Төрөөбүт тылбар андаҕар (Дадаскыынап)

Төрөөбүт тылбар андаҕар




Сайаҕас, сырдык санааларбын,
Сайдам-ыллам ырыаларбын,
Ыраах ыҥырар ыраларбын,
Ыраас иэйиим уһуктарын
Эйигинэн этиэм диэммин,
Эйигинэн кэпсиэм диэммин
Төбөбүн нөрүтэн андаҕайабын,
Төрөөбүт тылым!

Киһини кэлэтиэх, хомотуох,
Киһи кутун-сүрүн тоһутуох
Тосту, бардам тыллары,
Толоос, мөкү санаалары
Эйигинэн этимиим диэммин,
Эйигинэн үөтүмүүм диэммин
Төбөбүн нөрүтэн анадаҕайабын,
Төрөөбүт тылым!

Эйиэхэ баар эбэм ырыата,
Эйиэхэ баар эһэм алгыһа,
Эйиэхэ баар аҕам үөрүүтэ,
Эйиэхэ баар ийэм иэйиитэ!
Ону мин харыстыам диэммин,
Ону мин арчылыам диэммин
Төбөбүн нөрүтэн андаҕайабын,
Төрөөбүт тылым!

Улуу тыллардыын уруурҕаһан,
Уйгулана байан-тайан
Уос иһиттэн эн устуоҕуҥ,
Уһун үйэлэргэ туругуруоҕуҥ!
Ону мин итэҕэйэбин диэммин,
Ону мин эрэнэбин диэммин
Төбөбүн нөрүтэн андаҕайабын,
Төрөөбүт тылым!


Дадаскинов С.Е., Кыталык ырыалаах сылларым.

- Дьокуускай: Бичик, 2008. - 111-112 с.


Дадаскинов Степан Егорович

Сүрүн сирэйгэ