Тоҕо эйигин (В. Потапова)

Туох буолуой, доҕоччуок (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Эргилин (В. Потапова)
Кутурҕан Куо, Варвара Потапова




Тоҕо эйигин,
Көҥүл төлкө оҕотун,
Өрүү мин саныыбын?
Тоҕо эйигин,
Төрүт хотой ууһун
Тута да сатыыбын?
Оо, кэбис мин көрдөһүүм:
Эн олох доҕууругар иҥнимэ,
Эн мин илиибэр олох кииримэ —
Куот, эн, бука диэн, миигиттэн,
Мин олоҕум мунаах сүүрүгүттэн!..