Таатта үрэх үрдүгэр (Ойуунускай)

Таатта үрэх үрдүгэр


Таатта үрэх үрдүгэр,
Таалар хонуу түөһугэр,
Таптал уотун күллэрэ,
Тардыы талах үүнэрэ...


Эдэр чэгиэн туруйа —
Элбэх эҥин буруйа,
Үөрэр-көтөр буолара,
Үөрэ-дьүөрэ туойара...


Кээчик-кээчик Кэчиини,
Кэрэ, нарын Кэчиини
Уоһун-тииһин ууруура,
Ууруу-сыллыы оонньуура...


"Кээчик-кээчик Кэчиикэ,
Кэрэ, нарын Кэчиикэ!
Таптал уотун убатыах,
Татыйыгы ыллатыах...


Кырдьар сааспыт кэлиэҕэ,
Кырыа хаары тибиэҕэ,
Уохтаах таптал умнуллуо,
Уота-күүһэ умуллуо...


Үөрэн-көтөн туруохпун,
Үөрэ-дьүөрэ туойуохпун
Уураа-сыллаа, сэгэттэй!
Ууруур-сыллыыр үчүгэй!"


Эдэр чэгиэн туруйа —
Элбэх эҥин буруйа,
Үөрэр-көтөр буолара,
Үөрэ-дьүөрэ туойара...


Кээчик-кээчик Кэчиини,
Кэрэ, нарын Кэчиини
Уоһун-тииһин ууруура,
Ууруу-сыллыы оонньуура...


6.XI.1936