Тимир көлө


Хаһытаатар хамнаабат
Хараҥа бараан түүҥҥэ
Хайа арҕаһын курдук
Харааран туран эрэ,
      Уот тыыннаах,
      Уу күүстээх
Локомотив обургу
Лочур-чочур охсунна,
Сыыгыныы-сыыгыныы,
Сыыйыы тимир ыстаал
Сындыыһын үрдүгэр
Сыналыйан туран,
«Сыр» гына сырдьыгынаата,
Сыыбыр-сыыбыр
тыыммахтаата...
Чыыһыр-чааһыр тыҥыахтаан,
Чыскыйа түһэн баран,
      Кэннинэн
      Кэ5иҥнэттэ,
      Иннинэн
      Иҥиэхтэттэ,
      Личигирии түстэ,
      Лиһигирии сүүрдэ...
 
Бурдьугунуу-бурдьугунуу
Бууһурҕаччы тыыммахтаата,
Буруоларын бур5аҥнатта,
Күөх тырым уотунан
Күлтэс гына көрдө,
Кыһыл сарык уотунан
Кытар гына тыынна...
Лачыр-лачыр охсунан,
Лаһыр-лаһыр тайбанан,
Дьирдьигинэс тимир устун
Дьирилээбитинэн барда.
         Айанныыр аартыгын
         Аанын астараары
         Айаатаан кэбистэ...
Үнтү сүүрэн кэлэн
Үлүгэр буолуо диэн,
Үөгүлэһэн тахсан,
Айанныыр аартыгын
Аһа охсон баран:
«Хараҥа түүҥҥэ
Ханна барабыт?
Хампы түһүөххүт,
Хаалыҥ!» — дэһэннэр,
Хас эмэ өттүттэн

Хаһыытаан хааллылар...
Хаһыытаатар хамнаабат
Хараҥа бараа түүҥҥэ —
        Аартыгын арыйан,
        Айаннаан барартан
        Куттанан турбата,
Курулуу-дьурулуу,
Хотолдьута-хотолдьута,
Холорук курдук ытыллан,
        Түллэ-түллэ түстэ,
        Түлүгүрүү сүүрдэ...
Кэмин көрдөрбөккө,
Кэрдиитин биллэрбэккэ,
Күүрэ-күүрэ түстэ,
Күлүгүрэйэн истэ...
Хара бараан түүҥҥэ
Хайа арҕастарын
Хараҕын уотунан
Хайыта салаата.
Кыһыл сарык уотунан
Кьҥар гына тыыммыта —
Өрөгөйдөөх халлааны
Өрөһөтүн аннынан
Өрүтэ күлүмнээтэ...
Айаннаабыт күүһүттэн
Аан ийэ дойдум баара,
Атыйахтаах уу курдук,
Аймаммытынан барда...
Үс күннүк сиртэн ыла
Үөгүтэ иһилиннэ,
Түөрт күннүк сиртэн
Түллэн түспүтэ —
Тиҥилэҕин тыаһа
Тилигирээн кэллэ,
Сатыы күннүк сиртэн
Сабыта сапсыйан
Салгына билиннэ...
Уһуннук субуллаахтаан
Унньулуйдар даҕаны,
Субурус-субурус
Сууһамнык, сууххайдык,
Уот тыынынан,
Уу күүһүнэн,
    Этиҥнии ньирилээн,
    Элэҥнэтэн истэ...
Чыллырыын тимир суолунан
Чыыһыр-чааһыр чыскыйан,
Сирдьигинии-сирдьигинии,
Сирэлийэ сүүрбүтүттэн —
     Силлиэ курдук
     Сирдиин ньиргийдэ,
     Үрэхтиин
     Үөгүлэстэ,
     Алаастыын
     Аҕыласта...
Сырылыы-сырылыы,
Сыыбыргыы-сыыбыргыы,
Сыыдамнык барыыһы!..
Умсарыта дьулуруйан,
Уотунан кутааланан,
Холоруктуу ытыллан
Коммунабыт олоҕор
Тиэртэҕинэ даҕаны
Тиэрдиэх тимир көлө диэн
     Бу эбит
     Буоллаҕа!..
Ол иһин даҕаны
Олус улаханнык
Хара бараан түүн —
«Ханна бардыҥ» диэк,
Хааннааҕынан ытаахтаан,
Хаһыытаан хаалбыт эбит!..


1926