Тугу туһанаары... (Алампа)


Тугу туһанаары,
То5о,
Суой суруйарга
Суудайарым буолуой?
Мин,
Суруйбут суругум
Туохха туһа буолуой?
Мин,
Кэнийэр кэниирим
Кимиэхэ кэскил биэриэй?...
Мин,
Саңарбыт саңам
Кимиэхэ санаа салгыай?


1927

Алампа Сүрүн сирэйгэ