Төрөөбүт дойду


Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук,

Мин төрөөбүт аан ийэ дойдум

Халыҥ хаарынан

Саҥата суох сабыллан сытар...

Сүүрүктээх үрэҕим

Сүүнэ үлүгэр мууһунан

Сөллүбэт гына сүгэһэрдэнэн турар...

Хара тыам

Халыҥ үлүгэр хаар бэргэһэнэн

Хаппахтанан турар...

Буруолаах балаҕаҥҥа,

Модун тымныы бохсон,

Боростуой дьон бука бары

Бокуйан сыталлар...

Өй күүһэ мөлтөөн,

Хараҥа балаҕаҥҥа

Харахтарын уута,

Хара былыт курдук

Хаайа хаампыт.

Ырыа ыллыахха дуу?

Ким ыллыай? Ыллаабыт да иһин,

Ырыа ынчык буолан

Ынырыктанан иһиллэр!..

Мин ыттан сырыттым үрүҥ күҥҥэ,

Уһуга суох ордук көҥүлгэ,

Аан дойду киэргэллээх

Кэрэ сибэккитинэн киэргэммит сиригэр.

Ол дойдум дьоно

Аан дойду айхалыгар

Уу долгунун курдук,

Көрүдьүөс көҥүл олоххо

Көрүлүүллэр эбит.

Ол дойдуга

Күн сирин көҥүл олоҕо,

Күөстээх үүт курдук,

Күнүстэри-түүннэри

Куугунуу оргуйа турар сирэ эбит.

Арааһынай куолаһынан

Айхал бөҕөну айаарбыт,

Көҥүл куолаһынан

Көрүдьүөс бөҕөҕө көҕүйбут сир эбит.

Ол да эрээри

Онно мин тэһийиминэ, тэскилээбитим,

Ол дойду дьоллоох долгунугар олороммун,

Тулуйумуна, туоххаһыйбытым.

Тоҕо оннугуй диэтэргит, -

Тоһоҕолоон үөскээбит тоҕой сэлэ дойдум

Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ...

Чөмчөкөм иһиттэн төлөрүйбэт этэ.

Мин харахпар ийэ дойдум

Ирбэнньик буолан элэҥниирэ:

Кини хаарыан бэйэлээх ходуһатын уута

Халыҥ мууска хаайтарбыта, Хара тыата

Хаар бэргэһэнэн сабыллыбыта,

Самнан түһээри турар саха балаҕана,

Хоргуйан өлөөру гыммыт куһаҕан дьоно.

Аан ийэ дойдуом!

Халлаан умнубут хаарыан бухатыырын

курдук,

Былыр-былыргыттан быйылга дылы

Муустаах муора муннугар,

Модун тимир быанан бохсуллан,

Бокуйа, утуктуу тураҕын!

Ол да эрээри мин күүтэбин:

Бу көҥулэ суох уугуттан көччуйэн

уһуктаргын,

Күн аннын диэки

Күүһүнэн күүһүлээн олорор дьону

Күүстээх бэйэҕинэн

Көтүрүтэ анньаргын.

Оччоҕо буоллаҕына

Халыҥ хаар анныттан

Хайы-үйэтээҕи дьон,

Ойон туран, охсуһууга барыахтара.

Аан дайды үрдүгэр

Хаһааҥы эмэ үйэттэн

Хаайан турар хараҥа халбарыйыаҕа,

Үөрэҕэ суох, дьүһүнүнэн мөку,

Үтүө быһыыга тиксибэтэх,

Этэ ыалдьарын ынчыгынан ырыҥалыыр

Ыччат дьонноох ийэ дойдуом!

Тиллиэҥ! Көҥүллэниэҥ! Күүһүрүөҥ!

Билигин, баҕардар, күүстээх, ыарахан

хараҥа саптын.

Мин билгэлиибин:

Былыт быыһыттан күн тыгарын курдук,

Көҥүл олох көстүө!

Мин ыллыыбын:

Эһиги кистэлэҥ күүскүтүн,

Үрүҥ күн үтүө күннэрин...

Күөрэйиэхтэрэ умнуллан хаалбыт киһи уҥуохтара,

Сааскы этиҥи кытта олох устуо.

Оччоҕо биһигини хаайбыт хараҥа

Саас тухары тарҕаныа.

Бэйи эрэ!

Истиҥ!

Халыҥ хаар анныгар хайы-үйэҕэ

Хара уу халлыгыраан эрэр.

Ити сибикитин билэн,

Ийэ дойдубун

Илэ-бааччы

Кэриэс тымныытынан

Кэрдэн эрэр.

Ким урут турбут — улаханнык

Дьоллоох олох туһун туойуҥ,

Үйэ тухары үктүөн турбут

Үлүгэри үргүтүҥ!


1912