Таптаа!


Tөгүрүк алааскын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Үрүҥ Уолан оҕо сааһа ааспыта,
Туйаарыма Куо туналыйа хаампыта.

Кыракый балаҕаҥҥын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Олоххо дьулууру уруйдаан,
Олоҥхо төрөөбүтэ аан бастаан.

Тиэргэниҥ сэргэтин эн таптаа!
Мантан эрэ, хантан да буолбатах,
Манчаары Баһылай маҥан ата
Дарбааннаах айаҥҥа турбута.

Кыракый ыллыккын эн таптаа!
Манан эрэ, ханан да буолбатах,
Тахсыбыта эн эһэҥ трактор
Аттанан колхоһун аартыгар.

Төрөөбүт буоргун эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Эн төрүт өбүгэҥ кута-сүрэ
Уйэ-саас уйатын булбута.

Силис тардар субу тапталтан,
Мантан эрэ, хантан да буолбатах,
Истиҥ сүрэхтэн-дууһаттан
Советскай Ийэ сиргэ улуу таптал!