Түүн


Түүн.
Таһырдьа ким да суох.
Халлааҥҥа ахсаана биллибэт сулустар
Үөһэттэн тугу эрэ кэпсиир курдуктар.

Кинилэр, кинилэр эрэ
Мин санаабын курдат билэллэр.
Кинилэр, кинилэр эрэ
Элбэҕи билэннэр, кэпсииллэр.

Түүн.
Күһүҥҥү тымныыга
Сытыытк иһиирэн күүлэйдиир сиккиэр тыал,
Сипсийэн, "Көтүөххэ!" диэбиттии угуйар.

Кинилэр, кинилэр эрэ
Мин санаабын курдат билэллэр.
Кинилэр, кинилэр эрэ
Элбэҕи билэннэр, кэпсииллэр.

Түүн.
Таһырдьа ким да суох.
Халлааҥҥа ахсаана биллибэт сулустар
Үөһэттэн тугу эрэ кэпсиир курдуктар.

Кинилэр, кинилэр эрэ
Мин санаабын курдат билэллэр.
Кинилэр, кинилэр эрэ
Элбэҕи билэннэр, кэпсииллэр.