Түмүк хоhооннор(Алексей Суола)

Оо, ардах, ардах,
Хаhан эрэ тохтуугун,
Хаhан былытынан бүрүллүбүт,
Туманнырар халлааным
Сөрүүн тыалынан
Кө5өрө халла5ын.

      • *** ***

Олорон истэ5им аайытын
Олоххо тардыhан иhэбин,
Дууhабын урут билбэтэх
Олохпор тапталым иэйиитэ
Талбаарытар, көстүбэт кынаттыыр.
Хас чыычаах ырыатын
Араас да от-мас суугунун
Истэрбиттэн үөрэбин
Бу дьикти музыка диибин.
Тыыннаах буолан күн сирин
Дьиктитин үллэстэрбиттэн
О5олуу мичийэ үөрэн
Дайан-көтөн ылабын.

      • *** ***

Биhиги өлүөхпүт,
суох буолуохпут,
Иhиллиэ суо5а
биhиги куоласпыт
Дьон түмсэр сиригэр
Олох күүрэр кө5үгэр.
Биhиги атахпыт
Үктэниэ суо5а
Чэлгийэ кө5өрөр хонууга.
Үчүгэй, куhа5ан диэн
Тугу да араарбат буолуохпут.
Ол иhин олоруохха
Күн көрөр сиригэр
Үөрүөххэ, күлүөххэ,
Оонньуохха, көрүлүөххэ.
Биирдэ кэлэн ааhар,
Муңурданар олохпутугар
Үгүhү айыахха
Кэриэстэ хаалларыахха.

      • *** ***

Кураанах хонууга
Отону кутан эрэрдии
Ардах биир тэңник
Курулаччы кутар.

Хараңа былыт
Күнү сабардаат,
Дууhабын тууйар,
Санаабын ыгар