Төрөппүтэ биһигини Сир ийэ (В. Потапова)

Уулуссанан ааһар уолттар, кыргыттар (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Тапталым күүһүнэн (В. Потапова)




                                                     С.С-ҕа

Төрөппүтэ биһигини Сир ийэ
Сүрэхпит тэбиитин сүүмэрдээн,
Аҕабыт буолбута сүүрбэһис үйэ
Олох кыымын тэҥҥэ бэлэхтээн.
Онтон ыла орто дойдуга олоробут,
Олох туһугар мөхсөр оҕолорбут.
Мин төрөөбүт эбиппин
Кыргыс дуораана сүтүүтэ,
Чуумпу аргыстаах кэлбиппин
Айылҕа саҥа уһуктуута.
Көрөбүн тахсар күн күлүмэ
Суолбутугар тэлгэнэрин,
Сир Ийэ, кэхтиини билимэ,
Үөрдэ тур эдэр сүрэхпитин.