;

4. Үбү уонна экэниэмикэни хонту-руоллуур уорганнар хардарыта дьайсыы-ларын тэрийэр;

5. Гражданнар бырааптара олоххо киириитин хонтуруоллуур уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр сыллата отчуоттуур;

6. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин сорудаҕынан кини сорох эбээһинэһин толорор;

7. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ өлөр, дуоһунаһыттан барар түбэлтэтигэр саҥа быыбардаммыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ дуоһунаһыгар киириэр диэри кини боломуочуйатын толорор.

77 ыстатыйа 7 пуунун дьайыыта 2006 сыл муус устар 25 күнүнээҕи С 675-Ш №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун 2 ыстатыйатынан тохтотулунна.

8. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ эбээһинэһин кыайан толорбот түбэлтэтигэр (ыалдьыбытынан эбэтэр уоппусканан сибээстээн) быстах кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин эбээһинэһин толорор. Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэ-нин уонна Бырабыыталыстыбатын ыһар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыы уонна эбии киллэрэр туһунан этиини киллэрэр, референдум ыытылларын көҕүлүүр итиэннэ бэйэтин көҕүлээһининэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин сололоруттан босхолуур бырааба суох.

77.1 ыстатыйа

уларыт

Российскай Федерация Президенэ федеральнай сокуоннарынан көрүллүбүт түбэлтэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин боломуочуйата сүктэриллибит гражданин солотугар киириэр диэри быстах кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин эбээһинэһин толорооччуну аныыр.

Быстах кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин Президенин эбээһинэһин толорооччу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна Бырабыыталыстыбатын ыһар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыы уонна эбии киллэрэр туһунан этиини киллэрэр бырааба суох.

78 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-прези-денэ солотуттан син эмиэ Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Президенин курдук төрү-түнэн туоратыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-прези-денин солотуттан туоратыы бэрээдэгэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонунан быһаарыллар.

79 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенэ үлэлэрин иһин төлөбүр ылаллар, оттон тэрилтэлэртэн, учреждениелартан уонна биирдиилээн дьонтон ханнык да атын төлөбүрү ылыа суохтаахтар.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенин сололоро бар дьон дьокутаат-тарын анал туруктарын кытта дьүөрэлэспэт.

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президе-нин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенин тус бэйэлэрин үтүө ааттара тыытыллыбат, кинилэр анал туруктара сокуонунан быһаарыллар.

80 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбата судаарыстыба былааһын то-лорор уонна дьаһайар уоргана буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталысты-батын Бэрэссэдээтэлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын салайар уонна кини үлэтин тэрийэр. Саха Өрөспүү-бүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын анал туруга сүрүн сокуонунан быһаарьшлар.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбата уурааҕы, дьаһалы уонна со-куон туолуутун хааччыйар атын аактаны таһаарар.

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбата боломуочуйатын Саха Өрөс-пүүбүлүкэтин Президенин иннигэр, олох-томмут бэрээдэгинэн киниэхэ боломуочу-йата сүктэршглибитин кэнниттэн, устунар.

81 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыта-лыстыбатын дьаһайар кыаҕын иһинэн ылыллыбыт аакталара Саха Өрөспүүбү-лүкэтин сабардыыр сиригэр бүтүннүүтү-гэр булгуччу толоруллуохтаахтар.

82 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбата олох-дьаһах-экэниэмикэ бэ-лиитикэтин ырытан оҥорор уонна олоххо киллэрэр, ол бэлиитикэни олоххо кил-лэрии иһин бүүс-бүтүннүү хоруйдуур.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы- талыстыбата бэйэтин үлэтин туһунан сыллата эбэтэр Ил Түмэн модьуйуутунан отчуоттуур.

83 ыстатыйа

уларыт

1. Ил Түмэн итэҕэлин ылбатах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата былаастан барар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар итэҕэйии туһу-нан боппуруоһу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ уонна Ил Түмэн киллэрэр бырааптаахтар.

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбата былаастан барарга этии киллэриэн сөп, ону Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин Президенэ ылынар эбэтэр ылыммат.

3. Бьглаастан барар эбэтэр боломуочу-йаны устунар түбэлтэҕэ Саха Өрөспүүбү-лүкэтин Бырабыыталыстыбата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин соруда-ҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы-талыстыбатын саҥа састааба тэриллиэр диэри салгыы үлэлиир.

84 ыстатыйа

уларыт

Судаарыстыба былааһын уорганнара уонна Бырабыыталыстыба учреждениеларын сулууспалаахтара сокуоҥҥа олоҕуран үлэлииллэр.