СӨ ТС Бастакы түһүмэҕин 9 баһа
9 баһа. ЭКЭНИЭМИКЭ ТӨРҮТЭ
уларыт102 ыстатыйа
уларыт1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэми-кэтин төрүтүнэн судаарыстыбаннай, му-ниципальнай, биирдэм уонна сокуонунан бобуллубатах атын ханнык баҕарар эйгэҕэ бас билии араас көрүҥэ буолар.
2. Бас билээччилэр сокуон иннигэр тэҥнэр уонна быраап көмүскэлинэн тэҥҥэ туһаналлар.
3. Бас билии көрүҥүн анал туруга, ону үөскэтии уонна үлэлэтии усулуобуйата уонна бэрээдэгэ сокуоннарынан олохтонор.
4. Бас билии уонна ииттинэр дьарык объектарын сорох көрүҥэр сокуон бы-һыытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бы-рааба олохтонуон сөп.
5. Судаарыстыба бас билиититтэн тах-сыбат уонна приватизацшгламмат Саха Өрөспүүбүлүкэтин бас билэр объектарын кэрискэтэ федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан быһаарыллар.
6. Саха Өрөспүүбүлукэтин экэниэми-кэтэ ураты бырааптааҕын уонна модьу-йуулааҕын сокуон билиниэн сөп.
103 ыстатыйа
уларыт1. Бас билии бырааба тыытыллыбат. Гражданнар уонна кинилэр холбоһукта-рын баайдарын-дуолларын күһэйэн тутан ылыы суут уурааҕынан, эрдэттэн уонна сиэрдээхтик толуйан туран, федеральнай сокуон быһыытынан көҥүллэнэр.
2. Өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын уопсай бас билэр объектарын туһаныы уонна бас билээччини уларытыы бэрээдэгин Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин сокуона федеральнай сокуоннарга уонна аан дойдутааҕы быраап нуормалары-гар сөп түбэһиннэрэн олохтуур.
104 ыстатыйа
уларыт1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сирин аннын баайын гражданнар бас билэллэрэ сатаммат.
2. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктара айылҕаны туһанан олорор төрүт сирдэригэр-уоттарыгар айылҕа баайын туһаныы тулалыыр эйгэҕэ уонна бу дьон үгэс буолбут олохторугар таһаарыллар хоромньу толуйуллар буол-лаҕына, көҥүллэнэр.
3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр айылҕа баайын кэрискэтэ уонна анал туруга, итиэннэ хоромньуну толуйуу бэрээдэгэ сокуоннарга уонна сөбүлэһии-лэргэ сөн түбэһиннэрэн быһаарыллар.
105 ыстатыйа
уларытАйылҕаны туһаныыга сыһыаннаһыы-ны судаарыстыба былааһын уорганнара уонна олохтоох салаиыныы уорганнара сүрүннүүллэр.
106 ыстатыйа
уларытҮлэлиир кыахтаах дьон-сэргэ дохуо-тун сүрүн төрүтүнэн көҥүл үлэ уонна бас билии буолар. Урбаан көҥүлэ сокуонунан билиниллэр уонна араҥаччыланар.
107 ыстатыйа
уларыт1. Хаһаайыстыбалаах субъектар үлэлэ-рин тутулуга суох тэрийэллэр уонна үлэ түмүктэригэр хоруйдууллар.
2. Аҥардастыы баһылааһыҥҥа, үктэ-тиилээх күрэстэһиигэ туһуламмыт экэниэмикэ үлэтэ көҥүллэммэт.
108 ыстатыйа
уларытБас билии ханнык баҕарар көрүҥнээх тэрилтэлэрэ үлэ сокуоннарыгар тирэҕи-рэн үлэһиттэри наймылаһар бырааптаахтар.
109 ыстатыйа
уларытХаһаайыстыбалаах субъектар тас экэ-ниэмикэҕэ үлэни тутулуга суох бэйэлэрэ толороллор.
110 ыстатыйа
уларытСаха Өрөспүүбүлүкэтин сабардыыр сиригэр баар уонна үлэлиир юридическай тэрилтэлэр бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох сокуон быһыытынан түһээни уонна хомууру төлүүллэр.
111 ыстатыйа
уларытСудаарыстыба уопсастыба туһугар ииттинэр дьарыгы сокуонунан сүрүннээ-һининэн, үп-харчы уонна түһээн бэлии-тикэтинэн, итиэннэ дуогабары түһэрсии көҥүлүн мэктиэлээһининэн, судаарысты-ба предприятиеларын экэниэмикэҕэ үлэ-лэринэн экэниэмикэҕэ сабьщыаллыыр.
112 ыстатыйа
уларытСаха Өрөспүүбүлүкэтин үбүн-харчы-тын тутулуга суох дьаһаныыта түһээнтэн, булгуччулаах төлөбүртэн, ол иһигэр айьглҕа туһалыыр кыаҕын иһин төлө-бүртэн, хомууртан уонна түһээнтэн, судаарыстыба баайыттан-дуолуттан ылыл-лар дохуоттан, итиэннэ атын киирэр үптэн оҥоһуллар өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бюджеттар тиһиктэринэн хааччыллар.
113 ыстатыйа
уларытӨрөспүүбүлүкэ судаарыстыбатын орос-куотун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбатын бюджетыттан үбүлүүр.
114 ыстатыйа
уларытСаха Өрөспүүбүлүкэтин судаарысты-батын бюджета кэлэр үбүлэнэр сыл саҕа-ланыан иннинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан бигэргэтиллэр. Ил Түмэн олоххо киллэриллиитэ бюджеттан эбии ороскуоту ирдиир Саха Өрөспүүбүлүкэ-тин сокуонун, ону кытта тэҥҥэ ол орос-куоту сабар ньыманы быһааран баран, ьглынар бырааптаах.
115 ыстатыйа
уларытТүһээн сокуоннарын тутуһууну тү-һээн сулууспата хонтуруоллуур.
116 ыстатыйа
уларытСаха Өрөспүүбүлүкэтигэр үп-кредит уонна баан үлэтэ федеральнай сокуон-нарга тирэҕирэн толоруллар.
117 ыстатыйа
уларыт1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин валютатын фондата алмааһы, кыһыл көмүһү, боро-дууксуйа атын көрүҥүн атыьглааһынтан, итиэннэ киирэр араас төлөбүртэн, ол иһигэр чөлүгэр түһэриллибэт хаһаас кө-рүҥүн туһаныы иһин түһээнтэн үөскэ-тиллэр.
2. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр алмаас фондата, кыһыл көмүс саппааһа уонна анал үп фондалара тэриллэллэр.