Уваровскай Афанасий Яковлевич
Уваровскай Афанасий Яковлевич (1800-1861) - саха уус-уран литератууратын бастакы хараҥаччыта. Кини суруйбут "Ахтыылара" сахалыы уонна ниэмэстии 1848 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бу айымньы академик О.Н. Бетлингк "Сахалар тылларын туһунан" диэн классическэй үлэтин (1851 с.) суруйуутугар сүрүн тирэҕинэн буолбута.
- Үтүөлээх тойон Отто Ныкалайабыс! (Уваровскай А. Я.) - ааптар Санкт-Петербурга олорор кэмигэр (1839-1852 сс.) Бетлингк О.Н. аатыгар суруллубут сурук.