СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 8 баһа

8 баһа. ОЛОХТООХ САЛАЙЫНЫЫ

уларыт

97 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох салайыныы — дьон-сэргэ туһун, кини омук быһыытынан төрүт уратыларын аахсан туран олохтоох суолталаах боппуруоһу быһаарыыга дьон-сэргэ бэйэтин көрүүтүнэн уонна бэйэтин хоруйугар ьглынан толорор үлэтэ билиниллэр уонна мэктиэлэнэр.

2. Олохтоох салайыныыны өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ быһаччы уонна (эбэтэр) олохтоох суолталаах талыллар уорганнар уонна быыбарданар сололоох дьонунан олохтуур. Олохтоох салайыныы быыбарданар уорганнарын тэрийии бэрээдэгэ сокуоннарга тирэҕирэн устааптарынан быһаарыллар.

98 ыстатыйа

уларыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох салайыныы маннык тускулунан тэриллэр:

1) сокуону тутуһуу, бэйэни бас били-нии, хоруйдаах буолуу;

2) экэниэмикэ уонна сир кыамтатын уратыларын аахсан туран олохтоох уонна судаарыстыба уопсай тустарын дьүөрэ-лээһин;

3) үбүнэн-малынан түмүллэр баайы олохтоох салайыныы уорганнарын боло-муочуйаларыгар кэмнээн туттуу;

4) омугунан уратылаах уонна үйэлээх үгэһи тутуһуу;

5) олохтоох салайыныы уорганнарын уонна сололоох дьонун үлэлэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ отчуоттаныллыыта итиэннэ харах далыгар сылдьыыта.

99 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох салайыныы улуустарга (оройуоннарга), өрөспүүбүлүкэ таһымынан суолталаах Дьокуускай куоракка, нэһилиэктэргэ, бөһүөлэктэргэ уонна атын сирдэргэ үйэ-титиллибит уонна олохтоох үгэһи аахсан туран тэриллэр.

2. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктара түөлбэлээн олорор сирдэригэр олохтоох салайыныы омук уратытын аахсан туран сокуон быһыыты-нан тэрштлэр.

3. Муниципальнай тэриллиилэр кыра-ныыссаларын олохтооһун уонна улары-тыы туһааннаах сир-уот дьонун-сэргэтин санаатын аахсан туран Саха Өрөспүүбүлү-кэтин сокуонунан быһаарыллар.

100 ыстатыйа

уларыт

Олохтоох салайыныы уорганнарын дьаһайар кыаҕар киирэр:

1) дьон-сэргэ туһатыгар муниципаль-най бас билиини баһылааһын, туһаныы уонна дьаһайыы;

2) олохтоох үп-харчы, олохтоох бюд-жеты оҥоруу, бигэргэтии уонна толоруу, олохтоох түһээни уонна хомууру тардыы, үп-харчы олохтоох суолталаах атын боп-пуруоһун быһаарыы;

3) муниципальнай тэриллии олоҕун-дьаһаҕын-экэниэмикэтин кэлим сайын-нарыы;

4) оскуола иннинээҕи, сүрүн уопсай үөрэх муниципальнай учреждениеларын, доруобуйа харыстабылын муниципальнай учреждениеларын тэрийии, тутан олоруу уонна сайыннарыы, дьон-сэргэ ыраас- чэбдик олоҕун хааччыйыы, муниципаль-най олорор дьиэ фондатын уонна дьон олорбот дьиэлэрин тутан олоруу уонна туһаныы;

5) уопсастыба бэрээдэгин харыстааһын, уопсастыба бэрээдэгин харыстабылын муниципальнай уорганнарын тэрийии уонна тутан олоруу, кинилэр үлэлэрин хонтуруоллааһын;

6) муниципальнай тэриллии сиригэруотугар сири туһаныыны хонтуруоллааһын; олохтоох суолталаах уу объектарын, киэҥник тарҕаммыт туһалаах баай баар сирин, итиэннэ олохтоох суолталаах сир аннынааҕы тутууга сир аннын туһаныыны сүрүннээһин;

7) сокуон быһыытынан олохтоох дьоҥҥо туһаайыллыбыт ыйытыыны анааһын уонна ыытыы;

8) сокуоннарынан көрүллүбүт атын боломуочуйаны, итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын былааһын уорганнара соруйбут судаарыстыба сорох боломуочуйатын, ону кытта тэҥҥэ олору толорууну хааччыйар үбү-малы биэрэн туран, толоруу.


101 ыстатыйа

уларыт

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох салайыныыга суутунан көмүскэнэр, су-даарыстыба уорганнарын быһаарыьгла-рын түмүгэр тахсыбыт эбии ороскуоту толуйтарар быраап, сокуоннарынан ылыллыбыт олохтоох салайыныы быраа-бын күөмчүлээһиннэри бобуу мэктиэлэ-нэр.

2. Олохтоох салайыныы уорганнарын сокуоннарга сөп түбэспэт сокуон суол-талаах быраап аакталара суутунан көтү-рүллүөхтээхтэр.