Тастыҥ лааппы «талбыт табаара» (Күн Дьирибинэ)

Тастыҥ лааппы "талбыт табаара"

уларыт

(Дьикти лаампа)

уларыт

Тэрэпээнэп Харалаампый тириппит-хоруппут,
Тэтэрбит, тиэтэйбит, тиийэн кэлэн эттэ:
«Этиҥ уотун илиибэр ыллым,
Халлаан уотун хармааммар хаайдым.
Ороспуой уолуйар, сон устааччы, соһуйар,
Куһаҕан санаалаах куттанар,
Итирик иттэнэ түһэр, талаанньыт таптаабат,
Талба сэбин буллум-таллым»,— диэн,
Ырбыыта ыпсыбакка ымаҥныы-ымаҥныы,
Ытыктыыр доҕоругар ыллам Ылдьааҕа.
Ылтаһын сыыһынан ыпсарыллан оҥоһуллубут,
Харах көрүнньүгэр эрэ хара кырааскалаах,
Хоттуун курдук гынан баран
Хороҕорунан эрэ куотар,
Түгэх өттүнэн төлөрүтүллэн аһыллар,
Төбө өттүгэр төгүрүк быһыылаах,
Адьас муус дьэҥкир аччыгый таас сыыстаах,
Албастаах-абыраллаах аатырдар сэбин
Ыстаанын сиэбиттэн ылан, ытыһыгар ууран,
Ыраахтан көрдөрдө Ылдьаа доҕоругар.
«Тас көрүҥэ таһымньыта суох табаар,
Этэргэ диэри, иһигэр буорахтаах ини...
Хайа бу «халлаан уоттаах» диэн
Хайгыыр сэбиҥ хас сыаналааҕый?
«Киристиэс дьиктилээх» диэн киэбирдэн кэпсиир
«Кэрэ сэпкин» кимтэн ыллыҥ?» — диэн,
Ылан көрө-көрө, ыстырыыстыы былаан,
Ыллам Ылдьаа ырыҥалаан ыйытта.
«Хааһына лааппыларыгар ханнык да сакалаакка,
Маҥан күн баарына, манаардаах да сылдьан,
Көрдөөн муҥнаммытыҥ иһин,
Көрүөҥ эрэ суоҕа, кемүһүөм,
Тастыҥ атыыһыкка буоллаҕа дии талбыт табаар,
Үрдэтэн эттэххэ, өлбет мэҥэ уута эрэ суох.
Атыытын ыйыттаххына, адьас чэпчэки,
Билсэр буолуохпут диэн биэскэ биэрдэ.
Аны миэхэ, атаһым оҕотоо,
Түүн хараҥата диэн түүл,
Куттаммакка, куойбакка куорат иһигэр,
Хоҥор хаас курдук, хотойон-устан сылдьыам;
Ыксатан кэллэхтэринэ, ылан ыытыам да,—
Ыстанан хаалыахтара, ылы-чып барыахтара.
Кумааһынньыгым куурдун, сиэбим сиксийдин —
Куобах курдук куттана сылдьыахтааҕар»,— диэтэ,
Салгыҥҥа барар диэн санаарҕаабата,
Санаата таптыырын саҥарбахтаата.
 
Кэри-куру киэһэ кэлбит,
Килиэбинэ иһигэр киһилэр кэпсэтэллэр.
Кимнээҕий диэн киирэн көрдөххө:
Харалаампый доҕорбут,
«Дьикти лаампатын» дьиибэтин көрдөрөөрү,
Халлаан уотун харахтыы охсоору,
Хараҥа хотоҥҥо харбыалаһан тахсан
Хаччыгынайан эрэр эбит Ыллам Ылдьаалыын.
Халлаан уоттаах хайгыыр сэбин
Хонуопкатын «хол» гына аста...
Хараҕа сааппата, хараҥата ааспата...
Хайҕаллаах сэбин хайыһан кербүтэ:
Кыыл хараҕын уотугар холобурдаах
Кыһыллыҥы уот кыымныы кыламнаата.
«Хайа дойду сырдыгай?
Халлаан уотуттан хараҕым саатта...
Сон устааччыгын соһутаар, ороспуойгун уолутаар,
Саба оҕус — сарсыҥҥыга хааллар»,— диэн
Ылдьаа доҕоро ыпсыыта суох ыыстаан,
Кэмэтэ суох күлэн барда.
«Элэмиэнэ хаппыт буоллаҕына эрэйдиэҕэ, ону
Сииктээх сиргэ уурдахха син сиилэтин ситиэ диэн,
Атыылаабыт киһим ахтан аһарбыта,
Онон уунан илиттэххэ умайыаҕа»,— диэтэ,
Уоҕа хараабыт, омуна ааспыт,
Халы-мааргы буолбут Харалаампый эрэйдээх.
Ууга түһэн эрэр — оттон тутуһарын кэриэтэ
Айаҕалыы сатаан, атыыһыт сүбэтинэн,
Түгэҕин аһан төҥкөйөн олорон,
Элэмиэнин сиигитээри иһигэр силлээтэ.
«Көлдьүн күөмэйиттэн көппүт көне буолааччы
Албын айаҕыттан тахсыбыт алыс бэрт, онон
Эриэккэс сэп эҥин муодалаах,
Дьикти сэп дьиибэлээх да буолуо...
Сииктээх сиргэ уурдахха сиилэтин ситиэ,
Ууга уктахха умайан күлүмнүө»,— диэн
Элэктээн эттэ, иэрийэн күллэ,
Итэҕэллээх доҕоро Ыллам Ылдьаа.
Эргиттэ-урбатта, эрийдэ-мускуйда да
Эбиллэн кэлбэтэ, эбии эһиннэ...
 
«Симиэт сэбэ, ситэри умулун!» — диэтэ,
Сиргэ силлээтэ, сэбэрэтэ уларыйда.
Хараҕыттан уу-хаар баста, «хара сатана»,— диэтэ,
Хараҥа муннук диэки халыр гына бырахта.
Тастыҥ лааппы «талбыт табаара» —
Хайгыыр сэппит хааллаҕа ити...

Атыыһыт эристиин аччыгыйы даҕаны,
Албыны былаан, атыылаан айаҕын ииттэр ээ...

Сүрүн сирэйгэ