Тугу туойабын


Туох туһун туймуулаан
Тускулаахтык туойуомуй?
Ыйдыҥалаах ый Ыраас сырдыгын
Ыпсаран ыллыырым дуу?
Күлүмүрдэс күн
Күөх тыа быыһынан
Күндээрэ ойорун
Көччүтэн көрөрүм дуу?
Сир ийэ
Сибэккинэн симэнэн,
Силигилээн эрэрин
Сиһилии сэһэргиирим дуу?
Көтөр кынаттаах
Көстөр дьүһүнүн,
Көрөр көрдүк,
Көтүтэн көрөрүм дуу?
Уу балыга уста сылдьарын
Ураннаан суруйан
Умсугутарым дуу?
Хатын дьахтар
Хааман ханаҥныырын
Хайҕаан-хаһытаан
Хараҥардарым дуу?
Ээ, кэбис, эрэйэ элбииһик,
Эҥинэ эбиллииһик.
Ол кэриэтэ,
Олоруохтааҕар,
Булгунньахтаах алааска
Бур-бур буруолаах,
Бутугас аһылыктаах
Боростуой саха
Кыһалҕата кыччыырын,
Эрэйэ чэпчиирин,
Эйэҕэс эҕэрдэнэн
Эгэлгэлээн этэн,
Иһитиннэрэн сэргэхситиэм.
Үлэһит киһи
Үллэр-үөскүүр өрөгөйүн,
Кэлэр-кэнчээри кэскилин
Кэрэ кэпсээммэр киллэрэн,
Кэмчиэрийбит киэлитин
Кэпсээн кэҥэтиэм.
Ырыган саха ыллыгын-ыырын,
Ыйыстыбыт санаатын
Ырыабар ыпсаран,
Хоһооммор холбоон,
Саппахтаах санаатын сайыннарыам,
Саҥа саргыга салайыам.
      Кини
Көҥүлэ күүһүрбүтүн
Көрдөрөн көччүтүөм,
Көҕүтүөм, көрдөрүөм,
Үтүө үгэс үлэһиккэ үөскүүрүн
Өйдөтүөм, үрдэтиэм,
Үүннэриэм, үөскэтиэм.


1924

Сүрүн сирэйгэ